Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Уот (Копырин Н.З.)
←Тымныы. Муус. Хаар. | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Иккис глава) Копырин Николай Захарович |
Таас. Хайа.→ |
Уот. Кумах куйаар олохтоохторугар уу, тымныы курдааһын олохтоохторугар уот — олох тыына. Уот сахалар олохторун тутааҕа буолара кинилэр итэҕэллэригэр, абыычайдарыгар көстөр. Биһиги норуоппут былыр сүгүрүйбүт иччилэриттэн ордук сүрдээхтэрэ — уот иччитэ. Араас бэлиэ, кыра да, улахан да үөрүүлээх түгэҥҥэ барытыгар ас саамай күндүтүттэн, үчүгэйиттэн ким-хайа иннинэ уот иччитигэр, кини аһына-харыһыйа сылдьарын туһугар, хайаан да бэрсэллэр. «Уот иччитигэр дылы, маппакка бараҥҥын» диэн онтон үөскээбит өс хоһооно буолуохтаах. Атын айыылары, иччилэри ааттаан-суоллаан аһатыы эмиэ уот иччитинэн (уокка ас биэриинэн) эргитиллэр. Онон кини атын айыылары, иччилэри кытта тиксиһиннэрээччи курдук буолар.
Тугу эрэ быһаарынан, биитэр туохтан эрэ аккаастанан олордохторуна, уот эмискэ биллэрдик «тас» гыннаҕына дуу, иһиирэр курдук тыаһаатаҕына дуу, быһаарыммыт суолларыттан «уот буойда» диэн аккаастаналлар, биитэр төттөрү, «уот эттэ» диэн аккаастаммытта-рыгар төннөллөр. Оһохтон чох ыстаннаҕына, ыалдьыт кэлээри гыннаҕа дииллэр, уонна ол чоҕу мээнэ бырахпаттар. Оттон чох ыстанан киһиэхэ түстэҕинэ «эһэм көтөхтөрдө» диэн олус үөрэллэр. Уот иччитэ инникини бэриэт этэр, хаһан да сымыйалаабат, үчүгэй санаалаах. Абааһылар араас куһаҕан дьайыыларыттан киһини эрэллээхтик араҥаччылааччы уот. Кинини кыыһырдар, хомотор сатаммат. Киниэхэ кирдээҕи, куһаҕаны бэриллиэ суохтаах, кыыһыран, тирии ыарыытынан тыбыырыа диэн буолар. Уокка силлиир, ууну ыһар — улахан айыы. Саҥа сүктэн кэлэр кийиит уот иннин быһа хаамыа суохтаах.
А. Е. Кулаковскай суруйарынан, уот иччитин толору аата маннык кэрэ поэтическай эпитеттэринэн бэриллэр: «Аал уот иччитэ Күлтэллэх, Көмөр сыттык, Көбөрүүнньүк суорҕан, Саалыр чанчык, Бырдьа Бытык, Кыырык Төбө, Көмүс ураанньык, Күөнэ көҕөччөр, Хахай саҕынньах, Хатан Тэмиэрийэ, Алтан Баһырҕас, Аан Уххан-Тойон» (121—30). Манна уот умайан кытыастара, күлүбүрүүрэ, бачыгырыыра, умуллан күл, көмөр буолара киһититиллибит (антропоморфнай) образтарынан хоһу-йуллар. Уокка, уот иччитигэр сүгүрүйүү Сибирь булдунан дьарыктанар элбэх норуоттарыгар баар. Ол эрээри эвенкилэргэ, нанайдарга, нивхилэргэ, удегелэргэ, мансиларга уо. д. а. уот иччитэ дьахтар буоллаҕына, буряттарга, сахаларга кини оҕонньор дьүһүннэнэр эбит.
