Сир Ийэ айыллыбыт ырыата (К.Г. Оросин суруйуута)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

I[уларыт]

Уубуттан уһуктаммын,
Ороммуттан тураммын
Уон харчы caҕa
Уу харахпынан
Уҥуоргута биллибэт
Улуу дойду
Улаҕа өттүн диэки
Одуулаан көрөн турдум.

Ол көрөн турдахпына —
Тус илин диэкиттэн,
Эттээх ат кутуругун
Эрбии быһа баттаабыт курдук,
Эргэнэ хара тыа ис кырыытыгар
Эриэхэлээн сии олорор
ЭрДЭҔЭСТЭЙ уларым түөһүн эбирин курдук,
Эбир дьаҕыл былыт
Иэнигийэн таҕыста,—
Сылаас салгын тыыннанан,
Итии тыал илдьиттэнэн,
Күөх унаар урсуннанан,
Өҥүрүк куйаас уктэллэнэн
Иэйэхсит хотун
Илбиргэстээх аартыга
Тэлэлиннэ;
Айыыһыт хотун
Салбырҕастаах аартыга
Арылынна;
Дьөһөгөй тойон
Уруйдаах суола
Тобулунна.

Арт-татай, ар-дьаалы, оҕолор!
Дьэ, өйдөөн-дьүүллээн көрөн турдум.
Ол көрөн турдахпына —
Айхаллаах араҕас маҥан халлаан диэкиттэн,
Уруйдаах урусхал маҥан халлаан диэкиттэн
Тоҕус уон тоҕус дьөһөгөй айыыһыт
Үмүөрүһэн, мустан, дьүөгэлэһэн, түһэн тураннар
Тууралаан, тускулаан оҥорбуттар үһү:
«Тоҕус уон тоҕус кумах үрэх буолан
Кө5үнэн, көйгүөрэн киирэннэр,
Холбоһон, тоҕус үөстээх
Тоҥмот муора буоллун»,— диэбиттэрэ үһү;

Аҕыс уон аҕыс айыыһыт
Араллааннаан, артыаллаһан тураннар
Айхаллаан, алҕаан айбыттар үһү:
«Аҕыс уон аҕыс тарбах салаа
Дьэргэ үрэх буолан артыаллаһан,
Амах уута буолан,
Асхарыйа устан киирэн,
Аҕыс үөстээх
Араат байхал буол»,— диэн,
Айбыттар үһү.

Сэттэ уон сэттэ иэйэхсит ийэлэрбит
Силистээн-мутуктаан, сиэмэлээн
Эҕэрдэлээн тураннар,
Эппиттэр үһү:
«Сэттэ уон сэттэ дьэрэкээн үрэх буолан,
Силис уута буолан сиэлэн-хаамсан,
Дьигиһнйэн, дьирбиитээн киирэн,
Сэттэ үөстээх
Сиэрэй далай буоллун»,— диэн
Эппиттэр үһү.

II[уларыт]

Тоҥмот муора тулаламмыт эбит,
Итии муора эркиннэммит эбит,
Муустаах муора дурдаламмыт эбит,
Хара байхал сындыыстаммыт эбит,
Муора туйгун күүстээх балыга олохтоммут
эбит.

Сиртэн ситимэ суох,
Халлаантан тардылыга, суох,
Эргичийэр йэрчэҕэ биллибэт,
Холоруктуур көлүөһэтэ көстүбэт,
Босхо болуот мае курдук
Уста.сылдьар урсуна биллибэт,
Нуучча киһи аалын курдук
Айаннаан сылдьара биллибэт,
Абыраллаах, аһыныылаах
Аан ийэ дойду
Бу курдук
Айыллыбыт эбит.

Дьэ, доҕоор!
Ырыа киһи ыллаатахпына,
Оонньуулаах киһи туойдахпына,—
Күүстээх Уыл күөннэммит,
Үллэр чаҕылҕан дабсылҕаламмыт эбит;
Орой буурай оонньообут,
Буура дохсун сүлбүт эбит;
Хара былыт ханыылаһан,
Үрүҥ былыт үөрдүһэн,
Кыһыл былыт кыттыһан,
Хоҥор былыт холбоһон,
Уулаах былыт иэнигийэн, ньалҕарыйан баран
Муора уута булкуллан тахсар эбит,
Байхал уута баарыстанан,
Балкыйан, бааллаан тахсан,
Күүстээх тыал сүгэн-көтөҕөн сылдьан,—
Сир ийэ сибэккитэ манан ситтин,
Сиэмэлэннин — диэн алҕаан,
Сиидэ хараҕын курдугунан
Таҥнары саккыраан тохтон,
Онон оҥоһуллубут эбит.

