Иһинээҕитигэр көс

Туоллума (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мас турдаҕына турар, киһи олордоҕуна олорор. Аадаҥ, өлөн-алдьанан, биллэ-көстө мөлтөөн испитэ. Урут оҕонньору кытары ким да утары көрөн мөккүспэтэх, биир маска үктэнэн тэҥнэспэтэх киһитэ. Ол аатыгар, киниэхэ дьэ сөптөөх доҕор түбэспитэ. Ыкса улууһа, ыал нэһилиэгэ Кыычыкын кулуба уола Лэгиэн кинээс диэн баара. Кини эмиэ сүрдээх төрүт-уус, баай уонна кыра соҕус үөрэхтээх киһи этэ. Аадаҥ уола Содуомнаах Кууһума өллөҕүн дьыл Лэгиэн кинээс куорат үрдүкү суутунан үҥсүү тэрийбитэ. Кини, үөрэхтээх үөрэхтээх курдук, хантан эрэ хасыһан, былыргы туос биэдэмэс саҕанааҕы дьыаланы булан ылбыта. Ол дьыала этиитинэн, Аадаҥ Арамаан аҥаарыттан ордугун өлбүгэ гынан олорор Туоллума диэн алааһа өрдөөҕүтэ Лэгиэн Кыычыкын төрүттэригэр кийиит буолан сүктэр кыыска энньэ барбыт сиринэн көстөн тахсыбыта.

Кыычыкын дьыаланы булаат, күлүгэр имнэммитэ. Бастаан соруйан албастанан, Аадаҥ оҕонньортон баран, Туоллуманы үҥсүүтэ-харсыыта суох, эйэ быһыытынан көрдүү сылдьыбыта. Анарааҥыта, истиэм диэбэтэҕин истэн, эһэлии баргыйан турбута. Оҕонньор төһө да өһүргэнэн үнтү түһэ оьюгтытын иһин, Лэгиэн хата холку этэ.

— Кырдьаҕас, бэйэҥ бэйэҕинэн, наһаалаама. Ити эйигин ытыктыырым бэрдиттэн, мин үчүгэйинэн этэбин ээ. Онно киириммэт буоллаххына, үрүҥ ыраахтааҕы үрдүк суута быһаарыаҕа.

— Лахсыйыма, дьабын! Үрүҥ, үр-үрүҥ ыраахтааҕылааххын баҕастааххын! Мин эйигиттэн итэҕэс үһүбүн дуо? Эн тиийэр сиргэр мин да тиийэр и-инибин! - оҕонньор уҥуох уҥуоҕа босхо барыар дылы ыггыллан, мэктиэтигэр, тардыас буолан хаалбыта. Лэгиэн, Аадаҥы кыйахалаан биэрэ-биэрэ, эппит тылын, үөхпүт үөҕүүтүн дьэбэлэйдээн испитэ.

Анарааҥыта онтон ордук алдьанан, тиһэҕэр тиийэн:

— Эн, эйигинньик кэ-кэрэдэх баайсар оҕоҥ ми-мин дуо? Ба-бар, киэр буол, сыакаар! - диэн, киһитин сынньаары сымарынан, холдьоҕон таһаарбыта. Дьэ итинтэн бэттэх икки баай икки ардыгар улахан өс-саас үөскээн, үҥсүү-харсыы буолбута. Сайын ахсын Дьокуускай куораттан сэмэлэдиэр, сэтээтэл аймах тиэс-тибитэ. Кинилэр бэйэлээхтэргэ икки өттүттэн бэрик-туһах бөҕө Суола уутунуу суккуллубута. Үҥсүү тоҕо эрэ тута-хаба быһаарыллыбатаҕа, уһаатар уһаан испитэ. Ким кыайара, ким кыайтарара биллибэт буолан барбыта. Оҕонньор ол иһин кэнникинэн эримсийэн:

— Кэлимсэ сиэнэ кэрэдэк киэбирбэтин! Кэпсэтэн иһэрбит буолуо. Иктэ барыта, үөрэхтээх буола-буола... Кинини мин убаһам да хаһаатын ыраастыыр хамначчыт уолбар тэҥниэхиин баҕарбаппын,— диэн тылламмыта. Ол сырыттаҕына, чуумпу ууну холорук ытыйарын курдук, айдаан эмискэ ааҥнаабыта.

Бастаан, «Одунча нэһилиэгэр куораттан нуучча тойотторо тахсыбыттар үһү» диэн сурах иһиллибитэ. Нөҥүө күнүгэр, «дьоҥҥун-сэргэҕин мунньан, кэлэ оҕус!» диэн Арамаан оҕонньору эбэҕэ ыҥырбыттара. Икки-үс хоноот, алта уонча ыҥыыр аттаах киһи Туоллума хоту сыырын үнтү үктэтэн киирбиттэрэ. Кинилэр ортолору-гар ыспараанньык, сэтээтэл, икки харабыл хаһаах, сэ-мэлэдиэр — барыта биэс нуучча тойоно баара. Итини сэргэ Лэгиэн Кыычыкын, хандьыдаат кулуба, улуус суруксута, Одунча кинээһэ Аргыһах Дьаакып, атын да кырдьаҕастар уонна биэс уончаҕа чугаһыыр, аата-суола суох, көннөрү дьон эмиэ кэлсибит этилэр.

Туоллума илин баһыгар Мохсоҕоллоох диэн сыгынньах сырайдаах буор хайа. Хайа тэллэҕин батыһа сүүнэ дириҥ көҥүс эҥсэлийэн түһэр. Көҥүс төрдүн Көспүт Бэлэһэ диэн ааттыыллар. Ыраахтан тоҕо ыстаммыт ыар ыалдьыттар Көспүт Бэлэһин хаҥас өттүнээҕи Сэлэ Та-маҕа диэн үчүгэйкээн тоҕойго тохтоон тоҕуоруйбуттар.

