Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Күн (Копырин Н.З.)
←Саха норуотун тылынан айымньытын дьүһүннээһиннэрэ | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Иккис глава) Копырин Николай Захарович |
Тымныы. Муус. Хаар.→ |
Күн. Былыргы египтяннар баһылык таҥаралара «Ра» диэн Күн таҥара эбитэ үһү. Гректэр үрдүкү таҥаралара Зевс биир былыргы Криттээҕи вариана — эмиэ Күн, эбэтэр Күн Оҕус. Илиҥҥи славяннар, языческай итэҕэллээх эрдэхтэринэ, эмиэ айылҕа көстүүлэригэр үҥэллэрэ-сүктэллэрэ, «Даждь» диэн күн таҥаралаахтара. Күҥҥэ сүгүрүйүү былыр-былыргыттан норуоттарга киэҥник тарҕаммыт суол. Ол сөп: олох тутааҕа — күн, күнэ суох — олох суох. Күн сылааһа, сырдыга туох баар үөскүүргэ, тыынарга булгуччу наадатын дьон эрдэттэн билиттэр.
Сахалар эмиэ адьас өрдөөҕүттэн күҥҥэ сүгүрүйэллэрин кинилэр былыргы төрүттэрин чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Биһиги тылбыт үөскээн кэлбит суолун чинчийэр проф. Н. К. Антонов сахалар языческай итэҕэллэрин бэлиэтиир терминнэрэ бэрт былыргы түүрдэртэн төрүттээхтэрин, кинилэр өссө соҕуруу, степь олохтоохторо эрдэхтэриттэн, түүр атын биистэрин курдук, күҥҥэ үҥэр-сүктэр буолбуттарын көрдөрөллөр диэн суруйар (101—163). Соҕуруу төрүттэрбит былыр Күн таҥаралаахтарын археологтар эмиэ дакаастыыллар. Академик А. П. Окладников экспедицията Киин Азия бүтүннүүтүн устун булбут суруктаах таастарыгар Күн таҥара обраһа элбэхтик ойууламмыта бэлиэтэнэр. Оттон ол ойуулары түүрдэр төрүттэрэ түһэрбиттэрэ диэн сабаҕаланар (135—24).
Биһиги былыргы итэҕэлбитин үөрэппит В. Ф. Трощанскай сахалар үрдүк үҥэр таҥаралара Күн, кинини Үрүҥ Айыы тойон диэн ааттыыллар диэбитэ (145—36). Э. К. Пекарскай тылдьытыгар эмиэ Күн таҥара буолара бэлиэтэнэр. Күн уонна Ый бырааттыылар. Күн - убай, Ый — быраат дэнэр (137—1296). Ол эрээри арыт олоҥхоҕо «Күн тойон», «Ый хотун» диэн эмиэ этиллэр. Холобур, Ойуунускайга: «Күн тойон төрүөн күөлэһийэ оонньообут көмүс хайата, Ый хотун төрүөбүт ытык хайата» (41—20).
Үрүҥ Айыы Тойон диэн күнү ааттыылларын туһунан арыт норуот ырыаһыттарын айымньыларыгар этиллэр, «Үүнэн, үрдээн тахсар үрүҥ-маҥан Күнүм, Үрүҥ Айыы Тойон буолан, орто дойду оҥоһуллан үөскүүр күнүгэр... төлкөлөөн өрө көппүтэ эбитэ үһү» (75—63).
А. Е. Кулаковскай сайын кэлиитин хоһуйарыгар маннык этии баар:
- Үрүҥ Аар Тойон аҕаккабыт!..
- Үрүҥ тыыныҥ,
- Өҥүрүк куйаас буолан,
- Үс саха
- Өлбөтүн төрүттээтэ.
