Иһинээҕитигэр көс

Сэрэх (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэрэх


Эчи, арах-арах,
Тунуйан турар туман көтөн,
Сабан турар салгын тарҕанан,
Нуучча омук тыла тускуланан,
Үгүс үөрэҕэ өрөгөйдөнөн,
Халлаан былытын курдук
Халыйа көтөн кэлэн,
Хаппахтыы сүүрэн,
Хамсыыры-харамайы хараҥардан,
Ньуучча омукка охтон,
«Да» диэн тылы таптаан,
«Нет» диэн тылы биһирээн,
Халыҥ хаар анныттан
Харалдьыттаан тахсыбыт
Хампа сэбирдэх курдук
Саҥардыы салаллан эрэр
Саха барахсан саҥата
Сабыллан хаалан,
Кэскилбит кэлтэйиэх,
Кэмэлдьибит кэхтиэх бэйэтэ буоллаҕа...


1925

Сүрүн сирэйгэ