Иһинээҕитигэр көс

СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 6 баһа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

6 баһа. ДЬҮҮЛЛҮҮР БЫЛААС, СОКУОННАС УОННА БЫРААПКА ОЛОҔУРБУТ БЭРЭЭДЭК ХАРЫСТАБЫЛА

[уларыт]

85 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьүүллүүр былааһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан олохтоммут тутулун төрүтүн, гражданин быраабын уонна көҥүлун, юридическай тэрилтэ быраабын, туһун көмүскүүр аналлаах. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьүүллүүр былаас сууттарга эрэ бэриллэр. 3. Дьүүллүүр былаас үлэтэ туспа уон-на сокуоннары таһаарар итиэннэ толорор былаастартан тутулуга суох. 4. Суһал сууттары тэрийии көҥүллэммэт.

86 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьүүл-лүүр былааһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арбитражнай суута, улуустааҕы уонна куораттааҕы федеральнай сууттар, итиэн-нэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суута уонна мировой судьуйалар толороллор. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суутун уонна мировой судьу-йалар үлэлэрин тэрийии бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан уонна сокуоннарынан быһаарыллар.

87 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суута — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан олохтоммут гутулун көмүскээһиҥҥэ дьүүллүүр былаас саамай үрдүкү уоргана буолар. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суута сэттэ судьуйалаах. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суу-тун бэрэссэдээтэлин Конституционнай суут чилиэннэрэ биэс сылга болдьохтоон талаллар.

88 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суута Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан олохтоммут тутулун, киһи уонна гражданин сүрүн быраабын уонна көҥүлүн көмүскүүр сыалтан:

1) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар сөп түбэһиилэрин туһунан маннык дьыалалары быһаарар:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин сокуон суолталаах аакталара;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыс-тыбатын толорор былааһын атын уор-ганнарын сокуон суолталаах аакталара;

судаарыстыба былааһын олохтоох уор-ганнарын сокуон суолталаах аакталара, олохтоох салайыныы уорганнарын аакта-лара, муниципальнай тэриллиилэр ус-тааптара;

өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҥҥо туһаайыллы-быт ыйытыыны анааһын уонна ыытыы;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарысты-батын былааһын үрдүкү уорганнарын дуогабардара;

2) дьаһайар кыах туһунан мөккүөнү быһаарар:

судаарыстыба бьглааһын уорганнарын икки ардыларыгар;

олохтоох салаиыныы уорганнарын икки ардыларыгар;

судаарыстыба былааһын уорганнарын уонна олохтоох салайыныы уорганнарын икки ардыларыгар;

3) гражданнар үҥсүүлэринэн уонна сууттар ыйытыктарынан чопчу дьыалаҕа туһаныллыбыт эбэтэр туһаныллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона Төрүт Сокуоҥҥа төһө сөп тубэһиитин бэрэ-биэркэлиир;

4) Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор бьглааһын уорганнарын быраабы туһаныы-га үлэлэрин аакталара Төрүт Сокуоҥҥа тө-һө сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлиир;

5) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар дьиҥ таһымнаах тойоннооһуну биэрэр;

6) маннык түмүктээһиннэри оҥорор:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ уура-тар туһунан быһаарыыны ылыныыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун туту-һуу туһунан;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор бы-лааһын уорганнарын үрдүк сололоох дьонугар уонна салаиааччыларыгар итэҕэи-бэти биллэриигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун кэһии туһунан;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьо-кутааттарын быыбарын ыытыыга быраап өттүнэн харгыстар баалларын эбэтэр суохтарын туһунан;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннара уонна атын сокуон суолталаах аакталара Российскай Федерация Конституцияты-гар уонна Федеративнай дуогабарга сөп түбэһиилэрин туһунан;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Федерация иһинээҕи, судаарыстыбалар икки ардыла-рынааҕы дуогабардара Саха Өрөспүүбүлү-кэтин Төрүт Сокуонугар, Российскай Фе-дерация Конститущытыгар сөп түбэһиилэ-рин туһунан;

7) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонугар уларытыыны уонна эбиини киллэрии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин сүрүн сокуоннарын ылыныыга со-куону таһаарыы бэрээдэгин тутуһууга ту-та хонтуруолу олохтуур;

8) Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация икки ардыларыгар Төрүт Сокуонунан олохтоммут тутул уон-на быраап мөккүөнүн быһаарыыга кыт-тыыны ылар;

9) бэйэтэ дьаһайар боппуруостарыгар сокуону оҥорууну көҕүлүүр;

10) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан уонна сокуоннарынан киниэхэ бэриллибит атын боломуочуйаны толорор.

89 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун дьаһайыытыгар бэрилли-бит боппуруоска кини бары быһаарыылара уонна түмүктээһиннэрэ бүтэһиктээхтэр, олор иһитиннэриллибит түгэн-нэриттэн ыла күүстэригэр киирэллэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сири-гэр бүтүннүүтүгэр булгуччулаахтар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун боломуочуйата, үлэтин тэрээһинэ уонна бэрээдэгэ Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин сүрүн сокуонунан, оттон судьуйалар быраап өттүнэн анал турук-тара син эмиэ федеральнай сокуонна-рынан быһаарыллаллар.

90 ыстатыйа

[уларыт]

1. Адвокатура гражданин уонна юри-дическай тэрилтэ быраабын уонна сокуо-нунан араҥаччыланар туһун көмүскүүргэ туһуламмыт уонна бэйэтин салайынар тэрилтэнэн буолар.

2. Адвокатураны тэрийии уонна кини үлэтин бэрээдэгэ, ол иһигэр биирдэм юридическай үлэ бэрээдэгэ, федеральнай сокуоннарынан быһаарыллаллар.

91 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Борокуруорун солотугар Российскай Федерация Генеральнай борокуруора Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин сөбүлэҥинэн аныыр.

2. Борокуратуура уорганнарын тэрийии уонна үлэлэрин бэрээдэгэ федеральнай сокуоннарынан быһаарыллаллар.