СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 1 баһа
1 баһа. ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ ТӨРҮТ СОКУОНУНАН ОЛОХТОММУТ ТУТУЛА
[уларыт]1 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэ дьылҕатын көҥүллүк быһаарыныы быраабыгар олоҕурбут дэмэкэрээтийэни, быраабы тутуһар судаарыстыба буолар. 2. Республика Саха (Якутия) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттар биир суолталаахтар. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверени-тета кини экэниэмикэтин, олоҕун-дьаһаҕын уонна култууратын сайдыытыгар кө-ҥүлүн киэбин-киэлитин уонна онон Российскай Федерация дьаһайыытын уонна Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыттыгас дьаһайар эйгэти-гэр Российскай Федерация боломуочуйа-
тын тас өттүгэр судаарыстыба былааһы-нан бүтүннүүтүнэн толору туһаныыны көрдөрөр. 4. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба былааһын төрүттээччинэн кини араас омук гражданнардаах бар дьоно буолар. Бар дьон ханнык да сорҕото, ханнык да биирдиилээн киһи ону олоххо киллэрэр быраабы былдьыа суохтаах. 5. Бар дьон бэйэтин көҥүл санаатын былаас талыллар уорганнарынан эбэтэр быһаччы быһаарар. 6. Бар дьон былааһын мунутуур та-һымҥа дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыы уонна көҥүл быыбар көрдөрөр.
2 ыстатыйа
[уларыт]1. Киһи, кини бырааба уонна көҥүлэ муҥутуур үрдүк суолталаах. 2. Судаарыстыба бар дюн олоҕун-дьа-һаҕын уйгутун уонна өй-санаа, сиэр-майгы сайдыытын хааччыйар, бары гражданнарга тэҥ кыаҕы биэрэр үрдүк сыаллаах-соруктаах.
3 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыс-тыба бьглааһа сокуону оҥорор, толорор,
дьүүллүүр салааларга тыырсыы уонна тэҥник тутуу ирдэбилигэр тирэҕирэр. 2. Судаарыстыба дэмэкэрээтийэ, олоххо-дьаһахха сиэрдээх буолуу төрүт көрдөбүлүгэр, киһи аймах бүттүүнүн уонна омуктар үйэлээх үтүө үгэстэрин дьүөрэлээһиҥҥэ итиэннэ дэгиттэр са-йыннарыыга олоҕуран үлэлиир.
4 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дэмэкэ-рээтийэ араас өй-санаа уонна бэлиитикэ, элбэх баартыйа баар буолуутугар уонна сокуоҥҥа олоҕуран сайдар. Уопсастыба холбоһуктара Российскай Федерация Кон-ституциятын итиэннэ Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Төрүт Сокуонун чэрчитинэн тэриллэллэр уонна үлэлииллэр. 2. Дьүһүнүнэн, омугунан, итэҕэлинэн иирсээни уонна өстөһүүнү күөртээһин, күүһүнэн өттөйүүгэ уонна Өрөспүүбү-лүкэ Төрүт Сокуонунан олохтоммут туту-лун күүһүнэн суулларыыга, Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин сабардыыр сирэ биир кэ-лимин үрэйиигэ ыҥырыы сокуонунан хоруйданыллар.
