Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Ыт (Копырин Н.З.)
←Ынах. Оҕус. | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Иккис глава) Копырин Николай Захарович |
Тыа (мас). Тиит. Хатыҥ. Күөх от→ |
Ыт. Иитиэх кыыллартан ыт саҕа куһаҕаны дьүһүн-нүүргэ үгүстүк тутуллааччы суох. Сылгыга анаан ыһыах ыһыллар буоллаҕына, ыкка анаан ыһыах ыһыллыахтааҕар, ыһыахха кини баар буолара — айыы. Ол иһин ыһыах кэмигэр ыттары баайаллара үһү. Ыты өлөрбүт киһи сылгыны аттыа суохтаах. Ыкка кымыһы иһэрпэттэр — би' эмиийэ бааһырыа диэн буолар (150—238).
Итинтэн ыт былыр сахалар хаһаайыстыбаларыгар улахан суолтаны ылбатах эбит диэн саныахха сөп. Арай ынах, сылгы сүөһүттэн тэйбит, аҥардас булдунан ииттэр буолбут хотугу сахаларга ыт сыаналанар.
Ыт дьүһүннээн, тэҥнээн этиилэргэ киириитин сорох холобурдара манныктар. Ыт — саамай куһаҕан үөҕүү: «ыттары кытта ыал буолумуоҕуҥ», «хара түөкүттэр, хааннаах ыттар» (39— 22); «бу ыты кырдьык даҕаны баһын тырыта сынньан өлөрүөм дуу».
Улахан саат-суут: «эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ буолуом буоллаҕа», «Ыт охсор киһи суох»,— диэн ким да суоҕун туһунан этии; «дьиэлээх киһи кинилэргэ ыт да киирдэҕэ диэбэтэ» (22—286, 192, 324, 306),— диэн олус сэнээбиттэрин, аанньа ахтыбатахтарын туһунан этин. Олоҥхоҕо абааһы уола, ытырыык ыт ырдьыгынаан эрэрин курдук, ыпсыыта суоҕунан ырдьах-ырдьах, ырдьах-ымах гынна» (40—50),— диэн хоһулаан этиллэр.
Аһара сылайбыт — «этин ыт сиэбэт буолбут»; бэйэтэ куһаҕаныттан дьолун мүччү туппут — «ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүт» (50—94, 121); киһи аатыттан ааспыт — «ыт үрбэт буолбут» (52—225); олус иҥсэлээх — «ыт курдук ымсыылаах» (50—113); сааппыт — «ыт харбат» (52—123).
Ол эрээри, үөһэ эппит курдук, булдунан иитинээччилэргэ, а. э. хоту, муора кытыытын диэки чугаһаан истэх аайы, ыкка сыһыан уларыйар. Ол туундараҕа хаһаайыстыба сүрүннээн ыкка тирэҕирэриттэн буолар. Онно «булчут ыт дьиэ сүөһүлэриттэн барыларыттан өйдөөхтөрө» диэн өйдөбүл үөскүүр уонна туохтааҕар да ордук сыаналанар. Үтүө ыт иччитин аччыктааһынтан, эрэйтэн, өлүүттэн быыһааччы быһыытынан кэрэ кэпсээҥҥэ сылдьар. Онно ыты кырбаабаттар, үчүгэйдик аһаталлар, бэйэлэрин кытта бииргэ сытыараллар. Ыт ороҥҥо төрөөһүнэ ол орон хаһаайына баай-тот, оҕолоох-уруулаах, дьоллоох киһи буолуохтааҕын сүрэ. Саҥа төрөөбүт ыт оҕолорун оронуттан сиргэ тамнааттаабыт «акаарыны» ыт айыыһыта кырыыр. Ыт айыыһыта кыраабыт киһитэ сааһын тухары дьоло суох буолар. Ол дойду дьоно, бэйэ-бэйэлэрин көрүстэхтэринэ, бастакы ыйытыылара «ыттарыҥ хайдахтарый?» диэн буолар (150—74, 238).