Иһинээҕитигэр көс

Сэттэ туруйа (Сергей Борогонскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэттэ туруйа


1

Үөр сэттэ туруйа,
Халлааны
Кырыйа,
Көтөрө.
Биэс, алта тыымпыны
Үөһэттэн
Курдаттыы
Көрөрө.
Күөл уутун долгуна
Кытыыга
Күүгэннээх.
Сүүрэрэ.
Хатыҥ мае хагдараан
Сэбирдэх
Симэҕэ
Түһэрэ.
Муох, сэки, маар, үрэх
Кырдала
Кытара
Хатара.
Ол ону хасыһан,
От оттоон
Уйбаанчык
Хаамара...
Тарбаҕын хаалдьыгар
Хадьымал
Чып гына
Саайара.
Көй бааһа чыбырҕаан
Уҥуоҕа,
Сүрэҕэ
Кыйара.
Сылайан, дулҕаҕа
Олорон,
Сынньанан
Ылара.
Үөр сэттэ туруйа
Үрдүнэн
Элиэтии
Дайара.
Уйбаанчык саныыра:
«Быраһаай,
Үөр сэттэ
Туруйа!
Быраһаай, күөх сайын,
Көй куйаас,
Сибэкки
Симэҕэ,
Быраһаай, сайылык,—
Чэлгийэр,
Долгуйар
Тэлгэһэ,
Аҥыйан истэҕэ
Тибиилээх,
Буурҕалаах
Хаар—кыһын.
Чуучургуур-хаачыргыыр
Тоҥ атах,
Торуоска
Аргыһым.
Саһыаҕым-киириэҕим
Самнайбыт
Саах сыбах
Хотоҥҥо,
Адарай сэриилээх,
От тэллэх,
Нэк күөдэл
Ороҥҥо.
Муннукка чэҥ муустан
Көһүччү
Тоҥуоҕа
Атаҕым.
Дьүккүһэ туруоҕа
Күкүргэ
Биир токур
Ынаҕым.
Күнүһүн, таһырдьа
Чигдигэ
Мөхсөрүм
Кэллэҕэ.
Тордуйа таҥаһым
Хороччу
Тоҥоро
Истэҕэ...
Мин дьонум, куруйан,
Кураанах
Оһоҕу
Кэтиэҕэ.
Чаанньыкка сылытан,
Күүгэннээх
Күөл уутун
Иһиэҕэ.
Манньыаттаах оҕотун
Атаҕар,
Быар куустан,
Тоҥхойуом.
Онтон да өрүттэр
Биллибэт,
Син муҥҥа
Олоруом.
Быраһаай, күөх сайын!
Быраһаай,
Үөр сэттэ
Туруйа!
Мин хааллым өтөхпөр,
Эн бардыҥ,
Кый үөһэ
Кыырайан...
Быраһаай, күөх сайын!
Быраһаай,
Үөр сэттэ
Туруйа!»

Тыыллыма Уйбаанчык,
Сыллата,
Итинник
Саныыра.
Yөp сэттэ туруйа
Үөһэнэн
Со5уруу
Көтөрө.
Уйбаанчык, сайыһан,
Халлааны
Хантайан
Көрөрө...

II

Бу бүгүн, ол Уйбаан
Оҕото —
Атыннык
Санаата.
Эдэркээн түөһүгэр
Уот кыһыл
Хаалтыһа
Хамсаата.
Киниэхэ син эмиэ
Үөр сэттэ
Туруйа
Эргийдэ.
Эргийдэ үөһэнэн,
Кылбаарар
Халлааны
Кырсынан,—
Үөр сэттэ туруйа,
«Туру-туук,
Туру-туук!»
Саҥаран.
Уйбаанчык санаата:
«Айаннаа,
Үөр сэттэ
Туруйа.
Күн уоттаах дойдуга,
Күөх халлаан
Кырсынан
Суруйа.
Сэрэний, тиийээрэй
Колхозтаах
Сүгэтин
Олуга,
Кэрдэртэн тоһуттан
Кыырайбыт,
Киил хатан
Мутуга.
Сэрэний, тиийээрэй
Массыына
Тигиниир
Тыастара,
Биэйэлкэ үлэлээн
Сирдиргиир
Сипсиэрдээх
Тыаллара.
Үөр сэттэ туруйа,
Сэрэнэн,
Сэһэргээн
Ааһаарый!
Уонна күөх халлааным
Күлүмнүүр
Күөнүгэр
Саһаарый!
Дьэ төһө куттаата,
Көтөр аал
Күүгүнээн
Кзлбитэ,
«Төҥүлү» күөлүгэр
Түөһүкэн
Күрүлээн
Түспүтэ?
Көрдүҥ дуо Майаҕа
Массыына,
Тыраактар
Сүүрэрин?
Оскуола, кулууп дьиэ
Түннүгэ
Күндээрэн
Күлэрин?
Эн хайа, муодарҕаан,
Бу курдук,
Бытаардыҥ
Буолаарай?
Алтата эргийдиҥ,
Аны, дьэ
Сэттиһэ
Туолаарай?
Эн өссө, эһиил саас
Кэлэргэр
Элбэҕи
Көрүөҕүҥ!
Биһиги олохпут
Кэрэтин
Кэрэхсии
Сөҕүөҕүҥ.
Мин онно «зачеппун»
Туттаран,
Кылааспын
Бүтэриэм.
Мин онно эйиэхэ
Сэһэним
Силигин
Ситэриэм.
Үөр сэттэ туруйа,
Халлааны
Кырсынан
Айаннаар!
Кэлэргэр мунааргыаҥ.—
Өлүөнэ
Тардыытын
Талаһаар!
Ол онтон — Майаны
Баараҕай
Тутуунан
Бэлиэтээр!
Быраһаай, быраһаай,
Эн эһиил
Этэҥҥэ
Эргийэзр!» —
Уйбаанчык оҕото
Итинник
Кэпсэтэн
Атаарда.
Түөһүгэр хаалтыһа
Кытара,
Тэтэрэ
Хамсаата...


Аҕа, уол араастык
Көөртөрө:
Туруйа
Кыылбытын,
Күөх солко нуоҕайдаах
Көй сайын
Күөгэйэн
Ааспытын.
Тоҥ кыһын чугаһаан,
Кырыа хаар
Кыыдааннаах
Тымныытын;
Кими баай кыпчыйан
Моонньуттан
Умсары
Мииммитин;
Ким, бүгүн ол онтон
Арахсан,
Көҥүлү
Билбитин.
Cоветская былаастан
Сүрэҕэр
Күн күлэн
Киирбитин.
Кэм, олох, дьон-норуот
Саныыра,
Көрөрө
Дьиктитин...


1934