Түүл Үөһээ дойду өйө-санаата (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
ТҮҮЛ - ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ ӨЙӨ-САНААТА Дьокуускай 2014
«Үөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, Алларааттан аргыар аргыйбатын! Орто дойду олоҕо туруктаах буоллун!»
АННОТАЦИЯ
Өй-санаа мунньустар дойдута баарын сахалар ойууннара былыр-былыргыттан арааран билэннэр Үөһээ дойду диэн ааттаабыттар. Бу дойдуга киһи түһээтэҕинэ киирэ түһэн тахсан, олус былыргыттан мунньуллубут өй-санаа саппааһын кытта кыра–кыралаан билсиһэр. Түүлгэ көстөр көстүүлэр үксүлэрэ киһи бэйэтин санаалара, куттара хайдах сылдьалларыттан тутулуктаах. Үтүө санаалаах, үчүгэй иитиилээх киһи түүлүгэр эмиэ үчүгэйдик, бэрээдэктээхтик сылдьар.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Недавно открытое образованными учеными «коллективное бессознательное» с очень давних времен использовался якутскими ойуунами и называется Үөһээ дойду.
Иван Иванович Каженкин – Уйбаан Хааһах.
ААН ТЫЛ
Айылҕа араас дьиктилэрин барытын арыйыы дьоҥҥо билигин даҕаны ситэ кыалла илик. Биир оннук ситэ үөрэтиллэ илик дьиктинэн киһи түүлэ буолар.
Сахалар түүлү табатык тойонноон, суолтатын быһааран олохторугар былыр-былыргыттан туһанар этилэр. Саха ойууннара түүлү тойоннооһунунан анаан-минээн дириҥник дьарыктаналлара. Инники олоҕун билиэн-көрүөн баҕарар киһи кэлэн ойуунтан көрдөстөҕүнэ ойуун утуйан туран баран түүлүн тойонноон кэпсээн баран: «Кимиэхэ да этимэ»,- диэн сэрэтэрэ үһү.
Түүллэри үөрэтии муҥура суох. Утумнаахтык дьарыктанан араас өтө көрүүлэргэ уонна инникини билгэлээһиҥҥэ туһаныахха, түүл дьиктилэрин быыстарыттан туһалааҕы булан ыларга үөрэниэххэ сөп.
Түүлгэ көстөр араас абааһылартан, кыыллартан уонна үөннэртэн куттаммат буоларга үөрэниэххэ. Итилэр эн үрдүгэр түһэр буоллахтарына утары эргиллэн бараҥҥын көмүскэммитинэн уонна охсуспутунан барыахтааххын, кыайымаары гыннаххына доҕотторгун көмөҕө ыҥырыаххын сөп, онтон куттанан куоттаххына, итилэр эйигин эккирэтэ сылдьыахтара. Түһээн итилэри кыайыы дьиҥнээх олоххо эмиэ кыайыыга тириэрдиэҕэ. Түүлгэ көстөр кутталлары кыайан киһи өйө-санаата күүһүрэр, олоххо көрсөр сорох ыарахаттары туоруурга дьулуура эбиллэр.
Дьоллоох үчүгэй көрүҥнээх түүл киһи санаатын көтөҕөр, бэйэтин кыаҕар эрэлин күүһүрдэр. Үчүгэй түүлү түһүүр киһи дьоллоох буолар.
Дьоллоох, үчүгэй түүллэри түһүүргүтүгэр баҕарабыт.
ТҮҮЛ ӨБҮГЭЛЭР ӨЙДӨРӨ - САНААЛАРА
Киһи үксэ түүн түһээн түүлү көрөр, сорох киһи түүн аайы, онтон үгүстэр биирдэ эмэтэ көрөллөр. Үгүс дьоннор түүллэрин аахайбакка умнан кэбиһэллэр. Ол гынан баран биир эмэ түүл киһи өйүгэр кытаа¬нахтык дьөлө хатанар уонна өр кэмҥэ умнуллубат.
Түүл хантан, хайдах кэлэрин билигин даҕаны ким да чуолкайдык билбэт, ол иһин киһи-аймах биир кыайан быһаара илик боппуруоһугар киирсэр.
Түүллэри билии, түүл араас бэлиэлэрин үөрэтии, киһи олоҕор үгүс туһаны аҕалыан сөп. Ол курдук сырдыгы, күөх дьүһүнү, тыыннаах Айылҕа дьүһүнүн, түүл илэ аҕалан дьоннорго көрдөрөн үчүгэй, дьол маннык буолар диэн үөрэтэр. Ол иһин түүлгэ көстөр үчүгэй буолуу бэлиэлэрэ дьиҥнээх Айылҕаҕа эмиэ үчүгэйдэр. Түүл Айылҕаттан туту¬луктааҕын чуолкайдык көрдөрөр бэлиэнэн хонуу көстүүтэ буолар. Түүн түһээҥҥин хонууну көрдөххүнэ, сырдык, күөх оттоох хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэр баар буоллахтарына, олоҕуҥ байылыат, дьол¬лоох буолуо, онтон болоорхой көрүҥнээх, үүнүүтэ суох хара хонууну көрдөххө, мөлтөөн-ахсаан барыы саҕаланыа.
Дьон-норуот олоҕун сайдыыта былыр үйэҕэ тобуллубут суол устун халбаҥнаабакка баран иһэрин улуу өйдөөх Цицерон: «Таҥаралар дьону таптыыр буоллахтарына, кинилэр бэйэлэрин түстээһиннэрин дьоннор түүллэригэр киирэн арыйан биэриэхтэрэ»,- диэн этиитэ бигэргэтэр. Итини кытта өйдөөн кэлиэҕиҥ учуонайдар үлэлэрин: Д.И.Менделеев таблицатын, А.Эйнштейн теориятын, кинилэр улуу арыйыыларын, бэйэлэрэ билинэллэринэн буоллаҕына, түһээн билбиттэр, көрбүттэр.
Сир үрдүгэр атын олох эмиэ баарын киһи түүлэ көрдөрөр. Ону киһи былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьоннору кытта түһээн көрсөн кэпсэтэн итэҕэйэр. Холобур: түһээн өлбүт киһини көрсөн, кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барыстаххына, кырдьык өлөрүҥ буолуо дииллэр. Өссө киһиэхэ, оннооҕор өлбүтэ ырааппыт төрөппүт ийэтэ эбэтэр аҕата түүлүгэр киирэн оҕотун сэрэтэ, көрө-харайа сатыыр буоллаҕына, дьиҥнээхтик сэрэннэххинэ табыллыаҥ этэ уонна кинилэр этэр сүбэлэрэ олус таба буолааччы. Өлбүт киһи түүлгэ киирэн туох эмэ малы көрдүүр буоллаҕына эбэтэр: «Бачыыҥкам ыга тутар»,- диэтэҕинэ, саҥа улахан бачыыҥканы эбэтэр: «Ычча-ычча»,- диэтэҕинэ, таҥнар таҥаһын илдьэн уҥуоҕар уурдахха, дьэ көстүбэт буолан хаалар дииллэр.
Онон, өлбүт дьоннор өйдөрө-санаалара сир үрдүттэн суох гына баран хаалбаттар, кинилэр ханна сылдьалларын ким да билбэт буолан баран, былыргыттан сахаларга баар итэҕэлинэн Үөһээ дойдуга буолуохтарын сөп. Киһи утуйа сыттаҕына өйө-санаата Үөһээ дойдуга көҥүл сылдьар уонна аймахтарын, билэр дьоннорун өйдөрүн-санааларын кытта көрсүһэрэ кырдьык. Ол курдук утуйа сытар киһи уһуктан өйүн-төйүн булунарыгар син элбэх бириэмэ наада буолар. Уһуктан эрэр бириэмэҕэ көстөн хаалбыт араас көстүүлэр киһи бэйэтин өйүгэр кыл-мүччү хатаналлар. Ити көстүүлэри барыларын холбоон биһиги түүл диэн ааттыыбыт.
Былыргы кэмҥэ сахаларга саамай улахан айыынан утуйа сытар киһини эбэтэр улахан кыылы өлөрүү буолар этэ. Оччоҕуна бу киһи өйө-санаата соһуччу уйатын сүтэрэн, үөр буолан Үөһээ дойдуга оннун кыайан булбакка сыһыаннаах дьоннорго биллэ сылдьыан да сөп.
Киһи түһээн үгүстүк аймахтарын, үчүгэйдик билэр дьоннорун уонна кинилэргэ сыһыаннаах бэлиэлэри элбэхтик көрөр. Ити иһин түүлгэ аймах-хаан дьоннор бэйэ-бэйэлэрин үгүстүк ахтыһаллара, санаһаллара ордук улахан оруоллааҕа өйдөнөр уонна кинилэр өйдөрүн-санааларын ситимэ биир буолара чуолкайдык көстөр.
Ыраахтан кэлэн иһэр ыалдьыт киһи тугу санаабыта түүлгэ киирэн көстөрө дьоннору ордук умсугутар уонна бу түүл диэн сир үрдүгэр баар өйдөбүллэр¬тэн чахчы уратылааҕын бэлиэтиир. Ол курдук олус улаханнык кыһанан киһи тугу санаабыта, тугу көрдөөбүтэ түүлгэ илэ курдук көстүөн сөп.
Түһээн ханнык эмэ бэлиэни көрүүгэ киһи бэйэтин этин-сиинин туруга, аччыга-тото барыта сабыдыаллыыр. Ыарыһах киһи түүллэрэ эмиэ бэйэтин санааларын курдук санаарҕабыл эҥэрдээхтэр, бороҥуй дьүһүннээхтэр, онтон доруобай киһи түүлэ кытта сырдык чаҕылхай дьүһүннээх. Киһи олоҕо түүлүттэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтинэн түһээн ыарыйдаххына ыалдьарыҥ, онтон байдаххына байарыҥ буолар. Ити кур¬дук киһи бэйэтин түүллэрин үөрэтэн доруобуйатын туругун куруук кэтии-билэ сылдьыан сөп.
Түүлгэ көстөр араас абааһылартан, кыыллартан уонна үөннэртэн куттаммат буоларга үөрэниэххэ. Итилэр эн үрдүгэр түһэр буоллахтарына утары эргиллэн бараҥҥын көмүскэммитинэн уонна охсуспутунан барыахтааххын, кыайымаары гыннаххына доҕотторгун көмөҕө ыҥырыаххын сөп, онтон куттанан куоттаххына, итилэр эйигин эккирэтэ сылдьыахтара. Түһээн итилэри кыайыы дьиҥнээх олоххо эмиэ кыайыыга тириэрдиэҕэ. Түүлгэ көстөр кутталлары кыайан, киһи өйө-санаата күүһүрэр, кыаҕырар, олоххо көрсөр сорох ыарахаттары туоруурга дьулуура эбиллэр.
Сорох киһи өйүгэр түспэт түүллэр үгүстэрэ эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарыгар аналлаахтар.
Түүллэри үөрэтии муҥура суох. Итилэри үөрэтэн араас өтө көрүүлэргэ уонна билгэлээһиннэргэ туһаныахха сөп. Түүл дьиктилэрин быыстарыттан туһалааҕы булан ыларга үөрэниэххэ, ол иһин өйгө хатанан хаалбыт түүллэри бэлиэтээн, сурунан иһиэххэ уонна олоххо туох буолбутун кытта тэҥнээн көрүөххэ. Биир санаалаахтар кыттыһан түүллэрин тойоннууллара ордук дьону умсугутар, салгыы дьарыктаналларыгар кыах биэрэр. Түүл бэлиэлэрин билии биир эмэ куһаҕаҥҥа көстөр түүлү бэйэ өйүттэн-санаатыттан ылан быраҕарга, атын үчүгэй санааларынан үтүрүйэн солбуйарга уонна кэлэн иһэр олох уустуктары¬гар эрдэттэн өйү-санааны бэлэмнииргэ туһалыаҕа.
Дьоллоох үчүгэй көрүҥнээх түүл киһи санаатын көтөҕөр, бэйэтин кыаҕар эрэлин күүһүрдэр. Үчүгэй түүлү түһүүр киһи дьоллоох буо-лар, ол иһин дьолу, үчүгэйи түстүүр түүллэр бэлиэлэрин билэр туһалаах буолуоҕа. Ити курдук үлэ-хамнас үчүгэй буолуутун бэлиэлэрэ: массыынанан айаннаан иһии, ыараханы көтөҕөн кыайыы, кумааҕы харчыны, бырааккын, балтыгын, аттаах киһини, оттоох хонууну, сүөһү сааҕын көрүү, сааҕынан сыбаныы, маска ыттыы уонна да үгүстэр. Онтон баай, дьоллоох буолуу бэлиэлэрэ: толору маллаах ампаары, быты, элбэх үүтү, от үүнэн турарын, таһаҕаһы сүкпүт киһини көрүү, үүтү иһии, күөх хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри көрүү, дэриэбинэҕэ сылдьыы, кырбаныы, халлаанынан көтө сылдьыы, оту мунньуу, кэбиһии, киэргэллээх курдаах буолуу уонна да атыттар.
Элбэх үчүгэйи көрдөрөр бэлиэлэри бу суруллубут түүллэр бэлиэлэ¬риттэн булан өйдүү сырыттахха куруук оннук түүллэри түһүүр буолуохха сөп.
Үчүгэй дьоллоох түүллэри түһүүргүтүгэр баҕарабыт.
Сир үрдүттэн ханнык да эттик эбэтэр эньиэргийэ хайа да көрүҥнэрэ туох да суола ииһэ суох сүтэн хаалбаттар диэн физика үөрэҕэ дакаастаабыта ыраатта. Онтон өй-санаа түмүллүүтэ, өссө ордук дьиппинийдэҕинэ, чиҥээтэҕинэ үгэскэ уларыйан туспа ханнык эрэ кукка кубулуйдаҕына эмиэ сүтэн, симэлийэн хаалбат дьылҕаланар. Биһиги түүллэри үөрэтиибит ити төрүккэ тирэҕирэн сайдар. Түүлгэ үгэс буола кубулуйбут өйдөр-санаалар илэ курдук көстөллөр.
Былыргы сахалар ойууннара түүллэри тойоннооһунунан киэҥник дьарыктана сылдьыбыттара биллэр. Кинилэр өй-санаа хайдах көрүҥнээхтик кукка кубулуйан иһэллэрин дириҥник үөрэтэн бэйэлэрин үлэлэригэр туһанар эбиттэр. Ол курдук ыарыы туһунан өй-санаа киһиэхэ мунньустан баран суох буолан хаалбакка өр кэмҥэ эрэйдии сылдьарын ылан бырахтахха эрэ табылларын, оччоҕо эрэ ыарыы суох буоларын ойууннар быһаараллар.
Улахан киһиэхэ өй-санаа үөрэх буолан киирэн салгын куту үөскэтэр. Үөрэх хос-хос хатыланан, чиҥээн, дьиппинийэн үгэскэ кубулуйдаҕына туспа өй-санаа түмүллүүтэ — кут эбэтэр майгы буолар. Үгэс буолбут өй-санаа киһи өйүгэр-санаатыгар букатын умнуллубат гына иҥэр. Биһиги түүллэри тойоннооһуннарбыт ити үгэс буолбут өйдөбүллэр көстүүлэргэ кубулуйууларыгар олоҕураллар, ол аата киһи түүлүгэр олору илэ курдук көрөр.
Киһи өйүгэр-санаатыгар үгэс үөскээһинэ кыра оҕо эрдэҕиттэн саҕаланан баран үйэтин тухары салгыы баран иһэр. Үгэс үөскээһинэ хас биирдии киһи өйүн-санаатын уратыларыттан, өйү, үөрэҕи иҥэринэр дьоҕуруттан олус улаханнык тутулуктанар. «Үгүс» диэн тылтан үгэс үөскээбит. Ол курдук ханнык баҕарар санааны, быһыыны үгэс оҥостоору гыннахха үгүстүк хос-хос хатылыыр туһалаах. Оччоҕо киһи мэйиитигэр үгэс үөскүүр уонна дьэ умнуллубат кыахтанар.
Биһиги түүллэри үөрэтиибит былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сүрүн өйдөбүллэригэр тирэҕирэн сайдар. Ол аата киһи өйүн-санаатын быһаарыы сахалар буор, ийэ уонна салгын куттар диэн өйдөбүллэригэр олоҕурар. Итини тэҥэ сахалар олохторун үөрэҕэр үс төрүт өйдөбүллэр, өй-санаа хайдах киһиэхэ иҥэрин быһаарар тыллар бааллар:
1. Үөрэх.
2. Үгэс.
3. Үөрүйэх.
Бу өйдөбүллэр киһи куттара үөрэҕи хайдах көрүҥнээхтик өйдөөн, иҥэринэн иһэллэрин быһаараллар. Ол аата аан маҥнай өй-санаа үөрэх, билии буолан салгын кукка киирэн баран үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кубулуйан ийэ уонна буор куттарга ууруллаллар. Үөрүйэх диэн сахалыы эти-сиини дьаныардаахтык, утумнаахтык эрчийии аата. Киһи үөрэҕи-билиини баһылаан этин-сиинин бу үөрэҕэр сөп түбэһэргэ эрчийэн, үөрүйэх оҥорон биэриэхтээх. Бу этии киһи олоҕун сүрүн сыала буолар.
Онон киһи олоҕун сыала диэн үөрэҕи-билиини салгын кутунан баһылаан, бу билиитин хос-хос хатылаан үгэс оҥостон ийэ кутугар иҥэринэн, онтон салгыы этин-сиинин утумнаахтык эрчийэн үөрүйэх оҥоруута буолар.
Түүллэри үөрэтии — киһи өйүн-санаатын үөрэтии. Өйгө-санааҕа олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэр түүлгэ илэ курдук көстөллөр. Итини тэҥэ түүллэр инникини билгэлээн билиилэрэ киһи санаалара бэйэтин сирдээн, бастаан иһэллэрин биллэрэр. Ол иһин «Киһини санаата салайар» диэн этии дьон олохторо сайдан иһиитин быһаарар саамай сүрүн көрдөбүл буолара быһаарыллар. Төрөппүттэр ханнык, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр эбэтэр итилэри кыайан араарбат өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар даҕаны дьон олохторо сол курдук сайдан баран иһэр.
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэппиттэр. Ол билиилэрэ сири-дойдуну Үөһээ, Орто уонна Аллараа диэн ааттаан үс арааска арааралларыгар иҥэн сылдьар. Дьон бэйэлэрэ олорор үүнэр-сайдар сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Ити барыта өй-санаа өйдөбүллэринэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсалларынан быһаарыллар. Дьон-аймах олоҕо бу быһыылар икки ардыларынан, ортотунан баран иһиэхтээҕин Орто дойду диэн этии уонна онно дьон бэйэлэрэ олороллоро бигэргэтэр. Орто дойдуттан аһара баран Үөһээ эбэтэр Аллараа дойдуларга киһи өйө-санаата тахсыыта өлүүгэ, ыарыыга эбэтэр алдьархайга тириэрдэр кыахтаах.
Онон, биһиги сахалар бары оҥорор быһыыларбытын «Хаһан даҕаны аһара барыма» диэн өбүгэлэрбит этиилэригэр олоҕуран оҥосторбут ордук буолуоҕа. Киэҥ куйаар ортотугар көтө сылдьар төгүрүк Сир икки өттүттэн, Күн уонна планеталар тардыһыыларынан хам тутуллан тэҥнэһии балаһыанньатыгар көтө сылдьар. Сир Күн диэки чугаһаан хааллаҕына уотунан умайыан, онтон аһара тэйэн хааллаҕына, космос тымныытыгар тоҥуон сөп. Айылҕа сүрүн көрдөбүлэ «Тэҥнэһиини хамсатыма»,- диэн этии эмиэ аһара барбат буолууга олоҕурар. Ол иһин аныгы үйэҕэ Айылҕаны харыстааһын аһара барбат буолууга олоҕурдаҕына эрэ Орто дойду олоҕо туруктаах буолуон сөп.
Түүллэрбитин үөрэтэммит эппит-сииммит уонна өйбүт-санаабыт туругун быһаарар кыахтанабыт. Киһи өйүн-санаатын күүһүнэн бэйэтин олоҕун оҥостор. Атын дьон көмөлөрүн ким да ситэ сыаналаабат, барытын бэйэтэ билэн-көрөн, тутан-хабан оҥордоҕуна эрэ астынар. Ол иһин киһи өйө-санаата туруктаах буолуутун кыра эрдэҕиттэн дьарыктаан ситистэҕинэ эрэ биирдэ бэриллэр олоҕун киһи быһыылаахтык олороро табыллар.
КИҺИ САНААТА
Киһи тугу түһүүрэ санаатыттан олус улахан тутулуктааҕын биһиги үөрэтэ сатыыбыт. Түүллэри таба тойоннуурга киһиэхэ ханнык санаалара баһыйа тутан салайалларын быһаарыы туһалыыр.
Сахалар киһи санаатын - олоҕун сирдьитэ диэн ааттыыллар. «Бытие определяет сознание» диэн улуу өйдөөхтөр этиилэрэ олус таба буоларын биир сиргэ олорор, биир үлэни үлэ¬лиир дьон үксүлэрэ маарынныыр өйдөөх-санаалаах буолаллара дакаастыыр.
Биһиги киһи санаатын үөрэтиибит сахалар кут-сүр үөрэх-тэриттэн тирэх ылан сайдар. Киһи санаата туохтан даҕаны иҥнибэт, ханна баҕарар түргэнник тиийэр уонна тугу барытын кыайар диэни саха киһитэ барыта билэр. А.В.Дохунаева «Саха эмчитин сиэрэ-майгыта» диэн үлэтигэр киһи санаатын маннык быһаарар: «Киһи ханнык баҕарар санааны саныырыгар этэ-хаана туһааннаах энергияны сүтэрэр. Ити сэниэ Айылҕаҕа сүтэн хаалбат. Кини санаммыт санааны хамсатар уонна Аан дойду информаци-оннай хонуутугар илдьэр, онон аадырыһыгар тириэрдэр. (1,163).
Киһи санаата киһини хайа диэки барарын быһаарарын, инники, сай¬дыы диэки ыҥырарын дуу, эбэтэр төттөрү тардарын дуу саха дьоно билэннэр бэйэлэрин олохторугар туһаналларын туһунан үгүстүк суру¬йаллар. Ол курдук «Санаатын сорук оҥостон» диэн этии, уруккуттан толкуйдуу, быһаарына сылдьыбыт санаатын олоххо киллэрээри сыл¬дьар киһи туһунан этиллэр. Кини ити санаатын ситиһээри араас ыара¬хаттары да көрсөн кыайыан сөп. Ити аата киһи санаата киһини бэ¬йэтин инники диэки, ханнык эмэ ситиһиигэ сирдээн баран иһэрэ быһаарыллар.
«Санаабыт санаатын ситистэ» диэн этии, аан маҥнай санаан, тол¬куйдаан бүтэрэн баран, дьыалатын кэлин оҥорон ситиһэри бэлиэтиир. Ханнык баҕарар кыра да дьыаланы оҥороору гыннахха аан маҥнай хай¬дах буолуохтааҕын толкуйдаан, санааҕа оҥорон көрөн баран дьиҥнээх¬тик оҥордоххо табылларын быһааран биэрэр этии буолар.
Киһи санаата күүстээх буолара эмиэ биллэр. Ол курдук «Санаатын күүһүнэн баһыйан» диэн этии киһи тугу барытын кыайыан иннинэ аан бастаан санаатыгар кыайыахтааҕын бэлиэтиир. Маны өссө дириҥник толкуйдаатахпытына, ханнык баҕарар дьыаланы аан маҥнай киһи бэйэ¬тин санаатыгар кыайдаҕына эрэ, бу дьыалатын кыайарын көрдөрөр этии буолар. Бу этиини ордук чаҕылхайдык спортсменнар билэллэр. Кинилэр бэйэлэрин утарсааччыларын күрэхтэһиэхтэрин инниттэн санааларыгар хоттохторуна эрэ кыа¬йыыны ситиһэллэрэ кыаллар. Ити иһин үрдүкү кылаастаах спортсменнары бэлэм¬нээһиҥҥэ кинилэр санааларын бөҕөргөтүү үлэтэ ураты миэстэни ыларын бэлиэтииллэр.
Киһи санаата аны ыарахан, ханнык эрэ баттааһыны оҥорор. Ол туоһутунан «Санаатын уурдаҕына кыайыаҕа» диэн этии баара буолар. Ол аата ханнык эмэ дьыала кыаттарбат буоллаҕына, киһи ол дьыалаҕа элбэх санаатын түмнэҕинэ, кыайыан сөбүн бэлиэтиир. Бу этии ордук киһи санаата түмүлүннэҕинэ ордук күүһүрэн, ыараан барарын бэлиэ¬тиирэ суолталаах. Санаа ыараханын өссө чуолкайдыыр этиинэн «Ыар санааҕа баттатан» диэн этии буолар. Бу этии санаа ыарахана киһини букатын даҕаны хам баттаан кэбиһиэн сөбүн бигэргэтэр.
Саха дьоно киһини санаа тута сылдьарын бэлиэтээн: «Санаа быһа эмэр»,- диэн этэллэр. Ыарахан санаа ыар баттык буолан киһини эрдэ да кырытыннарарын уонна доруобуйатын мөлтөтөрүн туһунан элбэхтик кэпсээннэргэ ахтыллар. Ити барыта киһи олоҕо санаатыттан улахан тутулуктааҕын бэлиэтиир. А.И.Яковлева «Айыы итэҕэлэ уонна киһи чөл буолааһына» диэн үлэтигэр санаа киһини ыарытыннарарын быһаарар: «Киһи санаата салгын кукка дьайар, атын киһи куһаҕан санаата, эбэ¬тэр киһи бэйэтин сыыһа санаалара ыарытыннарыахтарын сөп. Сыыһа толкуйдуур киһи үксүгэр төбөтө ыалдьар, утуйар уута алдьанар, хаа¬нын баттааһына үрдүүр. Кыыһырымтаҕай киһи үксүгэр үөһэ ыалдьар». (1,170).
В.А.Кондаков киһи санаатын күүһүн дириҥник баһылаабыт эмчит. Кини киһи санаата атын киһиэхэ эмиэ дьайарын бэлиэтиир: «Байбыт дьон, дьон-сэргэ ымсыырар, ордугургуур санаалара хонуо, иҥиэ, куһаҕаны оҥоруо диэн дьаарханар этилэр. Ол иһин этэллэрин курдук «быстыбыты салгыыр, умнаһыкка уунар, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр» дьон буоларга дьулуһаллара. Кинилэр дьон үтүө санаата туһалааҕын өйдөөн, дьон-сэргэ махталын ыла сатыыллара». (2,5).
Дьон эдэр эрдэхтэринэ санааларын кыайан түмэн күүһүрдүбэттэр. Кинилэр санаалара түргэнник уларыйан, мөлтөөн, атыҥҥа халбарыйан, ыһыллан хаалаллар. Эдэр киһи санаатын түмэн күүһүрдэрин туһугар, кыра эмэ да буоллар олоҕор ыарахаттары көрсөн, олору кыайарга үөрэнэрэ наада буолар.
Сахалар кырдьаҕас дьону ордук ытыктыыллар. Ити кинилэр бэ-йэлэрэ Сир үрдүгэр уһун кэмнээх олохторуттан үөрэтэн ылыммыт улуу үөрэхтэрэ буолар. Кырдьаҕас дьону ытыктааһын үөрэҕэр «Кырдьаҕас киһини хомотумаҥ»,- диэн өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл кырдьаҕас киһи улаханнык хомойдоҕуна олус өр кэмҥэ санаатыгар онтун тута сылдьарын бэлиэтиир. Ол кырдьаҕас киһи хоргуппут куһаҕан санаата аһары муһуннаҕына хомоппут киһиэхэ туох даҕаны үчүгэйи аҕалбатын билэн этэллэр. Ити этии кырдьаҕас киһи санаатын өр кэмҥэ биир сыалга түмэ үөрүйэх буолан, кини санаата ордук күүстээҕин бэлиэтиир. Кини кырдьан, атыҥҥа аралдьыйара аҕыйаан хомоппут киһиэхэ куһаҕан санаатын уһун кэмҥэ мунньара ордук табыллар.
Сорох төрөппүттэр оҕолорун аһара көрөн-истэн, куруук кинилэри эрэ санаан тахсаллар. Кинилэр оҕолорун харыстыыр, көмүскүүр санааларыгар оҕолоро бу ыалдьаары, туохха эмэ түбэһээри гыммыт курдук буолаллар. Итинник баҕа санаа күүһэ эмиэ суола-ииһэ суох хаалбат. Куруук онно-манна түбэһиэ диэн санаа күүһүттэн, оҕолоро сүгүн сылдьыбат, тугу эмэ сыыһа туттубут эбэтэр туохха эмэ түбэспитэ эрэ баар буолан иһэр. Ити иһин атын киһиэхэ үчүгэйи баҕара санаа¬тахха, бэйэҕэр үчүгэй буолуо диэн этии баара таба буолан тахсар. Итини тэҥэ «үчүгэй эбэтэр ыраас сырдык санаалаах» диэн этиигэ дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар киһи санаата сырдык, ыраас буолара быһаарыллар.
Киһи санаата түүлгэ ордук чуолкайдык араарыллан көстөр. Манна киһи санаата атын киһи буолан, киһини бэйэтин арыаллыы сылдьара көстөр. Итини тэҥэ киһи кыра оҕотук санаата бэйэтигэр маарынныыр кыра оҕо буолан көстөрө бэлиэтэнэр. Түүлгэ көстөр араас ыарахатта¬ры кыайыы, киһи санаатын эмиэ бөҕөргөтөр, күүһүгэр күүс эбиллэр. Итинник санаа бөҕөргөөһүнэ киһи олоххо көрсөр үгүс мэһэйдэри, түбүктэри этэҥҥэ туорууругар көмөлөһөллөр.
Онон, киһи санаата киһи сирдьитэ буолара чахчы. Итини тэҥэ «Ыраас сырдык санаалаах киһи, дьоллоох киһи» диэн этии олох таба буолара арылхайдык көстөн кэлэр. Онтон, хара санаа киһини бэйэтин ыга баттыыр, ыар баттык буолан кутун-сүрүн хам тута сылдьар. Маннык «санаа баттыга» буола сылдьар хара санааттан түргэнник ыраас¬тана, умна охсуу киһи олоҕор саҥа, сырдык санаа сүүрээнин киллэрэр.
Ити курдук саха дьоно киһи олоҕор, киһи бэйэтин санаата хай¬дах дьайарын дириҥник үөрэтэн бэйэлэрин олохторугар туһана сыл-дьыбыттарын ити этиилэрэ биллэрэллэр. Киһи олоҕо ыйыллыбыт олук устун халбаҥнаабакка баран иһэрин туһугар, бэйэтин санаа¬та эмиэ онно сөп түбэһэр эрэ буоллаҕына табылларын быһаарабыт. Ол иһин киһи бэйэтин олоҕун көннөрүөн, тупсарыан баҕарар буоллаҕына, аан маҥнай инники сирдээн иһэр санаатын, ол диэки салайан биэрэн иһиэ этэ.
Киһи санаата таһынан таһымнаан ырааҕынан эргийэ көтөн сырыттар даҕаны киһиттэн, этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылынар буолан тутулуга улахан. Киһи бэйэтин санаатын салайар, уларытар, умнар, суох оҥорор, күүһүрдэр кыаҕа хаһан баҕарар баар.
Киһи хаһан баҕарар тугу эмэ баҕара саныыр. Олус күүскэ баҕара санааһын туолуон сөп. Үчүгэйи баҕара саныыр киһи үчүгэйи оҥорор кыаҕа улаатар. Үчүгэйи оҥоруу - үрүҥ санаа, онтон куһаҕаны оҥоруу - хара санаа сабыдыалынан оҥоруллаллар. Ити иһин сахалар үчүгэйгэ баҕарар итэҕэлбит Үрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн ааттанара оруннаах буолуо этэ. Үчүгэй санаа туоларын итэҕэйэр буоларга үөрэнии, итэҕэли дьиҥ олоҕу кытта холбуу сибээстиэ этэ.
КУҺАҔАН САНАА
Сахалар «Киһини санаата салайар», «Киһи санаа хамначчыта»,- диэн этэллэр. Араас элбэх санаалар үчүгэйдэр, оҥорор тутар, сайдыы диэки салайар санаалары тэҥэ, куһаҕан санаалар эмиэ киирэн ылар кэмнээхтэр. Куһаҕан санаалар киһини куһаҕан быһыыны оҥороругар тириэрдэллэрин аныгы үөрэх-билии тарҕаммыт кэмигэр дьон бары билиэхтэрэ этэ.
Атын киһиэхэ кыра да куһаҕаны оҥордоххо, хом саныыр, хомойор. Ити хомойбут, хоргуппут санаата куһаҕаны оҥор¬бут киһи ийэ кутугар киирэн, мунньустан иһэр. Инньэ гынан куһаҕаны оҥорбут киһи ийэ кутун санаатын, майгытын уларытыан сөп. Элбэх куһаҕаны баҕарар санаа киһи ийэ кутугар мунньулуннаҕына кини ыалдьыан сөп. Былыргы ойууннар уонна психолог Рон Хаббард киһи үгүс ыарыы¬лара өйүттэн-санаатыттан тутулуктаахтарын бигэргэтэллэр.
Атын дьон санаалара киһиэхэ киирэн санаатын уларытыылара дьайыы диэн ааттанар. Элбэх дьон куһаҕан санаалара эбэтэр күүстээх санаалаах киһи ыар санаата мунньустубут киһитэ сорох түгэннэргэ эбэтэр итирдэҕинэ быстах санаатыгар баһыттаран, сыыһа-халты быһыыланан, бэйэтэ үөй¬бэтэҕин-ахтыбатаҕын оҥорон кэбиһиэн да сөп.
Киһиэхэ куһаҕан санаа киирбитин киһи түүллэрин үөрэтэн быһаарыан сөп. Ол курдук куһаҕан санаа киирдэҕинэ, киһи түүлүгэр билбэт киһитин кытта охсуһар эбэтэр куһаҕан киһини, кыыллары, сороҕор мастары көрөр. Куһаҕан санаа киһи ийэ кутугар киирэр. Түүлгэ билбэт киһини кытта охсуһуу киһи салгын кута ийэ кутун кытта өйдөспөт буолбуттарын бэлиэтэ буолар.
Ким эмэ куһаҕан санаата киирдэҕинэ киһини түүлүгэр тааһынан эбэтэр туох эмэ бытархайынан быраҕаттаан табыахтарын сөп. Бу куһаҕан санаалартан быыһанара дуу, хайыыра дуу итилэртэн хайдах көмүс¬кэнэриттэн тутулуктанар.
Сахалар «Куһаҕан санаалары санаама»,- диэн этиилээхтэр. Бу этии санаа иитиэхтэнэн олус элбэхтик хатыланнаҕына киһи өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан уурулларыттан харыстыыр аналлаах. Куһаҕан санаалар үгэс буола кубулуйдахтарына киһини куһаҕан быһыылары оҥорууга күһэйиэхтэрин сөп. Киһи олоҕун устата куһаҕан санаалартан ыраастана, умна сылдьыахтааҕын бу этии быһаарар. Сахаларга куһаҕан санаалартан ыраастанарга аналлаах «Айыы этиитэ» диэн үөрэх баар.
Киһи санаатын бэйэтэ эрэ быһаарар уонна салайар. Атын киһиэхэ хом санаатын бэйэтэ эрэ ылан быраҕар, ыраастыыр. Ол иһин хардары-таары, киһиттэн киһиэхэ салайыллыбыт куһаҕан, хом санаалар утарыта көрсөн олорон эрэ сөбүлэһэн өһүллэххэ эрэ сүтэллэр. Куһаҕан санаалартан ыраастанар быһыыны сахалар «Айыы этэн ыраастаныы» диэн ааттыыллар. Оҥорбут сыыһа быһыыларын бэйэ-бэйэлэригэр харда¬рыта этэн, бырастыы гынан хааллардахтарына, куһаҕан санаалара суох буола ыраастанар.
Киһиттэн киһиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаалары суох оҥорор быһыынан хардары-таары кэһии биэрсиитэ буолар. Былыргы сахалар ханна да сырытталлар эрэ куруук кэһиилэрин соһо сылдьаллара биллэр. Бэ¬йэтэ кэһиилээх кэлбит киһиэхэ хардары кэһии биэрэн ыытыы киэҥник туттуллар эбит. Сөбүлэһэн кэһиини ылсыһыы кэнниттэн бэйэ-бэйэлэрин санаалара лаппа тупсара бэлиэтэнэр. Ол аата, кинилэр куһаҕан са¬нааларыттан ыраастаммыттарын, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара тупсубутун бэлиэтинэн буолар.
«Бэйэҕиттэн ситиспэтэхпинэ, бэдэргиттэн ситиһиэм», - диэн дириҥ түгэхтээх этии туох да оруна суох буолбатах. Бу этии хас киһи барыта күүстэрэ-кыахтара тус-туһунан буоланнар, дьон кинилэргэ аҥы-¬аҥытык сыһыаннаһалларын бэлиэтиир. Ол курдук, күүстээх санаалаах, сүрдээх киһи атын дьон санааларыгар хотторботуттан, кинилэр этиилэрин, куһаҕан тылларын аахайбат буолуон сөп. Ол эрээри кини чугас дьоно, оҕолоро бэйэтин курдук күүстээх санаалаах-сүрдээх буолумуохтарын сөп. Эдэр киһи санаата мөлтөх, кыайан түмүллүбэт, ыһыллаҕас буолар. Ол иһин дьон анараа киһиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаалара эдэр дьоҥҥо түһэн мунньуллуохтарын сөп. Киһиттэн тугу эмэ сыаналааҕы ылан баран бириэмэтигэр биэрбэт буолуу анараа киһи куһаҕан санаата уһун кэмҥэ киирэн олохсуйуутун үөскэтэр. Бу санаа ылыллыбыт мал дуу, туох дуу анараа киһиэхэ төһө сыаналанарыттан көрөн ыараан иһэрэ быһаарыллар. Дьон санаата хонноҕуна киһиэхэ бэйэтигэр, оҕолоругар эбэтэр аймахтарыгар туох да үчүгэйи аҕалбатын сахалар билэллэр. Ол иһин оҕолорун «Дьоҥҥо куһаҕаны санаама, бэйэҕэр кэлиэҕэ» диэн этэн үчүгэй санаалаах буоларга үөрэтэ сатыыллар.
Олус элбэхтик куһаҕан санаалары саныыртан куһаҕан санаалар мунньустубут киһилэрэ сорох ыгылыйбыт түгэннэргэ эбэтэр итир-дэҕинэ, өйө көттөҕүнэ сыыһа-халты быһыыланан, үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын оҥорон кэбиһиэн сөп. Түүлгэ билбэт киһини кытта охсуһуу, киһи салгын кута ийэ кутун кытта өйдөспөт буолбутун эмиэ бэлиэтиир.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр куһаҕан санаалартан ыраастаныы диэн өйдөбүл, «Былыргыны былыт саптын», «Айыы этиитэ» диэн этиилэр бааллар. Ол аата куһаҕан санаалары умнуу, өйтөн-санааттан ылан быраҕыы киһиэхэ туһата улахан, өй-санаа туруктаах, чөл буолуутун үөскэтэр.
БАҔА САНАА
Сахалар киһи олоҕо, тугу оҥороро барыта кини санаатыттан эрэ тутулуктааҕын билэллэр. Санаа күүһэ киһини хамсатар. Күүстээх санаалаах киһи ылыммыт сыалын толорор дьоҕура элбэх буолар. Санаатын күүһэ элбэҕиттэн саҥа суоллары арыйан ситиһиини оҥорор кыаҕа элбиир. Кини ис санаатын күүһүнэн этин-сиинин кыайа-хото хамсатан бэйэтэ кыайыыны, ситиһиини оҥорор кыаҕа улаатар. Киһи олоҕун сүрүн сыалын – үчүгэй быһыылары оҥорор баҕа санаатын ситиһэригэр үчүгэй санаалары элбэхтик санаатаҕына өйүгэр-санаатыгар үчүгэй үгэстэр үөскээтэхтэринэ үчүгэй быһыылары дьэ оҥорор кыахтанарын билиэхпитин сөп этэ.
Оҕо улаатан, улахан киһи буолан истэҕинэ, баҕа санаалара өссө кэҥээннэр салгын кут баҕаларынан туолан бараллар. Салгын кут баҕа санаалара үөрэх-билии төрүттээхтэринэн ордук оҥорор, тутар диэки өттүгэр хайысхалаах буоллахтарына, киһи бэйэтин үйэтигэр элбэх үчүгэйи, бэйэтигэр да, дьоҥҥо да туһалааҕы оҥорор кыахтанар.
Киһи олорор олоҕун тупсарарын туһугар эбэтэр туох эмэ си-тиһиини оҥороругар санаатын бөҕөргөтүүгэ, көтөҕүүгэ наадыйар кэмэ баар буолар. Киһиэхэ баҕа санаа баар буоллаҕына, киһи ол баҕа са¬наатын толороору, ситиһээри атын дьон кыайбатахтарын кыайыан, олоххо көрсөр араас ыарахаттары барыларын да тулуйуон сөп. Ол аата, киһини олоҕу олороругар баҕа санаата сирдиир. Ханнык баҕа санаалаах буолар даҕаны, соннук киһи буолар. Төрөппүттэр оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөн, үтүгүннэрэн үчүгэйгэ тардыһар баҕа санаалар үөскүүллэрин ситистэхтэринэ, оҕолоро кинилэр олохторун салгыырыгар олук ууран биэрэллэр.
Хайа баҕарар омукка бэйэлэрин эдэр көлүөнэлэрин иитэр-үөрэтэр ураты ньымалардаахтар. Саха дьоно ордук туһанар ньымаларынан оҕолоро кыра эрдэҕиттэн мин, төрөппүтүн курдук буол диэн үтүгүннэрэн үөрэтии буолар этэ. Бэйэ кыаҕын иһинэн баар баҕа санааны, кыратык кыһана түстэххэ кыайтарыан сөптөөх баҕа санааны оҕоҕо үөскэтии бастакы миэстэни ылыа этэ. Оҕо бэйэтин баҕа санаатын бэйэтин кыаҕынан толорор буоларга үөрэниитэ кыайыыны, ситиһиини оҥорор буола үөрэнэригэр тириэрдэр. Туох эмэ үлэттэн, тугу эмэ оҥорбутуттан астынар, санаата туолар буоллаҕына, үлэһит киһи буола улаатар. Кыах баарынан, улаатан истэҕинэ туолан иһэр баҕа санаата оҕоҕо төрөппүтүн курдук буолууттан үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйар. Оҕону куруук батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бу баҕа санаа, оҕо бэйэтэ көрө сыл¬дьар буолан үксүгэр ситиһиллэр кыахтанар.
Киһи баҕа санаата ханнык да муҥура суох. Киһи иһигэр тугу барытын баҕара саныыр. «Өйө тиийэринэн» диэн этии баара баҕа санаа үөрэҕи-билиини баһылааһынтан эбиллэн биэрэн иһэрин бэлиэтиир. Үгүс хаһан да туолбат ыра санааларынан туолбут өйдөөх-санаалаах киһи баҕа санаата туоларыттан дьолу билэр кыаҕа аҕыйыыр.
Өй-санаа киһиэхэ мэйиитигэр үөскүүрүн эбэтэр аан маҥнай онно мунньустарын быһыытынан «Ис санаа» диэн киһи туспа бэйэтин өйүнэн оҥорбут, быһаарбыт санаалара буолаллар. Бу санаалары Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыта маннык быһаарар – Киһи тугу эмэ дьиҥинэн бэйэтэ хайдах өйдүүрэ, дьиҥнээх санаата. Ис санаатын хаһан да кистээбэт. Ис санаатын киһиэхэ мээнэ биллэрээччитэ суох. (3,80). Ити аата, киһи кистэлэҥ кимиэхэ да эппэт, таһыгар таһааран биллэрэ илик, мэйиитин иһигэр сылдьар санааларын ис санаалара диэн аат¬тыыллар. Бу санааларын киһи таһыгар таһааран, этэн дуу эбэтэр тугу эмэ оҥорон биллэрдэҕинэ эбэтэр олоххо киллэрдэҕинэ ханнык быһыылары биллэрэр санаалар буолаллара дьэ биирдэ быһаарыллаллар.
Саха дьоно билинэллэринэн киһи баҕа санаалара икки аҥы көрүҥҥэ арахсаллар. Киһи майгына, өйө-санаата тус-туспа арахсалларын курдук, баҕа санаалара эмиэ икки сүрүн көрүҥҥэ арахсаллар:
1. Быстах баҕа санаалар диэн киһи бэйэтин этигэр-сиинигэр сыһыаннаах баҕа санааларын туспа бэлиэтээн этэллэр. Киһи быстах баҕа санаалара этигэр-сиинигэр сыһыаннаахтар, ону көрөргө-истэргэ, харыстыырга аналлаахтар. Ол иһин киһи этигэр-сиинигэр дьайар баҕа санааларын барытын манна киллэриэххэ сөп. Киһи этэ-сиинэ сынньанан, сымнаҕастык сылдьарын туһунан баҕа санаалар, бары быстах баҕа санааларга киирсэллэр уонна буор уонна ийэ кут баҕа санаалара буолаллар. Быстах баҕа санаалары маннык көрүҥнэргэ араарыахха сөп:
- Сытарга-сынньанарга баҕарыы.
- Аһыырга-сииргэ, иһэргэ баҕа санаа.
- Эр киһиэхэ эбэтэр дьахтарга баҕара санааһын.
Маннык баҕа санаалары барыларын холбоон, киһи тыыннаах харама¬йа, этэ-сиинэ - баҕара саныыр санаалара диэн ааттыахха сөп. Ол аата ити баҕа санаалар барылара көннөрү тыыннаах харамай, баҕара санааһыннара буолаллар. Ол курдук бары улахан кыыллар бары баҕа санаалара итиннэ сөп түбэһэллэр. Ити баҕа санааларга үлэ-хамнас, сайдыы, үөрэх диэки тардыһа сатааһын диэн суох ол иһин быстах баҕа санаалар диэн ааттаналлар.
Киһи этин-сиинин көрдөбүллэрэ куруук эбиллэн өрө баран иһэллэр. Ол курдук киһи сынньана сыттаҕына, өссө сынньаныан, сыта түһүөн, тугу эмэ мин¬ньигэһи сиэтэҕинэ, өссө минньигэһи сиэн баҕарара эбиллэн иһэр. Киһи быстах баҕа санааларын уларытан көннөрөрө олус уустук буолалларын быһаарар этиинэн «Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрөр» диэн баара буолар. Бу этии киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник олохсуйан хаалбыт өйдөбүллэрин уларытарыгар, өйүн-санаатын олох төрдүттэн уларыттаҕына эрэ табылларын быһаарар.
Быстах баҕа санаалар аһара эбиллэн барыыларын киһиэхэ салгын кута сайдан, үөрэх-билии этиитинэн олоҕун оҥостор буолан, бэйэтин быстах баҕаларын хааччахтыырга күһэллэрэ эрэ тохтотоллор. Ол аата дьон бииргэ олорууларын бэрээдэгэ, араас үгэстэрэ, сокуоннара, сиэрдэрэ-туомнара эрэ киһи быстах баҕа санааларын хааччахтыыллар, киһи буолан, киһи быһыылаахтык олоҕун олороругар тириэрдэллэр.
2. Сахалар «киһилии баҕа санаа» диэн, сайдыыга-үөрэххэ, «киһи буолуу» диэки, үчүгэйгэ тардыһар баҕа санааны ааттыыллар. Салгын кут киһилии баҕа сананы үөскэтэр. Киһилии баҕа санаа киһини киһи оҥорор.
Киһи бэйэтин олоҕун устата куруук баҕа санааларын ситиһээри ох¬суһан, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан тахсар. Араас элбэх бэйэтин кыаҕар кыаттарбат баҕа санаалар киирэн сордууллар. Арай үгүс баҕа санааларын толорууга киһи кыаҕа тиийбэт буолуута мэһэйдиир. Төһөнөн киһи бэйэтин кыаҕа улаатан иһэр даҕаны, оччонон баҕа санаата эмиэ улаатан, үрдээн, элбээн биэрэн иһэр эбэтэр баҕа санаа элбэх буолуута киһи кыаҕын элбэтэр.
Киһи бэйэтин баҕа са¬нааларын, кини бэйэтин кыаҕар тэҥнээн биэриини киһилии өйө-санаата, салгын кута оҥорор. Салгын кут баҕа санаата киһилии баҕа санааны үөскэттэҕинэ киһи киһи буолуу диэки олоҕо салаллар. Бэйэтин олоҕор элбэх үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорор кыахтанар.
Киһи киһилии өйө-санаата, салгын кута кини көннөрү, быстах баҕа санааларын уодьуганнаан, киһилии майгыга тэҥнээн биэрэ сатыыр. Киһи итинник икки аҥы өйдөөх-санаалаах буолуута түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөр. Онно икки тус-туһунан өйдөр-санаалар, куттар тус-туспа дьон күлүктэрэ буоланнар атын-атыннык быһыыланаллар. Ол иһин түүлү тойоннооһуҥҥа киһи санааларын билэр буолуу улахан оруоллаах. Киһи түүлүгэр үгүс элбэх баҕа санааларын илэ курдук көрөрө олус элбэх.
Киһи бэйэтин санаатыгар оҥорон көрөр сыалын ситиһиитэ кини-ни дьоллоох оҥорор. Манна хас биирдии киһи сыала, дьоло төһө ырааҕыттан уонна туох сыала дьол буоларыттан ситиһии эмиэ уратыланан тахсар. Ол курдук киһи бэйэтигэр сыал туруорунуута уонна ол сыалын ситиһиитэ кинини дьолун ситиһэригэр тириэрдэр. Сыал чугас соҕус буолуута, дьол кэлэн иһэрин бэлиэтиир. Оскуолаҕа киирии дьоллоох түгэн буоллаҕына, оскуоланы үөрэнэн бүтэрии үөрүүтэ оҕо олоҕор маҥнайгы биллэр дьолу ситиһиитэ буолар.
Киһи бэйэтэ санаатыгар оҥорон көрөн ылынар баҕа санаата кинини сирдээн иһэр сулус буолан сыалын ситиһэригэр туһалыыр. Киһи бу ылыммыт сыалын ситиһээри араас ыарахаттары да туоруон, эрэйдэри да тулуйуон сөп. Хас киһи аайы барыларыгар ыҥырар сулус буолан инники диэки сирдиир баҕа санаа хайаан да баар буолуо этэ. Ол курдук биир баҕа санаа ситиһиллэн, дьол буолбутун кэнниттэн салгыы атын баҕа санаалар киирэн иһэллэрэ, киһи бэйэтин олоҕор баҕа санааларын ситиһэн куруук өрө тахсан иһэр курдук сананарын үөскэтэр.
Киһини үчүгэй сыаллары ситиһэргэ ыҥырар баҕа санаалары үчүгэйгэ баҕарыы диэн ааттыыллар. Дьон үксэ үчүгэйи баҕара санаатахтарына үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбэх буолан олох иннин диэки, сайдыы диэки сыҕарыйар. Үчүгэйи баҕара санааһын, үчүгэй быһыылар элбээн иһиилэригэр тириэрдэриттэн, дьоҥҥо хайаан да баар буолуо этэ.
Киһи бэйэтин баҕа санаата, үчүгэйгэ баҕара санааһына таҥарата диэн буолар. Ол аата, таҥара диэн, хас биирдии киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар үчүгэйгэ баҕара санааһына, олоҕор ситиһэ сатыыр сыала буолар. Саха дьонугар үчүгэй киһи буолуу туһунан өйдөбүл баар. Киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй киһи туһунан өйдөбүл таҥара буолан дириҥник иҥнэҕинэ, киһи өйө-санаата туруктаах буолан үчүгэйи оҥороро элбиир. Бары улахан, биллэр таҥаралар ол иһин үчүгэй көрүҥнээх киһиэхэ кубулуйбуттар.
Киһи киһилии өйө-санаата, салгын кута кини көннөрү, быстах баҕа санааларын уодьуганнаан, киһилии майгыга тэҥнээн биэрэ сатыырын үгүстүк түүлүгэр көрөр. Киһи итинник икки аҥы өйдөөх-санаалаах буолуута түүлүгэр ордук чуол¬кайданан көстөр. Онно икки тус-туһунан өйдөр-санаалар тус-туспа дьон буоланнар атын-атыннык быһыыланаллар, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэспэт да кэмнэрдээхтэр. Түүлгэ көстүүлэри ман¬нык икки тус-туспа көрүҥнэргэ араартыахха сөп:
1. Киһи түүлүгэр үгүстүк этэ-сиинэ суох, көннөрү сылдьан эрэ көрөр. Ханна эмэ соҕотохто тиийэн баар буолан хаалар. Бу сылдьан эрэ үгүстүк саныыр, ону-маны бэйэтэ быһаарар. Ити көннөрү көрө эрэ сылдьар түүл киһитэ, киһи салгын кута бэйэтэ сылдьар буолуон сөп. Киһи салгын кутун түүлүгэр этэ-сиинэ суох буолар, баара ханан да сананыллыбат даҕаны.
2. Атын түүлгэ киһи бэйэтин көрөр, этэ-сиинэ баара биллэр, ор-дук илиитэ уонна атаҕа көстөр эбэтэр бэйэтэ таҥнар эҥин, бу бэйэм сылдьабын дии саныыр, бэйэтэ тугу эмэни оҥорор. Маннык түүлгэ көс¬төр киһи, киһи ийэ кута сылдьар буолуон сөп.
Киһи көннөрү көрөр эрэ түүллэрин туолаллара дуу, туолбаттара дуу төһө үөһээ, төһө ыраах көтө сылдьарыттан эмиэ тутулуктаахтар. Ол курдук олус ыраах, үөһээ көтө сырыттахха киһи баҕа санаата туолбакка көннөрү ыра санаа эрэ буолан хаалара элбэх.
Киһи этин-сиинин анала Сиргэ сылдьыы буолар. Ийэ кут уонна буор кут саныыр санааларын түүллэрэ сиртэн хаһан да ырааппаттар, аһара үөһээ көппөттөр. Эт-сиин кыната суоҕун түүлүгэр эмиэ билинэр.
Киһи ийэ уонна салгын куттара тус-туспа санаалаахтара түүл көстүүлэринэн итинник дакаастаналлар.
ЫРА САНАА
Сахалар «Санаа киһини салайар» диэн этэллэр. Санаата инники баран иһэр буолан киһини сирдээн иһэр. Ситиһэ, толоро сатыыр санаата - баҕа санаата буолар. Хайа баҕарар киһиэхэ баҕа санаа баар. Сороххо элбэх, онтон атыттарга аҕыйах эрэ буолар уратылаах. Арай бу баҕа санаалар киһи кыаҕын иһинэн буоллахтарына, киһи бэйэтэ то¬лоруон, дьолу билиэн сөп. Баҕа санаа киһини олоххо иннин диэки сирдээн иһэр, ыҥырар туспа күүс буолар. Элбэх баҕа санаалардаах киһи элбэх ситиһиини, кыайыыны, саҥаны арыйыылары оҥорор кыаҕа улаатар.
Баҕа санаа киһини сирдээн иһэр күүһүн сөптөөхтүк, табан туһа-ныы киһини киһи буолуутугар тириэрдэр быһыы буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олохсуйбут, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалаах буоларын ситиһии хас биирдии төрөппүт ытык иэһэ буоларын ситэ сыаналаабат буоллубут. Ол оннугар оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ олус элбэх аптаах дьон аһара элбэх баайы-малы чэпчэкитик булуналларын, араас ханна да суох кыыллар тустарынан сымыйа, албын, аптаах остуоруйалары кэпсээммит оҕолорбутугар хаһан да туолбат ыра санаалар үөскээһиннэрин төрүттүүбүт. Оҕолор ол ыра санаалара кыайан туолбаттарыттан санаалара түһэн, олоххо интэриэстэрин сүтэрэр буолуулара биһиэхэ кэлин кэмҥэ биллэрдик элбээтэ.
Сорох дьоҥҥо киһи кыаҕа хаһан да тиийбэт баҕа санаалара олус элбэх буолуохтарын сөп. Сахаларга хаһан да туолбат баҕа санааны туспа арааран бэлиэтиир өйдөбүл баар. Ол өйдөбүл «Ыра санаа» диэн ааттанар уонна киһи хаһан да туолбат баҕа санаалардааҕын биллэрэр.
Олус элбэх хаһан да туолбат ыра санааларга оҕустарыы киһи сир¬дээҕи олоҕор кыайан ситиһиллибэт суоллар буолаллар. Ол курдук хан¬тан да халлаантан түһэн кэлэр баай-мал, санаа хоту көтөр көбүөр самолеттар суох буолуулара, аптаах остуоруйалар оҕолорго хаһан да туолбат ыра санаалары үөскэтэллэрин бигэргэтэллэр.
Православнай таҥара үөрэҕэ дьадаҥы дьон өллөхтөрүнэ ырай дойдутугар, баҕа санааларын дойдуларыгар тиийэн баайдык-тоттук олоруохтара диэн үлэһиттэри албынныыры билигин да киэҥник туһаналлар.
Олус элбэх ыра санаалардаах киһи түүлэ бэйэтэ туспа уратылар-даах буолар. Ол курдук бу киһи түһээн олус үөһээ халлааҥҥа көтөн кырдьык да ыра санаатын олус баай дойдутугар илэ баарын курдук тиийэ сылдьыан сөп. Кини өйүгэр-санаатыгар ыра санаалара олохсуйан, үгэс буолан хаалбыттара, ол дойду чахчы баарын курдук өйдөбүллэри үөскэтэр. Ол иһин ол дойдутун түһээн элбэхтэ көрүөн сөп.
Киһи олоҕо ыарахан, бэйэтэ дьадаҥы буоллаҕына ханнык да баҕа са¬наалара туолбаккалар барылара хаһан да туолбат ыра санааларга кубулуйаллар. Олус үгүстүк ол киһи бэйэтин санаатынан бэйэтин уоскутунар, олоҕор ситиспэтэх былааннарын ыра санаа оҥостор быһыыта иҥэн олохсуйан хаалыан эмиэ сөп.
Түһээн олус үөһээ, кый бырахха көтө сылдьар киһи баҕа санаата хаһан да туолбат. Кини өйө-санаата сирдээҕи олохтон олус ыраах баран сылдьарын Сир дойду көстүбэтэ быһаарар. Сахалар итинник санаалары ыра санаалар диэн арааран ааттыылар. Бу санаалар хаһан да туолбаттар. Арай бэйэтэ кыаҕа суох киһи сытан эрэ оҥорон көрөн итинник санаалары бэйэтин уоскутунаары, куһаҕан санааларыттан аралдьытынаары элбэхтик саныан сөп. Бу санаалара үгэскэ кубулуйан ийэ кутугар иҥэн түүлүгэр эмиэ көстүөхтэрин сөп.
Түүлгэ көстөр киһи үс эбэтэр хас да атахтаах буолуута эмиэ ыра санаа буолуон сөп. Түүлгэ киһи атаҕа элбэх буоллаҕына баҕа санаата, оҥоруон баҕарара эмиэ элбэх буолан хаалан хайаларын да кыайан ситиспэтин бэлиэтиир. Бу көстүү олоххо «Икки куобаҕы тэҥҥэ эккирэтимэ» диэн киһи санаатын биир сыалы толорууга уурара ордук буоларын бэлиэтиир этиини бигэргэтэр курдук.
Христианскай итэҕэлгэ сахалар ыра санааларын дойдута илэ бэйэтинэн Ырай буола сылдьар. Бу Ырай диэн өйдөбүлгэ киһи өллөҕүнэ эрэ туолар баҕа санаалара мунньулла сылдьаллар. Ол курдук сирдээҕи олоҕор элбэх эрэйи-муҥу көрсүбүт киһи дьэ өлөн, ырайга тиийдэҕинэ сынньана, көҥүл сылдьыахтаах диэн өйү-санааны христианскай итэҕэл тарҕатар. Бу таҥараны итэҕэйэр дьон үксүн ситиһэ сатыыр баҕа санаалара Ырайга тиийии буолар. Бэйэлэрэ мөлтөх, олоххо соччо ситиһэ сатыыр сыаллара суох дьон тугу да гыммакка, оҥорбокко эрэ сынньалаҥнык сытан, сыламныы сылдьыахтарын баҕалара элбэх. Ол аата ис, дьиҥнээх баҕа санаалара толору арыллан тахсыыта Ырайга, барыта бэлэмҥэ, сылааска тиийии буолуон сөп.
Ыра санаа дойдута – олоххо хаһан да туолбат баҕа санаа дойдута буолар. Киһи бэйэтэ баҕа санаатынан оҥорон көрөр дойдута. Орто дойдуга бэйэ кыаҕынан баҕа санаата ситиһиллэр буоллаҕына, киһилии баҕа санаа дэнэр. Сахалар киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан ситиһэр баҕа санаатын ааттыыллар.
Үгүс остуоруйаҕа, кэпсээҥҥэ олоҕурбут баҕа санаалар сорохторо хаһан эмэ да буоллар туолан хаалыахтарын эмиэ сөп. Ол курдук наука уонна тиэхиникэ сайдыылара өбүгэлэрбит ыра санаалара туоларыгар тириэртэ. Өйдөөн кэлиэҕиҥ эбээт ыйга тиийэ сылдьар кыыс оҕо туһунан остуоруйаны. Билигин киһи Ыйга тиийэ сылдьыбыта син быданнаата.
Киһи олоҕун устата оҥоруллар, толоруллар кыаҕа суох баҕа санааларга оҕустарыыта, фантазияҕа ылларыыта сирдээҕи олоххо соччо туһата суохтар. Ол эрээри элбэх ыралаах, баҕа санаалаах киһи айар, туох эмэ саҕаны арыйар кыаҕа улаатарын туһаныа этибит. Ол аата киһи баҕа санаата эмиэ ханнык эрэ кээмэйи аһара барбат буоллаҕына, киһи бэйэтин кыаҕынан ситиһэр кыахтаннаҕына эрэ табыллар. Баҕа санаа ыра санааҕа кубулуйан хаалыыта киһи олоххо туох да туһалааҕы ситиспэт буолуутугар тириэрдиэн сөп.
КИҺИ САНААТА ТҮҮЛГЭ КӨСТҮҮТЭ
Былыргы сахалар дьон санааларыгар улахан оруолу биэрэллэрин кинилэр: «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Итини тэҥэ дьон санаата мунньулуннаҕына киһиэхэ бэйэтигэр, өйүгэр-санаатыгар уларыйыы тахсарын бэлиэтээн, тугу эмэ оҥороору гыннахтарына аны «Дьон туох диэн этиэхтэрэй?» диэн улаханнык тардынал¬ларын биллэрэллэр.
«Үчүгэй дьоҥҥо үчүгэйи баҕараллар»,- диэн этии киһи санаатын хайысхатын быһаарар этиинэн буолуон сөп. Дьон эйиэхэ үчүгэйи эрэ саныахтарын баҕарар буоллахха, бэйэҥ үчүгэй санаалаах уонна дьоҥҥо үчүгэйи оҥорорун ирдэнэр. Онтон дьон эйиэхэ үчүгэйи баҕардаҕына, өссө үчүгэй буолуо диэн этэллэр. Төһө элбэх киһи үчүгэйи баҕарар даҕаны, оччонон баҕа санаа туоларыгар оҥкул ууруллар.
Маннык өйдөбүлү былыргы баайдар киэҥник туһаналлара биллэр. Ол курдук элбэх дьон санаатын табан, туһаны таһаарынаары куруук дьадаҥы дьоҥҥо араастаан көмөлөһөн, ону-маны бэрсэн иһэллэр эбит. Дьадаҥылар кинилэргэ махтанар, үчүгэйи баҕарар санаалара муһуннаҕына, соччонон бэйэлэригэр туһалаах буоларын билэллэрэ.
Саха дьоно киһи санаалара икки аҥы, тус-туспаларын чуол-кайдык бэлиэтээн этэллэр. Ол курдук киһи киһилии санаата уонна бэ¬йэтин быстах санаалара диэн тус-туспа араараллар. Киһи киһилии са¬наата үчүгэйи батыһан, ыарахаттары кыайан, киһи буолуу диэки сир¬диир. Онтон быстах санаа, аатын курдук, киһи бэйэтин быстах, этин-сиинин баҕа санаалара буолаллар. Түүлгэ киһи өйө-санаата ик¬ки, тус-туспаллара ордук чуолкайданан көстөллөр:
Бастакытынан, түүлгэ көстөр киһи эбэтэр дьон эттэрэ-сииннэрэ, ыйааһыннара суох. Кинилэр көҥүл көтө, хамныы сылдьаллар, тиийиэхтээх сирдэригэр соҕотохто баар буолан хаалаллар. Түүлгэ киһи бэйэтэ көстүбэт эрээри ону-маны көрөр. Ити аҥардастыы көстөр эрэ эттиктэрин эбэтэр маллары киһи бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата, салгын кута көрө сылдьар. Маннык көстүүлэри таба тойоннуур олус уустук, арай сорохторун эрэ киһиэхэ бэйэтигэр өйүгэр-санаатыгар түһэн олохсуйбут өйдөбүллэринэн туһанан тойоннуохха сөп.
Иккиһинэн, киһи түүлгэ бэйэтэ сылдьар уонна тугу эмэ оҥорор эбэтэр этэ-сиинэ баара көннөрү күлүк курдук көстөр эбэтэр баар курдук сананыллар буоллаҕына, кини ийэ кутун өйө-санаата тугу оҥо¬ро сылдьара көстөр. Маннык түүлгэ киһи тугу оҥорорун түүл бэлиэ¬лэрин көмөтүнэн эбэтэр үгэс буолбут өйдөбүллэринэн туһанан тойоннуохха сөп.
Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын биллибэт киһиэхэ бэриллэн көстөр. Маннык көстүү киһи өйө-санаата икки аҥыларын чуолкайдыыр уонна киһи салгын кута туспа арахсан сылдьарын көрдөрөр. Ол курдук бэйэҥ санаарҕыыр буолаххына, санаарҕаабыт эбэтэр куһаҕан киһини көрүөххүн сөп. Түүлгэ көрөр билбэт дьонуҥ тас көрүҥнэрэ, эн бэйэҥ санааҥ хайдаҕын көрдөрөллөр.
Куһаҕан дьону кытта охсуһуу, кинилэри өлөртөөһүн, киһи бэйэ-тин куһаҕан санаалара мунньуллубуттарын кытта быһаарсарын, олортон ыраастанарын көрдөрөллөр. Түүлгэ итинник куһаҕаттары кыайыы киһи санаата ырааһыран, бөҕөргөөн, бэйэтэ кыайыыны оҥороругар көмөлөһөллөр. Онтон түүлгэ көстөр кутталлартан, куһаҕаннартан куотуу, быһаарыыны өссө даҕаны кыайан ылына илиги биллэрэллэр.
Түүлгэ туста сылдьар дьону көрдөххө, өйгүт-санааҕыт сөп түбэспэт, толкуйдаргыт тус-туспа киһитиниин көрсүһүөххэ сөп.
Эн тускунан куһаҕаннык санаатахтарына, эттэхтэринэ түһээн тааһынан эбэтэр онон-манан бэйэҕин быраҕаттыыр киһини көрүөххүн сөп. Онтон бэйэҥ куһаҕаны санаатаххына, атын дьону тугунан эмэ быраҕаттыаххын сөп.
Киһи түһээн ыраах да сылдьар киһини көрөр. Бу киһи ыксаан, туохха эмэ олус наадыйан санаабыт санаата эйиэхэ түүл буолан кии¬рэн көстүөн сөп. Хантан эрэ кэлэн иһэр киһи санаата эмиэ түүл буо¬лан киһиэхэ киирэрэ биллэр. «Сарсыардааҥҥы түүл кэлэн иһэр киһи санаата» диэн этэллэр. Ол аата, сарсыарда түһэммит түүл эн тускунан анараа киһи тугу санаабыта буолар.
Түүл бу быһаарыыта киһини санаата сирдээн иһэр диэн өйдөбүлү толору быһаарар. Ол курдук кэлээри сылдьар ыалдьыт киһи санаата төһө эмэ эрдэ тиийэн кэлэн дьиэлээх киһи санаатын кытта көрсүһүүлэрэ түүлгэ киирэн көстөр. Бу көрсүһүүгэ кинилэр ханнык санаалаахтара биллэр буолуон сөп. Ол аата түүлү таба тойонноон туох санаалаах ыалдьыт кэлэн иһэрин сибикилээн билиллэр.
Үчүгэй түүлү түһүүр киһи үчүгэйдик сылдьар, онтон үчүгэй түүлү түһүүр туһугар, үчүгэй, сырдык санаалаах буолуу ирдэнэр. Ол аата, аан маҥнайгыттан үчүгэй санаалаах буоллахха, үчүгэй түүлү түһээн, үчүгэйдик сылдьыахха сөп курдук. Урукку материалистар салайан олорбут кэмнэригэр биһиэхэ өй-санаа үөрэҕэ диэн суох да этэ. Били¬гин балаһыанньа балачча уларыйан киһи өйүн-санаатын туһунан үөрэх¬тэр саҥалыы сайдан эрэллэр.
Саха дьоно түүлү итэҕэйэллэрин А.Е.Кулаковскай бэйэтин «Научные труды» үлэтигэр бэлиэтиир. Дьон түүлү таба тойонноон олохторугар туһаналларын кырдьаҕас киһи эрдэттэн түһээн хаһан өлөр кэмин быһааран билэн эрдэттэн бэлэмнэнэр эбитэ быһаарар. Ол курдук кини төһө эмэ эрдэттэн туох баар үллэриэхтээх баайдарын оннун булларан баран өлөрүн кэтэһэр эбит. (4,63).
ТҮҮЛ уонна КУТ – СҮР ҮӨРЭҔЭ
Сахалар чуут умуннаран кэбиһэ сыспыт кут-сүр үөрэхтэрин билигин сайыннаран эрэллэр. Бу кут-сүр үөрэҕэ атын омуктар киһи туһунан уонна таҥараларын үөрэхтэринээҕэр ордук таба буолара научнайдык дакаастанара чугаһаан иһэр. Былыр-былыргыттан саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн кэлбит кут-сүр үөрэҕэр киһи өйө-санаата үс аҥылара чуолкайдык быһаарылынна: буор, ийэ уонна салгын куттар диэн тус-туспа көрүҥҥэ арахсал¬лар. Онтон киһи этэ-сиинэ буор-кут буолар диэн сыыһа үөрэх этиитэ хаалыа этэ. (5,33).
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи буор кута туспа өй-санаа көрүҥэ буолан эттэн-сиинтэн туспатын арыйар. Эт-сиин киһи өйүттэн-санаатыттан туспатын Тибиэт үөрэхтээхтэрэ билинэллэр.
Киһи үс куттара бииргэ хомуллан сүр диэн туспа күүһүнэн холбуу баайылла сыл¬дьаллар диэн кут-сүр үөрэҕэ билинэр. (6,48). Билигин дьон сайдыыларын таһыма ситэ тиийэн, үөрэтэн итилэри соччо дакаастыы иликтэр. Ол эрээри кэнники кэмҥэ киһи өйүн-санаатын туһунан үөрэх түргэнник сайдан иһэрэ ити хаалан хаалыыны суох оҥоруон сөп.
