Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сордооморууй-аймаамарыый
Билэҕин мин таптыырбын,
Сэрэйэҕин сөбүлүүрбүн,
Эн мин диэки хайыспаккын,
Куота-тэйэ сатыыгын...
Хос ырыата:
Сордооморууй-аймаамарыый
Мин оччугуйкаан сүрэхпин.
Сордооморууй мин дууһабын,
Сыппах быһах курдук аалан.
Ханна да буоллун, сылдьаммын
Өрүү эйиигин саныыбын,
Куттанабын мин олуһун
Эйиэхэ биир тыл этиэхпин.
Хос ырыата:
Сордооморууй-аймаамарыый
Мин оччугуйкаан сүрэхпин.
Сордооморууй мин дууһабын,
Сыппах быһах курдук аалан.
Хас киэһэ аайы саныыбын,
Санааларга ыллараммын:
"Аны атын уолу кытта
Күүлэйдии барыа дуо?" - диэммин.
|
|