СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 11 баһа
11 баһа. САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУН ЫЛЫНЫЫ УОННА ОНУ УЛАРЫТЫЫ БЭРЭЭДЭГЭ
[уларыт]123 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох баһыйар үгүс куолаһынан ылынар.
2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун ылыныы бэрээдэгэ Саха Өрөспүү-бүлүкэтин сүрүн сокуонунан олохтонор.
3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун күүһүгэр киллэрии бэрээдэгин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуо-нун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьо-кутааттарын олохтоммут ахсаанын баһы-йар үгүс куолаһынан ылынар.
124 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуо-нугар уларытыыны уонна эбиини киллэ- рэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаа-нын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох баһыйар үгүс куолаһынан ылынар.
125 ыстатыйа
[уларыт]Төрүт Сокуон таһымынан көҕүлүүр бырааптаах субъектарынан Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Президенэ, Саха Өрөспүүбү-лүкэтин бар дьонун дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суута буолаллар.
126 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуо-нугар уларытыыны уонна эбиини кил-лэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуонун ылыныы уонна күүһүгэр киллэрии бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлү-кэтин сүрүн сокуонунан олохтонор.
127 ыстатыйа
[уларыт]Российскай Федерация судаарыстыба-тын былааһын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бы- лааһын уорганнарын икки ардыларыгар дьаһайар эйгэни уонна боломуочуйаны тыырсыы туһунан Дуогабар Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун быстыспат сорҕото буолар.