(43—270)
Сахалар үрдүк таҥаралара Үрүҥ Аар биитэр Айыы Тойон былыргыта, кырдьык, Күнтэн ханнык эрэ төрүттээҕэ эбитэ буолуо. Кини, күн курдук, халлаан саамай үрүт (тохсус) араҥатыгар олохтоох; аан дойдуну, тыынар тыыннааҕы, хамсыыры-харамайы, туох баар кэрэни, үчүгэйи барытын кини айбыт-үөскэппит. Кини «өҥүрүк куйаас тыыннаах, үүт-таас олбохтоох, үүс-аас бэйэлээх», киниэхэ күҥҥэ туттулларын курдук, «үрүҥ» диэн эпитет өрүү туттуллар,— ити бииринэн. Иккиһинэн, сахалар күнү бэйэтин Үрүҥ Аар Тойоннорун кытта сэргэ үрдүктүк туталлара, ытыктыыллара, таптыыллара кинилэр итэҕэллэригэр, саҥарар тылларыгар, ырыаларыгар-тойуктарыгар бүтүннүүтүгэр көстөр.
Биһиэхэ халлаан эттигэ уонна суукка сырдык кэмэ тоҕо эрэ «күн» диэн биир тылынан бэлиэтэммиттэр (баҕар, ол күнү уонна күн сырдыгын бэрт былыр, бэйэ-бэйэлэриттэн араарбакка, бииргэ холбуу өйдүүллэриттэн буолуо). Олоҥхоҕо айыы дойдута, орто дойду, сахалар олорор сирдэрэ — киирбэт күннээх өрүү сайын дойду, «күн сирэ» диэн аатырар, онно олохтоохтор «күн дьоно», «күн улууһун дьоно» дэнэллэр. «Мин төрөөбүтүм» диир оннугар «мин күнү көрбүтүм» («күҥҥэ көстүбүтүм») диэн образтаан этээччилэр. Айыы дьонугар саамай улахан дьолу-соргуну, үөрүүнү-өрөгөйү баҕаралларыгар этэллэр: «өркөн сырдык күннэриҥ өрүүтүн үрүлүйдүн, аҥардас айхал-мичил аламай күннүү алаарыйдын!» (62—257, 275). Оттон дьол, өрөгөй буоллаҕына: «ойор күммүт дьоллоох уота күндээрийдэ!» (62— 234), — диэччилэр. Ырыаҕа-хоһооҥҥо, бэл көннөрү кэпсэтиигэ «күммүт тахсыа», «биһиги да тиэргэммитигэр күн тахсыа, күөрэгэй ыллыа» (50—75),— диэн ыралааччылар.
Туох үчүгэй барыта күн көрөрүттэн сибээстээх буоллаҕына, туох куһаҕан барыта күн киирэриттэн тутулуктаах. Өлөөрү гыннахтарына биитэр олоҥхоҕо абааһы уола охсуһан кыайаары гыннаҕына, этэллэр: «үрүҥ күнтэн сүтээри олоробун» (10—97), «көстүбэт соҕуруу уола күнтэн дьэ сүтэрээри гынна!» (22—148), «күн туллара, күҥэһэ быстара буолла» (62—265). Өлөллөрүгэр: «үрүҥ күнүм, бырастыы дуу!» — дииллэр (10—97). Бэл абааһы бухатыыра айыы бухатыырын кыайар-хотор күннээх да буоллаҕына, үрүҥ күнү кытта бырастыылаһыннаран баран, тыынын салгыыр үгэстээх. Оттон иэдээнтэн-алдьархайтан быыһанар, өлө сыһан баран ордор түбэлтэҕэ: «аламай күммэр, аан-ийэ дойдубар... кэлбиппин буолбат дуо?» (62—274), — дииллэр.
Олоҥхо сүрүн геройдарын ааттарыгар күн үгүстүк киирсэр. Айыы бухатыырдара — Күн Эрбийэ, Күн Эрили, Күн Тэгиэримэн, Күн Толомон, Күн Ньургун уо. д. а.; айыы дьахталлара, кыргыттара — Күн Туналыҥса, Күн Туйаарыма, Күн Сыралыман Куо уо. д. а. Халлаан сорукка сылдьааччылара — «күн дьөһөлдьүт уолаттар» (22—70).
