Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. 1 глава. Хайа дьонугар... (Копырин Н.З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аан дойду географическай эйгэтэ... Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бастакы глава)
Копырин Николай Захарович
Саастарын тухары булдунан...


Хайа дьонугар таас, оттон тыа олохтоохторугар мас тойукка-номоххо ордук хото киирэр. Саха ырыатыгар туох элбэҕэ, дэлэйэ, өлгөмө, дурда-хахха буолара барыта тыанан образтанар. Кавказ поэта советскай норуоттары, «сис хайа курдук, доҕордуу куустустулар» диир буоллаҕына, саха ырыатыгар кинилэр «сис тыа курдук сиэттиһэллэр», «халыҥ ойуур курдук ханыылаһаллар»; кинилэр «таас хайа курдук хахха буол» диэхтэрэ, биһиги кэбэҕэстик «суон ойуур курдук дурда буол» диэхпит. Киргизтэр Манастарын атын ахтатын киэҥэ хайа хапчааныгар холуйуллар: манан толору ындыылаах тэбиэн холкутук ааһар кыахтаах. Манас бэйэтин мунна, хоҥоруута, халтаһата — барыта хайанан дьүһүннэнэллэр (112—122). Саха бухатыырын ата «тиити төргүү мутугунан», оттон бэйэтэ «хастаабыт тиит курдук харылаах, суллаабыт тиит курдук сотолоох». Кини, кыыһырдаҕына, «чуор мутук курдук чоноччу таттарар, киил мас курдук кэдэрги таттарар». Сахаҕа «ойуурдаах куобах охтон биэрбэт», «тыала суохха мас хамсаабат», «силиһэ суох мас үүммэт», «хара тыа баайдаах, уол оҕо дьоллоох», «бэл хара тыа ыллыктаах», «хаахыныыр мас охтон биэрбэт» эҥин диэн маһынан, тыанан дьүһүннүүр дириҥ ис хоһоонноох этиилэр бэрт элбэхтэр.

Мас элбэх омуктар тойуктарыгар киирбитин иһин, ханнык мастар таптаан хоһуйуллаллара эмиэ араастаах. Сахаҕа хоһуйуллар тиит нуучча поэзиятыгар адьаһын да киирбэт диэххэ сөп. Ол оннугар кинилэргэ дуб, калина, малина, рябина бааллар. Нууччаҕа дубунан күүс-уох, модьу-таҕа символланар буоллаҕына, тиит сахаҕа эмиэ онно майгынныырдыы туттуллар.

Оттон сорох омуктарга дуб, тиит оннугар бамбук туттуллар (холобур, Китайга, Вьетнамҥа). Бамбук Кытайга элбэхтик үүнэр, күннээҕи олоххо, элбэхтик түттуллар. Бамбуктан араас сэби-сэбиргэли, иһити-хомуоһу, малы-салы оҥороллор. Бамбук чэпчэкитинэн, бөҕөтүнэн бэрт тутуу матырыйаала буолар. Бамбугунан оҥоһуллубут храмнар сүүһүнэн сылга туох да буолбакка тураллар. Сииги тулуйумтуо буолан күрбэлэри, уу турбаларын бамбугунан оҥороллор. Былыр, кумааҕы суох эрдэҕинэ кинигэни бамбук пластинкаларынан оҥорор буолтар. Уһун синньигэс бамбук пластинкаларыгар суруйан баран быанан тиһэн кэбиһэллэр. Кытайдар ол иһин туруору строкалаан суруйар үгэстэммиттэр дииллэр. Кэлин бамбуктан кумааҕы оҥорор буолбуттар. Китай норуотун олоҕор итинник улахан суолталаммытын иһин, кинилэргэ бамбугу хоһуйбатах поэт, художник суох, бамбук өс хоһоонугар, фольклор онтон да атын жанрдарыгар үгүстүк киирбит: «этэ суох олоруохха сөп, бамбуга суох сатаан олорбоккун» (147—137).

