Иһинээҕитигэр көс

Тыа (мас). Тиит. Хатыҥ. Күөх от

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыт Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Күөрэгэй, туллук уо.д.а. чыычаахтар. Кыталык. Туруйа.


Тыа (мас). Тиит. Хатыҥ. Сахалар тайҕа зонатыҥ олохтоохторо буолалларын быһыытынан, кинилэр культураларыгар, тылларыгар-өстөрүгэр, ырыаларыгар-тойуктарыгар тыа элбэхтик киирбит. Тыа арааһа тус-туспа ааттардаах: догдоон тыа, ой тыа, эргэнэ тыа, арыы тыа, тэҥкэ тыа, сис тыа, тумул тыа, кыҥырай тыа уо. д. а. Тиит, мас ааттарын арааһа эмиэ элбэх. Тыа Байанайдаах — иччилээх, ол Байанайдар тоҕус бырааттыылар диэн буолар. Тыа көтөр, сүүрэр баайын кинилэр бас билэллэр. Тоҕус бырааттыыттан убайдара, баһылыктара — Баай Барылаах. Былыргы айыылары, иччилэри итэҕэйэр киһи санаатыгар, Байанай үтүө майгылаах, күлэн-салан күһүгүрүү, барҕа баайыттан бэрсэ, аһата сылдьар сүдү кырдьаҕас булчут киһи буолан көстөрө үһү. Кини майгытын хоту бултуйбут киһи эмиэ үөрүөх-тээх-көтүөхтээх. Холобур, айаларыгар тайах таптара сытарын ыраахтан көрөөт: «һо-һо һоох! Көр, хара тыа иччитэ биэрбит! һо-һоох!»— диэн, үөрүүлэрин Байанайга биллэрээри, омуннуран өрүтэ эккирии-эккирии алларастыыллара үһү.

Тыа (мас) уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ киирэр холобурдарын көрүөҕүҥ. Тыа — элбэҕи, үксү көрдөрөргө туттуллар: «үрдүк ойуур курдук үгүс үтүө дьонноро бары муһуннулар» (22—90).

Тыа элбэҕи, үксү эридьиэстиири сэргэ олор бииргэ түмсэллэрин көрдөрөр: «арыы тыа курдук араллааннаан сылдьаммыт...» (58—272). Тыа — дурда, хахха: «суон ойуур курдук дурда буол, халыҥ ойуур курдук хахха буол!» (22—98).

Тыа — өлгөмнүк үүнүү-үөскүү холобура: «үрдүк ойуур курдук үүнэ-үөскүү турар үрдүк өрөгөй үктэллэниҥ» (49—187). Ойуур, тиит — туох эмэ кээмэйэ, улахана: «үрдүк ойуур курдук өһөх хаан үктэллэнэн» (22—80), «үүнүүлээх тиит саҕа үрдүк өрөгөй үөскээбитинэн барда» (43-—262).

Тэҥнээһиннэргэ мастан саамай үгүстүк тиит киирэр. Тииттэр — эр дьоннрр: «Тойон түһүмэт дьон тоҕуоруһан туралларын курдук... толуу тиит мас тулааһыннаах» (31 — 14).

Айыы бухатыыра, кини ата тиитинэн кээмэйдэнэр: «муҥур тиит саҕа киһи» (22—172), «тиити төргүү мутугунан холобурдаах тэбэр тураҕас ат». Абааһы бухатыыра эмиэ арыт тиитинэн кээмэйдэнэр: «ыйдыҥатааҕы тиит күлүгүн курдук суор хара киһи».

Айыы бухатыырын илиитэ, атаҕа, быччыҥа — барыта тиитинэн холобурдаан этиллэр: «баай тиит бастыҥ үөрэҕэһин быһыта сынньан ылан байбаччы олордон кэбиспит курдук барылы быччыҥнаах эбит; уолах тиит орто чууркатын оломооттоон ылан олорчу уурбут курдук уһун ньондоҕор сотолоох эбит; эриллэҕэс тиит курдук илиилээх эбит...».

Айыы бухатыыра кыыһырдаҕына «чуор мутук курдук чоноччу таттарар, киил мас курдук кэдэриччи таттарар» (22—72, 172, 102, 91).

Хатыҥнар — дьахталлар: «хатын дьахталлар ханыылаһа хаамсан иһэллэрин курдук, хатыҥ чараҥ тыа» (31 — 13). Хатыҥ хагдарыйыыта — дьахтар кэхтиитэ. Туйаарыма Куо «хаппыт хатыҥ курдук хаҥкыйа хатан түһүөҕүм»,— диир (38—27).

