Саха фольклорун туһунан (Г.Сивцев)
САХА ФОЛЬКЛОРУН ТУҺУНАН
[уларыт]Фольклор туһунан өйдөбүл уонна кини уратылара
[уларыт]Литература суруктаах эрэ норуоттарга баар буолуон сөп; ол кини сурук көмөтүнэн оҥоһулларыттан буолар. Саха норуота үөрэххэ кыттыбыта, суругунан туһанар буолбута бэрт саҥардыыҥыттан эрэ. Саха литературатын пионера Уваровскай бэйэтин олоҕун уонна саха норуотун олоҕун туһунан сахалыы суруйбута 1851 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. Саха уус-уран литературатын аан бастаан төрүттээбит А. Е. Кулаковскай (Өксөкүлээх Өлөксөй) маҥнайгы айымньытын, «Байанай алгыһын», 1900 сыллаахха суруйбута. Балар буолаллар сурук көмөтүнэн маҥнай үөскээбит сахалыы yyc-ypau айымньылар.
Саха, былыр төһө да суруга-бичигэ суох буоллар, бэйэтин санаатын, баҕарар баҕатын уус-уран, күүстээх тыл куорматынан эппэт буолуон сатаммат этэ, этэрэ даҕаны. Ол курдук ырыалары-хоһооннору, таабырыннары-чабырҕахтары, олоҥхолору-остуоруйалары бэрт үгүһү айбыта. Норуот тылынан уус-уран айымньыта фольклор диэн ааттанар («фольклор» — диэн английскай тыл, «норуот муудараһа», «өйө» диэн суолталаах). Инники этиллибитин курдук, фольклор сурук көмөтө суох айыллар. Норуот ырыаһыта бэйэтин ырыатын, олоҥхотун-остуоруйатьш өйүгэр тута сылдьан ыллыыр, олоҥхолуур. Биир киһи ыллаабыт ырыатын, эбэтэр олоҥхолообут олоҥхотуи атын киһи, истэн баран ону үтүгүннэрэн, эмиэ ыллыыр, олоҥхолуур. Ол ыллыырыгар бэйэтиттэн эбэр-сабар, сороҕор көҕүрэтиэн да сөп (сирбитин, эбэтэр умнан кэбиһэн), сорох сирин бэйэтэ сөбүлүүрүнэн уларытар даҕаны. Ол курдук киһиттэн кнһиэхэ, айахтан-айахха сылдьар, нэһилиэктэн нэһилиэккэ, улуустан улууска тарҕанар. Ол тухары үгүстүк уларыйар-тэлэрийэр, тупсарыллар-чочуллар. Отгон сурук литерату-рата оннук буолбатах: ханнык эмэ киһи бэйэтин хоһоонун, эбэтэр атын айымньытын суругунан суруйар уонна бэйэтин аатын эмиэ суруйан кэбиһэр. Онон кини аата умнуллубат, сүппэт уонна биир киһи суруйбутун атын киһи уларытар бырааба суох. Ол да иһнн нуучча өһүн хоһооно «Суругунан суруллубуту сүгэнэн да суоран сүтэ-риэҥ cyoga» диэн этэр.
Ол эрээри фольклор айымньыларын билигин толорооччулары автордар буолбатахтар диир эмиэ табыллыбат: кинилэр үксүгэр төһө да бэлэм фольклорнай сюжетынан туһаммыттарын иһин, бэйэлэрз сөбүлүүллэринэн уонна дьоҕурдара, талааннара кыайарынан сорох сирин көҕурэтэн, сорох сиригэр эбэн, сороҕун уларытан олоҥхолууллар-остуоруйалыыллар, ыллыыллар-туойаллар. Онон, фольклорнай айымньылары толорооччулар авторскай суолталара сыаналанар.
