Иһинээҕитигэр көс

Тыл санааны салайар (Каженкин И.И.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ТЫЛ САНААНЫ САЛАЙАР Дьокуускай 2003

АННОТАЦИЯ

Автор бу үлэтигэр төрөөбүт тыл, төрүт тыл киһи өйө-санаата сайдыытыгар ылар оруола олус үрдүгүн, киһи уһун олоҕор оҥорор быһыыларын барытын санаата баһылаан, сирдээн, салайан биэрэн иһэрин, онтон тыл күүһэ киһи санаатын салайан биэрэргэ аналлааҕын бэйэтин кыаҕынан, саха дьонун олохторун үөрэҕинэн быһаарар.

В своей работе автор открывает зависимость сознания человека от слова или действия слова на сознание. Каженкин Иван Иванович

ААН ТЫЛ

Россияҕа ситиһиилээхтик ыытыллыбыт перестройка кэнниттэн саха дьоно сайдыы саҥа кэрдииһигэр тахсан, сувереннай республикаларын тэриниилэрэ, бэйэлэрин тылларын салгыы сайыннарарга үтүмэн үгүс, муҥура суох кыахтары биэрдэ. Кэлин кэмҥэ былыргы остуоруйалары үөрэтии кэҥээн уонна дириҥник түөрэн, ыраахтан эҥсэн ыытылланнар сахалар олус былыргы омук буолаллара дакаастанан, саха тыла Азияҕа төрүт тыл буолара быһаарыллан эрэр.

Былыргы төрүттэри билии кинилэр үөрэхтэрин салгыы сайыннарыы, тупсарыы, олох хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн биэрэн иһии кэлэн иһэр көлүөнэлэртэн эрэйиллэр. Тыл биир сиргэ туран, төрүт уларыйбакка, эбиллибэккэ мастыйан хаалыыта таһаарыллыбата ордук. Тыл олохтон хаалан хаалыыта омук эстэн, аҕыйаан, симэлийэн барыытыгар дьэ тириэрдэр. Олох салгыы сайдан иһиитигэр сөп түбэһиннэрэн тыл эмиэ сайдан, эбиллэн, үүнэн биэрэн иһэрэ табыллар.

Олох сайдыытыттан, экономика күүһүрүүтүттэн омук тыла уларыйан иһиитин таба сыаналаан, сөптөөх, туһалаах хайысханан салайан биэриини сахалыы билиилээх Сээркээн Сэһэннэр олохтоон биэриэхтэрин сөп этэ. Билигин саха тыла сайдан иһиитин сыаналыыр үлэлэри мун¬ньан, таба сыаналааһын, сөптөөх быһаарыыны ылыныы уонна олоххо киллэрии саха дьонуттан ирдэнэр буолла.

Омук тыла уларыйан иһиитэ биир эрэ көлүөнэ дьон үйэлэрин устата кыайан ситиһиллибэт буолан, бу дьыалаҕа билиҥҥиттэн таба хайысханы тутуһуу олус туһалыа этэ. Биһиги бу үлэбитигэр саха тыла сайдан, өссө уһун үйэлэнэрин туһугар тугу оҥоруохха сөптөөҕүн омук сайдан иһиитин кытта дьүөрэлээн быһаарабыт. Тыл сайдан иһиитигэр омук экономикаҕа, үлэҕэ-хамнаска оҥорор ситиһиилэрин улахан оруолларын таба туһаныы эрэйиллэр.

Билигин олус былыргы төрүттээх сахабыт тылыгар сайдыылаах эко¬номикалаах дойдулар тыллара күүстээх баттааһыны оҥороллор. Онуоха эбии саха дьоно сайдыы таһымыттан хаалан хаалымаары кыахтара баарынан сайдыылаах омуктар тылларын үөрэтэллэр. Бу икки утарыта турар көрдөбүллэр икки ардыларынан саха тыла сайдан барыахтаах. Саха тылын харыстыырга биир эрэ суол хаалла. Ол суол - омук төрүт тылларын үлэ-хамнас, үөрэх тылларыттан туспа арааран олус күүскэ харыстыыры ситиһии буолар.

Саха тыла киһи өйүн-санаатын быһаарар тыллара олус дириҥ өйдөбүллээхтэр. Бу өйдөбүллэрэ киһи өйө-санаата аан бастаан үөскүүрүттэн ыла төрүттэнэр буоланнар өйү-санааны уонна ол тутулуктарын ордук табатык быһаараллар. Ол курдук «Ай» диэн тылтан үөскээн тахсар «Айыы» диэн тыл киһи туох баар оҥорор дьыалата барыта, үчүгэйэ, куһаҕана, өйүттэн-санаатыттан айыллан, толкуйданан, быһаарыллан тахсарын киһиэхэ өйдөтө сылдьар. Итини тэҥэ «Аан дойдуну санаа ту¬тан турар», - диэн этии киһи санаата ураты күүстээҕин, барыга-бары бастаан иһэр, салайан биэрэр оруоллааҕын, дьон санаалара хайа диэ¬ки салалларынан олох сайдан баран иһэрин быһаарар.

Саҥа үөскээн, сайдан иһэр ырыынак кытаанах сокуоннара төрөппүт¬тэр оҕолоругар сыһыаннарын лаппа тупсаран, кытаатыннаран биэрэн иһэр. Бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан тугу эмэни булуммут, мунньуммут төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрэ бэйэлэринээҕэр ордук күүстээх-уохтаах, кытаанах санаалаах, олохторун, ситиспит ситиһиилэрин салгыыр дьон буола улаатыахтарын ордук баҕараллар. Төрөөбүт тыл, саха тыла оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, улаатан киһилии киһи өйүн-санаатын ситиһиитигэр ылар оруолун төрөппүттэр табатык сыаналыылларыгар ыҥырабыт.

АЛГЫС

Биһиги, аныгы дьон алгыс туохха аналлааҕын ситэ өйдүү, бэйэбит олохпутугар табан туһанарга үөрэнэ иликпит. Ол барыта саха тылын олохтон туората, мөлтөтө сатааһынтан тутулуктаах этэ. Итини тэҥэ алгыс дьайыытын күүһүн ситэ билбэт, сыаналаабат буолуу, алгыс киэҥник туттуллуутун мэһэйдиир.

Россияҕа саҥа үйэ, демократия үөскээһинэ урукку хааччахтары төлөрүтэн омуктар тылларын сайдыытын көҕүлээтэ. Омук тыла дьон олоҕун сиэригэр ордук сөпкө түбэһэр, өйдөрө-санаалара сайдыытыгар, баҕа санаалара туолуутугар көмөлөһөр буоллаҕына салгыы сайдар кыаҕа кэҥээтэ. Саха тыла олус былыргы төрүттээх тыл буолан дьон өйдөрүн-санааларын сайдыытын табатык быһаарар уратыта бииртэн-биир арыллан иһэр.

Сахалар былыр-былыргыттан алгыс тылларын тутталлар. Биирдиилээн да дьоҥҥо туһаайан, бэйэлэригэр анаан-минээн этэллэр эбэтэр улуу ыһыахтарга сүүһүнэн киһиэхэ анаан, бу дьон санааларын кыайыылаах үлэҕэ, ситиһиигэ салайаллар. Кимиэхэ, туохха эмэ үтүөнү, ситиһиини баҕарыы; ону этэр тыллар алгыс тыллара эбиттэр. (1,17).

Саха дьоно саныылларынан киһини санаата салайар. Оҕо хайдах са¬наалаах киһи буола улаатар даҕаны соннук дьыалалары оҥорор буолар. Ол иһин сахалар оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ ордук улахан оруолу уураллар этэ. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан алгыс тылла¬ра киһи санаатын салайыыга тыл күүһүн туһаналлар. Үтүөҕэ баҕарар, ыҥырар тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник хатанан, үтүө санааны уһугуннаран, үтүөнү оҥорор буолуутугар тириэртэхтэринэ алгыс тиийдэ диэн этиллэр.

Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһиэхэ алгыс хайдах дьайа¬рын үөрэтэр. Саҥа күн алгыһынан саҕаланнаҕына, элбэх ситиһиилээх буоларын хас саха киһитэ барыта билэр. Үтүөнү, үчүгэйи оҥорор са¬наа киһиэхэ баар буоллаҕына эрэ киһи үтүө дьыалалары оҥороро кыаллар. Алгыс этэн киһиэхэ үтүө, үчүгэй санаалары үөскэтии кэ¬лин кэмҥэ, атеистическай өй-санаа, материализм баһылаан, суолта биэрбэккэ туоратаннар, туттуллубат буола сылдьыбыта. Таҥаралар, өй-санаа үөрэхтэрэ киһи ханнык өйүгэр-санаатыгар дьайалларын ситэ билбэппит түмүгэр сахалар таҥаралара ханна баарын да булан ыла иликпит. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ сахалар таҥараларын күүһэ ал¬гыс тылларынан этиллэн киһи санаатыгар быһаччы дьайарын быһаарар.

Бу быһаарыы алгыс тыллара киһи өйүгэр-санаатыгар дьайаннар баҕа санааны, ол баҕа санааны ситиһэ сатааһыны үөскэтэллэригэр олоҕурар. Киһиэхэ үчүгэйи ситиһэ сатааһыҥҥа баҕа санаа үөскээтэҕинэ, ол баҕа санаатын толороору, ситиһээри үчүгэй быһыылары оҥороро быһаа¬рыллар. Киһи санаата киһини сирдээн иһэр күүс буоларын сахалар бы¬лыр-былыргыттан билэннэр алгыстарын киһи санаатын салайан биэрии¬гэ туһаналлар.

Онон, саха дьоно бэйэлэрин үчүгэйи баҕарар санааларын уус-уран тылынан этэннэр атын дьон санааларын көтөҕөллөрүн, күүһүрдэллэрин аата - алгыс буолар.

Атын омуктар таҥаралара бары улахан диктатуралар күүстэринэн үөскээбит буоланнар дьону барыларын өйдөрүн-санааларын биир ха¬лыыпка киллэрэн, итэҕэйэр өттүлэрин хам баттыырга туһуланаллар. Кинилэр таҥаралара ол иһин олус улаатан, ураты күүстээх курдук буолан хаалбыт. Олус күүстээх бу таҥаралартан дьон көрдөһөр, көмө көрдүүр эрэ кыахтаналлар. Таҥараттан көмө көрдөөннөр бэйэлэрин са-нааларын син-биир өрө көтөҕөллөр, күүһүрдэллэр, санааларын күүһүгэр, таҥара эбии биэрдэҕинэ, эбиискэ күүс киллэриммит курдук сананаллар.

Билигин олохпутугар нууччалыы да тылынан элбэхтик этиллэр үтүөнү баҕарар тыллары истэбит. Ол эрээри бу үтүөнү баҕарыылар барылара ким эрэ аҕалан дуу эбэтэр көҥүллээн дуу биэрэрин курдук өйдөбүллээхтэр. Оннук өйдөбүлү олус улаатан, үрдээн хаалбыт православ¬най таҥара дьиэтэ уонна урукку кэмҥэ ыраахтааҕы уһун кэмҥэ норуот¬тарын өйдөрүн-санааларын хам баттаан иҥэрбиттэр. Ол аата, кимиэхэ эмэҕэ үчүгэйи, үтүөнү аҥардастыы Христос таҥара эбэтэр ыраах¬тааҕы эрэ биэрэрин курдук өйдөбүл үөскээбит. Онтон, ким эрэ ылан дуу, аҕалан дуу биэрэр үчүгэйэ сахалыы алгыс өйдөбүлүгэр уонна саха дьонун олохторун сиэригэр сөп түбэспэттэр. Саха дьоно алгыс көмөтүнэн бэйэлэрин санааларын көтөҕөр, күүһүрдүнэр ньымалара ити православнай таҥара туттар ньыматынааҕар атын, ураты. Ол уратыта алгыс тылла¬ра киһи бэйэтин санаатыгар дьайан, киһи бэйэтин санаатын көтөҕөр¬гө, күүһүрдэргэ аналланарыгар саһан сылдьар. Алгыс тыллара киһи бэйэтин санаатын көтөҕөргө, күүһүрдэргэ аналланар буоланнар «Ситиһиилэн, кыаҕыҥ эбилиннин, санааҥ көтөҕүлүннүн, күүскэр күүс киирдин» диэн ыҥырар, батыһыннарар тылларынан доҕуһуолланаллар. Алгыс тыллара киһиэхэ бэйэтин күүһүгэр-кыаҕыгар эбии күүстээх, үчүгэйгэ ыҥырар санаалары үөскэтэллэр.

Алгыс тылынан этиллэр буолан, туох күүстээҕэ барыта тыл күүһүнэн бэриллэр. Алгыс тылын күүһэ киһи саныыр-санаатын салайан, ылыммыт сыалыгар түмэн, кыайыыны ситиһэригэр кыаҕын элбэтэр. Киһи олоҕор саныыр-санаата ханнык оруолу ыларын былыргы сахалар үчүгэйдик билэллэрин алгыс этиитин киэҥник туһанар эбиттэрэ быһаарар.

«Алгыс аалы хамсатар» диэн сахалар этэллэр. Алгыс киһи санаа¬тын түмэр, ылыммыт сыалыгар туһаайар уратыта санаатын күүһүрдэн бэйэтигэр күүһэ эбиллиитин үөскэтэр. Киһи тугу оҥороро барыта ал¬гыстан саҕаланар буоллаҕына, ситиһиилээхтик түмүктэнэр кыаҕа хас да төгүл улаатар. Ол барыта киһи санаата биир сыалга түмүллүүтүн күүһүнэн ситиһиллэр.

«Доруобай буол», «Этэҥҥэ сырыт», «Үчүгэйдик олоруҥ»,-диэн этии¬лэри билэр дьоммутугар анаан куруук туттабыт. Бу алгыс тыллара. Киһиэхэ үчүгэйи, үтүөнү баҕаран этиллэр тыллар.

Саха дьонун олохторун сиэрэ, үөрэҕэ, үгэстэрэ «Аймах-билэ дьонун, төрөппүттэрин ааттарын-суолларын түһэн биэримэ» диэн этии¬гэ олоҕурар. Бу этии алҕааһын биир көрүҥэ. Ол аата, оҕо аан маҥнай төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатан тахсыахтааҕын оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэр алгыс тыллара эбиттэр.

«Киһилии киһи буол», «Үчүгэй киһи буол», - диэн баҕа санааны этэр алгыс тыллара оҕоҕо тиийэн, улахан киһи оҥорор дьыалалара өйүнэн-санаанан салаллалларын уонна киһи хаһан даҕаны киһилии быһыыны аһара барбакка сылдьарыгар ыҥыраллар.

Алгыс - үчүгэйи баҕарар тыллар бөлөхтөрө. Ыарыыттан эмтиир, харыстыыр, дьон куһаҕан тылларыттан көмүскүүр тыллар - алгыс тыллара буолаллар. Тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэннэр гипностуур, са¬нааларын уларытар дьоҕурдарын туһаныы үчүгэйгэ, үчүгэйи оҥорууга аналланар буоллахтарына алҕааһын диэн ааттанар.

Сахалар ортолоругар талааннаах, ыраас үчүгэй санаалаах алгысчыт дьон элбэхтэр. Бэйэлэрэ күүстээх санаалаах, атын дьону сирдиир ба¬тыһыннарар кыахтаах дьон, өйдөрүн-санааларын күүһүттэн атын дьоҥҥо көҥүл бэрсиэхтэрин сөп. Алгысчыт дьон баар буолуулара үгүс, бэ¬йэлэрин өйдөрө-санаалара ситэ күүһүрэ илик, атын киһи көмөтүгэр наадыйар дьоҥҥо ураты көмөлөөх. Саха толкуйунан, алгыс ылыннарыылаах тылын күүһэ алгыс этэр киһиттэн быһаччы тутулуктаах. (2,116).

Алгыс туһатын билигин ситэ сыаналыы иликпит. Киһи санаатын көтөҕөр, күүркэтэр, күүһүгэр күүс эбэр дьайыытын туһаныы олоххо эл¬бэх кыайыылары ситиһиигэ туһалыа. Үтүөҕэ баҕарыы алгыһынан бэриллэн, киһи өйүгэр-санаатыгар киирэн иҥэн, соннук үчүгэй санаалары үөскэтэр. Саха дьоно «Алгыс баһа сыалаах» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Үчүгэйи баҕарыы үксүгэр туолар. Дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэйи баҕардахтарына, үтүө быһыы үксүүр. «Атын дьон үчүгэйи баҕардахтарына, эйиэхэ үчүгэй буолуо»,- диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Ол аата, алгыс көмөтүнэн үчүгэй быһыы үксүүр, кыайыы-хотуу, ситиһии эбиллэр кыахтаах.

Билигин ырыынак кэмэ буолан дьон бары ордук бэйэлэрин иннилэрин аан бастаан көрүнэ сатыыр буоллулар. Атын дьон хайдах да буоллахтарына улахан кыһалҕаҕа ылларбаттар. Мин эрэ үчүгэй буолуум, мии¬гин эрэ таарыйбатын диэн санаа баһыйа сылдьар буолла. Үчүгэй буол¬бут дьон тулалыыр дьон санаалара кинилэргэ эмиэ дьайарын букатын да аахайбаттар.

«Олох ыарахан»,- дииллэр. Киһи эдэр эрдэҕинэ олоҕу ситэ сыаналаабат буола, барыта бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыыта бу этиини ордук уус¬тугурдар, таба өйдөммөт оҥорор. Киһи сааһыран истэҕинэ олох ыара¬ханын бэйэтин этинэн-сиининэн билэн иһэр. Киһилии киһи буолан олоҕу дьоһуннаахтык олорорго, бэйэ өйүнэн-санаатынан олоххо үөскүүр ыарахаттары тулуйан туоруурга, күүстээх санаалаах буолуохха наада. Киһиэхэ эрэ барыларыгар күүстээх санаа айылҕаттан кыайан бэ-риллибэтэ, кыахтаах өттүлэрэ атыттарга хайаан да көмөлөһөллөрүн эрэйэр. Алгыс этиитэ ити сыалы толорорго аналланар. Кыахтаах, күүстээх санаалаах киһи алгыс этиитэ дьон бары санааларын көтөҕөр, күүстэригэр күүс эбэр аналлаах.

Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан алгыс ураты суолталаах. Ол курдук алгыс этиитинэн киһиэхэ дьол суола арыллар. Ол аата, кини баҕата туоларыгар олук ууруллар. Дьол - диэн киһи баҕа санаата туолуута буолар.

Алгыс тылларын истии, алгыс баҕатын толорор буолуу сахалыы таҥараҕа тиксиигэ тэҥнэнэр. Киһиэхэ үчүгэйгэ баҕарар санааны үөс¬кэтэр, күүһүрдэр буолан алгыс киһини үчүгэйи оҥорууга сирдиир ураты күүстээх. Ол иһин сахалыы таҥараҕа тиксии – алгыһы истэн иҥэринии буолар.

Атын омуктар таҥараларын үлэһиттэрэ киһини ол таҥараҕа бас бэ¬ринэргэ ыҥырар буоллахтарына сахалар таҥаралара киһи бэйэтин өйүн-¬санаатын бөҕөргөтөргө, бэйэтигэр күүс-күдэх эбэргэ аналланар. Саха дьонун таҥаралара диктатура көрүҥэ суох, ол аата хас киһи баҕа санаа¬тын хам баттыыр, ханан да хааччахтыыр, бэйэтигэр бас бэриннэрэр өйдөбүлэ суох. Ол оннугар киһи бэйэтин санаатын көтөҕөрүгэр, күүһүрдэригэр ыҥырар.

«Киһиэхэ үчүгэйи санаа, бэйэҕэр үчүгэй буолуо»,- диэн этии саха дьонун баҕа санаалара. Бу этии алгыс киһи санаатынан эмиэ бэрил¬лэрин быһаарар. Билигин ойуун дьайар күүһэ туох күүс буолара бил¬либитин кэннэ «Киһини санаата салайар» диэн этии ордук чуолкайдык арыллар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһини санаата салайарын быһаарар. Санаа, баҕа санаа, ыра санаа киһи иннигэр, бастаан иһэр буоланнар киһини ол диэки салайаллар. Алгыс киһи санаатын салайан, наадалаах сирин диэки туһаайан биэрэр уратыта сахалар таҥаралара киһиэхэ үтүөнү, үчүгэйи баҕарыы, олору оҥоруу буоларын быһаарар.

Атын киһи үчүгэйи, үтүөнү баҕарар күүстээх баҕа санаата тиийэн киһиэхэ соннук өйү-санааны иҥэриитин санаа көтөҕүүтэ диэн ааттыы¬быт. Киһиэхэ үчүгэй санаа киирдэҕинэ, кыаҕа, күүһэ кытта эбиллэр. Билигин саха дьонугар алгыс күүһүн таба туһанар буолуу тэнийдэҕинэ дьон санаата биир сыалга түммүллүүтэ үөскүөҕэ, сахалар таҥаралара күүһүрүөҕэ.

АНДАҔАР

Саха киһитигэр олус эппиэттээх, хаһан да кэһиллибэт бигэ тылы биэриитэ андаҕар диэн ааттанар. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта андаҕар диэн тылы маннык быһаарар. Андаҕар - ураты эп¬пиэттээх түбэлтэҕэ этиллэр кэһиллибэт бигэ тыл, кытаанах халбаҥнаабат эрэннэрии. (1,19).

Былыргы саха андаҕайарыгар намыаскалаах бэргэһэни моонньохто¬нон аал уотун иннигэр аччайан олорон:

Сымыйанан эппит буоллахпына,

Таас таҥарам таҥнары көрдүн,

Мас таҥарам батары көрдүн,

Күнүм быата быһыннын (туура ыстаннын),

Аҕыс мүһэм араарылыннын,

Тылым кэтэхпэр чороччу тардылыннын;

Хараҕым уута этэрбэһим тумсугар

Ууллан тоҕуннун,

Уотум-күөһүм умулуннун,

Үөлэһим-ааным чоҥкуйа кырыардын,

Иитэр сүөһүм иҥнэһиннин,

Төрөтөр оҕом төнүннүн,

Күллүүн көтүүмҥ

Имниин быстыымҥ (3,209).

Андаҕарын кэспит киһи – киһи буолбатах. Былыргы үйэлэр үгэстэринэн аан маҥнай көрсүспүт киһи өлөрө охсуохтаах.

Андаҕарын толорботох киһи - айыыны оҥорор. Айыыны оҥорбут киһи – сэккэ түбэһэр. Кэлэр көлүөнэлэрэ кырыыска киирэллэр.

Элбэх кэпсээннэргэ «Этэн баран эҕирийиэх иннинэ» толоруллар андаҕардар тустарынан этиллэр. Маннык андаҕары киһи этиэҕин иннинэ олус өр кэмҥэ толкуйдуу, этэр тылын чочуйа, бэлэмнэнэ сылдьыбыта этиитин чаҕылхайынан уонна аналлаах сиэри-туому толоруутунан быһаарыллар. Ол аата «Этэн баран эҕирийиэх иннинэ» толоруллар андаҕардар, этиллиэхтэрин быдан иннинэ, олус өр кэмҥэ киһи санаатыгар чочуллан оҥоруллубуттарын, хас уонна хатылаан бэлэмнэммиттэрин быһаарар. Өр кэмҥэ иитиэхтээн, санаатыгар ууруна сылдьан баран кэмэ кэллэҕинэ толоруллар андаҕардар олус элбэхтэр. Киһи бэйэтин санаа¬тыгар бу маны толоруом, ситиһиэм диэн бүччүмнүк уурунан кэбиспи¬тин хаһан баҕарар толоруон сөп. Ол аата, андаҕар туолуутугар киһи санаата баһылыыр оруолу эмиэ ылара быһаарыллар.

Онон, андаҕар диэн киһи өйүгэр-санаатыгар мунньунан, иитиэх¬тээн сылдьар оҥоруохтаах дьыалатыгар күүстээх тыллары этинэн санаатын күүһүн-кыаҕын түмэрэ буолар. Киһи өйүгэр-санаатыгар ууруллан, чочуллан, барыта быһаарыллан баран толорулларыгар эбиискэ күүһүр¬дэн биэриигэ наадыйар буоллаҕына андаҕар этиллэр. Андаҕар этиитэ киһи санаата салайар күүстээҕин ордук чаҕылхайдык арыйар.

«Эппит тылын дорҕооно сүтэ илигинэ тугу эппитин умнан кэбистэ» диэн эппитин толорбот киһини этэллэр. Бу этии тугу эппитин санаа¬тыгар кыайан туппат, тута сөрөөн туран умнан кэбиһэн иһэр киһини быһаарар. Андаҕарын толорор киһи умнугана суох, тугу эппитин са¬наатыгар тута сылдьар, бэйэтин санаатынан өссө күүһүрдэн биэрэр буоллаҕына эрэ табыллар.

Андаҕайбыт киһи күүһүгэр күүс эбиллэр. Кини этэр тылын күүһүнэн бэйэтин санаатыгар күүс эбинэр. Андаҕарын толороору бары кыаҕын, күүһүн барытын түмүнэн, санаата өссө күүһүрэр. Кыайбат да суолун кыайан-хотон кэбиһиэн сөп. Ол аата, андаҕар диэн киһи бэйэтин санаатын бэйэтэ тылынан этэн күүһүрдүнэр ньымата буолар. Төһө күүстээх тыллары этэн эбэтэр төһө ыарахан накаастабыл кэтэһэрин биллэрэн бэйэтин санаатын биир сыалга, биир дьыалаҕа түмэрин бэлиэтэ андаҕар буолар.

ОҺУОХАЙ

Былыргы сахалар үөһээ Үрдүк Айыылартан ситимнээх, тутулуктаах курдук, кинилэр дьайыыларынан, ыйбыт ыйаахтарынан күннээҕи олохто¬ро, үлэлэрэ-хамнастара тутулуктааҕын курдук өйдүүллэрэ. Биһиги өбүгэлэрбит былыр былыргыттан Күҥҥэ сүгүрүйэллэрэ. Бэйэлэрин көхсүлэриттэн тэһииннээх Күн Айыы оҕолорунан ааҕыналлара. Урукку өттүгэр итэҕэлбит омсолоох өрүттэрин булан, аҥардастыы хараардан, норуот өйүттэн-санаатыттан умуннара сатаабыттара. Сахалыы сиэри-туому билии, тутуһуу, билиҥҥи олоххо туттуу туох да куһаҕаҥҥа тиэрдибэтин, хата үгүс үчүгэй өрүттэрдээҕин саҥа биллибит. Сэбиэскэй былаас кэмигэр үөскээбит үгэстэр үтүөҕэ тиэрдибэттэрин эдэрдэр мөлтөх иитиилээх, атаах буола улаатан тахсыылара элбээбитэ быһаарар. Ол иһин, хайа эмэ өттүнэн ыч-чаттарбытын иитэргэ, туһалаах, былыргы үгэстэрбитин сөргүтэрбит наада буолла.

Ханнык баҕарар норуот, төрөөбүт тыла баарын, сайдарын тухары эрэ, туспа омук быһыытынан олорор, саҥаны, туспалааҕы айар кыахтаах. Ол иһин ийэ тылы харыстааһын, сайыннарыы, кинини ыччакка дириҥник иҥэрии төрөппүттэр уонна учууталлар саамай биир сүрүн соруктара буолаллар. Тыл олох үгэһин, сиэрин, киһи майгытын-сигили¬тин тутар өйдөбүллэри олохтуур. Хас биирдии киһи сиэрэ-майгыта, үгэһэ тылынан аттарыллар. Төрөөбүт тыл сүмэтин иҥэриммит киһи төрөөбүт тылын, норуотун культуратын, искусствотын дириҥник кутугар-сүрүгэр ылынар. Түгэх эйгэтиттэн төрүттээх-силистээх, үтүө санаалаах, үрдүк культуралаах, киэҥ эйгэлээх, дэгиттэр сайдыылаах киһилии киһини иитэргэ төрөөбүт тыл олус улахан суолталаах. Омук үтүө санаата, кэрэни кэрэхсиир иэйиитэ норуот уус-уран айымньытыгар утумнанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.