Тиитинэн абааһы бухатыыра эмиэ дьүһүннэнэр, тииккэ «абааһы хорҕойор» буоллаҕына, хатыҥ — аҥардас айыы маһа. Хатыҥҥа этиҥ түспэт. Ыһыах чэчирин хатыҥынан анньаллар. Айыы бухатыырын ата хатыҥҥа кубулуйар. Ньургун Боотур атын «соххор холорук өттүнэн эргитэ охсон кээспитэ — этэн баран эҕирийиэх иннинэ... хатыҥ мас буолан ханас гына түһэр» (40—106).

Дьүһүннээһиҥҥэ талах, ыарҕа эмиэ туттуллаллар. Ыарҕа элбэҕи көрдөрөр: «хара ыарҕа курдук халыҥ аймахтар» (41—55). Талах — түргэнник үүнүү: «үөл талах курдук үүннэ» (43—228).

Ньургун Боотур айанын түргэниттэн «сирэйэ тыһы талаҕынан быһыта сынньар курдук сырылыыр» (22— 118). Кыһалҕа талаҕынан таһыйар курдук: «кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах» (50—30).

Киһи майгытын-сигилитин, туругун, ыараханы, уустугу тобулуутун, дьолун-соргутун уо. д. а. түөһүү туой тыанан, маһынан дьүһүннэнэр. Холобур, маннык аҕыйах өс хоһоонун да ылыахха сөп: «харыйаны таҥнары соспут курдук киһи», «хаахыныыр мас охтон биэрбэт», «бэл хара тыа ыллыктаах», «хара тыа баайдаах, уол оҕо дьоллоох», «силиһэ суох мас үүммэт», «ойуурдаах куобах охтон биэрбэт», «тыала суохха мас хамсаабат», «салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр».


Күөх от. Күөх от фольклор дьүһүннээһинигэр балачча киирбит. Сүөһү иитиитинэн былыр-былыргыттан дьарыктаммыт омукка оннук буолара сөп. От саамай ытык суолталаахха туттуллар. Дьахтар төрүүрүгэр күөх оту тэлгэтэллэр, онтон буолуо, «окко түспүт оҥоруум» диэн хоһуйуу үөскээбитэ. Күөх оту ытык-мааны киһи кэлэр суолугар тэлгэтэллэр. Ньургун Боотур иһэрин биллэрэн, Сорук Боллур уол этэр: «Түөнэ Моҕол аҕаккабыт, Күбэй Хотун ийэккэбит, күөхтүүр отто тэлгэттэриҥ, тэһииннэрдэ туттартарыҥ... Ньургун Боотур убайыкпыт кыайан-хотон иһэр эбээт!» (62—270).

Сайын күөҕэ, күөх от көҥүл-дьол, быйаҥ бэлиэтин быһыытынан өс хоһоонугар уо. д. а. хоһуйууларга үгүстүк киирэр: «күөххэ көттө, көҥүл барда», «кинилэр айахтарыттан эрэ күөх от үүнэр дуо?», «күөх оттоох сиргэ сырытыннарыа суох киһи» (50—32, 46, 109). Былыргы үҥкүүгэ өҥү-быйаҥы баҕаран алҕаан этэллэр: «биһиги үктэммит сирбититтэн үкэр күөх от үүннүн, оҕолоор!» (52—67).

Сымнаҕас, сэмэй киһини «күөх оту тосту үктээбэт» дииллэр.

Сахалар былыр хараҕы манньытар кэрэ дьүһүннээх оттору — «алтан от», «таҥара кийиитэ», «ньургуһун» диэн тус-туспа арааран ааттаталаабыттар, «сир симэҕэ» диэн тыллаах эбиттэр буолан баран, «сибэкки (цвет-ки)» диэн тылы кэлин нууччаттан ылбыттар. Олоҥхоҕо кыыһы «сибэкки курдук симиэҕиҥ» диир оннугар «ой курдук оҥоруоҕуҥ, тах курдук таҥыннарыаҕыҥ», «сир курдук симиэҕиҥ» (22—82, 88),— дииллэр эбит. Былыр даҕаны кыыс кэрэтин симэх окко дьүһүйэллэрэ. Ордук саас ситэ ирэ илик сиргэ үүнэн тахсар ньургуһун хоһооҥҥо киирэр. Кыыс оҕоҕо «Ньургуһун», «Ньургустай», «Ньургуу» диэн ааттары иҥэрэллэр. Кыраһыабай кыыс, эдэр дьахтар ньургуһуҥҥа холуллар: «ньургуһун курдук ньулурдаспыт... кыыс дьахталлар» (43—279).