Иһинээҕитигэр көс

Суруйааччыга кэм тыына (Ойуку Ангелина Кузьминаҕа биэрбит интервьюта)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

“Тыл айар муҥа, хомуһуннаах илбиһэ иҥмит киһитэ баар улахан дьарыкка ылларбыт, муҥҥа киирбит киһи... ол да эрээри тыл маастарын үөрэр үөрүүтэ муҥунааҕар элбэх, кинитээҕэр минньигэс” Былатыан Ойуунускай


Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун суруйааччыта, бэйиэтэ, литература кириитигэ, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Павел Николаевич Харитонов-Ойуку Өлүөнэ орто умнаһыгар тарҕаммыт нуучча бааһынайдарын, дьаамсыктар Саха сиригэр кэлэн олохсуйууларын, саха интэлигиэнсийэтин В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, Г.В. Ксенофонтов олохторун, суруйааччы А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй атыыһыт-мэссэнээт С.П. Барашковы кытта доҕордоһуутун, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэрин, сыылынайдар уустук дьылҕаларын туһунан биир ураты күүстээх “Хоболоох суол” историческай арамаанынан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр. Арамааҥҥа хаарыан дьоммут норуот инникитин туһугар олохторун толук ууран туран, тыйыс диктатура утары туруортааһынын хаҕыс тыыныгар киирэн биэрбиттэрэ сонун хараҕынан арыллар, олоххо буолбут кырдьыктаахтык ойууланар. Онон кэнэҕискитин даҕаны саха көҥүл олоххо дьаныһыытын чаҕылхай туоһута буола туруоҕа.

Дора Васильева бу арамааны анааран кинигэ суруйан иһэн, олохтон эмискэ барда. Онно маннык суруйан саҕалаан испит эбит: “Элбэх архыыбы, дьон ахтыыларын, олоҕу мындырдаан көрө сылдьан, ааспыт историческай кэми анааран “Хоболоох суол” диэн арамааны суруйарга Павел Харитонов бэрт улахан соругу туруоруммута. Норуот олоҕун уонна устуоруйатын, ааспыты, кырдьыгы төһө кыалларынан сурукка тиспитэ. Онто түөрт кинигэттэн таҥыллыбыт улахан историческай арамаан буолан кэлин барыбытыгар кэрэхсэннэҕэ...”. Павел Николаевич Харитонов-Ойукуну көрсөн, ирэ-хоро сэһэргэстибит:

- Эн саха чулуу учуонайын Г.В. Ксенофонтов дьылҕатын сыныйан үөрэппит суруйааччы быһыытынан туох санаалааххын?

- Гаврил Васильевич Ксенофонтовы ханнык баҕарар уһулуччулаах дьону үөрэтэр курдук муҥурун булбаккын. Бүгүн арыйан аахтаххына саҥаны аахпыт курдук буолаҕын, сарсыныгар өссө эбии, күнтэн күн аайы арыллан иһэр. Өссө сүрүн үлэлэриттэн ураты атын үлэлэрэ билигин да баттана сыталлар. Ол хаһан тахсара биллибэт. Дойду үрдүнэн араас экэнэмиичэскэй өттүнэн кириисис буолан, харчы суох диэн буолар. Урут эмиэ кыаллыбат этэ. Ити биһиги олохпутугар олус эрэйдиир. Дьиҥинэн, кини аата тиллээтин кытта саба түһэн үлэлээбиппит буоллар, төһөлөөх учуонайдаммыт, суруйааччыламмыт буолуо этибитиий?! Билигин сорох үлэлэрин кыайан аахпат буоллулар. Айаҥҥа сылдьан харандааһынан туох түбэһиэх хаһыат, кумааҕы кырамтата да буоллун бэлиэтэнэн, суруйан иһэр эбит. Сорох тыллары киһи аахпат гына бэйэтин күлүүс тылларынан суруйталыыр эбит. Ону эмиэ үөрэтиллиэхтээх. Оччотооҕуга бобуу диэн сүрдээх кытаанах буоллаҕа дии. Учуонайдар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар эмиэ саҥа арыйыыларын наһаа нэлэччи ууран биэрбэттэр эбит быһыылаах. Ити холобур «Эллэй суруктаах этэ, ол суругун кэлэн иһэн Өлүөнэ турууктарын утары ууга ыыппыт, түһэрбит” диэн буолар. Ону санаан көрдөххө, “суруктар ити турууктарга бааллар” диэн этэн кэбиспит курдук. Кэлин элбэх суруктар көһүннүлэр. Оччотооҕуга кини өссө Сэбиэскэй былаас арыый сымнаһыар, тулуйумтуо эрдэҕинэ санаатын-оноотун суруйан, үлэлээн хаалбыт. Олох кытааппыттарын кэннэ бэйэтин санаатын таайтаран тиэрдэ сатаабыт курдук көрөбүн. Холобур, нуучча улуу бэйиэтин Пушкин “Алтан аттаах” диэн поэматын ырытар ээ. Ити үлүгэрдээх “Урааҥхай сахалар” иккис томугар үлэлээри баттата сылдьан, 1937 с. Москуба анныгар Дмитров куоракка тиийиэн аҕай иннинэ Иркутскай суруйааччыларыгар «Өрөбөлүүссүйэ алтан ата» диэн эмиэ ааттаан ааҕан биэрэр. “Пушкин ханнык баҕарар айымньытын ааҕарга бэйиэт көннөрү суруйбутун курдук ааҕымыахха наада, бэйэтэ күлүүс тыллардаах” диэн этэр. Символларынан суруйууну баһылаабытын, онон сирэйинэн эппэтэҕин, тыл араас дэгэтин биллэххэ, кистэлэҥин чопчу арыйарын чаҕылхайдык быһаарар. Сыыһа ырыталларын, бэл, Белинскэй кытта манна алҕаһаабыт диэн таайтарыылаахтык бэлиэтиир. Өскөтүн ол кэрчиги (Пушкин айымньыларын алдьархайдык цензуралыыр, быһан ылар этилэр) ылбатахтара буоллар, “Белинскэй итинник суруйуо суоҕа этэ” диир. Кырдьык, ол кэрчиктэри кэлиҥҥи таһаарыыларыга киллэрэн биэртэр эбит. Онон оччотооҕуга уһулуччулаах литературоведтар, кириитиктэр баалларын үлтү охсон кэбиһэр. Онно кини историк, бэлиитик, экэнэмиис, этнолог, юрист да курдук көрөр. Кини поэмата – баһа атах буолар, атаҕа бас буолар диэн түмүккэ кэлэр, тэҥнэбил бөҕөтүн аҕалар. Марксизм бу суолунан бардаҕына хобдох дьылҕаланар диэн Сэбиэскэй былааһы хаарыйар. Ол чахчы оннук да буолбута.