Саха норуотун айымньыта уус-уран өттүнэн кэрэтинэн, үчүгэйинэн уонна ис хоһооно, биэрэр өйө-санаата, идеята дириҥинэн, киэҥинэн даҕаны бэрт үрдүк кэрдиискэ турар. Саха фольклоругар маннык сыананы биллииЛээх үерэхтээхтэр биэрэн тураллар (Ястремскай, Пекарскай, Азадовскай уо. д. а.). Хайа да омук улуу суруйааччылара фольклор сюжетыгар олоҕуран дьоһуннаах айымньылары биэрэллэр (Пушкин, Гоголь, Некрасов, Горькай, Данте, Шекспир уо. д. а.). Саха да литературатын бастыҥ холобурдара сюжеттарынан, эбэтэр поэтическай ньымаларынан фольклору кытта ыкса ситимнээхтэр. (А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов, П. А. Ойуунускай, С. Р. Кулачиков-Эллэй, С. Омоллоон уо. д. а.). Фольклор айымньылара туохтан бу курдук урдүк кэрдиискэ туралларый — диэтэххэ, ол биричиинэтэ кинилэр историчес-кай суолларыгар баар. Кинилэр сүүһүнэн кэмнээх сыллар анараа өттүлэрйгэр айыллан бараннар, одурууннаах дьыллары, охсуулаах айаннары туораан, биһиги күннэрбитигэр днэри өлбөккө-сүппэккэ тиийэн кэлбит улуу айымньылар буолаллар. Кинилэр мөлтөх-төругэр даҕаща сүүһүнэн кэмнээх сыллар усталарыттан күн бүгүнүгэр диэри кэрэхсэтиэхтэрэ дуо?! Былыр-былыргыттан күн аныгытыгар диэри, бнлигин биһиэхэ бил-лэр олоҥхолорбутуттан, остуоруйаларбытыттан, сэһэннэрбититтэн, ырыаларбытыттан ураты олоҥхолор, остуоруйалар, ырыалар-тойуктар айыллан, үөскээн сылдьыбатах-тара буолуо — диир табыллыбат. Бастыҥ талааннаахтар бастыҥ олоҥхолору, остуо-руйалары, ортолор ортону, мөлтөхтөр ханнык эмэлэри айбыттара үгүс буолуо. Олортон мөлтөхтөрө, ким да сэргээбэккэ, сонно тута быраҕыллан, умнуллан хаалбыттара буолуо; орто, үчүгэй аҕайдара барсыспахтаан иһэн хаалбыттара буолуо. Оттон норуот, улуу дьоннорунан, чулуу талааннаахтарынан айыллыбыттара, дьон-норуот олоҕун өйүн-санаатын, чувствотын таба этээччилэрэ күүстээхтик, дириҥник көрдөрбүттэрэ, норуот кытаанах дьүүлүн тулуйан, үйэлэр усталарыгар өлбөт-өспөт дьүһүннэнэн, өлбөөдүйүөх-тээҕэр-өһүөхтээҕэр өрө үүнэр, сааскы сибэккилии чэчириир дьылҕаланан, норуотуиан чочуллан, тупсарыллан бнһиги күннэрбитигэр диэри тинйэн кэлбиттэр. Ол да иһин, этэргэ дылы, сүү'стэн биирдиилэрэ эмэ талыллан, үйэлэр үрдүк арҕастарын туораан кэлбит буоланнар, норуот айымньылара күн бүгүнүгэр диэри дьону оҕотуттан ула-ханыгар, эдэриттэн кырдьаҕаһыгар диэри кэрэхсэтэр, сөхтөрөр күүстээхтэр, бары даҕаны «талбыт курдук» бэртэр.
Норуот айымньытын биир суол уратытынан кини сиэрэ суох киэҥ далааһыннаах фантазията буолар. Олоҥхо бухатыыра "үс былас бүөкэйэр өттүктээх, биэс былас биэкэйэр бииллээх» буолар; оттон кини дьиэтэ-уота «хаҥас диэки турар киһи хараҥаччы саҕа буолан, уҥа диэки турар киһи улар саҕа буолан көстөр» буолар, эбэтэр "ырыаһыт ыскаамыйалаах, кылыыһыт кытыйалаах, хаһыытыыр хамыйахтаах» буолар. Оттон бухатыырдар айаннара, охсуһуулара диэн киһи куйахата күүрүөн курдук сүрдээх-кэптээх буолар. Фольклор образтара фантастичней буолуулара былыргы дьон айылҕаны уонна олоҕу өйдөөһүннэригэр элбэх фантастическай элеменнэр баалларыттан тутулуктаах: кинилэр айылҕа дьиҥнээх сокуоннарын бил-бэттэриттэн айылҕаны бүтүннүүтүн, бэйэлэринэн охсон, тыынар, саныыр, өйдүүр курдук саныыллара. Былыргы дьон итигирдик айылҕаны киһи курдук саныыр санаалаахД өйдүүр өйдөөх буолуо диэн саныыллара үөрэххэ анимизм диэн ааттанар (animo — латинныы — кут, дууһа). Биһиги өбүгэлэрбит, былыргы сахалар, экономикалара, техникалара намыһах кэрдиискэ турарыттан, примитивнэйиттэн, айылҕа стихийнэй күүһүттэи тутулуктаахтарыттан, анимистическай өйдөөх-санаалаах буоланнар, ааттаһыы-көрдөһүү, алгыс-силик көмөтүнэн айылҕа алдьархайдарыттан быыһанар, айылҕаттан быйаҥы, үтүөнү ситиһэр курдук саныыллара. Ол кэнниттэн киһи олоҕун, айылҕаны баһылыыр, салайар туспа иччилэр, айыыһыттар, иэйэхситтэр бааллар — диэн өйдобүл сахаҕа үөскээн барбыта. Онтон ситимнээн, араас алгыстар айыылар, иччилэр туста-рынан ырыалар-тойуктар үөскээбиттэрэ.
