Иһинээҕитигэр көс

Тырактарыыс (Күндэ)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тырактарыыс


Үрэхтэр муустара
Күрүлүү-харылыы усталлар.
Күөрэлэҥнэс муустарга
Үөһээ халлаан күнүн
Күлүмүрдэс уотун
 
Кустуктарын өҥнөрө
Кубулуһа оонньууллар.
Хабараан ыстаал ырыата
Халлааҥҥа тахсан сатарыйар,
Хатан тимир тыраактарынан

Үрдүк сирим үллэр көхсүгэр
Үлэлээн үллэҥнэтэн иһэбин.
Оонньуулаах, көрдөөх
Олус үтүө сааска
Уҥуоргута көстүбэт
Унаарыгас-тунаарыгас
Улуу буолалары
Омуннаах массыынанан
Тиэритэ уурталаан
Тибилитэн иһэбин...
Сииктээх сирим
Симэһинин иҥэринэн,
Үллэн-сайдан,
Үүнэн тахсан,_
Кыһыл көмүс туорах
Кырылыы кутуллуоҕа.
Хара буору хайа тардар
Хатан ыстаал сэбим
Холкуостары үксэтиэ,
Хомууналары олохтуо,
Эргэтээҕи үйэ
Эрэйдээх үлэтин
Эһэргэ-тэбэргэ кэллибит...
Сордоох муҥнаах сухаҕа
Кунан оҕус эрэйдээх
Кутуруга чороҥолуурун
Сотору аҕай ууратыахпыт.
Кылбаҕар күн анныгар,
Тумарык маҥан халлааҥҥа,
Туруйалар хаһыытаһаллар,
Кыҥкынаһа ыллыыллар...
Харыйа сиикээттэр
Хаардара уулланнар,
Тыһыынчанан кэмнэрдээх
Тымырдар уулара
Кытыл ыарҕаларын быыстарынан
Кылыгыраһа сүүрдүлэр.
Үтүө үөрүүлзэх дойдубут
Үрдүктүүрэ саалыгар
Охсуулаах үлэни
Оргутан иһэбин.


1932