Былыргы Сибиир ойууннара киһи түүлүн үөрэтиинэн дириҥник дьа¬рыктаммыттара биллэр. (7,324). Ойууннар түүлү үөрэтэннэр кут-¬сүр үөрэҕин сайыннаран испит буолуохтарын сөп. Ол курдук сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ ордук киһи түүллэринэн дакаастаналлара олохтоох курдук. Кут-сүр үөрэҕин быһыытынан киһи салгын кута бэйэтэ этэ-¬сиинэ суох, аҥардастыы өй-санаа мунньустубут көрүҥэ буолар. Ол курдук түүлгэ киһи сороҕор аҥардастыы көрөр эрэ, онтон этэ-сиинэ баара ханан даҕаны биллибэт, бэйэтэ көтө сылдьар курдук соҕотохто ханна эмэ баар буолан хаалар. Итинник киһи бэйэтэ көстүбэккэ эрэ сылдьан ону-маны көрөрүн киһи салгын кута оҥорор буолуон сөп.
Маннык быһааран истэхпитинэ, сорох түүлгэ киһи көннөрү көрөр биллибэт киһитэ кини бэйэтин ийэ кута буолуон сөп. Кут-сүр үөрэх этэринэн киһи ийэ кута киһи бэйэтин этин-сиинин, буор-кутун кытта куруук бииргэ сылдьар. Ол иһин маннык түүллэргэ көстөр бэйэҕэ маарынныыр биллибэт киһи тугу оҥороро, түүлү тойонноон таһаардахха, киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннаах буолан тахсаллар.
Киһи ийэ кутун көрүҥэ ханнык майгыны ылыммытыттан көрөн араас түгэннэргэ уларыйан биэрэн иһэр. Ол курдук киһи түһээн сороҕор бөрөнү, эһэни, ытырыык ыты көрүөн сөп. Оччоҕо кини ханнык эмэ түгэҥҥэ куһаҕан, көстүбүт кыыллар майгыларын курдугу атыттарга биллэриэн сөп. Кини түүлүгэр ити адьырҕа кыыллары кыайдаҕына эбэтэр үүрдэҕинэ, майгыта көнөн үчүгэй дьыалалары оҥоруон сөп. Онон, араас адьырҕа кыыллар киһи түүлүгэр көстүүлэрэ, киһи бэйэтин ийэ кутун майгына ол көстөр кыыллар майгыларыгар маарынныыр буолан ыларын көрдөрөр.
Түүлгэ киһини бэйэтин ыт ытырдаҕына, эн бэйэҥ кыыһыраҥҥын куһаҕан майгыгын көрдөрүөххүн эмиэ сөп. Ол курдук киһи улаханнык кыыһырбыт кэмигэр ийэ кута ытырыык ыкка кубулуйар. Түүлгэ маннык бэ¬лиэ бэйэтинэн көстөр, киһини бэйэтин, салгын кутун ытырыык ыт ытырар. Түүлгэ бу ыты киһи бэйэтэ кыайдаҕына, кини адьырҕа майгынын сымнатан, дьону кытта эйэлээх буолуутугар тириэрдэр. Маннык түүл кэнниттэн бэйэни кыана туттарга үөрэнэрэ туһалаах. Киһи түүлүгэр майгына уларыйбытын бэлиэтин, атын кыыл буолан хаалбытын көрөрүн үөрэхтээхтэр эмиэ бэлиэтииллэр. (8,116).
Киһи түүлүгэр көстөр куһаҕан киһини эбэтэр кыылы кыайыыта, киһи өйө-санаата, салгын кута кыайыыны ситиһиитэ буолар. Маннык түүл кэнниттэн, ол аата киһи салгын кута кыайыыны оҥорон санаата күүһүрдэҕинэ, бэйэтин олоҕор туох эмэ ситиһиини оҥороро бэлиэтэнэр.
Онон, киһи бэйэтин быстах санааларын, ийэ кутун баҕаларын түүлүгэр кыайыыта киниэхэ ситиһиини, туһалаах дьыалалары оҥороругар тириэрдэр. Ол иһин киһи бэйэтин олоҕор быстах баҕа санааларын өйүн-санаатын күүһүнэн кыайар буоллаҕына, элбэх ситиһиилэри оҥороро бэлиэтэнэр.
Түүлгэ сибиинньэ көстүүтэ, киһи быстах баҕа санаалара аһыыр сиир өттүн диэки хайысхалаахтарын көрдөрөр эбэтэр итинник майгылаах киһини көрсөөрү гыммыккын бэлиэтиир.
Түүлгэ көстөр биллибэт киһи тугу оҥороругар киһи бэйэтэ сыана биэрэр, сороҕор сөбүлүүр, онтон сороҕор сирэр. Маннык түүл киһи икки кута бэйэлэрин икки ардыларыгар сөбүлэспэттэрин көрдөрөр. Бу балаһыанньаҕа куһаҕан киһи өлүүтэ, кыайыы эбэтэр ситиһии буолуутун бэлиэтинэн буолар.
Итинник аҥардастыы көрөр түүллэртэн киһи бэйэтэ кыттыһан ону-маны оҥорор түүллэрэ букатын уратылаахтар. Ити түүллэргэ киһи бэйэтэ хаамар, сүүрэр, ыстаҥалыыр уонна өссө тугу эмэни оҥорор. Маннык түүллэргэ киһи бэйэтэ баар буолар, манна кинини охсоллор, тааһынан быраҕаллар, кини бэйэтэ эмиэ охсуһар уонна тааһынан да быраҕар. Маннык түүллэри атыттартан туспа арааран, киһи ийэ кутун түүллэрэ диэн ааттыахха сөп. Итини тэҥэ итинник киһи бэйэтэ ону-¬маны оҥорор түүллэрэ чуолкай соҕустук тойонноноллор уонна сотору кэминэн туолаллар.
Түүллэри маннык икки тус-туспа көрүҥҥэ араартаан баран үөрэтии ордук табыгастаах буолуон сөп. Тус-туспа араартааһын кэнниттэн хас биирдии түүлү киһи ханнык кутугар сыһыаннааҕыттан көрөн тойоннооһун, ордук ситиһиилээх буолуо. Түүлгэ киһи бэйэтэ тугу оҥороро эбэтэр аттыгар сылдьар бэйэтигэр маарынныыр эрээри, билбэт киһитэ тугу гынарын үксүгэр биирдик тойоннуохха сөп. Ол аата киһи сороҕор ийэ кута туспа арахсан тугу гына сылдьарын көрөр буолан тахсар. Сахалар киһи үс тус-туспа куттаах диэн этиилэрэ ити курдук дакаастанан иһэллэр.
Түүл үөрэҕин үөрэтии кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы буолар. Түүл диэн киһи үс кута аан бастакынан көрөр-истэр быһыылара буолара быһаарыллан эрэр. Манна ордук улахан суолтаны киһи бэйэтин икки, ийэ уонна салгын куттара бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ылар. Ити куттартан хайалара баһыйар оруолу ыларыттан киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥороро быһаарыллар.
Киһи бэйэтин түүллэригэр көстөр кыыллары таба көрөн, бэлиэтээн майгыларын үөрэтэрэ туһалаах. Ити көстөр кыыллар майгылара киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ баарын билэн, олор наадалаах өттүлэрин табан сайыннаран, онтон буортулаахтарын хааччахтаан биэрдэҕинэ, өй-санаа сайдыытын ордук ситиһиэн сөп. Ол курдук ыт ытырарын ылан бырахтах¬ха эрэллээх доҕор буолан тахсара, онтон эһэ куруук саба түспэккэ, бэйэтин арҕаҕын ордук дьаныардаахтык көмүскүүрэ сорох кэмҥэ ордук улахан туһа¬лаах буолуохтарын сөп.
ТҮҮЛГЭ КУТТАР КӨСТҮҮЛЭРЭ
Биһиги инники үлэлэрбитигэр киһи санаата иннигэр баран сирдээн иһэрин быһаарбыппыт кэнниттэн түүллэри үөрэтии ордук табыллар. Ол курдук түүлгэ киһи санаалара, куттара урутаан тиийэн ханнык эрэ быһыылары көрсөллөрүн киһи түүлүгэр көрөр уонна үгүс түүл көстүүлэрэ киһи үгэс буолбут өйдөбүллэринэн быһаарыллаллар. Онтон үгэс диэни Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта маннык быһаарар:
1. Дьон туохха эмэ үйэттэн үйэҕэ итэҕэйэн тутуһар санаалара эбэтэр толорор оннук туомнара.
2. Киһи үөрэнэн хаалбыт быһыыта, үөрүйэҕэ. (3,216).
Ити аата, киһи куруук биири санаан ону толорон иһэр буоллаҕына, ол санаата үгэскэ кубулуйан иһэр. Онтон үгэстэргэ кубулуйбут өй-санаа киһи куттарын эбэтэр майгыларын үөскэтэр. Биһиги инники үлэлэрбитигэр киһи өйүттэн-санаатыттан хайдах куттара үөскүүллэрин уонна бэйэ-бэйэлэриттэн туох уратылаах буолалларын быһаарбыппыт кэнниттэн бу куттар хайдах түүлгэ көстөллөрүн ырытыахпыт.
Былыргы сахалар киһи өйүн-санаатын үс аҥы араараллара: буор кут, ийэ кут уонна салгын кут диэн ааттыыллара. Киһи этэ-сиинэ сирдээҕи эттиктэртэн хомуллан үөскүүр уонна бэйэтэ эмиэ туспа, киһи айылҕаттан быһаччы тутулуктаах чааһа буолар. Киһи үс куттара уонна этэ-сиинэ сүр диэн күүһүнэн холбуу тутулла сылдьаллар диэн былыргы сахалар үөрэхтэрэ быһаарар.
Саха ойууннара киһи түүллэрин дириҥник үөрэтэннэр кут¬-сүр үөрэҕин айбыттарын билигин ким да саарбахтаабат буолла. Бары түүллэри үөрэтээччилэр киһи аҥардастыы көрөр эрэ уонна бэйэтинэн сылдьар түүллэрэ тус-туспатык тойонноноллорун быһаараллар. Киһи түүлүгэр олус элбэхтик билбэт, бэйэтигэр маарынныыр киһини көрөр. Бу киһи киһини бэйэтин арыаллыы сылдьар курдук буолар. Сорох кэмҥэ киһини кытта сөбүлэспэт, куһаҕан киһи курдук буолан бэ¬йэтин маһынан да охсуон, тааһынан да быраҕыан сөп. Үксүгэр бу бил¬либэт киһи атын дьону кытта хайдах сыһыаннаһара түүлгэ көстөр.
Түүллэри үөрэтээччилэр киһи түүлүгэр көрөр билбэт киһитэ тугу оҥороро бэйэтигэр сыһыаннаах буоларын быһаарбыттара ыраатта. Бу көстөр биллибэт киһини К.Юнг «Күлүк» диэн ааттаабыт. (8,123).
Бу көстөр күлүк киһи көрүҥүнэн киһиэхэ бэйэтигэр маарынныыр курдук буолар. Бу күлүк үгүстүк киһи бэйэтэ, өйө-санаата, салгын кута сөбүлээбэтин оҥорор. Киһи сөбүлээбэт быһыытын күлүк киһи оҥорор буоллаҕына, бу киһини куһаҕан киһинэн ааттаан кэбиһэр. Ханнык баҕарар бэрээдэктээх да киһи бэйэтин олоҕун араас түгэннэригэр ис санаатыгар быстах баҕа санааларын толорор туһугар араас атыны, туолбаты эҥин санаталаан ылыталыыра хаһан баҕарар баар суол буолар. Арай бу киирэн ааһар быстах санааларга киһи туруктаах өйдөөх-санаалаах буоллаҕына эрэ, бас бэриммэккэ, олохсуйбут бэрээдэги, үчүгэй үгэстэри тутуһан сылдьар кыахтанар. Ол курдук эр киһи үчүгэй дьахтары хаһан баҕарар сөбүлүү көрөн тохтуу түһэн ааһыан сөп буоллаҕа дии. Олохсуйбут бэрээдэги, сиэри-туому тутуһан сылдьар, бэйэтэ кэргэннээх киһи атын, кырасыабай да дьахталлары көрдөҕүнэ, быстах киирэн кэлэр баҕа санааларын кыана туттунан биллэрбэккэ эрэ ааһан хаалыан сөп. Ол аата киһиэхэ быстах баҕа санаалары туттунар ураты күүс баар буолара хайаан да ирдэнэр. Сахалар олохторун үөрэҕэр бу күүс аата киһи буолуу, киһилии быһыылаах буолуу диэн ааттанар.
Маннык кэмнэргэ киһи өйө-санаата, салгын кута ис санаатын, ийэ кутун өйүн-санаатын кытта мөккүһэр. Бу кэмҥэ ити санаалартан хайалара баһыйар да киһи ол курдук быһыылары оҥорор. Сиэр-майгы диэни билиммэт эр киһи бу дьахтарга баҕара санаатын кыана туттубакка билсиһэ, кэпсэтэ сатаабытынан барыан сөп. Бэйэтин быстах баҕа санааларын кыана туттарга үөрэммит, сиэри-туому тутуһа үөрэммит киһи санаатын иһигэр туттунан ханан даҕаны биллэримиэн сөп.
Киһи оҥорор бары дьыалаларыгар ити курдук санаалар хайдыһыылара куруук үөскүүр. Ордук эккэ-сииҥҥэ уонна өйгө-санааҕа сыһыаннаах быһыылары киһи оҥороору гыннаҕына өй-санаа хайдыһыыта араарыллан биллэр. Холобур, минньигэһи сиэри гыннахха эбэтэр арыгы иһээри бэлэмнэнии буолуута ити өй-санаа арахсыытын өссө чуолкайдыыр. Киһи биир өйө-санаата, этигэр-сиинигэр сыһыаннаах буолан, минньигэһи сиэххэ эбэтэр арыгыны иһиэххэ диир. Онтон атын, олохсуйбут үгэстэри тутуһарга ыҥырар, дьон бииргэ олорууларын үөрэҕин кэспэти көрөр-истэр өй-санаа, үөрэхтэн-билииттэн киирэр салгын кут өйө-са¬наата аһара барбакка, минньигэһи олус элбэҕи сиэбэккэ, арыгыны аһара испэккэ ыҥырар.
Сахаларга «Кэмсинии» диэн өйдөбүл баар. Киһи ийэ кута сөбүлээбэт быһыытын оҥорон кэбистэҕинэ, сыыһаны оҥордум диэн өйдөбүл киирэн, өйүн-санаатын мунчаардар, кэмсиннэрэр. Маннык өйдөбүл киирдэҕинэ киһи сыыһаны оҥорбутун билинэр, кэмсинэр. Аны хатылаан итинник сыыһаны оҥорбот буоларыгар олук ууруллар.
Бэйэ ис санаата, ийэ кутун баҕа санаалара, салгын кутун санаа-ларын кытта сөп түбэспэт буолуулара киһи түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөллөр. Ол курдук өй-санаа сөбүлэспэт киһитэ кэлээри гыннаҕына эбэтэр киһи куттара бэйэ-бэйэлэрин кытта сөпсөспөт буоллахта¬рына туста, охсуһа сылдьар дьон түүлүгэр көстүөхтэрин сөп.
Психолог Г.Миллер киһи өйө-санаата уонна этэ-сиинэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолууну тус-туспатык ылыналларын бэлиэтиир. Киһи этигэр-сиинигэр үчүгэй буолуута өйүгэр-санаатыгар санаарҕабылы үгүстүк үөскэтэллэрин быһаарар. (9,205). Ол аата, киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй буолуута, этигэр-сиинигэр үчүгэйи оҥорбот, онтон эккэ-сииҥҥэ үчүгэй буолуу өй-санаа көрдөбүллэригэр сөп түбэспэтэ ордук элбэх.
Түүлгэ көстөр биллибэт киһи сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн олус табатык быһаарыллар. Бу үөрэх быһаарыытынан түүлгэ көстөр биллибэт киһи бэйэтин хайа эрэ кута сылдьар. Ол аата, киһи хайа эрэ кута, ийэ кута дуу эбэтэр салгын кута дуу атынын көрөр быһыыта буолуон сөбө быһаарыллар.
Түүлү киһи хайа баҕарар кута, ийэ эбэтэр салгын куттара көрөр буолуохтарын сөп. Ийэ кукка киһи этин-сиинин баҕа санаалара мунньустар буоланнар ийэ кут түүлүгэр киһи бэйэтин этин-сиинин илдьэ сылдьара көстөр. Үгүс түүл көстүүлэрэ барылара ийэ кут өйдөбүллэрэ, киһи өйүгэр-санаатыгар олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэр буолаллар.
Ийэ кут түүлүгэр киһи этэ-сиинэ баара биллэр, илиитин-атаҕын көрүөн сөп. Киһи бэйэтэ тугу эмэ оҥороро, хаамара-сүүрэрэ, хал-дьаайыга ыттара барылара бу түүллэргэ киирсэллэр.
Салгын кут көрөр түүлүн уратытынан бу түүлгэ киһи бэйэтин этэ-сиинэ баара букатын да биллибэт, сананыллыбат даҕаны, киһи көтө сылдьар курдук соҕотохто ханна эмэ баар буолан хаалар уонна ойоҕоһуттан көрө сылдьар курдук буолар. Маннык түүллэр ордук уустуктар, хас биирдии киһиэхэ тус-туспа үгэс буолан эрэр өйдөбүллэртэн үөскүүллэриттэн үгүстүк кыайан тойонноммоттор. Салгын кутун өйө-санаата баһыйар киһи түүллэрэ үксүгэр үөһээ көтүү, ханнык эрэ фантазия, ырай дойдуларыгар сылдьыы көстүүлэрэ буолаллар.
Онон, киһи бэйэтин уһун олоҕун устатын тухары ис санааларын кы¬тары охсуһан, туруулаһан тахсар. Этин-сиинин быстах баҕа санааларын кыайан, сабырыйа тутан салайдаҕына эрэ, этэ-сиинэ доруобай, күүстээх буолан өй-санаа салгыы сайдыытын ситиһэр, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтанар. Итини тэҥэ аны аһара баран олус үөһээ кыырай халлааҥҥа көтө сылдьыы сирдээҕи олохтон арахсыы, өлүү-сүтүү бэлиэ¬тэ буоларын эмиэ умнумуохха.
Кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ, билбит билиитэ киһи ийэ кута буолар диэн биһиги быһаарбыппыт. Бу кэмҥэ үөрэммит үөрэх ба¬рыта киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан ууруллан сылдьаллар. Итини тэҥэ киһи кэнники олоҕор үөрэнэн үгэс оҥостубут өйдөбүллэрэ эмиэ ийэ кут өйүгэр-санаатыгар уларыйан ууруллан иһэллэр. Ити барыта киһи өйө-санаата сайдан, эбиллэн иһэринэн быһаарыллар.
Киһи улаатан иһэн үөрэҕи-билиини баһылааһына аан маҥнай салгын кут өйүгэр-санаатыгар ууруллар. Бу билиилэр олус элбэхтэ хатылананнар үгэскэ кубулуйдахтарына, ийэ кут өйүгэр көһөн ууруллаллар. Ол аата, өтөр-наар умнуллубат гына уларыйыыны бараллар. Киһи түүллэрэ барылара үгэс буолбут өйдөбүллэринэн быһаарыллаллара уонна тойонноноллоро итиннэ олоҕурар.
Былыргы сахалар быһаарыыларынан киһи кута көттөҕүнэ ханнык эрэ ыарыы киирэр. Ойууннар өй-санаа үөрэҕин дириҥник баһылаабыт буоланнар куттара көппүт ыарыһахтары үксүгэр ситиһиилээхтик эмтииллэр эбит. Ол аата кут диэн тугуй? Кут киһиэхэ хантан кэлэрий? Киһи куттарын быһаарыыны түүллэрин үөрэтиинэн эрэ ситиһиэххэ сөп курдук.
Курууппа ойуун киһи түһээн өлбүт киһини көрүстэҕинэ, ол аата эн салгын кутуҥ кини салгын кутун көрөр диэн быһаарар. Түүл диэн киһи салгын кутун сырыыта буоларын Курууппа ойуун эмиэ билинэр. Ойуун бу этиилэрин таба диэтэхпитинэ киһи салгын кута утуйа сыттаҕына туспа баран бэйэтэ сылдьарын биһиги түүлбүтүгэр көрөр эбиппит.
Сорох кэмҥэ киһи кута үөр буоларын ойуун эмиэ бигэргэтэр. Үөрдэр абааһы буолаллар. Онон түүлгэ-биккэ биллэллэр диир. Итини тэҥэ Курууппа ойуун кырдьаҕас оҕонньор уонна оҕо үөр буолбаттар диэн этэр. (10,48). Бу быһаарыылартан биһиги киһи салгын кутугар олус куһаҕан санаа киирэн олохсуйдаҕына салгын кута үөр буоларын билиэхпитин сөп. Ол курдук киһи олус куһаҕан быһыыны оҥорон бэйэтигэр тиийиннэҕинэ үөр буоларын саха дьоно бары билэллэр. Олус куһаҕан быһыыны оҥорон, ол аата куһаҕан санаатын илдьэ этиттэн¬-сииниттэн арахсыбыт салгын кут үөр буолара итинник быһаарыллыан сөп.
Кырдьаҕас оҕонньор салгын кута үөр буолбатын бэлиэтинэн киһи олус кырыйдаҕына өйө-санаата мөлтөөн кута-сүрэ суох буоларыгар олоҕурар, онтон оҕо үөр буолбата кини өйө-санаата ситэ сайдан күүһүрэ-кыаҕыра, үгэстэрэ үөскүү илигэ буолара быһаарыллар. Уһун кэмҥэ өй-санаа мунньустан элбээн иһиититтэн кут үөскүүр. Куту маннык быһаарыы былыргы сахалар куту өй-санаа мунньустуута диэн быһаарыыларыгар эмиэ сөп түбэһэр. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ өй-санаа киһиэхэ хайдах киирэн мунньуллан иһэрин быһаарыы, куттар хайдах үөскүүллэрин чуолкайдыырга көмөлөөх буолуо этэ. Ол иһин биһиги өй-санаа киһиэхэ хайдах, хантан киирэн мунньулларын быһаара сатыыбыт.
Дьон бары түүллэри өй-санаа көстүүлэрэ дииллэр. Биһиги түүллэри үөрэтиини өй-санаа хайдах көрүҥнээхтик киһиэхэ мунньуллан сылдьарын быһаарарга сүрүн көрүҥүнэн буолар диэн ааҕабыт. Түүллэри тойоннооһун куттары үөрэтиигэ биллэр хардыыны оҥоруон сөп. Ол курдук түүлгэ киһи куттара тус-туспа сылдьалларын чуолкайдык араарыы киһини хайа кута баһылаан салайарын быһааран оҕону иитиигэ ийэ кутун урутаан сайыннарыы ылар оруола үрдүгүн биллэрэр.
Түүллэр үгүс өттүлэрэ киһи өйүгэр-санаатыгар уһун кэмҥэ үгэс буолбут өйдөбүллэринэн быһаарыллалларыгар, тойонноноллоругар олоҕуран киһиэхэ кут хайдах үөскүүрүн чуолкайдыахха сөп. Ол иһин аан маҥнай оҕоҕо үгэс хайдах үөскүүрүн быһаарыахпыт этэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ куруук хамсана сатыыр. Маҥнайгы хамсаныыларын оҕо өйдөөбөккө эрэ, хамсатыахха эрэ диэн оҥорор. Итиитинэн, атаҕы¬нан мээнэ хамсанар. Кэлин улаатан иһэн хараҕынан таба көрөр буоллаҕына, оонньууру тута сатаан үлэлэһэригэр кини өйө-санаата үлэ¬лиир, ийэ, буор кута сайдар, кыһанан-мүһэнэн таба тутаары дьулуһар. Тарбахтарын элбэхтик хамсатан эрчийэн буор кутун үөскэтинэр. Олус өр эрэйдэнэн, сыыһа-халты тута сатаан баран син үөрэнэн оонньууру таба харбаан ылар буолар. Харбаан ылар хамсаныыны баһылаатаҕына олус түргэнник сулбу тардан ылар кыахтанар. Хамсааһын уустугуран истэҕинэ оҕо өйө-санаата эбиллэн иһэр, үөрэммит хамсаныытын үгэс оҥостон аны быһаара, үөрэнэ сатаабакка түргэнник толорор буоларга үөрэнэ, үөрүйэх буола охсор. Ити курдук киһи быһалыы оҥорор, үгэскэ, үөрүйэххэ кубулуйбут, быһаара сатыы турбакка эрэ толоруллар буолбут хамсаныыларын биһиги буор кут өйө-санаата диэн быһаарабыт. Үгэс, үөрүйэх буолан хаалбыт хамсаныыларын киһи хаһан даҕаны умнан кэбиспэт.
Тустуук быраҕыылары оҥорор хамсаныыларын хаһан да умнубат. Арай ситэ үгэс буолбатах, кыайан буор кут өйүгэр-санаатыгар кубулуйбатах хамсаныылары киһи сотору кэми¬нэн умнан, кыайан оҥорбот буолан хаалара буор уонна ийэ куттар туспа арахсар бэлиэлэринэн буолар.
Киһи үөрэнэн, үөрүйэх буолан хаалбыт хамсаныыларын бэйэтэ билбэтинэн даҕаны, өйүнэн-санаатынан салайбакка эрэ оҥоро сылдьар. Ол курдук оҕо үөрэҕин билбэтэҕинэ, кэтэҕин тарбана үөрэннэҕинэ, ити быһыытын тугу эмэ толкуйдуу түстэр эрэ оҥорон кэбиһэргэ үөрэнэн хаалар. Илиитин итиигэ сиэппит киһи соҕотохто сулбу тардан ылыыта буор кут өйүнэн-санаатынан эмиэ быһаарыллар. Үөрүйэх буолбут бэйэтин харыстанар хамсаныыларын киһи толкуйдуу турбакка эрэ оҥорон кэбиһэрэ барыта үгэс буолбут, буор кут хамсаныыларынан быһаарыл-лаллара киһи өйүн-санаатын оҥоһуутун ордук чуолкайдыыр.
Хамсаныыттан үөскүүр өй-санаа буор кут өйө-санаата буолар. Хамсаныылар олус элбэхтэ хатыланан иһэр буоллахтарына кэлин үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кубулуйаннар киһи буор кутун өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына ууруллаллар. Киһи ис уорганнарын үлэлэрин буор кут өйө-санаата салайар. Бу өй-санаа оҕоҕо төрүөҕүттэн бэриллэр уонна салгыы сайдан иһэр кыахтаах. Ис уорганнар үлэлэрин салайар кут үлэтэ кэһилиннэҕинэ киһини араас ыарыылар булуохтарын сөп. Ойууннар ыарыыны эмтээһиннэрэ буор кут өйүн-санаатын уларытан, тупсаран биэриинэн ситиһиллэрэ быһаарыллан иһэр.
Илэтигэр киһи билэр, үчүгэйдик саныыр киһитин көрсүһэ түстэҕинэ үөрэр, мичээрдиир. Санаата көнөр, кэпсэтэллэр. Бэйэлэрэ сөбүлэспэт да дьон күлэ-үөрэ кэпсэтиэхтэрин сөп. «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн этии баара киһи ис санаатын таһыттан көрөн билии кыаллыбатын быһаарар.
Түүлгэ көрсүһэ түһүү илэ буоларыттан туох да уратыта суоҕун иһин хаһан да мээнэҕэ буолбат. Көрсүһэр киһи сирэйин-хараҕын көстүүтэ ханнык көрсүһүү буоларын чуолкайдык быһаарар. Көрсүһүүттэн санаа көнөр буолуута туһалаах, үчүгэй көрсүһүүнү биллэрэр. Үөрэх-билии салгын куттан киирэр. Эмиэ элбэхтэ хос-хос аахтахха, иһиттэххэ билии өйгө-санааҕа, салгын кукка мунньуллар. Билии элбэхтэ, өссө хос-хос хатыланан, чиҥ билиигэ кубулуйдаҕына, эмиэ үгэскэ, кукка кубулуйар. Үгэскэ кубулуйбут билии ийэ кукка уларыйан, умнуллубат гына ууруллан иһэр.
Салгын кутунан киирбит үөрэх, билии хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдахтарына, бу үгэстэри киһи бэйэтэ да билбэтинэн толоро сылдьар буоларга үөрэнэр. «Үгэһи тутуһар», «Үгэс буолбут» диэн этиилэр киһи оҥоро үөрэммит быһыыларын, хамсаныыларын хаһан баҕарар оҥорорун бэлиэтииллэр
Онон, ийэ кут өйө-санаата диэн киһи олус өр үөрэммит, үгэскэ кубулуппут өйдөрө-санаалара уонна араас хамсаныылара буолаллар. Кут-сүр үөрэх быһаарыытынан киһи куттара бэйэ-бэйэлэрин кытта үгүс сөбүлэспэт өрүттэрдээхтэр. Ол курдук киһи этигэр-сиинигэр үчүгэй буолуута өйүгэр-санаатыгар хомолтону, хом санааны аҕалар түбэлтэлэрэ бэрт элбэхтэ буолаллар. Аһара аһааһын, элбэхтик сытыы эккэ-сииҥҥэ үчүгэй буоллахтарына, өйгө-санааҕа үчүгэй буолбатахтар.
Киһи түүлүгэр көрөр биллибэт киһитэ бэйэтин салгын кута эбэтэр ийэ кута буолуохтарын сөп. Түүлгэ бэйэ аттыгар сылдьар биллибэт киһи тугу оҥороро, тойонноотоххо бэйэтигэр сыһыаннаах буолан тахсарын үөрэхтээхтэр быһаарбыттара ыраатта. Биллибэт куһаҕан киһини эбэтэр кыылы, абааһыны кыайыы, киһи бэйэтин өйө-санаата тупсуутугар, үчүгэй буолуутугар тириэрдэрин киһи барыта билэр. Ол аата, киһи бэйэтин куһаҕан санаата мустубут кутун кыайыыта түүлүгэр атын куһаҕан киһини кыайыытынан доҕуһуолланар.
Куттарга тус-туһунан өй-санаа ууруллар, мунньуллар. Куттар сайдан истэхтэринэ туспа барар кыахтаналларын бэ¬лиэтинэн түүлгэ тус-туспа арахсан көстөллөрө буолар. Олус элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйбут быһыы ийэ кут өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубат гына ууруллан мунньуллар. Былыргы сахалар ити өйү-санааны ийэ кут диэн ааттаабыттар. Ол курдук ийэ кут өйүн-санаатын оҕо ийэтин үтүктэн, кинини көрөн, истэн үөрэҕин мунньунар. Киһи тутта-хапта сылдьар быһыытын, төрүт өйүн-санаатын барытын ийэ кут өйө-санаата быһаарар. Ол иһин сахалар оҕону олох кыра эрдэҕинэ хайдах иитэҕин, үөрэтэҕин даҕаны, соннук өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар диэн этэллэр уонна атаахтатыы буортулааҕын билэллэр. Бу этии «Атаах оҕо өйө-санаата түктэри буолар» диэн этиинэн бигэргэтиллэр.
Киһи өллөҕүнэ куттара тус-туспа бараннар, өйө-санаата бытарыйан ыһыллар. Өй-санаа ыһыллан үөр буолар. Атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэт, туспа өй-¬санаа бөлөҕө эрэ уларыйбакка бэйэтинэн сылдьарын сахалар уратытын быһааран айыы өйө-санаата, айыы буолуу диэн ааттыыллар. Кэлин олус маарыннаһар өйдөр-санаалар, куттар холбоһон биир буолан хаалаллар.
Кут бу курдук уларыйыытын түүлгэ көстөр маарыннаһар майгылаах дьон биир буолан көстөллөрүнэн быһаарыахха сөп. Ол курдук түүлгэ Арамаан тиийэн кэлэр диэн көрбүтүҥ илэтигэр Дьэкиим буолан хаал¬лаҕына, бу дьон майгылара, өйдөрө-санаалара олус маарыннаһар эбиттэрэ быһаарыллар.
Онон хайа эрэ киһи куттара туспа баран сылдьалларын биһиги түүлбүтүгэр көрөбүт, кэпсэтэбит. Ол иһин бу дьон көрүҥэрэ кинилэр майгыларын быһаараллара ордук улахан суолталаах.
ТҮҮЛГЭ БИЛЛИБЭТ КИҺИ КӨСТҮҮТЭ
Түүл көстүүлэрин араас үөйбэтэх-ахтыбатах уратылара дьону бы¬лыр-былыргыттан соһуталлар, муодарҕаталлар, элбэх санааҕа, таайа сатааһыҥҥа түһэрэллэр. Бу ураты көстүүлэри тэҥэ, урукку эбэтэр олус туһалаах өй-санаа хантан кэлэн киһи өйүгэр-санаатыгар түһэрэ билигин да ситэ чуолкайдана илик. Биһиги бу үлэбитигэр түүлгэ үгүстүк көстөр кимэ да биллибэт киһи туһунан быһаара сатыахпыт.
Түүлгэ биллибэт киһи көстүүтэ ураты миэстэни ылар. Киһи аттыгар сылдьар, үксүгэр киһиэхэ бэйэтигэр маарынныыр курдук киһи баар буолар. Киһи бэйэтэ эр киһи буоллаҕына, анараа киһи эмиэ эр киһи¬тэ, онтон дьахтар буоллаҕына, дьахтара араарыллан өйдөнөр. Бу киһи кинини арыаллыы, бииргэ эбэтэр батыһа сылдьар курдук көстөр. Үксүгэр бу көстөр биллибэт киһи киһи бэйэтин күлүгүн курдук аттыгар сылдьар.
Сорох кэмҥэ бу биллибэт киһи туспа баран кимниин эмэ тустар, охсуһар. Биирдэ эмэ киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ биллибэт киһи саба түһүөн сөп. Киһи сөбүлээбэт быһыытын оҥорор киһини түүлүгэр да сөбүлээбэт, «Куһаҕан киһинэн», «Абааһынан» ааттаан кэбиһэр уонна араас утарылаһыыны оҥорор эбэтэр бу киһиттэн куотарга барар. Түүлү дириҥник үөрэппит К.Юнг бу биллибэт, киһи аттыгар сылдьар киһини «Күлүк» диэн ааттыыр.
Түүлгэ биллибэт киһи көстүүтүн тойоннооһун туспа уратылардаах, ол курдук бу киһи кырдьык сорох кэмҥэ киһини бэйэтин үтүктэ сылдьар, күлүгүн курдук көстөр. Түүлгэ көстөр биллибэт киһи тас көрүҥүн, таҥаһын-сабын уонна бу киһи тугу оҥорбутун түмэн тойонноотоххо киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннаах буолан тахсаллар. Түүлгэ биллибэт киһини тааһынан быраҕаттаатахтарына, эн тускунан кэпсэтиилэр, араас этиилэр буолуохтарын сөп.
Биирдэ эмэтэ киһи түүлүгэр көрөр биллибэт киһитэ кимниин эмэ тустар, охсуһар даҕаны кэмнэрдээх. Оннук түүллэр тойоннооһуннара туспа уратылаах буолар. Бу түүл кэнниттэн киһиэхэ хайа эрэ сөпсөс¬пөт, тыл-тылларыгар киирсибэт киһитэ кэлиэн эбэтэр көрсүһүөхтэрин сөп. Ол аата, бу түүлгэ киһи бэйэтин ийэ кута анараа киһи кутун кытта сөпсөспөт буоланнар туста, охсуһа сылдьалларын көрөр.
Сахалыы быһаарыынан киһи куттарын тус-туспа араартаан киһи оҥо¬рор быһыыларыгар бу куттар туох сыһыаннаахтарын быһаардахха киһи олоҕо ордук уустугуран тахсар. Ол курдук үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан иһэр салгын кут дьайыыта буор уонна ийэ куттар санааларыгар сөп түбэспэттэр. Киһи түүлүгэр бу куттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарын, быһаарсыыларын көрөрө кырдьык. Киһиэхэ куһаҕан санаалар муһуннахтарына үксүгэр охсуһар, этиһэр дьону үгүстүк көрөр.
Киһи олоҕо куруук өйүн-санаатын, куттарын икки ардыларыгар быһаарсыыга, үчүгэй диир өрүттэрин булууга уонна көмүскээһиҥҥэ барар. Киһи буор, ийэ куттара ордук сытар, сынньанар, минньигэстик аһыыр, иһэр баҕа санааларын утаран салгын кут үчүгэй, туһалаах өй-санаа киллэрэн биэрэ сатыыр, сөбүлэһиннэрэ сатаан охсуһарга кытта тиийэр. Салгын кут киһи быстах баҕа санааларын киһилии майгыга, киһилии быһыыга иитэ-үөрэтэ сатыыр буолан ити куттары кытта соччо тапсыбат. Дьон бииргэ олорорго үгэстэрин, сокуоннары, ыйаахтары тутуһарга салгын кута киһини, буор уонна ийэ куттары күһэйэр буолан аны ити куттар соччо сөбүлээбэттэр.
Түүлгэ киһи бэйэтин «Мин бэйэм» дии саныыр эрээри тугу эмэ оҥороро уонна түүлү көннөрү көрөрө икки аҥы уратылаахтар:
1. Үгүс түүллэргэ киһи бэйэтэ, этэ-сиинэ баара биллэр, хаамар, сүүрэр, ыстаҥалыыр. Бэйэтэ араас хамсаныылары оҥорор, чахчы «Бэйэм» сылдьабын дии саныыр.
Биһиги быһаарыыбытынан киһи түүлүгэр бэйэтин этэ-сиинэ баар курдук көстөр, бэйэтэ хамсыыр, сүүрэр, охтор, тугу эмэ оҥорор буоллаҕына, бу түүл кини ийэ кутун түүлэ буолуон сөп. Ол курдук түүлгэ киһи бэйэтин быстах баҕа санааларын толороругар бэйэтэ, этэ-сиинэ баара биллэр буолар.
2. Маннык түүлү киһи бэйэтэ көтө сылдьар курдук көрөр. Ханна эрэ соҕотохто тиийэн хаалар. Бэйэтэ этэ-сиинэ баара ханан даҕаны биллибэт, аҥардастыы көтө сылдьан көрө эрэ сылдьар курдук, бэйэтэ тугу оҥороро биллибэт, арай санаатыгар эрэ тугу барытын оҥорор курдук буолар. Бары түүллэри тойоннооччулар түүл бу уратытын араа¬раннар, көннөрү «Көрүү», «Көрөбүн» диэн тылларынан бэлиэтииллэр.
Киһи бэйэтэ көннөрү көрөр эрэ түүллэрэ салгын кутун түүллэрэ буолуохтарын сөп. Салгын кут көннөрү өй-санаа түмсүүтэ буолан эти-сиини кытта быһаччы сибээстэспэт. Ол иһин салгын кут түүлүгэр киһи этэ-сиинэ ханан да баара биллибэт.
Түүллэри быһаарыыга былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһан¬нахпытына, үгүс киһи өйүгэр түспэт да түгэннэр оннуларын булунар курдуктар. Ол курдук киһи куттара тус-туспа буолалларын түһээтэҕи¬нэ эрэ арааран билэр. Бу куттар өйдөрө-санаалара бэйэ-бэйэлэриттэн эмиэ уратыланалларын түүлү үөрэтии эмиэ чуолкайдыыр.
Киһи түүлүгэр сорох оҥорор быһыыларын бэйэтэ ситэ өйдөөбөт буоллаҕына, атын киһи оҥорорун курдук саныыр. Киһи ийэ кутун өйүн-санаатын сатаан, салгын кутунан кыайан быһаарбат, ол иһин итинник уларыйбыт, атын киһиэхэ көспүт курдук өйдөбүл үөскээн түүлгэ көстөр.
Арай утуйа сытан түһүүр. Түһээтэҕинэ биллибэт киһи сүрэҕэ ыалдьыбыт, бу киһи маҥнай снайпер эбит, онтон летчик буолбут. Ороҥҥо сытан эрэ мөхсөр, эргичиҥниир. Ким эрэ кэлэн эмп биэриэн баҕарар. Онуоха биллибэт киһи кэлэн нитроглицерини сиэбиттэн ылан биэрэр курдук. Онтон бэйэтэ тэйиччиттэн ыалдьыбыт киһини көрөрүн курдук көстөр. Маннык түүл кэнниттэн нэһиилэ уһуктан кэлбитэ, сүрэҕэ олус диэн ыалдьыбыт, аҕылас буолбут, эмп ылан иһэригэр эрэ тиийбит.
Бу түүлгэ киһи куттара тус-туспа буолаллара араарыллан биллэр. Бу түбэлтэҕэ киһи салгын кута туспа баран атын киһи, ол эбэтэр ийэ кутун атын киһи ыалдьыбытын курдук саныыр. Ол иһин бэйэтэ кыайан оҥорор кыаҕа суох буолан, ким эрэ кэлэн ыалдьыбыт киһиэхэ эмп биэ¬риэн баҕарар курдук көстөр.
Түүл көстүүлэрэ маннык арахсыылара былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин түүллэри дириҥник үөрэтэн арыйбыттарын чуолкайдаан биэрэр. Түүллэри чинчийэн, дириҥник үөрэтии сахалар кут-сүр үөрэхтэрин салгыы сайыннаран иһэр кыахтаах.
ТҮҮЛГЭ КЫЫЛЛАР КӨСТҮҮЛЭРЭ
Билигин биһиги киһи куттара түүлгэ тус-туспа сылдьар буолан көстөллөрүн быһаарбыппыт кэнниттэн түүллэри тойоннооһун быдан судургу уонна өйдөнүмтүө буолар. Ол курдук киһи куттара тус-туспа сылдьалларын быһаарыы, бу куттар эмиэ бэйэ-бэйэлэрин көрсө, сорох кэмнэргэ сөпсөһөр дуу, сөбүлэспэт дуу майгыларын хардары-таары биллэрэ сылдьалларын биһиги түүлбүтүгэр көрөрбүт быһаарыллар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи хайдах майгыннаммытын быһаа¬рарга кыыллары кытта тэҥнээн көрүүнү туһаналлар. Ол курдук олус улаханнык кыыһырбыт киһини «Эһэтин тириитин кэппит» диэн этэллэр. Ол аата, олус кыыһыран кимиэхэ да иннин биэрбэт буолбутун бэлиэтээннэр итинник хоһуйаллар. Киһи майгына мөлтөҕүттэн киһилии өйө-санаата тиийбэт буоллаҕына олус элбэхтик ыт майгыныгар холууллар. Итини тэҥэ киһи майгына хайдаҕын, хайа кыыл майгы¬ныгар маарынныырын көрөн быһаарыыга кыыл бэйэтин көстүүтэ ордук өйдөнүмтүө буоларын быһааран этии киһи түүлүгэр көстөр. Ордук үгүстүк киһи майгынын ыкка тэҥнээн көрүү оҥоруллар. Ол аата, ордук элбэхтик киһи түүлүгэр ыт көстөрө быһаарыллар. Киһиэхэ куһаҕан майгыннаннар эрэ ыкка тэҥнэнэн хаалар куттал кимиэхэ барыларыгар баар буоларын ити көстүү бигэргэтэр.
Кыыллар киһи түүлүгэр көстүүлэрэ киһи куттара ханнык кыыл майгынын ылыммыттарын арааран көрдөрөн киһиэхэ бэйэтигэр өйдөтөллөр. Бу этии быһаарыыта түүллэр тойоннооһуннарынан ордук чуолкайданаллар.
Түүлгэ көстөр кыыллар үчүгэй, киһи сөбүлүүр кыыллара буоллахтарына эбэтэр маҕан дьүһүннээх көһүннэхтэринэ киһи үчүгэй майгылаах киһини көрсөр эбэтэр бэйэтэ үчүгэй майгылааҕын билинэр.
Киһи түһээн көрөр кыыллара куһаҕан, кирдээх, көтөх, хара буоллахтарына, олорор олоҕо мөлтөх буолуутуттан, кыаммат, түгэммэт балаһыанньа үөскээһиниттэн санаа түһүүтүн, өй-санаа мөлтөөһүнүн көрдөрөр бэлиэлэр буолаллар.
Киһи түүлүгэр араас кыыллары биирдэ эмэтэ да буоллар көрөр. Со¬роҕор өссө саба түһэр кыыллар баар буолаллар. Бу кыыллартан сатаан көмүскэннэххэ эбэтэр өлөрдөххө киһи ханнык эмэ кыайыыны ситиһэр. Ол аата бу кыайыыны ситиһэригэр бэйэтин куһаҕан, мэһэйдиир майгынын туоратарын, бары кыаҕын барытын кыайыыны ситиһэригэр уурарын көрдөрөр түүл бэлиэтэ буолар.
Киһи куттара эмиэ сайдан баҕа санаалара эбиллэн иһэр уратылаахтар. Ийэ кут баҕа санаалара ордук киһи быстах баҕа санаалара буоланнар дьону кытта бииргэ олоруу үгэстэригэр үксүгэр сөп түбэспэттэриттэн куттар; ийэ уонна салгын куттар утарсар күүстэ¬рин улаатыннараллар.
Өй-санаа маннык икки аҥы арахсыытыттан, киһи икки куттара тус-¬туспа өйдөөхтөрүттэн-санаалаахтарыттан бу икки куттар утарыта турар кэмнэрэ элбэх буолар. Ол аата, бэйэ-бэйэлэрин ситэ өйдөспөт түгэннэрэ, утарылаһар буолуулара олус элбэхтэр. Бу өй-санаа утарыта туруулара киһи түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөллөр.
Холобурга биир түүлү ылыахпыт. Бу түүлгэ киһини кыра ыт ытырар. Маннык түүлү тойоннооһуҥҥа киһи майгытын уратыларыгар тохтуохха сөп. Ол курдук бу киһи туохтан эмэ сөбүлэспэккэ кыыһыран ылыан сөптөөх кэмэ кэлбит. Куһаҕан, быстах майгына тахсан хаалан үтүө, киһилии майгынын, салгын кутун ыт буолан ытырар. Түүлгэ ыт ыты¬рарыттан босхолонуу, ытырыык ыты кыайыы киһи өйө-санаата сайдан, тупсан, куһаҕан майгынын көннөрөрүн бэлиэтэ буолар. Дьону кытта эйэлээх сыһыаны олохтууругар куһаҕан майгынын ити уратыларын көн-нөрөрө наадатын түүлүн көстүүтэ бэлиэтиир.
Атын түүлгэ оҕо эстибит, быстыбыт, көтөх, дьиэтэ суох куоска оҕотун көрөр. Бу түүлү көрөн оҕо санааргыыр, куоска оҕотун аһынар. Бу түүл тойоннооһуна кырдьык даҕаны аһынар, харыстыыр санаа киириитин үөскэтэр. Маннык түүлү көрөр оҕо төрөппүттэригэр сыһыаннаах буолуон сөп. Оҕо бэйэтэ тулаайахсыйан, соҕотохсуйан, санааргыы сылдьар буолуута итинник түүлү көрөрүгэр тириэрдиэн эмиэ сөп.
Түүл үксүгэр аҥардастыы көстүүлэринэн бэриллэр буолан киһи майгына уларыйыылара хайдах бэриллэрэ сүрдээх уустук. Киһи майгына уларыйыытын толору, туспа киһи эбэтэр атын кутун өйүгэр түһэр гына көрдөрөөрү түүлгэ араас кыыллары көрөр.
Холобурга, арай кыыһырыы диэн өйдөбүлү хайдах көрүҥнээхтик көрдөрөн биэрдэххэ киһи түргэнник өйдүөн сөбүй? Ходуоһунньуктар улаханнык кыыһыран, дьэбидийбит сирэйи уруһуйдуохтара этэ. Онтон түүлгэ ыты эбэтэр ханнык эмэ улахан кыылы ырдьыгынаттахха кыыһырыы буолбута соҕотохто өйдөнөр. Манна кыыһырыы төһө улахан буолбутун быһааран биэрэргэ ханнык кыыл көстүүтэ эмиэ туттуллар.
Эһэ курдук олус улахан кыахтаах кыылы киһи түүлүгэр көрүүтэ ор¬дук улахан интэриэһи үөскэтэр. Түүлгэ эһэни киһи тугу эмэ олус күүскэ көмүскүүр, харыстыыр кэмигэр көрөр. Бу кэмҥэ киһиэхэ олус күүстээх көмүскүүр санаа киириитэ эһэ буолан түүлүгэр көстөр. Хо-лобурга, биир киһи суукка дьыалатын көмүскүүр кэмигэр улахан эһэ барыаран турарын сөбүлүү көрөр. Кырдьык даҕаны туохтан эмэ кыыһырар, көмүскүүр, харыстыыр күүстээх санаа кииритигэр ордук сөп түбэһэр кыылынан эһэ буоллаҕа дии. Хайдах да тыыттахха хаһан да иннин туран биэбэтэх кыыл. Олус күүскэ харыстыыр, көмүскэнэр санаа кииритигэр түүлгэ эһэ көстүөн сөбө итинэн быһаарыллар.
Дьоҥҥо түүллэригэр ыт олус элбэхтик көстөр. Ол иһин урукку олохпутугар ыт буола сылдьыбыппыт эбит диэн сыыһа өйдөбүл үөскээбит. Үчүгэй көрүҥнээх маҕан ыт көстүүтэ, сөбүлүүр доҕоруҥ үчүгэй майгына эбэтэр бэйэҥ үчүгэй майгыланыыҥ көстүүтэ буолар. Маҕан ыт¬, доҕор - үчүгэй майгы, хара ыт – куһаҕан майгы – кыыһырыы, кыыһырымтаҕай буолуу көстүүтэ буолар. Хара дьүһүннээх кыыллар бары төһө улаханнарыттан тутулуктаах ыарахан, кытаанах майгыны көрдөрөллөр.
Эриэн үөн түүлгэ көстүүтэ кистэлэҥ, иннэ-кэннэ биллибэт өйдөөх-санаалаах буолууну эбэтэр оннук майгылаах киһини көрсөрү билгэ-лиир. Эриэн үөн көстүүтэ икки өрүттээх, кутталлаах, кистэлэҥ, бил-либэт күүстэри тэҥэ, табылыннаҕына эмтиир дьайыылаах буолуон сөп.
Түүлгэ аттар, сылгылар көстүүлэрэ үксүгэр үлэни-хамнаһы кытта сибээстээхтэр, үлэһит майгыны, дьону көрдөрөллөр. Арай дьүһүннэрэ маҕан эбэтэр хара буолуулара ханнык майгылаахтарын быһаараллар. Ынах сүөһүлэр көстүүлэрэ тыа сирин дьонугар ордук чугастар уонна элбэхтик көстөллөр.
Онон, түүлгэ киһи майгына ханнык кыыл майгыныгар маарынныыр буолар да соннук кыыл түүлгэ көстөр. Киһи бэйэтэ ыт курдук майгы¬ланнаҕына, бэйэтин ыт ытырар эбэтэр хара ыты көрөр. Эһэ ыарахан майгына биллээри гыннаҕына эһэни көрсүһүөн сөп. Ол курдук ордук күүскэ харыстыыр, көмүскэнэр санаа киириитигэр киһи эһэни түһээн көрөр. Ити курдук атын дьон майгыларын уратыларын, киһи бэйэтин майгына уларыйыытын түүлгэ көстөр кыылларынан быһаарыахха сөп.
Салгын кут үөрэҕи-билиини ылынар буолан олох үгэстэрин, сокуоннары тутуһарга ыҥырар. Киһини киһилии олоххо сирдиир күүс буолар. Ийэ кут өйө-санаата буор куттуун үксүгэр биир буолаллар. Киһи быстах санааларын мунньустуулара барыта ийэ кут өйө-санаата буолар. Бу өй-санаа киһи быстах баҕа санааларын, этин-сиинин баҕаларын уруттаан толорор иһин дьулуһар. Түүлгэ эмиэ илэтигэр курдук куһаҕан дьону, кыыллары кыайыы үчүгэй, үтүө санаа кыайыытыгар тириэрдэр.
ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ
Былыр сахаларга өй-санаа туһунан үөрэх олус дириҥ силистээх эбит. Ол кэмҥэ улахан күүстээх ойууннар өй-санаа үөрэҕин баһылаан, билэн-көрөн сайыннарбыт буолуохтарын сөп. Кинилэр үөрэхтэрэ киһи өйүн-санаатын быдан толорутук көрдөрөллөрүн билигин кэлэн саҥа билэн эрэбит. Бу кэмҥэ Сибиир ойууннарын үөрэхтэрин саҥалыы сөргүтэн үөрэтии ыытыллан, тэнийэн эрэр.
Сахалар сири-дойдуну үс тус-туспа дойдуларга араараллар. Бу дойдулара Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойду диэн буолаллар.
Бэйэлэрэ, Айыы аймахтара олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Орто дойду аатын курдук бу дойдулар икки ардыларыгар тайаан сытар уонна Сир саара бэйэтэ буолар.
Үөһээ дойдуга үрдүк айыылар, онтон аллараа дойдуга абааһылар олороллор диэн былыргы өйдөбүлтэн сахалар бэйэлэрин, айыылар да, абааһылар да буолбатахтарын билинэннэр, олорор сирдэрин туспа арааран Орто дойду диэн ааттаабыттар. Сири-дойдуну итинник үс аҥы араарыыттан сахаларга Үөһээ дойду диэн туспа айыылар олорор дойдулара баар буолбут. Кэлин Үөһээ дойду диэн өйдөбүл үөһэ диэки баар Халлааны кытта биир өйдөбүллэнэн, биир курдук буолан хаалбыт.
Былыргы кэмнэргэ ойууннар көрүүлэнэллэригэр, кыыралларыгар Үөһээ дойдуга тиийэ сылдьар буоланнар бу дойдуну сиһилии ойуулаабыттар. Үөһээ дойду түөрт халлааннаах уонна тоҕус хаттыгастаах диэн быһааран этэллэр. (10,13). Үөһээ дойду халлааннара өрө тахсан бэйэ-бэйэлэриттэн үрдээн иһэр таһымнары санаталлар. Өй-санаа сайдыытын таһымын төһөнөн үрдүгүн ситиспит айыылар, ол таһымнарга сөп түбэһэр үрдүккэ баар хаттыгастарга олороллор дииллэр. Ол иһин, Айыылар төһө үрдүк хаттыгаска тахсан олороллор даҕаны соччонон кыахтаах, өйдөөх-санаалаах буолаллар диэн өйдөбүл үөскээбит.
Саха ойууннара уус-уран тылы кыайа туттан баһылаабыт буоланнар Үөһээ дойду халлааннарын хаттыгастарын олус ымпыктаан-чымпыктаан бэйэлэрэ субу көрөн туралларын курдук ойуулаан хоһуйаллар. Олоҥхолорго ойууланар халлааннар уус-уран хоһуйуулара ордук баһыйбыттарыттан кэлин ыра санаалар халлааннарыгар, дойдуларыгар кубулуйбуттар.
Ойуун кыыран көрүүлэнэригэр араас аартыктарынан айаннаан Үөһээ дойдуга тиийэр. (11,47). Ол дойдуга тиийэн хайа эмэ бы-лыргы өлбүт киһи кутун көрсөн манньалаан инники туох буолуохтааҕын ыйыталаһар. Көрдөһүүтэ, манньалааһына табылыннаҕына барыны - бары билэр куттар инники олоххо туох буолуохтааҕын ойууҥҥа этэн биэрэллэр эбит.
Былыр абааһы диэн илэ сылдьар буолара үһү. Абааһыны кытта айыы дьонун бөҕөстөрө куруутун охсуһаллар, тусталлар, күрэхтэһэллэр диэн кэпсииллэр. Айыы сириттэн үөһэ абааһылар киирэн дьахтар сүгүннэрэн таһаараллар эбэтэр абааһы уола киирэн айыы дьахтарын тутуһан олортон айыы-абааһы аҥардаах бухатыыр-бөҕө дьон төрүөн отто дойду бөҕөтүгэр үөһэ абааһы бөҕөһүгэр кыаттарбакка, бэйэлэрин тыыннаахтыы көмүнэллэр.
Үөһээ, аллараа, отто дойдулар диэн үс сир-дойду баарын курдук былыргы саха сэһэнэ кэпсиир. Үөһээ дойдуга айыы, абааһы сирэ-олохторо бааллар, аллараа дойдуга – абааһы сирэ. Саха сэһэнинэн, отто дойду улуу баайдара үөһээ абааһы дьонун кытта уруурҕаһаллара баар. Билиҥҥи саха төрүттэрэ үөһээ 7-8-9 хартыгастаах халлааҥҥа эбиттэр. Кэнники онтон арахсан, тэйэн үөһээ (соҕуруу), аллараа (хоту) абааһылар икки ардыларыгар (орто дойдуга) түбэһэн олорон хаалбыттар. (12,209,313).
Үөһээ дойдуга үчүгэй айыылары кытта куһаҕан абааһылар эмиэ оло¬роллор. Үөһээ дойду абааһылара ордук күүстээх, күдэхтээх, уордаах буолаллар. Үөһээттэн түһэр абааһылартан ордук биллэллэрэ «Кугас уонна Хара маҥаас» сылгылаахтар буолаллар. (13,112-116).
Сир-дойду үс өттүлэригэр, барыларыгар үчүгэй уонна куһаҕан айыылар, абааһылар уонна дьон бааллара сахалар былыр-былыргыт¬тан киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын билэллэрин дакаастыыр. Дьон олоҕор үчүгэй уонна куһаҕан хаһан баҕарар сэргэстэһэн, бииргэ сылдьаллар. Өй-санаа бу икки өрүттэриттэн хайалара баһыйар буолар даҕаны дьон олохторо ол диэки салаллан барар. Ол иһин дьон өйдөрө-санаалара бу куһаҕан уонна үчүгэй диэн өйдөбүллэр икки ардыларынан, ортолорунан сайдан баран иһиэхтээҕин сахалар билэннэр олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттаабыттар.
Онон, Үөһээ дойдуга эмиэ Орто дойдуга курдук үчүгэй да, куһаҕан да дьон, айыылар баалларын сахалар итэҕэллэрэ билинэр. Бу быһаарыы дьон майгылара былыргыттан баччаҕа диэри кыратык да уларыйан, тупсан көрө иликтэрин, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ билигин да арахса сылдьалларын дакаастыыр.
«Үөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, алларааттан аргыар аргыйбатын» диэн алгыс тыллара дьон-аймах олорор, үлэлиир уонна сайдар сирдэрэ Орто дойду эрэ буоларын бигэргэтэллэр. Орто дойду олоҕо огдолуйбатын туһугар үөһээттэн даҕаны, алларааттан да араас өйдөр-санаалар киириилэрэ-тахсыылара эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолаллара ирдэнэр.
Киһи бэйэтин түүлүгэр өлбүт дьон куттарын көрөрө, кэпсэтэрэ туспа дойду - түүл дойдута баарын бигэргэтэр. Өлбүт дьон куттара бу дойдуга көҥүл сылдьаллара, бу дойду - сахалар өйдөбүллэригэр, итэҕэллэригэр иҥэн сылдьар Үөһээ дойдулара буоларын көрдөрөр.
Киһи түүллэригэр көрөр өлбүт дьоно тыыннаах курдук сылдьаллар. Арай түүлгэ бириэмэ диэн өйдөбүл суох. Ол иһин түүлү көрөр кэмҥэ киһи өйө-санаата «уларыйбыт кэмҥэ» киирэрин А.Горбовскай «Пророки и прозорливцы в Отечестве своем» диэн үлэтигэр быһаарар. (7,319).
Былыргыта өлбүт дьон куттара Үөһээ дойдуга сылдьаллар диэн өй¬дөбүл саха дьонугар иҥэн сылдьар. Киһи түһээтэҕинэ өлбүт дьону тыыннаах сылдьалларын курдук көрөрө онно төрүөт буолбут. Ол аата, түүлгэ киһи кута көстөр эбит. Бу дойду өйө-санаата Орто дойду өйүттэн-санаатыттан эмиэ уратылаах. Киһи түүлүгэр көрбүтүн үксүгэр кыайан быһаара охсубат. Бу көстүүлэр илэ курдук буолбатахтарына, барылара кэриэтэ ханнык да тылынан буолбакка, бу көстөр бэлиэҕэ уруккуттан иҥмит олохсуйбут өйдөбүлүнэн быһаарыллар курдуктар.
Ол аата, Үөһээ дойду диэн өйдөбүлү түүллэри үөрэтэн, ырытан ба¬ран быһаардахпытына, дьон өйдөрө сайдыаҕыттан ыла мунньустубут өй¬дөрө-санаалара, салгын куттара сылдьар сирдэрэ буолуон сөп.
Сахалар былыргы кэпсээннэриттэн Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буоларын быһаарыахха сөп. Ол курдук дьон ойуун буолаары эттэнии¬лэрин түүллэригэр көрөллөр. Урут өлбүт ойууттар куттара, үөрдэрэ мунньустаннар кинини эттииллэр уонна урукку оннугар хомуйан кэбиһэллэр. (14,45).
Ойуун буолааччылар эттэнэ сытар кэмнэригэр өйө суох буолаллар уонна утуйан турбут курдук эттэнэн бүтэн тураллар. Ойууннар эттэнэр кэмнэригэр бары сытар эбиттэр. Сорохтор туспа отуу оҥотторон онно туос тэлгээн баран сыталлар диэн эмиэ кэпсииллэр. Киһи олоҕор араас соһуччу быһылааннар, күүстээх ыарыылар буолуохтарын сөп. Бу түбэлтэлэртэн барыларыттан быыһаныам диэн ким да эрдэттэн быһа этинэр кыаҕа суох. Киһи соһуччу уҥан, өйө көтөн хааллаҕына өйө-санаата түүл дойдутугар тиийэн араас түүлү көрөрүн билэр дьон кэпсииллэр. (8,166). Киһи өйө-санаата бу кэмҥэ киирдэҕинэ урут буолбуту тэҥэ, кэлэн иһэр кэми эмиэ билиэн-көрүөн сөп эбит. Уҥмут киһи өйө-санаата атын кээмэйдээх сиргэ сылдьарын ойууннар бэйэлэрин эттэниилэрин көрүүлэрэ эмиэ билэргэтэр.
Билиҥҥи үөрэх быһааран эрэринэн аҥардас өй-санаа мунньустар дойдута баар. Бу өй-санаа мунньустуутун К.Юнг «коллективное бессознательное» диэн ааттыыр.
Ойууннар кыыран, кутуран Үөһээ дойду аартыктарын арыйталыыллар. Кинилэр араас сыттары сытырҕалааннар уонна эрчимнээхтик биир тэҥник хамсананнар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэллэр. Бу өй-санаа уларыйар кэмигэр киирдэхтэринэ араас үөрдэри, өлбүт дьон куттарын көрсөллөр. Бу куттары кытта түүл бэлиэлэринэн кэпсэтэннэр инники туох буолуохтааҕын билэр эбиттэр.
Онон, Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буолар эбит диэн быһаарыыны оҥорор кыах баар буолла. Бу дойду өй-санаа уларыйбыт дойдута. Манна барыта былыргыттан үгэс буолбут өйдөбүллэринэн туһаналлар. Үөһээ дойду аҥардастыы өй-санаа, салгын уонна ийэ куттар мунньустар сирдэрэ буолар. Бу дойду дьон-аймаҕы, Сири-дойдуну тулалаан саба бүрүйэ сылдьар. Киһи туох эмэ буолан, түһээн, өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмнэригэр өйө-санаата уларыйан Үөһээ дой¬дуга баран кэлэрэ эбэтэр Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта быһаччы холбонон ылара быһаарыллар.
Түүллэри үөрэтээччилэр былыргы дьон өйдөрө-санаалара аныгы киһиэхэ түүлүгэр кэлэн киирэрин билинэллэр. Бу көстүүлэр саха дьоно өй-санаа Үөһээ дойдуттан Орто дойду дьонугар киирбитэ диэн олоҥхо¬лоругар этиилэрин бигэргэтэр буолуохтарын сөп.
Киһи хараҕар көстүбэт санаа ситимнэринэн Сир дойду бүрүллэ сылдьар. Хас биирдии киһи өйө-санаата бу ситимнэри кытта сибээстээх. Ол сибээс биллэр уратытынан киһи өйө-санаата бу сибээс иһигэр сылдьара буолар. Дьон-аймах барыларын куттара Сири дойдуну саба бүрүйэн сылдьаллар. Ол бүрүөһүн сахалыы Үөһээ дойду диэн ааттанар. Бу быһаарыы саха дьоно «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэригэр толору сөп түбэһэр. Дьон-аймах үгүс өттүлэрин санаала¬ра хайа диэки салаллар даҕаны сирдээҕи олох ол диэки салаллан барара итинэн быһаарыллар.
ӨЙ - САНАА ҮӨҺЭЭ ДОЙДУГА СЫРЫЫТА
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи өллөҕүнэ өйө-санаата арахсан туспа барарын билэллэр. Киһи сиргэ олоҕун үчүгэйдик, киһи быһыылаахтык, дьоҥҥо-сэргэҕэ хайҕатар гына олорбут, үчүгэй быһыылары оҥорбут буоллаҕына өйө-санаата Үөһээ дойдуга тахсар дииллэр. Ол аата дьон бары куттара, өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга мусталлар эбит.
Былыргы сахалар этэллэринэн бэйэтин олоҕор элбэх куһаҕан быһыылары оҥорбут киһи өйүн-санаатын, кутун Үөһээ дойдуга ылбаккалар Аллараа дойдуга түһэр эбит. Бары куһаҕан санаалаах куттар, абааһылар мунньустар сирдэринэн Аллараа дойдуну оҥорбуттар. Христианскай таҥара үөрэҕэ этэринэн киһи өллөҕүнэ өйө-санаата Үөһээ дойдуга, Ырай дойдутугар таҕыстаҕына сиргэ кыайан туолбатах баҕа санаалар бары ситиһиллиэхтэрин сөп диир. Ол дойдуга тиийдэххэ, дьэ, ыра санаа барыта туолар диэн билбэт дьону холкутук албынныыллар. Тоҕо диэтэххэ ол дойдуттан төннөн кэлбит киһи баара биллибэт.
Киһи өллөҕүнэ өй-санаа арахсан, ыһыллан тус-туспа үөр буолаллар. Ону оннооҕор былыргылар эмиэ билэллэрин ити өйдөбүллэр бааллара бэлиэтиир. Христианскай итэҕэл билинэр Ырайын дойдута сахалар Үөһээ дойдуларыгар сөп түбэһэр уонна киһи хаһан да олоҕун устата кыайан толорбот ыра санааларын мустуута буолар. Ону түүлүнэн эмиэ дакаастыахха сөп.
Билигин наука да быһааран эрэринэн уонна элбэх чинчийээччилэр үөрэтиилэринэн киһи өйө-санаата өллөҕүнэ арахсан барара чуолкайданан эрэр. Үөрэтии, чинчийии салгыы баран иһэринэн аны өй-санаа бу Үөһээ дойдуга хайдах көрүҥнээхтик сылдьарын быһаара сатааһын бара турар.
Кэнники кэмҥэ сорох өйү-санааны сыыһа быһаарааччылар киһи өйө-санаата Үөһээ дойдуга бэйэтинэн сылдьар диэн өйү-санааны тарҕатар буоллулар. Ол аата, киһи өйө-санаата ол дойдуга бэйэтинэн, туга да уларыйбакка, бүтүннүү сылдьар диэн быһаараллар, уруккулуу өйдөөх-санаалаах киһи саҥалыы төрөөн үөскүүрүн курдук этэллэр.
Биһиги бары Сиргэ орто үөрэҕи барабыт. Орто дойду үөрэнэр эрэ сирбит. Олорор, айар, уһуннук үлэлиир дойдубут буолбатах. Дьиҥнээх анаммыт дьиэбит - Ырай, онно Айыы үөрэҕэр үөрэниэхпит, онно дьиҥнээхтик олоруохпут. Киһи аймах бүтүннүү Айыы таһымын ситтэҕинэ атын эйгэҕэ, атын планетаҕа көһөрүөхтэрэ. (15,72). Бу этии төһө да үчүгэйдик иһиллибитин иһин таһы-быһа сымыйа. Өй-санаа Үөһээ дойдуга бэйэтинэн сылдьыбат, биир эмэ ураты, атыҥҥа маарыннаабат өйдөр-санаалара эрэ ордон хаалаллар.
Аан дойду үрдүнэн билигин даҕаны дьону итинник быһыы¬га ыҥырар секталар баар буолбуттара кистэл буолбатах. Бу дьон өллөхпүтүнэ үчүгэй олоххо тиийэбит диэн санааҕа оҕустараннар «таҥараларын дьиэлэригэр» мунньустан бараннар бэйэлэрин уматыналлар, өлөрүнэллэр. Маннык түбэлтэлэр сир аайы буолуталыыллар. Итинник өй-санаа киириититтэн уонна тарҕаныытыттан дьон-аймах сэрэхтээх буолаллара наада буолар кэмэ кэлэн иһэр.
Саха дьоно ордук тымныы сиргэ олохтоох буоланнар туохха барытыгар, олоххо көрсүллэр ыарахан да кэмнэргэ ордук тулуурдаахтарын көрдөрөллөр. Бу тулуурдаах буолуу көстүүтэ ордук «Ким эрэ эппитэ ээ» диэни ылыныыга уонна толорууга чуолкайдык биллэр. Саха дьоно олохтоохтук быһаарыммакка эрэ, ким эрэ эттэ дии-дии, толоро охсоору ойон туран сүүрэкэлии сылдьыбаттар.
Биһиги урукку үлэлэрбитигэр Үөһээ дойдуга киһи түһээтэҕинэ тиийэ сылдьарын быһаарбыппыт. Бу дойду – киһи өйө-санаата уларыйбыт дойдута буолар. Манна олус былыргыттан дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үгэс буолан иҥмит өйдөбүллэр туттуллаллар. Ол аата, киһи куруук туттар быһыыта уонна тас көрүҥэ бу дойдуга ордук улахан суолтаны ылаллар.
Үөһээ дойдуга киһи өйө-санаата уларыйбакка, бэйэтинэн сылдьар диэн өйдөбүл төрдүттэн сыыһа буолуон сөп. Ол курдук киһи өйө-са¬наата, салгын кута Үөһээ дойдуга тиийдэҕинэ, санаалара биир буол¬лахтарына холбоһон биир буолан хаалаллар.
Бу быһыыны түүлгэ билэр киһини көрүүттэн быһаарыахха сөп. Ол курдук биир түүлгэ араадьыйаҕа солуну истэр: «Чечняҕа сылдьар билэр киһитин уола өлбүт диэтилэр». Онтон уол аҕата көстөр, санаарҕаабыт, бүк түһэн олорор. Түүл салгыытыгар улахан тиит мас бэрэбинэ тосторо эмиэ көстөр.
Түүлүн тойонноон быһааран, дойдубар туох эрэ быһыы буолла, куһаҕан солуну истэр буоллум, хайа эрэ аймаҕым буоллаҕа дуу диэн санааҕа түһэр. Сотору дойдутуттан кэлбит солуну телефонунан истибитэ тастыҥ быраата бэйэтигэр тиийинэн өлөн хаалбыт. Соһуйуу бөҕөтүн соһуйуо эбит эрээри эрдэттэн тугу эрэ куһаҕаны билиэм диэн сэрэйбит буолан улаханнык уолуйбата.