- Дьылҕата хайдах эргиллиэҕин сэрэйэн билэ сырыттаҕа...

- Дьиҥнээх науканы тутуһар киһи эбит. Диалектическай хамсааһыны, философияны, этнос сайдыытын, кэхтиитин, түмүгүн барытын, бэйэтин эрэ кэминэн кээмэйдээбэккэ, инникитин хайдах сайдыахтааҕын көрөн олорор буоллаҕа дии. Онтон хайдах да, туох да манньаҕа туоруур кыаҕа суоҕа. Сахалар түҥ былыргы устуоруйулаах эбиппит диэн санаатын ыһыктыбатаҕа. Ону ханнык эрэ инородец сахалар нуучча норуотунааҕар дириҥ устуоруйалаах буолуохтарын билиммэккэлэр, биир үксүн, сөбүлээбэккэлэр омугумсуйууга буруйдаабыттара. Улуу ученай онуоха сахалар историяларын, культураларын, итэҕэллэрин, тылларын бары өттүттэн ылан, тэҥнээн көрөн дакаастыыра бэрт буолан бэйэтигэр эрэнэрэ. Кини хара өлүөр диэри наука кырдьыгын тутуһан, итэҕэйэн туран, харыс даҕаны халбаҥнаабакка, үлүһүйэн туран үлэлээбитэ. Ону хомуньуусум идеологията аахсыбат буоллаҕа. Аҕата Василий Никифорович “Сталин былааһа уһуннук барыа суоҕа, кини өллөҕүнэ уолаттарым ааттара тиллиэҕэ” диир эбит. Онон Гаврил Васильевич бэйэтин олоҕо хайдах түмүктэнэрин сэрэйбит, норуот өстөөҕө оҥоруохтара диэн билбит буолуохтаах. Ону баара атын өттүттэн илиититтэн-атаҕыттан баалла сылдьара... Сэбиэскэй былаас бастакы хардыыларыттан, улуус кулубата аҕалаах дьиэ кэргэн уолаттарын реакционнай көрүүлэрдээх, буржуазнай идеологтарынан буруйдааһыны саҕалаабыттара. 1927 с. бииргэ төрөөбүт инитэ П.В.Ксенофонтов саха сирин конфедералистарын хамсааһыннарын саҕалаан, хомуньуустар былаастарын утаран бастаанньа оҥорбута. Репрессия хааннаах илиитэ хаһан эрэ харбыахтааҕын экчи билэ сылдьар, эбиитигэр юрист үөрэхтээх Гаврил Силипиэнтэп, бэйэтин харыстаммакка харса суох үлэлээбит эбит.

Биһиги тылбыт барбытынан үөрэнэн хаалан, “Сэбиэскэй былааһы утарааччы” диибит. Дьиҥинэн, Байбал Силиппиэнтэп былааһы аҥардастыы илиитигэр харбаабыт хомуньуус баартыйа салалтатын утары барар. Ньүдьү-балай былаас соҕотохтуу айбардаан олорорун. Бэйэтин бырагырааматыгар – “биһиги Сэбиэскэй былааһы утарбаппыт, ол гынан баран хомуньуус баартыйа былааһы былдьаан ылла, атын ким да санаатын истиэн баҕарбат. Дьиҥинэн, бу былааска элбэх баартыйа үлэлиэхтээх” диэн этэр ээ. Ону барытын туора соппуттарын, сыыһа суолунан барбыттарын дьүүллүүр. Онуоха “бандьыыт” аатырар. 60 сыл ааспытын кэннэ Байбал Силиппиэнтэп эппитэ олоххо киирбитэ.

Хабырыыс Силиппиэнтэп Ойуунускайдыын сыһыана олус үчүгэй этэ. Оттон хомуньуус Ойуунускай, Байбал Силиппиэнтэп хамсааһынын кэнниттэн, сыһыана тосту-туора утары буолуохтаах этэ буоллаҕа. Ону кини инньэ гыммат. Истипиэндийэ да биэрэр, кинигэлэрэ да тахсалларыгар көмөлөһөр. Платон Алексеевич олоҥхоҕо, ученай Силиппиэнтэп курдук, күүскэ ылсан үлэлээбитэ, хайа баҕарар норуот үүнэн – сайдан тахсарыгар бастакы үктэлэ олоҥхо буоларын этэрэ. Ксенофонтовка эмиэ “саха норуотун туох баар мындыра, култуурата олоҥхоҕо түмүллэр” диирэ. Саха норуотун икки улуу киһитин өйдөрө – санаалара, күннээҕи кыһалҕалара, кэлэр кэскиллэрин кэпсээнэ итинник дьүөрэ этэ.. - Сахалар төрдүлэрин туһунан санааҥ?

