Иһинээҕитигэр көс

Тиэтэйбит (Ньукулай Неустроев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ТИЭТЭЙБИТ

[уларыт]

(Икки төгүллээх комедия)

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

[уларыт]
Оонньуур дьоно:
1. Күөс Бүөтүр — 60 саастаах.
2. Марыына эмээхсин — 55 саастаах, кини ойоҕо.
3. Аллаах Алааппыйа — 45 саастаах, огдообо дьахтар.
4. Кыра уол — 15 саастаах, кини оҕото.
5. Кэргэн дьахтар.
6. Омуннаах Уйбаан — 45 саастаах.
7. Аргыс киһи (Сүөдэр).
Оонньуур сирдэрэ:

Ичигэс күһүн, хаар түспүтүн кэннэ. Күөс Бүөтүр дьиэтин иһэ, сэниэ ыал тэриирэ.

Маҥнайгы көстүүтэ

[уларыт]

Күөс Бүөтүр табаах мэлийэ олорор, Марыына иистэнэр, дьиэ атын кэргэттэрэ ону-маны гыналлар. Күнүс. Таһырдьа ыт үрэр.

Күөс Бүөтүр. Бу ыт эмиэ тугу сиэтэ, бар, нохоо, тахсан көр эрэ.

Кыра уол тахсар.

Кыра уол (киирэр). Омуннаах Уйбаан кэллэ, иккиэлэр.

Күөс Бүөтүр. Ол киһийдээн куораттан истэҕэ буолуо.

Иккис көстүүтэ

[уларыт]

Киирэллэр: Омуннаах Уйбаан, Аргыс киһи, дорооболоһон баран, ороҥҥо олороллор.

Күөс Бүөтүр. Хайа, доҕор, Уйбаан, куораккар хайтах сырыттыҥ?

Омуннаах Уйбаан. Ээ, этэҥҥэ сырыттым. Арай хаартылаан дэлби сүүйэн баран, арыгылаан кэбистим. Үс хонугу мэлдьи арыгыны ааппын билбэккэ истим. Дьэ, инньэ гынан, хаартынан сүүйбүппүн биллим.

Күөс Бүөтүр. Дьэ, үчүгэйдик күүлэйдээбиккин. Тоҕо үчүгэйэй, доҕор! Хайа, туох эмэ тобох баар буолаарай? Эн киһи кэм үтэтэ суох тахсыбатаҕыҥ буолуо.

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, кырдьаҕас, этиэххин эттэҕиҥ дии, мантыкаҥ мэлийэн иһэр. Кыһытыан иннигэр аара аҥаар арыгылаахпын мэлитэн кэллим, ол кыайары киһи истэр эрэ, тулуйбакка барар.

Күөс Бүөтүр. О-о, ол мин дьолум тартаҕа, сордооххо сото таһа түбэһэр диэбиккэ дылы, миэхэ тиийэрин саҕана мэлийэн хааллаҕа. Дьэ, тугу этиэм баарай! Бу эдэр куоратчыкка баар буолуо. Чэ-эрэ, кырдьаҕас убайгын күндүлээ эрэ! Оҕом куоратчыт буолтун тугунан билиэхпиний?

Аргыс киһи. Ханнык эрэ арыгы баар буолуо да, киһи туһанара суох. Эчи...

Омуннаах Уйбаан. Мин аргыһым бүк үчүгэй куоратчыт иһэр. Хата, кырдьаҕаһыҥ тылын мээлэ хаалларыма, тукаам. Биир эмэ иһит арыгыта туруоран биэр. Ки¬һиэхэ үтүөнү оҥорбут хаалыа суоҕа.

Аргыс киһи. Бэйэм да күндүлүөм диэн санаан олоробун, туора да киһи сүбэтэ суох.

Омуннаах Уйбаан. Чэ, доҕор, оттон аһатыаҥ, маанылыаҥ буоллар, киһи да сылтаҕа суох иһэт ээ. Эн саҕа арыгылаах баар ини.

Дьиэлээхтэр чэй тардаллар, Аргыс киһи тахсар.

Үһүс көстүүтэ

[уларыт]

Күөс Бүөтүр. Ол төһөнү сүүйэн баран, арыгынан аһаатыҥ, доҕоор?

Омуннаах Уйбаан. Биир хаартыһыт татаартан балтараа мөһөөк кэриҥин сүүйдүм, ол гэннэ биир хаартыһыт ысыыттан биэс уон солкуобайы көрүөх бэтэрээ өттүнэн туруоран ыллым.

Күөс Бүөтүр. Муҥар, оонньуур да дьонуҥ дьон бөҕөлөр эбит. Хайаан оннук күтүрдэри утары көрөн оонньуугут? Сорох биирдэ эмэтэ куоракка киирэн баһаарга нууччаны көрүстэҕинэ, куттанан өлөөрү гынар.

Омуннаах Уйбаан. Ол эмиэ кинилэртэн тоҕо куттанабын, доҕоор? Хаарты, эмэгэт биэрдэҕинэ, кимтэн даҕаны сүүйэри киһи кэрэйбэт баҕайыта.

Аргыс киһи киирэр.

Күөс Бүөтүр. Ээ, оннук буоллаҕа ини.

Төрдүс көстүүтэ

[уларыт]

Аргыс киһи. Кырдьаҕаас, мыыныма, мантан ордук аһа суох киһибин. (Биир иһит арыгыны остуолга туруорар.) Си буолуохтааҕар, тылгын эрэ быһа гынымына, иһэрдэбин. Баара буоллар, харыстыам суоҕа этэ.

Омуннаах Уйбаан (атын сиргэ). Ити да гэннэ биир иһит баар ини.

Күөс Бүөтүр. Чэ, улахан баһыыба. (Арыгытын кутан иһэр). Аны да үтүө куоратчыт буолан, дьоҥҥо аһатар буол! (Дьоҥҥо кутуталаан биэрэр).

Марыына. Хайа, бу, Уйбаан, кэргэттэриҥ сураҕын истэҕин дуо?

Омуннаах Уйбаан. Э-э, истэрим ханна барыай, били мин эмээхсиним күтүр өстөөх, дьэ, барбыт дииллэр.

Күөс Бүөтүр. Ол ханна барбыт үһү, доҕоор?

Омуннаах Уйбаан. Оттон өлөн, таҥараҕа бардаҕа дии! Билигин дууһата ырайга чугаһаабыта буолуо.

Күлсэллэр.

Марыына. Күтүр өстөөх, тыллаһа олордоҕун ньи! Аһыйыаҕын билимнэ, күлэ олордоҕун, хайа, бу бииргэ кырдьыбыт аһыылаах буолбат дуо?

Омуннаах Уйбаан. Аһыйдым диэн, оттон хайыахпыный? Кини саҕа өлөн эрэр ини. Кини өлөрүнэн аатырбыта уон төгүрүк сыл буолла. Хата, өлөн сынньаттаҕа дии.

Күлсэллэр.

Марыына. Күтүр өстөөх, эмээхсин өлбүтүн кэннэ, дьиэҕин ким дьиэлиэй, ким сүөһүгүн, аскын дьаһайыай?