Айыы бухатыырын атын тэрилигэр эмиэ күн толору. «Аламай күн аалыытын курдук алта былас алтан амаҕаччы», «толомон маҥан күн тоҕуутун курдук тоҕус былас торҕо тэһиин», «күн күлүгэ көнтөс» (39—170, 171) уо. д. а. Оттон бухатыыр бэйэтэ? «Күн Эрбийэ бухатыыр... күн толбонун курдук толонноох ньуурдаах» (22— 116).
Ол эрээри туохтааҕар да үгүстүк айыы дьахталлара күҥҥэ холуллаллар. Кинилэр бүтүн бэйэлэрэ эрэ буол-бакка, сирэйдэрэ, харахтара, сүүстэрэ, иэдэстэрэ — барыта күҥҥэ тэҥнэнэр. Туйаарыма «үрүҥ күннүү туналыйан киирэн кэлэр», кини «күлэр күн харахтаах» (62— 234, 254); Айталыын Куо «киирэн эрэр күн килбиэнин курдук килбиэннээх иэдэстээх, сааскы сандал маҥан күн сардаҥатын курдук сардаҥалаах сүүстээх» (39— 306).
Олоҥхоҕо киһи кулгааҕа кытта күҥҥэ тэҥнэнэр.
Ойуунускай олоҥхотугар Аан Алахчын Үрүҥ Аар Тойоҥҥо этэр: «икки сэгэй күн кулгааххынан истэ сэргэҕэлээн көрүүй эрэ» (39—117). Дьахтар кэрэтин күҥҥэ холооһун аҥардас олоҥхоҕо эрэ этиллибэт, бу ырыаҕа-тойукка барытыгар киирбит суол. Ол иһин А. Е. Кулаковскай «кырасыабай кыыһын» хоһуйарыгар: «аламай маҥан күн атылыыта буолбут ала тыргыл харахтаах эбит», «күлэн-оонньоон күлүмүрдээн... бардаҕына, туналы маҥан күммэр тутуһуннара толкуйдуубун»,— диэбитэ (43—96, 100).
Уопсайынан саамай күндүнү, ытыктабыллааҕы барытын күҥҥэ холоон этии баар. Сир үрдүгэр күндүттэн күндү киһини, төрөөбүт ийэни, «күн ийэ» диигин, ийэ-аҕа баар-суох соҕотох оҕолоохторун «күммүт киниттэн тахсар»,— диэччилэр, кимтэн эмэттэн тиһэх көрдөһүүгүн көрдөһөөрү гыннаххына: «абыраа, күн буол»,— дииллэр, олус сүдү киһи туһунан: «Күн диэки күлүгэ кэһиллибэт киһи»,— диэн этэн кэбиһэллэр, ас-үөл элбэҕин сөхтөхтөрүнэ, «күн көрбөтөх эгэлгэ аһа»,— диэн буолар. Олус өр буола-буола көрсүһэбит диэн этээри: «күн-ый алтыһарын кэриэтэ көрсүһэн ааһабыт»,— диэччилэр, ханна да сылдьыбакка хаппахтанан олорор киһини: «күннээххэ көстүмүнэ олорор»,— диэччилэр.
Туох баар үтүөнү барытын күҥҥэ тэҥнии сылдьан арыт, бара сатаан, күннээҕэр да ордорон этии эмиэ баар буолар («күннээҕэр күндү», «кырдьык күннээҕэр сырдык»), оттон абааһы бухатыыра тугу да тулуппат күүстээҕинэн чабыланарын омунугар: «күн да буоллар, көтүрү тардыам»,— дэтэлиир түбэлтэлэрдээх.