Түүлгэ көстүбүт киһи уонна дьиҥнээх киһи тус-туспа буолуулара түүл дьоно дьиҥнээх бэйэлэринэн буолбаттарын бигэргэтэр. Билэр киһи түүлгэ көстүүтэ кини бу түгэҥҥэ ханнык майгыламмытыттан тутулуктааҕын түүлү үөрэтээччилэр эмиэ бэлиэтииллэр. (8,99). Бу быһаарыыга биһиги маарыннаһар майгылаах дьон түүлгэ биир буолан көстөллөр диэн эбэн биэриэхпитин сөп буолар. Ол аата, түүлгэ көстөр дьон куттара маарыннаһар өйдөөх-санаалаах буоллахтарына биир буолан хаалаллар. Өй-санаа диэн эньиэргийэ буолара дакаастанан эрэр. Ол иһин биир өйдөр-санаалар биир эньиэргийэлээх буоланнар биир буолан көстөллөр.
Түүлгэ көстөр кыыллар киһи бэйэтин майгытын эбэтэр билэр киһитэ хайдах майгыламмытын көрдөрөллөр. Бу эмиэ киһи өйө-санаата арахсыбытын бэлиэтинэн буолар. Ол курдук киһи майгына уларыйыытын көрдөрүүгэ анаан кыыллар көрүҥнэрин туһаныынан солбуллар. Бу көстөр кыыллар төһө улаханнара, дьүһүннэрэ харата бу майгы төһө кытаанаҕын уонна күүстээҕин быһаараллар.
ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ ӨЙҮН - САНААТЫН ТУҺАТА
Дьон-аймах өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүллэр хан¬тан да халлаантан түспэккэ, олохторугар дьиҥнээхтик буолан ааспыт түбэлтэлэр буолаллар. Омуктар тылларыгар былыргыттан иҥэн сылдьар өйдөбүллэри үөрэтэннэр этнографтар саҥа арыйыылары оҥороллор.
«Бэстилиэнэй тыһыынча» диэн олохсуйбут өйдөбүл дьон-аймахха барыларыгар дириҥник иҥмит. Дьон олоҕор олус улахан уларыйыылары аҕалбыт буолуон сөптөөх бэстилиэнэй тыһыынча кэлэн иһэр диэччилэр элбээн иһэллэр.
Билигин дьон-аймахха бу бэстилиэнэй тыһыынча диэн тугун быһаарыы ордук улахан суолтаны ылыан сөп. Аан маҥнай ити өйдөбүл туохтан олоҕуран үөскээбитин быһаарыы, бу бэстилиэнэй тыһыынча кэлии¬тин эрэллээхтик, билэн-көрөн көрсүһүүгэ туһалаах буолуо этэ. Ол курдук ханнык баҕарар соһуччу түбэлтэлэргэ киһи эрдэттэн бэлэмнэ¬эх, билэр буоллаҕына уолуйан, соһуйан хаалбакка эрэллээхтик көрсүһэр. Ол иһин бу бэстилиэнэй тыһыынча туохтан үөскээн кэлэрин билии туһата улахан буолуо.
«Бэстилиэнэй тыһыынча» диэн өйдөбүл туох да олус улахан алдьархай дьоҥҥо кэлиэн сөп диэннэр кэтэһээччилэр эмиэ бааллар. Дьон санааларыгар бу түбэлтэ олус түргэнник кэлиэх курдук. Сорохтор олус улахан сэрии буолан дуу эбэтэр улахан комета дуу түстэҕинэ сиргэ алдьархай буолуо дииллэр.
«Бэстилиэнэй тыһыынча» хайдах быһыылаахтык кэлэрэ эмиэ биллиэх курдук. Ол курдук «Уотунан ыраастаныы» баар буолуо диэн этэллэр. Маннык өйү-санааны хантан кэлэрэ буолуо диэтэххэ, дьон түүлүгэр биллэн кэлэллэрэ билигин ханнык да саарбаҕа суох буолла.
Уу сута сотору-сотору кэлэрин бэлиэтинэн Ноев ковчег диэн үһүйээн буолуон сөп. Бу үһүйээҥҥэ олус улахан уу кэлэн сири-дойдуну ылыытыттан дьон уонна кыыллар хайаларга эрэ устан тиийэн быыһаналлар. Олус улахан уу кэлиититтэн тимирэн хаалбыт куораттар тустарынан өйдөбүллэр дьон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалбыттар.
Маннык түгэн олус уһун кэмнэргэ дьон өйдөрүттэн-санаала-рыттан умнуллан, суох буолан хаалыахтарын сөп курдук. Ол гынан ба¬ран бу курдук дьон өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥэн хаалбыт өйдөбүл Үөһээ дойдуга ууруллар. Дьон түүлүгэр киирэн көстөн, сөп-сөп өйдөнөн кэлэр буоланнар хаһан да умнуллубат, сүтэн хаалбат эбиттэр.
Биһиги санаабытыгар «Бэстилиэнэй тыһыынча» диэн этии дьон өйө-санаата сайдан, муҥур уһугар тиийэн баран төннөн, эстиигэ олус былыргы олоххо төннүүтүгэр тиийэрин биллэрэр. Ол курдук дьон өйө-санаата сайдыытын муҥура кэлбитин биир бэлиэтинэн компьютерга былаһыччы хотторуута уонна кинигэни ааҕан өйү-санааны дьарыктаабат буолуу буоларын арааран билиэ этибит.
Ханнык баҕарар быһыы, өй-санаа элбэхтик хос-хос хатыланнахтары¬на үгэскэ кубулуйан иһэллэр. Үгэскэ кубулуйбут өй-санаа киһи ийэ кутугар уларыйан ууруллар, онно өйдөнөн хаалан иһэр. Аныгылыы үөрэҕинэн быһаара сатаатахха бу үгэс буолбут быһыылар тус-туспа компьютер программаларын санаталлар, ол курдук бэйэлэрэ туспа сылдьар кыахтаналлар.
Элбэхтэ хос-хос хатылаан оҥоруллар үлэни холбоон биирдэ оҥоруллар гына программалаан, бэйэтэ тупсаран биэрэн иһэр уонна мунньунан уурунан кэбиһэр компьютер оҥорулуннаҕына, киһи өйүн-санаатын курдук буолуо этэ. Ол курдук киһи өйө куруук хатыланан иһэр, элбэхтэ биирдик туттуллар быһыылары холбоон биир үгэскэ кубулутан уурунан иһэр уратылаах. Онтон кэлин төһө элбэхтик хатыланан, төһө дириҥник иҥмититтэн тутулуктанан бу быһыытын хатылаан оҥорор кыахтанар.
Бу быһыыны быһаарыыга киһи түүлүгэр кэлин киирэн иһэр өйдөбүллэри араартаан быһаарыыны туһаныахха. Ол курдук түүлгэ көстөрө элбээбит телефон диэн бэлиэни ыллахпытына, түүлгэ телефон көстүүтэ кими эмэ кытта сибээстэһии, солуну истии эбэтэр көрсүһүү буолуо диэн биллэрэр. Кэлин киирбит түүл бэлиэтигэр араадьыйа эмиэ киирсэр. Ол курдук түһээн араадьыйа солунун иһиттэххэ, туох эрэ олус соһуччу солуну истэххэ сөп диэн буолар.
Киһи түүлүгэр элбэх уу кэлиитэ үгүстүк көстөр бэлиэ буолар. Уу кэлиитин көрдөххө төһө күүскэ кэлиититтэн тутулуктанан хайдах быһыы буолара быһаарыллар.
Билигин Сиргэ улахан ядернай сэрии буолан хаалар куттала кырдьык баар. Ити куттал баарын дьон бары билэ-билэлэр улахан алдьа¬тыылаах сэрии сэптэрин син-биир оҥоро тураллар. Ити быһыыларын барытын биһиэхэ саба түһэллэриттэн көмүскэнэбит диэн ааттыыллар. Бары бэйэ-бэйэлэриттэн көмүскэнэннэр, олус элбэх ядернай сэрии сэптэрин мунньунан кэбистилэр.
Былыргыттан бултуу, кыра эрдэхтэриттэн сааны соһо сылдьыбыт са¬халар: «Саа биирдэ эстэр»,- дииллэр. Бу этии иитиилээх саа хаһан эмэ сыыһа туттаран эстэн хаалыан сөбүн бигэргэтэр. Ол барыта киһи, тыыннаах киһи буолан сыыһа-халты туттарыгар олоҕурар. Олус элбэхтэ, кыра эрдэхтэриттэн сааны илдьэ сылдьа үөрэммит дьон киһи итин¬ник майгынын билэн этэллэр. Киһи үйэтигэр алҕас туттуу биирдэ тахса сыһара кырдьык баар суол.
Дьон билиҥҥи сирдээҕи олохторун Арҕаа Европаҕа оҥоруллубут, иитиллэн турар гильотинаҕа холуохха сөп. Дьон бары моонньуларын онно уган бараннар ол-бу буолан тэбиэлэнэр курдуктар. Биир сыыһа туттууттан дуу эбэтэр ким эмэ быһаарыытынан дуу бу улахан быһах үөһээттэн түһэн дьон бастарын барыларын быһан кэбиһиэн сөп курдук.
Ядернай сэрии кэнниттэн дьон-аймах бары ситиспит ситиһиилэрэ суох буола эстэллэр. Таас үйэтин саҕанааҕы кэмҥэ дьон олохторо төннөн, кыыл аҥардаах олоххо төттөрү түһэллэрэ сабаҕаланар.
Сир-дойду уотунан умайан, халыҥ күлүнэн, быылынан бүрүллэн, хаар-муус дойдутугар кубулуйар үһү. Онтон, кэлин халлаан ырааһырдаҕына, күн көрдөҕүнэ аны сылыйан, итии буолан хойуу от үүнүөҕэ дииллэр. Маннык быһыы буолар түбэлтэтигэр бэрт аҕыйах ахсааннаах дьон бэртэрэ эрэ ордон хаалыахтара диэн быһаараллар. Ханнык да наука, цивилизация, үөрэх ордон хаалбат үһү. Олоҥхолорго ахтыллар «Эрэйдээх-буруйдаах эр соҕотох» хантан да ыраахтан кэлбэтэх биһиги биир төрүппүт, соҕотох хаалан олус элбэх эрэйдэри-буруйдары көрсүбүтэ олоххо баар буола сылдьыбыта кырдьык.
Дьон өйө-санаата кылгас. Сотору умнан кэбиһэллэр. Сорох дьон оннооҕор хамсаларын тута сылдьан көрдүү сылдьалларын кэпсээн оҥостоллор. Киһи олоҕо көннөҕүнэ аҕыйах сыл анараа өттүнээҕи урукку ыарахан олоҕун сотору умнарын туһунан кэпсээннэр эмиэ элбэхтэр.
Уокка умайан өлбүт былыргы үөрэхтээх дьон өйдөрө-санаалара, салгын куттара Үөһээ дойдуга эрэ ордон хаалыахтарын сөп. Үөһээ дойду өйө-санаата ордубут дьоннор өйдөрүгэр түүл буолан киирэннэр, кинилэри сайдыы, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки сирдиэхтэрин сөп. Олохторун оҥостоллоругар, саҥаны арыйалларыгар өй уган биэрэн көмө буолуохтара.
Билигин түүлү үөрэтээччилэр билинэллэринэн элбэх саҥаны арыйыы¬ларга түүллэр көрдөрөн биэрэн туһалаабыттар. Түүллэригэр көрөн ба¬ран саҥаны арыйыыларыгар туһаммыт дьон сурукка киллэрбит буоланнар ити көстүүлэр дьиҥнээхтик дакаастаммыттарынан ааҕыллыахтарын сөп курдук. Ити барыта түүл илэ көрдөрөн биэриитэ диэн ааттанар уонна билигин Үөһээ дойду өйө-санаата киириитэ диэн ааттаныан сөп.
Түүл киһи бэйэтин салгын кутугар буолбакка эрэ ийэ кутугар быһаччы дьайар буолуон эмиэ сөп. Бу быһыыны сахалар олус былыргы «Өлбүт киһини кэриэстээһин» диэн үгэстэриттэн билиэххэ сөп. Бу үгэскэ өлөөрү сытар киһи кэриэс этиитин хаалар дьоно хайаан да то¬лоруохтаахтара ахтыллар. Хаалар дьоно кини кэриэһин толорбот түбэлтэлэригэр бу киһи хомойбут, хоргуппут көрүҥэ түүллэригэр көһүннэҕинэ, кинилэр баҕа санаалара туоларыгар мэһэйдэр баар буолуохтарын сөп. Ол аата, төрөппүт киһи мөлтөх, куһаҕан көрүҥэ түүлгэ көһүннэҕинэ, киһи баҕа санаалара туолуохтара суоҕа эбэтэр санаарҕабыл кэлиэҕэ диэн түүлү тойоннооччулар этэллэр.
Киһи түүлү ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ биирдэ көрөр-билэр. Онтон ийэ кут өйө-санаата салгын кут өйүгэр-санаатыгар баара биллибэт курдук. Киһи бэйэтэ көннөрү сырыттаҕына ийэ кутун өйүн-санаатын дьайыытын билбэккэ эрэ сылдьар. Ол эрээри киһи бэйэтэ тугу эмэни оҥороору гыннаҕына, ийэ кут өйө-санаата биллибэтинэн дьайара биллэр. Ол курдук тугу эмэ оҥороору гыннахха соһуччу тохтоон ылыы, тура түһүү диэн ааттанар. Бу толкуйдуу, тохтоон тура түһүү кэн¬ниттэн киһи санаата тосту уларыйыан, атын буолан хаалыан эмиэ сөп.
Сыыһаны оҥоробун дуу, табаны оҥоробун дуу диэн толкуйдуур киһи өйүн-санаатын ийэ кутун кытта сөбүлэһиннэрэрин бэлиэтэ буолар. Толкуйдуу түһэн баран, эбэтэр былыргылыы хонон туран баран суолталаах быһаарыныыны дьэ ылынар буоллаҕына, киһи кэлин кэмсиммэт быһыытын оҥоруон сөп. Сахалар киһи куттара сөбүлэһэр эбэтэр өй¬дөспөт майгыларын кэмсинии диэн туспа арааран ааттыыллар.
Кэмсинии диэн киһи куттарын өйдөрө-санаалара сөп түбэспэттэрин бэлиэтэ буолар. Ол курдук киһи оҥорбут быһыыта ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар уурулла сылдьар өйдөбүллэригэр сөп түбэспэт буоллаҕына, киһи кэмсинэр, санааргыыр. Бу оҥорбут быһыытыттан санааҕа ылларар, ханна эрэ сыыһаны оҥорбутун хайдах гынан көннөрүөн сөбүн толкуйду¬ур. Кэмсинэр киһи сыыһаны оҥорбутун көннөрүнэр кыахтаах.
Онон, киһи өйө-санаата Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта куруук сибээстэһэ, тутулла сылдьар. Кэлин кэмҥэ Россия дьонун өйдөрө-санаалара мөлтөөһүнэ оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр ийэ кутун өйүн-санаатын ииппэт, үөрэппэт буолуу түмүгэ буолар. Былыргылар этэллэринэн омук эстээри гыннаҕына, мөлтөөтөҕүнэ эбэтэр саҥалыы үөскээри гыннаҕына оҕолорун атаахтык иитэн итинник балаһыанньаҕа киирэр.
Олох оҥкулун уларытыы, урукку үөскээбит үгэстэри киэр тэпсии, быраҕан кэбиһии кыра оҕону иитиигэ аан маҥнай охсууну оҥорор. Сэбиэскэй былаас саҕана киһини барыларын үөрэхтээх эрэ оҥоруу кыра оҕолору үлэлии үөрэнии үгэстэригэр үөрэппэт буолууну үөскэппитэ билигин кэлэн, үһүс көлүөнэ дьоҥҥо дьайан Россия дьоно илии үлэлэрин кыайан үлэлээбэт буоллулар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үлэһит дьон аҕыйаан иһэллэрэ үлэ-хамнас мөлтөөһүнүгэр тириэртэ.
САХАЛАР ТҮҮЛЛЭРЭ
Былыргы үөрэхтээхтэртэн Саха сиригэр көскө үүрүллэн кэлэн оло¬рон сахалар тылларын, олохторун үөрэппит уонна оччотооҕу кэмҥэ сахалар түүллэрин хомуйбут киһинэн И.А.Худяков буолар. Ол эрээри кини үлэтин оччотооҕу кэмҥэ, кэлин советскай былаас кэмигэр эмиэ өр бэчээттээбэккэ сылдьыбыттара. Ол бириэмэтээҕи кини хомуйан суруйбут үлэлэрин суолталара билигин улаатан иһэллэр. Кини бу үлэтигэр хомуйан киллэрбит түүллэрин тойоннооһуннара билигин даҕаны олус сөп түбэһэллэр.
Араас омуктар түүллэрэ үксүгэр маарыннаһаллар эрээри, үгүстүк көстөллөрүнэн уонна суолталарынан уратылаахтар. Ол курдук сорох омуктарга сири хаһар үчүгэйи, баайы аҕалар эбит буоллаҕына, сахаларга мөлтөхтөн атыны аҕалбат. Ити уратыта диэн сахалар былыр-былыргыттан сир кырсын, от үүнэр сирин алдьатан, буору элбэхтик таһааран, күөх үүнээйи үүммэт оҥорору сөбүлээбэттэриттэн тутулуктаах. Араас омуктар түүллэрин уратылара бу омуктар баҕа санааларыттан, тулалыыр эйгэлэриттэн уонна олохторун таһымыттан тутулуктаах. Итилэр кыралаан да буоллар омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах сыһыаннаахтарыттан көрөн сыыйа маарыннаһан иһэллэр. Онон, киһи көрөр түүлэ омугуттан тутулуга суох буолуохтаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, түүлгэ бэлиэлэринэн көрөн кэпсэтии, өйдөһүү буолар, ол иһин тылы¬нан хос тылбаастыырга наадыйбат. Кэлин дьоннор бары араас туттар тэриллэрэ маарынныыр, үлэлиир, сылдьар сирдэрэ биир уонна өйдөрө-санаалара тэҥнэстэҕинэ, көрөр түүллэрэ эмиэ үүт-үкчү буолуохтарын сөп.
Омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарыттан, билсиһиилэриттэн, саҥа, урут биллибэт туттар сэптэринэн бииргэ туттар буолууларыттан уонна араас биир суолталаах өйдөбүллэр киириилэриттэн түүллэрэ үйэлэргэ кыратык да буоллар уларыйан, маарынныыр суолталаах саҥа бэлиэлэринэн солбуллан иһэллэр. Холобурун ылан эттэххэ, урут, нууччалар саҥа кэлбиттэрин кэннэ сахаларга үрүҥ арыгыны түһээн көрүү, куһаҕаҥҥа көстөр эбит буоллаҕына, билигин үчүгэйгэ санаа туолуутугар тириэрдэр.
Сахалар сорох омуктардааҕар Айылҕаҕа чугас сыһыаннаахтар. Кинилэр түһээн ыраас халлааны, күөх хонууну уонна бөҕө силистээх күөх тиити үчүгэй буолаары гыннахтарына үгүстүк көрөллөр. Ону кытта үҥэр-сүктэр таҥаралара Күн буолан туох үчүгэй, дьоллоох барыта сырдыгыттан, дьүһүнүттэн олус тутулуктаах, ол иһин маҕан дьүһүн - үчүгэйгэ, онтон туох бороҥуй, хараҥа, хара буолан көһүннэҕинэ - эрэйгэ, мөлтөөһүҥҥэ көстөллөр.
Киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар ынырыгы, ыар түгэннэри иһиттэххэ эбэтэр көрдөххө, оо, бу киһи түүлүгэр киириэх олус ыны-рык дьүһүн-бодо диэн ааттыыллар. Холобур, былыргы сахаларга ураты дьүһүннээх арҕааҥҥы дьоннор бастаан кэлиилэригэр соһумар да, ыны¬рык да буолан көстүбүттэр уонна түүллэригэр кытта киирбиттэр. Ол иһин нуучча киһитин, дьахтарын түһээн көрүү, уруккуттан билигин даҕаны тойоннооһуна уларыйа илик, итилэр мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга көстөллөр.
Ити курдук түүл саҥа бэлиэтэ дьон өйүгэр-санаатыгар киириитэ, бу бэлиэ аан маҥнай хайдах көрүҥнээхтик, ханнык балаһыанньаҕа дьон өйүгэр киирбититтэн олус тутулуктанар уонна өр кэмҥэ уларыйа охсубат. Биир маннык бэлиэнэн табаах буолар, бу үчүгэй бэлиэ, былыргыттан манньа, кэһии бэлиэтэ, ол иһин түһээтэххинэ табааҕы биэрдэхтэринэ - булдуҥ табыллыа эбэтэр туох эмэ үчүгэй буолуо. Ити курдук киһи түүлэ өр кэмҥэ уларыйа охсубат өбүгэлэр санааларын түмсүүтэ буолар уонна кинилэр бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын, олохторун холобурдарын үүнэн иһэр көлүөнэлэригэр илэ аҕалан көрдөрөн үөрэтэллэр.
Киһи бэйэтэ кыратык даҕаны буоллар инники олоҕун туһунан билиэн баҕарар. Былыргы кэпсээннэргэ, үһүйээннэргэ киһи дьылҕата, инники олоҕо хайдах салгыы баран иһиэхтээҕин түһээн билэрэ элбэхтик кэпсэнэр. Түүл киһи олоҕор улахан суолталааҕын «Сэргэ төрдүгэр сэһэн» диэн былыргы кэпсээннэрин кинигэлэригэр Федоров Г.Е. Егоров Н.Ф. арыйан көрдөрөллөр. Бу кинигэҕэ кэпсэнэр кыыһы алдьархайтан куоттараары туран абаҕата: «Дьэ тукаам, куһаҕан түүлү түһээбэтэҕим, киһи төрдө буо¬лаар»,- диэн алҕаан атаарбыта, кырдьык алдьархайтан этэҥҥэ куотар. «Куһаҕан да түүлү түһээтим,- эмээхсиэн, - диэн кэпсии олорбут уол аҕата,- оҕом хаҥас илиитигэр удьурҕай уктаах хара үөстээх батыйа¬ны тутан, быһаҕаһыттан үөһээ өттө хаан буолан кэлэн турарын көр-дүм». Онтон уола кырдьык, ыраахтан сөбүлүүр кыыһын уоран аҕалбыта иирсээни, өлөрсүүнү саҕалаабыта. Итинэн, былыргы кэпсээннэргэ дьоннор түүлү инники олоҕу билгэлээһиҥҥэ үгүстүк тутталлара итэҕэйиллэр. (16,142).
Сахалар түүл бэлиэлэрин суолталарын былыргыттан билэн, олору табатык өйдөөн, бэйэлэрин олохторугар ыйар, ыҥырар бэлиэ оҥостон туһаналлар. Ол курдук үчүгэйи, кыайыыны көрдөрөр бэлиэлэри бэйэлэ¬рэ оҥостоннор, куруук көрө сылдьаннар, бу бэлиэлэр суолталарын өй¬дөрүгэр-санааларыгар иҥэринэллэр. Маннык бэлиэлэртэн ордук улахан суолталааҕынан, саха дьонун өйдөрүгэр күүскэ хатаммытынан уонна билигин туттулла сылдьарынан улахан баҕана - сэргэ буолар. Түһээн сэргэни көрдөххүнэ, кыайыы-хотуу, ситиһии кэлиэҕэ. Бу бэлиэ, хан¬тайан көрдөххүнэ халлаан диэки харбаспыт көстүү, саха дьонун баҕа санааларын, кыайыыга-хотууга, ситиһиигэ дьулуурдарын көрдөрөр.
Үгүстүк түүлгэ көстөр бэлиэнэн улахан, бөҕө силистээх баараҕай күөх тиит буолар. Бу тиит көстүүтэ дьоллоох доруобай буолууну кэрэһилиир уонна саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар кэрэх маска кубулуйан сылдьар.
Түүлгэ көстөр киэргэллээх курдаах киһи, бэйэтин үлэтинэн-хамнаһынан баай, дьоллоох олоҕу ситиспит киһи буолар. Ол иһин былыргы сахалар өйдөбүллэригэр киэргэллээх куру курданыы, баай-талым буолууну, олоххо табыллыыны көрдөрөрө. Онон үгүс баай дьоннор үрүҥ көмүс киэргэллээх тирии куру курданаллара.
Түүл сорох бэлиэлэрэ баай-талым эбиллэн иһиитин эмиэ көрдөрөллөр. Биир итинник бэлиэнэн түүлгэ элбэх үүтү көрүү буо-лар. Маннык түүл киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн кини олоҕор быһаччы дьайарын көрдөрөр бэлиэнэн былыргы үһүйээн кэпсээннэргэ биир эмэ баай киһи өссө байаары ынахтарын үүтүн мунньан «Үүт көлүйэ» оҥоро сатыыра буолар эбит диэн түмүккэ кэлэбит.
Ити курдук сорох түүл туһалаах бэлиэлэрэ итэҕэл көрүҥнэригэр кубулуйаннар саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьаллар.
ТҮҮЛЛЭРИ ТОЙОННООҺУН
Хас киһи түүлэ барыта тус-туһунан буолан, сөп түбэһэр бэлиэлэр аҕыйахтык көстөллөр. Ол да буоллар, үгүс киһи өйүгэр аан маҥнай хайдах киирбиттэриттэн тутулуктанан, түүл бэлиэлэрэ чопчу ханнык эрэ биир өйдөбүлү көрдөрөллөр.
Үгүс түүллэр барылара ханарытан түүл буолаллар. Ол аата туох эмэ быһыы буолаары эбэтэр буола турара тугунан эмэ атынынан, бэлиэлэринэн көстөр. Оннук бэлиэлэри билэн, түүлү таба тойоннуу үөрэниэххэ сөп. Киһи биирдэ көрөр түүлэ хас да чаастардаах буолар уонна элбэх бэлиэлэр көстөллөр. Бу бэлиэлэртэн ордук үчүгэйдик уонна чуолкайдык көстөр бэлиэлэри талан ылан, хас биирдиилэрин суолталарын тус-туһунан быһааран тойоннуохха сөп.
Түүлү үөрэтиини аан маҥнай түүл бэлиэлэрин үөрэтииттэн саҕалыахха. Түүлгэ киирбит бэлиэ суолтата, бу бэлиэ дьон бөлөҕүн өйүгэр аан маҥнай хайдах өйдөбүллээхтик киирбитинэн сылдьар, суол¬тата уларыйбат, арай ол оннугар үгүс атын дьон өйүгэр кэнники киирбит итинник суолталаах атын бэлиэнэн солбуллар. Ол иһин түүл¬гэ биир суолталаах буолан баран тус-туһунан бэлиэлэр олус элбэхтэр. Онон түүлгэ көстүбүт бэлиэ туох суолталааҕын уонна тугу көрдөрөрүн билэр туһугар бу бэлиэ аан маҥнай хайдах быһыылаахтык дьон өйүгэр киирбитин, тугу көрдөрөрүн, туохха туттулларын быһаарыа этибит.
Түүл бэлиэлэрэ түргэнник уларыйбаттарын туоһулуур былыргы бэлиэлэр элбэхтэр, ол курдук үөрэх саҕаланыаҕыттан ыла туттуллар бэлиэ, бу буукуба буолар. Ол курдук түһээн буукубаны суруйдахха эрэй, үлэ эбиллиэ, үөрэттэххэ-байан, көнөн барыаҥ, онтон көрдөххө - солуннары истиэҥ диэн буолар. Бу бэлиэлэр былыргыттан дьон өйүгэр хайдах киирбиттэринэн билигин да сылдьаллар, оччолорго буукуба суолтата маннык этэ:
-суруйуу - араас үҥсүү, дьыала-куолу суруллуута, иэһи-күүһү бэлиэтээһин.
-үөрэтии - суоту билэр, үөрэхтээх киһи байан-тайан барар.
-көрүү - араас солуну ааҕан билии.
Ити курдук ханнык эмэ бэлиэ аан маҥнай дьоннор өйдөрүгэр-санаа¬ларыгар ылбыт суолтатынан түүллэригэр киирэр эбит диэн быһаарабыт уонна ити быһаарыыга олоҕураммыт биһиги түүл бэлиэлэрэ тугу көрдөрөллөрүн бу үлэбитигэр хомуйдубут.
Былыргыттан сылдьар бэлиэлэргэ ат тэриллэрэ эмиэ киирсэллэр. Бу үчүгэйгэ көстөр бэлиэлэр. Холобур: ат үүнэ, ыҥыыра, муоһата, дуҕа¬та, хомуута көстүөхтэрин сөп, ол гынан баран итилэр алдьаммыт, быстыбыт уонна куһаҕан көрүҥнээх буоллахтарына үлэҕэ араас мэһэйдэр тахсыахтарын сөп.
Түүлү тойоннуурга түүл бэлиэтин көстүүтэ уонна киһи бэйэтин санаатыгар бу бэлиэни, хайдаҕый, диэн быһаарара улахан оруолу ылар. Түүлгэ көстөр быһыыны-майгыны, кими эмэ эбэтэр тугу эрэ үчүгэй дуу, куһаҕан дуу дии саныыргыттан бу бэлиэлэр майгылара быһаарыллар. Ол эбэтэр бу көстүбүт бэлиэ хайдах быһыылааҕа, көрүҥэ хайдаҕыттан уонна бэйэҥ туох диэн быһаара саныыргыттан тутулуктаах. Холобуртан ыллахха: түүлгэ үүнэн турар тиити көрөн баран: «Үчүгэй да тиит»,- дии санаатахха, кырдьык үчүгэйдик сыаналанар тиит бэлиэ буолуо.
Түүлгэ көстөр бэлиэлэртэн саамай туһалаахтара, быһаарар оруол¬лаахтара, бу барыларыттан чуолкайдык көстүбүт уонна ордук кытаанах¬тык өйдөммүт бэлиэ буолар. Холобур: түүлү маннык тойоннуохха сөп. Арай биир түүл бүтүүтүгэр ыраах сылдьар билэр киһитэ көстөн кэлэр уонна этэр: «Бу мин кэллим, эйиэхэ нүөмэр аҕаллым, онно хар¬чыта бэлэмнээ, 6 чааска тиийиэм»,- диир. Итини тойонноотоххо, киһитэ кэлиэн баҕаран, харчыга олус наадыйбыт уонна 6 хонон баран биллэриим тиийиэ диир эбит.
Түүлгэ бириэмэ кыччаан, кылгаан көстөр. Ол курдук түүлгэ биир чаас буоллаҕына, дьиҥнээҕэр биир күн буолар, онтон бүгүн диэтэхтэ¬ринэ - быйыл буолуо, сарсын диэтэхтэринэ – эһиил биирдэ буолуоҕа.
Түһээтэххэ атын дьоннор тугу эмэ оҥоро сылдьар эбэтэр эн кини-лэри кытта холбуу араас бэлиэлэри көрөр буоллаххына, ол бэлиэлэр кинилэргэ сыһыаннаахтар, онтон түүлгэр тугу эмэни бэйэҥ оҥорор эбэтэр ханнык эмэ бэлиэлэри көрөр буоллаххына, итилэриҥ бэйэҕэр сыһыаннаахтар. Түүлгэ көстүбүт билэр да, билбэт да киһиҥ көннөрү түүл бэлиэтэ буолан көстүөхтэрин эмиэ сөп уонна ону тойонноотоххо көстүбүтүнээҕэр букатын атын өйдөбүлү биэриэн эмиэ сөп. Ол курдук билэр киһиҥ ат мииммитин көрдөххө, бэйэҥ үлэҥ табыллыа эбэтэр ыраах айаннаары гынаҕын.
Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын киһиэхэ бэриллэн көстөр. Ол курдук бэйэҥ санааргыыр буоллаххына, түүлгэр санаарҕаабыт эбэтэр ытыыр киһини көрүөххүн сөп.
Түүҥҥү түүл бэйэ түүлэ буолар, онтон сарсыардааҥҥы түүлгэ кэлэн иһэр ыалдьыт санаата киирэн көстөр, ол иһин ыалдьыт түүлэ диэн ааттанар. Ити көстүү атын дьоннор саныыр санаалара киһиэхэ түүл буолан киирэрин чуолкайдык дакаастыыр. Түүллэри таба тойоннуурга өр кэмҥэ үөрэниэхпит этэ. Ол иһин бэйэҥ түүллэргин кытта бу мин суруйбут түүллэрим бэлиэлэрин тойон¬нооһуннарын тэҥнээн көр уонна сыаналаа.
ИЧЧИЛЭЭХ ТҮҮЛ
Иччилээх түүл киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, олус чуол-кайдык көстөр уонна өр кэмҥэ умнуллубат.
Үксүгэр иччилээх түүл сирэйинэн көстөр. Ол аата, буола турар эбэтэр буолуохтаах быһыыны-майгыны бу буолбутун курдук көрүү буо¬лар, манна кыттыгастаах дьоннор илэ бэйэлэринэн көстөллөр. Ол курдук, биир түүлгэ суол устун Үөһээ дойдуга тахсар уонна ураһа курдукка киирэр, онно күтүөтэ Ньукулай турар, киэргэммит, үчүгэй көстүүмнээх, онтон ааһа баран истэҕинэ, арай аҕата олорор, олус эстибит-быстыбыт көрүҥнээх, соһуйан баттатан уһуктар. Улаханнык муодарҕаан, ыйыталаһан билбиттэрэ дэриэбинэҕэ айаннаан иһэннэр массыыналарын охторбуттар уонна бэйэлэрэ кыратык ыарытыйбыттар.
Сорох түүллээх дьоннор түһээннэр хайдах сиргэ утуйбуттарын уон¬на иннилэригэр туох быһылааннар күүтэллэрин эрдэттэн билэ сылдьаллар. Ол курдук биир түүлгэ, дьиэ кэргэн бары мустан куруук отоннуур сирдэригэр сырыттахтарына аҕалара көтөн кэлбит уонна эп¬пит: «Бу мин бэстилиэнэй отоннооһунум»,- диэбит, кырдьык оннук буолбут.
Сир-дойду иччитэ киһи түүлүгэр киирэн инники олоҕун түстүүрүн «Сэргэ төрдүгэр сэһэн» диэн былыргы кэпсээннэрин кинигэтигэр Федо¬ров Г.Е. маннык суруйар: арай утуйа сытан түһээтэҕинэ, биир хаар маҕан баттахтаах эмээхсин аттыгар олорон бэрт сымнаҕас илиитинэн төбөтүн имэрийэр уонна: «Тукаам, ити аҕаҕыт сүүрүктээх сири дугуй¬даан өллө буолбаат, эн ити оҕоҕун бу дойду дьоллоох хонноҕор-быт¬тыгар саһыардаххына киһи оҥоруоҥ»,- диир эбит. Уһуктан баран, дьэ бэрт иччилээх түүлү түһээтим ээ, кырдьык бу үтүөкэннээх сиртэн барбатахпына сөп буолсу дии саныыр.
Ити курдук түүл киһиэхэ ханнык сиргэ олохсуйара ордук буолуох-тааҕын уонна дьиэтин ханна туттарын быһаарар түбэлтэлэрэ үгүстүк кэпсэнэллэр.
Кэриим саҥатын истии эмиэ иччилээх түүлгэ киирсэр. Ол курдук итини өлүү буолуон төһө эмэ иннинэ истиэххэ сөп. Түүлү үөрэтии биллэр дьон холобурдарынан дакаастанара ордук тиийимтиэ. Билигин араас суруйуулартан, телевизорынан биэриилэртэн хомуйан биллэр дьон иччилээх түүллэрин уонна олортон сибээстээх туох уларыйыылар олохторугар буолбуттарын ааҕааччыларга тириэрдэбит.
Кыра кыыс күн уотун охсуутун ылан өйүн сүтэрэн, утуйан хаалбытын билбэккэлэр өлбүт диэн көмөн кэбиспиттэр. Аҕата түүн түһээн кыыһа тыыннаах уонна баттата сытарын көрөн хостоон таһаарбыта 16 сылы быһа летаргическай утуйуунан сыппыт. Атын хоско телефон тыаһыырын истэн ону ылаары соһуччу туран кэлбит. Кыра эрдэҕинэ телефон диэни билбэт эрээри, кэпсэтээри турбут. Ону тэҥэ биир аныгы ырыаны билэр, ыллыыр эбит.
Надира доруобай, этэ-сиинэ бөҕө. Кини ыалдьар диэни билбэт, тымныыга төрүт тоҥмот, атах сыгынньаҕын хаарга холкутук хаама сылдьар. Кэмин иннинэ көмүллүбүт киһи уһун үйэлээх буолар дииллэр. Биир сыл буолан баран дьону эмтииргэ үөрэммит.
Дэриэбинэҕэ икки кыра кыргыттар сүтэн хаалбыттарын ыаллыы дэриэбинэ олохтооҕо эмээхсин сылтан ордон баран түүлүгэр уонна илэ эмиэ көрөн кыһын тыаттан көмүллүбүт сирдэрин булан биэрбит. Икки олохтоох дьон өлөртөөн баран көммүттэр эбит.
Амаяк Акопян илиитин наручниктаан баран уу түгэҕэр киирэн босхолонон тахсар трюгу оҥорон көрдөрө сылдьыбыт. Ол сылдьан биирдэ түһээбит. Онно дьиэтин муостатын толору уу ылар, кини онно хааттаран хаалар эбит. Түүлүн кэнниттэн трюгун оҥоро сылдьан арыйар күлүүһүн сүтэрэн нэһиилэ, түбэлтэ көмөлөһөн наручнигыттан босхолонон дагдайан тахсыбыт уонна ол трюгун оҥорорун бырахпыт. Ол түүлүм сэрэтии этэ диир.
Анастасия Волочкова түүлүгэр хара, уһун былаачыйаны кэһии биэрбиттэриттэн санаарҕаан ийэтигэр тиийэ сылдьыбыта ийэтэ улаханнык ыалдьан сытарыгар түбэспит.
Диана Гурская түүлүгэр самолет үөһээттэн суулларын көрбүт. Онтон кэргэнэ Петр түүлү итэҕэйбэтэх, аэропортка тиийбиттэрэ, маҥнай көтүүлэрин тохтоппуттар, онтон билиэттэрэ атын рейскэ эбитин булан, букатын да хаалларан кэбиспиттэр. Самолет Мальдивтарга тиийэн террористарга түбэспит.
Георгий Гречко диэн летчик-космонавт идэтинэн физик эбит. Биирдэ түүл түһээн кэргэнэ өлөн хаалбытын көрбүт. Түүлүттэн куттаммыт эрээри оччолорго өй-санаа үөрэхтэрэ бобуулаах эрдэхтэринэ туох да суолтаны биэрбэтэх. Сол күнүгэр кэргэнэ суолу туораары электричкэҕэ киирэн биэрэн өлбүтүн кэнниттэн бэйэтэ атын дьону куһаҕан түүлү түһээтэххэ сэрэнэр буолуҥ диэн сэрэтэр киһи буолбут.
Юлия Милогорская түүлүгэр дьиэ үрдэ сууллан түспүт. Бу түүлү кини аҕата өлүөн иннинэ түһээбит. Сэрэппитэ эбитэ буоллар аҕата онно түбэһимиэн сөп эбит.
Юлия Киселева эбэтэ Трансвааль аквапарк сууллуон иннинэ куһаҕан, кутталлаах түүлү түһээн, ханнык эрэ балыыһаны көрөн баран сиэнин ыытымаары этэн көрө сылдьыбытын дьоно ылымматахтар.
Светлана Мастеркова түүлүгэр ытырыык ыт үрдүгэр түһээри сүүрэн кэлбит. Биир подругата тренергэ кинини күрэхтэһиигэ киллэримэ диэн эппитин билбит. Дьону кытта үлэлиир киһи элбэхтик ыты түһээн көрүөн сөп. Адьырҕа ыт киһи үрдүгэр түстэҕинэ билэр киһигин кытта тапсымыаххын сөп диир түүл үөрэҕэ. Түүлү табатык тойонноон олоххо туһана сылдьыы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох көрдөбүлэ буолар.
Ону-маны билгэлиир, ырааҕы түстүүр иччилээх түүлү Ый туолбут кэмигэр көрүөххэ сөп. Иччилээх түүл диэн киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, ураты күүскэ өйдөнөр соһуччу көстөр түүл. Биир иччилээх түүл олоҕу төрдүттэн уларытыан сөп.
Ити курдук иччилээх түүллэр инники буолуохтаах соһуччу быһыыла¬ры уонна эмискэ уларыйыылары дьоннор өйдөрүгэр-санааларыгар эрдэт¬тэн тириэрдэн, өйдөрүн-санааларын олорго бэлэмнээн, өссө кыахтаах буоллахтарына аһарына сатыылларыгар көмөлөһөллөрүн таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.
Иччилээх түүл киһиэхэ көстүүтэ диэн айылҕа сэрэтэр, харыстыы сатыыр быһыыта. Бу буолаары турар, кэлиэн сөптөөх быһыыны халбарытыахха сөп буоллаҕына эрэ иччилээх түүл көстүөн сөп. Ол иһин иччилээх, урут түһэммэт түүл көһүннэҕинэ хайаан да сэрэхэччийэн, санааны ууран ылыы, тугу эмэ уларытыы эрэйиллэр.
ТҮҮЛ - АЙЫЛҔА ҮӨРЭҔЭ
Түүлгэ көстөр бэлиэлэри хомуйан, наардаан тус-туһунан араартаатахха, үгүс бэлиэлэр үчүгэй буолууну эбэтэр мөлтөөһүнү көрдөрөр бэлиэлэргэ чуолкайдык арахсаллар. Дьоннор санааларыгар сорох түүллэр бэлиэлэрэ куруук төттөрүнү, ол аата туох куһаҕан - үчүгэйгэ, онтон үчүгэй – куһаҕаҥҥа көстөр диэн өйдөбүл баар. Ити санаа биһиги түүллэри ситэ үөрэтэ иликпититтэн, түүл бэлиэлэрэ тугу көрдөрөллөрүн аанньа билбэппититтэн тахсар быһыылаах. Ол иһин итинник өйдөбүллээх бэлиэлэртэн киһи өйүгэр саамай түһүмтүө хас даҕаны үчүгэй буолууну көрдөрөр бэлиэлэри ыламмыт түүл туохха дьоннору үөрэтэ сатыырын быһаарыахпыт.
Түһээтэххэ үүнэн турар үчүгэй көрүҥнээх күөх тиит, күөх оттоох хонуу көһүннэҕинэ эбэтэр ыраас ууга сөтүөлээтэххэ барыҥ барыта табыллыа, үчүгэйдик олоруоҥ, дьоллоох доруобай буолуоҥ диэн итинник түүллэр бэлиэлэрэ түстүүллэр. Түүл бу дьиҥнээх олоххо сыһыаннаах бэлиэлэрэ илэ бэйэлэрэ хайдах баалларынан көстөннөр дьоннору тыыннаах күөх Айылҕаны харыстаа, куурдума-хатарыма, буорту гыныма, Айылҕа маннык үчүгэй көрүҥнээх турдаҕына эн эмиэ дьоллоох буолуоҥ уонна доруобуйаҥ тупсуо диэн илэ аҕалан көрдөрөн үөрэтэллэр. Итилэри тэҥэ бэйэҥ халлаанынан көтөҥҥүн үчүгэй күөх хонууну, тыалары, кэбиһиилээх оттору уонна дэриэбинэни көрдөххүнэ баҕа санааҥ барыта туолуо диэн бу түүллэр туох да атын тойоннооһуннара суох бэйэлэрин үчүгэй көстүүлэрэ быһаараллар.
Онон, түүл маннык бэлиэлэрэ дьоннору тыыннаах күөх Айылҕаны, ордук мутукчалаах тииттэри харыстыырга ыҥыраллар уонна Сир-дойду маннык күөхтүк, ыраастык, үчүгэйдик турдаҕына эн эмиэ үчүгэй, доруобай буолуоҥ диэн түүлгэ киирэн илэ көрдөрөн үөрэтэллэрэ чуолкайдык дакаастанар.
Биһиги дьоннор быстах, уһуну-киэҥи ситэ толкуйдаабат санаабытыгар көрүҥэ уонна сыта куһаҕана бэрт буолан, сааҕы, туох эрэ олус куһаҕан наадата суох курдук саныырга үөрэммиппит. Ол иһин биһиги киэҥ-куоҥ сиргэ көҥүл олоро үөрэммит дьоннор, оннооҕор сүөһүбүт сааҕын сөптөөхтүк туһаҕа таһаарбаппыт. Ити гынан баран Айылҕа үөрэҕин үчүгэйдик баһылаатахпытына, бу саах диэн киһи эбэтэр кыыл Айылҕаттан ылан бэйэтин доруобуйатын туһатыгар туһаммыт араас астарын, туһалаах минералларын ордуктара, атын көрүҥҥэ кубулуйбут тобохторо буолалларын билэбит.
Айылҕаҕа туох барыта уларыйан, эргийэн кэлэ турарынан бу астар тобохторун биһиги эмиэ кыратык уларытан, компост, уоҕурдуу оҥорон бараммыт урукку оннугар, ол аата үүнээйи үүнэр сиригэр барытын төннөрүөхтээх эбиппит. Кэнники бириэмэҕэ олохпут тупсан, бу Айылҕаҕа олус туһалаах аспыт тобоҕун канализацияҕа кутаммыт, үгүс элбэх сүөһүбүт сааҕын туох да туһата суох улахан хотоннор аттыларыгар мунньаммыт, Айылҕаҕа төннөрбөккө, быһа дьадатан, туох да үүнээйи аанньа үүммэт оҥорон эрэбит. Онуоха эбии искусственнай уоҕурдууну күүскэ туһаныыттан үгүс урут биллибэт саҥа ыарыылар салгыы дэлэйэн иһэллэр.
Онон, үүнээйини үксэтэр туһугар дьиҥнээх Айылҕаҕа бэйэтигэр оҥоһуллар уоҕурдууну дэлэччи туһанарбыт ордук буолуохтааҕын түүл дьоннорго көрдөрө, дакаастыы сатыыр. Ити иһин түүлгэ көстөр үчүгэй буолуу бэлиэлэрэ сааҕы кытта сибээстээхтэр, ол курдук түһээн саах¬ха түһүү, сааҕынан сыбаныы - дьолго, баайга, барыс киириитигэр көстөллөр. Маннык түүл бэлиэлэрэ ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоннорго элбэхтик көстөллөр уонна үүнээйи хомуура үчүгэй буолан барыс киириитин түстүүллэр. Ити курдук түүл бу бэ¬лиэлэрэ адьас сирэйинэн, ол аата дьиҥнээх Айылҕаҕа хайдах буолуох¬тааҕынан көрдөрөр бэлиэлэр эбиттэр.
Сир үрдүгэр үөскүүр бары улахан кээмэйдээх тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах кыыллар уонна көтөрдөр бука барылара арахсыспат аргыстаахтар, ол аргыстара - быттара буолар.
Дьоннор үйэлэрин тухары олорор олохторун тупсаран, сайыннаран иһэллэр. Ол курдук ыраастык суунан-тараанан, саҥа таҥаһы кылбаччы кэтэн, бетон-таас дьиэлэр истэригэр олорон, сиргэ-буорга сыбаммакка, Айылҕаттан букатын арахсан уонна тэйэн эрэллэр. Кинилэр бэйэлэрин быттарын «паразиттарынан» ааттаан, имири эһэн суох гыммыттара син ыраатан эрэр. Кырдьык даҕаны, улаатыннаран көрдөххө, көрүҥэ ынырыга, сыылла сылдьан дьөлүтэ кэйэн, киһи хаанын босхо оборон, кыһытан-ымытан дьиҥнээх «паразит» курдук. Ити гынан баран маннык ынырык үөн дьоннор түүллэригэр үчүгэй буолан көстөр. Түһээн быты көрдөххүнэ, баай, дьоллоох буолуоҥ диэн буолар. Түүл бу бэлиэтэ дьоннорго быт баар буоллаҕына үчүгэй буолуохтааҕын өйдөтөр. Ол гынан баран үчүгэй буолуу аҥардас быкка бэйэтигэр буолбакка, бу быт оҥорор үлэтигэр сыһыаннаах буолуон сөп. Ол аата быт тыыннаах киһи хаанын күн-түүн аайы кыра-кыратык көҕүрэтэ сылдьара уонна тириитин кыра тымырдарын төбөлөрүттэн хаанын кыратык обороро бу киһи доруобуйатыгар туһалаах буолар диэн дьиҥнээх Айылҕа үөрэҕин дьоннорго өйдөтө сатыыр.
Киһи хаана кыра-кыратык көҕүрээтэҕинэ, саҥа үчүгэй састааптаах хаанынан солбуллан, доруобуйата Айылҕа уларыйан иһэр усулуобуйаларыгар сөп түбэһэр буола уларыйан уонна кыра ыарыыларга утарылаһар күүһэ улаатан, тупсан иһэр эбит. Онон киһи түүлэ диэн бу дьиҥнээх Айылҕа үөрэҕэ буолар уонна бу үөрэх дьоннору Айылҕаны харыстыырга, дьиҥнээх бэйэтин уларыппакка уһун үйэлэргэ турарын хааччыйарга ыҥырар.
Түүл Айылҕа үөрэҕэ буоларын ордук чуолкайдык эстиини-быстыыны, дьадайыыны түстүүр бэлиэлэрэ көрдөрөллөр. Ол курдук хара буор хонууну, куурбут-хаппыт тыаны түһээн көрдөххүнэ үлэҥ-хамнаһыҥ сатарыйан барыа, элбэх ночооттор тахсыахтара диэн итинник түүллэр тойоннууллар.
Бу көстүүлэр киһи олоҕо Айылҕаттан ураты күүстээх тутулуктааҕын, Айылҕа туруга үчүгэй буоллаҕына эрэ, дьоннор олохторо эмиэ үчүгэй буолуо, онтон кини туруга мөлтөөтөҕүнэ дьон олоҕо айгырыаҕа диэн чуолкайдык өйдөтөллөр.
ТӨРӨӨБҮТ СИР - АЙЫЛҔАТТАН АНАММЫТ СИР
Сир үрдүгэр үөскүүр бары улахан кыыллар уонна көтөрдөр төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин бары билэллэр, умнубаттар, үгүстэр хас сыл аайы ыраахтан эргиллэн кэлэллэр. Итилэр төрөөбүт уйаларын кир¬типпэттэр, алдьаппаттар уонна өссө харыстыыллар.
Дьоннорго-норуоттарга төрөөбүт сирим диэн өйдөбүл барыларыгар баар, киэҥник тарҕаммыт, улаханнык ытыктанар уонна кэриэстэнэр өйдөбүл буолар. Маннык үтүөкэн өйдөбүлү биһиги олус улаатыннаран, кэҥэтэн, бүтүн Россия үрдүнэн ыһан, тарҕатан, дьиҥнээх суолтатын сүтэрэн симэлитэн эрэбит.
Ити гынан баран төрөөбүт сирим диэн өйдөбүл оннук улахан, киэҥ сири буолбакка, чуолкай мээрэйдээх бэлиэ миэстэлэри көрдөрөр. Кыра оҕо саҥа улаатан, өйө киирэн эбиллэн истэҕинэ аан маҥнай өйүгэр хатанан хаалбыт бэлиэ миэстэлэрэ үйэтин тухары умнуллубат гына өйдөнөн хаалаллар. Ордук чуолкайдык кыра оҕо оонньообут сирин, сөтүөлээбит күөлүн, сүүрбүт-көппүт хонуутун, моҕотойдообут, отоннообут тыатын, үөһээ ытта оонньообут тиитин, аһаабыт, утуйбут дьиэтин уонна да атын бэлиэ миэстэлэри үйэтин тухары умнубаттык өйдөөн хаалар.
Онон, бу аан маҥнайгыттан киһи өйүгэр умнуллубат гына хатаммыт бэлиэ миэстэлэри барыларын холбоон төрөөбүт сирим диэн өйдүөххэ сөп. Киһи төрөөбүт сирин уонна улааппыт дьиэтин үйэтин тухары ум¬нубатын, ити бэлиэлэр кини түүлүгэр киирэн көстөллөрө дакаасты¬ыр. Киһиэхэ төрөөбүт сирдэрэ түүлүгэр киирэн үчүгэй көрүҥнээхтик көһүннэхтэринэ эбэтэр кыра эрдэҕинэ олорбут дьиэтигэр киирэ сыл¬дьар буоллаҕына, үчүгэй баҕа санаалара туолуохтара эбэтэр соһуччу үчүгэй солуннары истиэҕэ диэн итинник түүллэр түстүүллэр.
Ити аата киһи өйүгэр-санаатыгар төрөөбүт сирэ уонна кыра эр-дэҕинэ олорбут дьиэтэ ураты суолталаахтар. Кини ити дьиэ¬тэ, сылдьыбыт сирдэрэ ханнык да буолбуттарын иһин киһи өйүгэр үйэ-тин тухары хатана сылдьаллар уонна үчүгэй буолаары гыннаҕына түүлүгэр көстөн кэлэллэр. Онон, бу сирдэр, бу дьиэ түүлгэ киирэн көстүүлэрэ киһиэхэ сөп буола-буола төрөөбүт сирин, кыра сааһыгар олорбут дьиэтин өйдөтөллөр уонна итилэри харыстыырга, көрөргө-ис¬тэргэ, уруккутуттан уларыйбакка турарыгар кыһанарга ыҥыраллар.
Айылҕаттан анаммыт ити «бэйэтин сирин» хас биирдии киһи кырдьык даҕаны харыстыыр, куруук саныыр, умнубат уонна алдьаммакка, уруккутун курдук көрүҥүнэн куруук туруон баҕарар.
Билиҥҥи кэмҥэ хотугу сиргэ олорор дьоннор сирдэригэр-уоттарыгар кыһаммат, харыстаабат, аанньа ахтыбат буолуулара уонна Айылҕаны ытыктаабаттара төрөөбүт сир диэн өйдөбүлү олус улаатыннаран, кэҥэтэн, симэлитэн кэбиһииттэн быһаччы тутулуктаах. Дьоннор олорор сирдэрин харыстыылларын, көрөллөрүн-истэллэрин си¬тиһэр туһугар төрөөбөт сир диэн Айылҕаттан анаммыт өйдөбүлү хас биирдии киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэриэххэ, оччоҕо эрэ киһи олорор сирин, бу мин төрөөбүт сирим диэн ордук күүскэ харыс¬тыырын уонна көрөрүн-истэрин ситиһиэххэ сөп.
Төрөөбүт сирдэриттэн олус ыраах тэйбит уонна төрөөбүт сирэ суох дьоннор майгылара-сигилилэрэ мөлтөх, өйдөрө-санаалара быстах буоларын үгүстүк көһө сылдьар истиэп олохтоох омуктарын үөрэппит Л.Н. Гумилев бэйэтин үлэлэригэр бэлиэтиир.
Саха норуотун кэпсээннэригэр төрөөбүт сир ахтылҕана диэн өйдөбүл баара элбэхтик этиллэр. Ол аата төрөөбүт сириттэн тэйэн ыраах сылдьар киһи бу сирин ахтар, сотору-сотору кэлэн көрө сылдьыан баҕарар, майгыта-сигилитэ да мөлтүүр, сороҕор итинтэн сылтаан ыалдьыан да сөп. Ити иһин сорох ыраах сылдьар дьоннор төрөөбүт сирдэриттэн буор ылан илдьэ сылдьаллар, оччоҕуна төрөөбүт сирин ахтылҕана мүлүрүйэн, намырыыр эбит.
Саха сиригэр кэнники кэмҥэ олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар киирбит «кэлии дьоннор» сиргэ-дойдуга кэдэрги сыһыаннара диэн өй¬дөбүл олохсуйбута оруннаах. Маннык быһыы былыргыттан үөскээбит төрөөбүт сири харыстыахха диэн өйдөбүлгэ олох сөп түбэспэт. Кэлии дьоннор Айылҕаны букатын харыстаабаттарын, ураты бэйэмсэхтэрин, туох баарын барытын баһылаан бэйэлэрин эрэ тустарыгар туһаныахтарын баҕаралларын олохтоохтор уруккуттан билэллэр. Ити иһин үгүс кэлии дьоннордоох сирдэргэ сири-дойдуну, оту-маһы уонна кыыллары-көтөрдөрү харыстыырга өйдөтөр үлэлэри күүстээхтик ыытар туһалааҕын дакаастыыр.
СОРОХ ТҮҮЛ БЭЛИЭЛЭРИН БЫҺААРЫЫЛАР
Түүл бэлиэлэрэ дьоннор бөлөхтөрүн өйдөрүгэр-санааларыгар үйэлэр тухары иҥмит, ол аата үгэс буолбут өйдөбүллэри көрдөрөллөр. Ордук чуолкайдык түүлгэ Айылҕаҕа сыһыаннаах бэлиэлэр көстөллөр. Онтон кэнники кэмҥэ түүлгэ киирбит бэлиэлэр аан маҥнай бу дьоннор ортолоругар туох өйдөбүл¬лээхтэриттэн тутулуктаахтар. Маннык быһаарыылары тутуһаммыт үгүс түүллэр бэлиэлэрин суолталарын биир-биир быһааран бардахпытына, биһиги санаабытыгар олус сөп түбэһэллэр.
Соһуччу түүлгэ көстөр бэлиэлэри тиэтэйбэккэ, дириҥник толкуйдаан быһаарбатахха дэбигис киһи өйүгэр таба өйдөммөт курдуктар. Итилэри тэҥэ сорох түүлгэ көстөр бэлиэлэр олох былыргыттан сылдьар буоланнар билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэспэт, атын өйдөбүлү биэрэргэ дылылар. Маннык бэлиэлэри таба быһаарарга урукку олох остуоруйатын кытта билсиһии туһалаах буолар.
Нууччалар сахалары 17 үйэҕэ сайдыы, экономика өттүнэн лаппа баһыйан, улахан сэриитэ суох бас бэриннэрбиттэр. Кинилэр сахалар холбоһуктаах сэриилэрин кыайбыттар уонна баһылыктарын өлөртөөбүттэр, онтон сахалар ордубут сэриилэрин тобохторо киэҥ тайҕаҕа ыһыллыбыттар. Кыайбыт дьоннор хас да аҕа уустарын баһылыктарын билиэн тутан «аманат» оҥостон хаайыыга укпуттар. Маннык кыайыы кэнниттэн биирдиилээн ыһыллан олорор саха ыалларын халааһыны, «дьаһаах» хомуйуутун саҕалаабыттар.
Сэрии дьонноро үрэхтэри, алаастары кэрийэ сылдьаннар, олохтоох дьоннор баайдарын, түүлээхтэрин былдьаан, дьахталларын илдьэ баран, ким күүстээх, кыайбыт тугу саныырынан дьаһайан уһун кэм устата туох да суута-сокуона суох талбыттарынан салайан олорбуттар. Кыаттарбыт саха дьоно куттал, эрэй бөҕөнөн куотан тайҕа, үрэх бастарынан саһан олороннор «дьаһаах» хомуйааччы нууччалартан, өлөрөн-алдьатан барыахтара диэн куттанан, сүрэх-быар ыарыыта буолаллар эбит. Онуоха эбии өссө соҕурууттан үүрүллэн кэлэр арааһынай бэһиэччиктэр уонна хаайыылаахтар саха дьонун ыган-түүрэн, өлөрөн-халаан бараллара элбэх эбит.
Маннык тула өттүттэн мөрөйдөөһүнтэн саха дьоно бэйэлэрин эрэ күүстэринэн, куотан эбэтэр саһан көмүскэнэ сатыыллара. Хас биирдии нуучча киһитин кэлиитэ кинилэргэ эрэйи-муҥу, ыарыыны, онтон сороҕор өлүүнү-сүтүүнү аҕалара. Ити иһин бу дьоннор мөссүөннэрэ, ыар мөссүөн буолан, саха дьоннорун түүллэригэр киирэн, ыалдьаары эбэтэр мөлтөөрү гыннахтарына көстөн кэлэр буолар. Итини тэҥэ бу бэлиэ оччотооҕу бириэмэҕэ саха дьонун эстииттэн-быстыыттан быыһыыр уонна сэрэтэр аналлаах эбит, ити мөссүөнү түһээн көрдөхтөрүнэ, суоһаабыт алдьархайтан эрдэттэн сэрэнэн, куотан эбэтэр саһан быыһаныахха эмиэ сөптөөҕө.
Онон, бу былыргы бэлиэ аан маҥнайгы суолтатынан, оччотооҕу ыар кэмнэргэ саха дьонун кэлэн иһэр алдьархайтан эрдэттэн сэрэтии, көмүскээһин уонна харыстааһын буолар эбит.
Урукку ыар кэмнэр ааспыттарын да иһин бу түүл бэлиэтэ билигин даҕаны уларыйбакка дьоннор түүллэригэр сөп буола-буола көстүтэ-лиир. Ити уларыйбакка сылдьар биричиинэтинэн кэлии нууччалар майгылара билигин даҕаны уларыйа илигэ, баһылыыр былаастарын сүтэ¬риэхтэрин баҕарбаттара буолар. Итини тэҥэ кинилэр Саха сирин барытын баһылыыр санааларын хааллара иликтэрин туоһутунан, төрүт-уус сахалыы ааттаах сирдэр ааттарын өсөһөн туран нууччалыы тылбаастаан уларыталларын олохтоохтор ааҕаллар.
Бу бэлиэ билиҥҥи кэмҥэ көстүүтэ саха дьонугар туспа омук буолан чэчирии сайдыаххытын баҕарар буоллаххытына урукку тойотторгутут¬тан, нууччалартан билигин даҕаны сэрэхтээх буолуҥ диэн өйдөтөр. Ону кытта өбүгэлэргит уһун үйэлэр тухары умнубакка, өссө сайынна¬ран, тупсаран, дууһаларыгар иҥэринэн аҕалбыт төрөөбүт тылларын, үгэстэрин, дьарыктарын уонна итэҕэллэрин харыстаатаххытына эрэ, бэйэҕит туспа омук буолар уратыларгытын сүтэрбэтэххитинэ, билиҥҥи кэмҥэ атын омукка буккуллан симэлийиэххит суоҕа диэн көрдөрөр.
Өр бириэмэҕэ түүл бэлиэтэ син сүтэн, симэлийэн эбэтэр атын бэлиэнэн солбуллан барыан сөп. Ол курдук бу мөссүөнү саха дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан ылан быраҕарга урукку батталтан уонна туоратыыттан өй-санаа босхолонуо этэ. Ону ситиһэргэ бэйэбит дойдубутун, сирбитин-уоппутун бэйэбит көрөн-истэн дьаһайарбыт ураты көмөлөөх буолуо этэ.
Кэнники бириэмэҕэ тыа дьоннорун олохторун таһыма намтааһына, үлэлэрэ-хамнастара сатарахсыйыыта, тиийиммэт буолуулара кинилэр майгылара-сигилилэрэ алдьаныытыгар, урукку хом санаа хаттаан күөдьүйэн тахсыытыгар тириэрдиэн сөп. Олох көнөн барыытыгар эрэли сүтэрии, тиийиммэт-түгэммэт буолуу элбээһинэ үгүс дьоннор өйдөрүгэр араас санаалары киллэрэр уонна бу мөлтөөбүт балаһыанньаттан тахсарга урут туттуллубатах атын суоллары, ньымалары көрдөөһүннэри ирдиир. Маннык балаһыанньа бу түүлгэ көстөр мөссүөн сүтэн, симэлийэн барыытыгар көмөлөспөт.
Сахаларга былыр-былыргыттан улахан күүстээх, кыахтаах дьоннору¬нан улахан кыыллары бултуур булчуттара буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин кыахтарын билиниилэринэн ханнык эрэ күүстээх кыылы кыайыы эбэ¬тэр ханна да суоҕу, аҕыйаҕы булан бултааһын буолара. Ол иһин билигин даҕаны сорох булчуттар түүллэригэр нуучча дьахтарын кыайан туттахтарына улаханнык бултуйаллар. Маны кэҥэтэн быһаардахпытына, нууччалар маҥнай кэлиилэригэр дьахталлара аҕыйах буолан саха дьонун харахтарыгар отой көстүбэт эбиттэр. Ол иһин нуучча дьахтара чугас эргин ханна да суох буолан, олус өр кэмҥэ, аҕыйахтык көстөр улахан булка тэҥнэһэрдии көстөрө күндү буолар эбит. Онон, түүл бу бэлиэтэ улахан баҕа санааны уонна ону ситиһэ сатааһыны кытта сибээстээх. Ити курдук бу түүл бэлиэтэ кэлии нуучча дьоннорун үгүс өттүлэрэ эр дьон эбиттэрин дакаастыыр уонна кинилэр революция буолуон иннинэ сахалар ортолоругар олороннор, түргэнник сахатыйан хаалалларын В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр бэлиэтиир.
Саха дьоно ааспыт үйэҕэ кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын түһээн көрдөхтөрүнэ ыарытыйаллара үһү. Бу ураты түүл бэлиэтэ, бэйэтэ туспа өйдөбүллээх. Ити көстүү нууччалар кэлбиттэрин кэннэ киэҥник тарҕаммыт буоспа диэн ыарыы ыар күлүгэ буолар. Саха ойууннара кыахтара тиийэн кыайан далбарыйбат, урут биллибэт ыарыы туохтан тарҕанарын билбэт буоланнар, бу ыарыыны нуучча дьахтарын үөрэ тарҕатар быһыылаах диэн саха дьонун өйдөрүгэр иҥэрбиттэриттэн итинник өйдөбүл киэҥник тарҕанар уонна биллибэт ыарыыттан куттанар дьоннор түүллэригэр киирэн билиҥҥээҥҥэ диэри иҥэн сылдьар. Маннык олохсуйбут өйдөбүл баарын туһунан Н.А.Алексеев «Шаманизм тюркоязычных народов Сибири» диэн үлэтигэр ахтар.
Кэнники кэмҥэ түүл маннык бэлиэлэрэ аҕыйахтык көстөр буолан эрэллэр. Билигин Саха сирэ саҥалыы сайдан, омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара тупсан, биллибэт ыарыылар суох буоланнар, түүл бу бэлиэлэрэ сыыйа сүтэн, симэлийэн барыахтарын сөп.
Саха дьоно былыр-былыргыттан тимири уһаарыынан уонна тимиринэн уһаныынан дьарыктаммыттар. Ол иһин кинилэр сүрүн итэҕэллэрэ Күнү, кыһа уотун кытта сибээстээх, ону тэҥэ саамай күүстээх улуу ойууннара тимири уһаарааччы уонна уһанааччы тимир ууһа буолар. Ити курдук сахалар урукку сүрүн дьарыктара түүллэри¬гэр кытта киирэн үчүгэй буолаары гыннахтарына көстөн кэлэр. Ол курдук түүлгэ уһанар дьиэни көрүү, дьоллоох буолууну түстүүр, он¬тон тимиртэн оҥоһуктары көрүү, кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэр.
Итилэри тэҥэ сахалар түүллэригэр ордук ураты миэстэни саха тимир быһаҕа ылар. Бу тимир быһахха саха омук атын омуктартан ураты¬та, кинилэр бэйэлэрэ уһааран, уһанан таһаарар тимирдэригэр ордук күүстээх тапталлара билигин даҕаны иҥэн сылдьар. Ол иһин саха киһитэ үчүгэй быһаҕа суох буоллаҕына туоҕа эрэ суох курдук сананар. Итинник сыаналаах тэрил түүлгэ киирэн көстүүтэ саха омук сай¬дар кэскилигэр уол оҕоҕо тэҥнэнэр, ол иһин түүлгэ быһаҕы бэлэх биэрдэхтэринэ, уол оҕо төрүөҕэ уонна бу быһах көрүҥэ, уол оҕо тугун хайдаҕын көрдөрүөҕэ. Үчүгэй көрүҥнээх сытыы быһах - үчүгэй майгылаах доруобай уолу, онтон хара сыппах быһах, мөлтөх доруобуйалаах уолу көрдөрөллөр.
Онон, саха омук сайдар кэскилэ, уол оҕото тимири кытта сибээс-тээх. Ол иһин былыргы өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын уһанар, оҥорор идэлэрин төнүннэрэрбититтэн туспа омук буолан салгыы сайдарбыт тутулуктаах буолуохтаах. Кэлин, сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун сүрүн дьарыктара уларыйан, аҥардастыы тыа хаһаайыстыбатыгар кубулуйбутун кэннэ тимир бэлиэ көстүүтэ олох аҕыйаата уонна суолтата уларыйан эрэр.
Дьоннор былыргыттан сиэркилэҕэ киһи дууһата ыйдаҥаран көстөр диэн элбэхтэ көрүнэри сөбүлээбэттэр. Ити иһин дьон өйүгэр-санаатыгар сиэркилэ куһаҕан өйдөбүлүнэн киирэн хаалбыт. Онтон куһаҕан өйдөбүллээх бэлиэ түүн түүлгэ киирэн көһүннэҕинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы буолар, ол эбэтэр түһээн сиэркилэҕэ киэргэнэн көрүнүү, мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга көстөр дииллэр.
Сиэркилэттэн дьоннор сэрэниилэрэ киһи дууһатын харыстыырга аналлаах. Дьиэҕэ киһи өллөҕүнэ тахсыар диэри сиэркилэни, телевизо¬ры барыларын таҥаһынан сабаллар эбэтэр кистээн кэбиһэллэр. Бу бириэмэҕэ өлбүт киһи дууһата, баар дьоннор дууһаларын сиэркилэҕэ көрөн илдьэ баран хаалбатын диэн итинник гыналлар. Итини тэҥэ сиэр¬килэ алдьаныытын «куһаҕан бит тардыыта» диэн ааттыыллар. Кыра оҕону куттаҕас буолан хаалыа диэннэр сэрэнэн, сиэркилэҕэ көрүннэрбэттэр уонна улааппыт да оҕолору элбэхтик көрүммэт буолуҥ, диэн үөрэтэллэр. Онтон, ыарыһах киһини харыстааннар сиэркилэҕэ көрүнэрин төрүт да сөбүлээбэттэр.
Онон, сиэркилэҕэ көрүнүү диэн түүл бэлиэтэ аан маҥнай дьоннор өйдөрүгэр хайдах киирбит өйдөбүлүнэн кыратык да уларыйбакка сылдьар эбит. Бары да былыргы бэлиэлэр көстүүлэрэ бу бэлиэлэр өйдөбүллэрэ билигин да уларыйа, атынынан солбулла иликтэрин биллэрэллэр.
КЭРИЭС ЭТИИ
Кут-сүр үөрэҕин баһылаабыт ойууннарга киһи өйө-санаата өлбүтүн кэннэ ханна сылдьарын быһаарыы улахан уустуга суох буолуон сөп. Киһи түһээн былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьону хаһан баҕарар көрөр. Арай бу өлбүт киһи хайдах көрүҥнээх көстөрө кини аймахтара, оҕоло¬ро-уруулара төһө үчүгэйдик сылдьалларыттан тутулуктанар. Ол курдук түүлгэ көстөр өлбүт киһи көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, олох төһө да ыараханын иннигэр кини оҕолоро, сиэннэрэ кыайа-хото үлэлии-хамсыы сылдьыахтара диэн түүл үөрэҕэ быһаарар.