Омуннаах Уйбаан. Оттон, хата, саҥа ойох ылыам буоллаҕа дии. Дьахтар кининэн барамматах. Дьэ, киһилии олороо инибин, онто да суох, кини ыалдьыбытын тухары бэркэ кылгаатыбыт, дьадайдыбыт.

Марыына. Маннык баҕайыга ким ойох кэлэ тардар үһүө — баайын, үбүн сылдьыбыт сирин аайы ыһан кэбиһэр киһиэхэ.

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, кэлэллэрэ буолуо, доҕоор! Биир кыыс оҕону булан ылаа инибин. Хайа, мин даҕаны, аны кырдьыбытым иһин, күнүм саҕана уола хаан киһи да этим буоллаҕа.

Күөс Бүөтүр. Ол эн эмээхсиниҥ таҥаралаабытын хантан истэ оҕустуҥ?

Марыына. Дьэ, истэр урааҥхай буолуо, доҕоор.

Омуннаах Уйбаан. Куоракка, хабаах ааныгар турдахпына, Моҕотой уола Дьаакып кэпсээн ааспыта.

Арыгыларын иһэллэр.

Күөс Бүөтүр. Дьэ, онто суох, оонньуу ааһан, кырдьык даҕаны, эрэйгэ барбыт киһигин. Билигин кэлэн кэргэн өлөн хаалара куһаҕан, кыһыылаах суол, туох да диэбит иһин.

Марыына. Уйбаан, кыра оҕото-тойо суох киһи, олорон эрээ ини. Били, этэригэр дылы, дьахтар да ыллаҕына, биир кыыс оҕону иитэр киһи.

Омуннаах Уйбаан. Көр, ити эдьиийим сөпкө этэр ээ! Аны билигин кыһаллыбытым иһин, биир кыыс оҕону булан ылаа инибин дии саныыбын.

Аргыс киһи. Бэйи, доҕор, табыгастаах дьахтар түбэһэрэ манан буолбат. Эн төһө да тыыммытыҥ иһин, кытаанах буолуо. Маннык баҕайыга туох аанньа кэлэр үһүө!

Омуннаах Уйбаан. Бэйи, тукаам, эн этэриҥ курдук буолуо суоҕа. Дьэ, төһө да буоллар, эйигиттэн билигин итэҕэс буолуом дии санаабаппын.

Аргыс киһи. Итэҕэс буоларыҥ диэн кэлиэ дуо?

Күөс Бүөтүр (ойоҕор имнэнэр). Хата, Уйбаан, кырдьык, дьахтар ылыаххын саныыр буоллаххына, мин кийииппин кэпсэтэн бар. (Имнэнэр). Икки огдообо холбостоххутуна, тапсыа эбиккит.

Омуннаах Уйбаан. Кырдьык, сөпкө этэҕин. Мин бэйэм да ону саныы олоробун. Куоракка, эмээхсиним өлбүтүн истэн баран, санаабытым: бэйи, Бүөтүр кырдьаҕаска сылдьан, кэпсэтэн ааһыыһыкпын диэн. Хата, онтукам сытаныах курдук буолсу дии.

Марыына. Э-э, ол иһин, кэпсэтиэм диэн, ити арыгы таһааран иһэрдэн эрэр эбиккин дии?

Күлсэллэр.

Омуннаах Уйбаан (куһаҕан буолар). Кэбис, инньэ диэмэ, эдьиий. Сүбэ табылыннаҕына, арыгы да ханна барыай, булуллуо буоллаҕа.

Күөс Бүөтүр (имнэнэ-имнэнэ). Чэ, оччоҕо, кэпсэтэр буоллаххына, чиэппэр арыгыта иһэт. Ол кэннэ көрсөн иһиллиэ буоллаҕа.

Омуннаах Уйбаан (үөрбүт киһи быһыытынан). Дьэ, кырдьык, иһэрдэрим кэмнээх буолуо дуо. Хайа, били Алааппыйа ханна барбытай?

Марыына. Ыалга баарта. Сотору кэлиэ.

Чэйдээн бүтэллэр. Таһыттан Алааппыйа киирэр.

Бэһис көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан (атын сиргэ). Барахсан! Бэйэтинэн тиийэн кэлээхтээтэ. (Чыпчырынар).

Аллаах Алааппыйа. Куоратчыттар, кэпсиэҥ!

Иккиэн (былдьаспыт көрдүк). Суох, эн кэпсиэ!

Алааппыйа саҥата суох быыс кэннигэр барар.

Омуннаах Уйбаан (атын сиргэ). Көр эрэ! Ити үөдэниҥ сэрэйдэ ээ, быһыыта. Атыннык киэбирэр...

Марыына (аргыс киһиэхэ). Хайа, тукаам, били ылларбыппын таһаардыҥ дуо?

Аргыс киһи. Аҕаллым. (Бэт ыараханнык турда).

Тахсар. Кини кэнниттэн Марыына, Кыра уол, Кэргэн дьахтар тахсаллар: «Куоратчыт ылыытын көрүөхпүт», — дэһэ-дэһэ. Дьиэ иһигэр хаалаллар Омуннаах Уйбаан, Күөс Бүөтүр. Им-дьим.

Алтыс көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан (Күөс Бүөтүр аттыгар баран олорор). Хайа, кырдьаҕаас, мааҕыын ахтыспыппытын сүбэлэһиэхпит дуу? Алааппыйа, сирэйиттэн-хараҕыттан көрөн тойонноотоххо, сөбүлүөх быһыылаах. Онон, сытанар буоллаҕына, кэпсэтэн, биһигини, икки эрэйдээх-муҥнаах дьону, холботолоо. Хойут, кэнэҕэһин даҕаны, үтүөҕүн үөһээ үрдүк таҥара умнуо суоҕа.

Күөс Бүөтүр (соһуйбут). Туох-туох диигин, доҕоор? Ол, кырдьык этэр буоллаххына, мин тугун билиэхпиний? Бэйэҕит иккиэн кырдьаҕас дьоҥҥут, онон бэйэҥ кэпсэтэн көр, тылын ыйыт. Сатаннаҕына, бэт сөп буолуо этэ.

Омуннаах Уйбаан. Бэрдэ кэмнээх буолуо дуо! Оччоҕо, бэйи, мин кинини кытта кэпсэтэн көрүүм. Эн да тылгын-өскүн тириэт. Хайа, киһи киһи буолар суола буоллаҕа.

Күөс Бүөтүр. Кыһанарым кэмнээх буолуо дуо? Дьэ, кытаат, эр ханнык этиҥ, аска-үөлгэ тиэт. (Тахсар).