Сирилэс сиккиэрдээх арыы хатыҥ таһыгар тойоттор-го туус маҕан балаакка туруорбуттар. Саҥардыы ситэн эрэр ача күөх оту оҕустаран балаакка иһигэр уонна тулатыгар тэлгэппиттэр. Аргыһах кинээс, чаччыыналар, нэһилиэк дьонун бастаах өттө балааккаттан чугас көннөрү күлүк сиргэ түопүттэр, эмиэ күөх от олбохтоммуттар. Дьон атах-бытах өттө тэйиччи соҕус титирик ойуур саҕатыгар мустубуттар. Сорохторо ат сыгынньахтыыллар, сорохторо уот оттоллор, сорохторо биир оҕуһу тиэрэ көтөн, астыы-үөллүү сылдьаллар.

Одунчалар өссө бөҕөс киһилээхтэр быһыылаах: оҕус өлө сытар сиригэр, көннөрү дьону моонньоох баһынан куотар, сүүнэ баҕайы киһи көстөр.

Биһиги дьоммут — Аадаҥ оҕонньордоох Сэлэ Тамаҕын хотугулуу илин кырыытынааҕы Маҕан Тумулга кэлэн тохтоотулар. Нэһилиэк кинээһэ Лэкээрис Лэгиэнтэй, чаччыыналар, хас да оҕонньоттор Аадаҥҥа арыалдьыт буолан кэлсибиттэрэ. Ону таһынан бүтүн нэһилиэк кырата-харата бүтүннүү тоҕо ааҥнаабыта. Олохтоохтор «ыалдьыттардааҕар» ырааҕынан элбэх этилэр. Бэс ыйын эргэтинээҕи сайыҥҥы күрүлгэн куйаас күн. Сахсырҕа сааҕыныыр, күүгэс күүгүнүүр. Кэҕэ этэр, өтөн үөтэр. Маҕан Тумул үрдүттэн соҕуруу диэки көрдөххө, үтүө дойду урсуна, көнньүөс торҕону тиирэ тар-пыт курдук, күөх унаар буолан күдэриктэнэн түһэн бара турар... Арҕаа саҕах түгэҕин диэки күөл көхсө, кутуу көмүс дуйунан оонньоон, кылабаччыйа умайар. Эбэ толоонун киһи хараҕа ылар өттө бүтүннүүтэ — алтан отунан аспыт, дьэрэкээн сибэккинэн тэлгэммит. От-мас сиппит, тыа-хонуу уһуктубут, муҥутаабыт, айылҕа ба-рахсан кэрэ сыта сүрэҕи минньитэр, түөһү эппэтэр.

Аллараттан дэһээтинньик киһи тахсан Аадаҥҥа сү-гүрүйэн кэбистэ:

— Кырдьаҕас, тойотторго барар үһүгүн, — кини уҥа өттүгүн таһынан тиэрэ үктээн, имиллэҥнээн хаамар, обургу соҕус доҕолоҥ этэ. Илдьитин этээт, уҥа илиитин ыһыктан кэбиһэн баран, дайбаабакка эрэ, сир диэки сууралаан, төннөн өҕүллэҥнии турда.

Арамаан оҕонньор кинээһин, чаччыыналарын батыһыннаран, Сэлэ Тамаҕар тойотторго барда. Барбахтаан иһэн, сыыр чабырҕайыгар турар, хойуу наҥнархай лабаалаах соҕотох бэс анныгар тохтуу биэрдэ. Аргыстара эмиэ тохтоору гыммыттарын, сөбүлээбэтэх хараҕынан кынчыаттаан, көхсүн этитэн, түҥнэри хайыһан кэбистэ. Ол иһин дьоно аргыый аҕай ааһа турдулар. Оҕонньор, аҕылыы-аҕылыы, уолугун тимэхтэрин төлөрүтэлээтэ. Ол төлөрүтэн, ырбаахытын иһинэн сүрэхтии кэтэ сылдьар кыракый сарыы саппыйаны хостоото. Онтукатыттан хас да кыһыл көмүс импирийээл харчылары ылан, сороҕун сонун сиэбигэр угунна, сороҕун ытыһын иһигэр кистии тутта. Хара кыл дэйбииринэн, хаҥас илиитинэн сатаабакка, көлөттүгэстик туора-маары сапсына-сапсына, дьонун ситэр быһыынан, тиэтэйэ-саарайа, бөкөөлөөбүтүнэн барда.

Балаакка айаҕар хара хоруончаха кырааcкалаах, үс атахтаах төгүрүк остуолу хантан эрэ булан туруорбуттар. Ыспараанньык, сэтээтэл, хандьыдаат кулуба остуолу тула олорбуттар. Аадаҥ, ыраахтан ыгыллан, сирэйэ үллэ кытаран тиийэн, ортоку олорооччу ыспараанньык диэки көрө-көрө:

— Үтүө тойон... То-тойоттор, дорообо, до-дорооболоруҥ! — тоҥхолдьуйан кэбиһэн баран, көхсүн этитэ-этитэ, сутуруктуу туппут уҥа илиитин ханна да гыныан булбакка, «өнтөрүк баҕайытык өттүгэр аалбахтыы турда. Ыспараанньык, оҕонньор бобо туппут илиитин одуулаабытынан, тура эккирээтэ уонна:

— Здорова, здорава, кирджагас!— дии-дии, илиитин утары уунна.

Аадаҥ, кинини кытары дорооболоһоот, эмиэ көхсүн этиттэ, нлиитин сонун ойоҕос сиэбигэр уга охсон таһаарда уонна аны сэтээтэли кытта дорооболосто. Хандьыдаат кулуба ойон туран бэйэтинэн Аадаҥҥа илии-тин биэрдэ да, оҕонньор ытыһа бу сырыыга туга да суох буолла... Кулуба, «Чэ, баҕардар, буоллун даҕаны» диэ-биттии, дьиппиэр хаанын ылынан, сөҥөдүйэн туран, Лэ-гиэн Кыычыкыны, Аргыһах жинээһи ыҥырталаата.