Киһи бэйэтэ өлбүт төрөппүтүн көрөр буоллаҕына, кини хайдах көрүҥнээх көстөрө олус улахан оруолу ылар. Төрөппүт киһи көрүҥэ мөл¬төөн көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕа табыллыбат буолуу тахсыан эбэтэр эн оҥорор дьыалаларгын кини сөбүлээбэтин бэлиэтэ буолуон сөп. Киһи ханна да сырыттаҕына, төрөппүттэрин куттара көрө - истэ сылдьалларын түүл ити көстүүлэрэ толору дакаастыыллар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ киһи сирэйин олус сирийэн көрөр. Үөрбүт си-рэйи көрдөҕүнэ - үөрэр, онтон сирэйгин куһаҕаннык тутуннуҥ даҕаны оҕо мөлтүүр, санаата түһэр, букатын ытаан тоҕо барыан сөп буолар. Ити курдук киһи сирэйин көрүҥэ оҕоҕо олус күүскэ дьайар. Бу кэмҥэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар буолан, төрөппүтүн сирэ¬йин көстүүтэ кини салгыы хайдах быһыыланарын быһаарар. Түүл киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ көстөр буолан сирэй хайдах көрүҥнээҕэ олус улаханнык дьайар буолуон сөп.
Киһи олоҕо төрөппүттэрин кытта биир ситиминэн баайылла сылдьалларын ити курдук быһааран бараммыт салгыы кэриэс этиини быһаарарбыт ордук оруннаах буолуоҕа. Ол курдук төрөппүт киһи бэйэтин кэннигэр хаалар ыччаттарыгар анаан кэриэс этиитэ хайаан да ылыныллыахтааҕын уонна толоруллуохтааҕын түүл ити көстүүлэрэ эмиэ дакаастыыллар. Ол курдук киһи хаһан баҕарар түүлү көрөрүн быһыытынан бэйэтин төрөппүтүн хайаан да түһээн көрүөн сөп. Кэриэс этиитэ туолбат буоллаҕына төрөппүтүн куһаҕан, санаата түспүт көрүҥэ сотору-сотору түүлүгэр көстүөн сөбө, бу киһиэхэ толорботох кэриэс этиитин өйдөтүөн сөп.
Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэс этиитин бэйэтин оҕолоро, ыччаттара толоруулара кини өйүн-санаатын, кутун баҕата туоларыгар тириэрдэр буолан санаата уоскуйар. Баҕа санаата туоллаҕына кини кута уоскуйан, көрүҥэ тупсан оҕолорун түүлүгэр үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ кинилэр үтүө баҕа санаалара туолуон сөп.
Кэриэс этии уратыларын туһунан маннык холобурдартан билиэххэ сөп.
Кэргэнэ өлүөн биир күн иннинэ Ленаҕа эппит:
- Кэриэспин толоруом диэ... – нэһиилэ ыган-ыган саҥарбыт.
- Толоруом.
- Кэргэн эрэ тахсымаар. Ким да мин курдук күүскэ таптыа, харыстыа, аһыныа суоҕа. Хомото сылдьыахтара. Хомотуохтарын баҕарбаппын ол иһин бэйэбэр ыҥыран ылыаҕым,- диэн нэһиилэ эппит.
Саҥа кэргэнэ автомобиль авариятыгар түбэһэн өлбүт. Похорона кэнниттэн Лена бастакы кэргэнин түүлүгэр көрбүт. Киһитэ: - Эн кэргэн тахсыа суох буолбутуҥ. Саҥа кэргэниҥ эйигин атаҕастыыр, хомотор. Түүлүн кэнниттэн Лена бастакы кэргэнигэр аны кимиэхэ да эргэ тахсыам суоҕа диэн эрэннэрбитин санаан ааста. Биэс сыл кэнниттэн Лена саҥа кэргэнэ муостаттан охтон үлтү түстэ. Бу кэнниттэн бастакы кэргэнэ түүлүгэр киирэн эмиэ сэрэппит.
Сахалар итэҕэллэринэн өлөөрү сытар киһиэхэ тугу эмэ эрэннэрэн баран толорбот буолуу хайдах да табыллыбат. Эрэннэрбити хайаан да толоруллуохтаах. Ол барыта сахалар ойууннара былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата өлбүтүн да кэннэ ханна сылдьарын, туох санаалааҕын кытта билэллэригэр олоҕурар.
Арай өлөөрү гыммыт киһи баҕатын толорорго ханнык да кыах суох буоллаҕына эрэннэримиэххэ сөп курдук.
Биир эдэр дьахтар ийэтэ өлөөрү сытан кыыһыгар эппит:
- Эргэ тахсаргар тиэтэйимэ, ылаллар эрэ диэн тахсыма.
- Тахса охсор киһим да суох.
- Ол киһи сотору көрсүөҕэ. Мин кини аатын кытта билэбин. Киниэхэ тахсаар,- диэн баран аатын кытта этэн биэрбит.
Оннук ааттаах киһини Ольга билбэт эбит. Арай ийэтэ өлбүтүн биир сыла туолуутугар кылабыыһаҕа сылдьан баран төннөн иһэн метроҕа көрсөн билсиспит. Киһитэ аатын эппитэ сөп түбэспититтэн олус соһуйдар даҕаны бу киһини олус сөбүлээн кэргэн тахсыбыт.
Өлөөрү сытар киһи кэриэс этиитигэр сахалар олус итэҕэллээхтик, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар, кыахтара баарынан толороллор.
ТҮҮЛ ДЬОҤҤО ТУҺАТА
Айылҕаҕа киһи олоҕо биир тэҥник, долгуйбакка устан иһэр буолбатах, ол оннугар киһиэхэ үчүгэй буолар кэмнэрэ уонна мөлтүүр-ахсыыр түгэннэрэ хардары-таары солбуһан биэрэн иһэллэр. Бу кэмнэргэ кини өйүн-санаатын уонна доруобуйатын туруга эмиэ улаханнык уларыйар. Маннык киһи олоҕор уларыйар кэмнэр кэлэллэрин саха дьоно былыргыттан билэллэрин: «Уол оҕото биир күн ат уорҕатыгар, онтон нөҥүө күнүгэр ат өрөҕөтүгэр буолар», - диэн этиилэрэ да туоһулуур.
Киһи бэйэтин түүллэрин эдэр сааһыттан үөрэтэрэ уонна билэрэ өйө-санаата өссө күүскэ сайдыытыгар тириэрдиэҕэ. Түүл киһини умну¬бакка өйдүү сатыырга, элбэх биллибэт бэлиэлэри быһаараары үгүстүк толкуйдуурга, ол аата тохтоло суох өй дьарыгынан дьарыктанарга күһэйэр. Түүллэрин умнубакка өйдөөн хаалар дьон атын даҕаны дьыалаларга умнугана суох буолаллар, онтон умнугана суох киһи диэн өйдөөх, үөрэҕи ылынымтыа киһи буоларын бары билэбит.
Киһиэхэ бэйэтигэр үчүгэй буолуу, табыллыы эбэтэр мөлтөөһүн кэмнэрэ кэлиилэрэ түүлүгэр араас тус-туһунан бэлиэлэринэн көстөн биллэллэр. Итинник киһи олоҕун кэрдиис кэмигэр туох эмэ уларыйыы тахсаары гыммытын эрдэттэн түһээн билэн таба туһанарга бэйэтэ сыыйа үөрэниэн сөп. Сарсыардаттан санаата көммүт киһини: «Үчүгэй атаххынан турбут курдуккун»,- диэн билэр дьонноро үөрэ көрсөллөр. Маны туоһулуурдуу, түүн түһээн үчүгэй түүлү көрбүт киһи сарсыардаттан өрө көтөҕүллүүлээх санаалаах, кыайыы-хотуу, ситиһии эҥэрдээх уһуктан туран кэлэр. Бу кэнниттэн хас да күн устата киниэхэ күүһэ-уоҕа эбиллэн, өйө-санаата чэбдигирэн, тугу оҥорбута барыта табыллан, тупсан иһэрэ бу киһи санаатын ордук өрө көтөҕөр, кыайыыга кынаттыыр. Ити курдук киһи олоҕор, айылҕаттан айдарыылаах тугу эмэни ситиһэр, олоҕун таһымыгар уларыйыыны киллэрэргэ аналлаах бэлиэ кэмнэрэ тиийэн кэлэллэр. Маннык өрө көтөҕүллүү, үчүгэй буолуу кэмигэр кыайыыны-хотууну, булууну-талыыны оҥордоххо ордук табыллан, тупсан, ситиһиилэнэн иһиэҕэ. Ол иһин бу кэмҥэ ордук күүс¬кэ үлэлии-хамсыы түһэн, туттумахтаан хаалыахха син курдук.
Ол оннугар түүлгэ мөлтөөһүнү түстүүр бэлиэлэр көһүннэхтэринэ улахан эрэлэ суох дьыалалары уталыта түстэххэ, үгүс буолуохтаах ночооттор уонна сыыһа туттуулар аҕыйыахтарын сөп. Мөлтүүр кэмҥэ бары барыта аанньа табыллыбат, сыыһа-халты буолар, били этэргэ ды¬лы: «Мүччү түһэ сылдьар», кэмэ кэлэр эбит. Ити иһин киһи өйө-санаата мөлтүүр кэмигэр сыыһаны оҥоруута элбээн, ол-бу ночоотторго, сүтүктэргэ түһүөн эбэтэр доруобуйата да мөлтүөн сөп.
Киһи олоҕор буолаары турар соһуччу түбэлтэлэр, киһи өйүгэр-санаатыгар төһө эмэ эрдэттэн киирэллэр уонна түүллэригэр араас бэлиэлэринэн көстөллөр. Ол курдук массыына абаарыйатыгар түбэһээри гыммыт киһи хайаттан таастарга сууллан түһүүтэ, эчэйээри, ыалдьаары гыммыт киһи үөһээттэн охтуута уонна да атыттар түүлгэ көстөллөр. Маннык бэлиэлэри эрдэттэн түһээн биллэххэ сэрэнэ соҕус сылдьан, халымыр соҕустук аһаран кэбиһиэххэ сөп курдук.
Түүлү үөрэтэн, үчүгэй буолар уонна мөлтүүр кэмнэр кэлэн иһэллэрин барыллаан билиэххэ сөп. Итилэри баһылааһын билигин соҕотох киһи бэйэтэ быһаарар күүһэ улааппыт, атыы-эргиэн кэҥээбит, сыыһа-халты туттуу бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах буолбут кэмигэр биллэрдик туһалыа этэ. Ону кытта түүлгэ көстөр бэлиэлэр суолталарын билии киһи бэйэтин доруобуйатын туругун куруук кэтии сылдьарыгар, олоҕор тахсыахтаах эмискэ уларыйыылары билгэлээн, олору көрсөргө эрдэттэн бэлэмнэнэригэр туһалаах буолуон сөп. Киһи түүлэ киһиэхэ бэйэтигэр эрэ сыһыаннаах. Ол иһин түүлгэ көстөр бэлиэлэр киһи доруобуйатын туругун аан бастаан киһиэхэ бэйэтигэр биллэрэллэр. Бэйэтин түүллэрин ырытан билэ сылдьар киһи доруобуйатыгар туох уларыйыы тахсан эрэрин эрдэттэн сабаҕалаан билэр кыахтанар.
Ыарыы киирэн иһэрэ киһи түүлүгэр төһө эмэ эрдэттэн биллэрин дьоннор былыргыттан билэллэр. Ити кэннэ маннык түүллэр хос-хос хатыланан көстүүлэрэ ыарыы киирбитин чуолкайдаан биэрэллэр. Бу ыарыы туһунан түүллэр үксүгэр кутталлаах көстүүлээхтэр, куһаҕаннар уонна киһини соһутар түгэннэрдээх буолаллар.
Түүл хайдах көрүҥнээҕиттэн уонна онно киһи туга ордук көстөрүттэн көрөн ханнык ыарыы киирэн иһэрин быһаарыахха сөп. Түүлгэ көстөр бэлиэлэринэн ыарыы киһиэхэ бэйэтигэр биллиэн төһө эмэ, сороҕор бүтүн биир ый инниттэн билиэххэ сөп эбит. Ол курдук сорох ыарыылар киһиэхэ бэйэтигэр биллибэккэ эрэ өр кэм устата сыы¬йа сайда, тэнийэ сылдьаллар. Ити кэм устатыгар ыарыы араас бэлиэлэрэ киһи түүлүгэр киирэн көстөллөрүн ыалдьыбыт дьоннор бэлиэтииллэр.
Киһиэхэ ханна ыарыы олохсуйан эрэр сиринэн түүлүгэр бааһырыы эбэтэр эчэйии буолуон сөп. Ол курдук биир түүлгэ ким эрэ курунан синньигэс биилин хаһыытыар диэри ыга тардар, онтон иккис түүлүгэр куһаҕан киһи ойоҕоһун быыһынан быһаҕынан саайбытыттан соһуйан уһуктар. Маннык түүллэр кэннилэриттэн көрдөрүнэ сылдьыбыта кырдьык үөһэ ыалдьара биллэн тахсыбыт.
Үгүс ыарыылар киирэн иһэр бэлиэлэрин түүл бэлиэлэрин тойоннооһуннартан булан ылан туһаныахха сөп.
Ыарыы киирээри гыммытын билгэлиир түүллэр хаста даҕаны хатыланан көһүннэхтэринэ, киһи аан-маҥнай бэйэтин көрүнэн, бэрэбиэркэлэнэн көрөрө ордук буолуоҕа. Кыра да ыарыыны эрдэттэн билэн сэрэтии, түргэнник эмтэнэн үтүөрэргэ олус туһалыырын дьоннор бары билэллэр.
Түүлү дьоннор былыр-былыргыттан инники олохторо хайдах баран иһэрин билгэлээһиҥҥэ туһаналларын Л.Н.Гумилев «Хунны в Китае» диэн үлэтигэр бэлиэтиир. Былыргы кэмҥэ түүллээх-биттээх, ону-маны би¬лэр-көрөр киһи сэрии дьонун салайааччытыгар баар-суох сүбэһит буолан, бу дьон бөлөҕүн инники сайдыытыгар улахан оруолу ыларын ах¬тар. Оччотооҕу ыарахан иннэ-кэннэ биллибэт үйэҕэ кыратык да буоллар кэлэн иһэр уустук быһыыны-майгыны билгэлээн билии олус туһалааҕа. Ити иһин түүр омук ойууннара анаан-минээн түһээн көрөн билгэлээһининэн дьарыктаналларын учуонай Н.А.Алексеев «Шаманизм тюркоязычных народов Сибири» диэн үлэтигэр ахтар.
Кэнники кэмҥэ талааннаах билгэһит Д.С.Черемкин түһээн көрөн билгэлээһинэ сөп түбэһэн иһэрин, Абый улуу кырдьаҕаһа К.И.Чирков түһээн көрөн тугу барытын билэрин, оннооҕор атын киһи түүлүгэр киирэн эмтиирин, кинилэри билэр дьоннор ахтыыларыгар кэпсииллэр. Ити курдук түүл киһи олоҕун биир быстыбат салаата, өйүн-санаатын ситимин биир тутаах көрүҥэ буолара дакаастанар уонна былыргыт¬тан дьон олохторун сайдыытыгар улахан оруолу ылбыта бэлиэтэнэр.
Биһиги көлүөнэлэр сэбиэскэй, өй-санаа үөрэҕин суох оҥоруу кэмигэр улааппыппыт. Урукку сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэҕин суох оҥоро сатаабыттара сыыһата билигин биллэн, сыыйа көнөн, өй-санаа үөрэхтэрэ тарҕанан эрэллэр.
Өй-санаа үөрэҕин төрүтүнэн түүл үөрэҕэ буолар. Киһи тугу түһүүрүттэн, туох бэлиэлэр түүлүгэр киирэллэриттэн ханнык өй-санаа өйүгэр-санаатыгар мунньуллубутун быһаарар кыах баара өйү-санааны үөрэтиигэ төрүт буолар. Ол аата киһи тугу түһүүрүттэн хайдах санаалааҕын, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыахтааҕын арыйан таһаарар кыах баар.
Тапталлаахтар бэйэ-бэйэлэрин түһээн элбэхтик көрөллөр. «Таптыыртан харах арахпат» диэн этии тапталлаахтар үгүстүк сөбүлүү көрсөллөрүн быһааран биэрэр. Таптыыр киһини түһээн көрөр буолуу тапталлаах көрүҥүн үгүстүк санаан көрө сылдьыыттан үгэс буолан өйгө-санааҕа иҥэн эрэрин биллэрэр. Ол аата таптал үөскээн олохсуйан эрэрин билиэтэ буолар.
Түүлү үөрэтии киһи куттара тус-туспа сылдьалларын, түүлгэ тус-туспа арахсан көстөллөрүн, ол иһин атын-атыннык тойонноноллорун быһаарар.
Түүлгэ киһи үгэс буолбут өйдөбүллэри илэ курдук көрөр. Холобурга, түүлгэ буукубалары көрдөҕүнэ солуннары истиэ, суруйдаҕына – эрэй-буруй эбиллиэ, онтон үөрэттэххэ – баай-мал эбиллиэ, олох көнөн барыыта буолуо диэн түүл үөрэҕэ быһаарар.
Түүл бу быһаарыыларын өссө дириҥник ырыттахпытына, былыр, сурук-бичик саҥа саҕаланан эрдэҕинэ дьон иэстэрин-күүстэрин суругунан бэлиэтээн ыган-түүрэн ылаллара суруктан эрэй-буруй эбиллэрин курдук умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт. Онтон үөрэтии уонна көрүү өйдөбүллэрэ көнөлөр, хайдах көрүҥнээхтэринэн суолталара быһаарыллар.
Омук киһитин көрдөххө өйдөспөт киһини кытта көрсүөххэ сөп. Ол аата омук киһитэ сахалыы билбэтиттэн, биһиги омуктуу билбэппит эбилиннэҕинэ өйдөспөт буолуу үөскүүрэ кырдьык.
Сэбиэскэй былаас оҥорбут олус улахан, өр кэмҥэ кыайан көммөт сыыһатынан, бу былаас саҥаны айыыны оҥорон, урут суох олоҕу саҕалаары, өй-санаа саҥа үөрэҕин олоххо киллэрээри, өй-санаа урукку үөрэхтэрин суох оҥоро сатаабытыгар буолар. Өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорууттан, хааччахтааһынтан, бу былаас кэмигэр дьон өйдөрүн-санааларын ыраастаабаттарыттан, куһаҕан санааларын умнубаттарыттан өйдөрө-санаалара куһаҕан санааларынан туолуута үөскээн олохсуйбут. Итини тэҥэ аҥардастыы үөрэҕи эрэ өрө тутан, тугу да умнубат киһи үчүгэй, үөрэҕи ылар кыахтанар диэн өйү-санааны аҥар өттүн диэки халытыыттан дьон тугу даҕаны, куһаҕаны эмиэ умнубат буолуулара аһара сайдыбыта. Ол барыта дьон өйдөрө-санаалара куһаҕан санааларынан туоларыттан куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбииригэр тириэрдибитэ. Бу быһыы арыгыһыттар элбээһиннэриттэн уонна арыгы иһэн баран олус куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээһининэн чуолкайдык дакаастанар.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр аҕам коммунист, партия чилиэнэ, салайааччы киһи сарсыарда эрдэ туран чэйдии олорон эбэбэр түүлүн кэпсээн тойоннотор этэ. Мин, оччолорго комсомоллаах уол оҕото биирдэ эрдэ туран истэн муодарҕааммын эбэбиттэн «Түүл баара кырдьык дуо?» - диэн ыйыттым. Онно эбэм Лөкүө: «Түүл диэн киһи санаата буолар. Бу коммунистар түүлү итэҕэйэллэрэ уонна олохторугар туһаналлара эбитэ буоллар дьоҥҥо ордук чугас буолуо этилэр», - диэбитэ. Эбэм бу этиитин билигин кэлэн сыаналаан көрдөххө олус ыраахха диэри өтө көрөр дьоҕурдааҕа, олоҕу, дьон өйүн-санаатын билэрэ, таба сыаналыыра арыллан тахсар.
Түүл диэн киһи өйүн-санаатын биир тутаах салаата буоларын, олоххо хайаан да туһалыырын эбэбит билэр, бэйэтэ олоҕор туһанара уонна дьоҥҥо түүллэрин тойоннуур этэ. Миигиттэн эмиэ «Тугу түһээтиҥ» диэн ыйытар этэ да оччолорго соччо түүл диэни арааран түһээбэт этим, биирдэ эмэ түһээтэхпинэ даҕаны үксүгэр өйдөөбөккө хааларым. Арай куруук үөһээттэн аллараа түһэн куугунуурум, олус өр көтөр курдук уһуннук түһэрим, уһукта сатыырым.
Киһи түүлүн ыйыытынан оҥорор быһыылара эмиэ уларыйыыларын түүллэри хомуйуу, үөрэтии бигэргэтэр. Ол иһин хас биирдии киһи тугу түһүүрүгэр ордук улахан суолтаны биэрэн инники олоҕун туһунан саныыра, өйүн-санаатын тупсарара туһалааҕын өйдөтүөхпүт этэ.
ИННИКИНИ ӨТӨ КӨРӨН БИЛИИ
Үгүс дьоннор кыратык да буоллар, кэлэн иһэр олохторо хайдах баран иһиэхтээҕин билиэхтэрин баҕараллар уонна инникини өтө көрөн билии ханнык эрэ биир көрүҥүнэн сэмээр дьарыктана сылдьаллар. Билигин биһиэхэ олох уларыйан, киһи бэйэтин дьылҕата бэйэтин илиитигэр киирбит кэмигэр инники туох эмэ буолуохтааҕын билии-көрүү ордук наада курдук буолла.
Киһи олоҕун устатыгар үөрэҕи-билиини баһылааһына, бэйэтэ сөбүлээн, дьаныһан туран уһун кэмҥэ утумнаахтык дьарыктаныытын көмөтүнэн ордук кэҥээн, өссө дириҥээн иһэр. Манна ордук ону-маны чуҥнаан уонна сэрэйэн көрөн билиитэ сааһыран истэҕин аайытын ордук эбиллэн, күүһүрэн биэрэр. Ити иһин маннык өтө көрөн билиинэн сааһыран иһэр дьоннор дьарыктаналлара ордук киэҥи, дириҥи билиигэ тириэрдэр.
Инникини өтө көрөн билиини араас ньымаларынан тус-туспа көрүҥнээхтик оҥоруохха сөп:
Бастакытынан, көннөрү өтө көрөн билии. Маннык өтө көрүүнү көрбүөччү идэлээх киһи көрөрө киирдэҕинэ улахан эрэйэ суох курдук¬тук оҥорор. Хас биирдии айылҕаттан айдарыылаах көрбүөччү ханнык ньыманан өтө көрөн билэрэ букатын тус-туһунан буолар уонна бэйэлэрин тустаах кистэлэҥнэригэр киирсэр. Кинилэр инники туох буолуох¬тааҕын тэҥэ урут туох буолан ааспытын кытта билиэхтэрин сөп.
Иккиһинэн, киһи бэйэтин өй-санаа уларыйар кэмигэр тиэрдиитэ уонна инники туох буолуохтааҕын билиитэ-көрүүтэ. Маннык өй-санаа уларыйар кэмигэр киириини саха ойууннара үөрэтэн-баһылаан киэҥник дьарыктаналлара. (17,204). Кинилэр дүҥүр ньиргийэр тыаһынан доҕуһуоллатан, эрчимнээхтик биир тэҥник хамсанан уонна араас суол сыт¬тары сытырҕалааннар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэр эбиттэр. Кинилэр бу кэмҥэ киирэннэр олох инники өттүгэр туох уларыйыы буолаары турарын билэллэрэ-көрөллөрө үһү.
Үсүһүнэн, өй-санаа уларыйбыт кэмигэр киириинэн түүлү көрүүнү эмиэ ааҕыахха сөп. Киһи түүлү көрөр кэмигэр өйө-санаата олох атын бириэмэҕэ, букатын туспа өйдөбүллээх сиргэ сылдьар. Манна түүл дойдутугар киһи өйө-санаата кэлэн иһэр кэми кытта көрсүһэн ааһар, бу кэми бэйэтин илэ хараҕынан көрөр курдук. Ол гынан баран түүл көстүүлэрэ араас бэлиэлэринэн көстөр буоланнар салгыы олору табатык тойоннооһун ирдэнэр.
Төрдүһүнэн, арааһынай сэрэбиэйдэр уонна таҥхалар түмүктэринэн кэлэн иһэр кэми таба таайан билии. Бу көрүҥҥэ сэрэбиэйдьит хаарты эбэтэр туох эмэ бытархайдар көмөлөрүнэн кэлэн иһэр быһыыны-майгыны оҥорон, оонньотон көрөр уонна сөптөөхтүк тойонноон быһаарар. Ман¬нык кэлэн иһэр кэм дьайыытын үгүс бытархай, ыһылла сылдьар маллар соһуччу холбоһо түһүүлэриттэн булан ылыыны үгүс норуоттар сэрэ-биэйдьиттэрэ билэллэр уонна таба туһаналлар.
Билигин дьоннорго кэлэн иһэр кэм туһунан икки тус-туспа өйдөбүл баар буолла. Бу икки өйдөбүллэртэн бастакыта, Дьылҕа Хаан ыйааҕа оҥоһуллубут уонна тахсыбыт буоллаҕына хайаан даҕаны туолуохтаах диир, онтон иккиһэ, маннык ыйаах дьонтон бэйэлэриттэн тутулук¬таах, кинилэр тугу оҥорбуттарыттан тулалыыр балаһыанньа уларыйдаҕына кэлэн иһэр кэм эмиэ уларыйан биэрэн иһэр диэн быһаараллар.
Былыргы саха дьоно туох барыта төлкөлөөҕүн, киһи дьыл- ҕалааҕын уонна итилэр кыайан уларыйар кыахтара суоҕун билэллэрэ. Оччолорго үгүс киһи Дьылҕа Хаан ыйааҕа оҕо төрүүрүгэр оҥоһуллан бэлэм буоларын итэҕэйэллэр эбит.(13,34). Оннооҕор кинилэр биир киһи бэйэтин үйэтигэр тугу оҥоруохтааҕа кытта бу ыйаахха ыйылларын бэйэлэрин былыргы олохторун кэпсээннэригэр ахталлар. Дьылҕа Хаан ыйааҕа киһи өйүгэр-санаатыгар төһө эмэ эрдэттэн киирэрин уонна киһини бэйэтин ол диэки салайан биэрэн иһэрин бэлиэтиэххэ сөп. Маннык кэлэн иһэр кэм киһини салайыыта эбэтэр тугу эмэ оҥор диэн ыҥырыыта хас даҕаны көрүҥнээх:
1. Биһиги санаабытыгар туох эмэ сыалы ситиһээри ону-маны баҕара санааһыммыт кэлэн иһэр кэм өйбүтүгэр-санаабытыгар эрдэттэн киирэн биһигини ол диэки салайарын эбэтэр ыҥырарын бэлиэтэ буолуон сөп.
2. Туох эмэ буолуо диэн киһи ордук дьиксинэ уонна сэрэхэдийэ санааһына кэлэн иһэр кэм дьайыыта өйгө-санааҕа киирэн киһини бэйэ¬тин эмискэ уларыйыыга бэлэмнээн өйө-санаата бөҕөргүүрүн ситиһиитэ эбит.
Туох эмэ быһыы буолаары турара эбэтэр эмискэ уларыйыы тахсара эрдэттэн сорох дьоҥҥо биллэр. Ол иһин маннык быһыы эбэтэр уларыйыы буолуохтарын төһө эмэ инниттэн оҥоһуллан бэлэм буолаллар эбит диэн дьон өйдүүллэр. Арай итилэр кэлэн иһэр кэмҥэ буолуохтаах буоланнар хаһан буолар бириэмэлэрэ эрэ быһаарыллыбат эбит. Маннык толкуйдаатахпытына биһиги иннибитигэр кэлиэхтээх быһыылар уонна уларыйыылар былыр үйэҕэ оҥоһуллан бэлэмнэнэн бараннар биһиэхэ бириэмэлэрэ кэллэҕинэ бэйэлэрэ тиийэн кэлэр эбиттэр.
Маны өссө кэҥэтэн быһаардахпытына, туох баар Сир үрдүгэр буолуохтаах быһыылар уонна уларыйыылар барылара быһаарылланнар, оҥоһуллан бүтэн бараннар кэлэн иһэр бириэмэлэрин эрэ кэтэһэн турар буолуохтарын сөп. Ити аата, Сир үрдүн олоҕун суос-соҕотох быһаарар тутулугунан бириэмэ эрэ буолар эбит. Онтон кэлиэхтээх быһыылар уонна уларыйыылар бириэмэлэрэ кэллэҕинэ туохтан да тутуллубаккалар син-биир кэлиэх курдуктар.
Дьылҕа Хаан ыйааҕа тахсыытын эбэтэр дьоннорго биллэн хаалыытын көрүҥүнэн түүлгэ көстөр бэлиэлэри уонна араас суол сэрэбиэй кэбиһиилэри ааһыахха сөп.
Тахсыбыт Дьылҕа Хаан ыйааҕа син-биир туоларын киэҥник биллэр дьоннор олохторуттан холобурдары аҕалтаан чуолкайдыахпыт. А.Пуш¬кин сэрэбиэйдэтэн билбит төлкөтүттэн кыаҕа баарынан куота сатаан баран кыайан куоппатаҕа биллэр. (7,304). Кини ыйыллыбыт бириэмэтигэр «үрүҥ киһиттэн», Дантес буулдьатыттан өлбүтэ.
Джоан Диксон диэн биллиилээх өтө көрөөччү 1956 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр американскай сурунаалга бэчээттэппит төлкөтүгэр 1960 сыллаахха быыбарга кыайар президент демократ буолуоҕа уонна үлэтигэр сылдьан өлөрүллүөҕэ диэн суруйбута. Ити кэнниттэн 7 сыл буолан баран Джон Кеннедини Даллеска ытыалаан өлөрбүттэрэ.
Болгария биллиилээх өтө көрөөччүтэ Ванга Ю.Гагарин алдьархайга түбэһиэн хас да нэдиэлэ иннинэ эппитэ биллэр: «Юрий алдьархайга түбэһэр буолбута хомолтолоох». Ол гынан баран билэр дьон Москваҕа телефоннаан биллэрээри гыммыттарыгар кинилэри тохтоппут, уонна: «Туһата суох, билигин тугу даҕаны уларытар кыах суох»,- диэ¬бит. Икки нэдиэлэнэн Ю.Гагарин самолета үлтү түспүтүн, онтон кини өлбүтүн туһунан хаһыакка бэчээттээбиттэр.(7,334).
Ити курдук Дьылҕа Хаан бэйэтин ыйааҕын төһө эмэ эрдэттэн бэлэмнээн уонна сыһыаннаах дьоннор өйдөрүн-санааларын иитиэхтээн бириэмэтэ кэллэҕинэ халбаҥнаабакка туоларын ситиһэрэ биллэн тахсар.
Кэнники кэмҥэ сорох дьон: «Дьылҕа Хаан ыйааҕын иккис өйдөбүлэ аныгы сайдыылах үйэҕэ ордук сөп түбэһэр»,- дииллэр. Кинилэр санааларыгар наука уонна техника сайдыыта киһи олоҕор улахан уларытыыны киллэриэхтээх, ол иһин киһи инники олоҕо тус бэйэтиттэн тутулуктаах хас даҕаны суоллардаах буолуохтаах. Маннык быһаараач¬чылар: «Киһи бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ оҥостор, кини тугу оҥорбутуттан тутулуктанан кэлэн иһэр кэм уларыйан биэрэн иһэр»,- диэн этэллэр.
Бу икки өйдөбүллэртэн хайалара ордук таба буолан иһэрин инники олохпут хайдах баран иһэрэ сыыйа-баайа көрдөрөн иһиэҕэ дии саныыбыт.
Мантан салгыы киһи түүлэ инникини өтө көрөн билиигэ туох суол¬талааҕын быһаарыахпыт. Египеккэ дьон түүллэри түөрт тыһыынча сыл анараа өттүгэр тойоннообуттарын папирус лииһигэр суруйан уура сылдьаллар, онтон Сибиир ойууннара түүллэри тойоннооһунунан былыр-былыргыттан анаан-минээн дьарыктаналлар эбит. Ону баара норуот итэҕэлин билиммэт бассабыыктар ойууннары эккирэтиһэн туран дьарыктарын бырахтарбыттара.(18,50). Кинилэр түүллэри букатын наадата суох күннээҕи быстах санаалар көстүүлэринэн аахпыт¬тара уонна оннук өйдөбүллэрин дьоҥҥо барыларыгар итэҕэтэ сатаабыттара.
Итинник да буоллар киһи түһээн түүлү көрөрүгэр өйө-санаата атыннык уларыйар, бу бириэмэҕэ киһи атын сиргэ, туспа кэмҥэ сыл-дьар курдук буолар. Түүлгэ араас дьону, быданнааҕыта өлбүт билэр киһитэ уонна билигин тыыннаах киһи бииргэ сылдьалларын көрдөҕүнэ даҕаны эбэтэр күнүс буолбат соһуччу түбэлтэлэргэ да түбэстэҕинэ киһи букатын соһуйбат, муодарҕаабат, хайдах эрэ буолуохтааҕын курдук саныыр. Арай уһуктан, өйдөнөн баран биирдэ, түһээн хайдах манныктары, эҥин араастары көрбүтүн дьэ өйүгэр түһэрэр. Итинник уратылааҕын иһин бу түүлгэ көстөр кэми киһи өйө-санаата уларыйар кэмэ эбит ди¬эн ааттыахха сөп.
Түүл биир дьиктитинэн атын киһи санаата түүлгэ киирэн көстүүтэ буолар. Маны элбэх холобурдары аҕалан дакаастыахха сөп. Сурукка киирбит холобуру аҕаллахха, урут бастакы Аан дойду сэриитин саҕана Станислав диэн ааттаах саллаат кэргэн ылыахтаах кыыһа Мерна хаста да түһээн хараҥа көрүдүөргэ киһитэ муна сылдьарын, онтон үөһээ биир башнята алдьаммыт замок турарын көрөр. Кини өр көрдөөн-көр¬дөөн бу замогы булан ылан бадыбаалы хаһан, көмүллэн хааттаран хаалбыт киһини ороон таһаарбыт түбэлтэтэ баар.
Түүлгэ туох эмэ алдьархай буолаары гыммыта сыһыаннаах дьоҥҥо эмиэ көстөр. Ол курдук Юлий Цезары өлөрүөхтэрин иннинэ кэргэнэ Кальпурния түһээн өлбүт кэргэнин кууһан олорорун көрөн ытаан уһуктубут. Онтон Цезарь бэйэтэ кэргэнэ санаарҕаабытыттан сенат мунньаҕын ыытымаары гынан баран син-биир ыыппыт. Өлүөн иннинэ Абраам Линкольн эмиэ түүлү көрбүтэ биллэр. Кини бу түүлү түһээн көрөн баран кэргэнигэр муодарҕаан кэпсээбит, онно арай элбэх бохоруона дьоно баран иһэллэр үһү. Онуоха кини ыйыппыт: «Кими көмөллөрүй?»- диэн, онно: «Абраам Линкольны көмөллөр»,- диэбиттэр.
Маннык түүллэри холбооттоон, ырытан көрдөхпүтүнэ элбэх түүлтэн аҕыйах өттө биһиги өйбүтүгэр хатанан хаалар туһалаах өйдөбүллэри киллэрэллэр, онтон үгүстэрэ умнуллан хаалаллар эбит. Киһи түүллэри умнан иһэрэ, кини бэйэтин өйө-санаата Үөһээ Дойду өйүттэн-санаа¬тыттан арахсан туспа өй-санаа буолан: «Бу мин»,- диэн билинэн, бэйэтэ туспа эттээх-сииннээх буолан сылдьарыгар тиэрдэр. Киһи түүлү көрөр кэмигэр, бэрт кылгас кэм иһигэр олус элбэх билиини ылара киһи мэйиитигэр элбэх ноҕуруусканы оҥорор. Ол иһин түүлү умнан кэ¬биһии эбэтэр түһээбэт буолуу, кырдьык киһи бэйэтин өйүн-санааатын Үөһээ Дойду өйүттэн-санаатыттан туспа араарарын бэлиэтэ буолар. Бу курдук араас өйдөрү-санаалары тус-туспа араарыы, Айылҕа анаан оҥор¬бут мэһэйэ буолар эбит. Ити мэһэй сүтүүтэ, суох буолуута киһи өйө-санаата буккуллан, өйүнэн ыалдьар буолуутугар тиэрдиэн сөп.
Түүллэри үөрэтии түмүгүнэн киһи инники олоҕор туһалаах буолаары турар быһыыны эбэтэр уларыйыыны билгэлиир түүллэр бары түүллэртэн 30 эбэтэр 40 бырыһыанын курдугу ылаллар. Ити гынан баран түүллэри сөптөөхтүк тойоннуурга элбэх түүл бэлиэлэрин билии наада буолар. Түүлү табатык тойоннуу үөрэнии кэлэн иһэр быһыыны эбэтэр уларыйыыны билэргэ улаханнык көмөлөһүөҕэ, итиннэ ордук киһи гипноз бириэмэти¬гэр, ол аата гипноска утуйа сылдьан түүл бэлиэлэрин табатык быһаа¬рара улахан оруолу ылыан сөп.
Саха ойууннара киһи түһээн инникини өтө көрөн билэрин былыргыт¬тан билэллэрэ уонна итилэри таба тойонноон сөптөөхтүк туһаналлара. Ойуунтан ханнык баҕарар киһи кэлэн: «Миэхэ инникибин төлкөлөөн кулу»,- диэн көрдөстөҕүнэ утуйан туран баран тугу түһээбитин тойон¬ноон киниэхэ бэйэтигэр кэпсээн биэрэр эбит. Маннык түһээн билбитин ойуун түстэтэр киһиэхэ кэпсээтэҕинэ атын дьоннорго биллэримээр диэн сэрэтэрэ үһү.
Өй үлэтинэн үлэлии сылдьар дьон кыайан арыйбакка өр муҥнана сылдьар үлэлэригэр түһээн бэлэм эппиэти ылбыттара биллэр. Маннык бэлэм эппиэти ылан Д.Менделеев оҥоро сылдьар периодическай табли¬цатын бүппүт көрүҥүн көрөн үтүгүннэрэн оҥорбут. Археолог Генрих Шлиман улахан арыйыыны оҥоруон иннинэ хас да төгүллээн хатыланар түүллэри көрбүт уонна ити түүллэрин көстүүлэрин саҥаны арыйыытыгар туһаммыт. Эмиэ итинник арыйыыны Г.Гилпрехт түһээн көрөн оҥорбута чуолкайдык суруллубут. Кини түһээн көрөн былыргы суруктаах туой таблица сороҕун булбут уонна өссө түүлүгэр көстүбүт жрец киһи ки¬ниэхэ бу таблица суругун ааҕан биэрбит.
Ити курдук түүл өйүн-санаатын барытын түмэн дьоҥҥо туһалаах үлэни оҥорор киһиэхэ илэ аҕалан көрдөрөн көмөлөспүт уонна сорох алдьархайга түбэһээри гыммыт киһини сэрэппит түбэлтэлэрэ элбэхтэр.
ТҮҮЛ ТУОЛУУТА
Былыттаах, силбиктээх түүҥҥэ түһэммит түүллэр үчүгэйдик көстүбэттэр, аанньа өйдөммөттөр уонна үксүгэр туолбаттар. Айылҕаҕа киһи өйүн-санаатын уонна түүлүн салайааччынан Ый буолар. Ол иһин дьиҥнээх ону-маны түстүүргэ аналлаах түүллэр Ый туолбут кэмигэр көстөллөр уонна үксүгэр туолаллар. Түүлгэ көстүбүт бэлиэлэр тойоннооһуннарын туолуулара, бу түүл ханнык бириэмэҕэ көстүбүтүттэн улахан тутулуктаах. Ол курдук күнүскүттэн саҕалаан сарсыардаҕа диэри түһэммит түүллэр туолар бириэмэлэрэ кыччаан иһэллэр. Итини тэҥэ биир түүлү көрүүгэ кэнники көстүбүт бэлиэлэр туолуулара чугас буолар. Сарсыарданан түһэммит түүллэр бу күнүгэр дуу эбэтэр үс күн иһинэн туолаллар. Күнүс утуйан түһэммит эбэтэр түүн эрдэ көстүбүт түүллэр ыраах кэми билгэлиир түүллэр буолаллар уонна итилэр ый иһинэн хатыланнахтарына туолаллара биллэн барар.
Ити аата, биир өйдөбүлү биэрэр түүллэр хос хатылаан көһүннэх-тэринэ туолуохтарын сөп.
Сорох түүлү тойоннооччулар түүл туолуутун ый хонугунан ааҕан таһаараллар. Ый ханнык хонугар түһэммит түүл туоларын дуу, туол-батын дуу хайа күҥҥэ түһэммитэ чуолкайдык быһаарар диэннэр анал¬лаах график оҥороллор.
Түүлгэ көстүбүт быһыы хайаан да туолара дуу, туолбата дуу, ситэ быһаарылла илик. Сорохтор хайаан даҕаны туолара буолуо дииллэр, онтон атыттар букатын итэҕэйбэттэр. Биһиги түүлгэ көстүбүт быһыы¬лар үгүстэрэ туолалларыгар саарбахтаабаппыт. Ол эрээри маннык быһаарыылары ылынар туһалааҕын бэлиэтиибит:
1. Түүлү үөрэтии сыалынан инники туох быһыылар буолаары турал¬ларын билии буолар. Онтон киһи санаата иннигэр баран иһэрин быһыытынан буолуохтаах быһыыны урутаан билэр, көрсүһэр. Ол аата биһиги түүлбүтүгэр инники иһэр санаабыт ханнык быһыылары кытта көрсүһэрин көрөр эбиппит.
2. Түүлү үөрэтии киһи өйүн-санаатын үөрэтии буолар. Ол аата киһи түүллэрин биллэххэ өйүн-санаатын туругун быһаарыахха сөп.
3. Киһи оҥорор быһыылара барылара атын дьон тугу оҥороллоруттан, киһи бэйэтэ хайдах санаалааҕыттан уонна сыһыаннаһарыттан олус улахан тутулуктаахтар, ол иһин уларыйан биэрэн иһэр кыахтаахтар. Ол аата, киһи бэйэтин санаатын күүһүнэн түүл көстүүтүн уларытыан сөп.
Түүн түһээн суолга кыра быһах сытарын көрөр. Төҥкөйөн ылаары гыммыта, быһаҕа уларыйан төгүрүккэ кубулуйар уонна кытаран, итийэн барар курдук буолар. Соһуйан чинэрис гынар.
Күнүс газ оһох биир конфоркатын адьас кыратыгар туруоран, ас сылытан баран умнан кэбиһэн араарбатах. Аһаан бүтэн, иһит хомуйан баран, бу конфорка хаппаҕа иҥнэри баран хаалбыт диэн көннөрөөрү тутан ылан иһэн, түүлүгэр көстө түспүт итии төгүрүгү өйдөөн кэлэн тохтоон хаалар. Онтон өйдөнөн конфорканы көрбүтэ, газ өссө да умайа турар эбит.
- Оо, аны умайа турар конфорканы тутан көрө сыстым дии.- диэн соһуйуу бөҕөнү соһуйан, түргэнник араара охсон кэбиһэр. Түүн түһээтэҕинэ, арай соһуччу бытыылка алдьанар, таастара ыһыллан айаҕын иһигэр түһэллэр. олору тарбаҕынан таһаараары, кыратык бааһырдар, хаан таммалыыр, бэйэтэ олус диэн соһуйар.
Арай сарсыҥҥы күнүгэр муойкаҕа таас ыстакааны сууйа туран мүччү тутан алдьатар. Таас бытархайдарын сорохторо муойка дьөлөҕөһүгэр ууну кытта киирсэллэр. Олору тарбаҕынан ороору гынан иһэн түүлүн өйдөөн тохтуур. Олус сэрэнэн кыра ньуоска тутааҕынан таас бытар¬хайдарын оротолоон таһаартыыр.
- Көр, сэрэнэммин тарбахпын бааһырдыбатым ээ,- диэн иһигэр бүч¬чүмнүк сананар. Эбиэттэн киэһэ кууллаах хортуоппуй сакаастаабыттарын аҕалаллар. Онно тиэтэйэн, көрүдүөргэ турар мас дьааһык хаппаҕын аһа охсон биэрээри төлө тутан, сөмүйэтин кыбытан, хаан тахсыар диэри тириитин дьукку тардан ылар.
- Оо, дьэ. Сэрэнэммин даҕаны син-биир кыайан куоппатым эрээри, тарбахпын кыратык өлөрдүм быһыылаах, - диэн, тарбаҕын биинтэнэн баайа олорон санаата. Түүлгэ көстүбүт бэлиэ хайаан да туоларын саарбахтаабат буоларга сөптөөх төрүөт буолуохтарын сөп курдук көс¬түүлэр буоллулар. Ол эрээри киһи бэйэтин кыаҕынан, санаатын күүһүнэн түүлү уларытар кыахтааҕа эмиэ быһаарыллыан сөп эбит. Киһи бэйэтэ кыттыспакка көннөрү түүлү көрөр эрэ буоллаҕына, ол түүлэ хойут туолар. Ол аата, салгын кут түүлэ олус ырааҕынан хабан сылдьар буолан туолар кэмэ эмиэ ыраах.
Түүлгэ киһи илэ бэйэтинэн кыттыһан, тутан-хабан тугу эмэ оҥорор буоллаҕына, сотору кэминэн туолар түүллэр буолаллар. Саахымакка сотору-сотору буолуталыыр кылгас бириэмэлээх күрэх¬тэһиигэ кыттыан иннинэ түһүүр. Арай дьиэ иһигэр сылдьар, үөһээ этээскэ тахсыан баҕарар. Көрбүтэ улахан кирилиэс баара букатын бүөлэнэн турар. Эргийэ баран атын кирилиэһинэн өрө тахсан барар, үөһээ этээскэ тиийиитигэр кирилиэс эмиэ тостубут. Арай биир сири¬нэн өрө ыстанан, үөһээттэн тутуһа түһэн баран кыайан тахсыбата.
Нөҥүө күнүгэр саахымат кулуубугар тиийбитэ икки группа буолан хайдыһан күрэхтэһээри бэлэмнэммиттэр. Түүлүн санаан бастакы, күүстээхтэр группаларыгар киирэ да соруммата. Иккис группаҕа суруттарда. Бары¬ларын кыайталаан, инники күөҥҥэ таҕыста. Бастыыр буолбута быһаа¬рыллыбытын кэннэ, алҕас түһэн кэбиһэн ферзэтин былдьатан кыаттар¬да. Инньэ гынан иккис-үһүс миэстэлэри үллэстиигэ тииһиннэ.
Оонньуу бүтэн истэҕинэ түүлүн сэрэтиитин умнан кэбиһэн, тиэтэ-йэн, сыыһа түһүүнү оҥорон, кыайан ситиһиини оҥорбото. Инники буолуохтаах быһыы куһаҕан буоллаҕына, хайаан да түүлгэ көстүбүтүн курдук буолбатын туһугар түүлү көрбүт киһи илэтигэр соннук балаһыанньа үөскээн таҕыстаҕына бэйэтин санаатынан уларыйыылары киллэрэн биэрэр кыахтааҕын ити көстүүлэр быһаараллар.
Киһи түүлүгэр тугу көрөрө кини өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Биһиги быһаарыыбытынан киһи түүлүгэр үгэс буолбут санааларын тэҥэ, атын дьон санааларын эмиэ көрөр.
Түүлгэ көстөр санаалар манныктар:
1. Киһиэхэ тастан киирэр араас өйдөбүллэр, үгэстэр, атын дьон эн тускунан туох диэн санаалара.
2. Күнүскү үлэттэн-хамнастан киирэр өйдөбүллэр, санаалар.
3. Киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр араас ыарыылар, баҕа санаалар өйдөбүллэрэ.
4. Киһи бэйэтин араас ыра, баҕа санаалара.
5. Атын биллибэт санаалар киһиэхэ киириилэрэ.
Киһи этэ-сиинэ доруобай, үчүгэйдик утуйар уонна түүлүгэр көрөр араас бэлиэлэрэ күннээҕи үлэтин-хамнаһын өйдөбүллэриттэн, санааларыттан ураты буоллахтарына ханнык эрэ иччилээх түүлү түһээбит буолуон сөп.
Түүлгэ көстөр биирдиилээн бэлиэлэр, дьон таҥна сылдьар таҥастара эбэтэр айылҕа көстүүлэрэ киһи бэйэтин санаатынан туох эмэ диэн быһаарыллар эбэтэр бу көстөр бэлиэлэр киһиэхэ ханнык өйү-санааны үөскэтэллэриттэн көрөн тус-туспатык тойонноноллор. Холобур, түүлгэ киһи тугу эмэни сөбүлүү, сэргии көрдөҕүнэ туох эмэ үчүгэй буолуоҕа.
Түүл көстүүтэ уонна киһи бэйэтэ ханнык быһаарыыны ылынан туох эмэ хамсааһыны оҥорорун холбоон быһаарыы түүл тойоннооһуна диэн ааттанар.
Биир түүлү холобурга ылыахпыт. Бу түүлгэ кэриэс баай кэлиитин туһунан көстөр. Кэриэс баай аҥардастыы кэлэр үчүгэй баай буолбатах, бу баай кэлиитэ улахан сүтүгү, айманыыны, чугас аймах киһи өлүүтүн кытта сибээстээх. Ол иһин маннык түүлү тойоннуурга икки утарыта өйдөбүллээҕин ааҕыстахха табыллар. Кэлэн иһэр куһаҕан, ыарахан кэмнэр кэннилэриттэн кэлиэхтээх тупсууну, үчүгэй буолууну маннык түүл түстүүр.
Түүлгэ көстөр бэлиэ туһалаах буолан баран бэйэҥ сөбүлээбэтэххинэ эбэтэр бэйэҥ сөбүлээбэт бэлиэҥ туһалаах дьыаланы оҥорор буоллаҕына кэриэс баай кэлиитэ буолуон сөп.
Түүл көстүүлэрэ утарыта өйдөбүллээх буолуулара, холобур, манныктан биллэр; саахха түһүү буоллаҕына, көрдөххө олус куһаҕанын да иһин, саах үүнээйигэ олус наадалаах уоҕурдуу буоларынан, барыс киирэр дьыалатыгар кыттыһаҕын. Эбэтэр улахан баһаар буолуута төһө да алдьархайдаах көстүү буолбутун да иһин үлэ-хамнас табыллан, тэнийэн тахсыытын эмиэ көрдөрөр.
Өй-санаа икки өрүттээх буолуута түүлгэ ордук чуолкайданан көстөр. Ол курдук түүлгэ көстөр ат дьүһүнэ улахан быһаарар оруоллаах. Маҕан, үрүҥ дьүһүннээх ат көстүүтэ бары үчүгэйи, кыайыыны түстүүр, онтон ат дьүһүнэ хара буолуута ыарахан, тимир-тамыр майгыны, сөбүлэспэт буолууну көрдөрөр.
Туох барыта кэмнээҕэ-кэрдиилээҕэ уонна уларыйан, эргийэн биэрэрэ түүлгэ эмиэ көстөр. Ол курдук сырдыктан хараҥа буолуута үчүгэй кэмнэр ааһаннар ыарахан, эрэйдээх кэмнэр кэлэн эрэллэрин биллэрэр.
Түүл киһиэхэ атын киһи санаатын тириэрдэр холобурун бу түүлтэн булуохха сөп.
Астманан ыалдьар киһи тиэтэйэн сылдьан эмин умнан кэбиспит. Суолга астмата көбөн, кыайан тыынын ылбакка сууллан хаалбыт. Ааһан иһэр дьон таба көрөн көмөлөһө охсубаккалар, суһал көмөнү ыҥырбаккалар хойутаан хаалан кыайан быыһаммакка сонно өлбүт.
Кэмниэ кэнэҕэс дьон ыҥырыыларынан кэлбит суһал көмө массыынатынан өлбүт дьону мунньар муорга тиэйэн илдьээри сырыттахтарына хата билэр киһитэ көрө түһэн дьиэтигэр илтэрбит. Киһилэрин аһыйан, айманан көммүттэрин тохсус хонугар быраатын уола, эдэр киһи түүл түһээбит.
Түһээтэҕинэ арай кини иһэр үһү. Олус үөрбүт, сэргэхсийбит курдук эбит уонна эппит:
- Манна үчүгэйдик сылдьабын. Хата астмам мэһэйдээбэт буолан олус абыранным. Билигин тиэтэйэн иһэбин, тетя Надяҕа тиийиэхтээхпин,- диэн эппит.
Уол бу түүлүн тойонноон дьээдьэм тетя Надяҕа туох эрэ наадалааҕа кыаллыбакка хаалбыт буоллаҕа диэн киниэхэ бара сылдьыбыт. Кырдьык кини оҥорон испит муостата ситэ бүппэккэ хаалбыт эбит. Тетя Надя бэйэтэ эрэ олорор буолан эр киһи көмөтүгэр куруук наадыйар. Кэлин кэмҥэ кини куруук көмөлөһө сылдьыбыт эбит.
Түүлүн сэрэтиитин таба өйдөөн уол тетя Надяҕа аны мантан инньэ мин көмөлөһөр буолууһубун диэн быһаарыммыт. Дьиэтин муостаны ситэрэн оҥорон биэрбит.
Түүлгэ көрөн саҥаны арыйыылары биирдэ эмэтэ да буоллар билигин даҕаны оҥороллор.
2003 сыллаахха биир саҥаны арыйааччы подводнай гидроэлэктростанцияны олох саҥалыы тупсаран оҥорбут. Бу электростанция уу түгэҕэр тимирдиллэн олордуллар уонна ууттан үөскүүр баттааһын көмөтүнэн үлэлиир.
Саҥаны арыйааччы бу станция үлэтин түүлүгэр түһээн көрөн ону үтүгүннэрэн оҥорбут. Саҥа станция олус табыллан үлэлиир, элбэх экономияны оҥорор кыахтаах буолбут.
Түүл диэн өй-санаа көстүүтэ буолан үчүгэй, чиҥ үгэстэргэ үөрэммит киһи түүллэрэ ордук чуолкайдар, ыраастар, үчүгэйдик көстөллөр уонна өйдөнөллөр. Түүл көстүүлэрэ диэн өй-санаа көстүүлэрэ буолаллар. Төһөнөн өй-санаа чиҥ, ыраас даҕаны түүл көстүүлэрэ эмиэ оннуктар.
Чиҥ үгэстэр көстүүлэрэ ыраас, чаҕылхай буоларынан ити көстүү уратыта быһаарыллар. Өйө-санаата боччумнаах, үчүгэй үгэстэрдээх киһи түүлэ син-биир олоҕун салгыытын курдук биир тэҥник баран иһэр.
Олох биир тэҥник долгуйбакка эрэ баран иһэрин саха дьоно сөбүлүүллэр.
Түүл киһи мэйиитин үлэтэ, телепатическай дьоҕурга киирии буо-лар. Киһи-киһи тус-туспатык түһүүр. Сорох туох баарынан, атыннык эттэххэ, сирэйинэн, сорох уобарастаан, ырааҕынан таайтаран түһүүр. Түүллээх киһи кэпсиир буоллаҕына, сайдыан сөп. Сахалар: «Кылгас үйэлээх буолуоҥ, түүлгүн кэпсиир буол»,- диэччилэр. Онон буоллаҕына, түүлү кэпсиир ордук.
Түүл араас буолар... Бааллар, өйгө-санааҕа иҥэн, дууһаны самна¬ры баттыыр ыарахан түүллэр. Бааллар, киһини кынаттыыр, биллибэт күүһү угар дьиктилээхэй түүллэр. Сорохтор, бэл, түүл киһи иккис олоҕо дииллэр...
Түүлү дьон үксэ итэҕэйэллэр. Уһуннук дьарыктанан кэтээн көрдөххө, сороҕо сөп түбэһэрэ кырдьык.
Түүлгэ үөрэҕи барыы эмиэ көстөр. Ол курдук биир түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх маҕан баттахтаах саха оҕонньоро саҥа атаҕар турбут кыра оҕону үөрэтэрэ көстөр. Олох кыра оҕотун саҥарда үөрэтэр. Оҕо уоһун төгүрүччү туттан баран «үү» диэн саҥарар. Мин санаабар нуучча тылын кыратык буккуйан да саҥардахха син буолуон сөп курдук. Ол эрээри оҕонньор этэр:
- Саха тылын буккуйбакка уу сахалыы эрэ үөрэтэр ордук туһалаах буолуоҕа, - диир.
Ханнык эмэ дьыаланы ситиһэргэ тугу да түһээбэт буолуу ордук курдук. Ол аата санаабыт санааны ситиһэргэ, санаа туоларыгар ханнык да атын мэһэйдэр, туорайдаһа сатааччылар куһаҕан санаалара суохтарын биллэрэр. Санаа туолуута барыта киһиттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах буолбутун биллэрэр. Кутталлаах айаҥҥа бараары турар киһини атаарыыга:
- Ханнык да куһаҕан түүлү түһээбэтим, барыта этэҥҥэ буолар ини,- диэн алҕаан кэриэтэ этэллэр.
Түүлгэ ханнык да куһаҕан быһыылар көстүбэтэхтэринэ айаҥҥа даҕаны соһуччу быһылааннар буолумуохтарын сөп. Ол аата киһи санаата эрдэлээн, инники баран иһэринэн инники буолуохтаах быһыыларга ханнык да биллэр мэһэйдэр суохтарын биллэрэр.
Киһи оҥорор быһыылара биир эрэ өрүттэн тутулуктаах буолбатахтар. Ол курдук ыалдьыт кэлиитэ сороҕор тардыллан, хойутаан, өссө букатын да кэлбэккэ хаалыан эмиэ сөп. Итини тэҥэ киһи бэйэтэ тугу эмэ оҥороору гыммыта барыттан бары тутулуктаах буолан тахсара элбэх. Ол аата, бары тутулуктары барыларын оннуларын буллардахха, көннөрдөххө эрэ туох эмэ оҥоруллара кыаллар. Биир эмэ тутулук кыайан ситиһиллибэтэҕинэ кыайыы буолбат, баҕа санаа ситиһиллибэт. Ол иһин киһи бэйэтэ тулуурдаах, дьулуурдаах буоллаҕына эрэ тугу эмэни ситиһэр. Тугу эмэни ситиһэр туһугар киһи бэйэтин санаатын бөҕөргөтөн, дьулуурун эбэн биэриэ этэ.
Түүл киһиэхэ ханнык эмэ быһаарыылары ылынар кэмҥэ көстөр. Ол курдук түүлгэ массыынаҥ сүтэн хаалбыт буоллаҕына, санааларыҥ туолалларыгар мэһэйдэр баар буолуохтара диэн түүлдьүттэр быһаараллар. Маннык түүл кэнниттэн киһи ханна эрэ сыыһа тутууну оҥорор буоллум, санаабытым туолбат буолла диэн санааҕа ылларыан сөп. Ол эрээри өссө кыһанан, тиэтэйэн биэрдэххэ санаабыт санааны, хойутаан да буоллар ситиһиэххэ сөп. Ол аата, киһи санаатын күүһүнэн түүлэ туоларыгар эбэтэр туолбатыгар көмөлөһүөн сөп. Түүл киһи куттара тус-туһунан буоланнар бэйэ-бэйэлэрин кытта сөбүлэспэт буолууларын арыйан көрдөрөр:
1. Киһи этин-сиинин баҕа санааларын, ол аата, быстах санаала-рын кытта өйүн-санаатын охсуһуута көстөр.
2. Үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор санаалар охсуһуулара, быһаар¬сыылара киһиэхэ түүл буолан эмиэ көстөр.
Түүлгэ атын билбэт киһитиниин, кыыллардыын, абааһылардыын охсуһар буоллаҕына киһи бэйэтин икки куттарын икки ардыларыгар сөпсөс¬пөт, биир тылга киирсибэт буолуу баарын бэлиэтэ. Маннык түүллэр киһи бэйэтин куһаҕан санаатын суох оҥордоҕуна туоланнар түүлгэ охсуһуулар көстүбэт буолаллар. Түүл киһиэхэ атын туох эмэ дьайыытыттан уларыйыы тахсар эбэтэр бэйэтэ тугу эмэ уларытыыны таһаарар кэмэ кэлэн эрдэҕинэ үгүстүк көстөр. Киһиэхэ маннык кэм кэлиитигэр иччилээх түүл көстөр.
Үчүгэй түүл көһүннэҕинэ хайдах эрэ гынан, үргүтэн кэбиспэккэ бу түүл туоларын үөскэтэн, көмөлөһөн, санааны күүһүрдэн, үчүгэй түүл туолан, иҥэрин туһугар кыһаныахха.
Түүлгэ туох эмэ куһаҕан эбэтэр куһаҕаҥҥа тириэрдэр быһыы көһүн¬нэҕинэ, бу быһыы туолбатыгар кыһаныахха, санаа бары күүһүн ууруох¬ха. Бу түүл туһунан билэр, итэҕэйэр дьоҥҥо кэпсээн сүбэ-ама, күүс-¬көмө ылыахха. Ол аата, түүл көстүүлэрэ үксүгэр өссө да буола илик быһыылар буоланнар киһи бэйэтин күүстээх санаатынан эбэтэр санаа¬тын күүһүрдэн биэрдэҕинэ уларытыылары киллэрэн биэриэн сөп.
Оһол кэлиитэ киһи олоҕуттан, Айылҕаттан тутулуктааҕын бэлиэтиир түгэнинэн киһи бэйэтэ эбэтэр олох чугас киһитэ оһолго түбэһиэн иннинэ түүлүгэр буолуохтаах оһол туһунан көрөрө буолар. Түүлү үөрэтээччилэр бу курдук көстүүлэр киһи бэйэтэ буолуохтаах быһыыны уларытар кыахтаах буоллаҕына эрэ көстүөхтэрин сөп диэн быһаараллар. Ол аата, киһи түүлүгэр көрбүт быһыытын таба тойонноон, ону улары¬тар кыахтаах буоллаҕына, бу быһыы уларыйыан сөптөөх эбит.
Оһолго түбэһиэн төһө эмэ иннинэ киһи түһээн куһаҕан түүлү көрөн бэйэтэ эчэйиэн эбэтэр сууллуон сөп. Оһолго дэҥнэнээри гыммыт киһи түүлүгэр үксүн сууллар, туохтан эмэ дөлбү түһэр. Бэйэ өлбүтүн эбэтэр чугас киһитэ өлбүтүн көрүү кэнниттэн хайаан да буолуохтаах быһыыны уларытарга тугу эмэ оҥоруохха наада диэн этэллэр. Түүлгэ көстүбүт ити көстүүлэр илэ буолан хаалаллара элбэх дьоҥҥо биллэр.
Түүлгэ куһаҕан быһыылары көрбүт киһи сэрэхтээх буолара хайаан да наада. Бэйэтэ оннук балаһыанньаҕа түбэспэтэҕинэ даҕаны баҕар билэр киһитэ түбэһээри гыммыта көстүбүт буолуон эмиэ сөп.
Оһол эрдэттэн бэлэмнэммит суол устун кэлэн иһэр курдук буолар. Ол иһин сахалар «Оһол быалаах» дииллэр. Оһол буолуутугар тириэрдэр быһыылар бары бэйэ-бэйэлэриттэн олуc күүстээх тутулуктаах буолан тахсаллар. Бу быһыылар бары өттүлэринэн, буолар бириэмэлэрэ эмиэ олус сөпкө түбэстэхтэринэ эрэ оһол буолара табыллар. Ол аата, оһол диэн олус уустук, элбэх сүһүөхтээх быһыы буолар. Оһол туолуутугар тириэрдэр элбэх быһыылар бэйэ-бэйэлэригэр чопчу сөп түбэстэхтэринэ эрэ оһол буола¬ра табыллар.
Маннык санаа үөскээһинигэр сүрүн төрүөтүнэн киһи олоҕор буолан ааһар ханнык эмэ соһуччу быһыы буолуон иннинэ аан бастаан киһи түүлүгэр киирэн көстөрө буолар. Киһиттэн бэйэтиттэн туох да туту¬луга суох түүлгэ көстүбүт быһыылар сороҕор туолан хаалаллара дьону ордук интэриэһиргэтэр.
Олох быатын быстыыта киһи түүлүгэр киирэн көстүүтүн биллэр дьон олохторуттан сурукка киирбит холобурдар дакаастыыллар. Ол курдук Юлий Цезары өлөрүөхтэрин иннинэ кэргэнэ Кальпурния түһээн өлбүт кэргэнин кууһан олорорун көрөн, ытаан уһуктубут. Онтон Це¬зарь кэргэнэ санаарҕаабытыттан сенат мунньаҕын ыытымаары гынан баран син-биир ыыппыт. Өлүөн иннинэ Абраам Линкольн эмиэ түүлү көрбүтэ биллэр. Кини бу түүлү түһээн көрөн баран, муодарҕаан кэргэнигэр кэпсээбит. Онно арай элбэх похорона дьоно баран иһэллэр үһү. Онуо¬ха кини: «Кими көмөллөрүй?»- диэн ыйыппыт, онно: «Абраам Линкольны көмөллөр»,- диэн эппиттэр. (7,322).
Айылҕа түүлү дьону сэрэтээри айбыт. Ол иһин буолуохтаах быһыыны киһи бэйэтэ уларытар кыахтаах буоллаҕына ону биллэрэр түүл көстөр. Август диэн Рим императорын доҕорун түүлүгэр сэрии кэмигэр балаак¬ка иһигэр өстөөхтөр илиилэриттэн император өлөрө көстүбүт. Цезарь кэргэнэ сэрэппитин үрдүнэн Сенакка баран өлбүтүн санаан Август төһө да ыалдьа сырыттар балааккаттан баран хаалбыт. Сэрии саҕаламмытын кэнниттэн өстөөхтөр император балааккатын сэриилээн ылбыт¬тар. Түүл сэрэтиитин толорбут киһи тыыннаах ордон хаалбыт. (19, дек.14).
Дьахтар түһээтэҕинэ айаннаан иһэннэр массыына абаарыйатыгар түбэспиттэр, дэҥнэммит дьон көстүбүттэр. Ону санаан дьахтар даачаларыттан барыыларыгар оҕотун кытта электричкэнэн айаннаабыт. Кэргэнэ бэйэтэ айаннаан иһэн кырдьык абаарыйаҕа түбэспит, массыыналарын ойоҕоһугар атын массыына кэлэн түспүт.
Буолуохтаах быһыы түүлгэ төһө эмэ көстүбүтүн үрдүнэн сатаан та¬ба туһамматах дьон олус элбэхтэр. Иччилээх, сэрэхтээх түүлү түһээбит киһи бэйэтин олоҕун эбэтэр чугас билэр дьонун тустарынан санааты¬гар оҕустаран ааһарын Айылҕата, Дьылҕата ирдиир. Ол иһин түүл үөрэҕин билии хас биирдии киһиэхэ туһаны эрэ аҕалыан сөп.
Хос быһаарыылар.
1. Айыы домноро. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 224 с.
2. Кондаков В.А. Санаа уонна тыл ис кистэлэҥ күүстэрэ. Дьокуус-кай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 128 с.
3. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.
4. А.Е.Кулаковскай. Научные труды. ( Подготовили к печати: Н.В.Емельянов, П.А.Слепцов.) -Якутск: Кн. изд-во, 1979.- 484 с.
5. Саха төрүт культурата. 2 чааһа. Учууталга көмө пособие. Дьокуускай. Нац.кн.изд. 1992.- 80 с.
6. «Илин» сурунаал. 1998, N 1.
7. Детектив и политика. МАДПР. Вып.3. Москва: Изд-во Новости, 1990. - 352 с.
8. Г.В.Врублевская. «5 уроков по толкованию снов».-Санкт-Петербург, «СМИО Пресс»,1998.- 320 с.
9. Г.Миллер. Сонник: Толкования 10000 снов. Москва: ООО Фирма «Издательство АСТ», 1999.- 400 с.
10. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
11. Ойуун. Ойууннар норуот номоҕор. Дьокуускай: РНА СО ССНК ТЛИНЧИ, 1992.- 64 с.
12. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.
13. Предания, легенды и мифы саха (якутов).- Новосибирск: Наука, 1995.- 400 с.
14. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публи-кации 1928-1929 гг.) Якутск: Творческо-производстенная фирма «Север-Юг», 1992.- 318 с.
15. Сырдык. Таптал биоэнергията.- Дьокуускай: Бичик, 2001.- 96 с.
16. Федоров Г.Е. Сэргэ төрдүгэр сэһэн. – 1991.
17. Алексеев Н.А. Шаманизм тюркоязычных народов Сибири.- Новосибирск: Наука, 1984.- с. 204.
18. Винокурова У.А. Сказ о народе саха. – Якутск: Бичик, 1994. – с. 50.
19. Календарь 2000. г. Кострома, ООО, «Тетра К», 1999.
20. Гумилев Л.Н. Хунны в Китае. – СПб., 1994.
21. Худяков И.А. Краткое описание Верхоянского округа. –Л.: Наука, 1969.
22. Каратов С.П., Муравьева Г.П. Сны и судьбы. – 1995.
ТҮҮЛ БЭЛИЭЛЭРЭ УОННА ТОЙОННООҺУННАРА
А
ААДЫРЫС. Түүлгэр олорор аадырыскын этэн биэрдэххинэ, туох эмэ сүтүк тахсыа эбэтэр уоруу буолуо.
ААН. Кыра эрдэххинэ олорбут дьиэҥ аанынан киирдэххинэ, аймахтарын ортолоругар дьоллоохтук олороруҥ бэлиэтэ; аанынан киирэр буоллаххына, куһаҕаннык этээччилэртэн уонна үчүгэйи баҕарбат дьоннортон көмүскэнэ сатааһыҥҥын көрдөрөр. Сабаары гыннаххына туллан түһэр аан, билэр дьонноргор куттал суоһуурун сэрэтэр бэлиэ буолар.
Аан кыайан аһыллыбатаҕына, санааҕын толороргор мэһэйдэр баар буолуохтара; аан сабыылаах эбэтэр хатааһыннаах буолуута, кыайан туоратылла охсубат, тугу эмэ уларыттахха биирдэ кыаллар мэһэй баарын көрдөрөр; түүлгэ ааны тоҥсуйууттан эмискэ уһуктан кэллэххэ, ыраахтан айаннаан ким эмэ тиийэн кэлиэн сөп.
ААННЬАЛ. Түүлгэ үчүгэй, үрүҥ аанньаллар көтөн барыыларын көрдөххө олус туһалаах баҕа санаалары толоруу кэмэ кэлбит буолуон сөп.
ААТ. Бэйэҥ ааккын суруйбуттарын аахтаххына, аатыҥ киэҥник биллэр буолуоҕа. Ааккын ааттаан ыҥырдахтарына уһукта охсорго кыһаныахха, туох эмэ сөбүлээбэт быһыыҥ буолаары гыммыт эбэтэр туох эмэ дьыала табыллымаары гыммытыгар атын дьон көмөлөрө абырыан сөп; атын киһи аатын иһиттэххэ туох эмэ дьыалаҕа сыһыаннаах буолуон сөп.
АБААҺЫ. Абааһыны көрдөххүнэ - үтүөрэн барыаҥ; охсуһан кыаттардаххына-ыарыыҥ бэргиэ; кыайдаххына – ситиһии эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү буолуоҕа.
АВТОРУЧКА. Авторучка көһүннэҕинэ суруйуунан дьарыктанар дьоҥҥо ситиһии, онтон атыттарга сымыйанан суруйууттан сэрэхтээх буолуу бэлиэтэ буолуон сөп.