Сэттис көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан (соҕотоҕун). Дьэ, хайтах быһыылаахтык кэпсэппит киһи табара буолла? Сүрдээх сириксэн дьахтар дииллэрэ. Хас да киһи көрдьүөбүтүн, батан кэбиһэн олорор үһү. Ол эрээри миигин, бука, сирбэтэ буолуо эбээ! Ама миигиттэн ордук киһиэхэ бараары, батар үһүө? Хайа, мин да уола хаан буоллаҕым дии! Омуннаах Уйбаан диэн мин буолабын. Мин киһи да киһи! (Төбөтүн, түөһүн тоҥсунар). Бу чөмчөкө сытаан өйдүүрэ буолуо, бу сүрэх син тэбэр! Арай бу дьахтар аккаастаан кэбистин? Дьэ, оччоҕо кыһыы. Дьон күлүүтүгэр, дьон хоһутугар барабын дии. Чэ, ол эрээри ыйаах-оҥоруу билиэ. Билигин эмээхсиним дууһата туох эрэ диэн санаан эрэр?.. Эмээхсиним өлүөн иннинэ этэр буолара: «Ойох ылар да буоллаххына, мин өлбүтүм гэннэ биир сылы толорон баран ылаар»,— диэн. Чэ, ол кини эппитэ дэ, уот эппитэ дэ син биир. Билигин бу суолу аһардахпына, өтөр ойох ыларым биллибэт. Онон син биир — билигин да ыларым, эһиил дэ ыларым. Хата, бу дьахтар сөбүлээтэҕинэ, табыллыам этэ.

Ахсыс көстүүтэ

[уларыт]

Аллаах Алааппыйа (быыс кэнниттэн тахсар). Бу өлүү киһитэ, тугу-тугу баллыгырыыр оҕолор? Быһыыта, куоракка өйүн арыгыга сиэтэн тахсыбыт ээ.

Омуннаах Уйбаан. Бабат! (Атын сиргэ). Бу кыайар кыыһа, саһан, истэ олорбут эбит ээ. О-о, хайтах-хайтах кэпсэтиэх баҕайыный? (Куттанан, тардыалатар). Э-эдьиий... кэл эрэ, мин аттыбар ол-ор... Бэт наадалаах этим... Мин...

Аллаах Алааппыйа. Ол тоҕо бэһирдиҥ миэхэ? Туохха наадыйдыҥ? Чэ, олорон да көрүүм. (Кэлэн, аттыгар олорор).

Омуннаах Уйбаан (харса суох саҥарар). Мин эн тускун Бүөтүрү кытта сүбэлэстим. Сытанар буоллаҕына, кини ыпсартыах буолла. Онон...

Аллаах Алааппыйа. Бэйи, тугу-тугу балкыйаҕын? Мин эйигин сытаан өйдүөбэтим, тугу этээри гынаҕын?

Омуннаах Уйбаан (атын сиргэ). Дьэ бэт доҕор, өйдүөбэтэ. Туох диэн этиэх баҕайыный? (Улаханнык). Мин этэбин... сытанар буоллаҕына, холбоһуох диэн.

Аллаах Алааппыйа. Кыайар, оттон ойохтоох буолбаккын дуо? Онтукаҥ ханна баран, манна кэлэн эҥсэлийдиҥ?

Омуннаах Уйбаан. Ээй, диэбэт даҕаны, онтукам өлөн хаалбыт ээ, бу куораттаан сырыттахпына. (Суон саҥатынан). Ол эмээхсин таҥаралаан хаалан, олоҕум, дьиэм-уотум үрэллибит, көрөр-харайар киһи суох буолан. Онон, эйигин сөптөөх буолаарай диэн көрдөстөхпүнэ, киэр диэ суоҕа диэн, этэ-тыына олоробун. Хайа, мин даҕаны киһи...

Аллаах Алааппыйа. Хата, сөптөөх буолуо диэн ыйыта олорор эбиккин дии. Махталлаах суол...

Омуннаах Уйбаан. Э-э, оттон, кырдьыга даҕаны, эйигиттэн ордугу булаары, ыйыппат буолуом дуо? Чэ, хата, эн сөбүлэн, холбоһуох. Иккиэн даҕаны, манна диэн эттэххэ, хайа, кырдьан эрэр дьоммут. Аны олорон да диэн, үтүөнү булар биллибэт. Хайа, сөбүлэнэҕин дуо?

Аллаах Алааппыйа (өр соҕус саҥата суох олорор). Эчи, ким билэр, доҕор. Ити биир тойонноохпун дии, онтукам сөбүлүүр буоллаҕына, баҕар, баран да көрүөм этэ. Бу курдук олорон, кырдьык, эн этэргэр дылы, үтүөнү булар биллибэт.

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, бэт сөп! Көр, ити киһи тыла! Дьэ, ити аата, табылыннаҕым! Аны арыгы эрэ иһэрбит хааллаҕа.

Аллаах Алааппыйа. Бэйи, алыс эрдэ күөскүн өрүнүмэ. Мин ыйытыам диибин ээ.

Омуннаах Уйбаан. Э-э, биһиги Бүөтүрдүүн урут сүбэлэспиппит. Кини эйигиттэн ыйыт диэбитэ. Эн сөбүлээн, миэхэ хотун буолар буоллаххына, сөп буолуо диэбитэ. Хата, кэл, илии бэрсиэх, ол кэннэ уураһыах. (Кууһаары гынар).

Аллаах Алааппыйа (илиитин мүччү охсор). Э-э, бэйи, доҕор! Хайдах буолбут киһигиний? Мин тылбын биэрэ илик буолбаппын дуо?

Омуннаах Уйбаан. Э-э, барахсан! Чэ, кэбис, кыыһырыма. (Санныттан таптайар).

Алааппыйа тахсар. Аргыс киһи киирэр.

Тохсус көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, доҕор, дьыала мааны. Көр эрэ, быһыыта, табыллыыһыкпын. Дьахтар сөбүлүүр, хата, билигин арыгы иһэргин бүк санаа. Дьэ, хайтах курдук киһини кытта аргыстаһан иһэҕин? Көр, ити курдук буолар. Ону эн, эдэр киһи, хата, өйдүө, хойут туһа буолуо.

Аргыс киһи. Ок-сиэ, ол иһин, сүгүн буолуох урааҥхай буолуоҥ дуо?!

Омуннаах Уйбаан (түөһүн охсунар). Дьэ, мин киһи да киһи! (Күлэр).

Аргыс киһи. Э, дьэ кырдьык, «киһи да киһи» эбиккин. Хайа, ол гынан баран илии охсуһарбытыгар туохпутун иһэбит?

Омуннаах Уйбаан. Бабат! Бу үлүгэри көр эрэ, кырдьык даҕаны. (Тохтуур). Дьэ, кыһыы эбит, доҕоор! Арыгыбын аара сымыйанан иһэн кэбиспиппин. Баара буоллар, наада буолуо эбит. (Албын саҥатынан). Тукаам, Сүөдэр, үөлээннээҕим буоллаҕыҥ...

Аргыс киһи. Эмиэ бу сордоох тугу эрэ албыннаары гынна ээ.

Омуннаах Уйбаан. Э, бэйи, доҕор! Бастаан киһи этэрин өйдүөн иһит. (Албыннаан). Тукаам, эн мэйэҥ билэ¬ҕин мин хайтах курдук кыһаллыбыппын. Онон эн миэхэ харчытыгар дуу, хайтах дуу аҥаар арыгыта иэс кулу. Сааһым тухары, өлүөхпэр диэри, эн үтүөҕүн умнуом суоҕа. Өллөхпүнэ, таҥараҕа үҥүөм. Бокуонньук даҕаны дууһата эн иннигэр таҥараттан көрдөһүө. Онон эрэнэн, итэҕэйэн көрдөһөбүн.