Үҥсүүлээхтэр остуол икки өттүгэр, уҥа-хаҥас диэки, кэккэлэһэн быар куустан, аастыйбыт төбөлөрүн төҥ-көтөн, оноолоох соннорун дьогдьуурдара тэрэһэн, са-мыылара сайбаһан турдулар.

Кэлтэгэй бэскилээх, кырыылаах уҥуох муруннаах, кылардыҥы харахтаах, үрүҥ кубаҕай хааннаах улуус суруксута үрдүк суут ыйааҕын ааҕан добдутар. Ааҕыытын бүтэрээт, күөх солко былаатынан сүүһүн көлөһүнүн уһаты-туора соттумахтаат, нууччалыы сыыҥтаан тырылатар...

Бөтөрбүүр куорат үрдүк сололоох Сенат суутун уурааҕынан, Туоллума ходуһатын үс гыммыт иккитин кэриҥэ Одунча нэһилиэккэ быһа анньыллан барар буолбут. Ону истэн туран Лэгиэн Кыычыкын кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан:

— Уруй буоллун, доҕоттоор, уруй! — диэн, эҕэрдэстии-эҕэрдэстии, үҥсэн ылбыт саҥа эбэтин киэҥ эйгэтин диэки олохтоохтору үрдүлэринэн одуулаан олоодуйан турда. Баһын үөһэ кынтаччы быраҕан, сырайа-хараҕа сырдаан, хаана-сиинэ кэйэн, кини, мэктиэтигэр, биир харыс үрдээбиккэ дылы буолбута.

Аадаҥ оҕонньор, кураанахтыйа хобдоҕурбут күһүҥҥү толоон үрдүнэн соҥуоран турар толору ый курдук, сырайа дьэс кыыһан хаалбыта. Лэгиэн Кыычыкыҥҥа, муҥ саатар, биир эмэ тылы булан кыайан хоруйдаа-батаҕа...

Сэмэлэдиэр ыйыытынан, сир быыһын киирэн аспытынан бараллар. Түөттүүр ыам чугаһыыта бадахтаах, быыс анньааччылар сүүс алта уон тоҕус дэһээтинэ сири мээрэйдээн бүтэрэллэр. Бүтүүлэригэр, саамай тиһэх быыс остуолбаны Маҕан Тумул үрдүгэр анньыахтаахтар. Икки нэһилиэк дьоно бука бары онно мустар.

Одунчалар обургулар тумул үрдүнээҕи ырааһыйа саҕатыгар соҕотоҕун ойдом үүнэн турар бэртээхэй уолах тиити кэрдэн кэйгэллээн түһэрэллэр. Икки саһаан уһуннаах гына, төрдүттэн дүлуҥ быһа охсоннор, үс кырыы-лыы суоран күөдүллүүллэр. Били, киһини моонньоох ба-һынан куотар, уһун киһилэрэ, «Аадаҥ дьоно көрөн астыннынар» диэбиттии, соруйан тэбиэһирэ соҕус, дүлүҥү тэп курдук көтөҕөн ылан, санныгар сүгэн хойуоһунна-ран илдьэн балтараа арсыын дириҥ гына хаһыллыбыт ииҥҥэ туруору түһэрэр уонна, ньылаччы охсуллубут сирэй өттүн күөл диэки туһулаан эргитэ тутан кэбиһэн баран, илиитин уһугунан өйөөн туран: «Чэ, симэн кэбиһиҥ!» — диир. Ити Күүстээх Күөнчэ диэн сураҕырбыт аҕай киһи. Икки-үс хоруурдаах, симээйи мастаах уолаттар өтөҥкөлөһөн кэлэн, баҕана төрдүн симэн тибийэн-табыйан кэбиһэллэр.

Туоллуманы быысаһан үллэстии итинэн бүтэр. Кыайыы өрөгөйүн күлүмэ миэхэ оонньоото, кыайтарыы кырыыһын күлүгэ миэхэ сөрүөһүннэ диэбиттии, улуу дойду Маҕан Тумулун үрдүк мөҥүөнүн үрдүгэр балтараа саһааннаах киил тиит остуолба сото кэбиһэн суодастар. Кини, өтөр-наар өһүллүбэт өс-саас бэлиэтэ буолан, олохтоохтор харахтарын, сүрэххэ батары саайыллыбыт хааннаах тайыы курдук, тиргиллэ аалбытынан барар.

Кыайыахсыттар ону букатын да өйдөөбөттөр. Булчут кыыл өлөрдөҕүнэ, манан баҕар атын кыылдьыт байанайын сарбыйдаҕым буолуо дии санаабат. Оонньооччу хаартынан сүүйэн дьону алдьаттаҕына, куһаҕаны оҥорбукка холоммот. Үҥсүүҥ, дьыалаҥ даҕаны син эмиэ байанай биэриитин, хаарты тахсыытын кэриэтэ. Бүтүн нэһилиэк урдунэн улахан абалаах-аһыылаах суолу оҥор-доҕум диэбэккэ, Лэгиэн Кыычыкын ыспараанньыгы, сэтээтэли кытары тэҥҥэ сэргэстэһэн туран, нууччалыы кэпсэтэн тугу эрэ саҥара-саҥара, күлүм аллайбахтыыр...

Аадаҥ, соргута самнан, дьон сирэйин таба көрбөт буолан, туох да саҥата-иҥэтэ суох, атын диэки барда. Лэкээрис кинээс, сорох атын кырдьаҕастар оҕонньордорун батыһан сукуҥнастылар. Сотору силигирии тыалыра турар тэтиҥ, хатыҥ мастардаах, сэндэлэс тыа быыһынан оноолоох хаарыс соннор уонна былыргы үрүҥ суппууннар көҕүстэрэ аҕыйахтык лөппөрүс-лөппөрүс гыммахтаан хааллылар.