АВТОБУС. Түүлгэр автобуска олордоххуна, билэр киһигин кытта астына кэпсэтии эбэтэр саҥа билсиһии буолуон сөп.
АВАРИЯ. Массыына авариятын көрдөххүнэ, быстах өйдөөх киһини кытта кыайан тапсыбаккаҕын эрэйи көрүөҕүҥ; түүлгэ аварияҕа түбэстэххэ, ханнык эрэ сыыһа эбэтэр мүччү туттуу тахсыан сөп. Сэрэхтээх буолууну күүһүрдүөххэ, халтарыйан охтуу эҥин буолуон да сөп.
АҔА. Аҕаҕын көрдөххүнэ, үлэ - хамнас тупсан барыаҕа; түһээн аҕаҥ сүбэтин иһиттэххинэ, ону толоро сатаа, кырдьыгы эппитэ буолуо; өлбүт аҕаҥ тугу эмэни этэр буоллаҕына, бары дьыалаларгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннас. Өлбүт аҕаны кытта ханнык эрэ тутууну тута сылдьар буоллахха хайа эрэ аймах киһини тиһэх суолугар атаарыыга сылдьыахха сөп.
АЙАН. Түһээн түргэнник айаннаатаххына, быстах ардах түһүө эбэтэр былытырыа; түүлгэ айанныыр буолуу, олоххо кыра да буоллар ханнык эмэ уларыйыылары киллэрэр баҕа санаа баарын көрдөрөр; айаннаан иһэн бары аргыстары барыларын куоттахха үлэҕэ-хамнаска саҥаны киллэрии ситиһиилээх буоларын бэлиэтэ. Айаннаан иһэн төттөрү эргийэн атын суолунан барыы буоллаҕына, үлэҕэ-хамнаска соһуччу уларыйыы буолуон сөп.
АЙАХ. Түүлгэ айах иһигэр баастар тахсыылара айахха киирбиччэ тыллары мээнэ саҥарар куһаҕанын биллэриэхтэрин сөп.
АЙЫЛҔА. Айылҕа киртийиитин, буорту буолуутун көстүүлэрэ түүлгэ киирдэхтэринэ киһи уһун кэмҥэ мөлтүүрүн, санаата түһэрин, үлэтэ хамнаһа сатамматын түстүүллэр.
Хара хоруо, буор, быыл дойду киһи түүлүгэр киирэн көстүүтэ, киһиэхэ туох эрэ куһаҕан, табыллыбат буолуу, санаа түһүүтэ кэлэригэр көстөр. Маннык түүл көһүннэҕинэ киһи мөлтүүр, өйө-санаата сыппыыр кэмэ кэлэр, быстах суолларга киирэн биэрэр куттал үөскүүр. Айылҕа куһаҕан көстүүлэрин сабыдыаллара киһиэхэ олус ыараханнык дьайаллар, ханнык да саргылаах санаа, үчүгэйи баҕара санааһын суох буолар кэмэ кэлэр. Киһи төһө эмэ кэмҥэ саҥаны, үчүгэйи оҥороро сарбыллар, санаата самнар, кыайыыга- хотууга дьулуура намтыыр.
Куһаҕан түүллэр кэннилэриттэн киһи бары күүһүн, кыаҕын уонна дьулуурун түмэн ыарахаттары көрсөргө бэлэмнэннэҕинэ, санаатын бөҕөргөттөҕүнэ эрэ табыллар. Эрдэттэн сэрэммит, туох эмэ куһаҕан буоларыгар өйүн-санаатын бэлэмнэммит киһи ханнык баҕарар ыарахаттары көрүстэҕинэ даҕаны этэҥҥэ туорууругар толору кыахтаах буолар.
АКВАРИУМ. Кыра балыктардаах аквариум түүлгэ көстүүтэ ханнык эмэ сөбүлээбэт дьыалаҕар хааччахтааһыннары туһаннахха да сөп буолуоҕун көрдөрөр. Түүлгэ аквариум көһүннэҕинэ төһө да дьиэҕэ хааттарбыт курдук олохтоохторун иһин дьиэ иһигэр буолар өйдөспөт түгэннэри ыаллыылар барытын билэ сылдьалларын биллэрэр.
АККУМУЛЯТОР. Аккумулятор көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас, өй-санаа мунньустан, элбээн иһэллэрин бэлиэтиир.
АКРОБАТ. Түүлгэ күүстээх, эрчиллибит киһи көстүүтэ, иннэ-кэннэ биллибэт дьыалаҕа, кыахтаах доҕотторуҥ көмөлөһөн, тирэх буолууларын түстүүр.
АЛААС. Түүлгэ үүнүүлээх алааһы көрүү, байылыат олоҕу түстүүр; хара буор алаас көстүүтэ - дьадайыы, мөлтөөһүн бэлиэтэ.
АЛААДЬЫ. Түһээн үчүгэй, улахан хобордооххо буһа турар алаадьылары көрдөххө, туох эмэ уларыйыы үчүгэй өттүгэр тахсыаҕа эбэтэр боччум аһааһын буолуоҕа.
АЛБАКААТ. Түүлгэ албакаат буолбут буоллахха бэйэ санааларын, идиэйэлэрин көмүскүүр кэм кэлбит буолуон сөп.
АЛБЫН. Түүлгэ ким эрэ албыныгар киирэн биэрдэххэ, илэтигэр ким да куһаҕаны оҥороро табыллыа суоҕа.
АЛЛАРАА ТҮҺҮҮ. Аллараа диэки түһүү, мөлтөөһүн буолан эрэрин көрдөрөр бэлиэ. Киһи түүлүгэр эмискэ аллараа диэки түһүүтэ олоҕо уруккуттан куһаҕан буолан барыытын биллэрэр. Сыыйа да аллараа диэки түһүү туох да үчүгэйэ суох олоҕун таах атаарар киһи түүлүгэр көстөр эбэтэр ханнык эрэ сабыдыалга киирэн биэриини биллэрэр.
АЛЬБОМ. Түһээн альбому көрдөххө, ситиһии буолуо эбэтэр саҥа доҕоттору кытта билсиһиэххин сөп.
АМПААР. Толору маллаах ампаары көрүү - байылыат олоҕу түстүүр; кураанах ампаар - дьадайыыга көстөр; ампаар аана аһаҕас турара көһүннэҕинэ, сүтүк тахсыа.
АППА. Түһээн аппаны көрүү, онно киирэн тахсыы, санаа туолуутугар кыра мэһэйдэр баалларын этэҥҥэ туорууру көрдөрөр.
АПТААХ. Аптаах киһини көрдөххүнэ, дьыалаларын табыллан баралларыгар түбэлтэ көмөлөһүө.
АРАХСЫЫ. Ыаллар арахсыыларын түһээн көрдөххө тапталлаахтар сөбүлэспэт буолуулара үөскүөн сөп.
АРДАХ. Чуумпутук түһэр ардах көһүннэҕинэ, кыра ситиһии буолуо; чуумпу¬тук түһэр ардаҕы сөбүлүү көрдөххүнэ, куһаҕан кэмнэр ааһан эрэллэрин бэлиэтэ, туох эмэ үчүгэй буолуон сөп. Тыаллаах ардах түстэҕинэ - ыгылыйыыны, ыксааһыны көрдөрөр. Күүскэ түһэр ардах көһүннэҕинэ оҥоруллуохтаах дьыала олоххо киириитэ күүстээх, түргэн буолуо эбэтэр улахан барыс киирэр үлэтигэр соһуччу кыттыһыахха сөп эрээри кыаттарымыан сөп; түүлгэ кыһын түһэр ардах көстүүтэ соччо туһата суох, кэмэ ситэ кэлэ илик дьыала саҕаланыытын биллэрэр. Ардахха ибили сытыйыы – ыалдьыыга, мөлтөөһүҥҥэ.
АРМИЯ. Түүлгэ армияҕа сулууспалыы ыҥырыы олус куһаҕан түүлгэ киирсэр, олоххо сөбүлээбэт өттүгэр уларыйыыга күһэйии эбэтэр баҕа санаа туоларыгар улахан мэһэй баар буолуон сөп.
АРМЯН. Түүлгэ армян көһүннэҕинэ эбэтэр кэпсэттэххэ ханнык эрэ биллэр боппуруоска таба өйдөспөт буолуу үөскээн ааһыаҕа.
АРТИСТ. Билэр киһиҥ артист буолбут буоллаҕына, кими эмэ алыптаах тылынан итэҕэтэн албынныы сылдьар буолуон сөп. АРЫГЫ. Арыгы иһэргэ бэлэмнэнэн үрүүмкэлэри охсуһуннарыы саҕаланнаҕына, көһүппэтэх ыалдьыттары кытта көрсүһүү буолуо; кыһыл арыгыны көрдөххүнэ - санааҥ көтөҕүллүө; кыһыл арыгыны сөбүлээн истэххинэ, баай-талым олоххо уһуннук уонна доруобайдык олоруоххун сөп; үрүүмкэлээх үрүҥ арыгыны көрдөххө - санаа туолар; кыратык испит буоллаххына, туох эмэ кыра ситиһии буолуо; үрүүмкэлэргэ арыгы ку¬туталаатаххына, саҥа дьоннору кытта көрсүһэргэ бэлэмнэниэххэ сөп. Үрүҥ арыгылаах бытыылкалар баар буоллахтарына барыстаах үлэ кыаллыан сөп.
Туох эмэ кыра иһиттэн арыгы истэххинэ, кыра мал-сал иһин өйдөспөт буолуу тахсыаҕа. Түһээн арыгы иһэргин бырахпыт буоллаххына, бэйэҥ дьоҥҥор сыһыаныҥ тупсуоҕа, бэйэҥ ылар дохуоккуттан сөп буолар буолуоҕуҥ; өлбүт киһи арыгы биэрдэҕинэ аймахтара дуу, оҕолоро дуу арыгыга ылларыахтарын сөп.
Үрүүмкэлээх арыгы остуолга тохтон хаалбытын сыпсырыйан иһэн кэ¬бистэххэ, сүрүн дьыалаҥ төһө да табыллыбатаҕын иһин, кырата табыллыан сөп.
АРЫЫ. Түһээн арыыны таптайар - үчүгэйгэ, баайга; арыыны тохтоххо - ночоот тахсыа; сиэтэххэ, аймахтыыларга ордук санаһыы баар буолуо; сыбаннахха эбэтэр хомуйдахха - барыс киириэҕэ. Түүлгэ элбэх арыы ахтылыннаҕына ордук санааһын күүһүрүөҕэ.
АРЫЫ. Туох да үүнээйитэ суох арыы көстүүтэ, арыгыһыт буолан дьолу-соргуну сүтэриигэ тиэрдиэн сөп; күөл арыытыгар дэриэбинэ, дьон баар буолуулара, эн диэки санаалаахтар элбээн иһэллэрин бэлиэтиир эбэтэр дьон ортолоругар ылар миэстэҥ үрдээн иһэрин туһугар уһун кэмнээх охсуһууга киирсэн эрэргин быһаарар.
АС. Түүлгэ эрэнэ санаабыт киһиҥ улахан иһиттэргэ ас-үөл аҕаларын көрдөххүнэ, илэтигэр туолбат ыра санаа эрэ буолуон сөп; ким эмэ аһатар буоллаҕына, ол киһи туох эмэ дьыаланы бэйэтин туһугар быһаартарыан саныыр; туох эрэ ураты, биллибэт аһы сиэһин өр кэмнээх хомолтоҕо, санаа туолбат буолуутугар көстөр.
АҺААҺЫН. Аһыы олорор киһи көстөн баран ураты иҥсэлээхтик аһыыр буоллаҕына, ыалдьыан эбэтэр туохха эмэ түбэһиэн сөп.
АҺЫҤА. Күөх оттоох хонууга элбэх аһыҥалар ыстаҥалаһар буоллахтарына, доҕотторуҥ ортолоругар ордук санааччылар баар буолуохтара эбэтэр сөбүлээбэт дьонуҥ дьыалаҕын атахтыы сатыахтара.
АТ. Ат мииммит киһини көрдөххүнэ, ыраах айаннаары гынаҕын эбэтэр үлэҥ-хамнаһыҥ табыллыа; миинэр атыҥ өллөҕүнэ - кэргэниҥ өлүөҕэ; кыыс түһээн атынан айаннаатаҕына, сотору эргэ тахсыаҕа; уол оҕо аты мииннэҕинэ - кэргэн ылыа; маҕан ат - баай - дуол буолууну, кэрэ, үчүгэй санаалаах кэргэни көрдөрөр эбэтэр үтүө санаалаах табаарыһыҥ өйөбүл буолуо; аккын былдьаан ыллахтарына - кэргэҥҥин бэйэтин баҕатын утары ханна эрэ илдьиэхтэрэ.
Түһээн акка ытыттарар-дьолго, үчүгэйгэ, ат ыарыыны ылан быраҕар; сыарҕалаах аттаах киһини көрдөххүнэ, үлэ-хамнас табыллыа эбэтэр туох эмэ хамсааһын, уларыйыы тахсыан сөп; атынан айаннаан иһэн ыҥыырын холборуйдаҕына, туһааннаах дьыалаҥ табыллыа суоҕа. Хара аты көрдөххө - санаарҕабыл кэлиэ; хара аты мииннэххэ ситиһии хойутаан да буоллар кэлиэн сөп: эр киһи хара аты мииннэҕинэ, кэргэнин майгына ыарахан, чиҥ буолуон сөп.
Түүлгэ атаҕа суох аты атахтыы сатааһын көстүүтэ билэр дьоҥҥор куһаҕан быһыы буолуон эбэтэр баҕа санаа туолуутугар мэһэй көстүөҕэ. Улахан аты тэһииниттэн тутан ыллахха, тохтообут үлэҕэ-хамнаска хамсааһын дьэ тахсыаҕа; көлүнэн иһэр атын атаҕын дэҥнээтэҕинэ табыллыан сөптөөх дьыала атахтанан, тохтоон хаалыан сөп; тройка ат көлүллүбүт тэлиэгэтигэр айаннааһын баҕа санаа туолуутугар, үлэҕэ хамсааһын тахсыытыгар көстөр.
АТ МУОҺАТА. Түүлгэ икки аҥы сылдьар муоһаны холбуу баайдахха үлэҕэ атын, саҥа хайысханы булуу ситиһиилээх буолуоҕа.
АТ ТЭРИЛЭ. Бу былыргыттан сылдьар бэлиэлэр үчүгэйгэ көстөллөр. Түүлгэ: ат үүнэ, ыҥыыра, муоһата, дуҕа¬та, хомуута көстүөхтэрин сөп, ол гынан баран итилэр алдьаммыт, быстыбыт уонна куһаҕан көрүҥнээх буоллахтарына үлэҕэ араас мэһэйдэр тахсаллар.
АТААРЫЫ. Сөбүлүүр ыалдьыты үөрэ-көтө атаардахха, тапсар дьоҥҥун кытта бииргэ сылдьыаҕын, баҕар көрсүһүү буолуоҕа; чуҥкук, ыарахан атаарыы - ыраах барыы, арахсыы бэлиэтэ.
АТАСТАҺЫЫ. Кими эмэ кытта тугу эрэ атастастаххына, эйигин сөбүлүүр доҕотторуҥ элбиэхтэрэ.
АТАХ. Түүлгэ атаҕын тоһуннаҕына, үлэҕэр ситиһииҥ намтыаҕа, дуоһунаһыҥ аллараа түһүөҕэ эбэтэр үлэҕэ-хамнаска билэр киһиҥ таһаарбыт сыыһатын көннөрүүгэ кыттыһыаххын сөп; атах сыгынньаҕы көрөн соһуйдахха, сөбүлээбэтэххэ дьадайан барыы эбэтэр ыалдьыы буолуон сөп. Атаҕыҥ сотото сонообут буоллаҕына, ыарыы булуо эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа; түүлгэр атаххын сүтэрдэххинэ, үчүгэй доҕоруҥ барыаҕа; бэйэҥ атаххын эбэтэр атахтаргын көрдөххүнэ, сотору кэминэн этэҥҥэ олоруу туһунан ылсыһан толкуйдаатаххына табыллыа; атах тилэҕэ көһүннэҕинэ, кыраттан сылтаан хомолто буолуоҕа.
Токур атахтардаах буолан баран хаама сылдьар буоллаххына, куһаҕаннык саныыр дьоннору билэн аны кинилэр албыннарыгар киириэҥ суоҕа. Илии эбэтэр атах мөлтөөн, сымнаан кыайан хамсаабат буолан хааллахтарына, албыҥҥа киирэн биэриэххэ сөп эбэтэр үлэҕэ-хамнаска табыллыбат буолуулар кэлиэхтэрэ.
Түүлгэ атаҕа суох киһи атахтанарын көрдөххө, бэйэҥ бары кыаххын мунньан кыһаннаххына, буомурбут үлэҕэр хамсааһыны оҥороруҥ кыаллыаҕа; хаар устун атах сыгынньаҕын хаамтаххына уонна атаҕын тоҥмот, үчүгэй буоллаҕына, ыарахан, эрэйдээх балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьан бараҥҥын этэҥҥэ туоруоххун сөп эбэтэр баҕа санаа туолуута, билэр дьоҥҥор сабыдыалыҥ үрдээбитин бэлиэтэ буолуо; атах сыгынньаҕын сылдьаргыттан соһуйдаххына, урукку сыыһаларын дьыалаҥ табылла¬рын мэһэйдиэхтэрэ.
Түһээн атаххын суунар буоллаххына, ким эмэ туормастаһан дьыалаларыҥ табыллымыахтарын сөп; атаҕыҥ көрүҥэ тупсаҕай, үчүгэй дии са¬ныыр буоллаххына, дьыалаҥ син табыллыаҕа; атах синньигэс буолуута, кыах суох буолуутун биллэрэр. Түһээн атах сыгынньаҕын эбэтэр алдьаммыт атах таҥастаах араас хаары, бадарааны кэһииттэн киһи атаҕын тымырдара ыалдьаары гыммыттара биллиэн сөп.
АТАХ СУОЛА. Түүлгэ бэйэҥ атаҕын суола дириҥник үктэнэн хаалар буоллаҕына уһун үйэлээх, туһалаах үлэни-хамнаһы оҥоро сылдьарыҥ бэлиэтэ.
АТАХ ТАҤАһА. Алдьаммыт эбэтэр кирдээх атах таҥаһын көрүү - дьадайыы, үлэ¬-хамнас мөлтөөбүтүн бэлиэтэ; түүлгэ атах таҥаһын сууйуу, хом санааҕа, итэҕэйбэт буолууга көстөр; атах таҥаһа табыллыбата кыаллыбат суолу ылынаары гыммыккын сэрэтии буолар. Түүлгэ атах таҥаһын кэтии көстүүлэрэ эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын көрдөрөр эбэтэр олоххо туох эмэ уларыйыы буолуон сөп.
АТЫРДЬАХ. Дьиэҕэ-уокка табыллыбат буолуу, арахсыы бэлиэтэ. Түөрт салаалаах тимир атырдьах көстүүтэ үтүө баҕа санааларыҥ туолалларын туһугар үлэҥ-хамнаһыҥ олус элбэх күүһү-уоҕу эрэйэрин биллэрэр.
АТЫЫҺЫТ. Атыыһыт буолан кыайа-хото эргинэ сылдьар буоллаххына, саҥа дьыаланы саҕалыырыҥ ситиһиилээх буолуо.
АУКЦИОН. Түһээн аукциоҥҥа сырыттахха, атыы-эргиэн дьыалата табыллан барыаҕа.
АЧЫКЫ. Түүлгэр ачыкы кэттэххинэ, кырдьыаххар диэри олоруоххун сөп.
Б
БААЙ. Аймахтарыҥ баай-мал үллэстэн ылалларын көрдөххүнэ, үлэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буолуо; түһээн байбыт буоллаххына, үлэ-хамнас үчүгэй буолуоҕа, табыллыаҕа.
БААҺЫРЫЫ. Түһээн түөскэ улаханнык бааһырдахха уонна куттаннахха сүрэх үлэтэ мөлтөөн ылыан сөп.
БААҤКА. Кураанах бааҥканы көрдөххүнэ, улахан ночоот тахсыан сөп; толору бааҥка - дьыала табыллыытыгар көстөр.
БААС. Түһээн бааһырбыт киһиэхэ көмөлөһөн бааһын эмтиир, баайар буоллаххына, ситиһиини оҥороргор көмө баар буолуоҕа; түүлгэр туохтан эмэттэн баас ыллаххына, быстах кэмнээх санаа түһүүтэ буолуо эбэтэр бааһырбыт сиргинэн ыарыы булуо.
БАҔА. Баҕаны көрдөххүнэ - аптаах киһи кэлиэҕэ эбэтэр үлэҕэ ситиһии буолан үчүгэйдик этиэхтэрин сөп; күөл кытыытыгар бадарааҥҥа элбэх баҕалары көрдөххө туох эмэ соһуччу куһаҕан быһыы буолуо эрээри дьон көмөлөрүнэн этэҥҥэ ааһыан сөп.
БАҔАНА. Улахан баҕананы охторор киһи сотору өлүөҕэ; үрдүк баҕананы көрдөххө - ситиһии, кыайыы буолуо.
БАДАРААН. Түһээн бадарааҥҥа түһүү - үлэ-хамнас дьыалата мөлтөөбүтүн көрдөрөр; бадарааны кэстэххэ - табаарыстары сүтэриэххэ сөп; көрдөххүнэ - ночоот, үлэ-хамнас ыһыллыыта саҕаланыа; атын дьон бадарааҥҥа түспүттэрин көрдөххө, сотору кэминэн чугас дьонноруҥ хомотуохтара, ону кытта ыалдьыахтарын да сөп. Бадарааннаах суол устун этэҥҥэ айаннаан бардаххына, барыс киирэрин ситиһиэххин сөп.
БАДЫБААЛ. Үчүгэй, улахан бадыбаал көһүннэҕинэ былыргыны, ааспыты ахта санааһын, үйэтитии саҕаланан ситиһиилээхтик түмүктэниэн сөп; бадыбаалга киирдэххэ былыргыны ахта санааһын буолуо.
БАЙЫАННАЙ. Түүлгэ байыаннай киһи көһүннэҕинэ, байыаннайдыы бэрээдэги олохтуур санаа киириитигэр эбэтэр байыаннайдыы быһаччы быһаарыныылары ылынаргын дьонноруҥ сөбүлүөхтэрэ суоҕа.
БАЛААККА. Түүлгэ балааккаҕа олорор буоллахха, сотору кэминэн олоххор дуу, үлэҕэр дуу быстах уларыйыылар буолуохтара.
БАЛКОН. Балкоҥҥа турар буолуу, атын дьонтон үрдүккэ тахсыыны бэлиэтиирин тэҥэ, дьыаланы уратытык быһаарары эмиэ бэлиэтиир, арай сэрэхтээх буолуохха наадатын умнумуохха; түүлгэ балкоҥҥа таҕыстахха туох эрэ атахтаммыт дьыала дьэ оннуттан хамсыаҕа эбэтэр санааҕа түһэ сылдьыы ааһыан сөп.
БАЛЫК. Түһээн балыгы көрдөххө, былыттаах күннэр буолаллар; балык миинин истэххэ, дьыала атахтанар, аанньа табыллыбат; балыгы сиэһин - ыарыыга, тымныйыыга көстөр; буспут балыгы көрдөххүнэ, оҥоруохтаах дьыалаҥ хойутаан да буоллар табыллыа; тоҥ балык көһүннэҕинэ, кимиэхэ эмэ аахайымтыата суох, тымныы сыһыан үөскээһинэ буолуон эбэтэр барыс киириэн сөп.
Балык уҥуоҕун көрүү - хомолтоҕо, ночоокко; балык мүччү туттаран куотуута, таптыыр киһигин дуу эбэтэр доҕоргун дуу сүтэрэриҥ бэлиэтэ. Киһи бэйэтэ эбэтэр атын ким эмэ сиикэй эбэтэр буорту буолбут балыгы сиир буоллаҕына, кини куртаҕа эбэтэр атын ас буһарар өттө ыалдьаары гыммыт буолуон сөп; кыра, хара балыктары көрдөххө, эрэй, үлэ, сыыһа-халты туттуу тахсарыгар эбэтэр өйдөспөт буолуу үөскүөн сөп.
Түүлгэ балык үллэстиитигэр түбэстэххэ, араас туолбат баҕа санаалар мунньустубуттарын биллэрэр.
БАЛЫКСЫТ. Түүлгэ балыксыты көрдөххө тапсыбат, биир тылы булуммат киһини көрсүөххэ сөп.
БАЛЫЫҺА. Ыарыһах киһи балыыһаҕа киирэрэ олус куһаҕан түүл. Олоххо куһаҕан өттүгэр уларыйыы буолуон сөп.
БАНДЬЫЫТ. Бандьыыттар саба түстэхтэринэ, куттал буолуо; көрдөххүнэ - тирээн кэлбит дьыалаҕар сөптөөх быһаарыыны ылыныаххын наада.
БАҺЫЛЫК. Ким эрэ баһылык буолбут буоллаҕына бэйэтин санааларын олоххо киллэрэр кыахтаныан сөп.
БАРААН. Тоҥмут, титириир бараан көһүннэҕинэ соҕотохсуйуу, чуҥкуйуу, санаарҕабыл баарын биллэрэр.
БАРЫЫ. Ханна эрэ барар буоллахха уларыйыы тахсыаҕа.
БАТТАХ. Баттаҕы көрөр - ыарахан санааларга; үүнэн хаалбыт баттахтанар - кутурҕаҥҥа; түһээн маҕан баттахтанар, өй-санаа уоскуйуутугар, сынньалаҥҥа тиэрдиэҕэ; муостаҕа ыһылла сытар кырыллыбыт баттахтары көрдөххө, үөрэтэ сылдьар өй-санаа үөрэҕэ тарҕанан эрэрин бэлиэтэ. Баттаххын тарааннаххына, үлэҥ-хамнаһыҥ, доруобуйаҥ үчүгэй буо¬луо; түүлгэр тараҕай буолан хаалбыт буоллаххына, өр санааргыы сылдьыбытыҥ дьэ суох буолуоҕа.
Түүлгэ баттаҕыҥ түһэр буоллаҕына, улахан санаарҕабылга ыллары¬аххын сөп эбэтэр туох эмэ сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара; дьахтар баттаҕа түһэр буолуута, баҕа санаа туолуутугар кыах суох буолуутун, салгыы олоҕун туһугар бэйэтэ эрэ кыһанар кыахтааҕын бэ¬лиэтиир. Түһээтэххэ баттаҕыҥ өрө тура сылдьар буоллаҕына, санаабыт санааҕыҥ ситиһэргэр күүс-кыах баар буолуоҕа; баттаххын кырыйтардаххына, дьыалаҥ санаабытын курдук табыллыа суоҕа эбэтэр күүс-уох, эрчим суох буолуоҕа, көҕүрүөҕэ, баҕа санаа туолбатыттан санааҕа ылларыахха сөп; соһуччу маҕан баттахтанан хааллаххына, улахан санаарҕабыл, санаа түһүүтэ кэлиэн сөп. Түүлгэ атын киһи баттаҕын уратытык кырыйдахха кыайыы, өрөгөй, үөрүү кэлиэҕэ.
БАТЫЙА. Батыйалаах буоллаххына, көмүскэл баар буолуо; көрдөххүнэ - өстөһүү, иирсээн бэлиэтэ; батыйаны ыллаххына, ылыммыт дьыалаҕын толороргор дьулуурдаах буолуохха сөп.
БАЧЫЫҤКА. Түһээтэххэ бачыыҥкаҥ сүтэн хаалбытын кэннэ хата наскылаах хаалбыт буоллаххына, тугу эмэ сүтэрэн бараҥҥын атынынан сүүйүөххүн сөп; алдьаммыт бачыыҥканы кэтэ сатаатахха, бэйэҥ сыыһа туттаҥҥын дьыалаҥ табыллыбатыгар тириэрдиэххэ сөп.
БЕНЗИН. Бензининэн дуу, техника арыытынан дуу ону-маны бистэххинэ, дьону кытта сыһыаҥҥын мөлтөтүөххүн сөп; түһээн бензини көрдөххө эбэтэр туохха эмэ туһаннахха, соһумар күүппэтэх түбэлтэ буолуо; бензини уматаргыттан сэрэнэн, чаҕыйан тутуннаххына, дьиэҕэр араллаан тахсарын тулуурдаах буолаҥҥын тохтотор кыахтаах буолуоххун сөп.
БИБЛИОТЕКА. Түүлгэр библиотекаҕа сырыттаххына, урукку убаастыыр дьонноруҥ саҥа доҕотторгун уонна кэнники үлэҕин-хамнаскын сөбүлүөхтэрэ суоҕа; библиотекаҕа кинигэ тала сылдьар буолуу көһүннэҕинэ, баҕа санаа туолуутугар кыах суох буолуута мэһэйдиэҕэ эрээри, ону ситиһэргэ сөптөөх кэм хойутуу кэлиэн сөп.
БИБЛИЯ. Түүлгэ библияны көрдөххө олох туһунан уустук боппуруоска таба эппиэти булуохха сөп.
БИЛИЭТ. Түүлгэ самолекка билиэти хара таҥастаах дьахтар атыылыыр буоллаҕына баҕа санааны олоххо киллэриигэ тиэтэйбэккэ, сэрэхтээх буолуохха.
БИЛЛИИ Түүлгэр биллиилээх дьоннору кытта сырыттаххына, сотору бэйэҥ үлэҕэр ситиһиилэри оҥороруҥ табыллыаҕа.
БИЛЭР КИҺИ. Түүлгэ билэр киһи көстүүтэ, тугу оҥороро хайдах санаалааҕын чопчу биллэрэр. Үчүгэй көрүҥ, үчүгэй быһыы үчүгэй санааны, онтон куһаҕан көстүү, куһаҕаннык быһыыланыы куһаҕан санааны илэ көрдөрөллөр.
БИЛЬЯРД. Түүлгэ бильярд остуолун туруордахха, ханнык эрэ дьыалаҕа күөнтэһии, конкуренция үөскүөн, ордук санааччылар баар буолуохтарын сөп; түүлгэ бильярд остуола көстүүтэ бииргэ үлэлиир дьону кытта сыһыаны быһаарар. Остуолу от күөх сукунанан саҥалыы бүрүйэ сатаатаххына уонна ол табыллыбатаҕына, үлэ-хамнас туруга үчүгэй буоллун диэн оҥоро сатаабытыҥ утары этээччилэр сабыдыалларынан ситэ кыаллыа суоҕа. Түүлгэ бильярд оонньуу сырыттахха сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтарын, эн тускунан куһаҕаннык этиэхтэрин сөп.
БИНСЭЭК. Түһээн бинсээк кэттэххинэ эбэтэр уһуллаххына кэлэн иһэр олоххор буолар уларыйыыны көрсөргө бары кыаххын мунньан бэ-лэмнэннэххинэ эрэ табыллыаҕа эбэтэр бэйэҕиттэн тутулуктаах туох эрэ быһаарыыны ылынарыҥ кэлбит; саҥа бинсээк кэттэххинэ – дуоһунаһыҥ үрдүө, үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо сыһыаҥҥа үчүгэй өттүгэр уларыйыы буолуон сөп; бинсээгин алдьаммыттаах эбэтэр тырыттыбыт буоллаҕына, үлэ-хамнас туруга мөлтөөбүтүн биллэрэр; кирдээх буоллаҕына, эн тускунан мөлтөхтүк этэллэр; үчүгэй көрүҥнээх бинсээк соһуччу эргэрэн, алдьанан хаалыыта, эрэммит, санааны уурбут дьыала атахтанан, ыһыллан хаалыытыгар көстөр.
БИҺИЛЭХ. Түһээн биһилэҕин кэтэр дьахтары көрдөххө, кыыс оҕо төрүөҕэ; биһилэх сүттэҕинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы тахсыаҕа; таастаах биһилэҕи көрдөххүнэ, доҕоргун булуоххун эбэтэр эргэ тахсыаххын сөп.
Кыһыл көмүс биһилэхтээх буоллаххына, дуоһунаһыҥ үрдүөҕэ, билсииҥ-көрсүүҥ элбиэҕэ; биһилэҕи бэлэх биэрдэххинэ - ночоот буолуо; тарбаххар биһилэх кэтэ сылдьаргын көрдөххүнэ, инники оҥоруохтаах дьыалаҕар лаппа үрдүк ситиһиилэниэҥ эрээри уһуннук барыа суоҕа; атын дьоннор биһилэх кэтэ сылдьалларын көрдөххүнэ, саҥа дьоннору кытта билсиһиэҥ эбэтэр барыс киириэҕэ.
БИРИГЭДЬИИР. Түүлгэ биригэдьиир буолбут буоллахха этэр тылы истэр дьон баар буолуохтара.
БИРИЭМЭ. Түүлгэ бириэмэ кыччаан, кылгаан көстөр. Ол курдук түүлгэ биир чаас буоллаҕына, дьиҥнээҕэр биир күн буолар, онтон бүгүн диэтэхтэринэ - быйыл буолуо, сарсын диэтэхтэринэ – эһиил биирдэ буолуоҕа.
БИЭДЭРЭ. Толору үүттээх биэдэрэ көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас табыллыа. Дьахтар биэдэрэни тута сылдьарын түһээн көрөр буоллаҕына, дьиэтигэр-уотугар үөрүү-көтүү буолуо; толору биэдэрэлээх ууну көрдөххүнэ - барыс киириэ; кураанах биэдэрэ көһүннэҕинэ, барыс киириэ диэн суоттаммытыҥ сыыһа эбэтэр үүнээйи үүнүүтэ мөлтөх буолуо. Толору балыктаах биэдэрэ көһүннэҕинэ - барыс киириэ.
БИЭРЭК. Түһээн биэрэги көрдөххө, ыарыһах үтүөрэн эбэтэр дьадаҥы көнөн барыаҕа, холкутук дьоллоохтук олоруу бэлиэтэ.
БИЭРЭС. Түүлгэ биэрэһи сиэтэххэ баҕа санаа туолбакка, көрсүһүү буолбакка хаалыан сөп.
БОРОБУЛУОХА. Дьэбиннээх боробулуоханы хомуйдахха, куһаҕан майгылаах-хыттан билэр дьонноруҥ санааргыыллар.
БОТУРУОН. Көрдөххүнэ, олоххор быһаарыылаах түгэннэр кэлэн иһэллэрин уонна ол түгэннэргэ кытаанах, төттөрү түспэт санааҕын көрдөрдөххүнэ табыллар.
БӨҔӨХ. Кыыс оҕо бөҕөх кэппит буоллаҕына, сотору эргэ тахсыа.
БӨРӨ. Анньаҕа көстүбэт бэлиэ, ыарыы-быстыы сут сүрэ эбэтэр куһаҕан майгылаах, сиэмэх, харбас киһи көрсүөҕэ. Бөрөнү көрдөххө куһаҕаны саныыр дьон баалларын биллэрэр.
БӨТҮӨН. Түүлгэр уу кутар бөтүөн көстүүтэ, бэйэҥ санааҕын толороргор дьулуургун көрдөрөр, иһигэр туох эмэ баар буоллаҕына барыс киириэн сөп.
БӨХ. Бөхтөөх биэдэрэни тута сылдьар буоллаххына, эйигин сөбүлээбэт, ордук саныыр дьонноруҥ эйиэхэ биллэрбэккэ үөрэ-көтө көрсөллөр; туох эмэ туһалааҕы оҥоро сылдьаргын биллэрэр; элбэх бөҕү тоҕор сири оҥоруу буоллаҕына үлэҕэ ситиһии кэлэрэ баҕа санаа туолара кэлэн иһэрин бэлиэтэ. Бөҕү хомуйдахха үлэҕэ-хамнаска ситиһиини, уларыйыыны оҥорор кэм кэлиэн сөп.
БРИЛЛИАНТ. Элбэх бриллианы көрдөххө кыайан туолбат баҕа санаалар баар буолан ааһыахтара эбэтэр албыҥҥа түбэһиэххэ сөп.
БРОНЕЖИЛЕТ. Түүлгэ бронежилеттэ кэт диэтэхтэринэ араллааҥҥа киирэн биэрииттэн сэрэхтээх буолуохха. БУЛГУННЬАХ. Түүлгэ улахан булгунньах көһүннэҕинэ өр сылларга күүппүт баҕа санаа туолар кэмэ кэлбитэ буолуо. Ситиһиини, кыайыыны оҥоруохха сөп.
БУЛТ. Бултуу сылдьыы - араас мэһэйдэри этэҥҥэ туорааһыны көрдөрөр; кыттыгас бултааһын - санааҥ бөҕөтүнэн кыайыылары ситиһиэххин сөп.
БУЛУУ. Түүлгэ тугу эмэни булуу – ситиһии бэлиэтэ.
БУОР. Түһээн хаһыллыбыт буору көрөр - санаарҕабылга. Түүлгэ халыҥ буорга баттатыы сүрэх үлэтэ мөлтөөһүнүн биллэрэр.
БУОЛТА. Кыра буолталар ыһылла сыталларын түүлгэр көрдөххүнэ, кыра, быстах өрөмүөн үлэлэрэ буолуохтара.
БУОМБА. Буомба эстиитигэр түбэстэххинэ, соһуччу түбэлтэ буолуо.
БУОЧУКА. Буочуканы уунан толоруу, барыс киирэр дьыалата саҕаланыытын биллэрэр; толору буочуканы көрүү баҕа санаа туолуутугар көстөр.
БУРДУК. Элбэх бурдугу көрдөххө, баай-дуол эбиллиэҕэ, элбэх барыс киириэҕэ; аҕыйах, мөлтөх үүнүүлээх бурдугу көрдөххө, тиийиммэт буолуу кэлиэҕэ, олох мөлтөөн барыаҕа; бурдугунан ньамайданнаххына, эн тускунан билэр дьонуҥ араас сымыйа тылы-өһү тарҕаталларын истиэххин сөп. Куоластардаах бурдук үүнэн турарын көрдөххө, оҥоро сылдьар үлэҥ ситиһиилээх буолуоҕа.
БУРУО. Холкутук үөһээ тахсар буруо көстүүтэ, дьиэҕэ-уокка эйэлээх буолууну көрдөрөр; хара буруо - хоп-сип, куһаҕан санаа мустуутугар тахсар. Түүлгэ хара буруо дьиэ иһигэр таҕыстаҕына, ханнык эрэ сыыһа туттуу буолан дьиэлээхтэр тыл-тылга киирсибэт кэмнэрэ кэлэн ааһыан сөп.
БУУКУБА. Түһээн буукубаны суруйдаххына - эрэй, үлэ эбиллиэ; үөрэттэххинэ - байан, көнөн барыаҥ; көрдөххүнэ - солуну истиэҥ.
БУУЛКА. Барыанньалаах буулка биэрдэхтэринэ туһалаах, барыс киирэр үлэтигэр кыттыһыы буолуон сөп.
БУУРҔА. Буурҕаҕа түбэстэххинэ, ночооттор тахсыахтара эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа.
БУУСКА. Түүлгэ буусканан сэриилэстэххэ үлэҕэ-хамнаска тапсыбат, тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскээн ааһыаҕа; буусканан ыттахха аһара улахан суолталаах үлэҕэ кыайыы-хотуу кэлэр кэмэ кэлбит буолуон сөп.
БҮДҮРҮЙҮҮ. Түүлгэр хааман иһэн бүдүрүйдэххинэ, тиэтэллээх быһаарыыны ылынартан туттунуохха.
БҮЛҮҮҺЭ. Кураанах бүлүүһэ түүлгэ көһүннэҕинэ, дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах курус быһыы тахсыаҕа.
БҮӨ. Арыгылаах бытыылка бүөтүн астаххына, үлэ-хамнас тупсуута саҕаланыа, дьоллоох буолуоҥ, саҥа дьону кытта билсиһиэххэ сөп.
БЫА. Түһээн көлөпүнэ быаны сиир буоллахха туох эмэ кэтэспэтэх кэһии кэлиэн сөп.
БЫЛААХ. Атын омук дойдутун флага баар буоллаҕына ол омуктуун тапсыбат, биир тылы булуммат буолуу үөскүөн сөп. Ол омугу өстөөххө кубулута сатааһын улаатыаҕа.
БЫЛААЧЫЙА. Саҥа былаачыйаны кэтэ сылдьыы, үөрүүгэ, барыс киириитигэр; маҕан эбэтэр сырдык дьүһүннээх былаачыйаны кэтэ сылдьыы-баайга, дьоллоох буолууга көстөр; кирдээх, алдьаммыттаах былаачыйаны кэтии - санаарҕабыл, эрэйдээх буолуу эбэтэр дьадайыы бэлиэтэ; кэтэ сылдьар ис ырбаахыҥ умайара, чугас дьонноруҥ куһаҕаннык этэллэрин, кинилэри кытта өйдөспөт буолууну көрдөрөр; киэргэллээх олус мааны былаачыйаны кэтии, ыарыһах киһи өлөрүгэр көстөр. Хара дьүһүннээх көмүс киэргэллэрдээх былаачыйаны кэһии биэрдэхтэринэ кэлэн иһэр түгэн санаарҕабыллаах, тардылыктаах буолуо.
БЫЛЫТ. Күн тыган сырдаан көстөр былыттарын көрдөххүнэ, сотору кэминэн улахан үлэ-хамнас, санаарҕабыл кэнниттэн кыайыыны ситиһиэххэ сөп; улахан хара былыттар таҕыстахтарына, эн тускунан куһаҕаннык этиэхтэрэ, ыалдьыы да буолуон сөп, ону кытта ситиһиигэ дьулуур мөлтүөҕэ; хараҥа былыттар өрө үллэн тахсыыларын көрдөххө, олоххо ыарахан кэмнэр кэлэн иһэр буолуохтарын сөп. Халлаан хара былытынан бүрүлүннэҕинэ, баҕа санаа туолбат буолуута, улахан хомолто бүрүүкүөҕэ.
БЫРААС. Бырааска көрдөрөөрү кэтэһэ сылдьар буоллахха, кимтэн эрэ олус улахан тутулуктаах буолуу бэлиэтэ; бырааска көрдөрүнэ сырыттахха, биллэр ыарыыгыттан атын ыарыы булан дьиэлээхтэрин санааҕа ылларыахтара.
БЫРААТ, БАЛЫС. Кинилэри көрдөххүнэ - үөрүү-көтүү буолуо. Түүлгэр быраатыҥ сөбүлээбэттик, тэйиччи туттар буоллаҕына, туох эрэ улаханнык сөбүлээбэт быһыыҥ аймахтаргар буолуоҕа; өлбүт быраатыҥ түүлгэ көһүннэҕинэ, ким эрэ, аймахтарыҥ эҥин көмө көрдүөхтэрин сөп.
БЫРААҺЫННЬЫК. Саҥа дьиэ сууйуутун бырааһынньыга көһүннэҕинэ, киһи өлүүтэ эбэтэр туох эмэ куһаҕан быһыы буолуо; түүлгэ бырааһынньыкка ыҥырдахтарына, соһуччу үөрүүлээх түгэн буолуо; түһээн саҥа дьыл бырааһынньыгар сырыттахха бу дьылга туох эмэ ситиһиини оҥоруохха сөп. Туох эмэ көмө, тирэх баар буолуон эмиэ сөп. Түүлгэ буолар бырааһынньыкка өлбүт дьон сылдьар буоллахтарына, илэтигэр похорона буолуон сөп.
БЫРДАХ. Элбэх бырдахтар көтөллөрүн түптэнэн үүрдэххинэ, дьон саҥалара күөдьүйэн иһэн тохтуоҕа; саба түһэн сиир бырдахтары хам охсуолаан өлөртүүр буоллахха, олоххо көрсүллэр бары мэһэйдэри этэҥҥэ туораан ситиһиини, кыайыыны оҥорор кыахтаныаххын сөп.
БЫРАҔЫЫ. Түүлгэ кими эрэ тугунан эмэ таба бырахтаххына мөккүөргэ эн быһаарыыларыҥ таба буолуохтара.
БЫҺАХ. Саха быһаҕа - уол оҕо сүрэ. Үчүгэй сытыы быһах эрэллээх, доруобай уолу, онтон сыппах хара быһах, мөлтөх, ыарыһах уолу көрдөрөллөр; түһээтэххинэ саха быһаҕын бэлэх биэрдэхтэринэ, уол оҕо төрүөҕэ. Бу уол майгына сытыы быһах биитин курдук сытыы, хардааччы буолуон сөп. Бүк тутуллар быһах – этиһии, иирсээн бэлиэтэ; куукунаҕа туттуллар быһах көстүүтэ, дьиэ иһигэр тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиитигэр, этиһии тахсыытыгар көстөр.
Быраҕыллыбыт саха быһахтарын хомуйдахха тыл-тылга киирсибэт, тус-туспа санаалаахтары бииргэ холбооһун ситиһиллиэн сөп; быһаҕынан быраҕаттааһын буоллаҕына тыл-тылга киирсибэт буолууга, этиһиигэ, охсуһууга да тиийиэн сөбүн биллэрэр. Ким кыайбыт, ол кыайыылаах хаалыаҕа.
БЫҺАХ УГА. Улахан саха быһаҕын уктуурга сөптөөх мас көстүбэтэҕинэ элбэх айдаанынан, эрэйинэн саҕаламмыт туһалаах үлэ бүтэрэ өссө да ыраах буолуон сөп.
БЫҺЫЫ. Түүлгэ тугунан эмэ тарбаххын быстаххына, олус сэрэхтээхтик сылдьыахха наада, дөлбү түһүөххэ, дэҥнэниэххэ да сөп.
БЫТ. Быты көрүү - байыы-тайыы; түүлгэ быты өлөрдөххө - сүөһү өлөр, сүтэр эбэтэр санаарҕабыл кэлиэн сөп; быттан ыраастаныы - араас хоптон-сиптэн, эбиискэ кэлэр үлэттэн босхолонуу бэлиэтэ.
БЫТЫК. Сэҥийэтигэр бытыктаах киһи көһүннэҕинэ, туспа өйдөөх-санаалаах киһини кытта көрсүһүөххүн, күрэстэһэн кыахтааҕы быһаарсыаххын эбэтэр үлэҕин-хамнаскын сөбүлээбэт дьон утарсыыны оҥоруохтарын сөп; хара бытыктаах киһи буоллаҕына, бэ¬йэ-бэйэни өйдөһүү улахан уустуктардаах, туох эмэ сүтүктээх, ночооттоох буолуон сөп. Түүлгэ үүнэн эрэр бытык көһүннэҕинэ бэйэни үрдүктүк тутуу улаатан, үрдээн иһэрин биллэрэр; бытыктаах киһини көрдөххө үрдүктүк сананыыттан дьыала табыллыбата үөскүөн сөп. Сэҥийэҕэ үүммүт бытык маҥхайан хаалбыт буоллаҕына тыл-тылтылга киирсибэт, өйдөспөт буолуу кэлэн ааһыан сөп.
БЫТЫЫЛКА. Элбэх үлтүрүйбүт бытыылка тааһа көстөрө, эн тускунан соччо үчүгэйэ суохтук этэллэрин биллэрэр; толору арыгылаах бытыылканы көрөр - үчүгэйгэ, дьыала табыллыытыгар; кураанах бытыылка - араас үгүс эрэйдэр, түбүктэр элбииллэригэр. Арыгылаах бытыылка алдьаныыта, дьыала табыллыбатыгар, хомолтоҕо көстөр.
БЫЧЧЫҤ. Быччыҥнарыҥ күүһүрбүттэрэ, эбиллибиттэрэ көһүннэҕинэ, үлэҕин, дьыалаларгын сөбүлээбэт дьон саба түһүүлэриттэн көмүскэнэргэ кыахтаах буолан бараҥҥын, күрэхтэһэргэ, быһаарсарга бэлэмнээх буолуоххун наада.
БЫЫЛ. Түүлгэр быылы бүрүнэ сырыттаххына, кыра-кыра ночооттор тахсыах¬тара; дьиэ иһэ быыллыйбыт буоллаҕына баҕа санаа туоларын быстах быһыы мэһэйдиэҕэ; быылтан ыраастанан таҥаскын тэбэнэр буоллаххына, санаабыт санааҕын син ситиһиэххин сөп. Түүлгэ кумах быыла утары көтөр буоллаҕына, ким эмэ олус куһаҕаннык этиэн эбэтэр эн этиилэргин утары этиэхтэрин сөп.
БЫА. Быаны түмүктүү баайар буоллахха, санааҕын түмнэххинэ, күүстээх санааҕынан баҕа санааҕын ситиһэр кыахтаах буолуоҕуҥ. Түүлгэ быаны үрдүнэн ойор буоллахха, быстах, киһиргэс быһыыгынан туох эрэ уратыны оҥорон дьону сөхтөрүөххүн сөп.
БЭЛЭХ. Ыллаххына - дьоллоох буолуоҥ, барыс киириэ; бэйэҥ биэрдэххинэ, ким эмэ куһаҕаннык этиэ эбэтэр барыс киирэрин куоттарыаҥ.
БЭРГЭҺЭ. Ураты түүлээх бэргэһэни кэттэххэ төбө ыарыыта булуо эбэтэр өй-санаа уларыйыыта буолуон сөп; хаһыатынан оҥоруллубут бэргэһэни кэттэххэ быстах төбө ыарыыта киирэн ааһыа. Түүлээх үчүгэй бэргэһэни кэттэххэ, үөрүү буолуо, сыалы ситиһиэххэ сөп; кэтэ сылдьар бэргэһэҕин сүтэрдэххинэ, төрөппүттэрин ыалдьыахтарын сөп; хара дьүһүннээх бэргэһэ - санаарҕабыл бэлиэтэ; түүлээх хара бэргэһэлэри көрдөххө, аймахтарын көрдөһүүлэрин толорбокко тапсыбат буолуу кэлиэн сөп; бэргэһэ үрдүгэр олордоххо албыҥҥа түбэһиэххэ сөп.
Түүлгэ ханнык эрэ куһаҕан бэргэһэлээх сылдьыы, төбө ыалдьаары гыммытын бэлиэтиир; түүлээх бэргэһэ түүтүн быыһа барыта бытархай үөннэринэн туолан хаалбытын ыраастыыр буоллахха, быстах ыарыы бу¬луон сөп эбэтэр муунтуйбут санааттан босхолоно сатаан эрэйдэнэргин көрдөрөр.
БЭРЭБИНЭ. Иннигэр улахан мэһэй баарын көрдөрөр, онтон иҥиннэххинэ дьыала мөлтүөҕэ.
БЭС. Үүнэн эрэр бэстэри көрдөххө үлэҕэ-хамнаска ситиһии, кыайыы кэлэн иһэр буолуон сөп.
БЭСТИЛИЭТ. Бэстилиэтинэн ыттаххына туох эмэ ситиһии буолуо эбэтэр ордук санааһыҥҥа оҕустаран сыыһа-халты туттуоххун сөп; түүлгэ илдьэ сылдьар бэстилиэтин бэйэҥ киэнэ буоллаҕына, дьону кытта сыһыаҥҥар олус тулуурдаах буолуу туһалыаҕа, быстах санааҕар баһыттаран сыыһа-халты туттуоххун сөп. Түһээн бэстилиэти көрдөххүнэ, кэргэттэргин кытта айдаан, кыыһырсыы буолуо эбэтэр улаханнык мөҕүөхтэрэ; бэйэҥ бэстилиэттээх буоллаххына ханнык эмэ дьыаланы кэпсэтиигэ тыл-тылга киирсибэт, өйдөспөт буолуу үөскүөн сөп.
БЭЭТИНЭ. Былааччыйаҕа бээтинэ баар буолан хаалыыта, сэрэммэтэххинэ аанньа ахтыбат дьон албын этиилэригэр киирэн биэриэххин сөбүн көрдөрөр; бээтинэни ыраастаатахха үөрүү буолуо.
В
ВАННА. Ваннайга суунарга бэлэмнэнии кэтэһиилээх тупсуу кэмэ дьэ кэлэн иһэрин бэлиэтиир.
ВЕЛОСИПЕД. Түүлгэ велосипед мииммит билэр киһигин көрдөххө, мүччү-хаччы түһүөх курдук буолан баран туһалаах дьыаланан дьарыктана сылдьар буолуоххун сөп. Бэйэҥ велосипедынан сылдьар буоллаххына сэрэхтээх буоларгын умнума, тиэтэйимэ.
ВОЛЕЙБОЛ. Түүлгэ үчүгэйдик таба охсон волейбол оонньоотоххо баҕа санааны ситиһэр кэм кэлбит буолуон сөп.
ВОРОТА. Ворота сабыылаах буоллаҕына үлэҕэ-хамнаска киллэрэ сатыыр уларыйыылар кыаллыахтара суоҕа. Тохтобул, тардыллыы үөскүөн сөп; аһылыннаҕына саҥа үлэ көстүөҕэ.
Г
ГААС. Түүлгэ дьааттаах гаастан көмүскэнэн маарылланан муруну сабыннахха билэр киһини алҕаска хомоппуттан санаарҕабыл киирэн этэҥҥэ ааһыан эбэтэр аахайбат буолууну суох оҥоруу син кыаллыан сөп; дэлби тэбэр кутталлаах гаастан дьиэни салгылатар буоллахха үөскээбит кутталы эрдэттэн билии-көрүү, сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
ГОСТИНИЦА. Түүлгэ гостиницаны көрдөххө, олоххор быстах кэмнээх соһуччу уларыйыы буолуон сөп эбэтэр уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, санааҕа-онооҕо ылларбакка эрэ холкутук олорор кэм кэлэн иһэрин бэлиэтиир.
ГРУША. Маска үүммүт улахан, соҕотох груша көһүннэҕинэ бэйэҥ олоххор, дьоҥҥор оҥоро сылдьар үтүө дьыалаҥ ситиһиилээх буолуо.
Д
ДААЧА. Дьоннор даачаларын түһээн көрдөххүнэ, доҕотторуҥ үлэлэригэр улахан ситиһиини оҥоруохтара.
ДЕПУТАТ. Түүлгэ депутаты көрдөххө албыҥҥа, дьон тылыгар киирэн биэрэххэ сөп.
ДИПЛОМ. Түүлгэ диплом ыллахха ураты үлэни оҥорорго кыах баар буолбутун бэлиэтэ эбэтэр ханнык эрэ үлэ бүтүүтэ түмүктээх буолуоҕа.
ДОҔОР. Доҕоруҥ түүлгэр көһүннэҕинэ, тугу көрбүтүҥ үксэ сирэйинэн буо-луоҕа эбэтэр тэйсии, арахсыы саҕаланыа; кутталлаах түүлгэ ыраах сылдьар доҕоргун көрдөххүнэ, киһиҥ ыалдьыбыт эбэтэр туохха эрэ түбэспит буолуоҕа; түүлгэ доҕоруҥ санаарҕаабыт куһаҕан көрүҥнээх буол¬лаҕына, эйигин ыалдьыы, эрэй-муҥ күүтэр; доҕоруҥ үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ, үчүгэй солуннары истиэҕиҥ эбэтэр көрсүһүөххүтүн сөп; доҕоруҥ маҥан таҥастаах көһүннэҕинэ, ыалдьан хаалыан сөп. Өлбүт доҕоргун кытта кэпсэттэххинэ, кини тугу эппитэ кырдьык, туһалаах этии буолуо.
ДОКУМУОН. Байыаннай билиэт эбэтэр пааспар көстүүтэ, үлэ-хамнас, түбүк үксүүрүгэр тириэрдэр.
ДОЛГУН. Түүлгэ улахан долгуннар көһүннэхтэринэ, үлэҕэ мэһэйдэр көрсөллөр.
ДЭРИЭБИНЭ. Билэр дэриэбинэҥ көһүннэҕинэ, былыргы табаарыскын көр-сүөҕүҥ эбэ¬тэр солуннары истиэҕиҥ; дэриэбинэҕэ сырыттаххына, туох эмэ үчүгэй, санаа туолуута буолуоҕа.
ДУОҺУЙУУ. Түүлгэ туохтан эмэттэн астынар, дуоһуйар буоллаххына, илэтигэр дьыалаларыҥ табыллыахтара.
ДЬ
ДЬААБЫЛАКА. Дьаабылака сии сылдьар буоллаххына, бэйэҥ олоххор туох эмэ туһалааҕы оҥостор буолуоххун сөп. Төһө кээмэйдээх туһаны оҥосторуҥ дьаабылака көрүҥүттэн быһаччы тутулуктаах буолуоҕа; көрдөххө билсиһии буолуон сөп.
ДЬААҺЫК. Түүлгэ толору маллаах дьааһыгы көрдөххүнэ, байыы, баай-дуол эбиллиитэ саҕаланыа; кураанах дьааһыгы көрүү - дьадайыы бэлиэтэ; мас дьааһыктан төлө көтөн тахсыы, күүстээх ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.
ДЬАХТАР. Кыыһырбыт, эрэйдэммит, куһаҕан көрүҥнээх дьахтары көрдөххүнэ сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтарын сөп, үлэ-хамнас атахтаныа, кыһамньылаах, дьулуурдаах буолуоххун наада, оччоҕуна тугу эмэни ситиһиэххэ сөп; кыраһыабай оонньоһор дьахтар, араас тыл-өс, ордук са¬наһыы баар буоллаҕына көстөр; кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын көрүү - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга. Булка сылдьан нуучча дьахтарын көрсөн туттаххына, улахан булдуҥ табыллыа, онтон куоттардаххына - мэлийиэххин сөп.
Билбэт дьахтарыҥ икки атаҕа суох буолан көһүннэҕинэ, сөбүлүүр дьыалаҕар атахтаныы тахсыаҕа; хат дьахтар түүлгэ көстүүтэ, олоххор бары үчүгэйи, инникигэ эрэллээҕи түстүүр; дьахтары көрдөххө туһааннаах дьыала быстахтык атахтаныа эрээри кэлин табыллыан сөп. Ыһыллыбыт баттахтаах дьахтар үөрэ-көтө көрүстэҕинэ, соһуччу күүтүллүбэтэх ороскуоттар тахсыахтара; ордьойбут тиистээх, аҥар харахтаах, уоттааҕынан дьөлө көрбүт дьахтар утары кэллэҕинэ, туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуоҕа эбэтэр аймахтарыҥ ханнык эрэ дьыалаҕын сөбүлээбэттэрин биллэриэхтэрэ. Грузовой массыына суоппара дьахтар буоллаҕына туһааннаах дьыаланы хойутатан, тардыллан, ночоотуран да буоллар үчүгэй хаачыстыбалаахтык толоруохха сөп. Төбөтүгэр хара былааты бааммыт, хара таҥастаах дьахтар көһүннэҕинэ ким эмэ өлүүтэ буолуон сөп.
ДЬИЭ. Урут олорбут дьиэҕин көрдөххүнэ эбэтэр тиийэ сылдьар буоллаххы¬на, онтон ыалдьыттар кэлиэхтэрэ эбэтэр солуннары истиэҕиҥ; үчүгэй дьиэни ыраахтан көрдөххө - ситиһии буолуо; эргэ, урут олорбут дьиэҥ үчүгэй көрүҥнээх турар буоллаҕына, уһун кэм устата дьоһуннаахтык олоруоххун сөп, аймахтарыҥ үчүгэйдик саныахтара.
Түннүктэрэ уонна ааннара аһаҕас дьиэ көстүүтэ, дьиэҕититтэн уоруу эбэтэр сүтүк буолаары гыммытын сэрэтэр; үрэллээри турар дьиэ көһүннэҕинэ ыарыы булуо эбэтэр үлэҕэ-хамнаска ночоот тахсыан сөп; кыра, саҥа дьиэҕэ көһүү, ыарыһах, кырдьаҕас киһиэхэ олус куһаҕан түүл, олох тосту уларыйыытын бэлиэтиир. Биллэр дьиэ алдьаныыта көһүннэҕинэ, дьон санаата куһаҕанын көрдөрөр. Ол дьиэ дьонун санаалара да буолуон сөп; түннүгэ да, аана да суох дьиэҕэ хааттарыы буолуута, улахан наадалаах тирээн кэлбит боппуруоска сөптөөх эппиэти кыайан булбакка эрэйдэнии бэлиэтэ буолар.
Кыра, олус эргэ дьиэ кырдьаҕас киһи өлөрүгэр эбэтэр кыах суох буолуутуттан санаарҕабыл кэлэригэр көстөр; олорор дьиэ суох буолуута, олоххо табыллыбат буолуу, дьиэ кэргэн ыһыллыытыгар эбэтэр улахан, санааны уурбут дьыала табыллыбатыгар көстөр. Саҥа дьиэ тутуннахха улахан уларыйыы буолуо; киэҥ дьиэ буоллаҕына үчүгэй өттүгэр уларыйыы буолуон сөп; тутуллан бүтэн эрэр дьиэ көһүннэҕинэ, оҥоро сылдьар үлэ бүтүүтүгэр улахан мэһэйдэр кэтэһэллэрин биллэрэр; саҥа, киэҥ дьиэҕэ сырыттахха олоххо үчүгэй өттүгэр уларыйыы буолуон сөп.
ДЬИЭ ИҺЭ. Түүлгэ дьиэ иһэ ыһыллан көһүннэҕинэ туох эрэ араллаан эбэтэр сүтүк буолуон сөп; дьиэ иһэ кураанахсыйан миэбэлэ суох буолан көстүүтэ быстах кэмҥэ тиийиммэт-түгэммэт буолуу кэлиитигэр көстөр.
ДЬИЭ ҮРДЭ. Дьиэ үрдэ мууһуран көстүүтэ аймахтар сыһыаннара мөлтүүрүгэр, сэрэхтээх буолуу туһалыырын биллэрэр.
ДЬИЭ ҮРДҮГЭ. Дьиэ үрдүгэ уруккутуттан үрдүк буолуута эбэтэр үрдээн хаалыыта көһүннэҕинэ, өй-санаа эбиллэн таһыма үрдээн иһиитин бэлиэтиир; на¬мыһах дьиэ үрдэ баҕа санаа аҕыйаҕын, өй-санаа таһыма намыһаҕын көрдөрөр.
ДЬИЭ ТЭРИЛЭ. Түүлгэ дьиэ тэриллэрэ хара дьүһүннэнэн, харааран көһүннэхтэринэ дьиэ иһигэр өйдөспөт, тыл-тылга киирсибэт буолуу баар буолан ааһыаҕа.
ДЬОН. Санаарҕаабыт көрүҥнээх элбэх дьоннор мунньустубуттарын көрүү – киһи өлүүтүгэр, харах уутугар көстөр. Ыраах сиргэ сылдьар билэр дьоҥҥун көрдөххүнэ, ол сиртэн кэлэ сылдьар аймахтаргын дуу эбэтэр билэр дьоҥҥун көрсүөҕүҥ, кырата сурахтарын истиэххин сөп; дьон ортотугар сылдьар буоллахха, бэйэҥ мөлтөөн биэрэҥҥин, дьону кытта кыайан кэпсэппэккэҕин дьыалаҕын мөлтөтүөххүн сөп. Түүлгэ ыраах сиргэ олорор билэр дьонуҥ дьиэҕэр баар буоллахтарына, сотору бэйэлэрэ тиийэн кэлиэхтэрин сөп.
ДЬӨЛӨҔӨС. Түгэҕэ биллибэт дьөлөҕөһү этэҥҥэ тумнан аастахха, илэтигэр сэрэхтээх буолуу ирдэнэр кэмэ кэлбитин биллэрэр.
ДЬҮҺҮН. Түүлгэ халлаан күөҕэ дьүһүн көстүүтэ, туохтан эрэ дьиксиниини, дьаахханыыны көрдөрөр. Маннык дьүһүн туох эмэ уларыйыы тахсыахтааҕын билгэлиир. От күөҕэ дьүһүн көстүүтэ, баҕа санаа баарын уонна туолуон сөбүн көрдөрөр. Бу дьүһүн эрэли уонна кыахтаах, көмүскэллээх буолууну түстүүр, баҕар көмө кэлиэҕэ. Үрүҥ, маҕан дьүһүн, сырдык буолуута санаа туолуутугар, кыах-күүс элбээһинигэр көстөр. Хара дьүһүн сылайыы, санаарҕабыл бэлиэтэ.
ДЬҮӨКЭТ. Муостаны дьүөкэтинэн бистэхтэринэ санаарҕабыл кэлиэҕэ.
ДЬЫБААН. Түһээн дьыбааны көрдөххө - сынньалаҥ буолуо; дьыбааҥҥа олоруу эбэтэр сытыы - холку, сынньалаҥ олоҕу түстүүр; атыылаһыы - холку олох иһэрин көрдөрөр.
ДЬЭДЬЭН. Үчүгэй дьэдьэннэри хомуйуу буоллаҕына, кэһии кэлиэн сөп эбэтэр үлэҕэ-хамнаска бэйэ кыаҕынан, күүһүнэн баҕа санаа туоларын ситиһиэххэ сөп. Барыта дьэдьэн хайдах көрүҥнээҕиттэн тутулуктаах, куһаҕан көрүҥнээх буоллаҕына хомолто буолуон сөп. Түүлгэ үчүгэй дьүһүннээх дьэдьэни көрдөххө үчүгэй баҕа санаа туолуута буолуон сөп; дьэдьэни сиэтэххэ ситиһии буолуо.
Е
ЕЖ. Кыра ежигы көрдөххө, туспа өйдөөх-санаалаах киһини кытары көр¬сүһүү эбэтэр кыраттан улаханнык санааҕа ылларыы, сыыһа өйү-санааны тутуһа сылдьабын диэн санаарҕааһын буолуон сөп.
З
ЗВОНОК. Түүлгэ аан звоногун тыаһын иһиттэххэ, кэтэспэтэх ыалдьытыҥ кэлиэ эбэтэр соһуччу солуну истиэҕиҥ.
ЗАДАЧА. Түһээн ханнык эмэ задачаны суоттаатахха, сөптөөх быһаарыыны булуохха сөп.
ЗАРЯДКА. Зарядка оҥорор киһи көстүүтэ, эйигин кытта сөбүлэспэт киһи баарын биллэрэр.
И
ИГИИ. Эбиискэ үлэ-хамнас кэлэн иһэрин бэлиэтэ.
ИИКТЭЭҺИН. Кимиэхэ эмэ ииктээһин кэнниттэн, ол киһилиин этиһии, тыл тылга ки¬ирсибэт буолуу кэлиэҕэ; ким эмэ иигэ бырдаҥалаатаҕына эбэтэр сыбаннаххына, ыарыһах киһи үтүөрэн барыаҕа, онтон доруобай киһи ыалдьыан сөп; онно - манна ииктээһин буоллаҕына, бэйэҥ дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу эбэтэр кыра уларыйыылар, санааттан-онооттон ыраастаныы, быстах ночооттор буолуохтарын сөп. Элбэх киһи бииргэ ииктээһиннэрэ үгүс киһини таарыйар санаарҕабыл кэлэн этэҥҥэ ааһарыгар; элбэх ииги саппыкынан кэһэ сылдьар буоллахха үөрүү буолуо, табыллыы кэлэрэ чугаһаабыт буолуон сөп. Сөптөөх миэстэҕэ уһуннук ииктээһин буоллаҕына санаа-оноо ыраастаныыта, санаарҕабыл суох буолуута кэлиэҕэ.
ИИСТЭНИИ. Иистэнэ олорон тиэтэйэр, ыксыыр буоллаххына, кыһыйыы-абарыы, кыыһырсыы буолуо; туох эмэ туһата суоҕу тигэр буоллахха, кыйаханыы, кыыһырыы, сөбүлэспэт буолуу кэлэн ааһыан сөп.
ИЙЭ. Түһээн ийэҕин көрдөххүнэ, көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына барыҥ-барыта табыллыа; түһээтэххинэ ийэҥ кэлэн сэрэтэр, көрө-харайа сылдьар буоллаҕына, кырдьык олус сэрэнэ сылдьыахха, доруобуйаны харыстаныахха; өлбүт ийэҥ сытар буоллаҕына доруобуйа мөлтөөһүнэ буолуо, ыарыы киириэн сөп. Түүлгэ өлбүт ийэҥ көстүүтэ, араас сыыһа-халты туттууттан сэрэтэр эбэтэр олоххор үчүгэй өттүн диэки уларыйыы буолаары гыммытын бэлиэтиир, онтон ыалдьаары эҥин гыммыт буоллаххына ийэҥ көстүүтэ атын, мөлтөх, куһаҕан көрүҥнээх буолуоҕа.
ИЙЭ КЫЛЫН. Көрдөххө - дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ.
ИЛИИ. Түүлгэ илиитэ суох буолар киһини көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһиҥ өлүөҕэ; түһээн илии тутустахха, кимниин эмэ үчүгэй сыһыаны олохтуоҕуҥ эбэтэр өр көрсүбэтэх доҕоргун кытта көрсүөҕүҥ эбэтэр иирсээн кэнниттэн эйэлэһиэҥ. Соһуччу илииҥ киртийбитин көрдөххүнэ, сөбө суох дьыаланы оҥостоҥҥун эрэйгэ тэбиллэриҥ бэлиэтэ; илииҥ ха¬аннаах буоллаҕына, доҕоргун сыыһа буруйдааҥҥын, сымыйаҕа балыйаҥҥын быстах кэмҥэ тэйсэ сылдьыаххын сөп. Түүлгэр илиигин сууннаххына, ханнык эрэ бэйэҕэр кыаттарбат дьыалаҕар, ким эмэ көрөн-истэн көмөлөһүөн эбэтэр ханнык эмэ бырааһынньыкка, аһылыкка сылдьыаххын сөп; илииҥ түүлээх буолан хаалбыт буоллаҕына, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуоҕа эбэтэр көһүппэтэх өттүгүттэн барыс киириэн, ким эмэ көмөтө кэлиэн сөп.
Түүлгэ тарбахтар алдьанан, көҕөрөн көстөр буоллахтарына илии тымырдара ыалдьыахтарын сөп; илииҥ күүһүрэн иһэрин көрдөххө ыарыыттан үтүөрэн барыы кэлэн иһэрин бэлиэтэ.
ИНБЭЛИИТ. Көһүннэҕинэ, баҕа санааларыҥ кыайан туолуохтара суоҕа. Бэйэҥ инвалид буолбут буоллаххына, кыра да буоллар туохха эмэ тиксиэххин, кыайбат, саллар дьыалаҕар ким эмэ көмөлөһүөн, ыйан-кэрдэн биэриэн эбэтэр ханнык эрэ сөбүлээбэт быһыыгар түбэһиэххин сөп; атын билэр киһиҥ инвалид буолбутун көрдөххө, кимиэхэ эмэ көмөлөһөргө бэлэмнэниэххэ.
ИННЭ. Түүлгэ иннэнэн тигэр буоллаххына, эрэнэр, итэҕэйэр киһигиттэн хомойуоххун сөп; көрдөөһүн - таах хаалар үлэлэр, эрэйдэр көрсөллөр; иннэни көрүү – этиһиигэ, иирсээҥҥэ, өйдөспөт буолууга тириэрдиэн сөп. Саптаах иннэни көрдөххүнэ, эн бэйэҥ дьыалаҕын оҥороргунааҕар ордук дьоннор наадаларыгар сылдьаргын көрдөрөр эбэтэр үлэҕэ-хамнаска батыһар киһи баар буолуон сөп; иннэни булан ыллаххына, саҥа билсэр доҕотторуҥ эйигин сыаналыыр буолуохтара.