Аргыс киһи. Биэрэрин биэриэм да, ол эрээри туохта эмэтэ солуок туттар. Солуога суох төрүт биир да таммаҕы биэриэм суоҕа.

Омуннаах Уйбаан. Ол тугу солуок тутаары гынаҕын?

Аргыс киһи. Оттон тугу биэрэҕин? Аккын аҕал.

Омуннаах Уйбаан. Э-э, кэбис, доҕор. Билигин аппын дьахтарым сулуутугар биэриэм буоллаҕа дии. Чэ, маҥаас тыһаҕаһы ылаар.

Аргыс киһи. Оччоҕо чиэппэр эрэ арыгыны биэриэм.

Омуннаах Уйбаан. Э-э, кэбис, тукаам! Инньэ диэн баара дуо? Барытын биэриэҥ буоллаҕа дии.

Аргыс киһи. Суох, барытын биэрбэппин. Мааҕын чиэппэр арыгыны иһэт диэбитэ дии. Онтон ордугу тоҕо биэрэҕин? (Тахсаары гынар).

Омуннаах Уйбаан. Чэ-чэ, кэбис, буоллун. Бэйи, тохтоо, бииргэ ба¬рыахпыт. Тыһаҕаскын таарыйа ылан бар¬баккын дуо?

Аргыс киһи. Чэ, сөп. Бэйи, мин тахсан арыгыбын булуум. (Тахсар).

Онус көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан (соҕотох). Көр эрэ, ити ытыҥ дьүһүнүн! Дьиккэр, өссө биэримээри гынар ээ!

Уон биирис көстүүтэ

[уларыт]

Күөс Бүөтүр, Марыына эмээхсин, Кэргэн дьахтар, Кыра уол киирэллэр. Омуннаах Уйбаан Күөс Бүөтүр кулгааҕар баран сибигинэйэр.

Күөс Бүөтүр. Сөп-сөп. Дьэ, бэт үчүгэй. Хата, мааныгын тэрий.

Омуннаах Уйбаан. Сибилигин бэлэм буолуо. (Аргыый аҕай). Хайа, Алааппыйа сөбүлүүр дуо?

Күөс Бүөтүр. Ээ, сөбүлүүрэ кэмнээх буолуо дуо.

Марыына. Эмиэ ол-бу буолан... Ама, буолуохта баатын, тоҕо баҕас эһиэнэ тиэтэлэй?

Күөс Бүөтүр. Эмээхсин, мээлэни күллүгүрээмэ. Эн баҕас тугу билэҥҥин!

Уон иккис көстүүтэ

[уларыт]

Алааппыйа, Аргыс киһи киирэллэр. Аргыс киһи, чиэппэрдээх билээгини киллэрэн, остуолга уурар.

Омуннаах Уйбаан (үөрбүт). Мэйиҥ, бу аһы иһиккэ кутуҥ.

Кэргэн дьахтар билээгилээх арыгыны хаҥас диэки илдьэр.

Күөс Бүөтүр. Бар, эмээхсин, хайахта киллэр. Хотуой, арыгыны аҕал.

Марыына хайах киллэрэр. Кэргэн дьахтар остуолга арыгыны тардар, бары тула олороллор.

Күөс Бүөтүр. Хайа, Алааппыйабыт? Кэл, тукаам, манна олор.

Алааппыйа кэлэн олорор.

(Арыгыны кутан баран). Дьэ, үөлээннээҕим Уйбаан Дайыылабыс, бу күтүөттээн, кийииппин Алааппыйа Уйбаанабыһы кэпсэтэн эрэҕин. Мин бырааппын Тараас бокуонньугу бэйэҥ үчүгэйдик билэҕин, кини хайтах курдук үтүө киһи этэй? Ол кини хотуна бу Алааппыйа биир оҕолоох, уонча сүөһүлээх, кыра таҥас-сап да баар: сааһын ортотугар тиийбит дьахтар. Бэйэтэ, аҥаардас буолан, үгүс эрэйи-буруйу көрбүт дьахтар. Хас да киһи көрдүү сылдьыбытын, барымна олорор этэ. Ол гынан баран, билигин эн көрдүөбүтүҥ кэннэ, дэлэҕэ киэр диэн сөбүлээбэт буолуо дуо? Кырдьыга да, эн буолан, биһиги сөбүлээн, оҕобутун биэрэн эрэбит. Онон эн кинини хаһан да илдьэргэр көҥүлүҥ: биһиги ол чааһыгар тугу да утары эппэт дьоммут. Ол гынан баран, сөбүлээн ыларыҥ быһыытынан, кинини сөптөөх доҕор курдук тутуох тустааххын. Атаҕастыыр, баттыыр буоллаххына, ол сөбө суох дьыала буолуо. Ону өйдүөх тустааххын. Чэ, үрүүмкэҕитин атастаһан баран иһиҥ. Ол кэнниттэн уураһан кэбиһиҥ.

Арыгыларын иһэн баран, Уйбааннаах Алааппыйа уураһаллар.

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, кынным кырдьаҕас, Бүөтүр... Бүөтүр... ким... ким... Саамай сөптөөх тылы эттиҥ. Мин даҕаны Алааппыйа барахсаны, соҕотох, тулаайах, аҥаардаһынан олорор диэн аһынан, кырдьыга, ылабын. Онон кинини ылан баран, атаҕастыыр күннээх буоллахпына — бу бары истиҥ, өйдүөҥ — эһиги миигин үчүгэйдик санаамаарыҥ. Тоҕойуом, Алааппыйаа! Мин тылбын өйдүөн иһиттиҥ дуо? Көр, киһи үтүөтэ, өйдөөҕө диэн итинник буолар. Ону эн хотон билбэтиҥ да буолуо. Мин диэтэх киһи биир кыыс дьахтары кырытыннарбат, аһаппат-таҥыннарбат буолуом дуо? Хайа, баҕардахха, харчы да баар, сүөһү да баар. (Арыгыларын иһэллэр).

Күөс Бүөтүр. Уйбаан Дайыылабыс, биһиэхэ туох сулууну биэрэҕин? Биһиги төрөппөтөхпүт иһин син дьоно буоллахпыт, онон ити туһунан эн тугу саныыгын? Омуннаах Уйбаан. Ээ, биэрэрим кэмнээх буолуо дуо! Ити миинэн иһэр аппын биэрэбин. Ону илдьэ хаалыҥ. Ити кэннэ билигин дьиэбэр тахсыһан, биир кур оҕустаахпын, ону ылан киир. Ол кэннэ кэнники сүбэлэһэн иһиэхпит буоллаҕа. Билигин төннөн киирэн, дьахтарбын бэргэһэлээн таһаарыам. Өр буоллаҕына, бостуой дьиэм айманан хаалыаҕа. Хайа, бу үөлээннээҕим Сүөдэр, тыһыыскай аҕа буолаайаҥый? Бииргэ сылдьыбытыҥ быһыытынан.

Аргыс киһи. Чэ, кэбис, доҕор, атын да киһитэ булан тыһыыскайдан. Ол мин, кыра киһи, кыайбат суолум.