- Сахалар төрдүлэрин, хантан кэлбиттэрин эппит кэнсиэпсийэтэ уларыйбакка сылдьар. Байкал кырыытыттан сахалар, Маньчжурия диэкиттэн тоҥустар кэлбиттэрин ыйар. Бу сыҕарыйыы хаһан саҕаламмытын кытта этэр. «Великое переселение народов» диэн биһиги эрабыт I үйэтигэр буолбута дии. Ол кэмҥэ бастаан табалаах тоҥустар кэлэллэр, кинилэр сахалыы тыллаахтар диэн этэр. Ол аата уруулуу тыллаахтарыгар түмүк оҥорор. Пазырык Кургаҥҥа хаһыы бөҕөнү хаһаллар буолбат дуо. Онно үксэ көмүс оҥоһуулаах табалар көстөллөр, таба таҥаралаахтар. Иккис балаһанан хоролор кэлэллэр. Бэйэлэрэ туспа “хоролуу” тыллаахтар буолан баран, эмиэ саха тылын билэллэр. Ол кэлэллэригэр ынах сүөһүнү аҕалаллар. Ити икки уустар Бүлүүгэ түспүттэрин суруйар. Ону хаһан түспүттэрин өйдүөххэ наада. Табалаахтар I-VI үйэҕэ уһун кэмҥэ, VII-IX үйэҕэ диэри сүөһүлээхтэр, XI-XII үйэҕэ диэри дьиҥ сахалар – хаҥаластар кэлэллэр. Бэйэлэрэ тыллаахтар, судаарыстыбаннастаахтар ол кэлэн өрүс аттыгар Сыр Дарья, Ангара эҥин диэки олорбут буолан, кэлин хочолоох сири сөбүлээн Эркээнинэн, Туймааданан, Эҥсиэлинэн тарҕаммыттар. Уратылара диэн аттаахтар. Ат үрдүгэр олорон атыттары дьаһайа сылдьар – дарханнар. Биһиги историктарбыт археологтар этиилэринэн барбыттара. Онон археология матырыйаала хайдах көстүбүтүнэн, нуучча кэлиэн эрэ иннинэ XIV-XV үйэлэргэ сахалар кэлбиттэрэ диэҥҥэ тиийэ суруйаллар. Билигин утаран-утаран баран Кенофонтов эппитигэр тиийэн кэллилэр. X-XI үйэҕэ олорбут, туттубут малларын буллулар. Ол эрээри араас чинчийии баар, билигин да чуолкай түмүк тахса илик. - Дьаамсыктарга “История труда и быта приленских ямщиков” диэн музей тэрийбитиҥ. «Хоболоох суолу» суруйаргар хайдах киирэн үлэлээбиккиний?

- Үчүгэй баҕайытык ыйыттыҥ. Мин маҥнай литератураҕа бэйиэт быһыытынан кииртим ээ. 50 сааспар уларыта тутуу баттаспыта. Хайдах эрэ хомуньуустар идеологиялара, баһылыыр-көһүлүүр оруоллара эҥин мөлтөөбүтэ көстөр этэ. Онон, арааһа, үтүө кэмнэр кэлэн эрэллэр диэн сэрэйэрим. Суруйуохтаах айымнньым персонажтарын, сүрүн геройдарын эрдэттэн ааҕаммын, сорохторун музейга сылдьааччыларга кэпсии сылдьар буоллаҕым дии. Хабырыылы, Байбалы, ити дьиэ кэргэн барҕарыытын уонна эстиитин, норуот өстөөхтөрө буолбут саха чулуу интеллигеннэрэ, үөрэхтээхтэрэ, бэл, оннооҕор сэбиэскэй былаас иһин охсуспут, гражданскай сэрии геройдара, көннөрү үлэһит дьоннор тоҕо норуот өстөөхтөрө ааттаммыттара, ытыллыбыттара, сыылкаламмыттара, репрессияламмыттара миигин эрдэттэн долгутара. Мин оскуолаҕа кинилэр “норуот өстөөхтөрө”, “троцкистар кутуруксуттара” ааттанар кэмнэригэр үөрэммитим. Ол кэмҥэ кинилэр үтүө ааттара ааттаммат, айымньылара тарҕатыллыбат, туруоруллубат кэмнэригэр үөрэммитим. Кинилэр тустарынан кэлин реабилитацияламмыттарын эрэ кэнниттэн, сорохторун ааттарын 90-с сыллартан саҕалаан ааҕан барбытым.Устуоруйа дьиҥ ис хоһооно уонна нөоруот олоҕо, ааспыт уонна билиҥҥи кэм, иннибитигэр туох кэтэһэн турарын өйдүү сатыырым. Мин поэт эрэ быһыытынан биллэрим. Баҕа санаам поэмаҕа да баппат кэми көрдөрүөхтээҕэ. Онон арамаан буолуохтакаҕа. Бэйэм проза көрүҥэр биир да үлэм суоҕа. Арамаан хайдах майгылаахтык суруллуохтааҕын сабаҕалаан даҕаны, үөрэтэн, ааҕан даҕаны билэрим. Арамааҥҥа суруллар үйэлэр алтыһыылара, төһө даҕаны мин кэмим буолбатаҕын иһин, геройдарым олохторунан олорбут, хоболоох суол устун кинилэрдиин айаннаабыт, ыччаттарыныын бииргэ үөрэммит, доҕордоспут, сорохторунуун аймахтаспыт курдукпун. Мин эрэ буолуо дуо, сахалар бука бары. Бу суол барыбыт хорук тымыра буоллаҕа дии. Суруйааччы төрдүттэн билбэт тиэмэтин суруйарын саарбахтыыбын. Норуот бастыҥтан бастыҥ уолаттара бэйэлэрин кэмнэрин куоһарбыт ааттара ааттанар кэмэ кэлбитэ. Кырдьык уонна көҥүл туһугар охтубуттары аны үөхтэрэр, үрдүлэриттэн тэбистэрэ сылдьар кэм ааспыта. Ити барыта “Хоболоох суол” арамааммын суруйууга тиэрдибитэ. Норуот өйө-санаата хайдах сайдарый, ханнык кэмнэргэ уларыйарый, улугурарый, онно сыһыаным хайдаҕый диэнинэн салайтарбытым. Өйдөөбүтүм – аан бастаан, норуот өйүн-санаатын төрдүттэн уларытыы, бэйэ-бэйэни утарыта туруортааһын, ол кэнниттэн таптаабыттарын хоту салайыы, норуот баҕарар баҕатын аҥардастыы эрэннэрии айдаана буолар эбит.

