Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мин тыыннаах киһибин.
Дьоннор, миигин таптааҥ!
Өлө иликпинэ, алҕааҥ,
Өллөхпүнэ, өрүкүтүмэҥ!
Сир үрдэ тымныы.
Сылаас тыыҥҥытынан
Абырааҥ, тыыннаахпына!
Мин тыыннаах киһибин.
Өлбүттэри — аһыйабын,
Өлө иликтэри — аһынабын.
Аһынабын,
Тарбаҕым
Титирии тымныйарынан,
Күөмэйим
Куура хатарынан.
Мин тыыннаах киһибин,
Халлаан дириҥ,
Сир үрдэ киэҥ.
Мунарым өйдөнөр.
Ол эрэн, син биир
Хайа да халлаан
Хаһыытыыр хараҥатыгар
Дьону аһынар,
Дьолу баҕарар
Сырдык сулустаахпын.
Мин тыыннаах киһибин.
Мин эһигини аһынабын —
Абаран
Хараҕым тымныйа,
Сирэйим кубарыйа
Уордайыахпар диэритин.
Мин тыыннаахпын,
Аһынар санаа аргыстаахпын
Ол иһин олус дьоллоохпун.
Дьоннор, баалаамаҥ,
Ааттал тылын булбаппын,
Ону да сатаабаппын.
Эн иһит,
Ханнык да айыылаах
Айманар дууһалаах,
Кэтэс миигин,
Кэлтэй эрэлинэн.
Кэлиэм эйиэхэ
Киһи дууһатын
Күүрдэр мичээрин
Көстүбэт сылааһын
Көтөҕөн.
Сүрэхпин уунуом эйиэхэ,
Саарбахтыы турбакка.
Мин тыыннаах киһибин.
Дьоннор, миигин таптааҥ!
|
|