Марыына. Оччоҕо, оҕонньор, билигин барсыыһыккын дии.

Күөс Бүөтүр. Ээ, барымына, киһи итиччэ ыҥыран эрдэҕинэ.

Аллаах Алааппыйа. Доҕоор, Уйбаан, ол эн эмээх¬синиҥ чахчы таҥаралаабыт үһү дуо? Хайа, алҕас...

Омуннаах Уйбаан. И-и, туох диэн эттэҥий?! Ол кини эрэйдээх атаҕа тоҥмута өр буолбут. Аны кэлэн, киһи буолар үһүө.

Марыына. Мээлэни саҥарба, тукаам. Ол хайтах киһи, эмээхсинэ өлө илигиттэн саҥа дьахтары кэпсэтэр үһү? Аата, ыйыттаҕыҥ тоҕо муодатай?

Алааппыйа туран, хаҥас диэки барар.

Омуннаах Уйбаан (холуочуйбут). Көр эрэ! Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах диэн ити аата буоллаҕа. Куоракка, хабаах ааныгар арыгы иһэ туран, эмээхсиним өлбүтүн истэн баран, сүрэҕим хайтах эрэ тэбэргэ дылы гыммыта. Ол бу маны таайбыт эбит. (Арыгылаах үрүүмкэтин илиитигэр ылар). Дьэ, уруй буоллун!

Быыс.

ИККИС ТӨГҮЛЭ

[уларыт]

Оонньуур дьоно:

1. Огдооччуйа — 50 саастаах, Омуннаах Уйбаан ойоҕо.
2. Хаҕынай Сэмэн — 30 саастаах, кини быраата.
3. Маарыйа — 18 саастаах, кини кыыһа.
4. Омуннаах Уйбаан.
5. Күөс Бүөтүр.
6. Аргыс киһи.

Оонньуур сирдэрэ:

Омуннаах Уйбаан дьиэтэ, чанчарык ыал тэриирэ. Уот иннигэр Огдооччуйа, сонун тобугар ууран баран, аргынньахтыы олорор. Илиитигэр тайахтаах. Хаҕынай Сэмэн атах ороҥҥо бурдук сиксийэ олорор. М а а р ы й а оһоххо өйөнөн турар.

Маҥнайгы көстүүтэ

[уларыт]

Огдооччуйа (сөтөллүүр, ынчыктыыр). Били симиэт уола, куоракка кии¬рэн, дьөлө түстэ ээ. Барбыта ый буолуох буолла. Ол тухары өлбүтэ да, тыыннааҕа да биллибэт. Арыгылаан быһа сытыйан сырыттаҕа дии. Туох кинини иһитиннэриэ, тохтотуо баарай?! Сордоох, кэргэним да ыалдьар диэн санаабат, тугу этиэм баарай! Бу сору-муҥу көрүөх кэриэтин, өлбүт да ордук буолсу. Хайа муҥун сырай-харах кэтэттэҕэй! Кини саҕа баар ини! (Ынчыктыыр).

Хаҕынай Сэмэн. Моҕотой уола Дьаакып кэпсээн эрэрэ: хаартылаан улаханнык сүүйэн баран, бэккэ арыгылаан эрэр диэн. Онон буоллаҕына, үбүрэн, аһыы-сии сырыттаҕа. Туома, бэйэтэ даҕаны күүлэйи таптыыр суола.

Огдооччуйа (үтүктэр). «Күүлэйи таптыыр суола» буола-буола! Хата, кини арыгылаан үөрдэрэ хаалбыт эбит дии! Тылым диэн саҥара олордоххун, өлүү киһитэ, өрө хаҕынайа сытыйаҥҥын. Бүгүн эмиэ от тиэйбэтиҥ, ынахтаргын тугунан аһатаҕын? Бэт киһи, эн эмиэ арыгылыы барыаҥ! Киһилээх аата, киһитэ суох курдук буоллахпыт.

Хаҕынай Сэмэн. Бэйи, эмээхсин, аргыый күргүй¬дээ! Мин эйиэхэ хам¬наччыт буолбатахпын. Киһи саҥатын үтүктүбүт буола-буолаҕын, төһө эрэ киһиттэн ордук киһи буолаҥҥын! Таҥара оҥорон кэбиспитин хайыахпыный? Хайа, эйигин да билиллэр. Алыс хотун курдук туттума, миэхэ киэбиримэ! Эн саҕаны көрүллүбүтэ. Биирдэ баран эттэххэ, кырдьыга даҕаны, мин суоҕум эбитэ буоллар, эһиги баҕас ыал аатыттан ааспыккыт өр буолуо этэ.

Огдооччуйа. Чэ, чэ, алыс хаҕынайыма. Кырдьыгы этитимээри гынаҕын дуу? Эн да үрүлүйбүтүҥ-харалыйбытыҥ сөбүгэр буолуо. (Сөтөллөр). Биһиги да эйигинэ суох син олоруохпут, алыс кыраларгын куттаама. (Ынчыктыыр).

Хаҕынай Сэмэн. Дьиэлээх хотун, эн куттаа инигин, сорох, олорор дьиэтэ суох буолан, ыал сырайын-хараҕын кэтэһэр. (Таһырдьа ыт улуйан үрэр). Бу кыайар ыта, эмиэ туох буолан эҥсэлийдэ? Бар, хотуой, тахсан көр эрэ.

М а а р ы й а, тахсан баран, сотору киирэр.

Маарыйа. Аҕабыт Уйбаан кэллэ. Биир хара элэмэс аттаах, сыарҕатыгар туоҕа да суох. (Хаҥас диэки барар).

Иккис көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан, ымайбытынан киирэн иһэн, эмээхсинэ уот иннигэр олорорун көрөн, эппэҥнии-эппэҥнии «бабат» дии-дии, кэннинэн тэйэр.

Омуннаах Уйбаан. Ок-сиэ! Бу алдьархайы көрүҥ эрэ!

Дьиэлээхтэр өрө көрө түһэллэр.

Огдооччуйа (ынчыктыыр). Туох алдьархайыгар түбэһэн кэллиҥ? Хара сордоох! Син ааныҥ боруогун атыллыыр күннээх эбиккин дии? Дьэ, хайа таҥара санаа биэрэн, дьиэҕин өҥөйдүҥ? Тоҕо кыыл, бырадьааҕа барымна кэллиҥ?! Муҥнаах оҕолор!

Омуннаах Уйбаан, кэтэҕин тарбана-тарбана, сыгынньахтаммакка, уҥа ороҥҥо олорор.

Омуннаах Уйбаан (көхсүн этитэ-этитэ). Эмээхсин... Сэмэн... Оттон өллө диэбэтэхтэрэ дуо?..

Хаҕынай Сэмэн. Тугу-тугу саҥараҕын, доҕор? Ол ким өлбүтүн ыйытаҕын?

Омуннаах Уйбаан. Э-э суох, мэйэм... мэйэм саҥарабын, алҕас. (Туран сыҥынньахтанар. Атын сиргэ). Бу кыайар кыыһа, кэм да тыыннаах эбит дии. Бэйи, сэрэн, Моҕотой уола...