Норуот айымньытын иккис уратытынан кини синкретическэй характердааҕа буолар. Синкретизм диэн идеология араас көрүҥнэрэ бары бииргэ холбоһо сылдьаллара ааттанар. Билигин биһиги сайдыылаах үйэбитигэр идеология араас көрүҥнэрэ: итэҕэл, мораль, политика, үөрэх, философия тус-туһунан арааран өйдөнүллэллэр. Оттон былыргы дьоҥҥо итилэр барылара бииргэ өйдөнөллөр. Ол иһии былыргы саха остуоруйалара, сэһэннэрэ, өстөрүн хоһоонноро уо. д. а. фольклорнай айымньылара кинилэр айылҕа уонна бэйэлэрин олохторун, историяларын туһунан тугу билзллэрии, итэҕэллэрин, баҕарар баҕаларын, моралларын, философияларын бары көрдөрөллөр (холобур, Омоҕой, Эллэй, Болугур айыыта диэн легендалар). Фольклор искусство быһыытынан эмиэ синкретическэй характердаах, а. э. искусство араас көрүҥнэрэ: ырыа, драма, үҥкүү, музыка, пластика уо.д. а. араарыллыбакка сылдьар буолаллар. Холобур, саха үҥкүүтэ (эһиэкэйэ) ырыалаах, олоҥхото ырыалаах, диалогтаах, xoһуйуулаах, оруолларынан да үллэһиллэн толоруллуон сөп; оттон фольклор итэҕэли кытта ситимнээх формаларыгар: ойуун алгыһыгар, айыыһыт тардарга уо. д. а. ырыа, алгыс, музыка (дүҥүр), үҥкүү, көстүүм (ойуун таҥаһа) барыта бииргэ бэриллэр.
фольклор үһүс уратытынан кини туттар уус-уран ньымалара буолаллар. Фольклорга бэрт үгүстүк туттуллар ньымаларынан: гипербола, кубулуйбат эпитеттэр, хаттаан этиилэр, тэҥнээһиннэр буолаллар.
Былыргы саха сүрүн үлэтэ-хамнаһа, дьарыктанар дьарыга уу, тыа булда, ынах, сылгы сүөһү иитиитэ этэ. Онон кини ырыалара-тойуктара итннник хаһаайыстыба сунньүнэн сиэттэрэн сайдан барбыт.
Гипербола саха ханнык баҕарар жанрдаах айымньытыгар баар, холобур, ырыаҕа:
«..Сиргэ тохтон сиэтиллэр Сэттэ хаамыы уһуннаах Сннньигэс нэлээр сиэллээх, Суолга тохтон соһуллар Уон хаамыы уһуннаах, Уһун нуоҕай кутуруктаах, Үс хаамыы Үрүҥ дьүөрсүн түүлээх, Икки көйүллүбүт ойбон курдук Күөгэй байаан харахтаах...»
— днэн аты туойаллар.
Оттон олоҥхоҕо буоллаҕына, бухатыыр: «...Туппут тоҥ маһа Тостурута барар... Таарыйбыт турар маһа Силистиин сиҥнэр... Эппитэ этиҥ буолар, Тыыммыта тыал буолар...»
Эбэтэр Бэрт Хара туһунан сэһэҥҥэ: «...муҥур тиит саҕа үрдүк, сыарҕалаах от хурдук улахан, кэтит көҕүстээх киһи... сыһыыны ортотунан хааман бэрийэн эрэр...» — диэн этиллэр.
Кубулуйбат эпитеттэр саха олоҥхотугар, ырыатыгар бэрт үгүс буолаллар. Холобур, хайа да ырыаҕа, олоҥхоҕо да орто дойду «уолан бутэр уулаах, охтон баранар мастаах, ойон тахсар күннээх» буолар, оттон аан дойду «аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх, айгыр силик» буолар, сэбирдэх ссиэрэй солко», мутукча «мотуок солко», буолар.
Биири үрүт-үөһэ, хат-хат этии саха фольклоругар эмиз киэҥник тарҕаммыт ньыма буолар, холобура:
«Сытар таас хайаларынан сындыыстаммыт, Кирбии таас хайаларынан сиксиктэммит, Дэриэспэ таас хайаларынан тэллэхтэммит, Сымара таас хайаларынан сыттыктаммыт...» — диэн.
Саха фольклорун биир тапталлаах уус-уран ньыматынан тэҥнээһин буолар. Холобур, аал луук маһы олоҥхоҕо бу курдук хоһуйаллар:
«Ypyҥ сылгы тиринтнн Өрө анньан кэбиспит курдук, Үс хос үҥкүөбүллээх күндүл көмүс Хатырыктааҕа эбитэ үһү,
Тойон чороон айаҕы Моонньуттан иилбит курдук, Лонкур көмүс туораахтааҕа үһү,
Тиһэх эһэ тириитин Тэлгэтэ бырахпыт курдук, Сиэрэй солко сэбирдэхтээҕэ эбитэ үһү,
Аҕыстаах-сэттэлээх кыыс оҕону Аһын тараан намылыппыт курдук, Мутукчалааҕа эбитэ үһү...»
Саха фольклорун жанра
[уларыт]Ис хоһооннорунан, уус-уран уратыларынан көрөн фольклорная айымньылары тус-туһунан жанрдарга араарыллар. Саамай бөдөҥ жанрынан саха норуотун героическай эпоһа олоҥхо буолар. Ону тэҥинэн маннык сүрүн жанрдар бааллар: остуоруйалар, сэһэннэр, ырыалар, тойуктар (поэмалар), чабырҕахтар, өс хоһоонноро уо. д. а.
Бу жанрдар биирдии уратыларын туһунан кинигэ хас салаатын аайы этиллэр.
