Иһинээҕитигэр көс

Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. Салгыыта. (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

УЛУУ ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ. «АЙЫЫ ДИЭМЭ»,«АЙЫЫНЫ ОҤОРУМА» Дьокуускай 2012

«Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» - сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн өйдөбүллэрэ.

Оҕо өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи, куһаҕаны арааран билэ илигинэ айыыны, киһи билбэтин оҥороро үксүгэр куһаҕан буолар уратылааҕын тэҥэ, куһаҕан үгэстэри үөскэтэрэ улааппытын кэннэ сыыһа-халты туттунарын элбэтиэн сөбүн сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһаарар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн киһи буолууга үөрэтии бастаан иһэрэ ирдэнэр. Саха дьоно былыргы тимир уустарыттан төрүттээхтэриттэн ханнык баҕарар саҥаны айыылар дьон олоҕор тосту уларыйыыны киллэрэр буоллахтарына улахан сэрэхтээхтэрин билэллэр.

Бары ааҕааччыларга ананар.

Наследники великих кузнецов знают, что такое новое открытие и влияние этого открытия на жизнь человека.

Для широкого круга читателей.

Иван Иванович Kаженкин – Хааһах Уйбаан


ААН ТЫЛ

Билигин саха дьоно Аан дойду үрдүнэн уһун үйэлээхтэрэ дакаастанан эрдэҕинэ сахалар тыллара, олох, итэҕэл туһунан үөрэхтэрэ ордук сыаналанар, туһалаахтара биллэр буолан иһэллэр.

Таҥара диэн биһиги сахалар төрүт итэҕэлбит, өйбүт-санаабыт үөрэҕин аата. Таҥара - өй-санаа үөрэҕэ. Биһиги бу үлэбитинэн таҥара үөрэҕин сүрүн төрүттэрин саха дьоно былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар билигин даҕаны туһана сылдьалларын дакаастыыбыт.

Таҥара диэн тыл «Таҥ», «Таҥар» диэн салҕанан саха тылыттан үөскээбитэ тыл төрүт тутулуктарынан быһаарыллар уонна өй-санаа үөрэҕэ уһун үйэлэргэ элбэх үөрэхтэртэн, үгэстэртэн таҥыллан, хомуллан үөскээбитин чуолкайдыыр. Итини тэҥэ, «таҥара» диэн тыл бэйэтэ ким эрэ, биллибэт киһи хомуйара, таҥара, оҥороро диэн сахаларга билигин даҕаны биллэр өйдөбүллээх тыл буолар.

Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ, ол аата наука билинэринэн «Тенгрианство», аныгы демократия кэмигэр, дьон өйө-санаата сайдыытыгар атын таҥара үөрэхтэринээҕэр, ордук сөп түбэһэр, олус былыргыттан оҕо өй-санаата сайдыытын табатык быһаарара уларыйа илик. Ол иһин сайдан иһэр, демократия тутулларынан салайынар дьон-аймах өйдөрүгэр-санааларыгар ордук сөп түбэһэринэн тарҕанан иһэр кэскиллээх.

Былыр-былыргыттан тимир уустара идэлээх сахалар уһун үйэлэр тухары олус элбэх саҥаны арыйыылары, айыылары оҥороннор, бу айыылар дьон олоҕор, үлэҕэ-хамнаска оҥорор хамсааһыннарын уонна элбэх уларытыылары киллэрэллэрин сиһилии үөрэппиттэр. Ханнык баҕарар саҥаны айыы дьон олоҕор төһө улахан дьайыылааҕа оҥоруллубутун кэнниттэн биирдэ, бу айыы хайдаҕа-туга; үчүгэйэ, куһаҕана биирдэ быһаарыллар кыахтааҕа, улахан уустуктары үөскэтэр. Ол аата дьон аан маҥнай бу саҥаны айыылара туох содуллааҕын билбэккэлэр элбэх эрэйгэ тэбиллэллэрин быһаарар.

Саҥа оҥоруллубут атомнай буомба эстиитин кэнниттэн үөскүүр элбэх дьайыыларыттан, радиация баарын кыайан быһаарбаккалар элбэх эрэй, дьон бөҕө сутуллууларын кэнниттэн биирдэ билбиттэрэ, онтон эрэ улаханнык сэрэнэр буола үөрэммиттэрэ.

Улахан саҥаны айыылар диэн дьон олоҕор дьайыылара күүстээх, олоҕу соҕотохто тосту уларытыахтарын сөп. Саҥа өйө-санаата сайдан-үүнэн эрэр оҕо саҥаны айаары, айыыны оҥороору ситэ билбэтиттэн, оҥоро-тута үөрэнэ илигиттэн, тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан сыыһа-халты туттунан кэбиһиэн сөбүттэн сэрэтэн саха дьоно «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн оҕолорун үөрэтиини саҕалыыллар.

Өй-санаа үөрэҕин таҥараны, айыыны итэҕэйбэт бассабыыктар, коммунистар суох оҥоро сатаабыттара, эдэрдэри үөрэтиини тохтоппуттара, ол иһин, бу билигин кэлэн эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буола уларыйда, элбэх буруйу, куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ. Аһара бара сылдьар өй-санаа туохха барытыгар; үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да, иккиэннэригэр, аһара барыыны үөскэтэринэн, элбэтэринэн эдэрдэр сыыһа-халты туттунуулара үксээһинигэр тириэрдэрин билигин даҕаны үгүстэр билбэтэҕэ буола сылдьаллар.

Билигин Россияҕа үлэ-хамнас сатарахсыйыыта, үлэлиэн-хамсыан баҕалаах аҕыйааһына, ыал-кэргэн олоҕо ыһыллыыта элбээһинэ, арыгылааһын дэлэйиитэ барыта эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутуттан, кыра эрдэхтэринэ үлэлиир үгэскэ үөрэммэтэхтэриттэн тутулуктааҕын аахайбакка сылдьабыт.

Таҥарабыт үөрэҕин сүрүн төрүттэрин бары да билэбит эрээри былыргы өбүгэлэрбит билиилэрин арҕаа омуктар үөрэхтэригэр атастаһаммыт оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии туох туһалааҕын аахайбаппыт, оҕолорбутун үлэҕэ-хамнаска, куһаҕан быһыылары оҥорбот буолууга үөрэтэргэ билигин да ылсыһа иликпит.

Биһиги таҥарабыт үөрэҕин бары билэрбит биир бэлиэтинэн олоҕун уһуннук олорон, үлэлээн-хамсаан, элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн үгүс сиэннэммит аарыма кырдьаҕастарбытын бэлиэтээн ахтарбытыгар олохторун киһи быһыылаахтык, сиэри кэспэккэ, көрсүөтүк, сэмэйдик, дьону кытта олус тапсан, эйэлээхтик олордулар диэн уруйдаан-айхаллаан этэбит. Бу этэр бары үтүө санааларбыт барылара биһиги таҥарабыт үөрэҕин төрүттэрэ буолаллар уонна оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн олору тутуһарга үөрэтиигэ хайаан да туттуллуохтара этэ. Ол аата оҕолорбутун «Мэниктээмэ», «Киһи быһыытын, сиэри кэһимэ», «Көрсүө, сэмэй буол», «Айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥорума» диэн этэн, олох кыра эрдэхтэриттэн ииттэхпитинэ, үөрэттэхпитинэ өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутун ситиһэр кыахтаахпытын билигин да ылына, билиммэккэ сылдьабыт.

Онон бары билэр уонна олохпутугар туһана сылдьар таҥарабыт үөрэҕин, итэҕэлин салгыы сайыннаран кэлэр көлүөнэлэрбитин иитиигэ, үөрэтиигэ дьиҥнээхтик туһанарбыт уолдьаста.

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ оҕолорбут, кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрүн-санааларын иитии-үөрэтии ааттанар. Киһи буолан, киһи быһыылаахтых биирдэ бэриллэр олоххутун олорон, үлэлээн-хамсаан кэлэр көлүөнэлэргит байылыаттык, сыыһа-халты туттубакка, киһи быһыылаахтык олоҕу олороллорун ситиһэргитигэр баҕарабыт.

Кэлэр көлүөнэлэр туруктаах өйдөөх-санаалаах, кыайыыга дьулуурдаах, үлэҕэ-хамнаска тулуурдаах буолууларын ситиһиигэ сахалыы өй-санаа үөрэҕин туһаныы туһата улаханын өйдүөхпүт этэ.

Сахалар олохторун үөрэҕин дириҥник билэр Саха республикатын ыччакка уонна спортка министрын I солбуйааччыта Семенов Гаврил Иннокентьевичкэ уонна эдэр ыччаттар кыайыыга дьулуурдарын сайыннарыыга уһуннук, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Друзьянов Михаил Егоровичка үлэтин бэчээттээн таһаарыыга көмөлөрүн иһин автор истиҥ махталын тириэрдэр.

«АЙ»-ИККИ ӨРҮТТЭЭХ ТЫЛ

Омук тыла төһө аҕыйах дорҕоонноох даҕаны соччонон былыргы, урут үөскээбит тыл буолар диэн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттара ыраатта. Дорҕооннорго дорҕоон эбиллэн саҥа тыллар үөскүүллэрин ким барыта билинэр. Дьон аан маҥнайгы саҥара үөрэммит тыллара биирдии, иккилии дорҕооннордоох тыллар эбиттэрэ итинник эмиэ дакаастанар.

Сахалыы «уу» диэн тыл биир эрэ дорҕоонноох аан маҥнайгы үөскээбит тыл. Сахалар кэннилэриттэн үөскээбит түүрдэр ууну «су» дииллэр, онтон кэлин үөскээбит нууччалар ууну «вода» дииллэр. Омуктар хаһан үөскээбиттэрин тылларын дорҕоонноро эбиллэн иһиититтэн быһаарыыны итинник оҥоруохха сөп.

Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбит тыл буоларынан өйү-санааны кытта дорҕооннорунан тутулуктарын сүтэрбэккэ сылдьар. Ол курдук саха тыла дорҕооннорун кытта тутулуктарын өйү-санааны быһаарар тылларыттан булан ылыахха сөп. Сахаларга өй-санаа киһи икки; ийэ уонна салгын куттарыгар үөскүүрүнэн икки аҥы; «өй» уонна «ай» диэн тылларынан бэриллэллэр.

«Ө» дорҕоон эти-сиини кытта тутулуктаах. Бу дорҕоонтон өл, өс, өлүү, өбүгэ диэн быһаччы эти-сиини кытта сибээстээх тыллар үөскүүллэр.

«А» диэн өй-санаа баарын быһаарар дорҕоон. Аҥардастыы «а» эрэ дорҕоону саҥарар киһи өйө-санаата аҕыйах буолара биллэр. Бу «ө» уонна «а» дорҕооннорго «й» диэн өй-санаа хамсааһынын, уларыйарын, куруук халлаан ыйын курдук эбиллэрин уонна көҕүрүүрүн биллэрэр дорҕоон эбиллэн «өй» уонна «ай» диэн өйү-санааны быһаарар тыллар үөскүүллэр. Ол курдук «й» дорҕоон эбиллиитэ эрэ бу тыллары өйү-санааны быһаарар, хамсааһыны биллэрэр суолталыыр.

«Өй» диэн тыл эт-сиин өйүн-санаатын быһаарар уонна ханнык баҕарар; улахан да, кыра да кыылларга уонна көтөрдөргө барыларыгар баар буолара биллэр. Өйдөөх да ат эбэтэр өйдөөх ыт диэн этиилэри куруук туттабыт. Бары тыынар-тыыннаахтарга өй баарынан, сыыйа сайдарынан итилэргэ ийэ кут үөскүүрүн уонна өйүн-санаатын туругун быһаарар.

«Ай» диэн саҥаны, урут суоҕу айары бэлиэтиир тыл киһиэхэ, кини өйүгэр-санаатыгар эрэ быһаччы сыһыаннаһар, киһиэхэ эрэ саҥаны айар өй-санаа баарын, салгын кут сайдарын биллэрэр.

«Ай» диэн тыл саха тылыгар киһи өйүн-санаатын сайдыытын, саҥаны оҥорор күүһүн баһаарар суос-соҕотох, биир эрэ тыл былыр-былыргыттан баар. Киһи төбөтө, мэйиитэ биирдэрин курдук, бу тыл соҕотох буоллаҕына эрэ ханнык баҕарар; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу өй-санаа киһи төбөтүгэр, мэйиитигэр үөскүүрүн табатык быһаарар.