Лэгиэн бэйэтин кинээһигэр тугу эрэ сибигинэйдэ. Онуоха Аргыһах аргыый аҕай айбардаан кэлэн:

— Бээрэ, тохтооҥ, чуумпуруҥ эрэ, доҕоттоор! Тойоҥҥут, тойоттор, — нуучча тойотторун диэки көрүтэлээн ылар, — «мустубут дьон оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн көрдөрдүннэр» — дииллэр. Билигин ас-үөл, малааһын буолар. Онуоха диэри, көрдө-нарда тэрийэ туруҥ! Хайа бу олохтоохтор, эһиги, кылыйар, ыстаҥалыыр, тустар дьонноох буолаайаҕыт? Чэ, туруоххут дуо, аанна аһыҥ, көх-нэм буолуҥ!

Олохтоохтортон аан аһааччы көстүбэтэ: бары эбэлэрин аһыйан, хомойон-курутуйан, сүөм түспүттэр. Хата, киксэрээччи, тэптэрээччи баара эбитэ буоллар, этиһэн, охсуһан айдааны тардыахтарын, хаппыт саҕаһаҕа уот кыыма ыстаммакка хаалар.

Ол эрээри мөһөөх иһигэр бүргэс хаайтарбатаҕа. Бөлүөхсэн турар дьон кэтэҕэр: «Бээрэ, нохолоор, миэхэ суолла аҕалыҥ!» — диэн сөҥ саҥа иһилиннэ. Дьон, өс киирбэх, икки аҥыы силэллэн биэрдилэр. Тоҕус уонун тоҥхоччу туолбут, токур мас торуоскалаах оҕонньор киһи дьон быыһыттан тахсан тиийэн кэллэ. Түүҥҥү оһох кыһатыгар өһөн эрэр чох курдук, уоттаах харахта-рынан Лэгиэн Кыычыкыны, Одунча кинээһин, нуучча тойотторун, толлубакка-куттаммакка, тобулута көрүтэ-лээтэ. Чомпой бэргэһэтин быатын сүөрэ тардан кэбистэ. — Килбиэннээх кинээстэр, толбонноох тойоттор, оонньуугут-көргүт иннинэ, икки-үс тылы этиэм этэ. Ол сатанар дуо?! Хаар бөҕө баттаан, түөрт үүдэһин өһүл-лүбүт киһитэбин. Эһигини кытта малааһын аһын аса-һан-сиэһэн, чалбыыр, чаллайар кыах суох.

— Эт, эт! Этитиҥ, этитиҥ, истиэххэ!— онтон-ман-тан хаһыылар дуорайдылар.

Оҕонньор тобугун үрдүгэр доҕуйбахтаан, такымын үрдүгэр накыйбахтаан, турар сиригэр тула эргичиҥнээмэхтээтэ. Онтон тайаҕын илиитин ис-тас өттүгэр садьыйталаан, түргэн-түргэнник хардыылаан, сибилигин аҕай туруорбут быыс остуолбаларыгар тиийдэ. Мохсоҕоллоох хайа диэки эргийэн, тус илин сырайданна. Чомпойун туура баттаан, хаар маҕан баттахтаах төбөтүн төҥкөтөн, үстэ сүгүрүс гынна:

— Үрүҥ күнүм, миигиттэн кэлэйэн киэр хайыста диэмэ! Кырдьык сабылынна, кыһыы буолла! — Ойон турда. Сабыс саҥа хаһыллыбыт, ньиҥсик сыттаах, сииктээх буору эмиэ үс төгүл толору ытыһан ылан чомпойугар кутан баран, бэргэһэтин моонньохтонон кэбистэ. Томтойо мөлбөйөн, долгунунан кытыаста сытар Туоллума күөл диэки хайыһан тобуктуу түстэ, — үс туора мөгүөн чуоҕур тумуллаах, улуу Туоллума эбэ хотун иччитэ, харахтаах буоллаххына — көр, кулгаахтаах буоллах-хына — иһит!!! Үтүө аата үс сибиири бүрүүкээбит үрдүк Кыычыкын кулуба үөрэхтээх уола обургуну үөһэттэн түһэн өҥөйбүттэр, аллараттан быган арыйбыттар. Олохтоох дойдутун уот кураан салаабыт, муус тоҥот чоҥкуппут. Баай хара тыатын мастара бастарыттан таҥнары хаппыттар. Улуу куөллэрэ ортолорунан тобулута ыстанан, омурт да уу оппокко, оҥойо уолбуттар. Оттуур сирдэрин ходуһа хонуулара үрүҥ күдэрик туманнаах, өһөх хара буорунан көрбүттэр. Ол иһин, кини бэйэлээх, аны бу эн барахсан дьоллоох туҥуй ньаассын кырыскын алдьаттарда, дьоһуннаах толуу үөл маскын үөрэҕэстэт-тэ. Эһэ-эбэ саҕаттан иринньэх бэйэлэрин илгэ быйаҥынан иитиэхтээн, киһи-хара оҥорбут күрүөх билэ дьоҥҥун, күлэ-күлэ күллэрин булкуйаары, оонньуу-оонньуу уоттарын умуруораары гынна. Ордуктук туттан, уһаты уунан, чиэскитик сананан, нэҥиэ дьиэлийэн эрэр!

Соҕотох атахтаах суодал бараан остуол туруортарбыт үһү! Суор тумса тумустаах судьу баҕах сэргэ астарбыт үһү! Тоҕус сул туос тордуйаҕа суунаҕалаах субай хаан утах куттарбыт үһү! Аал уот иитэн, алгыс тыл амалыйан, аат ааттаан айах тутар күннэригэр, үс үрүҥ көмүс сүлдьүгэскин төлөрүтэн, бэттэх көрөн, мичик аллайар буолаайаҕын! Өс кырыыс! Танылҕан кырыыс! Хара кырыыс! — Дьаҥсал Дьаакып кэнники тылларын, ыстанан туран — одунчалар диэки уун-утары хайыһан, үстэ төхтөрүйэн үгүрүөлээн, ис-иһиттэн иччилээхтик-сэтэлээхтик эттэ.