5 ыстатыйа
[уларыт]Сир, сир аннын баайа уонна айылҕа атын туһалыыр кыаҕа Саха Өрөспүүбүлү-кэтин бар дьонун олоҕун хааччыйар уонна тыыннаах буолар төрүтүн быһыы-тынан туһаныллар уонна хаһыстаныллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр сири, ууну, ойууру, үүнээйи уонна хамсыыр-харамай эйгэтин уонна айылҕа атын туһалыыр кыаҕын судаарыс-тыба бас билиитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бас билиитин уонна Российскай Федера-ция бас билиитин быһыытынан ааҕыллар. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирин аннын баайа кини элбэх омуктаах бар дьонун төрүт баайа буолар. Сир аннын баайын Саха Өрөспүүбулүкэтин судаа- рыстыбата бас билиитэ уонна Российскай Федерация судаарыстыбата бас билиитэ федеральнай сокуоннарынан, итиэннэ Российскай Федерация уонна Саха Өрөс- пүүбүлүкэтэ түһэрсэр Дуогабарынан бы- һаарыллар. 4. Сири, сир аннын, уу уонна айылҕа атын туһалыыр кыаҕын баһылааһын, туһаныы уонна дьаһайыы бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Фе-дерация сокуоннарынан, ону тэҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бы-лааһын уорганнарын уонна Российскай Федерация судаарыстыбатын былааһын уорганнарын Сөбүлэһиилэригэр олоҕурар. 5. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омук-тарын айылҕа туһалыыр кыаҕар сомоҕо быраабын мэктиэлиир.
6 ыстатыйа
[уларыт]Судаарыстыба хаһаайыстыбаҕа, бы-рамыысаланнаска уонна атын эйгэҕэ тулалыыр айылҕа эйгэтэ туруктаах буо-луутугар уопсастыба туһун көмүскүүр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр бар дьон быраабын уонна сокуо-нунан араначчыланар туһун кэһэн туран ядернай, химическэй, бактериологичес-кай уонна онорон таһаарыы атын көрү-ҥэр тахсар бырамыысаланнас тобоҕун ха-райыы уонна туһаныы, ону тэҥэ маас-сабайдык өлөрөр-өһөрөр сэрии сэбин хо-лоон көрүү көҥүллэммэт.
7 ыстатыйа
[уларыт]Бу Төрүт Сокуон гражданнар уоп-састыбаларын уонна Саха Өрөспүүбүлү-кэтин судаарыстыбатын Төрүт сокуону-нан олохтоммут тутулун төрүтүн олох-туур, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү баһылыыр суолталаах уонна кини нуормата Россий-скай Федерация дьаһайыытын итиэннэ Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыттыгас дьаһайар эйгэтигэр Российскай Федерация боло-муочуйатын чэрчитин таһынан быһаччы дьайаллар. Судаарыстыба былааһын уорганна-ра, олохтоох салайыныы уорганнара, итиэннэ биирдиилээн дьон уонна юри-дическай тэрилтэлэр бас билии көрүҥүт-тэн тутулуга суох өрөспүүбүлүкэ сабар-дыыр сиригэр Российскай Федерация Конституциятын уонна Саха Өрөспүүбү-лүкэтин Төрүт Сокуонун тутуһар уонна олорго олоҕуран үлэлиир эбээһинэстээхтэр.
8 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, федератив-най дуогабарга уонна Российскай Федерация Конституциятыгар тирэҕирэн, үтүө баҕа уонна тэҥ бырааптаныы тускулун олоххо киллэрэн федеративнай судаа-рыстыба буолар Российскай Федерация субъега. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс- тыбатын былааһын уорганнарын уонна Российскай Федерация судаарыстыбатын былааһын уорганнарын сыһыаннаһыыта Российскай Федерация Конституцияты- нан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со- куонунан, Российскай Федерация судаа- рыстыбатын былааһын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба- тын былааһын уорганнарын икки арды- ларыгар дьаһайар эйгэни уонна боломуо- чуйаны тыырсыы туһунан Дуогабарынан быһаарыллаллар. 3. Российскай Федерация дьаһайар эйгэтигэр ылыллыбыт федеральнай сокуон- нар Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр бүтүннүүтүгэр быһаччы дьайаллар.
9 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы уонна тас экэниэмикэҕэ сибээһи тутуһар, атын судаа-рыстыбалары кытта эргиэҥҥэ уонна атыҥ-ҥа сыһыаннаһыыны олохтуур, Российскай Федерацияны кытта бииргэ сүрүннэһэн аан дойдутааҕы тэрилтэлэр үлэлэригэр кыттар.