Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Төрөөбүт тыл
Төрөөбүт
Төрүт тыл,
Сөрүүн
Сүөгэй курдук,
Сүрэҕи-быары
Сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон
Уутун курдук,
Улахан куйааска
Утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук,
Тостор куйааска
Тоҕулу ханнарар...
Иитиллибит
Ийэ тылбыт
Иинэҕэс сири
Имэҥинэн-быйаҥынан
Ибиирэн биэрэр...
Саппа
Садарах уотунан
Күтүр хараҥаны
Күлүмнэтэ сырдатар...
Ийэ тыл —
Быстар-ойдор күҥҥэ
Быыһал-абырал буолар,
Өлөр-сүтэр күҥҥэ
Өрөһүлтэ буолар
|
|
Сүрүн сирэйгэ төнүн