Иһинээҕитигэр көс

Сэрии/эйэ

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арбаҕастаах да абырыа суоҕа, бытырыыстаах да быыһыа суоҕа.


Баайыллыма — маҥан атым суох.

Бото - боллох, кэтэ - кэрдии.


Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар.


Кытыйа кытыйатын кытта кырбаһар, хамыйах хамыйаҕын кытта хабырыһар.

Кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһа олорор.


Муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха.


Охтоохтон охтума, саалаахтан самныма.


Сэт-сэлэн сиппит, сэмэ-суҥха буолбут.

Сокуон хараҕа сулус хараҕын курдук.


Таҥараҕа мастаммыкка дылы.

Тор суолун тордообут, ир суолун ирдээбит.

Тыллаах этэр, харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор.


Халлааҥҥа хардаҕастаммыкка дылы, былыкка быһахтаммыкка дылы.


Ыҥырыа уйатын тоҕо таппыт курдук буолла.

Ыраахтааҕы илиитэ уһун.


Элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо.

Эбиитин эмэһэҕэ тэппиккэ дылы.

Элийбити элиэ сиир, быралыйбыты бырдах сиир.

Эмтэрийбити эһэ сиир, быралыйбыты быыр сиир.