Иһинээҕитигэр көс

Тоҕо ааспат туоххаһыйыы... (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тоҕо ааспат туоххаһыйыы
Куппун эмэр саас ахсын?
Бу ууллубут хаар уутуттан
Көмүскэм күөлэ туоларыныы?

Хаар дуо бу: долохуна эминньэҕэ
Тобурах курдук тохтубута
Мин эдэркээн сирбин туналыта...
Буор кутум уһукта да илигинэ...

Түспэтийэ сатыыбын сааһы үүрэ,
Ол эрээри сүрэҕим элэйбэт:
Долохуна симэҕэр кистэнэ
Түҥ сааспыттан эргиллибэт...

Сирбин маҥхаппыт ол саас тунаҕа
Бөһүөнэх хаардыы ууллубат!
Тыллыыттан дыргыйбыт салгына
Дьайҕара сылларга сайҕаммат...

Уонна тоҕо да ааһыай туоххаһыйыы,
Хас сааһын сылларбын хаардыы?
Кур сүрэх эппэйбэт ыарыыта,
Тыыннааҕы таптаабат сылтаҕа...