Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Талба-талба Татыйыына
Талба-талба Татыйыына
Тарбыйахтаабыт тарбыйаҕа
Таарбаҕаҥҥа холоонноох
Таарбаҕаҥҥа холоонноох.
Талба-талба Татыйыына
Борооннообут борооно
Буобураҕа булааннаах
Буобураҕа булааннаах.
Талба-талба Татыйыына
Ынахтаабыт ынаҕа
Ыаҕаһынан үүттэрдээх
Ыаҕаһынан үүттэрдээх.
Талба-талба Татыйыына
Биэлиир биэтэ даҕаны
Биэдэрэнэн кымыстаах
Биэдэрэнэн кымыстаах.
Талба-талба Татыйыына
Астыыр аһа даҕаны
Амтаннардаах буолааччы
Амтаннардаах буолааччы.
Талба-талба Татыйыына
Таҥастаабыт таҥаһа
Талыы мааны көстүүлээх
Талыы мааны көстүүлээх.
Талба-талба Татыйыына
Минньигэсчэй мичээрэ
Сүрэҕи-быары минньитэр
Сүрэҕи-быары минньитэр.
Талба-талба Татыйыына
Дьүрүһүйэр хомуһа
Дьикти кэрэ алыптаах
Дьикти кэрэ алыптаах.
Норуот тыла, матыыба.
|
|