Билигин саха тыла сайдыахтаах диэн, саха тылын билиэхтээхпит, кэрэхсиэхтээхпит, баайын, кэрэтин, ууһун оҕоҕо, дьоҥҥо өйдөтүөхтээхпит диэн буолар. Бу бүттүүн норуот силигилии сайдарын туһугар туһаайыллыбыт сүдү улахан суолталаах сорук. Бу соругу ситиһэргэ биир өртүттэн оһуохай улахан суолталаах. Тыл ууһа, кэрэтэ, баайа, тупсаҕайа барыта оһуохайга баар, ону киэргэтээччи куолас, тупса¬рааччы, чиҥэтэн биэрээччи хамсаныы буолар. Оһуохай курдук үтүө ис-кусствобытын улугуруу сылларыгар, омугумсуйуу ухханыгар охсуллан умна сыһан баран билигин, кэлиҥҥи уон сылга саҥа көбүтэ, тилиннэрэ сатыыбыт.

Саха норуотун киэн туттар үҥкүүтэ «Оһуохай» ис хоһооно олус дириҥ. Бу үҥкүү аҥардас эти-сиини тэнитэр хамсаныы буолбатах. Сүрүн болҕомто тылыгар, этиллиитигэр ууруллар. Сахаҕа тыл күүһүн, илбиһин, сүлүһүнүн туһунан үгүс этиилэр бааллар. Тыл күүһүн көмөтүнэн хаппыт маһы көҕөрдүөххэ, хампа күөҕү хагдарытыахха cөбүн, тыл киһини өлөрөр-өһөрөр, тилиннэрэр, кылбаа кынаттаан өрө көтүтэр, айылҕаны да уларытар аптаах күүстээҕин туһунан өйтөн сүппэт үһүйээннэр, үйэлээх өйдөбүллэр, үгүс ох тыллар холобурдарын саха дьоно үөскэппиттэр. Сахаҕа тыл илбиһин, иччилээх күүһүн туһунан өйдөбүлтэн айылҕа күүстэрин кытта алтыһарга, кинилэри көмөлөһүннэрэргэ, хара дьай¬дартан харыстанарга этэр тылы сатабыллаахтык туһаныы урут баар этэ.

Оһуохай төрөөбүт тылы үөрэтии, баһылааһын, ийэ тылга таптал, дьүөрэ тылларынан сатаан саҥарыы, хомоҕойдук тута хоһуйуу уус-уран оскуолата буолар.

Оһуохай эргиччи иитэр, үөрэтэр, сайыннарар кыаҕын оҕону иитиигэ туһаныы дьиэ кэргэнтэн саҕаланан, оскуола иннинээҕи тэрилтэлэргэ, онтон оскуолаҕа салҕанара буоллар ордук туһалаах буолуо этэ. Оһуохай саҥа олох халааныгар суураллыбакка өҥүн-талатын ыһык¬тыбакка, тупсан-сайдан иһиэх тустаах.

Саха норуотугар былыр-былыргыттан оҕону иитии, сайыннарыы биир көрүҥүнэн, ньыматынан норуот тылынан уус-уран айымньыта буолара. Кини эгэлгэ кэрэ илбистээх-имэҥнээх тыла-өһө, муударай этэр ис хоһооно, ыҥырар ыра санаата, хас биирдии мөссүөн, олох көстүүтүн эгэлгэтэ оҕо ситэн-хотон тахсыытыгар, толкуйа тобулларыгар сүҥкэн суолталаахтар.

Былыргы үҥкүүлэргэ, норуот айылҕа сүдү күүстэригэр сүгүрүйүүтүн көрүөххэ сөп. Сахалар былыргы итэҕэллэринэн Үрдүк Айыылар киһиэхэ дьолу-соргуну, баайы-дуолу ыыталлар. Онно анаан сиэр-туом толороллор, алгыс алгыыллар.

Оһуохай тылларынан алгыһы этэр буолуу дьоҥҥо ордук тиийимтиэ буолуон сөп. Биир тэҥ хамсаныылары кытта дьүөрэ тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник хатаналлар. Ыһыах үҥкүүтүгэр тыл уонна хамсаныы холбуу баайыллан баҕа санааны чиҥэтэн биэрэллэр.

Оһуохай уус - уран тыл оскуолата. Оһуохай поэзия мэлдьи сайда турар көрүҥүн быһыытынан саха тылын сайыннарар, байытар кыаҕа олус улахан. Саха народнай поэзията оһуохайынан этиллэр санааны араас көрүҥүнэн, тылынан уонна хамсаныынан хос-хос чиҥэтэн хоһуйар буо¬лан, тыл кыаҕын толору туһанан, дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэрэр.

ОЛОҤХО

Сахалар тула олорор атын омуктартан ураты уус-уран айымньылаах¬тар. Бу айымньы - олоҥхо. Ырыанан уонна хоhоонунан уус ураннык туойан кэпсэнэр олоҥхо сүрүн геройдарынан тимир уустара, эҥин араас бухатыырдар уонна көннөрү дьон буолаллар. Биhиги ырытыыбытыгар бу олоҥхого кэпсэнэр геройдартан хайалара аан маҥнай сайдыбы¬тын уонна баhылыыр оруолу ыларын быhаарыахпыт этэ. Үгүс олоҥхолорго кэпсэнэр Кудай Бахсы Уус бу олоҥхолор биир кылаабынай геройдара буолар. Кини олоҥхо Улуу бухатыырын ти¬мир куйаҕын уонна сэриилэhэр сэбин барытын бэйэтэ уhаарбыт тимиринэн уhанан оҥорор. Онтон Улуу бухатыыр кини оҥорбут куйаҕын кэтэн уонна сэриилэhэр сэбинэн туhанан атын тимир ууhа оҥорбут куйаҕын кэппит уонна сэбилэммит туора бухатыыры кыайар. Маннык быhаардах-пытына олоҥхоҕо тимир ууhа бастакыта, баhылыыра чуолкайдык биллэр. Оннооҕор «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхоҕо тимир ууһа бухатыыры бэйэтин уларытан тимир үҥүүгэ кубулутан оҥорор кыахтаах.

«Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Улуу Уус Бахсылааны бухатыыр сэриигэ туттар тэрилин кытта куйаҕын уhанан оҥорор. Кини оҥорбут куйаҕын кэтэн уонна сэриитин сэбинэн туhанан Улуу бухатыыр Ньургун Боотур атын уустар бухатыырдарын барыларын кыайар. Олоҥхо киириитигэр тимир уустара саха омук төрдө диэн ааттаммыт Саха Саарын Тойонун дьиэтин-уотун уонна туох туттар тэриллэрин барыларын оҥороллор. Оннооҕор алтан-көмүс сэргэлэрин кытта оҥорон уонна туруоран биэрэллэр. Бу быһаарыыга тимир уустарын көмөлөрүнэн туһанар Саха Саарын Тойон бэйэтэ тимир уустарыттан төрүттээх киһи буолуон сөп.

Онон, бу олоҥхо диэн, сахалар тимирдэрин уустара бэйэлэрин ар¬банар, хайҕанар тойуктара буолар. Уустар бэйэлэрэ уhааран таhаарбыт тимирдэринэн уhанан оҥорбут хас да хос дуулаҕа куйахтарын кэтэн уонна сэриилэhэр сэптэринэн туhанан кинилэр бухатыырдара атын уус оҥорбут сэбинэн-сэбиргэлинэн туhанар бухатыырын кыайыыта, бу уус оҥорор тимир тэриллэрэ лаппа үчүгэйдэрин, атыттар оҥорбуттарын барыларын баһыйарын көрдөрөр. Атыннык эттэххэ, кыайбыт бухатыыр туттар тэрил¬лэрин оҥорбут тимир ууhа үчүгэй хаачыстыбалаах уус буоларын көрдөрөр уонна кини оҥорор тэриллэрэ атын уус оҥорорунааҕар ордукта¬рын дакаастыыр.

Сахалар былыргы төрүттэрин - курыканнары тимир уустара этилэр диэн академик А.П.Окладников бэйэтин үлэлэригэр дириҥник олоҕуран, научнайдык дакаастаан көрдөрөр. Академик А.П.Окладников норуот тылынан уус-уран айымньыта бу норуот урукку кэмнээҕи олоҕун, үлэтин-хамнаhын уонна төрүт дьарыгын көрдөрөр диэн ааҕар.

Урукку бириэмэҕэ, коммунистар салайан олорбут тоталитарнай былаастарын кэмигэр, нуучча омук баhылыыр оруолун намтатар диэннэр олоҥхону таба сыаналаабат этилэр. Манна ордук нууччатымсыйа са¬тааччы тыл үөрэхтээхтэрэ олоҥхону сыаналааhыҥҥа норуоттарын албын¬ныырга кыттыhыылара улахан оруолу ылбыт буолуон сөп. Биhиги били-гин олоҥхолору хаттаан үөрэтэн, ырытан көрүүбүтүгэр олоҥхо суол¬тата өссө улаатан уонна кэнээн иhэр. Олоҥхолор ис хоһоонноруттан маннык быһаарыылары оҥорор кыахтанабыт:

1. Урукку кэмҥэ сахалар тимири уhаарыыны уонна тимиринэн уhа¬ныыны баhылаабыт буоланнар атын, тула олорбут омуктардааҕар ор¬дук сайдыылаах эбиттэр.

2. Оччотооҕу кэмнэртэн тимир оҥоhуктарын киэҥник рекламалаан, элбэхтик кэпсээн, олоҥхолоон атын дьон билиилэригэр таhааран бэйэлэрэ оҥорор тимир тэриллэринэн эргиэн-атыы үлэтин киэҥник ыыппыттар.

3. Бэйэлэрин тимир сэриилэрин сэбинэн улуу бухатыырдары толору сэбилиир, куйахтыыр, таҥыннарар кыахтаахтар.

И.В.Сталин репрессиятын кэмигэр олоҥхоҕо «Охсор илиилэрин өрө көтөҕөн турар» дьон сахалартан эмиэ баар буолбуттара. Кинилэр көмөлөрүнэн саха омук национальнай уус-уран баайын-дуолун хам баттааһын, олохтон букатыннаахтык туоратыы политиката ыытыллыбыта. Оччолорго Советскай Союз үрдүкү салайар үлэлэригэр үлэлээбит дьон саха омугун сайдыытыгар олоҥхо ылар үрдүкү оруолун таба сыаналааннар итинник туората сатаабыттар быһыылаах.

Билигин саха норуота сайдыылаах омук буола үүнэригэр урукку улууканнаах үлэһит уонна саҥаны арыйааччы төрүттэрин утумнаатаҕына эрэ табыллар үйэтэ үүннэ. Ол курдук Сибиир аан маҥнайгы промышлен¬ноһын, тимири уһаарыыны уонна тимиринэн уһаныыны баһылаабыт, са¬йыннарбыт саха омуга сайдыы суолугар киирэн иһэр.

КЫРЫЫС

Саха тыла олус баай. Үчүгэйгэ баҕарар, ыҥырар тыллары тэҥэ куһаҕан буолууга тириэрдэр тыллар элбэхтэр. Бу тыллар хайдах этил¬лэллэриттэн тутулуктанан күүһүрэн, дириҥээн биэрэллэр. Сахалар үчүгэйи баҕаран этиллэр алгыстарын тэҥэ, куһаҕан быһыыттан көмүс¬кэнэргэ аналлаах кырыыс тылларын тутталлар. Алгыс кэнниттэн кырыыс баар буолуута киһи олоҕо уонна өйө-санаата икки, утарыта хайысхалаах буолууларыгар сөп түбэһэр.

Кырыыс тыллара туохтан сылтаан этиллэллэрин таба быһаарбат буо¬луу кырыыс аҥардастыы куһаҕан эрэ өттүн арыйар. Биһиги бу үлэбитигэр кырыыһы ким туохха анаан туттарын уонна кырыыс тугу туһалыырын арыйа сатыахпыт.

Дьон бары бэйэ-бэйэлэриттэн тугунан эмэ тутулуктаах сылдьаллар. Баай мал өттө тус-туспа буолуута дьон сыһыаннарын биллэрдик улары¬тар. Баайдаах дьон майгылара баһылыыр-көһүлүүр өттүгэр уларыйан, «Мин дуо», «Мин эрэ» диэн этиниилэрэ элбээн хааллаҕына, бэйэлэрин улаханнык сананыылара күүһүрэн, атыттары аанньа ахтыбат буолаллар. Аанньа ахтыбат буолууттан атаҕастабыл үөскээн тахсыан сөп. Киһи киһини атаҕастааһына, баттааһына улахан хомолтону, санаата алдьа¬ныытын үөскэтэр. Атаҕастабыл кыайан ситиһиллибэт буолуута бу дьон сыһыаннарыгар тэҥнэһии суох буолуутун таһаарар.

Саха дьоно бэйэлэрин көмүскэнэргэ анаан этэр тыллара кырыыс диэн ааттанар. Туохтан эмэ сылтаан улаханнык атаҕастаммыт, ночоокко түспүт киһи атын ситиһэр кыаҕа суох буоллаҕына кырыыһы туһанар. Бэйэтэ кыаҕа суох киһиэхэ кырыыһы эттэҕинэ ситиһэр санаата туолар, атаҕастаабыт киһитинээн тэҥнэспит курдук буолаллар. Ол аата, кырыыс атаҕастаммыт киһи куһаҕан санаатын таһааран, тоҕо тэбээн, санаатын ыраастаан, өйүн-санаатын уоскутан тэҥнэһиини оҥорор.

Киһини санаата салайар. Ис санаата кини ис уорганнарын салайан үлэлэтэр. Оҕо хайдах санаалаах да оннук быһыылары оҥорор киһи буолар. Кырыыс киһи санаатын уларытар кыахтаах. Кырыыс тиийиитэ диэн киһи кырыыһы итэҕэйэр буолуутун этэллэр. Ол аата, киһи кырыыс тыллара туолуохтара диэн итэҕэйэр буоллаҕына, кырыыс туолан да хаалыан сөп. Кырыыс тыллара тиийэн киһи санаата уларыйан, бу киһи оҥорор быһыыта кырыыска этиллибитин курдук салалыннаҕына, кырыыс туолла дииллэр.

Буруйдаах, атаҕастаабыт киһи оҥорбут буруйун билинэн бэйэтигэр ылынар буоллаҕына, санаата мөлтөөн биэрэн өйө-санаата арылыннаҕына, кырыыс тыла-өһө киирэн кини өйүгэр-санаатыгар олохсуйдаҕына, иҥнэҕинэ, кырыыс дьэ тиийэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар киирэн иҥмит кырыыс дьэ дьиҥнээх суолтата арыллан, оҥоруохтаах куһаҕанын оҥорор кыахтанар. Ол аата, кырыыс тылларын этиилэрэ буруйдаах, буруйу оҥорбутун билинэр киһиэхэ эрэ тиийиэн сөп. Кыра да буруйа суох, дьоҥҥо ханнык да куһаҕаны оҥорботох киһиэхэ ханнык да кырыыс тиий-бэт. Киһи бэйэтэ өйүн-санаатын кырыыс этиитигэр сөп түбэһэр гына оҥордоҕуна биирдэ, кырыыс тиийэр.

Куһаҕаны да баҕаран этиллэр тыллар буоллаллар син-биир үчүгэйдик наарданан, киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник түһэн иҥэн хаалар гына этиллэллэр. Ыал олоҕун алдьатар, ыарыыны аҕалар буолуохтарын сөп. Кыахтаах, күүстээх санаалаах киһи кыраабыта хас да көлүөнэҕэ тиийиэн сөп дииллэр. Бэйэлэрэ кыраммыт дьон умнубакка өйдүү сыл¬дьар буоллахтарына, умнуллумуон да сөп.

Кырыыс тиийбэт киһитигэр хаһан да тиийбэт. Күүстээх санаалаах киһи кырыыска баһыттарбат. Бэйэтэ буруйа суох киһи буолан: «Кини кыраабыта диэн таах хаалар тыллар буоллахтара»,- диэн быһаарыыны ылынан санаатын бөҕөргөтүннэҕинэ, кырыыс таарыйбат, өйүгэр-санаа¬тыгар иҥпэт. Атын дьон санаалара кини бэйэтин санааларын кыайан буккуйбаттар, уларыппаттар.

Санаатын күүһүнэн киһи кырыыска бас бэринимиэн эмиэ сөп. Бу киһи эппитэ «Сиргэ силлээбит тэҥэ» диэн бэйэтин бөҕөргөтүннэҕинэ санаата күүһүрэр. «Эн эппиккин ыт үрбүтүгэр да холообот» диэн этии тугу да эттэххэ бу киһини таарыйбатын, кыһаллыбатын бэлиэтиир.

Бэйэтин өйүн-санаатын бөҕөргөтүүнэн киһи хаһан баҕарар дьарыктана сылдьыан сөп. Сахалыы «Күрүө» диэни оҥостуохха наада. Туһата суоҕу аахайбат, аанньа ахтыбат буолуу араас тылтан-өстөн барыларыттан киһи өйүн-санаатын харыстыыр.

Кырыыс - кырыыр киһи баҕа санаата тылынан этиллиитэ буолар. Кыраабыт киһи баҕа санаата туоллаҕына санаата көнөр, табыллар.

Кырыыс – куһаҕан баҕа санаа. Дьон өйдөрө-санаалара, кыахтара бары тус-туспа буоланнар олоххо ситиһэр ситиһиилэрэ эмиэ тус-туһунаннар. Элбэх баардаах киһи «Киэҥ көҕүстээх» буолуохтааҕын умнан кэбиһии дьон бэйэ-бэйэлэрин ордук санаһыылара, тэҥэ суох буолуулара күүһүрүүтүн үөскэтэр. Тэҥэ суох буолууттан атаҕастабыл үөскээн тахсыан сөптөөх.

Дьон сыһыаннарыгар бэйэ-бэйэни ытыктаһыы, өйдөһүү баар буолара наада. Ол аата, киһи киһини атаҕастыыра, баттыыра суох буолуохтаах. Кырыыс тыллара атаҕастабылтан көмүскэнэргэ аналлаах этиллэл¬лэр. Дьоҥҥо куһаҕаны оҥордоххо, кими эмэ атаҕастаатахха ханнык эрэ ирдэбил баар буолара куһаҕан быһыылар аҕыйах буолалларын хааччыйар. «Сыылла сылдьар буолуоххар диэри кыраан биэриэм»,- диэн этии баара кырыыс эмиэ тиийиэн сөбүн бигэргэтэр.

Урукку кэмҥэ кырыыһы аҥардастыы куһаҕан эрэ өттүттэн сыаналыыр буола сылдьыбыттара төрдүттэн сыыһа. Ол барыта кырыыс хайдах дьайарын билбэт буолууттан үөскээбит өйдөбүллэр. Кырыыс буруйа суох киһиэхэ кыайан тиийбэт буолуута, дьон сыһыаннарыгар тэҥнэһии, аны аһара барбат буолуу эмиэ баар буоларын үөскэтэр. Кырыыс – киһи киһиэхэ куһаҕаны оҥорорун суох оҥорорго көмөлөһөр. Кырыыс куһаҕаны оҥорор киһи санаатыгар дьайар буолан, куһаҕан быһыылар аҕыйах буолалларыгар тириэрдэр.

Хос быһаарыылар.

1. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

2. Бравина Р.И. Киһи уонна дьылҕа. Дьокуускай: Бичик, 2002. - 160 с.

3. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.

ХАЙАХСЫТ

Омук тыла уһун үйэлэр тухары сыыйа-баайа уларыйан, атын, саҥа тылларынан эбиллэн, сайдан биэрэн иһэр. Саха омук тыла олус былыргы тыл буолан үгүс тыллара туох суолталаахтара кыайан быһаарыллы¬баттар, онтон сорохторо билигин ситэ өйдөммөт буолан эрэллэр. Улахан өрүстэр, сис хайалар, үгүс күөллэр, сирдэр ааттара хаһан, кимнээх ааттаабыттара саҥа быһаарыллыах курдуктар. Саха тылын үөрэтии араас ааттары быһаарыыга ордук туһалааҕынан ааҕыллар.

Үгүс нэһилиэктэр ааттара төрүттээбит дьоннорун ааттарынан аат¬таммыттарыгар сөп. Ол курдук 1637 сыллаахха Боотурускай улууһугар Каяхсыт диэн ааттаах киһи баара бэлиэтэммит. (1,59).

Багдарыын Сүлбэ хайах диэн тылы маннык быһаарар. Хайах – хаһаас балык, атыннык эттэххэ сыма. Сыма уонна хайах диэн тыллар биир суолтаҕа туттуллар эбиттэр. Сыма укпут - Хайах укпут. (2,76).

Хайах хостоһуу диэн сахалыы оонньуу ыарахан хаһааһы соһон таһаарыыны үтүктэр оонньуу буолуон сөп. (3,223). 1710 сыллаахха Сибиирскэй приказ кинигэтигэр саҥа волостар баар буолбуттар. Олортон Боотурускай улууһугар үс: Ожулунскай, Чакырскай уонна Хаяхсытскай диэннэр саҥа үөскээбиттэр. Хайахсыт диэн волость аата Якутскайдааҕы воеводскай канцелярия 1726 сыллааҕы суругар эмиэ киллэриллэ сылдьар эбит. (1,12-13). 1835 сыллаахха Боотурускай улууска 2-с Хаяхсытскай нэһилиэк баар буолбут. (1,22). 1912 сыллаах күһүнүгэр Таатта улууһа үөскээһинигэр бастакы Хайахсыт нэһилиэгэ онно көспүт. (1,23). Революция кэнниттэн бу нэһилиэк аатын хаста да уларыппыттар.

ХААҺАХ

Былыргы кэмҥэ ат көлөҕө малларын-салларын ыҥырдан айанныыр истиэп омуктара баар-суох наадалаах малларын хаалыыр иһиттэрэ хааһах буолар эбит. «Хааһах» диэн сахаларга эмиэ олус тэнийбит тыл. Сахалар эмиэ истиэп омуктарын курдук «Хааһах» диэн акка ыҥырдарга ананан тирииттэн тигиллибит улахан суумканы, бэрэмэдэйи ааттыыллар.

Саха дьоно «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэнэ сырыт», диэн үөрэххэ сыһыаннаах кынаттаах этиилэрэ эмиэ куруук бэйэлэрин кытта араарбакка илдьэ сылдьар суумкаларыгар сыһыаннаах буолан, киһи үйэтин тухары үөрэнэ сылдьарын бэлиэтиир. Итини тэҥэ бу өс хоһооно «Хааһах» диэн тыл төрүт былыргыттан саха тыла буоларын быһаарар.

Былыргы сахаларга Хааһах диэн ааттаах дьон бааллар эбит.

Г.Е.Федоров «Тараҕайдар» диэн кэпсээнигэр Тараҕай Болтоҥо бииргэ төрөөбүт бырааттара Хааһах Маабыра уонна Айдаҥа Боотур диэн буо¬лалларын суруйар. (4,28).

Саха сиригэр «Хааһах аҕатын ууһа» диэн ааттаах аҕа ууһа Хачы¬каат нэһилиэгэр баара биллэр. (5,9).

Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр «Хааһах алааһа», «Хааһах көрдүгэнэ» диэн алаастар уонна Баайаҕа үрэҕэр «Хааһах» диэн ааттаах киэҥ сабарай баар.

Арыылаахха Каженкин диэн нууччалыы тартаран суруллар фамилиялаах дьон элбэхтэр. Бу дьон былыргы олохторо Арыылаах дэриэбинэтин соҕуруу уонна илин өттүлэринэн элбэх улахан алаастарынан тайаан сыталлар. Ол курдук Уһун Өлөҥ, Чопчулаахтар, Нэлэгэр, Хос Көлүйэлэр, Балык Хатарбыт, Хааһах Алааһа диэн алаастарга тэнийэн олорбуттар. Бу сирдэр барылара нэһилиэккэ былыргыттан Улахан аҕа ууһа диэн ааттаммыт «Хааһах» аҕатын ууһун дьоно олохсуйбут сирдэрэ. Кэлин ааты-суолу нууччалыы суруллар буола уларытыыларыгар, аҕа ууһун аатын фамилия оҥосторго, тыллара кыайан өҕүллүбэккэ табатык суруйбатахтар. Ол иһин итинник фамилия үөскээбит.

Урукку кырдьаҕастар бу дьон фамилияларын сахалыы «Хааһыҥныннар» диэн ааттыыллар эбэтэр нууччалыы -кин диэн сыһыарыытын ылан быраҕан, кылгатан «Хааһах» дииллэр этэ. Сороҕор нууччалыы таттаран Кааһынкыннар диэн ааттааһын урукку кэмҥэ баар буола сылдьыбыт .(6,30).

Арыылаах нэһилиэгин остуоруйатыгар биллэр киһинэн Иҥэрчэ Кашенка диэн нууччалар ааттаабыт киһилэрэ буолар. Бу дьон сурукка киллэрбиттэринэн кини нэһилиэк төрүтүнэн буолбут. «Хааһах» диэн Иҥэрчэ аҕатын ууһун аатын тупсаран Кашенка диэн суруйбут буолуохтарын сөп курдук.

Былыргы сахалар киһиэхэ аатын иҥэрэллэригэр кини туох дьарыктааҕын эмиэ аахсаллар. Ол курдук сэриигэ үөрүйэх киһиэхэ сэрииттэн сибээстээх ааттары биэрэллэр эбит. Биир оннук аатынан Иҥэрчэ диэн буолар. Иҥэрчэ диэн ох саа чаачар кирсэ охсор сирин эбэтэр икки уһугун тостубатын, хайдыбатын диэн бөҕөргөтөн иҥиир сабынан эрэдэһиннээн баайыы ааттанар. Оноҕос төбөтүн бөҕөргөтөн эмиэ итинник гыналлар. (3,78). Иҥэрчэ диэн ааттаах киһи Тааттаҕа эмиэ олоро сылдьыбыта биллэр. (7,131).

И.А.Худяков «Хааһах» диэн тылы нууччалыыттан киирбит (Сума казацкого хлеба) диэн өйдөбүллээҕин быһаарар. Итини тэҥэ бу тылы «Казак» диэн тылга маарыннатар. (8,376). Хааһах диэн тыл сахалар төрүт тыллара буолан оннооҕор былыргы өс хоһоонноругар этиллэ, үһүйээн кэпсээннэригэр кэпсэнэ сылдьарын И.А.Худяков аахсыбатах.

«Хааһах» диэн түүрдүү тылы нууччалар уларытан саҥараннар арааһынайдаан ааттыыллар. Ол курдук «Казак», «Казах» диэн тыллар хааһах диэн тылга маарынныыллара чуолкай. Бу хааһах диэн тылтан кэлин үөскээбит казак уонна казах диэн омуктар ааттара үөскээн тахсыбыт буолуохтарын сөп. Бу дьон малларын барытын хааһахха хаалаан баран ыҥырда сылдьалларын иһин итинник ааттаммыттара диэн этиилэр эмиэ бааллар.

Аджи Мурад казак диэн ааттанар истиэп дьоно монголлар сэриилээн кыайбыттарын кэннэ баар буолбуттара диир. Кэлин ыраахтааҕы былааһыгар сулууспалыы киирбит истиэп киһитэ казак диэн ааттаммыт. Ол эрээри маҥнай «козак» диэн ааттыыллар эбит. (9,254).

«Хаһаа» диэн төрүт сахалыы тыл атын омуктар саҥаларыгар хайдах уларыйан сылдьалларын Багдарыын Сүлбэ бэйэтин үлэтигэр быһаарар. (10,24). Ол курдук тувалар хаһааны, хотону, бүтэйи барытын ка¬жаа дииллэр, киргизтэр ынах сүөһүнү, барааны тутар сирдэрэ - кашаа диэн эбит.

Онон казак диэн испиэп олохтоох дьоннорун ааттара «Хааһах» диэн маллаах иһиттэрин аатынан ааттанан атын омуктарга биллэр буолуута оруннаах курдук. Итини тэҥэ «Хааһах» диэн сахалар аҕа уустарын аатын нууччалыы фамилияҕа кубулуйан уларытыыларыгар Кашенка диэн буолуон сөп.

«МОЧИ НЕТ»

Олус уһун кэмнэргэ тыл төрүт суолтата уларыйан атын суолтаны өйдөтөр буола уларыйан хаалар түбэлтэлэрэ бааллар. Биһиги бу үлэбитигэр тыл уларыйан иһэр өйдөбүлүн быһаара сатыахпыт.