Бастаан Лена орто умнаһын дьаамсыктарын историяларын, үлэлэрин уонна олохторун көрдөрөр музей тэрээһиниттэн саҕалаабытым. Сахалары кытта хайдах олорбуттарын, сыһыаннарын, бастаан кэлэллэригэр хайдаҕын арыйыыттан. Дьаамсыктар бэйэлэрэ даҕаны киһи аһыныах курдук олохтоох дьон этилэр. Дьадаҥылара, бүтэҥилэрэ бэрдэ, “биһигиттэн биир да үөрэхтээх тоҕо тахсыбатый” диэн сахаларга ымсыырар, муҥатыйар буолаллара. Өрөбөлүүссүйэ буолуон иннинэ сахалартан улахан тутулуктаахтар эбит. Сир көрдөөн ылаллар, сахалар аһыныгас буоланнар бастаан көҥүл өттүнэн биэртэлээбиттэр. Оттон дьаамсыгыҥ оҕото-уруута элбээн иһэрэ... Ол да буоллар, хайдах эрэ үллэстэн эйэ дэмнээхтик олороллоро. Дьаам дьоно “Соҕотохтуу быстан олордохпутуна өлүүһүбүт, сахалар үтүө дьоннор эбит” диэннэр саха уолаттарыгар кыргыттарын кэргэн биэрэллэрэ, сахалары кэргэн ылаллара. Ол иһин бары сахалыы тылланаллар. Биир дьаам ыала тоҕус оҕолооҕуттан аҕыс кыыһын сахаларга кэргэн биэртэлээбит. Көннөрү сахаларга буолбакка, үөрэхтээх өттүлэригэр биэрэр эбит.

Онтон дьэ Сэбиэскэй былаас буолар. Дьаамсыктарга туох баар сир үчүгэйин, баай, атыыһыт сахалар сирдэрин былдьаан, түҥэтэн биэрэллэр, эбии көлүүр аттарынан, тэриллэринэн туохха наадыйалларынан хааччыйаллар. Онон кылаассабай сыһыан эмиэ көстөн ааһар. Биир өттүттэн үөрэллэр, «быыһыы кэллилэр” диэн саныыллар. Хомуньуус эҥин буоланнар утарыта турсуу барар. Сорохторо үрүҥнэргэ кыттыһаллар. Олор олох аҕыйахтара. Итинник. Сэбиэскэй былаас барыларын тэҥнээн кэбиһэр. Сэттэ уон сыл буолан баран, аны уларыта тутуу буолар. Дьаамнарга болҕомто эмиэ улаатар. Ону ааҕааччы өйдүүрэ дуу...

Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни баайдыын, дьадаҥылыын, үөрэхтээхтиин үөрэҕэ суохтуун, омугуттан тутулуга суох бары уруйдаан көрсүбүттэрэ. Ыраахтааҕылаах нуучча батталыттан букатыннаахтык босхолонуу суола арылынна диэннэр. Күлүмнүүр, Широких, Ксенофонтов, Новгородов эҥин да буоллун, бука бары үөрэхтээх дьон уруйдаан-айхалаан көрсөллөр. Тэҥ буолар кэммит кэллэ, буржуазнай-демократическай өрөбөлүүссүйэ буолла, мантан инньэ, биһиэхэ, бэйэлэрин оҕолорун курдук сыһыаннаһыахтара, үөрэх тэнийиэ эҥин диэх курдук саныыллар. Оттон Г.В. Ксенофонтов учредительнай мунньах дьокутаата, Сибиир уобаластааҕы бырабыыталыстыбатын чилиэнэ буолбута. Онно сылдьан саҥа былааһы уруйдаабыт-айхаллаабыт дьоннор бэйэлэрэ эмиэ урукку ыраахтааҕы норуотугар сыһыаныттан бэйэлэрэ эмиэ уларыйбатахтарын өйдүүр уонна саҥа былааска үлэлииртэн аккаастанабын диэн, сиэмистибэ бэрэссэдээтэлигэр Күлүмнүүргэ эппитин итэҕэйбэт. Олоҕун тиһэх сылларыгар саҥа былаас туохха тиэрдибитин өйдүүр. Онон “Хоболоох суол”диэн түөрт кинигэлээх айымньыбын бу күүстээх охсуһуу да кэннэ, син биир туох да уларыйбатах диэн санаалаах түмүктээбитим. Суруйааччы кырдьыгы суруйа сатыахтаах. Онуоха бэйэтэ таласпат, турууласпат буоллаҕына, “тоҕо үлэлиигин” диэн ыйытыы туруон сөп. Ким төһө кыайарынан ол туһун ситиһэ сатыахтаах, оттон ол соругун кыайбыта- кыайбатаҕа – бэйэтэ туспа суол.

- Кэлин “Олох модьоҕото” диэн сэһэн суруйбутуҥ.

