Сэт. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ (И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах).
И.И.Каженкин – Уйбаан Хааһах
СЭТ. УЛУУ ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ
Дьокуускай 2024
АННОТАЦИЯ
Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн ыла баһылаан сайыннарбыттарын сэт үөрэҕэ диэн баара биллэрэр. Киһи оҥорор быһыыларыттан айылҕаҕа үөскээн тахсар утары хайысхалаах хам-сааһын сэт диэн ааттанар.
Саха дьоно айылҕаҕа уларыйыылар киириилэрэ олох оҥкулун хамсатарыттан куһаҕан, сэттээх быһыылары оҥорботтор уонна сэт үөскээбэтигэр кыһаналлар.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Человек своими действиями создает изменения в природе. А возникающие в природе изменения от действий человека создают противодействия, которые называются “сэт”.
© Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. 2024.
ААН ТЫЛ
Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн ыла сайыннар-быттарын сэт үөрэҕэ баара уонна кытаанахтык тутуһулла сылдьара биллэрэр. Киһи оҥорор быһыыларыттан айылҕаҕа үөскээн тахсар утары хайысхалаах хамсааһын сэт диэн ааттанар.
Уһун үйэлэргэ айылҕаҕа үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсатан, уларытан дьон оҥорор быһыылара сэти үөскэтэр. Сэт үөскээтэҕинэ утары хайысхалаах хамсааһын үөскээн тахсара иэстэбил диэн ааттанар. Бу кэмҥэ дьон бэйэлэригэр туһалааҕы оҥорор быһыы-ларыттан айылҕаҕа сэт үөскээбитин бэлиэтинэн “глобальное потепление” диэн сир үрдүгэр салгын итийиитэ улааппыта буолар.
Айылҕаттан ас, таҥас таһаарынар саха дьоно айылҕаҕа үөскүүр уларыйыылартан олохторо улаханнык тутулуктанар. Бу уларыйыылар айылҕаны куһаҕан өттүн диэки хамсаталлар уонна иэстэбил үөскүүрэ тиийэн кэлэн өссө улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэриттэн сэттээх быһыы-лары оҥорбокко кыһаналлар. Ол иһин Саха сирэ билигин чөл туруктаах айылҕалаах дойдунан ааҕыллар.
Уһун үйэлэргэ сахалар киһи оҥорор быһыыларыттан айылҕаҕа уларыйыылар, утары хайысхалаах хамсааһыннар үөскээн тахсалла-рын арааран билэн сэт үөрэҕин олохтообуттар.
Сэт үөрэҕэ икки чааска арахсар:
1. Сэт-сэмэ. Киһи сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥоруута ула-хан содула суох көнөр кыахтаннаҕына сэт-сэмэ туттуллар, сыыһа туттунууну көннөрөргө аналлаах араас көрдөбүллэри туһаналлар.
2. Сэт-сэлээн. Киһи оҥорор быһыылара улахан ночооту, содулу үөскэттэхтэринэ, куһаҕаны айыыны оҥордохторуна, олору көннө-рөргө аналлаах ирдэбил уонна иэстэбил үөскээн тахсан туттуллаллар.
Киһи ситэ ырыппакка, быһаарбакка эрэ оҥорор быһыыларыттан сэт-сэмэ уонна сэт-сэлээн үөскээн тахсалларын аҕыйатаары, суох оҥороору Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ кэһэтэн үөрэтиини, иэстэбили туһанар. Ол аата сэт үөскээһинэ иэстэбил кэлэригэр тириэрдэр. Сэт үөрэҕэ дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын эйэлээх буолууга анаан олохтуур. Сахалар сэт үөрэҕин үөскэтэн олохторугар туһаныылара олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата сайдыытын быһаарыыга Кут-сүр үөрэҕин үөскэтэн туһаммыттарын биллэрэр. Сэт үөскүүрүттэн саха дьоно былыр-былыргыттан сэрэнэллэр, хайаан да кэлэрин билэн куттаналлар, ол аата сэт ыар содуллааҕын билэллэриттэн киһилии быһыыны туһананнар сэти үөскэппэккэ кыһаналлар, эрдэттэн харыстана сатыыллар. Билигин Аан дойдуну улахан куттал хам баттаан сылдьарыттан эйэлээхтик олоруу уһун кэмҥэ кыаллар кыахтаммытын дьон бары билэллэр. Бары улахан, кыахтаах дойдулар атомнай, термоядернай сэрии сэптэрин элбэҕи оҥостон бараннар, бэйэ-бэйэлэриттэн хардары-таары куттансаннар эйэлээхтик, сирдэрин былдьаспакка, улаханнык сэриилэспэккэ эрэ олорорго күһэллэллэр. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн эйэлээх олох уһаабыта, ити куттал улаханыттан тутулуктанар.
Айылҕаҕа сэт үөскээбэтин диэн куттал билигин атомнай сэрии сэбэ күүһүрбүтүн кэнниттэн ордук улахан суолталанна. Ол курдук, улахан атомнай сэрии саҕаланнаҕына сир үрдүгэр дьон олоҕо быстар кутталга киирэрэ сэрэнэллэрин өссө улаатыннаралларын эрэйэр.
Киһи бэйэтэ баҕарбатаҕын да иһин, сыыһа-халты туттунан кэби-һэр уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһааран “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн этиини үөскэтэн туһаналлар. Олус улахан сэрии сэптэрэ мунньуллан кыһыл кунуопканы баттыыры эрэ кэтэһэн сыт-тахтарына “Саа биирдэ эстэр” диэн олоххо сыыһа-халты туттунууттан үөскээбит сахалар билиилэрин суолтата ордук улаатан тахсар.
Дьон өйдөрө-санаалара сайдарын тэҥэ, тулуурдара, өһөстөрө, туттунар күүстэрэ эмиэ оччонон күүһүрдэҕинэ, улааттаҕына эрэ быс-тах санааҕа оҕустаран сыыһа-халты туттуналлара тохтоотоҕуна сир үрдүгэр олох салгыы сайдар кыахтанарын билиэхтэрэ этэ.
Сэт үөрэҕэ дьону кэһэтэн үөрэтэр үөрэх. Бу үөрэх олус былыргы кэмнэргэ сахаларга Улуу Тойон таҥара үөрэҕин үөскэтэн тарҕаппыт. Ол аата киһи оҥорбут быһыыларыттан кэлэр сэттэн, содултан бэйэтэ кэһэйиитэ, эрэйдэниитэ, ночоокко түһүүтэ, бу үөрэҕи төрүттээн киһини бэйэтин үөрэтэр кыахтаммыт. Сэт үөрэҕин аналынан дьону харыстааһын, эрдэттэн сэрэтии, маннык сыыһалары оҥорума диэн этэн куһаҕаҥҥа тириэрдэрин быһааран биэрэн үөрэтии буолар.
Сахаларга сэт үөрэҕэ баара олус былыргы кэмнэртэн улахан дойдулары, элбэх дьону салайыыны, үөрэтиини, үлэни тэрийиини баһылаан олохторугар туһана сылдьыбыттарын биллэрэр. Ону тэҥэ, киһи сэт үөскээбэтигэр кыһанара кэлэр көлүөнэлэрэ, саха омуга салгыы сайдан, ситиһиилэнэн иһэллэригэр тириэрдэр.
Каженкин И.И.- Хааһах Уйбаан атын үлэлэрин Сахалыы Википе-дияттан, ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан уонна На-циональнай библиотека абонеменыттан, сайтыттан туһаныахха сөп.
Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт бары билэр дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.
СЭТ
Саха дьоно Айылҕа төрүт тутулуктарын былыр-былыргыттан билэллэр уонна олохторугар туһаналлар. Айылҕа уһун үйэлэргэ үөс-кээбит олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын сахалар үөрэтэн билэннэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун быһаарар үөрэҕи олохтообуттара демократия үөрэҕэр сөп түбэһэн билигин дьон туһана сылдьаллар.
Сахалар сэт үөрэҕин олус былыргы кэмнэргэ үөскэтэн олоххо киллэрбиттэрэ уонна туһана сылдьаллара улахан дойдулары үөскэтэн салайа, баһылыы сылдьыбыттарын чуолкайдык биллэрэрин тэҥэ, өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕин олохторугар туһаналлар.
Сэт диэн өй-санаа халыйыытыттан, сыыһа, олоххо туһата суох, айылҕаҕа куһаҕаны оҥорор хайысханы тутуспутуттан уһун кэм кэн-ниттэн биллибэтинэн тиийэн кэлэр куһаҕан, эрэй, муҥ ааттанар:
- Улуу Өктөөп өрө туруута кыайбытын кэнниттэн дьадаҥылар салайар былааһы ылан баран улахан халыйыылары үөскэппиттэрэ. Саҥа былаас олох былыргы үгэстэрин суох оҥорбутуттан 74 сыл кэнниттэн сэтэ туолан, бу былаас бэйэтэ эйэлээхтик эстибитэ.
- Оҕону кыра эрдэҕинэ сыыһа иитэн атаахтатыы улааппытын кэнниттэн кэлэр сэт туолуутун үөскэтэр. Ол курдук, атаах оҕо өйө-санаата түктэритик сайдарыттан бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыытыттан, үлэлээн-хамсаан туһалааҕы, ситиһиилэри оҥорбот кыахтанарын иэстэбилэ төрөппүттэри эрэйдээн өй киллэрэр. Бу өй киириитэ эрэйдээҕин атыттар көрөннөр, билэннэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн атаахтаппакка иитэргэ, үөрэтэргэ кыһаналлар.
- Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан тыллары элбэхтик саҥарарын боппотоххо, тохтоппотоххо, ол тыллар өйдөбүллэрэ үгэс буолан иҥэн хааллаҕына улаатан баран бэйэтэ оннук куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Куһаҕан тылы элбэхтик саҥарыыттан сэт үөскүүрэ итинник быһаарыллар. Сахалар “Айыы диэмэ” диэн оҕону иитэр үөрэхтэрэ ити быһаарыыга олоҕуран үөскээбит. Ол курдук, айыы диэн тыл оҕо арааһы, ону-маны, киһи билбэтин, оҥорботун, урут суоҕу, айыыны оҥоро сатаан, сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа түбэһиэн сөбүн улаатыннарарыттан, бэйэтэ куһаҕан тылга киирсэр.
- Киһи оҥорор быһыылара айылҕаҕа ханнык эрэ хамсааһыны таһааран былыр-былыргыттан үөскээн, олохсуйан турар тэҥнэһии балаһыанньатын уларыталлар, сыыйа-баайа аҥар өттүн диэки хам-саталлар. Ол иһин утары өттүттэн хардары хамсааһын үөскээн кэлэр. Бу киһи оҥорор быһыыларыттан үөскүүр утары хамсааһыны сахалар былыр үйэҕэ арааран билэн сэт диэн ааттаабыттар.
Сэт уһун кэмҥэ үөскээн дьайыыта сыыйа биллэр. Сэбиэскэй былаас дьон олоҕун былыргы үгэстэрин, ырыынак тутулларын суох оҥорбутуттан үөскэппит сэтэ дьайыытыттан бэйэтэ эстибитэ:
1. Үлэ былаанын толоробут, үлэһиттэргэ чэпчэтиилэри оҥоробут диэн сыалтан үлэ толоруллар былаанын кыччатан, намтатан биэрэн иһии дьон кыратык, аатыгар эрэ үлэлииллэригэр тириэрдибитэ.
2. Дьоҥҥо барыларыгар үлэ булан биэрэн үлэлэтэ сатааһыны тутуһаннар, бары мөлтөх үлэһиттэри кытта тэҥнэһэн, кинилэри үтүктэллэрин үөскэтэннэр кыратык, суолтатыгар, хамнас ылар эрэ иһин үлэлээһин дойду үрдүнэн тарҕаммыта.
3. Үөрэхтээһини сайыннарабыт диэн дьахталлары көҥүллэринэн ыытыыттан бэйэлэрэ талбыттарынан эргэ тахсыылара олоҕуран элбэх ыарыһахтары, сүрэҕэ суох дьадаҥылары төрөтүүлэриттэн кыайа-хото үлэлиир дьон быста аҕыйаабыттара.
4. Үлэ уонна хамнас тутулуктарын, ырыынак сокуоннарын суох оҥорууттан үөскээбит сэт дьайыытыттан бары үлэ көрүҥнэрэ хаалан, ньиэби уонна гааһы хостооһун эрэ биэрэр барыһа хаалбытыттан Аан дойдуга олор сыаналара түспүтүгэр Сэбиэскэй Сойуус эстибитэ.
Айылҕаҕа “глобальное потепление” диэн салгын, уу итийиитэ үөскээһинэ дьон оҥорор, тутар үлэлэриттэн-хамнастарыттан үөскүүр уонна сэт дьайыыта диэн ааттанар. Бу дьон айылҕаҕа оҥорбут ула-рытыыларыгар утары хайысхалаах хамсааһын субу кэмҥэ үөскээ-битин бэлиэтэ буолар. Ол аата киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыы-ларыгар сөп түбэһэр туох эрэ эппиэт хайаан да тиийэн кэлиэхтээҕин сахалар билэллэр, ол иһин оҥорор быһыыларыгар олус улаханнык сэрэнэри, сэт үөрэҕин үөскэтэннэр ситиһэллэр. Сэттэн үөскүүр хамсааһыннартан биир эмэ үчүгэй, онтон үгүстэрэ куһаҕан буолан тахсыахтарын сөп. Бу хамсааһын үчүгэй буоллаҕына дьоҥҥо туһаны, үчүгэйи оҥорор, онтон куһаҕан үөскээтэҕинэ алдьатыы тахсан кэлэрэ кэһэйиини аҕалар.
“Үчүгэйи оҥоруу үчүгэйинэн эргийэр” диэн этии киһи оҥорор быһыыларын быһааран кэлэр эппиэт хайдах көрүҥнэнэрин биллэрэр. Бу этии киһи олоҕор ситиһэ сатыыр сыалын, тугу оҥоруохтааҕын чуолкайдык быһааран биэрэр. Киһи үчүгэйи элбэхтик оҥордоҕуна бэйэтигэр, олоҕор үчүгэй эргийэн кэлэрин үөскэтэр.
Саха дьонун олохторун сыалынан Айылҕа биэрбит олоҕун киһилии, эйэлээхтик, иллээхтик олоруу, үлэни, үөрэҕи сайыннарыы, кэн-чээри ыччаты иитэн, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн Сир үрдүгэр олох салгыы сайдан, иннин диэки баран иһиитин ситиһии буолар. Олоҕу киһилии олорорго өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕэ этэрин тутуһуу, ити үөрэҕи кыра эрдэхтэн баһылаан кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санаа-ларыгар иҥэрии уонна үлэни-хамнаһы сайыннарыы, тупсарыы, айылҕаны харыстааһын хайаан даҕаны ирдэнэллэр.
Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн дьон олоҕун сыалыгар сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары оҥоруу айыыны, киһи оҥорбот быһыы-ларын оҥоруунан ааҕыллан улахан сэрэхтээх буолууну эрэйэр. Киһи үйэтин тухары оҥорбут куһаҕан быһыылара, айыылара ыраастанан, көҕүрээн испэтэхтэринэ, мунньуллан ыараан иһэллэрин тэҥэ, оҥорор быһыыларын куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиэхтэрин сөп.
Кыра айыыны оҥоруу үчүгэй быһыыны оҥордоххо эбэтэр сыыһаны оҥорбуту билинэн көннөрдөххө сотуллан, тэҥнэнэн, ыраастанан биэрэн иһэллэриттэн умнуллан, симэлийэн истэхтэринэ табыллар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын куһаҕан санаа-лартан куруук ыраастана, көҕүрэтэ сылдьарын ирдиирэ үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэргэ аналланар.
Кут-сүр үөрэҕэ, киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥорбута барыта, ханнык эрэ кэмнээҕин-кэрдиистээҕин мэлдьи өйдөтөр. Ол барыта киһи өйө-санаата ханнык, куһаҕан да, үчүгэй да быһыылары оҥорбутун барыларын үгэс оҥостон уурунан уонна онтун хатылаан оҥорон иһэр оҥоруулааҕынан быһаарыллар. Ол аата куһаҕан быһыылары оҥоро турар оҕону, киһини аахайбатахха, тохтоппотоххо өссө улахан, ыарахан, ыар, куһаҕан быһыылары оҥорууга тиийэн хаалыан сөп. Ол иһин куһаҕан быһыылары оҥоруу хайаан да хааччахтаннаҕына, эрдэттэн тохтотулуннаҕына эрэ табыллар, үчүгэй быһыылар элбиир кыахтаналлар. Сахалар “Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиилэрэ итини бигэргэтэр.
Киһи ханна да сырыттаҕына, олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр туох эмэ сыыһаны-халтыны оҥороору гыммыта барыта: “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сэрэтэр бобууланара уонна күрүөлэнэрэ, хааччахтанара табыллар. Элбэх айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр диэни былыргылар билэллэр. (1,13).
Сир үрдүгэр туох барыта, төгүрүччү өттүттэн тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын быһыытынан, хайа да өттүгэр аһара баран хаалыы куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буолар. Куһаҕан аһара барыыта ынырык куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ, онтон үчүгэй аһара барыыта ынырык үчүгэйи үөскэтэрэ, бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэллэрэ кэлэн эрэрин сахалар эрдэттэн билэллэрин икки өрүттээх өйдөбүллээх ынырык диэн тыл биллэрэр.
Хас биирдии киһи барыта тугу эмэни оҥорору¬гар сөптөөх кээмэйин билэн, хайа да өттүгэр аһара барбат гына туттуохтаах. Ол аата, киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыта, дьыалата үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арахсалларыттан, икки аҥы хайысхалаахтарыттан тэҥнэһиини үөскэтэр быһыы балар икки ардыларынан, ортотунан баран истэҕинэ таба буолан туһата улаатар.
Саха дьоно өйдөрө-санаалара сайдан үс дойдуну айыыларыгар туох барыта ортотунан буолара табыллар диэн быһаарыыны тутуһан Орто дойдуну, дьон олорор сирин олохтообуттар. Үөһээ дойдуга туох үчүгэй баара барыта мунньуллар диэн быһаччы ылынан баран, Аллараа дойдуга араас абааһылары, ыарыылары, куһаҕаны мунньан, Орто дойдуттан суох оҥоро, тэйитэ сатаабыттар. Бу тэйитэ сатааһын дьон өйүн-санаатын үчүгэй буолуу, үчүгэйи оҥоруу диэки салайа-рынан сайдыыны, тупсууну, үчүгэй киһи буолууну ситиһэллэригэр улаханнык туһалаан Христос таҥара үөрэҕэр көмөлөспүт.
Үчүгэй киһи таҥара үөрэхтэрэ дьоҥҥо үчүгэй киһи буолуу, үчүгэйи оҥоруу диэки өйдөрө-санаалара салаллыытын үөскэтэн дьон билигин, 2000 сыллар кэннилэриттэн үчүгэй киһи буолууну бары кэриэтэ ситистилэр. Дьон баҕа санааларын толорон үчүгэй киһи буолууну ситиспиттэрин кэннэ салгыы сайдалларын, айылҕаны харыстыыллара улаатарын туһугар саҥа “Харыстас” уонна Үрүҥ Күн таҥаралар сайдар кэмнэрэ тиийэн кэллэ.
Сэт диэн айылҕа уонна киһи бииргэ олорууларыгар хайаан да тутуһуохтаах үөрэхтэрэ буолар. Бу үөрэх этэрин хайа да өттүгэр халбаҥнаабакка тутуһуу киһи Айылҕаны кытта атааннаспакка биир тылы булунан эйэлээхтик олороругар кыах биэрэр. (2,168).
Сэт өйдөбүллэрэ “ли” диэн былыргы кытайдар философскай көрүүлэригэр маарынныыллар уонна икки чааска арахсаллар:
1. Сэт-сэмэ.
2. Сэт-сэлээн.
Айылҕаҕа туох барыта олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан тураллар. Сэт-сэмэ диэн көрдөбүл уонна сэт-сэлээн диэн ирдэбил киһи оҥорор быһыыларыттан үөскээн тахсар хамсааһыннары аһара ыыппакка тохтотон айылҕаҕа уһун үйэлэргэ олоҕун булуммут тэҥнэһиини оннугар түһэрэн биэрэргэ аналлаахтар.
Айыыны оҥорор, сиэри-майгыны билиммэт киһини дьон сэмэ-лиир. Сэмэлиир, сөбүлээбэт тыл ыарахан буолар, ити тыл айыыны оҥорор киһи чөлүн алдьатар. Оччоҕо бу киһи кута-сүрэ дьайга туттарыллар. Ону дьон тылынан сэт суола арыллыыта дииллэр. Букатын сиэрэ суох барбыт киһини айылҕа иэстэһэр. Итинник сэккэ түбэспит киһи удьуор быһыытынан кэхтэр. (3,157).
Сиэргэ баппат ыар айыыны оҥоруу сэт туолуутугар тириэрдэр. Сахалар өйдөбүллэринэн сэт быраабылаларын уонна сокуоннарын тутуспат киһи киһи буолбатах. Сэттэрэ туолбут дьон төрүөхтэрэ төннөрүттэн, “Төннүбүт төрүөх” диэн сиэргэ баппат майгылаах, түк-тэри өйдөөх-санаалаах, киһи буолбатах киһи үөскээн хаалыан сөп. Кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи төрдө, өбүгэлэриттэн бэриллэр өйө-санаата буор кута буолар. Араас айыылары оҥоруулар киһи ийэ кутугар мунньустан иһэллэриттэн өйү-санааны уларытаннар куһаҕан үөрүйэхтэр үөскээн буор кукка кубулуйан хаалыахтарын сөп.
Айыы мунньуллан ыараан иһэрин бэлиэтээн “Ат таппат айыыта, оҕус таппат буруйа” диэн этиини туһаналлар. Итиннэ эбии олус элбээн ыараабыт айыыны: “Буор уйбат буруйа” диэн этэллэр. Айыылаах киһи буор кута ыараан, майгына уларыйан кэнэҕэски кө-лүөнэтигэр бэриллэн иһэллэр. Ол иһин элбэх айыыны оҥорон сэттэрэ туолбут дьоҥҥо төннүбүт төрүөх үөскээн кэлиэн сөп.
Сахалар төннүбүт төрүөх туһунан өйдөбүллэрэ билигин Россияҕа улахан айдааннары таһаартыыр элбэх киһини өлөртүүр маньяктар оҥо¬рор түктэри быһыыларыгар сөп түбэһэллэр. Е.Самовичев диэн учуонай быһаарарынан маньяк диэн киһи киэбин кэтэ сылдьар дьиикэй кыыл буолар. (4,57). Маннык турукка тиийбит киһи өйө-санаата сорох кэмнэргэ тосту уларыйан дьиикэй кыыл кэбин кэтэн ыларын былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэр “оборотеннар” диэн абааһы курдук буолан ылар дьон бааллара бигэргэтэллэр.
Сэтэ туолбут киһи төрөтөр оҕолорун өйдөрө-санаалара түктэри буолуута, кини бэйэтин үйэтигэр оҥорбут айыылара ийэ кутугар мун¬ньуллан бараннар салгыы үөрүйэҕи үөскэттэхтэринэ буор кукка уларыйан оҕолоругар бэриллэн иһэллэриттэн тахсар. Айыы¬лаах-харалаах киһи олоҕун устата мунньубут куһаҕан айыылара оҕоло-ругар, онтон сиэннэригэр буор кутун кытта салгыы бэриллэн иһэллэрин Кут¬-сүр үөрэҕэ быһаарар. Улаханнык баттаммыт, атаҕас-таммыт кырдьаҕас, күүстээх санаалаах киһи кыраатаҕына буруйдаах киһиэхэ кырыыс тиийэн сэт эмиэ үөскүүр. (2,171).
Кырыыс этиитэ Айылҕа тэҥнэһиитин сокуонугар олоҕурар. Би-лигин атаҕастаммыт киһи сотору кэминэн анараа киһитиниин хайаан даҕаны тэҥнэһиэхтээхтэрин өйдөтөр. Саха тылын быһаарыылаах тыл¬дьыта сэти маннык быһаарар: “Урукку өйдөбүлүнэн туох эмэ айыыны, сыыһаны оҥорбут мүччүрүйбэт иэстэбилэ. Эһиги да хара дьай быһыыгыт сэтэ туоллаҕа дии”. (5,175).
Киһи олоҕор, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр сахалар итэҕэллэрин, таҥара, Кут-сүр үөрэхтэрин умнуу түмүгэр советскай үйэҕэ үөскээбит дьон үйэлэрин тухары оҥорбут хара айыылара таах хаалан, умнуллан, суох буолан иһэллэрин курдук саныырга үөрэммиттэр. Былыргы сахалар итэҕэллэринэн оҥоруллу¬бут сэт, ол аата олус ыар хара айыылар, тоҕус көлүөнэ тухары ирдэ¬нэллэр. Киһи бэйэтин олоҕор араас суол быһылааннарга түбэһиитэ туох даҕаны олоҕо суох буолбат диэн этэллэр. Ордук эдэрдэр, үүнэн иһэр ыччаттар быстахтык бы-һыыланыылара элбээһинэ бэйэлэрин төрүччүлэрин, төрөппүттэрэ тугу оҥорбуттарын үчүгэйдик үөрэтэн көрөллөрүн эрэйэр.
Урукку да кэмнэргэ оҥоруллубут хара айыылар ыраастаналлара ирдэнэр. Ыраастаммыт хара айыы умнуллара түргэтиир. Ол курдук, революция уонна гражданскай сэрии, репрессия кэмигэр, эрдэтээҕи көлүөнэлэр оҥорбут ыар айыылара, элбэх дьону өлөртөөһүннэрэ, сэттэрэ эдэр көлүөнэлэриттэн ирдэнэр диэн былыргы Кут-сүр үөрэҕин быһаарыыта, билиҥҥи Россия дьонун олохторугар сабыдыалы оҥоро-ро биллэр буолла. Эдэр көлүөнэлэр өй-санаа өттүнэн мөлтөөһүн-нэрин сэт туолуутун кытта сибээстээтэх¬хэ, араас өрө турууларга, гражданскай сэриигэ, репрессийэлэргэ оҥоруллубут ыар быһыылар сабыдыаллара биллэр. Ол иһин сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ олус табата, олоххо туһалааҕа быһаарыллар.
Сахалар олус уһун үйэлээх омуктар, ол иһин өй-санаа үөрэҕин дириҥник баһылаабыттар. Кинилэр киһи олоҕун чахчы дириҥник үөрэппиттэрин бэлиэтинэн “Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар” диэн олохсуйбут өйдөбүллэрэ буолар. (6,46). Бу өйдө-бүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун атаахтык иитэннэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күү-лэйдэтэ сырытынна¬раннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөөн иһэл-лэриттэн баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээн көрө сылдьаллара олук буолбут.
Е.Д.Андросов баай дьон Оруоһуттар олохторун дириҥник үөрэп-пит. Кинилэр түөрт көлүөнэ устата киэҥник тарҕанан сайдан, байан-тайан бараннар мөлтөөн, дьадайан барбыттар. (7,110).
Үгүс баай дьон баайдарын-малларын элбэтэ сатаан үгүс аһара барыы¬лары туһанан кыра, үлэһит дьону элбэхтик атаҕастыыллара-баттыыллара бы¬лыргыттан биллэр. Үгүс дьон хомойбут, хоргуппут санаалара кинилэр¬гэ мунньустан сэти үөскэтэрэ кэлэр көлүөнэлэригэр охсууну оҥорорун Кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
- Ордук сананыма, олус туттума,- Аабый Дархан тойон эрин сэрэппитэ,- сэттээх-сэлээннээх буолуо. (8,21). Былыргы остуоруйа кэп¬сээн сэрэтиитэ олоххо киириитэ саха дьонугар олус ыар түмүктэммитин бары билэбит. Салайар, баһылыыр тойоттор быстахтык быһыыланан сэттээх дьыалалары оҥоруулара ордук ыар содулланан тах¬саллар. Маннык быһаарыы салайааччылартан тутулуктанар элбэх киһини тойон сэтэ барыларын хаарыйарыгар олоҕурар.
“Дьону ыар санааҕа түһэрэр куһаҕан быһыылары, айыыны оҥосту¬батаҕым. Эһиги эмиэ оҥорумаарыҥ!” - диэн былыргы сахалар бэйэ-лэрин кэлэр көлүөнэлэригэр кэриэстэрин этэллэр эбит. Былыргы дьон киһи бэйэтин үйэтигэр тугу оҥорбута барыта, кини кутугар-сүрүгэр суруллан, буор кутун үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрин билэллэриттэн, кэлэр көлүөнэ ыччаттара дьоллоохтук олороллоругар ис сүрэхтэриттэн баҕаралларын бэлиэтинэн бэйэлэрин олохторугар куһаҕан айыыны оҥорбокко кыһаналлара буолар. Куһаҕан айыыны оҥоруу киһиэхэ үөрүйэҕи үөскэтэн кэбистэҕинэ оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы бэриллэн иһэрин Кут-сүр үөрэҕин баһылаан быһаараннар, бэйэлэрэ үйэлэрин тухары оҥорбокко кыһаналлар.
Ол аата, кырдьаҕас көлүөнэ дьоно, саҥа үүнэн иһэр оҕолоругар бэйэлэрин олохторун салҕааччыларга, ыраас, айыы-хара сыстыбатах куттарын-сүрдэрин биэрэннэр киһи буолууну ситиһэллэрин түргэтэ-тэллэр, уонна алдьамматах, буорту буолбатах айылҕаны хаал-лараллар, оҕолорун салгыы олохторугар дьиҥнээх сырдык ыраны баҕараллара быһаарыллар.
Айылҕаҕа туох баара барыта уһун үйэлэргэ үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарынан киһи тугу эмэ оҥорбута барыта мунньуллан айылҕаны утары хайысхалаах хамсааһын, сэт үөскүүрүгэр тириэрдэр. Сэт үөскээтэҕинэ иэстэбил тиийэн кэлэр. Билигин дьон үлэлэрин-хамнастарын дьайыытыттан халлаан сылыйан иһиититтэн үйэлэргэ мунньуллубут муустар ууллууларыттан сиргэ уу эбиллиитэ кэлэн иһэр. Ол аата дьон айылҕаҕа уларыйыылары киллэрэн, киртитэн сэти үөскэппиттэриттэн утары хайысхалаах хам-сааһын, иэстэбил үөскээн тахсан уу эбиллиитэ, айылҕа бэйэтин ыраастаныыта тиийэн кэлэрэ чугаһаата.
Онон айылҕаҕа дьон үлэлээн-хамсаан оҥорбут дьайыыларыттан үөскээбит утары хайысхалаах хамсааһын, сэт үөскээбитэ билигин халлаан сылыйыытыттан биллэр буолла.
СЭТ ҮӨРЭҔЭ
Сахаларга сэт диэн тылтан үөскээбит сэттэ ахсаан өйгө-санааҕа олус дириҥ дьайыылаах. Сэттэ ахсаан сэттээх ахсаан. “Сэттэни ылыы” диэн кэһэйии сэттэ ахсаантан уонна сэттэн тиийэн кэлиэн сөп.
Сэт диэн урукку өйдөбүлүнэн туох эмэ айыыны, сыыһаны оҥорбут мүччүрүйбэт иэстэбилэ. (5,175).
Сэт диэн тылтан саха дьоно бары сэрэнэллэр. Сэт диэн айылҕа тэҥнэһиитин сокуонун быһаарар, ону тутуһуннарар аналлаах тыл буолар. Киһи оҥорор быһыыларыттан сэт үөскээн тахсарын сахалар билэллэр. Ол аата киһи оҥорор араас быһыыларыттан айылҕаҕа уларыйыылар тахсаннар хардары, онно эппиэттиир, утары хайыс-халаах хамсааһын, сэт үөскээн тахсарын уонна иэстэбилэ тиийэн кэлэрин сахалар былыр үйэттэн билэллэрин биллэрэр.
Сэт оҥоруу диэни былыргылар туһаналлар эбит. Кыаҕа кыра, тулуура аҕыйах киһини кыйахалаан, кыыһырдан, сыыһа тутуннаран тугу эмэ сыыһаны, куһаҕаны оҥотторуу итинник ааттанар. Ол куһаҕан быһыыны оҥоруу кэнниттэн иэстэбили оҥоруохха сөп буоларын туһанааччылар бааллар.
“Сэттэни ылыы” диэн туохтан эрэ, сыыһа туттууттан кэһэйии ааттанар. Сэт үөрэҕэ диэн киһи бэйэтэ тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан, киһиргиириттэн сыыһа-халты туттунан оҥорбут быһыыларыттан кэ-һэйдэҕинэ сыыһатын дьэ билэн, онтон үөрэниитэ, үөрэҕи ылынара, оҥорор быһыытын көннөрүүтэ, тупсарыыта ааттанар.
“Сэттэҕин ылыаҥ” диэн киһини маннык оҥордоххуна кэһэйиэҥ диэн эрдэттэн сэрэтии, сыыһа туттунарыттан харыстааһын ааттанар. Бу оҥорор быһыыта сыыһатын, туох эрэ куһаҕаннааҕын билэ-билэ, соруйан оҥорор киһини эрдэттэн сэрэтэ сатааһын буолар.
“Сэттээх” диэн айылҕа тэҥнэһэн туруута хамсаан туох эрэ ула-рыйыы буоларын этэллэр, онтон сэрэтэллэр. “Сэттээх быһыыны оҥорума” диэн аналлаах үөрэх баар. Саҥаны айыыны оҥоруу олоххо улахан уларыйыылары киллэриитэ сэти үөскэтиэн сөп. Ол курдук, айыы диэн киһи оҥорбот, билбэт быһыыта буоларынан туох содул үөскээн тахсара биллибэтинэн аһара сэрэхтээх быһыыга киирсэр. Холобурга, үгүс араас бултаах, балыктаах күөлгэ элбэх туристары сырытыннараары, барыс киирэрин элбэтээри бырдахтарын барытын дьаатынан эмтээн суох оҥорон кэбиспиттэрин кэнниттэн булда да, балыктара да суох буола эстэн хаалбыттар. Үтүөкэн күөл ким да сылдьыбат кураанах сиригэр кубулуйан хаалбыт.
Сахалар нууччалардааҕар лаппа уһун үйэлээх омуктар. Саҥа эра буолуо 500 тыһыынча сыл иннигэр Геродот диэн гректэр биллэр үөрэхтээхтэрэ сакалар ханна олороллорун ыйан суруйбута биллэр. Ол иһин тохсус үйэҕэ “русы” диэн аатынан сурукка киирбиттэрэ биллэр аныгы нууччалар төрүттэрэ украинецтар эдэр омукка киирсэллэр. “Семь раз отмерь, потом отрежь” диэн нууччалыы этии “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн сахалыы этииттэн үөскээбитэ олус былыргы кэмнэртэн сэт үөрэҕэ баарынан чуолкайданан сахалар кырдьаҕас омуктарын быһаарар. Бу этии киһи тугу эмэ оҥороругар улаханнык сэрэнэригэр ыҥырыы буолар.
Сэттэни ылыы диэн сахалыы өйдөбүл сэт туолуутун кытта сибээстээҕиттэн, бу этии сахалыы буолара чуолкайдык дакаастанар. Ол курдук, ыксаан, тиэтэйэн сэттэтэ мээрэйдээбэккэ эрэ тугу эмэ оҥоро охсубут кэннэ табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбэҕиттэн сэти үөскэтэрэ, киһи бэйэтэ кэһэйэрэ, бу этии төрүөтүнэн буолбут.
Өй-санаа сэттэтэ хос-хос хатыланнаҕына күүһүрэн, умнуллубат буолан үгэскэ кубулуйан иһэриттэн ордук улахан тутулуктанан тахсарын уонна киһи оҥорор быһыытын уларыйыытын быһаарар ахсаанынан сахаларга сэттэ, сэттээх ахсаан буолар.
Саха дьоно олус былыргы кэмнэртэн киһи оҥорор быһыыла-рыттан айылҕаҕа уларыйыылар тахсалларын арааран билэн сэт үөрэ-ҕин олохтообуттар. Киһи оҥорор бары быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан түбэстэҕинэ эрэ сэти үөскэппэтин сахалар билэн олохторугар туһаналлар.
“Туох барыта үһүстээх” диэн сахалар этиилэригэр сөп түбэһиннэрэн үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны тус-туспа араараары уонна итилэр икки ардыларынан сөп түбэһии үһүс өрүтэ баарын арыйан үс дойдуну үөскэппиттэр. Сахалар бэйэлэрэ олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллара, ити быһаарыыга олоҕурар.
Христианскай таҥара дьиэтэ үчүгэйи Ырай диэн ааттаан, онон ымсыырдан уонна куһаҕаннар мунньустар Аллараа дойдуларын айан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны тус-туспа араартаан үчүгэйи элбэтэргэ туһана сатыыра өй-санаа уларыйарыгар, солбуйсан биэрэрэ тиийэн кэлэригэр сөп түбэспэт. Ол курдук, санааны маннык икки аҥы араарыы, бу кэмҥэ куһаҕан диэн ааттана сылдьыбыт, төһө эрэ кэми-нэн көнөн, тупсан үчүгэй буолан тахсарын суох оҥоруу буолар.
Айылҕа төрүт тутулугун “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии сүрүн суолтатын таба өйдөөн олоххо туһаныы сэт үөрэҕин арыйбыт. Олоххо хайа эрэ аҥар өттүн диэки халыйыы үөскээтэҕинэ, олоҕурбут тэҥнэһиини хамсаттаҕына хайаан да хардары өттүттэн утары ха-йысхалаах хамсааһын тахсан кэлэн урукку оннугар төннөрө сатаа-һыны үөскэтэр. Бу хардары хамсааһын сэт диэн ааттанар. Даоцизм и конфуцианство относились к принципам “ли” далеко не адекватно, но в них, впрочем, как и в “сэт”, сквозит стремление к гармонии в отношениях людей, между человеком и природой. У якутов индивид, не придерживающийся установок “сэт”, не человек. (2,169). Бу быһаарыы киһи буолуу үөрэҕэ уонна киһилии быһыы-ланыы олоххо киириитэ сэт үөрэҕиттэн тутулуктааҕын биллэрэр.
Сахаларга өй-санаа үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн ыла сайды-бытын сэт үөрэҕэ баара уонна билигин даҕаны туһанылла сылдьара биллэрэр. Киһи оҥорор быһыыларыттан айылҕаҕа үөскүүр утары хайысхалаах хамсааһын сэти үөскэтэр. Саха дьоно айылҕаҕа улары-йыылар таҕыстахтарына халлаан сылыйыытыттан уу эбиллиитэ үөскүүрэ улахан содулу аҕаларын уонна дьоҥҥо иэстэбили үөскэ-тэллэрин билэллэриттэн бэйэлэрэ сэттээх быһыылары оҥорботтор, ону тэҥэ, оҕолорун олору оҥорумаҥ диэн үөрэтэллэр.
Сэт үөрэҕэ дьону кэһэтэн үөрэтэр үөрэх. Ол аата киһи оҥорбут быһыыларыттан кэлэр сэттэн, содултан бэйэтэ кэһэйиитэ, бу үөрэҕи төрүттээбит. Сэт үөрэҕин аналынан дьону эрдэттэн сэрэтии, маннык сыыһалары оҥорума, бэйэҥ кэһэйиэҥ диэн үөрэтии буолар.
Уһун үйэлэргэ сахалар киһи оҥорор быһыыларыттан; мутукчалаах мастары тутууга, оттукка туһанаары кэрдэриттэн уонна уоту сэрэҕэ суох киэҥник туһанарыттан айылҕаҕа уларыйыылар, хамсааһыннар тахсалларын арааран билэн сэт үөрэҕин олохтоон туһана сылдьаллар.
Сэт үөрэҕэ икки чааска арахсар:
1. Сэт-сэмэ. Киһи оҥорор быһыытыгар сыыһа-халты туттунуута, куһаҕаны оҥоруута улахан содула суох аастаҕына уонна киһи бэйэтин кыаҕынан көннөрөр кыахтаннаҕына сэт-сэмэ туттуллар, араас көрдө-бүллэр үөскээн тахсаллар. Аныгы үөрэҕинэн сэт-сэмэ дьайыыта адми-нистративнай буруйу оҥорууга сөп түбэһэр.
2. Сэт-сэлээн. Киһи оҥорор быһыылара улахан ночооту, содулу, куһаҕаны, алдьатыыны оҥордохторуна ирдэбил уонна иэстэбил үөс-кээн тахсалларыгар тириэрдэллэр. Билигин сэт-сэлээн туолуута киһи уголовнай буруйу оҥоруутугар тэҥнэнэр.
Бу икки чаастары арыыйда дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Сэт-сэмэ. Уоран, ким да билбэтинэн оҥоруохха сөптөөх быһыы-лартан сэт-сэмэ үөскүүр. Холобурга, улаатан эрэр оҕо ким да билбэтинэн табаах тарда сылдьарын сэмэлиэххэ, тохтото сатыахха, табаах куһаҕанын үөрэтиэххэ сөп. Үөһээттэн ыстаҥалыыр оҕону атаххын өлөрүөҥ диэн этэн үөрэтии улаханнык туһалыыр.
Сахалар “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн этиилэрэ кыра, улахан содула суох сыыһаны-халтыны, куһаҕаны да киһи оҥорон кэбиһэрин билинэр. Киһи быһыытын аһара барбат эрээри, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорор быһыылары сэт-сэмэ көннөрөр кыахтаах. Ол курдук, дьоҥҥо куһаҕаны санааһын элбэхтик хатыланан үгэһи үөскэттэҕинэ, киһи бэйэтэ оннук куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн сэт үөрэҕэ сэрэтэр.
Киһи олоҕун устата сэт-сэмэ ыйыыларын, көрдөбүллэрин билэрэ, тутуһара олох көрдөбүлэ буолар. Ол аата сэт-сэмэ ыйыылара киһи куһаҕан быһыыны оҥорорун эрдэттэн тохтоторго аналлаахтар.