Фольклор ис хоһооно
[уларыт]Саха фольклоругар норуот былыргы да, аныгы да олоҕо көрдөрүллүбүт, норуот 6aҕapap баҕата, үтүөҕэ, үчүгэйгэ дьулуһуута, бэйэтин күүһүн муҥура суох эрэнэрэ көстөр. Былыргы саха Иэйэхсит хотуну, Күрүө дьөһөгөйү алгыыра-силиирэ кини олоҕор ынах, сылгы сүөһү сүҥкэн суолталааҕын туоһулуур. Оттон Күөх Боллох тойоҥҥо уонна Баай Барыылааххэ үҥэрэ, сүгүрүйэрэ — кини олоҕор уу, тыа бултара эмиэ улахан суолталаахтарын туоһулуур. Айыы бухатыырдара айыы аймаҕын атаҕастааччылары, күн ууһун күөнтээччйлэри кытта улахан эрэй бөҕөнү көрөн туран, геройдуу охсуһан кыайаллара — саха фольклора гуманистическай идеялааҕын, норуот бэйэтин күүһүн муҥура суох эрэнэрин көрдөрөр. Олоҥхо бухатыыра кынаттаах аты миинэн халлаанынан көтөрө, күлэ турар күүлэлэнэрэ, олоҥхоһут олоппостоноро — норуот айылҕаны баһылыан баҕарарын туоһулууллар. Саха дьаданыта эрэйдээх, кыһалҕалаах олоххо олорорун, онтон арахсыан, көҥүллүк, банылыаттык, дьоллоохтук олоруон баҕарара Чурум-Чуруычуку курдук айымньыларга көстөр.
Саха фольклора, син искусство атын ханнык да көстүүлэрин курдук, саха обществотыгар баар утарыта интэриэстээх кылаастар өндөрүн-санааларын, кинилэр социальнай интэриэстэрин көрдөрөр, кинилэр социальнай уонна политическай охсуһууларыгар орудие буолара. Норуот айымньытыгар бэрт үгүс түбэлтэҕэ норуоту көлө-һүннээччилэри уонна кинилэр политическай, социальнай интэрнэстэрин көмүскэлигэр турар тойоттору, аҕабыттары, ойууттары утаран кинилэр дьиҥ сирэйдэрин саралаан, норуоту кө;|өһуннүүллэрин, түктэри быһыыларын-майгыларын арыйан. ону саралаан хоһуйаллара. Холобур, «Мачайар Баһылай» диэн поэмаҕа былыргы баайдар, атыыһыттар норуоту көлөһүннүүллэрнгэр астыммакка, балык балыгы тыыи-наахтыы ыйыстан кэбиһэрин курдук, бэйэ-бэйэлэрин халаһалларын, туох да сирэйэ-хараҕа суох сүүлүктэһэллэрин көрдөрүллэр, байар туһугар тугу да кэрэйбэттэрэ-ойууланар. Маннык характердаах миэстэлэри норуот өһүн хоһоонугар даҕаны бэрт үгүстүк булуохха сөп. Холобур: «Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун гүүрүгүрпүт», «Кутургуйа таптаабыт сиригэр тахсар, тойон талбытынан дьүүллүүр»-уо.д.а. «Додор Кулуба» диэн кэпсээнтгэ былыргы феодал, деспот араас быдьар бы-һыылара уо.д.а.• сэһэргэнэллэр. Ол тэгэ, көлөһүннээччи кылаас, кини представителл»рэ, эмиэ бэйэлэрнн социальнай уонна политическай интэриэстэрин көмүскүүр ис хоһоон-ноох сэһэннэри, ырыалары, ее хоһооннорун даҕаны айаллара. Холобур: «Хаарты ыры-тыытын таптыыр, дьахтар таһыырын таптыыр», «Быһыйы кытта сырсыма, баайы кытта мөккүһүмэ», «Тыын тыын-иа харбас» диэн курдук ее хоһоонноро хайдах давань» норуокка тустаах идеялаахтарынан ааҕыллыахтарын табыллыбат; кинилэр индивидуалистическай, киһини киһиэхэ тэҥнээбэт, баайы туохха да кыайтарбат кыахтаах дииргэ иитэр суолталаахтар. Маннык ис хоһоонноох, итэҕэли кытта ситимиээх бэрт үгүстүк христианская итэҕэлтэн киирбит сэһэннэр баар буолаллар. Гражданскай сэрии саҕаиа норуот өстөөхтөрө бандьыыттар норуоту, революиияны утары нс хоһоонноох ырыа-лары импровизациялаан тарҕата сатыыллара. Ол гынаи баран итннник ис хоһоонноох айымньылар норуот ортотугар кэрэхсэбили ылбаттар, киэҥник тарҕамматтар этэ.