«Мочи нет»,- диэн этии «Силы нет» диэн быһаччы өйдөбүллээх. Саха кырдьаҕас дьоно этэллэринэн киһи кырдьан, мөлтөөн бардаҕына «Атаҕын тумсугар ииктиир» буолан иһэр. Бу быһаарыы киһи этэ-сиинэ мөлтөөһүнэ иһинээҕи баттааһына кыччааһыныттан биллэр.

Мөлтөөбүт киһи иигэ нэһиилэ тохтор буоларын кырдьаҕастар үчүгэйдик билэллэр. «Эдэр эрдэхпинэ үс мастаах күрүөнү үрдүнэн тэптэрэр этим»,- диэн кэпсиирэ кырдьа баран эрэр билэр киһим.

Нууччалыы: «Мочи нет»,- диэн этии киһи күүһэ-уоҕа хайдах ииктиириттэн быһаччы тутулуктааҕын быһаарар. Бу тыл былыргыттан киһи этиттэн-сииниттэн тутулуктаах көнөтүнэн өйдөбүлүн билигин да ыһыктыбакка сылдьар. Иигэ ыгыллан тахсара мөлтөөбүт киһи күүһэ-уоҕа аҕыйаабытын бэлиэтиир өйдөбүлэ билигин да сүтэ илик. Кэлин тылы тупсара сатаан ударениетын уонна биир буукубатын уларытыы тылы бэйэтин уларытан, сүрүн, төрүт өйдөбүлүн суох оҥорбут. Ол курдук «Мочь» диэн тыл бэйэтэ «Моча» диэн тылтан быһаччы үөскээн, уларыйан тахсыыта биллибэт буолбут.

Былыргы дьон киһи этин-сиинин тутулуктарын ордук билэр буоланнар туттар тыллара олохтоох, дириҥ төрүттээх эбиттэр. Тылы уларыта, тупсара сатааһын бу тыл төрүтүн, сүрүн өйдөбүлүн суох оҥорор. Ол курдук «Мощь» диэн тыл киһи этиттэн-сиинииттэн быһаччы тутулуктааҕа ханан даҕаны суох, биллибэт буола уларыйбыт.

Сахалар эдэр киһи күүһүн-уоҕун быһаарар этиилэрэ: «Өрө тэбэ сылдьар»,- диэн баар. Эдэр, эрчимнээх эдэр киһини быһаарар этии. Бу этии көнө өйдөбүлүгэр эдэр киһи күүскэ ииктээн өрө тэптэрэ сылдьара, этин-сиинин күүһүн-күдэҕин быһаарыыга олук буолбут.

Эллэй Боотур кэргэн ылыахтаах кыыһын доруобуйатын, этин-сиинин сыаналыырыгар кыргыттар хайдах ииктииллэрин чинчийэр уонна бу чинчийиитин түмүгүнэн кыра кыыһы кэргэн ылара былыргы кэпсээҥҥэ кэпсэнэр. Эллэй Боотур бу быһаарыытыгар кыратык да сыыстарбатаҕын саха дьоно эттэринэн-сииннэринэн билэллэр.

Сылгыһыттар сылгы доруобуйатын хайдах ииктиирин кэтээн көрөн сыысхала суох быһаараллар. Онон, киһи, тыынар-тыыннаах этин-сиинин күүһүн-уоҕун быһаарыы былыр-былыргыттан хайдах ииктиирин көрөн быһаарыыга олоҕурар уонна соччо сыысхала суоҕа быһаарыллар.

АЙЫЫ

Саха тыла олус былыргы тыл уонна атын омуктар тылларыгар ула¬ханнык баһыттара илик буолан төрүт өйдөбүллэрин иҥэринэн сыл¬дьар. Ол курдук саха тылыгар өйү-санааны быһаарар «Ай» диэн тыл баар. Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар; кими, тугу эмэ баар гын, олохтоо диэн киэҥ өйдөбүллээх. (3,15). Бу тыл киһи мэйиитит¬тэн, өйүттэн-санаатыттан саҥаны арыйыы оҥоруллан, «Айыы» буолан тахсарын олус чуолкайдык быһаарар.

Киһи оҥорор бары быһыыларын бэйэтин мэйиитинэн толкуйдаан, быһааран, айан таһаарарын билэр буоланнар сахалар саҥаны арыйыыны «Айыы» диэн ааттаабыттар. Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр элбэх саҥаны арыйыылары, айыылары оҥорор. Ол иһигэр үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорон кэбиһиэн сөптөөх. Үчүгэйи оҥоруу – үрүҥ айыы, онтон куһаҕаны оҥоруу – хара айыы диэн ааттаналлар.

Үчүгэйи эрэ оҥорууга эбэтэр куһаҕаны эрэ оҥорорго аналлаах дьон төрөөбөттөр. Оҕо барыта саҥа төрөөтөҕүнэ олус үчүгэй, минньигэс буоларын бары төрөппүттэр билэллэр. Оҕо кыратыгар үчүгэйэ бэрт буолан төрөппүттэр албыҥҥа киирэн биэрэллэр, оҕону кыра эрдэҕиттэн үтүө үгэстэргэ үөрэппитинэн барыллыахтааҕын умналлар.

Үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор буолуу кэлин оҕо өйө-са¬наата сайдан иһиитин кытта сибээстээх буолан барылара айыыны оҥо-руу диэн буолаллар. Ол аата, киһи оҥорор быһыылара барылара биир мэйиит¬тэн үөскээн, айыллан тахсар буоланнар хайалара да айыы, саҥаны арыйыы буолар эбиттэр.

Дьон бэйэлэрин мэйиилэринэн өйдөөн-санаан туран оҥорор быһыыла¬ра икки аҥы арахсаллар. Киһи мэйиитэ үчүгэй да дьыалалары эбэтэр куһаҕаны да толкуйдаан таһаарар кыахтааҕын саха тыла ити курдук «Айыы» диэн тылынан быһаарар. Киһи мэйиитин саҥаны арыйар оҥоһуу¬лааҕын, дьоҕурдааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэр буоланнар «Айыы» диэн өйү-санааны быһаарар тыллара икки өрүттээх. Биир өттө үчүгэйи оҥордоҕуна, үрүҥ айыы, онтон аҥара куһаҕаны, хара айыыны оҥоруу диэн ааттаналлар. Элбэх өйдөөх киһи оҥорор куһаҕан быһыыла¬ра ордук ыар, улахан содуллаах буолаллар. Улахан уоппуттаах бу¬руйу оҥорооччуну булан тутуу, хаайыы олус улахан уустуктары үөскэ¬тэрин милиция үлэһиттэрэ үчүгэйдик билэллэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан күүһүрэн истэҕинэ куһаҕаны оҥорор кыахтара эмиэ улаатан иһэр. Ол иһин тиэхиникэ уонна экономика сайдыылара дьон олоҕор оҥорор кутталлара улаатан биэрэр.

Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата икки өрүттээҕин арааран билэллэрэ барыта «Айыы» диэн тылларыгар түмүллэн сылдьар. Kинилэр уһун үйэлэригэр элбэх саҥаны арыйыылары оҥорон олохторугар туһаммыт буоланнар ити айыы диэн тыл икки өрүттээҕин билбиттэр. Итэҕэлгэ олоҕурбут бобууну, үгэһи кэһии, дьон сиэригэр баппат быһыылары оҥоруу «Айыыны» оҥоруунан ааҕыллар. (3,16).

Киһи үчүгэйи да оҥордоҕуна, дьон бары билэ, үөрэтэ иликтэринэ син-биир «Айыы» буолар. Саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйи оҥорууга туһуламмыта чахчы билиннэҕинэ, өр кэмҥэ дакаастанан олоххо киирдэҕинэ эрэ, үчүгэй «Үрүҥ Айыыга» биирдэ кубулуйар.

Саха дьоно ханнык баҕарар саҥаны арыйыыны, дьоҥҥо урут биллибэ¬ти оҥорууну син-биир айыыны оҥоруунан ааҕаллар. Ол курдук былыр-былыргыттан киһи бэйэтин өйүнэн туох саҥаны арыйбытын барытын дьону утары, кинилэри баһылыырга, бас бэриннэрэргэ анаан туттар этэ. Билигин даҕаны араас наукалар саҥаны арыйыылара бары быһаччы киһини бэйэтин буол-батаҕына, Айылҕаны утары хайысхалаахтар. Дьон бары саҥаны арыйыы¬ларын үгүс өттүн сэрии сэбин оҥостуутугар, дьону хайдах элбэхтик өлөртүүргэ аныыллар. Ол иһин саха дьоно ханнык баҕарар саҥаны ары¬йыылартан аан маҥнай сэрэнэллэр, чахчы үчүгэйэ биллиэр эбэтэр үчүгэйгэ тиэрдэр буолуор диэри кэтэһэллэр, «Айыы буолуо» диэн этэллэр.

Дьон бары бэйэлэрэ тутан-хабан туох саҥаны арыйбыттарын барытын бэйэлэрин туһаларыгар туһана сатыыллар. Былыргы кэмҥэ экономикаҕа саҥаны арыйдахтарына онтуларын сайыннаран атын омуктары, кинилэр сирдэрин быһаччы сэриилээн ыларга туһаналлар этэ. Туох саҥаны оҥорбуттарын барытын дьону утарарга, баһылыырга аныыллар. Оннооҕор академик А.Д.Сахаров курдук үтүө киһи саҥаны арыйыытын водороднай буомбаны оҥорууга туһаммыта. Маҥнайгы гааһынан үлэлиир тимири быһары айбыт киһи харчылаах сиэйпэни дьөлө быспыта биллэр. Уорууну, куһаҕаны оҥорбут, бэйэтин туһугар туһаммыт.

Киһи итинник быһыыта хаһан да сүгүн көммөтүн, бэйэлэрэ уус дьон буоланнар уһун үйэлэригэр элбэх саҥаны арыйыылары оҥорон туһаҕа таһаараннар саха¬лар билэллэр эбит. Ол иһин сахалар туох баҕарар саҥаны арыйыыттан сэрэнэн «Айыыны оҥоруу» диэн ааттыыллар. Ханнык баҕарар «Айыыны оҥоруу» дьоҥҥо куһаҕаны оҥорор, кинилэр олохторугар уларыйыылары киллэрэр, үгэстэрин уларытарга тириэрдэр. Ол иһин ханнык баҕарар саҥаны арыйыы дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр буолара сөптөөх.

Саҥаны арыйыы дьон олоҕор киллэрэр уратылардааҕын иһин саха дьоно былыргыттан ханнык баҕарар саҥаны арыйыыларга аан маҥнайгыттан сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар, «Айыы буолуо» диэн этэллэр. Онтон кэлин ити саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйэ чахчы биллэр буола дакаас¬таннаҕына, туһалааҕы оҥороро чахчы билиннэҕинэ эрэ үчүгэйи оҥоруу, «Үрүҥ айыы», үчүгэйи оҥоруу диэн ааттыыллар. Саҥаны айыыны ханнык да кыыллар уонна көтөрдөр кыайан оҥорботтор, киһи, мэйиитэ сайдыбыт буолан эрэ оҥорор. Киһи өйдөөх-санаалаах буолан, бэйэтэ толкуйдаан таһааран саҥаны арыйыыны булан, «Айыыны» оҥорор. Сахалар киһи бу саҥаны арыйыытын хайдах көрүҥнээхтик туһанарыттан, дьоҥҥо үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥороруттан көрөн икки аҥы, ханна да халбаҥнаабат чуолкайдык тус-туспа арааран ааттыыллар:

- Үчүгэйи айыы - үрүҥ айыы буолар.

- Куһаҕаны айыы - хара айыы диэн ааттанар.

Киһи тугу оҥорорун толкуйдаан оҥорор буолан, туох оҥорбута ба¬рыта атын дьоҥҥо хайдах өйдөнөрүттэн көрөн, куһаҕан эбэтэр үчүгэй диэннэргэ арахсаллар. Ол аата, куһаҕан уонна үчүгэй диэн өйдөбүллэр үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар уһун кэм устата олохсуйан хаалбыт, үгэскэ кубулуйбут өйдөбүллэр буолаллар.

Былыргы эбэтэр олус да былыргыта суох кэмнэргэ ханнык баҕарар саҥаны арыйыылары дьон үйэлэригэр биирдэ эмэтэ оҥороллоро биллэр. Сахалар былыр «Айыы» диэн этэллэрин саҕана саҥаны арыйыы диэн биирдэ эмэ буолар буолуон сөп. Саҥаны арыйыылар ити билигин эрэ элбээн тураллар. Киһи - аймах өйдөрө-санаалара сайдан истэхтэрин аайы саҥаны арыйаллара кырдьык даҕаны эбиллэн иһэр. Ол саҥаны ары-йыылар бары дьоҥҥо, Айылҕаҕа туһалааҕы дуу, буортулааҕы дуу оҥо¬роллоро өссө дакаастана иликтэрэ элбэхтэр.

Онон, киһи билбэтин, урут туттуллубатаҕы оҥоруу син-биир айыыны оҥоруу буолар. Айыы диэн тыл мээлэ туттуллубат сэрэхтээх тыл. Айыы буолуо диэн сибигинэйэн этиллэр. Бэйэлэрин олохторун соһуччу ула¬рытыахтарын баҕарбат үчүгэй дьон санааларыгар хаһан да сөп түбэспэт, ыарахан тыл.

Ити курдук киһи өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах "Айыы" диэн тыл икки өйдөбүллээх. Бу тыл киһи оҥорор быһыыларын барыларын өйүнэн-санаатынан толкуйдаан, быһааран таһаарбытын биллэрэр. Киһи биллэр үчүгэйи оҥордоҕуна - Үрүҥ Айыы, онтон оҥорбута куһаҕан буоллаҕына - Хара Айыы буолар. Былыр-былыргыттан өй-санаа хайдах туруктааҕын быһаарар тылбытын харыстыырбыт наада. Хайа да киһи бэйэтэ таҥара биэрбит үчүгэй кэһиитэ, бадаарага буолбатах. Кинини олус өр кэмҥэ үчүгэй быһыыларга ииттэххэ уонна үөрэттэххэ эрэ киһилии киһи өйө-санаата иҥэн, үчүгэй киһи буолар. Ол аата, киһи дьоҥҥо куһаҕаны, «Хара айыыны» оҥорбот буола үөрэннэҕинэ эрэ, үчүгэйи, «Үрүҥ айыыны» оҥорор буолара быһаарыллар.

КӨР - КҮЛҮҮ

Саха дьонун санааларыгар туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Ити быһаарыы көргө-күлүүгэ эмиэ сыһыаннаах. Күлүү-үөрүү киһиэхэ өйүн-санаатын сынньатар, аралдьытар буолан, аһара барбатаҕына, олус туһалааҕынан ааҕыллар. Дьону кытта сыһыаҥҥа элэккэй, эйэҕэс буолуу киһиттэн барытыттан көрдөнөр наадалаах хаачыстыба буолар.

Россия киин бэчээтэ барыта, араас көрдөөх анекдоттарынан, кэпсээнэринэн толору. Бу кэпсээннэргэ киһи оҥорор араас быһыыларыттан, өлөрүүлэригэр, сииллэригэр-аһыылларыгар тиийэ кэпсииллэр, ордук дьон олохторугар туох тиийбэтин, суоҕун булан ырыталлар.

Саха дьоно былыргыттан киһи өйө-санаата туруктаах буоларын туһугар куһаҕан, өлөрөр-алдьатар тыллары олус элбэхтик хатылаан туттары боболлор этэ. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан куһаҕан тыллары тыллаһыы, олус элбэхтик хос-хос хатыланар буоллаҕына, киһи ийэ кутугар мунньуллан, үгэс буолан ууруллар. Киһи өйүгэр-санааты¬гар үгэс буолан иҥмит өйдөбүл хаһан да умнуллубат гына дириҥник иҥэр уонна хаһан баҕарар, киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, туттуллан хаалыан сөп диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.

Туохха барытыгар көр-күлүү курдук сыһыаннаһар буолуу, киһиэхэ көтүмэх буолууну үөскэтэр. Тугу да сыаналаабат, туохха да холообот буолуу үөскээн барыыта дьон бэйэлэрин олохторун ситэ сыаналаабат, үлэҕэ-хамнаска киһилии сыһыаннаспат буолууларыгар тириэрдэр.

Саха дьоно оҕолорун кыра эрдэхтэринэ: «Куһаҕан тыллары букатын тылласпат баҕайы»,- диэн үөрэтэ сатыыллар. Көр-күлүү да курдук куһаҕан тыллары олус элбэхтик туттар буолуу өйү-санааны уларытар. Үлэ-хамнас куһаҕанын, ыараханын, туох да туһата суоҕун туһунан көр-күлүү кэпсээннэрэ эдэр дьону үлэттэн тэйитэллэр, чэпчэки үлэни, харчыны эрэйэ суох була сатааһыннарын үөскэтэллэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ туох билбитин-көрбүтүн барытын үгэс оҥостон өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэрэ ордук күүстээх. Саха дьоно ону арааран билэр буоланнар оҕону кыра эрдэҕинэ чиҥник, үчүгэй быһыылары оҥорор буолууга туһаайан үөрэтэри туһалааҕынан ааҕаллар. Билигин сорох дьон ССРС үрэллиитигэр Ю. Никулин олоҕу күлэр, сэтэриир анекдоттара ордук күүстээх оруолу ылбыттара диэн этэллэрэ оруннаах курдук. Ол анекдоттары хас биирдии киһи истэн-билэн, олох ханна сыыһалардааҕын арааран билэр буолбутуттан перестройка хам¬сааһына саҕаламмыта саарбаҕа суох. Советскай кэм олоҕо үгүс дьон көрдөбүллэригэр сөп түбэспэт буолбута билигин билиниллэн турар.

Дьон олохторо бэйэлэрин кыахтарыгар сөп түбэспэт буолуута элбэх анекдоттар үөскээһиннэригэр тириэрдэр. Кинилэр бэйэлэрин кыахтары¬нан олохторун уларытар кыахтара суоҕа, бу олоҕу күлүү-элэк гыныы¬ларыгар үтүрүйэр. Социализм кэмигэр үөскээбит анекдоттар киһи, са¬лайааччы майгына уларыйыытын ордук чаҕылхайдык арыйаллар. «Задняя дверь магазина» хаһан, кимиэхэ анаан арылларын быһаарыы элбэх анекдоттарга кэпсэнэллэр этэ.

Көр-күлүү кэпсээннэрэ төһө даҕаны улахан дьону сэргэхсиппиттэрин, олохторун ыараханын кылгас бириэмэҕэ умуннарбыттарын иһин, саҥа улаатан, өйдөрүн-санааларын тута илик оҕолор истэллэригэр аналлара суохтар.

Үгүс көр-күлүү кэпсээннэр арыгы, наркотик куһаҕан өрүттэрин арыйалларын оннугар, үчүгэй өттүгэр эргитэн таһаараллар. (11,112). Чэпчэки санаалаах эдэр дьон күлүүнү-көрү көнөтүнэн, хайдах истэллэринэн өйдүүллэрин уонна ылыналларын ким да саарбахтаабат. Оҕо лаппа улаатан, өйүн-санаатын туттаҕына биирдэ эрэ улахан дьон күлэн этии¬лэрин нэһиилэ таба өйдүүр буоларын ситэ үөрэтэ иликпит.

Олоҕу, үлэни-хамнаһы күлүү гынар кэпсээннэри оҕо элбэхтик иһиттэҕинэ, бэйэтэ улаатан баран туһалаах үлэнэн дьарыктанарыгар ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Кини өйүгэр-санаатыгар үлэ куһаҕанын, туһата суоҕун, хамнас кэлбэтин туһунан өйдөбүллэр иҥэн хаалбыттара аны кэлэн бэйэтэ үлэлээри гыннаҕына улаханнык мэһэйдиэхтэрин сөп. Билиҥҥи кэмҥэ эдэрдэр үксүлэрэ үлэ-хамнас куһаҕанын туһунан анекдот кэп¬сээннэри итэҕэйэннэр кыайа-хото үлэлээбэт буолуулара биһиэхэ тарҕаммыта ситэ ааһа илик диэхпитин сөп. Үлэлэммит үлэттэн туох эмэ туһа тахсара киһиэхэ бары өттүнэн барытынан, хамнаһынан кэлэн аһынан-таҥаһынан билиннэҕинэ, тылынан этиллэн, араас кэпсээннэринэн, анекдоттарынан киирэн үчүгэйэ лаппа билиннэҕинэ, итэҕэйилиннэҕинэ киһи ордук кыайа-хото үлэлиирэ быһаарыллыбыта өр буолла.

Ол аата, үлэни-хамнаһы, олоҕу көргө-күлүүгэ кубулутуу улахан дьоҥҥо наадалаах, өйү-санааны сынньатарга аналланар буоллахтарына, оҕолорго, эдэрдэргэ улахан буортулаах өттүнэн дьайаллар. Көр-күлүү олус элбээн барыыта ханнык баҕарар дьыалаҕа дьалаҕайдык сыһыаннаһар буолууну үөскэтэн, эдэрдэри соннук майгыга үөрэнэн хаалалларын үөскэтэр. Kэлэр көлүөнэлэр бу олоҕу сөбүлээбэт, күлүү гынар буолууларын үөскэтэн, кинилэр уларытан саҥалыы олоххо дьулуһууларын таһаарар.

КУҺАҔАН ТЫЛЛАР

Дьон олоҕо үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар уонна өйдөбүллэр икки ардыларынан баран иһэрин сахалар былыргыттан билэн оҕолорун үөрэтэллэригэр туһаналларын кынаттаах этиилэр бааллара бигэргэтэллэр. Ол курдук «Үчүгэй куһаҕана суох буолбат» диэн этии үчүгэйи оҥороору аһара баран хаалыы куһаҕаҥҥа кубулуйан хааларын арааран бэлиэтиирин таһынан аһара үчүгэй кэнниттэн олус куһаҕан кэлэрин эмиэ быһаарар. Итини тэҥэ «Ытыыр уонна күлэр аҕас-балыстыылар» диэн этии олус улахан үөрүү кэнниттэн хомолто хайаан да кэлэрин эмиэ бигэргэтэр.

Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэҕи-билиини ылыныыны, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буолууну бэйэтин билэр-көрөр уорганнарын көмөлөрүнэн араартаан билэргэ үөрэнэн иһэр:

1. Хараҕынан көрөн үчүгэйи, куһаҕаны арааран билии.

2. Муннунан сытырҕалаан үчүгэй эбэтэр ыар сыттары араарыы.

3. Айаҕынан амсайан араас амтаннары араарыы.

4. Кулгааҕынан үчүгэй эбэтэр куһаҕан тыллары истэн араарыы.

5. Үтүө эбэтэр куһаҕан санаалары арааран билии.

Оҕо аан маҥнай хараҕынан көрөн үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буоларга үөрэнэр. Онтон өйө-санаата лаппа сайыннаҕына кулгааҕынан истэн үөрэнэрэ эбиллэр. Олус үгүс билиини, үчүгэйи уонна куһаҕаны араартааһыны киһи кулгааҕынан истэн үөрэтэр. Биһиги бу үлэбитигэр кулгааҕынан истии үөрэҕэр киирсэр, бэйэ саҥарар саҥата өйө-санаата сайдыытыгар ылар суолтатын быһаара сатыахпыт. Ол иһин киһи бэйэтэ саҥарар куһаҕан тыллара кини өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ дьа¬йыыларын ырытыахпыт.

Үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар уонна өйдөбүллэр бары омуктар тылларыгар үгүстүк үчүгэй уонна куһаҕан тылларынан бэриллэннэр оҕолорун, дьоннорун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриллэллэр. Хас биир¬дии киһи өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ иҥэрэн үөрэппит үчүгэй уонна куһаҕан быһыылара диэн өйдөбүллэр иҥэн сылдьаллар. Бу өйдөбүллэр оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэн, үгэс буолбут буоллахтарына, киһи өйүттэн-санаатыттан хаһан да, олоҕун ханнык да кэмнэригэр умнуллан хаалбаттар. Олох ыарахан кэмнэригэр үтүө, аһыныгас майгыга үөрэммит оҕолор кырыйдахтарына ордук аһыныгас, харыстас майгылара күүһүрэр. Билигин баар кырдьаҕастар, кыра эрдэхтэринэ ыарахан олоххо эрэйдэнэн улааппыт буоланнар, майгылара эдэр көлүөнэ дьон майгыларыттан итинэн уратыланаллар.

Дьон үгүс өттүлэрэ бэйэлэрин олохторугар оҥорор, тутар, сайдыы¬ны ситиһэр туһугар өйдөрүн-санааларын уураллар уонна үлэлииллэр. Кинилэр оҥорор-тутар буоланнар дьон олохторо инники, сайдыы диэки тохтоло суох баран иһэр. Бу үлэһит дьон оҕолорун туһалаах, үчүгэй быһыылары оҥоруу өттүгэр үгүстүк үөрэтэллэр, такайаллар. Бэйэлэрэ үлэһит дьон оҕолоро үксүгэр үтүө, үлэһит майгылаах буола улааталларын саха киһитэ барыта билэр суола.

Ол да буоллар «Сыа быыһыгар быччархай кыбылларын курдук» үчүгэй дьон быыстарыгар куһаҕан, тугу эмэ бэйэлэрэ оҥорон туһаҕа таһаарар туһунан толкуйдаабат, атын дьон оҥорбут баайдарыттан-малларыттан босхо туһаныахтарын баҕалаахтар эмиэ бааллар. Куһаҕан өйдөөх-санаалаах дьон баар буолууларыгар оҕону иитии-үөрэтии ылар оруола ордук улаханын «Яблоко от яблони недалеко падает» диэн өс хоһооно бигэргэтэр. Кэлин кэмҥэ төрөппүттэр иитэр-үөрэтэр оруолларын намтатан, атын дьоҥҥо сыҕарытан өйдүүр буолуу саха дьонугар тарҕаныах курдук буолан эрэр. Ол курдук оҕону иитии-үөрэтии сүрүн өттө аҥардастыы учууталлар диэки сыҕарытыллан, кинилэр эрэ оҕо иитиитигэр эппиэтинэстээх буолалларын курдук өйдөөһүн олохсуйа быһыытыйда.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ эдэр киһи өйө-санаата сайдыытыгар, киһилии майгына үөскээһинигэр кыра эрдэҕинэ, оскуолаҕа киириэн иннинэ үөрэппит, иҥэриммит өйдөбүллэрэ ордук, урутаан дьайаллар диэн үөрэтиини саҕалыыр. Биһиги бу үөрэҕи саҕалыырбытыгар оҕо өйүгэр-¬санаатыгар биир суолу хос-хос хатылааһын, төһө элбэхтэ хатыланар даҕаны соччонон кытаанахтык иҥэн иһэр диэн өйдөбүлгэ олоҕурабыт, киһи үйэтин тухары ханнык баҕарар үөрэҕи ылыныыта барыта хос-хос хатылааһыҥҥа, үгэс оҥостон иҥэриниигэ олоҕурарын олук оҥостобут.

Киһи бэйэтин саҥатын истэн эмиэ үөрэнэр, үгэс оҥостор дьоҕур¬дааҕын «Куһаҕан тыллары тыллаһыма» диэн үөрэтэр этии баара бигэр¬гэтэр. Өлөрүү, алдьатыы, охсуһар, этиһэр туһунан тыллар бары куһаҕаны оҥорууга ыҥырар буоланнар куһаҕан тылларга киирсэллэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан оҕолорун «Куһаҕан тыллары тыллаһыма» диэн үөрэтэ сатыыллар. Куһаҕан тыллары тыллаһар буолуу элбэхтэ хатылан¬наҕына үгэскэ кубулуйан оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэллэрин былыргылар ордук билэллэр эбиттэрин ити этии бигэргэтэр.