Бу “Ай” диэн тыл бэйэтэ икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны да хаһан баҕарар санаан ылара тугу да оҥорботоҕуна биллибэккэ хаалыан сөп. Бу аҥардас санааттан ханнык да быһыы үөскүү илик буоллаҕына, ай диэн тылынан этиллэр. Ай диэн тылтан айар диэн саҥаны, урут суоҕу санаабытыгар айарбытын быһаарар тыл үөскүүр. Санаабыт санаабытын, саҥаны айыыбытын кумааҕыга да суруйдахпытына айар диэн тылынан бэриллэрэ таба. Ол аата санаабыт санаабыт өссө да быһыыга кубулуйа, айыы буола илигин биллэрэр.

«Ай» диэн тылтан аҥар, куһаҕаны оҥорор өрүтүн ылан быраҕан кэбиһии хайдах да табыллыбат. Ол курдук киһи туох баар быһыытын барытын; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын соҕотох мэйиитинэн ырытан, оҥорон таһаарарын холбуу быһаарарынан, бу тыл биир эрэ буолара табыллар. Өйү-санааны быһаарар тыл икки буолара хайдах да табыллыбат, киһи мэйиитэ биирин курдук биир эрэ буоллаҕына өй-санаа уларыйарын, эргийэн биэрэрин табатык быһаарар. Айылҕаҕа «Туох барыта икки өрүттээх» тутулуктааҕыттан өй-санаа эмиэ икки аҥы арахсар.

Аһара үчүгэйбин, үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн кэпсиир киһини сахалар итэҕэйбэттэр. Хас киһи барыта араас санаалары; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны даҕаны санаан ылара кыайан бобуллубат, хаайыллыбат. Киһи ханнык баҕарар быһыыны; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа хаһан да хаалбат. Арай, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыыга-майгыга иитиллибит, оннук үгэстэрдээх, өйө-санаата тулуурдаах, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араартаан билэргэ үөрэннэҕинэ эрэ, үчүгэйи оҥороро элбиэн сөбүн таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Тыл киһи өйүгэр-санаатыгар дорҕооннорун охсууларынан дьайан уларыйыылары киллэрэр. Бу дьайыы тыл иччитэ диэн ааттанар. Ол курдук элбэхтик «ыы» дорҕоону саҥарар киһи сотору ытыаҕа диэн эттэххэ улахан сыыһа буолуо суоҕа. Оҕо «ыы» диэн ытаабыта буола оонньоотоҕуна кырдьаҕас эбэбит Лөкүө, бу оҕо сотору ытаары гыммыт быһыылаах диэн сэрэтэрэ өр буолбакка, эбиэттэн киэһэҕэ ситэ тиийбэккэ эрэ кэлэр этэ.

Тааһы тырыта суруйдахха үөскүүр кычыгырыыр тыаһы хайа да киһи тулуйан истибэт, куйахата күүрэр. «Кыы» диэн олус куһаҕан, киһи хаһан да үөрэммэт ыарахан тыаһа. «Ыы» диэн ытааһын дорҕооно киһи истэригэр саамай куһаҕан дорҕооҥҥо киирсэр. Хайа баҕарар тылга «ыы» сыһыарыы сыһыннаҕына куһаҕан өттө улаатар. Холобурга, «ас» диэн баар-суох үчүгэй, тоторор, баҕабытын ханнарар тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн «аһыы» буолан хааллаҕына, бу хаарыан аспыт буорту буолан куһаҕаҥҥа кубулуйара кэлэр.

Аһыыны ким да сөбүлээбэт. Аһыйдаҕына ас буорту буоларын бары билэбит. Бары «ыы» дорҕоонунан бүтэр тыллар ыарахан, куһаҕан өйдөбүллээх тылларын дакаастаан суруйан «Тыл иччитэ» диэн үлэбитигэр билиһиннэрбиппит. (1,16).

Айыы диэн тыл үчүгэй тыл буолбатах уонна сахалыы саҥарар дьоҥҥо хаһан даҕаны үчүгэй тыл буолуо суоҕа диэн бигэргэтиэхпитин сөп. Бу тылы элбэхтик туттубат буоллахпытына эрэ өйбүт-санаабыт туруктаах буолуута үөскүөҕэ, оҕолорбутун киһи быһыылаах буолууга иитэр-үөрэтэр кыахтанабыт. Саха тылын төрүт тутулуга оннук. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тылы, куһаҕан дьайыылаах тылы үөскэтэллэр. Бу тыллары сэрэхтээхтик туттуохха наада, улаханнык саҥарымыахха, дьону “Айыы буолуҥ” диэн алҕаамыахха, тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьарын умнумуохха, уһугуннарымыахха. Сахалар куһаҕан тылы элбэхтик туттума уонна улаханнык саҥарыма диэн үөрэтэллэрин, «Айыы диэмэ» диэн этэллэрин таба өйдөөн олохпутугар, оҕону иитиигэ туһаныахпыт этэ.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна сорох суруйааччыларбыт даҕаны аһара нууччалары үтүктэннэр төрүт тылбытын уларытаары, ханнык эрэ саҥа, сахаларга букатын да суох «аньыы» диэн тылы булан киллэрээри дьулуһаллар, өйбүтүн-санаабытын букатын буккуйаары оҥостоллор. Кинилэр айбыт үөрэхтэрин сыыһаларын биһиги арыйан «Айыы үөрэҕин алҕастара» диэн үлэбитигэр «Чолбон» сурунаалга бэчээттээбиппит. (2,70). Итэҕэл үөрэҕэ ханнык да сыыһата, токурутуута, онтон-мантан була сатаан эбиниитэ суох буолуохтаах, уһун үйэлэргэ дьон олоҕун уопутун мунньубутун уларыппакка эрэ туһанара эрэйиллэр.

Киһи оҥорбот быһыылара диэн улахан айыылар, хара айыылар буолаллар уонна киһи олоҕун соҕотохто уларытар, эргитэ тутар кыахтаахтарыттан олус улахан сэрэхтээх буолууну ирдииллэр. Холобурга, оҕо саҥа айыыны оҥорон урут хаһан да киирбэтэх чараас мууһугар киирдэҕинэ ууга түһүөн сөп. Бэйэтин уонна төрөппүттэрин олохторо тосту уларыйан хааларыгар тириэрдэр. Үөһээ ыттан баран сыыһа туттан дөлбү түстэҕинэ эмиэ оннук. Ол иһин маннык улахан айыылар киһи оҥорбот быһыылара диэн ааттаналлар, дьоҥҥо, ордук оҕолорго олус кутталлаахтар.

Сахалар киһи өйө-санаата маннык икки аҥы уратылааҕын былыр үйэҕэ арааран билэн олохторугар тутталлар эбит. Ону баара сүүрбэһис үйэҕэ таҥараны, айыыны билиммэт коммунистар буккуйан кэбиспиттэрин билигин кэлэн тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна оччотооҕу учуонайдар, учууталлар салҕаан иһэллэрэ ордук хомолтолоох.

Дорҕоон дьайыыта кэлэр көлүөнэттэн саҕалаан тиийэн эрэрэ биллэн барар. «Па-па» диэн куһаҕан дорҕооннор дьайыылара тиийэн, билигин кэлэн нууччалар эр дьонноро букатын буорайан, эстэн, ахсааннара сыл аайы мөлүйүөҥҥэ эрэ тиийбэт киһинэн аҕыйаан иһэр. Дьахталлар «па-па» диэн куһаҕан дорҕоонноох тылынан баар-суох аҕаларбытын оҕолорунан ааттаталларыттан, ыҥыртаралларыттан биһиги эр дьоммут эмиэ мөлтөөн-ахсаан сылдьаллар.

Эр дьон мөлтөөтүлэр диэн билигин бары билинэллэр, бары арыгыһыттар, үлэни-хамнаһы кыайбаттар, бэлэмҥэ эрэ бэрт буоллулар дииллэрэ элбэх. Куруук аанньа ахтыллыбат, куһаҕаннык этиллэ сылдьар дьонтон туох үчүгэй тахсыаҕай? «Па» дорҕоон хаһан баҕарар куһаҕан дьайыыта тиийэ турар.

Сахабыт тылын үөрэппитэ буола сылдьан буккууру киллэрэ сатыыр икки сирэйдээх тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, аһара нууччалары үтүктэннэр өйбүт-санаабыт үөрэҕин, таҥарабыт итэҕэлин, тылын, өйүн-санаатын тутулуктарын буккуйа сатыыллар. Ол эрээри таҥараны билинээччилэр, итэҕэйэн олохторугар туһанааччылар үлэһиттэр, уустар, оҥорон-тутан таһаарааччылар буолалларын уонна элбэх ахсааннаахтарын умнумуохха.

Айыыны оҥоруу куһаҕанын үлэһит дьон ордук билэллэр. Үлэҕэ-хамнаска сылдьан биир сыыһа туттунуу эбэтэр саҥаны айбыта буола сатааһын табыллыбатаҕына, киһи олоҕун төрдүттэн уларытан, таҥнары эргитэн кэбиһэр кыахтааҕын таба сыаналыыллар. Айыыны оҥоруу киһи билбэт, оҥорбот быһыыта буоларынан үгүс өттө куһаҕан быһыыга киирсэрин кырдьаҕас үлэһиттэр бары кэриэтэ билэллэр.

Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ көрсүө, сэмэй дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга аналлаах. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн оҕону үөрэтэр. Бэйэтэ көрсүө, сэмэй киһи оҕолорун киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэр кыаҕа улахан. Олох араас түгэннэригэр сыыһа-халты туттуммат, тулуурдаах, үлэһит дьон оҕолорун киһи быһыылаахтык үөрэтэннэр омугу элбэтэллэрин уонна сайыннаралларын таба өйдүөхпүт этэ.

АЙЫЫ УРАТЫЛАРА

Сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн олус дириҥ суолталаах этии баар. Бу этии киһи оҥорор бары быһыыларын таба быһаарарын тэҥэ, өй-санаа икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсарын эмиэ быһаарар.

Киһи туох баар быһыытын барытын; үчүгэйин уонна куһаҕанын соҕотох мэйиитинэн ырытан, оҥорон таһаарарын холбуу быһаарар буолан «ай» диэн тылбыт биир эрэ буолара табыллар.

Биир киһи оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах, ол аата тус-туспа хайысхалаахтарыттан, бу тыл бэйэтэ икки өрүтүн холбуу иһэринэ сылдьара табыллар. Киһи өйүн-санаатын тутулуктарын былыргы сахалар ордук билэллэриттэн бу тыл саха тыла үөскүөҕүттэн ыла соҕотох.

Тыл иччитэ дорҕооннорунан дьайан киһи өйүн-санаатын уларытарын ситэ билэн туһана иликпит. Саха тыла олус былыргы, дьон өйдөрө-санаалара саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбититтэн дорҕооннорун дьайыылара бу тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэрэ элбэх. Онон саха тылыгар өйү-санааны быһаарар атын, саҥа тылы, «аньыы» диэни, нууччалары үтүктэн тылбыт үөрэхтээхтэрэ булан, туһаннара сатааһыннара саха дьонун көрдөрөн туран албыннааһын, балыйыы буолар. Хас эмэ тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр улуу ойууннар үөскэппит сахабыт тылыгар өйү-санааны быһаарар саҥа тылы булан киллэрэ сатааһын букатын табыллыбат, олус улахан сыыһаны оҥоруунан ааттаныан сөп.

Бу сэбиэскэй, өй-санаа үөрэҕин билиммэккэ эстибит дьон албыннарыгар киирэн биэрии улаатан иһэр оҕолор, ордук уолаттар өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар тириэрдэрин, саҥаны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэрэ элбиирин биһиги быһааран бар дьоммутугар, төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыбыт.

Олорор олоххо уларыйыылары, саҥаны киллэрии, саҥаны айыы ханнык эрэ хамсааһыннары үөскэтэриттэн дьон олохторугар уларытыылары киллэрэриттэн саҥаны айартан, айыыны оҥорортон саха дьоно сэрэнэллэр, сэрэхэчийэллэр. Бары саҥаны айыылар айылҕаны алдьаталларын, буортулуулларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх баара биллэрэр. Саҥаны айыы урут дьон оҥорботох, билбэтэх быһыылара буоларынан туох дьайыылааҕа, содуллааҕа ситэ биллибэтиттэн, айыыны оҥоруох инниттэн сэрэнэргэ, харыстанарга тиийиллэрин саха дьоно билэллэр.

