Сомоһоон (Слепцов Анатолий Игнатьевич)
Арай биирдэ Былаадьык, таах сытыахтааҕар харчылаһаары, быыбарга агытаатардаабыт: «Чэ, көх-нэм буолуом. Онно-манна тыл кыбытар инибин», — диэн Сынтаҕар Сэмэни көҕүлүүр бөлөххө тылын биэрбит.
Син суобастаах агытаатар буолан, кэлэ-бара, буолары-буолбаты куолулуу таарыйа, Сынтаҕарын «чорбото» сылдьыбыт. Устунан үлэтигэр ылларан, быыбардара чугаһаан истэҕин аайы, Сынтаҕарыттан сылтаан уолуктаһар да буолан барбыт. Көҕүлүүр бөлөх дьоно Былаадьык хаҥас хараҕа көҕөрбүтүн көрө-көрө, үлэ күөстүү оргуйарын итэҕэйэн, аны уоскутар аакка түспүттэр: «Былаадьык, эн киэһээттэн киэһэ, хараҥаҕа, билэр кырдьаҕастаргын кэ-рийиэҥ этэ. Дьону да куттуоҥ суоҕа этэ, бэйэҥ да тыыннаах хаалыаҥ этэ...»
Ол сүбэни ылынан Былаадьык биирдэ ырааҕынан аймаҕа буолар эмээхсиҥҥэ барбыт. Маайа эмээхсин өр кэмҥэ көстүбэтэх ыалдьыт кэлбититтэн эмиэ да соһуйбут, эмиэ да үөрбүт. Сырдык уокка ыалдьытын сирэйин балай да одуулаһан баран өс киирбэх ыйыппыт: «Хайа, нохоо, бадаҕа эмэһэҕэ тэппиттэрин аһаран биэрбиккин дуу?» Былаадьык мух-мах туттан, тугу этиэн билбэккэ: «Ээ, оннук...» — диэбит. «Сымса да киһини көрөбүн!» — диэн сөҕө-махтайа Маайа чэйин тардыбытынан барбыт.
Былаадьык кэпсэтиини туохтан саҕалыырын билбэккэ: «Маайа, ити тэрээһэҕэр ыйанан турар сомоһоону биирдэ эмэ уларсыаҥ дуо?» — диэбит.
Маайа эмискэ хаһыытаабытынан эргиллэ түспүт: «Ээ?! Туох диэтиҥ?! Хатылаа! Ханна баарый?» Былаадьык соһуйан олоппоһуттан суулла сыспыт: «Сос-со... Сомоһоону диибин... Тэрээһэҕэр ки-киирэр аан кэннигэр ыйанан турар дии!» Эмээхсин сэниэтэ эстибиттии ыараханнык олоппоско олоро түспүт. Ыалдьыта соһуйбутуттан күлбүт, онтон аны ытамньыйан ылбыт. Арыый уоскуйан баран Маайа кэпсээбит:
«Аата чэпчээтэхпин! Былаадьык, эн соһуйума... Былыр, уончалаахпар, аҕам биирдэ миигин соруйда: «Баран Киргиэлэйдээхтэн сомоһоону аҕал», — диэтэ. Мин аҕабыттан сүрдээҕин диэн толлор этим, ол иһин «сомоһоон» диэн тугун билбэтэрбин даҕаны, ыйыппакка эрэ ойдум. Умнубат гына сүүрэн иһэн: «Сомоһоон-сомоһоон-сомоһоон», — диэн xaтылыы истим. Киргиэлэйдээхпэр тиийэн баран, атаҕым хаарын тэбээри ол тылбын умнан кэбистим. Таһырдьа туран тоҥуохпар диэри өйдүү сатаатым да туһа суох. Төннүөх санаа киирэн баран, «баҕар дьиэҕэ киирдэхпинэ өйдүөм» диэн төннүбэтим. Хантан кэлиэ буоллаҕай! Киирэн аан аттыгар саҥата суох турдум. Киргиэлэй кэргэнэ Дьэбдьиэ туохха кэлбиппин туоһулаһа сатаата да мин, тура түһээт, тахсан бардым. Дьиэбэр диэри, тылы умнубут кыһыыбар ытаан-соҥоон, сирэй-харах буолан тиийдим. Аҕабар: «Эн көрдүүр тэрилиҥ Киргиэлэйдээххэ суох үһү», — диэтим. «Но! Иллэрээ күн уларсыбыттара дии!» — диэн соһуйда аҕам. Ытаан оспойбут сирэйбин көрөн улаханнык хаһыспатаҕа. Ийэбэр: «Бу кыыс тугу эрэ түөкүннээтэ», — эрэ диэбитэ.
Киргиэлэйдээх ол тэрили төннөрбүттэрэ дуу, төннөрбөтөхтөрө дуу? Ыйытыахпын аатын билбэппин, аҕабын албыннаабыппыттан кыбыстыым да күүһэ сүрдээх... Аҕам мин отуттаахпар өлбүтэ. Ол тухары кырдьыгы этиэхпин тылым тахсыбатаҕа. Соччо улахан буруй буолбатаҕын да иһин, аныаха диэри санаарҕабыл оҥосто сырыттаҕым үһү... Сомоһоон... Сомоһоон диэн итинник эбит дии... Иллэрээ сыл ыалбар Сүөкүччэҕэ Ньукулай Уус тирии субатын ыраастыыр тэрили оҥорбутун көрөн «Миэхэ эмиэ оҥороор эрэ», — диэн көрдөспүтүм, онтукпун ити быйыл аҕалан биэрбитин тэрээһэбэр ыйаан туруорабын. Дьэ биллэҕим, аны умнубат инибин... Аҕабар тиийдэхпинэ кэлсиэм да бyoллаҕа! Бэйэ эрэ, онтон эн туохха кэллиҥ? Сураҕа агытаатардыы сылдьар үһүгүн дуу?»
Былаадьык саҥата суох, өйө-санаата букатын атын сиргэ сылдьар сирэйдээх-харахтаах олорбут. Маайа агытаатарын санныттан илгиэлээбит: «Нохоо! Тугу кэпсиигин диибин ээ!». «Ээ, туох кэлиэй... Эн миигин соһутаҥнын аны мин туохха кэлбиппин умуннум. Сомоһоону уларсаары гынным ини... Чэ, мин бардым», — диэт ыалдьыт таһырдьа ыстаммыт.
Сарсыҥҥы күнүгэр Былаадьык агытаатарыттан аккаастаммыт: «Туохха агитациялыырбын билбэппин. Хонтоҕоороппут да, Сынтаҕарбыт да туох уратылаахтарый? Ити талар партияларбыт туох атыннаахтарый? Ис хоһоонун билбэкхэ сылдьан дьону албынныахпын баҕарбаппын!» — диэн ааны тыастаахтык сабан тахсыбыт. Уонна, сураҕа, быыбар буолар күнүгэр дьиэтиттэн быкпатаҕа үһү...