Саха фольклоругар нуучча норуотун культуратын сабыдыала
[уларыт]Саха норуота улуу нуучча норуотун кытта 300-тэн тахса сыл устатыгар бииргэ олорбутун түмүгэр бэрт үксү киниттэн бэйэтин олоҕор, тылыгар, культуратыгар ылыммыта. Ол курдук саха фольклоругар даҕаны нуучча норуотун сабыдыала үгүстүк биллэр. Ол гынан баран бу боппуруос ситэ үөрэтиллэ, чинчийиллэ илик. Онон биһиги аҕыйах биллэр эрэ холобурдарга тохтуохпут. Бииринэн, нуучча норуотун айымньытыттан саха фольклоругар тус-туһунан сюжеттар, образтар книртэлээбиттэрэ баар, уһулуччу остуоруйалар, кэпсээннэр жанрдарыгар, холобур. «Уйбаан Сэриэбис», «Суут Балаакырап» уо. д. а. тустарынан сюжеттар. Иккиһинэн, дьиҥ сахалыы айымньылар сюжеттарыгар нууччалыы матыыптар, образтар кыбыллан кииртэлээбит түбэлтэлэрэ бааллар. Холобур, «Мүлдьү Бөҕө» диэн олоҥхоҕо судьуйалар, дэһээтииньиктэр, суруксуттар, Дьэгэ Бааба образтара. Үсүһүнэн, тус-туһунан образтары айарга саха олоҥхоһуттара, ырыаһыттара нууччалыы тыллары, эпитеттэри эмпэ үгүстүк тутталлар. Холобур, «сиэрэй солко сэбирдэх», «лоһуор солко мутукча», «куударалаах баттах, хоппуруостай харах»,.«алтан көлөөскө аалыытын курдук», «оһуордаах оттоох» уо. д. а.
Советскай фольклор
[уларыт]Өскө революция иннинээҕи айымнбытыгар саха норуота бэйэтпн эрэйдээх олоҕун, батталы уонна онтон босхолонон дьоллоох үчүгэй олоххо тиийиэн баҕарыытын эҥин араас үгус жанрынаи хоһуйбут эбит буоллаҕына, Октябрьскай соцналистическай революция кэнниттэн, совстскай кэмҥэ кини ыллыыр ырыатын, айар айымньытын ис хоһооно төрдүттэн уларый-бытын биһиги көрөбүт. Билиҥҥи биһиги ырыаһыттарбыт, олоҥхоһуттарбыт эрэйдээх, батталлаах эргэ олох эстибитин, дьоллоох, сайдыылаах саҥа олох эргийбитнн («Туругурдун дьоллоох олох»— Герасимов С. В., «Тараҕана сайылык»— Ядрихнм-скай П. Т.), төрөөбүт Ийэ дойдуну көмүскүүр туһунан («Сэрии туһунан ырыа»— Бырыскаалап А. П.), саҥа техннканы («Уот тыыннаах трактор көЛө» — Абрамов Н. А., «Самолётунан көтүү»—Иванова Е. Е.), демократическай быыбар, Советскай Конституция тустарынан туойаллар, Ленин обраһын айаллар. Советскай кэмҥэ саха норуотун айымньыта идейнэй өттүнэн урут хаһан да тиийбэтэх үрдүк кэрдииһигэр таҕыста, саха ырыаһыттара, олоҥхоһуттара культура өттүнэн эмнэ лаппа үүннүлэр. Саха олоҥхоһуттара Советскай суруйааччылар союзтарын чилнэннэрэ, театр артиСтара буоллулар. Саха советскай фольклора билигин норуоту комыунистыы тыыҥҥа иитэр, төрөөбүт дойдуну көмүскүүргэ, коммуннзмы тутарга ыҥырар пропаганда ураты көрүҥэ буолла.
Саха советскай фольклорун уһулуччу ордук сайдыбыт жанрынан лирнческэн ырыалар буолалларын бэлиэтиэххэ сөп.
Саха норуотун кэнники кэмнээҕн фольклора идеология өттүнэн социалисти-ческай ис хоһоонноммута — саха норуота, экономика эрэ еттүнэн буолбакка, ей-санаа өттүнэн эмиэ социализмҥа кытаанахтык турбутун туоһулуур. С. А. Зверев «Улуу Москва туһунан тойугун», Е. Е. Иванова ырыаларын курдук уус-уран таһымнарынан да, ис хоһооннорунан да бастыҥ айымньылар баар буоллулар.
Социалистическай ис хоһоонноох, ндцнональнай формалаах фольклор үөскүүрүгэр уонна ону хоһуйарга, үөрэтэргэ коммуннстическай партия уонна советскай правительство сүҥкэн кыһамньыны уураллар, дьоһуннаах дьаһаллары таһаараллар. Ол курдук хас колхоз, оройуон ахсын, бүтүн республика да үрдүнэн норуот айымньытын көрүүлэри, бэчээккэ таһааран, киэҥ маассаҕа тэннтнинн, ырыаһыттар тылларыттан суруйуулары, норуот айымньытын хомуйарга анал ннструкцнялары, корреспоидси-кары, экспеднцнялары уо. д. а. тэрийэллэр.