Огдооччуйа. Бу кыайар уола, кырдьык даҕаны, иирэн кэлбит дуу, хайтах дуу? Тугу мээлэ баллыгырыыгын?

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, бу эмээхсин тыла уһуктаммыт даҕаны доҕор! Киһини тыыннарымаары гыннаҕыҥ дуу? Ити кэриэтин өлбүтүҥ да буоллар, син буолуо эбит, киһи хаанын хойуннара олоруохтааҕар.

Огдооччуйа. Мин өлөрбүн кэтиэн сылдьыбыт эбиккин дии? Эрэйдээх оҕолор! Үтүө аньылааҕыҥ буоллар, аһыныа, харыстыа этиҥ. Бэйи, итинник аньыыны саҥарбытыҥ иһин, кэнэҕэс тылгыттан ыйыахтара, хара ыты!

Омуннаах Уйбаан. Өлүмнэҕин, аны киһини кырыы олордуҥ дуо? Бар, хата, ороҥҥор сыт, манна уоту мэһэйдээмэ!

Хаҕынай Сэмэн таһырдьа тахсар.

Үһүс көстүүтэ

[уларыт]

Огдооччуйа. Бэйи, аргыый тойомсуй! Туохтаах буолан, бачча киэбирдиҥ? (Аргыый аҕай хаҥас диэки барар).

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, үлүгэр эбит оҕолор! Билигин кынным оҕонньор кэлиэ буоллаҕа. Хайтах-хайтах гынарбыный? Бу өлүү кыыһа, умса түһэн хаалымна, туора түстэҕин көрүҥ эрэ, үтүө дьон! О-о, дьэ, Омуннаах Уйбаан бүттэ... Букатын бүттэ... бырапаал... бырапаал!

Таһырдьа ыт үрэр.

Бу алдьархайы көрүҥ! (Ойон турар). О-о, дьэ өлүү! Кэллилэр, кэллилэр! Хайтах гыныах баҕайыный?

Эмээхсин сөтөллүүр. Ыт улаханнык баргыйан үрэр.

Тоҕо бар, кыайар кыыһа! Абырааҥ даа, абырааҥ! (Төбөтүн туттан баран, таһырдьа ыстанар).

Төрдүс көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан төттөрү сүүрэн киирэн, хаҥас диэки баран, сытар эмээхсини тардыалыыр.

Омуннаах Уйбаан. Эмээхсин, эмээхсин, мин... мин ойууну аҕаллым куораттан... тур... Бастаан кини киирэригэр эн көстүө суох тустааххын. Хотоҥҥор киирэн көр. Ол гэннэ кэнники, таҕыс диэтэҕинэ, тахсаар. Сүрдээх сүүнэ ойуун. Арҕаа улуустарга аатырбыт баҕайы. Ону, эмээхсиним эрэйдээх муҥнанан эрдэҕэ диэн, ыҥыран таһаардым, бэт улахан манньаны биэрэн, чэ, туран, киирэн көр. Кытаат. Өлөртөн быыһанар үчүгэй буолбат дуо? (Тардыалыыр).

Огдооччуйа (сытан эрэ). Бу кыайар уола, сордоон-муҥнаан эрдэҕин көрүҥ эрэ! Аны өлөр да киһини сүгүн өлөрүмээри гыннаҕа. Бар, киэр бар! Икки харахпар көстүмэ, хара буор!

Бэһис көстүүтэ

[уларыт]

Күөс Бүөтүр, Аргыс киһи, Хаҕынай Сэмэн киирэллэр.

Күөс Бүөтүр. Дорооболоруҥ, дьиэлээхтэр. (Таҥаһын ыйыыр).

Омуннаах Уйбаан (баһын саба туттан баран, уот иннигэр умса түһэн олорор). Хотуой, ыл чэйдэ өр.

Маарыйа чаанньыкка чэй өрөр.

Күөс Бүөтүр. Хайа, доҕор, бу ыарыттыҥ дуу, хайтах дуу? Тоҕо төбөҕүн хам тутуннуҥ?

Омуннаах Уйбаан (аат эрэ харата саҥарар). Ээ, баһым ыарыйда, сүрэҕим өлөхсүйэр. Эһиги тоҕо бытаардыгыт?

Күөс Бүөтүр. Э-э, сыарҕабыт быата быһа баран хаалан, ону оҥороору бытаардыбыт.

Хаҕынай Сэмэн. Уйбаан, бэйэҥ аккын ханна гынныҥ?

Омуннаах Уйбаан. Өрүскэ аһаттара бырахтым. (Кыыһырар). Дьэ, ол мин аппар тоҕо эн кыһанныҥ?

Күөс Бүөтүр (атын сиргэ). Тугу-тугу кэпсиир оҕолор?!

Аргыс киһи күлэр.

Хаҕынай Сэмэн. Тоҕо ыйыппат буолуомуй? Туох оннук кистэлэҥэ баарый? Оттон дьиэлээх сүөһүнү киһи, ханна барда диэн, ыйытыа суоҕа дуо, төһө да буолтун иһин?

Омуннаах Уйбаан. Түксү, баллыгыраама! Бар, тахсан таһаҕаһы киллэр, аттары сыҥынньахтаа. Дьэ, улахан да куолуһут буолкун, бу аҕыйах хонук иһигэр.

Хаҕынай Сэмэн. Ханна баар таһаҕаскын киллэртэ¬рэҕин? Сыарҕаҥ кураанахха дылы дии, киһи көрөрө туох да көстүбэт.

Омуннаах Уйбаан. Чэ, чэ, бар, таҕыс, хоноһо таҥа¬һын киллэр, үгүһү мээлэ балкыйыма.

Күөс Бүөтүр. Нохоо, дьиэ¬лээх тойонуҥ эппитин кэннэ, тоҕо өрөлөһө тураҕын — таҕыстаххына. Ол ат сыҥынньахтаныыта, биир хоноһо таҥаһа киирэрэ улахан үлэ үһүө?

Хаҕынай Сэмэн. Кырдьаҕас, мин эйиэхэ нохоо буолбатахпын. Киллэрэр да, таһаарар да буоллахпына, алыс эн да күргүйэ суох оҥоруом. Туораттан эйиэхэ алыс да наадалаах буолуо дии санаабаппын. (Тахсар).

Алтыс көстүүтэ

[уларыт]

Күөс Бүөтүр (күлэр). Дьэ, сүр¬дээх киһи доҕор, өрө хаҕынайан түһэн. Ити хайаларай?

Омуннаах Уйбаан. Ити миигин кытта төрүөбүт киһийдээн. Абааһы киһи. Кинини кытта арыый аҕай киһи аахсыбат киһитэ. Төрүүр төннөрүгэр айыллыбыт баҕайы. Тугу киниэхэ этиэм баарай?! Тукаам, Маарыйа, бу чэйгин тиэтэт.

Күөс Бүөтүр. Аны киһи эрэ төннөн төрүүр буолта. Ынах сааҕын балбаахтыы сылдьар ханнык эмэ абааһы уолаттар киһини төбөтүттэн төрдүгэр дылы түөрэ этэр, үөҕэр буоллахтара. Киһини, кырдьаҕас да диэн, мааны да диэн, харыстыыр аат суох. Оннооҕор до¬хуобунай аҕабыыты, тойоту аанньа ахты¬баттар. Ол эгэ биһигини улахан дьаалы диэх¬тэрэ дуо. Куруук сырайга-харахха анньа сылдьаллар.

