Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Суол иччитин алгыһа
Аҕыс хараҕалаах
Арҕаан айан суол,
Тоҕус хараҕалаах
Дорҕоон суол хаан иччитэ
Хатан Суодуйа
Тойон эһэкэбит!
Кытыппыт кымыһа,
Тунуйбут тунаҕа,
Араҕаспыт айхала,
Аспыт үрдэ,
Айылгыбыт бастыҥа
Ахтан-санаан
Аал уотунан айахтаан
Аһатар күммүт буолла!
Тойон эһэкэбит
Аҕыс тоҕойгор айылҕалаар,
Тоҕус тоҕойгор дьоллоор.
Урууй, урууй,
Айхал!
Н.С. Семенова, Амма оройуонун Чыамайыкы нэһилиэгэ, Захаров А.Р.-Куугун оҕонньортон истэрэ үһү
Павлов 1945 с. бэс ыйын 13 күнүгэр суруйбут
ССНК архыыба, 5 ф., 3 уоп.
Перуашева-Арылыкы кинигэтиттэн ылынылынна
|
|