Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тыл
(уран тыл уустарыгар)
Тыл элбэх киһини
Биир тэҥник хомотуон сөп эбит...
Тыл этэр санааҕын
Биир тэҥник тиэрдимиэн сөп эбит.
Тыл өлбүт киһини
Ииниттэн туруоруон сөп эбит!
Тыл тыыннаах киһини
Олохтон матарыан сөп эбит!!!
Оҕоком! Тылгын кыана туттаар,
Мин курдук куолулаан
Чугас доҕотторгун
Хомотор буолумаар!
Мин курдук буолумаар...
Төрөөбүт уус тылгын
Куруутун харыстаар,
Бу – барҕа баайым диэр!
Тылыҥ иччилээҕин
Эн хаһан эмитэ
Сиппит толкуйунан
Өйдүүргэ дьулуһаар!
Эн тылыҥ ырыалаах,
Арчылыыр алгыстаах,
Харыстыыр ыйаахтаах,
Сахалыы буолуохтун!
Тыл элбэх киһини умсары тарпыта,
Бэл, оччо киһиэхэ куорсун анньыбыта.
Тыл улуу тапталы, айылҕа кэрэтин
Киһилии толкуйга аан маҥнай көрбүтэ...
Тыл – улуу, тыл – сүдү,
Илбистээх, имэҥнээх.
Тыл – киһи, тыл – омук,
Иэйиилээх, иччилээх.
2003, Дьокуускай к.
|
|