Айыы диэн бэйэтэ да куһаҕан өттө баһыйар тыл. Ол иһин бу тылы элбэхтик туттартан, улаханнык, дьыбардаахха саҥарартан сэрэхтээх буолуохха наада. Улуу Өктөөп өрө туруута олус улахан айыы, саҥаны олоххо киллэрии эбит буоллаҕына, куһаҕан өрүттэрэ 73 сыл буолан эрэ баран биирдэ арыллыбыттара остуоруйа үөрэҕин умнубут, билбэт, сэрэҕэ суох дьоҥҥо олох үөрэҕэ буолуо этэ. Өй-санаа, таҥара үөрэҕэ омук үйэтин тухары, хас эмэ уонунан, сүүһүнэн көлүөнэлэргэ дьайыыта салҕанан барыахтаах. Ол иһин ханнык да сыыһата, халыйыыта, онтон-мантан булуута, эбиитэ суох буолара табыллар.

Саҥаны айыы киһиэхэ, кини олоҕор, Айылҕаҕа дьайыытыттан, туох уларытыылары киллэрэриттэн көрөн икки көрүҥҥэ арахсар:

1. Кыра айыы.

2. Улахан айыы.

Саҥаны айыы бу икки көрүҥнэрин уратыларын төһө кыахпыт тиийэринэн быһааран көрүөхпүт:

1. Соччо суолтата суох саҥаны арыйыы, айыы, киһи олоҕор ханнык да хамсааһыны, уларытыыны оҥорбот кыра, быстах дьыалаларга сыһыаннаһар буоллаҕына кыра айыы буолар.

Холобур, тыл үөрэхтээҕэ эбэтэр хайа эмэ суруйааччы биир эмэ саҥа тылы булбута дьон олохторугар ханнык да уларыйыыны киллэрбэт, истэн эрэ кэбиһиэхтэрин уонна сотору умнуохтарын сөп. Саҥа ырыаны, хоһоону айыы эмиэ оннук. Дьон ырыаны былыр-былыргыттан, саҥа саҥарар буолуохтарыттан ыла ыллыыр буола үөрэммиттэригэр сөп. Ол иһин саҥа ырыаны айыы дэммэккэ тупсаран биэрии диэххэ сөп этэ. Итини тэҥэ былыргыттан баар ырбаахыга саҥа сиэби дуу, тимэҕи дуу тиктэххэ, бу кэтэ сылдьар киһи онтон, туох да буолбат, туга да уларыйбат.

Ол иһин маннык саҥаны айыылар төһө да элбэхтэрин, күн аайы элбээн иһэллэрин иһин олоххо биллибэт кэриэтэ уларыйыылары киллэрэллэр уонна бу уларыйыылар киһи олоҕор туох да биллэр хамсааһыннары үөскэппэттэр. Бу саҥаны айыылар үчүгэй да, куһаҕан да буоллахтарына, дьоҥҥо дьайыылара кырата бэрт буолан хайалара да аанньа биллибэттэр.

Маннык олус кыра саҥаны айыылары сахалар сөп эбэтэр сыыһа диэн туһалааҕын эбэтэр туһата суоҕун көрөн тус-туспа тылларынан арааран этэллэр. Онтон киһи киһиэхэ сыһыаныгар уларыйыылары киллэрэр саҥаны айыылары үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн араараллар. Бу араарыы эмиэ сыһыан хайдаҕыттан тутулуктанан олус эбэтэр кыра диэн эбиискэ быһаарыылаах буолуохтарын сөп.

Билигин биһиэхэ кыра айыылары билээччилэр, олору оҥорооччулар баһылаан иһэр кэмнэригэр олоробут. Былыр-былыргыттан баар ырбаахыга сиэп, бытырыыс эҥин тигэн, саҥа тылы булан эбэтэр ырыаны ыллаан баран туох эрэ улахан суолталаах саҥаны айыыны оҥорбут курдук сананыы элбээтэ. Ол оннугар дьиҥнээх саҥаны айааччылар, үлэһиттэр, уустар, тутааччылар кэнникигэ тэбиллэннэр бааллара-суохтара аанньа биллибэт, бары балыттаран сылдьаллар.

Тыыннаах киһи буолан баран, кыра эмэ сыыһалары-халтылары оҥорорун сахалар бырастыы гыналлар. «Тугу да оҥорбот киһи сыыспат» диэн этии олоххо уларыйыылары киллэрбэт кыра, куһаҕан да быһыылары киһи оҥорор кыахтааҕын быһаарар.

Дьон бары үчүгэйи оҥоро сатыыллар. Ол иһин киһи оҥорор быһыылара барылара кэриэтэ үчүгэйгэ киирсэллэр. Онтон киһи оҥорбот быһыылара, киһи быһыытын таһынан барар, сиэри кэһэр буоланнар куһаҕан быһыыларга киирсэллэр. Манна саҥаны айыы эмиэ киирэр. Тоҕо диэтэххэ саҥаны арыйыы диэн киһи билбэт, урут оҥорбот быһыыта буолар, ол иһин саҥаны айыы, айыы диэн ааттанар. Саҥаны айыылар дьон өссө билбэттэриттэн, урут туттубаттарыттан туох содуллаахтара быһаарылла илигиттэн сэрэхтээх, кутталлаах быһыыга киирсэллэр. Саха дьоно саҥаны айыы ити уратытын былыр-былыргыттан билэннэр «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн оҕолорун үөрэтэллэр.

Улаатан иһэр уолаттар саҥаны, урут суоҕу айаарылар пугач бэстилиэти туох эрэ туруупканы булан оҥостон, ытыалыы сырыттахтарына онтулара хайа баран буорахха сиэтэллэр. Туох туһа тахсарый бу саҥаны айа сатыыртан? Саҥаны, билбэтин оҥоро, айа сатаабата, айыыны оҥорбото буоллар буорахха сиэтиэ суоҕа этэ диир сахалар үөрэхтэрэ. Эбэтэр улаатан, үөрэтэн, киһи буолууну баһылаан баран бөҕө-таҕа туруупканы булунан оҥостуннаҕына ордук буолуо этэ.

Перестройка уларытыыларын кэнниттэн оҕону үөрэтии сыыһа хайысханан барыыта айыы буол, айыыны элбэхтик оҥор диэн үөрэтии эдэрдэр элбэх куһаҕан быһыылары оҥороллорун үөскэттэ.

Кыра саҥаны айыылары; үчүгэйи да, куһаҕаны да дьон бары оҥорор кыахтаахтар. «Сыыһаны оҥорбот киһи суох», «Үлэлээбэт киһи сыыспат», «Киһи диэн киһи буоллаҕа» диэн этиилэр киһи хаһан баҕарар киһи быһыытын аһара барбат, сиэри кэспэт сыыһалары-халтылары оҥорор кыахтааҕын быһаараллар. Айыы-сиэр диэн холбуу этии айыы сиэри кэспэт, сиэр иһинэн буоллаҕына туһата улаатарын биллэрэр.

Онон кыра айыылар диэн дьон олоҕор ханнык да биллэр уларыйыыны киллэрбэт, кыра, быстах быһыылар буолаллар уонна маннык айыылары, бары кэриэтэ олохторун устата аҕыйахтык да буоллар, үчүгэйдэрин үөрэ-көтө, онтон куһаҕаннарын кистии-саба оҥоро сылдьаллар.

2. Улахан айыы киһи олоҕор биллэр уонна түргэнник тиийэр уларыйыылары киллэрэр. Сахалар маннык айыылары; үчүгэй буоллаҕына үтүө, үрүҥ айыылар, онтон куһаҕан буоллаҕына ыар, хара айыылар диэн арааран ааттыыллар. Улахан айыылар ордук кутталлаахтар, сэрэхтээхтэр. Саҥаны айаары, айыыны оҥороору сыыһа туттууттан эбэтэр бу айыыбыт туга эрэ табыллыбатаҕына оҕо, улахан да киһи доруобуйатыгар оҕустаран инбэлиит буолан хааллаҕына олус улахан куһаҕан, хара айыы буолан тахсар.

Бензин, онтон да атын араас күүскэ умайар убаҕастары аан маҥнай уматыы олус сэрэхтээх буолууну ирдиирин бэйэлэрэ уматан, боруобалаан көрбөтөх дьон букатын да билбэттэр. Элбэх оҕолор уоту сатаан умаппаккалар эчэйэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр. Оҕо айыыны оҥороро кутталлааҕын төрөппүттэр билэллэрэ, оҕолорун сэрэтэн үөрэтэллэрэ ордук буолуо этэ. (3,67).

Оҕо аан маҥнай оҥорор быһыыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыыта, айыыны оҥоруута буолар. Бу оҥорор быһыытын оҕо үксүгэр хаһан да умнубат гына өйдөөн хаалар. Саҥаны айыы кыратык дьайан, ыарытыннаран үөрэтэрин сахалар кэһэтэн үөрэтии диэн үөрэхтэригэр анаан-минээн туһаналлар. Ол курдук оҕо тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаран кэһэйдэҕинэ, аны итиини сэрэҕэ суох тыыппакка олус түргэнник үөрэнэрэ кыратык кэһэйэн үөрэнии ордук тиийимтиэтин, туһалааҕын быһаарар.

Оҕо улаатан өйө-санаата эбиллэн, этэ-сиинэ күүһүрэн истэҕинэ оҥорор быһыылара эмиэ онно сөп түбэһиэхтээхтэр. Бу сөп түбэһиннэриини бэйэлэрэ оҕо эрдэхтэринэ маннык быһыыны оҥорон, боруобалаан, билбит-көрбүт дьон, төрөппүттэр, эһэлэр, эбэлэр оҕолоругар, сиэннэригэр көрдөрөн, кэпсээн үөрэтэн биэрэн иһэллэрэ ордук этэ. Оҕо бары оҥорор быһыытын кинилэр, төрөппүттэрин курдук оҥорорго үөрэниитэ киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн саха киһитэ барыта өйдүүр гына таҥара үөрэҕэр этиллэ сылдьар.

Саҥаны айыыттан элбэх дьон олоҕо хамсаатаҕына олус улахан хара айыы буолар. Холобур, атомнай буомба эстиитэ элбэх киһини биирдэ хаарыйар кыахтаах, доруобуйаларын буортулуон, олохторун огдолутуон сөп.

Кыра уол саҥаны айаары, урут оҥорботоҕун оҥороору чараас мууска киирбитин кэннэ мууһа уйбакка тимирэн хааллаҕына олоҕо төрдүттэн уларыйара олус улахан хара айыы буолар.

Үлэҕэ-хамнаска сылдьан сыыһа-халты туттунуу, массыынанан олус түргэнник айаннааһын сыыһа тутуннахха эмиэ киһи олоҕун тосту уларытыахтарын сөптөөх быһыыга киирсэллэр.

Саҥаны арыйыы, айыы диэн тугун уонна олоххо ордук кутталлааҕын илиилэринэн тутан-хабан үлэлиир үлэһиттэр билэллэр. Манна биир сыыһа туттуу, холобур, сүгэни сатаан туттубатахха атаҕы охсунуохха сөп, киһи быһыытын аһара барыы киһи олоҕун соҕотохто уларыта тутан кэбиһиэн сөбүн билэн сэрэхтээх буолуу, сатаан туттууга үөрэнии хайаан да наада. Ол курдук тутуу үлэһитэ саҥа оҥоруллубут лесаҕа, салҕанар сиргэ ыттыбытын кэннэ уйбакка сууллан дэҥнэннэҕинэ ким эппиэттиирий?

Бу боппуруоска таба эппиэт саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу содулун быһаарар кыахтаах. Бу буолбут быһыыга саҥа лесаны, саҥаны айыыны оҥорбут киһи буруйдаах буолара чахчы.

Үлэһиттэр, оҥорон-тутан таһаарааччылар саҥаны айыы, биллибэти оҥоруу олус кутталлааҕын, сэрэхтээҕин, ону тэҥэ эрэйдээҕин билэллэр. Саҥаны айыы араастарын; үчүгэйин уонна куһаҕанын арааран билэн таба туһанарга үөрэнии киһи буолуу үөрэҕин биир тутаах көрдөбүлэ буолар.