Сэт-сэмэ ыйыыларын толорбот киһи туохха эмэ түбэһэн бэйэтэ кэһэйэрин тэҥэ, сэмэҕэ, мөҕүүгэ, атыттар туоратыыларыгар түбэһиэн сөп. Киһи оҥорор быһыыларын туһунан атын дьон тугу этэллэрин саха дьоно истэллэр, толороллор. “Дьон тугу этиэхтэрэй?” диэн ыйы-тыыны куруук оҥоро сылдьаллар уонна оҥорор быһыылара хайдах буолан тахсыахтарын сөбүн эрдэттэн сыаналыыллар.
Сэт-сэмэ диэн аныгы өйдөбүлүнэн административнай буруйдар диэн ааттаналлар. Оҥорбут буруй иһин сэмэлээһин, мөҕүү, ночооту төлөөһүн, ыстараап курдук араас көрдөбүллэр туттуллуохтарын сөп.
2. Сэт-сэлээн диэн киһи оҥорбут быһыыта, саҥаны айыыта улахан ночооту, айылҕаҕа уларыйыыны, хамсааһыны киллэрдэҕинэ ааттанар. Сэт-сэлээн үөскээтэҕинэ ирдэбил иэстэбилгэ кубулуйар. Ойуурга баһаары ыытан кэбиспит киһи тахсыбыт ночооту төлүүрэ ирдэбил иэстэбили үөскэтэрин биллэрэр. Иэстэбил төһөнөн улаатан, кытаатан биэрдэҕинэ уонна уһаабакка эрэ кэллэҕинэ дьон сэрэхтэрэ эмиэ улаатан биэрэрин, харыстыыр санаалара киирэрин сэт үөрэҕэ тутуһар.
Айанныыр массыыналары барыларын ыган, хаайан туран страхов-калааһын дьон аһара барар санааларын көҥүл ыытан, сэрэхтэрин кыччатан абаарыйалар ордук элбииллэригэр тириэрдэр. Массыына абаарыйатын үөскэппит киһи таһаарбыт ночоотун барытын бэйэтэ уйунара, эрэйдэнэ түһэн төлүүрэ суолга сэрэхтээх буоларын лаппа улаатыннарарыттан абаарыйалар биллэрдик аҕыйыа этилэр. Ол кур-дук, абаарыйаттан тахсыбыт ночооту барытын бэйэлэрэ төлүүр суоппардар сэрэхтэрэ, массыыналарын харыстыыр санаалара лаппа улаатарыттан айанныыллара бытааран, суол быраабылаларын туту-һалларыттан үгүс абаарыйалар тахсыа суоҕа этилэр.
Ыган, хаайан массыыналары барыларын страховкалааһын суолга абаарыйалар тахсыыларын аҕыйаппат, ол курдук эрдэттэн оҥоруллар страховка суоппардар бэйэлэрэ улаханнык кыһанан сэрэхтээхтик айанныылларын кыччатан, төттөрүтүн оҥорон элбиирин үөскэтэр. Куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥоруу куһаҕан үөрүйэҕи үөскэттэҕинэ киһи сэттээх быһыылары оҥоруон сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык быһыылар сэти үөскэтэллэрин билэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтиини туту-һан ситиһэр. Сэттээх быһыылары оҥоруу сэт-сэлээн туолуутугар, ирдэбил кэлиитигэр тириэрдэрин киһи барыта билиэ этэ.
“Эстэр ыал сүөһүтэ харсыһыылаах” диэн сахалар өс хоһоонноро эдэрдэр иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ атаахтатыы, маанылааһын өттүгэр халыйан хааллаҕына, өйдөрө-санаалара туруга суох буолан аһара бараллара үксээн этиһэллэрэ, охсуһаллара, өлөрсөллөрө элбээн ахсааннара аҕыйаан, аан маҥнай биирдиилээн аймахтар, онтон омук барыта эстиигэ тиийиитин биллэрэр олус дириҥ суолталаах. Сэт-сэлээн туолуута кэлиитигэр дьон кырыктара улаатан сэрии буолуон сөп. Оҕолор араас кыыллары эрэйдииллэрэ, накаастыыллара билигин элбээтэ, сир аайы бэлиэтэнэр буолла. Оҕону аһара атаах-татан, маанылаан иитии тулуура суоҕун улаатыннаран ону-маны, буолары-буолбаты оҥоро сатыырын элбэтэр. Аныгы дьон кыра да тулуура суохтарыттан, туттунар күүстэрэ кыратыттан кыыһырса тү-һээт куукуна быһаҕынан киирсэн кэбиһиилэрэ өлөрсүүлэргэ ти-риэрдэр. Кыра да массыына абаарыйатын кэнниттэн дьон охсуһа сатыыллара тулуура суохтара аһара улааппытын биллэрэр.
Киһи тугу; үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥорбута оҥорбутун кэн-ниттэн эрэ биллэн тахсара олох уустуктарын, өй-санаа хойутаан көнөрүн үөскэтэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык быһыы куһаҕан буоларын арааран билэ үөрэннэҕинэ уонна олору оҥорботоҕуна үчү-гэйи оҥороро элбиирин сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһар.
Бары сокуоннарга киһи куһаҕан санаатыгар буолбакка, оҥорбут быһыыларыгар эрэ эппиэттиир. Аныгы үөрэҕинэн сэт-сэлээн диэн уголовнай эппиэтинэскэ сөп түбэһэр улахан буруйу оҥоруу буолар.
Киһи үгүс куһаҕаны оҥоруута сыыһа-халты туттунан кэбиһэ-риттэн үөскээн тахсаллар. Сэт үөрэҕэ киһини сыыһа-халты туттубат буолууга иитэр, үөрэтэр аналлаах, ол иһин эрдэттэн сэрэнэрин улаатыннарар. Бу үөрэх олоххо үөскүүр холобурдары быһаччы туһанарыттан оҕоҕо, киһиэхэ ордук тиийимтиэ дьайыылаах.
Куһаҕан, ночооту таһаарбыт быһыыны оҥоруу кэнниттэн тиийэн кэлэр ирдэбил уонна иэстэбил сэт оҥорбут хамсааһынын төнүннэрэн, тэҥнэһиини оннугар түһэрэн биэрэргэ аналланаллар. Ол иһин бу быһыылар хайалара да сөптөөх кээмэйи аһара барыа суохтаахтар, оҥоруллубут быһыыга тэҥнэһэллэрэ эрэйиллэр.
Үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕо үчүгэйи оҥоробун диэн сыыһа санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ элбээн хаалыан сөп. Сахалар оҕо өйө-санаата сайдан иһэр уратытын би-лэллэриттэн аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны оҕо билэрин ситиһэллэр, “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕо иитиитигэр туһаналлар. Ол аата оҕо аҕыйах ахсааннаах биллэр куһаҕаннары оҥорбот буоларга үөрэнэрэ, онтон бобуута суоҕу барытын хаһан баҕарар оҥоруон сөбө билии чуолкайданарын үөскэтэр.
“Туох бобуллубатын барытын оҥоруохха сөп” диэн этии киһи өйө-санаата сайдан, тупсан иһиитин олоххо киллэрэргэ аналлаах. Ол курдук, сэт үөрэҕэ араас бобуулары дьон холобурдарыттан, оҥорбут быһыыларыттан ылан үөскэтэринэн уонна араас бобуулар аҕыйахтарыттан туһата биллэрдик улаатар. Билигин араас бобуулар бары сокуоннарга суруллан сылдьалларын үөрэхтээх дьон тутуһаллар.
Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын аан маҥнай биллэҕинэ уонна олору оҥорбот буолууга үөрэннэҕинэ өйө-санаата үчүгэйи оҥоруу диэки салалларын сахалар оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьаллар.
СЭТ ОҤОРУУ
Киһи уонна айылҕа сыһыаннара харыстааһыҥҥа, ол аата уһун үйэлэргэ үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсаппакка оло-ҕуран сайдан истэхтэринэ эрэ, сиргэ олох салгыы сайдар кыахтааҕын билигин кэлэн син билэн эрэбит. Ол аата дьон сэти үөскэппэтэхтэринэ сиргэ олох уһуннук сайдар кыахтанар.
Айылҕа уһун үйэлэргэ, былыргы дьыллар мындааларыттан ыла үөскээбит бэйэтин туругун көмүскэнэр ураты күүстээҕин дьон сай-дыбыт, күүһүрбүт курдук сананыылара улаатыытыттан аахсыбат буола сылдьаллар. Сахалар бу уларыйыы тиийэн кэлэрин былыргы кэмнэргэ быһаараннар сэт үөрэҕин үөскэппиттэр. Ол аата Айылҕаҕа уһун үйэлэргэ үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсатан кэбиһии сэт үөскүүрүгэр тириэрдэр. Тэҥнэһии балаһыанньатыттан хайа эрэ диэки аһара барыы үөскээтэҕинэ, бу буола турар хамсаа-һыҥҥа утары хайысхалаах саҥа хамсааһын үөскээн тахсар уонна аҥар, утары өттүгэр аһара барыыны үөскэтэр. Бу үөскээбит утары хайыс-халаах саҥа үөскүүр хамсааһын сахалыы сэт диэн ааттанар.
Дьон сайдыыны ситиһэбит диэн ааттаан мутукчалаах мастары имири кэрдиилэрэ айылҕаҕа уу эргиирин уларытан олус күүстээх тыаллар, хаардар, самыырдар түһэллэрэ бу кэмҥэ элбээтэ. Айылҕаҕа углекислай гаас элбээһинэ халлаан сылыйыытын үөскэтэр. Бу дьон оҥорбут уларыйыыларыттан үөскээбит хамсааһыннарга сөптөөх ута-ры хамсааһын, сэт айылҕаҕа үөскээһиниттэн күүстээх тыаллар, хаардар, самыырдар түһэллэр, хоту, соҕуруу полюстарга уһун үйэ-лэргэ мунньуллубут муустар түргэнник ууллан иһиилэриттэн уу биллэрдик эбиллэн эрэрэ хонуу сирдэри ыларыттан биллэр.
Онон сэт диэн дьон, киһи оҥорбут быһыытыгар, дьайыытыгар айылҕа эппиэттээн утары хайысхалаах хамсааһыны хайаан да үөскэ-тэрэ ааттанар. Дьон уһун үйэлэргэ олохсуйбут сирдэригэр араас үүнээйилэри олордоору киэҥ хонуулары үөскэтэллэрэ, кэлин улахан кумах куйаардарга кубулуйаллара быһаарыллыбыт чахчы буолар.
Сир тэҥнэнии балаһыанньатыгар тутуллан турара уһун үйэлэргэ тохтообокко биир тэҥник хамсыы, биэтэҥнии турар улахан маятнигы санатар. Ханна эрэ улахан аһара барыыттан, бу тэҥнэһэн турар маятник аҥар өттүгэр аһара барар, хамсааһына улаатар. Оччоҕуна аны аҥар өттүгэр хардары хамсааһыныгар эмиэ аһара барыы үөскээн тахсара сэт диэн ааттанар уонна улахан уларыйыылары үөскэтэр. Былыргы, дьон оҥорор быһыылара өссө киһилии быһыыларга кубулуйа иликтэринэ киһи оҥорбут куһаҕан быһыытыгар сөп түбэһэр куһаҕан быһыынан эппиэттээһин баар этэ. Бу быһаарыы “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһиллэр” диэн этиинэн бигэргэтиллэрэ уонна оччотооҕу кэмҥэ үгүстүк туттулла сылдьыбыта былыргы сэт көрдөбүллэригэр сөп түбэһэрэ. Киһи буолуу үөрэҕэ сайдыбытын кэнниттэн куһаҕаны оҥорууга куһаҕанынан эппиэттээһин диэн тохтотуллубута.
Сахаларга сэт оҥоруу диэн өйдөбүл баар. Сэт оҥоруу диэн куһаҕаны аан бастаан анараа, утарар киһи оҥороругар күһэйии, ол кэнниттэн куһаҕанынан эппиэттээһин ааттанар. Сэт оҥоруу диэн үчүгэй, киһилии быһыыга киирсибэт куһаҕан быһыы буолар.
Урут ыраахтааҕылаах Россия саҕана уоран да буоллар эр дьон, ордук байыаннайдар икки ардыларыгар биир-бииргэ киирсиилэр, быһаарсыылар, дуэллэр көҥүллэнэр этилэр. Бэстилиэтинэн ытыһыыга ким урут бастаан ытыһыахха диэн ыҥырбыт киһини ыҥыттарбыт киһи бастаан ытар диэн сокуон баара. Бу сокуон былыргы сахалар сэт оҥоруу диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Аан бастаан тугунан эмэ киирэн-тахсан, үөҕэн, кыйахалаан, кыынньаан, кыра ычалаах киһини ырдьыгынатан, кыыһырдан биир-бииргэ, ол аата дуэлгэ киирсиигэ ыҥырарыгар күһэйии элбэх буолара. Манна ыҥырыллыбыт, бэрчээккэ быраҕыллыбыт киһитэ урут бастаан бэстилиэтинэн ытар диэн сурул-лубатах сокуон баара халбаҥнаабакка эрэ тутуһуллара.
Дуэлгэ күһэйэн ыҥыртарыы кэнниттэн үчүгэй бэлэмнээх, ытааччы киһи ыҥырбыт киһини бастакы ытыытынан туһанан биирдэ ытан кэбиһэр балаһыанньата чахчы үөскээн тахсара. А.Пушкины Дантес кэргэнинэн киирэн кыйахалаан, кыыһырдан дуэлгэ ыҥырарыгар күһэйбитэ уонна куйах кэтэн бэлэмнэммитэ биллэр.
Былыргы Францияҕа үчүгэй бэлэмнээх, эрчиллиилээх шпаганан киирсиини баһылаабыт уонна арыыйда уһун шпагалаах киһи дуэлгэ ыҥырбыт киһини хайа талбыт үөлэн кэбиһэр кыахтааҕа.
Дуэлгэ ыҥыран киһини өлөрүү төһө да куһаҕанын иһин, быстах майгылаах, кыраттан кыыһыран иһэр, бэйэлэрин кыайан туттуммат, тулуура суох, аһара баран иһэр майгылаах дьон олохтон эрдэттэн туораан биэрэн иһэллэрин хааччыйарынан дьон олоҕор, өйө-санаата сайдан бөҕөргүүрүгэр, көрсүө, сэмэй майгыланан, улахан тулууру ситиһэригэр биллэр туһаны аҕалбытын сахалар таҥара үөрэхтэрин туһамматтан ситэ сыаналаабакка сылдьабыт.
2007 сыллаахха Турция сэриилэрэ курдар боевиктарын утары улахан сэриини саҕалыылларыгар эмиэ сэт оҥорууну туһаммыттара. Сэрии саҕаланыытын тутаах биричиинэтинэн, сүрүн төрүөтүнэн кур-дар боевиктара Турция 12 саллаатын өлөрбүттэрин уонна 8 саллааты билиэн туппуттарын ааҕан сэриини саҕалаабыттара.
Сэт оҥоруу кыра холобурун оскуола саастаах уолаттар оҥорор быһыыларыттан булан ылыахха сөп. Манна уолаттар ортолоругар ким кыахтааҕын, баһыйарын быһаарсыы араас хайысханан, үтүрүйсүүнэн, сороҕор үгүстэр сөбүлээбэт майгыларынан эмиэ барара.
Сорохтор ханнык эрэ уол баһыйан, баһылаан барарын сөбүлээбэккэлэр хайа эрэ кыра оҕону кигэн, бу оҕо онон-манан сылтахтанан, былдьаата эҥин диэн ытаан-хайаан атаҕастаммыт курдук көстөрү ситиһэрэ. Дьэ ол кэнниттэн анараа уолаттар кыра атаҕастаммыт оҕону көмүскүүр аатыран, бу уолу көмөлөөн туоратыахтарын эбэтэр кырбыахтарын да сөбө. Маннык балыйсыылаах быһаарсыылар улахан да дьон икки ардыларыгар биирдиилээн да буоллар эмиэ тахсаллар.
Сэт оҥорууну дойдулар бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриигэ киирсэргэ бэлэмнэннэхтэринэ куруук кэриэтэ тутталлар. Аан дойду бастакы сэриитин саҕаланыытыгар 1914 сыллаахха австрийскай уонна вен-герскэй престол наследнигын эрцгерцогу Франц-Фердинанды Сара-евоҕа өлөрүү төрүөт буолбута. (9,202).
Сэт оҥорууну улахан сэриини саҕалааччылар эмиэ туһаналлар. 1939 сыллаахха Аан дойду иккис сэриитин саҕалаан Гитлер Польшаҕа сэриинэн саба түһэригэр, аан бастаан Польша пограничниктара саба түһүүлэрин хардары охсубуттарын дакаастыы сатаабыттара. Польша пограничниктара немецтэргэ саба түспүттэрин курдук оҥорон баран, онно эппиэттээн улахан сэриитин киллэрбитэ.
“Сэт оҥоруу” – старинный обычай, когда публично высказы-валось презрение над чубствами врага, демонстрировалось злорадство над его горем, исполняемый в крайне оскорбительных тонах. Этим провоцировалось неизбежное вооруженное столкновение. Обряд “сэт оҥоруу” можно расценивать как своеобразную форму вызова. (2,168).
Былыргы сибээс суох кэмигэр ким урут бастаан этэн, айдааны таһаарбыт табар курдук көстөр эрдэҕинэ, ким урутаан куһаҕаны оҥорбутун балыйсыахха сөп этэ. Билигин информация, сибээс күүһүрэн турар кэмигэр, кырдьык табатык быһаарыллар кэмэ кэлиэн сөп этэ эрээри, балыйсыы син-биир салҕанан бара турар.
Билигин дойдулар күүһүрэннэр сууттара-сокуоннара эмиэ кытаа-тан, дьон бары олору тутуһалларын ирдииллэр. Аныгы демократия сокуоннара киһи быраабын көмүскүүллэр, киһини атаҕастыыры кө-ҥүллээбэттэр, тохтотоллор. Ол иһин былыргы курдук биир-бииргэ киирсиилэр аныгы сокуоннарынан эйэлээхтик быһаарсыллар кыах-таахтар, ким куһаҕаны, дьон олоҕор буортуну оҥорбут кырдьыктаах суут иннигэр турар кыахтанара сэт оҥоруу диэн былыргы үгэс хааларыгар, олоххо туттуллубатыгар тириэрдэн иһэр.
Онон сахалар былыргыттан билэр сэт оҥоруу диэн үөрэхтэрэ биирдиилээн дьоҥҥо билигин да туттулларын таһынан, улахан дой-дулар икки ардыларыгар эмиэ туттулла сылдьыбыта.
СЭТ - СЭМЭ
Сэт диэн айылҕа уонна дьон эйэлээхтик бииргэ олорууларын туһунан үөрэх буолар. Бу үөрэх күн уонна сир “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин арыйарын халбаҥнаабакка тутуһан киһи айылҕаны кыт¬та атааннаспакка, утарыта турбакка биир тылы булунан эйэлээхтик олороругар кыах биэ¬рэр. (2,168).
“Сэт-сэмэ” диэн дьон олоҕор мэлдьи тутуһулла сыл¬дьыахтаах көрдөбүллэри, быраабылалары уонна сокуоннары кэһиини, тутуспат буолууну этэбит, тугу эмэ сыыһа туттаары, оҥороору гыннахха “Сэт-сэмэ” буолуо диэн эрдэттэн куһаҕаны оҥорууну тохтотоллор. Саха дьоно уһун үйэлэр тухары сэт-сэмэ ыйыыларын, со-куоннарын кытаанахтык тутуһар эбиттэр. Бу ыйыылар, сокуоннар киһи олоҕун бары өрүтүн барытын хабан, дириҥник ырытан көр-дөрөллөр. Ол курдук, бу үөрэххэ элбэх буруйу, айыыны оҥостубут киһи туохха тиксиэхтээҕэ, кини бэйэтин оҕолорун кыайан ииппэккэ, үөрэппэккэ, куһаҕан иитиилээх оҥоруохтааҕа, ол иһин аймахтара эстэллэрэ кэлэрэ чуолкайдык быһаарыллар.
Аныгы административнай диэн суут-сокуон үөрэҕэ сэт-сэмэ дьа-йыыларыгар сөп түбэһэллэр. Сэрэтии, мөҕүү, ыстараап сэт-сэмэ көрдөбүллэринэн ааҕыллан былыргыттан туттулла сылдьаллар. Олус былыргы кэмнэргэ ыстараап оннугар эт-сиин буруйдааҕын быһааран сөптөөх талаҕынан таһыйан биэрии элбэхтик туттуллар эбит.
Сэт үөрэҕин барытын билэн, сэт-сэмэ сокуоннарын тутуһар оҕот-тон киһилии киһи иитиллэн тахсар. Оҕону олох кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары арааран биллэрэн “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтии, кини киһилии киһи буола улаатан тахсарын толору хааччыйар кыахтаах. Маннык үөрэх оҕо кыра эрдэҕинэ бэрт кыра, борос¬туой өйдөбүллэртэн хомуллар. Ол курдук, “үчүгэй” оҕо доҕорун үрдүгэр буору куппат эбэтэр кыра оҕону ытаппат, атаҕастаабат, хата көрөр, көмөлөһөр, ийэтэ, аҕата этэрин истэр киһи буолан иһэрэ хайҕанар, манньаланар, онтон буруйу, куһаҕаны оҥордоҕуна мөҕүллүөн, сэмэлэниэн сөбө туттунар күүһүн улаатыннаран сыыһа-халты туттубатын үөскэтэр.
Оҕоҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэ, салгын кута сайда илигинэ иҥэриммит өйдөбүллэрэ, ол аата кыра эрдэҕинэ саҥаны билиитэ уонна үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ ордук кытаанахтык иҥэллэр. Мин быһаарыыбынан, бу өйдөбүллэр, үөрэхтэр үгэс буолан мунньул¬ланнар оҕо ийэ кутун үөскэтэллэр. Киһи өйүн-санаатын оҥкулун ити өйдөбүллэр, ийэ кута оҥорор. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥотторон, туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтэн иитии оннук үгэстэри үөскэтэринэн суолтата олус улаатар.
Саха уус-уран айымньыларын хомуйааччы Г.Е.Федоров Кут-сүр үөрэх туһунан суруйууларыгар сэт-сэмэ ыйыыларын эмиэ киллэр-тиир. Сахалар сэт-сэмэ үөрэхтэринэн оҥоруллубут куһаҕан айыы иһин ханнык буруй-сэмэ тиксиэхтээҕэ ыйыллар:
- Арсыын бытыктаах Арсан Дуолай диэн аллараа дойдуга улуу кырдьаҕас олорор. Ол кырдьаҕас буоллаҕына, элбэх буруйдаах куһаҕан дьоннору бэйэтигэр ылар диэн сэһэргииллэрэ. (10,66). Бу быһаарыы элбэх айыылаах-харалаах киһи өллөҕүнэ, ийэ кута Үөһээ дойдуга кыайан тахсыбакка, Аллараа дойдуга түһэр диэн былыргы сахалар өй¬дөбүллэригэр олоҕурбут.
- Куһаҕан түөкүн, батыгаһа суох дохсун-бардам киһини этэллэрэ - күтүрү өлбүтүн да иһин кутун-сүрүн ийэ буора ылбакка (туппакка) илэ абааһы буолуох баҕайы сылдьар дииллэрэ. Онон буор куһаҕан киһини сирэр, буор кутун туппат буолар эбит. Ити иһин абааһы буо¬лумаары, көнөтүк-көрсүөтүк сылдьарга, олорорго дьулуһаллара.
- Бу хойукка диэри киһи мэҥэтин сөмүйэнэн ыйыллыбат этэ. Киһи тарбаҕын уҥуоҕа ытык ыарыы буолар диэн этэллэрэ билиҥҥинэн уҥуох сөтөлө. Киһи уҥуоҕун алдьатары олус айыыргыыр этибит. Киһи уҥуоҕун алдьаттахха, аймаххыттан саамай үчүгэй киһи өлөр, ол аата киһи уҥуоҕун алдьаппыт сэтигэр аймаххынан толунуохтаах. Судургу эттэххэ өрөмүөннэнэр. Онон оҕолорго киһи мэҥэтин алдьа-тары, муокастыыры ула¬ханнык сэрэтэр, өйдөтөр этилэр. (10,84).
Саха дьоно киһи ханнык куһаҕан айыыны оҥордоҕуна туох буруйга сэмэҕэ тиксэрин арааран бэлиэтииллэр. Бу буруй-сэмэ хан-нык да суут-сокуон буруйа буолбатах, Айылҕа аныыр буруйа-сэмэтэ. Ол иһин бу буруй-сэмэ туолуутун кэлиитэ сороҕор бэрт уһун кэми ылар. Сэт-сэмэ туолуута сорох түбэлтэҕэ хас да көлүөнэ киһи олоҕун устата тиийэр. Куһаҕан майгылаах, элбэх айыыны оҥорбут киһи оҕолорун кыайан киһилии быһыыга ииппэт, үөрэппэт, онтон ол оҕолоро өссө куһаҕан иитиилэнэн тахсалларын сэт үөрэҕэ бигэргэтэр. Ол курдук, улахан хара айыылаах киһи үөскэппит сэтэ кини буор кутугар иҥэн хаалан утумнаан оҕолоругар, онтон сиэннэригэр бэрил-лэн иһэриттэн куһаҕан дьайыыны оҥоро сылдьара тарҕанан иһэр. И.Г.Баишев “Айыы тыына” диэн үлэтигэр чопчу ханнык буруйу оҥордоххо туох сэмэ тиксэрин быһааран суруйар.
Кини бу үлэтиттэн кылгастык быһа тардан киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарыттан тутулуктаах сэт-сэмэ ыйыыларыттан аҕыйах холо-бур¬дары аҕалабыт. Бу холобурдар сэт-сэмэ үөрэҕэ олус дириҥин, киһи уонна Айылҕа быстыспат сибээстээхтэрин туоһулууллар:
- Үөһээҥҥилэри олус үөтэримэ, алларааҥҥылары олус ыатарыма ис¬тэн тиийэн кэлиэхтэрэ, үүт-тураан олоххун аймыахтара.
- Өлбүт киһини сүгүн сытыар, наһаа ааттыаҥ, аһыйыаҥ - ыраах айана тардыллыа, ыыргар көстүө, биккэр биллиэ.
- Киһи тыыныгар туруу - оҕус тарпат айыыта, үрүҥ тыыныҥ хараҥарыа, дьонуҥ-сэргэҥ киэр хайыһыа. “Өлөрсүбүтү өлөрүллэр” диэн өбүгэ төрүт иэһэ. Бу былыргы кэмнэргэ туттулла сылдьыбыт, бэйэтин кэмигэр туһалаабыт үгэс аныгы үйэҕэ хаалара эрэйиллэр.
- Туохха да туолбат, баҕаҥ хаммат, олус басыһар санааланыма, харбаат дьоннор уһун илиилэр, байарынан иирэллэр. Иҥсэ-обот, ымсыы быһыы иҥнэри ууран тэйиэҕэ. Буор биэтэк син-биир барыбытын тэҥниэҕэ.
- Куһаҕанынан сураҕырыы кутталлааҕа биллэр. Түөкүн буруйа¬айыыта төрүөҕэр диэри иэстэнэр. Хаартыга хараара иирбит - оҕоло¬рун дьоллорун туос эмэгэт майдааныгар уруттаан оонньоон кэбиһэр.
- Киһиттэн таһынан аатырбыт - чугас дьонун дьолун туомун толук тут¬тан аһыыр-сиир. Барытын соҕотох апчарыйар.
- Уоруйах суола муҥур.
- Уоруйаҕы кытта олоруоҥ - уоруйах буолуоҥ.
- Кырдьыбыт, мөлтөөбүт дьону күлүү гынар оҕо кырдьарын саҕа-на бэйэтэ оннукка түбэһиэҕэ.
- Кими да күлүмэ - күлбүтүҥ бэйэҕэр кэлиэҕэ.
- Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.
- Муостаахпын диэн муҥутаама - муостаах муостаахтан өлүөҕэ.
- Кими да атаҕастаама - атаҕастабыл иэстэбиллээх.
- Мөлтөҕү атаҕастаабытыҥ сэтигэр бэйэҕинээҕэр күүстээххэ түбэ-һэн иэскин төлүүрүн кэлэр.
- Биэрбит тылгын кэһимэ - аатыҥ-суолуҥ намтаан иһиэ.
- Наар мөҕүллүөҥ, сэмэлэниэҥ - эйиэхэ тыл сэтэ иҥиэ.
- Атаах киһи арыгыһыт буолар.
- Арыгы үөрпүт үөрүүтүн иэстээн ылар өрүүтүн.
- Бэйэтин эрэ бэппин диэччи - соҕотох хаалан улуйуоҕа.
- Сымыйанан кынаттаныаҥ - бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ.
- Сарсыарда наһаа күннээбит - тоҕо эрэ киэһэ күлбэт.
- Этэҥҥэ эрэ сылдьаргар атас-доҕор өрө көтөр, куһаҕан күҥҥэр куотуохтара - бэйэҕэр эрэ эрэн. (11,82-86).
- Уокка силлээмэ – уоһуҥ бааһырыа.
- Хотоҥҥо айдаарыма - айыы сүөһүтүн, киһи кута долгуйуо.
- Мэнигилээмэ - дьиэ иччитэ эймэниэ.
- Таһырдьа айдаарыма - от-мас иччитэ ороһуйуо.
- Күөл үрдүгэр айдаарыма - күөл иччитэ эймэниэ.
- Хара тыаны эймэтимэ - булдуҥ ханныа.
- Титииккэ айдаарыма - титиик иччитэ эймэниэ.
- Сор диэмэ, айыы - түгэҕэ биллибэт эрэйгэ түбэһиэҥ. (12,28).
- Суох диэмэ, иҥэн хааллаҕына куруук суох буола туруо.
- Айыы диэмэ, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсор санаа киирэн сыыһа-халты туттунарыҥ элбиэҕэ.
- Айыыны оҥорума диэн этии ону-маны, буолары-буолбаты, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһын сыыһа-халты буолара үгүһүн тэҥэ, киһи бэйэтэ сыыһа-халты туттунарын элбэтэр.
- Саха киһитэ быһахха ураты убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Харыстыыр, үчүгэйдик уура сылдьар. Кини хаһан даҕаны быһаҕы уһугунан киһиэхэ ууммат, дугдуруйбат. Өрүүтүн уһугун бэйэ¬тин диэки тутан, биэрэр киһитин диэки угун туһаайан уунар үгэс¬тээх. Быһаҕы хаһан даҕаны аһаҕас хаалларыллыбат. (13,17).
- Быһаҕы кыыныгар уган баран кичэллээхтик ууруллар. Сахалар оҕолорун кы¬ра эрдэхтэриттэн быһаҕынан сатаан тутта, сэрэхтээхтик илдьэ сыл¬дьарга анаан үөрэтэллэр этэ.
- Быһах биитин тарбаххынан сотума - тарбаххын быһыаҥ.
- Быһах биитин салаама - тылгын быстыаҥ.
- Быһаҕы киһиэхэ утары уунан биэримэ – киһиҥ илиитин быстыа.
- Уһуктааҕынан уонна биилээҕинэн киһини дугдуруйума - илииҥ иҥиирэ тардыа, сыыһа-халты хамсаныаҥ.
- Саа уоһун хаһан даҕаны киһи, сүөһү диэки туһаайыма - саа биирдэ халлааҥҥа эстэр дииллэр. Киһи өйүн-санаатын уратыта диэн саатын ииттэн, ботуруонун уган баран умнан кэбиһэн ылбакка хаалара уонна бэйэтэ сыыһа-халты туттубатаҕына атын, ким эрэ ылан алҕаска эһэн кэбиһэрэ, бу этии үөскээһинигэр тириэрдибит.
Сэт-сэмэ ыйыылара саха өһүн хоһоонноругар этиллэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэллэр, саха тыла иччилээҕин биллэрэллэр. Киһини алҕас саҥарбакка, сыыһа-халты туттубакка өс хоһоон-норо иитэр, үөрэтэр күүстэрэ улаханын туһана сылдьабыт:
- “Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх” диэн өс хоһооно киһи саҥарар тылларыгар улаханнык сэрэнэрин ирдиир, модьуйар.
- “Сэт-сэлээн сиппит, сэмэ-суҥха туолбут” диэн өс хоһооно дьон куһаҕаны оҥоруулара элбээн аһара барбытын, ол иһин иэстэбил тиийэн кэлэрэ чугаһаабытын биллэрэр.
- “Кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах” диэн өс хоһооно тыл күүһүн дьайыыта икки өрүттээҕин биллэрэр. Сахалар ол иһин үчүгэйи баҕарар алгыһы истиини элбэхтик туһаналлар.
- Туох эмэ мөлтөх сирэ ханан баарын билии сэрэниини ханна туһаайары ыйан биэрэр. “Быа синньигэһиниэн быстар, быһах уһугу-нан тостор” диэн өс хоһооно сэрэтэрин олоххо туһаныы кэбирэх сири булан сыыһа-халты туттунууну суох оҥорууга аналланар.
- “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдай-бат” диэн өс хоһооно сымыйа төһө да үчүгэй курдук көстө, иһиллэ сатаабытын иһин сымыйата хойутаан да буоллар син-биир биллэн, арыллан тахсарыттан кырдьык хаһан баҕарар кыайарын бэлиэтиир.
- Киһи оҥорор быһыылара ханнык өй-санаа иҥмититтэн улахан тутулуктаахтарын, киһини санаата салайарын “Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы саныыр” диэн өс хоһооно биллэрэр.
- Киһи үйэтэ кылгас. Үчүгэйи, дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруу үйэлэргэ умнуллубатын “Сордоҥ өллөҕүнэ тииһэ хаалар, киһи өллөҕүнэ аата хаалар” диэн өс хоһооно биһиэхэ тириэрдэр.
- “Икки атахтаах эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар” диэн өс хоһооно киһи саныыр санаалара таһыгар биллибэттэрин биллэрэн сыһыан ураты, хардарыта интэриэстээх буолууларын үөскэтэр.
- Киһи киһиэхэ сыһыаныгар өр кэмҥээх алтыһыы билсиһии ди-риҥиирин үөскэтэргэ аналлаах “Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэн-нэстэххэ кэмэлдьи биллэр” диэн өс хоһооно туттулла сылдьар.
- “Туох барыта икки өрүттээх” диэн өй-санаа уратыта киһи оҥорор быһыыларыгар дьайыыта “Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хараҥа” диэн өс хоһоонунан этиллэр.
- Дьон бары кыахтарын туһанан байарга баҕа санааларын ситиһэ сатыыллар. Бу үтүө баҕа санаа туоларын туһугар биллэр мэһэйдэр уратыларын тустарынан “Кэрээн киһи кэҥээбэт, ордугурҕас киһи уһаабат” диэн өс хоһооно биллэрэр. (14,67).
Сахалар бу сэт-сэмэ үөрэхтэрин хас биирдии ыйыылара уһун үйэлэр тухары элбэх көлүөнэ дьон олохторун холобурдарынан дакаас-таммыттар. Төрөппүттэр бэйэлэрэ уһуну-киэни санаан эдэр, үүнэн иһэр көлүөнэлэрин кыра эрдэхтэриттэн, бу сэт-сэмэ үөрэҕин ыйыы-ларын тутуһарга үөрэттэхтэринэ, саха дьоно сайдан-үүнэн, үйэлэргэ өйдөрө-санаалара салгыы сайдан иһэрин ситиһиэхтэрэ. Онон сахалар сэт-сэмэ ыйыыларын, араас көрдөбүллэрин былыр-гы кэмнэртэн ыла үөрэтэн билэн олохторугар туһана сылдьаллар.
ЫАЛЛАР АРАХСЫЫЛАРА
Ыал, кэргэн омук өйүн-санаатын төрүтэ, олоҕун үйэлээх үгэстэрэ мунньуллар, сайдыыны ситиһэр кыаҕа үөскүүр уйата буолар. Ыалтан, кэргэнтэн оҕо төрөөн, өйө-санаата, ийэ кута иитиллэн, киһи буолууну ситиһэн, киһилии майгыланан, быһыыланан, уонна үлэҕэ үөрэнэн, аймахтарын, омугун сайыннарар, тупсууну киллэрэр кыахтанар.
Олохпут сайдыыта арҕаа омуктары аһара үтүктүүттэн сыыһа хайысханан баран иһэрин эдэр ыаллар арахсыылара элбээн иһэрэ биллэрэр. Эдэр ыаллар арахсыыларын “айыы үчүгэй” диэн этэр тыл үөрэхтээхтэрэ айбыт сымыйа үөрэхтэрэ элбэтэрин билэн, бу сымыйа үөрэҕи хаалларыы, тохтотуу эрэйиллэр буолла. Ол курдук, айыыны оҥорор санаа аһара элбээһинэ эдэрдэр солумсах буолууларын үксэтэн, атынтан-атыҥҥа көтүөккэлээһини элбэтэрэ ыал олоҕун туруга суох оҥорор. Ыаллар арахсыылара элбэх сыһыаннаах дьон уонна оҕолорун өйдөрүн-санааларын куһаҕан өттүгэр тосту уларытарын, сэти-сэмэни үөскэтэрин, бу үлэбитигэр арыйабыт.
Ыалы, ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин олоххо тутуһуу саха омугу харыстааһын, уһун үйэни ситиһэрин үөскэтии буолар. Урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмнэргэ, уон ахсыс, уон тохсус үйэлэргэ сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибит, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир күүстэрэ, кыахтара элбэх эр дьон үөскүүр кэмнэрэ баар буола сылдьыбыта. Ол кэмҥэ сахалар олохторун, ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин былыргытын курдук халбаҥнаппакка эрэ тутуһаллара, кэргэн арахсыыта диэн биир эмэ буолара биллэрэ.
Биир эмэ элбэх баайдаах, кыахтаах эр киһи хас да кэргэннэнэрин сахалар олохторун үгэһэ көҥүллүүрэ. Баай киһи сайдыылаах буор куттаах, үлэни-хамнаһы кыайар туруктаах өйө-санаата элбэҕиттэн сайдыыны ситиһэр кыаҕа үксүүрүн былыргылар билэллэрэ, ол иһин хас да кэргэни ылаллара хааччахтаммата, бэйэтин кыаҕыттан эрэ тутулуктанара. Хас да кэргэннээх буолуу омук ахсаанын сайдыылаах буор куттаах эдэрдэринэн элбэтэрэ, сайдыыны ситиһиитин биллэрдик түргэтэтэрэ олох уопутунан дакаастанан биллэр. Ону тэҥэ, эр дьон элбэх баайы мунньунан, күүскэ үлэлээн кыаҕыран, мөлтөөбөккө иккис кэргэннэрин ыларга баҕа санаалаах сылдьаллара, олохторугар, үлэлэригэр ситиһиилэри оҥороллоро биллэрдик элбиирэ. Үтүө баҕа санаалаах киһи, ол баҕа санаатын ситиһээри кыайбатын да кыайарын былыргы сахалар табан туһаналлара.
Оччотооҕу кэмҥэ ыал буолууну тэрийии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктааҕын кытаанахтык тутуһаллара:
1. Саҥа ыалы тэрийиигэ эдэрдэр таба талан ылаллара, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ бастаан иһэрэ. Ыалы тэрийиигэ оҕолор санааларын, сөбүлэһэллэрин аан маҥнай ыйыталлара.
2. Үлэттэн-хамнастан тутулуктаах энньэ уонна халыым диэн эбиискэ көрдөбүллэри киллэрэн биэрэннэр, баайтан-малтан ыал буолуу иккис, үлэттэн тутулуктаах өрүттэрэ үөскүүрэ уонна олоҕу киһи быһыылаахтык олорууга көмө, тирэх буолара.
Дьон бииргэ олорор сыллара ааһан истэхтэринэ таптал мөлтөөн-сыппаан барар буоллаҕына, ыаллар мунньунар баайдара-маллара эбиллэн, иккис тутулук өссө күүһүрэн биэрэрэ уонна оҕолору үлэҕэ үөрэтэргэ көмө, тирэх буолан туһалыыра. Оччотооҕу ырыынак дьайар кэмигэр ыаллар арахсыылара биир эмэ буолара биллэр.
Эдэр дьахтар баҕа санаатыгар оҕолонуу бастаан иһэр. Санаатыгар оҕотун аҕата буолуон сөптөөх эр киһини араас билгэлээһиннэри, көрдөбүллэри туһанан тала сылдьар санаата элбиир. Бу быһаарыыны аныгы психология үөрэхтээхтэрэ билинэн эрэллэр. Оҕону көрүүгэ, иитиигэ, үөрэтиигэ дьахталлар олох үйэлээх үгэстэрин ордук кытаанахтык тутуһалларыттан эр дьону баһыйан иһэллэр. Сахалар оҕону иитиигэ, өйүн-санаатын төрүттээһиҥҥэ ийэ оруола аһара үрдүгүн чопчу бэлиэтээн оҕо төрүт кутун, өйүн-санаатын тутулугун ийэ кут диэн атын куттарыттан арааран ааттаабыттар. (15,70).
Баайдаах-маллаах эр киһи кыра оҕону иитиигэ сүрүн кылаата баайа-мала уонна онон туһанан ыалы хааччыйыыта буолар. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан истэҕинэ үлэҕэ-хамнаска, тулуурдаах буолууга иитиигэ, үөрэтиигэ аҕа дьэ ылсыһар. Оҕону үлэҕэ-хамнаска үөрэтии аҕаттан, үлэҕэ элбэх уопуттаах киһиттэн улахан тутулуктаах. Ол курдук, оҕо элбэх уопуттаах, туохха барытыгар лаппа баһыйар киһи үлэҕэ үөрэтэрин ордук ылынара, иҥэринэрэ биллэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр саҥаны айыыны оҥоробут диэн ааттааннар, ыал буолуу былыргы үгэстэрин барыларын хаалларан, эдэрдэр ханна эрэ көрсүһэ түһээт сөбүлээбитэ буола охсоллоруттан ыал буолан иһиилэрин олоххо киллэрбиттэрэ. Итини тэҥэ, “дьадаҥы буолуу үчүгэй” диэн этэннэр дьон бары дьадаҥыларга тэҥнэһэ, баайга-малга кыһаммат буола сатыыллара элбээбитэ. Бу түмүгэр араас дьадаҥылар, сүрэҕэ суохтар, ыарыылаахтар, бодоҥнор ыал буола охсуулара киэҥник тарҕаммыта. Бу тарҕаныы түмүгэр билигин куһаҕан генофондалаах, дьадаҥы, сүрэҕэ суох дьон аһара элбээннэр ханнык да үлэ көрүҥэ Россияҕа кыаттарбат буолбута ыраатта.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыал буолуу иккис тутулугун, энньэни уонна халыымы суох оҥорууларыттан, бу кэмҥэ саҥа ыалы тэри-йээччилэртэн аҥардарыгар эрэ тиийбэттэрэ тапталбыт ааста, атыны таптаатыбыт диэн куоһур туттунан сотору арахсаллар. Оҕолорун улаатыннарбыт кырдьаҕас ыаллар арахсыылара эмиэ элбээтэ.