III[уларыт]

«Бу курдук туох оҥордоҕой?»—диэммин,
Өйдөөн-санаан көрөн турдум,
Бу саха киһи көрөр
Сандаҕалаах маҥан халлаанын диэки,
Өрө көрөн турдум,
Ол анарааҥы диэки өттүн
Өрө көрөн таһаардахпына —
Аҕыс хаттыгастаах
Араҥалаабыт анды сымыытын курдук
Арылы маҥан халлаан
Анараа өттун диэки
Эмиэ өрө көрөн турдум.

Ол турдахпына —
Toҕyc хаттыгастаах
Добун дьолуо маҕан халлаан
Туйгун дьулайыгар,
Туналҕаннаах тусаһатын үрдүгэр,
Килбиэннээх, чэлгиэннээх тэлгэһэтин иһигэр
Ордууланан олорор
Үүт күөл үктэллээх,
Үкэр куйаас тыыннаах,
Көҥдөй күөх от торуоскалаах,
Сэбирдэх от талбаалаах,
Үүт таас бэйэлээх
Үрүҥ Аар тойон,
Үрүҥ Арылы хотун диэн
Баар эбиттэр.

Ол буолан баран,
Аҕыс халлаан
Аҕатынан аатырар эбит,
Togyc халлаан
Тойонунан оҥоһуллубут эбит,
Сэттэ халлаан
Ийэтинэн этиллибит эбит,
Айыы аймабыттан,
Кун улууһун дьонуттан барыларыттан
Тойонноро
Бу Үрүҥ Аар,
Ийэлэрэ
Бу Үрүҥ Арылы икки эбиттэр.

Дьэ эбит диэммин,
Өйдөөн-санаан турдахпына:
Бу көстөр күөх маҥан халлааны
Үрүҥ маҥан кунүнэн кииннээн
Оҥорбут эбит,
Үргэл сулуһунан
Үһуөлээбит эбит,
Эҥэр сулуһунан
Эркиннээбит эбит,
Чолбон сулуһунан
Туттарбыт эбит
Араҥас сулуһунан
Таттарбыт эбит;
Бары аата-ахса биллибэт,
Үксэ-дьүүлэ кестүбэт
Үгус сулуһунан ойуулаан оҥорбут эбит,
Киэн- халлааны суос-соҕотох ый тэһииннээн
Туттун —- диэн оҥорбут эбит.
Маинык диэн
Ыллыырын ыллаатым,
Этэрин эттим,
Саҥарарын саҥардым да,
Туох диэхпин билбэтим:
Киэҥ халлааи
Сиртэн
Ситии саҕа
Ситимин булбатым,
Үөһээттэи сап саҕа
Тардылыгын көрбөтүм,
Орто дойдуттан
Оҕуруо саҕа
Тутулугун көрбөтүм;
Холобура бачча диэн
Үрдүгэ, киэҥэ, туората
Маннык диэхпин билбэтим.

IV[уларыт]

Бу уолан баранар уулаах,
Охтон баранар мастаах,
Ойон тахсар күннээх
Орто бороҥ дойду
Дьоллоох туой булгунньаҕын
Илин күөнүн үрдүгэр Турдум.
Ол тураммын
Өйдөөн-санаан көрдүм,
Ол турдахпына—
Ой хара тыаны олохтонон.
От үрэҕи урсуннанан,
Ойон тахсар үс өргөстөөх
Үрүҥ маҕан күн
Үс дойду үрдүнэн үллэрэ көрдө;
Таас хайаны дьарҕааланан,
Дьаҕыл хара тыаны тайанан,
Аҕыс өргөстөөх Аламай маҕан күн
Сандаарыйа, чаҕылыйа тахсан тнибэн кэллэ,
Аҕыс дойду үрдүн apgapa көрдө.

Онтон одуулаан турдум:
Буор хайа булуҥнаммыт эбит,
Таас хайа дьайыҥнаммыт эбнт,
Сытар хайа сындыыстаммыт эбит,
Сүүнэ хайа өһүөлэммҥг эбит,
Кыра хайа тэллэхтэммит эбит.
Мае хайа балаҕаннаммыт эбит,
Кэрдиис хайа дьэрэкээннэммит эбит,
Муустаах хайа мурааннаммыт эбит —
Бу орто дойду онгоһуллубут эбит.
От кырыстаах,
Буор тэллэхтээх,
Кумах ардайдаах,
Туой тугэхтээх эбит.
Орто дойду
Дьоллцох киһитин-сүеһутун ииттин
От урэхтэринэн
Ойуулаабыт эбит,
Күустээх сууруктээх врустэринэн
Олохтонон оҥоһуллубут эбит.

