Иһинээҕитигэр көс

СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 7 баһа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

7 баһа. БЫЫБАРДЫЫР ТИҺИК

[уларыт]

92 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара биэс сылга болдьохтоон талыллаллар.

2. Талыллар уорганнар дьокутааттарын уонна олохтоох салайыныы атын быы-барданар дьонун боломуочуйаларын бол-дьоҕо муниципальнай тэриллии устаабы-нан сокуоннарга тирэҕирэн быһаарыллар.

93 ыстатыйа

[уларыт]

1. Быыбар быыбардыыр уокуруктарга кистэлэҥ куоластааһынынан бары бүт-түүн тэҥ уонна быһаччы быыбардыыр быраапка олоҕуран ыытыллар.

2. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктара түөлбэлээн олорор сирдэригэр быыбардыыр уокуруктар аҕы-йатыллыбыт ахсааннаах быыбардааччы-лаах тэриллиэхтэрин сөп.

3. 18 саастарын туолбут гражданнар быыбардыыр бырааптаахтар.

94 ыстатыйа

[уларыт]

Быраабынан туһанар уонна эбээһинэ-һи толорор кыахтара суоҕа суутунан би-линиллибит гражданнар, итиэннэ суут күүһүгэр киирбит буруйдуур уурааҕы-нан көҥуллэрэ быстыбыт дьон быыбар- дыыр уонна быыбарданар бырааптара бы-һыллар.

95 ыстатыйа

[уларыт]

Дьокутааттар быыбардарын ыытыы уонна кинилэри ууратыы, муниципальнай тэриллиилэр сололоох дьоннорун быы-бардарын ыытыы бэрээдэгэ, ону тэҥэ олохтоох тальгллар уорганнар үлэлэрин бэрээдэгэ федеральнай уонна өрөспүү-бүлүкэ сокуоннарынан, муниципальнай тэриллии устаабынан быһаарыллыахтаатар.

96 ыстатыйа

[уларыт]

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара бар дьонтон боломуочуйалаах бэрэстэбиитэллэринэн буолаллар.

2. Уһулунна.

3. Былаас талыллар уорганын дьокутаатын боломуочуйатын толорууга солотун дьүөрэлэспэт көрүҥэ быыбар туһунан сокуонунан быһаарыллар.