Кыра оҕо «Өлөрүөм, быһыам» дии-дии сүүрэкэлии сылдьар буоллаҕына, ити этэр тыла өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар үгэс буолан иҥэн ууруллан иһэр. Бу ууруллубут өй-санаа хаһан баҕарар, киһи олоҕун ыарахан, соһуччу кэмнэригэр, бу киһи ийэ кутун баһылыыр кэмигэр киирэн хааллаҕына, өйүгэр эмискэ түһэн, өйдөнөн кэлэн толоруллан хаалыан сөбө билигин дакаастана сылдьар. Киһи бэйэтэ саҥарар тылларын кулгааҕынан истэн ылынара ордук күүстээх, өйгө-санааҕа олус түргэнник тиийимтиэ. Ити барыта үөрэҕи ылыныы бэйэтэ хос хатылааһыннаах буоларынан быһаарыллар. Холобур, үөрэнээччи лекцияны истэ олорон сурунан иһэр буоллаҕына ордук дириҥник өйдүүрүгэр ити быһаарыы олоҕурар.

Былыргы дьон киһи өйүн-санаатын итинник уратыларын билэр буо¬ланнар оҕолорун куһаҕаннык саҥара, тыллаһа сылдьалларын кытаанахтык боболлор эбит. Ол бобуу барыта оҕолорун өйүн-санаатын, ийэ ку¬тун харыстыылларыттан, кини туһугар дьиҥнээхтик, ис сүрэхтэриттэн кыһаналларыттан, улаатан киһилии киһи буоларын ситиһэ сатыылларыттан буолар. Ол аата куһаҕан тыллары тылласпат буолуу оҕо өйүн-санаатын харыстыыр, куһаҕан үгэс үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйбатын хааччыйар аналлаах. Былыргы дьон оҕолорун өйдөрүн-санааларын, ийэ кутун ордук харыстыылларын бэлиэтинэн оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин өйө-санаата киириэн иннинэ, атын дьоҥҥо сыһыарбакка, туора харахтаахха көр¬дөрбөккө иитэллэрэ, улаатыннараллара итинэн быһаарыллар.

Төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолоро истэригэр куһаҕан, алдьатар, өлөрөр тыллары саҥарартан туттунар буолуулара оҕолорун өйүн-санаатын, ийэ кутун ордук харыстыылларыгар олоҕурар. Кыра оҕону, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ охсуһарга, этиһэргэ, алдьатарга, былдьаһарга, куһаҕан тыллары тыллаһарга үөрэппэт буолуу, кини киһилии майгылаах буола улаатарын хааччыйар биир сүрүн көрдөбүл буолар.

Оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ, саҥарар тылларыттан үөрэҕи иҥэринэн иһэргэ үөрэнэр. Үөрэҕи ылыныы кинигэттэн доргуччу аахтахха ордук эбиллэрин начаалынай кылаас учууталлара куруук туһаналлар. Оҕо улаатан иһэн куһаҕан тыллары тылласпат буолуута өйө-санаата үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаахтык сайдарын хааччыйар. «Киһи тыла тиийимтиэ» диэн сахалар этэллэр. Бу этии тыл суолтата өйгө-санааҕа дириҥник иҥэн өйү-санааны төрүттүүрүн, киһи майгынын олохсутарын эмиэ бигэргэтэр.

Бэйэ саҥарар тыла киһиэхэ олус күүскэ дьайарын сахалыы андаҕар этиитэ баара быһаарар. Киһи олус күүркэйэн, тыл-өһө сытыыланан ан¬даҕар тылларын этиитэ өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник хатанан этиллибитин курдук быһыылары оҥорорго тириэрдэр.

Тылы элбэхтик, хос-хос хатылаатахха кэлин үгэскэ кубулуйан хаалар. Соһуйдаҕына ханнык эмэ тылы саҥара үөрэнэн хаалбыт киһи ол үгэһин хаһан да быраҕа охсон кэбиспэт. Эмээхсин «Бачах», эҥин диэн соһуйдаҕына тутта үөрэммит тылларын хас соһуйдаҕын аайы саҥаран иһэр. «Өлөрүөм, алдьатыам»,- диэн тыллаһар киһи, ити тылларыттан үөскээбит баҕа санаатын хаһан эмэ толорон кэбиһэр кыахтаныан сөп¬төөҕүн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Ол курдук үгэскэ кубулуйбут өйдөбүл киһи өйүттэн-санаатыттан хаһан да сүтэн, симэлийэн хаалбат, киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан сылдьар уратылаах.

Олох ханнык баҕарар кэмигэр киһи ийэ кута баһылаан салайар быһыытыгар киирэн хааларын урукку үлэлэрбитигэр ырыппыппыт. Бу үлэ¬битигэр куһаҕан тыллартан үөскээбит үгэс киһи өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар уурулла сылдьан баран, хаһан баҕарар өйдөнөн кэлэн толоруллар кыахтанарын салгыы быһаарабыт. Быстахтык быһыыланан куһаҕан быһыылары оҥоро охсон кэбиһэр эдэр дьон элбээн иһиилэрэ ити биһиги быһаарыыбыт чахчытын бигэргэтэллэр. Атаахтык иитиллэн, бас баттахтык тыллаһа үөрэммит дьон олохторугар элбэх эрэйдэри көрсүүлэрэ барылара кэриэтэ биир эмэ түгэҥҥэ бэйэлэрин сыыһа туттууларын кытта сибээстээхтэр. Ол курдук биирдэ арыгыны аһара иһэн кэбиһэн итирии кэнниттэн сыыһа туттунуу эдэрдэргэ олус элбэхтик көстөр быһыы буолла.

Онон, төрөппүттэр кэлэр көлүөнэ дьоҥҥут киһилии быһыылаах буолан уһун, дьоллоох олоҕу олоруохтарын, эһиги баҕаҕыт курдук төрүк¬күт-уускут тэнийэн-сайдан иһиэҕин дьиҥнээхтик баҕарар буоллаххытына, оҕолоргут өйдөрүн-санааларын, ийэ куттарын харыстаан, куһаҕан быһыыларга, куһаҕаннык тыллаһарга үөрэппэккэ кыһанаргытыгар баҕарабыт. Оҕолоргут хайдах киһи буола улааталлара барыта эһи¬гиттэн, төрөппүттэртэн тутулуктаах. Эһиги оҕону үөрэтэргитигэр сымнаан биэрэн, атаахтатан-тараҥнатан, киһиргэтэн улаатыннардаххы¬тына майгына сымнаҕас буола улаатан, олох ыарахаттарын кыайан уй¬бакка, олох чэпчэки өттүн диэки салаллан элбэх эрэйи көрсүөн, олус элбэх баҕа санааларгытын кыайан толорумуон сөп.

Хос быһаарыылар.

1. Ф.Г.Софронов. Якуты. Мирское управление в 17 - нач. 20 века. Якутск: Якутское книжное изд-во, 1987.- 126 с.

2. Багдарыын Сүлбэ. Мэҥэ ааттар. Якускай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- 288 с.

3. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

4. Г.Е.Федоров, Н.Ф.Егоров. Сэргэ төрдүгэр сэһэн: Үһүйээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.

5. П.Н.Харитонов. Купец просветитель и меценат. Якутск: ООО «САПИ-торг-книга», 1999.- 86 с.

6. Уоттаах сыллар суруктара. Саллааттар суруктара, дневниктэрэ. Дьокуускай: «Бичик», 2000.- 112 с.

7. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1995.- 224 с.

8. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинград: Изд-во «Наука», 1969.- 440 с.

9. Аджи Мурад. Европа, тюрки, Великая степь. Москва: Мысль, 1998.- 334 с.

10. Багдарыын Сүлбэ. Аал уоту оттунан. Дьокуускай: Саха сири¬нээҕи кинигэ издательствота, 1992.- 192 с.

11. Анекдоты наших читателей. Вып. 4. Библиотека для чтения «Студенческого меридиана». Москва; 1994.- 254 с.

ААР СААР

Саха тыла төһө былыргыттан ыла үөскээбитэ уонна кэпсэтиигэ тут¬туллар буолбута билигин да кыайан чуолкайдана илик боппуруос буо¬лар. Кэлин кэмҥэ саха омук былыргытын туһунан элбэх үлэлэр сурулуннулар. Былыргы түүрдэр мэҥэ таастарга суруйбут суруктара сахалыы тылынан ааҕыллаллара ордук өйдөнүмтүө диэн быһааран эрэллэр.

Аар Саар диэн холбуу этии саха тылыгар олус былыргыттан туттуллар. Былыргы сахалар төрүттэрин аата Саха Саарын тойон диэн буолара бэйэтэ төһө былыргы кэмҥэ үөскээбитэ өссө биллэ илик олоҥхолорго ахтыллар.

Саха дьонун былыргыларын туһунан суруйааччылар Аар Саар диэн этиини элбэхтик тутталлар. Аар-саар аата алдьаммыт диэн бастыҥ аата-суола, эбэтэр дьоһун-сүҥкэн аата-суола алдьаммыт диэн буолар. Аар-саар аат - бастыҥ, дьоһун аат суол. Аар Тойон, Аар Баҕах, Хомпоруун Саар, Саха Саарын Тойон диир кэриэтэ сололоох, үрдүк аат. (1,306).

Аар саар диэн икки тылтан холбоммут этии. Бу тыллар биирдии бэйэлэрэ өссө былыргылар уонна эмиэ улахан, киэҥ өйдөбүллээхтэр.

Саха дьоно былыр-былыргыттан олус уратыны, улаханы бэлиэтииргэ анаан «Саар» диэн тылы тутталлар. Саар ыаҕас (эргэр.) - би¬лиҥҥи баак кэриэтэ улахан ыаҕас (хол., арыы хаһаанарга). (2,241). Улаханын, ойуччутун бэлиэтээн «Саар ыаҕас» диэн бэлиэтээн ааттыыллар. «Саар ыаҕастаах» диэн сир аата эмиэ баар. (3,109).

«Саха саара, урааҥхай буура» диэн сахаларга киэҥник тарҕаммыт өс хоһооно баар. Бу өс хоһоонун «саар» диэн тылын Г.В.Ксенофонтов былыргы түүрдэр уонна монголлар «цар, чар, шар» диэн тылларыгар сыһыаран «көлүнэр оҕус» диэн буоларын быһаарар. (4,180). Бу өс хоһоонугар «саар» диэн тыл улахан, күүстээх, кыахтаах диэн өйдөбүлгэ туттуллубут.

Э.К.Пекарскай «Аар Саар» диэн тылы ханнык эрэ олус былыргы ытык аат диэн быһаарар. (5,стлб.2094). Бу быһаарыы «Саар» диэн тыл улахан, күүстээх диэн суолтата олус былыргы «Аар» диэн тылы кытта бииргэ туттуллуутунан өссө улаатарын чуолкайдыыр. Сахаларга «Аар» диэн маҥнайгы таҥараларын аата буолар. «Аар» диэн ааттаах улуу киһи, салайааччы үөскүү сылдьыбыт буолуон сөп.

Сахалар Аар Саар диэн сири-дойдуну барытын бииргэ холбуу тутан этэллэр. Аар Саарга - манна: киэҥ сиргэ, сиргэ дойдуга барытыгар диэн суолталаах. (6,110).

Сахалыы аар диэн тылы Э.К.Пекарскай былыргы түүрдэр ару диэн тылларыгар тэҥниир уонна «олус үчүгэй, ытыктабыллаах, ыраас, дуос¬пуруннаах, таҥараҕа тэҥнээх» диэн быһаарар. (5,стлб.126). Саха тылыгар ар диэн төрүттээх аартас диэн тыл баара, көрдөһүү, тылы ылыннарыы диэн өйдөбүллээх. (5,стлб.151). Бу быһаарыыларга эбэн А.И.Гоголев былыргы түүрдэр уонна былыргы индеецтэр тылларыгар аар диэн саха тылыгар маарынныыр тыллар таҥараҕа сыһыаннаахтарын быһаарар. (7,23).

А.Е.Кулаковскай сахалар үрдүк айыыларынан Үрүҥ Аар Тойону ааҕар. Бары сири-дойдуну, дьону айбыт кини буолар диир уонна тох¬сус халлааҥҥа олорорун бэлиэтиир. (8,17). Бу быһаарыы Аар диэн тыл сахаларга олус былыргы кэмтэн ыла тутуллар буолбутун арааран бэлиэтиир. Ол курдук олус былыргы, аан маҥнайгы таҥара аата Аар диэн ааттанар буолуута бэйэтэ бу тыл олус былыргытын дакаастабыла буолар.

Түүр омуктар тылларыттан элбэх тыллар нууччалыы тыллары үөскэппиттэрэ биллэр. Ол иһигэр Сарысу диэн түүрдүү «Араҕас уу» диэн суолталаах тылтан Царицын диэн куорат аата үөскээбит. (3,13). Бу куорат аата үөскээһинэ сахалыы саар диэн тылтан нууччалыы царь диэн тыл үөскээн тахсыан сөбүн бигэргэтэр.

Царь диэн нууччалыы тыл өйдөбүлэ улахан баһылык, салайааччы диэн буолар. Бу тыл Россия государствотын улахан салайааччытын туспа бэлиэтээн ааттыырга аан маҥнай 1547 сыллаахтан ыла туттуллар буолбут. С.М.Соловьев суруйарынан Иван Грознай салайар былааска киирэригэр аан маҥнайгынан царь диэн ааттаммыт. (9,128). Бу кэмҥэ Москва княжествота Рязаны бас бэриннэрэн истиэп диэки саҥа тэнийэн иһэр кэмэ эбит. Царь диэн тыл тарҕаныыта истиэп омуктарын кытта нууччалар холбоһон барыыларыгар тарҕаныыта, бу тыл истиэп омуктарын тыла буоларын быһаарар.

Царь куолакал, Царь пушка диэн олус улаханнарынан аакка-суолга киирбит тэриллэр бааллар. Бу тэриллэри аһары улаханнара бэрт буо¬ланнар итинник уратытык ааттаабыттар. Бу тэриллэр ааттарыгар царь диэн тыл былыргы сахалыы ойуччу улахан диэн суолтатынан туттуллу¬бут. Улаханы уонна ойуччуну бэлиэтииллэринэн сахалыы саар уонна нууччалыы царь диэн тыллар биир суолталаах буолан тахсаллара саха тылын сабыдыала нуучча тылыгар дьайыытын көрдөрөр.

САКА дуу, САХА дуу?

Саха омуга хантан хааннааҕа, кимтэн кииннээҕэ билигин да биллэ илик. Саха дьоно хаһан хоту сиргэ көһөн кэлэн олохсуйбуттара эмиэ быһаарылла илик. Арай кэнники кэмҥэ, перестройка кэнниттэн былыргы остуоруйалары үөрэтиигэ биллэр хамсааһыннар таҕыстылар, сахалар тустарынан киэҥ, научнай үлэлэр сурулуннулар.

Омук тылын үөрэтии бу омук былыргы төрүттэрин булууга улахан кылааты киллэриэн сөп. Омук тыла омук олоҕун кытта быһаччы тутулуктаах сайдар дииллэр. Саҥа үөскээбит тыллар бэйэлэрин анал бириэмэлэригэр эрэ омук тылыгар киирэн иҥэллэр. Омук тыла саҥа тылларынан хайдах эбиллэн, сайдан иһэрин А.И.Эверстов үлэтиттэн булуохха сөп. (10,41).

Сакалар букатын былыргы омуктар. Остуоруйа үөрэҕэр ааттара-¬суоллара дириҥник иҥмит. Биһиги эрабыт биир тыһыынча сыл иннинэ Чернай муора хоту өттүнээҕи истиэптэригэр олохтоох дьону былыргы гректэр скифтэр диэн ааттаабыттар. Ол кэмҥэ Волгаттан илин билиҥҥи Казахстан, Сибиир истиэптэригэр олорбут скифтэри былыргы грек, перс суруктарыгар сака диэн ааттыыллар. Кинилэри эмиэ иранныы тыл¬лаах биистэр хотугу бөлөхтөрүгэр киллэрэллэр. Сака биистэрэ скиф¬тэр курдук көс олохтоох сүөһү иитээччилэр эбит. (11,16).

Былыргы Кушанскай империяны сакалартан төрүттээх юэчжилэр-кушаннар олохтообуттар эбит. Бу империя баһылаан олорбут кэмэ Индийэҕэ сака (шака) эрата диэн ааттаммыт. (10,28). Сакалар (сактар) тэнийбит сирдэрэ наһаа киэҥ, олорбут кэмнэрэ олус өрдөөҥү, биис¬тэрин ааттара сүрдээх уустуктар, ол иһин кыайан ситэ үөрэтиллэ, чуолкайдана иликтэр.

Г.В.Попов элбэх үлэлэри дириҥник ырытан баран сакалар Семиречьеҕэ олорбут өттүлэрэ түүрдүү саҥарар буолуохтарын сөбүн быһаарар. Итини тэҥэ сака диэн тыл саха диэҥҥэ саҥарыллыытын уратытынан кыайан уларыйбатах буолуон сөбүн бэлиэтиир. (11,17-21).

Европа үөрэхтээхтэрэ сакалар иранныы тыллаахтар дииллэр. Кини¬лэр этэллэрин курдук сакалар элбэх биистэриттэн сорохторун тыллара иранныы да буолуон сөп. «Сака» диэн тыл иранныы «Таба» диэн буолар уонна таба көлө үөскээбит, тэнийбит кэмигэр эмиэ сөп түбэһэр. Сака, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, суолтата улам-улам кэҥээн, күн таба, са¬лаа-лабаа, элбэх салаалаах-лабаалаах таҥара, күн, быйаҥ таҥаратын символа эҥин диэн буолбут. (7,121-122).

Сахалар олус былыргы төрүттээхтэрин бэлиэтиир «Таҥара табата» диэн табаны таҥараҕа тэҥнии туруорар суолталаах этии баар. Кэлин сахалар олохторугар табаны туһанартан тэйэ быһыытыйбыттар, салгыы сайдан ат көлөнү баһылаабыттар. Ол эрээри былыр табаны таҥараҕа тэҥнии сылдьыбыттарын, таба олохтору¬гар олус туһалаах кэмэ баар буолан ааспытын ити «Таҥара табата» диэн этии баара бигэргэтэр. Бу этии сакалары кытта сахалар биир ситимнээхтэрин эбии чуолкайдаан биэриигэ эмиэ туһалыыр.

Таймырга олорор долганнар бэйэлэрин сакаларынан ааттанал-лар. Бэйэлэрэ сахалыы саҥараллар. Көрүҥнэрэ былыргы түүрдэргэ ордук маарынныыллар. Нууччалар тоҕо эрэ бу омуктары бэйэлэрэ ааттаналларынан сака диэн сурукка киллэрбэккэлэр долган диэнинэн суруйбуттар. (12,3). Олус былыргы төрүттээх омуктарын билэр буоланнар, бэйэлэрин улууларын баһыттаран кэбиһимээрилэр, анаан-минээн улары-тарга санаммыт курдуктар. Олус былыргы омук буолалларын Муустаах муора биэрэгэр тиийэ үтүрүллүбүттэрэ эмиэ туоһулуур. Олус кырдьаҕас сака омуктар олохторун кэнники суолугар биллэр сайдыыны кыа¬йан ситиспэккэлэр, ордук күүскэ үтүрүллэннэр хоту муора биэрэгэр тиийэн хаалбыттар.

Биһиги бу үлэбитигэр хаһан сака омук дьоно саха буола уларыйыы¬ларын быһаарыахтаахпыт. Ханнык да эппиэт буоларын иһин бу боппуруос быһаарыллар кэмэ кэлэн иһэр. Остуоруйа науката кэлин кэмҥэ лаппа сайынна. Быдан былыргыны өҥөйөн көрөр буоллулар, кытайдар суруйууларын кытта булан туһаналлар. Бу үлэҕэ омуктар саҥарар тылла¬рын үөрэтии эмиэ көмөлөһөр. Сака да, саха да диэн тыллар төһө да маарыннаспыттарын иһин төрүттэрэ тус-туспалар. Сака диэн иранныы «Таба» диэн тыл буоллаҕына, саха диэн төрүт сахалыы тыл буолуон сөп.

Биһиги санаабытыгар бу тылы быһаарыыга Г.В.Ксенофонтов саҕалааһына олук буолуон сөп. Ол курдук сахаларга «Сах» диэн тыл «Уоту умат» диэн суолтаҕа туттуллар. Г.В.Ксенофонтов быһаарыытынан урукку кэмҥэ «Сах» диэн тыл тугу барытын билэр таҥара суолтатыгар туттулла сылдьыбыт. Ол ону сахалар «Сах билэр» диэн этиилэрэ туоһулуур. (13,245). Итинтэн салгыы кини «Саха» диэн тылы Күҥҥэ сүгүрүйэр киhи диэн быhаарар. Манна өссө элбэхтик туттулла сылдьыбыт «Сах сиэтин» диэн этии баарын эбэн биэриэххэ сөп. Бу этии «Сах» уот буолан тугу барытын уматан, сиэн ыраастыырын быһаарар. Эмиэ таҥараҕа тэҥниир этии. «Сах», «Саҕар» диэн тыллар урукку кэмҥэ, ордук уоту чокуурунан саҕан уматар кэм саҕана ордук киэҥник туттуллар эбиттэр.

Сака омуктар ордук сайдыылаах биистэрэ тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаан бараннар, уоту ордук сөбүлүүр буолбуттар. Саҥа идэни баһылааһынтан кинилэр олохторо барыта уоттан быһаччы туту¬луктаах буолуута үөскээбит, кыымынан ыһыахтанар кыһа уота таҥара¬ларыгар кубулуйбут.

Омуктар сака эрдэхтэринэ көлүнэр көлөлөрө, астара, таҥастара табаттан тутуллар буолан таба таҥаралаах эбиттэр. Бэйэлэрин үйэлэ¬ригэр улуу саҥаны арыйыыны оҥороннор, таастан тимири уһааран таһаарар буолуохтарыттан ыла сака омук дьонун сорохторо таба көлөлөрүн бырахпыттар. Бу дьон үлэлиир, тутаах дьарыктара уларыйан таҥаралара эмиэ уларыйбыт «Сах» диэн ааттаммыт. Омуктарын аатын саҥа таҥара¬ларын аатынан саха диэн ааттыыр буолбуттар.

Сахалар итэҕэллэринэн умайа турар кыhа уотун ханнык да абааhы кыайбат-хоппот, сандаарыччы умайар кыhа уота саха дьонун абааhы аймаҕыттан барыларыттан араҥаччылыыр, ол иhин кыhа уотугар сүгүрүйэллэр. Итини тэҥэ бу кыhа уотуттан сахалар төрүт дьарыктара, тимирдэрин уhаа¬рыыта тутулуктанар. Саха дьоло кыhа уотугар, бу уот хайдах умайа-рыттан, сардаҥатыттан, үөрүү-дьол, кыайыы-хотуу, ситиhии тахсар. Ити курдук кыhа уота умайан сандааран, аламай маҥан Күн таҥараҕа кубулуйан билигин даҕаны саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. (14,67).

Сахалар итэҕэллэринэн Аарыма Улуу ойууннара - улуу Уус, тимир ууhа буолар. Кинини эмиэ ханнык да абааhылар аймахтара кыайбат¬тар, бары киниттэн тэйэн биэрэллэр, кыhа уотун сарданата кинини эмиэ харыстыыр. Оччотооҕу кэмҥэ итэҕэли тута сылдьар сүрүн киһи тимир ууһа буолуута итэҕэл бэйэтэ тимир ууһуттан төрүттээҕин быһаарар.

Бу быhаарыы бэйэтэ былыргы сахалар төрүттэрин сүрүн дьарыкта¬рынан тимири уhаарыы уонна тимиринэн уhаныы буоларын халбаннаабат гына дакаастыыр. Ол курдук оччотооҕу кэмҥэ таастан убаҕас тимири уулларан таhаарыы, атын билбэт, үөрэҕэ суох дьон өйдөрүгэр-санаа¬ларыгар ураты күүhүнэн, ойуун абылааһынынан оҥоhулларын курдук өй¬дөбүлү хаалларара чуолкай. Ол иһин тимир уһаарааччы уус улахан аптаах, хомуһуннаах ойууҥҥа тэҥнэнэр. (15,49).

Ойуун кыырарыгар кэтэр таҥаһа ураты оҥоруулаах тирии таҥас буо¬лар. Бу таҥас сүрүн киэргэллэринэн анаан-минээн оҥоруллубут тимир тэриллэр, чуорааннар буолаллар. Улахан ойуун толору таҥаһа үс буут ыйааһыннаах тимир оҥоһуктардаах. (16,312). Ити таҥас оҥоһуута былыргы ойуун бэйэтэ тимир ууһа буоларын кэрэһилээн көрдөрөр. Итиннэ эбии ойуун дүҥүрэ быарык диэн тутарга аналлаах улахан тимир кириэстээх. Ойуун бу кириэстэн тута сылдьан дүҥүрүн эргитэн иһигэр туох баарын көрөөччүлэргэ үгүстүк көрдөрөр эбит.

Былыргы сахалар атын омуктартан уратыларын туоһулуур бэлиэлэр¬дээхтэр. Бухатыырдара түөстэригэр иилинэр төгүрүк тимир куйахтара, ойууннарын таҥаһыгар тигиллэр төгүрүк тимирдэрэ күн диэн аатта¬наллар. Дьахталлар түүлээх бэргэһэлэрин иннигэр күн диэн ааттаах үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгү иилинэллэрэ. (12,111). Итини тэҥэ дьахталлар түөстэригэр кэтэр симэхтэрин үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгэ эмиэ күн диэн ааттанар. Ити бэлиэлэр барылара сахалар Күн дьоно буолалларын бигэргэтэллэр.

Саха дьахталлара былыргы кэмнэргэ эр дьону кытта тэҥҥэ сэриилэһэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп. Бу быһаарыыны туоһулуур көстүүнэн саха дьахталларын түөскэ кэтэр илин кэбиһэр уонна көхсүгэ кэтиллэр кэлин кэбиһэр симэхтэрэ буолар. Бу симэхтэр оҥоруулара былыргы бу¬хатыырдар тириигэ тигиллибит кэтэн кэбиһиллэр чыллырыыт куйахтары¬гар маарынныыр. Дьахталлар симэхтэригэр баар күннэрэ уонна бухатыырдар куйахтарын күнэ биир суолталаах буолуулара биһиги быһаарыыбыт таба буоларын чуолкайдыыллар. Билиҥҥи саха дьахталларын кэтэр киэргэллэрэ былыргы сэрииһит тимир куйаҕа тупсарыллан, кыч¬чатыллан, киэргэтиллэн оҥоруллубута буолар. Саха дьоно уоттан ордук улахан тутулуктаахтарын бэлиэтинэн ки¬нилэр ханна да сырыттахтарына уокка ас бэрсэн аhаталлара буолар, уот иччититтэн көмө-тирэх көрдүүллэрэ, бу бэлиэ сахалар уоту ураты ытыктыылларын бэлиэтинэн ааҕыллар.

Саха сиригэр олохтоох омуктар тимири уһааран туһанар буолбутта¬ра биһиги эрабыт иннинэ бэһис эбэтэр үһүс үйэлэртэн саҕаламмыт буолуон сөп диэн учуонайдар быһаараллар. (17,79). Тааһы уул¬ларан тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан араас сэби-сэбиргэли оҥостон туһаныы, аан маҥнай бу сүҥкэн арыйыыны оҥорбут омуктар олохторугар, кинилэр сайдыыны-үүнүүнү ситиһиилэригэр олус улахан оруолу ылбыта биллэр. Сахалар кэлин 2,5 тыһыынча сыллааҕыта улуу арыйыылары оҥороннор тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар сайдыылара салҕанан барбыт. Саҥа арыйыыларын туһананнар киэҥ сир¬дэри баһылаабыттар.

Сака омуктар сорохторун саҥарар тыллара сахалыы эрэ буолуон сөп. Сакалар бэйэлэрэ былыргы түүрдэр хос төрүттэрэ буоллалларын наука үлэһиттэрэ билиннэллэрэ чугаһаан иһэр. Онтон саха тыла бы¬лыргы түүр тыла буолара дакаастанан турар курдук. Сакалар сахалар төрүттэрэ буолалларын быһаарарга сака диэн тыл саха диэҥҥэ хай¬дах уларыйбытын быһаарыы сүрүн оруолу ылар. Биһиги бу үлэбитигэр оҥорбут быһаарыыбыт онно көмөлөөх буолуон сөп.