ИҤНИИ. Түүлгэ туохха эмэ иҥнии дьыала табыллыбатыгар, туох эрэ мэһэйдэр үөскүүллэригэр эбэтэр киһи туга эмэ иҥиннэҕинэ онон ыалдьыан сөп. Иҥнииттэн төлөрүйүү дьыала табылларыгар, үтүөрүүгэ көстөр.
ИС. Түһээтэххинэ иһиҥ улаатан хаалбыт буоллаҕына, эмискэ иһиҥ адаарыйыыта буолуоҕа эбэтэр туохтан эрэ хомолто буолуон сөп; сыгынньах иһиҥ көстүбүтүн сөбүлүү көрдөххүнэ, иһиҥ моһуогуран адаарыйбыта ааһан барыаҕа.
ИСКЭН. Соһуччу искэн таҕыстаҕына - көмө кэлиэ.
ИСПИИҺЭК. Түһээтэххинэ испииһэккэ аатын киирбэтэх буоллаҕына, доруобуйаҥ тупсан, көнөн барыаҕа.
ИСПИИСКЭ. Түһээн испиискэни көрдөххүнэ, тугу оҥороору гынаргын соҕотоҕун кыайан оҥоруоҥ суоҕа, сүбэ, көмө наада буолуоҕа. Түүлгэр испиискэ умаппытыҥ буруолуу - буруолуу умуллар буол-лаҕына, хобдох, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуо, баҕа санааҕын ситиһиигэ ордук санааччылар мэһэйдэһиэхтэрин сөп.
ИСТИИ. Түүлгэ киһи тугу эмэни этэрин иһиттэххэ туолуон сөп.
ИСТИЭНЭ. Истиэнэ көһүннэҕинэ, иннигэр улахан мэһэйдэр күүтэллэр; истиэнэ үрдүгэр тахсыы ситиһии бэлиэтэ; истиэнэ суулларын көрдөххө өйгө-санааҕа улахан уларыйыылар тахсыахтара, улахан мэһэй суох буолуо.
ИҺИТ. Түһээтэххинэ таас иһит алдьаннаҕына - дьол буолуо. Түһээн таас иһит алдьаммытын кэннэ иһигэр баар убаҕаһа тохтубатаҕына туох эмэ улахан ороскуот тахсан баран аһара барбакка сөбүгэр соҕус буолуон сөп.
ИТИИ. Түүлгэ итии хоско киирэн хааллахха, буолуохтаах кэпсэтииттэн эбэтэр көрсүһүүттэн дьыала табыллара улахан уустуктардаах буолуо.
ИТИРИК. Быстах өйдөөх киһи итирик көстөр; бэйэҥ итирбит буоллаххына, эстии-быстыы, мөлтөөһүн кэлиитин бэлиэтэ. Түүлгэр итирэн баран өйдөнөн кэлэн санааргыыр буоллаххына, үлэҕэр-хамнаскар сыыһа туттуу тахсыаҕа, ити гынан баран маннык сыыһаны эрдэттэн кыһаммытыҥ буоллар оҥоруоҥ суоҕа этэ. Ким эмэ итирэ сылдьар диэн эттэхтэринэ эбэтэр итирэ сылдьара билиннэҕинэ баҕа санаата туолбут киһи буолуоҕа.
К
КАРТА. Сир картатын көрдөххүнэ, олоххор дуу, үлэҕэр-хамнаскар дуу уларыйыы тахсаары гыммытын бэлиэтэ. Баҕар ылар дохуотун эбиллиэҕэ.
КАЛИТКА. Бүтэй хаптаһын олбуор калиткатын ылан бардахтарына, тиис тостон түһүөн сөп.
КАЮТА. Бэйэҥ хараабыл каютатыгар олорор буоллаххына, ханнык эрэ куһаҕан быһыы кэлэн иһэрин көрдөрөр.
КИИНЭ. Киинэ көрөр залга киирии - дьолго, үөрүүгэ.
КИЛИЭП. Түүлгэ килиэп сиэһинэ буоллаҕына, доруобуйаҥ бөҕөргөөн иһэрин быһыыта; хара килиэп сиэтэххэ, доҕоруҥ көмөтө кэлиэн сөп, эйэлээх, дьоһуннаах олох бэлиэтэ; көрдөххө, биир тэҥник баран иһэр олохтоох буолуу бэлиэтэ; арыылаах килиэби сиэтэххэ улахан туһалаах, барыс киирэр үлэтин оҥоруохха сөп.
КИНИГЭ. Кинигэни аахтаххына эбэтэр арыйан көрдөххүнэ, эйиэхэ убаастабыл, баай буолуу, сырдык диэки тардыһыы кэлиэҕэ, үлэҥ-хамнаһыҥ сыаналаныа; суруктаах кинигэни арыйан көрдөххүнэ, эн оҥоро сылдьар үлэҥ дьоҥҥо туһалаах буолуоҕа; улахан кинигэни көрдөххүнэ, биллииҥ-көстүүҥ үрдээн иһиэҕэ, үлэлэриҥ туһалаахтара биллиэхтэрэ; улахан эргэ кинигэ көһүннэҕинэ оҥоро сылдьар үлэлэргэр сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Автор кинигэтэ бэчээккэ тахсан эрэрин билиитэ, сэрэхтээх буолууга ыҥырар. Кинигэтэ бэчээккэ тахсарыгар элбэх мэһэйдэр баалларын биллэрэр. Элбэх кинигэни библиотекаҕа көрдөххө, араас мэһэйдэри туораан ситиһиини оҥоруохха сөп; суруйааччы биллэр-көстөр, ааҕыллар, үөрэтиллэр кинигэни тута сылдьар буоллаҕына, үлэтэ-хамнаһа ол кинигэ курдук сыаналаныа.
КИР. Кэтэ сылдьар таҥаскар кир баар буоллаҕына бэйэҥ сыыһа халты-халты туттунан куһаҕаны оҥостуоххун сөп; кири ыраастааһын буоллаҕына үөрүү буолуо.
КИРИЭҺИЛЭ. Бириэмэни холкутук атаарыы кэмэ кэлбитин бэлиэтэ.
КИРИЭС. Таҥара дьиэтин кириэһин оҥоруу – уһун үйэлэниигэ. Кириэһи көрдөххүнэ, ыарыһах үтүөрэн барыаҕа, онтон куһаҕан балаһыанньаҕа түбэспит киһи быыһанар суолу булуоҕа.
КИРИЛИЭС. Кирилиэһинэн таҥнары түһүү - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга; нэһиилэ өрө тахсыы - эрэйдэнэн ситиһии, ыарыыттан үтүөрүү, бэлиэтэ; алдьаммыт кирилиэс көстүүтэ, баҕа санаа, ситиһии кыайан оҥоруллубатын бэлиэтэ, туох эмэ мэһэй көстүөҕэ эбэтэр кыах тиийиэ суоҕа; кирилиэһинэн дабайыы кыаттарбатаҕына эбэтэр үөһээ ыстанан кыайан ыттыбатаххына, баҕа санааҕын толоро сатаан баран, кыратык кыаттарыа суоҕа. Кирилиэс алдьаммыт үктэллэрэ көһүннэхтэринэ, үчүгэйи баҕарбат дьон араас мэһэйдэри оҥороллорун көрдөрөр; үөһээ тахсар кирилиэс алдьаммыта эбэтэр бүтэн хаалыыта, баҕа санаа кыайан туолбатыгар кыах эбэтэр көмө кыайан тиийбэттэрин көрдөрөр.
КИРПИИЧЧЭ. Кирпииччэни көрдөххө, тугу эмэни булуу эбэтэр олоххо уларыйыылар буолуохтарын сөп; элбэх кирпииччэ көһүннэҕинэ, олоххо саҥа уларыйыылары киллэриигэ баҕа санаа күүстээх буолуоҕа.
КИҺИ. Ыраах сылдьар киһини түүлгэ көрдөххө киниттэн сурах дуу, сурук дуу кэлиэҕэ; түүлгэ санаарҕаабыт эбэтэр ытыыр киһини көрдөххө санаа түһүүтэ, санааҕа ылларыы буолуон сөп. Түүлгэ куһаҕан көрүҥнээх, сөбүлээбэт киһиҥ көһүннэҕинэ дьону кытта сыһыаҥҥа сэрэхтээх буолуу ирдэнэр эбэтэр ханнык эрэ дьыалаларга сыыһа туттууну оҥоруохха сөп; тыыннаах киһи өлө сытара көһүннэҕинэ, бу киһи уһун үйэлээх буолуон сөп; түүлгэ хайа эмэ киһи нэһиилэ көстөр буоллаҕына, ол киһи өйүнэн ыалдьыан сөп эбэтэр эйигин албынныырга сананар.
Нуучча киһитин ыраахтан көрдөххүнэ, кыратык ыарытыйаҕын, онтон кэк¬кэлэстэҕинэ уонна кэпсэттэҕинэ улаханнык ыалдьыаххын сөп; атын омук киһитин көрүү сөбүлэспэт, биир тылы булуммат буолуу кэлиитигэр, ханнык эрэ дьыалаҕа өйдөспөт дьону көрсүөҕүҥ эбэтэр үлэҕин таба сыаналыахтара суоҕа.
Билэр өлбүт киһиҥ түүлгэр көһүннэҕинэ, оччотооҕу кэмҥэ бииргэ сылдьыбыт маарынныыр майгылаах киһигин көрсүөххүн сөп; билэр киһиҥ улаатан көһүннэҕинэ, үлэ ханнык эмэ көрүҥэр эбэтэр күрэхтэһиигэ дуу эйигин баһыйыаҕа; түүлгэ киһини көрсөөрү сорунан баран кыайан көрсүбэтэххинэ, илэтигэр эмиэ көрсүһүөҥ суоҕа; ыраах сиргэ олорор билэр киһигин көрдөххө эбэтэр киһиҥ тиийэн кэллэҕинэ, ол сиртэн аймахтаргын дуу, билэр дьоҥҥун дуу көрсүөҕүҥ эбэтэр сурахтарын истиэҕиҥ.
Түүлгэ өлбүт киһи көһүннэҕинэ кини аймахтарын эбэтэр оҕолорун кытта көрсүһүү буолуон сөп; өлбүт киһи дьиэ таһыгар кэллэҕинэ, ким эрэ көмөҕө наадыйара биллиэҕэ; өлбүт билэр киһини кытта хаарты оонньоон балыйыстахха ханнык эрэ конкурент, сөпсөспөт киһи көрсүөҕэ уонна билэр киһиҥ курдук майгылаах буолуон сөп; өлбүт киһи эмп биэрдэҕинэ быстах ыарыы киирэн этэҥҥэ ааһыаҕа. Сөбүлээбэт киһиҥ тосту-туора хамсанар буоллаҕына, кыттыгастаргын кытта биир тылы булбаккаҕын дьыалаҕыт табыллыа суоҕа эбэтэр туох эмэ мэһэй, атахтаныы тахсыаҕа; кырдьаҕас киһи уһуннук үлэлээбит урукку үлэтигэр үлэлии сылдьара көһүннэҕинэ, сотору өлөрө буолуо; олус улахан киһини кытта үчүгэйдик кэпсэттэххинэ, соһуччу көмө кэлиэн сөп эбэтэр үчүгэй күннэр кэлиэхтэрэ, үлэ-хамнас табыллыаҕа; билэр киһиҥ кэллэҕинэ, ханнык эмэ солуннары истиэххин сөп. Киһиҥ таҥаһа маҥан эбэтэр хара буоллаҕына, ыалдьар буолуон сөп.
Билэр киһиҥ көһүннэҕинэ көрсүһүү буолуон эбэтэр сурах истиэххэ сөп. Манна киһи көрүҥэ, тугу оҥороро кэпсэтии хайдах хайысхалаахтык барарын быһаарар; түүлгэ билэр киһигин көрсүһэн баран атыннык, туоратык эҕэрдэлээтэххэ кэтэһэ санаабыт көрсүһүү кыаллыа суоҕун сөп; аата-суола биллэр киһилиин бииргэ сырыттахха улахан уустук дьыала табыллыыта буолуон эбэтэр билии-көстүү улаатан, кэҥээн барыаҕа. Түһээн көрдөххө харааран баран сытар киһи сотору олус улаханнык ыалдьыан сөп; хара таҥастаах киһини көрдөххө тыл-тылга киирсибэт, өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ эбэтэр билэр дьонуҥ үлэҕин атахтыахтара, мэһэйдиэхтэрэ. Итирик киһини көрсүү ханнык эрэ дьыалаҕа сөпсөспөт буолуу, сыыһа-халты туттунуу, киирэн биэрии кэлэригэр көстүөн сөп. Өлбүт киһини хостоон таһаарыы туох эрэ умнуллан хаалбыты сөхсүтэ, хаттаан көбүтэн үөрэтэ сатааһыҥҥа көстүөн сөп.
КИҺИ УҤУОҔА. Түүлгэ киһи уҥуоҕун көрдөххө, эрэй-буруй ыарахан санаалар киирэллэр: эргэ дьоннор көмүллүбүт сирдэрин көрдөххө, урукку табаарыскын эбэтэр аймаххын көрсүөххүн сөп.
КИЭҤ. Киэҥ-куоҥ сиргэ тахсан кэлии баҕа санаа туолуутугар, кыах-күүс эбиллиитигэр көстөр.
КИЭҤ КУЙААР. Ыраах айаннаары гыммыт киһи, киэҥ куйаары көрөр.
КИЭРГЭЛ, СИМЭХ. Түүлгэр киэргэл, симэх кэппит буоллаххына, бэйэҕин олус үрдүктүк сананар буолуоххун сөп; киэргэл бэлэх биэрэр буоллаххына, харчыгын элбэхтик туһата суохха туттаҕын.
КИЭРГЭНИИ. Түһээн киэргэммит, тупсубут киһини көрдөххүнэ, ыарытыйар киһи бу¬олуоҕа эбэтэр олоҕор ханнык эрэ уларыйыылар тахсыахтара; түүн түһээн киэргэннэххинэ, ким эрэ өлбүтүгэр хомойоҕун.
КИЭҺЭ. Түүлгэ киэһэ буолуута киһиэхэ үчүгэй кэмэ кэлиитин биллэрэр, баҕа санаа туолуута буолуон сөп.
КОЛОННА. Дьиэни уйан турар колонна алдьанан көстүүтэ улахан туһалаах дьыаланы оҥорсубут киһи өлөрүгэр көстөр.
КОНФИСКАЦИЯ. Түүлгэ дьиэ иһиттэн малы-салы, таҥастары былдьаан илдьэ баралларын көрдөххө, тулалыыр дьон санааларыгар элбэх баайы-малы мунньунан эрэр буолуоххутун сөп.
КОНЬЯК. Коньяк быһаҕас бытыылката кэһиилээх кэллэхтэринэ, үтүө дьыаланы оҥоруу уһаан, тардыллыылаах да буоллар син кыаллыаҕа.
КОПИРКА. Түүлгэ копирка көстүүтэ оҥоруллубут дьыаланы аһара элбэтэн көрдөрүү буолуутугар көстөр.
КӨҔҮС. Ким эмэ көхсүн көрдөрөр буоллаҕына, ордук санааһын уонна күнүү баарын бэлиэтиир, арахсыы, тэйсии буолуон сөп; сыгынньах көҕүһү көрүү – былааһы сүтэрии бэлиэтэ.
КӨЛӨҺҮН. Түүлгэ киһи көлөһүнэ таҕыстаҕына улаханнык санаарҕыы сылдьыбыт уустук дьыалатын этэҥҥэ түмүктүөн сөп.
КӨЛҮӨҺЭ. Түүлгэ эргийэ турар көлүөһэ көстүүтэ олоххо туох эмэ уларыйыылар буолаары гыммыттарын бэлиэтиир; массыына көлүөһэтэ туллубута көһүннэҕинэ, айанныырга сэрэхтээх буоллахха табыллыаҕа эбэтэр тардылла түһэн баран айаҥҥа турунуохха.
КӨМӨ. Түһээтэххинэ ким эмэ көмөлөстөҕүнэ - төттөрү буолуо.
КӨМҮҮ. Түүлгэ дьону көмө сылдьары көрүү – куһаҕаҥҥа, өлүүгэ; бэйэҕин көмө сылдьалларын көрүү –уһун үйэлэниигэ; тыыннаах киһи өлбүтүн көмүүнү көрдөххүнэ, сыбаайбаҕа ыҥырыы кэлиэҕэ.
КӨРДҮҮР. Түүлгэ туоҕу эмэни көрдүүр буоллаххына, кэргэҥҥин көрсүөххүн баҕараргын көрдөрөр; онтон тугу эрэ сүтэрэн баран көрдөөтөххүнэ, үлэҕэр буолар мэһэйдэри кыайан быһаарбакка эрэйдэнэҕин.
КӨРСҮҺҮҮ. Түүлгэ дьахтары көрүстэххинэ, үлэ-хамнас атахтанар; куһаҕан көрүҥнээх дьахтары көрүстэххэ ыалдьыахха да сөп; эр киһини көрсүү - үлэ-хамнас тупсуутугар, табылларыгар. Өлбүт киһини көрүстэххинэ, ыарыы, мөлтөөһүн буолуоҕа эбэтэр кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барыстаххына өлүөххүн сөп.
КӨРҮҤ. Куһаҕан, мөлтөх, сөбүлээбэт көрүҥнээх буолуу мөлтөөһүҥҥэ, санааарҕабыл кэлиитигэр көстөр.
КӨҺҮҮ. Өлбүт дьон дьиэлэригэр көһүү соһуччу улаханнык ыалдьарга көстөр бэлиэ.
КӨТӨҔҮҮ. Түүлгэ көтөҕүү кыаттарбатаҕына мөлтөөһүн кэмэ кэлбитин билэн сэрэхтээх буолуу улааттаҕына табыллар.
КӨТӨР. Түүлгэ көтөрү өлөрдөххө - ночоот тахсыа, эрэй эбиллиэ; ытыалаатахха – куһаҕан быһыыттан кыайан босхоломмоккун: туттаххына - баҕа санаа туолуоҕа, барыс киириэҕэ; туга да биллибэт хара көтөрү өлөрдөххө бэйэ хара, куһаҕан санааларыттан босхолонуу буолуон сөп. Сиэмэх көтөр утары көтөн кэлиитэ, туох эмэ сүтүк буолаары гым-мытын бэлиэтиир, ааһа көтөн бардаҕына, ночоот буолуута халбарыйан ааһан хаалыан сөп; тыҥырахтаах көтөрү этэҥҥэ туттахха саҥа билсиһии туһалаах буолуо; саанан ытан көтөрү өлөрдөххө, обургу ночоот бу¬олуон эбэтэр айылҕаҕа соһуччу уларыйыы тахсыан сөп.
Ыраас халлааҥҥа элбэх көтөрдөр көтөн ааһалларын көрдөххө, кыайан саҕаламмакка, табыллыбакка турбут үлэ оннуттан сыҕарыйыа, ситиһии буолуон сөп. Түүлгэ тыҥырахтаах көтөр атахха хатаннаҕына уонна кыайан төлөрүппэтэххэ үлэни-хамнаһы атахтыы, тохтото сатааччылар баар буолуохтара.
КӨТӨХТӨРҮҮ. Түһээн көтөхтөрөн хаалбыт буоллаххына, туох эмэ сүтүк, ночоот буолуон эбэтэр туох эмэ дьыала табыллымыан сөп; билэр киһиҥ көтөхтөрөн көһүннэҕинэ ыарыы булуо эбэтэр олоххо табыллыбат кэмэ кэлиэ.
КӨСТҮҮМ. Сөп түбэһэр, үчүгэй көстүүмнээх буоллаххына, дьоҥҥо сабыдыалыҥ үрдээн барыаҕа.
КРЕДИТ. Түүлгэ кредит ылар туһунан эттэхтэринэ ким эмэ харчы иэс көрдүөҕэ, босхо көмө быһыытынан ыла сатыахтара.
КРОКОДИЛ. Түүлгэ крокодил көһүннэҕинэ бэлэмҥэ үөрэммит киһини кытта сөбүлэспэт, өйдөспөт буолуу улааппытын биллэрэр.
КРОССВОРД. Кроссворду кыайан суоттаабакка толкуйдуу сатаатаххына, эн буруйгуттан тахсыбатах эрэйдээх быһыы этэҥҥэ ааһыаҕа.
КУЙААР. Куйаарга көтөн сулус буолуу эмискэ арахсыыга эбэтэр соһуччу балыыһаҕа эҥин киириигэ көстөр.
КУЛГААХ. Түүлгэ кулгаах көһүннэҕинэ оҕолоруҥ туһунан саныыр кэм кэлбитэ буолуо, тугу эмэни кулгаах көрүҥүн курдугу истиэххэ сөп. Кулгааҕы сиэрэтиттэн ыраастааһын куһаҕан солун көнүүтүгэр тириэрдиэн сөп.
КУЛЛУКА. Куллукалаан саппыкы кэттэххэ, тымныйан ыарыы үтүөрүөҕэ.
КУМААҔЫ. Түүлгэр кумааҕыны имитэр буоллаххына, бэйэҥ интэриэскин көмүс¬күүрүн кэлэн иһэр буолуон сөп; эмэһэни соппут кумааҕыны хомуйар киһи көһүннэҕинэ үлэ-хамнас туһата олус кыратын, хойутаан кэлиэн сөбүн биллэрэр.
КУМАХ. Түүлгэ кумах көстүүтэ, кыра-кыра сүтүктэри, ночооттору түстүүр.
КУОБАХ. Түһээн куобаҕы көрдөххүнэ - хаар түһүө эбэтэр мөлтөөн-ахсаан, быһаарыыта суох буолан иһиини көрдөрөр; үчүгэй көрүҥнээх куобах сүүрэн иһэрин көрдөххө туох эмэ кыра ситиһии буолуо; өлбүт куобаҕы илдьэ сылдьыы ыалдьаары гыннахха көстүөн сөп. Куобах буутун сиэһин көстүүтэ, ордук санааһын киириитин бэлиэтиир; өлбүт маҕан куобах көһүннэҕинэ билэр киһиҥ эбэтэр аймаҕыҥ улаханнык ыалдьыаҕа, өлүөн да сөп.
КУОПСУК. Куопсугунан ыраас ууну баһан ылан иһэр буоллахха, доҕотторуҥ көмөлөрө баар буолуо, оҕолоруҥ дьолу аҕалыахтара.
КУОСКА. Түүлгэ хара куоска суолу туораатаҕына субу саҕаланар саҥа дьыала табыллыбата, букатын да тохтуура буолуо; аччык, сүүрүк куосканы көрдөххө туох эмэ күрэхтэһиигэ алтыһар доҕоруҥ ыалдьан хаалыан эбэтэр куһаҕан солуну истиэххэ сөп. Мөлтөх, кыра куоска оҕото көстүүтэ санаа түһүүтэ, чуҥкуйуу кэлиитигэр көстүөн сөп.
КУОТУУ. Түүлгэр кутталтан куотар буоллаххына, эйигин ночооттор күүтэллэр эбэтэр кыайыыга дьулууруҥ мөлтүөн сөп.
КУР. Курдаах сылдьар киһи - санаата туолбут киһи; киэргэллээх курдаах киһи - олоҕор табыллыбыт, көммүт киһи буолар.
КУРТУЙАХ. Куртуйаҕы түһээн көрөр - ыарыыга.
КУС. Куһу көрдөххүнэ - сөбүлээбэт киһигин кытта эйэлэһиэҥ; куһу туттаххына, туох эмэ дьоһуннаах солуннары истиэҕиҥ; кус оҕолорун иитээри хомуйдахха, былааннарыҥ туолаллара өссө да ыраах соҕуһун көрдөрөр. Оҥоро сылдьар дьыалаҕыттан туох эмэ туһа син тахсыаҕа; ууга уста сылдьар үчүгэй кус көһүннэҕинэ, үөрүү-көтүү буолан са¬нааргыы сылдьыбытыҥ ааһан барыа. Түүлгэ улахан куһу бултааһын улахан туһалаах дьыаланы оҥоруу бэлиэтэ; кустар көтөн кэллэхтэринэ суолталаах солун кэлиэҕэ.
КУСТААҺЫН. Түһээн кустуу сырыттаххына, баҕа санааҕын ситиһэргэр дьулуурдаах буолууҥ көмөлөһүө; кустуу бараары оҥостуу буоллаҕына олоххо, үлэҕэ-хамнаска уларыйыы буолуон сөп.
КУСТУК. Кустугу көрүү - үлэ-хамнас тупсуутугар, дьыала табыллыытыгар, баҕа санаа туолуон сөп.
КУТТАЛ. Бэйэҥ куттаммыккын көрдөххүнэ –оһолго түбэһиэххин сөп: куттаммыт дьоннору көрүү, араас куһаҕаны көрүүгэ көстөр. Тугу эмэ оҥоруоххун эбэтэр айанныыртан куттанар буоллаххына, билэр дьонноруҥ көмөлөспөккөлөр дьыалаҥ табыллыа суоҕа; киһиттэн куттанар буоллахха, бу киһиттэн сэрэхтээх буолуохха, кини тугу эмэни буортуну оҥоруон сөп. Түүлгэ куттаныы туох эрэ ыарахан санаа баарын бэлиэтэ. Куттал этэҥҥэ аастаҕына эбэтэр уһуктан куоттаххына быстах кэмнээх санаа түһүүтэ, долгуйуу эмиэ этэҥҥэ ааһыаҕа; туохтан эрэ куттаннаххына, санааргыырга ханнык эмэ төрүөт көстүөҕэ эбэтэр күнүскү санааларыҥ мунньустууларыттан ыраастаныы буолуон сөп.
Түүлгэ туох эмэ табыллыа суоҕа диэн куттана санаатахха, оҥороору гынар дьыалаҥ кырдьык табыллымаары гыммыт, баҕар, билэр киһиҥ кыаҕым суох диэн көмөлөспөккө хаалыан сөп. Түүлгэ кутталлаах быһыыга киирэ сырыттахха уонна ордон эбэтэр кыайыылаах таҕыстахха дьоҥҥо биллэр дьыалалары оҥорууга бары кыаххын ууран ситиһиэххин сөп. Кутталга киирэн баран бааһырыы, кыаммат буолуу буоллаҕына дьыалаҕа ньотоотуруу эбэтэр дьиэҕэ-уокка быстах быһыылар эрэйдиэхтэрин сөп.
КУТУЙАХ. Кутуйах чыыбыргыыр буоллаҕына, эйигиттэн уоруохтарын баҕарал¬лар; көрдөххө - дьиэҕэ-уокка табыллыбат быһыы, кыра сүтүк дуу, ночоот дуу буолуон сөп; өлөрдөххө - үтүөнү баҕарбат дьону кыайыы буолуон, баҕа санаа туолуон сөп. Түүлгэ элбэх кутуйахтар көһүннэхтэринэ туһа таһаарына сатааччылар баар буолуохтара эбэтэр тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскээн ааһыан сөп.
КУТУРУК. Сүөһү кутуругун түүлгэ көрүү – куһаҕаҥҥа, санааҕа ылларыыга.
КУУЛ. Тэһэҕэстээх куулу көрдөххө - улахан ночоот тахсыа; толору куул - үөрүү-дьол буолуо; элбэх толору куулу көрдөххө - баай буолуоҥ. Куул быһаҕас буоллаҕына санаабыт санаа ситэ туолбакка хаалыан сөп; улахан куулу көтөҕөн кыайбатахха оҥоро сатыыр үлэҕин кыайбакка хаалларыаххын сөп.
КУУРУССА. Кууруссаны көрдөххө, дохуот эбиллэн барыан сөп.
КҮЛ. Түһээн күлү көрдөххүнэ, санаа түһүүтэ, санаарҕабыл кэлиэ.
КҮЛҮК. Бэйэҥ күлүккүн көрдөххүнэ, сэрэнэ сылдьыахха наада: көннөрү күлүгү көрдөххө, куттаныы эбэтэр уоруу, сүтүк буолуо. Күлүгүн улаатан хаалбытыттан дьон соһуйдахтарына улахан суолталаах, элбэх дьону таарыйар улахан үлэни оҥороргун билбэккэ сылдьаргар сөп.
КҮЛҮҮ. Түһээн астына күллэххэ, баҕа санаа туолуута дьэ буолуоҕа.
КҮЛҮҮС. Түүлгэ хатанан турар күлүүһү көрдөххө, кыайан туоратылла охсубат мэһэй баҕа санаа туолуутун мэһэйдиир, туох эмэ уларыйыыны киллэрдэххэ эрэ кыаллар дьыала буолбутун бэлиэтиир.
КҮЛҮҮС ТЫЛА. Түүлгэ күлүүс тыла көһүннэҕинэ, ханнык эмэ билиилэр баалларын бэлиэтиир, туох эмэ уларыйыылар буолуохтара; күлүүс тылын булан ылыы, эйэлээх олох уонна үлэҕэ-хамнаска сэргэхсийии буолуутун бэ¬лиэтэ; алдьанан хаалбыт күлүүс көстүүтэ, арахсыы, тэйсии буолаары гыммытын көрдөрөр эбэтэр өлүү да буолуон сөп.
Холбуу баайыллыбыт күлүүстэри ыллаххына, дуоһунаһыҥ үрдүөҕэ эбэтэр үлэҥ сыанабылы ылыаҕа, күлүүс тылын булан ыллахха, саҥа билсиһии буолуо, барыс киириэ эбэтэр саҥа доҕор булунуоххун сөп; кыыс күлүүс тылын буллаҕына, кэргэн тахсыа; күлүүс тылын биэрдэхтэринэ, доҕотторуҥ эрэнэллэрин итэҕэйэллэрин бэлиэтэ. Өлбүт аҕаҥ элбэх күлүүс тылларын биэрдэҕинэ доҕотторуҥ, аймахтарыҥ, бииргэ үлэлээбиттэриҥ өйүүллэрин, өйдүүллэрин биллэриэхтэрэ; ааны күлүүс тылынан астахха, урут биллибэт дьыаланы саҕалыахха сөп.
КҮН. Сырдык күн - бары үчүгэйгэ; киирэн эрэр күнү көрүү, уһун үйэлэниигэ, олох тупсан иһиитигэр.
КҮӨГҮ. Түүлгэ күөгүгэ иҥиннэххэ дьон бэйэлэригэр туһалаах, барыс киллэринэр этиилэригэр киирэн биэриэххэ сөп; күөгүнү көрдөххүнэ, сэрэммэккэ албыннааһыҥҥа киирэн биэриэххин сөп; илиигэр ыллаххына, бэйэҥ олоххун бэйэҥ оҥостуоҕуҥ.
КҮӨЛ. Чуумпу ыраас уулаах күөлү көрүү - санаа туолуутугар; кытыылара барылара көстөр улахан соҕус, чуумпу, үчүгэй күөл көһүннэҕинэ, баҕа санааҥ туолан барыыта саҕаланыа; чуумпу, күн уотунан сырдаабыт, көҕөрүмтүйэн көстөр күөл кэргэннии олох табылларыгар көстөр. Туманнаах күөл көһүннэҕинэ өй-санаа мөлтөөһүнүттэн, билэри да билбэт буолууттан хонтуруолу, кэтээһини мөлтөтүүттэн үлэ-хамнас сатарыйыыта тахсыан сөп; күөлгэ уу эбиллиитэ барыс киириитэ элбээһинигэр көстүөн сөп.
КҮӨМЭЙ. Киһи күөмэйэ ыалдьаары гыммытын түһээн билиэн сөп. Күөмэйтэн туох эмэ кыһыл таҥаһы уһуннук орооһун эбэтэр күөмэй бэйэтэ уларыйан туох эмэ буолан көһүннэҕинэ сэрэниэххэ.
КҮӨРЭГЭЙ. Күөрэгэй ырыатын истии - баайга-дуолга, санаа туолуутугар.
КҮРДЬЭХ. Түүлгэ күрдьэх көстүүтэ, куруук манаан тахсар үлэҕин дьэ бүтэрээри гыммыккын көрдөрөр. Күрдьэх угун тоһуттахха бэйэҥ сыыһа-халты, аһара туттуугунан доруобуйаҕын мөлтөтүөххүн сөп.
КҮРҮӨ. Күрүөнү быыһынан киирии - эчэйиигэ, ыарыыга көстөр; күрүө көстүүтэ - хааччах, мэһэй бэлиэтэ. Күрүө үрдүгэр таҕыстахха туһалаах дьыаланы син бүтэрэн ситиһии буолуо; күрүөнү тоҕо көтөн бардахха, кыайа-хото туттуунан үөскээбит мэһэйи суох оҥоруохха сөп. Түүлгэ күрүөнү, олбуору кэҥэтии билии-көрүү таһыма уруккутааҕар эбиллибитин, кыах-күүс элбээбитин биллэрэр.
КҮҺҮН. Бириэмэтигэр буолбатах буоллаҕына – соһуччу көмө кэлиэ.
КҮҮЛЭЙ. Киэһэ бииргэ күүлэйдээһин, халы-мааргы быһыылары түстээһин.
КҮҮС. Түһээҥҥин тугу эмэ оҥоро сылдьан күүстээх, кыанар курдук сананнаххына эбэтэр туох эмэ ыараханы көтөҕөн кыайдаххына, баҕа санааҥ туолуута, ситиһии буолуо.
КҮҮҺҮЛЭЭҺИН. Түүлгэ күүһүлээһини көрдөххө, ханнык эрэ дьыалаҕа ыгааһыны оҥорон сөбүлээбэт өттүгүн оҥотторо сатыахтарын сөп.
КЭПСЭТИИ. Солун таҥаһы кэтэр туһунан кэпсэтии буоллаҕына элбэх солуннаах ыалдьыт кэлиэн сөп.
КЭҺИИ. Араас аһылыгы талан киһиэхэ кэһии биэрэр буоллахха бары үлэҕэр-хамнаскар өйүүр, көмөлөһөр киһилээххин биллэрэр; кэһии ыллахха үөрүү буолуо.
КЫАЙЫЫ. Түһээн туох эмэ кыайыыны ситистэххинэ, эйигин күүтэр, эрэнэр дьон баалларын көрдөрөр, ситиһии буолуон сөп.
КЫАТТАРЫЫ. Түүлгэ туох эмэ кыаттарбатаҕына, сатамматаҕына илэтигэр үлэҕэ-хамнаска сатарыйыы тахсыан сөп.
КЫБЫЛЛЫЫ. Түүлгэ туохха эрэ кыбыллан тыына хааттаран олус куттаннахха тыҥа эбэтэр сүрэх ыалдьар буолуон сөп, күүс-кыах аҕыйаҕын биллэрэр.
КЫМЫРДАҔАС. Таах хаамса сылдьар кымырдаҕастары көрдөххө, кыра-быстах дьыалаларыҥ табыллыбаккалар сыыһа-халты буолуохтара эбэтэр үлэҕэ кыра, быстах мэһэйдэр көстүөхтэрэ; кымырдаҕастары хам үктүөлээтэххэ быстах мэһэйдэр суох буолуохтарын сөп.
КЫПТЫЫЙ. Кыптыыйы ылар дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төрүөҕэ. Үчүгэй көрүҥнээх, сытыы кыптыый көһүннэҕинэ майгы кэччэгэй, тоҥкуруун буола уларыйыытыттан билэр дьоҥҥун кытта биир тылы булар ыарахан буолуо эбэтэр сөбүлээбэт эрээри бэйэҕэ барыстаах дьыала табыллыан сөп; кыптыыйынан кырыйдахха, баҕа санааны ситиһии, үлэ-хамнас табыллыытын биллэрэр. Түүлгэ тугу эмэ кырыйаары бэлэмнэммитиҥ кэннэ кыптыый сүтэн хааллаҕына, туох эмэ уларыйыы тахсыахтааҕа өр кэмҥэ кыаттарбакка эрэйдиэн сөп.
КЫРА. Түүлгэ киһи бэйэтин көрүҥүттэн кыччаан көстүүтэ, кыайбат-хоппот буолан мөлтөөһүнүн бэлиэтэ уонна кини атын киһи көмөтүгэр наадыйа¬рын көрдөрөр. Түһээн кыра киһини көрдөххө өй-санаа мөлтөөн, аҕыйаан куччаабытын биллэрэр. Урут улахан киһи кыччаан көстүүтэ уруккуттан уларыйыы мөлтөөһүн өттүгэр баран иһэрин көрдөрөр. Туох түүлгэ көстөр барыта урут биллэр көстүүлэриттэн кыччаан хаалыылара мөлтөөһүн, санаа түһүүтэ, кыах суох буолуута кэлэн иһэрин биллэрэллэр.
КЫРААСКА. Саҥа кырааскаламмыт киһи уҥуоҕун көрүү - киһи өлүүтүгэр; маҕан кыраасканан күрүөнү кырааскалааһын, билэр убаастыыр киһиҥ өлүүтүгэр көстөр.
КЫРБАНАР. Кими эмэ кырбыыры көрдөххүнэ, ким эмэ туһунан аһына саныаҕын. Бэйэҥ кырбаннаххына, үчүгэй буолуу, тупсуу саҕаланыа.
КЫРЫЫҺА. Дьиэ кырыыһатын көтүрэн үөһээ тахсар буоллаххына, урут оҥоруллубатах, саҥа дьыаланы саҕалааһыныҥ ситиһиилээх буолуон сөп; кырыыһаҕа ыттан тахсыы эбэтэр кырыыһа үрдүгэр сылдьыы билии-көрүү кэҥээн, өй-санаа сайдыбытын биллэрэр. Түүлгэ олус кыараҕас дьиэ кырыыһатын иһигэр сырыттахха киһи араас санааларга ылларыыта, кыайан быһаарыыны ылыммат кэмэ кэлиэн эбэтэр төбөҕө араас санаалар мунньустаннар ыарыы киириэн сөп.
КЫРЫЫСА. Аһыы турар улахан кырыыса көстүүтэ искэр сөбүлээбэт быһыыҥ эйигиттэн тутулуктааҕын бэлиэтэ; кырыысаны өтүйэнэн охсуолуургар кыһаммат буоллаҕына бэйэҥ кыаххынан сөбүлээбэт быһыыгын уларытар кыаҕын суоҕун көрдөрөр. Кырыыса көһүннэҕинэ, соседтарын эбэтэр бииргэ үлэлиир дьонуҥ албынныахтарын эбэтэр улаханнык хомотуохтарын сөп.
КЫҺЫЛ. Дьахтар түһээн туох эмэ кыһыл дьүһүннээҕи көрдөҕүнэ, бириэмэтэ кэлиэ.
КЫҺЫЛ КӨМҮС. Түүлгэ кыһыл көмүс куһуоччугун ылан айаххар уган, ыйыстан кэбистэххэ оҥоро сылдьар үлэҥ-хамнаһыҥ туһалаах диэн дьонуҥ сыаналыахтара.
КЫҺЫН. Түүлгэ кыһыҥҥы кэмҥэ сылдьар буоллахха, мөлтөөһүн кэмэ кэлиэҕэ, санаа түһүүтэ саҕаланыа. Маннык түүл кэнниттэн бары дьыалаларга ситиһиини, уларыйыыны оҥорор уустук буолуоҕа.
КЫТАЛЫК. Ырыатын иһиттэххэ - өлүү буолуо.
КЫЫЛЛАР. Түүлгэр сымнаҕас майгылаах кыыллары көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһигин көрсүөҕүҥ; кыра тыа кыылын тутар буоллаххына, кимниин эмэ этиһии буолуон сөп.
КЫЫС. Үчүгэй кыыһы көрдөххө - үөрүү буолуо; бииргэ сылдьар элбэх кыргыттары көрдөххө, баай эбиллэн иһиэҕэ; кэргэн тахсар кыыһы көрдөххө дьону кытта сыһыаҥҥа улахан уларыйыылар буолуохтара; кыра кыыһы көрдөххө туох эмэ дьыаланы сыыһа, оҕолуу санаанан салайтаран оҥоруохха сөп. Түүлгэр кыыс оҕоҥ көһүннэҕинэ, хайдах көрүҥнээҕин курдук быһыылар буолуохтарын сөп.
КЫЫҺЫРЫЫ. Түүлгэр кыыһырдаххына - үөрүөҕүҥ, санааҥ көтөҕүллүө.
КЭМПИЭТ. Түһээтэххинэ кэмпиэт биэрдэхтэринэ - бултуйуоҥ; кэмпиэти көрдөххүнэ, үөрүүгэ-көтүүгэ ыҥырыллыаҥ, сиэтэххэ – санаа туолуута буолуо.
КЭПСЭТИИ. Кыыллары кытта кэпсэтии - түбүк, үлэ-хамнас эбиллиитигэр; атын дьоннору кытта кэпсэтии - доҕотторуҥ сөбүлүүллэр; тугу этэргин билбэт буоллаххына, мөлтүүр кэмнэр кэлэллэр.
КЭРГЭН. Түүлгэр кэргэниҥ көһүннэҕинэ, кинилиин тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ эбэтэр дьиэ-уот дьыалата ситэтэ суоҕуттан санаарҕыырыҥ бэлиэтэ; түүлгэ саҥа кэргэн ылаары бэлэмнэнэр киһи бэйэтэ кэргэннээх буоллаҕына, кэргэнэ ыарахан ыарыыга ылларыан сөп. Түүлгэ кэргэн таҕыстахха олоххо, дьиэҕэ-уокка эбэтэр үлэҕэ-хамнаска улахан уларыйыы тахсыан сөп.
КЭРИИМ. Кэритэ сылдьар киһилэрин саҥатын иһиттэххинэ, сотору өлүү буолуо.
КЭҺИИ. Түһээн кэһии ылар - үлэ-хамнас табыллыытыгар, барыс киириитигэр тиэрдэр. Түүлгэ кэһии биэрдэххэ туһалаах дьыалаҕа көмө, көмүскэл баар буолуо эбэтэр куһаҕаннык этиэхтэрин, туһалаах дьыаланы мүччү тутуоххун сөп.
КЭТЭҺИИ. Кими эмэ эбэтэр тугу эрэ кэтэһэриҥ түүлгэр кэлэр буоллаҕына - дьиҥнээҕэр кэлиэ суоҕа.
Л
ЛААМПА. Лаампаны уматан уоту сырдатыы эбэтэр умайа турар лаампаны көрүү, үлэҕэр ситиһиини түстүүр; умайа турар остуол лаампатын умуруоруу, кими эмэ хомотууга эбэтэр санаарҕабылга көстөр. Хас да выключателлэри араара сатаатахха электрическэй уоттаах лаампалар умуллубат буолуулара дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр үөрэҕин аны эйиигиттэн тутулуга суох тарҕанан баран иһэрин бэлиэтиир.
ЛААХ. Түүлгэ лааҕынан тугу эмэ кырааскалыыр буоллахха соччо табыллыбатах дьыаланы тупсара сатааһын, биллии-көстүү диэки баран иһэр суолгут сыыһа буолуон эбэтэр быстах төбө ыарыыта киириэн сөп.
ЛАПСА. Түүлгэ лапса буһардахха хомолто, кыһыы-аба элбиэҕэ, туораталлар диэн санаа киирэн тосту-туора саҥаны, кыыһырыыны үөскэтиэн сөп.
ЛЕКЦИЯ. Түүлгэр лекция ааҕаргар тулалыыр дьон сөбүлэһэр буоллахтарына эйиэхэ наадыйар дьон баар буолуохтара.
ЛЮСТРА. Күлүмүрдэс сырдык люстра көһүннэҕинэ баҕа санаа туолуута эбэтэр ситиһии буолуон сөп.
М
МААЙКА. Түүлгэ харааран көстөр бээтинэлээх маайка көһүннэҕинэ, бээтинэ ханан баар сиринэн сүтэн биэрбэт ыарыы баарын бэлиэтиир; маайкаҕа траур курусубатын тигэр буоллахха, ыарыы туһунан ис санаалар кыайан арахсыбаттарын биллэрэр.
МААСКА. Мааска кэппит дьоннору көрдөххүнэ, араас сымыйыаччылары, ордук санааччылары кытта быһаарсыаххын сөп.
МАҔАҺЫЫН. Ону-маны атыыластаххына, дьыалаҥ табыллыа суоҕа; үчүгэйдик талан ыллаххына, кыратык барыс киириэн сөп; толору астаах-үөллээх, маллаах маҕаһыыҥҥа сылдьыы, бары-барыта баар буолуутугар. Маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьар буоллахха, атыы-эргиэн дьыалатыгар ханнык эмэ хамсааһын баар буолуо, маҕаһыын көстүүтүн курдук туох эмэ уларыйыылар буолуохтара; элбэх маллаах маҕаһыыҥҥа киирдэххэ баай-мал эбиллиэн сөп; маҕаһыынтан тугу эмэ атыылаһан баран харчы төлөөтөххө ночоокко түһүөххэ сөп.
МАЛИНА. Көрдөххүнэ, дьыалаларгын мөлтөхтүк тутаҥҥын кутталга, ночоокко киирээри гыммыккын.
МАННЬЫАТ. Түһээн үрүҥ көмүс манньыаттары көрдөххө, соһуччу хомолто буолуо, харах уута тахсыан сөп; сиэдэрэй оҥоһуулаах хрусталь маннь¬ыаттары көрүү кэнниттэн, туолбат баҕа санаалары хаалларар ордук буолуоҕа. Элбэх алтан манньыаттар баар буоллахтарына туһалаах үлэни кыайыахха сөп.
МАС. Уокка оттор маһы дьиэҕэ кыстааһын, тыл-тылга киирсибэт буолууга, элбэх саҥа-иҥэ, кэпсэтии тахсыытыгар көстөр. Түүлгэ мас сыыһа илиигэ дуу, атахха дуу хатаннаҕына, сол сиринэн сотору ыалдьыаҕа; уокка оттор маһы хайытыы, үлэ-хамнас тупсан иһэрин көрдөрөр.
МАССЫЫНА. Массыына фаратын уота кэллэҕинэ, улахан суолтата суох сурах кэлиэҕэ; массыына саахалланыытыгар түбэстэххинэ, кэлэн иһэр дьыалаларыҥ соччо табыллыахтара суоҕа эбэтэр туох эмэ соһуччу уларыйыы буолуоҕа; суоппар киһи бэйэтэ массыына ыыта сылдьар буоллаҕына, туох эмэ саахал тахсыа, эрэй, үлэ эбиллиэ эбэтэр ыалдьыы буолуо; бэйэтэ суоппардаабат киһи массыына ыыта сылдьара, үлэни-хамнаһы табан салайарын бэлиэтэ; түүлгэ массыынанан илэ кэлэр киһи уһун үйэтэ суох буолуо; олорсон айаннаан иһии - үлэ-хамнас үчүгэйдик баран иһэрин бэлиэтэ; кыттыгас бииргэ айаннааһын - өйдөһөр, биир санаалаах дьоннор бииргэ айанныыллар. Массыына тыаһа кэллэҕинэ, сурах дуу, сурук дуу кэлиэҕэ; массыынаны көрдөххүнэ, ханна эрэ барыаххын саныыгын; түстэххинэ, былааннарыҥ туоланнар санааҥ дуоһуйуута буолуо.
Грузовой массыына кыайан барбат, хааттаран турар буоллаҕына улахан, туһалаах оҥоруллубут үлэ атын мэһэйдэр мэһэйдииллэриттэн кыайан сыҕарыйа, хамсыы илигин көрдөрөр; грузовой массыынанан айаннаан иһэн суол суох буолан, хааттаран хааллахха, үлэ-хамнас атахтаныыта, тардыллыыта кэлиэн сөп; грузовой массыынанан этэҥҥэ айаннаатахха туһалаах үлэни-хамнаһы оҥоруу кыаллар кыахтаныа; алдьаммыт массыынаны оҥоруу көһүннэҕинэ массыына хаһаайына киһи ыалдьыан, эмтэниэн сөп; массыына оҥоруллуутун хайдаҕа эмтэнии туругун көрдөрөр.
Түүлгэр массыынаҥ сүтэн хааллаҕына, инники баҕа санааларыҥ туолалларыгар мэһэйдэр көрсүөхтэрэ; массыына абаарыйатыгар түбэһэн баран этэҥҥэ буоллаххына, үлэҕэ-хамнаска уларыйыы тахсыаҕа; массыынанан олус түргэнник айаннаатаххына, кутталлаах, кыаттарбат дьыа¬ланы оҥостоору гыммыккын көрдөрөр; олус улахан массыыналар сиирэ-халты көтөн, тыаһаан-ууһаан аастахтарына, улахан, элбэх сырыылаах айан суолун кытыытыгар массыынаҥ кыратык моһуогуран тохтоон ылыаххын сөп. Бииргэ массыына оҥостуу - биир санаалаах буолууга; кабриолет легковой массыынанан айаннаатахха үлэни-хамнаһы дьон билэрэ, сыанабыла улаатыаҕа.
Ханна эрэ бараары гыммытыҥ массыынаҥ суох буоллаҕына, оҥоруох¬таах дьыалаҕар атахтаныы тахсыаҕа, дьулуурдаах эрэ буоллаххына са¬нааҕын ситиһиэххин сөп; массыына двигателя эбэтэр атын туох эмэ чааһа алдьанан тэһиннэҕинэ ханнык эмэ ыарыы булуон эбэтэр күүтүүлээх дьыала табыллымыан сөп. Олус эргэ, хаарбах массыына түүлгэ көстүүтэ баҕа санаа туоларыгар кыах суоҕун биллэрэр; массыына туга эмэтэ тиийбэт, суох буоллаҕына, үлэҕэ-хамнаска атахтаныы, туох эрэ тиийбэт буолуута кэлиэн сөп.
МИИН. Түһээн эт миинин көрдөххүнэ, үчүгэй солуннары истиэҕиҥ эбэтэр наадалаах кэмҥэр доҕотторун көмөлөһүөхтэрин сөп; миини буһардахха элбэх ыалдьыт кэлиэн сөп.
МИКРОВОЛНОВАЙ ОҺОХ. Түүлгэ микроволновай оһоххо тугу эмэ буһаран ыллахха үлэ-хамнас табылларын туһугар элбэхтик сүүрүөххэ, барыахха-кэлиэххэ наадатын быһаарар
МИЛИЦИОНЕР. Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалаҕын ситиһиэххин сөп.
МИЭБЭЛ. Эргэ миэбэли дьиэттэн таһаарыы, билэр аймах киһиҥ өлөрүн бэлиэ¬тэ; дьиэ иһигэр саҥа миэбэли сөбүлүү көрдөххө, олоххо тупсуу диэки уларыйыы тахсыаҕа. Эргэ дьиэ таһыгар миэбэл сытыйбыта көһүннэҕинэ, кырдьаҕас киһи өлүүтэ буолуон сөп эбэтэр туох эмэ туһа тахсыа диэн эрэнэ санаабыт дьыала табыллымыан сөп.
МООЙ. Моонньуҥ синньигэс буоллаҕына, доруобуйаҥ мөлтөҕүн бэлиэтэ; уһун моой - чыын-хаан, аат-суол үрдээһинэ: өҕүллүбүт, эргийэн хаалбыт моой - иэдээҥҥэ түбэһии, ночоот, кыбыстыы буолуон сөп, айанныырга сэрэхтээх буолуу кэлбит. Түүлгэ моонньугун муомахтаатахтарына, онон ыарыы киириэҕэ эбэтэр эйигин салайыахтарын, дьаһайыахтарын баҕарааччылартан хайдах куотунуоххун булбакка эрэйдэнэҕин. Киһиэхэ бэрэбинэнэн хам баттаммыт моой көһүннэҕинэ, күөмэй ыарыыта булуон сөп.
МОРКУОП. Түүлгэ моркуоп хайдах көрүҥээх көстүүтэ эр киһи ис туругун, этин-сиинин бөҕөтүн быһаарар.
МОТОЦИКЛ. Быһаарыыта көрүҥүттэн тутулуктанар, бэйэтэ тиэхиникэҕэ сыһыаннаах киһиэхэ кыра бырааттарын сүрдэрэ. Түүлгэ мотоциклынан айаннааһын буоллаҕына туһааннаах дьыалаҕа улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр; мотоциклы ыыттахха ыксаабат, тиэтэйбэт буолуу хайаан да наада.
МУҤХА. Түүлгэ муҥхалыы бардахха барыс киирэр, туһа тахсар үлэтин саҕалыахха сөп.
МУОЛ. Муол таҥаска эбэтэр көбүөргэ сылдьар буоллаҕына, эбиискэ иитил¬лээччи баар буолуоҕа; киһи илиитигэр олорор муолу өлөрдөххө, айах адаҕатыттан, иитиллээччиттэн босхолонуу буолуон сөп.
МУОРА. Түүлгэ сырдык, үчүгэй, чуумпу муораҕа холкутук харбыы сылдьыы, доруобай буолууга, баҕа санаа туолуутугар көстөр, ситиһиилэри оҥорор кыахтааххын быһаарар. Муора долгуннара биэрэги таһымныы охсоллорун көрдөххө өй-санаа туолан, кут-сүр күүһүрэн таһынан таһымнаан тахсыытын табан салайан биэриэххэ наада.
МУОС. Түһээн сүөһү дуу, таба дуу муоһун көрөр, тапталлааҕыҥ атын киһини кытта барсан эрэрин көрдөрөр.
МУОСТА. Саҥа линолеум муостаны оҥоруу, үлэһит киһи соһуччу өлүүтүгэр көстөр; тугунан эрэ, ураты матырыйаалынан саҥа муостаны оҥордоххо санаарҕабыл, кутурҕан кэлиэн сөп. Муостаны туорааһын - кыра мэһэйдэри туорааһын. Түүлгэ муоста көһүннэҕинэ, ол муоста көстүүтэ бэйэҥ олоххор ситиспит ситиһиигин бэлиэтиир. Алдьаммыт муоста киһи олоҕор ханнык эрэ санааргыыр, кыайан көннөрүллэ охсубат туох эрэ баарын көрдөрөр; муостаны сиппийии, ыраастааһын, киһи олоҕун бэйэтин кыаҕынан көннөрө сатааһына буолар; муостаны сууйуу санаа-оноо мунньуллубута ыраастаныытыгар тириэрдэр.
Түүлгэ муоста көһүннэҕинэ олоххо, үлэҕэ сыһыаны, тирэҕи сыаналаан көрүөххэ. Куһаҕан муоста сыыһа суолу тутуһуу, үчүгэй муоста таба суолу тутуһуу буолар; олорор дьиэ муостата алдьанан көһүннэҕинэ, хомолто, санаарҕабыл кэлиэҕэ, баҕа санаа туолуутугар мэһэй баар буолуоҕа; муостаны уу ылыыта ордук санааһын баарын биллэрэр.
МУОХ. Муох түүлгэ көһүннэҕинэ туох баҕара санаабытыҥ аһара элбэх буолуон сөп
МУРУН. Түһээн муруну көрдөххүнэ, ханнык эрэ наадалаах дьыаланы кыайан быһаарбакка эрэйдэнэҕин; муруна суох буолар киһини көрдөххө үчүгэйдик билэр киһиҥ албыныгар түбэһиэххэ сөп. Түүлгэ мурун алдьанан эбэтэр олус улаатан көстүүтэ тымныйан ыалдьыы буолаары гыммытын биллэриэн эбэтэр оҕолор хайдах сылдьалларын көрдөрүөн сөп.
МУУС. Муус устун этэҥҥэ хаамтаххына, туһалаах үлэни оҥоро сылдьарыҥ бэлиэтэ. Элбэх муус чөмөхтөрүн көрдөххүнэ, туһата суох үлэлэр элбииллэр, албын, туолбат баҕа санаалар киирэллэр. Дьиэ иһигэр муус баар буоллаҕына, дьиэлээхтэр бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара мөлтөөн, тымныйан ылыан сөп; халтархай мууска киирэн нэһиилэ хаамтахха, таба өйдөспөт дьон икки ардыларыгар киирэн уҥа-хаҥас быһаарсыыларга түбэһиэххэ сөп; ууллан эрэр мууска хаамтахха, хомоппут дьоҥҥо сыһыаҥҥа олус эрдэлээн эйэлэһэ сатааһын буолуоҕа; муус хонууга сырыттахха, дьоҥҥо тыйыс сыһыаҥҥыттан эрэйдэниэххин сөп; муус умуһаҕар киирдэххэ, ким эмэ куһаҕаннык этиэҕэ эбэтэр сымыйаҕа киирэн биэрии буолуоҕа. Түүлгэ мууһу сиэтэххэ үөрүү, санаа туолуута буолуо.
МҮӨТ. Түһээн мүөтү көрдөххө эбэтэр сиэтэххэ баҕа санаа туолуута, барыс киириитэ буолуон сөп.
МЭЙИИ. Түүлгэ мэйиини көрдөххө төбөнү харыстыыр, көрөр-истэр туһунан санаан ылар наадатын биллэрэр, төбө ыарыыта киирэн ааһыан сөп.
МЭКЧИРГЭ. Дьиэ таһыгар түһэн олорор буоллаҕына, кыыс оҕо эргэ барар, күтүөт кэлэр. Түүлгэ мэкчиргэ хаһыыта, туох эмэ куһаҕан быһыы буолаары эбэтэр сурах кэлээри гыннаҕына иһиллэр.
МӨҺӨӨЧЧҮК. Харчы угар мөһөөччүк кураанах буоллаҕына, харчы кэлиэ, санаа көнүүтэ буолуо; толору мөһөөччүк – аһыы-аба, куһаҕан майгы, дьадайыы бэлиэтэ.
МЫЫЛА. Умуһахтан элбэх мыыланы хостоон таһаардахха, урукку олоҕу үөрэтии, оннун булларыы туох эмэ ситиһиини, урукку сыыһалартан ыраастаныыны оҥоруон сөп.
МЭТЭЭЛ. Атын киһиэхэ мэтээл иилэн биэрдэххинэ, кини туох эмэ ураты кыайыыны оҥороругар көмөлөһөн, тирэх буолуоҕуҥ.
МЭЭРЭЙ. Миэтэрэнэн тугу эмэ мээрэйдиир - кутурҕаҥҥа.
МЭЭЧИК. Мээчигинэн оонньуур буоллаххына, баайыҥ эбиллиэ; хара мээчигинэн оонньуур киһини быстах ыарыы булуон сөп; мээчигинэн бырахса оонньоотоххо спорт ханнык эрэ көрүҥэр эйэлээх күрэхтэһии, хардары-таары кыайсыы буолуон сөп.
Н
НАСКЫ. Түүлгэ кирдээх наскы көһүннэҕинэ, тыл-тылга киирсибэт буолуу, этиһии буолуон сөп; тырыттыбыт наскы көһүннэҕинэ эн тускунан куһаҕаннык этэллэр.
НЕКРОЛОГ. Түүлгэ некрологы аахтахха сөбүлээбэт солуну истиэххэ эбэтэр олус өр кэмҥэ көрсүбэтэх киһини көрсүөххэ сөп.
НЭҺИЛИЭСТИБЭ. Түүлгэ нэһилиэстибэ кэлэрин туһунан иһиттэххэ бас билииттэн туох эмэ көҕүрүөн, баайы-малы кытта сибээстээх боппуруостар үөскүөхтэрин эбэтэр туох эмэ уустук дьыаланы судургутук быһаарар кыах көстүөн сөп.
НЬ
НЬУОСКА. Ньуоска көрүҥүн курдук үөрүүлээх быһыы-майгы буоларын бэлиэтэ; кыра ньуоска көһүннэҕинэ тиксэр өлүү эмиэ кыра буолуон сөп.
НЬУРГУҺУН Хонууга ньургуһуннар үүммүүттэрин сөбүлүү көрдөххө, саҥа үлэни саҕалааһын ситиһиилээх, үөрүүлээх буолуо.
О
ОБУОЙ. Сибэкки ойуулаах обуойдаах хоско сылдьыы, уһун кэмнээх санаа түһүүтүгэр көстөр; түүлгэ обуой килиэйдээтэххэ кыра, быстах, туһалаах дьыалаларынан дьарыктаныы саҕаламмытын эбэтэр олоххо үчүгэй өттүгэр уларыйыылар киирээри гыммыттарын көрдөрөр.
ОҔО. Кыһыл оҕону көтөхтөххүнэ - ыарыы арахпат; түүлгэ көстөр оҕо улахан киһи этэрин истибэт буоллаҕына, биир санаалаахтар кыра аайыттан боруоктаһан дьыаланы атахтыыллар эрээри ситиһиини оҥоруохтарын сөбүн биллэрэр. Бэйэҕэр маарынныыр кыра оҕо көстүүтэ, өй-санаа өссө да ситэ сайда илигин, кыра оҕо санаата сорох өрүттэргэ баһыйарын биллэрэр; бэйэҥ оҕоҕун көрдөххүнэ, хайдах көрүҥнээҕиттэн, тугу оҥороруттан эйиэхэ хайдах сыһыаннааҕа биллиэн сөп. Түүлгэ оҕоҥ көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, бииргэ оҥорор дьыалаҕыт табыллыаҕа; оҕоҥ ханнык эмэ кутталга киирдэҕинэ, туохха эрэ табыллыбат буолуу үөскээн ааһыаҕа; оҕону көтөхпүт эр киһини көрдөххө аймахтаргар уол оҕо төрүөҕэ, онтон дьахтары көрдөххө, кыыс оҕо буолуоҕа; уол оҕону көтөҕө сылдьар буоллахха сиэннэниэххэ сөп; оҕону сыллаатахха сөбүлүүр оҕоҥ буолуо.
ОҔОННЬОР. Түүлгэр оҕонньор көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕар санаа түһүүтэ саҕаланыа. Үчүгэй көрүҥнээх, сөбүлүү көрөр, маҕан баттахтаах оҕонньору көрдөххө, ол көстүбүт оҕонньор курдук көрүҥнээх, уһун үйэлээх буо¬луоххун сөп эбэтэр үлэҥ-хамнаһыҥ сыанабылы ылыаҕа.
ОҔУРУО. Дьахтарга оҕуруо бэлэхтиир буоллахтарына, дьиэтигэр-уотугар та¬быллыа; сүтэрии - улахан туох эмэ сүтүөҕэ; кэтэ сырыттахха - көмүскэл уонна көмө көстүөҕэ; оҕуруо тиһиитэ, санаа түһүүтүгэр, дьадайыыга көстөр.
ОҔУС. Оҕус дьыл сүрэ; оҕуһу көрдөххүнэ, дьылы туорааһын бэлиэтэ. Атыыр оҕус кэйэр буоллаҕына - ыарыы булуо; өлбүт киһи хара оҕуһу тутан бардаҕына куһаҕаннык сылдьар эр киһи сотору өлүөн сөп. Хара оҕус кэннигиттэн кэллэҕинэ кыһалҕата суох буолууну аһарыныы дьыала табылларыгар тириэрдиэн сөп. Ордук санааччылартан сэрэнэр кэм кэлбит. Сырдык дьүһүннээх оҕуһу тутан ылан миинэн кэбистэххэ, күрэхтэһээччилэри, күөнтэһээччилэри кыайыы, салайыы саҕаланыан сөп. Түүлгэ оҕуһу көрдөххө сотору кэминэн тапсыбат, күнүүлүүр дьон мэһэйдэһэллэрэ биллиэҕэ; маҕан оҕуһу көрдөххө олоххо ситиһиилэри оҥоруу кыаллыаҕа.
ОЙБОН. Ойбону көрдөххүнэ - улахан куттал суоһуур.
ОЛБУОР. Олбуору көрүү, үлэҕэ - хамнаска улахан мэһэйдэр баалларын көрдөрөр; олбуору туорааһын, мэһэйдэри этэҥҥэ туорааһыны бэлиэтиир; ыал олбуора улаатыыта, кэҥээһинэ көһүннэҕинэ үлэ-хамнас ситиһиилэниэн сөп.
ОЛОППОС. Олоппоско олорон эрэ: «Лаппа үчүгэйдик олоробун», - дии санаатаххына, сотору ким эрэ албыныгар киирэн биэриэххин сөп. Олоппоско сытар киһи ойоҕоһун өлөрөн сотору ыалдьыан сөп. Олоппос атаҕа тостубут буоллаҕына сынньалаҥ олох бүппүтүн, үлэ-хамнас кэмэ кэлбитин биллэрэр.
ООҔУЙ ОҔУС. Ооҕуй оҕус илимин тарда сылдьар буоллаҕына, дьиэ-уот туруга кэминэн, үлэ-хамнас туруга үчүгэй буолуо. Түүлгэ үчүгэй, маҕан, улахан ооҕуй оҕус тэмэлдьигэни тутарын көрдөххө уонна үүрбэтэххэ ситиһиини оҥорор, сыыһаны оҥорооччулары булар кыахтаныаххын сөп; ооҕуй оҕуһу көрдөххө, бэйэҥ эбээһинэстэргин толорууга кыһамньылаахтык сыһыанна-һаргыттан ситиһиини оҥорор кыахтаныаххын сөп.
ОПЕРАЦИЯ. Киһиэхэ операция оҥордохторуна туох эмэ куһаҕан санаа тосту уларыйыыга киириитэ, көнүүтэ, тупсуута буолуон сөп.
ОПИЛКА. Элбэх опилкаҕа олордоххо, үлэҕэ кэпсэтиигэ сыыһа-халты тахсарыгар, хардары-таары өйдөстөххө эрэ көнөр быһыы тахсыан сөп.
ОРОН. Түүлгэ маҕан таҥастаах ороҥҥо сытар киһи көһүннэҕинэ, ол киһи сотору ыалдьыан сөп; сибиэһэй салгыҥҥа таһырдьа оронноох буоллах¬хына, олоххун уларытаргар сөптөөх кэмнэр кэлбиттэрин бэлиэтэ буо¬луоҕа; ороҥҥо билбэт киһигинээн сытар буоллаххына, эн баҕа санааҥ туолбатаҕа чугас дьоҥҥор кытта биллиэҕэ. Түүлгэ орон көстүүтэ сылайыы, сынньаныы кэлиитин эбэтэр кэргэни суохтааһын, ахтылҕан тахсыытын бэлиэтэ.
Билбэт хоскор таҥастаах ороҥҥо сытар буоллаххына, доҕотторуҥ кэлэ сылдьыахтара; хомуллубут орону көрдөххүнэ, эйиэхэ көмөлөһүөн баҕарар доҕордооххун; оронтон утуйан туруу туох эмэ туһалааҕы оҥорууга, ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.
ОРОСПУОННЬУК. Түүлгэ ороспуонньуктар илиилэригэр түбэстэххэ улахан ночооттоох дьыала үөскүөн сөп.
ОСКУОЛА. Түүлгэр оскуолаҕа сылдьар буоллаххына, үлэҥ-хамнаһын ханнык эмэ көрүҥэр үөрэҕиҥ-билииҥ тиийбэтэ биллиэҕэ, эбиискэ үөрэнии наада буолуоҕа.
ОСТУОЛ. Остуолу хомуйа сырыттахха, барыс киириэхтээҕэ табыллыбат эбэтэр чуумпу олоҕуҥ санаарҕабылынан солбуллуо; кураанах остуол - тиийиммэт буолуу, дьадайыы бэлиэтэ; астаах остуолу тардыы - малы-салы булуу, бырааһынньык кэлэн иһэрин бэлиэтэ; түүлгэ остуол көһүннэҕинэ, көрүҥэ дьону кытта сыһыаны быһаарар. Сахалыы оҥоруулаах, үчүгэй мас ос¬туол үлэҥ-хамнаһыҥ үчүгэй сыанабылы ыларын көрдөрөр. Түүлгэ остуолга олорууга биир санаалаах дьон бииргэ олороллор. Түүлгэ дьиэ иһигэр остуол атаҕа тоһуннаҕына, туох эмэ быһылаан буолуон эбэтэр өйдөспөт буолуу кэлиэн сөп.
ОҺОХ. Оһох үчүгэйдик, суостаахтык умайар буоллаҕына, тапталлааххын кытта олус тапсыаҕыҥ; куһаҕаннык буруолаан умайар оһох көһүннэҕинэ, таптыыр киһиҥ аанньа ахтыбаттык сыһыаннаһыа; оһох сылаас буоллаҕына сөбүлүүр, көмүскэһэр санаа баар буолуон сөп; сылааһынан илгийэр оһох сылыттаҕына, аймахтар өйөбүллээх сыһыаннара улаатан иһиэн сөп. Түүлгэ дьиэ-уот сылааһа, кэргэн таптала оһох буолан көстөр. Сууллан түһэр оһох - ночоот тахсарын, дьиэ иһигэр уларыйыы буоларын биллэрэр. Түүлгэ дьиэ иһигэр оһох буруолаатаҕына, дьиэлээхтэргэ тапсыбат, тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскүөн сөп. Буруону таһаарбыт киһи буруйдаах буолуоҕа.
ОТ. Түһээн оту мунньар эбэтэр кэбиһэр - үчүгэйгэ, байыыга; кэбиһиилээх оту көрүү - байыыга, санаа туолуутугар; күөх оту көрүү - дьолго; охсуллубут оту көрдөххө, мөлтөөһүн, ыалдьыы буолуо. Оттоох сыарҕаны көрдөххүнэ, биллиилээх дьону кытта билсиһииҥ саҕаланыа, үлэҥ-хамнаһыҥ сыаналаныа. Хаар анныттан күөх оту хостооһун олус туһалаах, барыстаах үлэни хойутаан да буоллар оҥорууга көстөр; от оҕустахха үлэ-хамнас хайдаҕыттан тутулуктанан барыс киириитэ буолуон сөп. Оту кэбиһэн бүтэрии улахан туһалаах дьыаланы бүтэриэххэ сөбүн биллэрэр; от кэбиһиэххэ наада буоллаҕына үлэни-хамнаһы чөмчөтөн, түмүктээн туох эмэ туһалаахха тириэрдии эрэйиллэр.
ОТОН. Отону хомуйуу эбэтэр сиэһин - ыарыыга; көрдөххө - санаарҕабыл, харах уута кэлиэҕэ.
ОХ САА. Түһээн оҕу көрдөххүнэ, уол оҕо төрүөҕэ; ох саа тоһуннаҕына - өлүү буолуо.
ОХСУһУУ. Билбэт киһигин кытта уһуннук охсустаххына, искэр сөбүлээбэтэҕиҥ да иһин элбэх ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп; охсуһар, дьону куттуур – куһаҕаҥҥа, дэҥҥэ-оһолго. Охсуһан абааһыны кыайдахха, ситиһии буолуо эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү саҕаланыа.
ОХСУУ. Охсуулартан кыайан көмүскэннэххинэ, ким эмэ тылынан саба түһэрин тэйитиэҕиҥ, дьону кытта сыһыаҥҥар уонна үлэҕэр элбэх үчүгэйи ситиһиэҕиҥ, эн быһаарыыларыҥ таба буолуохтара. Бэйэҕин охсуолаатахтарына эбэтэр тэбиэлээтэхтэринэ, ыалдьыаххын эбэтэр ночоокко түһүөххүн сөп. Түһээн кими эмэ сутуруккунан охсуолаатаххына, этиһии, хардары-таары буруйдаһыы буолуо.
ОХТУУ. Түүлгэ охтуу, сууллуу буоллаҕына эбэтэр билэр киһиҥ суулларын көрдөххүнэ, хайаан даҕаны сэрэхтээх буолуохха, туох эмэ быһылаан дуу эбэтэр соһуччу ыалдьан мөлтөөһүн буолаары гыммытын бэлиэтэ; түүлгэ охтон баран этэҥҥэ туруу буоллаҕына ыарыыттан үтүөрүү буолуо. Охтон иһэн сиртэн тайанан ыллахха, кыра ыарыы кэнниттэн үтүөрүү кэлиэҕэ.
ОЧУОС. Очуос хайа үрдүгэр тахсыы – ситиһии бэлиэтэ.
