Тиэрминнэртэн. Суол (Багдарыын Сүлбэ)
Тиэрминнэртэн: Суол Багдарыын Сүлбэ |
Абааһы суола.
[уларыт]«Кыым хаһыакка» (5.06.1993) Космофизическай чинчийии уонна аэрономия институтун научнай үлэһитэ, «Кут-сүр» уопсастыба айылҕа дьикти кестүүлэрин үерэтэр бөлөҕүн са-лайааччыта Н.Слепцов «Куһаҕан тыыннаах» сир дьайыыта» диэн суруйуута бэчээттэммитэ. Суруйуу маннык саҕаламмыт: «Быдан бы-лыргы үйэлэртэн араас норуоттар эмчиттэрэ сир киһиэхэ үчүгэй да, куһаҕан да ертүнэн дьайыылааҕын туһунан билэр этилэр. Биһиги өбүгэлэрбит ханан «куһаҕан тыыннаах» сир баарын, ханан «абааһы суола» ааһарын бэркэ билэллэрэ».
Итинтэн салгыы ааптар абааһылар ханан-ханан суолланалларын балайда сиһилии суруйбут. Олортон сорохторун көрүтэлиэҕиҥ. «Өбүгэлэрбит хайа да күн тумус халдьаайыга, эмпэрэ сыыр аттыгар, куурбут үрүйэлэр сүнньүлэригэр, хаппыт тыаҕа, дүөдэ, тыымпы, былыргы айан суолун үрдүлэригэр олохсуйа сатаабат буолаллара.
(...) Чех, онколог-врач О.Юризик сүүрбэттэн тахса сыл сир дьайыы-тын үөрэтэн баран урукку күөл, куурбут үрэх оннуларыгар уонна уу халааннаан ылар сиригэр оло-рооччулар уһун үйэлэммэттэрин быһаарбыта. (...) Дьиэ сирин тэҥнииргэ хайаан да бөҕү ыраастаан эрэ ба-ран буорда, кумахта кутуҥ эбэтэр балбаахта тэлгээҥ. Былыргы өтөхтөр оннуларыгар олохсуйумаҥ, үрэхтээҕэр алааска олохсуйар ордук». Абааһылар суолланар сирдэ-рэ итилэринэн эрэ бүппэт диэбит ааптар. Суруйуутун кини маннык түмүктээбитэ киһини үөрдэр: «Биһиги сир куһаҕан тыынын, «абааһылар суолларын» суох оҥорорго эбэтэр дьайыытын на-мыратарга киһи өйүн күүһүн туһанар ньыманы булан туһанабыт».
«Ис иһигэр киирдэххэ» кинигэбиттэн (Дьокуускай, 1988) ааҕыаҕыҥ.
«Айан суолун Өймөкөөн дьоно ат суола дииллэр. Ол өйдөнөр. Атынан сылдьар суол диэн оттон таба ыырын курдук буолуо баара дуо, быдан бэлиэ, киэҥ-куоҥ, дыргыйан көсте сытар буоллаҕа дии» (72 с).
Сыарҕа суола.
[уларыт]Бу киэҥ-куоҥ, сыарҕанан сылдьыллар, таһаҕас таһыллар суола. Ыллык суол буол-батах. Сыарҕа суола урукку өттүгэр норуот олоҕор улахан суолталаах этэ. Онон суол алдьаныыта диэн тиэрмини айбыппыт. Сыарҕа суола иккис, дьыл кэмин арыйан көрдөрөр киэҥник биллэр суолталаах. Сыарҕа суола турдаҕына диир этибит. Ол саха киһитин олоҕор кыс хаар түһэн, сыарҕанан оту-маһы тиэнэр буо-луута дьыл биир саамай күүгүүлээх, бэлиэ кэминэн буолара.
А.И.Егоров - Чокуур «Кэс тыл» диэн кинигэтин (Дьокуускай, 1993) ылабыт уонна ааптар Мэҥэдьэк сириттэн Ньурбаҕа хайдах айаннаан киирбитин туһунан суруйбутуттан ааҕабыт. «Кукаакыны быһан, Малдьаҕарга тиийэн хонон баран, Марха өрүһү тыынан туораабыппытын уонна наһаа бадарааннаах, барыта бал-лаат суол омоонунан барбыппытын ейдүүбүн» (15 с).
Баллаат суол.