Ол курдук былыргы кэмнэргэ таба таҥаралаах сака омуктар тимири уһаарар буоланнар үлэлиир үлэлэрэ, олохторун оҥкула уларыйан уот таҥаралаах саха омукка уларыйбыттар. Бэйэлэрин үйэлэригэр сайдыыны ситиһиилэрэ, тимири уһаарар уонна уһанар буолуулара итэҕэллэрин эмиэ уларытан, уот, «Сах» таҥаралаах саха омук буолбуттарыгар сөп.

ЭЙЭБИТИН ӨССӨ ХАРЫСТЫАХХА

Тыл киһиэхэ дьайар күүһэ бу тыл ис суолтатыгар уонна иһиллэр дорҕооннорун дьүөрэлэһиилэригэр саһан сылдьарын суруйааччылар таба туһанан истиэхтэн кэрэ айымньылары айаллар. Дьүөрэлэһэр тыллар суолталара кытта сөп түбэһэллэрин таһынан хайдах холбуу иһиллэллэ¬рэ улахан суолтаны ылаллар. Биһиги бу үлэбитин эйэни харыстыырга аналлаах «Эйэ-нэм» дуу эбэтэр «Эйэ-дэм» дуу диэн холбуу этиилэри быһаарыыга аныыбыт.

Бу холбуу этии бастакы тыла ханнык да хос быһаарыыны үөскэппэт киэҥник биллэр тыл. Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыаннаһыыларыгар ордук киэҥник туттуллар буолан бу тылы таба туһаныы дьонтон бары¬ларыттан эрэйиллэр. Холбуу этии иккис тыла эбиллэн бу бастакы тылы эбии быһааран, күүһүрдэн, тупсаран биэриэхтээх. Эйэ-дьол диэни эл¬бэхтик туттабыт. Биир суолталаах тыллар буоланнар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрэллэрэ ураты үчүгэйдик иһиллэр. Эйэ улаат-таҕына дьолго тириэрдэрин бэлиэтиир этиигэ кубулуйан ордук тупсан, киэркэйэн биэрэр.

Саха дьонун кырдьаҕас өттүлэрэ «Эйэ-нэмнээх» диэн этиини элбэх¬тик тутталлар этэ уонна билигин да итинник этэллэр. Киһи киһиэхэ сыһыана хайдах сайдан барыытын быһаарарга аналлаах бу тыллары су¬руйааччылар эмиэ киэҥник тутталлара. (18,15).

Сахалар куруук туттар тыллара «Нэмин» билии диэн быһыыны таба сыаналаан, сөптөөҕүн көрөн туттуу аата буолар. Нэмин билэн тутун диэн этии кыратык да аһара барбакка, алдьаппакка, сэрэхтээхтик туттуу аата. Тугу барытын оҥорорго сылыктаан, сыыһа туттубакка аналлаах сэрэтэр этии буолар. Бу тыл олоҕо «Нэм» диэн. Ол аата нэм диэн сэрэхтээхтик, харыстаан тутун диэн өйдөбүллээх. Нэмнэрин билсибит диэн бэйэ-бэйэлэрин дириҥник билсибит дьон ааттара. «Нэмий» - Тугу эмэ улам кыах ылан, улам иһигэр киирэн оҥор диэн өйдөбүллээх. (2,123).

Кут-сүр үөрэх кыһата «Туймаада саҥата» хаһыакка «Нэм» диэн тыл киһи киһиэхэ сыһыанын үөскэтэргэ ураты суолталааҕын быһаарар. Киһи киһиэхэ сыһыана нэмҥэ эрэ олоҕуран үөскүүрүн арыйар. (19,21).

Эйэ-нэмнээх диэн икки тылтан үөскээбит холбуу этии. Иккиэн биир суолталаах тыллар холбуу этилиннэхтэринэ иккис тыл суолтата эбиллэн биэрэр буолан бу этии өссө күүһүрэр, суолтата улаатар.

Холбуу этиигэ киирсэр тыллар суолталара бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэт түбэлтэлэригэр бастакы тыл суолтата түһэр, намтыыр. Эйэ-дэҥ диэн хаһан да эппэппит. Сатаммат. Өйдөбүллэрэ сөп түбэспэттэр. Бэйэ-бэйэлэрин суолталарын утарса сылдьаллар. Эйэ холбуур оҥорор, онтон дэҥ – бааһырдар, алдьатар. Иһиллэр дорҕоонноро эмиэ кыайан дьүөрэлэспэттэр.

Билигин Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар бу «Эйэ-нэмнээх» диэн этиини уларытаннар «Эйэ-дэмнээх» диэни туттуҥ дииллэр. «Нэм» диэн тылы «Дэм» диэҥҥэ тэҥнээн кэбиспиттэрин билигин дьон бары тутта сатыы сылдьаллар.

Эйэҕэ сыһыаннаан холбуу тылы туттуу эйэбит хайдах сайдан иһэрин түстүөхтээх. Бу холбуу этии билигин биһиги эйэҕэ хайдах сыһыаннаһарбытын көрдөрө сылдьар. Билигин саха дьонугар эйэтэ суох буолуу ордук дэлэйдэ, тэнийээри гынна диэн этэллэр. Эйэ дьыалата мөл¬төөһүнүгэр биһиги эйэҕэ хайдах сыһыаннаһарбыт, эйэбитин туох диэн ааттыырбыт ордук улахан оруолу ылар буолуон сөп.

Эйэбитин кытта холбуу туттуҥ диэн этэр тыллара «Дэм» киһиргэс буолууну эмиэ бэлиэтиир. Табылын булбаты, сыыһа-халты туттууну көрдөрөр тыл буолар. Бу тыл эйэни кытта букатын да холбуу туттуллуо суоҕун сөп этэ. Эйэбитин ордук алдьаныы өттүгэр үтүрүйэр. Эйэҕэ сэрэхтээхтик, харысхаллаахтык нэмин билэн сыһыаннаһар ордук буолуохтааҕын суох оҥорор.

«Дэм» диэн тыл тылдьыкка киирбит суолталара манныктар:

«Дэм» - Туох эмэ табыла, туохха эмэ ордук табыллар кээмэйэ, балаһыанньата (сүнньүнэн тардыы форматыгар туттуллар). Дэмэ биллибэт. Дэмин ылбаппын. Быһаҕы охсобун даҕаны хатарыытыгар дэмин ыл¬баппын. Кэмнээбэккэ эрэ быстаххына дэмин ылыаҥ суоҕа.

«Дэм» - Син оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээһин. Күүстээҕин да иһин сүүрбэ бууттаах оҕуһу көтөхпүтүм диирэ дэм ини.

«Дэмнээ» - Тугу эмэ эбии улаатыннаран биэр (хол., туох эмэ алдьанан эрэрин). Хайдаары сылдьыбытын дэмнээтим быһыылаах. Туох эмэ оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээ. Олус дэмнээн кэпсээтиҥ.

Дэм диэн тыл төһө эмэ элбэх суолтатын хомуйан баран сыаналаан көрдөххө бу тыл туох эмэ табылын булбаты, алдьатары бэлиэтиирин таба сыаналыы иликпит. Соччо үчүгэйэ суох суолталаах, киһиргэтэр өйдөбүллээх тылы эйэбитин кытта холбуу сатыыбыт. Эйэ диэн тылы кытта дорҕоонноро эмиэ дэҥ диэн тыл курдук аанньа дьүөрэлэспэттэр, утарыта охсуулаахтар.

Тылдьыппыт ыйыытынан салайтараммыт маннык суруйуохтаахпыт: «Эйэ-дэмнээх» - эйэни кэспэт, иирээнэ суох. Эйэ-дэмнээх кэпсэтии. (2,59). Эйэбитин дэмнээн кэбиһэбит, ордук күүскэ харыстаан биэрэрбит оннугар, күүр¬кэтэн, дэбдэтэн өссө ыһабыт. Бу тылларбыт холбуу этилиннэхтэринэ эйэ¬битигэр туох да туһаны, үчүгэйи аҕалбаттар. Ол курдук дэм күүркэтэр, алдьа¬тар суолтата эйэбитин мөлтөтө, сахсата сылдьар.

Бу курдук ырытан «Дэм» уонна «Нэм» диэн тылларбыт суолталарын булан тэҥнээн көрдөхпүтүнэ тылларбыт букатын даҕаны сөп түбэспэт өссө утарыта турар суолталаахтара биллэн тахсар.

Эйэни харыстыырга, ордук сыаналыыр, сэрэхтээхтик сыһыаннаһар буоларга бу «Нэм» диэн тыл туттуллуон сөбө ордук курдук. Сахалыы санаан көрдөххө баар эйэбитин ордук көрөн истэн биэбэйдээн, бары өттүттэн сөбүлэһэн, нэмин билэн сыаналаан харыстыырга ордук ыҥырар суолталанар. Нэм эйэни харыстыыр суолталаах буолан ордук көмүскүүр, күүһүрдэр. Эйэҕэ сэрэхтээхтик харыстаан сыһыаннаһары эрэйэр, көрдүүр.

Нэм диэн тыл эйэни кытта бииргэ дьүөрэлэһэн туттуллара суолта¬тын өссө дириҥэтэр. Эйэ ордук харыстаныллыахтааҕын, эйэҕэ олус сэрэнэн, сыаналаан, нэмин билэн сыһыаннаһыы наадалааҕын дьоҥҥо тириэрдэр.

Эйэ диэн тылы кытта нэм эрэ холбуу туттуллар аналлаах. Эйэни харыстыахха, нэмин билэн, аһара туттубакка, сымнаҕастык сыһыаннаһыыга ыҥырар буолан эйэни бөҕөргөтөр аналлаах. Саха дьоно эйэлээх олоххо дьулуһабыт. Эйэбитин ордук харыстыырга, көрөргө-истэргэ, күүһүрдэргэ кыһаныахпыт этэ. Ол иһин эйэбитигэр эбэн үтүө тылы «Нэм» диэни эбиискэ туттарбыт ордук буолуо этэ.

Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыана «Эйэ-нэмнээх» буоллаҕына, ордук бөҕө, уһун үйэлээх, бэйэ-бэйэни ытыктаһыыга олоҕурар буолуоҕа, эйэбит ордук бөҕөргүөҕэ, күүһүрүөҕэ.

ЫАЛЛАРБЫТЫН КЫТТА ЭЙЭЛЭҺИЭҔИҤ

Дьон бары ыаллыы олороллор. Үгүс ыаллар ыраахтар, онтон сорохтор чугас, кэккэлэһэ олороллор. Киһини бэйэтинээҕэр ордук билэр дьонунан ыалларын ааҕаллар. Ол аата, киһини лаппа билиэхтэрин баҕарар буоллахтарына ыалларыттан ыйыталаһан билэллэрэ ордук таба сыанабылы биэрэр.

Сахалар саастарын тухары бииргэ олорор ыалларын кытта эйэлээх, бэйэ-бэйэни итэҕэйсэр сыһыаны олохтууллар. Хайа да ыалларын кытта куруук этиһэ, охсуһа сылдьыбыттара былыргы кэпсээннэригэр, үһүйээннэригэр да ахтыллыбаттар. Бу үтүө үгэс сахаларга билигин өссө сайдан күүһүрэн иһэр. Биһиги бу үлэбитигэр сахалар нууччалары кыт¬та ыаллыы олорор сыһыаннарын сырдатыахпыт. Омуктар бэйэ-бэйэлэригэр былыргы кэмҥэ аан маҥнайгы көрсүүлэрэ хайдах сайдан барбытыттан тутулуктанан бэйэ бэйэлэригэр хос аат бэрсэллэр. Маҥнайгы көрсүһүүлэр эйэ-нэмнээхтик, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүнэн, өйөһүүнэн саҕаланнахтарына уонна салгыы сайыннахтарына бу омуктар бэйэлэрин хайдах ааттаналларынан ыҥырсаллар. Омуктар билсиһиилэрэ хайаларыгар эрэ атаҕастабылы, батталы үөскэттэҕинэ бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэспэккэлэр хос, үөҕүү аатынан ыҥырсар буолаллар. (20,13).

Нууччалар Илин Сибииргэ кэлэн иһэн «яколар» диэн омуктар Өлүөнэ өрүскэ олороллор диэн тунгустартан истибиттэр диэн этэллэр. Ол эрээри Саха сиригэр кэлэн баран сахалары кытта төһө эмэ билсэн, көрсөн бараннар тоҕо «якут» диэн сыыһа, атын ааты «саха» диэҥҥэ көннөр¬бөтөхтөрө биһигини интэриэһиргэтэр. Кэлин кэмҥэ учуонайдарбыт он¬тон-мантан була-була кылаадьылыы сатаабыттарын да иһин туоратык, бэйэ этэриттэн атыннык ааттааһын син-биир үөҕүү буолара уларыйан хаалбат, хайдах эрэ ис-киирбэҕэ суохтук иһиллэрэ тупсан кэлбэт. Бу тыл билигин даҕаны «Инородец» диэн өйдөбүлү саха дьонугар ханан эрэ өйдөтө сылдьар, тэҥнээх сыһыаны кыайан олохтообот.

Сахаларга «Тириитин таһынан киирэр» диэн этии баар. Тыл дорҕооннорун охсуулара киһи өйүгэр-мэйиитигэр киирэн бэйэтигэр сөп¬төөх доргуйуулары, хамсааһыннары таһаарар. Үөҕүү тыллара ордук күүстээх хамсааһыннары таһаарар уратылаахтар. Ол иһин үчүгэйдик иһиллибэт буоланнар эйэ¬лээх сыһыаҥҥа мэһэйи оҥороллор.

Саха дьоно билигин нууччаларбытын кытта көннөрү бииргэ эрэ буолбакка букатын ыаллыы олоробут. Хайаан да эйэлээх буоллахпытына эрэ бииргэ олорор дьиэбит үрэллибэккэ туруо этэ. Үөхсэн, куһаҕаннык ааттаһан бүтэрбит буоллар, эйэбит өссө бөҕөргүүрүгэр олук буолуо этэ. Салгыы олохпутугар, оҕолорбут, сиэннэрбит олохторугар өссө эйэлээх буолууларыгар оҥкул уурулларын ситиһиэхпитин хос ааттаһа сылдьарбыт мэһэйдиир. Ол иһин нуучча тылыгар сахалары «якут» диэбэккэ саха диири, онтон саха тылыгар уруускайдары «нуучча» диэбэккэ уруускайдар диэни олоххо киллэриэххэ сөптөөх кэм кэлэр кэмэ буолла быһыылаах.

Кыра, кыаттарбыт киһи хом санаата быдан дириҥ буолар. Кыаттарбыт киһини эбии кыынньаан, үөҕэн биэрдэххэ олус дириҥ атаҕастабылга кубулуйар. Улаханнык хомойбут, өссө эбии атаҕастаммыт киһи эйэлэһэ охсоро кыайбыт киһитээҕэр быдан ыарахан. Бу дьон аны ахсааннара аҕыйах буоллаҕына, «Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй», диэн этиигэ тиийэн хааллахтарына эйэлэһии ордук ыарахан буоларыгар тиийэр.

Сахаларга «Кыайбыт киһи киэҥ көҕүстэнэр» эбэтэр «Kыахтаах киһи киэҥ көҕүстээх» диэн этиилэр бааллар. Кыайыы санаа туолуутугар тириэрдэр буолан «Киэҥ көҕүстээх» буолууну үөс-кэтэр. Кыайбыт, элбэх ахсааннаах дьон киэҥ көҕүстэннэхтэринэ, кы¬раны баран аахсыбат буоллахтарына эрэ иирсибит дьоҥҥо эйэлэһии буолуон сөп. Ол аата, эйэлэһэр дьон икки ардыларыгар кыайыы уонна кыаттарыы балаһыанньата үөскээтэҕинэ, аан маҥнай кыайбыт өрүттэр эйэлэһиини саҕалыыллара табыллар.

Биһиэхэ Россияҕа олус элбэх омуктар бииргэ олороллор. Кыайбыт, баһылыыр омукпут бэйэлэрин ааттаналларынан уруускай омуктарбыт дэнэллэр. Сахалар кыаттарбыт кыһыыларыгар кинилэри эмиэ хардары үөҕэн, хос ааттаан, нууччалар диэн ааты иҥэрбиттэр. Куһаҕан майгы¬ларын билэннэр былыргы үйэлэргэ кыайан эйэлээхтик бииргэ олорботох омуктарын аатынан ыҥырар буолбуттар. Өбүгэлэрбит олус ырааҕы өтө көрөннөр эппиттэрэ дуу, хайаабыттара дуу, сөбүлээбэт дьонноругар былыргы үйэҕэ эстэн, си¬мэлийэн суох буолбут омуктар ааттарын иҥэрбиттэр.

Билигин Саха республикатыгар икки государственнай тыллаахпыт. Бу тылларбытыгар омукпут аатын икки аҥытык ааттыыбыт. Бэйэбит ылыммыт государственнай тылбытыгар омуктутун үөҕэн, хос ааттаан этинэрбитигэр тиийэрбит санаабытыгар ордук ыарахан. Омук омукка сыһыанын тупсарарга аан маҥнай хос ааттаабат, быһыы хоһуйбат, үөхпэт буолуу туһалыа этэ. Эйэлэһии буолуутугар киэҥ көҕүстэммит, элбэх ахсааннаах уруускай омуктар аан бастаан саҕалыыллара эрэйиллэр. Кинилэр бэйэлэрэ аҕыйах ахсааннаах омуктары сыана¬лаан хайдах ааттаналларынан ыҥырар буолууларыттан дьиҥнээх эйэлэһии дьэ саҕаланыа этэ.

Саха диэн тыл уруускайдар тылларыгар сүгүн сөп түбэспэт, ыара¬хан тыл. Уруускайдар тылларын быраабылаларыгар хайа да өттүнэн таба түбэспэт, бас бэриммэт, ураты күүстээх тыл. Ол иһин бу тылы бэйэтинэн уларыйбакка сылдьар гына туспа быраабыла оҥорон уруускайдар тылларыгар киллэриэххэ син сөп этэ.

Ыаллыы, бииргэ олорор дьон хос ааттаһан бэйэ-бэйэлэрин санааларын буорту оҥорбокко сылдьаллара буоллар ордук эйэлээх, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр буолуохтара. Омуктар сайдан иһиилэрин сокуонунан бииргэ олорор омуктар бэйэ-бэйэлэригэр өссө чугасаһан, холбоһон саҥа омугу үөскэтэн, өссө сайдан, үүнэн тахсаллара быһаарыллар.

Хос быһаарыылар.

1. Сэһэн Боло. «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо». Дьокуускай: «Бичик» Нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.

2. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьо¬куускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

3. Багдарыын Сүлбэ. Аал уоту оттунан. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1992.- 192 с.

4. Г.В.Ксенофонтов. Урааҥхай сахалар. Очерки по древней истории якутов. Том 1. 2-я книга. Якутск: Нац. кн. изд-во, 1992.- 318 с.

5. Э.К.Пекарскай. Словарь якутского языка.

6. Г.Г.Окороков, И.К.Сивцев. Саха литературата. Хрестоматия. 10 кылаас. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1981.- 280 с.

7. А.И.Гоголев. Якуты. Якутск: Изд-во ЯГУ, 1993.- 200 с.

8. А.Е.Кулаковскай. Научные труды. Якутск: Кн. изд-во, 1979.- 484 с.

9. В.Г.Валькова, О.А.Валькова. Правители России. Москва: Рольф, Айрис-пресс, 1999.- 352 с.

10. А.И.Эверстов. Айыы аймахтара. Күн улуустара: Иккис түһүмэҕэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 184 с.

11. Г.В.Попов. Хантан хааннаахпытый?: Саха народнай суруйааччы¬ларын төрүттэрэ.- Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 144 с.

12. М.Н.Борисов. Малочисленные этносы Севера: вчера, сегодня, завтра. (социологические очерки): В 2-х частях / РГАТА.- Рыбинск, 1995.- 155 с.

13. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публикации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север- Юг», 1992.- 318 с.

14. К.Д.Уткин. Черная металлургия якутов второй половины 19-го ¬начала 20-го вв. Якутск: Кн. изд-во, 1992.- 88 с.

15. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац . кн. кыһата, 1993.- 56 с.

16. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинг¬рад: Изд-во «Наука», 1969.- 440 с.

17. Н.Д.Архипов. Древние культуры Якутии. Якутск: Кн. Изд-во, 1989.- 192 с.

18. В.А.Протодьяконов. Киһини итэҕэйэр буоллахха: Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1982.- 296 с.

19. «Туймаада саҥата» хаһыат. 28.09.2001. N 37.

20. У.А.Винокурова. Сказ о народе саха. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1994.- 144 с.

ИККИ ОМУК ТЫЛЫН БАҺЫЛААҺЫН УРАТЫТА

Омук тылын-омук баайа, өйө-санаата диэн ааттыыллар. Омук тылын үөрэтэн билии кини үөрэҕин-билиитин, сайдыытын, өйүн-санаатын баһылааһын буоларын кэнники кэмҥэ киһи барыта билэр буолла.

Нууччалар кэлиэхтэриттэн ылата, саха дьоно кинилэр билиилэригэр-көрүүлэригэр, үөрэхтэригэр-сырдыктарыгар кыттыһаары нуучча тылын үөрэтэллэр. Кэнники «социализм» кэмигэр бары бүттүүн үөрэхтээһин киэҥник ыытыллыытын түмүгэр, сахалар бары нуучча тылын баһылаатылар. Ол иһин нууччалар тугу ситиспиттэрин уонна баһылаабыттарын үксүн кэриэтэ саха дьоно эмиэ билэр-көрөр буоллулар. Саха дьонун өйдөрө-санаалара үгүс нуучча дьоннорун өйдөрүн-санааларын таһымын ситистэ диэн этэр кыахтанныбыт. Билигин үлэ-хамнас ханнык да көрүҥнэригэр саха дьоно нууччалартан кырдьык да хаалсыбаттар, өссө үөрэх-билии өттүгэр баһыйан барыах курдуктар.

Биһиги тылы үөрэтээччилэрбит тоҕо икки тылы үөрэттэххэ киһи өйө ордук күүскэ сайдарын кыайан быһааран билэ иликтэр. Ол иһин үгүс саха дьоно хас да омук тылын үөрэтии оҕо төбөтүгэр элбэх ноҕуруусканы оҥорон атын наадалааҕы өйдүүрүгэр мэһэйи оҥорор буолуохтаах диэн санааларын билигин даҕаны быраҕа иликтэр. Кинилэр көннөрү санааларыгар киһи төһөнөн элбэхтик билиини ылынар даҕаны соччонон үөрэнэргэ ыарахан буолан иһиэхтээх диэн истэригэр быһаараллар. Үөрэх-билии киирэн киһи өйүгэр-санаатыгар мунньуллуутун туох эрэ олус элбэх ыараханы мунньунар курдук саныыллар.

Ол эрээри билигин киһи мэйиитэ хайдах үлэлиирин компютеры оҥорооччулар быһааран эрэллэр. Кинилэр быһаарыыларынан киһи мэйии¬тигэр төһөнөн элбэх информация, үөрэх киирэр даҕаны, бу киһи мэйиитин толкуйдуур дьоҕура оччонон улаатан, кэҥээн биэрэн иһэр диэн этэллэр. Ол аата, киһи мэйиитигэр киирэр информация төһөнөн мэйии элбэх миэстэтин ылан, үгүс өттүн үлэлэтэр даҕаны, мэйии үлэтэ күүһүрэн, эбиллэн биэрэр.

Киһи мэйиитин букатын кыра өттө эрэ толкуйдуурга туһалыыр диэн медицина үлэһиттэрэ дакаастаабыттара ыраатта. Бу дакаастабыл мэйиини төһөлөөх да билиинэн, информациянан толорон кэбиһии хаһан да кыаллыбат суол буоларын бигэргэтэр. Ити быһаарыыны өссө маннык чуолкайдаан биэрдэхпитинэ ордук буолуо, икки омук тылын билэр киһи биир омук тылын билэр киһитээҕэр мэйиитин икки төгүл элбэх чааһа үлэлиир буолан, толкуйдуур өйө эмиэ элбээн биэрэр. Итиннэ эбии саха тыла ордук араас уратылардаах, дэгэттэрдээх буолан саха¬лыы тылы билии ордук элбэх өйү бэйэтэ да эрэйэрэ билиннэ. Элбэхтик дьарыктаан истэххэ мэйии элбэх чааһа үлэлиир буолара эмиэ быһаа¬рыллан иһэр.

Киһи сааһыран истэҕинэ олоххо билиитэ-көрүүтэ дириҥээн, өйө-са¬наата эбиллэн иһэр диэн этиини бары билэллэр. Өйү-санааны төһөнөн дьарыктаан, эрчийэн бэриллэр даҕаны мэйии үлэлиир дьоҕура эбиллэн биэрэн иһэрин өй үлэтинэн дьарыктанар дьон, учуонайдар үлэлэрэ сааһыран истэхтэрин аайы өссө кэҥээн, дириҥээн иһэрэ дакаастыыр. Итини тэҥэ оҕо төһө кыра сааһыттан мэйиитин үлэлэтэ, толкуйдуу үөрэтэр даҕаны сайдыыта элбиирэ, үөрэҕи-билиини баһылыыра түргэ-тиирэ эмиэ быһаарылынна. Оҕо төһө кыра сааһыттан саҥарар буолар даҕаны, өйө-санаата сайдыыта түргэтиир. Оҕолору детсад сааһыттан хойутаппакка эрэ үөрэтэр буолуу билигин олоххо киирэн эрэр.

Урукку кэмҥэ сорох дьон санааларыгар оҕолор соччо туһата суох диэбит үөрэхтэрин, кыра омуктар тылларын билбэттэрэ, үөрэтэн эрэй¬дэммэттэрэ ордук диэн этэллэрэ. Кинилэр санааларыгар киһи мэйиитин араас туһата суоҕунан толордоҕуна наадалааҕы өйдүүрүгэр миэстэтэ тиийбэт буолуох курдук эбит этэ. Маннык өйдөбүл үөскээбит кэмигэр тылы үөрэтии соҕотох нуучча тылынан муҥурданар этэ. Билигин роботтары оҥорор специалистар билинэллэринэн, саҥа оҥоруллар роботтор тарбахтарын сатаан хамсаталларыгар ордук элбэх өй-мэйии наада буолар. Олус улахан кыахтаах компьютер өйө тиийэн роботтар киһи курдук имигэстик хамсанар буолуулара билигин да ыраах. Маннык быһаарыыны дьоҥҥо сыһыаннаан, тэҥнээн көрдөххө, но¬руот уус-уран тарбахтаах маастардара бары тулалыыр дьон-сэргэ ор¬толоругар өйдөрүнэн-санааларынан лаппа уратыланаллара, элбэх би¬лиилээхтэрэ-көрүүлээхтэрэ биллэр.

Наадалаах хамсаныылары имигэстик оҥорор буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэринэн бу идэҕэ олус элбэх өй-санаа наада эбит диэн быһаарыыга сөбүлэһиэхпитин сөп. Тарбахтарынан уустук хамсаныылары оҥорон үтүө бэйэлээх айымньылары айан оҥоруу кырдьык олус уустук уонна элбэх өйү эрэйэр үлэ буоларын бары билэбит. Саха норуота, үгүс-элбэх биллэр маастардардаах, уустардаах норуот, ханнык баҕа¬рар үлэ көрүҥэр кыайа-хото үлэлиир дьоно былыргыттан элбэхтэр.

Икки омуктар биир сиргэ эйэлээхтик олорон үһүс омугу, бааһынай¬дары үөскэтэн таһаардахтарына, бу үһүс омук, иккиэннэрин тылларын билэр, олохторун үөрэҕин баһылыыр буолан, атын икки омуктарын өй-¬санаа өттүнэн баһыйталаан барар. Ол аата, икки омук билиитин-көрүүтүн, тылларын тэҥҥэ туһанар буоланнар, өйдөрө-санаалара аһара сайдыылаах, олоххо ордук уоппуттаах, үөрэҕи-билиини баһылааһыҥҥа ордук буолан тахсаллар. Саҥа омук, үһүс омук үөскээн тахсан икки кырдьаҕас омуктары баһыйан барара итинник быһаарыллар.