Олус улахан саҥаны айыылартан дьон бары куттаналлар, сэрэнэллэр. Ол курдук үчүгэйгэ, туһалаахха эрэ анаммыт курдук атомнай электростанцияны оҥоруу син-биир атомнай буомбаны оҥоруу курдук кутталлааҕын Чернобыль быһылаана уонна сир хамсааһыныттан Фукусима-1 станция саахалланыыта толору дакаастаатылар. Ханнык баҕарар саҥаны айыы кутталлаах, куһаҕана кэлин арыллан тахсыан сөбүттэн эрдэттэн сэрэннэххэ, харыстаннахха табылларын таҥарабыт үөрэҕэ куруук санатар.

Өй-санаа маннык уларыйыыларын саха дьоно былыр-былыргыттан билэннэр, үөрэтэннэр олохторугар туһаналларыттан олус уһун үйэлэнэн, бу билиҥҥи кэмҥэ диэри сайдан кэллибит.

«Туох барыта икки өрүттээҕин» билэн олоххо таба туһаныы хайаан да наада. Соҕотох «ай» диэн тылбытын уларыппакка, саҥа эбии тылы була сатаабакка бэйэтинэн илдьэ сылдьарбыт, өйбүтүн-санаабытын буккуйбаппыт, уларыппаппыт туһалаах буолуо, омукпут үйэтэ уһууругар, атын омукка уларыйбатыгар тириэрдиэ этэ.

Киһи аан маҥнай саҥаны, билбэтин оҥоруута өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубат дириҥ өйдөбүлү хаалларар. Ол курдук аан маҥнай эр киһини билбит дьахтар бу саҥаны айыытын өйдөбүлүн хаһан да умнубат. Эдэр киһи уорууга аан маҥнай кыттыһарыгар, ыксаабыт санаатыгар хаста да барытын быраҕан баран куотан хаалаары гыммытын эмиэ өйдүү сылдьар. Ол курдук улахан саҥаны айыы киһи мэйиитин нейроннарыгар саҥа холбоһуктары үөскэтэр, ол иһин киһиэхэ олус күүскэ өйдөнөн хаалар уратылаах уонна хаһан да умнуллубат.

Киһи кыаҕа кыратыттан улахан, олоҕу уларытар саҥаны айыылартан эрдэттэн сэрэнэн, сэрэхтээх буолан эрэ көмүскэнэр кыахтааҕын аахсыбакка сылдьабыт. Бары үлэһиттэр «Үлэҕэ сэрэхтээх буолуу» үөрэҕин хайаан да барыахтаахтар. Онтон оҕо ситэ билэ-көрө, үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араара илигинэ сыыһа-халты туттарыттан харыстаан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи билэрэ хайаан да наадатын төрөппүттэр сахалыы таҥара үөрэҕин итэҕэйдэхтэринэ, оҕолорун харыстыыр санаалара күүһүрдэҕинэ, билэн туһаныахтара этэ.

Онон киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, ол аата саҥаны айыы киһиттэн олус улахан сэрэхтээх буолууну, элбэҕи билиини, уопуту, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны эрэйэр ураты быһыы буоларын таба сыаналаан биир эмэ оҕолорбутун эрдэттэн, сыыһа-халты тутта иликтэринэ, харыстаан киһи быһыылаах буолууга кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэхпит этэ.

АЙЫЫ ДИЭН БЭЙЭТЭ КУҺАҔАН ТЫЛ

Сахабыт тыла олус былыргы төрүттээҕинэн киэн туттабыт, атын омуктар тылларынааҕар уһун үйэлээҕинэн хайҕана саныыбыт. Биһиги тылбыт олус былыргы, дьон өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ үөскээбитин хас биирдии дорҕооннорун суолтата тыл өйдөбүлүгэр сөп түбэһэрэ быһаарар.

«Ай» диэн тылы аҥардастыы үчүгэй курдук санааһын сыыһа. Ханнык баҕарар киһи баһын иһигэр араас санаата элбэх, үчүгэйи үгүстүк саныыр буоллаҕына, куһаҕаны, арааһы эмиэ саныыр, айар, сорохтор куһаҕаны анаан-минээн айан оҥороллор, онуоха эбии саҥаны айаары сыыһа-халты туттунан кэбиһииттэн куһаҕан быһыылар эмиэ эбиллэллэр. Киһи оҥорор куһаҕан быһыылара билигин, төһө эмэ сайдыылаах демократия олоҕор кэлэн да истэхпитинэ, суох буола иликтэрин бары билэбит. Ол иһин киһи майгына икки өрүттээҕин сахалар былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналларын «ай» диэн сахабыт тыла, киһи баһа биирин курдук, биир, соҕотох буолара эрэ оҥорор быһыыларын таба быһаарар.

«Ай» диэн аан бастаан киһи санаатын күүһүн быһаарарынан бэйэтэ икки өрүтүн, ол аата үчүгэйин уонна куһаҕанын холбуу иҥэринэ сылдьар тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыытын эбиллиитин түмүгэр үөскүүр «айыы» диэн тыл, киһи саныыр санаатын илэтигэр оҥорон таһаарыытын бэлиэтииринэн, биллэрэринэн куһаҕан өттө баһыйар өйдөбүллэнэр, ол аата бу тыл куһаҕана ордук элбэх, биирдэ эмэтэ туттуллар, сэрэхтээх, куһаҕан тылга кубулуйарын «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта баара биллэрэр.

«Ай» диэн тыл киһи санаатыгар оҥорон көрөрүн быһаарар буоллаҕына, «айыы» диэн тыл, киһи бу санаата быһыыга, дьайыыга кубулуйуутун, илэтигэр оҥоруллуутун, ол иһин куһаҕан буолан хаалара элбиирин бэйэтин дорҕооннорунан көрдөрө сылдьарын таба өйдүөхпүт этэ.

Айыы диэн тыл таба өйдөбүлүн сахалар нуучча тылын баһылаан өйдөрүн-санааларын буккуйа илик кэмнэригэр суруллубут «Словарь якутского языка» диэн саха тылын сүмэтин, өйүн-санаатын түммүт улахан, үс туомнаах Э.К.Пекарскай үлэтиттэн ыллахпытына ордук табатык өйдөнөр. Оччотооҕу кэмҥэ айыы диэн тыл туттулла сылдьар өйдөбүлэ маннык эбит:

1. всякий противный принятым правилам, обрядам, обычаям, законам и религии поступок, вина, проступок, преступление, прегрешение, согрешение, грех; соблазнь, искушение. (буруй-хара); (айыыта суох)- без вины; (айыы-хара)- темные дела;

2. дурные последствия, наказание, страдание;

3. айыыбын – (о, грешно! о, грех мой). (4,57 столб.).

Э.К.Пекарскай бу үлэтигэр «аньыы» диэн тыл суох. Саха дьоно таҥараны итэҕэйэр эрдэхтэринэ айыы диэн тыл үксүгэр куһаҕан өйдөбүлүнэн табатык туттулларын, “грех” диэн нуучча тылын өйдөбүлүгэр сөп түбэһэрин Э.К.Пекарскай бэлиэтээн суруйбут.

Бу тылдьыт суруллар кэмигэр сахалар тылларын атын омук тылыгар буккуйбакка бэйэтинэн туттар кэмнэригэр айыы диэн тыл киһи оҥорбот быһыыларын оҥорууну көрдөрөрүнэн куһаҕан өрүтэ лаппа элбэх эбит. Айыы диэн тыл ити, куһаҕан өйдөбүлэ билигин да уларыйар кыаҕа суох, куһаҕанынан син-биир сылдьар. Ол курдук ханнык баҕарар айыыны оҥоруу киһи оҥорор быһыыларын, сиэри таһынан барыы, урут оҥорулла илик быһыы буоларын бары билэбит.

1968 сыллаахха тахсыбыт «Русско-якутский словарь» сахалыы «Айыы» диэн тыл нууччалыы «Грех» диэҥҥэ сөп түбэһэр диэн быһааран суруйбута. (5,118).

1994 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта» «айыы» диэн тыл икки утарыта турар, үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕин таба быһаарар этэ. (6,16). Бу тылдьыкка «аньыы» диэн тыл суох. 2004 сыллаахха таһаарыллыбыт «Саха тылыгар көмө тылдьыкка» «айыы» диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ ордук чуолкайдык быһаарыллар. (7,9). Бу тылдьыкка «аньыы» диэн тыл эмиэ суох.

Саҥа 2008 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар» «айыы» диэн тыл икки утарыта өйдөбүлүн иҥэринэн сылдьара, куһаҕаны оҥорууну холбуу быһаарара суруллубут. (8,32). Бу тылдьыкка «аньыы» диэн тыл букатын да суох.

Билигин бары олоҥхолорго кэпсэнэр кэмнэргэ саха тыла ордук сайдыылаах, толору этэ диэн олоҥхолору үөрэтиигэ турунан сылдьабыт. Сурукка киирбит олоҥхолорго «айыы» диэн тыл икки утарыта өйдөбүлүнэн табатык туттуллар. Олоҥхолорго «аньыы» диэн тыл эмиэ суох. Оччотооҕу кэмнэртэн ыла саха тылыгар айыы диэн өйү-санааны быһаарар тыл соҕотох этэ. Ону сэбиэскэй кэмҥэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр буккуйбуттарын билигин да салҕаан иһээччилэр бааллар.

Ити курдук саха тылын бары мунньуллубут тылдьыттарыгар айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕан өйдөбүлэ элбэҕэ бэлиэтэнэн, сурукка киирэн сылдьаллар. Онтон «аньыы» диэн тыл сахаларга суох. «Ан» диэн төрүттэн өйү-санааны быһаарар тыл төрүт үөскүүр кыаҕа суох. Арай анаа, аны, анал, анньыы диэн өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох тыллар үөскүүллэр. «Ын» диэн ыгыллары биллэрэр дорҕоон өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох дорҕоон буолар. Сахаларга «аньыы» диэн тыл баар диэн сымыйанан була сатаан этэ сылдьары тохтоторго сөп буолла.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар булан киллэрэ сатыыр «аньыы» диэн тыллара дорҕооннорун тутулуктарынан өйү-санааны быһаарар тыл буолара сатаммат, кыаллыбат даҕаны. Өйү-санааны быһаарар тыл хайаан даҕаны хамсааһын, уларыйыы баарын биллэрэр «ый» диэн дорҕоонноох буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ өйү-санааны быһаарара табыллар, өй-санаа баарын, хамсыырын, уларыйарын биллэрэр кыахтанар.

Сэбиэскэй былаас саҥаны айыы үчүгэй диэн оҕолору үөрэтиигэ сыыһа суолу тутуспута өр кэмҥэ аһара баһылаабытыттан айыыны оҥоруу, урукку олоҕу тэпсии өйө-санаата сайдыбыта. Оччотооҕу кэмҥэ мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар уонна учууталлар эстибит сэбиэскэй былаас саҥаны оҥоруу, айыы үчүгэй диэн үөрэҕин салҕаан иһээччилэр, сахалыы өй-санаа үөрэҕин халытааччылар буолаллар. Ол кэмҥэ айыы диэн тылынан үчүгэйи, онтон «аньыы» диэн сымыйа тылы булан куһаҕаны эттэхпитинэ, өй-санаа үөрэҕэ оннун булар диэн сыыһа санааҕа киирбиттэрин билигин даҕаны салҕаан иһэллэр. Сахаларга «аньыы» диэн тыл баар диэн сымыйанан була сатаан этэ сылдьары тохтоторго сөп буолла.

Таҥараларын, итэҕэллэрин оннугар түһэрэн кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥоруохтарын баҕарар үлэһит дьону, төрөппүттэри балаһыанньаларынан туһанан маннык сиэрэ суох албынныы сылдьыы диэн табыллыбат, сиэрэ суох быһыы буолар. Ханнык эрэ кыра оҕону сымыйанан этэн биирдэ эмэ албынныахха сөп буоллаҕына, үөрэҕи-билиини баһылаабыт саха дьонун уһуннук албынныыр кыаллыбата буолуо.