Истэн турбут дьон эттэрэ саласта, куйахалара күүрдэ. Ыалдьыттар кулсүүлэрэ-салсыылара, айдааннара-күүгээннэрэ ах баран, салларга, самнарга дылы гыннылар. Олохтоохтор, «көр биһиги даҕаны туруулаһан, утары көрөр, иэс төлөһөр киһилээх эбиппит» диэбиттии, чэпчээн үөһэ тыыннылар, сырайдара-харахтара сырдыы түстэ. Муҥур Уола Борукуоппай тойонун ааҕы кытары тоҕо эрэ барсыбатах этэ. Кини киһи, түргэн тыллаах муҥутаан:

— Одунчалар обургулар, силиккит дьэ ситтэ. Чэ, кытаатыҥ, көрүлээн-нарылаан биэриҥ! — диэн кыйахалаһа турда.

— Киэбиримэ, доҕор! Эн баҕас, эмиэ тугуҥ киэбириитэй! Куллургуу турбуккун, хата чабырҕайгын аллартараайаҥый. — Өтөгөр Сүөдэр диэн Одунча киһитэ Борукуоппай үрдүгэр түстэ.

— Сырайгын эн ханна гыныаҥҥый? Өтөйө сытыйаҥҥын, тоҕо түөкүн сүөһү курдук туораттан күрүөһүлээн киирэҕин? — Муҥур Уола хардары хадьыаскаланна.

— Өтөгөр сырайын сураһаҕын дуу, оҕонньоор? Ханна гынаахтыа диэтэххиний, бэркэ буоллаҕына, сыалдьатыгар уктар ини.

— Һык! Сыалдьатыгар буолаахтаан. Бөрүкү ыраатыннарыа да суох буолбат дуо?

— Хайдах сатаан уктарый, ол? Умса төҥкөйөн дуу, кэдэрги чинэрийэн дуу?

— Хайа, киһигит киэнэ иэччэхтээх буолуоҕа.

— Ээ, арба кырдьык, иэччэхтээх буолуо! Били Сокуолаах уустарыгар бары иэччэх оҥотторон эрэр сурахтаахтара.

— Һо-уок! Ол Соҕуолаах тойон да оҥорбут иэччэҕэ диэн — киһи билэр мала ини.

Сутуругунан тыыламмыт Өтөгөр Сүөдэри хамньаҕалар тула өттүттэн түһэн, саҥарыахтааҕар саҥарбатах оҥордулар. Таарыйа, туох да кыттыга суох Соҕуолаах ууһу кытта хооруйдулар. Оонньуу-көр сатаан тахсыбата. Олохтоохтор үгүстэрэ, санааларын сиипит дьон быһыытынан, дьиэлии турдулар. Балай эмэ киһи хаалан, аллара сыһыыга киирдилэр. Онно, тыа саҕатыгар хас да сиргэ кутаалар оттуллубуттар, алтан олгуйдарга эт буһарыллыбыт. Сотору, суол-суол, наар-наар олорунан, аһаан-сиэн бараллар. Дьаҥсал Дьаакып кырыыһыттан дуу, бэйэлэрэ соруйан дуу, уокка ас биэрбэтилэр, алгыс эппэтилэр. Биэс-алта билээги арыгыны астылар, сүүрбэ буут төгүрүктээх кур оҕус этин оыһа сылдьан сиэтилэр. Улахан тойотторго анаан, үтэһэлэргэ эт үөлбүттэр, чо-рооннорго арыылаах кымыс тарпыттар.

Холуочуйуу, чаллайыы буолар. Аргыһах кинээс сорудаҕынан, биир эдэр соҕус киһини ыллатан көрөллөр да, күттүөннээх ырыа кыайан тахсыбат. Бастыҥ остуоллаахтар — ырыа туһаайыллыбыт дьоно — сэҥээрэн истибэттэр даҕаны. Хата ол оннугар, Лэгиэн Кыычы-кын наар ыопараанньыгы, сэтээтэли арбаан-хайҕаан уонна бэйэтин туһунан кэпсэнэн чаҕаарыйар. Аргыһах нууччалыы билбэт буолан, бэйэтэ туспа сэһэн-тэптэн тэрийиэҕин баҕарар.

— Борукуоппай, ыл, кырдьык да, туохта эмэтэ сэһэргээ, айах аһыллыытын саҕалаа. Кырдьаҕаас, миҥ эйиигиттэн үөрэн олоробун: дириҥ өйдөөх, үтүө суобастаах эбиккин. Атыттар курдук, баран хаалбакка, бу кэлэн асаһа-сиэһэ олороруҥ махталлаах суол, үчүгэй быһыы. «Аска өс суох» — диэн саха өһүн хоһооно буолбат дуо? Эһээ-ээ, туох диигин? Мин сөпкө этэбин буолбат дуо? — кинээс хайыы-үйэ итирэн, хараҕын миин курдук көрбүт, хоолдьуктаах төбөтө айдам босхо барбыт.

— Кырдьык!

— Сөөп! Бэрт сөпкө этэҕин!

— Үтүө тыл!

Хас даҕаны муннулара сыыгыныыр буола хотторбут оҕонньоттор онтон-мантан хаһыытастылар.

— Аска өс кэлиэ дуо? Хардарыта асаһар-сиэһэр куолу буоллаҕа дии. Былыргыта, биһиги икки нэһилиэк өссө уруулуу-тарыылыы дьоннор этибит буоллаҕа дии. — Борукуоппай, атаҕын халаачыктыы ууран олорон, табааҕын буруотун ыйыстан, дириҥ үлүгэрдик «лык» гына бөтөн ылла.

