Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сиэл баайыы
Аан дойду иччитэ,
Эрсэҥниир кэмиҥ буолла,
Онуоха биһиги
Сиэллээх дэлбиргэ ситим баайан
Киэркэйэн көстөөрүбүт
Бу ситиини ыйаан эрэбит.
Ынахсыттан ынах сүөһүнү
биэрбитин
Толугардаах торбуйаҕы
Туораннатар ханнык диэммит,
Сылгыһыт Дьөһөгөй айбыт
Тааҕылаах убаһатын,
Айыыһыт айбыт
Биһиктээх оҕону тумуулаппакка,
Бу эппит тыллары барытын
«Күрүө-хаһаа буол» диэри
Сиэл ыйаан эрэбит.
Эйигиттэн көрдөһөбүн, ааттаһабын,
Өссө даҕаны
Ынахсыт айдара тур,
Сылгыһыт өссө да айдара тур,
Мэҥнээх оҕонон куруук
Бэрдэрэ тур диэммин
Эбэбиттэн көрдөһөбүн!
Сиэл баайыллар саас күөл мууһа суулларыгар —
Аан дойду иччитигэр бэлэх биэрэн.
И.Н.Попов, 72 саастаах, Кэбээйи оройуона
А.А. Саввин 1938 с. суруйбут
ССНК архыыба, 5 ф., 3 уоп., 255 дь
|
|
Перуашева-Арылыкы кинигэтиттэн ылынылынна.