Сүрэх нүөйэ ахтабын (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Саhар5алыын мичээрдээhэр
Дьикти сааhы саныыбыт,
Күңңэ күндү кэми
Сүрэх нүөйэ ахтабыт.

Олох суолун ортолоhон
Ийэ, а5а дэтэн баран
О5о, сааhы оскуоланы
Сэмээр саны сылдьабыт.

Өрүкүйэр күөстүү үллэр
Эдэр уохпун уостан иhиэ,
Ол да буоллар суолдьут сулус –
Истиң иэйии кууһа сылдьыа.

Сааһырдахпыт аайытын
Ахтылђаммыт улаатыа,
Олох уһун кэрэ суолун
Сырдык сана киэргэтиэ.