Сэгэрим, эн тоҕо хаалан хааллыҥ... (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Сэгэрим, эн тоҕо хаалан хааллыҥ
Ол саас харалдьыгар?
Мэҥэ буолан тааһырдыҥ
Иэйиибит уйатыгар?

Эн биһикки онно
Айыллыбыппыт эрэ,
Үктэммиппит дии олоххо
Күнү кытта сиэттиһэ.

Хас сыл ааттаһа ыҥыраммын
Бүгү күҥҥэ аҕала сатаатым,
Сыл-хонук хаар быыһын
Курдара хаһыытаатым?!

Ол эрэн тыыннааҕы
Эн олох истибэккин.
Дьиҥ баарбын атыҥырыы
Ааспыты иһиллиигин:

Сүүрбэччэлээх кыыс оҕо
Тэбэнэттээх күлүүтүн,
Эйигинэ суох ороҥҥо
Тэһийбэккэ мөхсөрүн...

Ол күлүүнү көмпүттэрэ
Күннэр-дьыллар көмнөхтөрө,
Эт-хаан имэҥ илбиһэ
Оҕо буолан сүүрбүтэ...

Атын кэмнэр үүннүлэр:
Сэнньилиһэ сиэттиһэр,
Сиэммититтэн үөрэнэр,
Бииргэ чэйдииртэн бэл үөрэр.