Аҕыс иилээх-саҕалаах
Айхал-мичил,
Аҥаа-муҥаа Аан ийэ дойду
Араҕас маҥан таһылгытын диэки
Анааран турдум;
Тоҕус иилээх-саҕалаах,
Толомон туруу дьаҕыл дойду
Дурдатын диэки
Өйдөөн көрөн турдум;
Сэттэ иилээх-саҕалаах
Сиэр күрүс,
Сиэги дьаҕыл дойду диэки
Сиэттэрэ көрөн турдум.
Ол көрөи турдахпыиа —
Анды куһум
Аҥаарыйа көтөи сиппэт,
Арыы-сыа таҥиары таммалыы турар
Алаастардаах эбит;
Туруйа кыылым
Тула көтөн,
Тулатын булбат,
Туой маҕан
Туруу хочолордоох эбит;
Кырыымпалыы диэн ыллыыр,
Кыҥкыначчы диэн саҥарар,
Кырааскалаах атахтаах,
Кынатын төбөтүгэр харалаах
Кыталыктай кыылым
Кырыйа-тарыйа көтөн
Кырыытын булбат
Кылбараҥ мадан сыһыылаах эбит;
Чылыгырас сэбирдэхтээх,
Хоруоҥкалыыр төбөлөөх,
Күөх унаар-нуолур оттоох эбит;
Адыс салаалаах
Ача кувх от,
Үс салаалаах
Үкэр кувх от,
Тодус салаалаах
Локуора кувх от,
Сэттэ салааладх
Бэттиэмэ күөх от
Оттордоох эбит.

V[уларыт]

Онтон өйдөөн-санаан турдум,
Сатыы хайа аннын диэки
Анааран көрдүм.
Ол көрдөхпүиэ:
Эттээх ат кутуругун
Эрбии быһа баттаабыт курдук,
Эргэнэ хара тыалаах эбит;
CoHOgocTofl атым кутуругун
Огдоччу быһа баттаабыт курдук,
Догдоон хара тыалаах эбит;
Илин-кэлин кэбиһэрдээх,
Бэдэр саҕынньахтаах,
Буобура бууктаах сонноох дьахталлар
Хары харыларыттан хапсан,
Илии илиилэриттэн сиэттиһэн
Үҥкүүлээн иһэллэрин курдук,
Арыы хатыҥ Чараҥнардаах эбит;
Сиэр дьоруо кулун
Сиһин оруутунан охсуллар
Сиэрэй солко
Сэбирдэхтээх эбит.
Үгүс үтүө дьон
Үөмэлэһэн туралларын курдук,
Үрдүк ойуурдар
Үтүрүһэн үүнэи тахсыбыттар эбит,
Буулуур дьоруо кулун
Моонньун оруутунан охсуллар
Мотуок солко
Мутукчалаах эбит;
Тардыы көмүс курдук
Талахтаах эбит,
Эрийии көмүс курду«v
Иирэлээх эбит,
Борроску торбуйах саҕа
Отонноох эбит,
Тиҥэһэ ынах саҕа
Дьэдьэннээх эбит,
Бургунас ынах caga
M00HHb0g0HH00x эбит;
Кыһыл саһыл
Кымньыылаах эбит,
Кэрэмэс саһыл
Талбалаах эбит.
Буур тайах
Оонньуулаах эбит,
Сырҕан эһэ
Тэллэхтээх эбит,
Сур бөрө
Оронноох эбит,
Кырса-саһыл
Сыттыктаах эбит,
Күөх тннҥ
Суорҕаннаах эбит,
Киис тириитэ Дьэбдьиргэлээх эбит.
Баай хара тыа Маннык баайдаах эбит!