«Аал уоту оттуу»— олох олоруу, ыал буолуу: «аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэрийэн,... иннигин көрүнэриҥ кэллэ» (59—302). Ньургун Боотур ыраах айаҥҥа аттанарыгар дьиэм, сүөһүм-аһым этэҥҥэ турдуннар диэри: «оттубут уотум умуллубатын!» (62—241)—диир. Норуот ырыаһыта С. Зверев хоһуйарынан, Манчаары төрөөбүт буоруттан букатыннаахтык арахсарыгар аны олох олорорум бүттэҕэ диэри: «аны кэлэн.. аал уоту отторбун аастаҕым» (26—118),— диир.
Ыал олорорун сүрүн бэлиэтэ уота (оһоҕун буруота) буолар. Ол иһин ыал диир оннугар үксүгэр «буруо» дииллэр. «Хас буруо баарый?» (хас ыал баарый?), «буруо таһаарбыт» (ыал буолбут), «буруолааҕы көрбөтүм» (ыалы көрбөтүм) эҥин диэн буолар. Оттон нууччаҕа «буруо» үксүгэр олох атыннык тэгилитэн этиигэ туттуллар («обман, дым», «поругался в дым», «дым столбом»).
Уот сахаҕа олох тыына (тутааҕа) буолара «кыыс оҕо тэллэҕэр уон уоттаах» диэн хоһуйан этииттэн эмиэ көстөр.
Уот умуллуута — өлүү-сүтүү, эстии: «уотуҥ умулуннун», «үөлэһиҥ чоҥкуйдун» диэн кырыыска этиллэр тыллар. «Аал уотуҥ утуйдун, үөлэһиҥ кырыардын» (150—143).
Арыт уот алдьархайы аҕалар күүс курдук эмиэ өйдөнөр. «Уот да сиэбэт, уу да ылбат киһитэ буолуоҥ» (22— 234); «уот сиэбитин... курдук» (50—33).
«Уот ааныттан» (хара маҥнайгыттан), «уот өттө» (илин өттө), «уот харахха эттэ» (адьас таба эттэ) диэн этиилэр эмиэ былыр-былыргыттан сахаҕа уот олох тыына буолбутуттан үөскээбит буолуохтарын сөп. Сахаҕа «уот» үксүгэр үчүгэй өттүгэр холобурдааһыҥҥа туттуллар буоллаҕына, нууччаҕа кини, арааһа, алдьархайы аҕалар күүс курдук көрдөрүллэрэ ордук элбэх быһыылаах. «Огонь да вода — нужда да беда», «огню не верь», «с огнем не шути», «с огнем не дружись»,— диэннэр, бука, мээнэҕэ этиллибэтэхтэрэ буолуо. Ол эрээри киһи ис психическэй хаачыстыбатын, характерын «уотунан» холобурдаан этии нууччаҕа даҕаны, сахаҕа даҕаны майгыннаһаллар быһыылаах. Холобур, маннык этиилэри тэҥнээн көрүөҕүҥ: «уот курдук киһи» — «не человек, а огонь!», «хараҕа уоттанна» — «глаза его горят огнем», «уот хааннаах киһи», «бу киһи бэйэтэ уоттанар» — «огнем душа его полна», «сердце вспыхнуло огнем», «огонь в груди». Биһиги «уоттаах саһыл» диибит, нууччаҕа «лиса огневка» диэн этии баар. Оттон «уокка-ууга түһүү» («в огонь и в воду»), «уоту-ууну туорааһын» («пройти огонь и воду»), «икки уот икки ардыгар киирии» («между двух огней»), «уоттан куттанар курдук күрэнэр» («боится как огня») диэннэр биһиэхэ нууччаттан киирбит буолуохтарын эмиэ сөп (ити этиилэр Э. К. Пекарскай тылдьытыгар киирбэтэхтэр). Сахаҕа олус улахан тымныыны уотунан эпитеттээн хоһуйуу эмиэ баар: «уоттаах улуу модун тымныы», «уоттаах дьыбар» (37—49).