- Онно оҕо сааспын, оскуолатааҕы кэмнэрбин, онуһу бүтэрэн баран холкуоска хайдах үлэлээбиппитин суруйбутум. Бу кинигэм автобиографичнай. Үс кэрчик сэһэнтэн аттарыллан суруллубута. Бастакы сэһэн оҕо саас кэмэ, иккис сэһэн оскуола бастакы кылааһыттан тохсуска диэри, үһүс сэһэн – онус кылаас тула. Бу кэм - оскуола оҕотун өйүн-санаатын үөскээһинэ, төрүттэниитэ көстөр. Кинигэм киирии тылыгар суруйбутум курдук, “мин оскуолаҕа үөрэммит сылларбар хайҕана сылдьыбыппын буолбакка, мөҕүллүбүппүн-этиллибиппин, буруйдаммыппын, тугу кыайбатахпын эрэ суруйуом” диэн санааны тутуспутум. Ону ааҕан сорохтор бу мөлтөх да баҕайы киһи эбит диэхтэрэ эбитэ буолуо. Оскуолаҕа биир мөкү суол баар – үчүгэйдик үөрэнэр оҕону кэлтэгэйдии наар төбөтүттэн имэрийэ сылдьыы. Ортотук үөрэнэр оҕону умнуу, оттон соһуллуулаах үөрэнээччигэ хаҕыс сыһыан, кэнэйдээһин, устунан, олох даҕаны, киһи быһыытынан эһии ... Биһиги кэммитигэр иккис-үһүс сылын халларыы, оскуолаттан устуу диэн баар этэ. Түөрдүнэн-биэһинэн үөрэнэр оҕолор таах көҥүл босхо сылдьаллар. Оттон мин ортонон үөрэнэбин гынан баран, уопсастыбаннай үлэм элбэҕэ бэрдэ: истиэнэ хаһыатын таһаарааччы, литературнай куруһуок уонна эдэр туристар альбомнарын киэргэтии, уус уран самодеятельноска кытыннарыы, онно барытыгар кытыннараллар, биллэ-көстө сатаабатым үрдүнэн соруйаллар. Онон санаам оонньооһунун барытын суруйтум. Оҕо эрдэхпиттэн тугу дьиктиргии көрбүппүн наһаа болҕойор үгэстээҕим. Ону доҕотторум “эн дьикти баҕайы этиҥ. Биһиги мээнэ сылдьар кэммитигэр, туой оту-маһы одуулаһан тахсарыҥ” диэн этэллэр. Таптыырым оннук буоллаҕа. Мас хайдах лабаалааҕын, тоҕо, хайа диэки токуруйбутун, үчүгэй сибэкки көстүүтүн, суолу хаар хайдах ойуулаан типпитин одуулаһар этим. Бука, айылҕаттан буолуо. Барыбытыгар да оннук дьоҕур баар эбит. Улахан убайым, онтон ортом, кыра иним эмиэ суруйан иһэн бырахпыттар. Абаҕабыт уола Чукураһа Ньукулай диэн математика учуутала киһи баар этэ. Кини айымньыларын мунньан «Күөмчүлэммит көлүөнэ ырыаһыта» ааттаан хоһооннорун хомуйан кинигэ таһаартым. Оччотооҕуга эрдэ төрөөбүт талааннаах дьоннор бары арыгыһыт буолан хаалаллара. Онтон олус хомойобун.

- Оҕолорго айымньыларыҥ туһунан...

- Суруйааччы оҕолорго киирдэҕинэ оҕо курдук буолар түгэннэрдээх. Кырачааннар саҥараллара, ону-маны тэҥнииллэрэ бу үчүгэйиэн. Үстээх-түөртээх оҕо сыаптаах тыраахтары кытары көлүөһэлээх тыраактар баран иһэллэрин көрөн «Ити оҕото ийэтин батыһан иһэр» диэбитэ ураты дьиктитик иһиллэр буолбат дуо?. Ити курдук. Оҕолорго “Бэлэх”, “Хачыал”, “Бурҕаллай” хоһоонунан кинигэлэри суруйбутум. Халлаантан харбаан тугу да суруйбаппын. Оҕо бэйэтэ туох диэбитин, тугу саҥарбытын, сиргэ, халлааҥҥа хайдах көстүү буолан ааспытын өйдөөн хаалар үгэстээҕим. Ол барыта тугу билбиккэр, хомойбуккар, үөрбүккэр сыһыаннаах буоллаҕа. Оҕо суруйааччыта бэйэтэ эмиэ оҕо курдук буолуохтаах. Мин мэлдьи дьиктиттэн соһуйабын ээ. Бу эттэхтэрэ үчүгэйин эбэтэр сүөргүтүн диэх курдук. Ол аайы санааҥ араастаан оонньуу сылдьар... - Суруйааччы ньыматыгар тугу этиэххин сөбүй?

- Ардыгар суруйааччы диэн кимин бэйэм да билбэт курдукпун дии. Тоҕо суруйабыный диэн арыт санаан ылааччыбын. Дьон сынньаналлар, күүлэйдииллэр, харчы өлөрөллөр... Мин буоллаҕына, сиэбим кураанах сылдьаммын суруйабын. Бу акаары акаары быһыы буолбатах дуо? Аны туран суруйбатахпына, эмиэ адьаһын сатаммат курдук. Быһыыта, балта уонна кыстык, сымыйа уонна кырдьык, сырдык уонна хараҥа икки ардыгар сылдьардыы сананарыҥ баар буолааччы. Суруйааччы онтон быыһанар, кыайыылаах тахсар мөккүөрүгэр сылдьар киһи быһыылаах. Хас суруйааччы баар да, оччо ньыма баар. Хайа баҕар суруйааччыны чинчийээччилэр даҕаны, ааҕааччылар даҕаны ол ньыматынан ааҕа билэллэр. Аан маҥнай хоһоон суруйуум маннык этэ. Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына Саҥа дьыл бырааһынньыгар харыйа киэргэтиитэ буолара. Оччотооҕуга барытын бэйэбит илиибитинэн оҥорон киэргэтэрбит. Онно пионер баһаатайбыт биһиэхэ, – Сорохтор уруһуйдуоххутун, Саҥа дьыл туһунан хоһоон да суруйуоххутун сөп, – диэбитэ. Итинник эппитэ миэхэ минньигэс баҕайытык киирбитэ. “Хоһоон да суруйуохха сөп эбит ээ” диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Дьиэбэр баран суруйдум. Хоһоонум кэпсээн курдук тахсыбытын бэйэм да өйдөөтүм, кимиэхэ да көрдөрбөтүм. Онтон ыла кистээн суруйа сылдьар буолбутум. Сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына Мотрена Васильевна Зырянова диэн саҥа үөрэҕин бүтэрбит саха тылын учуутала хас да куруһуогу тэрийдэ: туристическай, литературнай уонна чуучала оҥорооччулар гиэннэрин. Аны туран гимнастическай уонна тустуу секцияларыгар суруттардым. Оҕо-оҕо курдук буоллаҕым. Сотору биир-биир быраҕыталаатым. Туристическайым уонна литературнайым эрэ хаалла. Оройуон уонна республика эдэр туристарын күрэхтэһиилэригэр кыайаммыт ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьаммын: Дьокуускай – Улан-Удэ – Байкал, тохсус кылааска Дьокуускай – Москва – Ульяновскай маршруттарынан күрэххэ сылдьыбытым. Ханна сылдьыбыппытын, тугу билбиппитин-көрбүппүтүн барытын дневникпэр суруйан иһэрим. Аҕам итинтэн наһаа үөрэр этэ. Бэйэтэ урут истибит норуот ырыаларын, сүтэн-оһон хаалыахтара диэн, ыллаан биэрэн суруттарар этэ. Аны санаатахха, сүрдээх хамсааһын эбит ээ, атын сирдэри көрөн, киһи өйө-саната кэҥээн, туһалаабыта элбэх буолуо. Ити куруһуоктартан саҕалаан хоһооҥҥо ылсыбытым. “Мин эһиэхэ тугу үөрэтиэхпиний, суруккут бэлиэтин эрэ көннөрөр этим” диэн күлэр этэ учууталым. Аармыйаҕа да, холкуоска да үлэлии сылдьан мэлдьи суруйарым. Олус бытааннык, бэйэм испиттэн буһан, үксүн үөрэнэн тахсыбыппын. Бастакы “Хаар кыыс” диэн кинигэбэр Улахан Ааҥҥа үчүгэй баҕайы мыраан баарын бииргэ үөрэнэр доҕорум кэпсээбитэ. Ону:

Былыр манна таҥара уола
Түһэн кылыйбыт сурахтаах.
Онтон ыла кини суола
Үйэлэргэ хаалбыттаах.
Ол уолу түһэрбит мыраан
Билигин даҕаны сыгынньах
Кыыс түөһүн кэрэтинии
Утары көрөн турар.
Мыраан сырдыы чуҥкуйар,
Таҥара уолун кэтэһэн.
Өрүс уҥуортан ыҥырар,
Ой дуораанын түһэрэн.

Уруһуйдуур эҥин буоламмын итинник уобарастар бэйэлэрэ көстөн, киирэн кэлэллэр.

- “Маны ким ааҕыай” диэх курдук саныыгын дуу?

- Мин эрдэтээҕи көлүөнэ киһитэ буоламмын, уһулуччу талааннаах, ураты төлкөлөөх элбэх поэттары билэбин. Ол суруйааччылар айбыттарын кэнниттэн атыттарга туох да хаалбатаҕын кэриэтэ. Гражданскай даҕаны, лирическай даҕаны, романтическай даҕаны хоһооннору оннук ыпсаҕайдык, ылбаҕайдык ыпсаран, уобарастаан суруйаллара. Ол кинилэр оччотооҕу кэм туоһулара буоланнар, бэйэлэригэр даҕаны, сарсыҥҥы күннэригэр даҕаны бэриниилээхтэрэ, итэҕэллээхтэрэ, кинилэри итинник үрдүк тыыннаах, өлбөт, сүтэн хаалбат айымнньылары суруйалларыгар күүс, тирэх биэрэрэ. Оччотооҕу ааҕааччылар ол иһин Эллэй, Уурастыырап, Леонид Попов, Семен Данилов, Моисей Ефимов, Баал Хабырыыс, Тобуруокап, Иван Гоголев хоһооннорун таптаан ааҕаллара даҕаны, ыллыыллара даҕаны.

Суруйа олорон аһыыргын кытары умнан кэбиһэҕин. Дьиэтээҕи дьоҥҥор төрүт да болҕомто уурбакка хаалаҕын. Ону кытта эйэлэһэргэр эрэ тиийэҕин. Суруйааччыга мэлдьи бириэмэтэ хаппат. Мин таах күнү бараан сылдьарым диэн суох, суруйбатахпына уһанабын. Айымньым тахсыбытын кэннэ маны суруйбакка хаалбыппын эҥин диэн санаабаппын. Анаан, бүттүүн бэринэн туран суруйдаҕыҥ дии.. - Өссө да тугу эрэ суруйа иликпин диэн санаа киирээччи дуо?

- Оннук санаа киирэр. Арай сааһырбыта ырааппыт суруйааччы ону өрүскэлэһэн туран кэпсиирэ ааҕааччытын итэҕэтиэ суоҕа. Суруйааччы даҕаны ааҕааччытын эдэрчи сааһыгар сылдьан эрэннэриэн сөп. Мин «Хоболоох суол» улахан арамааны бачча кыра, күүһэ-уоҕа суох киһи, ардыгар, “чахчы мин суруйтум дуо” диэн санаа киирээччи ээ. Итиччэни барытынө суруйарга олоруоххун наада дии, ол 15-20 сылым хайдах ааспытын билбэтэхпин. Бука эдэрим буолуо. Мин дьолум диэн музей үлэһитэбин. Сүрдээх улахан архыып, ити дьон дьылҕаларын, устуоруйаларын үөрэтэргэ туох наадалааҕым барыта баара. Аны туран, уларыта тутуу буолан, харса суох үлэлиир, айар тыын киирбитэ.. Оччотооҕута арыллыбыт архыып саҥа матырыйаалларынан тахсыталыыр кинигэлэр, хаһыаттар, сурунааллар , ыстатыйалар, ахтыылар илиим иһинэн ааһаллара.. 45 сааспар арамааным бастакы икки кинигэтин харатын бүтэрбитим. Онно эрэй бөҕөнү көрбүтүм: устуоруйа чахчыларын чопчулуурга, былыргы тыллар быһаарыллыыларын, таҥара күннэрин, сахалар итэҕэллэрин суолталарын буларга элбэх сырам барбыта.. Ол тухары ойдом сылдьан суруйабын, үөрэнэбин. Ол туһунан чугас доҕотторум да билбэтэхтэрэ. Онтон үөрэбин. Эрдэ кэпсээн, сүөккээн кэбиспитим буоллар, кыайан суруйуом суоҕа этэ. Билигин даҕаны норуот кэпсээнигэр, үһүйээннэригэр тэҥнээн, олоҕуран, буолан ааспыт историческай суолталаах ахтыыны суруйуох баар этэ. Ол гынан баран, Айааччы Айыы Таҥара төһөнү биэрбитинэн буоллаҕа...