Саха норуотун тылынан айымньытыгар уунан дьүһүннээһин маһынан дьүһүннээһиннээҕэр аҕыйах. Биһиги норуоппут Ленаҕа кэлэн олорбутун устатыгар былыр сир оҥоһуутунан дьарыктамматах, оттон сүүһүнэн тыһыынча күөллэр, үрэхтэр, өрүстэр киһи, сүөһү уулууругар проблеманы үөскэппэтэхтэр.

Оттон сорох сирдэргэ оннук буолбатах. Сир оҥоһуутунан дьарыктанааччыларга, уута суох куйаардар олохтоохторугар уу — күндүттэн күндү. Кинилэргэ итэҕэл саҕана ууга сүгүрүйүү, уунан айыыны-хараны ыраастаныы (хотугу омуктар уотунан ыраастаналларын тэҥэ), араас сиэр, туом толоруулара үөскээбиттзр.

Өссө ислам итэҕэлэ үөскүөн иннинэ кумах куйаар сирдээх-дойдулаах арабтарга ардах айар, үөскэтэр үтүө күүс быһыытынан туойуллара үһү. Ардах уйгу-быйаҥ, байым быһыы буоллаҕына, кураан — кэччэгэй, тардыас кэмэлдьи; итинтэн «кураанах ытыстаах киһи» — кэччэгэй, куһаҕан киһинэн, оттон «инчэҕэй ытыстаах киһи», төптөрү, үтүө майгылаах, дьэллэм «иһинэн аатырар (153—18).

Индияҕа, күн бүгүҥҥэ диэри Ганг өрүс «сибэтиэй» уутугар күргүөмүнэн дьон үҥэллэр-сүктэллэр, айыыларын-хараларын сууналлар, ыраастаналлар. Хас таҥарамсах индус, өллөҕүнэ, Бенагрес куорат таһыгар Ганг өрүскэ тимирдиллиэн, биитэр күлүн куттарыан баҕарар.

Туркмен народнай поэзиятыгар үйэлэр тухары ууга баҕарыы, кумах куйаары баһылыыр баҕа санаа этиллэр: Уу сүрэҕи-быары сөрүүкэтэр тыына, таммах уу күн уотугар кылабачыйара, күлүмүрдүүрэ туркмен лирик-тэрэ саас тухары өрө көтөҕүллэн туойар ытык көстүү-лэрэ буолаллар.

Таджик Мирзо Турсун-заде кэпсиир: «Биһиэхэ уу — олох тыына. Норуот дьол диэн тугун былыр-былыргыттан ууну кытта сибээстиир. Үчүгэй түүлү түһээбит уонна онтукаҥ олоххо туолуон баҕарар буоллаххына, ол түүлгүн ууга кэпсээ диэн итэҕэли мин кыра эрдэхпиттэн мээнэҕэ истибэтэҕим».

Турсун-заде Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы биир маннык түбэлтэни ахтар. Польшаны босхолоспут таджиктар ааттарыттан икки саллаат, делегатынан талылланнар, Душанбеҕа Министрдэр Советтарын мунньаҕар фроннааҕы бойобуой сырыыларын туһунан рапордаабыттар. Таджик саллаата, икки толору уулаах бытыылканы бэрт күндүтүк тутан министрдэр иннилэригэр остуолга ууран баран, оргууй этэр: «Биһиги Висла биэрэгиттэн кэллибит, ол өрүс уута бу...» Баар дьон бука бары сүһүөхтэригэр тураллар, саалаҕа босхолоспут доҕордуу Польшаларын уутун уруйдуур тыллар дуораһыйаллар... (146—4,6). Бу бытыылкалаах уулар дьоҥҥо хайдах курдук күүскэ дьайбыттарын үйэ тухары ууга сүгүрүйбүт омуктар эрэ дириҥник өйдүөхтэрэ.

