Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сурук
Чуумпу хоско чүмэчи
Санньыардык сырдатар тулабын.
Сурук суруйабын мин,
Таптал истиҥ тылларын...
Көтүүй, көтүүй суругуом,
Көтүүй маҥан холууп буолан.
Киниэхэ тиий түргэнник,
Түргэнник тапталым тылларын
эн тиэрдиий...
Илиибэр ылабын бэлэххин,
Саныыбын ол кэрэ күннэри.
Тапталбар билиммит тылларгын,
"Умнумаар" диэбиккин саныыбын.
Көтүүй, көтүүй суругуом,
Көтүүй маҥан холууп буолан.
Киниэхэ тиий түргэнник,
Түргэнник тапталым тылларын
эн тиэрдиий...(х2)
|
|