Иһинээҕитигэр көс

Сыа хаар үллүктээбит...(Андросов Гаврил)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
'
Сыа хаар үллүктээбит...
Андросов Гаврил


* * *


Сыа хаар үллүктээбит. Бөлүүн… Соһуччу…
«Сыарҕа хаара түспүт»,--диэн мүчүҥнүөх эбит
Саадьаҕай оҕуһун көлүнэ туран өбүгэбит…

Кыратык эргэрдэр да син сэнэх
Кырынаас саҕынньаҕы бүрүнэн
Сыанатын үрдэтэ үтүөмсүйбүт,
Сылаанньыйбыт Сайсары хатын
Сыапка хам хараҕаланан
Салгымтыалаах олохтоммут ыттарын
Атаҕым тыаһынан уһугуннаран
Абытай моргуор арыалдьыттаах
Сыгынньах уулусса устун
Сырдырҕаччы хаамабын!..

Сарсыарда эрдэ. Барык-сарык…
Сыґыктааҕым буоллар
Сыалаах эти сиэх эбиппин…