Ө
ӨЛБҮТ КИҺИ. Түһээн өлбүт киһини ыраахтан дуу эбэтэр чугас¬тан дуу көннөрү көрдөххө, халлаан уларыйыыта буолуоҕа, ол аата ку¬раан кэнниттэн ардах дуу эбэтэр хаар дуу кэлиэҕэ: чугас ай¬махтар өлбүттэрин туһунан түүлү түһээтэххэ, аны сэрэтии бэлиэтэ буолар, эһиэхэ ханнык эрэ ыарахан кэмнэр дуу, сүтүк дуу кэлэн иһэр буолуохтарын сөп.
Түүлгэ өлбүт ийэҥ эбэтэр аҕаҥ көстүүлэрэ уонна эйигин кытта кэпсэтиилэрэ хайаан даҕаны сэрэхэчитиэхтээх, тугу эрэ сыыһаны оҥороору гыммыппын дуу эбэтэр туохха эмэ түбэһэр буоллум дуу диэн өйдөбүлү киллэрэн, туох баар дьыалаларгын хаттаан толкуйдаан, сыаналаан көрөрүҥ наада. Ол курдук өлбүт аҕаҕын кытта кэпсэтэр буоллаххына, туох эмэ саҥа дьыалаларгын өссө кыһанан толкуйдаан көрдөххүнэ туһалаах буолуо эбэтэр сорох дьон куһаҕаны оҥороору гыналларын сэрэтэр буолуон эмиэ сөп. Онтон өлбүт ийэҕин кытта кэпсэттэххинэ, ордук доруобуйаны көрүнэ, сэрэнэ сылдьыахха.
Түһээтэххинэ, урут өлбүт аймах киһиҥ тугу эмэни көрдөөһүнэ, кэлэн иһэр санаа түһүүтүн, үлэ-хамнас мөлтөөһүнүн тулуйарыҥ наадатын, кэмигэр туһалаах сүбэлэри ылынарыҥ сөптөөҕүн көрдөрөр. Он¬тон өлбүт киһи олус үөрэн-көтөн көрсөр буоллаҕына, бэйэҥ олоххун сыыһа суолунан салайаары санаммыккын, ол иһин улахан сыыһалары оҥоро иликкинэ көннөрүнүөххэ сөбүн сэрэтэр. Түүлгэ өлбүт киһиэхэ тугу эмэни биэрэр буоллахха кыах суоҕун үрдүнэн аһара хамсанан, ордук тиэтэйэн доруобуйа мөлтөөһүнэ буолуон сөп.
Ити курдук өлбүт аймах дьоннор түүлгэ көстүүлэрэ, кинилэр сэрэ-тэр саҥалара киһи Үөһээ дойдуттан сибээстээҕин уонна кинини аймах дьонноро куруук көрө-истэ сылдьалларын дакаастыыр. Түүлгэ көстүбүт өлбүт дьон сүбэлэрэ уонна кинилэр этэр тыллара туоларын, итилэри олохторугар сатаан туһаммыт сорох дьон суруйууларыттан билэбит.
Түүлгэ өлбүт киһини ахтыы буоллаҕына, бырахтым дуу дии саныыр дьа¬рыккар төннүөххүн сөп; өлбүт бырааккын эбэтэр билэр киһигин кытта кэпсэттэххэ, ким эрэ эн көмөҕөр эбэтэр сүбэҕэр олус наадыйарын көрдөрөр. Түүлгэ өлбүт киһи көрүҥэ бу киһи аймахтара хайдах сылдьалларыттан тутулуктаах. Билэр өлбүт киһиҥ үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ, аймахтара үчүгэйдик сылдьыахтара.
Түүлгэ өлбүт билэр киһиҥ үөрэр-көтөр үҥкүүлүүр буоллаҕына, эн олоххор тугу эмэ сыыһаны оҥороору гыммыт буолуоххун сөп. Ол иһин үчүгэйдик толкуйдаан бараҥҥын олоххун уларытыаххын сөп. Өлбүт киһи көһүннэҕинэ уонна ыйытыкка эппиэти биэрдэҕинэ, таба буоларын былыргы сахалар чуолкайдык билэллэр эбит. Түүлгэ этэн биэриинэн таба туһанан эмтэнэн үтүөрбүт дьон бааллар. Өлбүт киһилиин кэпсэттэххэ - өй-санаа холкутуйуута, уоскуйуута кэлиэ. Түүлгэ өлбүт киһи ханнык эмэ илдьити ыытар буоллаҕына хайа эрэ чугас аймах киһи өлбүтүгэр сылдьыахха эбэтэр ким эмэ улаханнык ыалдьыан сөп; өлбүт дьон тулалыылларыттан этэҥҥэ арахсыы мөлтөөһүн кэмэ кэлэн ааһарын биллэрэр. Өлбүт киһи аһыыр буоллаҕына аймахтарыттан ким эмэ өлүүтэ буолуон эбэтэр өр билсибэтэх аймахтыылар көрсүһүөхтэрин сөп; өлбүт дьоҥҥо тиийдэххэ доруобуйа мөлтүөҕэ, кыайбат-хоппот буолуу кэлиэҕэ.
БЭЙЭ ӨЛБҮТҮН КӨРҮҮ. Бэйэ өлбүтүн түһээн көрүү кэнниттэн аймахтартан дуу, билэр дьонтон дуу ким эмэ өлүөҕэ уонна ол өлбүт киһини көмүүгэ маннык түүлү көрбүт киһи бэйэтэ дьиҥнээхтик сылдьан илэ хараҕынан түүлгэ көрбүтүн курдугу көрүөн сөп. Маннык түүлү түһээн көрбүт киһи уһун үйэлээх буолар дииллэр. Итини тэҥэ бу көмүү бириэмэтигэр көстөр атын үчүгэй буолуу эбэтэр мөлтөөһүн бэлиэлэрэ кини салгыы олоҕор сыһыаннаах буолуохтарын сөп. Ол курдук толору астаах остуол, умайа турар оһох уонна ыраас күннээх халлаан көһүннэхтэринэ, кини олоҕо бары өттүнэн үчүгэй, дьоллоох буолуо. Аны кини үйэтэ төһө уһун буолуохтааҕын тула көстөр дьон үйэлэрэ төһө уһунугар тэҥнээн көрөн быһаарыахха сөп. Түүлгэ бэйэ өлбүтүн көрдөххө, өй-санаа тосту уларыйан саҥалыы көрүүлэр киириэхтэрэ, тупсуу кэмэ кэлиэҕэ.
ӨЛӨРҮҮ. Саба түһэр куһаҕан киһини эбэтэр кыылы өлөрдөххүнэ, үлэҥ-хамнаһыҥ дьыалалара табыллан барыахтара. Кыыллары өлөрдөххө, санаарҕабыл буолуо. Түүлгэ киһини өлөрүү көһүннэҕинэ сөбүлээбэт киһигин кытта быһаарсарга бэлэмнэнэ сылдьыахха эбэтэр аат-суол, көҥүл суох буолуута кэлиэн сөп; түүлгэ дьону өлөртөөтөххө атын, утары санаалаах дьону кытта тапсыбат буолуу эбэтэр куһаҕан санаалартан босхолонуу кэлиэн сөп. Ыйаммыт киһини көрдөххө тапсыбат киһигин кытта эйэлэһии эбэтэр аат-суол биллиитэ буолуон сөп.
ӨЛҮҮ. Түүлгэ сотору өлөҕүн диэтэхтэринэ оҥоруохтаах дьыалаларгар аанньа ахтыбаттык сыһыаннаһыаххын эбэтэр чэпчэки соҕустук ыалдьыаххын сөп; ким эрэ өлбүтүн туһунан иһиттэххэ көрсүбэтэҕэ олус өр буолбут урукку билэр киһигин кытта көрсүһүөххэ сөп.
ӨРӨ ТАХСЫЫ. Эргийэн, атын сиринэн өрө тахсыы уустук дьыалаҕа саҥа, туһалаах суолу булууну биллэрэр.
ӨРҮС. Сүүрүктээх өрүскэ харбаатаххына, үлэҕинэн, дьулуургунан кыайыыны ситиһиэҕиҥ; кураанах өрүс оннун көрдөххүнэ, булбутуҥ - талбытыҥ симэлийэн суох буолан иһиэҕэ; өрүс илдьэ бардаҕына, улахан ночоот эбэтэр сүтүк буолуоҕа. Ыраас, холку толору уулаах өрүһү сөбүлүү көрдөххө, олоххор үөрүүлээх кэмнэр кэлиэхтэрэ, бэйэҕэр сөптөөх олохтоох буолуоҥ.
Халааннаабыт өрүс баран иһэр суолгун бүөлээтэҕинэ үлэҕэ эбэтэр ханнык эмэ былааннаргар мэһэйдэр үөскүөхтэрэ эбэтэр туох эмэ сыыһа туттууну оҥоруоххун сөп; өрүс уута кирдээх буолуута табан өйдөспөт буолууну көрдөрөр; өрүс синньээн быстан хаалыыта быстах мэһэйдэр кыаттарбаттарын эбэтэр күүс-кыах тиийбэтин биллэрэллэр. Өрүскэ уу суох буолан хаалыыта түүлгэ көһүннэҕинэ, ханнык эрэ олус баҕара санаабыт дьыала бэйэ кыаҕын таһынан күүстэр мэһэйдээннэр табыллыбакка санаарҕабыл кэлиэн сөп. Өрүс мууһа эстиитэ кэтэһиилээх, улахан суолталаах хамсааһын буолан эрэрин биллэрэр; өрүһү туорааһыҥҥа бэлэмнэнии буоллаҕына, ыарыһах киһиэхэ олоҕор улахан уларыйыы буолуон сөп.
ӨТӨХ. Эргэ өтөххө киирии - ыарыыга.
ӨТҮЙЭ. Өтүйэ - үлэҕэ ситиһии, таба быһаарыыны булуу бэлиэтэ.
ӨТҮҮК. Кытара итийбит өтүүгү тута сылдьар буоллаххына, туох эмэ үчүгэй быһыы буолуоҕа эбэтэр ханнык эмэ дьыалаҕа ис сүрэххиттэн ыалдьыаҕыҥ.
П
ПЕДАЛЬ. Түһээн ханнык эмэ техникэ педалын үктээтэххэ, билэр киһиэхэ көмөлөһүөххэ наадата кэлбит буолуон сөп.
ПЕЛЬМЕНЬ. Түүлгэ пельмень сиэтэххэ, санаа туолуута буолуоҕа.
ПЕНСИЯ. Пенсия ылар буоллаххына, үлэҕэ-хамнаска бииргэ үлэлиир дьонуҥ, аймахтарын көмөлөрө баар буолуо эбэтэр санаарҕабыл кэлиэн сөп.
ПИИБЭ. Пиибэни иһэр буоллаххына, үлэҥ табыллыбатыттан уонна кыаттарба¬тыттан санааҕа түһүөххэ сөп; дьон пиибэ иһэллэрин көрдөххүнэ, сөбүлээбэт дьонуҥ мэһэйдэһэннэр үлэҕин атахтыахтара.
ПЛЕНКА. Хараҕы пленка бүөлээтэҕинэ табыгаһа суох, сөп түбэспэт быһаарыыны ылынар куттал баарын биллэрэр.
ПЛЯЖ. Түүлгэ кумахтаах сөтүөлүүр сир көстүүтэ, киһи быстахтан дуоһуйуутун уонна сүрэҕэ суох буолуутун көрдөрөр.
ПОВАР. Түүлгэ кыайа-хото повардыы сылдьар буоллаххына, тирээн кэлбит ханнык эрэ уустук боппуруоска сөптөөх эппиэти булуоххун сөп.
ПОДАРОК. Подарок ыллаххына, оҥоро сылдьар дьыалаҥ түмүгэ көстүөҕэ. Манна подарок көрүҥэ дьыала хайдаҕын көрдөрүөҕэ. Түүлгэ төрөөбүт күҥҥэ анаан подарок ылыыта табыллыбатаҕына биир тылы булан өйдөспөт буолуу үөскүөҕэ уонна ол киһи сыанабыла кэнникинэн түһэн барыаҕа; бэйэҥ биэрэр бадаарагын көрүҥэ хайдаҕа анараа киһини хайдах саныыргар сөп түбэһэр.
ПОЕЗД. Вагон үрдүгэр олорон айаннаатахха, саҥа, урут оҥоруллубатах үлэ улахан ситиһиигэ, хамсааһыҥҥа тириэрдиэн сөп.
ПОЧТА. Түһээн почта кэлэрин көрдөххүнэ, куһаҕан солуну истиэххэ сөп.
ПОЧТАЛЬОН. Почтальону көрдөххүнэ, сотору кэминэн бэйэҥ сөбүлээбэт, барыһа суох үлэни ылыныаххын сөп.
Р
РАДИО. Түүлгэ радио саҥарарын иһиттэххэ туох эрэ соһуччу солуну истиэххэ сөп; араадьыйанан соһуччу солуннары иһиттэххэ, куһаҕан солун буоллаҕына, кырдьык буолуоҕа.
РЕКЛАМА. Түүлгэ рекламаны көрүү буоллаҕына албыннаан кэбиһиэхтэрин сөп.
РЕСТОРАН. Түүлгэр рестораҥҥа аһаатаххына, ситиһии буолуо эбэтэр саҥа доҕоттор көстүөхтэрэ.
РЮКЗАК. Түһээн рюкзагы көрдөххүнэ, атын сиргэ тиийэн улаханнык үөрүөххүн сөп.
РЭКЕТ. Түүлгэ саалаах рэкетирдэргэ түбэһэн тутулуннахха, оҥоро сылдьар тутаах дьыаланы уталыппакка, уһаппакка оннуттан хамсатыахха, билиигэ таһаарыахха кэмэ кэлбит буолуон сөп.
С
САА. Түһээн сааны көрдөххүнэ - уол оҕо төрүөҕэ; сааны илдьэ сырыттахха-көмүскэл уонна көмө көстүөҕэ: саа тыаһын иһиттэххинэ, улахан солуну истиэҕиҥ; саанан ытыы - улахан уоруу, сүтүк буолуо.
СААС. Түүлгэ саас буолуута, хаар ууллуута, баҕа санаа туолуутун, табыллыыны, олох көнөн барыытын, үлэ саҕаланыытын түстүүр.
СААХ. Түүлгэ бэйэҥ сааҕын көстүүтэ, туох эмэ туһалааҕы оҥорбутуҥ бэлиэтэ. Төһө туһаны оҥорбутуҥ көрүҥүттэн тутулуктаах буолуо. Саахтаан кэбиспитиҥ көрүҥэ үчүгэй, улахан, бэйэҥ көрөн астынар буоллаххына улахан туһалаах дьыаланы оҥорбут буолуоххун сөп; оҕо сааҕын хомуйуу сыыһа-халты оҥоруллубут үлэни көннөрүүгэ көстөр. Сүөһү сааҕын көрүү - баайга, дьолго; киһи сааҕын көрдөххө - хо-молто, араас мэһэйдэр; саахха түһэр, сыбанар - барыс киириитигэр.
СААХАР. Түүлгэ саахар сиэтэххэ баҕа санаа туолуута кэлэрин тэҥэ, ордук санааччылар баар буолуохтара.
СААХЫМАТ. Саахымат оонньоору бэлэмнэнии буоллаҕына, сотору ханнык эрэ дьыалаҕа биир тылы булуу уустугуруо; билэр киһигин кытта саахымат оонньоотоххуна, кэнники ол киһигинээн биир тылы кыайан булбакка, аанньа өйдөспөт буолан барыаххытын сөп. Эһиги бэйэҕит сыһыаҥҥытыгар күрэстэһэр санаа баһыйан барыаҕа. Саахымат оонньооһуна буоллаҕына туохха эмэ илин былдьаһыы, кырдьыгы таһаарына сатааһын кэлиэн сөп.
САҔЫННЬАХ. Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалаҥ туох да туһата суох хаалыа. Хара саҕынньах сөбүлэспэт буолуу, тэйсии бэлиэтэ.
САЛААСКА. Таһаҕастаах салаасканы состоххуна - барыс киириэ; салааскаҕа олорон айаннаатаххына, санаабыт санааҕын сотору кэминэн син ситиһиэххэ сөп.
САЛЛААТ. Түүлгэ саллаат көһүннэҕинэ быһаарыыны ылынар кэм кэлбит буолуон сөп, сыыһа-халты, түргэн быһаарыыны ылынартан туттунуохха. Парааттаан иһэр эбэтэр үөрэххэ сылдьар саллааттары көрдөххүнэ, баҕара саныыргын ситиһиэххин сөп.
САМОЛЕТ. Самолет көтөн кэллэҕинэ, үчүгэй солуну истиэҕиҥ. Улахан бомба быраҕааччы самолет охторун көрдөххө соһуччу олоххо тирээн кэлбит уустук боппуруоһу таба быһаарыы кыаллыаҕа.
САҤА. Ким эмэ ыҥырар саҥатын иһиттэххэ, ол киһи ыалдьыан сөп; түһээн соһуччу саҥарбат буолан хааллахха, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу, дьадайыы кэлиэҕэ; өлбүт киһи саҥатын иһиттэххэ, бэйэҥ ыалдьа сылдьар буолуоххун сөп эбэтэр куһаҕан быһыы буолуоҕа. Түүлгэ хардьыгынас саҥаны эбэтэр итирик киһи саҥатын иһиттэххинэ, туох эмэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуон сөп; анньа иһиллибэт, мөлтөх саҥа иһиллэр буоллаҕына, дьиэҕэ-уокка, хаһаайыстыбаҕа эрэйдээх кэм кэлиэҕэ. Киһи саҥатын арааран иһиттэххэ дириҥник ырытан быһаарыахха. Кырдьаҕас, үчүгэй көрүҥнээх дьон этиилэрин ордук сыаналыахха, түүлгэ иһиллибит саҥа хаһан баҕарар таба буолуон сөп; түһээтэххэ саҥа кыайан тахсыбат буолан хааллаҕына үлэ-хамнас кыаттарбат буолуута кэлиэ.
САҤА ДЬЫЛ. Түүлгэ саҥа дьылы бырааһынньыктааһыҥҥа бэлэмнэнии саҕаланнаҕына, баҕа санаа туолуута саҕаланыа.
САП. Сабы түһээн көрөр - ыар санааларга; түүлгэ мотуок сап көһүннэҕинэ, үчүгэйи баҕарбат дьон туох эмэ сылтаҕы булан хасыһыахтара, кинилэрдиин тыл-тылга киирсибэт буолуу, этиһии, буккуллуу уонна ону көннөрүү эрэйдээх буолуон сөп; элбэх сабы көрдөххө куһаҕан санаалаах дьону көрсүөххэ эбэтэр этиһии буолуон сөп.
САППЫКЫ. Эрэһиинэ саппыкыны кэттэххинэ эбэтэр кэтэ сылдьар буоллаххына, тымныйан ыалдьыаххын сөп. Сороҕор саппыкыны кэтии дьахтары кытта сыһыан көстүүтэ буолуон сөп.
САҺЫЛ. Түһээн саһылы көрдөххүнэ ханнык эрэ дьыалаҕа эбэтэр кэпсэтиигэ албыҥҥа киирэн биэриэххин сөп.
САҺЫЫ. Түүлгэ туох эмэ күлүгэр саһа сатаатахха оҥорбут сыыһаҕын билинэҥҥин буруйгун кыччатына, ыраастана сатааһын кэлэрин биллэрэр.
САХСЫРҔА. Түһээтэххинэ, сахсырҕа арахпат буоллаҕына, ордук санааччылар эбэтэр туохха эмэ тииһиниэхтэрин баҕалаахтар эккирэтиһэллэрин бэлиэтэ.
СВЕТОФОР. Светофордаах перекрестогы этэҥҥэ туораатахха ханнык эрэ саҥа билиини, үлэни баһылааһын ситиһиилээх буолуон сөп.
СИБИИННЬЭ. Сибиинньэни көрүү мөлтөх быһыы, хом түһүү бэлиэтэ. Бэйэтин туһугар ордук кыһанар киһини көрсүөххэ сөп; түүлгэ сибиинньэ көстүүтэ аһыырга-сииргэ баҕалаах киһи аттыгар баарын биллэрэр. Түүлгэ элбэх хара сибиинньэлэр сылдьаллара араас саҥа-иҥэ тарҕаныытыгар көстүөн сөп; тахсан куотаары гынар сибиинньэни тутан, хаайан тохтотуу кыалыннаҕына ситиһиини оҥорор кыах баар буолуо.
СИБЭККИ. Маҕан сибэккилэри хомуйан букет оҥоруу, баҕа санаа туолуутугар, уоскуйууга көстөр.
СИЛЛИИР. Түүлгэ силлээтэххэ кыра соҕус ороскуоттар тахсыахтарын сөп; “хаах-түү” дии-дии силлээһин буоллаҕына обургу ночоокко түһүү буолуон сөп.
СИЭМЭ. Эр киһи сиэмэтэ тохторун көрдөххө олус наадалаах дьыаланы отой уталыппакка оҥоро охсор кэм кэлбитин биллэрэр.
СИППИИР. Түһээн бөҕү сиппийии, эн тускунан дьон санаата, тыла-өһө төһө мунньуллан эрэрин көрдөрөр; сиппиири көрүү - дьиэ иһигэр өйдөспөт буолуу бэлиэтэ.
СИР. Кыра сылдьан билэр сириҥ кыараан, куччаан көһүннэҕинэ, аймахтары кытта сыһыан уустугуруо, кыайан быһаарыллыбат боппуруостар эрэйдиэхтэрэ.
СИР АҺА. Бытархай сир аһын хомуйуу - хомолтоҕо, ыарыыга.
СИРЭЙ. Ыраас, үөрбүт-көппүт сирэй - үчүгэйгэ, үөрүүгэ көстөр; кыыһыр-быт, куһаҕан көрүҥнээх сирэй көһүннэҕинэ, көрүҥүн курдук быһыылар буолуохтарын сөп. Сирэй кыһыл кыраасканан ойууламмытын көрдөххө аат-суол үрдээһинэ, үлэ-хамнас саҥалыы сыаналаныыта саҕаланыан сөп; сирэйи онон-манан аһылыгынан сыбааһын буоллаҕына, сөбүлэспэт буолуу, урукку кэпсэтии уларыйыыта кэлиэн сөп.
Үчүгэй көрүҥнээх сирэйи көрдөххүнэ, үчүгэй, үөрүүлээх солуннары истиэххэ сөп, санаа хоту үчүгэй быһыылар буолуохтара; сирэйгин суун¬наххына – үөрүү, куһаҕан санаалартан ыраастаныы буолуо; сирэйи мыылалаан сууннахха, кырдьыы бэлиэ¬лэрэ кэлэн иһэллэрин бэлиэтэ эбэтэр урукку сыыһа туттууну көннөрүү, ыраастаныы наада буолуон сөп. Сирэйгэ кыһыл эбир тахсыбыт буоллаҕына, өр көнөн биэрбэт эрэйдэр баар буолуохтара; сирэй куһаҕан, мөлтөөбүт көрүҥнээх буоллаҕына, оҥоруохтаах дьыала табыллыбакка, баҕа санаа туолбакка сирэй көрүҥэ кырдьык мөлтөх буолуон сөп. Түһээн сиэркилэҕэ дуу, туохха дуу бэйэ сирэйин көрүҥэ куһаҕан өттүгэр уларыйбытын көрөн сөбүлээбэтэххэ, бэйэ оҥорор дьыалатыттан астыммат буолуу үөскээн санаарҕабыл кэлиэҕэ; түннүккэ сирэй көһүннэҕинэ ким эрэ оҥорор дьыалаларгын кистээн кэтиэҕэ.
СИТИҺИИ. Түһээн туох эмэ үлэҕэ ситиһиини, кыайыыны оҥордоххуна, ол ситиһиигэр сөп түбэһэр үлэни-хамнаһы илэтигэр оҥоруоххун сөп.
СИЭП. Түүлгэ сиэпкэ тугу эмэни уктахха, ночоот дуу, сүтүк дуу буолуон сөп; сиэпкэ элбэх харчы баарын көрдөххө сотору харчы, хамнас ылыахха сөп; сиэптэн харчы ылан тугу эмэ атыыластахха онно сөптөөх ночоот буолуон сөп; сиэптэн туох эрэ бытархайдары ылан быраҕа сатааһын быстах киирбит куһаҕан санаалартан ыраастана сатааһыны көрдөрөр.
СИЭРКИЛЭ. Түһээн сиэркилэҕэ бэйэҕин көрдөххүнэ хантан эрэ ыраахтан солун истиэххин сөп. Сиэркилэҕэ көрүнүү - доруобай киһиэхэ ыарыыны, онтон ыарыһахха өлүүнү түстүүр. Түүлгэ сиэркилэҕэ бэйэҥ оннугар атын киһини көрдөххө эн үлэҥ-хамнаһын туһатыттан атын киһи бэйэтигэр туһа таһаарына сатыан сөп; сиэркилэҕэ бэйэҥ көстүбэт, суох буоллахха Үөһээ дойдуттан тутулуктаах буолуоххун сөп. Түүлгэ сиэркилэҕэ киэргэнэн көрүнүү, мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга көстөр.
СЛОН. Түүлгэ слону көрдөххө үлэҕэ-хамнаска дьон сыанабыла улаатара биллэн барыа, ситиһиини оҥоруохха сөп.
СОЛОМО. Көһүннэҕинэ - уоруйахтан сэрэниэххэ.
СОЛУН. Түһээн солуну иһиттэххэ эбэтэр билэр киһи солуну эттэҕинэ, кырдьык буолуон сөп.
СОН. Атын киһи сонун кэппит буоллаххына, билэр эрэллээх доҕотторуҥ көмөлөрө наада буолуоҕа; үчүгэй сонноох буоллаххына, хайҕал, ытыктабыл кэлиэҕэ; саҥа сону кэттэххинэ, үөскээбит балаһыанньаны таба туһаныаххын сөп. Соҥҥун устан кэбистэххинэ, кыра-быстах куттал суоһуурун бэлиэтэ; от күөҕэ дьүһүннээх куурка кэтии көмүскэллээх буолууга эбэтэр баҕа санаа туолуутугар көстүөн сөп; түүлээх саҕалаах сону кэтии олох тупсан иһиитигэр көстөр. Түүлгэ сону кыайан кэппэтэххэ, мөлтөөһүн, быстах ыарыы булуон сөп; түүлгэ сон сүттэҕинэ ханнык эрэ дьыала аһара итэҕэйииттэн, аахайымтыата суох буолууттан табыллыбакка санаарҕабыл кэлиэн сөп.
СОСЕД. Түүлгэ соседтарга тахса сылдьыы кэнниттэн ыаллар эһиэхэ интэриэстэрэ элбиэн эбэтэр эһиги тускутунан билиилэрэ эбиллиэн сөп.
СӨТҮӨ. Ыраас ууга сөтүөлээтэххинэ, дьулуурдаах, кыахтаах буолуоҥ.
СУЛУС. Халлааҥҥа сулустары көрүү, олоҕуҥ сыалын ситиһиигэ туруммуккун көрдөрөр, үрдүккэ тардыһар санаалааххын бэлиэтиир, сыалгын кэнники ситиһиэҕиҥ. Түөһүгэр улахан сулуһу кэппит киһи олоҕо тупсарын туһугар тугу эмэ ситиһиэҕэ.
СУНДУУК, ХОППО. Толору маллаах сундуугу көрдөххө - баай буолуоҥ; кураанах сундуук - дьадайыы бэлиэтэ.
СУОЛ. Ыллык суолу сүтэрэн баран көрдүү сылдьар буоллаххына, чугастааҕы кэмҥэ бүтэрээри сылдьар үлэҥ соһуччу атахтаныа; түүлгэ баран иһэр суолун сүтэн суох буолан, хайа диэки бараргын билбэт буолан хааллаххына илэтигэр кыайан сөптөөх быһаарыыны булбакка эрэйдэниэххин сөп. Көнө, оҥоһуулаах суол устун массыынанан айаннаан иһэр буоллаххына, сотору кэминэн үөрүү, ситиһии буолуо эбэтэр көмө кэлиэҕэ. Түүлгэ киэҥ, үчүгэй суол оҥорулларын көрдөххө үлэ-хамнас тупсуоҕа, ситиһиитэ элбээн барыаҕа; нэһиилэ биллэр омоох суолунан барыы буоллаҕына саҥа үлэҕэ бастаан иһии эрэйин, ыарахаттарын билиэххэ сөп; эрийэ-буруйа барар суол көһүннэҕинэ ханнык эрэ мэһэйдэр, ыарахаттар көрсүөхтэрэ; суол бүөлэммитин ыраастааһын көһүннэҕинэ баҕа санааны толорууга мэһэйи туоруохха сөп.
СУОППАР. Түүлгэ бэйэҥ суоппардаан иһэр эбэтэр ким эмэ суоппар буолбут буоллаҕына эппиэттээх дьыалаҕын бэйэҥ баһылаан салайа сылдьарыҥ табыллыаҕа.
СУОР. Түүлгэ суор көһүннэҕинэ улахан кыахтаах киһи сыһыанын биллэрэр. Саба түһэр суор атаҕастабылы, батталы биллэрэр.
СУОРҔАН. Суорҕанынан сапта сытар киһиэхэ көмөлөһүү, тирэх буолуу наада буолар; суорҕаны бүрүнэн сырыттахха, мөлтөхпүн, ыалдьабын диэн санаа кыайан хаалбатын бэлиэтэ; саҥа, үчүгэй суорҕан көһүннэҕинэ, үөрүү буолуон сөп. Эргэ, куһаҕан суорҕаны саҥаҕа уларытыы буоллаҕына олохсуйбут ыарыы үтүөрэн барыыта эбэтэр кыаттарыа суоҕа дии санаабыт дьыала табыллан барыаҕын сөп.
СУРАХ. Ким эрэ эппитин дуу, тугу дуу истии таба буолуон сөп.
СУРУЙУУ. Түүлгэр кинигэҕин суруйан бүтэрбит буоллаххына, ситиһии дьэ кэлиэн сөп.
СУРУК. Сурук кэллэҕинэ, кэтэспит киһигиттэн үчүгэй солун кэлиэ.
СУРУНААЛ. Түүлгэ сурунаал көстүүтэ, дьиэҥ иһигэр кэлэн иһэр уларыйыылары, миэбэл атыылаһыыны дуу, өрөмүөн буоларын дуу түстүүр.
СУУЛЛУУ. Түүлгэ сууллан түстэххэ - ночоот буолуо эбэтэр ыарыы булуо; бэйэтэ кыаммакка сууллан түһэр киһи - мөлтөөбүт киһи, баҕар ыалдьыан сөп; сууллан баран өрүһүнэн тура түс¬тэххэ, өр күүппүт ситиһииҥ дьэ кэлиэҕэ.
СУУМКА. Аһаҕас суумка көһүннэҕинэ, кыра сүтүк эбэтэр уоруу буолуо.
СУУНУУ. Тааска суунуу буоллаҕына, тугу эрэ толоруох буолбуккуттан босхолонуу бэлиэтэ; түһээн сууна тураргын көрдөххүнэ, бэйэҥ олоххор элбэх тапталлаахтаргынан киэҥ туттуоҕуҥ; төбөнү суунуу биллиилээх дьонтон көмө, сүбэ-ама көрдөөһүн туһалаах буолуон сөбүн биллэрэр.
СҮГЭ. Түүлгэ сүгэни көрдөххүнэ, сөпсөспөт быһыы, иирсээн буоларын бэлиэтэ; бэйэҥ сүгэлээх буоллаххына, олоххун бэйэҥ эрэ кыаххынан оҥостуоҥ; дьон сүгэлээхтэрин көрдөххүнэ, доҕотторгун кытта үйэҥ тухары бииргэ сылдьыаҕыҥ; сүгэни күүскэ, таба быраҕыы ылыммыт дьыаланы ситиһиигэ туруммуту биллэрэр. Илиигэр сүгэ тута сылдьар буоллаххына, дьолуҥ-соргуҥ барыта бэйэҥ илиигэр баар буолуо; сүгэнэн таба бырахтахха, күһэйии, ыгааһын көмөтүнэн сыалы ситиһэ сатааһын туһалаах буоларын биллэрэр; сүгэ уга алдьанан көһүннэҕинэ, ыарыы эбэтэр атын туох эмэ мэһэйдээн үлэ-хамнас атахтаныыта буолуоҕа.
З. Фрейд быһаарыытынан эр киһиэхэ улахан сүгэ уга көстүүтэ эбэтэр оннукка маарынныыр тэриллэр, этин-сиинин кыаҕа-күүһэ эбиллиитин бэлиэтииллэр; сүгэ уга тостубутун көрдөххө мөлтөөһүн, үлэ-хамнас кыаттарбат буолуута кэлиэҕэ.
СҮҮЙҮҮ. Туохха эрэ сүүйбүт сүүйүүгүн ааҕар, тугу туттаргын толкуйдуур буоллаххына, улахан ночоокко, ороскуокка түһүөххүн сөп.
СҮӨГЭЙ. Сүөгэй иирдэр - үчүгэйгэ, баайга; сүөгэйи сиэһин баҕа санаа туолуутугар.
СҮӨҺҮ. Күөх хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри көрдөххө, баай-дуол эбиллиэҕэ; элбэх сүөһүнү көрүү - ардах, хаар бэлиэтэ. Элбэх ынах сүөһүлэр баран иһэллэрин көрдөххө, баайыҥ эбиллэн барыыта саҕаланыа эбэтэр уһун ардах кэлиэҕэ; баар-суох ынаххытын хара бэкир дьон өлөрдөхтөрүнэ, ытыктыыр киһигитин ыарыы илдьэ барыан сөп.
СҮӨҺҮ СААҔА. Түһээн саах¬ха түһүү, сааҕынан сыбаныы - дьолго, баайга, барыс киириитигэр көстөллөр. Түүл маннык бэлиэлэрэ ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоннорго элбэхтик көстөллөр уонна үүнээйи хомуура үчүгэй буолан барыс киириитин түстүүллэр; сүөһү сааҕын хомуйан чөмөхтөөтөххө бэйэ кыаҕынан туһалаах үлэни оҥоруу кыаллыан сөп.
СҮТЭРИИ. Түһээтэххэ туох эмэ сүттэҕинэ, үлэҕэ-хамнаска соһуччу мэһэй көрсүөн сөп; тугу эмэ сүтэрэн кэбиһии, ыарыһах киһиэхэ аһары куһаҕан түүл буолуон сөп.
СҮҮРҮҮ. Түүлгэр соҕотоҕун сүүрдэххинэ, талыллыбыт ыйааҕын бэлиэтэ, үөһээ диэки, билии диэки ыттан баран иһиэҕиҥ; атын дьону кытта сүүрдэххинэ, сотору дьыалаҥ көнөн барыа, онтон сүүрэн куоттаххы-на - үлэҕэр үөһээ тахсыаҥ. Түһээн түргэнник сүүрдэххинэ, үлэ-түбүк элбиэҕэ эбэтэр күүс-уох эбиллиэҕэ. Түүлгэ олус түргэнник сүүрүү сүрэх үлэтэ кэһиллиитин биллэрэр.
СҮҮТҮК. Түүлгэ сүүтүгү сүтэрэн кэбиһии, санаарҕабыл уонна тиийиммэт буолуу бэлиэтэ.
СЭРИИ. Түһээн сэриилэһэ сырыттахха тапсыбат, тыл-тылга киирсибэт утары санаалаах дьону кытта быһаарсыы буолуон сөп.
СЫБАХ. Саҥа сыбаҕы сыбааһын - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга.
СЫГЫННЬАХ. Эмискэ сыгынньах сылдьар буолан хаалан баран кыбыһыннаххына, уоскуйуу кэлиэҕэ, өр санаарҕыы сылдьыбытыҥ суох буолуо; бэйэҥ сы¬гынньаххын көрүү - дьадайыы, ыалдьыы бэлиэтэ эбэтэр сөбүлээбэт балаһыанньаҕар түбэһиэххэ сөп; билбэт киһиҥ сыгынньаҕын көрүү – соһуйууга; билэр киһиҥ сыгынньаҕын көрдөххүнэ, сотору киһиҥ дьоҥҥо ылар сыанабыла намтыаҕа, күлүүгэ барыан сөп эбэтэр бэйэтигэр сыһыаннаах туох эмэ кистэлэҥэ арыллыаҕа. Түүлгэр сыгынньах дьахтары көрдөххүнэ, бэйэҥ баҕа санааларыҥ туолуохтара суоҕа; сыгынньах сылдьан тоҥноххо тымныйан ыалдьыы буолаары гыммытын биллэрэр.
СЫЛАБААР. Сылабаарга ууну оргутуу элбэх ыалдьыттары аһатарга көстөр.
СЫЛГЫ. Элбэх сылгылары көрдөххө хаар түһүөн сөп.
СЫМЫЫТ. Сиикэй сымыыты алҕас алдьаттаххына, дьиэлээхтэргин кытта этиһии, өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ; иһигэр үөскэхтээх элбэх сымыыттары көрдөххө үлэ-хамнас ситиһиилээх буолар кыаҕа улааппытын биллэрэр.
СЫРДЫК. Түүлгэ сырдык ыраас көстүү үчүгэй буолууну түстүүр. Сырдык халлааны, күнү көрүү кэнниттэн киһи баҕа санаалара туолар кэмнэрэ кэлэллэр. Сырдык дьоҥҥо көстүүтэ үрүҥ дьүһүнү биэрэр. Түүлгэ үрүҥ дьүһүннээх туох барыта үчүгэйи көрдөрөр. Кыыллар үрүҥ дьүһүннээх буолуулара майгылара үчүгэй буолуутун түстүүр. Түүл ити көстүүлэрэ киһиэхэ сырдык, үрүҥ дьүһүн чахчы үчүгэй буолалларын дьоҥҥо тириэрдэр, биллэрэр.
СЫТ. Түүлгэ сыт билиннэҕинэ сыт хайдаҕыттан тутулуктаах туох эрэ уларыйыы тахсыаҕа; табаах сыта, буруота кэлэр - көмүскэл баар буолуо.
СЫТАР. Түүлгэ кэргэҥҥинээн бииргэ сытар буоллахха, соһуччу туох эмэ түбэлтэ буолан, быстах аймалҕан тахсан ааһыаҕа; түһээн сытыы - мөлтөөһүн, сылайыы бэлиэтэ; түүлгэ билэр киһиҥ сытан кэбиһэр буоллаҕына, улаханнык ыалдьыан эбэтэр ороҥҥо сытара көһүннэҕинэ үлэтигэр табыллыбакка мөлтүөн сөп.
СЫТТЫК. Түүлгэ сыттык көстүүтэ, сынньалаҥ кэм кэлэн иһэрин бэлиэтэ, хайдах көрүҥнээҕиттэн бу сынньалаҥ тутулуктанар. Олус куһаҕан, туох эрэ хара сыттыкка сытыы төбө олус улаханнык ыалдьарыгар көстөр; маллаах сыттыкка сытыы төбө үлэтиттэн туох эмэ туһалаах тахсарын хам баттаан сытыарары биллэрэр.
СЫТЫЫ. Түүлгэ сытарга баҕарыы, сытар сири көрдөөһүн мөлтөөрү, ыалдьаары гыннахха көстөр. Түүлгэ сытыы буоллаҕына санаа түһүүтэ, туох эрэ хайаан да оҥоруллуохтаах кыаттарбат буолуута, кыах-күүс мөлтөөһүнэ буолуон сөп. Сытар киһиэхэ көмө наада буолуо. Түүлгэ сытар киһи көһүннэҕинэ мөлтөөбүт, көмө наада буолбут эбэтэр үлэтин-хамнаһын кыайбатах буолуон сөп.
СЫЫҤК. Көһүннэҕинэ, сымыйа тыл-өс тарҕаныа; ким эрэ сирэйгэр сыыҥын бистэҕинэ, урукку иэстээх киһиҥ улаханнык сөбүлээбэт буола-буола иэһин төннөрүө эрээри, ким эмэ көмөтүнэн биэриэҕэ.
СЫЫР. Түүлгэ сыыр үрдүгэр тахсыы – ситиһии бэлиэтэ; кыайан тахсыбат буолуу - үлэ-хамнас атахтанарыгар.
СЭЛЭЭППЭ. Сэлээппэни кэтэн хаамар киһи туох эмэ суолталаах, биллэр дьыаланы оҥоруон эбэтэр санаата туолуон сөп.
Т
ТААС. Дьоннору тааһынан быраҕар буоллаххына, кинилэр тустарынан куһаҕаннык саныыгын; эйигин тааһынан бырахтахтарына, эн тускунан куһаҕаннык этэллэр. Киһини түүлүгэр тааһынан эҥин түөһүгэр оҕустахтарына сүрэҕэ ыалдьар буолуон сөп.
ТАБА. Табалаах киһи тиийэн кэлэрин көрдөххүнэ, булдуҥ табыллыа; табаны көрдөххүнэ, халлаан тымныйыа.
ТАБААХ. Булчукка түһээтэҕинэ табаах биэрэхтэринэ - бултуйуон сөп; табаах тартаххына - доруобай буолуоҥ; түүлгэ табаах тарда сылдьар буоллаххына, кыра быстах дьыалаҕа быһаарыыны булаары гыммытыҥ бэлиэтэ; табаах уматтан тардан бардаххына, ханнык эрэ саҥа, солун дьыаланы саҕалаары гынаҕын; түүлгэ табааҕы бырах диэн сүбэ биэрэр буоллахха эрэнэр, итэҕэйэр дьон элбээн барыахтарын сөп. Түүлгэ табааҕы бырахпыт буоллахха, сотору эн этиилэрин туһалара улаханын дьон таба өйдөөн истэр, тутуһар буолуохтара.
ТАБЛЕТКА. Түүлгэ таблетканы көрдөххө, кыра буолан баран олус наадалаах дьыалаҕа ситиһии буолуон сөп.
ТАЙАХ. Түүлгэ тайаҕы бултаатахха улахан туһалаах үлэни кыайыахха сөп.
ТАЙАХ МАС. Түһээн тайах маска өйөннөххүнэ - дэҥнэнии, ыарыы булуо; сиргэ сытарын көрдөххө - кыра, быстах мэһэйдэр көрсөллөр; кырбаатахтары¬на - ночооттор тахсыахтара; бэйэҥ кими эмэ кырбаатаххына, сыыһа туттуу кэнниттэн өйдөнүөҥ. Тайах маһынан охсуһар буоллаххына, сотору эн толкуйдаргын урут сөбүлээбэт үгүс дьон ылынар буолуохтара.
ТАКСИ. Түһээн таксига олорсон баран харчы төлөөтөххө кыра ороскуоттар тахсыахтарын эбэтэр туох эмэ дьыалаҕа дьалаҕайдык сыһыаннаһыахха сөп.
ТАНЫЫ. Түүлгэ мурун үүтэ киэҥ, ыраас буоллаҕына дьыалалар табыллан барыылара саҕаланыа.
ТАҤАРА ДЬИЭТЭ. Түүлгэ таҥара дьиэтин оҥордоххо үгүс дьоҥҥо туһалаах үлэни оҥоруу кыаллыаҕа.
ТАҤАС. Саҥа таҥаһы көрүү – санаарҕабылга ылларыыга; саҥа эбэтэр ыраас таҥаһы таҥныы ситиһиигэ, олоххо туһалаах уларыйыылар буолалларыгар көстөр. Хааннаах таҥаһы көрүү - дэҥ-оһол, куһаҕан быһыы буолуон сөп. Таҥаһыҥ дьөлөҕөстөөх буоллаҕына, элбэх иэскэ киириэҥ: түүлгэ таҥас сууйдахха - ыарыы эбэтэр хомолто буолуо. Алдьаммыт, абырахтаах таҥастаах билбэт киһигин көрдөххө, эстии-быстыы, дьадайыы кэлэн иһэр буолуон сөп; бэйэҥ таҥаһыҥ абырахтаах буоллаҕына, кыайбат дьыалаҕыттан этэҥҥэ арахсыахха сөп этэ. Таҥас сууйар массыына кыайан тохтообокко үлэлии, таҥаһы бытарытан таһаарара санаа түһүүтэ, санаарҕабыл өссө да ааһа илигин биллэрэр; түүлгэ таҥас сууйдахха санаарҕабыл кэлэн ааһыан эбэтэр тугу эрэ харыстыы сатааһын кэлиэн сөп.
ТАҤНЫЫ. Түүлгэ хос-хос таҥныы - санаа-оноо элбээһинигэр, халыҥ таҥастаах буолуу, таҥныы санаарҕабыл кэлиитигэр тиэрдэр. Сэрэхтээх буолуу, харыстаныы кэмэ кэлбитин сэрэтэр.
ТАПОЧКА. Дьиэҕэ кэтэр тапочка көһүннэҕинэ, атын дьонтон тутулуктаах буолуу кэлиэн эбэтэр ким эмэ көмөтө наада буолуон сөп; булан аҕаллахха атын киһини бэйэҕиттэн тутулуктаах буолууга киллэрэ сатааһын баҕар кыаллыан сөп.
ТАПТАЛ. Түүлгэр тапталлааххын кытта таптастаххына, чугастааҕы кэмҥэ баҕа санааҥ туолуоҕа, барыҥ-барыта табыллыаҕа.
ТАРААНЫЫ. Баттаххын тараанар буоллаххына, доруобуйаҥ уонна үлэҥ-хамнаһыҥ үчүгэй туруктаах буолуохтара, санаарҕабыл ааһыаҕа.
ТАРАКААН. Түүлгэ таракааннары көрдөххө - харчы баар буолуо; аһары элбэх таракааннар мэһэйдээтэхтэринэ, эн тускунан соччото суохтук этэллэр.
ТАРБАХ. Түүлгэ тарбахтарын быстыбыттарын көрдөххө урукку доҕотторгуттан тэйэриҥ бэлиэтэ.
ТАҺАҔАС. Түүлгэр таһаҕас сүгэ сылдьар буоллаххына, уһун дьоллоох олохто¬ох буолуоҥ; таһаҕаһы көтөҕөн кыайдаххына, ыарахан үлэни кыайыаҥ; атын киһи таһаҕас сүгэ сылдьарын көрдөххүнэ, эйиэхэ эрэй, үлэ эбиллиэ эрээри туһалаах буолуон сөп; таһаҕаһы илдьэ иһэн ыарырҕатар буоллаххына, үлэҕин кыайымаары гынаҕын дуу эбэтэр доруобуйаҥ мөлтөөн эрэрэ дуу буолуо; араас ыарахан таһаҕаһы көтөҕөлөөһүнү көрдөххө эбэтэр сискэ туох эрэ аалыллыытын биллэххэ сис ыалдьыыта буолуон сөп.
ТАХСАН КИИРЭР СИР. Түһээн көрдүүр буоллахха, тиийиммэт буолууттан тахса сатааһын эбэтэр ис адаарыйыыта буолуон сөп; көрдөххө - санаарҕабыл, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуо: түстэххэ - барыс киириэ; онно-манна тахсан киирдэххэ, ночоот буолуо. Кыра саҥа тутуллубут туалет көстүүтэ барыс киирэр дьыалатын оҥоруу аһара барбатахха кыаллар кыахтааҕын биллэрэр; түүлгэ туалет көрдөөн баран булбатахха, туһааннаах баҕа санаа туолбакка хаалыан сөп. Туолбут туалет көһүннэҕинэ көмө, тирэх баар буолуон сөп; кирдээх туалет көһүннэҕинэ сөбүлээбэт эрээри барыс киирэр үлэтэ көстүөн сөп.
ТЕЛЕФОН. Түүлгэ телефону көрдөххө ким эрэ, ханнык эрэ дьыалаҕар мэһэйдэһээри гыммыт эбэтэр ханнык эрэ кэпсэтии буолуон сөп; звоноктуур тыаһын иһиттэххэ, кэлэн иһэр көрсүһүү бэйэҥ санаабыккынааҕар ордук улахан суолталаах буолуоҕа; телефонунан кэпсэтии кэнниттэн туох эмэ быһаарыыны ылыныы эрэйиллэр. Сүгүн үлэлээбэт телефон көстүүтэ эбэтэр кыайан кэпсэппэтэххэ кэпсэтииттэн тутулуктаах үлэ табыллыбатыгар көстөр; түүлгэ сотовай телефон көһүннэҕинэ соһуччу кэпсэтии табыллан, дьыала хамсааһына саҕаланыан сөп. Телефонунан кэпсэттэххэ солуну истэри тэҥэ туһалаах дьыаланы билсиһиэххэ сөп.
ТЕЛОГРЕЙКА. Тоҥон телогрейканы ылан кэттэххинэ, сотору буолан баран харчы кэлиэн сөп.
ТЕПЛИЦА. Түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх теплица көһүннэҕинэ, уруккуттан соччо сөбүлээбэт дьоҥҥун кытта эйэлэһии, иллэһии буолаары гыммытын бэлиэтэ.
ТЕХНИКА. Ханнык эрэ техниканы көрө сатаан туохха аналлааҕын быһаара сатаатаххына, сотору ханнык эмэ үлэни толкуйдаан булуоҥ эрээри онтон улахан туһа тахсыа суоҕа. Туох эрэ улахан тиэхиникэттэн этэҥҥэ куотан, сыҕарыйан биэрдэххэ ыалдьан баран үтүөрүөххэ сөп. Кутталлаах улахан тиэхиникэ көһүннэҕинэ туох эмэ быһылаан, араллаан буолуон сөп.
ТИГЭЭЙИ. Түүлгэ тигээйини көрдөххүнэ, эйиэхэ үчүгэйи баҕарбат дьон арааһы этэллэрин истиэҕиҥ; тигээйини өлөрүү эбэтэр үүрүү буоллаҕына куһаҕаннык саныыр, этэр дьону кыайыы, ситиһии, абааһы көрөр дьыалаҕыттан босхолонуу кэлиэн сөп, ол дьоҥҥор кыаттарбаккын көрдөрөр; сөбүлээбэт дьон бааллара тигээйи буолан көстөллөр.
ТИИГИР. Түүлгэ тиигир куоттаҕына сөбүлэспэт, атын санаалаах дьону кыайыы буолуоҕа, баһыттарбыттарын билиниэхтэрэ.
ТИИС. Түүлгэ хааннаах тиис түстэҕинэ - чугас аймах өлөр; хаана суох тиис түстэҕинэ - ыраах аймах өлүөҕэ эбэтэр чугас дьонноргун кытта сыһыан мөлтүөҕэ; үөһээ тииһиҥ түстэҕинэ - бэйэҕиттэн аҕа саастаах киһи өлүөн сөп; түһээтэххэ хаҥас аһыыҥ түһэн хаалбытын сүгэ курдук тута сырыттахха кэргэнин аймахтарыгар сөбүлэспэт буолуу үөскүөн сөп.
Тиистэриҥ куһаҕаннарын эбэтэр куһаҕан тиистэри көрүү – куһаҕаҥҥа, санаа түһүүтэ, туохха эмэ итэҕэстийии кэлиэн эбэтэр ыарыы булуон сөп; тииһи тууруу - сөбүлээ¬бэт киһигин кытта арахсыы бэлиэтэ; тииһи ылан көрөн баран оннугар уктахха, кэргэниҥ аймахтарыгар куһаҕан быһыы тахсыан сөп.
Тиистэри саҥа оҥотторуу буоллаҕына, олох көнөн барыаҕа; билэр киһиҥ тимир тиистэрдээҕин көрдөххө, ол киһи тулалыыр дьонуттан ордук сананар буолан эрэрин эбэтэр атыттартан туох эрэ биллэр ура¬тыланан иһэрин бэлиэтэ; мас тиистээх киһи мөлтөх, бэйэтин кыаммат, көмө эрэйиллибэт киһитэ буолуо; үчүгэй, маҕан тиистэрдээх буоллахха, бары дьыала барыта тупсан барыаҕа, баҕа санаа туолуута буолуо; протез тииһи устан сууйдахха, баҕа санааны ситиһии бэйэни билиниини улаатыннаран эрэрин биллэрэр эбэтэр аанньа ахтыбаттан сыыһа туттуу үөскээбитэ этэҥҥэ ааһыан сөп; оҥоһуу тиис баар буоллаҕына улаханнык сананыы үөскүөҕэ.
Тиис алдьанан, бытарыйан хааллаҕына, кыах суох буолан туһааннаах дьыала табыллыбакка эрэйдиэҕэ; мас тиис баара көһүннэҕинэ, кыах, күүс суох буолан баҕа санаа туолуо суоҕа; тииһи сууннахха «Тииһин сааҕын ыраастыыр» диэн этиигэ сөп түбэһэр быһыы буолуоҕа, була сатаан куһаҕаннык этэр диэхтэрин эбэтэр үлэ туһалаах өттүн атыттар туһаныахтарын сөп. Маҕан, ыраас тиистэр көһүннэхтэринэ айдааннаах дьыала ситиһиинэн түмүктэниэн сөп; тиис быыһыгар туох эмэ кыбыллыыта ханнык эрэ мэһэй үөскээһинин биллэрэр; тиис быыһыгар кыбыллыбыты ороон таһаарыы көрсүбүт мэһэйи этэҥҥэ туорааһын бэлиэтэ. Түүлгэ тиис туллан түһүүтэ аймахтарга туох эмэ улахан уларыйыы тахсарын көрдөрөр; балта тиис эргэрэн, атаҕа тостон кэлбит буоллаҕына хайа эрэ саастаах аймаҕын уҥуоҕун эчэтиэн сөп.
ТИИТ. Түүлгэ күөх, үүнэн турар тииттэри моонньоон куурдаары гыммыттарын көрүү киһи атын дьоҥҥо эрэлин сүтэриитигэр эбэтэр куһаҕан санаалара мунньустууларыгар көстөр; түүлгэ тиит эбэтэр бэрэбинэ тостуута, киһи соһуччу өлүүтүгэр көстөр бэлиэ. Күөх, үүнэн турар тииттэр - үөрүү, дьол, ситиһии кэлэн иһэллэрин бэлиэлэрэ; улахан тииккэ ыттыы – ситиһии, кыайыы бэлиэтэ; тыаҕа тиит охтор буоллаҕына, хомолто, куһаҕан быһыы буолуо; кураанах, хаппыт тииттэри көрдөххө, эрэй, үлэ эбиллиэ, дьону кытта сыһыаҥҥа ситэ өйдөспөт буолуу үөскүөҕэ. Дьиэ таһыгар тиит охтон сытара көһүннэҕинэ - өлүү буолуо.
Түүлгэр тиити охтордоххуна, омуннураҥҥын аһары түһүөлээн бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоххун сөп; үүнэн турар тиити көрөн баран: «үчүгэй да тиит»,- дии санаатаххына, кырдьык үчүгэйдик сыаналанар тиит бэлиэ буолуо, ситиһии бэлиэтэ. Түүлү тойоннуурга түүл бэлиэтин көстүүтэ уонна киһи бэйэтин са¬наатыгар бу бэлиэни, хайдаҕый, диэн быһаарара улахан оруолу ылар. Түүлгэ көстөр быһыыны-майгыны, кими эмэ эбэтэр тугу эрэ үчүгэй дуу, куһаҕан дуу дии саныыргыттан бу бэлиэлэр майгылара быһаарыллар. Ол эбэтэр бу көстүбүт бэлиэ хайдах быһыылааҕа, көрүҥэ хайдаҕыттан уонна бэйэҥ туох диэн быһаара саныыргыттан тутулуктаах. Үчүгэй дии санаатахха – үчүгэй буолуо, онтон сирдэххэ, абааһы көрдөххө – куһаҕан буолуоҕа.
ТИМИР. Тимиртэн оҥоһуктары көрдөххүнэ, үлэҥ – хамнаһыҥ сыаналаныа, ситиһиини, кыайыыны оҥоруоххун сөп; дьэбиннээх тимирдэри көрүү кэнниттэн санаарҕабыл, ыарахан санаалар киириэхтэрэ.
ТИМИРИИ. Түүлгэ ким эмэ тимирэн хаалбыт буоллаҕына, үөрүү, баҕа санаа туолуута буолуо; ким эмэ тимирэрин көрдөххө - үөрүү буолуо.
ТИМЭХ. Кыра, олус бытархай тимэхтэри көрдөххө санаа туолбатыттан, табыллыбатыттан хомолто үөскүөн сөп; тимэх тиктэххэ саҥа билсиһии буолуон сөп.
ТИРИИ. Тирииттэн тигиллибит таҥастары, кууркалары көрдөххө, эргиэн эҥин табыллыаҕа; хара тирии таҥастаах дьону көрүү, туспа санаалаах, өйдөспөт дьоҥҥун кытта көрсүһүүгэ көстөр. Тииҥ эбэтэр кыыл тириитин илдьэ сырыттахха барыс киирэр туһалаах үлэлээх буолуохха сөп. Түүлгэ илиинэн тириини имиттэххэ атах дуу, илии дуу ыарыыта булуон сөп.
ТИРЭЭПКЭ. Таҥас тирээпкэни көрдөххө, элбэх быстах ороскуоттар улахан суолтата суох буолуохтарын сөп.
ТИТИРИК. Түүлгэ тостубут титириги самсаан этэҥҥэ салҕаатахха, эдэр киһи сыыһа-халты санааларын көннөрөн, тупсаран биэрии табыллыан сөп.
ТИЭХИНИКЭ. Туох эмэ олус наадалаах тиэхиникэ алдьанара соһуччу ыарыы эбэтэр үлэҕэ табыллыбат буолуу тахсарыгар көстөр.
ТОБУК. Тобукка баас таҕыстаҕына, үлэҕэ сыһыан мөлтүөҕэ эбэтэр олоххо өр кэмҥэ көммөт түбүктэр элбиэхтэрэ; түүлгэ тобуктаан турдахха, кыайбат дьыаланы ылсартан сэрэниэххэ, мөлтөөһүн кэмэ кэлбитин биллэрэр.
ТОҔУУ. Тугу эмэ тохтоххуна – этиһии, тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэ.
ТОЙОН. Түүлгэр билэр киһиҥ тойон буолбут буоллаҕына, кырдьык сотору кэминэн үлэтигэр өрө тахсыаҕа.
ТОҺОҔО. Тоһоҕону саайыы, таба быһаарыыны булбутуҥ бэлиэтэ; элбэх бытархай тоһоҕолору көрдөххө араас быстах мэһэйдэр үлэҕэ-хамнаска көстүөхтэрэ эбэтэр үлэ-хамнас оҥоруута эмиэ бытархай буолуоҕа. Тоһоҕо төһө улахана үлэ-хамнас туһата хайдаҕыттан тутулуктаах. Түүлгэ бытархай тоһоҕолору целлофановай мөһөөччүккэ кутан харайыы көһүннэҕинэ, ханнык эрэ кыра барыстаах эрээри сэрэннэххэ табыллар быстах дьыалаҕа кыттыһыахха сөп.
ТОРБОС. Түһээн торбоһу көрдөххө ситиһэ сатыыр дьыала табыллыбакка хаалыан сөп. Бэйэҥ кыаҕын тиийбэккэ буруйдаах буолуоххун сөп.
ТӨБӨ. Киһи төбөтө өрүскэ устан барара көһүннэҕинэ - өлүү буолуо; быс¬тыбыт төбөнү тута сылдьар буоллаххына, сөптөөх этиини ылыммакка дьыалаларыҥ сүгүн табыллыбакка эрэйдиэхтэрэ. Гириип эбэтэр төбө ыарыыта киһиэхэ киирэн иһэр буоллаҕына, түүлгэ араас төбөнү кытта сибээстээх куһаҕан көстүүлэри, төбөҕө охсуулары эбэтэр ханнык эрэ уһуктаах бэргэһэни кэтиини көрүөххэ сөп. Төбө алдьанан эбэтэр олус улаатан көстүүтэ гириип эбэтэр төбө ыарыыта киирээри гыммытын биллэрэр буолуон сөп. Түүлгэ үчүгэй төбөнү көрдөххө, үлэни-хамнаһы өрө тардар кыахтаах көмөлөһөөччү, өйөөччү баар буолуоҕа.
ТӨЛӨБҮР. Туохха эмэ харчы төлүүр буоллахха, соһуччу тугу эмэ атыылаһар кыах баар буолуон сөп.
ТӨННҮҮ. Айаннаан иһэн төнүннэххэ, саҕаламмыт дьыала атахтанар; халдьаайыны өрө тахсан иһэн төнүннэххэ, бүтэрэ чугаһаабыт дьыала кыайан сиппэккэ эрэйдиэҕэ.
ТӨҤҮРГЭС. Төҥүргэһи түөрүү - эрэйтэн босхолонуу бэлиэтэ; түһээн улахан төҥүргэһи көрдөххө, иннигэр тумнуллубат улахан мэһэй баарын бэлиэтэ.
ТӨРӨӨБҮТ КҮН. Түүлгэ бэйэ төрөөбүт күнүн бырааһынньыктааһын көһүннэҕинэ, санаабыт санааҥ туолуоҕа, уһуннук дьоллоохтук олороруҥ бэлиэтэ; атын киһи төрөөбүт күнүгэр сырыттахха, ол киһилиин биир тылы булар уустугуруо.
ТӨРӨӨБҮТ СИР. Киһиэхэ төрөөбүт-үөскээбит сирдэрэ түүлүгэр киирэн үчүгэй көрүҥнээхтик көһүннэхтэринэ эбэтэр кыра эрдэҕинэ олорбут дьиэтигэр киирэ сылдьар буоллаҕына, үчүгэй баҕа санаалара туолуохтара эбэтэр соһуччу үчүгэй солуннары истиэҕэ.
ТӨРӨППҮТТЭР. Түүлгэ тыыннаах төрөппүттэр үчүгэй көрүҥнээх көстүүлэрэ, үөрүүнү, үчүгэйи түстүүр; төрөппүттэр хара таҥастаах буоллахтарына, олоххор ханнык да үөрүү-көтүү чугастааҕы кэмҥэ суох буолуо; са¬наарҕаабыт, куһаҕан көрүҥнээх көһүннэхтэринэ, бары дьыалаларгар, дьиэҕэр-уоккар табыллыбат буолуу кэлиэн сөп. Киһи бэйэтэ өлбүт төрөппүтүн көрөр буоллаҕына, кини хайдах көрүҥнээх көстөрө олус улахан оруолу ылар. Төрөппүт киһи көрүҥэ мөл¬төөн көһүннэҕинэ, ыксаабыт буоллаҕына эбэтэр сөбүлээбэтэҕинэ, кыыһырдаҕына ханнык эрэ дьыалаҕа табыллыбат буолуу тахсыан эбэтэр эн оҥорор дьыалаларгын кини сөбүлээбэтин бэлиэтэ буолуон эмиэ сөп. Киһи ханна ла сырыттаҕына, төрөппүттэрин куттара көрө - истэ сылдьалларын түүл ити көстүүлэрэ толору дакаастыыллар.
Киһи олоҕо төрөппүттэрин кытта биир ситимҥэ баайылла сылдьарын түүл көстүүлэрэ быһаараллар. Түүлгэ төрөппүттэр көстүүлэрэ сахалар «Кэриэс этиитэ» диэн сүрүн итэҕэллэрин быһаарарга көмөлөһөр. Ол курдук төрөппүт баҕа санаатын, өлөрүгэр эппит кэриэс тылларын толорботоххо кини хомойбут, хоргуппут куһаҕан көрүҥэ түүлгэ көстөн салгыы олоххо сабыдыалы оҥоруон сөп. Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэс этиитин бэйэтин оҕолоро, ыччаттара толордохторуна кини санаата уоскуйар. Баҕа санаата туолан, кини кута уоскуйан, көрүҥэ тупсан оҕолорун түүлүгэр оннук көрүҥнээх көһүннэҕинэ кинилэр үтүө баҕа санаалара туоларыгар олук ууруллар.
ТРАКТОР. Түүлгэ тракторынан айаннаан хайаны этэҥҥэ өрө тахсыы кыалыннаҕына улахан туһалаах үлэ ситиһиини аҕалар кэмэ кэлбит; улахан тракторынан айаннаатахха, тиэтэйбэккэ, ыксаабакка эрэ үлэлэнэр үлэ ситиһиитэ элбэх буолуо. Тракторы ыыта сырыттахха ыарахан, үлэлээх үлэ кыаттарыа, табыллыа.
ТУМАН. Түһээн тумаҥҥа мунан хааллаххына, үлэҕэр сыыһа-халты туттуулар улахан ночоокко түһэриэхтэрэ.
ТУОРАТЫЫ. Түүлгэр эйигин туоратар, аахайбат буоллахтарына, доҕотторгуттан арахсыаххын эбэтэр тугу да күттүөннээҕи оҥорбоккуттан санааргыах¬хын сөп.
ТУОРМАС. Түүлгэ ыытан иһэр массыынаҥ төһө да туормастаабытыҥ иһин тохтообокко бара турар буоллаҕына олус элбэх үлэни-хамнаһы ылынан баран кыайбакка ыарырҕатарыҥ бэлиэтэ; туормаһа суох массыына нэһиилэ тохтуур буоллаҕына бэйэҥ кыайан тохтоппот быһыыгар киирэн тахсыаххын сөп.
ТУОҺУ. Түүлгэ кими эмэ туоһу оҥоһуннахха, ханнык эмэ дьыалаҕа туоһулааһын наада буолуон сөп.
ТУОРТ. Түүлгэ туорт көһүннэҕинэ баайга-малга эбиллии буолуон, эйэлээх буолуу кэлиэн сөп; туорт оҥорууга бэлэмнэнии буоллаҕына барыс киирэр үлэтигэр-хамнаһыгар кыттыһыы эбэтэр бырааһынньык буолуон сөп.
ТУРААХ. Тураах маска олорор буоллаҕына, куһаҕан солун кэлиэ; көтө сылдьар уонна дааҕыргыыр буоллаҕына, куһаҕан быһыы буолуоҕа эбэтэр ким эрэ өлүөҕэ.
ТУРУЙА. Халлааҥҥа көтө сылдьан, киһиэхэ саба түһэр туруйалары тутуу буоллаҕына, куһаҕаннык этээччилэри баһыйыаххын сөп.
ТУСТУУ. Түүлгэ тустан хоттордоххо - ыарыы булуо; тустан кыайдаххына - үчүгэй буолуоҥ, үтүөрүөҥ; дьон туста дуу, охсуһа дуу сылдьалларын көрдөххүнэ, ыалдьыт кэлиэ. Бу ыалдьыттан эн үлэҥ-хамнаһыҥ быһаччы тутулуктаах буолан, соччо сөбүлээбэт эрээри үөрэ-көтө көрсүһүү буолуоҕа, ол эрээри өйгүт-санааҕыт биир буолуо суоҕа.
ТУСТУУК. Тустууктары көрдөххө эбэтэр кэпсэттэххэ ханнык эрэ дьыалаҕа күөнтэһии, утарыта туруу үөскүөҕэ, түргэнник кыайан быһаарылла охсубат балаһыанньа баар буолуо.
ТУТТАР ТЭРИЛЛЭР. Түүлгэ туттар тэриллэр көһүннэхтэринэ хайа эрэ үлэни оҥороргор ыарахаттары көрсүөххүн сөп; алдьаммыт туттар тэриллэр көстүүлэрэ үлэҕэ табыллыбат буолууну эбэтэр ыалдьыыны биллэриэхтэрин сөп.
ТУТУУ. Бэйэтэ кыаҕа-күүһэ тиийбэт киһи саҥа, кыра дьиэни туттуута, оҥостуута – куһаҕаҥҥа, өлүүгэ.
ТУУС. Түүлгэ тууһу сиэһин буоллаҕына, бэйэҥ сатаабаккыттан ыарахан кэмнэр кэлэллэрин оҥостуоҥ; туус тоҕуннаҕына – тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскүөҕэ; түүлгэ элбэх тууһу дьонтон көрдөөн ыллахха элбэх киһиэхэ сыһыаннаах үлэҕэ көмөлөһөөччүлэр баар буолуохтара.
ТҮМҮК. Түһээн быа түмүктэрин баайдаххына, бэйэҥ дьыалаларгын бэйэҥ быһаараргын сөбүлүүгүн, быһаарыыны ылынар кыахтаммыккын биллэрэр; түмүктэри көрдөххө туох эрэ быһаарылла илик боппуруостар баалларын биллэрэр; түмүгү быһан кэбистэххэ олус тиэтэллээх быһаарыыны ылыныахха сөп; түмүгү кыайан өһүллэххэ таба быһаарыыны булуу кыаллыаҕа.
ТҮННҮК. Түннүгүнэн киирии - туох эрэ чиэһинэйэ суох быһыыны оҥорууга кыттыһыы эбэтэр сөбүлээбэт быһыыҥ буолуон сөп; түннүгүнэн тугу эмэни көрдөххүнэ, солуннары истиэҕиҥ; түннүгүнэн ыас хараҥаны көрдөххүнэ Үөһээ дойдуну кытта тутулугун олохтоммутун биллэрэр. Таһырдьаттан түннүгүнэн дьон көрөр буоллахтарына, эн тускунан араас кэпсэтии тыл-өс буолуоҕа; олорор дьиэ түннүгэ алдьаныыта, ыал олоҕун сорох түгэннэрэ ыалларыгар биллиилэригэр көстөр; түн¬нүктэн сууллар киһи көһүннэҕинэ, тыл-тылга киирсибэт буолуу кэ¬лиэҕэ эбэтэр билсэр киһилиин арахсыы буолуон сөп.
Түннүгүнэн көрдөххө өлбүт киһи төбөтө сытар уонна онно бэйэ сылдьар буоллаҕына, аймахтарыгар туох эрэ ыарахан быһыы буолуон эбэтэр санаарҕабыл кэлиэн сөп. Түннүгүнэн таһырдьаны көрдөххө, чуҥкуйуу, хааттарыы кэмэ кэлиэн сөп; ардах түһэрин көрдөххө уларыйыы үчүгэй өттүгэр баран эрэрин биллэрэр; түннүк аһыллан хаалыыта ыал араас баҕа санааларын бары аймахтара, чугас дьоно билэр буолууларыгар тириэрдиэн сөп.
Түннүгүнэн араас быһылааны көрдөххө, билэр дьоҥҥо буолан ааһар быһыылар улахан санаарҕабылы үөскэтиэхтэрэ эрээри эйигин улаханнык таарыйбакка ааһыахтарын сөп. Түһээн түннүк тааһын таарыйдахха урут билбэтэх, оҥорботох дьыалаҕын ылсыаххын сөп; аһаҕас түннүгүнэн ииктээһин буоллаҕына, дьиэ иһинээҕи кыра аймалҕан ыаллар билиилэригэр тахсыан сөп.
ТҮҺҮҮ. Үөһээттэн сууллан түстэххэ тугу эмэ сүтэрии эбэтэр санаа түһүүтэ буолуон сөп: уһуктаах таастардаах хайаттан төкүнүйэн түһүү - дэҥ-оһол, эчэйии бэлиэтэ. Тугунан эмэ халтарыйан аллараа диэки түһүү дьыаланы таах, дьаалатынан ыытыы эбэтэр кыайбат дьыалаҕын ылсыспытын бэлиэтэ.
ТҮӨС. Түүлгэ киһи түөһүн олус ыарахан баттаатаҕына уонна куттаннахха тыҥа ыалдьар буолуон сөп.
ТҮҮ. Түүлгэ киһи этигэр түү үүнэн хаалыыта эр киһи уонна дьахтар өйдөрүгэр-санааларыгар тус-туспа өйдөбүлү биэрэллэр. Эр дьоҥҥо сорох миэстэлэригэр түү үүнэн хаалбыта эттэрэ-сиинэрэ ордук тупсубутун, күүһүрбүтүн бэлиэтиир буоллаҕына дьахталларга санаарҕабылы үөскэтэллэр. Бүтүннүүтэ түү буолбут киһи көстүүтэ өй-санаа арахсан туспа барыытын эбэтэр сайдан, кыаҕыран туспа өйдөөх-санаалаах буолууну биллэрэр.