Омуннаах Уйбаан (атын сиргэ). Бу оҕонньор ону-маны түөрэн эрдэҕин! Мин суолбар түбэһэн олороруҥ буоллар, итигирдик чаабыргыаҥ суоҕа этэ.

Таһыттан Хаҕынай Сэмэн бэрэмэдэйи киллэрэр.

Аты сыҥынньахтаатыҥ дуо, нохоо?

Сэттис көстүүтэ

[уларыт]

Хаҕынай Сэмэн. Сыҥынньахтаатым, тойонуом. Эн эппитиҥ гэннэ, истибэт баар буолуо дуо?!

Өр соҕус саҥата суох олороллор.

Омуннаах Уйбаан. Маарыйа, сылабаарыҥ оргуйда дуо?

Маарыйа. Оргуйда. (Атын сиргэ.) Ити ханна баар сылабаарын этэр буоллаҕай? Куораттан таһаарбыт буоллаҕа дуу? Аҕаа, сыарҕаҕа сылабаар баар дуо?

Хаҕынай Сэмэн. Хотуой, иирдиҥ дуу, туох сылабаарын этэҕин! Сылабаардаах этибит дуо?

Хаҥас диэки Огдооччуйа улаханнык сөтөллөн ынчыктыыр. Уйбаан көрө түһэр, ол гэннэ Күөс Бүөтүр сырайын одуулаһар.

Күөс Бүөтүр. Ити хайалара ынчыктыыр? Бу киһи эмээхсинэ дуу?

Омуннаах Уйбаан (аргыый аҕай).

Э-э, ити киһи киэнэ. Өлөөрү сытар.

Хаҕынай Сэмэн. Кимиэнэ даа?! Мин эмээхсиним өлбүтэ биэс төгүрүк сыл буолла. Ол тиллэн кэлэн, ынчыктаабыт үһүө?! Туох туох буолар киһиний?

Омуннаах Уйбаан. «Эйиэнэ» диэтим дуо? Балтым диибин дии, туоххунан истэҕин?

Аргыс киһи күлэр.

Күөс Бүөтүр. Тоҕо күллүҥ, доҕор? Киһи ыалдьара кытаанах буолбат дуо? Ону күлүөххэ сатаммат. Барахсаны аһыныахха наада. Өлөөрү сытар киһини күлэр таҥараҕа да аньыылаах, бар да дьоҥҥо сааттаах диэн, ити таҥара дьоно, аҕабыыттар, этэллэр.

Аргыс киһи. Ээ, суох, мин ыалдьа сытар киһини күлбэппин. Атын күлэргэ сөптөөх баарын билэн күлэбин.

Омуннаах Уйбаан. Дьэ, ол киһи күлэрэ туох баарый? Туохтан быаргын тарбаатыҥ? Аата, күлүөх сир баппатаҕа!

Аргыс киһи. Бэйи, доҕор, аргыый күргүйдээ. Соруйан мөҕөөрү, элэк гынаары аҕалтаабыккын ээ, бадаҕа. Мин быарбын тарбаабыт да буоллахпына, тарбыырга тарбаабытым буолуо. Ону, эн да буолларгын, алыс кыраларгын куттаама.

Омуннаах Уйбаан (кыыһырар). Дөксө үрэ олор эрэ! Эн куорат ыта буолбаккын дуо? Ол кэннэ туохха алыс киэбирдиҥ? Бар, таҕыс, икки харахпар көстүмэ, хара түөкүн!

Аргыс киһи. Бар дьон, истиҥ ити киһи тылын! (Турар). Миигин, туох буруйдаах киһини, үөҕэр? Хата, бэйэтэ балыыҥка буола сылдьыбыта: хабаах ааныттан арахсыбат этэ. Итигирдик күндүлэтэн, маанылатан, салҕаттаран баран, үөҕэр буоллаҕына, тугу аны мин харыстыамый?! Мин тыллыыбын, бу кылыным диэн ааттаан, аҕалбыт киһигэр. Кырдьаҕас, Бүөтүр! Бу хара түөкүн эйигин албыннаабыт...

Күөс Бүөтүр (улаханнык соһуйар). Хайтах, доҕор, ол?!

Аргыс киһи. Бэйи, өйдүөн иһит мин тылбын. Эмээх¬си¬ним өлбүт үһү диэн, эн кийииккин ойох кэпсэтэн кэллэ буолбат дуо? Бэйэҕин буоллаҕына бачча ыраах сиргэ үп, сүөһү биэриэм диэн ыҥыран аҕалла. Ол аҕалбыта, арай ити эмээхсинэ хаҥас диэки оронугар утуйа сытар.

Күөс Бүөтүр ол-бу диэки көрөр.

Билигин өлбөт эмээхсин, хата, бэйэтин иннигэр уктан баран өлүө. Көр, оннук ыт буолар бу, бу олоруохсут! (Ыйар). Онон махтанаҕын дуу, баһыыбалыыгын дуу — бэйэҥ билиэҥ буоллаҕа. Мин кырдьыгы эрэ этэ турар киһибин, улаханнык диэн саатан, кэлэйэн турабын.

Күөс Бүөтүр (турар). Тугу-тугу кэпсиигин, доҕоор? Ол аата хайтаҕый? Ити сөп быһыы дуу, Уйбаан? Бу киһи тугу этэр?

Омуннаах Уйбаан саҥарбат, умса түһэн олорор.

Эмээхсин саҥата этэр: «Бу кыайардар, тугу-тугу түөрэллэр оҕолоор?»

Хаҕынай Сэмэн (кыһыылаахтык). Ол иһин даа! Киһиттэн атын быһыыланан, кэбилэнэн кэлбитэ. Оо, дьэ, урааҥхай киһи, оҕолоор! Аны туохха-туохха тиэрдэр.

Күөс Бүөтүр. Доҕоор, бу хайтах буолан, саҥар¬баккын? Элэк гынаҕын дуу, аанньа ахтыбатыҥ итиччэ дуу? Тоҕо баҕас куһаҕанай, доҕоор, оҕо оонньообутугар дылы буолан! Бачча сааскар дылы өйдөнө илик буоллаҕыҥ. Эн хайтах диэн истибиккиний эмээхсиниҥ өлбүт сураҕын? Бука, элэк гынан эппиттэрин кырдьыктанаахтаабытыҥ буолуо эбээ. Ол Моҕотой уола Дьаакып бэт оонньуулаах-күлүүлээх киһи дииллэрэ. Кини элэк гынан эппитин кырдьыктана сылдьыбыт эбит буоллаҕыҥ. (Тохтуур). Эчи, биһиги буолуохта баатын, тоҕо баҕас кыһыытай, элэгэй. Били мин кийиитим сордоох, үчүгэй да аҕай дьоннор көрдүү сылдьыбыттарын, барымна олорбута — бу маннык саат¬таах күлүүлээх суолга түбэһэрэ тардан. Оҥоруу диэн улахан буолар эбит! Бар дьон күлүүтүгэр, саакка бардахпыт. Тугу этиэм баарай?!