Арахсыы ыал олоҕун алдьатар, үрэйэр, ыал аата-суола сүтэр, суох буолар. Ыаллар, кэргэнниилэр арахсыылара оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар оҥорор куһаҕан өттүгэр уларыйыылара манныктар:
1. Арахсыбыт кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээбэт, абааһы көрөр санаалара аһара барыан сөп. Өйдөрө-санаалара куһаҕан, иэс-тэһэр санааларынан туоларыттан оҕолорун иитиигэ, үөрэтиигэ ула-хан халыйыыны үөскэтэн кэбиһэллэр.
2. Баай-мал үллэстиитэ арахсааччылар өйдөрүн-санааларын ордук улаханнык буортулуур, куһаҕан санаалара элбээһиниттэн кыайан эйэлээхтик үллэстибэккэ өлөрсүүгэ кытта тиийэн хаалаллара элбээтэ. Ыаллар арахсыыларыттан улаатан, бэйэтэ бас билэр баайдана илик оҕолоро, эдэр киһи туга да суох хаалан хаалара өйүгэр-санаатыгар улахан охсууну, халыйыыны үөскэтэн, бэйэтин сэнэниитигэр, өйө- санаата туруга суох буоларыгар тириэрдэр.
3. Кэргэнниилэр арахсыылара ордук улаханнык оҕолорун өйүн-санаатын буортулуур. Арахсыбыт ыаллар оҕолоро тулаайах оҕоҕо ку-булуйар, өйө-санаата киһилии суолунан сайдыыта сарбыллар. Ата-ҕастаммыт, быраҕыллыбыт төрөппүт иэстэһэр санаатыттан оҕотугар кини туһунан куһаҕаннык этэрэ, сөбүлээбэтигэр үөрэтэрэ үөскээн тахсара, бу ыаллар кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара куһаҕан өттүгэр улаханнык халыйыытыгар тириэрдэр.
4. Ийэлээх аҕата арахсан тус-туспа барыыларыттан, бары баҕа санаалара албыҥҥа кубулуйалларыттан оҕо улахан дьону итэҕэйбэтэ, эрэммэтэ улаатар. Улахан дьону итэҕэйбэтэ, эрэммэтэ, этэр тылларын истибэтэ бэйэтин эрэ билиитигэр тирэҕирэрин үөскэтэн, элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥороругар үтүрүйэр.
Уол оҕоҕо аҕатын оруола ордук үрдүк. Уол өйө-санаата ким да буолбутун иһин, аҕатын үтүктэргэ дьулуһар, кыра эрдэҕинэ оннук баҕа санааны үөскэтинэр. Ыал арахсыытын кэнниттэн уол оҕо аҕата суох хаалыыта олоххо сыалын, аҕатын курдук буолар баҕа санаатын суох оҥорон соҕотох хаалларар, өйө-санаата киһилии суолунан сайдарын хааччахтыыр, куһаҕан өттүгэр халытар. Омук сайдыытын, кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара тупсуутун үөскэтэр туһугар кэргэнниилэр арахсыыларын аҕыйатыы, букатын суох оҥоруу туһалааҕа биллэр. Араас буруйу-сэмэни оҥоруу үгүс өттүлэрэ арахсыбыт ыаллар эбэтэр аҥардас дьахталлар оҕолоруттан тахсаллара, бу боппуруос чуолкай быһаарыыны эрэйэрин биллэрэр.
Сайдыыны ситиһииттэн баай-мал, харчы эбиллиитэ биир эмэ оҕону атаахтатан улаатыннарыыны үөскэтэр. Атаах оҕо тулуура суох майгыланан улаатара, бэйэтин эрэ өрө тутара, дьон ыал буолан бииргэ олорууларыгар улахан уустуктары үөскэтэр. Аныгы сокуоннар кэр-гэнниилэр арахсыыларын кыайан хааччахтаабаттар, аҕыйатар кыах-тара олус кыра. Ол иһин бу сокуоннары уларытыы, былыргы сахалар ыал буолууга туһанар үгэстэригэр төннүү ирдэнэр.
Урукку кэмҥэ сахалар кэргэннии буоллулар да арахсыбаттар, бастакы кэргэн хаһан баҕарар бастакытынан сылдьар, ыал олоҕун барытын салайар, эр киһи иккис, үһүс кэргэнин эбии ылара баһылыыр оруолун кыччаппат. Ол иһин кэргэн диэн тыл улааппыт, хас даҕаны дьахтардаах ыалы бэлиэтииргэ аналланан туттуллара.
Кэргэнниилэр арахсыыларын аҕыйатыыга анаан Аан дойду төрүт тутулугун “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан ыал буолууга тапталга эбии баай-мал көрдөбүллэрин, былыргылар курдук, энньэни уонна халыымы киллэрэн биэрии эрэйиллэр.
Кыахтаах эр дьон бастакы кэргэннэриттэн арахсыбакка эрэ иккис, үһүс кэргэннэрин ылар кыахтаннахтарына олоххо ситиһэ сатыыр баҕа санаалара өссө улаатан саҥа кыайыылары оҥорор кыахтаналларын туһаныы табыллар. Кэргэнниилэр биирдэ холбоһон баран арахсыбаттара ыал, омук олоҕор оҥорор туһалара манныктар:
1. Кэргэнниилэр арахсыбаттарыттан ыаллар баайдарын-малларын үллэстии араллаана, айдаана улаханнык аҕыйыырыттан дьон баайы-малы мунньунуулара туруктаахтык салҕанан иһэрэ ситиһиллэр.
2. Оҕолору иитиигэ икки төрөппүттэрэ тэҥҥэ кыттыһалларыттан өйдөрө-санаалара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһан сайдарыттан киһилии майгыланан, киһи буолууну кэмигэр ситиһэн үлэни кыайар кыахтара улаатар.
3. Быраҕыллан хаалбыт аҥардас дьахталлар суох буолууларыттан, оҕо иитиитэ табылларыттан, омук дьонун өйдөрө-санаалара тупсуута, үчүгэй быһыылар элбииллэрэ үөскүүр.
4. Кыахтаах эр дьон сааһыран, буор куттара сайдыбытын кэннэ эдэр дьахтары ойох ыланнар өссө оҕолонор кыахтаныылара омукка элбэх үлэни-хамнаһы кыайар кыахтаах сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрөөннөр ахсааннара элбииригэр тириэрдэрэ аймахтар уонна омук сайдан иһэллэригэр улахан туһаны оҥорор.
Ыал олоҕо ыһыллан, үрэллэн хаалбакка, туруктаныыта эрэ оҕону атаахтаппакка иитиини олохтоон омук сайдыыны ситиһэрин төрүт-түүр. Туруктаах өйдөөх-санаалаах, сайдыылаах буор куттаах, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэр эрэ омугу сайыннарар кыахтаахтар. Уһун үйэлэргэ олоххо туттулла сылдьыбыт улахан туһалаахтара быһаарыллыбыт былыргы үгэстэрбитин аныгы олоххо киллэрэн туһанарбытыгар ахсааннара элбээбит үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһааччылар оруоллара үрдүүрэ, туһаны оҥороллоро эрэйиллэр. Бука бары омукпут сайдыаҕын, ахсаана эбиллиэҕин, кэлэр көлүөнэлэрбит киһилии быһыыланан, үлэни-хамнаһы кыайар кыах-таныахтарын баҕарар санаабыт улаатан иһэр. Бу баҕа санаабыт туоларын туһугар бары бүттүүн куоластаан талар Ил Түмэммит ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэрин ситиһиэхпит этэ.
Онон сахалар сайдалларын, ахсааннара эбиллэрин туһугар ыал буолуу былыргы үгэстэригэр төннүү ирдэнэр көрдөбүл буолар.
КӨРДӨБҮЛ
Олох сайдан, өй-санаа тупсан, уларыйан, дьон-аймах үксээн иһиитэ киһи тутуһа сылдьыахтаах араас көрдөбүллэрэ, быраабы-лалара, сокуоннара элбээн, кэҥээн иһиилэригэр тириэрдэр. Ол курдук, дьон тыа быыһыгар биир эмэ буолан сылдьар эрдэхтэринэ, ханнык да эбии көрдөбүллэр суох этилэр, бары көҥүллэринэн сылдьар курдук сананаллара баара. Билигин киһиэхэ, дьону кытта бииргэ олорууга, үлэҕэ-хамнаска, үөрэххэ аналлаах, хайаан да тутуһуллуохтаах көр-дөбүллэр өссө элбээн иһэллэрэ көҥүлүнэн, талбытынан сылдьыыны хааччахтыыллар. Бу көрдөбүллэри барыларын халбаҥнаабакка толо-рор оҕо киһи буолууну ситиһэр уонна киһи быһыылаахтык биирдэ бэриллэр олоҕун олорор кыахтанар.
Оҕо үөрэҕи-билиини ылынарын түргэтэтэр, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго, киһи буолууну ситиһиннэрэргэ соҕотох суолунан төрөппүт бэйэтэ көрдөрөн биэрэн баран үтүгүннэрэн, батыһыннаран ийэ кутун иитэрэ, үөрэтэрэ буолар. Ол иһин сахалар оҕо икки төрөппүтэ көмөлөөн иитэллэрин, үөрэтэллэрин ыал буолуу үгэстэригэр киллэрбиттэр. Улахан киһи оҥорор быһыыларын оҕо көрөн үтүктэн үөрэнэрэ сыыһа-халты туттунарын аҕыйатарын, үөрэҕи ылынарын түргэтэтэрин туһаналлар.
Көр диэн хараххынан көр, үөрэҕи, билиини көрөн иҥэрин диэн баҕа санааны тириэрдии буолар. Бу тыл кими, тугу эмэ харай, дьаһай, бэрий диэн үлэлииргэ тириэрдэр өйдөбүллэрдээҕин тэҥэ, көрү-нары, оонньуулары көрүүнү; сынньаныыны, аралдьыйыыны эмиэ биллэрэр.
Көрдөө диэн кими, тугу эмэ булаары ирдээ, эккирэт уонна кимтэн эмэ тугу эмэ ирдээ, модьуй диэн өйдөбүллээх тыл буолар. (16,231).
Көрдөө диэн тугу эмэ булуу-талыы, ыйыталаһыы эмиэ ааттанар. Оҕо улаатан иһэн ону-маны барытын көрдүүрэ эбиллэн иһэр. Оҕо көрдөөбүтүн барытын төрөппүтэ тук курдук толорон истэҕинэ, оҕото онно үөрэнэн хаалыытыгар, көрдөөһүнэ ордук эбиллэригэр тириэрдэрэ, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыытын үөскэтиэн сөп. Ол иһин төрөппүт оҕо ону-маны көрдөөтөҕүн аайы тутатына толорон испэккэ, кэтэһиннэрэн, тугу көрдөөбүтүн ситиһэргэ аналлаах баҕа санаатын үөс-кэтиммитин кэнниттэн биэрдэҕинэ, ол баҕа санааттан үгэс үөс-кээбитин кэлин бэйэтэ оҥороругар олук ууран биэрэн туһалыа этэ. Бу быһаарыы сахалар оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ туһанар сүрүн уратылара, үөрэхтэрэ буолар. Ханнык эрэ баҕа санаалаах оҕо ол баҕа санаатын толоро сатыырын төрөппүттэр туһаныа этилэр.
“Көрдөөбүт көмүһү булар” диэн өс хоһооно тугу эмэни булууга-талыыга баҕа санаа баара аан бастаан эрэйиллэр, ол кэнниттэн киһи ол баҕа санаатын оҥорор быһыытыгар кубулутан илэ толорор кыахтанарын биллэрэр. Ол аата тугу эмэ ситиһэргэ аан маҥнай баҕа санааны үөскэтинии уонна ону үгэс оҥостунуу киһиттэн ирдэнэр.
Таҥара үөрэҕэ оҕоҕо, киһиэхэ баҕа санааны үөскэтэринэн, ити ирдэбили толорорго аналланар. Үтүөнү, үчүгэйи, олоҕор саҥаны, тупсарыылары оҥорор баҕа санаалардаах киһи таҥаралаах киһи диэн ааттанар. Көрдөөһүн кыһаныыны, хамсааһыны, ханнык эрэ үлэни оҥорууга тириэрдэринэн киһи туһаны оҥорорун үөскэтэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн көрдөөһүн аһара барыыта “Көрдөөбүккүн ылыаҥ” диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына, кэһэйии, онно-манна түбэһии кэлиэн сөп. Ол курдук, этиһэ-охсуһа сатыыр киһи хаһан эрэ бэйэтэ оннукка түбэһэрэ ити этиинэн бигэргэнэр уонна “Муостаах муостааҕы көрсүөҕэ” диэн өс хоһоо-нунан дакаастанар. Бу уларыйыы көрдөөһүн аһара барыыта күүс дьайыыта, ирдэбил үөскээһинигэр тириэрдэрин биллэрэр.
Тугу эмэ булууга-талыыга, оҥорууга-тутууга көмөҕө наадыйан бэйэ баҕа санаатын атыттарга биллэрэн кэбиһии көрдөһүү диэн ааттанар. Көрдөһүү ким, хайдах көрдөһөрүттэн быһаччы тутулуктаах эрээри, дьайыытын күүһэ кыратынан туолбакка хаалыан эмиэ сөп. Тылынан этиллэр көрдөһүү хайдах этиллэриттэн, дорҕооннорун дьайыытыттан ордук улахан тутулуктааҕын элбэхтик көрдөһө үөрэм-миттэр билэн, сатаан табан туһаналлар. Атаахтыы үөрэммит оҕо араастаан туттунан, ньаамырҕаан, сыыбырҕаан саҥаран ону-маны көрдөөтөҕүнэ төрөппүт ону толорор кыаҕа улаатан хаалыан сөп.
Көрдөбүл диэн көр диэн төрүттэн үөскээбит тыл. Бу тыл өй-санаа сайдыытын, көрүүттэн үөрэҕи ылыныытын уонна олору бэйэтин санаатынан, кыаҕынан толоруутун быһаарар. Көрөн, истэн үөрэнии өй-санаа, салгын кут ситиһэр үөрэҕэ. Өй-санаа ырытан быһаарыы-ларын киһи бэйэтэ ылынан толоруута, күүһүнэн дьайыыта көрдөбүл туолуутун үөскэтэрэ, өй-санаа киһини баһылаан салайарын, ыйан биэрэрин, онтон күүс онно көмөлөһөрүн, толорорун биллэрэр.
Суолга туруоруллубут аналлаах знактар, бэлиэлэр суоппардарга туһуламмыт көрдөбүллэри биллэрэллэр. Олору суоппар көрөн баран хайаан да толороро эрэйиллэр. Көрдөбүл өйгө-санааҕа олоҕурарыттан, сымнаҕаһыттан суол быраабылаларын толорбот суоппардарга ирдэбил, күүс дьайыыта үөскүүрэ тиийэн кэлэр. Суол быраабы-лаларын кэһии төһө улаханыттан көрөн аан маҥнай сэрэтии, онтон ыстараап эбэтэр массыына ыытарга бырааптарын быһыы туттуллар. Ыстараап улаатан иһэрин дьайыытыттан дьон сымнаҕас курдук көрдөбүллэри толорор санаалара улаатан биэрэрэ ситиһиллэр.
Киһи элбэх араас быһыылары оҥорор. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи оҥорор бары быһыыларыгар сыһыаннаах. Киһи оҥорор быһыылара туһата суохтарынан, таах хаалалларынан уонна туһалаахтарынан көрөн икки аҥы арахсаллар, ону тэҥэ, субу кэмҥэ хайаан да оҥоруллуохтаахтарынан көрөн эбэтэр оҥоруллубакка хаалыахтарын сөбүттэн эмиэ икки аҥы арахсаллар.
Киһи хайаан да оҥоруохтаах быһыыларыттан көрдөбүл үөскээн тахсар. Ол курдук, киһи буолуу бэйэтэ араас элбэх көрдөбүллэрдээх, сиэри тутуһууну, киһи быһыытын аһара барбаты, бэйэни туттунууну, тулуурдаах буолууну эрэйэр. Оҕо улаатан иһэн олору барыларын тутуһарга, толорорго үөрэннэҕинэ эрэ киһи буолууну ситиһэн киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыахтанар.
Өй-санаа көрдөбүллэрэ субу кэмҥэ сымнаҕастар, толорумуохха эмиэ сөп курдуктар. Бу көрдөбүллэр киһиэхэ элбэхтик, хос-хос дьайыыларыттан үгэскэ кубулуйдахтарына эрэ, киһи олору бэйэтэ, таһыттан ыгыыта, этэн биэриитэ суох толоро, олоҕор тутуһа үөрэнэр. Ол аата аан маҥнай оҥоро үөрэниигэ сымнаҕас курдук көрдөбүллэр үгэскэ кубулуйдахтарына эрэ дьон толорор кыахтаналлар.
Араас элбэх көрдөбүллэр тупсарыллар, көннөрүллэр аатыран сотору-сотору уларыйан иһэр буоллахтарына, дьон олору аанньа ахтан толорботторо үөскүүр. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн өй-санаа үөрэҕин көрдөбүллэрин толорбот төрөппүттэр оҕолорун өйдөрүн-санааларын харыстаабаттарыттан, аһара ыыталларыттан ирдэбил үөскээн тахсарыттан сыыһа-халты туттунуулары оҥорон эдэр олохторун кылгаталларыгар тириэрдиэн сөп. (17,124).
Өй-санаа көрдөбүллэрин толорбот буолуу холобурдарын мас-сыынанан айаннааһынтан булуу ордук итэҕэтиилээх. Суол быраабы-лаларын көрдөбүллэрэ массыынанан айаннаан иһэр киһиэхэ суол знактарын, бэлиэлэрин көрүүттэн үөскээн, олор көрдөбүллэрин толорорун ирдииллэр. Айыыны оҥоро сатыыр киһи атыттардааҕар түргэнник, суол быраабылаларын тутуспакка, ураты киһитин билинэн айанныыра араас сыыһа туттунуулар, абаарыйалар элбииллэрин үөс-кэтэр. Билигин Россия суоппардара сэбиэскэй былаас куһаҕан сабы-дыалынан айыыны оҥоруу ыарыытыгар ыллараннар суол знактарын, ойууларын көрөн, тутуһан айаннаабаттарын, өй-санаа көрдөбүллэрэ субу кэмҥэ сымнаҕастарын иһин толорботторун, киһи өлүүлээх абаарыйалар элбээн иһэллэрэ биллэрэллэр.
“Сытар полицейскай” диэн массыына сылдьар суолугар анаан-минээн оҥоруллар сэттэ сантиметр үрдүктээх мэһэй, массыынанан түргэнник кэллэххэ, көлүөһэттэн охсон айаннаан иһэр түргэни кыччатары модьуйар. “Сытар полицейскай” диэн күүс дьайыыта, ордук туһалаахтык дьайара бигэргэтиллэн, биһиги куораппыт суол-ларыгар эмиэ элбээн эрэллэр. Бу өй-санаа буолбакка, күүс дьа-йыылара элбээн иһиилэрэ, дьон төһө да үрдүк үөрэхтэммиттэрин иһин, өй-санаа оҥорор сымнаҕас курдук көрдөбүллэрин толорбот-торо, олор дьайыылара мөлтөҕүттэн, тиийимтиэтэ суохтарыттан тутулуктааҕын, күүскэ хаһан баҕарар кыаттаралларын биллэрэр. Билигин суоппардарга суол быраабылаларын тутуспатах иһин ыстараап улаатыыта өй-санаа көрдөбүллэрин толорботу аҕыйатар сыаллаах. Ирдэбили оҥоруу, ыстараап ыараабытын кэнниттэн бэрээдэги кэһээччилэр, суол быраабылатын тутуспаттар биллэрдик аҕыйаатылар диэн этэллэр. Бу этии өй-санаа күүскэ чахчы кыаттарарын биллэрэрин тэҥэ, өйү-санааны туһалаах, сайдыыны, тупсууну аҕалар өттүгэр күүс эрэ илдьэрин, ол диэки хамсатарын быһаарар. Ол аата төһө да өй-санаа баарын иһин күүһэ суох, сайдыы, тупсуу суох буолар, кыайан кэлбэт, сайдыыны күүс эрэ аҕаларыттан аһара барбакка, тэҥнэһиини тутуһа сылдьаллара табыллар.
Өй-санаа ханнык да күүһэ суоҕа хаһан баҕарар биллэриттэн, тиийимтиэтэ суоҕуттан аҥардастыы өй-санаа дьон олоҕор туһата кыра, ыйан биэрэ эрэ сылдьара туһалыан сөп. Сайдыы, үөрэх олоххо чэпчэкини, сымнаҕаһы батыһыыга ыҥырарыттан, оннук өй-санаа дьону мөлтөтөр, күүстэрэ-кыахтара аҕыйыырыгар тириэрдэр, сай-дыыны, тупсарыыны аҕалбат. Ол аата аҥардастыы өй-санаа, үөрэх дьоҥҥо халыйыыны, мөлтөөһүнү үөскэтэрэ быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аҥардастыы үөрэҕи эрэ өрө тутуу аһара барбытынан үлэ-хамнас хаалыыта үөскээбититтэн, ас, таҥас тиийбэтиттэн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ аныгы дьоҥҥо үөрэх буолуо этэ.
Онон аныгы сайдыылаах олох эбиллэн иһэр көрдөбүллэрин; сокуоннары, быраабылалары халбаҥнаабакка эрэ тутуһуу сэти-сэмэни үөскэппэтин сахалар билинэллэр, олохторугар туһаналлар.
СОДУЛ
Содул диэн киһи оҥорбут быһыытыттан сотору кэминэн тиийэн кэлэр өйгө-санааҕа эрэйи, муҥу үөскэтии, ону тэҥэ, баай-мал алдьа-ныыта, урусхалланыыта, улахан ночоот тахсыыта ааттанар. Сэт өйгө-санааҕа ордук дьайыылаах буоллаҕына, содул киһи өйүгэр-санаатыгар уонна баайыгар-малыгар тэҥҥэ дьайар уратылаах.
Содул иккис өрүтэ суох куһаҕан эрэ өйдөбүллээх, куһаҕаҥҥа эрэ тириэрдэр, үгүстүк үчүгэйи, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын табыл-лыбатаҕына, сатамматаҕына үөскээн тахсар уратылаах. Өй-санаа үөрэҕин дириҥник билэр сахалар киһи ханнык да оҥорор быһыы-ларыттан содул үөскээн тахсыбатыгар кыһаналлар.
Арыгы иһэн баран айаннаан иһэн абаарыйаҕа түбэстэххэ, арыгы иһиитэ өйү-санааны буккуйарыттан содул үөскүүрэ быһаарыллар. Массыына абаарыйатыгар түбэһии үксүгэр арыгы дьайыытыттан сыыһа-халты туттунуу тахсарыттан буолар. Арыгы иһиититтэн өй-санаа аһара барыыта үөскээн тахсарыттан абаарыйа буолуон сөп.
Айылҕаҕа туох барыта тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан ту-ралларынан киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыытыгар утары ха-йысхалаах хамсааһын үөскүүр. Бу хамсааһын кыра, сотору биллэн тахсар, сэккэ тиийбэт куһаҕаны үөскэттэҕинэ уонна баайга-малга ночооту таһаардаҕына содул диэн ааттанар.
Сахалар үөрэхтэринэн киһилии быһыылаах киһи хас биирдии оҥорор быһыытыттан ханнык да содул үөскээбэтин ситистэҕинэ эрэ табыллар. Ол аата киһилии быһыылаах киһи өйүн-санаатын таба туһанан үчүгэйи таба быһааран оҥорон содул үөскээбэтин ситиһэр. Содул диэн туох эмэ алдьатыылаах көстүү, сыыһа быһыы туохха эмэ сабыдыала, куһаҕаҥҥа тэбиитэ. (16,406). Содул диэн киһи оҥорор быһыыларыттан үчүгэй эрэ буолбакка, элбэх куһаҕан эмиэ үөскээн тахсарын этиллэр. Арыгыны элбэхтик иһии содула, арыгыһыт буолууну үөскэтэрин тэҥэ, үгүс ночооту аҕаларын бары билэбит, сэрэнэ, харыстана сатыыбыт да, бу кэмҥэ кыаттара илик.
Билигин ордук улахан содуллаах наркотик эдэрдэргэ тарҕанан кэлэн иһэр. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорон атеистары үөскэтэн баран атаахтатан кэбиспит дьонун туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэригэр улахан куттал суоһуура чахчы билиннэ. Онно эбии тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна үөрэх ми-нистерствота оҕо өйө-санаата сайдыытын букатын билбэттэриттэн “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн этэн ыаллар баар-суох оҕолорун өйдөрүн-санааларын киһи быһыытын аһара барыыга, сыыһа-халты туттунууга тириэрдэллэр уонна дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатыырга үөрэтэ, ыҥыра сылдьалларын тохтоппоттор.
“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн сыыһа, өй-санаа аһара барыытын, халыйыытын үөскэтэр этиилэр оҕо дьон билбэттэрин, оҥор-ботторун оҥоро сатыыр санаатын аһара улаатыннаран сиэри таһынан ыытарынан, наркотигы боруобалыы охсорго киирэн биэрэр кыаҕа эмиэ улаатарын үөскэтэллэр. (18,18).
Эдэр киһи айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро сатаан наркотигы биирдэ эмэ боруобалыы оонньуу сылдьан наркоман буолан хаалыыта ыар содулга түбэһии диэн ааттанар. Оҕолору “айыы үчүгэй” диэн сыыһа үөрэтииттэн айыыны оҥорууга сөп түбэһэр наркотик дьайыытыгар киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Ол иһин эдэр наркоманнар үксээн иһэллэриттэн наркотиктар тарҕаналлара өссө кэҥээн иһэр.
Дьон билбэттэрин, оҥорботторун, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын оҕону ыҥырар, угуйар күүһэ элбэҕиттэн араас содулу үөскэ-тэригэр тириэрдэрэ үксээн хаалар. Өй-санаа үөрэҕин билэр сахалар, ол иһин оҕону үөрэтиигэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕин этиилэри былыргыттан туһаналлар. Бу киһини сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэтэргэ аналлаах үөрэхпитин оҕо ийэ кутун иитиигэ хайаан да туһаныахпыт этэ. (17,28).
Улахан айыыны оҥоруу содула ыраахха тиийэр. Аан дойдуга саамай улахан содулу оҥорбут айыынан Улуу Өктөөп өрө туруута уонна салайар былааһы дьадаҥылар, саллааттар, үлэһиттэр саа-сэп күүһүнэн былдьаан ылыылара буолар. Бу 1917 сыллаахха оҥоруллубут айыы 21-с үйэҕэ тиийэн кэлбит содулларынан буолаллар:
1. Баайы-малы оҥорон таһаарбыт хаһаайыттарыттан былдьаан ылан барытын уопсайга мунньан кэбиһии дьон баайы-малы көрөн-истэн харыстыыр, элбэтэр санааларын суох оҥорбутуттан улахан туһата суохха, сэриигэ бэлэмнэниигэ туһаныы сайдыбыта.
2. Күүскэ үлэлиир кыахтаах, сайдыыны, байыыны ситиһэ сатыыр өйдөөх-санаалаах, сайдыылаах буор куттаах сатабыллаах дьону ку-лаакка таһааран уонна репрессия ыытан суох оҥорбуттара.
3. Дьону барыларын; үлэлиэхтэрин баҕарбаттары, мөлтөхтөрү үүрэ сылдьан үлэлэтэ сатаан үлэ былаанын кыччатан иһии, хам-настарын быһалыы ааҕан төлөөһүн тарҕаныыта бары кыратык, суолтатыгар эрэ үлэлииллэригэр тириэрдибитэ.
4. Дьон бары үөрэҕи эрэ эккирэтиилэриттэн кыайа-хото үлэлээбэт, дьадаҥы буор куттаныыларыттан Россияны салайар нууччалар быста мөлтөөтүлэр, үлэни-хамнаһы кыайар кэлии уонна олохтоох омуктар ахсааннара эбиллэн, баһылаан барыылара саҕаланна.
5. Баһылыыр омук улуутумсуйар, улаатымсыйар, атыттары аанньа ахтыбат майгына нууччаларга баарыттан эр дьоно кыра, олохтоох омуктары кытта холбоспотторуттан, “Хааннарын тупсарбаттарыттан” аймахтаһыы ыарыытыгар оҕустардылар. Бу оҕустарыы улахан содулунан кыахтаах, күүстээх нуучча уолаттара быста аҕыйаатылар. Көҥүл тустууга Кавказ уолаттара бары ыйааһыннарга бастыыллара нууччалар буор куттара быста мөлтөөбүтүгэр саһан сылдьарын Кут-сүр үөрэҕэ быһааран бары билиилэригэр таһаарар. Спортка кыайыыны ситиһээри бары спортсменнары наркотигы, допины туһаныыга күһэйии арыллан тахсан 2017 сыллаахха Россия салалтата элбэхтик сууттаммыта, 2018 сыллаахха Сеулга буолбут кыһыҥҥы олимпиадаҕа Россия спортсменнара былаахтаах кыттал-ларын бобоннор допины тутталларын аҕыйата сатыыллар.
Сахалар былыргы билиилэрэ Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн киһиэхэ эрэ салгын кута сайдар, ол иһин киһи үөрэҕи-билиини түргэнник ылынар, өйө-санаата сайдар. Өй-санаа бу биллэр уратытын бэлиэтээн сахалар киһини бэйэтин эрэ киһи, кини диэн ааттыыллар, соннук ыҥыраллар. Атын тыынар-тыыннаахтары барыларын уонна араас тэриллэри, мал-лары эмиэ ол, бу, туох диэн ааттаан өйдөрө-санаалара сайдыбатын, киһиттэн лаппа намыһаҕын биллэрэллэр.
Киһиэхэ тиийбэт өйдөөх-санаалаах кыыллары, көтөрдөрү киһиэхэ тэҥнии сатааһын содула улахан буолуон сөп. “Сука” диэн былыр-гыттан ааттанар тыһы ыты тупсара сатаан “девочка” диэн ааттааһын содулунан, нуучча омук төрүт тылларын хаалларыыта, атын, үчүгэй ааттаах омукка уларыйыыта кэлэн иһэр.
Омугу эстиигэ тириэрдэр суолунан омук төрүт тылларын ула-рытан иһии буолар. Нууччаларга тыһы ыты “девочка”, онтон атыыр ыты “мальчик” диэн киһиэхэ тэҥнээн ааттааһыны киллэрии соду-лунан дьон бу тыллары туһамматтара үөскээһиниттэн омук ула-рыйыыта саҕаланыыта уонна эдэрдэр өйдөрө-санаалара аһара барыы диэки халыйан улаатыылара буолар. (19,21).
Сахаларга төрүт тыллары уларытыы кутталын тыл үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас саҕаттан оҥоро сылдьаллар. Дорҕоонноро суолта-ларыгар сөп түбэһэр төрүт өйдөбүллээх тылларбытын тупсарбыта буола сатаан атын, сахаларга суох саҥа тыллары үөскэтэн сол-буйаллар. (20,101). Итини тэҥэ, араастаан ньаамырҕаан саҥаран дьону барыларын албынныыллара, ийэ диэн төрүт тылбытын “иньэ” диэҥҥэ уларыта уонна сахаларга суох “аньыы” диэн тылы туһаннара са-тыыллара саха тылын туруга суох буолууга тириэрдэр. Онно эбии араас маат курдук куһаҕан дьайыылаах саҥа тыллары оҥорон туһаннара сатыылларыттан эдэрдэр, үөрэтэргэ ыараан хаалбыт тылы быраҕан нуучча тылыгар көһөн эрэллэр. Саха үлэһит дьоно бу бэлэмнэригэр олорор эрээри, араастаан ньаамырҕаан саҥаран албын-ныы сатааччыларга киирэн биэрбэтэхтэринэ омукпут уларыйан хааларын тохтотор кыахтаналлар. Кут-сүр үөрэҕэ тарҕаныыта сахалар маннык албыҥҥа киирэн биэриэх курдуктарын тохтотууга аналланар.
Онон Улуу Өктөөп өрө туруутун содулунан Россия дьоно үөрэҕи ситиһэ сатааннар үлэни табан, кыайан үлэлээбэт буолууга тиийдилэр, онтон нууччалар салайар, баһылыыр кыахтарын сүтэрдилэр уонна ахсааннара аҕыйаан, эстэн, атын омукка уларыйан эрэллэр.
СОДУОМ
Саха дьоно киһини санаата салайарын билэллэр, ол иһин сиэри хаһан да кэспэттэр, киһилии быһыыны тутуһаллар, аһара барбаттар, көрсүөлэр, сэмэйдэр, ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатааһын туһата суоҕун билэллэриттэн олору оҥорботтор. Киһи быһыыта уонна содуом утарыта турар өйдөбүллээхтэр, киһи быһыыта оҥорор, тутар, сайдыыны аҕалар суолталаах, онтон содуом диэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыта буолан алдьатыыга тириэрдиини биллэрэр аналлаах. Содуому оҥоруу киһиэхэ тулуура, туттунар күүһэ баарын, улаханын эбэтэр суоҕун, аҕыйаҕын быһаарар суолталаах. Киһи быһыытын тутуспат, таһынан барар, тулуура уонна туттунар күүһэ суох киһи содуому оҥорор кыаҕа улаатан хаалар.
Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ этэринэн киһи оҥорор быһыыла-рыттан үөскээн тахсар куһаҕаннар манныктар:
1. Сэт диэн өй-санаа халыйыытыттан, сыыһа суолу тутуһууттан кэнники кэлэр уонна уһун кэмҥэ дьайар куһаҕан ааттанар.
2. Содул диэн киһи оҥорор быһыытыттан тиийэн кэлэр өйгө-санааҕа уонна баайга-малга холбуу дьайыылаах куһаҕаны этэллэр.
3. Содуом диэн киһи оҥорор куһаҕан быһыытыттан үөскээн тахсар алдьатыы, улахан ночоот үөскээһинэ ааттанар.
Содуом диэн киһи куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна биллэр ал-дьатыы үөскээтэҕинэ уонна ханнык эрэ ночоот таҕыстаҕына ааттанар. Арыгы иһэн баран өйө көппүт киһи оҥорор куһаҕан быһыыта элбэҕиттэн содуом диэн аат онно иҥэриллибит курдук эрээри, сорох киһи арыгы испэтэҕинэ даҕаны, өйө-санаата туруга, тулуура суо-ҕуттан содуому оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол курдук, киһи өйө көтөн ыларын тэҥэ, баайыллан, буккуллан ылар кэмнэригэр үөскүүр сыыһа туттуулартан содуом үөскээн тахсыан сөп.
Содуомнаах диэн хас арыгы истэҕин аайы куһаҕаннык быһыыланан туох эмэ ночооту аҕалан иһэр, киһи быһыытын аһара барар, алдьатыыны оҥорор киһини этэллэр. Арыгыны элбэхтик иһиититтэн киһи өйө-санаата көтөн, туттунар күүһэ суох буоларыттан оҥорор быһыылара куһаҕан өттүгэр уларыйан иһэллэрин, бу тыл эмиэ биллэрэр. Арыгы иһэн баран аһара туттунар, ону-маны алдьатар киһиэхэ содуомнаах диэн хос ааты иҥэриэхтэрин сөп.
Туохтан эмэ сылтаан дьону уонна атын малы даҕаны харса суох кырбаан үлтү сынньан барыы содуом диэн ааттанар. (16,406). Содуом арыгыны аһара иһиини, киһи быһыытын тутуспаты кытта быһаччы тутулуктаах. Арыгыны аһара иһии киһи туттунар күүһүн аҕыйатан сыыһа-халты туттунарын элбэтэр. Киһи бэйэтин туттунар күүһэ суоҕуттан эбэтэр арыгы иһэн итирдэҕинэ содуому оҥоруон сөп.
Оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтатыы, бары баҕатын түргэнник толоро сатааһын туруга суох, мин эрэ диэн өйө-санаата бастаан иһэ-рин уонна тулуура суоҕун үөскэтэр. Маннык сыыһа иитиилээх киһи уруккуну, олоҕурбуту тоҕута түһэрэ, үрэйэрэ, айыыны, дьон бил-бэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатаан аһара барыылары, сыыһаны-халтыны, алдьатыыны киллэрэрэ элбээн хаалар уратылаах.
Эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан аймахтарга, омукка эстии, симэлийии кэмэ тиийэн кэлэрин сахалар “Эстэр ыал сүөһүтэ харсыһыылаах” диэн өс хоһоонноро биллэрэр. Бэйэтин туттунар күүһэ аҕыйах киһи кыраттан, онтон-мантан сылтанан сиэри таһынан быһыыланыыта, киһи быһыытын тутуспата, сыыһа-халты туттунуута, ону-маны алдьатыыта, содуому оҥороро элбээн хаалара бу өс хоһоонун дакаастабыла буолар. Арыгы иһиитэ киһи туттунар күүһүн мөлтөтөрүнэн итирбит киһи оҥорон кэбиһэр куһаҕан быһыыларын, арааһы алдьатыытын содуомнаата диэн этиллэр.
Арыгыны атыылааһыны бобо-хаайа, аҕыйата сатааһын содуому оҥорууну элбэтэр. Бобуу-хаайыы дьон булан-талан элбэх арыгыны биирдэ атыылаһалларыгар тириэрдэн үгүһү биирдэ иһэн кэбиһэн итирэллэрин үксэтэр. Арыгыны аһара испит киһи өссө булан иһэр баҕаттан ыаллары кэрийэн ааннарын, түннүктэрин тоҥсуйара арыгы атыытын бобууттан эбиллэн хаалар. Холуочук киһи кыайан табан хамсаммакка аһара күүскэ тоҥсуйан кэбиһэн ыал дьиэтин түннүгүн тааһын алҕаска алдьаттаҕына содуом эмиэ үөскээн тахсар.
Библийэҕэ ахтыллар Содом диэн ууга тимирбит куорат дьоно оҥорбут куһаҕан быһыыларын уонна сахалыы содуом диэн тылбыт суолтатын тэҥнээтэххэ олус сөп түбэһэллэр. (21,575). Содом уонна содуом диэн тыллар биир суолталаах өйдөбүллээхтэрин тэҥэ, дор-ҕоонноро кытта биирдэриттэн Содом диэн аат төрүт сахалыы тыл, содуом диэн буолара быһаарыллар кыахтанар уонна онно өр кэмҥэ сахалар олоро сылдьыбыттарын биллэрэр.
“Айыы үөрэҕэ” диэн була сатаан оҥоруллубут үөрэх улахан сыыһатын, киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэтин билэн, арааран бу сымыйа үөрэҕи тохтотор кэм буолла. Айыыны, дьон билбэт буолан оҥорботторун оҥоро сатааһын содуому оҥорууга тириэрдэрэ элбэх. Ол курдук, арыгыны элбэхтик иһэн кэбиһии бэйэтэ киһи оҥорбот быһыытын, саҥаны айыыны оҥоруу буоларынан куһаҕаны оҥорууга тириэрдэрэ элбээн хаалар. “Айыыны оҥор” диэн оҕолору үөрэтии арыгыны элбэхтик ис диэн өйдөбүлгэ тириэрдэрин арааран билии хас биирдии киһиттэн, төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Саҥа дьыл бырааһынньыгар кулуупка туруоруллубут елканы итирик киһи тоҕо түһэн охтороро содуомнааһын, ким да оҥорбот куһаҕан быһыытын, саҥаны айыыны оҥоруу биллэр холобура буолар. Дьон оҥороруттан уратыны, өссө да биллибэти, боруобалаан көрө иликтэрин оҥоруу содуомҥа тиийэн хаалара элбиир.
Киһи оҥорбут быһыытыгар хаһан баҕарар эппиэттиирэ кэлэрин билэ сылдьара ордук. Киһи быһыылаах киһи содуому оҥорбокко эрэ олоҕун көрсүөтүк, сэмэйдик олорор. Содуому оҥоруу кыра буоллаҕына, содуомнааччы сэккэ-сэмэҕэ түбэһэн, көрдөбүлүнэн быһаа-рыллар кыахтанар, онтон улааттаҕына сэт-сэлээн туоларыгар тириэрдэн ирдэбил уонна иэстэбил үөскээн кэлиэхтэрин сөп.
“Муоһа, туйаҕа туллубут” диэн этии киһи улахан кэһэйии, ыарыы кэнниттэн өйдөммүтүн, өйө-санаата тупсубутун, аһара барара дьэ суох буолан көрсүө, сэмэй майгыламмытын биллэрэр. Бу этии үгүстүк аһара туттунар киһи кэһэйбитин, оҥорбут быһыытыгар эппиэт-тээбитин кэнниттэн кэлэрэ, өй-санаа көнүүтэ хойутаан иһэрин чуолкайдаан биэрэр. Ол курдук, муос туллуута диэн инники киирии, урутаан түһүү аны тохтообутун биллэрэр суолталаах.
Эттэн-сиинтэн кэлэр ыарыы киһини өйдөннөрөр, туттунар күүһүн улаатыннарар кыаҕа улахан. Кыра чыпчархай оҥорор ыарыыта хаһан да умнуллубат, буор куту үөскэтэринэн уһуннук өйдөнөр, оҕоҕо этэ-сиинэ баарын биллэрэн харыстанар, көмүскэнэр санаатын үөскэтэн улаатыннарар. Ыарыы киһиэхэ өй киллэрэр кыаҕа улахан. Былыргы кэмнэргэ бу быһаарыыны тутуһан мэник, киһи тылын истибэт оҕону кыратык талаҕынан дьарыйа түһэн биэриини туһаналлара аһара туттубатын, бэрээдэги тутуһарын үөскэтэргэ туһалыыр этэ. Элбэхтик куһаҕан быһыыны оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбыт оҕону сыы-һатын көннөрөн үөрэтиигэ чыпчархай туттуллуон сөп.