— Чахчыта оннук этэ буоллаҕа дии!

— Оннук-оннук!

— Ол хайдаҕынан, оҕонньоор?

— Хайдаҕынан даа? Оттон бу эһиги, одунчалар, төрүккүт — Алтан Харах икки, биһиги хамньаҕалар, төрөппүт — Болтоһу икки кылынныы күтүөттүү буоллахтара дии, — оҕонньор саҥардаҕын аайы айаҕыттан табааҕын буруота бургучуйа олордо. Алтан Харах саамай мааны кыыһын, Сааскы Саһарҕа диэн ааттаах үчүгэй дьахтары, Болтоһу ойох ылар. Бу дьахтар сүктэн кэлии-тигэр улуу уруу тэриллэр. Оҕонньор бэйэтинэн түҥүр буолан, балтараа сүүс ыҥыыр аттаах киһини батыһын-наран киирэр. Болтоһу олоҕо бу эбэ илин баһыгар эбитэ үһү. Өтөҕүн онно, сэргэлэрэ билигин да бааллар. Дьэ 6у урууга, былыргы сиэринэн аат былдьаһан, ат сүүрдэллэр. Оол Атыыр Кэрэхтэн сэргэ төрдүгэр дылы түһэрии буолбут,— кэпсээнньит илиитин өрө уунан, хоту-гулуу-арҕаа үллэн олорор, улахан туора тумуһаҕы ыйан көрдөрдө. — Эһиги аккыт бастакы, биһиги аппыт кэнни-ки буолан, иккиэн сүүрэр сирдэрин диэки кэннилэринэн түҥнэри хайыһан турбуттар. Эһиэнэ Дьэргэлгэн Күлүк диэн күүгүнүүр күөх элэмэс сылгы. биһиэнэ Көмүс Кутурук диэн, бэйэтэ көмөрү хайа туппут курдук ыас хара эрээри, үрүҥ көмүс өҥүнүү толбоннонон көстөр туус маҕан сиэллээх, кутуруктаах ат эбитэ үһү. Биһиги сүүрдээччибит Дьэргэлгэн Күлүк кутуругуттан үс кылы сыыйан ылаат, атын эргитэ тардан, түһэрбитинэн ба-рыахтаах. Эһиги киһигит сонно тута эккирэтиннэрэн, биэтэккэ тиийиэххэ диэри ситэ баттаан ылан, Көмүс Кутуругу кымньыытынан үстэ таба охсуохтаах. Инньэ гымматаҕына биһиги аппыт кыайбытынан ааҕыллар. Дьэ ситигирдик силигинэн, түһэрии буолар. Көмүс Кутурук миинээччитэ, оол турар Мүөчүкү Буомун мүччү түһүүгэ кэлэн, нэһиилэ өйүн-төйүн булунан, кэннин хайыһан көрөр. Онно Дьэргэлгэн Күлүк үчүгэй үс үөстээх көнтөс устата холобурдааҕынан хаалан иһэрэ үһү.

— Оксиэ! Дьэ бу да сылгы бөҕө эбит!

— Оо, барахсан, дьэ кырдьык да, үчүгэй ат эбит! — сөҕүү-махтайыы, сэҥээрии буолар. Ыраах баар дьон чугаһыы сатыыллар. Сорохтор, эттэрин айахтарыгар тиэрдиэхчэ буолан иһэн, ситэ укпакка, тохтоон хаалаллар.

Борукуоппай кэпсээнин салгыы сыыйар:

— Биһиги сүүрдээччибит, өлүү буолаары гыммыт диэн ыксаан, Көмүс Кутуругу икки ылгын таас ойоҕоһун быһа кыбыйар. Онуоха ат-сылгы барахсан, хатыс быаны ууннары тарпыт курдук, соҕотохто чырбас гына түһэр. Күөннээх өрөҕөтө сиргэ тиийтэлии сыһар. Ал-дьанаары турар сааскы суол чигдитин тоҥ буоруттан логлорута тэбиэлээн таһаартыыр. Ол айылаах сүүрүүлээх сылгыга сиринэн барар түөрт атахтаах тулуһуо баара дуо — Көмүс Кутурук Дьэргэлгэн Күлүгү туйаҕын тыаһа эрэ нэһиилэ иһиллэр сиринэн быраҕар. Алтан Харах онтон кыһыйан-абаран, Болтоһуну иин курдук иҥнэрэн баатта үһү. Били балтараа сүүс аттаах киһитин тоҕус хоннорор. Бу тоҕус хонук устатыгар иккилии илииттэн итэҕэһэ суох хаһалаах, тастаах сүүс байтаһын биэни кэйгэллэтэр. Хара күүһүнэн сыҥалаан туран, дьанугар буспут сылгы сыатын сиэтэр, ууллубут дьэҥкир арыыны иһэрдэр. Ол кэннэ, күрдьүк хаарын дьөлө хастара-хастара, били дьоно аһаабыт астарын онно таһааран, күҥҥэ үстэ, таҥнары сүөкэтэр. Аттанар күннэригэр: «Ас хаалыа суоҕа, дьиэҕитигэр илдьэ барыҥ» — диэн, били астара тоҥон хаалтын, хоҥнортороҥ илтэрбитэ үһү.

— Холоон да аһылыктаах дьон эрээри олус тутталлар эбит дии...— хамньаҕалартан хайалара эрэ тыл быраҕар.

— Сымыйа, суоч-чымыйа! Итинник кэпсээн ханна да суох!

— Муҥур Уола соруйан үөҕэ олорор буолбат дуо?!

— Кулгуйа олорбутун, хара ыты дэлби тэпсэн биэриминэ!

