Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Таба
Хаар-хаар хаачыргыыр,
Халлааным халынна.
Тап-тап табыйан,
Табаккам, айаннаа!
Мах-мах маҥхаҕар
Баай кыраай манньыата,
Кып-кып кылбаҕар
Кыраһам көмүһэ.
Чох-чох харанан
Чоҕулуччу көрөн,
Күп-күөх кыраайым
Көлөтө буолаахтаан.
Лах-лах лаҥкырдаах
Лабаалаах муостардаах...
Көп түүлээх көхсө
Күлүмүр толбонноох.
Тоҥ, чэҥ дойдулаах
Эбэҥки доҕорум
Тус-тус хотуттан
Туппута эйигин.
Сипсиэр силлиэлээх
Сибиирим симэҕэ,
Туус-туус тунаархай
Туундарам туллуга.
Так-так такымнаах
Табаккам барахсан,
Таас-таас хайаны
Таптыыгын, таптыыгын!
1926
|
|