Дьон өйө-санаата сайдыыта былыргытыттан, ол аата Кут-сүр үөрэҕэ үөскээбит кэмиттэн кыайан уларыйбакка сылдьарыттан, эт-сиин ыарыыны билбитэ буор куту үөскэтэринэн, хаһан да умнуллубатыттан, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр буруйу оҥордоҕуна чыпчархайынан чаҕытан, дьарыйан биэрии куһаҕаны билиигэ тириэрдэрэ, билигин даҕаны туттуллуон сөп этэ. Оҕо туһугар, өйө-санаата сайдыытыгар, киһи буолууну ситиһэригэр төрөппүттэр эрэ кыһаналлар. Байбыт тойоттор, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар дьон оҕолорун туһугар кыһаналлар диэн санаа сымыйата толору дакаастанар буолла. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар айбыт “айыыларын үөрэҕэ” оҕо аһара барар санаатын өссө улаатыннаран кэбиһэриттэн, араас буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатаан сыыһа-халты туттунара элбииригэр тириэрдэрин арааран билии эрэйиллэр.
Урукку, сэбиэскэй былаас саҕана дойду аан бастаан оҕо туһугар кыһанара аһара баран “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны үөскэтэн кэбиспитэ атаахтык иитиигэ тириэрдибитэ, аны ырыынак олоҕо кэлбитигэр хааллаҕына табыллар. Оҕо улаатан үчүгэй, киһилии майгылаах, быһыылаах, үлэһит киһи буолары ситиһиитэ аан бастаан төрөппүттэригэр туһаны оҥорор, олохторун салгыыр, баайдарын-малларын элбэтэр киһилэрэ баар буоларыгар тириэрдэр. Ол иһин оҕо өйө-санаата сайдыытын, кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллэрин төрөппүттэр Кут-сүр үөрэҕиттэн билэн, көрсүө, сэмэй майгыны иҥэриэ, улаатан истэҕинэ үлэҕэ үөрэтиэ этилэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыылары оҥорууга иитилиннэҕинэ, соннук үгэстэргэ үөрэтилиннэҕинэ, тулуура сайдан сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ би-гэргэтэр. Оҕо ийэ кутун ийэтэ эрэ олохтуур, үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ иитэр, үөрэтэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитилиннэҕинэ уонна “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэххэ үөрэтилиннэҕинэ эрэ араас сыыһа-халты туттунуулартан, содуому оҥорууттан, “муос-туйах туллуутуттан” харысхалланарын, көмүскэллэнэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ, туһаныахтара этэ.
Оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн этэр тыл үөрэхтээхтэрин улахан албыннарын мин арыйан төрөппүттэргэ тириэрдэбин. Оҕо төрөппүт эрэлэ, олоҕун салҕааччыта буолар. Кини сыыһа-халты туттубакка олоҕун киһилии быһыылаахтык олорорун төрөппүттэрэ; ийэтэ, аҕата кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан, үгэстэринэн иитэн биэрэн саҕалыыллар. (22,70).
Онон өй-санаа тулуура, туттунар күүһэ суоҕуттан киһи содуом диэн ааттанар сыыһа-халты туттунууну, киһи быһыытын аһара, таһынан барыыны оҥорон кэбиһиэн уонна эппиэтинэскэ, сэккэ-сэмэҕэ эбэтэр сэккэ-сэлээҥҥэ түбэһиэн сөп.
СОЛУНУ БИЛИИ
Ол, сол, бу диэн тугу саҥа көрбүппүтүн, билбиппитин ааттыыбыт. Тугу саҥаны билбиппит, көрбүппүт барыта солун диэн тылынан этиллэр. Сол уонна уун диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит солун диэн тылбыт саҥаны, уратыны аан бастаан билиини биллэрэр.
Солуну, саҥаны билииттэн киһи өйө-санаата сайдар, билиитэ эбиллэн иһэр. Өйгө-санааҕа саҥаны билии эбиллиитэ ханнык эрэ кээмэйи аһара барыа суохтаах, эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Үчүгэй солуннар.
2. Куһаҕан солуннар.
Сахалар көрсүһэ түһээт: “Туох солуннааххын?” диэн ыйыталлара солуну, саҥаны истиигэ, билиигэ элбэх баҕа санаалаахтарын биллэрэ сылдьар. Солуну, саҥаны билии элбээтэҕинэ уонна аһара бардаҕына солумсаҕырыыны үөскэтэрэ, киһи бииртэн-бииргэ, саҥаттан-саҥаҕа көтүөккэлээһинин таһааран, аны куһаҕаҥҥа, солумсах буолууга тириэрдиэн сөбүттэн сэрэнии, харыстаныы эрэйиллэр. Ол иһин сахалар “Туох солун баар?” диэн ыйытыыга “Солун суох” диэн утарар харданы биэрэн солумсаҕырыы аһара барарын сонно тохтотоллор.
Дьон үчүгэй да, куһаҕан да солуннары истиэхтэрин баҕараллар. Олортон куһаҕан солуннар ордук улахан интэриэһи тардалларыттан тарҕаналлара аһара түргэн уонна “Куһаҕан сымыйа буолбат” диэн этиигэ сөп түбэһэн уларыйан хаалаллара аҕыйах буолар.
Урут билбэтэҕи билии, оҥорботоҕу оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта улахан хамнааһыны оҥорон умнуллубат буолууга сонно кубулуйар, ол аата айыыны оҥоруу киһиэхэ ийэ кутун быһалыы үөскэтэр. Саҥаны, солуну, уратыны билии умнуллубат уратылаах. Оҕо ийэ кута саҥаны билиилэриттэн, оҥорууларыттан үөскээн сайдан, үгэстэри үөскэтэн мунньуллан иһэр. Оҕо ону төрүт умнубат, саҥа билии саҥа үгэһи үөскэтэн өйүгэр хатанан хаалар. Ол иһин ийэ кут өйө-санаата киһи төрүт өйө-санаата диэн ааттанар, үйэтин тухары салайыыга кыттыһа сылдьар уонна Кут-сүр үөрэҕин туһанан үчүгэй быһыыларынан, үгэстэринэн кыра эрдэҕинэ иитиллэрэ эрэйиллэр.
Саҥаны, солуну билиини аныгы наукаҕа эмиэ арааран билэллэр. Ол курдук, киһи саҥаны билбитэ мэйиитигэр нейроннар саҥа хол-боһууларын үөскэтэн иһэрин быһаарбыттар. Ол иһин саҥаны айыыны оҥоруу умнуллубат уратылаах. Өй-санаа бу сайдан иһэр уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар, оҕо ийэ кута үөскээһинэ диэн үөрэх оҥорон Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.
Киһи олус уратыны, саҥаны көрбүтэ, соһуйбута, куттаммыта өйүгэр хатанан хаалан хаһан да умнуллубаттар. Ону сахалар: “Киһи түүлүгэр киириэх” – диэн бэлиэтээн этэллэр. Киһи түүлүгэр үгэскэ кубулуйбут бэлиэлэри көрөрүнэн, итинниктэри биирдэ көрөрүн, билэрин кытта түүлүгэр киирэн көстүөхтэрин сөп. Ол аата итинник уратылар биирдэ көстөөт даҕаны үгэскэ кубулуйаллара быһаарыллар.
Киһиэхэ солуну билиититтэн салгын кута сайдан иһэр. Ол курдук, солуну билэн истэхпитинэ, олоххо туһаннахпытына табыллар, солуну, саҥаны билииттэн сайдыы кэлэрэ ситиһиллэр. Онтон билбэтэхпитинэ, олохпутугар кыайан туһамматахпытына түргэнник сайдан, уларыйан иһэр олохтон хаалан хаалыыга тиийиэхпитин сөп.
Саҥаны, солуну билэ-көрө сатааһын кэмнээх-кэрдиилээх, эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр. Ол солуну билэн олоххо хайдах туһаныыттан тутулуктанар:
А. Саҥаны, солуну билии сайдыыны, тупсууну аҕалар.
Б. Ол-бу, араас олоххо туһата суох саҥаны, куһаҕан солуну билэ сатааһын куһаҕаны элбэтиигэ тириэрдиэн сөбүттэн сэрэнии ирдэнэр.
Араас солуннар билигин аһара элбээтилэр. Олору барытын билэ сатааһын аһара барыыта солумсах буолууга тириэрдиэн сөп. Бииртэн бииргэ көтүөккэлээн иһии, солумсаҕыран хаалыы киһи оҥорор, тутар кыаҕын аҕыйатыыга тириэрдэрэ түмүгэр куһаҕаны үөскэтэр.
Олоххо туһата суох араас элбэх солуну билии аһара барбатаҕына табыллар. Ол курдук, аһара баран араас, олоххо туһата суох солуну билэ, олору эккирэтэ сатааһын куһаҕаҥҥа, көтүмэх, солумсах буолууга тириэрдэрэ киһи быһыытыгар сөп түбэспэт.
Солумсах буолуу куһаҕан майгыга киирсэр, киһини араас сыыһа-халты туттунууларга, куһаҕаны оҥорууга тириэрдиэн сөп. Бииртэн бииргэ, саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлээн иһии киһилии майгы буолбатах. Солумсах буолууну ордук дьахталлар сөбүлээбэттэр.
Солумсах буолууттан үлэни оҥорууга сэт үөскээн тахсар. Бу сэт үөскээһинэ үлэни-хамнаһы хаалларар, кыайан, табыллан үлэлээбэти сайыннаран үлэ кыаллыбат буолуутугар тириэрдэр. Билигин дьон солумсах буолуулара улаатан уһуннук үлэлэнэр ыарахан үлэлэри сирэллэрэ, үлэлээбэттэрэ үөскээбититтэн кэлии, үлэни кыайар омуктар кэлэн, ахсааннара эбиллэн иһэллэр. Элбэх үлэлээх тыа сириттэн эдэрдэр барыылара бары, араас, олоххо туһата да суох үөрэҕи эккирэтэ сатаан солумсаҕыраллара улааппытын бэлиэтиир.
Тыл үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмигэр солун диэн төрүт тылбытын “сонун” диэн сахаларга суох саҥа тылы булан улары-таннар, солумсах буолуу үөскээһинин төрүтүн, элбэх саҥаны билииттэн үөскүүрүн кистээннэр, сабаннар, билигин саха дьоно бары солумсаҕырыылара улаатарыгар тириэртилэр. Уһун үйэлэргэ үлэлээн кэлбит тыа сирин үлэтэ-хамнаһа кыайтарбата солумсаҕырыы киһи быһыытын аһара барбытын, олус улааппытын биллэрэр.
Олох аҥардастыы үчүгэй эрэ буолбатах. Оҕо кыра эрдэҕинэ бары-барыта үчүгэй, оонньуу курдук көстөрө сотору, улаатан истэҕинэ аастаҕына, көннөҕүнэ табыллар. Ол курдук, куһаҕан диэн олоххо хаһан баҕарар баарын оҕо төһө кыратыттан билэ үөрэнэр даҕаны өйө-санаата туруктаахтык сайдарын сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” уонна “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэхтэри туһанан өйдөрүгэр-санааларыгар тириэрдэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатыы, маанылааһын улаатан истэҕинэ эмискэ тосту уларыйыыта, хаалыыта оҕо улахан киһи олоҕо элбэх эрэйдээҕин соһуччу билиитэ “Трудные подростки” диэн кыайан салаллыбат майгылаах оҕолор үөскээһиннэригэр тириэрдэр. Оҕо улаатан иһэн олох ыараханнарын сыыйа билэн истэҕинэ өйө-санаата, бу халыйыыга оҕустарбакка сайдыан сөп. Ол иһин сахалар оҕону куруук бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан олох ыараханнарыгар сыыйа, кыра эрдэҕиттэн иитэллэр уонна үтүгүннэрэн үөрэтэн иһэллэр.
Кыра да куһаҕан киһиэхэ дьайыыта улахан, өр кэмҥэ умнуллубат. Ол иһин “Куһаҕан умнуллубат” диэн этии үөскээбит. Куһаҕан, ыарыы киһи этин-сиинин таарыйдаҕына, буор куту үөскэттэҕинэ букатын умнуллубат үөрүйэххэ кубулуйар. Аһара мэник, улахан киһи тылын истибэт оҕону кыра эрдэҕинэ кыратык көм этигэр чыпчархайдаан биэрии өйүн-санаатын тосту көннөрөр, оҥорор быһыыта аһара барарын тохтотор. Оҕо чыпчархай дьайыытыттан этэ-сиинэ баарын уонна ыарыыны билэрин биллэҕинэ этин-сиинин харыстыыр санаата күүһүрэн оҥорор быһыытыгар сэрэнэрэ улаатара ситиһиллэр.
Араас куһаҕан солуннар бары сибээс ханаалларынан тарҕан-нахтарына дьон олору истэн, билэн оҕолорун оннук куһаҕан быһыылары оҥорумаҥ, куһаҕантан тэйиччи сылдьыҥ диэн этэллэрэ эбиллэр, оҕолор ханнык куһаҕан быһыылар баалларын билэллэ-риттэн, олору оҥорбот кыахтара улаатар. Төһө да бобо-хаайа сатаабыт иһин “Этэрбэс араадьыйатынан” тохтоло суох тарҕанар куһаҕан солуннар аһара улаатан, дарбайан хаалалларыттан дьон кырдьыгы арааран билэллэрин суох оҥороллоро ордук улахан куһаҕан содулу үөскэтэллэр. Куһаҕан солуну истиигэ киһи эрдэттэн бэлэмнэниитэ соһуйбатын, уолуйбатын үөскэтэр. Куһаҕан түүлү көрүү кэнниттэн киһи, бу түүлүн элбэхтик ырытан, сыаналаан тойонноотоҕуна, кимиэхэ эмэ кэпсээтэҕинэ өйө-санаата бу куһаҕаҥҥа утарсар, дьайыытын аҕыйатар кыахтанар. Куһаҕан солуну тириэрдиигэ эрдэттэн “Кэпсэтэ кэллим” диэн этиинэн сэрэтилиннэҕинэ киһи соһуйара, уолуйара кыччыыр. Итини тэҥэ, сахалар “Куһаҕан сымыйа буолбат” диэн этиини туһаналлар. Куһаҕан солун көнөтүк, чуолкайдык этиллэрэ киһиэхэ ордук тиийимтиэ.
Куһаҕан солунтан дьон сэрэхтэрэ улаатар. Ол иһин куһаҕан солун кэмигэр биллэн иһэрэ ордук. Киһи бэйэтигэр сыһыаннаах куһаҕан солуннары эрдэ биллэҕинэ харыстанар кыаҕа улаатар. Раак да ыарыы буолбут киһи ыарыытын дьайыытын билэ сырыттаҕына өйө-санаата туруктанар, тулуура улаатан бөҕөргүүрэ ситиһиллиэн сөп. Ол аата куһаҕан тиийэн кэлиитигэр эрдэттэн бэлэмнэнэрэ табыллар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи тугу билэригэр, солуну истэригэр, көрөрүгэр ордук улахан сыһыаннаах:
а. Куһаҕаны билии.
б. Үчүгэйи билии.
Бу икки өрүттэри таба арааран олоххо туһаныы киһи буолууну ситиспити биллэрэр тутаах өйдөбүллээх. Солуну билии бу икки өрүттэрин уратыларын арыйыахпыт:
а. Оҕо аан бастаан дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран биллэҕинэ үчүгэй диэн баар буоларын билэргэ, үчүгэйи ордук сыана-лыырга үөрэнэрэ кыаллар. Итини тэҥэ, куһаҕан быһыылар ахсааннара биллэр аҕыйаҕыттан оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн таба туһанара улаханнык түргэтиир, билиитэ дириҥ, умнуллубат буолар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары эрдэттэн билэн, олору оҥорботугар, бэйэтэ тохтотунар күүстэнэригэр аналланар. Куһаҕан саҥаны айыыны оҥоруу судургутуттан, элбэх эрэйэ суоҕуттан оҕо улаатан иһэн үгүһү оҥорон кэбиһэр кыахтанарын сахалар билэн “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр. Оҕо оройугар буору кутан бурҕаттаҕына төрөппүт бу быһыы куһаҕан, аны оҥорума диэн тохтоттоҕуна, оҥорбот буолуута үөскүүр.
Дьон ону-маны, солуну, саҥаны билиэхтэрин баҕалара улахан. Аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор араас куһаҕаннарын аан бастаан билии уонна олору оҥорбот буолуу, өй-санаа киһи быһыылаахтык, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхаланан сайдарын үөскэтэр.
б. Үчүгэй аһара элбээн иһэр, дьон бэйэлэригэр үчүгэйи оҥорор санаалара үксээн иһэриттэн үчүгэй өссө эбиллэр. Дьон уһун үйэлэрин тухары үчүгэй быһыылары оҥороннор үчүгэй аһара элбээбит. Ол иһин үчүгэйи аҕалар, олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии отой аҕыйаабыт, билигин олус уһуннук үлэлээн, элбэхтик үөрэтэн биир эмэ киһи ону оҥороро кыаллар, табыллар кэмигэр кэлэн олоробут. “Что новое – это хорошо забытое старое” диэн этии үчүгэйи оҥоруу чахчы аҕыйаабытын биллэрэр.
Киһи олоҕор үчүгэйи куһаҕантан таба арааран туһанара хайаан да ирдэнэр. Бу талан ылыыга сахалар “Айыыны оҥорума”, “Бобуулааҕы оҥорума” диэн үөрэхтэрин туһаныы ордук табыллар. Ол курдук, айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу сатаммакка, табыллыбакка хаалан куһаҕаҥҥа кубулуйара элбэх, онтон оҥорорго бобуллар аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны арааран биллэххэ уонна олору оҥорботоххо, киһи оҥорор быһыытыгар үчүгэйэ элбиир кыахтанар.
Киһи үчүгэйи, бэйэтигэр туһалааҕы оҥостуон баҕарар. Үчүгэйи оҥорор туһугар аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны арааран билии ордук улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, киһи үчүгэй буолуон курдук санаан оҥорон кэбиспитэ табыллыбакка хаалан куһаҕаҥҥа кубулуйан тахсан хомоторо быдан элбэхтик бэлиэтэнэр.
Киһи оҥоро сылдьар саамай туһалаах быһыытынан куһаҕан санааларыттан ыраастана, умна сылдьара буолар. Куһаҕан санаалартан ыраастанар, умнар туһугар киһи аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын бэйэтэ билэрэ туһалыыр. Бу быһыыны үөс-кэппит санаа куһаҕана быһаарыллан тахсарынан, ол санааны умнан кэбиһии киһи өйүн-санаатын ыраастыыр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ ол иһин “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэрин ситиһэр.
Онон кыра эрдэҕиттэн аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны арааран биллэҕинэ оҕо өйө-санаата туруктаахтык, икки өрүтүн тутуһан үчүгэйи оҥоруу диэки салаллан, сайдан барарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэн хааччыйар.
КУҺАҔАНТАН ҮӨРЭНИИ
Оҕо кыра, ийэ кута үөскүүр кэмигэр төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ улаханнык сэрэниэхтэрэ, сайдан иһэр өйүн-санаатын улаханнык харыстыахтара этэ. Кут-сүр үөрэҕин билэр саха дьоно, бу кэмҥэ оҕолорун “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” эрэ иитэллэрин, үөрэтэллэрин таба сыаналаан олоххо туһаныы эрэйиллэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕаны оҥорбокко иитэллэр, үөрэтэллэр. Куһаҕаны урутаан биллэҕинэ уонна олору оҥордоҕуна куһаҕан тар-дар, угуйар күүһэ улаханыттан өссө хатылаан оҥорор санаата аһара барыан сөп. Куһаҕан эмиэ саҥаны айыы буоларынан умнуллубат өйдөбүлү, үгэһи үөскэтэн кэбиһэн ийэ кукка эмиэ уларыйан иҥэн иһэр. Кумаҕынан, буорунан ыскайдыы үөрэннэҕинэ эбэтэр ууну тоҕо оонньоотоҕуна, бу быһыытыттан араарар, атыҥҥа аралдьытар ыараан тахсар. Ханнык эрэ ыгааһыны, күүһү, кырата табыталыттан тардыыны туһаннахха эрэ табыллар кэм тиийэн кэлэр.
Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ оҕону иитиигэ туһанар биир тутаах көрдөбүлүнэн кыра оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕаны оҥо-рорго үөрэммэтин ирдиирэ буолар. Ол барыта кыра оҕо аан маҥнай оҥорор быһыылара ийэ кутун үөскэтэн иһэллэринэн быһаарыллар. Куһаҕан быһыылары оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбыт оҕону саҥа-лыы көннөрөн үчүгэйгэ үөрэтии ыараан хаалара, бу үөскээн хаалбыт куһаҕан үгэһин умуннардахха, хааллардахха, саҥа үчүгэй үгэһи иҥэрэн биэрдэххэ эрэ кыалларыттан уустугуран тахсар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥотторон ийэ кутун иитиини, үөрэтиини аан бастаан ийэ оҥорор. Тохпокко, ыспакка аһыырга үөрэниитэ элбэхтик хатылаан үөрэтииттэн ситиһиллэр. Сахалар ону билэн оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн былыр үйэҕэ ааттаабыттар. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллэн, үчүгэй үгэстэммит оҕо улааттаҕына даҕаны куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыырын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ мэктиэлиир.
Оҕо кыра эрдэҕинэ истигэн, улахан киһи этэрин толорумтуо, ол иһин салайарга, үөрэтэргэ чэпчэки. Бу кэмҥэ оҕоҕо үчүгэй быһыы-лары элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии төрөппүттэр бэйэлэрэ үчүгэй быһыылары оҥордохторуна кыаллара уустуга суох. Оҕо улахан киһини үтүктэр, батыһар күүһэ улаханыттан бэйэни үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтиини сахалар туһаналлар.
Оҕону куһаҕаҥҥа үөрэппэт туһугар сэт-сэмэ үөрэҕин төрөппүттэр билэллэрэ, олохторугар туһаналлара ирдэнэр. Төрөппүт этиитэ уонна оҥорор быһыылара сөп түбэспэтэхтэринэ оҕо бэйэтэ билэринэн оҥорорго, оннук сылдьарга түргэнник үөрэнэн хаалыан сөп.
“Үчүгэйгэ, сылааска, сымнаҕаска киһи түргэнник үөрэнэр” диэн этии киһи этин-сиинин тутаах баҕа санааларын биллэрэр. Ол аата үчүгэйгэ үөрэниигэ улахан үөрэх көрдөммөт, эт-сиин бэйэтэ үчүгэйгэ, сынньалаҥҥа, бэлэмҥэ дьулуһара улаханыттан табыллыы үөскээн тахсар. Манна үчүгэйдик аһааһын, астыныы, дуоһуйуу диэни эбэн биэрдэххэ эт-сиин баҕа санаата быстах, күннээҕи баҕа санааны толоро сылдьыыга тириэрдэрэ чуолкайдык быһаарыллар.
Үчүгэйи оҥоруу диэн аан бастаан эт-сиин баҕа санаатын толоруу буолар. Онтон үлэ эрэйдээх, өй-санаа дьулуура, тулуура улаатан эти-сиини үлэлииргэ, хамсыырга күһэйэр кыахтаннаҕына эбэтэр ас-таҥас булунар кыһалҕатыттан киһи араас үлэни үлэлииргэ күһэллэр. Ол иһин сахалар “Үлэ ыарахан” диэн этэллэр. Оҕону үлэлииргэ үөрэтэргэ ханнык эрэ ыгааһын, күһэйии баар буоларын уонна аҕа эрэ үлэҕэ үөрэтэр кыаҕа улаханын бары төрөппүттэр билинэллэр.
Айылҕаҕа кэлэн иһэр куһаҕаннар; хараҥа түүн, тымныы кыһын киһи этигэр-сиинигэр биллэр куһаҕан сабыдыаллаахтар, ол иһин киһи өсөһөр, туруулаһар күүһүн улаатыннаран биэрэллэр. Ол курдук, хараҥаҕа киһи ырааҕы кыайан көрбөт, көрө сатыырга дьулуһар, онтон кыһын тоҥуу, эрэйдэнии, тымныыны тулуйарга үөрэтэр, эбиискэ таҥнарга күһэйэрэ таҥаһы эрдэттэн бэлэмнэниини эрэйэр. Куһаҕаны туоруурга, кыайарга киһиэхэ тулуура, өһөс санаата элбээтэҕинэ эрэ табыллар. Киһиэхэ бу санаалары Улуу Тойон таҥара биэрэр уонна “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонунан кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ этэн биэрэн көмөлөһөр. Аһара тымныы дойдулаах сахалар тулуурдарын, өһөстөрүн улаатыннараары аналлаах Улуу Тойон таҥараны үөскэтэн туһаналлар.
Улуу Тойон таҥара киһиэхэ быһаччы биэрэр күүһэ сүр диэн ааттанар. Бу айылҕаттан уонна төрөппүттэртэн бэриллэр санаа күүһэ. Бу сүр кыһын, тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолорго элбэҕэ биллэр. Онтон атын араас туһалаах хаачыстыбалары киһи өйө-санаата сайдарынан бэйэтэ сайыннаран олоҕор туһанара ирдэнэр.
Ханнык баҕарар таҥара үчүгэй эрэ буолбатах, үөрэтэр, кэһэтэр күүстээҕин иһин дьон таҥара үөрэҕин тутуһаллара үөскүүр. Сиэри, киһи быһыытын, таҥара үөрэҕин тутуспат буолуу кэнниттэн тиийэн кэлэр куһаҕаннар таҥара накааһа диэн ааттаналлар уонна бары таҥара үөрэхтэрэ олоххо киллэрэн туһана сылдьаллар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун быһаарар этии киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыыларын уратыларын, үчү-гэйин эбэтэр куһаҕанын эмиэ табатык быһаарар. Ол курдук, киһи өйө-санаата саҥаны айыылары билэриттэн үөскүүрүттэн хайаан да тугу эмэни оҥоро сатыырыттан уонна үчүгэйи оҥоробун диэн тиэтэйэр, ыксыыр санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ элбиирин сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанан хааччахтыы сатыыллар.
Үчүгэй уонна куһаҕан киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыыларын уратыларын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэннэр “Үчүгэй умнуллара түргэн, онтон куһаҕан өр кэмҥэ умнуллубат” диэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар. Киһи үчүгэйи умнан кэбиһэрэ атын үчүгэйдэр кэлэн солбуйан иһэллэриттэн улахан тутулуктаах.
Куһаҕан дьайыыта киһи этин-сиинин таарыйдаҕына, ыарыыны үөскэттэҕинэ букатын умнуллубат буолар. Ыарыы киһиэхэ буор куту үөскэтэр, ол иһин умнуллубат. Киһи тарбаҕын өтүйэнэн охсон ыарыыланнаҕына букатын умнубат, хаһан баҕарар өтүйэнэн тутта-рыгар сэрэнэрэ киирэн иһэр. Куһаҕантан киһи кэһэйдэҕинэ, ыарыыланнаҕына умнубат буола үөрэнэрин сахалар арааран билэн “Кэһэйэн үөрэнии” диэн аналлаах үөрэҕи оҥорон туһаналлар. (23,77). “Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн өс хоһооно эрэй, ыарахан киһиэхэ кымньыы курдук дьайыыны оҥороллорун быһаарар.
Киһи өйө-санаата сайдыытын, куттара үөскээһинин уратыларын сахалар ойууннара түүлү үөрэтэн арыйбыттар уонна олохторугар Кут-сүр үөрэҕэ оҥорон туһаналлар. Ол курдук, түүлгэ араас бэлиэлэр, көстүүлэр көстөллөрүн, бу бэлиэлэргэ, көстүүлэргэ иҥмит, үгэс буолбут өйдөбүллэрин туһанан табатык тойоннуохха сөп.
Ынырык, ыар көстүүлэр киһи түүлүгэр киирэн хаалан элбэхтик көстөн эрэйдииллэрин сахалар “Киһи түүлүгэр киирэр ынырык” диэн этэллэр. Киһи урут көрбөтөҕүн көрөн олус соһуйбута, уолуйбута өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан, сонно үгэскэ кубулуйан умнуллубат буола ууруллан хааларын уонна ийэ кутун быһалыы үөскэтэн түүлүгэр киирэн көстөрүн сахалар билэллэр. (24,17).
Сомоҕотто киһи өйө-санаата сайдыытыгар, саҥаны билиитигэр үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһана үөрэниитигэр куһаҕан дьайыыта улаханын туһунан маннык суруйар:
- Мудрость олонхо состоит и в том, что на первый взгляд кажется, что эпос всецело посвящен прославлению благополучных слоев общества и подвигов борцов с насилием. Однако древние философы раньше нас узнали, что похвалы и лесть (положительные эмоции) действуют на душу и сознание человека гораздо слабее и кратко-временнее, чем отрицательные, устрашающие примеры. (25,152).
Оҕо куһаҕаны кыра эрдэҕиттэн урутаан биллэҕинэ өйө-санаата туруктаахтык сайдар, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар кыаҕа улаатар. Чыпчархайтан ыарыыны биллэҕинэ этэ-сиинэ баарын билэн харыстыыр санаата үөскээн олохсуйан, сэрэҕэ улаатарын төрөппүттэр туһаныа этилэр. Этэ-сиинэ ыалдьарын билбэт оҕо харыстанар туһунан тугу да билбэтиттэн атыттары да харыстаабат уонна онно-манна, киһи быһыытын аһара барыыга, сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хаалар.
Барыны-бары “үчүгэй” буолла диэн аһара хайҕаан куһаҕан сүтэн, симэлийэн хаалбытын курдук этиини туһана сылдьыы олоххо улахан халыйыыны үөскэтэрэ омук атыттартан үчүгэйэ биллэрдик улаатан национализмҥа тиийэн хааларыгар тириэрдиэн сөп. Үчүгэй аһара баран хааларын тохтоторго сахалар аналлаах үөрэҕи туһаналлар. Куһаҕаны тупсаран, көннөрөн үчүгэйгэ кубулутан биэрии олох үөрэҕэ буолар. Оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан диэни аан бастаан арааран биллэҕинэ олору оҥороро аҕыйаан, үчүгэйи элбэхтик оҥорор. Куһаҕан диэни арааран биллэххэ эрэ, үчүгэй диэн баара араарыллан тахсарын оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныы эрэйиллэр.
Ыарыы диэни билбэт киһиэхэ ол туһунан ымпыктаан-чымпыктаан кэпсии сатааһын туох да туһата суох хаалан хаалар. Арай күдээринэ истэн баран быраастар этиилэрин истиэххэ диэн сүбэлиэн сөп.
Аччыктааһын диэни букатын билбэт оҕоҕо, ас тиийбэккэ аһаа-бакка сылдьыы туһунан кэпсии сатааһын интэриэһи үөскэппэт. Арай бэйэтэ онно-манна сылдьан аһаабакка хаалан аччыктаатаҕына, этэ-сиинэ ол эрэйи биллэҕинэ тулуйа үөрэнэрэ дьэ киирэр.
Саха дьоно өй-санаа үөрэҕин баһылаабыттара тылларыгар киирэн иҥмит. Оҕо оҥорор быһыытыгар барыларыгар төбөтө буруйдааҕын быһааран “Төбөт” диэн мэник-тэник, сыыһа-халты туттунар оҕону бэлиэтиир тылы үөскэппиттэр. Төбөҕө өй-санаа эбиискэ киирдэҕинэ, олохсуйдаҕына эрэ бас диэн өй-санаа баарын биллэрэр ааттанара табыллар. Бу быһаарыы сахалар олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ бас диэн өй-санаа баарын, салайарын биллэрэр тылы үөскэтэн туһана сылдьалларын биллэрэр.
Онон оҕо аан маҥнай дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран биллэҕинэ эрэ үчүгэй диэн баарын билэр, таба өйдүүр, олоҕор туһа-нар уонна олору элбэхтик оҥорор кыахтанар.
СЭТТЭНИ ЫЛЫЫ
Сэт диэн киһи оҥорор быһыыларыттан үөскээн тахсар утары хайысхалаах хамсааһын ааттанар. Киһи оҥорор быһыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэннэр үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсаллара уустуктары үөс-кэтэр эрээри, сахалар “Туох барыта ортотунан тоҕоостоох” диэн өс хоһоонун туһанан икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан сөп түбэһэр быһыылары оҥороннор сэти үөскэппэттэр. Икки өрүттэртэн хайа эрэ өттүн диэки аһара барыыттан, өй-санаа халыйыытыттан сэт үөскээн тахсарыттан сахалар олус диэн сэрэнэллэр, туохха да сэти үөскэппэккэ кыһаналлар. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии киһи оҥорор быһыыларыгар ураты сэрэхтээх буоларыгар аналланар.
Тугу эмэ оҥорон айылҕаҕа, туохха барытыгар былыргыттан олох-суйан турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсатан кэбиһии сэт үөс-күүрүгэр тириэрдэр. Дьон оҥорор быһыыларыттан сэт үөскээһинэ диэн халлаан сылыйыыта буолар, онно сөптөөх эппиэтэ хойутаатар да хайаан да тиийэн кэлэр уонна уу эбиллиитин үөскэтэр. Ол иһин сэт үөскээһинэ “сэттэни ылыы”, ол аата кэһэйии кэлэрин биллэрэр.
Сэттэ диэн сахалыы ахсаан. Сэттэ - сэттээх ахсаан. Кыра да куһаҕаны оҥоруулар ахсааннара сэттэҕэ тиийэ мунньулуннаҕына үчү-гэйи аҕалбат эппиэтэ тиийэн кэлэригэр тириэрдэр.
“Сэттэни ылыы” диэн киһи туохтан эрэ кэһэйэн үөрэниитэ, ыарыыны билиитэ ааттанар. Хас да кыра суолталаах куһаҕаннары оҥорбукка эппиэтэ тиийэн кэлэн кэһэйии, ыарыыланыы, туохха эмэ куһаҕаҥҥа түбэһии “Сэттэни ылыы” диэн буолар. Бу быһаарыы киһи оҥорбут быһыыларыгар сөптөөх эппиэтэ хайаан да кэлэрин биллэрэн дьон ону-маны, буолары-буолбаты, иннэ-кэннэ биллибэт саҥаны айыылары оҥоро сатыылларын аҕыйатарга аналланар.
Киһи тугу эмэ оҥорор аналлаах, өйө-санаата саҥаны айыылартан хомуллан үөскүүр, ол диэки хайысхалаах. Туох эмэ саҥаны айыыны дьон оҥоро сатыыллар, ол эрээри олортон биир эмэ табыллан туһаны аҕалар, онтон атыттара бары таах хаалаллар эбэтэр куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэрэ өй-санаа аһара барарыттан үөскээн тахсаллар.
Киһи салгын кутун сайдыыта ай диэн тылтан тутулуктанан, араас саҥа санаалартан хомуллан сайдар. Тугу оҥорбута барыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйбат тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсан иһэллэриттэн киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорон кэбиһэрин бэйэтэ эрэ быһааран хааччахтыыр кыахтаах:
1. Үчүгэйи, туһалааҕы, үрүҥ айыыны оҥоруу.
2. Куһаҕаны, туһата суоҕу, буортулааҕы, хара айыыны оҥоруу.
Дьон бары кэриэтэ үчүгэйи оҥоро сатааннар үчүгэй аһара элбээбит уонна үчүгэйи оҥоруу бэйэтэ да олус үлэлээҕин, эрэйдээҕин иһин олус уустугуран биир эмэ табыллан, сатанан туһаны аҕалар. Үчүгэй аһара барыыта сэти үөскэтэрэ омук кырдьар, мөлтүүр кэмигэр кэлэн кэрээнтэн тахсыыны үөскэтэрэ эстиитигэр тириэрдиэн сөп.
Ийэ куттара үчүгэй быһыыларынан иитиллибит оҕолор үчүгэй санаалара элбиириттэн куһаҕаны оҥоруохтарын баҕарбаттар. Ол иһин киһи куһаҕаны оҥороро аҕыйаан иһэрэ ситиһиллэр. Куһаҕаны оҥорууну дьон биири эмэ, куһаҕан санаалара киирдэҕинэ оҥороллор. Итини тэҥэ, үчүгэйи оҥорор санааларыттан оҥоро охсубуттара сыыһа-халты буолан тахсан куһаҕаны элбэтэр. Онно эбии бэйэлэрэ сыыһа-халты туттуналлара элбэҕиттэн куһаҕаны оҥоруу эмиэ эбиллэн иһэр. Аныгы эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга, тулуура суох буола улааталларыттан киһи быһыытын аһара, таһынан бараллара, сыыһа-халты туттуналлара үксүүрүттэн куһаҕаны өссө элбэтэллэр. Сорохтор киһи билбэтин, оҥорботун, айыыны оҥоро сатыыллара ураты элбэх буолар. Ону-маны барытын оҥоро, тугун эрэ уларыта, тупсара сатыыллар. Олортон үксүлэрэ сатаммакка, табыллыбакка сыыһа-халты буолан тахсалларыттан куһаҕан элбээн хаалар. Элбэҕи оҥоро сатыыр киһи тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан үчүгэйгэ да тириэр-диэн сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулутара үксүүр.
Бу икки, тус-туспа хайысхалаах киһи оҥорор быһыыларын икки ардыларыгар, ортолорун диэки сөптөөх, таба, туһалаах быһыылары оҥоруу сөп түбэһэн оннун булуммут уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэтэн үһүс өрүтү булан таһаарбыт. Ол иһин таба быһаарыы бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортотунан буолуох-таах диэн этиини үөскэтэн сахалар туһаналлар.
Кыра, бытархай, суолтата да суох курдук куһаҕаны оҥоруулар мунньуллан, элбээн барыыларын суох оҥорор сыалтан “Сэттэни ылыы” диэн үөрэҕи сахалар айбыттар. Буруйу оҥорбут оҕо туохха эмэ түбэһэн кэһэйдэҕинэ “Сэттэҕин ыллыҥ дуо?” диэн ыйытыы кэлиитэ тэҥнэһии, сэттэни ылыы кэнниттэн үөскээбитин биллэрэр.
“Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн этии киһи оҥорор быһыыларыгар олус улаханнык сэрэнэрин, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсыан сөбүн санаатыгар эрдэттэн билэ, үөрэтэ сатыырын эрэйэр көрдөбүл буолар. Оҥорор быһыыны өйгө-санааҕа сэттэтэ хатылаан оҥорон көрүү кэнниттэн биирдэ оҥорон таһаардахха сыыһата-халтыта аҕыйыырын сахалар туһаналлар.
“Сүүстэн биирин талбыт курдук” диэн этии тугу эмэ оҥоруох инниттэн элбэхтик ырытан, талан ылары быһаарар. (14,79). Ол аата сэт үөскээбэтин туһугар киһи оҥорор быһыыларын эрдэттэн былаан-наан, дириҥник ырытан көрөн быһааран, үчүгэй буолан тахсарын итэҕэйэн баран оҥорорун сэт үөрэҕэ модьуйар.
Айыыны оҥоруу сэти үөскэтэрэ элбэх. Саҥаны айыы саамай сүрүн уратытынан киһи өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолара ааҕыллар. Айыыны оҥордоххо туох содул үөскээн тахсара аан маҥнай букатын биллибэтиттэн ордук улахан кутталы үөскэтэр. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥоруллар саҥаны айыылар үксүгэр табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕан быһыылары элбэтэллэрин билэн сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин тутуһан айыыны оҥорортон эрдэттэн туттунуу, элбэхтик ырытан көрүү эрэйиллэр. Улуу Өктөөп өрө туруута олох оҥкулун уларытан дьадаҥылар, үлэһиттэр салайар былааһы сэриилээн ылыыларыгар тириэрдибитэ олус улахан саҥаны айыы буоларынан сэти үөскэтэн үлэ-хамнас хаалбытыттан, кыаттарбатыттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.
Сэрии сэбин элбэҕи оҥостон атын омуктары киэптээһин, урукку сэриигэ кыайыыны ситиһиини аһара баран арбааһын, кыахтара аҕы-йаҕын биллэрэ сылдьыы атыттар бэйэ-бэйэлэригэр холбоһон, күүстэрин улаатыннаралларыгар тириэрдэр. Билигин кыра, кыахтара аҕы-йах дойдулар бары НАТО-ҕа киирэ сатыыллара Россия сэриитин сэбинэн, элбэх тааҥкаларынан, улахан атомнай буомбаларынан киэптиириттэн, төрүт сирдэрин былдьаары куттууруттан тутулуктаах.
Элбэх дьону улахан сэрии сэптэринэн киэптээһин, сирдэрин былдьаары ыгыы хаһан эрэ сэттэни ылыыга тириэрдэрин сахалар сэт үөрэхтэрэ биллэрэр. Ааспыт, 20-с үйэҕэ ньиэмэстэр атын дойдулар сирдэрин былдьаан ылан баран туохха түбэспиттэрэ нууччалары өссө да үөрэппэккэ хаалбыт. Ол курдук, элбэх сэрии сэптэрин мунньунуу бэйэтэ сэти үөскэтэн хаһан эрэ “Саа биирдэ эстэр” диэн этиигэ хайаан да тириэрдэрин, бу сэт үөрэҕэ биллэрэрин билэн сэрэнии ирдэнэр.
Онон сэттэни ылыы диэн үөрэх киһи оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар тиийбэт буоллахтарына эбэтэр таһынан, аһара бардах-тарына сэти үөскэтэллэриттэн ирдэбил уонна иэстэбил хайаан да тиийэн кэлэн өйү-санааны тупсаралларын, көннөрөллөрүн биллэрэр.
ИЭС БААЙЫЫ
Саха дьоно былыр-былыргыттан хардары-таары иэс ылсан, бэр-сэн, ону төлөһөн бэйэ-бэйэлэрин кытта сөптөөх, хардарыта сөп түбэһэр, сөбүлэһэр, тэҥнэһиини үөскэтэр сыһыаны олохтуур эбиттэр.
