СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 3 баһа
3 баһа. ОМУК-СУДААРЫСТЫБА БЫҺЫЫТЫНАН ТУРУК, ДЬАҺАНАР-САБАРДЫЫР СИРДЭЭХ ТЭРИЛЛИИ
[уларыт]36 ыстатыйа
[уларыт]- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Российскай Федерация субъега буолан туран, бэйэтин бары гражданнарын туһун көрдөрөр.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьоно, гражданнар дьулуһууларын көнүллүк
этиилэригэр олоҕуран, бэйэтин көҥүл-лүк быһаарынар быраабын ыһыктыбат уонна тутуһар.
37 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин омук-судаарыстыба быһыытынан анал туруга Российскай Федерация Конституциятынан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан олохтонор. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин омук судаарыстыба быһыытынан анал туруга уонна сабардыыр сирэ быыбардааччылар дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыыга бил-лэрбит баһыйар үгүс куоластарынан киниттэн сөбүлэҥэ суох уларытыллыбат. Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал туругун уонна сабардыыр сирин боппуруоһугар дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыы сүрүн сокуон быһыытынан ыытыллар. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Российскай Федерация дьаһайар итиэннэ Российскай Федерация, Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыт-тыгас дьаһайар эйгэтигэр Российскай Федерация боломуочуйатын чэрчитин таһынан судаарыстыба былааһынан бү-түннүүтүнэн толору туһанар.
38 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспуүбүлүкэтин дьаһайыыты-гар киирэллэр: Саха Өрөснүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун ылыныы, онно уларытыыны уонна эбиини киллэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-тыбатын тутула, сабардыыр сирэ, анал туруга; 3) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс- тыбатын былааһын уорганнарын тиһигэ, ону тэрийии уонна үлэлэтии бэрээдэгэ; 4) Саха Өрөспүүбүлүкэтин омук- судаарыстыба быһыытынан анал туругун көмүскээһин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэ- тин Төрүт Сокуонун тутуһуннарыы; Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннара; олоххо-дьаһахха, экэниэмикэҕэ, де-мографияҕа уонна тулалыыр айылҕа эй-гэтигэр туһаайыллыбыт бэлиитикэни быһаарыы уонна ыытыы; бас билии сыһыаннаһыытын олох-тооһун; сири, сир аннын, уу уонна айыл-ҕа атын туһалыыр кыаҕын баһьглааһын, туһаныы уонна дьаһайыы боппуруоста-рын быһаарыы; Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-тыбатын бюджетын оҥоруу уонна бигэр-гэтии, өрөспүүбүлүкэ түһээнин уонна хо-муурун олохтооһун, өрөспүүбүлүкэ бюд-жетын иһинэн чопчу сыаллаах фонда-лары, ол иһигэр олох-дьаһах көмүскэлэ уонна Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын сайыннарыы фондаларын тэрийии; 9) Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт сирдэрин- уоттарын уонна үгэс буолбут олохторун көмүскээһин; 10) бырамыысаланнаһы, тыа хаһаа- йыстыбатын уонна бырамыысаланнас холбоһугун, олорор дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыбаны, эргиэни, дьон аһыыр тэрилтэлэрин, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһа- ҕын хааччыйыыны, элбэх үп угуллар ту- тууларын, олорор дьиэ тутуутун, дьон олорор сирин тупсарыыны, суол тутуутун, тырааныспары салайыы; Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьо-нун үөрэҕириитин тиһигин, култуура, наука тэрилтэлэрин уонна учреждение-ларын, доруобуйа харыстабылын тиһи-гин, чэгиэн-чэбдик олохтонууну, спорду, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыыны салайыы; үйэтитиллэр докумуону, история уонна култуура өйдөбүнньүгүн харыстааһын; судаарыстыба былааһын уорганна-рын уонна олохтоох салайыныы уорган-нарын, сууттары уонна үп-кредит учреж-дениеларын тэрийии; федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн омук дойдуларын кытта экэ-ниэмикэҕэ, наукаҕа, култуураҕа тас си-бээһи олохтооһун; Российскай Федерация судаарыс-тыбатын былааһын уорганнарын кытта сөбүлэһиннэрэн аан дойдутааҕы тэрилтэ-лэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэрэстэбии-тэллээх буолуута; Российскай Федерация дьаһайыы-тын, Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыттыгас дьаһайар эйгэтигэр Российскай Федерация судаа-рыстыбатын былааһын уорганнарын бо-ломуочуйаларын чэрчитигэр киирбэт атын боппуруостар.
39 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин бас билэр быраабын сорҕотун баҕа өттүнэн уонна Федеративнай уонна атын дуога-бардарга олоҕуран чопчу болдьоххо Российскай Федерация судаарыстыбатын былааһын федеральнай уорганнарын дьа-һайыыларыгар биэрэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Рос-сийскай Федерация түһэрсэр дуогабардарыгар кинилэр холбоһуктаах боломуочу-йаларын кэрискэтэ олохтонор.
