Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Иккис түһүмэҕэ
ИККИС ТҮҺҮМЭХ
БЫСТАХ КЭМНЭЭХ БАЛАҺЫАННЬАЛАР
1 ыстатыйа
[уларыт]Судаарыстыба былааһын олохтоох талыллар уорганнара уонна улуустар (өрөспүүбүлүкэ таһымынан суолталаах куораттар) олохтоох дьаһалталарын баһылыктара бэйэлэрин боломуочуйаларын олохтоох салайыныы улуустааҕы (оройуоннааҕы), өрөспүүбүлүкэ таһымынан суолталаах куораттар уорганнара тэриллиэхтэригэр диэри толороллор.
2 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун 78 ыстатыйатын 3 чааһын балаһыанньата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин быыбарын кэнниттэн күүһүгэр киирэр.
3 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун 61, 62, 63 ыстатыйаларын балаһыанньалара саҥа ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы мунньаҕа саҕаламмыт түгэниттэн ыла күүстэригэр киирэллэр.
4 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 55 ыстатыйатын 2 чааһын балаһыанньалара Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа ыҥырыылаах Ил Түмэнин бар дьонун дьокутааттарын быыбардарыгар быыбардыыр хампаанньа саҕаламмыт түгэниттэн ыла күүстэригэр киирэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ В.ШТЫРОВ