Ханнык баҕарар иэс төлөнөрө ирдэнэр. Сахалар үөрэхтэригэр иэс төлөммөккө хаалыыта “Үтэһэ туолуутугар”, “Сэттэни ылыыга” ти-риэрдэрэ этиллэр. Бу этиилэр урукку иэһи төлөөбөккө эрэ саҥаны ылан иһии кэмэ-кэрдиитэ туоллаҕына иэстэбил үөскээн киһи бэйэтэ кэһэйэрин, туохха эрэ түбэһэрин эбэтэр иэс ылара аны тохтуурун биллэрэллэр. Иэс төлөнүүтүн сокуона кытаанах уонна киһи буолуу үөрэҕиттэн тутулуктаах биллэр уратылардаах. Ол курдук, үчүгэй үчүгэйинэн төлөнөрө хаһан баҕарар ирдэнэр, онтон куһаҕан куһаҕанынан төлөнөрүн сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах, үчүгэйи элбэтэр сыаллаах киһилии быһыылаах киһи оҥорбот быһыыта буолар.
Куһаҕан куһаҕанынан төлөнөн иһиитэ аҕыйаан иһэригэр тириэр-дибэт, элбээн иһиитин үөскэтиэн сөп. Ону тэҥэ, киһи куһаҕаны оҥоруута куһаҕан санаатыттан эрэ буолбакка үгүстүк тиэтэйэн сыы-һа-халты, аһара туттунуутуттан үөскүүрүттэн сөптөөх ырытыы, чуол-кайдааһын кэнниттэн биирдэ таба сыаналанара быһаарыллар.
Төлөммөккө хаалбыт иэс иҥэн хаалар, төлөнүөр диэри умнуллубат куһаҕан санааны, өһүөнү үөскэтэр. Бу мунньуллубут, үгэс буолбут куһаҕан санаа хаһан баҕарар дьайыыта тиийэн араас куһаҕан, сыыһа хамсааһыннары оҥорторуон сөбүттэн эрдэттэн сэрэнии, харыстаныы, иэһи уһаппакка, кэмигэр төлүү сылдьыы эрэйиллэр.
Иэһи төлөөбөт буолуу сахалыы иэс баайыыта диэн ааттанар. Бу баайыы аатын курдук иэс төлөнүөр диэри арахсыбакка, кытаанах быанан хам баайыллыбыт курдук барсан иһэрин биллэрэр уонна хайаан да “Иэс төлөнүөхтээх” диэн этиини үөскэппит.
Киһи кыайа-хото үлэлиир-хамсыыр, “Киһи күннээх, балык ыамнаах” диэн этэр күүһэ, күдэҕэ элбэх кэмнэригэр оҕолорун улаа-тыннаран, үөрэттэрэн барыларыгар иэс баайан кэбистэҕинэ, кырдьыбытын, мөлтөөбүтүн кэннэ, оҕолоро иитиллибит иэстэрин санаа-тахтарына, элбэх көмөнү оҥоруохтарын сөбүн үөскэтэр.
Билигин бу олох тутаах көрдөбүлүн аһара үөрэхтэммит дьах-таллар умнан сылдьаллар. Биир эмэ хайдах буор куттааҕа биллибэт оҕону онтон-мантан булан төрөтөн баран аһара көрөн-истэн, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан, маанылаан кэбиһэллэрэ элбээтэ. Аһара атаахтаппыт сайдыыта суох буор куттаах оҕолоро улаатан баран тугу эмэ эбэн, көмөлөһөн, үлэлээн туһаны оҥорорунааҕар бэйэлэрэ үйэлэрин тухары муспут бэлэмнэрин ыскайдаан бүтэрэрэ биллэр буолла.
Иэһи ситиһии диэн урут куһаҕаны оҥорбутун өһүөмньүлээн, хардатын эмиэ куһаҕаны оҥоруу, куһаҕаны куһаҕанынан төлөөһүн ааттанарынан аныгы сайдыылаах дьоҥҥо туттуллубата ордук этэ. Өй-санаа сайдан, тупсан истэҕинэ иэһи ситиһии киһи быһыытын аһара барбата олохсуйан иһиэ этэ. Ол курдук, “Үтүө үтүөнэн төлөнөр, онтон куһаҕан куһаҕанынан төлөнөрө киһи быһыыта буолбатах” диэн этии билигин олоххо киирэн туттулла сылдьар уонна киһи быһыыта эмиэ тупсан, сайдан иһэрин быһааран биллэрэр. Иэһи төлөөбөттөн өһүөн үөскүөн сөп. Өһүөн диэн умнуллубат турукка тиийбит куһаҕан санаа сэти-сэлээни саҕалыан сөп. Ол иһин иэс төлөнүөхтээх диэн этии халбаҥнаабакка эрэ тутуһуллара ордук. Иэһи төлөтүү эбэтэр иэс көрдөөһүн иэстэһии диэн ааттанар. Иэһи бэйэ көҥүлүнэн төлөөбөтөҕүнэ, ол аата өйө-санаата киһини кыайан салайбата, баһылаабата билиннэҕинэ, күүс дьайыыта киирэригэр; ирдэбил, иэстэбил үөскүүрүгэр тириэрдэр кыахтанар.
Ырыынак кэмигэр бииргэ, кыттыһан үлэлээн тугу эмэни булан баран онтуларын сатаан, табан үллэстибэккэ айдаарса, этиһэ сылдьар дьон билигин бааллар. Манна салайааччы киһи бэйэтин туһугар элбэҕи быһа анньан ыла сатыыра эбэтэр атыттары барыларын матарара хаһан да оспот дириҥ хомолтону, өһүөнү үөскэтэр.
Салайааччы маннык сиэрэ суох быһыыта туга да суох, хааман хаалбыт дьоҥҥо иэс баайыы буолар уонна иэс атын көрүҥҥэ уларыйан сэти үөскэтиэн сөп. Иэс хаһан баҕарар төлөнүөхтээх диэн этии иэс төлөнөр кэмэ төһө баҕарар уһаан биэрэрин эмиэ биллэрэр. Хомолто иэстэбилгэ кубулуйара ыраахтан буолбатах. Маппыт, туохха да тииһиммэккэ хаалбыт үлэһит кыыһырбыта аһара баран салайааччытын быһаҕынан анньан өлөрөн кэбиһэн содулга түбэһэрэ эмиэ баар. Итини тэҥэ, кыайан үллэстибэтэх баайдарын-малларын кимиэхэ да тиксибэтин диэн уоттаан, уматан, күл-көмөр оҥоруу түбэлтэтэ биллэр. Өй-санаа көҥүлүнэн барыыга үөрэммитэ, ханнык да хааччаҕы билиммэтэ өһүөн уонна куһаҕан быһыылар эмиэ аһара барыыларыгар тириэрдэрин ити холобурдар дакаастыыллар.
Иэс баайыы куһаҕаны оҥорууттан үөскээтэҕинэ өһү-сааһы, умнуллубат өһүөнү үөскэтэн дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын куһаҕан өттүгэр уларытар кыахтанар. Төлөммөтөх иэс куһаҕан санаа мунньуллуутун, уһуннук дьайарын үөскэтэринэн эбиллэн, күүһүрэн иһиитигэр тириэрдэр. Итини тэҥэ, куһаҕан санаалара мунньуллубут киһи, ол санаалара үгэскэ кубулуйан хааларыттан бэйэтэ сыыһа-халты туттунара киирэриттэн улахан куһаҕаны оҥорууну үөскэтиэн сөп.
Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэрин олоххо хаһан баҕарар туһана сылдьыы эрэйиллэр. Билигин бары өйбүтүн-санаабытын сайыннараары кыһана-мүһэнэ сатыыбыт, оҕолорбутун кыра эрдэхтэринэ, бэрээдэккэ, киһи буолууга, үлэлииргэ үөрэниэхтээх кэмнэригэр аҥардастыы оонньото сылдьабыт, атаахтатабыт, үөрэҕи-нэн эрэ өйүн-санаатын эрчийэ сатыыбыт. Оҕобут өйө-санаата аһара сайдыан, билиитэ-көрүүтэ элбиэн кырдьык баҕарабыт эрээри, саамай туһалааҕын, бэрээдэккэ, сиэргэ-туомҥа, тулуурга, үлэлиир үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэтии туһата улаханын умнан, хаалларан, оонньото эрэ сылдьыыга тиийдибит.
Бука бары өй-санаа сайдыытын ситиһэ сатыахпытын баҕарабыт уонна ону ситиһээри олус диэн тиэтэйэбит. Сахалар “Тиэтэйимэ, ыксаама” диэн үөрэхтэрин умнарбыт, оҕолорбутун саҥа өйдөрө киирэн истэҕинэ үөрэҕи ситиһиннэрэ сатыыбыт, кыра эрдэҕинэ аан маҥнай бэрээдэккэ үөрэниэхтээҕин, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэн киһи буолууну ситиһэрэ туһалааҕын хаалларан кэбистибит. Ол иһин эдэрдэрбит бэрээдэги кэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара, үлэни сирэллэрэ уонна быстах быһыыга киирэн биэрэллэрэ аһара элбээбитин тэҥэ, өйө-санаата сайдыыта “Отох киһи отутугар ситэр” диэн этиигэ сөп түбэһэрэ үксээтэ. Арҕааҥҥы өй-санаа үөрэхтэрэ киһи биир “душалаах” диэн үөрэтэллэрэ үөрэҕи эрэ өрө туталларыгар тириэрдэр. Сахалар киһи үс куттаах диэн үөрэхтэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үгэстэринэн иитиллэрин быһаарар. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕо үчүгэй иитиилээх диэн ааттанара ийэ кут киһини баһылаан салайарын биллэрэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн өй-санаа сайдыыта үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана тэҥҥэ сайдан иһиитэ үөскүүр. Өй-санаа аһара сайдан барыыта өһүөн, иэстэһии эмиэ аһара барыытыгар тириэрдэрин таба өйдөөммүт бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан сөп түбэһэр быһаарыылары ылыныахпыт этэ.
“Сыыһа туттуу иэстэбилэ суох хаалан хаалбат” диэн сахалар этэллэр. Бу этии айылҕа сүрүн тутулугуттан, тэҥнэһииттэн тирэх ылар. Ол курдук, ханнык баҕарар хамсааһын тэҥнэһиини оннуттан хамсатар, уларытыыны киллэрэр, ол иһин аҥар өттүгэр хардары хамсааһыны үөскэтэр. Бу хардары хамсааһын сыыһа туттууттан үөскээтэҕинэ, куһаҕана биллэриттэн иэстэбилэ суох кырдьык хаал-батын билэн эппиттэр. Иэстэһии аһара барыыта киһи быһыытын аһара, таһынан барар куһаҕан быһыылар үөскээһиннэригэр тириэр-дэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ арыйарын билбэтэҕэ буолабыт да, олоххо оннук быһыылар элбээн тураллар.
Киһини соруйан өлөрбүт киһиэхэ олус кыра ирдэбили туруоран, аҕыйах сылга хаайыыга ыыталлара эбэтэр төрүт даҕаны усулуобунай хаайыыны биэрэн хааллараллара иэстэбил үөскүүрүн таһаарыан сөп. Оҕотун өлөрбүт киһини ийэ бэстилиэнэй харчытынан бэстилиэт атыылаһан, ытан өлөрөн кэбиспитэ онно холобур буолар.
Суут-сокуон кыаҕа аҕыйаҕа, араас дьону тус-туһунаннык суут-туура дьон сууту-сокуону аанньа ахтыбаттарын, ыйаахтарын толор-ботторун үөскэтэр, атыттарга биллэрэр. Тойоттор, чиновниктар суукка, сокуоҥҥа түбэспэттэрэ, халты харбаталлара билигин элбээн турара, батыһааччылар, үтүктээччилэр элбииллэригэр тириэрдэр.
Сахаларга “Иэс төлөнүөхтээх” диэн этии иэс төлөбүрэ тэҥнээх, хамсаабыт тэҥнэһиини оннугар түһэрэр, ол аата сөп түбэһэр сыа-наланарын ирдиир. Иэс хайаан да төлөнөрүн уонна тэҥнэһиини үөскэтиэхтээҕин бары билэбит эрээри, сороҕор онон-манан, атынынан солбуйан кэбиһиэхтэрин баҕалаахтар син-биир көстөллөр.
Оҥорбут куһаҕан быһыыга кэлэр иэстэбил урукку тэҥнэһиини оннугар түһэриигэ сөп түбэһэрин сахалар үөрэхтэрэ ирдиир. Ол курдук, киһини өлөрбүт киһини былыргы кэмҥэ өлөрүллэр этэ. Бу быһыы “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһиллэр” диэн өс хоһоонунан этиллэн бигэргэтиллэр. Иэстэбил аһара барыыта хардары, утары хамсааһыны, сэти үөскэтэн тиийэн кэлиэхтээх иэстэбил ордук улаатыытыгар тириэрдиэн сөбө тэҥнэһиини үөскэтиигэ сөп түбэспэт.
“Тыын тыыҥҥа харбас” диэн этии тыыннаах киһи тыыннаах киһиэхэ быһаччы тэҥнэһэрин биллэрэр. Ол аата киһини өлөрүү атын киһинэн эрэ төлөнүөхтээх диэн былыргы үөрэх этэрин билигин хаалларбыт курдукпут. Ол да буоллар бу этии, тыыннаах атын тыыннааҕы солбуйар кыахтааҕын билинэр, утарбат. “Өлөрсүбүтү өлө-рөн кэбиһиллэр” диэн өбүгэ үгэһэ ити быһаарыыттан үөскээбитэ саарбаҕа суох. Киһини соруйан өлөрүү, кыаммат, кыра диэн атаҕастааһын, күүһүлээһин саамай ыар буруйунан ааҕылланнар бэйэ-лэригэр сөптөөх иэстэбилгэ түбэстэхтэринэ табыллар. Урукку оннут-тан хамсаабыт тэҥнэһиини оннугар түһэрэр аналлаах эппиэттэн-нэҕинэ сайдыыны, үөрэҕи ситиспит да иһин туһата улаатыа этэ.
Онон киһи атын киһиэхэ сыһыаннаах оҥорор бары быһыылара иэс баайыыта буолан тахсалларын билиэ этэ. Онтон иэс баайыыга ханнык эрэ, онно сөп түбэһэр иэстэбил хайаан да кэлэрин өйдөөх-санаалаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт киһи билэн, бары быһыы-ларын улахан сэрэхтээхтик оҥорорго кыһаныа этэ.
СЭТ - СЭЛЭЭН
Дьон-аймах уһун кэмнээх олохторун сайдыыта улахан долгуннары санатаннар бииртэн-биир кэлэн иһэллэр. Үгүс киһи үчүгэйи, дьоҥҥо туһалаах үлэни-хамнаһы оҥордохторуна олохторо көнөн, сайдан-үүнэн барар, олох долгуна өрө тахсар, онтон үгүстэр куһаҕаны оҥоруулара элбээн хааллаҕына, сэриилэр буоллахтарына дьон олоҕо кэхтэр, кэннинэн төннөр, долгуна аллараа диэки түһэр. Ол иһин дьон санаалара, майгылара куһаҕаны оҥоруу диэки салаллан хаалыытын сахалар сэт-сэлээн туолуута диэн ааттыыллар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥордоҕуна сэтэ туоларын билэллэр. (1,13). Уһун кэмҥэ айыыны-¬таҥараны итэҕэйбэт “коммунизм” итэҕэлэ бүрүүкээбит кэмигэр Кут-сүр үөрэҕин туһата суох диэн ааттаан хаалларбыттара. Бу кэм сабыдыалынан билиҥҥи көлүөнэ дьон сэт үөрэҕин букатыннаахтык умнан кэбистилэр. Ол курдук, саха дьонугар билигин сэт-сэмэ уонна сэт-сэлээн туолуута диэн өйдөбүллэр эрэ хаалан сылдьаллар.
Сэт куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥорууттан үөскүүрүн сахалар эмиэ билэллэр. Ордук ыарахан, куһаҕан, сэттээх-сэлээннээх быһыы-лары элбэҕи оҥордоххо сэт-сэлээн туолуута үөскээн тахсар, ол аата эппиэтинэс, ирдэбил уонна иэстэбил тиийэн кэлиэхтээхтэр. Олус дьадаҥы киһи бэйэтин олоҕун сирэр, баай-талым олоххо ымсыырар, тардыһар. Ордук оҕото үчүгэй олохтонуон баҕарара улаа-тар. Россия дьонугар “коммунизм” ыра санаата киириитигэр ити өй-санаа улахан оруолу ылбыта. Дьон бары олус дьадайаннар бэйэлэрин оҕолорун кыайан ииппэт кэмнэрэ кэлиититтэн революция хамсааһына ордук улахан далааһыннаммыта быһаарыллар.
Революция кыайыытын кэнниттэн дьадаҥы дьон баҕа санааларын олус түргэнник ситиһэ сатааннар, бэйэлэрин оҕолоро атын, “үчүгэй”, тупсубут олоххо олоруохтара диэн сыыһа санааҕа оҕустараннар, кыра оҕолорун бэйэлэрин урукку олохторун үгэстэригэр уонна үөрүйэхтэригэр үтүгүннэрэн үөрэтэллэрин бырахпыттара. Бары оҕолорун “үөрэхтээх” киһи оҥоро охсоорулар, сороҕор сүрэҕэлдьээтэҕинэ: “Сүөһү көрөөччү буолуоҥ”,- диэн хомуруйар тылы тутталлара. Бу хомуруйуу, сүөһү көрүүтүн куһаҕан диэн ааттааһын сэтэ туолан билигин эдэрдэр сүөһү көрүөхтэрин төрүт баҕарбаттара үөскээн, тарҕанан сылдьар. Биһиги олус дьадаҥы дойдубутугар үлэ араастара элбэҕиттэн киһи барыта үрдүк үөрэхтэнэрэ төһө эмэ эрдэтин иһин, итинник ыҥырыы билигин да оҥорулла турар.
Октябрьскай революция былыргыттан олохсуйбут олох сиэрин үлтүрүтэн, былыргы үгэстэри уонна үөрүйэхтэри суох оҥорбутуттан кэлэр көлүөнэлэргэ сэт-сэлээн олохсуйбута хас да көлүөнэ дьон үөскээн олорон ааспыттарын кэнниттэн биллэн эрэр.
Аҕыйах сыл иһинэн “коммунизмы” тута охсоору саҥа олоҕу тутууну, саҥалыы сиэ¬ри-туому үөскэтэн, олору тутуһууну саҕалаабыт дьон оҕолорун киһилии майгыга, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэллэрэ аҕыйаан испитэ. “Коммунизм” дьонун иитэн-үөрэтэн таһаара охсоору, эдэр дьону барыларын үөрэхтииргэ туруммуттара. Хаалыылаах экономикалаах, сүрүн үлэлэрин үксүн илиилэринэн үлэлиир дьоҥҥо аһара үөрэхтээһин туһалыаҕынааҕар, төттөрү буолан таҕыста. Ол түмүгэр ыарахан диэн ааттанар тыа сирин үлэлэрин үлэлиэхтэрин баҕарбат, үрүҥ, чэпчэки үлэни көрдүү сылдьар, баар олоххо соччо туһата суох “кумааҕыны эрэ бэрийэр” үөрэх¬тээх дьон элбээтилэр.
Үөрэхтээһин төһө да үчүгэйин иһин, киһи салгын кутун бастаан сайыннаран өйүн-санаатын туруга суох оҥорор. Олоххо үөскүүр соһуччу кэмнэргэ салгын кут көтөн, баран хаалара киһини сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбиир. Бу кэмҥэ киһини ийэ кута салайар кэмэ кэлэн тугу оҥороро ийэ кута хайдах иитиллибититтэн тутулуктанара кэлэр. Киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар биһиги быһаарыыбытынан, оҕо аан маҥнай төрөппүттэрин үтүктэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэниэхтээх этэ, ол аата, аан маҥнай оҕо ийэ кутун сайынна¬рыы эрэйиллэр. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэтииттэн оҕо ийэ кута сайдан бэрээдэктээх, өйө-санаата туруктаах буола улаатарын умнан кэбиһэн олохпутугар туһаммаппытыттан эдэрдэр буруйу оҥороллоро, сыыһа-халты туттуналлара билигин элбээн сылдьар.
Дьон олоҕун оҥкулун алдьатыы, сиэрин-туомун суох оҥоруу сэт суола арыллыытыгар тириэрдэн кэбистэ. Революция кэмигэр олус харса-хабы¬ра суох барыы, эйэлээхтик олорор элбэх дьону өлөртөө-һүннэр, киһи киһиэхэ кырыктаныыта, бу сэт-сэлээн туолан барыытыгар ордук улахан оруолу ылбытыгар сөп.
“Коммунизм” идеята, туох барыта босхо буолуо диэн этиитэ Россия дьадаҥы дьонугар киириититтэн, олохторун сиэрин, оҥкулун түҥнэри эргитиититтэн, олохсуйбут үгэстэри уонна үөрүйэхтэри умнууттан, тутуспаттан Россия дьонугар сэт-сэлээн туолара кэлэн улахан сэриини саҕалаатылар. Бу сэрии салҕанан уһаан, тэнийэн барыыта Россия иһигэр улахан хамсааһыннары таһааран омуктар икки ардыларыгар “Лебединая песня” үөскээн тахсарыгар тириэрдэн ула-рыйыылары киллэриэн сөп. Ол аата революция кэнниттэн үс көлүөнэ дьон олохторо ааһыытыгар сэт дьайыыта биллэн эдэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үөскээтэ. Ол иһин үгүс эдэрдэр олоххо оннуларын булбаккалар эрэйгэ тэбиллэллэрэ элбээтэ.
Былыргылар сэт туһунан өйдөбүллэригэр маннык этиилэр баал-ларын Багдарыын Сүлбэ булан бэлиэтээбит:
- Төрүү илик оҕолору быалаһыы дьылҕа хаантан көрдөһөн, алгыс тыл этэн, андаҕар андаҕайан оҥоһулларынан, арай оҕолортон биир-дэһэ өлөр эрэ түбэлтэтигэр, Дьылҕа хаан ылымматах буоллаҕа буолан, сэ¬тэ-сэлээнэ суох хаалыахтаах. Өскө хайа эмэ өттүттэн көтүллэр түбэлтэтигэр сэттээх-сэлээннээх - ол аата: өлүүнэн-сүтүү-нэн, эстии¬нэн-быстыынан хайаан да иэстэбиллээх буолуохтааҕа үһү уонна быа¬лаһыылаахтар атын кэргэннэнэллэрэ сатаммат, кэргэннэнэр түбэлтэлэ¬ригэр дьаһыыкка (көрсүү), оттон оҕолоннохторуна оҕолоро дьаһыык¬ка оҕо ааттанан, сааһын тухары күлүүгэ-элэккэ, үөҕүүгэ сылдьар киһи буолуохтаах эбит. (26,188).
Төрөппүттэр “Бэйэм эрэ үчүгэй буолуум” диэн бэйэлэрин тустарыгар аһара кыһаныылара кэлэр көлүөнэлэрин, оҕолорун өйдөрүн-санааларын “оонньуур оҕо”, онтон бэйэтин киэргэл оҥостон туһанал-ларынан улаханнык буорту оҥорор. Маннык өй-санаа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэрил¬лэн муҥуругар тиийиитэ сэт-сэлээн туолуута диэн ааттанар. Ол аата, бу аймах дьон ситимнэрэ быстыыта, аймахтарын-хааннарын салгыыр киһилэрин сүтэриилэринэн түмүктэниэн сөп.
Сахаларга “Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар” диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. (6,46). Маннык өйдөбүл атын сайдыы-лаах омуктарга эмиэ баарын улахан суруйааччылар таба көрөн бэлиэ¬тииллэр. Артур Конан Дойль баай дьон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ дьадайаннар эстиигэ тиийэллэрин холобурун суруйбут. (27,205).
Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, атаахтык, көҥүлүнэн ыытан иитэннэр, куруук бэлэмҥэ, баҕатын хоту сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытынна¬раннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөөн, үлэни кыайбат буо-лууларыгар тириэрдэннэр үйэлэрин тухары муспут баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолар. Е.Д.Андросов саха биллэр баайдара Оруоһуттар олохторун уһун кэмҥэ үөрэтэн баран төрдүс көлүөнэлэриттэн саҕалаан мөлтөөн, дьадайан барбыттарын бэлиэтиир. (7,110).
Сэт туолуута элбэх айыылаах-харалаах киһи бэйэтин оҕотун кыра эрдэҕиттэн үчүгэй, киһилии киһи тахсар гына кыайан ииппэтиттэн, үөрэппэтиттэн тутулук¬танар. Элбэх куһаҕан быһыылары оҥорон бэйэтин майгына мөлтөөбүт киһи оҕотун кыайан үчүгэй майгыланарга үөрэтэр кыаҕа суох буолар. Мин үөрэхпинэн кыра оҕо төрөппүтүн көрөн, үтүктэн, кини курдук быһыылаах буолар, тугу саҥарарыттан истэн төрөппүтүн ис майгынын ылынан улаатан иһэр. Төһө да кистии сатаабытын иһин оҕо төрөппүтүн син-биир үтүк¬тэрин былыргы дьон билэннэр “Яблоко от яблони далеко не падает”, “Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа” диэн өс хоһоонноро оҥорбуттар. Бу өс хоһоонноро үчүгэй майгылаах, үлэһит аҕаны уонна ийэни өйдөтөллөрүн таһынан куһаҕан майгылаах дьон эмиэ аҕа уонна ийэ буолуохтарын сөбүн, оҕо төрөппүтүн хаһан баҕарар удьуордуурун, утумнуурун таһынан өссө үтүктэн үөрэнэрин билинэллэр.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барар куһаҕан майгы сэтэрээн, өссө куһаҕан диэки сыҕарыйан иһиэн сөп. Ол иһин, куһаҕантан өссө куһаҕан үөскээн иһэринэн, бу аймах дьон олохторо салгыы баран иһэрэ өссө ыарыырын сэт үөрэҕэ бэлиэтээн көннөрөргө туһалыыр.
Онон сэт-сэлээн диэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыларыгар хайаан да тиийэн кэлэр эппиэтинэс, ирдэбил ааттанар.
ИРДЭБИЛ
Ирдээ диэн кими, тугу эмэ суолунан батыһан көрдөө, эккирэт, кимтэн эрэ тугу эмэни иэстээ эбэтэр төлөбүрдэ көрдөө диэн киэҥ өйдөбүллээх. (16,200). Бу тыл ир диэн тылтан саҕаланыыта куһаҕан быһыы оҥорулларын кытта, өссө суола сойо илигинэ, ириэнэх эрдэҕинэ ирдээһин, көрдөөһүн ордук табылларын биллэрэр.
Ирдэбил диэн ким, туох эрэ тугу эмэ толорорун, тутуһарын модьуйуу, буруйу оҥорон баран күрээбит, ыраах баран саспыт киһини көрдөөһүн, сөптөөх эппиэккэ тардыы ааттанар. Сэт-сэмэ өйтөн-санааттан тутулуктаах сымнаҕас курдук көрдөбүллэрин аанньа ахты-баттан, тутуспаттан, толорботтон ирдэбил, ол аата күүс дьайыыта үөскээн тахсан сэт-сэлээн туолуутугар тириэрдиэн сөп. Киһи саныыр санаата ханнык да хааччахха ылларбат. Тугу барытын саныы сылдьыахха сөп. Арай сахалар үөрэхтэринэн куһаҕаны элбэхтик саныы сырыттахха, ол санаа үгэскэ кубулуйдаҕына, киһи бэйэтэ ол куһаҕан санаатын толорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин куһаҕаны санаама диэн үөрэҕи сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи саныыр санаатын тупсарарга, көннөрөргө анаан туһанар.
Оҥорулла илик быһыы иһин ханнык да ирдэбил, эппиэтинэс үөскээбэт. Ол курдук, санаа ханнык да күүһэ суоҕуттан быһыыны оҥорбот. Өссө да оҥорулла илик быһыыны санааны тупсаран уонна тылынан этэн тохтотуохха, уталыта түһүөххэ, көннөрүөххэ сөп, онтон оҥоруллубут куһаҕан быһыы көннөрүллэрэ быдан уустук, үгэскэ кубулуйан ийэ кукка иҥэн хааллаҕына өссө эрэйгэ тириэрдэр, ол иһин буруй, оҥоруллубут быһыы иһин эппиэтинэс, ирдэбил үөскээн тахсар.
Бу ирдэбил үөскэппит иэстэбилин дьайыыта төһө тиийэринэн сыаналаан куһаҕаны оҥорбут киһи өссө хатылаан оҥорорун дуу, оҥорботун дуу быһаарынарыгар тиийэр. Ирдэбил оҥоруллубут бы-һыыттан кыра буолан хааллаҕына эбэтэр дьайыыта букатын тиий-бэтэҕинэ куһаҕаны өссө хатылаан оҥоруон сөп.
Оҥоруллубут быһыы иһин ирдэбил аһара кытааттаҕына, оҕо санаата түһэн, өсөһөрө киирэн тугу да оҥорбото үөскүөн, ирдэбили толорооччуну сөбүлээбэтэ биллиэн сөп. Оҕо буруйданарыгар туох оҥоруллубут быһыы иһин эппиэттиирин чуолкай билэрэ уонна ирдэбил, бу оҥоруллубут куһаҕан быһыыга сөп түбэһэрэ хайаан да эрэйиллэр, оччоҕуна эрэ тэҥнэһиини, эйэлэһиини үөскэтэрэ табыллар.
Кэһэтэн үөрэтии оҕо этигэр-сиинигэр кыра ыарыыны оҥорон, харыстанар өйүн-санаатын уһугуннаран улахан кэһэйиигэ түбэһэрин аҕыйатар аналлаах. Оҕо этин-сиинин таарыйан кэһэтии ыарыыны биллэрэн, буор куту үөскэтэринэн умнуллубат буолар. Итини тэҥэ, оҕо этэ-сиинэ ыарыыны биллэҕинэ, баарын уонна ыалдьарын билэн, харыстыыр санаата уһуктарыттан туһатын өссө улаатыннарар. Оҕо этин-сиинин харыстыы үөрэннэҕинэ сыыһа-халты туттунара аҕыйаан, быстах быһыыга киирэн биэрбэтэ үөскээн олоҕор ордук улахан туһаны оҥорорун төрөппүттэр туһаныа этилэр.
Элбэх буолан охто сытар киһини тэбиэлээһини билигин, аныгы оҕолор оҥороллоро олус элбээтэ. Бэйэлэрэ ыарыы диэни билбэт эрэттэр бэйэ-бэйэлэрин үтүктэн харса суох тэбиэлиэхтэрин сөп.
Ирдэбил диэн эт-сиин, күүс дьайыыта. Ким да сыыһа-халты туттунуом суоҕа диэн эрдэттэн этинэр кыаҕа суох. Ол курдук, киһи оҥорор быһыыта санаата уларыйарын кытта атынынан солбулларын уонна таһыттан көрөн биллибэтин “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн былыргы кэмнэргэ үөскээбит өс хоһооно биллэрэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ көрдөбүл уонна ирдэбил сөп түбэһэллэриттэн көрдөбүл туолбатаҕына ирдэбил тиийэн кэллэҕинэ табыллар. Киһи сыыһа-халты туттунуутун кэнниттэн туохтан эмэ кэһэйэрэ, туга эрэ табыллыбата үөскүүрэ ирдэбил тиийэн кэлбитин биллэрэр. Бу кэмҥэ ирдэбил ыстарааптан саҕаланан баран киһини уһуннук хаайыыга угууга кытта тиийиэн сөп. Ирдэбиллээх диэн салайааччыны, тойону ааттыахтарын, эппитин, соруйбутун толотторор кыаҕын бэлиэтиэхтэрин сөп. Ирдэбиллээх салайааччы үлэ-хамнас тэрилтэтин биллэрдик сайыннарыан сөп, онтон ирдэбиллээх төрөппүттэр оҕолоро бэрээдэктээх, киһилии бы-һыылаах, үлэни-хамнаһы кыайар буола улаатар кыахтаналлар.
Өй-санаа уонна күүс икки өрүтү үөскэтэннэр кэмэ кэллэҕинэ бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэллэр. Өй-санаа мөлтөх, хамсаныы-лары оҥорорго күүһэ тиийбэтиттэн салайыыны оҥороро табыллар. Бэйэтэ күүһэ кыратыттан, хамсаныылары оҥорууну кыайбатыттан тугу эмэ оҥорорго эт-сиин күүһүн көмөлөһүннэрдэҕинэ эрэ туох эмэ туһалаах быһыы оҥоруллар кыахтанар. Күүс көмөтүнэн хамсааһыны үөскэтэн үлэни сайыннаран ситиһиини оҥоруу кыаллар.
Өй-санаа сымнаҕас курдук көрдөбүллэрин толорботтон кэлэр сымыйалааһын, албыннааһын хаһан эрэ син-биир арыллан ирдэбили үөскэтэн таһаарар. Элбэх дьону албыннааһын төһө улаханыттан тутулуктанан ирдэбилэ олус улахан буолуон сөп.
Элбэх сыыһалардаах, була сатаан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” төрөппүттэри быһаччы албыннаан оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн сымыйанан этэрэ сэти үөскэтэр буолла. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн ийэ куттара үчүгэй, туһалаах үгэстэргэ иитиллибэккэ, бу кэми аһаран кэбиһэннэр улаатан иһэн бэрээдэги кэһэллэрэ, буруйу-сэмэни оҥороллоро эбиллэн иһэр. (28,12).
Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үөрэҕэ” диэн эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут сымыйа үөрэхтэрэ “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн этэрэ улаатан иһэр оҕолор ханнык эрэ айыыны оҥоро охсоору ыксыыл-ларыттан, тиэтэйэллэриттэн киһи быһыытын аһара баран сыыһа-халты туттуналлара элбээн куһаҕан быһыыны үксэтэллэр, онно эбии айыы буола охсоору бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбиир. (17,18).
Сахалар оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ билигин үөрэх министерствота “айыы үчүгэй” диэн сыыһа үөрэххэ халыйбытыттан хаалан сылдьар. Бу албын үөрэх сабыдыалынан айыыны оҥоро сатаан быстах быһыыга түбэһэн, биир эмэ оҕолорун былаҕайга былдьаппыт төрөппүттэр, бу үөрэх албынын, сымыйатын биллэхтэринэ, ирдэбиллэрэ үөскээн кэлэн албынныы сылдьааччылары булан иэстэбилгэ тириэрдиэхтэрин сөп.
Дьоҥҥо куһаҕаннык сыһыаннаһар, үөхсэр, охсуһар киһини туоратан, ыстарааптаан баран хаайыахтарын сөп. Өссө улахан куһаҕаны оҥоруу ирдэбил кытаатан, хаайыы уһаан биэриитигэр тириэрдэн иһэр. Киһини өлөрүү саамай кытаанах ирдэбилгэ түбэһэрэ “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһиллэр” диэн өбүгэ үгэһинэн этиллэр.
Киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллан олох тутаах көрдө-бүллэрин, дьон бииргэ, эйэлээхтик олорууларын үгэстэрин, сэт-сэмэ этиилэрин толорботоҕуна, киһи быһыытын аһара бардаҕына, сиэри тутуспатаҕына общество, дьон бөлөҕүн аатыттан ирдэбил үөскээн тахсан иэстэбилгэ тириэрдэр. Билигин аныгы сайдыылаах олоххо үөрэх-билии тарҕанан ирдэбил көрдөбүллэрэ бары уголовнай сокуоннарга киирэн суруллан сылдьаллар. Олоххо көрдөбүлү толорбот киһи сокуон этиитинэн онно сөптөөх ирдэбилгэ түбэһэр. Дойду диэн күүһүнэн тутуллан олорор общество – дьон улахан бөлөхтөрө ааттанар. Дойду бэйэтигэр сөп түбэһэр сокуоннары, көрдөбүллэри олохтуур. Сымнаҕас курдук ааттанар өй-санаа көрдө-бүлүн толорботоххо, тутуспатахха ирдэбил, күүс дьайыыта үөскээн тахсар. Ол аата сэт-сэмэ кыайбатаҕына, көннөрбөтөҕүнэ сэт-сэлээн тиийэн кэлэн ирдэбили уонна иэстэбили үөскэтэр.
Онон куһаҕан быһыыны оҥорбуту көннөрөн, оннугар түһэриигэ, тэҥнэһиини үөскэтэргэ аналлаах ирдэбил хойутаабакка тиийэн кэл-лэҕинэ туһата улаатарын сахалар билэн туһана сылдьаллар.
ИЭСТЭБИЛ
Олох сайдан, тупсан истэҕинэ бары барыта тупсарыгар, урут суох саҥаны айыылар олоххо киирэн иһэллэригэр уонна сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан, “айыы үчүгэй” диэн этэр тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар сэбиэскэй былаас кэмигэр үгүс атеист буолан хаалбыт сахалар балыттараннар иэстэбил тиийэн кэлиэ диэн санааларыгар оҕустаран көрбөккө эрэ олороллор.
Сайдыыны ситиһэр аатыран үчүгэйэ, куһаҕана ситэ арыллан биллэ илик саҥаны айыылары оҥоро охсон, олоххо киллэрэ сатааһын аһара элбээтэ эрээри, олор туһаны оҥороллоро отой аҕыйах, таах хаалан хаалбатахтарына куһаҕаны элбэтэн иһэллэр.
Хас биирдии саҥаны айыы айылҕаҕа уларытыыны киллэрэринэн, айылҕа бэйэтэ сыыйа-баайа да буоллар уларыйан иһэриттэн сэт үөскээн иэстэбилгэ тириэрдэр. Билигин айылҕа уларыйыыта түргэ-тээн олус күүстээх тыаллар, улахан долгуннар дьоҥҥо оҥорор хоромньулара биллэрдик улааппытыттан дьон кэһэйэннэр, салланнар айылҕаны харыстыыр санаалара биллэрдик улаатан эрэрэ биллэр. Киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн икки аҥы арахсаллар. Үчүгэйи оҥоруу үчүгэй дьайыылаах, сайдыыны, тупсууну аҕаллаҕына, киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларыгар хайаан да эппиэтэ тиийэн кэлэрин сэт үөрэҕэ уонна иэстэбил баара биллэрэр. Оҥо-руллубут быһыы хайдаҕыттан, төһө улаханыттан, туох содуллаа-ҕыттан тутулуктанан иэстэбил улаатан биэрэн иһэр.
Аҥардастыы бэйэбитигэр эрэ үчүгэй, туһалаах, барыс киллэрэр өрүттэри тутуһарбытыттан олоххо, биирдии киһиэхэ сааһыран истэ-ҕинэ тиийэн кэлэн иһэр уларыйыылары аахсыбаппыт. Ол курдук, “Киһи күннээх, балык ыамнаах” диэн өс хоһоонун ситэ, табан өйдөөн туһамматтан үчүгэй, кыанар, үлэни-хамнаһы кыайар кэммитигэр бэйэбитигэр эрэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥосто сатыырбыт элбээһиниттэн кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор туһугар аан бастаан кыһаныахтаахпытын умнан сылдьабыт. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн өй уонна күүс хардары-таары уларыйан, эргийэн биэрэр дьайыылаахтар. Ол курдук, киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн иһэр, онтон бэйэтэ, этэ-сиинэ оҥорор-тутар күүһэ-кыаҕа кыччаан иһэрин билиниэ этэ. Манна пиэнсийэҕэ тахсан бараммын даачабын дьэ туттуом диэн хаһаана сылдьыбыт киһи, хаһан оҥороро тиийэн кэлбитигэр күрүө сиэрдийэтин да кыайан көтөхпөтүттэн хомойбута үөрэх буолуо этэ.
Иэстэбил диэн киһи иэс ылбытын төннөрөрүн модьуйарынан өй-санаа көрдөбүллэрэ күүс дьайыытыгар кубулуйалларын биллэрэрин тэҥэ, оҥорбут быһыыларыгар тиийэн кэлэр эппиэтинэс ааттанар. Хас оҕо, киһи барыта оҥорор быһыыларыгар эппиэтэ хаһан баҕарар, сороҕор хойутаатар да хайаан да кэлэрин биллэҕинэ, субу оҥорор быһыыларын дириҥник ырытан, сыыһа-халты буолбатын туһугар ордук кыһанан оҥороругар тириэрдиэ этэ.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй киһи сыыһа-халты, аһара туттунара аҕыйаҕынан, оҥорор быһыыларын ордук дириҥник ырытан быһаарарынан олоххо элбэх ситиһиини, тупсарыылары оҥорор кыах-танарын биллэрэрин төрөппүттэр туһаныа, оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитиэ, үөрэтиэ этилэр.
Олоххо эппиэтинэстэнии оҕо саҥа улаатан истэҕинэ саҕаланан баран салгыы сайдан, үрдээн иһэр. Ол курдук, оҕо үчүгэй быһыылары оҥордоҕуна хайҕанара, ол быһыыларын элбэхтик хатылаан оҥорон үгэс оҥостунан иҥэринэрэ, онтон куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна мөҕүллэрэ, ханнык эрэ буруйга, сэккэ-сэмэҕэ түбэһэрэ, ол быһыыны оҥорботугар үөрэнэрэ өйө-санаата, ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ, быһыы-ларга иитиллэригэр тириэрдэрин туһаныахпыт этэ.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн иитии сыыһа-халты бардаҕына, атаах-татыы диэки халыйан хааллаҕына кэлин, улааппытын кэннэ иэс-тэбили үөскэтэрин билигин умнан сылдьабыт. Аҥардас дьахталлар онтон-мантан булан, төрөөн кэбиһэн баран, үчүгэй төрүтэ, сайдыыта суох буор куттаах оҕолорун киһи быһыылаахтык, үлэҕэ үөрэтэн ииппэккэлэр, атаахтата, маанылыы сылдьаллара уонна үчүгэй, киһи-лии майгыны иҥэрбэккэ улаатыннаран кэбиһэллэрэ өйө-санаата аһара баран иэстэбили үөскэтэрин билигин аахсыбаттар.