Билигин саха дьоно үлэлээн-хамнаан иҥэринэр билиилэригэр-көрүүлэригэр бэйэлэрин сахаларын тылын дириҥник баһылааһыннара уонна өссө нуучча тылын эбиискэ үөрэтэн билиилэрэ эбиллэн, өй-санаа сай¬дыытын үрдүкү кэрдииһигэр тахсалларыгар толору кыахтаахтар. Саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар үөскээбит ити уратыларын үөрэҕи-билиини, үлэни¬-хамнаһы баһылаааһыҥҥа таба туһаналлара эрэ наада. Киһи өйүн-санаатын итинник уратыларын билэн таба туһаныы, саха дьонун сайдыы өссө үрдүк таһымнарын ситиһэллэригэр тириэрдэр кыахтаах.

САХА ТЫЛЫН ХАРЫСТААҺЫН

Саха дьонун баар-суох баҕа санаалара сыыйа-баайа туолан, бэ¬йэлэрин төрөөбүт тыллара кэнники кэмҥэ сайдан-үүнэн иһэр. Ол эрээри саха тыла салгыы сайдан иһиитигэр улахан мэһэйдэр баалларын «Тыл, өй, билии» диэн сыл аайы ыытыллар конференцияҕа бэлиэтииллэр. Ол мэһэйдэр сүнньүнэн манныктар:

1. Куорат оскуолаларыгар саха тылын дириҥник үөрэтэр кылаастар аҕыйахтар.

2. Оскуолаларга саха тылын үөрэтии чаастарын эмиэ сарбыйан кэбиспиттэр. Маннык быһыыны Саха республикатын үөрэҕин министерствота бэйэтинэн оҥорор.

3. Саха тыла үлэҕэ-хамнаска туттуллар эйгэтэ кыайан кэҥээбэт. Бэйэбит төрөөбүт тылбытын харыстааһыҥҥа тиийдэхпитинэ биһиги сахалар ылынар быһаарыныыларбыт икки аҥы, икки өрүттээх буолан тахсар эбиттэр. Биир өттүттэн сибигинэйэн төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарыахха диибит, онтон иккис өттүттэн, нуучча тылын «Улуу тыл» диибит, өрө тутабыт, күөмэйбит муҥунан арбыыбыт уонна үөрэтиҥ, билиҥ диэн оҕолорбутугар этэбит. Бэйэлээх бэйэбит төрөөбүт тылбытын оҕолорбутугар үөрэтэрбитигэр аны кимтэн эрэ көҥүллэтии уонна ыйан биэрии көрдүү сатыы сылдьабыт.

Билигин биһиги олохпутугар үөскээн тахсыбыт балаһыанньа быһыытынан, Саха республиката сайдан иһиитинэн, саха уонна нуучча тыл¬лара бииргэ туттуллан, бэйэ-бэйэлэрин күөнтэһэр, конкуреннар буо¬лан таҕыстылар. Кэлин нуучча тыла күүһүрэн, барыга-бары тэнийэн баран иһиитэ саха тылын туоратар, кытыы диэки үтүрүйэн эрэр. Ман¬нык балаһыанньаҕа нуучча тылын аһара күүһүрдүү саха тылын эстэн-¬быстан барыытыгар тириэрдэрэ саарбаҕа суох. Нууччалар бэйэлэрэ даҕаны элбэх ахсааннаах, кыахтаах омуктар. Кинилэр тыллара биһиги аҕыйах ахсааннаах дьон өттүлэриттэн хайгыырбытыгар, арбыырбытыгар букатын даҕаны наадыйбат. Онон, биһиги сахалар хайдах эмэ гынан бэйэбит төрөөбүт тылбытын бастатан туран, хайгыырбыт эбитэ буоллар бэйэбитигэр ордук туһалаах буолуо этэ.

Мантан инньэ ити курдук икки өрүттэнии быһыытын уларыттахха эрэ саха тыла сайдыан сөп. Аҥардастыы нуучча тылын өрө тутан хайгыы сылдьан саха тыла тоҕо маннык мөлтөөн иһэрий диэн ыйыппыта буолуу сирэй көрбөх буолууга тэҥнэһэр быһыы буолара чахчы. Саха тылын си¬рэй көрбөх буолуу ордук мөлтөтөр. Мантан инньэ биир тылы, бэйэ ты¬лын, саха тылын ордук чорботон хайгыахха сөп этэ. Ол үлэни маннык көрүҥнээхтик ыытыы табыгастаах буолуо.

«Нуучча поэтэ Пушкин, улуу поэт этэ буолан баран, бэйэбит Ойуунускайбыт суруйуута саха дьонугар ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө»,- диэн хайҕааһын ордук туһалыа этэ.

Итини тэҥэ бары спортсменнар конкурены хайдах намтатар туһугар тугу оҥорору чуолкайдык билэллэр. Онно биир ньыманан конкурены хайҕаабат, өрө туппат буолуу эмиэ киирсэр. Ол аата конкурены ха¬йаан даҕаны иккис миэстэҕэ туруоран биэрэн иһиллиэхтээх. Бэйэ кэн¬ниттэн. Манна ордук Россия сайдыытын таһымынан Аан Дойду үрдүгэр ылар миэстэтин дьоҥҥо быһааран биэрии ылыахтаах. Ол курдук мөл¬төөн-ахсаан иһэр экономика эмиэ омук тыла мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр. Кэнники кэмҥэ Москваҕа үөскээн тэнийэн, тарҕанан иһэр сирэйдэри көрсүү быһыыта-майгыта Россия дьонун эмиэ үчүгэй диэки тардыһын-нарбат, төттөрү намтатан атын омуктартан арааран иһэр.

Биһиги сахалар бэйэбит төрөөбүт тылбытын анньа ахтан харыстаа¬баппыт бэлиэтинэн баар-суох «ийэ» уонна «аҕа» диэн тылларбытын атын омук тылыгар атастаһан эрэрбит буолар. Бу бэлиэ биһиги омук¬пут мөлтөөбүтэ, ахсаабыта өссө да ааһа илигин бэлиэтэ. Ол аата са¬ха омук бэйэтин тылын билигин даҕаны кыайан көмүскүүр кыаҕа суоҕун көрдөрөр.

Саха омугу харыстыахха диэн бары этэллэр. Бу боппуруоска бары сүнньүнэн олус сөбүлэһэллэр эрээри тугу ордук күүскэ харыстаныах¬тааҕа өссө быһаарылла илик. Хайдах тылбытын харыстыыры билбэппит. Ханнык эрэ «трактор» диэн сахаларга букатын суох тылы, хайдах суруйабыт, «тыраахтар» диирбит дуу диэн мөккүөрү таһаарабыт, өссө нууччаларбытын кытта кыттыһан олорон эрэ латинскай алфавиты саха тылыгар киллэрдэхпитинэ ордук буолара дуу диэн үөрэтэн көрөбүт. Омугу харыстааһын бу омук тылын уонна итэҕэлин харыстааһын буолар диэни эмиэ бары билэр курдукпут. Умнуллаары гыммыт саха итэҕэлин сөхсүтэн, оннугар түһэрии үлэтэ саҕаланан баран иһэр.

Саха тыла сайдан республика биир государственнай тылынан ааҕыл¬лар. Ол эрээри саха тылын туттуллар эйгэтэ олус кыараҕас. Сахалар баһылаабыт үлэлэригэр эрэ туттуллар. Ол иһин саха тылын хас даҕаны бөлөхтөргө арааран баран, тус-туспа көрүҥнээхтик харыстыыр эбитэ буоллар, омукка бэйэтигэр ордук сыһыаннаах тыллар ордук күүскэ көмүскэллээх буолуо этилэр. Омукка ордук сыһыаннаах эбэтэр туспа омук буолары бэлиэтиир тыллары омук төрүт тылларынан ааттыахха сөп. Хас биирдии төрүт тылы ураты күүскэ харыстааһын, омук үйэтэ уһаан, быстыбакка, сайдан бара турарыгар тириэрдиэхтээх.

Биһиги сахалар, билиҥҥиттэн ыла маннык хайысхалаах үлэни ыытам¬мыт төрөөбүт тылбытын харыстыырга турунарбытын туох даҕаны мэһэйдээбэт. Саха тылын ордук күүскэ харыстыыр наадаҕа тылы барытын маннык бөлөхтөргө араартааһын ордук көмөлөһүөн сөп:

1. Омукка бэйэтигэр сыһыаннаах тыллар: айылҕаҕа, киһиэхэ бэйэ¬тигэр, кыылларга, сиргэ-уокка сыһыаннаахтар. Ити тыллары барыларын саха омук төрүт тылларынан ааттыахха сөп.

2. Үөрэххэ-билиигэ сыһыаннаах тыллар.

3. Үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах тыллар.

Бу тыллар үс улахан бөлөхтөрүттэн омук бэйэтигэр ураты сыhыаннааҕынан бастакы бөлөх тыллар буолаллар. Итилэр омугу бэйэтин уонна омук дьоно бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта сыhыаннарын арааран көрдөрөр тыллар буоланнар, бу омук уратытын, ол аата дьиҥнээх бэйэтин көрдөрөллөр уонна уратыларын быһаараллар.

Биһиги омукпут тылын саппааһын маннык бөлөхтөргө араартаан баран харыстаатахпытына, биһиги тылбыт ордук уһун үйэлээх буолуо этэ. Тоҕо диэтэхпитинэ, киһиэхэ бэйэтигэр уонна айылҕаҕа сыһыаннаах тыллар биһиги омукпутун ордук чуолкайдыыллар. Ити тыллар эрэ ким ханнык омук буоларын быһаараллар. Ол иһин ити тыллары омук баар-суох, төрүт тылларынан ааттаан баран, ураты күүскэтик харыс-таныллыахтаах. Төрүт тыллары күүскэ харыстааһынтан эрэ саха омук уларыйбакка, эстибэккэ сайдан иһиэ этэ.

Бастакы бөлөх тыллар хас биирдии омук аайы тус-туспа уратылаахтар, арай былыргы төрүттэрэ биир омуктар ханнык эмэ бөлөх тыллара ордук улаханнык маарыннаhаллар эбэтэр олох даҕаны биир буолаллар.

Биhиги саҥарар тылларбытын маннык үс улахан бөлөхтөргө араарарбыт хайаан даҕаны улахан наадалаах буолара чугаhаан иhэр. Кэнники кэмҥэ Сир үрдүгэр олорор норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрэ тупсан, араас эргиэн, атыы-тутуу кэҥээн иhэр. Кинилэр саҥарар тылларыгар аҕыйах да буоллар атын омуктар тыллара кыбыллан сыыйа эбиллэн биэрэллэр. Бастаан иһэр сайдыылаах омук тылын үөрэтэн баһылааһын кинилэр экономикаларыгар кыттыһарга кыаҕы биэрэр. Ол иһин сотору кэминэн экономика тутаах көрүҥнэригэр уонна наука эҥэригэр үгүс омуктар туттар тыллара биир сүрүн сайдыылаах омук тыла буолан иһэллэр. Ити курдук үлэҕэ - хамнаска уонна үөрэххэ-билиигэ сыһыаннаах тыллар, омуктар сайдан, бииргэ үлэлиир буолан истэхтэрин аайы, холбоһон биир буолан хаалаллар. Ити иһин туспа омук буолары айылҕаҕа, дьиэҕэ-уокка, киһиэхэ бэйэтигэр уонна итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар эрэ быһаарар буолаллара кырдьык буолан иһэр.

Үөрэх-билии тыллара билиҥҥи кэмҥэ сайдыылаах омуктан ылыллар буоланнар сотору-сотору уларыйан биэрэн иһиэхтэрин эмиэ сөп. Ол курдук экономикаҕа уһун кэмҥэ сайдыыны ситиһии ханнык даҕаны омук¬ка кыаттарбат суол буоларынан, ити тыллар эмиэ уларыйан биэрэн иһэллэр. Холобур, урут бастаан Аан дойдуга биллэр тылларынан грек омук тыла, онтон латынь тыла, билигин английскай тыл буоллулар.

Тыл үөрэхтээҕэ академик В.В.Радлов үөрэтиитинэн саха тыла хас даҕаны омук тыллара холбоспуттарыттан хомуллан үөскээбит. Кини быһаарыытынан саха тылын 32,5 бырыһыана түүр, 25,9 бырыһыана монгол, онтон 41,6 бырыһыана биллибэт омук тыллара эбиттэр. Омук атын ому¬гу кытта эйэлээхтик бииргэ олордохторуна, биир омук атын омуктан үөрэҕи-билиини ылыннаҕына тылын саппааһыгар сайдыылаах омук тыла киирэн иһэр. Саха дьоно нууччалартан үөрэҕи-билиини ылбыттарын тэҥэ тылларын эмиэ ылбахтаабыттар. Кэнники кэмҥэ нуучча тылыттан киирии тыллар төһө элбээн эрэллэрин Радлов курдук ким да ааҕа илик.

Билигин омуктар ураты күүскэ сайданнар бэйэ-бэйэлэрин кытта си¬бээстэрэ тупсан, араас атыы-тутуу дьыалаларын бииргэ оҥорор буо¬ланнар уонна үгүс техникаларын бииргэ тутталларынан уопсай саҥарар тыллаах буолан тахсаллар. Кинилэр ити тыллара ханнык омук техникатынан туһаналларыттан олус тутулуктанар. Кинилэр бастаан иһэр сайдыылаах омук оҥорон таһаарар техникаларын тутталларын сөбүлүүллэр. Ол аата сайдыылаах омук тыла лаппа баһыйар оруолланан тахсара чуолкайданар. Маннык быһыыны олох сайдыытын төттөрү ыытар кыаллыбатын курдук уларытар эмиэ табыллыбат.

Онон, ханнык эмэ сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук бэйэтин тылыгар сайдыыни-билиини аҕалар омук тылын, наука, саҥа технологиялар тыл¬ларын, киллэрдэҕинэ эрэ сатанара быһаарыллар. Арай итиннэ ханнык тыллары уонна төһө кээмэйдээхтик киллэрдэххэ омук бэйэтин тыла уларыйан хаалбатын эрэ билии наада буолуо этэ.

Тыллары маннык бөлөхтөргө араартааһын уонна тус-туспатык харыстааһын саха омугу бэйэтин уларыппакка эрэ салгыы сайдыытыгар тириэрдиэ этэ. Тоҕо диэтэххэ сайдыылаах омуктан үөрэҕи-билиини ылыныы, үлэҕэ-хамнаска экономикаҕа кыттыһыы ити омук тылын бэйэҕэ иҥэринии, киллэрии буолан иһэр. Ол аата, ханнык эмэ омуктан туох эмэ саҥаны, үчүгэйи, урут бэйэҕэ биллибэти ылыныы, бу омук тылын кытта бэйэ тылыгар холбуу киллэрэн иһиигэ тириэрдэр.

Төрүт тыллары ордук күүскэ харыстаатахпытына, саха дьоно нуучча омуктуун холбоһууларын кэнниттэн саха омук тыла баһылыыр, сүрүн оруолун сүтэрбэккэ ордон хаалыан сөп. Оччоҕуна саҥа омук дьоно биһиги сахабыт диэн ааттаныахтарын, сахалыы саҥарар буолуохтарын эмиэ сөп. Омук сайдыыта маннык көрүҥнээхтик сайдан бардаҕына саха омук өссө сайдан үрдээн иһиэ этэ. Дьэ ити иһин хара маҥнайгыттан, бу кэмтэн саҕалаан омук төрүт, баар-суох тылларын харыстыырга турунарбыт эрэйиллэр. Хас биирдии харыстанан ордон хаалбыт төрүт тыл, саха омук үйэтэ уһууругар тириэрдэр кыахтаах.

Айылҕа халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан хас биирдии киһи төрүүр, улаатар онтон өлөр. Ол иһин үтүө санаалаах киһи барыта бэйэтин кэнниттэн оҕолоро ордон хаалан кини оҥорон испит дьыалаларын салҕааччы буолуохтарын баҕарар. Бу киһи бэйэтэ төһө улахан суолталаах дьыаланан дьарыктанар даҕаны бэйэтин ордон хаалар оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ улаатан иһэллэр. Ол курдук үйэтин тухары үлэлээн-хамнаан туох эмэ баайы-малы мунньунан бэйэтин оҕолоругар хаалларыан баҕарар киһи оҕолоро кини курдук өйдөөх-санаалаах дьон буолуохтарын олус күүскэ баҕарар.

Ханнык баҕарар омук бэйэтин туспа омугунан ааҕынар буоллаҕына төрөөбүт тылын харыстыахтаах диэни бары билэбит. Ол гынан баран билиҥҥи кэмҥэ омукка ордук суолталаах, киниэхэ бэйэтигэр чугас ту¬рар төрүт тылларын ордук күүскэ харыстаатахха эрэ туспа омук буо¬лар уратылары сүтэримиэххэ сөп курдук. Онтон атын үөрэххэ-билиигэ, наукаҕа уонна үлэҕэ-хамнаска туттуллар тыллары бэйэлэринэн даҕаны эбэтэр сахалыыга уларытан даҕаны туттуохха сөп. Дьиҥнээхтик саха тылын харыстааһын диэн маннык үлэ ааттаныа этэ.

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫ ҮӨРЭТИИ.

Сир-дойду үрдүгэр олорор үгүс элбэх дьон бары бэйэ-бэйэлэриттэн үлэлиир дьарыктарынан, тас көрүҥнэринэн, итэҕэллэринэн уонна саҥарар тылларынан уратылаhан тус-туhунан омуктарга арахсаллар. Кинилэр биир сүрүн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар бэлиэлэринэн аан маҥнайгынан саҥарар саҥалара, ол аата төрүөхтэриттэн аан маҥнай саҥарбыт тыллара, төрөөбүт тыллара буолар. Төрөөбүт тылларын харыстыыр, үөрэтэр уонна сайыннаран иһэр омуктар уһун үйэлээх омук¬тарынан ааттаналлар.

Маннык быһаарыыга сөбүлэстэхпитинэ, омук тыла салгыы сайдан иһэрин хааччыйарга, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн дьиэҕэ-уокка төрөөбүт тылларынан саҥарда үөрэтии ылыахтаах. Ити аата, омук тыла ордук улаханнык дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах, бу омук дьахталларыттан быһаччы тутулуктааҕа быһаарыллар. Маны өссө чуолкайдаатахпытына, ийэ оҕото кыра эрдэҕинэ кинини көрүүнү-истиини барытын бэйэтэ оҥорор буолан, оҕото аан маҥнайгы саҥарар тылларын суос-соҕотох ийэтин эрэ көмөтүнэн, кини хайдах саҥарарын уонна үөрэтэрин үтүктэн саҥара үөрэнэр. Итинэн, оҕо ханнык омук тылынан аан маҥнай саҥара үөрэнэрэ барыта дьахталлартан, ийэтиттэн уонна эбэтиттэн эрэ ордук улаханнык тутулуктанара чуолкайданар.

Онон, омук тыла кимтэн ордук тутулуктааҕын булан быhаардахпытына, аан маҥнай бу омук дьахталларыттан, ийэлэриттэн быhаччы тутулуктаах. Кинилэр, ол аата омук дьахталлара, атыттары үтүктэн туспатык саҥара үөрэммэтэхтэринэ эбэтэр бэйэлэрэ атын омук буола сатаабатахтарына, бу омук төрөөбүт тыла соччо түргэнник симэлийиэ суоҕун сөп курдук. Ол курдук ийэлэр, бэйэлэрин оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт тылларыгар үөрэттэхтэринэ, бу омук симэлийэн сүппэккэ салгыы сайдан баран иһэрин толору хааччыйаллара дакаастанан тахсар.

Билигин Россияҕа бара турар «Перестройка» хамсааһына хайа омук ханнык омугу батыһан, ким кимтэн ханнык үөрэҕи уонна билиини ыларын өссө төгүл чуолкайдаан биэрэн эрэр. Итини тэҥэ, маннык балаһыанньа хайа омук ордук былыргы төрүттээҕин уонна олоххо дьулуурдааҕын саҥалыы сыаналыыр кыаҕы биэрэр. Россияҕа үөскээн эрэр рынок сыһыаннаһыылара, оҕону үөрэтиигэ саҥа, урут суох ньымалары киллэрэр. Ол курдук оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ төрөппүттэр ылар оруолларын үрдэтии, кинилэр оҕолоруттан ирдиир көрдөбүллэрэ улаатан, үрдээн барыытын таһаарар. Төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт тылларын үөрэтэллэригэр көмөлөстөхтөрүнэ, бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах дьон буолан тахсалларын ситиһэллэр. Ийэ уонна аҕа - учууталлар, кинилэр бэйэлэрин оҕолорун бэйэлэрэ хайдах иитиллибиттэрин курдук иитээччилэр уонна үөрэтээччилэр буолалларын ордук дириҥник итэҕэйэллэрэ наада кэмэ кэллэ.

Оҕолоро улаатан истэхтэринэ, аҕа-тойон, баhылык, онтон ийэ-хотун буолан бараллар. Кинилэр элбэх киһилээх хаһаайыстыбаны, ыалы тэрийиини уонна салайыыны баһылыыллар. «Социализм» үйэтин кэмигэр чааһынай бас билиини суох оҥорон, дьонтон баhылыыр-дьаһайар бы-лаастарын былдьааhын кинилэри олус мөлтөппүтэ уонна барыларын, туохтара да суох, үүрүллэ сылдьар дьоҥҥо кубулуппута. Маннык балаhыанньа билигин рынок кэмигэр сыыйа көнөн барара сабаҕаланар, ол аата, чааһынай бас билии дьоҥҥо төннүүтэ, кинилэр кыайа-хото эрчимнээхтик үлэлииргэ оҕолорун үөрэтэллэригэр кыаҕы биэрэн иһэр.

Билигин ырыынак сыһыана киирэн, чааһынай бас билии дьоҥҥо эргиллиитэ сотору кэминэн эр дьон бары хаачыстыбаларын тосту тупсаран, кинилэри дьиҥнээх «аҕа баhылыктарга» кубулутуон сөп. Оччоҕо ыаллар ийэлэрэ эмиэ кинилэри ытыктыыр, сыаналыыр буоллахтарына, баҕар оҕолорун аҕаларын «аҕа»,- диэн ытыктабыллаахтык ыҥырыахтарын уонна оҕолорун эмиэ оннук үөрэтиэхтэрин сөп этэ.

Онон, биһиги омукпут тыла төрөппүттэр илиилэрин иһигэр баара, ордук улаханнык дьахталлартан тутулуктааҕа быһаарыллар. Саха дьахталлара төрөөбүт тылларын дириҥник сыаналаан, үөрэтэн-билэн, ытыктаан бэйэлэрин оҕолорун үөрэттэхтэринэ эрэ, саха тыла салгыы сайдан баран иһэр кыахтанар.

ТӨРҮТ ТЫЛЛАР

Билигин саха оҕолорун сорох төрөппүттэрэ ийэ уонна аҕа диэн са¬ха омук төрүт тылларын букатын даҕаны наадата суох тыллар курдук саныыр буоллулар. Ол иһин бу кылгас ыстатыйаҕа ийэ уонна аҕа диэн тыллар оҕо иитиитигэр, кини улаатан истэҕинэ, өйө-санаата сайдан уларыйыытыгар оҥорор уратыларын быһааран, ырытан көрүөхпүт.

Билигин элбэх төрөппүттэр улаханнык айманан, эдэр оҕолорун иитиилэрэ ураты уустугуран иһэрин туһунан элбэхтик кэпсэтэллэр. Хас биирдии төрөппүттэр оҕолоро улаатан, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн бэйэлэринээҕэр ордук тупсан, кинилэр оҥорон испит дьыалаларын салҕааччы буолуохтарын баҕараллар уонна оҕолорун оннукка үөрэтэ сатыыллар. Ол эрээри билигин үйэ уларыйан иһэр диэн ааттаан, оҕолоругар итэҕэл уонна ытыктабыл туһунан билиини букатын даҕаны үөрэппэт, иҥэрбэт буоллулар. Маннык итэҕэл уонна ытыктабыл туһунан өйдөбүллэр оҕо иитиитигэр туох суолтаны ылалларын үгүс төрөппүттэр бэйэлэрэ кытта билбэттэр. Кинилэр оҕолоро улаатан иһэннэр төрөппүттэрин баҕа санааларыгар сөп түбэспэт өйдөөх-санаалаах уонна майгылаах буолан хаалалларыттан соһуйан эрэ хаалаллар. Ол курдук ханнык кэмҥэ төрөппүттэр уонна оҕолор икки ардыларыгар өйдөспөт буолуу тахсарын кыайан быһаарбаттар. Онтон бу өйдөспөт буолуу кинилэр икки ардыларыгар сыһыан уларыйан барыытыттан тахсар. Оҕолор улаатан хайы-сахха улахан киһи буолан иһэннэр, аны кинилэри кытта сыһыан уларыйан, итэҕэлгэ уонна ытыктабылга тирэҕирэр, улахан дьоннуу сыһыан буолан барарыгар наадыйаллар. Бу кэмҥэ төрөппүттэр оҕолорун, бэйэлэрин ытыктыырга уонна сыаналыырга кыра эрдэхтэринэ үөрэппэккэ, хойутаан хаалбыттарын дьэ билэн айманаллар. Кинилэр оҕолорун куруук кыра эрдэхтэринээҕилэрин курдук, олус үчүгэй истигэн, толоругас майгылаах этилэр диэн саныылларын кыайан уларыта охсубаттар уонна улааппыт оҕолорун кыра оҕо курдук хамаандалыы эбэтэр манньа биэрэн албынныы сылдьыахтарын баҕараллар.

Улаатан иһэр оҕолор майгылара уларыйыыта төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн хайдах сыһыаннаһалларыттан быһаччы тутулуктаах буолан тахсара син билиннэ.

Кэнники кэмҥэ саха дьонугар төрөппүт ийэни –«маама» диэн, онтон аҕаны –«паапа» диэн ааттааһын тарҕанан эрэр. Бу тыллар ордук куоракка үөскээбит оҕолорго, нууччалары үтүктүү быһыытынан киэҥник тарҕаннылар. Үгүс төрөппүттэр бу тыллары оҕолорбутун нууччалыы саҥарарга уонна билэргэ үөрэтэрбитигэр туһалаах диэннэр кинилэри кыра эрдэхтэриттэн итинник саҥарарга бэйэлэрэ үөрэтэн кэбиһэллэр.

Бу тыллары саха дьоно хайдах иһиллэллэринэн, көнөтүк өйдүүллэр. Ол курдук бу тыллар сахалыы өйдөбүллэрэ ханнык даҕаны иитэр-үөрэтэр өрүттэрэ суох, төттөрүтүн соччо үчүгэйэ суох өйдөбүллээх¬тэр. Ити аата бу тыллар оҕолорго бэйэлэрин төрөппүттэрин ытыктаабат уонна аанньа ахтыбат буолууларын иҥэрэллэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ уустуга суохтук саҥарыллар тылы урут тутта үөрэнэр. Биирдии дорҕооннордоох тыллары аан маҥнай саҥарар. Кыра буолан тыл суолтатын кыайан быһаарбат. Кэлин улаатан истэҕинэ тыл дорҕооннорун суолталара, киһи мэйиитигэр таһаарар хамсааһыннара оҕоҕо эмиэ биллэр буолар. Итиннэ эбии тыллар суолталара киһиэхэ биэрэр өйдөбүллэрин аарааран билэргэ үөрэнэр. Тыл маннык дьайыытын быһаарыы чуолкайын кэнники кэмҥэ куоракка үөскээбит саха оҕолорун майгылара-сигилилэрэ алдьаныыта элбээбитэ, өй-санаа өттүнэн улаханнык буорту буолуулара уонна төрөппүттэрин букатын сыаналаабат, аанньа ахтыбат буолан иһэллэрэ дакаастыыр. Ол курдук аныгы оҕолор ийэлэрин ас таһан аһатар киһиттэн атыннык са¬наабаттарын туоһутунан «Маа, аста аҕал, маа, бу наада» диэн куруук көрдүү эрэ үөрэниилэрэ, онтон аҕаларын «Па, маны оҥор» диэн аны куһаҕаны туппут курдук, соруйары баһылааһыннара буолар.