Истээччилэр дьэ өйдөөн, хаһыы-ыһыы, мөрөйдөһүү буола түһэр. Кинээс бэйэтинэн кэлэн кэпсээнньити үүрэн туруорар. Икки өттүттэн этиһии, айдаан, үмүөрүһүү буолар.

Ол мучумаан ортотугар, арыы хатыҥ кэнниттэн, эмискэ, Силтэһин тахсан кэлэр. Кини малааһын аһыттан аһаопатаҕа, асаһар санаата да суоҕа. Собус-соруйан, төбүрүөннээн турар дьону төбөлөрүн сиигинэн хайа хаамта. Туораабатах дьону үтүрүйэн, икки аҥыы силэйэн истэ. Ол курдук тоҕо дьулуруйан, кур оҕуһу астаабыт сирдэрии дьиэки ааһа бара турда. Туохтан эрэ соһуйбут үөр сүөһү курдук дьиэгэниһэн, үгүс дьон кинини батыста.

Оҕус өлөрбүт сир диэкиттэн, үс-түөрт мүһэ-хары уҥуоҕа тутуурдаах, Күүстээх Күөнчэ хончойон иһэр эбит. Кини тута сылдьар уҥуохтарын эт илиитинэн тоһута охсуох буолан, мөккүһэн турардаах этэ.

Силтэһин Күөнчэттэн туораан, оҕус иһин ырыппыт сирдэрин диэки тумна хаамта.

— Оо, дьулайда, дьулайар эбит!— одунчалар сиби-гинэстилэр.

Саҥа хоту, Силтэһин кэннин хайыһан көрдө уонна, арбахтаах үөт күлүгэр ууруллан турар, сүүнэ чаан олгуйу толору кутуллубут хааны сулбу тардан ылан баран, ыйытта:

— Бу кимиэнэй?

— Биһиэнэ! — дьабадьылара, икки илиитэ хаан буолбут, быыһас ырыта олорор дьахтар хардарда.

— Солууру ыйытабын.

— Билбэтим, ыалтан ыллылар ини...

— Сатаммат,— киһи солуурдаах хааны туппутунан кутаа диэки хаамта.

— Хааны аҕал, ханна иттиҥ! Хоруй иһиллибэтэ.

— Хааны аҕал диибин, ханна мэнээк илдьэҕин?! — дьахтар эбии аймана түстэ.

Ити иккэрдигэр дьахтар хаһыытын Күөнчэлээх иһиттилэр.

— Аҥыр уола Силтэһин хааны талаабыт. Бар, туруоҥ дуо, былдьаан ыл! — Күөнчэни киксэрэн биэрди-лэр. Иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, киһи Силтэһини батыспытынан барда. Киэҥ-киэҥник хардыылаан, на-чаас ситэн ылла.

— Ээй, истэҕин дуо, хааны ханна иттиҥ диибин ээ, мин эйиэхэ?! — Күөнчэ хотуулаахтык күргүйдээтэ.

Силтэһин аргыый аҕай эргилиннэ. Тохтоото. Саҥа суох.

— Таас дьүлэйгин дуу, тугуй? Хааны аҕал диибин ээ!

— Биэрбэппин.

— Тоҕо биэрбэккин? Күүскүнэн былдьаан бараары гынаҕын дуо?

— Биһиги солуурбут.

— Буоллун. Улахан эбит! Эн солуургунан киһи тут-тубат иһитэ дуо?

— Туттубат. — Силип уот диэки дьулуруйда.

— Хааны аҕал, аҕал диибин!— Күөнчэ батыста.

— Биэрбэппин диибин!— Силип тохтообото.

— Син биир ылыам, бостуой эрэйдэнимэ даҕаны!

— Хайдах ыларгын көрүөхпүт.

— «Көрүөхпүт» буоллаҕына — көрдөхпүт.— Күөнчэ солуур кылдьыытыгар түстэ.

Силтэһин солууру куоттара тутан биэрэн баран, киһи илиитин киэр хаһыйан кэбистэ. Дьон, ону көрөн туран, саҥа аллайа, күлсэ түстүлэр. Күөнчэ солуурга хаста да түһүнэн көрбүтүн — Силтэһин чугаһаппата. Хааны дьалкыппакка да илдьэн, уокка саба кутан кэбистэ. Онтон эргиллэ хайыһан эрдэҕинэ, Күөнчэ, өрө көтө түһэн баран, киһини үөһэттэн таҥнары табыйан кууһуннарда. Биирдэрэ, киһитин сутуругун илиитигэр түһэрэн ылаары, уҥатынан солууру тута сылдьар буолан, хаҥас баппаҕайын тоһуйа уунна. Онтуката, арыый сыыһа туһулаан, эрбэҕэ Күөнчэ бэлэнньигэр кэтиллэ биэрэн — даба ырбаахы, халтаҥ хомуһуол сон сиэхтэриҥ сиритэ көтөн таҕыста. Сутурук тыаһа киһи уу дьулайыгар өрө хабылла түстэ. Силтэһин, солууру сиргэ уурбакка, хаҥас илиитигэр уларытан баран, уҥатын ыт баһын саҕа сутурук оҥордо уонна, аһарарга бэлэмнэнэн дуу, тэскилиир сиэринэн дуу кэннинэн тэйэн иһэр Күөнчэни батыһа хаама-хаама:

— Тохтоо, тохтоо, торбос, тоҕо куотаҕын?!..— диэтэ. Анарааҥҥыта, истибэтэхтии туттан, саҥата суох тэйдэртэйэн, улам-улам ыраатан истэ. Силип биэстэ-алтата атыллаан баран, хаалан хаалла. Кини солуурун тоҥолохтонон, кэлбит сирин диэки, холку баҕайытык силтэйэ турда.

