Тыл номохторо
Тас көрүҥэ
Баартан туһаныллыбат буолуллубат.
Балык суоҕар баҕа да балык.
Бөрөм бөтөһө, баҕам батаһа.
Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы.
Бэйэ алҕаһын бэйэ билиммэт.
Көҕөн көттөҕүнэ, чөккөй хаалбат.
Кырдьык күннээҕэр сырдык.
Оҕус тириитин иккитэ сүлбэттэр.
Саҥа дорҕоонноох, өс хоһооно киэргэллээх.
Сиэгэн сыыһа сиргэ быраҕыллыбат, буобура сыыһа буорга хаалбат.
Сытар киһи сыыспат, сылдьар киһи алҕаһыыр.
Тарбаххынан тал, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээ.
Тыл хаалыан кэриэтэ тыһыынча бардын.
Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар.
Үгүс тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс.
Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.
Этэр тыл эгэлгэлээх, саҥарар саҥа салалталаах.