Саха фольклорун чинчийиллиитэ
[уларыт]Советскай Союзка олорооччу үгүс норуоттар фольклордарын былааннаахтык чннчийни, үөрэх быһыытынан киэҥник олохтооһун Октябрьскай революция эрэ кэнниттэн буолбута. Ол да эрээрн Ок-тябрьскай революция нннигэр фольклору чинчнйии еттунэн саха норуотун айымньыта атын норуоттар киэннэринээҕэр улахан тусяалаах этэ. Саха фольклора арыычча ордук чинчийиллнбит, хомуллубут уонна бэрээдэктэнэ түспүт фольклор ахсааныгар киирэрэ түбэспнччэ буолбатах: ыраахтааҕы былааһын саҕана саха дойдута күлүүскэ да, ти-мир даҕаны эрэснэҥкэҕэ наадыйбат эрэл хаайыынан буолара.
Ыраахтааҕы былааһа куттанар дьонун биһиги дойдубутугар аҕалан, тыын-наахтыы көмө сатыыра. Оччотооҕу Россияҕа үөскээбит үтүө санаалаахтар, норуот дьыалатыгар бэриниилээхтэр бнһигн дойдубутугар кеске ыытыллаллара (Бестужев-Марлннскай, Худяков, Серошевскай, Ионов, Пекарскай уо. д. а.). Кинилэр бнһнги дойдубутугар кэлэн, саха норуотун олоҕун сигилитин, культуратын, тылын, фолькло-рун чинчийнигэ сүҥкэй кыһамньыларын уурбуттара, улахан мэһэйдэр баалларын туоратан, наукаҕа бэрт улахан суолталаах үлэнн оҥорбуттара. Саха норуота ол ту-һугар кннилэргэ нахталын хаһан да умнубат.
Саха норуота уус-уран айымньылаавын, фольклордааҕын туһунан аан маҥнай, XVIII үйэҕэ Сибииргэ, Саха сирнгэр сылдьыбыт айанньыттар уонна историктар ахтан ааһаллар эбнт (Стралеиберг, Миллер, Фишер уо. д. а.). Саха фольклорун сурукка кнллэриини XIX үйэҕэ саха дойдутун чинчийбит ученайдар Миддендорф, Маак eaga-лаабыттара. А. Я. Уваровскай, лингвист О. Бетлннг көрдөһүүтүнэн, биир олоҥхону, ырыаны уонна аҕыйах саха таабырыннарын суруйбута, Bohtling Otto «Uber die Spra-che der Jakuten» диэн кинигэҕэ 1851 сыллаахха немецтни тылбаастаах тахсыбыта.
Саха фольклорун бастакы беден* хоыуура 1890 сыллаахха политсыылынай, народник И. А. Худяков «Верхоянский сборник» диэн киннгэтигэр тахсыбыта. Онно саха олоҥхолорун, остуоруйаларын, ырыаларын, өһүн хоһооннорун, таабырыннарын пууччалыы тылбаастаан, саха норуотун айымньытын кытта нуучча уонна аан дойду үерэхтээхтэрэ билсибнттэрэ.
1896 сыл эмиэ политсыылынай В. Л. Серошевскай «Сахалар» диэн научнай үлэтин бастакы тома нууччалыы тылынан тахсыбыта. Ол кинигэ5э автор биир баһы норуот айымньытыгар туспа анаабыта.
Онтон 1907—1911 сыллаахтарга Э. К. Пекарскай хомуурун 5 кинигэ оҥорон, 1913 уонна 1918 сыллаахтарга Худяков хомуурун икки кинигэ гынан, 1916 сылга В. Н. Васильев хомуурун биир киннгэнэн Наукалар Академиялара таһаартаабыта. Бу кинигэ-лэргэ матырыйааллара сахалыы тылынан бэчээттэммиттэрэ. 1925—1931 сыллаахтарга Саха АССР Совнаркомун көҕүлээһининэн Наукалар Академиялара комплекснай экспедицияны тэрийбитэ. Саха дойдутун бары еттунэн чинчнйннни ыыппыта.
Бу экспедиция матырыйаалларын уонна урукку даҕаны матырыйааллары Саха АССР-тын үерэтэр бастаан С. В. Ольденбург академик, онтон В. Л. Комаров академик председателлээх Наукалар Академияларыгар тэриллибит комиссия Саха рес-публикатын туһунан 15 том үлэлэри бэчээттээн таһаарбыта. Онтон VII томугар С. В. Ястремскай хомуйбут саха фольклорун матырыйааллара нууччалыы тылынан тахсыбыттара («Образцы народной литературы якутов» 1929 г.). Бу кинигэҕэ С. Е. Малое профессор аан тыл суруйбута уонна автор, Ястремскай, «Народное творчество якутов» диэн ыстатыйалаабыта.
1936 сыл этнограф А. А. Попов (тереебүт дойдута Саха сирэ) бэйэтэ хомуйбут матырыиаалын, уонна copogya у рут тахшбыт матырыйааллары хомуйан, «Якутский фольклор» диэн кинигэтин «Советский писатель» издательствоҕа таһаартарбыта. Бу кииигэҕэ «Якутская старинная устная литература» диэн ыстатыйа бэчээттэммитэ.
Саха фольклорун хоиуйууга саха уерэхтээхтэрэ киэҥ кытгыыны' ылаллара. Кинилэртэн сорохторо бэйэлэрэ хомуйбут матырыйаалларыи бэчээттэтэллэрэ. Ол курдук сахаттан маҥнайгы лингвист С. А. Новгородов Ленинградка уерэнэ сылдьан икки матырыйаалы таһаартарбыта («Дух» — хозяин леса у якутов 1914 г., «Призывание Баяиая» 1916 г.).