- Историческай арамааны суруйаргар оччотооҕуну билэр дьону көрсөн кэпсэппит буолуохтааххын?

- Оннук суол баар буоллаҕа дии. Холобур, мин ити Ксенофонтовтары суруйарбар ханна даҕаны урут кэпсэммэтэҕи суруйбутум. Кини биир дойдулааҕыттан уруккута холкуос бэрэссэдээтэлэ Кузьмин Николай Даниловичтан, 84 саастаах оҕонньортон, кэпсэттэрбитим. Кэпсээнньит баҕайы киһиэхэ түбэспитим. Барытын саас сааһынан үчүгэй баҕайытык кэпсээбитэ. Онно мин өйдөөбүтүм – бииргэ төрөөбүттэр бары тус-туһунан майгылаахтар эбит. Хабырыыс оҕо эрдэҕиттэн учуонай буолуоҕа тардан, фольклорга сыстан, ырыаны-тойугу суруйан барбыт. Байбал ыччаты түмэр, тэрийэр дьоҕурдаах эбит. Оччоттон бэлиитик. Мөккүһэн баран иннин туох да иһин биэрбэт эбит. Константин учуутал, сытыары-сымнаҕас, учуутал-учуутал курдук оскуола туттарыан, үөрэх сайдыан баҕарар эбит. Уйбаан, Аркадий уонна Ылдьаа өссө кыралар. Кыргыттар эмиэ оннук тус-туспа майгылаахтар: улахан кыыс – кытаанах, орто кыыс – сымнаҕас, кыралара – хабытайдаммыт тыллаах. Дьиэлэрин-уоттарын оҕонньор буолбакка ийэлэрэ дьаһайар этэ диирэ. Аҕалара кинээс, кулуба да буолан баран холку, наҕыл баҕайы киһи эбит. Сөбүлээбэтэҕинэ эҥин наай гыннар “ээ, лешайдары баран” диэн тыллааҕа үһү. Ийэлэрэ Кэтириинэ туох баар атыыны-эргиэни, түһээни, ындыы көтөҕөөччүлэри, таһаҕас таһааччылары, дьиэ үлэһиттэрин кытары бэйэтэ кэпсэтэр. Кини тылын бары биир тыла суох ылыналлар эбит. Ол аата дьаһаллаах буоллаҕа. Екатерина Максимовна удьуор уус кулубалар, кинээстэр сиэннэрэ. Оттон аҕаларын Василий Никифорович төрүттэрэ бука бары суор-тураах курдук хос ааттаах дьадаҥы дьон эбиттэр. Арыый өндөйбүттэрэ эһэлэрэ, онтон аҕалара кыаҕыран туран кэлбиттэр. Үйэтэ да сөп түбэстэҕэ – Саха сиригэр хапыталыысым киириитэ, Өлүөхүмэ, Витим, Бодойбо үрэхтэринэн көмүс арыллыыта. Сахалар онно тиийэннэр эргинэн байаллар.

90 саастаах ытык кырдьаҕас Гордеев Николай Данилович диэн оҕонньор эмиэ дьаамсыктар туһунан элбэҕи кэпсээбитэ. Кини бэйэтэ дьаамҥа үөскээтэҕэ дии. Мин бэйэм да дьаам оҕолорун кытта үөрэннэҕим. Тыллара, итэҕэллэрэ кытары булкуллубут буолан баран, киһи аһыныан аһынар дьонноро. Гончаров «төрөөбүттэринэн нууччалар, омуктарынан сахалар” диэн дэлэҕэ этиэ дуо. Ол курдук. - Бааһынайдыы саҥарар эйгэлээх сиргэ-уокка үөскээбит киһи диэтэххэ, суруйааччы буолан тахсыбытыҥ элбэҕи этэр. - Уларыта тутуу буолбутун уонна саха салаатыгар киирбиппин кэннэ санаам тосту уларыйбыта. Киһини “сээн” дииллэрэ үчүгэйгэ тардар. Аан бастаан Намнааҕы педучидища художественнай салаатын бүтэрэн баран аармыйаҕа баран, холкуоска үлэлээн, онтон хачыгаардыы сылдьан, үөрэҕи умна быһыытыйан баран, университекка маҥнай кыайан киирбэккэ Намҥа барбытым. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр олоҥхо, тойук кэллэҕинэ араадьыйаны сабар кэмнэрдээҕим. Аҕам хараҕа суох оҕонньор туох да сүрдээҕин сэргиир, күнэй-ыйа араадьыйа сонунуттан тахсар буолара. Онтон мин, хата, университекка саха тылыгар үөрэнэн өрүһүммүппүн.

Ороһуунускайдаах, Варвара Потапова үөрэххэ киирэр кэмнэригэр туттарса сылдьыбытым. Мин суругунан “4” сыанаҕа суруйан баран, этии ырытыытын олох билбэт эбиппин. Толоруу, сиһилии, быһаарыы диэни арааран билбэт этим, аны “саҥа чааһынан ырыт” диэтилэр. Туохтуурбут эчи элбэҕин... «Чэ, ылбатахтара да сөп” диэн сананным, хомойботум. Билиҥҥим эбитэ буоллар - “Холкуоска үлэлээбитим, үөрэххэ киирэр дуогабардаах этибит” диэн туруорсар эҥин суох. Биһиги үлэлии тахсарбытыгар оннук дуогабар баара. Экзамеммытын тутааччы Николай Тобуруокап Обкомҥа үлэлиирэ. Эксээмэҥҥэ кэлэн тимири ыйыстан баран олороро. Кытаанах баҕайы киһи этэ, быһыыта. Иккис тутааччы Г.Г. Окороков кини туох диирин кэтэһэр быһылааҕа...