VI[уларыт]

Бу өйдөөн-көрөн турдум:
«Сүүрүктээх сүүнэ үрэхтэр
Хайдах буолаллар эбит?» — ^иэн.
Ол көрөн турдахпына —
Аҕыс үөстэнэн араалланан,
Айманан, аатыран-айгыстан,
Хайах арыыта буолан
Асхарыйан айдан барар эбиттэр;
Тоҕус үөстэнэн, сүөгэй арыыта буолан
Сөрүөстэ/ уста дьүрүһутэ турар эбиттэр,
Үс үөстэнэн бүтүн арыы буолан
Мөлбөһүбэ уста турар эбиттэр.
Күндү маамонт муос курдук
Чайдаах эбиттэр,
Кыһыл көмүс курдук
Кытыллаах эбиттэр.
Эрийии көмүс курдук
Эриллибит эбиттэр. И
Сүүрүктээх өрүс үрэхтэр
Сүртэн сүүнэ тойон балыктарынан
Долгуннура тураллар эбит,
Улуу сордоҥ балыктарынан
Өрө үллэ турар эбиттэр,
Xancagaft сырыылаах
Хатыыс балыктарынан
Хамсаан мэгилдьийэ, эппэҥнии,
Мэндээрийэ турар эбиттэр;
Үксэ-дьүүлэ биллибэт,
Аата-ахсаана көстүбэт
Үгүс үтүө балыктар
Бааралаһан, бааллааи сылдьар,
Куугунаһан, холбоһон турар
Уһун дуорай
Хомолордоох эбиттэр;
Киэҥ таас
Дьалхааннаах чаргылардаах эбиттэр;
Ааспыттар мантаи аһаабыт эбиттэр,
Хоргуйбуттар мантан тохтооннор туругурбут
эбиттэр;
Тоҥ быһыт манна тупсубут,
Иирэ уу манна эргийбит эбит.
Бу аата буолар —
Туйгун туона,
Дьоллоох үрэхтэр диэн буолаллар үһү,
Бу курдук.

VII[уларыт]

Бу абыраллаах, аһыныылаах аан ийэ дойдум
Бу курдук оҥоһуллубут эбит,
Үрүҥ Аар тойон аҕакайбыт
Аһынан туран айбыт эбит;
Бу аан ийэ дойдум
Нарын көмүс чаппарааҕын
Тардыммыт эбит,
Солко долгун суһуоҕун
Тупсарыммыт эбит,
Сиэрэй, солко киистэтин
Киэргэтиммит эбит;
Унаар-манаар олохтоммут эбит,
Уйгу-быйаҥ үктэллэммит эбит,
Кэтит кэһии тэллэхтэммит эбит;
Чөҥөрө чүөмпэ курдук
Дириҥ далай түһүлгэлээх эбит,
Алаас сыһыы- быһаҕаһын caga
Apagac чэчир дэлбиргэлээх эбит;
Көгөччөр биэ көйөлгөтө,
Улаан биэ уйгута,
Маҥан биэ мааныта,
Кыртас биэ кымыһа—
Сэттэ сиринэн сиэллээх
Сири иһит сириэдийбит,
Тоҕус сиринэн ойуулаах
Чороон иһит чуоҕуйбут эбит,
Алта сиринэн тарбах ойуулаах
Ымыйа ыксаласпыт эбит,
Кэрдиис ойуулаах
Кэриэн ымыйа
Кэккэлэспит эбит,
Маҥан биэ быһаҕаһын caga
Айгырастаах симиирдэр баараласпыт эбиттэр;
Сүүнэ хатыҥынан оһуордуу ойуулаах
Күөмэй күндү хамнатардаах үһү,
Ороһулаан төрөөбүт улаан кулун
Уҥуохтуун yfiynflagac кутуругунан
Togyc халлааҥҥа уруйдаан туран
Togyc сиэллээх чороон иһиккэ,
Орулуос кус сымыытын курдук
Арыылаах кымыһы кутан ууран
Togyc халлааҥҥа уруйдаабьптар үһү;
Чопчу бастаахтар манна 4yogycnyrrap эбит,
Оноолоох сонноохтор манна орооспуттар эбит,
Бииллээх сонноохтор манна билсибит эбиттэр,
Саха aftMaga, былыргы дьон былата
Манна төбүрүеннэһэн, төгүллэһэн
Ааһаллар эбит,
Тоҥмут манна иттэр эбит,
Хоргуйбут манна туругуран
Тохтоон аһыыр эбит.
Бу аата эбир хамыйадынан
Эбир ыһыах оҥорбуттар үһү!
Бу кушгэ-дьылга,
Бу бириэмэБЭ, бу чааска бары айыллыбыт
Аан ийэ дойду барыга биир эбит!

К. Г. Оросин суруйуута. «Саха саҥата». 1912, №13.