Иһинээҕитигэр көс

Улуу мавзолей (Эллэй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Улуу мавзолей


Барабаан тыаһынан барааттыы хаамаммыт,
Харахпыт уутунан таастары самсааммыт,
Айбыппыт эйигин, баараҕай мавзолей,
Эн саҕа хаарыаннаах туох кэлиэй?!

Сүүнэтиэн! Сүүс күннүк аартыктан көстүүлээх,
Сир аайы күн буолан күлүмнүүр үрүттээх,
Азия, Африка, Европа бу манна
Миллиард хараҕа хатанна.

Харахпыт көмүс сиик ууларын илгинэн,
Уурбуппут Ильич уҥуоҕун итиннэ,
Ол иһин ыар-барыар батталы барыырга
Мавзолей маяктыы ыҥырда.

Кэккэлээн кэлэммит, кинини уурбуппут,
Кремль таас эркинин анныгар турбуппут...
Абарбыт, сатарбыт, санааны бурайа,
Дьаадара халлааҥҥа кыырайар...

Бинтиэпкэ саалары илиибит ылбыта,
Айахпыт андаҕар тылынан тыыммыта,
Турбуппут Ильичпит кэриэһин толоро
Туундара, тайҕа тыа дьонноро.

Партия Лениммит күн өйүн тириэрдэ,
Ийэ-сир илгэнэн тэтэрдэ.
Ол иһин, Ильич тыыннааҕын кэриэтэ,
Ильич сүрэҕэ тэбэрин биллэрдэ,

Үүнэр дуол үөрүүнэн симэнэр үөһүттэн,
Өргөс таас Дьааҥыны өҥөйөр үрдүктэн,
Үйэлэр тухары өй-сүрэх маяга —
Баараҕай мавзолей туруоҕа.


6.XI.1936