[уларыт]Баллаат. Ман-нык тылы биир да тылдьыттан булбатым. Онон? «Наһаа бадарааннаах, барыта баллаат суол». Баллаат төрүт олоҕо баллай диэн буолуон сөп дии санаатым. Быһаарыылаах тылдьыкка баллайы икки суолталаан быһаарбыттар: « 1. Испит курдук үллэн-баллан, кэтирээн көһүн; 2. Үрүллүбүт хабах курдук дыгдайан, үллэн, кэтирээн таҕыс». Олус бадарааннаах. Сирэ-буора наһаа илийэн, үллэн-баллан тахсыбыт. Баллай + -аат. Аат - туохтуурдартан хайааһын түмүгүн көрдөрөр ааттары үөскэтэр сыһыарыы. Баай төрүөхтээх. Холобур диэн олус элбэх. Олортон мин бүгүи наука доктора Н.К.Антонов аҕалбыт холобурдарын манан киллэриим: боллороот, кырбаат, нэлэ-эт, хахсаат.
Кычыгырас суол.
[уларыт]1990 с. Орто Халыма Хатыҥнааҕыттан 71 саастаах А.Н.Лаптевтан сурук туппутум. Тылы Алексей Николаевичка бизриэҕиҥ. «Кычыгырас суол. Чычаас хаарга, эбэтэр дириҥ да буоллун, элбэхтик сылдьан, олуктара силлиспит суол. Баҕар, ыарахан сыарҕанан дэхсилэммит да буолуон сөп». Киһим өссө олук суол диэни арааран быһаарбыт этэ.
«Олук суол диэн дириҥ хаарга аҕыйахта, эбэтэр элбэхтэ да буоллун, биир сиргэ үктээн, олуктаан сылдьар суол. Кыыллар эмиэ халыҥ хаарга урут ааспыт олуктарыгар үктээн ааһааччылар. Онно капкаан туруорарга табыгастаах буолааччы».
«Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытын» ылабыт. «Омоон суол - элбэхтик сыл-дьыллыбатах, барбах аҕай биллэр суол». Бу тылдьыкка омоон суолу өссе омоох суол дииллэр диэбиттэр.
Э.К.Пекарскай Тылдьытыгар омоох суолу өссө түүппэх суол, уппах суол дииллэр диэбит (3055 ст.). Ойуку «Хоболоох суол» ки-нигэтин (Дьокуускай, 1999) саҕаланыытыттан ааҕыаҕыҥ. «Казактар аал маһыттан оҥоһуллубут модьу-таҕа соппулуот олбуордарын уонна сахалар сүллүгэс күрүөлээх тиэргэттэрин быыстарынан губерния киинигэр, Иркутскайга, тиэрдэр сайбарыын суол ааһара. Тракт суолунан кыһынын дуҕаларыгар, сайынын эрдиилэригэр хоболордоох дьону уонна почтаны таһар кэккэлэһэ көлүллүбүт аттар уонна оҥочолор тиһигин быспакка тиэстэллэрэ» (4 с). «Сайбарыын суолунан ... тиһигин быспакка тиэстэллэр».
Г.Ф.Сивцев «Сахалыы кылгас тылдьытыгар»: «Сайбарыын -барыы-кэлии, айан түбүгэ, тэрилэ», — диэбит (105 с). Ити курдук сайбарыын суол диэн тугу ааттыырбытын быһаардыбыт.
1990 с. олоҥхоһут В.О.Каратаев - Багдарыын Баһылайын кытта кэпсэтэн, Бүлүү Бороҕонун сирдэрин суруйбутум. Киһим икки тиэрмини быһаарбыта. «Кыһыҥҥылыы суол - кыһын эрэ сылдьар суол. Буус уйдаҕына эрэ сылдьаҕын. Сайыҥҥылыы суол - уута-хаара суох, күөл эҥин быспат сиринэн көлөнөн тахсар суол». 1990 с. Мирнэй Таас Үрэҕэр 68 саастаах П.Н.Васильевы кытта кэпсэтэн, ити түбэ сирдэрин суруйбутум. Онно киһим икки тиэрмини быһааран биэрбитэ. «Былыргы саха суола - былыр сыарҕаннан, ыҥыыр атынан сылдьыбыт суол. Ыллык - кыччыгый, булчут эҥин сылдьар суола». Таас Үрэх уруккута эбэҥки дойдута. Ол дуораана ити суоллары араастаан ааттааһыҥҥа билиҥҥэ диэри ити тиийэн кэлбит, көстө-биллэ сылдьар. Э.К.Пекарскай Тылдьытыгар: «Суодуйа хаан суол - трудная длинная дорога» диэни ааҕабыт (2341 ст.). Тылдьыт ааптара итини кимтэн истибитин-билбитин маннык суруйбут: «Слепцова - Андросова М.Н. Сказка на якутском языке (рукопись) и личные указания». Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Игнатьев «Чолбон» сурунаалга (1990, № 7) «Күнү-дьылы билгэлээһин» диэн ыстатыйатын бэчээттэппитэ. Онно: «Муус устар 14 күнүгэр суол алдьа-нар», — диэни ааҕабыт (89 с).