40 ыстатыйа
[уларыт]Российскай Федерация судаарысты-батын былааһын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бы-лааһын уорганнарын икки ардыларыгар дьаһайар эйгэни уонна боломуочуйаны тыырсыы Российскай Федерация Консти-туциятынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан, дьаһайар эйгэни уонна бо-ломуочуйаны тыырсыы туһунан Федератив-най, атын да дуогабардарынан оҥоһуллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Рос-сийскай Федерация кыттыгас дьаһайар эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин со-куоннара уонна атын сокуон суолталаах быраап аакталара олор уопсай тускулла-рын быһаарар федеральнай сокуоннарга тирэҕирэн ылыллаллар. Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыттыгас дьаһайыыга сыһыаннаах боппуруостара Российскай Фе-дерация судаарыстыбатын былааһын уор-ганнара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын былааһын уорганнара түһэрсэр дуогабардарыгар, сөбүлэһиилэ-ригэр, итиэннэ быһаарыылары сөбүлэ-һиннэрии, олору толоруу анал суүртээһи-нигэр олоҕуран быһаарыллаллар.
41 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонна-ра Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр барытыгар быһаччы дьайаллар. Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыттыгас дьаһайар боппуруостарыгар ылыллар федеральнай сокуоннар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр эрдэттэн көрүллүөхтээхтэр эбэтэр сокуоҥҥа тирэҕирэн сөбүлэһин-нэрэр бэрээдэгинэн көрүллэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ федеральнай сокуоннары уонна Российскай Федера-ция атын сокуон суолталаах быраапка олоҕурар аакталарын дьайыыларын, өскө-түн олор Федеративнай эбэтэр атын дуогабары кэһэр эбэтэр Саха Өрөспүү-бүлүкэтин боломуочуйатын уонна дьаһа-йар эйгэтин кэһэн туран ылыллыбыт буоллахтарына, тохтотор эбэтэр көтүрэр туһунан боппуруоһу туруорар бырааптаах.
42 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин төрүт олохтоох омуктарын, ону тэҥэ өрдөөҕүттэн олохсуйбут нуучча-лары уонна атын дьону чөл хаалларыыны уонна барҕардыыны мэктиэлиир. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин төрүт олохтоох омуктарын уонна Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын үгэстэрин, култуу-раларын, сиэрдэрин-туомнарын ытыктаан туран, кинилэр маннык былдьаммат бырааптарын көмүскүүр уонна хааччыйар: 1) сокуоҥҥа тирэҕирэн сири уонна айылҕа туһалыыр кыаҕын, ол иһигэр аҕа уустарын тыа хаһаайыстыбатынан дьа- рыктанар, бултуур, балыктыыр сирдэрин баһылыыр уонна туһанар; олохсуйбут тулалыыр айьглҕа эйгэтин, иитгинэр дьарыктарын уонна омуктар эт-хаан өттүнэн уратыларын аахсан олох-дьаһах уонна медицина тосхолун тэрийэр; симэлитии уонна омугу эһии хан-нык баҕарар көрүҥүттэн, ону тэҥэ омук быһыытынан уратыга, история ытык сиригэр, киһи кутун-сүрүн уонна киһи илиинэн айбыт култууратын өйдөбүнньү-гэр суудайыылартан көмүскүүр. 3. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын бу Төрүт Сокуо-нунан көрүллүбэтэх бырааптарын олоххо киллэрии бэрээдэгэ уонна усулуобуйата сокуонунан быһаарыллар.
43 ыстатыйа
[уларыт]Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ах-сааннаах омуктара түөлбэлээн олорор сирдэригэр дьон-сэргэ дьулуһуутунан анал туруктара Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан быһаарыллар, омугунан дьа-һанар-сабардыыр сирдээх тэриниилэр олохтонуохтарын сөп.
44 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сирэ кини элбэх омуктаах бар дьонун бас билиитинэн буолар уонна Саха Өрөспүү-бүлүкэтин төрүт олохтоох омуктара үгэс быһыытынан тарҕанан олорор төрүт-уус сирдэрэ буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сирэ бу Төрүт Сокуон ылынылларыгар баар кыраныыссатын чэрчитинэн биир кэлим буолар уонна үллэһиллибэт.
45 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьаһанар-са-бардыыр сирдээх тэриниитин сокуон бы-һыытынан бэйэтэ быһаарар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ маннык дьа-һанар-сабардыыр сирдээх араарыллыы-лартан турар: улуустар (оройуоннар) — Абый, Алдан, Аллайыаха, Амма, Анаабыр, Бу-луҥ, Үөһээ Бүлүү, Верхоянскай, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Кэ-бээйи, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мир-нэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Маайа, Усуйаана, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн-Бытантай; өрөспүүбүлүкэ таһымынан суолталаах Дьокуускай куорат. 3. Улуус уонна оройуон диэн ааттар тэҥ суолталаахтар.