Кыра эрдэҕинэ аһара атаахтаан улааппыт оҕо арыгыһыт буолара быдан элбэҕин “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этии биллэрэр. Ол аата куһаҕан иитиилээх киһи иэстэбилгэ эмиэ түбэһэр эбит. Куһаҕан иитииттэн араас сыыһа-халты туттунуулары оҥоруу куһаҕан быһыы-лары элбэтэн иэстэбили үөскэтэрэ быһаарыллар.
Кырдьан, дьиэтэ-уота суох буолан буорайан, соҕотохсуйан сыл-дьар кырдьаҕастары көрөн аһына саныыбыт эрээри, эдэр, кыанар эрдэхтэринэ олохторун сыала-соруга суох олорон, оонньоон, көрү-лээн, ыллаан аһарбыттарыгар иэстэбилэ; тулаайахсыйыы, соҕотох-суйуу тиийэн кэлбититтэн эрэйи көрөллөрүн билиэхпит этэ.
Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоруута дьон өйө-санаата кылгааһыныгар, олоххо сыһыан куһаҕан, быстах быһыылар диэки өттүгэр уларыйыытыгар тириэрдэн, субу күннээҕинэн эрэ олорооччулар элбээтилэр. Биирдэ тото аһаатылар, итирдилэр даҕаны баҕа санаалара туолар бичтэр уулуссаҕа хаамсан аалыҥнаһаллар, ааһан иһэр дьонтон харчы көрдөөн саатыыллар. Итини тэҥэ, оҕо иитиитигэр үөскээбит атаахтатыыга тириэрдэр уларыйыылар аҥардас-тыы минньигэстик аһатыыга, маанытык таҥыннарыыга уонна ханнык эрэ, кылапачыгас, олоххо туох да туһата суох оонньуурдарынан оонньотууга эрэ кубулуйбуттарыттан үлэлиэхтэрин-хамсыахтарын баҕарбат, бэлэмҥэ үөрэммит бичтэр элбииллэр.
Киһи олоҕун устата оҥорбут быһыыларыгар, сыыһаларыгар хаһан баҕарар эппиэттиэхтээх. Үчүгэйи оҥоруу үчүгэйинэн төлөнөр, онтон куһаҕаны оҥоруу куһаҕанынан төлөммөтөҕүн да иһин, иэстэбили үөскэтэрин умнуохпут суоҕа этэ. Ол аата сыыһа-халты оҥоруллубут быһыыга иэстэбилэ хайаан да кэлиэхтээх. Эдэр, кыанар эрдэхтэринэ үлэни-хамнаһы кыайа тутар кэмнэригэр күүлэйдии, дьаарбайа сыл-дьыбыт, кэргэн, уруу тэриммэтэх, баай-мал мунньумматах дьон кырдьар саастарыгар соҕотох хаалан, чуҥкуйан, тулаайахсыйан эрэй-дэнэннэр эдэрдэригэр күүлэйдии, дьаарбайа сылдьыбыт иэстэрин боруостуулларын эдэрдэр билиэ этилэр.
Оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр кэмигэр кыайан киһилии быһыыга, майгыга ииппэккэ, аһара атаахтата, маанылыы сылдьыбыт төрөп-пүттэр оҕолоро улааттаҕына арыгыһыт, наркоман буолан эрэйдииллэрэ, бэлэмнэригэр олороллоро кыра эрдэхтэринэ сыыһа иитиини оҥорбуттарын иэстэбилэ тиийэн кэлбитин биллэрэр.
Үйэлээх үгэстэргэ ситэн үөрэппэккэ оҕолорун “маргинал”, “мак-бет” оҥорбут, “айыы үчүгэй” диэн элбэхтик киһи билбэтин, оҥор-ботун оҥороругар күһэйбит төрөппүттэр оҕолоро сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга түбэһиилэрэ элбээһинэ сыыһа иитии иэстэбилэ эрдэлээн кэлбитин бэлиэтэ буолар. Өй-санаа үөрэҕин буккуйуу, айыы диэн куһаҕан өрүтэ элбэх тылы аҥардастыы “үчүгэй” эрэ оҥоро сатааһын иэстэбилэ кэлиитэ эдэрдэр өйдөрө-санаалара аһара, көҥүлүнэн барара элбээһинигэр, куһаҕан быһыылар, сыыһаны-халтыны оҥоруулар үксүүллэригэр тириэрдэр.
Күүс дьайыытыгар иэстэбил бэрт түргэнник, сотору кэлэр, онтон өй-санаа дьайыытын иэстэбилэ кэлбитэ өр, төһө эмэ кэм, көлүөнэлэр уларыйбыттарын кэнниттэн биирдэ биллэр. Сэрэҕэ суох, сыыһа хамсаныыттан киһи оҕуннаҕына эбэтэр ааҥҥа тарбаҕын кыбыттаҕына иэстэбилэ сонно кэлэр, ыарыыланар, кэһэйэр, аны маннык сыыһа туттунууну оҥорбокко үөрэнэ охсор. Онтон оҕону сыыһа өйгө-санааҕа иитии, “айыы үчүгэй” диэн этэн киһиргэтии, атаахтатыы улааппытын кэннэ сыыһа-халты туттунарыгар, арыгыга, наркотикка ылларарыгар тириэрдэрэ иэстэбил хойутаатар да син-биир тиийэн кэлэрин биллэрэр. Ол курдук, кыра эрдэҕинэ олус мааны, атаах оҕо улааттаҕына, ол атаахтыыр, киһиргиир, аһара барар майгына үгэс буолан иҥмитэ тардарынан; табаахтаан, арыгы иһэн, наркотиктары боруобалаан эбэтэр ол-буну, ону-маны була сатаан оҥорон киһир-гиирэ син-биир киирэн кэлэн иэстэбилгэ түбэһиэн сөп.
Иэс төлөнүөхтээх диэни бары билэбит. Атын дьоҥҥо сыһыаннаах хас биирдии этиллибит тыл, оҥоруллубут быһыы иэстэбили үөскэ-тэрин билигин умнан сылдьабыт. Ол курдук, дьону куһаҕаннык эттэххэ, бэйэҕин эмиэ аанньата суох этиэхтэрин сөп, онтон куһаҕан быһыылары оҥоруу иэстэбилэ хойутаан да баран кэлиэн уонна төһө эмэ уһун кэмҥэ дьайыан сөп. Тутуллубатах уоруйах диэн суох. Ол барыта биирдэ уоран туһаммыт, барыс киллэриммит киһи салгыы уора турарыттан хаһан эрэ син-биир түбэһиэхтээҕин биллэрэр. Киһи өйө-санаата сайдарынан, үөрэҕи-билиини туһанарынан иэстэбил хаһан баҕарар тиийэн кэлэрин уонна араас көрүҥнэнэрин билиэ, эрдэттэн сэрэниэ, харыстаныа этэ. Элбэхтик күүлэйдии, үгүс эр киһилиин боруобалаһа сылдьыбыт дьахталларга иэстэбил кэлиитэ сатаан саҥарбат, хамнаабат, “даун” оҕолор төрүүллэрэ буолар. Бу иэстэбил олус ыарахана уһун кэмҥэ, кыайан көммөт ыарыһаҕы көрүүгэ тириэрдэрэ, киһи олоҕун устата дьайарыттан биллэр уонна эдэр кыргыттары сэрэтэн, бэрээдэккэ, ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин тутуһарга үөрэтиигэ улаханнык туһалыа этэ.
Иэстэбилтэн киһи кыайан куоппат. Син-биир ситэр. Иэстэбиллээх быһыылары оҥорбут улахан, биллэр салайааччылар кэлэр көлүө-нэлэрэ салгыы сайдыылара ити быһаарыыны бигэргэтэр. И.Сталин хас да оҕолордооҕуттан билигин биир хос сиэнэ эрэ баара биллэр, атын сиэннэрэ бары буорайан сылдьаллар. Крис Эванс эбэтэр Ольга Питерс диэн ааттаах сиэнэ наркоман буолбут.
Араас элбэх ыарыылартан иэстэбил кэлиитэ үөскэтэр ыарыылара эмиэ бааллар. Ол курдук, элбэх арыгыны иһииттэн быар ыарыыта эбэтэр “белай горячка” кэлиитэ арыгы иһиитин иэстэбилэ буолар. Сатаан, табан аһаабат иэстэбилин ыарыытынан сорох ис ыарыыларын ааҕыахха сөп диэн этэллэр. Куртах язватын ыарыыта кэмигэр аһаабакка сылдьыыттан уонна табаахтааһынтан ордук тутулуктааҕын быһаараллар. Итини тэҥэ, аһара кытаанах, иннин биэрбэт, эйэлэ-һимтиэтэ суох майгы иэстэбилинэн мэйии тымырдара күүрүүлэриттэн тоҕо барыылара, инсульт ааҕыллар. Эти-сиини хамсаныыларынан дьарыктаабаттан, табаахтааһынтан сүрэх тымырдара хатыран, тоҕо барыылара инфаркт ыарыы үөскүүрүгэр тириэрдиэхтэрин сөп.
Сыыһа-халты туттунан онно-манна түбэһии иэстэбилгэ киирсэр өрүтэ элбэх. Халтарыйан охтон дэҥнэнии эти-сиини дьарыктаабаттан, эрчийбэттэн ордук улахан тутулуктаах. Тустуук хас оҕуннаҕын аайы дэҥнэнэн испэт. Ол аата эти-сиини дьарыктаабаттан уонна хамса-ныыларынан эрчийбэттэн кэлэр иэстэбил диэн араас быстах дэҥ, оһол буолуон сөбүн тэҥэ, бары сүһүөх ыарыылара киирсэллэр.
Куһаҕан майгы иэстэбилэ сыыһа-халты туттунуулар элбээһиннэрин үөскэтэр. Ол курдук, аһара кыыһырбыт, ыгыллыбыт киһи бэйэтин туттунар күүһүн сүтэрэн сыыһа-халты туттунара киириэн сөп. Итини тэҥэ, тиэтэйии, ыксааһын, дьон иннигэр түһэ, “айыы үчүгэй” диэн сыыһа этиини тутуһан буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатааһын сыыһа-халты туттунууну, куһаҕаны эмиэ элбэтэллэр.
Киһиргэс, дэбдэҥ буолуу диэн майгы уратылара киһи санаатын аһара барыыга тириэрдэллэринэн куһаҕан майгыга киирсэллэр. Урутаан түһүүнү, сыыһа-халты туттунууну киһиргээбит, дэбдэйбит киһи оҥорон кэбиһэрэ элбиир. Ону тэҥэ, арыгы иһиитэ киһи киһир-гиир, дэбдэйэр санаатын улаатыннаран эдэр киһини арыгыһыт буо-лууга тириэрдэн иэстэбили үөскэтэн кэбиһиэн сөп. Оҕону сыыһа иитииттэн, атаахтатыыттан, өйө-санаата туруга суо-ҕуттан кэлэр иэстэбил өссө улахан. Былыргылар үөрэтэн быһаарбыт “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиилэрэ хаһан баҕарар таба. Ол курдук, биир эмэ уолу сатаан киһилии быһыыга ииппэтэххэ, үөрэппэтэххэ быстах быһыыга эдэригэр түбэстэҕинэ, бу аймахтар эстэр, ааттара-суоллара уларыйар кэмигэр тиийиэхтэрин сөп. Бу быһыы киэҥник тарҕанан омугу барыларын сутуйдаҕына, бука бары куттанар омукпут эстэрэ дьэ тиийэн кэлиэн сөп.
Омук эстиитэ диэн эмиэ иэстэбил, оҕону төрөөбүт тылынан саҥардыбаттан, киһилии быһыыга ииппэттэн, тулуурга, үлэҕэ үөрэп-пэттэн тиийэн кэлэрин өйдүөхпүт этэ. Ол курдук, элбэх омуктар биир сиргэ мунньустан олордохторуга туһалаах үлэни кыайбаттар уонна куһаҕан майгылаахтар, атыттары кытта тапсыбаттар аан бастаан симэлийэн эстэллэр, тыал буолбуттарга кубулуйаллар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Көрсүө, сэмэй буол”, “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиилэрэ оҕону иитиигэ быһаччы сыһыаннаахтар. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн ийэ куттарын үчүгэй үгэстэргэ ииттэххэ киһи буолууну ситиһэллэр уонна киһилии быһыыланар кыахтаналлар.
Киһи оҥорор куһаҕан быһыыларыттан иэстэбил үөскээн тахсарын сэт үөрэҕэ эрдэттэн быһааран киһини харыстыыр аналлаах. Бу сэт үөрэҕэ сахалыы Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирэ сылдьар уонна тупсарыллан таҥара накааһа диэн ааттанар. Таҥара накааһа баара дьон таҥара үөрэҕин билэллэригэр уонна кытаанахтык тутуһал-ларыгар тириэрдэргэ аналлаах күһэйэр күүс буолар. Ол аата сахалыы таҥара үөрэҕин тутуспат, билиммэт киһи хаһан эрэ куһаҕаны оҥорон эбэтэр сыыһа-халты туттунан улаханнык кэһэйиэн сөп.
Онон киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларыгар эппиэтэ, иэстэбилэ төһө эмэ хойутаан, кэнниттэн да буоллар хайаан да кэлэрин би-лиэхпит, оҥорор быһыыларбытын бары өттүттэн ырытан, сыаналаан көрөн баран оҥорорго кыһаныа этибит.
АЛДЬАТЫЫ
Сахалыы ай диэн тыл киһи саҥаны санаатыгар айа сатыырын биллэрэр. Ол иһин, бу айа сатыыр быһыыбытын санаабытыгар элбэхтик хатылаан, боруобалаан көрүүнү оҥорорбутун айар диэн тыл биллэрэр. Ай диэн тылга ар диэн үүрэр, тэйитэр суолталаах тыл эбиллиитэ айар диэн тылы үөскэтэр. Бу тыл киһи саҥаны айа сатыырын атыттартан кистиирин, эрдэттэн эппэтин биллэрэр.
Санаабытыгар саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон таһаар-дахпытына ким да оҥорботох ураты быһыыта буоллаҕына айыы диэн буолан тахсар. Ай диэн тылбытыгар “ыы” диэн ытааһын сыһыа-рыытын эбэн биэрэн, бу саҥаны айыыбыт куһаҕан өрүтэ элбээн тахсарын тылбыт бэйэтэ эрдэттэн сэрэтэр аналламмыт.
Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарарыттан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана соччо араарыллан быһаарыллыбат, онтон айыы диэн киһи оҥорор быһыыта буоларынан куһаҕан өттө элбээн хаалара “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылааҕыттан биллэ сылдьар.
Айыы диэн тылбытын былыргылар оҥорбуттар, ол иһин улахан иччилээх тыл буолар. Саха тылын дьайыытын билэр дьон бу айыы диэн тылтан сэрэнэллэр, ону-маны уратыны, атыттар оҥорботторун, саҥаны айыыны оҥоруу элбэхтик сыыһа-халты буолан тахсарын билэллэр. Ол иһин оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэри туһанар. Итини тэҥэ, киһи тиэтэйэриттэн, ыксыырыыттан үчүгэйи да куһа-ҕаҥҥа кубулутан кэбиһэрэ элбэҕин иһин ордук сэрэнэллэр.
Дьон бары кэриэтэ уратыны, урут суоҕу, биллибэти, айыыны оҥорор санаалара элбэх. Аргыыйдык сылдьан эрэ тугу эмэни, ура-тыны, саҥаны оҥоро сатыыллара табыллыбакка, сатаммакка хаалан улахан куһаҕаны үөскэтэн кэбиһэрин “Сыылла сылдьан сыарҕа быа-тын быһар” диэн өс хоһооно биллэрэр. Бу өс хоһооно киһи майгынын уратыларын эмиэ быһаарар суолталаах.
Биир эмэ талааннаах киһи уһуннук толкуйдаан, ырытан, элбэхтик үлэлээн, боруобалаан көрөн оҥорор саҥаны айыыта дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорор, олоххо туттуллар буолан тахсар. Дьоҥҥо чахчы туһалаах саҥаны айыыны оҥорбут, олоххо киллэрбит учуонайдар, араас патеннары, сертификаттары ылбыт дьон отой аҕыйахтар. Киһи уһун үйэтин тухары дьоҥҥо туһалаах биир эмэ саҥаны айыыны оҥороро биллэр суол. Ол аата дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорор айыы биир эмэ буолара чуолкайданан быһаарыллар. Дьон бары кэриэтэ саҥаны айыыны оҥорорго дьулустахтарына уонна оҥоро сатаатахтарына, уопсай түмүгэр алдьатыы үөскээн тах-сар. Ол курдук, биир эмэ киһи оҥорор айыыта табыллан олоххо туһаны аҕалар, онтон атыттар, элбэхтэр оҥорбуттара бары кэриэтэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар эбэтэр, сыыһа-халты буолан тахсан-нар куһаҕаны элбэтэллэрэ алдьатыыга тириэрдэн кэбиһэр. Итини тэҥэ, бары ыксыылларыттан, саҥаны айыыны түргэнник, урутаан оҥоро сатыылларыттан олоро табыллыбаккалар, сатаммак-калар куһаҕаны эмиэ элбэтэллэр. Чэпчэкитик, судургутук оҥоруллар саҥаны айыылар үгүс өттүлэрэ куһаҕаннар буолан тахсалларыттан, олор элбииллэрэ дьоҥҥо бэйэлэригэр кутталы үөскэтэр.
Саҥаны айыы оҥорулларын уратыларын барыларын холбоотох-путуна биир эмэ туһалаах, табыллыбыт айыы баар буолар, онтон атын элбэхтэр оҥоро сатааһыннара бары туһата суохха, буортулаахха кубу-луйан куһаҕан айыылары элбэтэллэр, ону тэҥэ, анаан-минээн куһаҕан буоллун диэн оҥорооччулар син-биир бааллар.
Дьон олохторугар бэйэлэрэ кыайан көннөрбөт уустуктара үөскээ-һиннэрэ, үлэлэрэ-хамнастара көрдөбүллэригэр сөп түбэспэтэ, бу олохторун уларытар санааларын улаатыннарар. Дьон бары кэриэтэ саҥаны айыыны оҥорор санааламмыттарын, урукку олохторун сөбү-лээбэттэрэ үөскээһинин холобурун Улуу Өктөөп өрө туруута күүскэ тарҕаныытыттан, кыайыытыттан булан ыларбыт табыллар.
Олох былыргы тутаах үгэстэрин барыларын алдьатан, туоратан олус улахан айыыны оҥорон саҥа олоҕу олохтуу сатааһын эстибитин, туоратыллыбытын билигин киһи барыта билэр. Олох саҥа үгэстэрин “Моральный кодекс коммунизма” диэн ааттаан уһун кэмҥэ олоххо күүһүлээн кэриэтэ киллэрэ сатааһын, чахчы кыаллыбата. Сэбиэскэй былаас олохтуу сатаабыт саҥа олоҕо дьон өйүгэр-санаатыгар, байыыны ситиһэ сатыыр сыалларыгар сөп түбэспэтиттэн уонна үлэни-хамнаһы сайыннарбатыттан хаалла, туоратылынна.
Айыыны, уратыны, саҥаны, киһи оҥорботун, дьон билбэттэрин оҥоро сатыыр киһи алдьархай киһи буолан тахсар. Өссө улахан уратыны ынырыгы, куһаҕаны оҥордоҕуна ынырык киһи буолар. Тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэхтэрэ” эдэр-дэри алдьархай, ынырык буолууга, аһара туттунууга тириэрдэн эрэ-риттэн тохтотуллара, туоратыллара ирдэнэр көрдөбүл буолла. Араас саҥаны айыылар: кымыс иһиитэ, оһуохай, элбэх аһы буһарыы, сыгынньах сылдьыы, дьахталлар мунньустан оҕолорун эмнэриилэрэ билигин сайдан, тэнийэн иһэллэр. Бу ураты быһыылары, саҥаны айыылары булан оҥорон иһии сайдан истэҕинэ бары сыгынньахтанан баран сылдьаллара тиийэн кэлиэн сөп. Ону тэҥэ, дьон мустар сирдэригэр куустуһа сылдьааччылар элбээтилэр.
Улахан сэриини саҕалааһын олус улахан саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Бу сэриигэ атомнай буомбалары туһаныы өссө улахан саҥаны айыыны оҥорууга тириэрдиэн сөп. Атомнай сэрии буоллаҕына, дьон тыыннаах ордон хаалаллара ситэ биллибэт. Ол аата элбэх саҥаны айыылары оҥорууттан дьон эстиилэрэ кэлэрэ быһаарыллар.
Өй-санаа аһара барыыта алдьатыыга тириэрдэр. Алдьатыы диэн тыл маннык хомуллан үөскээбит. Ал диэн тылынан улаатыы, сайдыы бэлиэтэнэр. Дьа диэн өй-санаа баара биллэр, онтон тыы диэн ханнык эрэ улахан куттал үөскээбитэ этиллэр. Ол аата өй-санаа улаатыыта, аһара барыыта алдьатыыга тириэрдэрин сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар аналлаах тылы оҥороннор туһана сылдьаллар.
Билигин олох сайдыыта саҥаны айыылартан, олору олоххо киллэ-рииттэн тутуллан сайдарын иһин саҥаны айа сатааччылар элбээбит курдуктар. Ол айа сатыыр саҥаны айыыларыттан биир эмэ табыллар, онтон атыттара бары сыыһа-халты буолан тахсан куһаҕаны элбэ-тэллэр. Саҥаны айа сатаан баран олоххо кыайан киллэрбэтэххэ бу айыы таах хаалыан эбэтэр куһаҕаны элбэтиэн сөп.
Дьон олоҕо саҥаны айыылартан тутуллан сайдан иһэрэ муҥура кэлэн эрэрин ити быһаарыылар биллэрэллэр. “Что новое – хорошо забытое старое” диэн этии саҥаны айыылар бүтэр, ол иһин эргийэн биэрэр кэмнэрэ хаһан эрэ кэлэрин тутуһа сылдьыыны сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ биллэрэр.
Онон олоххо туһата суох араас элбэх саҥаны айыылары оҥорбокко эрэ сырыттахха олох биир тэҥник, кэминэн, долгуйбакка эрэ салгыы баран иһэрин ситиһии кэлэрин сахалар тутуһаллар.
АЙЫЫЛАР ИЭСТЭБИЛЛЭРЭ
Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ааттанарын уонна Үөһээ дойдуга баалларын сахалар билэллэр. Эт-сиин араас ыарыылар-тан өлөр. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара эттэриттэн-сииннэриттэн арахсан, туспа баран бэйэлэрин уратыларынан, атын ханныкка да маарыннаабаттарынан айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьаллар.
Айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх. Айыылар диэн дьон уһун үйэлэрин тухары оҥорбут үчүгэй да, куһаҕан да саҥаны айыылара холбуу ааттаналлар. Олус былыргы дьон өйдөрө-санаалара саҥа сайдан истэҕинэ элбэх туһалаах саҥаны айыылары оҥороннор, олохторун тупсараннар, сайыннараннар бэйэлэрин айыыларынан ааттана сылдьыбыт кэмнэрэ чахчы баар буолан ааспыттар.
Саха дьоно бэйэлэрин айыынан ааттана сылдьыбыттара олоҥхолорго этиллэрэ, дьон өйө-санаата саҥа сайдан, тупсан истэҕинэ сахалар баалларын, элбэх саҥаны айыылары оҥорбуттарын уонна саха тыла ол кэмтэн үөскээн сайдыбытын, атын омуктарга тарҕаммытын биллэрэр.
Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан истэҕинэ үчүгэйи оҥорор баҕа санаалара элбээһиниттэн, үгэскэ кубулуйуутуттан үчүгэй киһи таҥара Христос үөскээбит. Дьон өйө-санаата сайдан 2 тыһыынча сыллааҕыта ситиспит бу уратытын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна сэбиэскэй былаас учуонайдара билиэхтэрэ этэ. Киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин билбэтэҕэ буола сылдьаннар бэйэлэрэ кэһэйэллэрэ тиийэн кэлэн иһэр, саха дьонун барыларын “айыы үчүгэй” диэн этэн албыннаан, сэти үөскэппиттэриттэн сайдан иһэр олохтон туоратыллан хаалыахтарын сөп.
Сайдыыны ситиһэн иһэр саха омугар саҥа тиэрминнэри айа сатаан тыл сайдыытын хааччахтыыр уонна ол-бу саҥаны булбута буолан, ньаамырҕаан саҥаран төрүт тылларбытыгар араас уларытыылары киллэрэ сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна сэбиэскэй былаас тобохторо букатын туһалара суохтар. Сайдыыны ситиһэн иһэр тыл хааччаҕы тутуспакка эрэ сайыннаҕына уонна саҥа, киирии тылларынан эбиллэн истэҕинэ табыллар.
Айыылар дьоҥҥо үчүгэйи эрэ оҥорботтор, куһаҕан айыылар ордук элбэхтэр. Айыылар көрдөбүллэрин, ирдэбиллэрин толорбот дьону олус ыардык, хас да көлүөнэ устата кэһэтэллэр. Кэһэтии ыарахана, өлүүгэ тириэрдэрэ элбэх буолан дьон айыылар этиилэрин, көрдөбүл-лэрин кыахтара баарынан толоро сатыыллар. Ол курдук, өлөн эрэр киһи кэлэр көлүөнэлэригэр анаан кэриэс этиитин уонна түүлгэ киирэн тугу эмэ эттэҕинэ, толордоххо эрэ табылларын дьон бары билэллэр.
Олус былыргы, олоҥхо кэмин саҕана дьон; айыы уонна абааһы диэн икки аҥы эрэ арахсаллара. Өй-санаа сайдыытын таһыма оччо намыһах этэ. Дьон бэйэлэрин айыылар диэн ааттанар эрдэхтэринэ атыттары барыларын абааһыларынан ааттыыллара, кинилэри көрсө түстэхтэринэ өлөрсөллөрө, кыайбыт кыаттарбыты сиэн-аһаан суох оҥорон кэбиһэрин аныгы үйэҕэ билбэтэҕэ буолуу табыллыбат. Дьон бэйэлэрин айыынан ааттаналлара аныгы үйэҕэ хаалан турар. Киһи саҥаны айыыны оҥоро сатаан куһаҕаны оҥороро 2 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр арыллыбыта. Сайдыылаах дойдулар айыынан ааттанар дьону “язычниктар” диэн түһэрэн, өйдөрө-санаа-лара намыһаҕын биллэрэн ааттыыллар. “Язычниктар” диэн ааттаммыттар киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин арааран билбэт, бэйэлэрин аһара үчүгэй, айыыларынан ааттана сылдьар хаалан иһэр өйдөөх-санаалаах дьон буолаллар.
Өй-санаа уһун үйэлэргэ сайдан киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ арыллыбытын кэннэ, айыы диэн тылбыт бэйэтэ икки аҥы арахсыбыта; үчүгэйи оҥорор үчүгэй дьон уонна куһаҕаны оҥорор куһаҕан дьон диэн бааллара арыллан икки өрүт-тэнии үөскээн тахсан Христос таҥара үөрэҕэ олоххо киирбитэ.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билииттэн уонна ити өрүттэр икки ардыларыгар тэҥнэһии, сөп түбэһии үһүс өрүтэ баарын быһаа-ран билииттэн дьон өйүгэр-санаатыгар үс дойду үөскээн сайдыыны ситиспитэ. Бу дойдулары; Үөһээ, Орто уонна Аллараа диэн тус-туспа арааран ааттаан сахалыы таҥара үөрэҕэр киллэрбиттэрэ.
Сахалар өй-санаа үөрэҕин дириҥник баһылаабыттарын бэлиэтинэн өлбүт киһи өйө-санаата ханна сылдьарын быһаарбыттара буолар. Ол курдук, өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран уларыйбат турукка киирэн айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьарын былыргыттан билэллэр. Үөһээ дойду өссө православнай таҥара үөрэҕэ сахаларга киириэн иннинэ Ол, эбэтэр Анараа дойду диэн ааттанара. Бу өй-санаа икки өрүттээҕэр уонна сайдыытыгар сөп түбэһэр быһаарыыны сахалар билигин да туһана сылдьаллар. Христианскай таҥара үөрэҕин сүрүн итэҕэһинэн дьон куһаҕан санааларын туспа араараарылар ханна да суох Аллараа дойдуну айан кэбиспиттэрэ буолар. Сахалар үөрэхтэринэн Үөһээ уонна Аллараа дойдулар биирдэр, ханнык да; үчүгэй да, куһаҕан да санаалаахтарын иһин өлбүт дьон куттара бу дойдуларга бииргэ сылдьаллар. Арай куһаҕан санаалар тардыһар күүстэрэ улаханыттан ырааппакка чугас баалларыттан элбэхтик көстөллөр. Үөһээ дойдуга куһаҕан абааһылар; кугас уонна хара маҥаас сылгылаахтар эмиэ баалларын саха дьоно былыргы үһүйээн кэпсээннэртэн билэллэр.
Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыылар диэн ааттаналлара үөскээбит үгэстэр бэйэлэрин уратыларынан, маарыннаспаттарынан бы-һаарыллар. Үчүгэйдэрэ – үрүҥ айыы, онтон куһаҕаннара – хара айыы диэн икки аҥы арахсаллар. Киһи өйө-санаата өллөҕүнэ туспа барарын, ыһылларын, үөр буоларын сахалар билэллэр. Хас киһи өйө-санаата, куттара атын ханнык да өйгө-санааҕа маарыннаабаттарынан, уратыларынан туспа айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьаллар.
Сахалар былыргы итэҕэллэринэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, айыылар үөһээ халлаан тоҕус хаттыгастарыгар күүстэринэн, кыахта-рынан тус-туспа арахсан эмиэ сирдээҕи дьон курдук олороллор.
Айыылар баҕа санааларын толорботох дьону кэһэтэр күүстээхтэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан бу күүстэри арааран билэн кэлэр көлүөнэлэрин сэрэтэ, харыстыы сатыыллар:
1. Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэһин эт-тэҕинэ хайаан да толоруу ирдэнэр.
2. Өлбүт дьон уҥуохтарын харыстааһын, алдьаппат буолуу.
3. Айыылары, өлбүт дьон куттарын харыстааһын, улаханнык саҥаран үргүппэт, ыҥыран аймаабат, уйгуурдубат буолуу.
4. Өлбүт киһи өйө-санаата үөр буолуутуттан сэрэнии.
5. Өлөн эрэр киһи айыытын этэн өйүн-санаатын ыраастааһына.
6. Куһаҕан тыллары саҥарыы иэстэбиллээх буолар.
7. Олоххо киһи быһыытын тутуһа сылдьыы.
Айыылар бу ирдэбиллэрин аанньа ахтыбаттан, толорботтон кэлэр иэстэбиллэрэ олус ыар, кытаанах буолуохтарын сөп:
1. Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй, бүтэһик баҕа санаатын, кэриэһин эттэҕинэ хаалар дьоно ону толорботохторуна өлбүт киһи иэстэбили үөскэтэрин сахалар билэн, ол баҕа санааны хайаан да толоро сатыыллар. “Кэриэс этиитэ” туолуохтаах диэн үгэс баар. Түүлгэ өлбүт киһи сирэйэ куһаҕан көрүҥнээх көһүннэҕинэ киһи баҕа санаалара туолбаттарыттан улахан эрэйгэ тиксиэн сөп. (29,112).
2. Айыылар иэстэбиллэрэ олус кытаанах. Былыр-былыргыттан өлбүт киһи уҥуоҕун тыытыма диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Оннооҕор тарбаҕынан ыйары, айдаарары, аймыыры айыыргыыллара.
Киһи уҥуоҕун кириэһин алдьатыы, саанан ытыалааһын кэнниттэн аймахтарга тиийэн кэлбит ыар иэстэбили “Кыым” хаһыакка Сардаҥа Борисова суруйбута. (30,42). Айыылар иэстэбиллэрэ күүстээх холо-ругунан, тыалынан, ардаҕынан доҕуһуолланара биллэр.
Өлбүт киһи дьиэтэ-уота уонна кэргэттэрэ саҥа ый үүнүөр диэри эбэтэр түөрт уон хонук устата “кирдээх” диэн аатыраллара өлбүт киһи өйө-санаата, куттара ыһыллан тус-туспа баралларыттан, атын киһи кутун эккирэтэн сыстан, барсан хаалыахтарын сөбүттэн харыстанан, бу олоххо туһалаах бобууну оҥорон өлбүттэртэн тэйэн биэрэ сыл-дьаллар. “Кирдээх” ыалга тастан ыалдьыт-хоноһо сылдьыбат. Суолга өлбүттээх киһини көрсүстэхтэринэ туораан дьалты хаамаллар, улахан кыһалҕата суох кэпсэппэттэр. “Кирдээх” киһи булка-балыкка 40 хонук устата сылдьара бобуллар. (31,160). Бу кэм устата өлбүт киһи туспа барбыт буор кута уу иччитин үргүтүөн, балыгы бултууру атахтыан сөбүттэн ууга бултата киллэрбэттэр.
3. Киһи аата үйэлэргэ уларыйбат. Өлбүт дьону улаханнык ыҥыран ааттаабаттар. Кута истэн, тиийэн кэлиэн, кыайан төттөрү барбакка эрэйдиэн, тугу эмэ эрэйиэн сөп. Ойууннар айыылары кытта кэп-сэттэхтэринэ хайаан да ханнык эрэ манньаны биэрэллэр.
4. Өлбүт киһи өйө-санаата үөр буолуутуттан сэрэнии. Өлбүт киһи куһаҕан, хом санаалаах буоллаҕына, ол санаалара тыыннаах дьон санааларын кытта тардыһыыларыттан, арахсыбаттарыттан кута ыраах кыайан барбакка Орто дойдуга хаалан хаалыан сөп. Бу кут аймах-тарыттан арахсан барбакка, көстөн-биллэн эрэйдиирин үөр буолуу диэн ааттаабыттар. Бэйэлэригэр тиийинэн өлбүттэр үөр буоллахта-рына аймахтарын уһуннук эрэйдииллэрэ биллэр.
5. Өлөөрү сытар киһи өлүөн иннинэ куһаҕан санааларын кимиэхэ эмэ этэн хаалларыыта, санаатын ыраастааһына айыы этиитэ диэн ааттанар. Киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын, айыыларын атын киһиэхэ эттэҕинэ муунтуйбут, мунньуллубут санаата ыраастанан Үөһээ дойдуга тахсар өйө-санаата хаалар, тыыннаах дьоҥҥо үчүгэ-йинэн дьайыыны оҥороро тиийэн кэлэр кыахтанар. Православнай таҥара дьиэтэ өлбүт киһини көмүү, үгэһи тутуһан харайыы сиэрин-туомун ордук чуолкайдык толорорун бэлиэтинэн айыы этиитэ диэн сахалыы туому толоро сылдьара буолар.
6. Саха тылыгар өй-санаа үгэс буолан иҥэн сылдьар. Олус былыр-гы тыл буолан дорҕооннорун дьайыылара бу тыл суолтатыгар, өйгө-санааҕа оҥорор уларыйыыларыгар сөп түбэһэриттэн тыл күүһүрэр, иччилэнэр. Сахаларга саамай куһаҕан суолталаах дорҕоонунан “ы” дорҕоон буолар. Бу дорҕоонтон саҕаланар тыллар бары ыарахан, ыар тыллар, онтон тылга “ыы” диэн ытааһын дорҕооно баарыттан, бу тыл өссө куһаҕан суолталаахха кубулуйар. “Ыы” дорҕоону элбэхтик саҥа-рар киһи сотору кэминэн ытыаҕа диэн айыылар сэрэтэллэр.
Айыы диэн куһаҕана элбэх, киһи өйүн-санаатын Үөһээ дойдуга таһаара сатыыр тылы элбэхтик туһаныы, улаханнык этэ сылдьыы эрдэлээн өлүүтүгэр тириэрдиэн сөп. Ол курдук, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үгүстүк табыллыбакка хаалан сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕинэн киһини быстах быһыыга түбэһиннэрэрэ үгүс.
7. Киһи оҥорор бары үчүгэй быһыылара киһи быһыытын үөскэтэллэр. Киһи быһыыта диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ, куруук тутуһулла сылдьыахтаах хааччаҕа буолар. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥордоххо сыыһа-халты буолба-тыттан табыллар, туһалыыр кыахтанар, бу сыыһа-халты буолаллара аҕыйах быһыылартан хомуллан киһи быһыыта диэн аһара барыл-лыбат хааччаҕы туһанан сахалар Киһи таҥараны үөскэппиттэр. Киһи быһыытын аһара, таһынан барыы сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбээн таҥара накааһын үөскэтэрэ дьоҥҥо биллэр.
Сиэри тутуһан оҥоруллар быһыы киһи быһыытын үөскэтэр. Сиэр диэн киһилии киһи хаһан да аһара барбат кыйыата, өйүн-санаатын хааччахтыы сылдьара буолар. Сиэри тутуһар киһи, киһи быһыылаах диэн ааттанар. Көрсүө, сэмэй саха дьоно үйэлэрин тухары сиэри кэспэккэ, кытаанахтык тутуһан, киһи быһыылаахтык олохторун оло-роллор уонна уһун үйэни ситиһэр кыахтаналлар.
Онон сэт үөрэҕин кытаанахтык тутуһа сылдьыы киһи сыыһа-халты туттубакка уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр соҕотох суол буоларын сахалар билэн олохторугар туһаналлар.
ТӨННҮБҮТ ТӨРҮӨХ
Саха дьонун үйэлээх өйдөбүллэригэр “Төннүбүт төрүөх” диэн олохсуйбут өйдөбүл былыргыттан баар. Бу букатын киһи буолбатах, түктэри өй¬дөөх-санаалаах эрээри, этэ-сиинэ син-биир киһи курдук көрүҥнээҕиттэн туспа арааран билии уустуктарданар. Маннык киһи элбэх ыар айыылары оҥорбут, куһаҕан үөрүйэхтэрдээх киһиттэн үөскээн, төрүүр диэн быһаараллар. Сахалар өйдөбүллэринэн аймах дьон эстэллэригэр маннык кэдэрги майгылаах киһи үөскүүр эбэтэр олус эрэммит, көрөн-истэн аһара атаахтаппыт, маанылаабыт оҕолоро түктэри майгыланан хааларыттан элбэх дьону хомоторо бэлиэтэнэр. Оҕо өйө-санаата иитииттэн тутулуктааҕын быһааран “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиини үөскэтэн туһана сылдьаллар.
Төннүбүт төрүөх диэн былыргы өйдөбүл аныгы кэмҥэ маньяк диэн ааттанар. Бу сөп түбэһии төннүбүт төрүөх оҥорор быһыыта билигин Россия дьонун аймыыр элбэх киһини өлөртүүр маньяктар оҥорор түктэри быһыыларыгар сөп түбэһэринэн быһаарыллар. Россияҕа элбэх дьону өлөртүүр маньяктар баалларын “перестройка” кэнниттэн бэчээт көҥүлэ улааппытыттан, үгүс дьон билэр кыахтам-мыттара. Элбэх арыгыһыттардаах уонна мас охторуутунан дьарык¬танар лааҕырдардаах сирдэргэ маньяктар элбэхтэрын Н.С.Модестов “Маньяки. Слепая смерть” диэн үлэтигэр бэлиэтиир. (4,45).
Е.Самовичев диэн учуонай маньяктар өйдөрүн-санааларын үөрэтэн баран маннык кылгас быһаарыыны оҥорор: “Маньяк диэн киһи киэбин кэппит дьиикэй кыыл буолар. Бары майгына барыта, бэйэтин ордук харыстаныыта дьиҥнээх дьиикэй кыылга маарынныыр. Киһини өлөрөр кэмигэр ханнык да аһыныгаһа суох сиэмэх майгыннанар. Былыргы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр ликантропия эбэтэр порфирия диэн ыарыы киирбитин курдук майгылаах буолар”. (4,77).
Маньяктар эбэтэр төннүбүт төрүөхтэр үгүстэрэ кыра эрдэхтэриттэн киһилии үөрэтиини барбатахтар, олус үчүгэйдик, маанытык эбэтэр ураты эрэйдээх, ыарахан оҕо сааһы ааспыттар. Бу дьон кыра эрдэхтэринэ ол-бу кыра буруйу оҥороллорун ийэлэрэ билэ-билэ буойсан тохтоторун оннугар хата көмүскэһэрин бэлиэтииллэр. (4,249). Үгүстэрэ оҕо саастарыттан күүһүлээһиҥҥэ үөрэммиттэриттэн, эйэлээх, киһилии олоххо кыайан үөрэммэттэр. Маннык дьон соҕотох дьарыктарынан киһини өлөрүү буолан хаалар. (32,31).
Төннүбүт төрүөхтэр эбэтэр маньяктар киһини өлөрбөтөхтөрүнэ туохтара эрэ табыллыбат, ыалдьаллар. Киһини өлөрдөхтөрүнэ эбэтэр күүһүлээтэхтэринэ куһаҕан санаалара дьэ дуоһуйан, майгылара көнөр кэмэ кэлэр. Сорохтор өлөн эрэр киһиттэн эньиэргийэлэрин бэйэлэригэр ылан майгыбыт көнөр диэн быһаараллар. (4,38). Киһини өлөрбүттэрин хаһан даҕаны кэмсиммэттэр, хата төттөрүтүн туох эрэ саҥаны айыыны, уратыны, туһалааҕы оҥорбут курдук сананаллар. (33,196). Бу санаата аһара барыыта элбэх киһини өлөрүүтүгэр ти-риэрдиэн сөп. Киһини өлөрүү диэн олус ыар, хара айыы буолан тахсарыттан, айыыны оҥоруу дьайыытын, угуйар күүһэ улаханын билэр сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи олохтообуттар.
Россия МВД -тын үлэһитэ Ашот Айрапетян өр сылларга элбэх киһини өлөрөөччүлэринэн дьарыктаммыт. “Биһиги өр сылларга ман-нык быһыылар баалларын туһунан кэпсээбэт этибит. Ол эрээри биһиги ортобутугар киһи курдук көрүҥнээх буолан баран, кыыл курдук майгылаах дьон бааллар. Кинилэр дьону өлөрүүнэн эрэ дьа-рыктаналлар” диэн маньяктар тустарынан быһаарар. (4,265).