Оһуохай үҥкүүтүн хаамыыта уонна араас былыргы сиэр-туом толоруулара төһөҕө даҕаны «күнү батыһа» оҥоһуллаллар, а. з. күн илинтэн арҕаа хамсаан барарын батыһыннарыллар. Таҥнар таҥаска, сэпкэ-сэбиргэлгэ, иһиккэ-хомуоска күн ойуута элбэх буолар. Холобур, бэргэһэ үрүҥ көмүс туоһахталаах (күннээх), үрүҥ көмүс кур, кымыс удьаатын уга хайаан да күн ойуулаах буолаллар. Ойуун кыырар таҥаһын көхсүгэр күһэҥэ диэн баайыллар, ону «күн» дииллэр. Өскөтө күһэҥэ быата быстан түстэҕинэ, ойуун өлүөхтээх диэн буолар. «Күн туллара, күһэҥэ быата быстара буолла»,— диэн алдьархай тирээтэҕинэ этиллэр этии итинтэн үөскээби-тэ үһү.
Ынах, сылгы сүөһү сүүһүн туоһахтата, сорох кыыллар түөстэригэр баар маҥан бэлиэлэрэ кинилэр «күннэрэ» диэн буолар. «Күн тыкпытын курдук оройун ортотугар туоһахталаах оҕус сүөһү» (39—200), «түөһүгэр үс күннээх хара саарба», «түөһүгэр үс күннээх... хара саһыл» (10—472, 470) эҥин диэн этиилэри олоҥхоҕо, ырыаҕа-тойукка үгүстүк көрсөбүт.
Күн обраһа саха норуотун тылыгар-өһүгэр, ырыатыгар-тойугар, итэҕэлигэр, олоҕор бүтүннүүтүгэр киэҥник киирбитэ, дириҥник иҥмитэ омукка эрэ барытыгар баар көстүү буолбатах. Ону маннык биир холобурунан көрдөрүөххэ сөп. Индия былыргы тылын, поэзиятын чинчийбит академик А. П. Баранников суруйарынан, Индия поэзиятыгар күн оннугар ый (сапсһа) киэҥник туттуллар эбит. Санскрит, хинди уо. д. а. Индия тылларыгар ый сүүстэн тахса араас киэргэл ааттардаах. Индия бастыҥ таҥаралара, бастыҥ геройдара ыйынан ааттаналлар, ыйга тэҥнэнэллэр. Рамачандра, Кришна-чандра диэннэр биһиги тылбытыгар Ый Рама, Ый Кришна буолаллар. Эр киһи да, дьахтар да кэрэттэн кэрэ сирэйин кинилэр ыйга тэҥнииллэр, «ый курдук туналыйар сирэйдээх»,— диэхтэрэ кинилэр (104—38).
Тоҕо Индияҕа күннээҕэр ый ордук күндү буолбута буолуой? Итини норуоттар олорор географическай балаһыанньаларынан быһаарыахха сөп. Индия итии дойду, онно күн итиитинэн эрэйдиир, бэрт кыратык сөрүүн түһэрэ онно — үөрүү. Дьэ, оччоҕо, күн киирбитин кэннэ, түүҥҥү ыйдаҥа абылаҥа сүрэҕи-быары сөрүүкэтэ түһэрэ төһөлөөх дуоһуйууну аҕаларын санаан кэбиһиҥ. Ол иһин даҕаны былыргы Индия тылыгар тымныы уонна дуоһуйуу диэн өйдөбүллэр «тхандак» диэн биир тылынан бэлиэтэммиттэр (127—103). Индияҕа итии эрэйи аҕалар, тымныы үөрүүнү аҕалар эбит буоллаҕына, биһиэхэ, хоту дойду дьонугар, итии үөрүүнү аҕалар, тымныы эрэйи аҕалар. Биһиэхэ «тымныы сүрэх» — куһаҕан, «сылаас сүрэх» — үчүгэй. Индияҕа ый сөрүүнү, дуоһуйууну аҕалар буолан күндү, биһиэхэ күн сылааһы, сырдыгы аҕалар буолан күндү.
Итинэн буоллаҕына, сымнаһыар курдааһыҥҥа олорор омуктар күҥҥэ сүгүрүйүүлэрэ, күнү ырыаларыгар-тойуктарыгар холбооһуннара тымныы дойду олохтоохторун киэннэринээҕэр арыый аҕыйах соҕус буолуон сөпкө дылы.