Суол алдьаныыта диэни нууччалыы распутица диэн тылбаастыыллар. Бу тиэрмини Муома дьоно атыннык ааттыыллар эбит. Саха тылын уонна литературатын учуутала Г.Федотов «Муома фольклора. Маҥнайгы чааһа» кинигэтигэр (Дьокуускай, 1994) маннык суруй-бутун ааҕар кэрэхсэбиллээх буолар эбит. «Куччаҥа, кэргэнин билэр дьонугар олохтоот, Дойдуга киирэр суолунан Дьокуускайдыыр. Аара олохтоох тоҥустары көрсөн, кинилэри кытта бииргэ бултуур. Дьааҥы хайатын уһаты-туора сыыйар. Ол курдук сүрдээх үчүгэйдик кыстаан баран, суол эрэ охтуон иннинэ, үчүгэйдик өйүө бэлэмнэнэн баран, дьонуттан кердөспүтүгэр табанан Дойду сиригэр киллэрэн биэрэллэр» (59 с).
Үчүгэй баҕайы дии. Суол алдьаныыта - суол охтуута.
Өссө биири этиэххэ. Дойдуга киирэр суол. Хоту улуустартан Саха сирин киин улуустарыгар кии-рэр суолу итинник ааттыыллара. Суол охтуута. Бу тиэрмин хоту улуустарга балайда тарҕаммыт эбит. «Чолбон» сурунаал (1998, № 2) Семен Винокуров «Халыма долгуннара» романын 3-с кинигэтиттэн бэчээттээбитэ. Онно маннык су-руллубута баар: «Билиҥҥитэ Абый диэкиттэн кэлбэтилэр. Сыарҕа суола субу күннэргэ оҕунна. Билигин ыҥыырдаах атынан эрэ киһи айанныыр буолан турар» (11 с). Николай Петров «Ол үйэлэр дуорааннара» кинигэтигэр (Дьокуускай, 1994) суол айаҕа диэн тиэрмини маннык быһаарбыт: «Аартык, айан суола түмүллэр сирэ барыта суол айаҕа аатырар» (208 с).
Литературовед учуонай Н.З.Копырин «Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара» кинигэтиттэн (Дьокуускай, 1981) биир сонуну аахтым, биллим. Күндү ааҕааччыларым, эһиги туох диэххит эбитэ буолла.
«Готовцев оҕонньор нуучча куораттарын, дэриэбинэлэрин, хайдах өстөөхтөрү кытта сэриилэ-спитин уо.д.а. тустарынан бэркэ кэпсиирэ үһү. Урут Өспөх сахалара аты келө быһыытынан миинэн эрэ туһаналлара үһү. Оттон Василий Готовцев саха атын кыһын сыарҕаҕа көлүйбүт. Кинилэртэн олохто-охтор аты сыарҕаҕа көлүйэргэ үөрэммиттэр. Сыарҕаны, дуганы, хомуугу, сөдүөлкэни уо.д.а. оҥостор буолтар» (142 с). Өспөх - Уус Алдан нэһилиэгэ. Василий Готовцев - нуучча киһитэ.
Итини бигэргэтиһиэн сөпкө дылы «Тумат нэһилиэгэ. Усуйаана улууһа» кинигэҕэ (Дьокуускай, 2007) маннык суруллубута: «Тумат нэһилиэгин сиригэр билиҥҥи Сыарҕа Суоллаах диэки биир нуучча киһитэ олохсуйбут» (9 с). Өссө. Историк П.С.Софронеев «Якуты в 1-й половине XVIII в.» кинигэтигэр сабаҕалаан маннык суруйбута баар: «Якуты, видимо, тогда еще не запрягали лошадей в сани» (25 с). Ити иһин эбитэ дуу, дьикти буолан, Мэҥэ-Хаҥалас Ходороту-гар, Үөһээ Бүлүү Намыгар Сыарҕа Суола уонна Нам Кебоконүгэр На-стааччыйа Сыарҕатын Суола диэн топонимнар бааллара. Ол да гыннар, тыл үорэхтзэхтэрэ сыарҕаны монгол тылларыттан киирбит тыл дииллэр. Биир са-наанан. Ити иһигэр улахан учуонай В.И.Рассадин «Монголо-бурятские заимствования в сибирских тюрк-ских языках» кинигэтигэр (М., «Наука», 1980) маннык чопчулаан суруйбутун болҕомтоҕо ыллахпы-тына сатаныыһы: «Часть слов с начальным «с» попала в якутский язык позднее, из бурятского языка» (80 с). Хойут соҕус бүрээт тылыттан!