46 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарысты-батын тылларынан саха тыла уонна нуучча тыла буолаллар. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тыллара кинилэр түөлбэлээн олорор сир-дэригэр дьиҥ таһымнаах тылларынан буолаллар.
47 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Судаарысты-баннай дьаралыктаах, Судаарыстыбаннай былаахтаах уонна Судаарыстыбаннай өрө-гөй ырыалаах. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарысты-баннай дьаралыгынан төгүрүк күн — куйах кыһамыгар сэттэ ромб курдук крис-таллыы көрүҥнээх фигуралардаах омук үгэс буолбут киэргэлинэн итиэннэ «Республика Саха (Якутия)» уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн суруктарынан тулаламмыт төгүрүмтэ буолар, ол ортотугар Өлүөнэ өрүс тааска уруһуйда-рыттан ылыллыбыт былаахтаах былыргы аттаах киһи ойууламмыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарысты-баннай дьаралыгын өҥнөөх ойуутугар күн — үрүҥ көмүстүҥү, аттаах киһи — хараҥа кыһьгл, тулалааһына — хараҥа халлаан күөҕэ, киэргэлэ уонна суруктара — маҥан өҥнөөхтөр. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыс-тыбаннай былааҕа түөрт араас кэтиттээх, туһааннааҕынан халлаан күөҕэ, үрүҥ, кы-һыл уонна от күөҕэ өннөөх сытыары балаһалартан турар көнө муннуктаах та-ҥас. Былаах кэтитигэр балаһалар кэтиттэ-рин тэннэбилэ: халлаан күөҕэ балаһа — былаах кэтитин 3/4, үрүҥ балаһа — былаах кэтитин 1/16, кыһыл балаһа — былаах кэтитин 1/16, от күөҕэ балаһа бы-лаах кэтитин 1/8 ылар. Халлаан күөҕэ өҥнөөх балаһа ортоту-гар маҥан төгүрүк баар. Төгүрүк диаметра былаах кэтитин 2/5 ылар. Былаах кэтитин тэҥнэбилэ кини уһунугар — 1:2.
48 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куора-тынан Дьокуускай куорат буолар.
49 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүубүлүкэтигэр судаарыстыба былааһын бэйэтэ тэрийэр судаарыстыба былааһын уорганнара толороллор. 2. Сокуон быһыытынан тэриллэр судаарыстыба былааһын уорганнара Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бы-лааһын биир уопсай тиһиган үөскэтэллэр.
50 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин су-даарыстыбатын былааһын үрдүкү уорган-нарынан сирэйдээн бар дьон толору бы-рааптаах бэрэстэбиитэлинэн буолар уон-на кини дьулуһуутун көрдөрөр. Судаарыстыба бьглааһын уорганнара уонна кини сололоох дьонноро гражданин уонна уопсастыба иннигэр хоруйдууллар.
51 ыстатыйа
[уларыт]Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан, Российскай Федерация Конституциятынан, өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннарынан көрүллүбэ-тэх бьглаас уорганнара баар буолуохтарын сатаммат.
52 ыстатыйа
[уларыт]Судаарыстыба эбээһинэстээх: 1) Саха Өрөспүүбүлүкэтин омук-су-даарыстыба быһыытынан анал туругун уонна сабардыыр сирэ биир кэлимин хааччыйар; киһи уонна гражданин быраабын көмүскүүр итиэннэ мэктиэлиир; Төрүт Сокуон тутулун уонна со-куоннаһы тутуһар, быраапка олоҕурбут бэрээдэги хааччыйар; экэниэмикэни, көҥүл үлэни-дьа-рыгы көҕүлээһини сайыннарыыга, граж-даннар олохторун-дьаһахтарын көмүскээ-һиҥҥэ туһаайыллыбыт бэлиитикэни ыры-тан оҥорор уонна олоххо киллэрэр; киһи олохсуйарыгар табыгастаах эйгэни харыстыыр уонна тэрийэр туһугар уопсастыба итиэннэ айылҕа хардарыта дьайсыыларын сүрүннүүр; бар дьон бэйэтин көҥүл быраабын көмүскүүр, төрөөбүт тыл, омук култуурата уонна уратыта чөлүн ситиһэр уонна са-йыннарар.
53 ыстатыйа
[уларыт]1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарысты-батын былааһын үрдүкү уорганнарынан буолаллар: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай Суута.
2. Былааһы тыырсыы тускулугар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын былааһын үрдүкү уор-ганнара тутулуга суох үлэлииллэр.