Семен Андреевич Октябрьская революция буолбутуи да кэннэ саха фольилорун хомуйууга, чинчийингэ саҕалааччы этэ. 1920 сыл муус устар ыйыгар кини квҕүлээ-һининэн Якутскайдааҕы үөрэх салаатыгар Саха күбүөрүнэтин чинчийэр хос салаа тэрнллнбитэ. Онно этнография уонна лингвистика секциятыгар Кулаковскай, Софро-нов, Новгородов үлэлииллэрэ.
1922 сыллаахха Саха снрэ автономнай республика буолбутуи кэннэ, Саха АССР Үөрэҕин Комиссарнатыгар научнай салаа тэриллнбнтэ. Ол салаа «Сборник материалов по изучению Якутии» диэн бнир нүөмэри таһаарбыта. Онно А. Е. Кулаковскай, М. М. Носов хомуйбут матырыйааллара киирбнттэрэ. Саха фольклорун үөрэтиигэ П. А. Ойуунускай уһулуччу еҥөлеөх. Кини саха суруйааччыларын норуот айымньытми дирнҥник үерэтэргэ, билэргэ уонна туһанарга куруутун ыҥырара. 1927 с. кини «Якутская сказка (олрҥхо), ее сюжет и содержание» диэн олоҥхону ырыппыт үлэтэ бэ-чээттэнэн тахсыбыта. Оино олоҥхо суолтатын, үөскээбит тврдүн, саха олоҕун кыпа сибээһнн көрдөрбүтэ.
1923 сыллаахха С. А. Новгородов «Aagap кннигэни» таһаарбыта, онно уонтаи тахса фольклор матырыйаалын киллэрбитэ.
1922 сыл тэриллибнт Якутскайдааҕы кыраай географнческай общество чнн-чийни үлэтнн ыыппыта уонна 1923 сыллаахха А. Е. Кулаковскай «Саха итэҕэлин үерэ-тэргэ матырыйааллар» диэн кинигэтин таһаарбыта.
1925 сыл кулун тутарга «Саха кэскилэ» диэн научнай чннчийэр общество тэриллибитэ. Ол общество саха олоҕун нсториятын, фольклорун уонна тылын чин-чнйэрэ. «Саха кэскилэ» түөрт сыл устатыгар араас научнай үлэлэри хомуйан биэс кинигэни таһаарбыта. Онтон бииргэһигэр, иккис нуемэригэр, А. Е. Кулаковскай хомуйбут «Якутские пословицы и поговорки» диэн улэтин сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруйан 1925 сыллаахха таһаарбыта. Үһүс нүөмэригэр М. М. Носов «Предки якутов по преданиям потомков» диэн ыстатыйата тахсыбыта. Саха фольклорун чинчийингэ биир бөдөҥ үлэнэн Э. К. Пекарскай оҥорбут «Словарь якутского языка» диэн, бнэс уонтан тахса сыл үлэлээн таһаарбыт кинигэтэ буолар. Бу кинигэ суруллуута 1881 сыллаахтан саҕаламмыта. Тылдьыт 13 кинигэ буолан 1930 сыллаахха тахсан бүппүтэ. Бу тылдьыкка 25 тыһыынча кэрнҥэ тыл бэрт кнэн* быһаарыыны ылбыта. Ол тухары холобурдара үксүн фольклортан ылыллыбыттара; бэрт үгүс ахсааннаах саха фольклорун чинчийэргэ туһалаах ыстатыйалар киирбнттэрэ (норуот айымньыларын ааттара, геройдар ааттарД, былыргы саха нтэҕэйэр иччилэрин, айыыларын ааттара, саха аан дойду туһунан хайдах өйдөбүллээҕин быһаарар тыллар уо. д. а.).
Саха фольклорун үөрэтиигэ Г. В. Ксенофонтов ер сыллар усталарыгар сыралаах-тык үлэлээбитэ. Кини 20 сылларга Саха сирин кэрнйэ сылдьан фольклор баай матырыйаалын хомуйбута. Ол түмүгүнэн «Эллэйада» диэн улахаи хомуурунньугу оҥорбута рукопиһынан сытар. 1928 сыллаахха Иркутскайга «Легенды о шаманах якутов, бурятов и тунгусов» диэн кинигэтэ тахсыбыта. «Урааҥхай сахалар» (Иркутскай, 1937) диэн киэҥник биллибит үлэтнн фольклорга олоҕуран суруйбута.
СКСК баар Алфавит комитета 1934 сыллаахтан саха фольклорун былааннаахтык хомуйар үлэни саҕалаабыта. Комитет секретаре Г. У. Эргис фольклорнай айымньыиы хайдах суруйар туһунан ннструкцияны уонна программаны оҥорон оройуон учуутал-ларыгар ыыталаабыта. Ол түмүгэр матырыйааллар киирэн барбыттара.