Намҥа таҕыстым. “Даадар уоттара” диэн литературнай түмсүү баара. Онно Клавдия Петровна Яковлева үөрэппитэ. Николай Курилов, Петр Тимофеев ол түмсүүгэ сылдьыбыттара. Үөрэхпин бүтэрэн Покровскайга учууталлаатым. Оҕолорум черченияҕа оройуоннааҕы күрэхтэһиитигэр иккис миэстэ буоллулар. Үчүгэй көрдөрүү диэн буолла. Икки сыл буолан баран оскуолаттан атахпынан куоттум – уруһуй, үлэ учууталлара оскуолаҕа хамначчыт буолаллар эбит. «Итини гын, маны оҥор” диэн, директорыттан учууталларыгар тиийэ бары миигин соруйаллар. Хас бырааһынньык аайы былакаат суруйуута, өрөмүөн, кылаастар ааттарын, үөрэнээччилэр режимнэрин, бэрээдэктэрин суруйуу, киэргэтии, учууталлар ыытар аһаҕас уруоктарыгар көмө матырыйааллары, таблицалары бэлэмнээһин көрдөһүү, дьаһал быһыытынан мин үрдүбүнэн ааһара.. Саҥата суох оҥоро сылдьабын. Онтон биирдэ дириэктэрбэр “үөрэххэ туттарса бараары гынабын” диэтим. Ону дуостал сөбүлэспэтэ. Хата, ол кус кэмигэр буолан, кустуу баран хаалла. Кини оннугар биир нуучча эмээхсинэ Кривых олордо. Эмээхсинтэн ыспыраапка ыллым (характеристика). Киирэн туттарыстым. Бэлэмнэнним уонна үчүгэйдик туттаран, киирэн хааллым. “Сэргэлээх уоттара” миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Е.Шестаков-Эрчимэн уһуйбута. Аны туран киритиическай ыстатыйалары эмиэ суруйар буоллум. Литературнай бырассыаһы биллим. Бэйэбэр сорук туруоруннум: атыттар литературнай институукка үөрэнэллэр. Мин эмиэ онно үөрэнэ сылдьар курдук туох баар литература боппуруостарыгар, бастакы кинигэлэри ырытыыга, наука үлэһиттэрэ литератураны чинчийиилэригэр, тыйаатырга, суруйааччылар литературнай чэппиэрдэригэр барытыгар сылдьабын. Ордук чөрбөйөн истэр уруоктарым литвведение, кириитикэ, саха литературатын устуоруйата, айымньылары үөрэтии. Үөрэхпин үчүгэйдик бµтэрдим. Саха тылын учуутала буолбут киһи быһыытынан, саҥа тахсыбыт айымньыларга сыанабыл суруйар буоллум.

- Кириитикэни хайдах ылынар этигиний?

- Мин айымньыларбын хайҕаан дуу, сирэн дуу суруйуу аҕыйах. Арай, ити “Хоболооххо”, “Олох модьоҕотугар” баар. Бастаан “Хоболоох суолу” бүтэрэрбэр мин үрдүбэр түһэллэрэ буолуо дии саныыр этим. Ксенофонтовтааҕы, Күлүмнүүрү, Сөрүөкүйэби да, хомуньуус салайааччыларын кытары тэҥнии тутан суруйбутум. Ааҕааччы бэйэтэ талыахтаах. Эрдэттэн өтө көрөммүн Сталин этиилэрин киллэрэн биэрбитим элбэҕи быһаарбыт буолуохтаах. Автономия эҥин диэн дьиҥ иһигэр – оонньуу эбит. Декларацияларыгар буоллаҕына – көҥүл өттүнэн киириэххин, сөбүлээбэтэххинэ тахсыаххын сөп диэн. Ону “ өрө турдугут” диэннэр төбөлөрүн быһыталыыллар – оонньууга киирэн биэрии. 1920 сыллаахха хомунньуустар Уһук Илиҥҥи региоҥҥа өрөспүүбүлүкэ тэрийбиттэрэ: олох көҥүл бэйэлэрэ харчылаахтар, аармыйалаахтар, кыраныыссалаахтар, салайааччылаахтар этэ. Москубалар кинилэри “бэйэлэрэ сирдэрин көмүскээтиннэр”, бэйэлэрин утарсааччыларын, интэллигиэннэрин, дьоппуоннары бэйэлэрэ кыайдыннар дии. Ол кыайбыттарын кэнниттэн былаастарын былдьаан сэбиэскэй оҥортоон баран, син биир хомунньуустар былаастарыгар холбоон кэбиһэллэр.

Оттон хоһооннорбун Боескоров сыаналаан суруйбута баар. Хаһыакка таһаарбакка, суругар, Николай Габышев хайҕаабыта, “ айылҕа бэйиэт талаанын биэрэ сатаабыт киһитэ эбиккин” диэбиттээҕэ. Миигин эккирэтэ сылдьан кириитикэлээбиттэрэ буоллар бука суруйуом суоҕа этэ. Ыарыылаахтык ылынар буолуохтаахпын, быһыыта. Ол иһин хоһоон суруйдум да буруолаппытынан аҕалбаппын. Хайдах эрэ ону убахтаан, “ити сыыһа, бу сыыһа” дииллэрин, бэйэбэр, кир сыстарын курдук саныыбын. Ол иһин “бу барыаҕа, сөп” диэтэхпинэ эрэ биэрэбин. “Сэргэлээххэ” Эрчимэн миигин кириитикэлиир этэ. Ону өйбүнэн өйдүүр этим. Кини оскуолата – Күннүк Уурастыырап, Эллэй саҕанааҕы ааспыт оскуола этэ. Мин ол саҕана көҥүллүк уобарастаан суруйар этим: “Эн баттаҕыҥ хара баарыс, харахтарыҥ – дириҥ байҕал, илиилэриҥ көмүс эрдии...” эҥин диэн курдук. Ону Эрчимэн “хайдах киһи илиитэ эрдии буолуоҕай” диэн тутуһар буоллаҕа дии. Онон киһи өйдүүрүн курдук суруйар буолбутум. Эдэр суруйааччылар дьэ бу маны таба тайаныахтарын наада.


Ангелина КУЗЬМИНА

Сигэлэр

[уларыт]

"Саха этигэн тыла" ситим-сир. Суруйааччыга кэм тыына.