Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
СЭРГИЭҤ ДУО?
Иирбэ-таарба санааларбын,
Иһил-таһыл сырыыларбын,
Иппэй-туппай тылларынан,
Ииччэх-бааччах нарылааммын,
Иэрэҥ-саараҥ хоһуйаммын,
Иэтэн-туотан бардахпына
Истэ-сэргиэҥ этэ дуо?
Уран-нарын сэгэртэйбин
Уһун-долгун суһуохтаргын,
Уҥа-хаҥас илгистэргин,
Уора-көстө кэрэхсээммин
Уҥа-таала биһириирбин
Утум-ситим кэккэлэтэн
Уус-ураннык этитиэхпин
Умсугуйан истиэҥ дуо?
Өбүгэбит өһүк тылын
Өлбөөдүйэр сөҥ күнүгэр,
Өрөөн-аараан хаалбаккабын,
Өргөйөммүн, абараммын
Өргөс-кылаан сытыылааммын
Өрө охсон арчылааммын
Өрүһүйсүөх аман өспүн
Өйдөөн-дьүүллээн истиэҥ дуо?
Оһуохай Уола
|
|