Иһинээҕитигэр көс

Саха тыла (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өр дьыл өлбөккө кэлбиччэ,
Өлгөм килиэби сиэбиччэ,
Киһи эҥини да истэр,
Киһи эрэйгэ да тиксэр:

Сорох «түөрүөтүк» оҕолор
Сонун түмүгү оҥорон,
«Саха тыла эстэр» — дииллэр,
Саҥарбакка сүбэлииллэр...

Эрэнэбин, эстиэ суоҕа,
Эрдэ эттэххит буолуоҕа!
Ленин кэриэһин чэлгитэр,
Дьиҥнээх кэрэни тэнитэр,

Маннык үчүгэй үйэҕэ,
Бачча көҥүлгэ — дэлэйгэ
Эмиэ тоҕо эһиннэҕэй,
Эһи дойҕоххут кэллэҕэй,
 
Үлэ, охсуһуу суолунан,
Үөрэх күүстэрин туһанан,
Үгүс кыайыыга кыттыһан,
Үтүө кылааты уксуһан,

Өндөл халлааҥҥа ыттыһан,
Өлбөт мэҥэни булсуһан —
Саха олоҕо уһуоҕа,
Саха удьуордаан ууһуоҕа.

Төрүт сыалбытын ситэммит,
Түмсүү ыһыаҕар тиийэммит,-
Киһи аймах киэҥ кэскилин
Кэтит чэчирин анньарга,

Сүрэх истиҥнээх иэйиитин
Сүҥкэн гимнэрин айарга,
Саха ырыата сатарыа,
Саха саҥата саргылыа.