Төрөөбүт дойду туhунан

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй.


Биһикпин ыйаабыт сирим.


Дойду сурахтаах, алаас ааттаах.


Иитиллибит Ийэ дойду иһирэхтээх.


Күн сирэ күндү.


Өтөх төҥүргэстээх, дьурт (бүлүүлүү: суурт) кэриэстээх, оһох (уот) кыымнаах.

Өтөх төнүргэстээх, сурт кэриэстээх.


Тыаллаах даа буоллар хотунум хоннорбут сирэ, мэччирэҥэ даа суох буоллар бэйэм төрүөбүт сирим.


Улуу дойду оспуостаах, аан дойду аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.

Уулаах көрдүгэҥҥэ көтөр түһэр, оттоох алааска ынах мэччийэр.