«Маа» дорҕоон сахаларга хаһан даҕаны аанньа ахтыллыбат, үчүгэйдик иһиллибэт дорҕоон. Ордук чуолкайдык бу дорҕоону ынах маҕырыырыгар тэҥнииллэр. Ол курдук ынах маҕыраатаҕына: «Ынах «Маа»,-диэтэ,- ас көрдүүр быһыылаах»,- диэн биллэр өйдөбүллээх. Итини тэҥэ бу дорҕоон «Маҥ» диэн кыра ыт ньаҕыйан үрэригэр эмиэ тэҥнэнэр уонна: «Аахайымаҥ, ити кыра ыт үрэр»,- диэн туох да суолтата суоҕу бэлиэтииргэ туттуллар.

Улаатан иһэр оҕолор төрөппүттэригэр сыһыаннара уларыйыытыгар төрөппүттэр бэйэлэрэ эрэ эппиэти сүгэллэр. Кинилэр оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, хайдах бэйэлэригэр сыһыаннаһалларыгар, ким диэн аат¬таан ыҥыралларыгар бэйэлэрэ үөрэтэн кэбиһэллэрэ улахан оруолу ылар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүт ийэтин уонна аҕатын ытыктыырыгар, убаастыырыгар, оҕолоро улаатарын, киһи-хара буоларын туһу-гар үлэлии - хамныы сылдьалларын сыаналыырга үөрэнэригэр, кинилэри хайдах ааттаан ыҥырара ордук улахан оруоллааҕа билиннэ.

Ити иһин аныгы төрөппүттэр оҕолоро кинилэри ытыктыылларын, үлэлэрин-хамнастарын сыаналыылларын наадатыгар, бэйэлэрин олохторугар тугу эмэни туһалааҕы ситиһэр дьон буола улаатан тахсыахтарын баҕарар буоллахтарына, аан маҥнай бэйэлэрин ийэ уонна аҕа диэн ааттаан ыҥыралларыгар үөрэтэллэрэ ордук буолуо этэ. Бу тыллар бэ¬йэлэрэ саха дьонун итэҕэллэриттэн төрүөттээх буоланнар иитэр-үөрэтэр суолталара ураты үрдүк. Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн ити итэҕэл тылларын иҥэрэн, итинник саҥарда үөрэтии кинилэргэ ийэлэригэр уонна аҕаларыгар ордук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар тириэрдэр.

Оҕо төрөппүттэрин ийэ уонна аҕа диэн ыҥырара, киниэхэ бу төрөппүт дьонун ордук ытыктыырыгар, сыаналыырыгар иэйиэхсит уонна айыыһыт таҥара курдук саныы, өйдүү үөрэнэригэр күһэйэр. Саха дьо¬нугар бу олус дириҥ суолталаах, ытыктабыллаах тыллар буолаллар. Ол иһин оҕолорго эмиэ итинник дириҥ, халбаҥнаабат өйдөбүллэри хааллараллар.

Оҕо ийэтин ийээ диэн ыҥырар буоллаҕына, бу тыл бэйэтин суолтата оҕо өйүгэр-санаатыгар киирэн олохсуйар уонна кини ийэтигэр сыһыа¬нын улааппытын да кэннэ уларыйбат гына быһаарар. Ол аата, оҕо ийэ¬тигэр бу тыл ис суолтатыгар сыһыаннаһарын курдук сыһыаннаһар буола улаатар. Онтон ийэ диэн саха тылын суолтата сахалар итэҕэллэрин иэйиэхсити кытта быһаччы сибээстээх. Оҕо ийэтин ийээ диэн ааттаан ыҥырар буоллаҕына, кини өйүгэр-санаатыгар ийэтин убаастыыр, ытыктыыр өй-санаа олохсуйан хаалар.

Тыл суолтатын оҕо кыра эрдэҕинэ өйдөөбөккө эрэ туттар. Кинини аан маҥнай хайдах саҥара үөрэтэллэр даҕаны, ол курдук саҥарбытынан барар, ордук боростуойдук саҥарыллар «маама» уонна «паапа» диэн тылларынан төрөппүттэрин ыҥырарга түргэнник үөрэнэн хаалар. Онтон улаатан истэҕинэ ити тыллар ис суолталара дьэ дьиҥнээхтик өйдөнөн барар. Бу кэмҥэ оҕо төрөппүттэригэр сыһыана биллэрдик уларыйар. Ити иһин төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн ийэ уонна аҕа диэн бэйэлэрин ааттыырга үөрэттэхтэринэ, оҕолоро кинилэри хаһан баҕарар, кырдьан да олордохторуна ытыктыыр, сыаналыыр буолуохтара.

Оҕолор төрөппүттэрин ытыктаабаттарын уонна сыаналаабат-тарын биир бэлиэтинэн кинилэр туох эмэ; үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу, дьыалалары оҥороору сылдьаннар кинилэр тустарынан мэйиилэригэр да оҕустаран көрбөттөрө буолар. Итинник тугу эмэ оҥороору гыннахтары¬на: «Бу оҥорбуппун ийэм туох дии саныаҕай?»- диэн эдэр киһи тол¬куйдуу үөрэнэрэ буоллар, кини араас сөбө суох быһыылары оҥорортон туттунуо этэ.

Онон, бу ийэ уонна аҕа диэн тыллар саха оҕолорун төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктаахтар. Эһиги бэйэҕит оҕолоргут эһигини ытык¬тыыр, эһиги кэриэскитин толорор дьон буолуохтарын дьиҥнээхтик баҕарар буоллаххытына, оҕолоргутугар бэйэҕитин убаастыырга, ытыктыырга уонна үлэҕитин сыаналыырга кыра эрдэхтэриттэн үөрэтиҥ. Оннук үөрэтии биир көрүҥүнэн оҕолоргутун ийэ уонна аҕа диэн ытыктабыллаах тылларынан бэйэҕитин ааттата үөрэтэргит буолуо этэ.

Дьоҥҥо барыларыгар кэннилэригэр хаалар кэнчээрилэрэ, оҕолоро, баар-суох олохторун салҕааччылара, баайдарын-малларын элбэтээччилэрэ буолаллар. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ бары кыахтарын уураллар уонна кинилэртэн эмиэ хардары көрдөбүллэри эрэйиэхтээхтэр. Ол төрөппүттэр көрдөбүллэрэ биир эрэ, бэйэлэрин баҕа санааларын оҕолоро толоруохтарын баҕараллар. Онтон оҕолоро кинилэр баҕа санааларын толороллорун наадатыгар кинилэри ытыктыыр уонна сыаналыыр буола улаатыахтаахтар. Кинилэр ити баҕа санааларын ситиһэллэригэр ийэ уонна аҕа диэн саха омук төрүт тылларын иитэр-үөрэтэр суолталара ордук көмөлөһүөхтэрэ. «Социализм» кэмин саҕана саха омук төрүт тыллара: «Ийэ» уонна «Аҕа»,-диэн тыллар мөлтөөhүннэригэр урут ыраахтааҕы баарын саҕана, куhаҕан иҥсэлээх майгыларынан үгүс дьоҥҥо биллибит православнай таҥара дьиэтин үлэhиттэрэ: «аҕабыыт» уонна «ийэбиит» кыттыhыылара ордук улахан оруолу ылбыта. Ол курдук үгүс сахалар «советскай», таҥараны итэҕэйбэт былаас кэмигэр, таҥараҕа сыhыана суохтарын көрдөрөөрүлэр ити төрүт тылларбытын улаханнык туораттылар. Билигин сахаларга итинник ааттаах таҥара дьиэтин үлэhиттэрэ суох буолуулара уонна аныгы дьон православнай таҥараҕа сыhыаннара уларыйан «Ийэ» уонна «Аҕа»,-диэн төрүт тылларбыт бэйэлэрин дьиҥнээх суолталарынан туттуллуохтарын сөп буолла.

Биһиги бу үлэбитинэн санааҕыт хоту үчүгэй майгылаах, бэйэҕитин дириҥник ытыктыыр, эһиги кэриэскитин толорор, кэлэр көлүөнэҕитин сайыннарар оҕолору иитэн-үөрэтэн, киһи-хара оҥороргутугар баҕарабыт.

ТЫЛ КҮҮҺЭ

Сахалар былыр-былыргыттан бэйэлэрин тылларын иччилээх уонна кистэлэҥ күүстээх диэн ааттыыллар. Баай тыллаах уонна тыл күүһүн сатаан туһанар талааннаах дьон ити күүһү дириҥник баһылааннар бэйэлэрин уус-уран айымньыларыгар киэҥник туһаналлар. Тыл күүһэ ордук чаҕылхайдык хоһоонунан этиллэр уус-уран айымньыларга арыллар. Итини тэҥэ олоҥхоҕо уонна оһуохайга тыл күүһэ элбэх киһиэхэ холбуу дьайар уратыланар.

Кэнники кэмҥэ оһуохайдааһын киэҥник сайдан саха тылын күүһүн үгүс оһуохайдааччылар бэйэлэринэн билэллэр. Дорҕооннорунан талан наардаммыт оһуохай тыллара биир тэҥ хамсаныылары кытта дьүөрэ¬лэһэннэр киһини угуйар, киһиэхэ эбиискэ эрчими биэрэр уонна оһуо¬хайдааччылары барыларын бииргэ ситимниир, күүркэтэр курдуктар.

Ити аата тыл хайдах киһиэхэ дьайарый? Бу быһыыны быһаарыыны киһи тылы хайдах көрүҥнээхтик билэриттэн саҕалыахха:

- Аан маҥнай тыл саҥарыллыытын күүһүнэн киһиэхэ иҥэн киирэр. Тылы төһө күүстээхтик, дьиппиэнник уонна түгэхтээхтик саҥарыллар даҕаны оччонон истэр киһиэхэ дьайар күүһэ улаатан иһэр.

- Тылга иҥэн сылдьар бэйэтин суолтата дьон өйдөрүгэр киирэн, ол суолтатын курдук өйдөбүлү хаалларар.

- Тыл дорҕоонноро хайдах иһиллэннэр киһи өйүгэр түһэллэриттэн тутулуктанан тыл өйдөбүлэ күүһүрэн, суолтата уларыйан биэрэр.

Этиллэр тыллар дорҕооннорун дьүөрэлэһиилэрэ бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэстэхтэринэ тыллар күүрэннэр өйдөнөллөрө эбиллэн иһэр. Айылҕаттан айдарыылаах талааннаах дьон тыллар дорҕооннорун сөптөөхтүк дьүөрэлэһиннэрэн, наардаан саҥардахтарына тыллар ураты күүһүрэллэр уонна иччилэнэллэр.

Бар диэн тылы сымнаҕастык эттэххэ, сыыйа барыыны тириэрдэр, онтон этии күүһүрэн, дьиппиэрэн истэҕинэ, р- буукуба уларыйан ырдьыгынааһыҥҥа чугаһаан бардаҕына барыы түргэтээн биэрдэҕинэ эрэ табыллар.

Холбуу туттуллар тыллар дорҕооннорунан сөп түбэстэхтэринэ ордук күүһүрэн тахсаллар. Киэр диэн тылы бар диэни кытта холбуу туттуннахха «Киэр бар» диэн ураты күүһүрэр, ол курдук умус диэҥҥэ түс диэни холбоотоххо «Умса түс» буолан тахсан букатын буоратар өйдөбүллэнэр.

Маннык быһаарыыга бары тылынан уус-уран айымньылар төрүттэрэ олоҕуран айыллалларын тыл үөрэхтээхтэрэ сатаан туттаннар, тупсаҕайдык иһиллэр айымньылары айаллар. Кинилэр ордук хоһоонунан этиллэр уус-уран айымньыларга тыллар күүрүүлэрин сатаан туһаналлар. Биһиги быһаарыыбытыгар итини сөп эбит диэтэхпитинэ, тыл күүһэ дорҕоонноругар баара чуолкайданар. Ол аата ханнык тылга, ханнык дорҕооннор баалларыттан уонна олор бэйэ-бэйэлэрин кытта сөптөөхтүк дьүөрэлэһэллэриттэн тутулуктанан тыл киһиэхэ дьайар күүһэ уларыйан биэрэн иһэр. Ол аата, тыл дорҕоонноруттан үөскүүр хамсааһыннар киһи мэйиитигэр, өйүгэр-санаатыгар быһаччы дьайыыны оҥороллоро быһаарыллар.

Итинник быһаарыыга олоҕуран саха омук төрүт тыллара ханнык дорҕооннортон үөскээбиттэрин чуолкайдыырбыт наада. Бу тыллары наардыырбытыгар омук өйүгэр-санаатыгар уонна итэҕэлигэр сыһыаннаах тыллары хомуйарбыт ордук буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ бу тыллар омук төрүт тыллара буолаллар.

Саха омук маннык өйдөбүллэргэ сыһыаннаах төрүт тыллара барылара «а» уонна «и» дорҕооннортон саҕаланар тыллар буолар эбиттэр. Ол иһин бу икки дорҕооннору саха итэҕэлин, өйүн-санаатын төрүт дорҕооннорунан ааттыахха сөп.

Ордук сахаларга «а» дорҕоон ураты суолталаах. Бу «а» дорҕоонтон үөскээбит тыллар ордук саха омугу күүһүрдэр, эрэллээх, бэриниилээх буоларга ыҥырар суолталаахтар уонна итэҕэли, өйү-санааны кытта ситимнээхтэр. Холобур: андаҕар, аҕа, алгыс, айхал, ай, айыы, айыыһыт, арчы, акаары, аҥала у.д.а.

Онтон «и» дорҕоонтон саҕаланар тыллар саха киһитин өйүгэр-санаатыгар быһаччы дьайар аналлаахтар уонна омук төрүт итэҕэлин кытта быһаччы ситимнээхтэр. Холобурун ыллахха: иччи, итэҕэл, ийэ, иэйиэхсит, илбис, илгэ, ил, иирбит, итирбит, имэҥ у.д.а.

Саха омук олус былыргы төрүттээх омук буолара чуолкайданан турар. Былыргы түүр омуктар сахалыы саҥарар уонна суруйар эбиттэрэ дакаастанан эрэр. (1,164). Ордук ол иһин саха омук төрүт тыллара уһун үйэлэргэ чочуллан ураты күүстээх уонна иччилээх буолбуттар. Тыл иитэр уонна үөрэтэр күүһүн табатык туһанар наадаҕа былыргыттан аналлаах өйдөбүллээх тыллары бэйэлэрин суолталарынан туһаннахха дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ордук тиийэрэ ситиһиллэр. Оччоҕуна, тыл бэйэтин суолтатыгар дорҕоонноруттан үөскүүр эбии өйдөбүллэрэ эбиллэннэр үчүгэйдик өйдөнүмтүө уонна ылынымтыа буолаллара быһаарыллар.

Биһиэхэ кэнники «советскай» үйэ кэмигэр үгүс саха оҕолоро бэйэлэрин төрөппүттэрин аанньа ахтыбат уонна убаастаабат буоллулар, бэрээдэктэрэ лаппа мөлтөөтө диэн үгүс төрөппүттэр айманаллар. Кинилэр оҕолорун иитиигэ уонна үөрэтиигэ саха омук төрүт тылларын ытыктабылга, итэҕэлгэ иитэр суолталарын букатын туһаммат буолан хаалбыттарыттан итинник суолга тиийдилэр.

Саха дьонугар ордук дириҥ өйдөбүллээх тылынан «Ийэ» диэн тыл буолар. В.Е.Васильев бэйэтин «Культ божеств айыы древнеарийского происхождения?» - диэн үлэтигэр түүрдүү «Ийэ» диэн тыл саха дьонун баар-суох үҥэр-сүктэр айыылара «Иэйиэхсит» уонна «Айыыһыт» үөскээһиннэригэр төрүт буолбутун дакаастыыр. Ити аата, «Ийэ» диэн тыл оҕоҕо биэрэр көннөрү төрөппүт дьахтар диэн өйдөбүлүгэр эбии итэҕэл өйдөбүлүн иҥэрэн, бу тыл ордук дириҥ суолталанар. Ол бэлиэтинэн төрөппүтүн «Ийээ» диэн ыҥырар оҕо кинини ордук убаастыырын уонна ытыктыырын биллэрэр бэлиэтинэн буолар.

Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн төрөппүттэрин ытыктабыллаахтык «ийээ» уонна «аҕаа» диэн ыҥыра үөрэннэхтэринэ, кинилэр өйдөбүллэригэр төрөппүттэрэ иэйиэхсити уонна айыыһыты кытта эҥэрдэһэннэр, кинилэргэ тэҥнэһэр өйдөбүллэнэллэр. Ол иһин оҕолор төрөппүттэрин ордук убаастыыр уонна ытыктыыр буола улааталлар. Ханнык баҕарар төрөппүт киһи оҕото улаатан өйдөөх-санаалаах бастыҥа уонна көрүҥнээх үтүөтэ буолуон баҕарар. Итинник сыалы ситиһэргэ оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылыттан: «Ийээ»,-диэн иэйиэхситтэн төрүттээх тылтан саҕалаан утумнаахтык дьарыктаныахха наада. Дьиэ иһигэр иэйиэхсиккэ сыһыаннаах «ийэ» диэн тыл элбэхтик иһилиннэҕинэ, дьиэни-уоту араҥаччылыыр Иэйиэхсит таҥара чугас сылдьыаҕа уонна кыаҕа баарынан көмөлөһүөҕэ. Эдэр киһи улаатан өйө-санаата сайдыытыгар кыра эрдэҕиттэн төрөппүтүн ытыктыыр, убаастыыр буола улаатарыгар кинилэри хайдах ааттаан ыҥырара улахан оруолу ыларын аахсыбакка сылдьабыт. Итини тэҥэ биһиги бэйэбит туспа омук буоларбытын билинэн, омукпут төрүт тылларын харыстыырга билиҥҥиттэн күүскэ турунарбыт наада.

Кэлэр үйэҕэ биһиги сахалар «ийэ» уонна «аҕа» диэн төрүт тыллар¬бытын бэйэлэрин оннуларыгар кыайан төннөрбөтөхпүтүнэ кэлэр көлүөнэлэргэ төрөтөр оҕолорбут иитиилэрэ атын омуктардыы буолан барыан сөп. Оччоҕуна кэлэр үйэлэр оҕолоро төрөппүт ийэлэрин уонна аҕаларын, бука бары былыргы төрүттэрин умнан атын омук буолуох¬тарын сөп. Дьон-аймах олохторун былыргы остуоруйаларыгар итинниккэ маарынныыр хомолтолоох түгэннэр үгүс омуктарга буолан ааспыттара биллэллэр.

Былыр-былыргыттан тылы хайдах туттартан салайтаран, тыл арыт сытыы болот, арыт бөҕө куйах уонна бааһы оһорор бальзам буолар кыахтааҕын туһунан номоххо кубулуйбут кынаттаах тыллар дьиҥ чахчы кырдьыгы туоһулууллар. Академик И.П.Павлов: «Тыл киһиэхэ дьиҥнээх, син бары, ханнык баҕарар атыттар курдук, тутаах күүрдээччинэн биирдэстэринэн буолар».- диэбит.

Аҥардас тыл күүһэ киһини сороҕор «уон харыс уһатыан, үрдэтиэн» арыт «сэттэ харыс сиҥнэриэн, ханыннарыан» сөп. Тыл киһини кубарытар, кытардар, сүрэҕин тэбиитин эмискэ күүһүрдэр, түргэтэтэр, хаанын баттааһынын үрдэтэр, тымныы көлөһүнүнэн бүрүннэрэр, хотуолатар, о.д.а. эмоциональнай реакциялары үөскэтэр кыахтаах.

Дьон олоҕор арыгылааһын буортута, ордук чорботуллан туруута, чуолаан арыгынан ордук күөдьүтүллэн, төрүттэнэн ыар охсуулаах тыллар үөскүүллэрэ, көбүүлэрэ буоларынан да быһаарыллар. Ыарахан, быдьар, кытаанах тыллар иирсээни, өлөрүүнү, алдьатыыны күөртүүр буоланнар дьон сыһыаннарыгар улахан куһаҕаны оҥороллор.

Тыл бэйэтигэр иҥэн сылдьар күүстээх, ону сатаан туттар буолуу, дьон-сэргэ барыта үрдүк культуралаах, киһи бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык, кыһамньылаахтык, эйэҕэстик, элэккэйдик сыһыаннаһыыта, үтүө баҕа санааларын атастаһыылара, сымнаҕастык, бэйэ-бэйэҕэ санааны көтөҕүүлээхтик кэпсэтии барыта киһи чэгиэн-чэбдик буолуутугар, өйө-санаата сайдыытыгар, олоҕо дьоллоох-соргулаах, уһун үйэлээх буолуутугар сүҥкэн суолталаахтар.

Онон биһиги бар-дьоммут барыта билиҥҥи уйгулаах, көҥүл олоххо тиийбит дьолбутун толору туһанарбытыгар бэйэбит ис-тас культурабытын үрдэтэр, бэйэ-бэйэҕэ үтүөтүк, кэрэтик сыһыаннаһар туһугар күүспүтүн-уохпутун харыстыа суохтаахпыт.

Киһи санаата түһэр, ычатын ыһыктынар кэмигэр ордук уйан, ханнык баҕарар ыарыыга ылларымтыа буолар. Онон туох эмэ санаа оонньооһунугар түбэстэххэ, үксүгэр «сытыы тыллаах» сыһыта этээри, аптаах тыллаах умсары этээри гыннаҕына, хааннаах кырыыс туһаайылыннаҕына санааны түһэрбэт, ычаны күүһүрдэр, чиҥэтэр, туһаайыллыбыт тыллары утары тэйитэр күүһү бэринэр дьаһалы ылыллыахтаах. Итини ситиһэргэ бэйэҕэ күүстээх санааны үөскэтии, аутотренинг диэнинэн дьарыктаныы эрэйиллэр. Буортулаах кэмэлдьилэргэ ылларыыттан - табахтааһынтан, арыгылааһынтан босхолонорго эмиэ бэйэни эрчийии, санааны күүһүрдүү, аутотренинг улахан туһалаах.

Аутотренинг эбэтэр бэйэҕэ бөҕө санааны үөскэтиниигэ аналлаах эрчиллии киһи бэйэтин иннигэр туруорунар соругун ситиһиитигэр улахан суолталаах. Холобура, арыгыны, табааҕы быраҕарга, чэгиэн-чэбдик олох сиэрин тутуһарга итинник бэйэни кытаанах волялаах, күүстээх санаалаах буоларга үөрэтинии, эрчиллии олус туһалаах. Итинник эрчиллии араас ыарыылартан түргэнник эмтэнэн үтүөрэргэ, олорго бэриммэт буолууга уонна эрдэттэн сэрэтэргэ көмөлөһөр.

Итини таһынан киһи өйүгэр-санаатыгар, бэйэтигэр күөдьүйэр имэҥнэри, талаһыылары уодьуганныырга, олору сатаан салайа үөрэнэргэ, сүөргүнү, сыыһаны, солуута суоҕу оҥорбокко, ыар содуллаах буолуох тыллары туттубакка эбэтэр кутталлаах дьайыылары тумнарга ауто¬тренинг диэн, киһи бэйэтин санаатын салайан биэрэр үөрэҕэ быһаарар суолтаны ылар. Ол иһин маннык эрчиллии киэҥник тарҕаныахтаах. Ман¬нык эрчиллэргэ аналлаах миэстэ наадата суох, элбэх бириэмэни да ылбат, туох да ордук-хоһу дьайыыта суох көннөрү өйү-санааны сайын¬нарыы буолар. Итинник эрчиллии атын ханнык эмэ үлэни кытта холбуу да оҥоруллуон сөп.

Холобура, дьахтар киэһэ эбэтэр сарсыарда баттаҕын тараанар кэмигэр сиэркилэ иннигэр олорон, бэйэтигэр уоскутунар, санаатын бөҕөргөтөр тыллары этинэн, куруук дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай сыһыаннаах буолар туһугар ханнык тыллары туттан кэпсэтиэхтээҕин, кыра да өҥөлөргө бэйэтин махталын биллэриэхтээҕин эрдэттэн бэлэмнээн, би¬лэр дьоно туох үчүгэйдээхтэрин бэлиэтии көрөн санааларын өрө көтөҕөр алгыс тылларын быраҕан, дьоҥҥо үчүгэй өрө көтөҕүллүүлээх санааны үөскэтэргэ кыһаныахтаах. Атын дьону үөрдэргэ-көтүтэргэ кыһамньы киһини бэйэтин үөрдэр, дьоллуур түмүктээх буолар.

Илистииттэн, сылайыыттан сылааны таһаарыыга, туохтан эмэ өрүкүйүүттэн босхолонууга, холкутуйууга үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх санаалары үөскэтиигэ аутотренинг олус туһалаах. Онон үлэ кэнниттэн дьиэҕэ кэлэн, суунан-тараанан, чэпчэки дьиэ таҥаһын таҥнан баран, дьыбааҥҥа эбэтэр кириэһиэлэҕэ сымнаҕастык дьып-дьап курдук сытан эбэтэр олорон хараҕы быһа симэн, киһи бэйэтигэр эмиэ чэпчэтэр, сэргэхситэр тыллары этинэн, этин-сиинин, быччыҥнарын намылытан, холкутук, дириҥник тыынан, бэйэҕэ итэҕэтии санааны оҥостон, уоскутунуох тустаах. Ол кэннэ хайдах охсуулаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиэхтээҕин, хайдах сарсыардааҥҥы зарядканан дьарыктаныахтааҕын, үлэтин быыһыгар гимнастикаланыахтааҕын, киэһээҥҥи дьаарбайыытын - моционун уонна инфарктан, кырдьыыттан куотар сүүрүүлэринэн дьарыктанарыгар, тымныыга сэрэнэн эрчиллиэхтээҕин барытын эрдэттэн өтө көрүөхтээх. Онуоха бэйэҕэ бөҕө, күүстээх санаа баар буолуохтаах, тугу оҥоруохтааҕын хайаан да толорор туһугар охсуһуохтаах. Сорох дьоннор итинник эрчиллиигэ суолта биэрбэттэр, ол оннугар химическэй холбоһуктары, араас таблеткалары, эмп таммахтарын иһиинэн нервнэй күүрүүлэрин, быччыҥнара сылайыытын уҕарытарга дьулуһаллар. Итинник эмкэ убаныы, наһаа үлүһүйдэххэ буортута суох буолбат.

Дьоннор ортолоругар киэҥник тарҕаммыт «ыарыы барыта нервэттэн тутаахтаах» диэн өйдөбүл онно суох буолбатах. Киин нервнэй системаҕа оҕустарыылаах, аймалҕаннаах эбэтэр кыралаан да буоллар, уһун кэмҥэ салҕанан барар санаарҕааһын араас ыарыылар үөскээһиннэригэр тириэрдиэн сөп. Мэйии биир оҥоһуга - гипоталамус эмоциялар уонна киһи физическэй туругун тириэрдэр сигналлар көрсүһэр сирдэринэн буолар. Ити көрсүһүүлэр түмүктэригэр киһиэхэ араас эмоциялар, санаалар үөскүүллэр уонна киһи тас көрүҥэр - хараҕа-сирэйэ уларыйыытыгар, имэ кэйиитигэр, кубарыйыытыгар, о.д.а. эмоциональнай реакцияларга көстөллөр. Олор эҥин араас буолаллар. Аҥардас мичээринэн элбэҕи этиэххэ сөп. Киһи ис сүрэҕиттэн сэгэйэ үөрбүтүн этэр эйэҕэс, аһаҕас, сылаанньытар кэрэ мичээрин тэҥэ сэнээһиннээх, сиилээһиннээх, хойохтоох мичээр эбэтэр сороҕор сиргэнии аҥардаах тымныы мичээртэн уодаһыннаах лаһыгырас хабараан күлүүгэ тиийэ, араас туругу биллэрэр мичээрдэр баар буолаллар.

Харах оонньооһуна эмиэ бэрт элбэҕи этэр. Оттон хомойуу, курутуйуу, аһыы-аба эбэтэр үөрүү, өрүкүйүү, санааҕа ылларыы хайдах эрэ киһи сирэйигэр сурулла сылдьар курдук буолаллар. Олору билэргэ улахан психолог буолар наадата суох, ким барыта тута өйдүүр, көрөр, билэр. Онон киһи ис санаата, эмоциональнай туруга үксүгэр таһыттан көстөр. Ол иһин киһи сымыйалыырын дуу, кырдьыгы этэрин дуу, мэйиитин ханнык аҥарын күүрдэн санааһынын барытын таһыттан көрөн, билэр уустуга суох.