Омуннаах Уйбаан (аат эрэ харата саҥарар). Кырдьаҕас, Бүөтүр... Бүөтүр... ким... ким... Эн мин кынным буолаҕын...

Күөс Бүөтүр (абарбыт киһи быһыытынан). Мин эйиэхэ кылын буолбатахпын! Аны арахсабыт. Сааппын арай суутунан иэстэһиэм буоллаҕа. Маннык буолан баран, аны харыс баар буолуо дуо?! (Таҥаһын ылар).

Омуннаах Уйбаан (турар). Кэбис, инньэ диэн баара дуо? Абыраа, өлө¬рүмэ, кырдьык, буруйдаахпын... Тиэтэйбиппин... Ону эн бырастыы гыныах тустааххын. (Атын сиргэ.) Били Моҕотой уола... Бэйи... бэйи, көрсүөм суоҕа эйигин, хара баранааҕы! (Сутуругун чочоҥнотор).

Күөс Бүөтүр. Күтүр өстөөх, итинник майгыгыттан сааппаккын даҕаны! Саатар, киһилии көрдөһөрүҥ баҕалаах. Арай үрдүк суут тэҥнээ ини... Дьэ, кэпсэтэрбит буолуо. Тэҥнээх оҕону булустаҕыҥ буолуо. Күлбүккүн ситиһэрим буолуо, богдо! (Тахсаары гынар).

Омуннаах Уйбаан (ойон турар). Бэйи, тохтоо. Ааттыыбын, аҕаккам оҕотоо! Өлөрүмэ-өһөрүмэ... (Ытамньыйар). Бэйи эрэ, мин кулгааххар этиим. (Чугаһаан, тугу эрэ этээри гынар).

Күөс Бүөтүр. Э-э, киэр бар, доҕор! Элэк гынарыҥ итэҕэс буолан, аны күлээри гынаҕын дуо?

Тахсаары гынар. Омуннаах Уйбаан кэнниттэн батыһар.

Бу, доҕоттоор, киһигитин тутуҥ! Маннык буолбут киһи киһини дэҥниэ. (Тахсар).

Кэнниттэн Омуннаах Уйбаан тахсар.

Ахсыс көстүүтэ

[уларыт]

Хаҕынай Сэмэн. Ити аата хайтах буоллахтара үһү, доҕоор?

Аргыс киһи. Истибэтиҥ дуо оттон? Быраатыҥ иирбит буолбат дуо? Киһи быһыылаах киһи итигирдик дьүһүлэниэ дуо? Миигиттэн чиэппэр арыгыны иэс ылан, ити кынныгар иһэрпитэ. Онтукабын баҕас кэнниттэн, бука, көрдөҕүм буолуо. Ити буолбут киһиттэн сытаан ылар үһүбүөн?!

Тохсус көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан киирэн, уот иннигэр умса түһэн олорор.

Аргыс киһи. Доҕор, аҕал тыһаҕаспын: дьиэбэр барабын.

Омуннаах Уйбаан. Ханнык тыһаҕаһы, доҕоор? Иирэҕин дуу, хайтах дуу?

Аргыс киһи. Ок-сиэ, таҥара иҥин-иҥини иһитиннэрэн! Арай иирбит киһи бу курдук буолуох тустаах, ама элиэр киһи итигирдик дьаабыланыа дуо?! Тыһаҕаһы биэрбэт буоллаххына, арай, тойотунан туттаран ылыллыа.

Омуннаах Уйбаан (абаран). Миигин эн, кырдьыга, алдьаттыҥ буолбат дуо? Итинтэн ордук хайаары гынаҕын? Аны сүөһүбүн былдьаан ыла¬рыҥ итэҕэс дуо? Ити эмээх¬синим баар, ону илдьэ бар. Сордоох оҕолор!

Аргыс киһи. Сордоох хата мэйэҥ! Эмээхсиҥҥин батара сатаахтыыгын да, хата, урут мэйэҥ батыаҥ ээ. Ол иһин дэлбэрийбитиҥ бэт этэ. Мин эйиэхэ оччоҕо да эппитим... Бэйи, тиэтэйбиккин билиэҥ! Сөптөөх атастары кытта булустаҕыҥ буолуо. (Тахсар).

Кини кэнниттэн Хаҕынай Сэмэн тахсар.

Онус көстүүтэ

[уларыт]

Омуннаах Уйбаан (соҕотох). О-о, дьэ, киһи аатыттан аастым оҕолоор! Аны миигин туох утары көрүөй? Ханна даҕаны ыт курдук көрүөхтэрэ буоллаҕа. Тоҕо ити, тиэтэйэммин, үлүгэргэ түбэстэмий? Хаарыан бэйэлээх саҥа ойохпуттан маттаҕым. Туохтан да куһаҕан быһыы баар эбит тиэтэйэр. Атын туох да суох, бу миигин алдьатта Моҕотой уола Дьаакып ыт. Хайаан эйигин ситиһиэм баарай?! Дьэ дуу, үөһүм быстыа да буоллар, ситиһэн арахсыам хара албыны!

Уон биирис көстүүтэ

[уларыт]

Огдооччуйа (оронугар туран олорор). Хайа, кынныгын кытта саҥа ойоххун сүгүннэрэ барымна, тоҕо олордуҥ? Күтүр өстөөх дьүһүлэнэн сырыттаҕын, оҕолор?! Хайаан уокка-ууга түһүмнэ сылдьар баҕайыный?

Омуннаах Уйбаан. Аны эн мөҕөрүҥ итэҕэс дуо? Сүгүн олор, киһини үрүмүнэ эрэ! Өлөн да хаалтыҥ буоллар, алыс аһыйарым биллибэт этэ. Эн өлүмнэҕин, маннык сааттаах суолга түбэһиннэрдиҥ буолбат дуо? Ол кэннэ дөксө мөҕөөрү гынаҕын, аһыныаххын, көмүскэһиэххин билимнэ.

Огдооччуйа. Ити хара ыт тылын истиҥ эрэ, бар дьон! Хайа киһилии киһи ити курдук тыллаһа олоруой? (Тайаҕын туппутунан турар). Киэр бар, икки харахпар көстүмэ! Саҥа ойоххор бар! (Омуннаах Уйбааҥҥа чугаһыыр).

Омуннаах Уйбаан. Аны сынньаары гынныҥ дуу? Бэйи, ол аайы көҥүл сыстарыам суоҕа.

Огдооччуйа. Дөксө да үрэ олороҕун дуо?! Киэр бар!

Тайаҕынан охсон истэҕинэ, Уйбаан туран, үтүлүгүн, бэргэһэтин үрдүгэр түһэр.

Омуннаах Уйбаан. Бар дьон, көрүҥ, абырааҥ! Бу абааһы кыыһа тыыннаахтыы сиэри гынна! (Аан диэки барар).

Огдооччуйа (тайаҕынан талбаатыы-талбаатыы батыһар). Киэр бар диибин!

Омуннаах Уйбаан (тахсаары туран). Бэйи, үүсээги, көрдүөбүккүн биэриэм! (Тахсар).

Быыс.