Иһинээҕитигэр көс

Таптаабатахпын мин эйигин (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чэ сөп, эйигин күүппэппин (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Эн миэхэ кимим да буолбатаххын (В. Потапова)




Таптаабатахпын мин эйигин —
Таптыы эрэ сатаабыппын,
Таайбатахпын мин бэйэбин —
Тапталга анамматахпын...

Билбэтэх эбиппин, бадаҕа,
Олоҕум сулуһа атынын,
Ууннарбын да тиийбэт ырааҕа
Миигин умсугута аймыаҕын...

Ахтылҕан — олоҕум аргыһа,
Чуумпу ырыа — мин баарыһым,
Ол иһин истэбин сайыһа
Ааспыт улам сүтэр куолаһын...

...Баалаама дуу, эн, миигин,
Таптыыр талаана суоҕу,
Бил даа, мин дууһам кэтиирин —
Бүгүн манна суоҕу...