Тураахтаах күүдээх (Күн Дьирибинэ)
Тураахтаах күүдээх
[уларыт]Күрдьүк анныгар уйаламмыт, күкээркэй дьүһүннээх,
Күлтүрүйбүт быһыылаах Күүдээх кыыл эрэйдээх,
Арай биирдэ, ас булар сирэ
Адьас биир буолан, атастаспыт эбит —
Сарып-ирип көппүт, сахсайбыт түүлээх,
Хааҕырҕаан саҥарбыт хара Турааҕы кытта.
Кырыа хаар кыһалаах, кытаанах тымныы кыстыктаах,
Кылыс тыал күөттээх кыһын обургу кыһайан,
Ойоҕун, оҕотун мунньан, ороҕун кэҥэтэн,
Күүдээх эрэйдээх күрдьүк анныгар көспүт,
Хара Тураах хаайтарыа дуо, халыҥ үөргэ холбоһон.
Хааҕыргыы-хааҕыргыы, итии сиргэ көппүт.
Хаарыан сайыҥҥа харамнаһан муспут
Хасааһа аҕыйаан, хара күн кэлэн,
Эрдэҕэс күн эркиннээх, итии салгын илдьиттээх
Эриэккэс итии саас эргийбитин билэн даҕаны,
Күүдээх эрэйдээх күрдьүгүн анныттан
Кебүехтээн кебен, күөрэйэн тахсан,
Сылаас күн уотугар сыламныы, кылаҥныы,
Сыыһы-бөҕү сытырҕалыы сылдьан,
Хантас гынан халлаан диэки көрбүтэ:
Хаарыан доҕоро хара Тураах хантаһыйан эрэр эбит!
Маҥнай кэлэн, маанымсыйар бадахтаах,
Мара быһыы суох, майгы-сигили уларыйбыт:
Күрдьүк диэки көрбөккө күтүр үрдүгүнэн,
Күөх халлааны кехсүнэн, көбүөхтүү көтөр;
Саах диэки саантаабакка сандал халлаан
Саамал салгынынан сарайа көтөр;
Ыыр диэки ыксаласпакка ыраах үлүгэринэн,
Ытык халлаан ыксатынан ыадайа көтөр —
Буолан хаалбыт буоппал бэйэтэ,
Күүдээх эрэйдээх көрө сөхтө.
Тиэтэйбэккэ эрэ тэлээрэн тиийэн,
Тиит чыпчаал мутугар чэмчэс гына олордо.
Тумсун-уоһун туора-маары сотунна,
Хара түүлэрин хамынан оҥоһунна,
«Көтөр кынаттаах күүстээх ыраахтааҕытабын,
Сүүрэр атахтаах сүдү тойонобун»,—
Диэх курдук дэлэйдик тутунна,
Дэлби киэбирдэ, дириҥник дааҕырҕаата.
Күүдээх эрэйдээх, көрөр күндү доҕорум этэ,
Бииргэ бултуур бэрт билсиилээҕим этэ диэн:
— «Хайа, доҕоор, хара Тураах, дорообо,
Хаһан кэллиҥ, хайдах сырыттыҥ?!» — диэн,
Халыр босхо бара-бара, хаардаах бех быыһыттан
Хаччыгынайан тахсан, хаһыытаан ыйытта.
Тураах атаһа чонох гына-гына чохоҥноото,
Кыбыстан, кыйбыҥнаан хамсаата, дааҕырҕаата.
Уоҕугар уларыйан олордо, уһуутаата,
Улахан үлүгэрдик ордоотоон саҥарда
(Чугас сылдьааччы чуор өттүлэрэ
Өйдөөн истэн, үөҕэ сылдьыбатыннар диэн):
— «Чоху — чохуга, баҕа — баҕаҕа,
Сытыган үөдэн, сыыскын да ырыта сырыт» — диэтэ;
Айаҕа кытарда, антах хайыста,
Атаһын кытта аанньа ахтан кэпсэппэтэ.
«Көҥдөй оҕото кетүө дуо? Көҕүйдэҕэ дии,
Итии эрэ сиртэн эргийбиттэр элбэхтэрин идэтэ:
Билсэр доҕотторун билбэт гына
Харахтарыгар хос уу үүнэр.
Аанньа ахтан кэпсэппэт гына
Айахтара хам тигиллэр» — диэн,
Энэлийэн, эҕэрдэстээн, күлэн эттэ,
Элиэтии сылдьан, Элиэ кырдьаҕас.
1926