Айыы диэн тыл дьиҥнээх ис хоһоонун билбэттэриттэн ырбаахыга араас сиэп, бытырыыс тигээччилэр, ырыа-хоһоон айааччылар, биир эмэ саҥа тылы булааччылар, туох эмэ дуоннааҕы, олоҕу уларытары айбыт курдук сананыыларыттан, айыы үчүгэй диэн этэллэрин итэҕэйимиэххэ. Маннык дьон олоҕор кыра да уларыйыылары киллэрбэт айыылар, кыра айыылар диэн былыр-былыргыттан ааттаналлар уонна биллибэтинэн-көстүбэтинэн үгүс дьон бары оҥорор быһыыларыгар киирсэллэр.

Улахан айыы диэн киһи олоҕун тосту уларытар саҥаны айыылар ааттаналлар уонна киһи быһыылаах дьон оҥорбот быһыыларыгар киирсэллэр. Ол курдук оҕо айыыны оҥорон чараас мууска киирэн ууга түстэҕинэ, үөһээ ыттан баран суулуннаҕына, суоппар абаарыйаҕа түбэстэҕинэ, тутуу үлэһитэ тутууну хаачыстабата суох оҥордоҕуна улахан айыылар үөскүүллэр уонна бары кэриэтэ куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр. Айыы үчүгэй диэн этииттэн дьон билбэттэрин оҥоро сатыылларыттан куһаҕан быһыылар элбииллэр.

Айыы буолуу диэн киһи өлөн, өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылара суох буолан, арахсан, Yөһээ дойдуга көттөҕүнэ биирдэ кэлэр. Өй-санаа уларыйбат турукка киирдэҕинэ, киһи өйүттэн-санаатыттан араҕыстаҕына, туспа баран Yөһээ дойдуга таҕыстаҕына атын өйдөртөн-санаалартан уратытынан, олорго тэҥнэспэтинэн туспа айыы буолан сылдьар кыахтанар. Былыргыны суруйааччы Сэһэн Боло айыы-үөр буолар диэн суруйбута өлбүт киһи өйө-санаата уларыйыытын таба быһаарар. (9,313). Тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһини айыы буолууга ыҥырыы сиэргэ баппат быһыы буолар. Бу ыҥырыы «Өйүҥ көттүн!» диэн ыҥырыыга тэҥнэнэн киһи сирдээҕи олоҕо кылгыырыгар тириэрдиэн сөп. Билигин эдэрдэр бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээһинэ айыы үчүгэй диэн этииттэн улахан тутулуктаах.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ айыы киһитэ буолуҥ диэн ыҥыра сатыыллара элбээтэ. Бу дьоммут сахалыы өй-санаа тутулуктарын билбэттэриттэн айыы диэн куһаҕана элбэх тылы биир үтүө тылбытыгар, киһи диэҥҥэ аҕалан сыбыы сатыыллар. Айыы киһитэ диэтэхтэринэ өйө-санаата ситэ тиийбэт, салгын кута хайы сах Yөһээ дойдуга көппүт киһини этэллэр. Бу киһи өйө-санаата тиийбэтиттэн сирдээҕи олоххо соччо сөп түбэспэт буолбутун, Үөһээ дойдуга барара чугаһаабытын чопчу ыйан итинник этиллэр.

Өй-санаа киһиттэн арахсан эрдэлээн, Үөһээ дойдуга көтүүтэ кырдьаҕас киһи түөһэйиитигэр тириэрдэр уонна биирдэ эмэтэ кэлиэн сөп. Салгын кута көппүт киһи кыра оҕотугар, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар түһүүтэ түөһэйии диэн ааттанар уонна айыы киһитэ буолууга дьэ тириэрдэрин таба өйдүөхпүт этэ.

Айыы диэн тылы элбэхтик туттар, улаханнык саҥарар дьон сотору кэминэн бу тыл куһаҕан дьайыытын бэйэлэрэ билиэхтэрин, оҕолорун, сиэннэрин үйэлэрэ кылгыаҕын сөп. Бу тыл дьайыыта улаатан, биллэн барыытыттан улаатан эрэр оҕолор оҥорор куһаҕан быһыылара элбээн иһэллэрэ тутулуктаах. Ол буолар тыл куһаҕан дьайыытыгар түбэһэн эрэрбит бэлиэтэ. Биһиги онтон сэрэтэ сатыыбыт.

Төрөппүттэр оҕолорун элбэхтик айыыны оҥорон иһэргэ үөрэтэн кэбистэхтэринэ сыыһа-халты туттуналлара, аһара бараллара үксээн оҥорор быһыылара куһаҕаҥҥа кубулуйара элбиир. Куһаҕаннык ииппит, үөрэппит оҕолоро сиэннэрин кыайан киһи быһыылаах буолууга ииппэтэхтэринэ, үөрэппэтэхтэринэ, бу аймахтар олох да эстиэхтэрин сөп.

АЙЫЫ ДИЭМЭ

Киһи тыла дорҕооннорунан дьайан өйү-санааны уларытар кыахтааҕын биһиги быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт. Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьарын туһаныы «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһан салайыннаҕына өй-санаа туруктаах буоларын үөскэтэрин, сыыһа-халты туттунууну лаппа аҕыйатарын умнан, туһаммакка сылдьабыт.

Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаах, буккулла, уларыйа сылдьыбат, аһара барбат буолууларыттан омук салгыы олоҕо улахан тутулуктаах. Уһун үйэлээх саха омуга куһаҕан тыллары саҥарбат буолуҥ диэн оҕолорун үөрэтэллэрэ ити быһаарыыга олоҕурар.

Саха тыла былыргы кэмҥэ үөскүөҕүттэн ыла уларыйбакка сылдьарынан, өйү-санааны кытта дорҕооннорунан тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар. Ол курдук «рр» дорҕоону саҥатыгар элбэхтик туттар киһи, кыыһырымтаҕай соҕус буолуохтааҕын, онтон «ыы» дорҕоону саҥара сылдьыы ытааһыҥҥа тириэрдэрин кырдьаҕастар билэллэр.

Киһини куһаҕаны оҥорорго ыҥырар тыллар куһаҕан тыллар диэн ааттаналлар. Холобурга, алдьатыам, өлөрүөм, уоруом уонна да атын куһаҕан айыылары оҥорууга тириэрдэр тыллар бары уонна үөхсүү тыллара куһаҕан тылларга киирсэллэр.

Араас үөхсүү тыллара сахаларга нуучча тылынааҕар быдан аҕыйахтар уонна үксүлэрэ бэйэ икки ардыгар, ол аата дьон бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыгар аанньа тапсыбаттарыттан үөскээбиттэр, элбэхтик туттуллубаттар.

«Ай» диэн бэйэтэ үчүгэйин уонна куһаҕанын холбуу иҥэринэн сылдьар тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ, бу тылы куһаҕан өттө баһыйар оҥорор. Аан маҥнай саҥаны айарын киһи санаатыгар оҥорор буолан «ай» диэн тыл киһи санаатын быһаарар, онтон бу санаатын олоххо киллэрээри илэтигэр оҥордоҕуна «ыы» сыһыарыы эбиллэн «айыы» буолар. Санаа илэ дьайыыга кубулуйарыттан, куһаҕан өттө элбээн тахсар.

Бу курдук, айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ баһыйарын сахалар былыр-былыргыттан билэн куһаҕан дорҕоонунан анаан-минээн бэлиэтээбит тыллара эбит. Бу тыл сэрэхтээх, элбэхтик этиллибэт, улаханнык, дьыбардаахха саҥарыллыбат, ыарахан тыл.

«Айыы-айа» диэн сылайыыттан, урут билбэт ыарыыттан эрэйдэнэри биллэрэр саҥа. Киһи маннык саҥаны доруобуйата мөлтөҕүттэн санаарҕаан, үлэни-хамнаһы кыайбатыттан кыйаханан ыксаатаҕына, санаата түстэҕинэ саҥарар. Айыы диэн соһуччу, урут биллибэт ыарыы буолбутуттан ытааһын кэлэрин биллэрэр тыл. «Эмээхсин курдук элбэхтик «Айыы-айа» диэмэ, аны ыарыы булуо» диэн этэн сэрэтиини дьону харыстаан тутталлар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр «Айыы диэмэ» диэн этии туттуллар. Айыы диэн тыл суолтата билигин даҕаны Э.К.Пекарскай суруйан хаалларбыт өйдөбүллэриттэн уларыйан, үчүгэйи бэлиэтиир тылга кубулуйар кыаҕа хайдах да суох. Саха тылын төрүт тутулугунан «ыы» дорҕоон хаһан да үчүгэй буолбат. Ол курдук «ыы» диэн ытааһын дорҕооно киһи истэригэр саамай куһаҕан дорҕооҥҥо киирсэрэ хаһан да уларыйбат.

Айыы диэн бэйэтэ икки өрүтүн, өйдөбүлүн бииргэ иҥэринэн сылдьар, өй-санаа саҥаны айарын, айыыны оҥорорун биллэрэр тыл. Киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу буоларын саха киһитэ барыта билэр. Өйдөрө-санаалара сайдыбыт, үлэни-хамнаһы баһылаабыт дьон билбэттэрэ уонна оҥорботторо диэн олох суоҕун кэриэтэ буолан турар кэмигэр кэлэн олоробут. Ол иһин, бу кэмҥэ киһи билбэт, оҥорбот быһыы-лара барылара кэриэтэ куһаҕан быһыыларга киирсэллэрэ сөп.

Дьон оҥорор быһыылара барылара икки аҥылар; үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыларга арахсалларын эмиэ бары билэр курдукпут. Төһө даҕаны, аҥардастыы үчүгэй эрэ диир быһыыларбытын оҥорор үчүгэй дьон буола сатаабыппын иһин, куһаҕан саҥаны айыылары, быһыылары оҥорор дьон син-биир бааллар, суох буолар чинчилэрэ хата биллибэт. Олох уларыйар кэмигэр хата элбээн биэрэр уратылаахтар. Ол иһин бу «айыы» диэн тыл хайаан даҕаны үрүҥ айыы эбэтэр хара айыы диэн саҥаны айыы хайдаҕын, дьоҥҥо туһалааҕын дуу эбэтэр буортулааҕын дуу быһааран биэрэр тыллаах туттуллара эрэ табатык өйдөнөр.

Киһи тыыннаах сырыттаҕына өйө-санаата куруук хамсыы, уларыйа-тэлэрийэ, эбиллэ-көҕүрүү турар. Ханнык баҕарар; үчүгэй да, куһаҕан да санаалары санаталаан ылара кыайан бобуллубат, хонтуруолланар кыаҕа суох. Ол аата үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу бэйэтин иһигэр, мэйиитигэр, санаатыгар көҥүллүк сылдьар. Киһини куһаҕан санаалаах киһигин диэн туспа арааран кыайан буруйдуур кыах суох. Арай киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан билэн, арааран, бу үчүгэй, маны оҥоробун, бу куһаҕан, манныгы оҥорбоппун диэн быһаарынан салайынар кыахтаах буоллаҕына, үчүгэй диир быһыыларын элбэҕи оҥоруон сөп.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕону үөрэтиигэ кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр улахан суолтаны биэрэр. Оҕо ийэ кута иитиллэр. Ол аата оҕо ийэ кута бэлэм, урут үөрэтиллэн үчүгэйэ быһаарыллыбыт билиилэртэн хомуллара туруктаах өйү-санааны үөскэтэр. Улахан киһи бэйэтэ тугу үчүгэй диирин үтүгүннэрэн, батыһыннаран элбэхтик оҥотторо үөрэтэриттэн соннук үгэстэр үөскээннэр оҕо ийэ кута иитиллэр, тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор, киһи быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар. Кэлин, оҕо улааттаҕына даҕаны кыра эрдэҕинэ үөскээн, олохсуйбут ийэ кута кинини салайа, оҥорор быһыытын көннөрөн биэрэ сылдьарын билбэппититтэн, өссө итэҕэйэ иликпититтэн оҕону иитиигэ туһаммакка сылдьабыт. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрин баһылааһын хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэрин билигин туһаммаппыт, ол иһин эдэрдэрбит куһаҕаны, буруйу оҥороллоро элбээтэ.