Кинини кэнниттэн көрдөххө, самыы, сис, сарын, моой диэн соччо-бачча биллибэт, барыта халҕан курдук, биир кэлимсэ этэ. Тутан иһэр алтан солууруттан арыый болтуһах, наҥнаһын буола ииссэн хаалбыт баттахтаах төбөтө лаҥхайан, Силтэһин үрдүгүнэн да лаппа -үрдүк киһи эбит этэ: Күөнчэни кулгааҕын эминньэҕинэн ааһар быЬыылааҕа.

— Итиччэ үчүгэйдик туттан баран, соччо хотуппа-тыҥ дуу, хайдаҕый?— диэн Күөнчэттэн Аргыһах ки-нээс ыйытта. — Киһи буолбатах, абааһы быһыылаах,— Күөнч» илиитин көрдөрдө: түөрт тарбаҕын ортоку сүһүөхтэр» дьуккурута ыстанан хаалбыттар. Онон, тиһэҕэр, кыай-тарыылаах бэйэтэ буолан таҕыста. Дьаҥсал кырыыһа, Муҥур Уолун үгэлээх кэпсээнэ, Силтэһин Күөнчэттэн оҕотооҕор кэбирэхтик солууру былдьаан барыыта, олохтоохтор быһыылара-майгылара бутүннүүтэ даҕаны — одунчалар үөрүүлэрин күлүмүк улаханнык өлбөөрпүтэ. Кыайбыт-хоппут, соргуламмыт Лэгиэн Кыычыкын оҥостуммут былаана, санаммыт баҕата туолбатаҕа. Икки нэһилиэк бар дьонун үөрдэ-көтүтэ, үҥсүүтүн түмүгүн барҕа малааһынынан бэлиэтээн, аатын-суолун ыытыах буолбута. Ол иһин кур оҕус өлөр-төрбүтэ, элбэх арыгы аҕалтарбыта, сырсар быһыйдаах, тустар бөҕөстөөх кэлбитэ. «Саҥа тойоммут Аадаҥ оҕонньордооҕор быдан ордук буолсу»— дэтэн, Хамньаҕа кыратын-харатын санаатын бэйэтигэр тардарга былааннаммыта. Онтуката, хайа баар, барыта күүппэтэх өттүттэн буолан, Дьаҥсал Дьаакып кырыыһыныы, таҥ-нары хайыһан таҕыста. Ити курдук, сатаммакка, сотору хомунан, одунчалар дойдулаабыттара. Туоллума эбэ хотун кэрэ сайыҥҥы киэһэ дьиктилээх сырдык сарыалыгар куустарбыта. Киирэн эрэр күн кэмчиэрийбит саһарҕатыгар бигэппит күтүр-сүүнэ күөл, тыал мөлтөөи, уутун дуй көмүс долгуна кытыытааҕы кылыс отгорго, хомус, кулуһун төрдүлэригэр кэлэн кыллыргыы анньыллар. Ол-бу элгээннэртэн, сүлбэлэртэн, тас уулартан, анды хоруолун кырааскалаары умаппыт хомус от буруотун курдук, үрүҥ туманнар өрүтэ көбүтэлээн тахсыталаатылар уонна, улам тэнийэн, тарҕанан — унаар күөх толоону үрдүнэн уста көттүлэр, сиэдэрэй бэйэкээннээх сир симэҕэ оттору маанылаан, маҕан баата суорҕанынан үллүйдүлэр.

Силигилии сиппит эҥэр тыалар, сир ийэни бигээн-биэбэйдээн сабардаабыт итии, нуурал түүн минньигэс салгынын эҕирийэн ыла-ыла, утуктуу лоҥкуран турдулар.

Сэлэ Тамаҕар оттон барбыт уоттара, үрүҥ күлүнэн көмүллүбүт тиһэх мутуктарын кыырпах көмүс кыымна-рынан кэҕэрдэ-кэҕэрдэ, умуллан тыһыргыы сытта.

Туоллума барахсан, кырдьыга даҕаны, улуу дойду. Бу Хамньаҕа нэһилиэк саамай бастыҥ улахан алааһа. Аҥаардас күөлүн устата — көс быһаҕаһыттан быдан ор-дук. Эбэ көтөрүнэн, балыгынан бу нэһилиэк кырата-дьадаҥыта сылы быһа иитиллэн олорор. Сааскы түүн хайа эмэ хонноҕор-быттыгар кэлэн хоно сыттахха — куһун саҥатыгар өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ. Үчүгөй сааһыттар чыккымайы, халбаны, судьуну манна куһунан аахпаттар. Андытын саҕана саа тыаһа, биир кэм, тиһигин быспакка таҥас тэбээн эрэр курдук буолар. Хайа, сайыҥҥы куһун оҕото, күһүҥҥү көччөҕө. Андылыын, хаастыын эбэҕэ бары сайылыыллар, саараллар. Оттон балыга буоллаҕына — биир туспа сатамматах быйаҥ. Ыамын кэмигэр отун быыһа «бап-баллырҕас» буолар. Илимнии, ардьаахтыы сатаан баран, кыл хамыйаҕынан чарт тымтайга таах баһан ылааччылар. Аны сыллата муҥхалаан уонунан хоппо собону хотороллор. Оннооҕор биирдэ, былыр сүүс хоппо балыгы ылбыттара үһү диэн кэпсээн баар.

Туоллуманы үҥэн ылбыттарыгар, олохтоохгор таҥыылара ол иһин ордук алдьаммыта. Бар дьон хаана ол иһин хамсаабыта, Лэгиэн Кыычыкын баҕата ол иһин олоххо киирбэтэҕэ. Ол да буоллар Туоллума уутун-хонуутун үс гыммыттан иккитин кэриҥэ туспа улууска, туора нэһилиэккэ быһа анньыллан барбыта. Маҥан Тумул үрдүгэр киэһээҥи барыарга иылбайан көстөр, үс кырыылыы суоруллубут, саҥа быыс остуолба ол туоһута буолан турбута...

Сүрүн сирэйгэ