Саха ырыата (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Алампа


Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр-сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат дьылҕалаах,
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан-үөскээн иһиэҕиҥ!

Үгүс-элбэх үйэлэргэ
Үөрдүһэн-тардыһан үөскээбит
Үрүн Дьөһөгөй өллөйдөөх,
Өрөгөй-талаан үктэллээх
Өбүгэ саха буолабыт!

Саргы-дьаалы улааттын!
Сахалыы саҥа сатараатын!
Саха омук сайыннын!
Уруй!
Уйгу!
Айхал!

Урусхан-уохтаах күннэргэ
Умуллан-самнан биэрбэтэх,
Уруй-туску оҥоһуулаах,
Одун-буурай олохтоох
Урааҥхай саха буолабыт!

Үлүгэр-алдьархай күннэргэ
Үллэр үрдүк өрөгөйдөөх
Үөмэн тиийбэт үрүттээх,
Үтүө саха аатыран
Үүнэн-үрдээн иһиэҕиҥ!

Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ
Түһэн-охтон биэрбэтэх
Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх,
Төрүт саха төрүөҕэ
Төбүрүөн түмсэн турабыт!

Самнан түспэт саргыга
Салаллан-тэриллэн үөскээбит
Сайаҕас-дьэҥкэ санаалаах
Саха урааҥхай аатыран
Сайдан-элбээн иһиэҕиҥ!


Сүрүн сирэйгэ