Урукку, сэбиэскэй былаас саҕана радио, бэчээт, телебизэр үлэтин барытын салайааччылар бас билэн хонтуруоллуур эрдэхтэринэ маньяктар тустарынан сурахтар үһүйээн кур¬дук тарҕаналлара. Иннэ-кэннэ биллибэт, этэрбэс араадьыйаларынан тарҕанар куһаҕан сурах-тар дьону аймыыллара уонна бу маньяк кимтэн үөскээн, хантан кэлэн хааларын быһаарар кыаҕы биэрбэттэр этэ.
Маньяктар үөскүүр төрүттэрин булан үөрэтиигэ сахалар сайдан иһэр Кут-сүр үөрэхтэрэ балачча дириҥ сыанабылы оҥорор кыаҕы биэ¬рэр. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэйэтин кыана туттан тохтотунарыгар төрөппүттэрэ үөрэппэтэхтэринэ, улаатан баран бэйэтин быстах баҕа санаатын кыайан тохтотунара өссө уустугурар, суох да буолар. Оҕо тугу баҕарбыта барыта туолан иһэригэр үөрэнэн хааллаҕына, ханнык баҕарар, быстах да баҕатын толоттордоҕуна эрэ тохтуурга, уоскуйарга үөрэнэрэ киһи быһыытын аһара барарыгар тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Киһиэхэ кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибититтэн тутулуктаах ити өй-санаа үөскээн олохсуйуута, кини быстах баҕа санаатын толороору, ситиһээри буруйданар да дьыалалары оҥоруон сөбүн утарбат.
Сахалар киһи тыыныгар турбут киһи “Хаана ыарыыр” диэн быһаараллар. Бу быһыы өр кэмҥэ кыайан сууйуллубат, ыраастаммат ыар, хара айыынан ааҕыллар. Олус былыргы “Өлөрсүбүтү өлөрүллэр” диэн үгэс баара киһи тыы¬ныгар турбут киһи майгына куһаҕан өттүгэр тосту уларыйарыгар олоҕурар уонна оччотооҕу кэмҥэ суут-сокуон бэрт боростуой, быһаччы быһаарар эрдэҕинэ туттуллубут туһалаах өйдөбүл буолар. Бу быһаарыы киһини өлөрөрө үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар уурулуннаҕына, ону көннөрүү олус уустугурарыгар оло-ҕурар. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ кырдьыктаах быһаарыылаах сууттаах-сокуоннаах дойдуга былыргы курдук тиэтэйэн, ыксаан быс¬тахтык быһаарыыны ылыныы табыллыбат. Олох сайдан иһиитэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар саҥалыы, хайа да киһини сыаналыыр, таба өйдүүр быһаарыы туттулларыгар эрэли үөскэтэр.
Оҕо иитиитигэр уһуннук үлэлээбит кырдьаҕас учуутал К.С.Чиряев оҕо хайдах иитиллибититтэн өйө-санаата улахан уратыланарын бэлиэтиир. Кини бэйэтин үлэтигэр эдэр эрдэҕиттэн Белинскэй: “Воспитание есть счастье и смерть. Человек, даже, родившийся человеком, может стать и волком, и ослом, и чем угодно” диэн этиитин туһана сыл¬дьыбыт. (33,58). Кыра эрдэхтэриттэн киһилии өйгө-санааҕа иитиллибит, үөрэтиллибит оҕолортон эрэ киһилии быһыылаах дьон улаатан тахсалларын уонна киһи-аймах туһугар күүстэрин харыстаабакка үлэлииллэрин саха дьоно былыргыттан билэллэрин саҥа өйдөөн эрэбит. Бу үөрэҕи билиҥҥи кэмҥэ аахайбат буолан хаалбыппыт, эдэр көлүөнэ дьо¬ну иитэн, үөрэтэн улаатыннарыыга улахан уустуктары оҥорор. Билигин эдэр ыччаттар бэрээдэктэрэ мөлтөөһүнэ, бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээһинэ, кинилэри кыра эрдэхтэринэ иитии-үөрэтии сыыһа хайысхалаахтык, атаахтатыы, маанылааһын, киһиргэтии диэки халыйан барбытын бэлиэтиир. Эдэрдэр өйдөрүн-санааларын бу халыйыытын “айыы үчүгэй” диэн үөрэх үөскэтэн аһара ыытарын көрсүө, сэмэй үлэһит сахалар билэн, бу сымыйа үөрэҕи тохтотуохтара этэ. Төрөппүттэр бары турунан бэйэлэрин утумнааччылары киһилии майгыга, киһилии киһи буоларга кыра эрдэхтэринэ сайдан иһэр Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн үөрэтэргэ кыһаннахтарына табыллар.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорууттан дьон сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэрин тутуспаттара үөскээбитэ. Оҕо иитиитэ дьаалатынан барбыта; аһатыынан, таҥыннарыынан уонна ол-бу, олоххо туһата суох элбэх оонньуурдарынан оонньотуунан сөп буолара. Ону тэҥэ, телевизэр, видик уонна компьютер ыйыыларынан, араас мультфильмнары көрдөрүүнэн салҕанан барара. Билигин Россия эдэрдэрэ бары кэриэтэ маннык кэлтэйдии иитиилээхтэр, ол иһин бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарыттан ким да ыарахан үлэни үлэлиэн баҕарбата үөскээбититтэн кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэр.
Онон оҕону кыра эрдэҕинэ сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин туһанан ийэ куттарын киһилии, үчүгэй быһыыга, киһилии майгыланыыга ииттэххэ, үөрэттэххэ эрэ, бу сатарыйбыт майгы көнөр кыахтанар.
ӨБҮГЭ ҮГЭҺЭ
Киһи урут оҥорботох быһыыта, саҥаны айыыта кини өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник, хаһан да умнуллубат гына иҥэрин, ийэ кутун үөскэтэрин Кут-сүр үөрэҕэ быһаарар уонна киһи оҥорбот куһаҕан, ыар быһыытын, хара айыыны оҥорбут киһи, бу быһыытын хатылаан, хос оҥорор кыаҕа олус улаатан хааларыттан сэрэтэр.
Эмилия Алиева “Преступление и наказание” диэн үлэтигэр кыра оҕолору күүһүлүүрү хаста да хатылаан оҥорбут киһи өйүгэр-санаа-тыгар куһаҕан үгэстэнэн хаалбыта тарда сылдьарыттан бэйэтэ бы-һаарыыны ылынан аны кыайан көннөрүнэр, оҥорор быһыытын уларытар, тупсарар кыаҕа суоҕунан, бу быһыытыттан эмп көмөтүнэн букатыннаахтык тэйитэр сөбүн туһунан суруйар. (34,12).
Сахаларга олус былыргы кэмнэртэн ыла тутуһуллан кэлбит “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһиллэр” диэн өбүгэ үөрэҕэ баар. Бу үөрэх халлаантан ылыы буолбатах. Былыргы кэмнэртэн дьон өйө-санаата тупсарыгар, киһилии быһыылары оҥороллоро элбээһинигэр көмөнү оҥорон, куһаҕан, хара айыыны оҥорбут дьону олохтон эрдэ туоратан биэрэн, бу өбүгэ үөрэҕэ улаханнык туһалаабыта биллэр.
Киһини өлөрүү диэн олус ураты, киһи быһыылаах киһи хаһан да оҥорбот ыар быһыыта, аан маҥнай оҥорууга саамай улахан ыар, олус куһаҕан саҥаны айыы, хара айыы буолар. Ол аата, бу быһыы киһи өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан ууруллар, иҥэр, ийэ кутугар куһаҕан үгэһи үөскэтэн кэбиһэриттэн умнуллубат буола өйдөнөн хаалар уратыланар. Киһи өйө-санаата биллэр уратытынан аан маҥнай оҥорор, урут билбэт, оҥорботох быһыыта, саҥаны айыыны оҥоруута киниэхэ айыы буолан өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ өйдөнөр, соннук иҥэн хаалар. Куһаҕаны оҥоруу буоллаҕына куһаҕан үгэһи, ийэ кутугар үөскэтэн кэбиһэр. Ол иһин киһи бу оҥорбут ыар быһыытын, хара айыытын хатылаан оҥорор кыаҕа улаатан хаалар.
Киһини өлөрөн баран тутуллубатах, ханных да эппиэккэ түбэспэтэх киһи, бу ыар быһыытын хатылаан оҥорор баҕа санаата аһара улаатарыттан, өссө оҥорор кыаҕа ордук эбиллэр. Ол иһин, бу куһаҕан, ыар быһыыны өссө хатылаан оҥоруон сөп. Бары билэр, элбэх киһини өлөрөр маньяктар итинник, бастакы оҥорбут ыар быһыылара, хара айыылара биллибэккэ кистэнэн хаалбытыттан салгыы баран, өссө киһини өлөрөн кэбиһиигэ тиийэллэр уонна салҕаан иһэллэр.
Ыар быһыы өссө хатыланарын суох оҥорорго, бу киһини сөптөөх, ыарахан эппиэккэ тардыы, уһун кэмҥэ хаайан үчүгэй үгэстэри иҥэрии эбэтэр өлөрүү эрэ туһалыыр, ол аата куһаҕан быһыыны оҥоро турарын тохтотууга тириэрдэр. Былыргы суут-сокуон диэн суох кэмигэр куһаҕан, ыар майгыламмыт дьонтон харыстаныыга, ыраастаныыга өлөрөн кэбиһии түргэниттэн ордук сөп түбэһэрэ. Дьон оҥорор олус куһаҕан, ыар быһыыларын аҕыйатар, суох оҥорор сыалтан итинник ыараханнык, кытаанахтык быһыыланыыга күһэллии оччотооҕу кэм-нэргэ баара эрэ туһалаабыта. Билигин да үгүс дойдуларга киһи быһыытыгар сөп түбэспэт олус ыар быһыылары оҥорбут киһини олохтон туоратыы, өлөрөн кэбиһии туттулла турар.
Ханнык да айыыны; үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар биирдэ оҥорору кытта олус дириҥник иҥэр, умнуллу-баттыы дьөлө хатанар, ийэ кутугар үгэһи үөскэтэн кэбиһэр ураты-лаах. Сахалар бу үөрэхтэрин аныгы, мэйиини үөрэтэр медицинэ науката эмиэ билинэн сылдьар. Ол курдук, киһи саҥаны, уратыны билиитэ мэйиигэ нейроннар саҥа холбоһууларын үөскэтэрин, ол иһин умнуллубат турукка сонно тиийэрин арыйбыттара.
Ийэ кут үөскээһинэ оҕо өйө-санаата саҥаны айыылартан саҕаланан, олортон хомуллан сайдан-үүнэн, эбиллэн иһэриттэн тутулук-таах. Ол курдук, оҕо ийэ кута тугу аан бастаан билбитэ, бэйэтэ оҥорон көрөн иҥэриммитэ барыта саҥаны, уратыны билиилэртэн, олору урутаан иҥэринэн иһииттэн хомуллан үөскүүр. Ол иһин сахалар оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ куһаҕан быһыылар өйүгэр-санаа-тыгар дириҥник хатанан, иҥэн хаалыыларын суох оҥороору “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр харыстыырга аналлаах үөрэҕи туһаналлар.
Саҥаны айыыны өйө-санаата сиппит, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһана үөрэммит улахан киһи эрэ оҥороругар сахалар таҥараларын үөрэҕэ ыҥырар. Ити курдук олоххо туһалаах, үчүгэй айыылар элбииллэригэр сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин олоххо киллэрии туһалыыр кыаҕа улахан.
Ханнык баҕарар: үчүгэй да, куһаҕан да саҥаны айыы, бу айыы төһө улаханыттан, уратытыттан өйгө-санааҕа дьайыыта ордук улаа-тар, күүһүрэр. Киһини өлөрбүт киһи олус күүскэ долгуйбута, өйө-санаата хамнаабыта барыта мунньулланнар олус күүстээх, дириҥ, хаһан да умнуллубат өйдөбүлү хааллараллар. Бу өйдөбүллэр, хамнааһыннар өссө хатыланалларын туһугар тутуллубакка, сөптөөх эппиэккэ тардыллыбакка хаалбыт киһи, атын киһини өлөрүөн баҕата аһара улаатарын кыайан тулуйумуон, бу быһыытын өссө хатылыырга баҕарыан уонна оҥоруон сөп. Тутуллубатах, эппиэккэ тардыллыбатах өлөрүөхсүт уһуннук киһи быһыылаахтык олороро уустугурар.
М.Е.Николаев сахалар өбүгэлэрин үгэһин дириҥник билэриттэн ыар, куһаҕан быһыылары өссө хатылаан оҥорбут киһи кыайан көнөн киһилии быһыыланара кыаллыбатын иһин, өлөрүөххэ сөп диэн этэрэ өй-санаа үөрэҕэр билигин да сөп түбэһэр. Ол курдук, оҕо өйө-санаата сайдыыта, өйү-санааны иҥэриниитэ сүүһүнэн тыһыынчанан сылларга уларыйбат, уларыйар да кыаҕа суох. Хаста да ыар буруйдары оҥорбут киһи көнөр, киһилии быһыыланар кыаҕа аҕыйаан иһэр, ол барыта куһаҕан быһыыларыттан үөскээбит куһаҕан үгэс оннук быһыылары оҥороругар тириэрдэриттэн тутулуктанар. Куһаҕан үгэс үөскээбит киһитэ кыайан көнөр кыаҕа суоҕун биллэрэр “Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрөр” диэн этиини сахалар үөскэтэн туһана сылдьаллар. Өй-санаа үөрэҕэ үөскэппит уонна туһалааҕын уһун үйэлэргэ дакаастаабыт бу этиитэ билигин да туттуллуон сөп.
Сорох дойдуларга ыар быһыылары оҥороллоро элбэхтэ хатыла-нан үөрүйэх буолбут дьону сууттаан, өлөрөн кэбиһии билигин да туттуллар. Кытайга улахан буруйдаахтары өлөрүү салҕана турар.
Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара тупсарын туһугар сыыһа туттунан куһаҕан быһыыны оҥорбут, киһини өлөрбүт киһини айыытын этитэн, өйүн-санаатын ыраастаан баран уһун кэмҥэ үлэнэн көннөрө, үчүгэй үгэстэри иҥэрэ сатыахха сөп. Онтон бу быһыыны элбэхтик хатылаабытыттан өлөрөр, алдьатар санаалара дириҥник иҥэн, үгэскэ кубулуйдаҕына, киһи өйө-санаата, үгэстэрэ олус бытаан-нык уларыйарынан, кырдьыктаахтык сууттаан баран өлөрөн кэбиһии билигин даҕаны өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэһэр быһыы буолар.
Сыыһа сууттааһынтан алҕаска атын киһини ыар буруйу оҥорууга түбэһиннэрэн кэбиһии түбэлтэлэрэ бааллар. Ол иһин улахан буруй-дааҕы сууттаан баран сонно өлөрө охсон кэбиспэккэ бастаан хаа-йыыга тутуохха, онтон хас да сыл буолан баран дьыалатын саҥалыы ырытан көрдөххө сыыһа буолара аҕыйыа этэ.
Онон ыар буруйу эрдэттэн тэринэн, бэлэмнээн баран соруйан оҥорууга онно сөптөөх, тэҥнэһиини олохтуурга тириэрдэр эппиэт, сэт үөскээн хайаан да кэлэрин дьон билиэ этилэр.
ҮТЭҺЭ ТУОЛУУТА
Сахалар олус былыргы кэмнэртэн киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэннэр оҥорор быһыылара барылара ханнык эрэ аналлаах кээ-мэйи аһара барбатахтарына табылларын, сэти үөскэппэттэрин быһаараннар “Үтэһэ туолуута” диэн аналлаах мээрэй бэлиэни оҥорбуттар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн үтэһэ үчүгэй да, куһаҕан да быһыылартан туолуон, таһынан барыан сөп. Элбэх кыра-кыра куһаҕан быһыылары оҥорууттан үтэһэ туолан хаалара киһи улахан содуллаах куһаҕаны оҥороругар тириэрдиэн сөп. Кыратык уоран ылан туһана сылдьар киһи сотору улаханы уорууга тиийиэн сөп диэн “Үтэһэ туолуута” үөрэх быһаарар.
Үтэһэ туолуута киһи тугунан эмэ кэһэйиитигэр, өйө-санаата тосту уларыйыытыгар тириэрдэрэ куһаҕан быһыылары оҥоруу аҕыйыырын үөскэтэр. Үтэһэ туолуута туохха тириэрдэрин улахан холобурун ыраахтааҕы аһара баай-талым олоҕо соһуччу бүтүүтүттэн, бэйэлэрин ытыалаан өлөрүүлэриттэн буларбыт ордук итэҕэтиилээх. Үлэһиттэри, дьадаҥылары аанньа ахтыбат буолуу аһара барыыта, элбэх дьону ытыалатан өлөртөөһүн сэтэ туолан, иэстэбилэ кэлэн бэйэлэрин ытыа-лааһыҥҥа тириэрдибитин, бу холобур биллэрэр.
Үчүгэй быһыылартан үтэһэ туолуута үөскээһинэ киһи улахамсыйарын, улуутумсуйарын үөскэтэн майгынын буорту оҥорон, киһиргэс, киэптэнньэҥ киһиэхэ кубулутуон, мин үчүгэйбин диэн санаата аһара барыан, атыттары аанньа ахтыбатыгар тириэрдиэн сөп. Киһир-гээһинтэн, киэптээһинтэн сыыһа-халты, аһара туттунуу үксээһинэ үтэһэ туолуута, кэһэйии тиийэн кэлиитин үөскэтэр.
Куһаҕан майгынтан, быһыылартан үтэһэ туолуута өссө ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэн, охсуутун улаатыннарыан сөп. “Үтэһэтэ туолара чугаһаабыт” диэн киһи кыра кыралаан оҥорор куһаҕан быһыылара ханнык эрэ кээмэйи аһара бардахтарына, туох эрэ улахан куһаҕан быһыыны оҥороро кэлэн эрэрин эрдэттэн биллэрэн этэллэр. Ол аата киһи оҥорор быһыыларыттан үтэһэтэ туоллаҕына туохха эмэ аһара барыыны оҥорон, сыыһа-халты туттунан куһаҕан быһыыга түбэһиэн, улаханнык кэһэйиэн сөбө быһаарыллар.
Үтэһэ туолуута киһи бардама, харама, баайы-малы тардыһыыта киһи быһыытын аһара бардаҕына эмиэ тиийэн кэлиэн сөп. Хас киһи барыта бэйэтин олоҕун устата ханнык эрэ биллэр кээмэйдээх быһыылары оҥорор аналлаах курдугун үтэһэ туолуута биллэрэр. “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн этии киһи кыра да буоллар киһи быһыытын аһара барарын, сыыһа-халты туттунарын билинэр, киһиэхэ аһара кытаанах, халбаҥнаабат хааччаҕы оҥоруу туһата суоҕун биллэ-рэр. Кыра кыралаан да буоллар киһи быһыытын аһара барыылар мунньуллан, эбиллэн иһиилэрэ хаһан эрэ бүтэр, таһынан барар кээмэйдээҕин иһин “Үтэһэ туолуута” диэн аналлаах мээрэй үөскээбит. Өй-санаа мунньуллан, күүһүрэн, чиҥээн үгэскэ кубулуйан иһэрин сахалар былыргы үйэлэргэ арааран билэннэр бэйэлэрэ куруук туһанар, биллэр быһыыларыгар тэҥнээн үөрэх оҥостон туһаналлар.
Үтэһэҕэ бытархай; мунду эбэтэр ньоҕор балыгы биир-биир ылан кэккэлэччи үөлэн буһараллар. Үтэһэ уһуна уокка сырайарга аналлаах кээмэйдээҕиттэн, балыгы үөлэн истэххэ уһаан биэрэн испэтинэн, аһара элбэх балыгы биирдэ үөлүү кыаттарбат, үтэһэ туолан хаалан, балык кыайан иҥнибэт кэмэ хайаан да тиийэн кэлэр.
Сахалар үтэһэ, бу туолан хаалар бэлиэ кэмин бэлиэтээн ыланнар киһи оҥорор быһыыларыгар тэҥнээн көрүүнү оҥорбуттар. Ол курдук, киһи оҥорор кыра кээмэйдээх куһаҕан быһыылара эбиллэн, мун-ньуллан ханнык эрэ кээмэйи, сахалар билэр, куруук туттар мээ-рэйдэрин үтэһэни толордоҕуна, киһи сыыһа-халты эбэтэр аһара туттунан туохха эмэ улахаҥҥа түбэһиэн, кэһэйиэн сөбүттэн сэрэтэн “Үтэһэ туолуута” диэн этиини үөскэппиттэр.
Киһи хаһан баҕарар кыра, быстах сыыһа-халты туттунуулары оҥоро сылдьар. Бу сыыһа туттубутун, куһаҕаны оҥорбутун билэн, тохтотон, аны хатылаан оҥорботоҕуна, бу быһыы хаалан, умнуллуон сөп. Онтон киһи субу оҥорбут куһаҕан быһыытын өссө хатылаан оҥоро турдаҕына, бу оҥорор быһыыта хос-хос хатыланан кини майгынын уларытан, куһаҕан майгылаах, үгэстээх киһиэхэ кубулутан кэбиһиэн сөп. Онтон куһаҕан майгыланыы, үгэстэнии куһаҕан бы-һыылары оҥорууга тириэрдэрэ саарбаҕа суох быһаарыллар.
Кыра да буоллар куһаҕаны элбэхтик оҥоруу мунньуллан, элбээн үгэскэ кубулуйдаҕына хаһан баҕарар киһини ордук улахан куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр кыаҕа улаатар. Куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥоруу аһара баран ордук улахан куһаҕан быһыылары оҥорууга тириэрдэн кэбиһэриттэн сэрэтэн, дьону харыстаан “Үтэһэ туолуута” диэн олохтон холобурдаан ылан этии үөскээбит.
Дьон билбэтинэн кыра кыратык араас бытархайы ылан туһана сылдьар киһи, бу оҥорор быһыытыгар үөрэнэн, үгэс оҥостунан кэби-һэн, сотору туох эмэ улаханы уорууга тиийэн хаалара биллэр. “Тутуллубатах уоруйах өссө уорар” диэн этии итини бигэргэтэр. Арыгыны кыра-кыратык да буоллар куруук иһэ сырыттахха үчүгэй курдук, ол эрээри, сотору кэминэн иһэрбит элбээн, итирэрбит үксээн барыытыттан арыгыга ылларыы хойутаан даҕаны, син-биир кэлиэн сөбө киһи арыгыны элбэхтик иһэртэн куруук туттуна сылдьара туһалааҕын, сыыһа туттунан кэбиһэриттэн харыстанарын биллэрэр.
Үтэһэ туолуутун холобурун биллэр дьон олохторуттан булан ылыы ордук туһалаах. Ол курдук, биллэр актер А.Дедюшко массыына абаарыйатыгар түбэһэн кэргэттэринээн өлүүлэрэ сахалар үөрэхтэ-ринэн быстах быһыыга түбэһии буолбатах. Киһи бэйэтин кыаҕын таһынан туттунуулара элбээтэхтэринэ уонна үгэскэ кубулуйан хааллахтарына кэлин тиһэҕэр, улаханнык аһара туттунан кэбиһиитигэр, “Үтэһэтэ туолуутугар” тириэрдиэн сөбүн биллэрэр.
Аһара уустук, ыарахан трюктары оҥорон киинэ көрөөччүлэри үөрдээри, сааратаары актер өссө ордук ыараханы, уустугу, дьон оҥорботторун, ол аата саҥаны айыыны оҥороору бэйэтин кыаҕын таһынан туттара элбэх. Бииргэ уһуллар актера олус түргэнник иһэр массыынаттан кыайан туора ойон биэрбэккэ хаалан өлүүтэ, киһи кыаҕа эмиэ ханнык эрэ аһара барыллыбат кыйыалааҕын, бэйэ кыаҕын аһара барыы куһаҕан содуллааҕын А.Дедюшкоҕа өйдөппөтөх.
Бэйэни аһара кыанар курдук сананыы улаатыыта хайа да киһини улахан кыахтаах массыынанан олус түргэнник айанныырга күһэйиэн сөп. Олус түргэнник айаннаан иһэн утары иһэр массыынаҕа тахсан биэрэн абаарыйаҕа түбэһии киһи аһара кыанар, барыны кыайар курдук сананыыта улаатыытыттан, киһи быһыытын таһынан барыытыттан хамсаныылары оҥорор кыаҕын билиммэтэҕин туоһута буолар.
Кыра да куһаҕан быһыылары оҥоруу тохтооботоҕуна, өссө хатылана турдаҕына, сыыйа-баайа эбиллэн, элбээн, куһаҕан үгэскэ кубу-луйан ордук улахан куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдэр кыах-тааҕыттан сахалар дьону сэрэтэн “Үтэһэ туолуута” диэн үөрэҕи айбыттар. Ол иһин куһаҕан быһыыны, кыралары даҕаны, салгыы баран эбиллэ илигинэ тохтотуу хаһан баҕарар туһатын улаатыннарар.
Онон “Үтэһэ туолуута” диэн үөрэх киһи өйө-санаата кыра да куһаҕан быһыылары оҥороруттан үгэс буолан уларыйан барыыта сэти үөскэтиэн сөбүттэн, эрдэттэн сэрэтэргэ анаан туттуллар.
БЭЙЭҔЭ ТИИЙИНИИ
Сэбиэскэй былаас өй-санаа төрүттэрин, үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан киһи олоҕор өйө-санаата туруктааҕа, оҥорор быһыыларыгар сэрэхтээҕэ ордук улахан суолталаах диэн өйдөбүл биһиэхэ туттуллубакка хаалан сылдьар. Былыргы кэмнэртэн олоххо туттуллубут “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн өс хоһоонун өссө туһана иликпит. Үлэ-хамнас кыаттарбата, бичтэр элбээһиннэрэ барылара дьон өйө-санаата туруга, тулуура, өсөһө суоҕун бэлиэлэрэ буолаллар.
Кэлин кэмҥэ биһиэхэ дьон, ордук эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга, тулуурдара суоҕуттан араас арыгыһыттар, наркоманнар уонна бэйэлэригэр тиийинээччилэр эмиэ элбээтилэр.
Сахаҕа бу туһунан кэпсэтии ыарахан, бобуулаах. Ботур-ботур сибигинэһэн, улахан хара айыыны оҥорбут киһи туһунан аһына-сэмэлии кэпсэтэллэрэ, “бэйэтигэр тиийиммит”, “быаламмыт”, “саа-ламмыт” диэн ханарытан этэн атын дьоҥҥо тириэрдэллэрэ. Ордук оннук быһылааҥҥа түбэспит ыалы аһыналлара, “өлбүтү кытта өлбүт суох” диэн санааларын уһаталлара. (35,4).
Дьон бэйэлэригэр тиийиниилэрэ өй-санаа туругуттан тутулуктаах. 1885-1911 сыллардааҕы дааннайдары хомуйан ааҕаннар Якутскай уобаласка сылга ортотунан 15,6 бэйэҕэ тиийинии буоларын быһаар-быттар. Бу дааннайы баар дьон ахсааныгар тэҥнээн суоттаан та-һаардахха 5,8 бэйэҕэ тиийинии 100 тыһ. киһиэхэ тиксэр эбит.
Тэҥнээн көрүүгэ анаан маннык дааннайы 1997 сыллаахха хо-муйдахха 29,6 бэйэҕэ тиийинии 100 тыһ. киһиэхэ тиксэр буолбут. Дьон бэйэлэригэр тиийинэллэрэ урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ, сахалар бэйэлэрин өй-санаа үөрэхтэрин тутуһар эрдэх-тэринэ, билиҥҥи кэмнээҕэр биэс төгүл аҕыйах эбит. (36,129).
Маннык ыар дааннайдар дьону санаарҕатыа, бу быһыылар туохтан сылтанан үөскүүллэрин быһааран, мантан салгыы аҕыйата сатыырга аналлаах үлэни оҥоруохтара этэ. Эдэрдэр бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээһинэ оҕону иитии, үөрэтии үөрэхтэрэ халыйан, сыыһа хайысханан баран иһэллэрин чуолкайдык биллэрэр.
“Айыы үөрэҕин” олус куһаҕан сабыдыалынан эдэрдэр айыы буола, ол-бу айыыны оҥоро сатыыларын аһара улаатыннаран бэйэлэригэр тиийинэллэрин элбэтэрэ буолар. Биһиги салайааччыларбыт, сэбиэскэй былаас тобохторо, бу ыар быһыылар элбээбиттэрин бил-бэтэҕэ буолан хаһыаттарга суруйары бобо сатыыллар.
Олох диэн оонньуу буолбатах, уларыйан иһэр кэмнэрдээх, оҕо улаатан, улахан киһи буолар, бэйэтэ саҥа, туспа ыалы үөскэтэр кэмэ тиийэн кэлэр. Оҕо буола сылдьыбыт кэмэ ааспыт, улааппыт киһи кыра эрдэҕинэ курдук куруук маанылана, атаахтыы сылдьара кыал-лыбат кэмэ син-биир тиийэн кэлэр. Бу кэмҥэ олох көрдөбүлэ тосту уларыйан, аҥар, утары өттүгэр халбарыйан биэрэн бэйэ оҥорорун, тутарын, сөптөөх быһаарыыны ылынарын ирдиирэ саҕаланар. Ол аата оҕо улааттаҕына кыра эрдэҕинэ иитиллибит иэһин төлүүр кэмэ тиийэн кэлбитэ өйүгэр-санаатыгар уларыйыыны киллэрэн, үлэлиирин элбэтэрин тулуйар кыахтаннаҕына эрэ табыллар.
Киһи олус элбэх тулуурданнаҕына эрэ олоҕу уһуннук олорууну, иитиллибит иэһи төлөөһүнү кыайар кыахтанар. Саха дьоно тулуурга үөрэтэр “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонноро кэлэр көлүөнэлэр сайдар, үүнэр кыахтарын лаппа улаатыннарарын эстибит сэбиэскэй былаас бэлэмҥэ үөрэппит куһаҕан сабыдыалыттан тахса иликпитинэн билигин даҕаны туһаммакка сылдьабыт.
Тулуурдара аҕыйах, атаах, мааны оҕолор олохторугар туох эмэ ыарахан, эрэй-буруй кэлэрин кытта, тулуйа, өсөһө түспэккэ, туох кыалларын барытын оҥоророллорун оннугар бэйэлэригэр тиийинэргэ тиийэн хаалыахтарын сөп. Өй-санаа туруга суоҕуттан эдэрдэр бэйэ-лэригэр тиийиниилэрэ элбээһинин туһунан биһиги “Киһи быһыыта” диэн үлэбититтэн булуохха сөп. (37,42).
Сахалар кэлэр көлүөнэлэрин өйүн-санаатын ордук кыһанан харыстыылларын бэлиэтинэн маннык куһаҕан, хара айыыны оҥорон өлбүт киһини туспатык тутан көмөллөрө, тугу оҥорбутун ахтыбакка хаалларан, аатын-суолун умуннара сатыыллара, түһэрэн, хараардан хара диэн ааттыыллара буолар. Куһаҕан, хара айыы умнулуннаҕына, хааллаҕына эрэ үчүгэй быһыылар элбииллэрин туһаналлар этэ. Бэйэҕэ тиийинии диэн олус куһаҕан, киһи быһыылаах киһи хаһан да оҥорбот, сиэргэ баппат, киһи быһыытын таһынан барар, ыар быһыыта, хара айыыны оҥоруута буолар. Бу быһыы кэлэр көлүөнэлэргэ дьайыыта ордук кутталлаах, чугас аймахтарыттан үтүк-тээччилэр көстөн тахсыахтарын сөбүттэн өссө куһаҕан содула улаатан кэлиэн сөп. Ол курдук, Астраханскай уобаласка биир дэриэбинэҕэ 25 эр киһи утуу-субуу ыйанан өлбүттэр. Бу өлбүт дьону кылабыыһаҕа атын дьону кытта холбуу көмөллөрүттэн хатыланан барбыт эбит. Бу олус ыар быһыы билигин даҕаны салҕанан баран иһиэн сөбүн туһунан НТВ передачата 2013 сыллаахха ахсынньыга кэпсээбитэ.
Улахан киһи бэйэтигэр тиийинэрэ аймахтарга куһаҕаны оҥорор. Ол курдук, кэлэн иһэр көлүөнэлэр үтүктэр киһилэрэ бэйэтигэр тиийиннэҕинэ, атыттара ону үтүктэр кутталлара илэ үөскүүр. Бу бэйэтигэр тиийиммит киһи оҕото, сиэннэрэ бэйэлэригэр тиийинэр кыахтара улаатан хаалыан сөп. Оҕо төрөппүтүн үтүктэр күүһэ элбэҕиттэн субу оҥорбут куһаҕан быһыытын эмиэ үтүктэн кэбиһиэн сөбүттэн харыстанан ити ураты үгэстэри туһаналлар.
Оҕолору сыыһа-халты туттубакка, аһара барбакка, тулуурдаах буолууга, олоххо туһалаах баҕа санааны толорууга үөрэппэттэн, кыра эрдэхтэриттэн аһара маанылыыртан, атаахтатартан, киһиргэтэртэн туохтара эмэ табыллыбатар, сатамматар, баҕа санаалара туолбатар эрэ тугу эмэ куһаҕаны оҥороллоро эбэтэр бэйэлэригэр тиийинэ сатыыл-лара үөскээн тахсара хойутаабыт хомолтоҕо тириэрдиэн сөп.
Тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секталара эдэрдэр туруга суох, киһи быһыытын аһара барар өйдөрүн-санааларын үөскэтэр уонна улаатыннарар. “Айыыны оҥор”, “Бэйэҥ айыы буол” диэн этэн оҕону үөрэтии өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи, куһаҕаны таба арааран туһана үөрэнэ илик оҕо саҥаны, дьон билбэтин, оҥорботун оҥоро охсор санаатын күөртээн элбэх сыыһаны-халтыны оҥорорун үөскэтиэн уонна айыы буола сатаан бэйэтигэр тиийинэригэр кырдьык тириэрдиэн сөп.
Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлөр дьону мөлтөх майгылаах, олох иһин охсуһууга кыаттарбыт, барар-кэлэр сирдэрэ бүөлэммит, ыарахан кэмҥэ кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммат буола буо-райбыт дьонунан ааҕаллара. Бэйэҕэ тиийиниини киһи бэйэтин олоҕор оҥорор саамай ыар буруйунан, хара айыынан билинэллэрэ. Бу дьон кэлэр көлүөнэлэрин туһугар ханнык да ыллыктаах санаалара суох дьон диэн этэллэрэ, ол барыта бэйэҕэ тиийинии кэлэр көлүөнэ дьон өйүгэр-санаатыгар олус куһаҕаннык дьайарыгар, бу оҥоруллубут куһаҕан быһыыны үтүктүөхтэрин сөбүгэр олоҕурар.
Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи өйө-санаата куһаҕан, өлөр санаа¬нан туолан, бу киһи кута ыараан, Үөһээ дойдуга кыайан көппөт буо¬лан, үөр буолар дьылҕаланара биллэр. Үөр буолбут киһи кута бэйэтин аймахтарыгар, чугас дьонугар илэ да эбэтэр түүллэригэр киирэн эл¬бэхтик куһаҕан көрүҥүнэн көстөн, дьонун санааларын үгүстүк түһэрэн, олохторун буортулуон сөп дииллэр. Бу быһаарыы түүлү көрүүнэн эмиэ дакаастанар. Ол курдук, түүлгэ куһаҕан, эстибит-быстыбыт көрүҥнээх киһи көстүүтэ туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыы кэлэн иһэрин бэлиэтиир көстүү буолар.
Сахалар олохторун үөрэҕэр “Олох иһин охсуһуу” диэн өйдөбүл баар. Олохторугар көрсөр араас ыараханнары, эрэйдэри, ыарыылары кыайбыт дьону хайҕааһын, кинилэри үтүктүү саха дьонун олохторун үөрэҕэ - сиэрэ буолар. Элбэх кэпсээннэргэ киһи бэйэтин тулуурунан, дьулуурунан оннооҕор өлүү тирээн кэлбитин эмиэ кыайбыта кэп-сэнэр. Киһи бэйэтин баҕа өттүнэн элбэхтик дьарыкта¬нан, тулуурун сайыннаран, этин-сиинин эрчийэн олоҕун уһунун лаппа уһатыан сөбүн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттара ыраатта.
Бэйэҕэ тиийинии диэн ким да оҥорбот куһаҕан быһыытын оҥоруу, олус улахан хара айыы буолар. Эдэр эрдэххэ өлөн хаалыы киһи бэйэтэ олох ыараханын, эрэйдэрин тулуйбакка олохтон туораан биэриитэ, ыараханнарыгар бэриниитэ буолар. Бэриммит киһи олох иһин охсу-һарын тохтотор, ол иһин бэйэтигэр тиийиниэн сөп. Кини бэйэтигэр тиийинэр, атыттарга хом саныыр куһаҕан өйө-санаата ханна да ыраах барбакка, чугас сылдьара уонна билэр, буруйдуу саныыр дьонугар көстөрө үөр буолуу диэн өйдөбүлү үөскэппит.
Оҕону аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан ииттэххэ өйө-санаата тулуура суох буолан, олох ыараханнарын тулуйбатын үөс-кэтэр. Маннык иитиилээх оҕолор ханнык эрэ баҕа санаалара туол-батаҕына, туохтара-эмэлэрэ тиийбэтэҕинэ өлөллөрүнэн куттаан эбэ-тэр “Тоҕо төрөппүккүтүй?” - диэн ыган бардахтарына барыта бэлэмҥэ үөрэппит төрөппүттэр чахчы ыксыыллар. Атаах оҕо саҥа соппуоска ылбатыгыт диэн куттаан баран балконтан ыстанан кэбиһэр түбэлтэтэ эмиэ биллэр. Оҕону атаахтатан иитии кини олоҕун сыаналаабат, атын ким эрэ, төрөппүттэрин туһугар олорор курдук сананыытын үөскэтэр. Бу халыйан хаалбыт санаатын сыыһа дьайыытыттан бэйэтигэр тиийинэ сатыыра кэлиэн сөп.
Арыгы киһи тулуурун, туттунар күүһүн мөлтөтөн өйө-санаата аһара барыытын үөскэтэр. Арыгыга ылларыы олох ыараханын тулуй-бат буолуу биир көрүҥэ буолар. Сахаларга “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этии баар. Арыыйда мөлтөх, киһиргэс майгылаах, тулуура соччо тиийбэт, сымнаҕас, чэпчэки олоххо үөрэммит, бэйэ-лэрин үрдүктүк сананар оҕолор арыгыга түргэнник ыллараллар.
Өйү-санааны наркотигынан буккуйуу оҕо саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаатыгар сөп түбэһэринэн тарҕаныыта кэҥээн иһэр. Наркотикка ылларыы диэн бу бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнэнэр олус ыар быһыы буолар. Өй-санаа тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах буоллаҕына, тиийбэтэҕинэ быстах, көтө сыл¬дьар, чэпчэкини эккирэтэр өйгө-санааҕа баһыттаран, наркотикка ылларар кыахтанар. Эдэрдэр өйдөрүн-санааларын Үөһээ дойдунан буккуйуу, онно “үчүгэй” диэн сыыһа үөрэтии, “айыы буолууга” ыҥырыыны туһаныы сөптөөх эппиэккэ түбэһиигэ тириэрдэр кэмэ кэллэ. Оҕолор бэйэ-лэригэр тиийиниилэригэр, олох ыараханнарыгар бэриниилэ¬ригэр ыҥырар олус куһаҕан быһыы буоларын биллэххэ эрэ табыллар.
Өй-санаа киһи өллөҕүнэ арахсан, айыы буолан туспа баран Үөһээ дойдуга барыыта, көҥүл көтөн хаалыыта чахчы. Ол гынан баран киһи өйө-санаата ол дойдуга бэйэтинэн сылдьы¬бат. Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук кут диэн тус-туспа үгэс буолбут өйдөр-санаалар холбоһон мунньуллан сылдьаллара буолар. Киһи өлбүтүн кэнниттэн 3 хонугунан салгын кута көтөр, онтон 9 хонугунан ийэ кута үрэллэн ыһыллар, 40 хонугунан буор кута үрэллэн, тус-тус¬па арахсан, ыһыллан хаалар. Yөһээ дойдуга өй-санаа толору бэйэтинэн сыл-дьыбат, айыы буолбут үгэстэрэ, үөрүйэхтэрэ эрэ ордон хаалбыттара түүлгэ көстөллөр. Бу быһаарыыны чуолкайдыыр бэлиэнэн түүлгэ көстөр дьон өй¬дөрө-санаалара аҥардас көстүүлэринэн, кылгас этии-лэринэн уонна быстах-быстах бэлиэлэ¬ринэн эрэ биллэллэр.
Атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарыннаабат ураты өй-санаа, айыы, туспа бөлөх буолан бэйэтинэн уларыйбакка өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Бу быһаарыы өй-санаа туспа эньиэргийэ буоларын биллэрэр. Ма¬ны олус былыргы дьон түүлгэ көстүүлэрэ бигэргэтэр. Онтон атыттар өйдөрүгэр-санааларыгар маарынныыр, биир тэҥ эньиэргийэлээх өрүттэр атын өйдөргө-санааларга холбоһон, симэ-лийэн сүтэн хаалан иһэллэрин сорох дьон түүлгэ букатын көс-түбэттэрэ быһаарар. Олус былыргы кэмнэртэн үөрэтэннэр киһи өллөҕүнэ өйө-санаата үөр буолан ыһыллаллар диэн сахалар этэллэр. Yөр буолуу диэн бытарыйыы, ыһыллыы ааттанар.
Бэйэҕэ тиийинии диэн киһи этин-сиинин өлөрүнүүтэ, ыар, хара айыыны оҥоруута буолар. Быстах санааҕа баһыттарыы бэйэҕэ тиийиниигэ тириэрдэрэ элбэх. Өй-санаа туруга, тулуура, туттунар күүһэ суоҕуттан олох ыараханнарын, эрэйдэрин тулуйбатыттан, быстах санааҕа киирэн биэрэн этин-сиинин өлөрүөн сөп.