Оҕо билбэтигэр тэптэрэн куһаҕан тыллары элбэхтик саҥарара үгэс буолан кини ийэ кутугар уурулуннаҕына куһаҕан быһыылаах киһи буола улаатар кутталланар. Элбэхтик «Өлөрүөм», “Ытыалыам”, “Охсуһуом” диэн тыллары саҥарар оҕо, ийэ кутугар итинник өй-санаа уурулуннаҕына, улаатан баран ийэ кута салайар кэмигэр киирэн ыллаҕына ити саҥатын бэйэтэ толорон кэбиһиэн сөбө ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Киһи өйө-санаата уларыйыыларын туһунан «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр арыйбыппыт. (10,42). Кыра эрдэхтэриттэн компьютер ытыалыыр оонньуутунан оонньоон, элбэх киһини өлөрүүлээх киинэлэри көрөн улааппыт оҕолор туохтара эрэ табыллыбатаҕына, улаханнык кыыһырдахтарына эбэтэр тугу эмэ иһэн өйдөрө-санаалара буккулуннаҕына, бэйэлэрэ элбэх киһини ытыалаан кэбиһэн улахан айдааны тардар буоллулар.

Куһаҕан тылы элбэхтик саҥарыы киһиэхэ куһаҕан үгэһи үөскэтэринэн хойутаан да буоллар куһаҕаҥҥа тириэрдэрин уһун үйэлээх омук буолан сахалар былыр-былыргыттан билэллэр. Ол билиилэрин туһанан оҕолорун кыра эрдэҕинэ «Айыы диэмэ» диэн куһаҕан тыллары букатын саҥарбатыгар үөрэтэллэр, өйүн-санаатын харыстыыллар.

Кыра, олоххо соччо суолтата суох уларыйыыны киллэрээччилэр, быстах саҥаны айыыны оҥорооччулар баһылаан салайар курдук сананыыларыттан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн таҥарабыт үөрэҕин сүрүн тутулуктарын табан өйдөөбөккө, олохпутугар туһаммакка сылдьабыт. Өй-санаа үөрэҕин элбэх ахсааннаах үлэ-хамнас дьоно, тугу эмэ оҥорон-тутан таһаарааччылар баһылаан салайдахтарына бу үөрэх урукку оннугар түһэн, көнүө, туһалааҕа биллиэ этэ.

Омук сайдыытын, ахсаана эбиллэн иһиитин үлэ-хамнас туруга, оҥорон таһаарар кыаҕа, үлэһиттэр өйдөрө-санаалара, үлэни-хамнаһы кыайыылара быһаарар. Үлэҕэ-хамнаска сылдьан биир сыыһа туттуу, саҥаны, дьон оҥорботторун оҥоруу содуллара киһи олоҕун төрдүттэн уларытар кыахтаахтарын таба сыаналыырга үөрэнии киһи буолуу үөрэҕэ диэн ааттанар уонна сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар.

АЙЫЫНЫ ОҤОРУМА

Саха дьоно хас тыһыынча сыллаахтан таҥараны уонна айыыны итэҕэйбиттэрин быһаарыы билигин кыаллара уустук. Ол эрээри саха тылын төрүт тутулуктарын үөрэтии биһиги тылбыт киһи өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ үөскээбитин быһаарар. Ол курдук өйү-санааны быһаарар «ай» диэн тылбыт икки эрэ дорҕоонноох уонна бу дорҕоонноро бэйэлэрэ өйү-санааны кытта эмиэ тутулуктарын сүтэрбэккэ сылдьаллар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр «Айыыны оҥорума» диэн этии баар. Бу этии сүрүн өйдөбүлүн сахалар таҥараны итэҕэйэр кэмнэригэр суруллубут «Словарь якутского языка» диэн Э.К.Пекарскай үлэтиттэн ыллахпытына ордук табатык өйдөнөр. Оччотооҕу кэмҥэ айыы диэн тыл өйдөбүлэ маннык эбит:

1. киһи быһыытыгар, сиэргэ-туомҥа сөп түбэспэт быһыы, сыыһа-халты туттунуу, буруйу оҥоруу;

2. эрэйдэнии, ыарыы;

3. айыы этиитэ.

Бу тылдьыт суруллар кэмигэр сахалар тылларын атын омук тылыгар буккуйбакка бэйэтинэн туттар кэмнэригэр айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ лаппа элбэх эбит. Ол кэмҥэ сахаларга «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн этиилэр оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ быһаччы туттуллар эрдэхтэринэ сокуону, бэрээдэги кэһэр, сиэргэ баппаттык, куһаҕаннык быһыыланар эдэрдэр ончу суох кэриэтэ эбиттэр.

Аныгы үйэҕэ бэрээдэктээх дьон бары сокуоннары, сиэри, киһи быһыытын тутуһар буоллахтарына, балары кэһэр, толорбот киһи, киһи оҥорбот, билбэт быһыытын оҥорор, ол аата саҥаны айыыны оҥорор. Маннык майгылаах киһи кырата сыыһа-халты туттунар, үчүгэйи оҥоро охсоору тиэтэйэн куһаҕан быһыыга кубулутар киһи буолар, онтон улааттаҕына ыар, хара айыылары оҥоруон сөп.

Саха дьоно өйү-санааны былыр-былыргыттан олус дириҥник билэллэрин «ай» диэн тылбыт икки өрүттээҕэ киһи өйүн-санаатын толору быһаарар. Үчүгэйи оҥордоҕуна – үчүгэй, үрүҥ айыы, онтон оҥорбута куһаҕан буоллаҕына – хара айыы буолар.

«Ай» диэн тыл аан бастаан киһи өйүгэр-санаатыгар үөскүүр саҥаны айары бэлиэтиир буоллаҕына, салгыы сайдан дьыалатыгар оҥоруллан туох эмэ быһыыга кубулуйдаҕына «айыы» буолан тахсар. Киһи оҥорор быһыылара эмиэ икки өрүттээхтэрин курдук айыы диэн тыл иннигэр үчүгэйи оҥордоххо үрүҥ эбэтэр куһаҕан буоллаҕына хара диэн быһаарыылааҕа хайаан да ирдэнэр.

Дьоҥҥо үтүөнү баҕарар таҥара аата Үрүҥ Аар Тойон диэн ааттанар, бу киһи уһун үйэтин тухары оҥорбут араас элбэх быһыыларыттан үчүгэйин, үтүөтүн, үрүҥүн эрэ ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ туттуллуохтаах диэн таҥарабыт аата бэйэтэ үрүҥ диэн быһаарар тылынан өйдөтөрүн таба өйдүөхпүт, туһаныахпыт этэ.

Айыы диэн тыл соҕотох уонна хайаан да туспа быһаарыылаах буолара өй-санаа кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, уларыйан биэрэр кэмнэрдээҕинэн толору быһаарыллар. Ол курдук урут сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ дьадаҥы буолуу улахан үчүгэй курдук буоллаҕына, билигин кэлэн таҥнары эргийэн, аны баай буолуу үчүгэй буолла. Маннык өй-санаа уларыйар, төттөрү эргийэн биэрэр кэмнэрдээҕин сахалар былыр үйэтээҕитэ билэн туһаналларын «айыы» диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ, кэмэ кэллэҕинэ эргийэн биэриэн сөптөөҕө, ол иһин «Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэ сылдьаллар» диэн этиигэ сөп түбэһэрэ быһаараллар.

Аан дойдуну аймаабыт биир саамай улахан саҥаны айыынан Улуу Өктөөп өрө туруута, үлэһиттэр, дьадаҥылар, саллааттар былааһы ылыылара буолар. Былааһы сэрии күүһүнэн ылан баран адьас саҥалыы, урут суох саҥа олоҕу саҕалаарылар бары былыргы өй-санаа үөрэхтэрин үлтү сынньыбыттара, үйэлээх үгэстэри суох оҥорбуттара.

“Санаа киһини салайар”, “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэри былааһы ылбыт дьадаҥылар букатын да умнубуттара, өй-санаа үөрэҕин табатык сыаналаан олоххо туһаныыны бырахпыттара. Ол курдук өй-санаа киһиэхэ дьайыыта олус өр кэминэн быһаарыллар кыахтааҕыттан көннөрү, быстах санааҕа киирэннэр өй-санаа үөрэҕин суох оҥоруу олоххо өссө туһалаах буолуо диэн сэбиэскэй, атеистар үөрэхтээхтэрэ быһаарбыттара. Итини тэҥэ бэйэлэрин “коммунизм” диэн таҥараларын киллэрэ сатаабыттара дьон өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэспэтэҕэ. Бу сыыһа үөрэх дьайыытын 73 сыл устата боруобалаан көрөн баран Сэбиэскэй Сойуус эстибитэ.

Сахалар оҕону үөрэтэр «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ олох сайдан, үөрэх-билии кэҥээн истэҕинэ дакаастанар кыаҕа улаатан, чуолкайданан иһэр. Ол аата, араас элбэх быстах айыылары оҥорбот, олохтоммут бэрээдэги тутуһар, үлэҕэ-хамнаска эппиэтинэстээх эдэрдэр үүнэн, сайдан элбээтэхтэринэ олох тупсар, омук сайдар кыахтанар.

Хас биирдии олоххо суолталаах саҥаны айыы, ол аата айыыны оҥоруу олоххо туох эмэ урут суох уларытыылары киллэрэр. Ол аата Сиргэ үйэлэр тухары үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатын алдьатар, үрэйэр, саҥа хамсааһыны үөскэтэр, айылҕаны буортулуур. Ол иһин сахалар үөрэхтэринэн ханнык баҕарар саҥаны айыыларга олус улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.

Саҥаны, урут оҥоруллубатаҕы, айыыны оҥоро сатааһын биир биллэр холобурунан хоту диэки сүүрүгүрдэр өрүстэри соҕуруу, кумах куйаардар диэки сүүрүгүрдүүнү оҥоро сатааһын буолар. Айылҕаны уларыта тута сатааһын салҕанан барыыта сэбиэскэй былаас саҕана аһара бара сыспыта. Сахалар айыыны оҥорортон сэрэхтээх буолуохха, буолар буолбат саҥаны айыылары оҥорумуохха диэн үөрэхтэрин кытаанахтык тутуһар буолуу аныгы, тоталитаризм өйүттэн-санаатыттан босхоломмут дьоҥҥо табатык өйдөнөн олоххо туһалыа этэ.

Саҥаны айа охсон, олору олоххо киллэрэн туһаныыттан аан маҥнай айылҕа алдьанар, ханнык эрэ ситимэ быстар. Фреон диэн саҥа гааһы айан киэҥник туһаныыттан Сир озоновай бүрүөһүнэ алдьанарын, кэбириирин дьон үөрэҕи-билиини баһылааһыннара хойутаан да буоллар арыйбытын кэнниттэн, фреону туһаныыны тохтотон сылдьаллар. Озоннаах бүрүөһүн кэнники кэмҥэ улаханнык алдьаммат, тэстибэт буолла диэн этэллэр. Ол аата саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии үөскэтэр содулларын дьон кэлин биирдэ билэннэр көннөрө сатыыллара хойутаан хаалыан сөбүн быһаарар.

Билигин айылҕаҕа тахсар уларыйыылар, халлаан сылыйан иһиитэ барылара дьон уһун кэмнээх үлэлэринэн-хамнастарынан үөскээбитин син билинэн, көннөрө сатыыр үлэлэри, хойутаан да буоллар ыытан эрэллэр.

Дьон өйө-санаата өссө сайдан, үөрэҕи-билиини баһылааһыннара кэҥээн истэҕинэ айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаалара элбээтэҕинэ саҥаны айыы, айыыны оҥоруу айылҕаҕа оҥорор содулларын таба сыаналыыр буолуохтара, айыыны оҥорууттан туттунар кыахтаныахтара. Сахалар оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһанар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрин таба өйдөөн ылынан барыахтара.

Атомнай электрическэй уоту биэрэр станциялар санааҕа туһалара элбэх, үчүгэйгэ эрэ аналлаах курдуктар. Ол эрээри дьон сыыһа туттунуулара эбэтэр соһуччу сир хамсааһыныттан абаарыйа буолар кыахтааҕа хаһан да хаалан хаалбат. Бу саҥаны айыылар тулалаан олорор дьоҥҥо аҕыйах уонча сыллаах туһаны аҕалбыттарынааҕар үйэлэр усталарыгар кыайан ыраастаммат радиацияны тарҕатан, буортуну оҥороллоро элбээн хааларыгар тиийдэ. Чернобыльга уонна Фукусимаҕа радиация тарҕаныытыттан дьон ону дьэ биллилэр, саҥаны айыыттан сэрэнэ сатыыллара күүһүрдэ.