ТЫА. Түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх күөх тыа, үлэ-хамнас үчүгэйдик баран иһэрин көрдөрөр; үрдүк улахан тииккэ үөһээ ытыннаххына, үлэҕэр ситиһии кэлиэҕэ; умайбыт, куһаҕан көрүҥнээх тыа көстүүтэ дьону кытта сыһыан мөлтөөһүнүгэр, уопсай тылы булуу уустугуруутугар көстөр эбэтэр үлэ-хамнас дьыалата мөлтөөн барыа диэн сабаҕаланар. Түһээтэххэ үүнэн турар тыа куһаҕан көрүҥнэнэн көстүүтэ үлэ-хамнас дьыалата улаханнык мөлтөөһүнүгэр көстөр. Куурбут-хаппыт тыа көһүннэҕинэ, оҥоруохтаах дьыалаҥ бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта тапсыбаккыттан улаханнык атахтаныан сөп; алдьаммыт, охтубут тиит көстүүтэ өлүү-сүтүү буолаары гыммытын бэлиэтэ; хаппыт-куурбут тиит көстүүтэ соҕотох туран хаалбыт киһини эмиэ бэлиэтиэн сөп. Хара тыаҕа сырыттахха дьону кытта өйдөспөт буолуу кэмэ кэлиэҕэ.
ТЫАЛ. Чуумпу сылаас тыал - санаа табыллыытыгар: күүстээх тыал түстэҕинэ - үлэ-хамнас атахтанар; кэннигиттэн тыал үрдэҕинэ, үлэ-хамнас үчүгэй өттүгэр уларыйыыта буолуоҕа; күүстээх тыал ону-маны ыараханы хамсатар, үрэйэр буоллаҕына оҥоруллан испит үлэ кыах тиийбэтиттэн атахтанан хаалыан сөп. Түүлгэ аһара күүстээх тыал түстэҕинэ, ону-маны сыҕарыттаҕына олоҕу саҥалыы көрүү саҕаланыыта, өйгө-санааҕа тосту уларыйыылар киириилэрэ саҕаланыа.
ТЫАС. Араас тыл сүрэ. Түүлгэ саа тыаһа иһилиннэҕинэ, кэтэһэр солуҥҥун истиэххин сөп.
ТЫЙМЫЫТ. Көрдөххүнэ - харчылаах буолуоҥ.
ТЫЛ. Түүлгэр айаҕын иһигэр тылыҥ улаатан хаалбыт буоллаҕына, элбэх саҥаҕынан дьону эрэйдиэҕиҥ; тыл эттэххэ дьоҥҥо сабыдыал улаатан иһэрин бэлиэтэ.
ТЫҤЫРАХ. Түүлгэ алдьаммыт тыҥырах дьыала ситэ табыллыбатыгар эбэтэр ыалдьыыга көстөр; алдьаммыт тыҥыраҕы эмтээтэххэ, баайдахха табыллымаары гыммыт дьыала дьэ табыллыаҕа, өйдөһүү буолуоҕа. Кирдээх тыҥырах көстүүтэ таба сыаналаабат буолууттан сыыһа-халты туттууга көстүөн сөп. Түүлгэ атах тыҥыраҕа улаатан, уһаан хаалбытын көрөн соһуйдахха, олоххо ситиһии, кыайыы диэки тардыһыы өссө улаатыаҕа, тирэх күүһүрүө.
ТЫЫ. Түүлгэ тыынан устан кытыыга этэҥҥэ тигистэххинэ, олоҕуҥ эрэллээх, ситиһиилээх буолуо; тыыга иккиэ буоллаххытына, эйэлээх кэргэнниилэр буолуоххут. Кыра тыыны көрдөххө эбэтэр уһуннахха сыыһа-халты туттунууттан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
ТЭБИИ. Биллиилээх киһи ыстанан ылыаххар диэри эмэһэҕэ тэптэҕинэ, тохтоору гыммыт дьыала оннуттан хамсыаҕа, соһуччу көмө кэлиэн сөп.
ТЭЛЛЭЙ. Тэллэйи хомуйдахха, барыс киирэригэр олук ууруллуо; тэллэйи сиэтэххэ быстах ыарыы булуон эбэтэр туохха эмэ туһалаахха тииһиниэххэ, уһуннук олоруохха сөп. Түүлгэ тэллэйи көрдөххө туох эмэ дьыаланы ситиһиигэ тиэтэллээх буолуу үөскүөн сөп; дьахтар тэллэйи көрдөҕүнэ быстах баҕа санаатын толоруу диэки халыйыан баҕата киириэн сөп.
ТЭРИЭЛКЭ. Кураанах тэриэлкэ көһүннэҕинэ, дьиэ иһигэр санаарҕабыл киириэ, баҕа санаа туолумуон сөп.
У
УЙА. Уйатыгар олорор көтөрү көрдөххө - үөрүү буолуо; көтөр уйатын алдьаттахха, дьиэҕэр аймалҕан кэтэһэр.
УЛАРЫЙЫЫ. Түүлгэ туох эмэ уруккутуттан уларыйан, улаатан көһүннэҕинэ, илэтигэр ханнык эрэ уларыйыы, тупсуу эмиэ буолуоҕа; кыччаан, харааран көстүү – мөлтөөһүн кэлэригэр.
УЛАХАН. Түүлгэ ханнык эмэ бэлиэ көстүүтэ төһө улаханыттан уонна кыратыттан тутулуктанан майгыта эмиэ быһаарыллар. Түүлгэ улахан киһи көстүүтэ санаа күүһүрбүтүн, улааппытын бэлиэтиир. Туох эмэ урукку көстүүтүттэн улаатан көстүүтэ киһи күүһэ, кыаҕа улаатыытын, санаата күүһүрүүтүн быһаарар.
УЛЛУҤАХ. Саппыкы эбэтэр бачыыҥка уллуҥаҕа көһүннэҕинэ, барыга-бары сэрэхтээхтик сыһыаннаһа сылдьыахха.
УМУҺАХ. Киһи умуһаҕын хаһа сылдьар буоллаххына, тиийиммэттик, кыараҕастык олороруҥ бэлиэтэ; хаһыллыбыт киһи умуһаҕын көрдөххө, аймаҕыҥ эбэтэр билэр киһиҥ өлүөҕэ эбэтэр эрэй, санаарҕабыл кэлиэҕэ. Түүлгэ умуһахха түһэ сыһыы буоллаҕына, урукку билсиилээхтэрин эбэтэр аймахтарын сыыһаларыттан тэмтэрийэ сыһан баран өрүһүнүөххүн сөп.
УҤУОХ. Кураанах уҥуоҕу тиниктээһин дьадайыыга, тиийиммэт буолууга көстөр.
УҤУУ. Түһээн уҥан хааллаххына, өр күүппүт куттанар санааларгыттан дьэ босхолонуоҕуҥ эбэтэр чугас аймахтаргыттан ким эмэ ыалдьыаҕа эбэтэр куһаҕан солуннары истиэххин сөп; уҥмут киһи көһүннэҕинэ эрэли, итэҕэли түһэн биэрии, эрэммит, итэҕэйэр киһи хомолтото таһынан барыан, арахсыы, өйдөспөт буолуу кэлиэн сөп.
УОЙУУ. Уойбут-топпут, тупсубут киһи – ыарыһах киһи.
УОЛ. Түһээн кыра уолу көрдөххүнэ – кэмсинэҕин. Ханнык эрэ дьыалаҕар ситэтэ суох, кыра оҕолуу быһаарыныыны ылынаары гыммыккын бэлиэтиир.
УОРУЙАХ. Түүлгэр эйигиттэн уорбут буоллахтарына, соһуччу солуннары ис-тиэҕиҥ; бэйэҥ уоруйах буоллаххына, искэр сөбүлээбэт дьыалаҕын оҥороору гынаҕын, баҕар кыра барыс киириэн сөп; түүлгэр уоруйаҕы көрдөххүнэ, быстах дьыалаҕын ситиһии дьэ буолуон сөп. Түүлгэ уоруйаҕы тутан ыллахха куһаҕаннык саныыр, мэһэйдэһиэхтэрин баҕарар дьону кыайыы, ситиһии буолуон сөп.
УОС. Түүлгэ улаатан, уһаан иһэр уос көһүннэҕинэ, дьиэлээхтэр сыһыаннара уустугуруо, куһаҕан өттүгэр уларыйыан сөп.
УОТ. Улахан уот умайыыта - күүстээх тыл-өс тарҕаныыта; уоту умуруоруу - тыл-өс мөлтөөһүнэ, хаптайыыта. Түүлгэ отуу уота умуллан хаалыыта олус итэҕэйэ, эрэнэ санаабыт дьыала табыллыбатыгар эбэтэр олох суола бүтүүтүгэр көстүөн сөп. Түүлгэ электричэскэй уоту уматтахха, туох эрэ туһалаах дьыаланы оҥоруохха сөп; выключатели холбоотоххо уот кэлбэт буоллаҕына, хайа эрэ дьыалаҕа көрсүһүү табыллыа суоҕа; электрическэй уот баран хааллаҕына баҕа санаа туолара кыаллыбат кэмэ кэлиэн сөп. Уот умайыыта араас тыл-өс тарҕаныыта, көрүҥүттэн, хайдах умайарыттан тутулуктаах. Улахан уокка бэйэҥ умайбат буоллаххына олоҕун көнүүтэ, ситиһии кэлэн иһэр буолуон сөп; оһоххо уоту күөдьүтэн уматыы үлэ-хамнас эбиллэн иһэрин биллэрэр. Түүлгэ улахан уот барыыта суруйааччы эбэтэр эргинээччи үлэтэ-хамнаһа сыаналанан, тарҕанан барыытыгар көстөр.
УОТТАР. Халлааҥҥа көтө сылдьар уоттары ким эрэ ытыалаан суулларан түһэрэрин көрдөххө, иннигэр көһүтэр дьиксиниилээх түгэннэри аһарыаҕыҥ.
УРУЙ. Уруйдааһын, айхаллааһын буоллаҕына, ночоот буолуо.
УРУУЧУКА. Саҥа уруучуканы биэрдэхтэринэ сурук үлэтэ табыллан барыаҕа.
УСТУУ. Туох эмэ кыра тэрилинэн устар буоллаххына, баҕа санааҕын толоруоххун кыаҕын тиийбэт буолан хомойоҕун. Чуумпу уунан устуу, эйэлээх, холку олоҕу түстүүр.
УҺАНЫЫ. Уһанар дьиэ - дьоллоох дьиэ; киирэ сырыттахха баҕа санаа туолуоҕа; уһанар тэриллэри көрдөххө, түбүктээх үлэ көстүө.
УРАГАН. Ураган түстэҕинэ олоххо соһуччу уларыйыы кэлиэн сөп. Ураган эйигин таарыйбатаҕына, уларыйыы эйиэхэ сыһыана суох буолуо.
УТАТЫЫ. Утатаҥҥын, уу иһэн утаххын ыраас уунан ханнардаххына – дуоһуйуу, баҕа санаа туолуута эбэтэр сөптөөх көмө баар буолуо. Түүлгэ утатар буоллахха, кимиэхэ эмэ көмө наада эбэтэр ким эрэ улаханнык эрэнэн кэтэһэр буолуон сөп; утаппыт дьону көрдөххө эйигин батыһааччылар баар буолуохтара.
УТУЙУУ. Түүлгэ утуйуу - мөлтөөһүн, ыалдьыы бэлиэтэ.
УУ. Түүлгэ ууну көрдөххө - былыттаах күн үүнүө; уу суох буолуута көһүннэҕинэ, ыраас күннэр буолуохтара. Эргийэ турар ууга түспүт киһи көһүннэҕинэ, өйдөспөт буолууттан дьыалаларыҥ мөлтүөхтэрин, эн тускунан саарбахтык этиэхтэрин сөп; сүүрүктээх ууга турдаххына эбэтэр сөтүөлээтэххинэ - доруобай буолуоҥ; уста турар ууну туораан таҕыстаххына - санааҕын ситиһиэҥ. Ыраас, сүүрүктээх ууну көрдөххүнэ, кэлэн иһэр кэмиҥ эрэллээх, дьоллоох буолуо; дьалкытан ууну тохтоххо, санаа түһүүтэ, хос-хос үлэлэр буолуохтара; түүлгэ дьону уунан ыһар буоллаххына, эн өйгүн-санааҕын итэҕэйэр дьон элбиэхтэрэ.
Түүлгэ уу суох сириттэн тохтор буоллаҕына, туох эмэ куһаҕан быһыы эбэтэр өлүү буолуоҕа; тымныы ууну истэххинэ, өй-санаа уоску¬йуута кэлиэ, доруобай буолуоҕуҥ; иһэр уу кирдээх эбэтэр сылаас буоллаҕына, мөлтөөһүн, ыалдьыы буолуон сөп; ыстакаантан итии ууну истэххэ улахан хомолто, санаа түһүүтэ үөскүөн сөп; түүлгэ ууну кэһии - ардах, хаар бэлиэтэ. Икки ыстакаан ууну истэххэ, олор тымныы уонна сылаас буоллахтарына биирдэ оҥоруллуохтаах дьыаланы хос хатылаан оҥоруу буолуон сөп. Муоста анныттан уу тоҕуннаҕына, ким эмэ куһаҕаннык саныаҕа, үчүгэйи баҕарбаты көрдөрөр бэлиэ; хара ууну кэһии санаарҕабыл, мөлтөөһүн кэлэригэр. Түүлгэ хонууну ыраас уу ыллаҕына, төһө да ыарырҕатан, кыайымаа¬ры гынным дуу дии санаатаргын даҕаны сыалгын ситиһиэххин сөп. Сөп соҕус дохуоттаах буолуоххун син.
Ууга харбааһын, улаханнык эрэйдэнэн ыараханы, эрэйи этэҥҥэ туо¬рааһыны көрдөрөр. Харбыы сылдьааччыны бэйэҥ көрөр буоллаххына, ыараханы дьулуурдаахтык туорааһыны бэлиэтиир. Олоххо, өйгө-санааҕа уларыйыылар кэлиилэригэр түүлгэ уу ылыыта көстүөн сөп. Бу уларыйыылар төһө күүстээх буолуулара уу кэлиитэ хайдаҕыттан тутулуктанар. Муостаҕа халыйбыт уу дьон куһаҕан санаалара элбээбитин, таһынан барбытын көрдөрөр. Киһи түүлүгэр кирдээх, сытыйбыт, көҕөрбүт уу санаа түһүүтүгэр, өй-санаа мөлтөөһүнүгэр көстөр; уу түннүккэ диэри дэбиличчи ылан аастаҕына өр санаарҕыы сылдьыбыт дьыала дьэ табыллар суолга киириэҕэ, санаарҕабыл ааһыаҕа. Дьиэ таһа барыта уу буолбута эйигин таарыйбат буоллаҕына үөрүү, баҕа санаа туолуута кэлиэн сөп.
Түүлгэ ууга тимирэн баран олус куттаннахха тыҥа ыалдьар буолуон сөп. Тымныйан ыалдьыы буолаары гыммыта түүлгэ эмиэ биллэр. Бу ыарыы киһи тымныы ууга түһэн баран куттаныытыттан биллиэн сөп. Соһуччу ууга түһэн баран өрүһүнэн таҕыстахха, эмискэ ыарыыттан үтүөрүү буолуоҕа; муустаах ууну кэһэн таҕыстахха дьулуур эбиллэн ситиһиини оҥорор кэм дьэ кэлбит буолуон сөп; муустаах ууну бидоҥҥа кутан салаасканан состоххо, доруобуйа, эт-сиин тупсарын туһугар үлэ ситиһиилээх буолуо.
УЧУУТАЛ. Урукку учууталыҥ бугул сүгэн аҕалан биэрдэҕинэ, үөрэммит дьыалаҕар кыра да буоллар ситиһиилэри оҥорор кэмин кэлбит буолуон сөп.
Ү
ҮБҮЛҮӨЙ. Түүлгэ чуумпутук барар үбүлүөй, аһылыга тиийбэтэҕинэ илэтигэр похорона буолуон сөп.
ҮЛЭ. Түһээн үлэҕэр үлэлии сылдьар буоллаххына, тэрилтэҥ үлэтэ - хамнаһа атахтанарын бэлиэтэ эбэтэр сүрэҕиҥ үлэтэ мөлтүөҕэ; үлэлии сылдьар дьону көрдөххүнэ, оҥоруохтаах үлэҥ хойутаан да буоллар табыллыан сөп.
ҮҤКҮҮ. Түүлгэр үҥкүү тыла эттэххинэ, чугас аймахтаргыттан өлүү- сүтүү тахсыа; үҥкүү – киһи өлүүтүгэр: күөх хонууга элбэх буолан «Ленка-енка» курдук үҥкүүнү үҥкүүлээһин буоллаҕына, баҕа санаа туолуута, доҕотторгун кытта биир санаалаах буолуоҕуҥ; үҥкүүлүү сылдьар дьон көстүүлэрэ, хомолтолоох дьыала элбэх киһини хаарыйарын бэлиэтэ, ханнык эмэ уларыйыылар буолуохтара. Атын дьону кытта үҥкүүлүү сылдьар буоллахха туһааннаах дьыаланы ситиһиигэ сөптөөх кэм кэлбит буолуон сөп; саҥа үҥкүүнү үөрэттэххэ биир санаалаах саҥа дьону кытта билсиһиэххэ сөп. Бэйэ үҥкүүлүү сылдьарын сөбүлээтэххэ оҥоро сылдьар дьыала табыллан барыыта саҕалыныа; кыра кыыстыын үҥкүүлүүр буоллахха, дьыалаҕын батыһааччылар баар буолуохтарын сөп.
ҮҤҮҮ. Түүлгэ үҥүүлээх дьону көрдөххө өйдөспөт, утары санаалаах дьон баалларын биллэрэр.
ҮӨН. Ытыскар үөн тахсыбыт буоллаҕына - байан барыаҥ; төбөҕөр эмискэ үөн тахсыбыт буоллаҕына, өй-санаа эбиллиэн эбэтэр баай буолуоххун сөп. Куота сатыыр улахан үөнү хампы тута сатаатахха эйиэхэ утары санаалаах киһини кытта көрсүөххэ, мөккүһүөххэ сөп эрээри кэлин киһиҥ эн санааларгын өйүүр буолан барыан сөп; кыра үөннэри үүрдэххэ өр санааргыы сылдьыбытыҥ туох да суола-ииһэ суох симэлийиэ.
ҮӨҺЭЭ КӨТҮҮ. Түһээн үөһээ көтөр үчүгэй бэлиэ. Киһи олоҕор ханнык да буоллар хамсааһын, уларыйыы баарын көрдөрөр. Үөһээ көтө сылдьан сиргэ туох баарын чуолкайдык көрө сылдьар буоллахха улахан ситиһиини оҥоруу кыаллар. Ол курдук түүлгэ эмиэ олохтоох сиртэн-уоттан аһара ырааппакка үөһээ-аллараа түспэккэ сылдьыы этэҥҥэ буолууну, олох биир тэҥник баран иһиитин быһаарар. Итилэри тэҥэ бэйэҥ халлаанынан көтөҥҥүн үчүгэй күөх хонууну, тыалары, кэбиһиилээх оттору уонна дэриэбинэни көрдөххүнэ баҕа са¬нааҥ барыта туолуо диэн бу түүллэр туох да атын тойоннооһуннара суох бэйэлэрин үчүгэй көстүүлэрэ быһаараллар.
Аһара үөһээ уонна олус чэпчэкитик көтө сылдьыы көннөрү туолбат баҕа са¬наа эрэ буолар. Манна сахалар ыра санаа диэн этиилэрин чуолкайдаан биэриэххэ сөп. Хаһан да туолбат баҕа санаалар — ыра санаалар диэн ааттаналлар. Түһээн олус баай-тот үөһээ дойдуга көтө сылдьыы киһи хаһан да туолбат ыра санаата эрэ буолар. Ити курдук олус сынньалаҥ олоҕу баҕара санааһын киһи түүлүгэр илэ көстүөн эмиэ сөп.
ҮӨҺЭЭ ТАХСЫЫ. Түүлгэ үөһээ диэки тахсыы олоххо ситиһиини оҥоруу бэлиэтэ. Хайдах быһыылаахтык үөһээ диэки ыттан тахсан иһэриҥ туох ситиһиини оҥороргун билгэлиир. Үгүстүк эрэйдэнэн үөһээ тахсыы ситиһии эмиэ эрэйдээхтик кэлэрин бэлиэтиир. Үөһээ тахсыы кыаттарбатаҕына кыайыы, ситиһии буолбат, үлэ-хамнас атахтаныыта саҕаланар. Киһи бэйэтин олоҕор ордук элбэхтик халдьаайыга, хайаҕа, тииккэ, дьиэ үрдүгэр ыттан тахсар. Маннык ыттан тахсыылар туох ситиһии буоларын билгэлииллэр. Кирилиэһинэн өрө тахсыы киһи үлэлээн-хам¬наан тугу ситиһэрин, кыайарын бэлиэтиир. Кирилиэс көрүҥэ кыайыы суолтатын быһаарар.
ҮӨР. Үөр саҥатын истии - солуҥҥа.
ҮӨРҮҮ. Түүлгэр күлэн-салан үөрдэххинэ - хомолто кэлиэ; үөрдүм дии санаатаххына, үлэҥ-хамнаһыҥ сыаналаныа.
ҮӨРЭНИИ. Түһээн үөрэнэ сылдьар буоллаххына, эн чугас истиҥ доҕоттордооххун, ситиһиини оҥорор кэмин кэлэр иһэр.
ҮС МУННУК. Түүлгэ ханнык эрэ үс муннуктааҕы көрдөххө, кыра да буоллар си-тиһии, үөрүү, дьол буолуо.
ҮРҮТ. Үрүтү көрдөххө - сэрэхтээх буолуохха наада; дьиэ үрдэ сууллуу-та, улахан кутталга көстөр бэлиэ; дьиэ үрдүттэн обуой хастанан түһүүтэ, ордук санааччылар баар буолууларын биллэрэр, дьону кытта сыһыаны тупсарарга ыҥырар көстүү буолар. Дьиэ үрдүгэр эбэтэр туох эмэ үөһээ тахсыы – ситиһии бэлиэтэ.
ҮРҮҮ. Улахан ыт үрэрэ ыраахтан иһилиннэҕинэ үчүгэйдик этиэхтэрэ суоҕа эрээри онтон улахан уларыйыы, туох эмэ куһаҕан быһыы тахсыа суоҕа; булчут ыт үрэрин иһиттэҕинэ бултуйуон сөп.
ҮРҮҮМКЭ. Толору үрүүмкэни көрдөххүнэ, барыс киириэ эбэтэр санааҥ туолуо; кураанах үрүүмкэ - ночоот дуу, сүтүк дуу буолуо; үрүүмкэ алдьаныыта - үөрүүгэ; улахан курустаал үрүүмкэ көстүүтэ, аатыҥ-сураҕыҥ киэҥник тарҕанарын бэлиэтэ.
ҮҺҮҮРҮҮ. Түүлгэ үһүүрэр буоллахха сөбүлээбэт быһыыҥ буолуо эбэтэр харчы суох буолар кэмэ кэлиэн сөп.
ҮТҮЛҮК. Түүлгэ үтүлүк кэтэрдэ сатааһын, тугу эмэ ситиһэргэ үөрэтии бэлиэтэ; кэтэ сылдьар буоллаххына, дьулуурдаах буолаҥҥын баҕа санааҕын ситиһиэҕиҥ; үлэҕэ кэтиллэр үтүлүгү көрдөххө күүстээх үлэттэн сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
ҮҮН. Акка үүнү кэтэрдэ сатаатаххына, бэйэҥ көрүүлэргин атын соччо сөбүлээбэт киһиэхэ иҥэрэ сатааһыныҥ көстүүтэ буолуон сөп. Үүн көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, оҥоро сатыыр дьыалаҥ ситиһиилээх буолуо.
ҮҮНЭЭЙИ. Дьиэҥ таһыгар күөх үүнээйи эбэтэр мастар үүнэн тураллара, эйиэхэ билиини-көрүүнү, баай-талым олоҕу түстүүр. Ханнык эрэ күөх үүнээйини көрдөххүнэ, түбүктээх үлэ кэнниттэн дуоһуйуу кэлиэҕэ.
ҮҮТ. Түһээн кимнээххэ эрэ үүттэн оҥоруллубут туох эрэ маҕаны сиэтэххинэ, ол дьон сүөһүлэрэ өлүө; элбэх үүтү көрүү - баай буолууга; үүтү иһии - доруобай буолууга; үүт тоҕуннаҕына, ол-бу кыра ночооттор тахсыахтара. Аһыйбыт үүтү, суораты истэххинэ, билэр дьонноруҥ эрэйдэнэллэриттэн санааргыырыҥ бэлиэтэ эбэтэр кинилэри кытта өйдөспөт буолууга көстөр; үүт иһэр буоллаххына, доруобуйаҥ көнөн барыа эбэтэр ким эмэ сабыдыалыгар кыайан тахсыбат гына киириэххин сөп.
ҮРҮҤ. Түүлгэ көстөр үрүҥ, сырдык дьүһүн халлаан сырдаан, Күн тахсыытын көрдөрөр буолан үчүгэйи, тупсууну түстүүр. Ол курдук хараҥа түүн кэнниттэн үрүҥ күн тахсан сири-дойдуну сандаарыччы сырдатыыта, дьоҥҥо өй-санаа уһуктуутун, үлэ-хамнас, кыайыы-хотуу кэлиитин бэлиэтиир көстүүнэн буолар уонна дьон сырдыкка, үчүгэйгэ тардыһыыларын көрдөрөр бэлиэнэн уһун үйэлэр тухары ааҕылла сылдьар.
ҮРҮҤ КӨМҮС. Түһээн үрүҥ көмүс бытархай харчылары көрдөххө, санаарҕабыл, харах уута буолуон сөп; үрүҥ көмүс киэргэллэри кэттэххэ, баҕа санаа туолуута, ситиһии кэлэригэр.
Ф
ФОНАРЬ. Илиигэ тутуллар электрическэй фонаригынан сырдатыы - ханнык эмэ соһуччу түгэннэр буолуохтарын сөп эбэтэр кыра, быстах дьыаланы си¬тиһии буолуон сөп.
ФОКУС. Түһээн ханнык эмэ фокуһу көрдөрөр эбэтэр ким эрэ көрдөрөрүн көрөр буоллаххына, куһаҕан балаһыанньаҕа түбэһэн бараҥҥын, бары күүскүн, кыаххын түмэҥҥин, улахан эрэйинэн аһарыаххын сөп.
ФОТОАППАРАТ. Фотоаппататы көрдөххө хаартыска бэчээттээһининэн дьарыктанар кэм кэлиэн эбэтэр урукку табаарыстаргын көрсүөххүн сөп.
Х
ХААЙЫЫ. Түһээн хаайыыга олорор дьону көрдөххө, эн бэйэҥ итэҕэйэр дьоҥҥор ылыахтаах бырааптарын биэрэргэ дьулуһаҕын. Хаайыыга киирэртэн быыһаныы буолуута, барыс киирэр үлэтигэр кыттыһаргын көрдөрөр.
ХААЛТЫС. Хаалтыс бааммыккын көрдөххүнэ, үлэ-хамнас табыллыбакка тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ.
ХААЛЫЫ. Эккирэтэ, сүүрэ сатаан баран, автобустан хаалан хаалыы буоллаҕына, санааҕын уурбут дьыалаҕын атын кыайбат биричиинэлэриҥ мэһэйдээннэр, кыайан ситиспэккэ хаалыаҕыҥ.
ХААМЫЫ. Сөбүлүүр сирин устун сатыы хаамыы, дуоһуйууну, уоскуйууну түстүүр; хараҥа тыа, хараҥа хонуу устун хаамыы, эрэй, үлэ элбииригэр. Түүлгэ хаамыы туһалаах дьыаланан дьарыктаныы бэлиэтэ, тугу эмэ оҥоруохха сөп. Ат буолан хаамыы ыарахан, кыайбат үлэни үлэлииргэ, мөлтөөн, ыалдьа сыһыыга көстүөн сөп.
ХААН. Түүлгэ хааны көрдөххүнэ, хаан аймахтарыҥ кэлэллэр; хаан тохторун көрдөххүнэ, аймахтаргыттан ким эмэ ыалдьыан сөп эбэтэр кинилэр тустарыгар санааҕа-онооҕо түһүү буо¬луоҕа. Хааннаах таҥаһы көрдөххө, сороҕор улаханнык сыыһа туттуу эбэтэр куһаҕан сурах да буолуон сөп. Муннугуттан хаан кэлэр буоллаҕына, улахан үөрүүнү аймахтаргар аҕалыаххын, бэйэҥ да үөрүөххүн сөп; илии хааннаах буоллаҕына ханнык эрэ куттал суоһуурун, сэрэнэ сылдьар наа¬далааҕын өйдөтөр эбэтэр бииргэ төрөөбүттэргин кытта өйдөспөт буолуу, тэйсии үөскүөн сөп.
ХААР. Ыраас хаардаах хонууну, халдьаайыны көрдөххө, үчүгэй солуннары истиэҕиҥ эбэтэр баҕа санааҥ туолуоҕа; ыраас, сырдык хаар устун хаамтахха, санаа туолуута, үөрүү буолуон сөп. Саас хаар ууллан, уу тахсыыта саҕаланнаҕына, туһааннаах үлэ табыллыыта, тарҕаныыта саҕаланыа; чөмөх хаар ууллуута дьыала табыллара, ситиһии буолара чугаһаан эрэрин биллэрэр.
ХААРТЫ. Хаарты оонньооччулары көрөр буоллаххына, ким эрэ албыныгар киирэн биэрэҥҥин ночоокко түһүөххүн сөп; хаарты оонньоотоххо хомойуу, албыннатан ночоокко түһүү буолуон сөп; хаарты оонньуутугар элбэх харчыны көрдөххө соһуччу ночоот дуу, сүтүк дуу кэлиэн сөп.
ХААРТЫСКА. Түүлгэ хаартыска көһүннэҕинэ, урукку доҕотторгун кытта көрсүһэн ааспыты ахта санааһын буолуоҕа.
ХААҺЫ. Түһээн хааһы сиэбит киһи - санаата туолбат.
ХААТЫҤКА. Түүлгэ хаатыҥка көһүннэҕинэ, чугас киһигин кытта эн буруйгунан тахсыбыт иирсээн этэҥҥэ ааһыаҕа; хаатыҥка кэттэххэ урукку умнубут табаарыскын көрсүөххүн сөп.
ХААТТАРЫЫ. Түүлгэ туохха эмэ хааттардахха, ыгылыннахха уонна куттаннахха сүрэх ыалдьар буолуон сөп. Баран иһэр сиргэр туох эмэ мэһэйдээн хааттаран хааллахха, баҕа санаа, тугу эмэ оҥоруу улахан мэһэй баар буолан кыаллыбакка хаалыаҕа; кыараҕас дьиэҕэ хааттардахха, ыгыллыы, хам баттааһын, өйдөспөт буолуу кэлиэн сөп.
ХАЙА. Хайаны дабайан тахсыы – ситиһиигэ, дьулуурдаах буолууга, дьылы этэҥҥэ туорааһыҥҥа; хайа үрдүгэр сылдьыы - санаа көтөҕүллүүтүгэр, туолуутугар; хайа үрдүгэр турдахха саҥа саҕахтары арыйыы, ситиһиигэ бэлэмнэнии бэлиэтэ.
ХАЙЫҺАР. Хайыһары тэбэ, айанныы сырыттахха чэпчэкини талан ылыы туһата аҕыйах буоларын билиэххэ эбэтэр быстах санааларга ылларыахха сөп.
ХАЛААТ. Халаат кэттэххэ, өтөр үтүөрбэт ыарыы булуоҕа; дьэрэкээн ойуулаах халаты кэттэххэ санаа көнүүтэ буолуо.
ХАЛБАҺЫЫ. Халбаһыы сиэтэххэ улахан туһалаах дьыаланы саҕалыахха эбэтэр баҕа санаа туолуон сөп.
ХАЛДЬААЙЫ. Түһээн халдьаайы үрдүгэр тахсыы туох эмэ ситиһии бэлиэтэ буолар; халдьаайы анныгар турдахха, ханнык эмэ улахан мэһэйдэр баҕа санаа туолуутун мэһэйдиэхтэрэ.
ХАЛЛААН. Түүлгэ халлаанынан көтө сылдьыы – ситиһиигэ, санаа туолуутугар; ыраас, сырдык халлааны көрүү – дьолго, санаа туолуутугар. Халлаан былыта ыраастанан хаалыыта үлэҕэ-хамнаска үөскээбит мэһэйдэр дьэ төлөрүйэннэр саҥалыы саҕаланыытыгар тириэрдиэн сөп.
ХАЛТАРЫЙЫЫ. Түһээн ханааба устун халтарыйан аллараа диэки түһэн иһии буоллаҕына, күһэлтэҕэ киирэн, кыайан уларытар кыах суох буолан, олоҕун куһаҕан, мөлтөөһүн диэки салаллан эрэр буолуон сөп.
ХАМАНДЫЫР. Ким эрэ хамандыыр буолбут буоллаҕына үлэни-хамнаһы бэйэтэ салайыан, талааннаах салайааччы тахсыан сөп.
ХАПКААН. Көрдөххүнэ, барыта үчүгэй курдук эрээри туох эрэ куттал баара чахчы.
ХАППЫЫСТА. Хаппыыстаны быһыы, хомуйуу буоллаҕына, аһара дэлэмсийэн ыһан-тоҕон, дьадайыы буолаары гыммытын көрдөрөр.
ХАПТАҺЫН. Хаптаһыны эрбээһин, уһаныы – киһи өлүүтүгэр.
ХАРА. Түүлгэ туох эмэ харааран, хара дьүһүннээх көһүннэҕинэ халлаан хараҥаран түүн буолуутун санатар, ол иһин мөлтөҕү, куһаҕан майгыны, ыараханы көрдөрөр. Түүл бу бэлиэлэрэ киһи Айылҕаттан ту¬тулуга ураты күүстээҕин, Айылҕа бары көстүүлэрэ харааран, киртийэн көһүннэхтэринэ киһи эмиэ мөлтүүрүн бэлиэтээн көрдөрөллөр.
Сахаларга «Айыы-хара элбээтэ» диэн олохсуйбут этии баар. Бу этии киһи билбэтин айыы, оҥоруу сыыһа-халты буолара элбэҕинэн куһаҕан, хара быһыы элбээн иһэрин бэлиэтиирин таһынан куһаҕаны оҥоруу хара айыы буоларын чуолкайдаан биэрэр. Ити этии өссө киһи өйө-санаата куһаҕаны оҥорорго эмиэ үлэлиирин, олору эмиэ айан, үгүстүк толкуйдаан оҥорорун быһаарар. Куурбут-хаппыт, хара буор хонууну түһээн көрдөххүнэ үлэҥ-хамнаһыҥ сатарыйан барыа, элбэх ночооттор тахсыахтара.
ХАРААБЫЛ. Улахан хараабылынан уһуннахха саҥа киирбит баҕа санааны олоххо киллэриини саҕалыахха сөптөөх кэм кэлбит буолуон сөп.
ХАРАБЫЛ. Түүлгэ ханнык эмэ харабылга түбэстэххэ суукка-сокуоҥҥа сыһыаннаах дьыалаҕа түбэһиэххэ сөп.
ХАРАҤА. Түүлгэ киэһэ, хараҥа буолуута мөлтөөһүн кэмэ кэлиитин биллэрэр. Үлэ-хамнас бытаарар, атахтанар кэмэ. Кыайыыга-хотууга дьулуур мөл¬төөһүнэ, сылайыы-элэйии бэлиэтэ. Маннык түүлү көрүү кэнниттэн кырдьык сынньанар ордук буолуо этэ. Хараҥа кэм дьайыыта түүлгэ эмиэ биллэр. Ыарахан, эрэйдээх, тиийиммэт-түгэммэт олох хараҥа кэмҥэ ааһарын курдук түүлгэ эмиэ хараҥаҕа муна-тэнэ сылдьарга тиийиллэр. Түүлгэ сырдык кэнниттэн хараҥа буолуута үчүгэй кэм куһаҕанынан солбулларын көрдөрөр. Онтон хараҥаттан сырдыкка тахсыы киһи баҕата туоларыгар ордук сөп түбэһэр көстүү буолар.
Бэйэҕин хараҥаҕа көрдөххүнэ - мөлтөөн-ахсаан барыаҕыҥ; сырдыкка тахсан кэллэххинэ, иннигэр күүтэр ыарахаттары этэҥҥэ мүччү түһүөххүн сөп; түүлгэ хараҥаттан эмискэ куттаныы кэнниттэн, соһуччу быстах кыыһырыы буолан ааһыан сөп. Хабыс-хараҥаҕа илииҥ иминэн сирдэтэн этэҥҥэ баран иһэр буоллаххына, таба сэрэйэҥҥин сөптөөх суолу булбутуҥ бэлиэтэ буолуон сөп; хараҥаҕа сылдьар буоллахха, туохха түбэспити ситэ сыаналаабат буолуу бэлиэтэ.
ХАРАХ. Уоттаах хараҕынан ким эмэ куһаҕаннык көрдөҕүнэ, аймахтаргыттан тутулуктаах дьыалаларыҥ табыллыбаккалар эрэйдиэхтэрэ эбэтэр эйигин туох эрэ дьыалаҕа буруйдуу саныахтара. Түүлгэ харах кыайан аһыллыбат, көрбөт буолан хаалыыта, ночоокко түһүүгэ, тугу эмэ сыыһа оҥорууга эбэтэр мөлтөөһүҥҥэ, күүс-кыах суох буолуутугар, ыалдьыыга көстөр; харах аһыллыыта буоллаҕына таба, туһалаах быһаарыыны булуохха сөп. Харах тулата кытаран көһүннэҕинэ ураты, туспа өй-санаа баар буолара биллиэ.
ХАРАХ УУТА. Харах уута ыгыллан тахсыыта, алдьархай кэлэн иһэрин бэлиэтэ.
ХАРЧЫ. Кылапаччыгас тимир харчыны көрүү - харах уутугар; харчыны булуу - байыыга; кумааҕы харчыны ааҕар - барыска; түһээтэххинэ кумааҕы харчыны биэрдэхтэринэ, кырдьык харчы кэлиэҕэ; албын харчылар көһүннэхтэринэ, кыаттарыа дии санаабыт дьыалаҥ кыайан табыллыа суоҕа; улахан харчылары көрдөххө, солуннары истии буолуо. Түүлгэ харчы төлөөтөххө туох эмэ оҥоруллубут үлэ иһин төлөбүр кэлиэн сөп; элбэх үчүгэй харчыны сөбүлүү көрдөххө сөп буолар харчы баар буолуон сөп; бытархай, хара харчылары сиэпкэ кутуннахха, хомолто элбиэҕэ эбэтэр баҕа санаа туолуута атахтаныа; сиэпкэ харчы баар буоллаҕына ороскуоттар тахсыахтарын сөп.
ХАРЫЙА. Түүлгэ харыйа көһүннэҕинэ үлэлэргин төттөрү этэр дьон көстүөхтэрэ.
ХАҺЫАТ. Хаһыаты ыллаххына - улахан солуну истиэҕиҥ.
ХАҺЫЫ. Муодарҕатар, соһутар хаһыы - дьоҥҥуттан көмө кэлиэн сөп; тыаҕа кыыл хаһыытын иһиттэххэ, билэр киһиҥ улаханнык эчэйиэн сөп эбэтэр туох эмэ быһылааҥҥа түбэһиэҕэ. Улаханнык хаһыытаан күрэхтэһиини кыайдахха эн этиилэрин таба буолалларын дьон билинэн барыахтара, ылыныахтара.
ХАТ. Түүлгэ эр киһи хат дьахтары көрдөҕүнэ, оҥоро сылдьар үлэтэ кэ-мигэр ситиһиилээх буолуон сөп эбэтэр олоҕор туох эмэ уларыйыы тахсыаҕа; хат буолан хаалбыт буоллахха уонна онтон астыннахха өр кэмҥэ оҥоро сылдьар дьыала дьэ табылларыгар кыах баар буолбутун көрдөрөр.
ХАТЫЙЫЫ. Хатыйыыттан оҕуннаххына, үлэҕэр соһуччу мэһэй баар буолуо.
ХАТЫҤ. Үүнэн иһэр хатыҥчааны көрдөххө, көһүппэтэх өттүттэн туһалаах дьыала арыллан тахсыаҕа.
ХАТЫЫЛАР. Көрдөххүнэ, кыра, бытархай мөлтөх быһыылары көрсүөҕүҥ, арай олору эрдэ суох гымматаххына олоруҥ улаатан барыахтара.
ХАХХАН. Түүлгэ хаххан көстүүтэ ханнык эрэ сөбүлээбэт, биллибэт күүстэр тулалаабыттарын бэлиэтэ; тугу эмэ бултаабыт хаххан көһүннэҕинэ, үчүгэйэ суох, быстах дьыалалартан босхолонуу буолуо; тыаҕа хаххан хаһыыта иһилиннэҕинэ, куһаҕан сурах иһиллиэ, билэр дьоҥҥор куттал суоһуон сөп.
ХОДУОҺУННЬУК. Түүлгэр ходуоһунньугу көрдөххүнэ, үөрүү, дьол эбиллиэ, дьоллоох буолуоҥ, атын дьон сөбүлүүр буолуохтара.
ХОЛЛОРООН. Ханаабаттан, холлороонтон кыайан тахсыбакка баран иһии буоллаҕына, бэйэ кыаҕынан кыайан уларыппат балаһыанньаҕа киирэн хаалыы бэлиэтэ буолар.
ХОЛОРУК. Түүлгэ холорукка түбэстэххэ олоххо соһуччу уларыйыылар буолуохтарын сөп; эмискэ холорук эрийдэҕинэ быстах ыарыы киирэн ааһыа; холорук этэҥҥэ аастаҕына кыра саҥа-иҥэ күөдүйэн иһэн хам барыаҕа. Холорук дьону эрийэрин, үүрэрин көрдөххө, атын, сөп түбэспэт санаалаахтары үрэйии, үүрүү саҕаланыан сөп.
ХОЛУОЧУК. Түһээн холуочуйбут курдук эбэтэр үөрэн чэпчээбит буоллаххына, кыра - быстах дьыалаҥ табыллыаҕа эбэтэр үөрүү буолуоҕа.
ХОМУНУУ. Айаннаары малын хомунар киһи көстүүтэ, арахсыы, тэйсии буолаары гыммытын көрдөрөр.
ХОМУС. Хомус эбэтэр чуораан тыаһын иһиттэххинэ, туох эмэ дьиктини истиэҕиҥ.
ХОНУУ. Түһээн күөх оттоох хонууну көрдөххө, барыс дуу, үөрүү дуу буолуоҕа; Куурбут-хаппыт, хара буор хонууну түһээн көрдөххүнэ үлэҥ-хамнаһыҥ сатарыйан барыа, элбэх ночооттор тахсыахтара; күөх хонуу хара буор хонууга кубулуйдаҕына, үлэ-хамнас ыһыллыыта саҕаланан, кыаммат буолуу үксүөн сөп. Түһээтэххэ үүнэн турар үчүгэй көрүҥнээх күөх тиит, күөх оттоох хонуу көһүннэҕинэ эбэтэр ыраас ууга сөтүөлээтэххинэ барыҥ барыта табыллыа, үчүгэйдик олоруоҥ, дьоллоох доруобай буолуоҥ диэн итинник түүллэр бэлиэлэрэ түстүүллэр. Түүл бу дьиҥнээх олоххо сыһыаннаах бэлиэлэрэ илэ бэйэлэрэ хайдах баалларынан көстөннөр дьону тыыннаах күөх Айылҕаны харыстаа, куурдума-хатарыма, буорту гыныма, Айылҕа маннык үчүгэй көрүҥнээх турдаҕына эн эмиэ дьоллоох буолуоҥ уонна доруобуйаҥ тупсуо диэн илэ аҕалан көрдөрөн үөрэтэллэр. Итилэри тэҥэ бэйэҥ халлаанынан көтөҥҥүн үчүгэй күөх хонууну, тыалары, кэбиһиилээх оттору уонна дэриэбинэни көрдөххүнэ баҕа санааҥ барыта туолуо диэн бу түүллэр туох да атын тойоннооһуннара суох бэйэлэрин үчүгэй көстүүлэрэ быһаараллар.
ХОРТУОППУЙ. Хортуоппуйу буһарыы - уоскуйууга, санаа туолуутугар; хортуоппуйу хостооһун – үлэ-хамнас сыаналаныа; өлбүт киһиэхэ хортуоппуй кэһии биэрдэххэ олоххо олус туһалаах идиэйэҕин билбэт дьоҥҥор биэрэн кэбиһиэххин сөп. Хортуоппуй ыһыллыбыт хонуутун көрдөххө үлэ-хамнас ситиһиилэнэрэ чугаһаабыт буолуон сөп; хортуоппуй хостуур буоллахха үлэ-хамнас барыһы биэриэҕэ. Киэҥ-куоҥ хортуоппуй үүнэр сирэ көһүннэҕинэ үлэ-хамнас ситиһиилээх буолуо.
ХОРУО, КУРУУННЬУК. Хоруоҕа, куруунньукка сыбаныы сыыһа-халты туттунууттан ночоокко түһэри биллэрэр; хоруо буолбут аһылык түүлгэ көһүннэҕинэ баҕа санаа туолбат буолуута, санаа түһүүтэ, хомолто буолуон сөп.
ХОРУОП. Түһээтэххинэ хоруоп көһүннэҕинэ, искэр куттана саныырыҥ туох да төрүөтэ суох буолуо.
ХОС. Түннүгэ да аана да суох хоско хааттардаххына, дьоннору кытта сибээһиҥ мөлтүөҕэ, соҕотох сылдьарыҥ элбиэҕэ.
ХОҺООН. Түүлгэ хоһоон аахтахха олус баҕара, санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт санаа туолбакка хаалан улаханнык хомотуон сөп.
ХОТОЙ. Саба түһэр хотойу үүрдэххэ ханнык эрэ улахан кыахтаах киһи баһылыы сатыырыттан, атаҕастабылыттан, батталыттан босхолонуу буолуон сөп.
ХОТОН. Түүлгэ ньирэйгэ саҥа хотон тута сырыттахха, үлэни-хамнаһы кэлэр көлүөнэлэр ордук сыаналыахтара; үчүгэй көрүҥнээх хотоҥҥо сырыттахха үлэ-хамнас дьыалата табыллыаҕа.
ХОТУУР. Түүлгэ хотууру булан ыллахха эбэтэр сытарын көрдөххө, соһуччу көһүппэтэх дьыалаттан соһуйуу эбэтэр сөбүлээбэт быһыыҥ буолуон сөп; от охсо сылдьар хотууруҥ от тарыйара мөлтөх буоллаҕына оҥоро сылдьар дьыалаҕар табыллыбат буолуу, сөбүлэспэт буолуу үөскүөн сөп.
Ц
ЦЕЛЛОФАН. Целлофановай мешокка тугу эмэни хаалыыр буоллахха, быстах кэмҥэ кэлэн ааһар кыра барыстаах үлэҕэ кыттыһыахха сөп.
Ч
ЧААСКЫ. Түһээтэххинэ чааскы алдьаннаҕына, туох эмэ үчүгэй буолуо; чааскыны эбэтэр аһыыр иһити көрдөххүнэ, сотору олоҕун көнөн барыа.
ЧАҔЫЛҔАН. Түүлгэ чаҕылҕан чаҕылыйыыта ураты суолталаах саҥаны арыйыы саҕаламмытын биллэрэр.
ЧАЛБАХ. Чалбаҕы көрдөххө - баай, барыс киириэҕэ; ыраас уулаах чалбаҕы кэһии - санаа туолуутугар; чалбахха түһүү – куһаҕан дьону кытта көрсүһүүгэ.
ЧАҺЫ. Хары чаһыта баар буоллаҕына, дьиэҕэ-уокка биир тэҥник, холкутук олоруу бэлиэтэ; чаһыыны көрдөххө оҥоруохтаах дьыалаҕын уһаппакка, хойутаппакка эрэ оҥороруҥ наадалаах; өлбүт киһи дьиэтиттэн билэр киһиҥ чаһыытын булан ыллахха, эн көмөҥ, сүбэҥ наада буолар кэмэ кэлбитин хойутаппат ордук буолуо; алдьаммыт чаһы көһүннэҕинэ санааҕын уурбут дьыалаҕын хойутатан кэбиһэҥҥин кыайан табыллыа суоҕа. Түүлгэ стрелкэтэ алдьаммыт чаһы көһүннэҕинэ, туох эрэ быһылаан, куһаҕан быһыы буолуон сөп. Алдьаммыт будильник чаһыны булан ылан бөххө бырахтахха моорук буола кырдьыбыт ыттан аккаастаныы этэҥҥэ ааһыан сөп; бириэмэни билээри чаһыны көрөр буоллахха тапсыбат дьон саба түһүүлэрэ улаатыан сөп.
ЧЕРДАК. Түүлгэ кирдээх, быыллаах, куһаҕан, дьигиһийэр чердакка сырыттахха төбө ыарыыта бэргээһинэ киириэн сөп.
ЧИЭРБЭ. Ытыскыттан кыра чиэрбэлэр тахсан иһэллэрин кыһыйан ыраастаатахха, эт-сиин араас кирдэртэн ыраастанан тупсан эрэрин бэлиэтэ.
ЧОРООН. Түүлгэ чороон хайыннаҕына - сылгы дуу, биэ дуу сүтүөҕэ.
ЧОХ. Кылапаччыйар таас чох көһөҥөтүн көтөҕө сырыттаххына эбэтэр көрдөххүнэ, элбэх күүстээх, кыахтаах буолаҥҥын санаабыт санааҕын ситиһиэххин сөп.
ЧОХУ. Чохуну көрдөххө, харчыга иэскэ киирии, тиийиммэт буолуу кэлиэҕэ.
ЧОЧУНААХ. Үргээн ылан сиэтэххэ, сөпсөспөт буолуу, этиһии тахсыан сөп. Элбэх чочунаах үүммүтүн көрдөххө ордук санааччылар баар буолуулара хомолтону үөскэтиэ.
ЧУУРКА. Түүлгэр чуурка көһүннэҕинэ, урут бииргэ үөрэммит эбэтэр үлэлээбит киһигин кытта көрсүөҕүҥ; уокка оттор мас чууркаларын сааһылааһын буоллаҕына, тыл-тылга киирсибэт буолуу улаатан, элбээбитин бэлиэтэ.
ЧҮМЭЧИ. Умайа турар чүмэчини көрдөххө, туох эмэ куһаҕан буолуо эбэтэр өр кэмҥэ көрсүбэтэх билэр киһини көрсүөххэ сөп; икки хас умайа турар чүмэчилэри көрдөххө, аймахтаргын кытта биир тылы булунан эйэлээхтик олороруҥ бэлиэтэ; чүмэчини умуруоран кэбистэххэ, хомолтолоох түбэлтэ тахсыан сөп эбэтэр тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ. Умуллубут чүмэчи өр буруолаатаҕына туох эмэ туһунан куһаҕаннык этиэхтэрин сөп.
ЧЫЫЧААХ. Чыычаах уйатын көрдөххүнэ, олоххор дьоллоох буолуоҥ; уйаҕа олордоххуна - үөрүү буолуо. Түүлгэ ыллыыр чыычааҕы көрүү – баҕа санаа туолуутугар, ситиһии кэлиитигэр.
ЧЭР. Илии чэрэ - баайга-дуолга көстөр.
ЧЭЙ. Түүлгэ чэй иһиитэ буоллаҕына, үлэ-хамнас ыараханнык, бытааннык барыыта саҕаланыа; итии чэйи үрэ-үрэ истэххэ, оҥоруллуохтаах дьыалаҕа ээл-дээл сыһыаннаһыыттан бытаарыы тахсыан сөп; остуолга чэй тохтубутун сотон ыллахха дьиэ иһигэр өйдөспөт буолуу үөскээбитэ этэҥҥэ ааһарыгар көмө буолуохха сөп.
ЧЭРЭНИИЛЭ. Тоҕуннаҕына эбэтэр ньамайданнаххына, туох эмэ дьыалаҕар сыыһаны-халтыны оҥорбутуҥ биллиэҕэ.
ЧЫМАДААН. Түүлгэ чымадаан көһүннэҕинэ киһи үлэҕэ-хамнаска тугу оҥорбутун ырытан быһааран, чөмөхтөөн көрөр, сыаналыыр кэмэ кэлэр, уларыйыылар буолуохтара; толору чымадаан туох эмэ туһалаах билиилэр, үлэлэр баалларын биллэрэр.
Ш
ШАРФ. Моойго шарфигы кэтии - ыалдьаары гыннахха эбэтэр ким эмэ баһы¬лааһыныгар киирэн биэриигэ көстөр; моонньугар баанар шарфигы уоран ылан хаалыылара, ыалдьаммын мөлтөхпүн диэн олохсуйан хаалбыт са¬нааттан босхолонуу, ыарыыттан үтүөрүү эбэтэр атын дьон салайалларыттан арахсыы буолуон сөп.
ШТОРА. Түннүк сабыыта намылыйан турара санаарҕабыл кэлэригэр көстөр.
Ы
ЫАЛ. Түүлгэ чугас ыалгын кытта кэпсэттэххэ, араас хоп-сип тарҕаныаҕа.
ЫАЛДЬЫТ. Бэйэҥ ыалдьыт буоллаххына, элбэх ороскуокка түһүөххүн сөп эбэтэр доҕоргун кытта арахсыы буолан эрэрин бэлиэтэ; ыалдьыт кэлиитэ саҥа дьыаланы саҕалаары, туохха эрэ кыттыһаары гыммытын бэлиэтэ.
ЫАРЫЫ. Киһи түүлэ киһиэхэ бэйэтигэр эрэ сыһыаннаах. Ол иһин түүлгэ көстөр бэлиэлэр киһи доруобуйатын туругун аан бастаан киһиэхэ бэйэтигэр биллэрэллэр. Бэйэтин түүллэрин ырытан билэ сылдьар киһи доруобуйатыгар туох уларыйыы тахсан эрэрин эрдэттэн сабаҕалаан билэр кыахтанар. Ыарыы киирэн иһэрэ киһи түүлүгэр төһө эмэ эрдэттэн биллэрин дьон былыргыттан билэллэр. Ити кэннэ маннык түүллэр хос-хос ха¬тыланан көстүүлэрэ ыарыы киирбитин чуолкайдаан биэрэллэр. Бу ыарыы туһунан түүллэр үксүгэр кутталлаах көстүүлээхтэр, куһаҕаннар уонна киһини соһутар түгэннэрдээх буолаллар.
Түүл хайдах көрүҥнээҕиттэн уонна онно киһи туга ордук көстөрүттэн көрөн ханнык ыарыы киирэн иһэрин быһаарыахха сөп. Түүлгэ көстөр бэлиэлэринэн туһанан ыарыы киһиэхэ бэйэтигэр биллиэн төһө эмэ, сороҕор бүтүн биир ый инниттэн билиэххэ сөп эбит. Ол курдук сорох ыарыылар киһиэхэ бэйэтигэр биллибэккэ эрэ өр кэм устата сыыйа сайда, тэнийэ сылдьаллар. Ити кэм устатыгар ыарыы араас бэлиэлэрэ киһи түүлүгэр киирэн көстөллөрүн ыалдьыбыт дьон бэлиэтииллэр. Ыарыы булбут буоллаҕына олоххо уларыйыы буолаары гыммыт.
ЫЙ. Түүлгэ үчүгэй, сөбүлүү көрөр ыйыҥ көстүүтэ, өйгө-санааҕа улахан уларыйыылар кэлэн иһэллэрин бэлиэтиир.
ЫЙЫТЫЫ. Түүлгэ ким эмэ доруобуйатын туһунан ыйыттахха, ол киһи доруобуйатын туһугар чахчы кыһанара буоллар табыллыа этэ.
ЫНАХ. Элбэх ынахтары көрдөххө уонна олору үүрдэххэ батыһааччылар, үтүктээччилэр баар буолуохтара.
ЫҤЫРЫА. Үчүгэй ыҥырыалар көһүннэхтэринэ, бириэмэтин таба туһанан барыс¬таах кэпсэтиилэри оҥосторго сөп буолбута буолуо эбэтэр эргиэн эҥин дьыалата табыллыан сөп.
ЫҤЫЫР. Айаннаан иһэн ыҥыырыҥ холборуйан түстэҕинэ, туһааннаах дьыалаҥ табыллыа суоҕа; көрдөххө - айаннааһын бэлиэтэ; алдьаммыт, куһаҕан көрүҥнээх буоллаҕына, дьыала атахтанар, аанньа табыллыбат.
ЫРБААХЫ. Сырдык дьүһүннээх саҥа ырбаахылаах буоллаххына, үөрүү, ситиһии буолуо; түүлгэ дьахтар ырбаахытын кэтэн кэбистэххэ искэр сөбүлэспэт дьыалаҕар кыах-күүс тиийбэккэ сөбүлэһэрин бэлиэтэ; түүлгэ саҥа ырбаахыны кэтии туһалаах дьыаланы саҕалааһын бэлиэтэ; хос-хос ырбаахы кэтиитэ – санааҕа ылларыыга, санаарҕабылга.
ЫРЫА. Ким эрэ ырыатын иһиттэххэ - солуннары истиэҕиҥ; үчүгэй ырыа буоллаҕына, үчүгэй солуннар буолуохтара; бэйэҥ ыллаатаххына, мөлтөх, сөбүлээбэт быһыылары оҥорууга тиийиэххэ сөп. Түһээн ким эмэ ыллыы турарын көрдөххө, билэр дьонуҥ дьиэлэригэр санаарҕабыл кэлэн, эн эмиэ санааҕа ылларыаххын сөп; хорунан ырыаны иһиттэххэ, билэр дьон элбээн барыахтара, аатыҥ-суолуҥ биллэн барыа.
ЫСКААП. Таҥас уурар ыскаабы хаһан, онтон таҥас ылар буоллаххына, урукку кэмнэргэ баһылаабыт ньымаларгын хаттаан сөргүтэн туһанаары гыммык¬кын көрдөрөр. Итиннэ көрөр таҥастарын төһө үчүгэйдэрэ, ол мунньум¬мут уоппутун төһө туһалаах буолуохтарын көрдөрөр. Түүлгэ кураанах ыскаап көстүүтэ, тугу эрэ баар дии санаабытыҥ суох буолаары гыммытын көрдөрөр.
ЫСКАМЫАЙКА. Олордоххуна, билэр дьонуҥ ортолоругар ылар миэстэҥ үрдээн иһиэҕэ.
ЫСТААН. Түүлгэ ыстаан кэттэххэ, дьиэҥ иһигэр ылар оруолуҥ үрдээн, аптарытыат улаатан иһэрэ кыаллыаҕа; ыга тутар ыстааны кэтии, дьахтары баҕара санааһын араас көстүүлэрэ. Киэҥ ыстааны кэттэххэ баҕа санаата туолуута буолуо.
ЫСТАНЫЫ. Түүлгэ өрүтэ ыстаҥалыыр буоллаххына, урут кыттыһа илик саҥа дьыалаҕар кыттыһаары дуу, тугу эмэ саҥаны оҥороору дуу гыммыккын. Ыстаныы хайдах быһыылаах буолара дьыала төһө табылларын быһаарар; араас мэһэйдэри ыстанар буоллаххына, олоххор көрсөр үгүс ыарахаттары этэҥҥэ туорааҥҥын ыламмыт сыалгын толоруоххун сөп. Үөһэттэн аллараа ыстанан түстэххэ санааҕа ыллара сылдьыбыт дьыала эйигиттэн тутулуга суох табыллан барыан сөп.
ЫТ. Ыт оҕото көһүннэҕинэ, эдэр доҕоруҥ көрсүөҕэ; ыт оҕото саахтаан кэбистэҕинэ эдэр доҕорун биллэр туһаны оҥоруоҕа; ыты өлөрүүнү көрдөххүнэ, ночоокко түһүөххэ сөп эбэтэр ханнык эрэ куттал суоһуур, ол иһин сэрэхтээх буолуохха; түһээн үчүгэй ыты көрдөххүнэ, доҕоруҥ кэлиэҕэ; ыт үрэрин иһиттэххинэ, үчүгэй солуну истиэҥ; булчут ыт үрэрин иһиттэҕинэ боччумнук бултуйуон сөп; ытыраары гынар ыт көһүннэҕинэ, куһаҕан майгылаах киһини көрсүөҕүҥ эбэтэр бэйэҥ майгын мөлтөөн ылар кэмэ кэлиэҕэ.
Түүлгэ ыт олус элбэхтик көстөр бэлиэ буолар; үчүгэй көрүҥнээх, кыра, үөрэҕи ылынар ыттары көрдөххө, эн этиигин, үөрэххин ылынар дьон элбээн барыахтара. Маҕан ыт - доҕор, үчүгэй майгы буолар. Үчүгэй көрүҥнээх маҕан ыт көстүүтэ, сөбүлүүр доҕоруҥ билсэ сылдьыаҕа, кини үчүгэй майгына буолар. Хара ыт – куһаҕан майгы, кыыһырыы буолуон эбэтэр куһаҕан киһини көрсүөххэ сөп. Хара дьүһүннээх кыыллар бары төһө улаханнарыттан тутулуктаах ыарахан, кытаанах майгыны көрдөрөллөр. Түүлгэ көстөр ыт эбэтэр ханнык эмэ кыыл ырдьыгыныыра туохтан эрэ кыыһырыы буолаары гыммытын биллэрэр. Маннык түүл кэнниттэн киһи бэйэ бодотун тардынан сылдьара ордук буолуо этэ.
Түүлгэ киһини кыра ыт ытырдаҕына, киһи туохтан эмэ сөбүлэспэккэ кыыһыран ылыан сөп. Куһаҕан быстах майгына биллэн хаалан үтүө, киһилии майгынын, салгын кутун ыт буолан ытырар. Ыт ытырарыттан босхолонуу, ытырыык ыты кыайыы киһи өйө-санаата сайдан, тупсан куһаҕан майгынын көннөрөрүн бэлиэтэ буолар.
ЫТАРҔА. Түһээн ытарҕатын кэтэр дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төрүөҕэ. Уһун синньигэс улахан ытарҕаны кэтэр дьахтар көһүннэҕинэ, аймахтаргар уол оҕо төрүөҕэ.
ЫТТЫЫ. Үөһээ диэки ытта сатыыр, салҕанар, бэлэмнэнэр буоллаххына, ханнык эрэ дьыаланы оҥоро сатыырыҥ билигин кыаллар кыаҕа суоҕун көрдөрөр.
ЫТЫС. Ытыс тэһэҕэс буолан хаалыыта көһүннэҕинэ, дьонноруҥ дьыаланы ночооттоохтук кэпсэтэр диэн этиэхтэрэ; ытыһыҥ түүлээх буоллаҕына, барыстаах дьыалаҕа кыттыһыаххын сөп. Ытыһыҥ кыһыйдаҕына - харчы ылыаххын сөп.
ЫТЫРДЫЫ. Түүлгэ ытыртаххына - дьоллоох буолуоҥ.
ЫТЫЫР. Түһээн ытыыр буоллаххына, туох эрэ куһаҕан быһыы, алдьархай кэлээри гыммыт. Түүлгэр ким эрэ ытыыр саҥатын иһиттэххинэ, ким эмэ эн көмөҕөр наадыйар буолуон сөп; кыайан туттуммакка күүскэ ытаан марылаатахха, үөрүү буолуо. Өр кэтэспит үөрүүлээх түгэниҥ дьэ кэлиэн сөп.
Э
ЭБИСИЙЭЭНЭ. Түүлгэ эбисийээнэ көһүннэҕинэ, үчүгэйи санаабат дьон албын тылларыгар киллэрэннэр бэйэлэригэр туһалаах дьыаланы оҥотторо сатыахтарын сөп.
ЭКЗАМЕН. Экзамены ортотук туттарыы туһалаах дьарыгынан дьарыктаныы ситиһиилээх буоларын бэлиэтэ; экзамен буолар буоллаҕына – бэрэбиэркэ кэлиэн сөп. Түүлгэ экзамены туттардахха ханнык эмэ боппуруоска толору эппиэти биэрэр кэм кэлиэн сөп; экзамеҥҥа бэлэмнэнии буоллаҕына хайа эрэ сүрүн, тутаах боппуруоска ситэтэ суох бэлэмнээх буолуохха сөп.
ЭККИРЭТИИ. Куһаҕан дьоннор эккирэттэхтэринэ, элбэх эрэйдэр тахсыахтара.
ЭЛЕКТРОШОХЕР. Омук приборун көрдөххө саҥаны билии, оҥоро сатааһын туһата суох хаалан хаалыан сөп.
ЭМП. Эмп иһиттэрин көрүү – эмтэниигэ; үчүгэй сөбүлүүр амтаннаах эми сиэтэххэ төһө эмэ кэминэн араас ыарахаттары тулуйан ситиһиини оҥоруохха сөп.
ЭМЭЭХСИН. Куһаҕан түүлгэ уһун маҕан баттахтаах, маҕан таҥастаах эмээхсин көһүннэҕинэ, билэр кырдьаҕас киһиҥ өлүүтүттэн улахан санаарҕабылга түһүөҕүҥ. Хара таҥастаах эмээхсин көһүннэҕинэ, санаарҕыырга ханнык эмэ төрүөт көстүөҕэ.
ЭПИИЛКЭ. Түүлгэ эпиилкэни көрдөххө итэҕэйбэт, эрэммэт санааттан дьиэ кэргэҥҥэ сыыһа өйдөһүү үөскүөн сөп.
ЭРБИИ. Эрбии тыаһа - үлэ-хамнас, дьиэ-уот дьыалата үчүгэйдик баран иһэрин биллэрэр; илии эрбиитинэн эрбиир буоллаххына, эн ханнык да үлэни кыайар үлэһит киһигин, туһалаах дьыалалары оҥороҕун; бэйэҥ эрбиини илдьэ сырыттаххына, үлэ-хамнас көстүөҕэ.
ЭРИЭН ҮӨН. Түүлгэ эриэн үөн сыыллан иһэрин көрдөххө, иннэ-кэннэ биллибэт, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөптөөх өйдөөх-санаалаах киһини көрсүөххэ сөп эбэтэр көһүппэтэх быһыы буолуон сөп. Түүлгэ эриэн үөн көстүүтэ туох эрэ куһаҕан быһыы, түбэлтэ буолуон сөбүн биллэрэр; эриэн үөннэри хам тэпсэр, үрдүлэринэн барар буоллаххына сөбүлэспэт, куһаҕан санаалаах дьону кыайыаххын, санааларын көннөрүөххүн сөп.
ЭҺЭ. Түһээн эһэни көрүү улахан куһаҕан быһыыга көстөр, эйиэхэ улахан кыахтаах киһи куһаҕаны оҥоруон эбэтэр ханнык эмэ саба түһүүттэн, атаҕастабылтан көмүскэнэр кэм кэлиэн сөп; эһэни көрдөххө олус күүскэ тугу эмэ көмүскүүр, харыстыыр санаа киириэн сөп; эһэни өлөрдөххө олус куһаҕан, киҥнээх мунньуллубут санаалартан босхолонуу, ыраастаныы буолуон сөп. Эһэ өллөҕүнэ - улахан тойон өлүө.
ЭТ. Сиикэй эти сиэһин - ыарыыга; эти буһарыы - үчүгэйгэ; сиикэй эбэтэр тоҥ эти көрдөххө, сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара эбэтэр албыҥҥа түбэһиэххэ сөп. Эт эттиир буоллаххына, эн үлэҕэр ханнык эрэ атахтаныы тахсаары гыммыт, бары дьыалаларга сэрэхтээхтик сыһыаннастаххына табыллыаҕа эбэтэр сөбүлээбэт киһигиниин көрсүһүү буолара буолуо эбэтэр аймах¬таргын кытта атааннаһыы буолуон сөп. Элбэх буспут эт көһүннэҕинэ, кыра, аска-үөлгэ сыһыаннаах барыс киириэ; элбэх буспут эттэн быһа-быһа сиэтэххэ кэлэн иһэр аһааһын үчүгэй буолуо эрээри эт аһылык аҕыйах буолуон сөп.
ЭТИИ. Түүлгэ билэр дьонуҥ куһаҕаннык тылластахтарына оҕолоруҥ сыыһа-халты туттууларыттан улаханнык санааҕа ылларыаххын сөп.
ЭТИҤ. Түүлгэ этиҥ эттэҕинэ, дьону кытта сыһыаҥҥар сыысхал тахсыаҕа, соһуччу түбэлтэттэн уһун санаарҕабыл кэлэн ааһыаҕа; Олус күүскэ этиҥ эттэҕинэ ханнык эрэ саҥа дьыала олоххо киириитэ элбэх дьону соһутуоҕа, киэҥ сири хабыаҕа.
ЭЧЭЙИИ. Туоххун эмэ эчэттэххинэ, инники буолар түбэлтэлэргэ бэйэҥ ночооттоох хаалыаҕыҥ. Түһээн киһи эчэйбитин көрдөххүнэ, айаҥҥа, онно-манна сылдьаргар сэрэхтээх буол, барымыаххын да сөп. Киһи этигэр-сиинигэр ханна ыарыы олохсуйан эрэр сиринэн түүлүгэр бааһырыы эбэтэр эчэйии буолуон сөп. Ол курдук биир түүлгэ ким эрэ курунан синньигэс биилин хаһыытыар диэри ыга тардар, онтон иккис түүлүгэр куһаҕан киһи ойоҕоһун быыһынан быһаҕынан саайбытыттан соһуйан уһуктар. Маннык түүллэр кэннилэриттэн көрдөрүнэ сылдьыбыта кырдьык үөһэ ыалдьара биллэн тахсыбыт. Түһээн киһи араас эчэйиини ордук уҥа ойоҕоһун диэки ылар буоллаҕына, быара ыалдьаары гыммыт буолуон сөп. Ханна ыарыы олохсуйан эрэр сиринэн түүлгэ бааһырыы эбэтэр эчэйии буолуохтаах.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Түүл өбүгэлэр өйдөрө-санаалара
Киһи санаата
Куһаҕан санаа
Баҕа санаа
Ыра санаа
Киһи санаата түүлгэ көстүүтэ
Түүл уонна кут-сүр үөрэҕэ
Түүлгэ куттар көстүүлэрэ
Түүлгэ биллибэт киһи көстүүтэ
Түүлгэ кыыллар көстүүлэрэ
Үөһээ дойду
Өй-санаа Үөһээ дойдуга сырыыта
Үөһээ дойду өйүн-санаатын туһата
Сахалар түүллэрэ
Түүллэри тойоннооһун
Иччилээх түүл
Түүл Айылҕа үөрэҕэ
Төрөөбүт сир – Айылҕаттан анаммыт сир
Сорох түүл бэлиэлэрин быһаарыылар
Кэриэс этии
Түүл дьоҥҥо туһата
Инникини өйө көрөн билии
Түүл туолуута
Хос быһаарыылар
Түүл бэлиэлэрэ уонна тойоннооһуннара