Национальнай ураты кыыллары, араас харамайдары образка туттууга ордук чуолкайдык көстөр. Холобур, Индияҕа слон былыргыттан бэрт элбэх уус-уран холобурдааһыҥҥа киирбит. Индустар эстетическэй көрүүлэригэр слон кэрэттэн кэрэ, толуу быһыылааҕынан-таһаалааҕынан, үтүө майгылааҕынан аатырар. Саамай үчүгэй дьахтар туттар-хаптар быһыыта слоҥҥа холуллар, үчүгэй илии слон хоботыгар тэҥнээх, санаарҕаабыт дьоннор — хоботтарын сүтэрбит слоннар. Оттон Европа литературатыгар слоҥҥа сыһыан атын, онно слонунан олус бөдөҥү, томороону, көһүүнү холобурдууллар.

Монголия, Казахстан, Орто Азия уо. д. а. дойдулар олохтоохторугар тэбиэн, бараан обраһа күүскэ киирбит. Казах ырыаһыта, бэйэтин тэбиэҥҥэ тэҥнээн, бу курдук хоһуйар:

Крепка подпруга, силен верблюд,
Не сломят его ни груз, ни труд —
Так старый Джамбул духом силен (139—120)

Киргиз Кубанычбек Маликов степь хойуу отун бараан түүтүгэр холуйар:

Лук зеленый, красный, синий,
Как овечья шерсть, кудряв

(139—271)

Саха поэзиятыгар хонуу ото хаһан да бараан түүтүнэн холобурдаммат, хата, ол кэриэтин этиэхтэрэ: «Кугас ынах курдук, кубарыһа-кугдарыһа кууран турар хонуулар» биитэр «талыы хадыһалар, таарбаҕан кыыл таманын курдук, Чалыы отунан таһымныы таҕыстылар» (44—225,226).

Слон былыргы саха фольклоругар төрүт суох. Оттон «тэбиэн», «хой» (бараан) диэннэр бэрт үдүк-бадык ахтыллаллар («тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук», «хой баһа тыл»). Ити үс иитиэх сүөһүлэринэн дьүһүннээһин биһиэхэ кэлин, нуучча литературатын сабыдыалынан, киирэн эрэр.

Сахаҕа дьиэ сүөһүлэриттэн образтааһыҥҥа ордук элбэхтик сылгы туттулларын туһунан биһиги сиһилии кэнники главаларга этиэхпит. Манна биир суолу эрэ бэлиэтиэҕиҥ. Ат аан дойду элбэх литературатын поэтическай дьүһүннээһинигэр киирбитин да иһин, ол омук аайы барыта адьас биир буолбатах. Холобур, нуучча литературатыгар (фольклоругар эмиэ) ат киһи эрэллээх доҕорун, бастыҥ көлөтүн быһыытынан күүскэ хоһуйуллар буолан баран, онно поэтическай образтааһыҥҥа сылгы этигэр-сиинигэр, иһигэр-үөһүгэр, сэбигэр-сэбиргэлигэр тиийэ ырыҥаламмат быһыылаах. Олоҥхоҕо дьахтары «хаар биэтин курдук ханалдьыйда», «сыһыы биэтин курдук сыспалдьыйда» диэн хайҕаан этэллэр. Оттон нуучча литературатыгар дьахтары ити курдук этэн дьүһүннүүр ончу табыгаһа суох, ол курдук бу улуу литература бэйэтэ үйэлэр тухары олохсуйбут ураты кэрэ дьүһүннүүр средстволардаах, онон өскө сылгынан дьүһүннээһини туттар да түбэлтэтигэр сахаттан атыҥ, ханнык эрэ ураты линияны тутуһар диэххэ сөп.

Итинэн дьахтар кэрэтин биэнэн дьүһүннээн хоһуйуу үчүгэй дуу, куһаҕан дуу диэн боппуруоһу быһаччы туруорар сыыһа.