Онон дьон саҥаны айа сатыылларын, айыыны оҥороллорун өйдөрө-санаалара сайдыбытынан туһанан лаппа аҕыйаталларын, олоххо чахчы туһалаахтарын эрэ олоххо киллэрэллэрин айылҕа ирдиир, кэтэһэр. Дьон олоххо туһата суох саҥаны айыылары оҥоро туралларын арай айылҕа эрэ тохтотор кыахтаах курдуга, билигин син биллэн эрэр.

Саҥаны айыы диэн дьон урут билбэт, ол аата киһи оҥорбот быһыыларын оҥоруу буоларын бары билэбит. Дьон бары үчүгэй диир, сөбүлүүр, туһалаах быһыыларын элбэхтик оҥороллоруттан үчүгэй быһыылар олус элбэхтэр, онтон киһи оҥорбот быһыылара диэн отой аҕыйахтар уонна үксүгэр куһаҕан быһыылар буолалларын эмиэ бары билэр курдукпут.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕону саҥа улаатан истэҕинэ «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр. Ол барыта оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн харыстыыртан, ситэ ону-маны билэ-көрө илигинэ саҥаны айа сатаан сыыһаны-халтыны оҥорон араас куһаҕан, быстах быһыыга түбэспэтин диэн оҥоруллар быһыы буоларын таба өйдөөн төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

Оҕо өйө-санаата саҥаны айыылартан, саҥаны билиилэртэн хомуллан үөскүүр. Оҕо саҥаны айа, оҥоро охсор санаата аһара барар. Саҥаны айыыны оҥоро охсуу холобурун бэргэһэни тиэрэ кэтэ охсон кэбиһииттэн булуохха сөп. Дьон бары бэргэһэлэрин иннин иннигэр гына кэтэр буоллахтарына, тиэрэ, иннэ кэннигэр гына кэттэххэ, дьон оҥорботторун оҥоро охсоҕун, ураты, «оһуобай» киһи буола түһэҕин. Бэргэһэни тиэрэ кэтэ охсон кэбистэххэ, саҥаны айыыны, дьон оҥорботун оҥоро охсуу, ураты киһи, «оһуобай» киһи буола түһүү түргэнэ, олоххо куруук ыксыыр, улаата охсоору тиэтэйэр эдэрдэри албыҥҥа киллэрэр, айыыны оҥоруу туһалааҕын курдук өйдөбүлү иҥэрэр.

Саҥаны айыы маннык уратытыгар бары саҥаны оҥоро охсооччулар оҕустараллар. Ол курдук айыы «үчүгэй», айыыны элбэхтик оҥоруҥ диэн ыҥырыы оҕолору буолар-буолбат, өссө куһаҕана элбэх айыылары оҥоро охсоллоругар ыҥырар, куһаҕаны элбэтэр быһыы буолар. Оҕо улаатан, өссө үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ, олоҕор туһанар буола үөрэнэ илигинэ итинник этэн үөрэтии саҥаны айыыны оҥоро сатааһыны күөртээһиҥҥэ тириэрдэринэн куһаҕан быһыылар элбииллэрин үөскэтэр.

Үтүө санаалаах дьон бары эдэрдэр куһаҕан быһыыны оҥороллоро аҕыйыырыгар баҕараллар. Төрөппүттэр сэбиэскэй былаас саҕанааҕы тыл үөрэхтээхтэригэр, учуонайдарга, учууталларга баһыттарын, балыттаран сылдьалларыттан оҕолорун куһаҕан быһыыны оҥорумаҥ диэн үөрэтэллэрин, этэллэрин оннугар айыыны, дьон оҥорботторун оҥоруҥ диэн этэ, үөрэтэ сатыыллара, төттөрү өттүгэр охсор, оҕолоро бэрээдэги тутуспат буолуутугар тириэрдэрин өссө даҕаны билэ иликтэр.

Оҕолор саҥаны айыыны, урут оҥорботторун оҥоро сатыыллара табаах тардалларыттан, арыгы иһэллэриттэн биллэр. Билигин дьахталлар табаах тардаллара элбээһинэ, кинилэр эмиэ айыы «үчүгэй», айыыны оҥорон ис диэн этиигэ, үөрэххэ хойутаан да буоллар ылларбыттарын биллэрэр.

Оҕо үчүгэй быһыылаах буола улаатарын туһугар улаатан иһэн аан бастаан үчүгэйи куһаҕантан арааран билэ үөрэнэрэ ордук. Ол иһин үчүгэйи куһаҕантан арааран билэр туһугар уонна олоххо туһанарга олус элбэх ахсааннаах үчүгэй быһыылары буолбакка, быдан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары арааран билии үөрэх түргэтииригэр уонна оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэригэр тириэрдэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ аан бастаан дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын арааран билэ үөрэннэҕинэ уонна бу быһыылары оҥордоххо суут, сокуон этэринэн ханнык буруй-сэмэ тиксэрин биллэҕинэ, куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыырын быһаарар. Куһаҕан быһыылары оҥорбот оҕо үчүгэйи элбэхтик оҥорор, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар толору кыахтанар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ тоҕус айыыны оҥорума диэн кытаанах сэрэтии баар. Ол айыыларга маннык куһаҕан быһыылар киирсэллэр:

1. Албыннаама.

2. Оттомо суох буолума, киһиргээмэ.

3. Ымсыырыма, ордук санаама.

4. Куһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама.

5. Уорума.

6. Өһүөннээмэ.

7. Иирсээни тардыма.

8. Өлөрүмэ.

9. Алдьатыма. (11,59).

Бу курдук куһаҕан быһыылары оҥорбот дьон киһи быһыылаах дьон диэн ааттаналлар. Биһиги бу үлэбитигэр киһи оҥорбот айыыларын биир-биир ыламмыт төһө кыайарбытынан дириҥник быһаарыыларбытын мантан салгыы киллэртээтибит.

Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн Айылҕа сүрүн тутулугуттан тирэх ылар. Ол курдук Сир уонна атын планеталар бары Күнү кытта тардыһалларыттан тэҥнэһии балаһыанньатыгар ыйанан киэҥ куйаарга көтө сылдьаллар. Манна хайалара эрэ кыайан, бэйэтин диэки тардынан, чугаһатан кэбистэҕинэ Сиргэ алдьархайдар буолар кыахтаахтар. Сир Күҥҥэ чугаһаатаҕына итийииттэн сир-дойду уокка умайыан, онтон тэйиччи бардаҕына аны тымныйыыга, тоҥууга, тыыннаах күөх айылҕа эстиитигэр тиийэн хаалыан сөп.

Онон Сир төрүт тутулугун хамсаппат туһугар киһи оҥорор бары быһыылара барылара хайаан да тэҥнэһии балаһыанньатыгар сылдьыахтаахтар. Ол аата аһара үчүгэйи оҥоруу эбэтэр аһара куһаҕаны оҥоруу уопсай түмүгэр тиийэн биир суолталанан тахсаллар уонна иккиэн куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр.

Сир бу курдук икки өттүттэн тутулуктааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэллэриттэн таҥара үөрэҕэ дьон өйө-санаата уонна оҥорор быһыыта аһара барбатыгар, тэҥнэһиини хамсаппатыгар, алдьаппатыгар баҕарар. Оҕо өйө-санаата аһара барбатын туһугар аналлаах хааччахтаах буолуохтаах. Ол хааччах аата кыра эрдэҕинэ «Айыыны оҥорума», онтон улааттаҕына «Сиэри кэһимэ, таһынан барыма», «Киһи быһыылаах буол» диэн сахалыы этиллэр. Ол иһин саҥаны айыы диэн тугун уонна дьон олохторугар туох сабыдыалы оҥорорун чуолкайдык арааран быһааран туһаннахха эрэ табыллар.

Оҕо өйө-санаата айыыны истииттэн, көрүүттэн, оҥорууттан хомуллан сайдан, үүнэн, эбиллэн иһэр. Аан маҥнайгы билии киһи өйүгэр-санаатыгар айыы буолан олус күүскэ, хаһан да умнуллубат буола хатанар, иҥэр кыахтанар. Бу айыы төһө улахан долгутууну оҥорбута киһи мэйиитигэр дириҥ суоллары хаалларар. Аан маҥнайгы истии, көрүү, оҥоруу дьайыылара киһи өйүгэр-санаатыгар олус улаханнар. Олус улахан, ыар айыыны оҥорбут киһи өйө-санаата көнөрө уһун кэми ылара итинэн быһаарыллар.

Оҕо өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны чуолкайдаан арааран билэ илигинэ саҥаны айара, ол аата айыыны оҥороро ордук кутталлааҕын, сэрэхтээҕин туһунан «Үрүҥ Айыы буолуу» диэн үлэбитигэр арыйбыппыт. (12,28).

Онон саҥаны айыы диэн тугуй?

- Дьон билбэттэрин, урут оҥорботторун оҥоруу аата саҥаны айыы диэн буолар. Бу быһаарыыга бары сөбүлэһэбит.

Киһи айыыны оҥордоҕуна, атыттар хайаан да ханнык айыы үөскээбитин; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын, үрүҥүн эбэтэр харатын бэйэлэрин билэр мээрэйдэринэн мээрэйдээн, хайдах дии саныылларынан, олохторун уопутунан тэҥнээн көрөн быһаараллар.

Россияҕа саталлаах уус дьон олус элбэхтэр. Бэйэлэрин таптыыр, сөбүлүүр идэлэринэн сүрүн үлэлэрин кэнниттэн да, быыһыгар да дьарыктанааччылар бааллар. Бу дьонтон сорохторо араас сэрии сэптэрин; саалары, бэстилиэттэри эмиэ оҥороллор эбит.

Бу түүннэри хам сабынан олорон тугу оҥорор киһиний? Кини саҥа бэстилиэт оҥоро сатыыр. Игиинэн өр аалар, чочуйар, барытын бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан оҥорор. Саҥаны айар, айыыны оҥорор, урут ким да оҥорботоҕун, шаригынан ытар бэстилиэти оҥорон таһаарбыт. Кэлин өссө тыаһа-ууһа суох оҕунан ытар арбалеттары оҥоруу эмиэ сайынна. Бу улахан маастардар, уустар саҥаны айыылара, урут дьон оҥорботоҕун оҥоруулара буолаллар эрээри, өлөрүүгэ-алдьатыыга аналланан хаалаллара куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр.

Айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыытын барытын холбуу ылан быһаарар. Ким да маннык шаригынан ытар бэстилиэти оҥоро илигинэн, бу кини оҥорбут бэстилиэтэ саҥаны оҥоруу, айыы буолан тахсар эрээри куһаҕаны оҥорууга аналлааҕынан, хара-айыы буолан хаалар.

Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыытын; үчүгэйин, туһалааҕын дуу эбэтэр куһаҕанын, буортулааҕын дуу таба быһаарыыга олох уопутун туһаныы туһалыыр. Бу саҥаны айыы төһө да биир эмэ киһиэхэ үчүгэйи оҥордор, киһини өлөрөр тэрил буоларынан дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга киирсэр. Ол иһин бу саҥаны айааччы дьоҥҥо буортуну оҥорор, хара айыыны оҥорооччу эбит.

Үлэлии-хамсыы сылдьар киһи сыыһа-халты туттара тимэх туллан түһэрэ эбэтэр ырыаны сыыһа ыллааһын буолбатах, содула улаханыттан киһи олоҕун тосту уларытар кыахтаах. Суоппар биир сыыһа туттууттан абаарыйаҕа түбэһиэн, атын дьону дэҥниэн сөп.

Үлэҕэ-хамнаска сылдьан саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу содула ордук улаханынан куттала эмиэ улаатар. Тутууга үлэлии сылдьар эдэр уол дьиэ өһүө маһынан хааман уҥуор быһалыы бара охсоору халты үктэнэн сууллан түһэн дэҥнэннэҕинэ ким буруйдаах буоларый? Эдэр киһи тиэтэйбит, саҥаны арыйа охсор санаатыгар быһалыы өһүөнэн хааман тиийээри охтубут. Уол быһалыы өһүөнэн хааман барарыгар «Айыыны оҥор, быһалыы бар» диэн киксэрэн биэрбит киһи баара эбитэ буоллар буруйданыан да сөп этэ. Ону баара тиэтэппит киһи суоҕунан уол бэйэтин эрэ буруйданарыгар тиийэр.