Быстах санааҕа баһыттарыы өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр куттала бэйэҕэ тиийинэр санаалаах дьону тохтотууга көмөлөһүөн сөп. Быстах санааҕа баһыттарбат туһугар киһи тулуура, бэйэтин тохтотунар күүһэ баара туһалыыр. Киһилии быһыылаах киһи оҥорор быһыытыгар быстах быһыыны оҥоруу сөп түбэспэт.
Киһи оҥорбут туох эмэ куһаҕан быһыыта куһаҕанын атыттарга биллэрэр ураты бэлиэлэнэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Куһаҕан быһыы өссө хатыламматын туһугар, бу быһыы куһаҕанын биллэрэр бэлиэтин куруук оҥоро сылдьыы, умнуллан хааларыгар туһалыыр. Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт киһини ахтыбакка, кистээн, дьон сылдьыбат сирдэригэр хоруобугар умсары уган көмөллөрө. Ол барыта куһаҕан санаалаах өлбүт киһи оҥорбут быһыытын хаалар дьон умналларын, аны хатылаабаттарын туһугар оҥоруллар туһалаах быһыы буолар. Олус куһаҕан хара айыыны оҥорбут киһи аата умнуллуохтаах, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиэ, биллиэ суохтаах. Аат умнулларын тэҥэ, кини оҥорбут олус куһаҕан, ыар быһыыта эмиэ умнулуннаҕына атыттар оннук быһыыны оҥорботторо үөскүүр.
Сахалар дьон өйө-санаата тус-туспаларын, хаһан да маарын-наспаттарын, уратыларын былыр-былыргыттан билэн киһи өлөн өйө-санаата туспа бардаҕына, Үөһээ дойдуга тиийдэҕинэ айыы буолар диэн өйдөбүлү үөскэппиттэр. Айыылар диэн биһиги иннибитинэ олорон ааспыт көлүөнэлэр үгэс буолбут өйдөрө-санаалара өлбүт этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран Үөһээ дойдуга өр кэмҥэ сылдьаллара ааттаналлар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн айыылар эмиэ икки аҥы арахсаллар:
1. Үчүгэйи, туһалааҕы оҥорбут дьон өйдөрүн-санааларын ураты бэлиэтээн үрүҥ айыы диэн ааттанар уонна кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ анаан туттуллар. Ол аата былыргы кэмнэргэ олорон ааспыт дьон оҥорбут бары быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдии үрүҥ айыы диэн буолар.
2. Куһаҕаны, дьоҥҥо буортулааҕы оҥорбут дьон өйдөрө-санаа-лара хара айыы диэн ааттанан анаан-минээн куһаҕанын биллэрэн хараардыллар уонна умнуллууга, хаалыыга аналланар.
Өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын маннык икки аҥы араарыы Сиргэ, Орто дойдуга куһаҕан быһыылар умнулланнар аҕыйыыл-ларыгар тириэрдиигэ туһалыыр. Ол курдук, сорох киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын кэмэ кэллэҕинэ умнан, хаалларан истэххэ үчүгэй, үрүҥ быһыылар ордон хаалар уонна элбиир кыахтаналлар.
Өлбүт киһини ахтыыга кини оҥорбут үчүгэй быһыыларын эрэ ахталлар, дьоҥҥо кэпсииллэр, онтон оҥорбут куһаҕан быһыыларын букатын ахтыбаттар, хаалларан, умуннаран, суох курдук оҥорон кэбиһэллэр. Бу былыргы үгэс үчүгэй быһыылар элбииллэрин, онтон куһаҕан быһыылар хаалан, умнуллан иһэллэриттэн аҕыйыылларын үөскэтэрин иһин, билигин даҕаны туһана сылдьаллар.
Сахалар үөрэхтэринэн куһаҕан, ыар быһыыны оҥорон өлбүт дьону ахтыбакка, дьон көмүллэр сирдэриттэн атын сиргэ көмүллэр. Итини тэҥэ, былыргы кэмнэргэ бэйэлэригэр тиийиммит дьону хо-руоптарыгар умсары уган көмөллөрө. Ол барыта киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын аймахтара ордук үтүктэр күүстээхтэрин аҕыйатар, эдэрдэри харыстыыр сыалтан оҥоруллар туһалаах быһыы буолар.
Куһаҕан быһыылар хайаан да сэмэлэниэхтээхтэр, куһаҕаннарын дьон бары арааран билэллэрэ үөскэтиллиэхтээх, туспа бэлиэтэнэл-лэрэ уонна хара диэн хараардыллан ааттаналлара өй-санаа үөрэҕэр табыллар. Омук сайдыан, тупсуон баҕалаахтар, бу куһаҕан быһыылар элбии туралларын хааччахтаһа, аҕыйата сатыылларыттан дьон өйүттэн-санаатыттан умнуллалларын, симэлийэллэрин ситиһэллэр.
Онон уһун үйэлээх сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ этэри-нэн куһаҕан быһыыны умуннахха, хааллардахха, өйдөөн кэлэ-кэлэ хос-хос хатылаан оҥоро турбатахха эрэ аҕыйыылларыттан, олоххо үчүгэй быһыылар эбиллэр, элбиир кыахтаналлар.
СААТ КУТТАРЫЫТА
Саат диэн киһи быһыылаах киһи кыбыстар, туттунар куһаҕан санаата, онтон хаһан да оҥорбот куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыта, саат-таах диэн ааттанар. Саатыы, кыбыстыы оҕо тулуурун, туттунар күүһүн сайыннарарын, бөҕөргөтөрүн уонна кыбыытын кыана сыл-дьарыгар түргэнник үөрэнэригэр көмөлөһөрүн, киһи буолууну сити-һэрин төрөппүттэр кыра оҕо иитиитигэр табан туһаныа этилэр.
Саатыы, кыбыстыы киһи буолуу үөрэҕин биир тутаах салаата буолар уонна киһи кыылтан улахан уратытын, куһаҕан быһыыттан саатарын, кыбыстарын биллэрэр. Оҕо улаатан иһэн саатарыттан, кыбыстарыттан туттунар күүһэ улаатарыттан куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыыр, кыбыытын кыанара олохсуйан киһи буолууну ситиһэр уонна киһилии быһыыланар кыахтанар.
Сахалар былыр-былыргыттан эр киһи уонна дьахтар сыһыан-нарын таба өйдөөн олохторугар туһанар эбиттэрин саат куттарыыта диэн аналлаах төлөбүр баара быһаарар. Ойох ылыах буолан албын-наан кыыстарын ылан туһанааччылар оччолорго эмиэ баар эбиттэрин, бу саат куттарыыта диэн төлөбүр баара биллэрэр. Ол курдук, эр киһиэхэ албыннаппыт кыыс баайыттан-малыттан тутулуктанан, бу саат куттарыыта диэн эр киһи төлүүр төлөбүрэ тус-туспа кээмэйдээх уонна улахан төлөбүр буолар эбит.
Урукку кэмнэргэ сахалар өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕин олохторугар туһанар эрдэхтэринэ удьуордааһын уонна утумнааһын диэн үөрэхтэри кытаанахтык тутуһар эбиттэр. Бу кэмҥэ ыраас кыыс оҕо эр киһини удьуордуур уонна утумнуур оҕону төрөтөрүн билэн кыыһы кыһанан харыстыыллара уонна ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн туһаналлара.
Кийиит кыыс оҕо эр киһини, кэргэнин утумнуур, ол аата эр киһи сайдыылаах буор кутун ылыммыт оҕону төрөтөрүгэр бэлэмин, ол аата ырааһын сүтэрэ илигин биллэр ааттаах-суоллаах аҕа уустарын уол оҕотун аймахтара кытаанахтык ирдиир этилэр.
Кыыс оҕону кыра эрдэҕиттэн улаханнык харыстыыллара, “хара харахтаахха көрдөрбөккө” иитэн, үөрэтэн улаатыннараллара, ийэ буолар аналын урут-бастаан өрө туталлара, көрө-истэ сылдьаллара. Итини тэҥэ, эргэ таҕыстаҕына кэргэнин, эр киһини утумнуур, киниттэн бэриллибит буор куттаах оҕону төрөтөрүн туһугар кыыһын бэйэтэ харыстана сылдьарыгар иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ.
Айылҕа бэйэтэ эр киһи утумун салгыырга аналлаах бэлиэни кыыс оҕоҕо анаан оҥорбут. Ол чараас бүрүөһүн кыыс оҕо ырааһын, атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын биллэрэр ураты бэлиэтэ буолар. Атын эр киһилиин эрдэ сылдьыспыт дьахтар эргэ таҕыстаҕына эр киһитин утумнуур оҕону төрөппөтүн сахалар былыр-былыргыттан билэллэрэ уонна олохторугар туһаналлара, кыыс оҕону улаханнык харыстыыл-лара, сааһын ситтэр эрэ сайдыылаах буор куттаах эр киһини талан ылан эргэ биэрэн, “оннун буллара” охсоллоро.
Утум диэн эр киһи буор кута, хамсааһыннары, хамсаныылары оҥорор кыаҕа, дьоҕура, талаана, үлэни-хамнаһы кыайара кэлэр көлүө-нэлэригэр бэриллиитэ ааттанар. Буор кут өй-санаа түмсүүтэ буо-ларынан эр киһи сиэмэтин кытта бэриллэн дьахтар киэлитигэр киирсэн хаалан баран төһө эмэ өр кэмҥэ сылдьыан сөп.
Төрөппүттэрэ уонна эр дьон кыыс оҕону харыстыыр аналлаахтар. Аата-суола түспүт кыыс киһилии киһиэхэ кэргэн тахсарыгар ыара-ханнар, уустуктар бааллара кыыс оҕо харыстанарын күүһүрдэн биэрэллэр этэ. Билигин аныгы үйэҕэ сэбиэскэй былаас Россия дьонугар оҥорбут олус улахан куһаҕанынан, ыал буолуу үгэстэрин хаалларан дьахталлар көҥүллэринэн, бэйэлэрэ талбыттарынан кэргэн тахсалларын олоххо киллэрэн, эр киһи буор кутун харыстаабат буолууну үөскэппитэ буолар. Өй-санаа туохтан да иҥнибэт, хаат-тарбат, тугунан да тутуллубат, тиийиэхтээх сиригэр тиийэн хаалар, ол иһин чараас эрэһииҥкэни туһана сылдьыҥ диэн этэннэр кыыс оҕолору барыларын албынныы сылдьаллар. Бу өй-санаа халыйыытыттан сэт үөскээн билигин Россияны баһылыыр нуучча омук эстэрэ, симэлийэрэ кэлэн иһэр. Ыал буолуу үгэстэрин тутуһа сылдьар Кавказ уолаттара уонна мусульманнар күүстээхтэрэ, эрчимнээхтэрэ эр киһи сайдыы-лаах буор кута кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрин тутуһа сылдьалларыттан улахан тутулуктааҕын өй-санаа үөрэҕэ быһаарар.
Буккуллубут буор куттаах эдэрдэр үлэни-хамнаһы кыайбаттара биллэр, үлэлии үөрүйэхтэрэ суоҕуттан кыайан уустук хамсаныылары оҥорботторо, хамсаныыларга сүрэҕэ суохтара элбээн иһэр. Эдэрдэр буор куттара буккуллуутуттан, мөлтөөһүнүттэн ааспыт үйэ 60-с, 70-с сылларыгар элбэх саха тустууктара оҥорбут ситиһиилэрин аныгы уолаттар ситиһэр кыахтара билигин суох буола мөлтөөтүлэр.
Сиппит кыыс оҕолор уолаттары кытта бииргэ уһуннук үөрэ-ниилэрэ, күүлэйдииллэрэ, арыгы иһэллэрэ, элбэх сыыһалардаах “айыыны оҥор”, “айыы үчүгэй” диэн албын үөрэх сабыдыалыттан өссө улаатан бары айыыны оҥоро охсор санаалара аһара барарыттан кыыстарын харыстаабат буоллулар, уһуннук үөрэтэр оскуолалары күүлэйдии үөрэммит эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэр.
Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыытыттан дьон дьадаҥылар өйдөрүнэн-санааларынан буккуллуохтарын иннинэ кэргэн тахсар кыыс оҕо ити бэлиэтин араас ньымаларынан туһанан бэрэбиэркэлии сатыыллара. Ол курдук, уруу кэнниттэн ыраас кыыһы кэргэн ылбыттарын бэлиэтин хаан буолбут орон таҥаһын дьон көрөр сиригэр ыйыыллара эбэтэр төрөппүттэрэ этэр тылларын ылыналлара. Оҕо улаатан истэҕинэ кими утумнаабытын, буор кутун иҥэриммитин хамсаныылары хайдах оҥороруттан көрөн үөрэтэн билэ сатыыллара, сыыдам хамсаныылардаах диэн хайгыыллара.
Саат куттарыыта диэн эдэр кыыһы кэргэн ылыам диэн ал-быннаабыт, ырааһын ылбыт эр киһи төлүүр төлөбүрэ ааттанар. Бу төлөбүр улахан кээмэйдээҕиттэн эр киһи кыыһы албынныыра суох буоларын былыргылар үөскэтэн туһаналлар эбит.
Биһиги билигин кыыс оҕону уһуннук үөрэтэр уонна үлэһит оҥорор санааҕа үөрэнэн хаалбыппыт, онтон ийэ буолар айылҕаттан аналын хойутатар буоллубут. Оҕо эрэ баар буоллун, ким курдугун, кимиэхэ маарынныырын, кими утумнаабытын сэбиэскэй былаас куһаҕан сабыдыала хаала илигиттэн улаханнык аахайбаппыт. Кут-сүр үөрэҕин тутуспаппытыттан саҥа төрөөбүт оҕо эр киһи удьуорун уонна утумун салгыыр аналлааҕын хаалларан сылдьабыт.
Сэбиэскэй былааска дьадаҥылары өрө тутуу сабыдыалынан Россия дьонун генофондалара билигин олус улаханнык дьадаҥылар мөлтөх буор куттарынан буккуллан сылдьаллар. Ол иһин чэпчэки үлэттэн ураты ханнык да үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээһин, ыарахан спордунан дьарыктаныы билигин кыаллыбат кэмэ кэлэн хаалла. Атын омуктартан кэлии үлэһиттэр элбээһиннэрэ уонна нууччалартан улахан тустууктар суохтара ону бигэргэтэр.
Аймахтар уонна омук сайдыытыгар куһаҕан сабыдыалы оҥорор дьахталлар көҥүллэринэн эргэ тахсыылара үөскээбитэ көннөҕүнэ, урукку оннугар түстэҕинэ эрэ омук сайдыыны ситиһэрэ табыллар. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрии эрэйиллэр.
Төрөппүттэр оҕолоро хайаларыгар ордук маарынныырын көрөн быһаара сатыыллар. Бу быһаарыы итэҕэс, эт-сиин удьуордааһынын эрэ быһаарар, онтон буор кут бэриллиитин утумнааһын үөскэтэрин өй-санаа үөрэҕин хаалларыыттан быраҕан сылдьабыт. Ол иһин киһи кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэрэ икки өрүттэнэр:
1. Эт-сиин кэлэр көлүөнэҕэ бэриллиитэ тас көрүҥэ маарынныыр диэн ааттанан удьуордааһыны үөскэтэр.
2. Утумнааһын диэн буор кут, өй-санаа бэриллиитэ. Утума суох төрөөбүт оҕолор кими маарынныыр үлэһит, күүстээх-уохтаах буолал-лара биллибэт. Элбэх эр киһилиин сылдьыспыт дьахталлар сатаан хамсаммат, саҥарбат, даун оҕону төрөтөллөрө билигин элбээтэ. Оҕо дьиэлэрэ, бу даун оҕолорунан туолан тураллар.
Аныгы кыыс оҕо эр киһиттэн тутулуга суох буолан иһэр, бэйэтэ үлэлээн-хамсаан олоҕун оҥостунар кыаҕа улаатта эрээри, кими төрөтөрүн эрдэттэн билэрэ ирдэнэрэ хаалан хаалбат. Дьахталлары көҥүллэринэн ыыппыт омуктар сотору кэминэн эстэр, симэлийэр дьылҕаланаллар. Ол курдук, мөлтөх буор куттаах эдэрдэр үлэни-хамнаһы кыайбаккалар кэлиилэргэ баһыттаран, туоратыллан барыы-лара, бу омугу эстэр, симэлийэр суолга киллэрэр.
Генофонда диэн эт-сиин туруга, удьуора ааттанар. Буор кут бу быһаарыыга киирсэн уларыйыылары, эбиилэри, мутациялары үөс-кэтэн киллэрэр буолуон сөп. Аныгы наука киһи өйүн-санаатын, куттарын кыайан быһааран, арааран билэ илик. Арай сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ, бу куттар уратыларын таба быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.
Дьахталлар оҕолорун туһугар олох араас ыараханнарын тулуйар кыахтаахтар. Сорохтор ыарыһах оҕолорун үйэлэрин тухары көрөллөр-истэллэр. Биир эмэ оҕолоох дьахталлар омук ахсаана эбиллэригэр туох да туһаны оҥорботтор, аһара көрөн-истэн маанылаан, атаахтатан кэбиһэллэрин тэҥэ, ыарыһах оҕону эмтээн-томтоон ыалы аҥардастыы ночоокко эрэ түһэрэллэр, ол иһин ыалларга элбэх оҕолоох буолуу оҥорор барыһа, улахан туһалааҕа быһаарыллан тахсар.
Кыыс оҕо олоххо аналын таба сыаналааһын дьонтон хайаан да эрэйиллэр. Ол курдук, дьахталлары талбыттарынан, көҥүллэринэн ыыппат мусульманнар аан дойду үрдүнэн сайдан, ахсааннара биллэрдик эбиллэн иһэллэр. Билигин кинилэр аан дойду үрдүнэн баһылыыр оруолу ылалларын билинэн атын дойдуларга үлэһит быһыытынан өтөн киирэллэрин тэҥэ, сэрии сэбин мунньуналлар. Дьахтар оҕото хайдаҕынан сыаналанар. Ол иһин этэ-сиинэ бөҕө, сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтүүгэ эдэр эрдэхтэриттэн кыһаналлара, кыыс оҕо кыыһын харыстыыра ирдэнэр. Ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһи утумун салгыыр оҕону төрөтөр кыахтаах. Дьахталлар эдэр эрдэхтэриттэн инники кэскиллэрин санаан ханнык эрэ куһаҕан генофондалаах оҕоттон, дьадаҥы, сүрэҕэ суох киһиттэн оҕолонон эрэйи көрүөхтэрин оннугар, биллэр, үлэһит, төрүт-уус ыал оҕотуттан оҕолонон, үчүгэй генофонданы, сайдыылаах буор куту тарҕаттахтарына, сааһырдахтарына бэйэлэрэ абыраныахтара этэ.
Айылҕаҕа дьахталлар аһара барар, күүлэйдиир, эр дьону элбэхтик сыымайдыыр санааларын тохтотор күүс баар. Ол буор кут буккул-луута диэн ааттанар уонна төрөтөр оҕоҕо бэриллэрэ сэти үөскэтэн аймахтар кэлэр көлүөнэтэ суох хаалыыларыгар тириэрдэр.
Омук этэ-сиинэ уонна буор кута мөлтөөһүнэ, буккуллуута сэти үөскэтэн омугу үлэни-хамнаһы кыайбат буолууга тириэрдэн эстэ-ригэр, атын, кэлии омукка баһыттаран, үтүрүттэрэн симэлийэрин үөскэтэр. Үлэни кыайан үлэлээбэт “хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн сирэн ааттаммыт хоро омуктар сахаларга баһыттаран симэлийэн, тыал буолан хаалбыттарын билиннэхпитинэ табыллар.
Онон дьахталлар көҥүллэринэн барыылара омук атын омукка уларыйыытын, саҥалыы үөскээһинин саҕалыыр хамсааһыннары кил-лэрэр быһыы буоларыттан аһара барбата, хааччахтанара эрэйиллэр.
ЫЙААҺЫН ХАРАҔА
Олоҕу олоруу олус уустук уонна ыарахан диэн ааттанар. Сааһыран истэххэ өссө ыараан иһэрэ биллэр. Сахалар “Олох ыарахан”, “Кырдьар кырыыс муҥа” диэн этэллэрэ хас биирдии киһиэхэ кэмэ кэллэҕинэ тиийэн кэлэр уонна киһи эрдэттэн, эдэр, кыанар эрдэҕиттэн төһө бэлэмнээҕиттэн тутулуктанан куһаҕан дьайыыта кыччаан биэ-рэр. Онтон кырдьар сааһа, мөлтүүр кэмэ кэлиитигэр төһө кыайарынан баайы-малы мунньунан уонна кэмигэр кэлэр көлүөнэлэрин үөскэтэн киһилии быһыылаах буолууга иитэн, үөрэтэн бэлэмнэммэтэх киһи өссө улахан ыараханы көрсөрө быһаарыллар.
Киһи оҥорор быһыылара барылара иккилии өрүттээхтэриттэн, үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэннэргэ хаһан баҕарар арахсалларыттан уонна олох ханнык эрэ кэмнэригэр аны уларыйан, атастаһан, сол-буйсан биэрэллэриттэн олоҕу олоруу өссө уустугурара быһаарыллар. Киһи бэйэтэ “Үрүҥү, хараны кыайан араарбатаҕына” дөбөҥнүк оҥоруллар куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥорон кэбиһиэн эбэтэр атыттар, бу “үчүгэй” диэн этэр албыннарыгар киирэн биэриэн сөп.
Оҕо саҥа улаатан иһэн төрөппүттэрин көрөн, үтүктэн ханнык быһыылары, хайдах оҥороллоругар үөрэммитинэн барар. Төрөппүт маннык оҥор диэн көрдөрөн, этэн, ыйан биэриитэ үөрэҕи ылыныыны түргэтэтэр. Оҕо төһө эдэриттэн билэн-көрөн үөрэнэн бу үчүгэй, туһалаах быһыы, маны элбэхтик оҥоруохха, онтон бу куһаҕан, манныгы оҥорумуохха диэн быһаарыыны ылынарга үөрэнэр уонна оҥорор быһыытын салайар кыахтанар даҕаны, оччонон олоҕор туһа-лааҕы оҥостор, киһи буолууну ситиһэр кыаҕа улаатар.
Киһи оҥорор быһыыларын бу үчүгэй, онтон бу куһаҕан быһыы диэн арааран быһаарыы киһи олорор олоҕуттан ордук улахан туту-луктаах. Дьон бары баайдар уонна дьадаҥылар, үлэһиттэр диэн икки өрүккэ арахсалларыттан өйдөрө-санаалара туспа уратылардаах буола сайдалларын сахалар быһааран өс хоһоонноро оҥорон туһаналлар. Өй-санаа уларыйыытын бу тутулуга “Бытие определяет сознание” диэн арҕааҥҥы омуктар этиилэринэн толору бэриллэр.
Бары улахан таҥара үөрэхтэрэ, бу быһаарыыны туһанан киһи оҥорор быһыыларын тус-туспа араартаан, талбыттарынан быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо көмөлөһө, ыйан биэрэ сатыыллар. Арай олоххо үөскээн киирэн иһэр уларыйыылары өй-санаа үөрэҕэр киллэрэн биэрэллэрэ бытаанынан уонна уруккуну “үчүгэй” диир санаалара улаханыттан, бу кэмҥэ түргэнник сайдан иһэр олох хаамыытыттан, улахан таҥара үөрэхтэрэ хаалан иһэллэрин тэҥэ, салайааччылар бас билиилэригэр киирэннэр диктатуралары үөскэтэн сылдьаллар.
Сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ киһи оҥорбут быһыыларын быһаарыыга ыйааһын хараҕын туһанан олоххо сөп түбэһэр таба быһаарыыны оҥорор кыахтанар. Киһи оҥорор быһыыларын ыйааһын хараҕынан тэҥнээн көрүү, ыйааһыҥҥа ыйаан көрөн хайа быһыылара; үчүгэйэ дуу эбэтэр куһаҕана дуу элбэҕин, хайалара баһыйарын быһааран олоххо туһанар. Бу өй-санаа, итэҕэл үөрэҕэ сахаларга былыр-былыргыттан айылҕаҕа тэҥнэһиини үөскэтэргэ анаан туттуллар уонна билигин да туһаныллара эрэйиллэр.
Киһи уһун үйэтин тухары араас элбэх быһыылары оҥорор. Бу оҥорор быһыыларын барыларын бэйэтэ “үчүгэй” диэн сыаналыан сөп. Арай бу быһыыларын атын дьон оҥорор быһыыларыгар тэҥнээн көрдөҕүнэ эрэ тус-туспа араартаан, бу үчүгэй, онтон бу куһаҕан быһыы диэн таба быһаарар кыахтанар. Ол аата киһиэхэ бу оҥорор быһыыларбын атыттар туох диэн сыаналыахтарай диэн ыйытык куруук бастаан иһэрэ эрэйиллэр уонна оҥорор быһыылара дьон бары оҥорор киһилии быһыыларыгар сөп түбэһэллэрэ, аһара барбаттара ирдэнэр. Бу быһаарыыны тутуһан сахаларга сиэр уонна киһи быһыыта диэн өйү-санааны уонна оҥорор быһыылар аһара баралларын хааччахтыыр өйдөбүллэр үөскээн туттуллаллар.
Дьон оҥорор бары быһыыларыттан куһаҕан быһыылара быдан аҕыйах өттүн ылаллар. Ол иһин, оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары туһалаахтартан, үчүгэйдэртэн туспа арааран билэ үөрэннэҕинэ эрэ, үчүгэй быһыылары куһаҕантан арааран билэри түргэнник ситиһэр кыахтанар. Бу быһаарыы оҕону үөрэтиигэ хайаан да тутуһуллуо этэ. Ол аата оҕо аан маҥнай дьон оҥорор ханнык быһыылара куһаҕаннарын туспа арааран билэ үөрэннэҕинэ, олору оҥорботугар, туттунарыгар үөрэнэр кыахтанар, оччоҕуна үчүгэй быһыылары оҥороро эбиллэр. Онтон куһаҕан быһыылары туспа арааран билбэтэҕинэ бары быһыылары “үчүгэй” диэн сыыһа саныы-рыттан куһаҕаны да, үчүгэйи да арааран билбэккэ, дөбөҥнүк оҥоруллар куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥоруон сөп. Маннык үөрэммит киһини сахалар “Yчүгэйи, куһаҕаны арааран билбэт киһи” эбэтэр “Yрүҥү, хараны араарбат” диэн быһаараллар уонна өйө-санаата ситэ сайда, киһи буолууну ситиһэ илигин биллэрэллэр.
Сахалар үчүгэй киһини быһаарарга аналлаах таҥара үөрэҕин “Киһилии быһыылаах” диэн этиитин билигин да тутта сылдьабыт. Киһилии быһыылаах киһи тугу оҥорорун барытын дьон оҥорорун курдук оҥорор, атыннык, тиэрэтик, түктэрини оҥорбот киһи ааттанар. Оҥорор быһыыта барыта атын дьон оҥороллоругар сөп түбэһэр, киһи оҥорорун курдук буоллаҕына киһи быһыылаах диэн буолар.
Тугу барытын дьон оҥороруттан туспатык, атыннык, тиэрэтик оҥордоххо киһи билбэтэ, ханнык эмэ саҥаны айыы буолан тахсар, ол иһин туга эмэтэ табыллыбакка, сыыһаҕа кубулуйан тахсан дьон олоҕор кутталы үөскэтиэн сөп. Ситэ ырытыллыбакка, туох содул үөскүүрэ быһаарыллыбакка эрэ оҥоруллубут быһыылар, саҥаны айыылар, сахалар үөрэхтэринэн быстах быһыылар диэн ааттаналлар уонна куһаҕаҥҥа кубулуйаллара элбээн хаалар.
Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ дьону барыларын “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн албыннаан ыҥыралларыттан эдэр уолаттар саҥаны айаары, айыыны оҥоро охсоору, дьон билбэттэрин, оҥор-ботторун оҥоро сатааннар сыыһа-халты туттуналлара, быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрэ ордук элбээтэ. Бу хаарыан уолаттар 30-ча бырыһыаннара аһара туттунуулары оҥорон хаайыыга киирэн тах-саллара аныгы салайааччылары, тыл үөрэхтээхтэрин кыратык да таарыйан көрбөтө олус хомолтолоох. Саҥаны айыыны оҥоро сатыыр дьон элбээһиннэрэ сэрии буоларыгар тириэрдэр.
Киһи оҥорор быһыыларыттан хайалара; үчүгэйэ дуу эбэтэр куһаҕана дуу баһыйара, хайдах киһи буоларын быһаарар. Элбэх үчүгэйи оҥорбут киһи үчүгэй быһыылаах киһиэхэ киирсэр.
Киһи хаһан эрэ оҥорбут куһаҕан быһыыларын кэлин оҥорор үчүгэй быһыылара баһыйдахтарына, ыйааһын чааскыта аҥар, үчүгэй өттүгэр хамсаан, үчүгэй быһыылаах киһиэхэ кубулуйар кыахтанар.
“Сыптараҥ ынах хотону биир гына сутуйар” диэн өс хоһооно киһи оҥорор куһаҕан быһыыта киэҥник тарҕанарын, ыһылларын, куһаҕан быһыы атыттарга сабыдыала ордук улаханын быһаарар.
“Ложка дегтя портит бочку меда” диэн нууччалыы өс хоһооно биир эмэ да оҥоруллан хаалбыт олус куһаҕан быһыы сыалай буочука мүөтү мунньунуу курдук олус элбэх туһалаах үлэнэн ситиһиллибит үчүгэйи буортулуурун, туһата суох оҥорорун биллэрэр. Айылҕа төрүт тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн куһаҕан эрэ барыта киһиэхэ туһата суох буолбатах. “Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх” диэн этии билигин да туттулла сылдьар.
Куһаҕантан үчүгэй үөскээн тахсара киһи олоҕор эмиэ элбэх. Ол курдук, тымныы уунан куттан эти-сиини дьарыктааһын саҥа саҕа-лыыр киһиэхэ төһө да олус куһаҕанын, эрэйдээҕин иһин киһи доруобуйатын көннөрөр, этин-сиинин тупсарар, бөҕөргөтөр күүстээх буолан куруук дьарыктаннахха үчүгэйи аҕалар быһыыга киирсэр.
Манна аһаабакка сылдьыы киһиэхэ төһө да эрэйдээҕин, куһа-ҕанын иһин доруобуйаҕа, эт-сиин оннугар түһэригэр көмөлөһөрүттэн эмиэ үчүгэйгэ киирсэр быһыы буолар. Арай аһаабакка сылдьар, аһылыгы көтүтэр кэмҥэ ыраас ууну иһэн биэриини аһылык кэмин хойутаппакка эрэ оҥоро сырыттахха куртах кэмигэр ыраастанарыгар көмөлөһөрүн умнубатахха табыллар.
Киһи оҥорбут быһыыларын ыйааһынынан мээрэйдээһин тэҥнээн көрүү диэн ааттанар. Сахалар былыр-былыргыттан сир-дойду тэҥ-нэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин билэннэр, киһи оҥорор быһыыларын үчүгэйин уонна куһаҕанын эмиэ тэҥнээн, ыйааһынынан ыйаан көрөн быһаарыыны ылынары итэҕэллэригэр киллэрбиттэр.
Киһи өлбүтүн кэннэ кута хайа дойдуга барарын быһаарыы сахалыы итэҕэлинэн ыйааһын хараҕынан оҥоруллар. Киһи үйэтин тухары оҥорбут бары үчүгэй быһыыларын мунньан ыйааһын биир чааскытыгар, онтон бары оҥорбут куһаҕан быһыыларын мунньан ыйааһын атын чааскытыгар ууруллар. Манна ыйааһын хайа өттө ыараханынан, кыайарынан көрөн, бу киһини хайа дойдуга; үөһээ дуу, аллараа дуу атаарыыны христианскай таҥара итэҕэлэ тутуһар.
Кут-сүр үөрэҕэр үчүгэй санаалардаах кут ыйааһына чэпчэки буолан Yөһээ дойдуга тахсар диэн быһаарыы баар. Киһи олус элбэх үчүгэйи оҥордоҕуна эрэ кута үтүө санааланар, бэйэтэ үчүгэй киһи буолар. Онтон куһаҕан санааларынан туолбут кут ыйааһына ыараан Аллараа дойдуга түһэр диэн христианскай таҥара үөрэҕэр этиллэр. Куһаҕан быһыы, куһаҕан санаа бэйэтэ да олус ыарахан, туһааннаах сириттэн тардыһа сылдьар, ол иһин киһи төһө эмэ элбэх үчүгэйи оҥорбутун тоҕо сотон суох оҥорор кыахтаах. Ити иһин кыра да куһаҕан быһыы олус ыарахан диэн сыаналанар.
Хара санаа, куһаҕан санаа, киһи кыайан туолбатах санаата ту-һааннаах киһититтэн тардыһа сылдьарыттан, санаата арахпакка ыраах тэйбэккэ, чугас сылдьар. Маннык санааларынан туолбут кут ыраах кыайан барбат, куһаҕан санааларын тардыһыыларынан тутулуктанан чугас дьонуттан кыайан арахсан барбакка эрэйдэнэр. Маны быһаарыыга бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи эбэтэр баҕа санаата, кэриэс этиитэ туолбатах киһи кута ыраах кыайан барбакка чугас дьонугар биллэ-көстө сылдьара, түүлгэ элбэхтик көстөрө, үөр буолара сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэр бэлиэтэнэр.
Yчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорбут киһи кута христианскай таҥара дьиэтин ыйыытынан Ырай дойдутугар барар диэн итэҕэйэр дьону быһаччы албынныыллар. Бу дойду аата сахалыы итэҕэлинэн ыра санаа дойдута диэн ааттанар уонна киһи хаһан да туолбат баҕа санаалара мунньустар сирдэрэ буолар. Киһи өллөҕүнэ этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылаллара суох буолан куттара туспа баран айыы буолан сылдьаллар. Киһи өйө көтөрүгэр эбэтэр өлөрүгэр бэйэтэ ыра санаатынан үгэс оҥостон көрөр дойдутугар илэ тиийэ сылдьар курдук сананар кыахтаныан сөп. Өй-санаа бу уратытын христианскай таҥара үөрэҕэр туһанан ыра санаа дойдутун, Ырайы үөскэппиттэр.
Элбэх куһаҕан быһыылары оҥорбут киһи кута Аллараа дойдуга түһэр диэн этэллэр. Онно абааһылар кини кутун аат уотугар сыра-йаллар, тимир хобордооххо буһараллар диэн христианскай, право-славнай таҥара үөрэхтэрэ итэҕэйэр дьону улаханнык куттаан үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорорго күһэйэллэр.
Саха дьонун таҥараларын үөрэҕэр итинник догмаҕа кубулуйбут сымыйа өйдөбүллэр суохтар, киһи өйө-санаата өллөҕүнэ ханнык да буолбутун иһин Үөһээ дойдуга тахсар эбэтэр Анараа дойдуга барар. Киһи оҥорор кыра, быстах куһаҕан быһыылара үчүгэй быһыылары оҥордоҕуна сотуллан ырааһыран иһэллэр. Ол иһин киһи оҥорор бары быһыылара хайа эрэ өттүнэн эмиэ тэҥнэһии балаһыанньатыгар сылдьыахтаахтар, хайа да өттүгэр аһара бардахтарына халыйыыны үөскэтэллэр. Бу быһаарыы айылҕа сүрүн тутулугар, “Туох барыта икки өрүттээҕэр” уонна тэҥнэһии сокуонугар эмиэ сөп түбэһэр.
Сахалар киһи оҥорор үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын ыйааһын хараҕынан тэҥнээн көрөн быһаарыылара айылҕаҕа тэҥнэ-һиини үөскэтиигэ уонна олоххо киллэриигэ туһалыыр.
Ханнык баҕарар саҥаны айыы айылҕа тэҥнэһиитин сокуонун хамсатар, хайа эрэ диэки сыҕарытар. Сүүрбэһис үйэ саамай улахан саҥаны айыыта, атом күүһүн арыйыы билигин кэлэн сирдээҕи олоҕу оннуттан туллаҥнатар, сыыһа туттардаҕына букатын да симэлитэр, бары куттанар “апокалипсистэригэр” тириэрдэр кыахтааҕа быһаа-рыллан сылдьар. Бу сайдыыны ситиһии саҥаны айыытыттан дьон-норуот олус улаханнык сэрэннэхтэринэ эрэ, сиргэ алдьархайдар тахсыбаккалар олох салгыы сайдар кыахтаммыта кырдьык. Бу суо-һаабыт кутталтан дьон ханна куоталларын билбэккэ сылдьаллар.
Дьон төһө да үчүгэйи баҕара, сэрэнэ сатаабыттарын иһин сир үрдүгэр радиация тарҕаныыта сыыһа-халты туттунуулартан үөскээн тэнийэн иһиэн сөбүн 1986 сыллаахха Чернобыль атомнай уот биэрэр станцията дьон сыыһа туттунууларыттан эстэн тоҕо барбыта уонна 2011 сыллаахха улахан сир хамсааһына Фукусима-1 диэн атомнай уот биэрэр станцияны алдьаппыта бигэргэтэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕин этиилэрин: “Айыыны оҥорума”, “Аһара барыма”, “Сиэри, киһи быһыытын тутус” диэннэри тутуһа сырыттахха эрэ айылҕаҕа былыр-былыргыттан үөскээн турар тэҥ-нэһии балаһыанньата улаханнык хамсаабатыттан олох биир тэҥник салҕанан баран иһэрин ситиһиэххэ сөп.
Онон билигин дьон-аймах сайдан иһэр техногеннай диэн ааттаах, саҥаны айыылары элбэхтик оҥорон, туһанан иһэр суоллара сотору муҥурданарын аналлаах үөрэхтээхтэр сэрэппиттэрэ ыраатта.
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА
1. “Илин” сурунаал. 1997. 1-2 N-рэ.
2. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во “Бичик”, 1995.- 224 с.
3. Л.А.Афанасьев - Тэрис. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: “Ситим” КИФ. 1993.- 184 с.
4. Модестов Н.С. Маньяки. Слепая смерть. Хроника серийных убийств. - Москва: Изд-во “Надежда-1”, 1997.- 288 с.
5. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
6. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Университета, 1911.- 144 с.
7. Е.Д.Андросов. Оруоһуттар. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 2000.- 288 с.
8. Далан. Тыгын Дархан. Дьокуускай: Кинигэ изд. 1993.- 510 с.
9. Новая история. Часть 2. Учебник для девятого класса средней школы. – М.: “Просвещение”, 1979. – 272 с.
10. Федоров Г.Е. Егоров Н.Ф. Сэргэ төрдүгэр сэһэн: Үһүйээннэр. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.
11. И.Г. Баишев. Айыы тыына. Дьокуускай: Саха республикатын үөрэҕин министерствота. 1993.- 112 с.
12. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
13. Тумат С. Батыһыннарыылаах биэ: Кэпсээннэр. Кыра саастаах оҕолорго. Дьокуускай: “Бичик” нац.кинигэ кыһата, 1997.- 80 с.
14. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
15. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 112 с.
16. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.
17. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.
18. “Туймаада” хаһыат №258. 18.06.15.
19. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. – 78 с.
20. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.
21. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. – М.: Эксмо; Форум, 2007. – 960 с.
22. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.
23. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.
24. Каженкин И.И. Сахаларга түүлү тойоннооһун. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 80 с.
25. С.И. Николаев – Сомоҕотто первый дипломированный уче-ный-этнограф из якутов. Отв. ред. Г.Г. Алексеева. – Якутск: Изд-во ЯГУ, 2007. – 248 с.
26. Багдарыын Сүлбэ. Ыал ийэтинэн. Дьокуускай: “Бичик” нацио¬нальнай кинигэ кыһата, 1994.- 240 с.
27. Артур Конан Дойль. Знак четырех. Повесть. Рассказы: Якутск: Кн. изд-во, 1991.- 320 с.
28. Баппаҕай Д.М. Киһитийии. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – 160 с.
29. Каженкин И.И. Түүл – Үөһээ дойду өйө-санаата. – Дьокуускай: Бичик, 2014. – 160 с.
30. “Кыым” хаһыат. 25.10.2017.
31. Бравина Р.И. Олох. Дьылҕа. Өлүү. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 208 с.
32. Ф.И.Раззаков. Бандиты запада. (Хроника знаменитых преступ¬лений).- Москва: ЗАО Изд-во ЭКСМО, 1997.- 400 с.
33. Уткин К.Д. - Нүһүлгэн. Түмүктээх айан. Дьокуускай: Үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин сайыннарар институт изд-вота, 1995.- 240 с.
34. “Якутск вечерний” газета. 9 октября 2009 г.
35. Винокурова У.А. Ыччаты бэйэҕэ тиийинииттэн сэрэтии. – Дьокуускай: АГИИК, 2009. – 28 с.
36. Тырылгин М.А. Истоки феноменальной жизнеспособности народа саха. – Якутск: Бичик, 2000. – 304 с.
37. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. – Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. – 92 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл ............................................. 3
Сэт ..................................................... 5
Сэт үөрэҕэ ......................................... 12
Сэт оҥоруу ........................................ 17
Сэт-сэмэ ............................................ 20
Ыаллар арахсыылара ....................... 25
Көрдөбүл ........................................... 30
Содул ................................................. 34
Содуом .............................................. 37
Солуну билии ................................... 41
Куһаҕантан үөрэнии ........................ 46
Сэттэни ылыы .................................. 50
Иэс баайыы ....................................... 53
Сэт-сэлээн ......................................... 57
Ирдэбил ............................................. 60
Иэстэбил ............................................ 63
Алдьатыы .......................................... 69
Айыылар иэстэбиллэрэ ................... 71
Төннүбүт төрүөх .............................. 76
Өбүгэ үгэһэ ....................................... 79
Үтэһэ туолуута ................................. 82
Бэйэҕэ тиийинии .............................. 85
Саат куттарыыта ............................... 91
Ыйааһын хараҕа ................................ 95
Туһаныллыбыт литература ............. 101
Иһинээҕитэ ....................................... 103