1934 сыллаахха тылы уонна культураны чинчийэр научнай институт тэриллибитэ. Оройуоннар ахсын үгүс ахсааннаах корреспонденнар анаммыттара. Институт фольклору хомуйууга уонна үерэтингэ киэҥ үлэни тэрийбитннэн барбыта. Саха үерэх-тээхтэриттэн эдэр научнай үлэһнттэри институт иитэн таһаартаан барбыта (Г. У. Эргис, С. И. Боло, Г. М. Васильев уо.д.а.). ТЛИНЧИ фольклору хомуйууга киэн далааһыннаах үлэни ыыппытын түмүгэр, билигин кини фонугар сүүстэн тахса олоҥхо, икки сүүсчэкэ кэрнҥэ остуоруйа, алта сүүсчэкэ араас сэһэннэр, легендалар уо. д. а. бааллар. Институт 1938 сыллаахха С. И. Боло «Прошлое якутов до прихода русских на Лену по преданиям якутов бывшего Якутского округа» диэн бедөҥ улэтин таһаарбыта. 1938 сыллаахха «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн Д. М. Говоров (Уус-Алдан) олоҥхотун суруйбута. 1942 сылга «Саха норуотун айымньыта» диэн Г. М. Baсильев уонна X. И. Константинов оҥорбут кинигэлэрэ тахсыбыта. Кннигэҕэ саха фольклорун туһунан редактор В. Н. Чемезов аан тыл суруйбута. Саха фольклорнай айымньытын араас жанрдарын аан манвай лаппа толорутук хабан уонна сааһылаан таһаарыыга бу кинигэ манпайгы холонуунан бнллибйтэ. Бу дьыалаба нккис беден-хардыынан бнлнгнн нккнһнн ситэриллэн тахсар, бастаан 1947 сыллаахха бэчээттэммнт, Д. К. Сивцев он-орбут «Саха фольклора» диэн кинигэтэ буолбута. Бу кнннгэҕэ саха фольклорун сааһылааһын лаппа кэиэтиллибитэ, тупсарыллыбыта. Ол курдук «угэлэр» днэн урукку кинигэлэргэ суох жанр кянрбятэ. Урукку кнннгэлэргз ырыалар бары биир кэлимсэнэн киирэллэрэ. Отгон бу хрестоматнява урукку өттугэр туспа араарыллыба-тах ырыа жанрдара книрбиттэрэ (айыылар тустарынан ырыалар, ыһыах төгүллэрэ). Бу НННИНЭ95И улэлэргэ ханнык да автор норуот айымньыта үөскээн испит генеологкя-тын тутуспатаҕа. Бу еттунэн саха фольклоругар букатын саҥа хардыы диэххэ сеп. Манан саха фольклорун наардааһын оннун булла, букатыннаахтык быһаарылынна дннргэ эрдэ. Бу улэ саҥа хардыы буоларын быһыытынан, эбин чннчнйиинн, чуолкай-дааһьшы; тупсарыыны оссө даҕаны эрэйэр. Хрестоматия вссө биир уратыта хас жанрдар аайы ыстатыйалаах, сорох айымньыларга туспа быһаарыылардаах. Саха норуотун фольклорун айымньыларын туһунан урукку өттугэр уопсай ыстатыйалар бэчээттэнэллэрэ, эбэтэр хаһыакха дуу, сурунаалга дуу туспа жанрдар тустарынан ыстатыйалар тахсаллара, кнннлэр угус жанры хаппаттар этэ. Онон, Дмитрий Кононо-внч бу улэтэ оскуолаҕа үөрэтни таһынан, научнай да сумталаах улэнэи буолбута.
Кэнники 20 сыл устатыгар саха фольклорун уөрэтиигэ боччумнаах үлэлэр oiro-һулуннулар. Ордук Г. У. Эргис оҥорбут улэтнн чорботон бэлиэтиэххэ наадалаах. Кини, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (1947), 2 чаастаах «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» (1960), 2 томнаах «Саха остуоруйалара» (1964, 1967), нууччалыы-сахалыы таһаартаабыт научнай публикацнялара бутун Советскай Союз норуот-тарыя фольклорун уөрэтннгэ дьоһуннаах ситнһинтннэн сыаналаналлар.
И. В. Пухов «Якутский героический эпос олоҥхо» (1962), Г. М. Васильев «Якутское стихосложение» (1965), Г. К. Боескоров «Творчество народного певца С. А. Зверева» (1957), Н. В. Емельянов «Якутские пословицы и поговорки» (1962), «Сборник якутских пословиц и поговорок» (1965) днэн кинигэлэрэ таҕыстылар. Литература уонва фольклор сыһыаннарыгар маҥнайгы холонон керүү үлэлэр бэчээттэнэллэр (В. А. Семенов «Фольклорные сюжеты и мотивы в творчестве П. А. Ойунского» 1966 с. тахсыбыт кинигэтэ).
Саха фольклорун, ордук кини героическай эпоһын олонхотун, академиктар В. М. Жирмунскай, А. П. Окладников, профессордар В. Я. Пропп, М. Г. Воскобойников, эпоһы чннчийээччи Е. М. Мелетинскэй уо. д. а. советскай ученайдар бэйэлэрин үлэлэригэр кытыаран үөрэппиттэрэ улахан суолталаах.
Г. Сивцев.
1969 с.