Сыарҕа — бүрээт тылыгар шарга.
Суол батыыта.
[уларыт]Бүлүү хаһыата «Октябрь суолугар» (24.12.1991) Н.Григорьев «Сиргэ совхоз күентээһинин тохтотуохха» диэн суруйуутун бэчээттээбитэ. Онтон ааҕыаҕыҥ. «Аны оттуур сири ылыаҕыҥ. Со-вхозка 1646 га, Совекка 56 га оттуур сир баар диэн учуокка сылдьар. Биллэрин курдук, ыаллар саамай куһаҕан сирдээх кыараҕас алаа-стары, өтөхтөрү, суол батыытын, ууга барбыт сирдэри оттууллар. Сүөһүлэрин ахсаанынан ити 1700 га сиртэн саатар үстэн биирин от-туохтаах этилэр. Ыал быдан аҕыйах сири оттуура мэлдьэх буолбатах».
Суол батыытын оттууллар. От-тон ол аата суолу бата баран, кини икки өттүн ходуһа оҥостунар буол-лахтара дии. Ити, били, сорохтор хайгыыр аҕай хомуньуусумнарын саҕана!
Тумнар суол.
[уларыт]Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» кинигэтиттэн (Дьокуускай, 1990) ааҕыаҕыҥ. «Мин кинилэр тоһуурдарын тумнар суолунан Өймөкөөҥҥө лоп курдук тиэрдээччи буолуом» (268 с). Ити өйдөнөр да буоллар, Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка суруллубуту ааҕыаҕыҥ: «Тумун - баран иһэн туох эмэ мэһэйи, мэһэйдээҕи таһынан эргийэн бар, аас». «Саха сирэ» хаһыакка (22.05.1999) суруйааччы, про-фессор Гавриил Угаров дьылы билгэлээһинэ бэчээттэммитэ. Онтон ааҕыаҕыҥ. «7.IV. Талах т у т а р (Былаҕачыанайап). Бу күн хайдаҕыттан корон, кэлэр күнү-дьылы билгэлииллэр. Сылаас өнньүо күннэр саҕаланаллар. Күрдьүгэс хороонуттан тахсар. Эһэ арҕаҕын кырдьыылыыр. Эрдэлээбит тураах кэлэр. Чигди суол томтойор».
Чигди суол.
[уларыт]Быһаарыылаах кылгас тылдьыты ылабыт. «Чигди -элбэхтик тэпсиллэн кытааппыт хаар (хол., тиэргэҥҥэ, суолга)».
Тыалыыр суол.
[уларыт]1990 с. Хаҥалас Тиит Эбэтигэр 48 саастаах Н.Е.Солдатов - Ньукулаҕы кытта кэпсэтэн, Бэрэгэ эргиннээҕи сирдэри суруйбугум. Ол иһигэр — Үүттээх Бэһи. Ити сири Ньукулах маннык быһаарбыта: «Бэрэгэҕэ барарга, тыалыыр суолга бэлэх биэрэр, сынньанан, тохтоон ааһар сир. Ол мас охтон бүтэн турар. Билигин арыгы иһэн ааһаллар. Былыргыны тутуһар киһи тохтуур».
Аны Г.Ф.Сивцев «Сахалыы кылгас тылдьытын» көрүоҕүҥ: «Тыалыыр - тыаҕа күндү түүлээҕи бултуу барар». Бу суруйуубун «Эдэр саас» хаһыакка (6.04.2005) Нам улууһун Салбаҥ орто оскуолатын 9-с кылааһын үорэнээччитэ Саргылаан Оконешников бэчээттэппит «Сэрии кэмин оҕото» ыстатыйатыттан холо-бурдаан түмүктүүм.
«Эбэм 7 сааһыгар диэри кыай-ан хаампатах. Дьоно кистээн ойуу-ну кыырдаран көрбүттэр даҕаны туһалаабатах. Онтон абаҕата, аҕатын убайа Протопопов Петр Иванович - Эт Бас сүбэтинэн сэтгэ суол төрдүгэр олордон корүоххэ диэн, билигин Кирилэ Өтөҕор тахсар суолга алҕаан-арчылаан, сиэри-туому тутуһан олордубуттар. Дьэ ити кэнниттэн кыра-кыралаан хааман барбыт».
«Сэттэ суол төрдүгэр... Кирилэ Өтөҕөр тахсар суолга». Манна сэттэ суол төрдө диэн чахчы сэттэ суол түмсэр сирэ диэн буолбатах быһыылаах, көннөрү түмүк, ытык сир диэн өйдөбүллээх быһыылаах.