Киһи олоҕун устатын тухары бэйэтин айылҕаттан бэриллибит кыах¬тарын сатаан туһанан, эт-хаан да, өй-санаа да өттүнэн айгыраабакка, хата, төттөрүтүн олору бөҕөргөтөн уонна эбии сайыннаран, тыйыс, чэгиэн-чэбдик, таһаарыылаах үлэлээх, общество олоҕор актив¬найдык кыттар, айымньылаах, дьоллоох уһун үйэни ситиһэр туһугар доруобай олох сиэрин халбаҥнаабакка тутуһара быһаарар суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиибит.

Киһи интеллектуальнай кыахтарын сайыннарыыга, билиитин хаҥатыыга, айымньылаахтык үлэлииргэ, үрдүк культуралаах, баай ис хоһоонноох уһун олоҕу олорорго мэйии клеткаларын кыраҕытык харыстаан арыгынан, табааҕынан сүһүрдүбэккэ олорууну ситиһиллиэхтээх. Маны сэргэ дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр иллээх-эйэлээх сыһыаннаһыылара, хас биирдии киһи бэйэтин уонна общество атын чилиэннэрин доруобуйаларыгар кыһамньылаах буолуута ирдэнэр көрдөбүлүнэн буолар.(2,73-79).

Ити курдук биһиги тыл күүһэ киһиэхэ хайдах дьайарын барытын түмэн баран быһаардахпытына, тыл күүһэ ханна саһан сылдьара биллэн тахсар. Этиллибит тыл суолтата киһи өйүгэр-санаатыгар түһэн, иҥэн киһи санаатын уларытар кыахтааҕа - ол тыл күүһэ буолар. Тыл киһи санаатыгар дорҕооннорун күүһүнэн быһаччы дьайан, киһи оҥорор быһыытын уларытыан сөп. Киһиэхэ хайдах тиийэн киһи санаатын уларытара барыта туох суолталаах тыл буоларыттан уонна хайдах, киминэн этиллибититтэн олус улахан тутулуктаах. Ол курдук этиллибит тыл дорҕоонноро киһи мэйиитигэр киирэн бэйэлэригэр сөптөөх доргуйуу¬лары таһаараллара тыл төһө күүстээҕин эмиэ быһаараллар.

Саха дьоно «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилээхтэр. Бу этии биир дакаастабылынан тыл дьайар күүһэ киһи санаатын ула¬рытара буолар. «Киһи санаатын уурдаҕына» ханнык баҕарар дьыаланы оннуттан хамсатара санаа, киһи санаата баһылаан, уруттаан иһэр оруолун быһаарар. Ханнык баҕарар дьыаланы кыайарга аан маҥнай санааҕа хотуохха, кыайыахха наада.

ТЫЛ УЛАРЫЙАР

Кытаанах айылҕалаах, кэмчи үүнээйилээх хоту дойдуларыгар сахалар нууччалары кытта бииргэ олорор кэмнэригэр экономикалара былаһыччы сайдан, бэйэлэрэ ахсаан өттүнэн балачча эбилиннилэр. Элбэх ахсааннаах омугу кытта бииргэ олорууттан саха дьоно эстибэккэ, аҕыйаабакка, төрөөбүт тылларын сайыннаран сайдыыны ситиһэн иһиэхтэрин баҕараллар. Арай сайдыыны ситиһии хайдах кэлиэхтээҕин туһунан өйдөбүлү ситэ билэн, сыаналаан олохпутугар туһана иликпит.

Экономикаҕа сайдыыны ситиһии олус сыралаах үлэнэн кыаллар суол буоларын социализм саҥа сайдан истэҕинэ олус күүскэ үлэлээбит, эттэрин-сииннэрин бараабыт биһиги эһэлэрбит уонна эбэлэрбит билэллэр этэ. Бэйэ үлэлээн-хамсаан сайдыыны ситиһэр буоллаҕына омук тыла сайдан, бөҕөргөөн биэрэр. Революция кэнниттэн «Сухалаах Россияны» индустриальнай сайдыылаах оҥорууга нуучча-саха дьоно олус күүскэ үлэлээбиттэрэ. Нуучча тыла олус сайдан, холбоспут кыра омуктар бары нууччалыы саҥара үөрэммиттэрэ. Ол аата, бэйэ үлэлээн-хамсаан иһиититтэн, үлэҕэ-хамнаска аналлаах тыллар үөскээннэр, омук тыла эбиллэр, сайдар.

Билигин сайдыыны ситиһэр наадаҕа сайдыылаах омук экономикатын киллэриэххэ наада диэн этэллэр. Ол иһин аны омук тылын билиэххэ, экономикатын баһылыахха наада буолар. Маннык балаһыанньаҕа мөлтөх экономикалаах омук тылыгар мөлтүүр, симэлийэр куттала дьэ тириир. Баһыйар экономикалаах омук тыла үлэ-хамнас, үөрэх бары өттүлэрит¬тэн мөлтөөбүт омук тылын сыыйа-баайа үтүрүйэн, туттуллубат оҥорон, туоратан иһэр.

Омук бэйэтэ сайдан, үлэлээн-хамсаан экономикатын оҥостубакка атын омуктан киллэринэр буоллаҕына, ол омук тылын үөрэтэригэр тиийэр. Саҥа омук тыллара омук бэйэтин тылларын үтүрүйэннэр, сорох тылларын солбуйаннар, холбуу туттуллан иһэллэр. Биирдиилээн да буоллар омук тылыгар саҥа тыллар киирэн иһэллэр. Экономиката сай¬дыыта суох омук тыла саҥа омук үлэтин-хамнаһын, үөрэҕин тылларынан эбиллэн, туттуллубат буолан сыыйа туораан биэрэн иһэригэр тиийэр.

Саха сиригэр саҥа омук үөскээн иһэр чинчитэ биллибитэ ыраатан эрэр. Арай бу омук саха диэн ааттаах буолара дуу эбэтэр атын, якут, сахаляр эҥин диэн ааттанара дуу, өссө чуолкайдана илик.

Икки омук холбоһон саҥа омугу үөскэтэр кэмнэригэр кинилэр саҥарар тыллара эмиэ холбоһоннор буккуур тылы үөскэтэллэр. Саҥарыллыыта боростуой тыллар манна уруттаан туһаныллар кыахтанал¬лар. Ол курдук билигин саамай кылгас туоһу этии: «Чэ»,- диэн сахалыы төрүттээх тыл саҥа омук уопсай тыла буолара билиҥҥиттэн саарбаҕа суох буолара билиннэ. Дьон бары арыгы иһээри тиэтэйдэхтэринэ: «Чэ»,- диэн этэ охсор буоллулар.

Дьон-аймах уһун олохторун кэмигэр үгүс элбэх омуктар үөскээн, тэнийэн бараннар, эстэн, суох буола симэлийэн хаалаллар. История чахчылара бигэргэтэллэринэн, сорох омуктар бэйэлэрин төрөөбүт тыл¬ларын, итэҕэллэрин уларытаннар атын омук буолан хаалар түбэлтэлэрэ бааллар. Ол курдук болгардар 7-с үйэ бүтүүтүгэр диэри Арҕааҥҥы түүрдэр каганаттарыгар киирсэр эбиттэр, онтон соҕуруу славяннар биистэрин кытта холбоһоннор славян норуота буолан хаалбыттар. Кинилэр ити холбоһууларыгар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын сүтэрэн, уларытан кэбиспиттэр уонна атын христианскай итэҕэли ылыммыттар. (3,87). Бэйэлэрин урукку омуктарыттан болгардар диэн ааттара эрэ ордон хаалбыт.

965 сыллаахха нуучча кинээстэригэр сэриилэһэн кыаттаран баран хазардар түүр омуктара христианскай итэҕэли ылынаннар нууччалардыын холбоспуттар. Кэлин кинилэртэн сорохторо омуктарын уларытан казактар диэн ааттанар буолбуттар. (3,90).

«Тыл үөскүүрүн уонна эволюциятын үөрэтиигэ» диэн үлэтигэр филологическай наука кандидата И.Н.Новгородов омук тыла сыыйа уларыйан иһэрин бэлиэтиир. Тыл уһун кэрдиис кэм түмүгэр уларыйан-уларыйан, өйдөммөт буолар. Холобур, биһиги эрабыт ааҕыллыан тыһыынча сыл иннигэр баар буола сылдьыбыт Кытай былыргы веньянь суругун-бичигин тылын билиҥҥи Кытай дьоно өйдөөбөт буолбуттарын түмүгэр судаарыстыба бэйэтин уураахтарыгар, дьаһалларыгар ол тылы туттубат буолбут. (4,32).

Ханнык да омук уларыйан барыыта түргэнник, биир эмэ киһи үйэтигэр буола охсубата биллэр. Омук сыыйа уларыйан, атын омук буолан барыыта, саҥарар тылыттан биирдии эмэ төрүт тылы сүтэрэн эбэтэр атын омук тылынан уларытан барыыттан саҕаланан баран иһэрэ быһаа¬рыллар. Омук төрүт тылларын биир-биир сүтэрэн, атын омук тылынан солбуйан иһиитэ, сыыйа-баайа бу омук саҥарар тылын уларытан, атын омук буолан иһиитигэр тириэрдэр. Ол түмүгэр омук бэйэтин атын омукка сыыйа кубулутан иһэр. Бу уларыйан иһии элбэх көлүөнэлэр солбуллууларыгар баран иһэр буолан биир көлүөнэ дьоҥҥо биллибэккэ хаалыах курдук.

Биһиги омук тылын саппааһын үс улахан бөлөхтөргө араарбыппыт кэнниттэн омук бэйэтигэр ураты сыhыаннаах тылларынан бастакы бөлөх тыллар буолаллар. Ити тыллар омугу бэйэтин уонна омук дьоно бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта сыhыаннарын арааран көрдөрөр тыллар буоланнар, бу омук уратытын, ол аата дьиҥнээх бэйэтин көрдөрөллөр уонна уратыларын быһаараллар. Ол иһин бу тыллары омук бэйэтин төрүт тылларынан ааттыахха сөп. Бу тыллар уларыйыылара омугу бэйэтин уларытан, атын омук оҥорон кэбиһэллэр. История науката билинэринэн суох буолан, сүтэн хаалбыт омуктар элбэхтэр. Ол омуктар бары суох буолан, «Тыал буолан» хаалбаккалар саҥарар тылларын уларытан атын омук буолбуттарыгар сөптөөх. Ол курдук хунн омуктар Европаҕа тиийэн симэлийэн хаалбаккалар, славян омуктар буола уларыйбыттарын тыл үөрэхтээхтэрэ сотору дакаастыахтарын сөп.

Омук тылын үгүс өттө, 30 бырыһыаныттан ордуга атын омук тыла буоллаҕына, омук бэйэтэ уларыйарыгар тиийэр кэмэ кэлэр. Бу быһаарыы В.В.Радлов саха тылыгар ханнык омук тыллара холбуу киирсэ сылдьалларын аахпыт ахсааныгар олоҕурар. Ол курдук академик В.В.Радлов быһаарыытынан саха омук тылын уопсай саппааһыттан 32,5 бырыһыана түүрдүү төрүттээх, 25,9 бырыһыана - монголлуу, онтон 41,6 бырыһыана биллибэт төрүттээх тыллар эбиттэр. (5,25). Омук тыла уларыйыытыгар төрүт тыллара уруттаан уларыйар буоллахтарына омук бэйэтин уларыйыыта өссө түргэтиир.

Билигин сахалар нууччалардыын бииргэ олорбуттара түөрт сүүсчэкэ сыл буолан эрэр. Бачча кэм устата саха тылын саппааһыгар төһө нуучча тыла киирбитэ чуолкай биллибэт. Сайдыыны, үөрэҕи аҕалар тыл буолан лаппа элбээбит да буолуон сөп. Үөһээ аҕалыллыбыт сыыппаралары тэҥнээн көрдөххө, омук тылын 30 бырыһыаныттан ордуга уларыйдаҕына, омук бэйэтэ уларыйара чуолкай буолара быһаарыллар. Ол курдук былыргы дьыллар мындааларыгар саха омук монгол тыллаах омуктуун холбоһон олорууларын кэнниттэн ордук сайдыылаах түүр омук тыла баһыйан түүрдүү саҥарар буолбуппут.

Билигин саха сиригэр олорор дьонтон 400-чэ тыһыынча киһи сахабын диэн суруттарар. Балартан төһө киһи бэйэтин ийэтин «Ийэ», онтон аҕатын «Аҕа» диэн ыҥырара биллибэт. 60-с, 70-с сылларга төрөөбүт оҕолор төрөппүттэрин итинник ыҥыраллара биллэр. Онтон хойуккулар үгүс өттүлэрэ төрөппүттэрин нууччалыы да ааттыыр буолуохтарын сөп.

Бэйэтин төрөппүт ийэтин – «мааманан», аҕатын – «паапанан», эһэтин – «деданан», онтон эбэтин – «бабанан» ааттыыр киһини, ханнык омук киһитэ кэллиҥ? - диэн ыйытыахха сөп буолан тахсаарай? Итини тэҥэ ити киһибит хас саҥарар тыла үксэ нууччалыы буоллаҕына, хантан кэлэн саха омук киһитэ буолуоҕай? Сахалар ааппыт эрэ омукпутугар хаалан хаалара чугаһаан иһэр дуу?

Икки омук холбоһууларыттан саҥа үөскээн иһэр омук киһитэ итинник, икки омуктуу буккуур саҥалаах буолан тахсар. Саҥа омук киһитэ хайа да төрүт омуктарын итэҕэллэрин уонна үгэстэрин билиммэт буолуута бу омуктар олохторун оҥкула уларыйан барыытыгар тириэрдэр. Ити быһаарыыга олук буолар бэлиэнэн төрөөбүт тылын билбэт киһи хайдах бэйэтин омугун итэҕэлин уонна үгэстэрин билиэн сөбүй? Билбэт буола улаатарыгар тиийэр.

Тоҕо бу «ийэ» диэн тылбытын «маама» диэҥҥэ атастаһыннаран эрэбитий? Бу саха омук тыла, итэҕэлэ мөлтөөбүтүн бэлиэтэ. Коммунистар бэйэлэрин коммунизмнарын итэҕэлин киллэрээрилэр атын итэҕэллэри барыларын үлтү сынньыбыттара, хампы тэпсибиттэрэ. Ол дьыалаҕа ордук кыһанан кыра омуктар итэҕэллэрин букатын суох оҥорбуттара. Онтон православнай итэҕэли фашистары кытта сэриигэ көмөлөһөр диэннэр, сэрии кэмигэр чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Биһиги сахалар оччотооҕу салайааччыларбыт норуоппут төрүт итэҕэлин кыайан көмүскээбэтэхтэрэ.

- Маама диэн тыл сахаларга туора омук тыла. Бу тыл нууччалары үтүктүү быһыытынан саха тылыгар киирэн иһэр. Манна нуучча тылын аһары хайҕааһын улахан оруолу ылара саарбаҕа суох.

- Аныгы оҕолор бары аһары «потребительскэй» укулуоннаах иитиллэн тахсар буолан иһэллэр. Ол иһин кинилэргэ «маа» диэн саҥарыы дорҕооннорунан ордук чугас. Холобур: ынах маҕырааһына саха дьонноругар оруобуна итинник «көрдүүр» өйдөбүлү биэрэр саҥа дорҕооно буолар. Ол курдук таһырдьа ынах маҕырааһына, ынаҕы аһатарга сөп буолбутун биллэрэр.

Саха омук олоҕун оҥкулун сүтэрэн эрэрин ити төрүт тылларын симэлитэн, сүтэрэн, атын омук тылынан солбуйан эрэрэ бэлиэтиир.

Бэйэтин норуотун итэҕэлин, олоххо үгэстэрин билбэт киһи норуотун харыстыыр санаата букатын суох буолара саарбахтаммат даҕаны. Саха тылын мөлтөөһүнэ, сахалыы итэҕэл суох буолуута, «ийэ» уонна «аҕа» диэн баар-суох тылларбытын суох буолууга үтүрүйэр. Сахалыы итэҕэли чөлүгэр түһэрэн төнүннэрии ити мөлтөөбүт тылларбытын төттөрү оннуларыгар аҕалтыан сөп этэ.

САХА ТЫЛЫН САЙЫННАРЫЫ

Саха тылын сайыннарыы, саха омугу күүһүрдүү буолар. Саха омук күүһүрүөн ким баҕарарый? Сахалар бэйэлэрэ эрэ төрөөбүт тыллара сайдыан, күүһүрүөн истэригэр баҕараллар, билигин даҕаны тастарыгар этиэхтэрин улаханнык чаҕыйаллар. Нууччалар сахалары былыр-былыргыттан хам баттааннар, ордук Сталин баһылаан олорбут кэмигэр дэлби репрессийэлээннэр уонна ытыалааннар, итинник саһан оҥоро сылдьарга үөрэтэн кэбиспиттэр. Ол аата улаханнык саҥарбаталлар даҕаны аргыыйдык сылдьан эрэ син биир төрөөбүт тылларын кыахтара баарынан харыстыы сатыыллар. Маннык сылдьан эрэ, саҥата суох төрөөбүт тылы харыстыы сатааһын кыайбыт, баһыйар өттүттэн төһө баттааһын таһаарыллар даҕаны эмиэ оччонон өсөһөн, күүһүрэн биэрэр уратылаах. Бу ураты майгы оннооҕор физика сокуонугар эмиэ сөп түбэһэрэ мээлэҕэ буолбатах. Ол курдук ханнык баҕарар үөһээттэн баттааһын, ыгааһын таһаарыллар даҕаны, аллараа өттүттэн эмиэ соччо күүстээх утарылаһар хамсааһын тахсара халбаҥнаабат сокуон буолара кимиэхэ барытыгар биллэр.

Бу быһаарыыны өссө чуолкайдаатахпытына, нуучча тылын күүһүрдээри саха тылын туттуллуутун уонна үөрэтиитин хаарчахтыы сатааһыннара хата төттөрү, саха тылын күүһүрдэр. Саха дьоно оҕолорун бэйэлэрэ үөрэтэллэрэ эбиллэн биэрэр буолан, оҕолор сахалыы билэллэрэ уонна үгэстэргэ үөрэнэллэрэ ордук эбиллэн иһэр.

Онтон саха омук мөлтөх буолуон кимнээх уонна төһө баҕаралларый? Атын хайа даҕаны омуктар сахалар мөлтөх буолуохтарын баҕарбаттар, арай нуучча тылын эрэ билээччилэр уонна элбэх кэлии дьон сахалар мөлтөх буолуохтарын олуһун баҕараллар. Кинилэр киэҥ-куоҥ, элбэх сир баайдаах сири-уоту көҥүл бас билэн талбыттарынан тоҕута хаһан туһаныахтарын саныыллар. Урукку кэмҥэ үөрэхтэрэ суох уонна ахсаан өттүнэн улаханнык эбиллибэт олохтоох дьон, кэлиилэргэ сирдэрин-уоттарын көҥүл баһылыылларыгар улахан мэһэйи үөскэппэт буоланнар, ахсааҥҥа киирбэт да эбиттэр.

Улуу Октябрьскай революция кэнниттэн коммунистическай партия салалтатынан саха омук үөрэҕи-билиини кылгас кэм устата ситиһиилээхтик баһылаан, билигин үөрэх-билии өттүнэн уруккуттан баһылыыр омуктан, нууччалартан соччо хаалсыбат буолла. Хата наука сорох өрүттэригэр баһыйан барыы баар буолан эрэрэ бэлиэтэнэр. Сахалар сайдан, атын омук тылын билэн, үөрэхтэрин баһылаан иһиилэрэ төрөөбүт тыллара эмиэ сайдан барыытыгар тириэрдэрэ эбитэ буоллар улахан үөрүүлээх суол буолуо этэ.

Саха тыла күүһүрэн баран иһиитин нуучча омук тыла күрүөлүү сатыыр. Билигин даҕаны республика бары тутаах экономикаларын көрүҥнэригэр нуучча тыла саха тылын лаппа баһыйар, оннооҕор сахалар ордон хаалбыт төрүт дьарыктарын, тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр киирэн эрэр. Нууччалыы тыллаах республика олохтоохторо нуучча тыла баһыйар оруолун сүтэримиэн баҕараллар. Кинилэргэ ити өттүгэр Россия федерацията кыаҕа баарынан көмөлөһөр. Тула өттүттэн бары көмөлөөн саха тылын хаарчахтыы сатыылларын бырахпаттар. Маннык быһыыны араас көрүҥүнэн кистии сатаабыттарын да иһин республика иһигэр бу икки тыллар бэйэ-бэйэлэригэр күөнтэһэллэрин саха дьоно барылара билэллэр. Ити тыллартан хайалара мөлтөөн барбыта сыыйа-баайа туораан биэриэхтээҕэ эмиэ биллэр буолла. Ити барыта, бу икки тыл биир республика иһигэр иккиэн тэҥҥэ сайдан барыылара уустуктаах буоларын биир туоһутунан буолар.

Кэнники кэмҥэ Россия экономиката мөлтөөһүнэ, оҥорон таһаарар бородууксуйата букатын аҕыйааһына, хаачыстыбата аллараа түһүүтэ нуучча омук атын кыра омуктарга сыһыаныгар улахан уларыйыылары киллэрэн эрэр. Ол курдук мөлтөх табаары ким да атыыласпата уонна бу табаары оҥорор дьон, аптарытыаттара эмиэ ити табаардарын курдук аллараа диэки түһэн барыыта улаатар. Ити курдук мөлтөх экономика оҥорон таһаарар табаардара ханна да атыыга барбата, бу омук баһылыыр оруола эмиэ намтыырыгар тириэрдэр. Ол аата бу омукка киһи бу диэн киэн туттан хайгыыра, үтүктэн батыһа сатыыра туга да суох буолан иһэр.

Маны быһаарарга баар холобуру ылыы ордук туһалаах: Москваҕа оҥоруллубут аатырбыт «москвич» массыынаны ылан көрүөҕүҥ. Бу социализм производствотын үрдүкү чыпчаала, бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорбут массыыналара, ол иһин аата да дуорааннаахтык иһиллэр. Дьэ бу аатырар массыынабытыгар билигин ханнык дьон олороннор кыбыстыбакка эрэ айанныылларый? Улаханнык дьадайбыт кырдьаҕастар эрэ туһанар массыыналара буолан турар. Онтон арыычча кыанар соҕустар барылара кырата «жигули» эбэтэр араас хара, үрүҥ өҥнөөх омук массыыналарынан айанныыр буолан тураллар.

Производство сайдыытын быһаарыыга сирэйэ-хараҕа эрэ сотору-сотору тупсар «волга» диэн баар-суох массыынабытын правительство тойотторо сылдьар массыыналара оҥоро сатаатылар даҕаны букатын кыаттарбата. Ол курдук куһаҕан массыынаҕа ханнык даҕаны бэйэтин убаастанар Россия государствотын тойоно олоруон баҕарбата. Инньэ гынан оннооҕор правительство ылыммыт уурааҕа кыайан олоххо киирбэккэ хаалла.

Итилэри таһынан дьоҥҥо туһалаах кыра техникалары оҥорон таһаарыы Россия үрдүнэн букатын даҕаны суох буолла. Араас телевизордар, видеомагнитофоннар, музыкальнай центрдар, холодильниктар, пылесостар, кухоннай комбаиннар уонна да атыттар барылара омуктар тэриллэрэ буолан иһэллэр. Баларга эбии таҥнар таҥас арааһын барытын аҕыннахха, дьоҥҥо туһалаах тугу барытын оҥорууга Россия экономиката тугу даҕаны кыайан оҥорбот буола буорайан турар.

Маннык экономика оҥорон таһаарыы өттүнэн ыраах халыытын кэнниттэн атын сайдыылаах омуктары хаһан даҕаны эккирэтэн кыайан ситиллибэт буолла. Ол курдук экономикаҕа саҥаны оҥоруу олус элбэх үбү эрэйэрин Россия салайааччылара эмиэ билэллэр уонна сайдыылаах дойдулары кытта кыттыһан эрэ хаалыылаах экономиканы өрө тардыахха сөптөөҕүн бары итэҕэйэллэр. Ол курдук араас уустук техниканы бастаан иһэр омуктар хайдах оҥорбуттарын курдук үтүктэн оҥоруу букатын кыаттарбат суол эбит. Арай саҥа техникэни кинилэртэн бэйэлэриттэн ыллахха эрэ дьыала табыллыахтаах. Аны оччоҕуна Россия экономиката атын омуктар экономикаларын толору баһылааһыннарыгар бэйэтэ киириэн биэриэхтээх.

Маннык атын омук баһылааһыныгар киирии уруккуттан «улуу омук» аатыран кыра омуктары баһылаабыт дьон ис санааларыгар хайдах даҕаны сөп түбэспэт. Кинилэр экономикалара мөлтөөбүтүн бэйэбит күүспүтүнэн көннөрүөхпүт диэн, «улуу омук» буолалларын төрүт түһэн биэрэр санаалара суох. Арай Россия «улуу дойду» буоларын атын омуктарга биллэрэргэ аналлаах улуу сэрии сэптэрэ Россияҕа дэлэччи бааллар. Ити аата, урукку кэмҥэ «улуу убай» аатыран, кыра омуктары, үөрэх уонна экономика өттүнэн сабырыйбыта, үөрэппитэ аны суох буолан, билигин үөрэтэр эбэтэр баһылыыр кыаҕа мөлтөөбүт. Арай сэрии күүһүнэн эрэ куттаан, кыайан сорох арахсаары гыммыт омуктарга өй киллэрэн биэрии практиката баар буолан эрэр.

Биһиги сахалар маннык эстэн эрэр уонна көнөр суолу тутуһар оннугар төттөрү, өссө мөлтүүр суолунан баран иһэр омук тылын аһары арбыыртан туттунар соҕус буолуохпутун сөп этэ. Ол курдук биһиги сахалар уруккуттан үөрэнэн хаалбыппытынан оҕустаран салгыы, итинник мөлтөөбүт экономикаттан үөрэҕи-билиини салгыы ылаары гынабыт. Олох хаамыыта көрдөрөрүнэн итинник үөрэҕи-билиини ылыммыт кэммит ааһан бүппүт. Билигин Россия дьоно бэйэлэрэ омук сиригэр үөрэнэннэр сайдыыны-үөрэҕи кинилэртэн ылынар санаалаахтар. Ол курдук үгүс салайар үлэһиттэр оҕолоро атын омук сирдэригэр баран үөрэнэллэр.

Ити курдук кэнники кэмҥэ олох сайдан иһиитэ көрдөрөрүнэн аны үөрэҕи-билиини ылыныы атын сайдыылаах омук сириттэн кэлэр буолбутун бэлиэтиэххэ наада. Үөрэҕи-билиини ситиһэр туһугар атын сайдыылаах омук тылын үөрэтэн баһылааһын эрэйиллэрин таба сыаналаан Саха сирин маҥнайгы президиэнэ М.Е.Николаев английскай тылы эбиискэ туттарга анаан киллэрбитэ ордук суолталаах.

Хос быһаарыылар.

1. А.И.Эверстов. Айыы аймахтара. Күн улуустара.(Бастакы түһүмэҕэ). Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1996.- 184 с.

2. Н.А.Агаджанян, П.А.Петров. Биһиги эппит-хааммыт сорох кистэ¬лэҥ күүстэрин туһунан.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1984.- 80 с.

3. Н.К.Антонов. Наследие предков. Якутск.Нац. Кн.изд.»Бичик», 1993.- 200 с.

4. «Билии-көрүү» сурунаал. N 2, 1998 - 99.

5. У.А.Винокурова. Сказ о народе саха. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1994.- 144 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Алгыс

Андаҕар

Оһуохай

Олоҥхо

Кырыыс

Хайахсыт

Хааһах

«Мочи нет»

Айыы

Көр - күлүү

Куһаҕан тыллар

Аар саар

Сака дуу, саха дуу?

Эйэбитин өссө харыстыахха

Ыалларбытын кытта эйэлэһиэҕиҥ

Икки омук тылын баһылааһын уратыта

Саха тылын харыстааһын

Төрөөбүт тылы үөрэтии

Төрүт тыллар

Тыл күүһэ

Тыл уларыйар

Саха тылын сайыннарыы

Иһинээҕитэ