“Айыы үчүгэй”, “Айыыны оҥор” диэн этэн эдэр оҕолор өйдөрүн-санааларын тиэтэтэр, ыгылытар, онно-манна быстах быһыыга түбэһэллэригэр тириэрдэр дьону булан оҕолорун харыстыыр, көмүскүүр санаалаах төрөппүттэр ыйыталаһыахтарын, быһаарсыахтарын сөп буолла.

Араас санаалар киһиэхэ соһуччу киириэхтэрин сөп. Санаа кылам гынан соһуччу сандаарыс гыннаран ылара баар суол. Араас элбэх санаалар бас иһин толороллорун таһынан, аны таһынан таһымныы сылдьаллар. Ол да буоллар киһи бары араас санааларын олоххо киллэрэн иһэр кыаҕа суох. Санаа олус элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына эрэ киһини салайар кыахтанар, итини тэҥэ урукку үгэс буолбут санаалара киһи оҥорор быһыыларын хонтуруоллуу, бэрээдэктии сылдьалларын «Кут-сүр» үөрэҕэ үлэбититтэн булуохха сөп.

Соһуччу, эмискэ тугу эмэ туһалааҕы, үйэлээҕи оҥоруу киһиэхэ кыаллыбат. Туһалаах саҥаны айыы хаһан да соһуччу табыллыбат, арай алдьатар саҥаны айыы түргэнник оҥоруллуон сөп. Алдьатар олус чэпчэкитин иһин «Алдьатар оҥорор буолбатах» диэн этиллэр.

Саҥаны айыыны оҥоруу, киһи билбэтин, оҥорботоҕун оҥоруу буолан ыл да оҥорору кытта хаһан да табылла охсубат, аан маҥнай сыыһа-халты буолан элбэхтик эрэйдиир, үгүстүк боруобалаан, оҥорон көрүүнү эрэйэр, ол иһин саҥаны айыы табыллыбатаҕына, дьон олоҕор кутталлаах буолара элбээн хаалыан сөп. Оҥорор, тутар үлэһит дьон оҥорор айыылара дьоҥҥо ордук кутталлаахтар, буортуну оҥороллоро эмиэ улахан. Улахан атомнай буомба, электричество, лазердар сыыһа туттуннахха элбэх дьон олохторун төрдүттэн уларытар кыахтаахтар.

Үлэлиир, оҥорор, тутар дьон куһаҕан, хара айыыны оҥороллоро ордук ыарахан содуллаах буолар. Үлэһиттэр, дьиҥнээх саҥаны айааччылар тимир уустарын итэҕэллэрэ таҥара итэҕэлэ буолар. Уһун үйэлэр тухары элбэх саҥаны айыылары оҥорон олохторугар туһананнар, саҥаны айыы аан маҥнай олус улахан сэрэхтээх буоларын билбиттэр. Ол иһин сахалар оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара ситэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ иликтэринэ «Айыыны оҥорума» диэн этэн үөрэтэллэрэ кинилэри харыстааһыҥҥа тэҥнэнэр.

Омуктар саха буолуулара «Сах» таҥаралаах саха тимир уустара атын аҕыйах ахсааннаах, кыра туһаны аҕалар үлэлээх омуктары баһыйыыларыттан саҕаламмыта уонна атыттары, мөлтөхтөрү симэлитэн, тыал буолбуттарга кубулутан саха омугу салгыы сайыннарбыттар. Онон биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕэ олохтон, үлэттэн-хамнастан дириҥ силистээх тутулуктардаах, биир сүрүн тутулугунан киһини, кини өйүн-санаатын аһара барыыттан, ол аата сыыһа туттууттан харыстыырга аналланара буолар.

ОҔО АЙЫЫНЫ ОҤОРОРО КУҺАҔАН

Сахалар олус былыргы кэмҥэ үөскээбит омук буоларбытынан олохпут, ойууннарбыт, таҥарабыт үөрэҕэ олус дириҥ силистээх, өй-санаа сайдан иһэрин олус табатык, олохтоохтук, уһун үйэлэргэ тиийэрдик быһаарар. Билигин дьон өйө-санаата сайдан былыргы тоталитарнай, диктаторскай үөрэхтэр сыыйа-баайа демократия үөрэхтэринэн солбуллан иһэр кэмнэригэр биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕо сайдан, үүнэн иһэр өйүн-санаатын ордук табатык быһаарарын билинэр, туһанар кэм кэлэн иһэр.

Дьон-аймахха өй-санаа үөрэхтэрэ сайдыбыттара, оннуларын булбуттара хас эмэ тыһыынчанан сыллар буоллулар. Ол эрээри улахан таҥара үөрэхтэрин салайааччылар, бэйэлэрин үчүгэйбит, үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн санаалара аһара баһыйарынан киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран тус-туспа тылларынан этэргэ тиийэн хаалбыттар. Биир киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран тус-туспа тылларынан этии өй-санаа тутулугар сөп түбэспэт. Ханнык баҕарар өй-санаа, таҥара үөрэҕэ оҕо этэ-сиинэ улаатыытыгар, өйө-санаата сайдыытыгар, оҥорор быһыыларын уратыларын быһаарыыга сөп түбэһиэхтээх, табатык сыаналыахтаах, ханнык да сыыһата-халтыта, уларытыыта, эбиитэ, аһара барыыта суох буолара өй-санаа үөрэҕэ туһалааҕын быһаарар уонна оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдыытыгар тириэрдэр кыахтаах.

Психологтар саҥа төрөөбүт кыһыл оҕо өйө-санаата ситэ сайда, ханнык да билии-көрүү өйүгэр-санаатыгар киирэн уурулла, мунньулла илик буолар диэн быһаараллар. Бу быһаарыыны бигэргэтэр чахчынан оҕо төрөөт даҕаны аан маҥнай тыынын ыларыгар көмөлөһөөччү эмээхсин муннун, уоһун ыраастаан биэрдэҕинэ эрэ тыын киллэрэн тыынын ылан аан маҥнайгы ытааһынын оҥорор кыахтанар. Бу тыын киллэриититтэн, тыҥата үлэлээн тыынан барыытыттан оҕо тыыннаах буолуута саҕаланар. Ол иһин сахаларга тыын диэн тыл тыыннаах буолууну быһаарар.

Саҥа төрөөбүт оҕо илиитин-атаҕын мээнэ хамнатар, сараҥныыр, арай былыргы төрдүттэн бэриллибит буор кута, айаҕа үүт амтанын биллэҕинэ уһуктан, эмэр хамсааһыннары оҥорор, иһигэр үүт киирдэҕинэ куртаҕа үлэлээн аһылыгын буһаран иһэр кыахтанар.

Кыра оҕо өйө-санаата сайда, кута ситэ үөскүү илигин Курууппа ойуун «Кырдьаҕас оҕонньор, оҕо үөр буолбат» диэн этиинэн быһаарар. (13,48). Бу быһаарыы оҕоҕо үгэс буолбут өй-санаа чахчы суоҕун былыргылар билэллэрин биллэрэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата сайдыбытынан барар, сайдан иһэр санаата олус күүстээх. Оҕо ийэ кута биэс, алта сааһыгар диэри, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскээн олохсуйар. Субу сибилигин билбитэ, туппута, оҥорбута барыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы, саҥа билии, оҥоруу буолан ууруллан, өйдөнөн хаалан иһэр. Ол аата тугу барытын күнтэн күн саҥалыы билэн, үөрэтэн ону илиитинэн тутан-хабан оҥорон өйө-санаата салгыы сайдан иһэр. Тугу билбитин, сатаабытын хос-хос хатылаан оҥорон истэҕинэ өйүгэр-санаатыгар ол оҥорбута үгэс буолан ийэ кутугар ууруллан, умнуллубат гына өйдөнөн хаалар. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай туох эмэ туһалааҕы оҥорбутуттан хайҕал дуу, манньа дуу ыллаҕына, ол туһалааҕын элбэхтик оҥорон бэйэтигэр үгэс үөскэтинэрэ түргэтиир.

Туох эмэ туһалааҕы оҥоро, тута үөрэнэрэ үгэс буолан иҥэн хааллаҕына үлэһит, үлэни бастаан оҥорор киһи буола улаатар кыахтанар. Бу кэмҥэ оҕо оҥорор быһыытын көрөн хааччахтааһын кини ханнык быһыыны ордук элбэхтик оҥорон ийэ кутугар иҥэринэригэр олук буолар. Ол курдук үчүгэй быһыылары оҥорор оҕо, үчүгэй оҕо диэн сыаналанар, хайҕанар, манньа эҥин ылыан сөп, онтон куһаҕан, киһи оҥорбот, билбэт быһыыларын оҕо оҥороро тохтотулуннаҕына эрэ табыллар, ол быһыылары оҥорор оҕо, куһаҕан оҕо аатырар, мөҕүллэр эҥин, ол аата куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэтиллэр. Оҕоҕо үчүгэй быһыылары оҥороругар үөрэтии ити курдук салгыы баран истэҕинэ оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар элбэхтик оҥорбут үчүгэй быһыылара үгэс буолан иҥэллэр, оннук быһыылары оҥорор өйдөбүллэр эрэ иҥэн хаалан олохсуйаллар.

Оҕо уонна улахан киһи өйө-санаата тус-туспалар. Улахан киһиэхэ кыра эрдэҕиттэн үөскээбит, иҥэн сылдьар үгэстэрдээх, үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүлэ кыра эрдэҕиттэн үөскээн олохсуйбут. Онтон кыра оҕоҕо өйө-санаата саҥа сайдан эрэринэн улахан киһи курдук олохсуйбут үгэстэрэ суох, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик. Оҕо төрөппүттэрэ тугу үчүгэй дииллэрин саҥа оҥоро үөрэнэн эрэр, үгэстэргэ саҥа иитиллэр. Ол иһин оҕоҕо төрөппүтэ ханнык үгэстэри иҥэрэн биэрэр даҕаны оҕо олоҕо соннук салаллар. Ол иһин төрөппүт оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ ылар оруола олус үрдүк.

Оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ үгэстэрэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр олус сэрэхтээх, сыыһа туттубат, куһаҕаҥҥа үөрэппэт буолуохха наада. Куһаҕан быһыылары оҥорор оҕону хайаан да тохтотон, үчүгэйи оҥорууга үөрэтэн, көрдөрөн биэриэххэ наада. Үчүгэй үгэстэри оҕоҕо иҥэрии, иитии төрөппүт ытык иэһэ буоларын умнумуохха. Билигин оҕолору кыра эрдэхтэринэ үчүгэй быһыыны оҥорууга ииппэккэ, үөрэппэккэ эрэ улаатыннаран кэбиһэн “Трудные подростки” диэҥҥэ кубулутан баран көннөрө сатаан, хаайа сылдьан, эрэйдэнии буолара элбээтэ.

Бэйэтэ саҥаны билэргэ олуһун дьулуһар, хас биллэҕин аайытын саҥаны арыйан иһэр өйү-санааны өссө аһара баран «Эн саҥаны оҥорон ис, ай» диэн этэн үөрэтии оҕону тиэтэтэр, ыгылытар, туохха барытыгар ситэтэ суох, көтүмэхтик сыһыаннаһарга үөрэтэр, «Өссө саҥаны оҥордо ээ» диэн киһиргэтэн биэрии кинини букатын аһара барыытыгар тириэрдэр. Олус элбэх саҥаны билбититтэн уонна оҥороруттан өссө уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥороору сыыһа-халты туттунуулары, аһара барыылары, быстах быһыылары оҥорор кыаҕа улаатан хаалар.

Манна быстах быһыылар диэн өйдөбүлү дириҥник ырытан быһаарыы наадалаах. Быстах быһыылар диэн үчүгэйдик быһаарыллыбатах, ырытыллыбатах, оҥоро үөрэтиллибэтэх, туох содул үөдүйэн тахсара ситэ биллибэт быһыыларын ааттыыбыт. “Санаабычча быһыыланыы” быстах быһыыны элбэтэр. Итини тэҥэ үчүгэйи да оҥороору тиэтэйдэххэ, сыыһа-халты оҥордоххо эбэтэр саҥаны айыы табыллыбатаҕына, сатамматаҕына эмиэ быстах быһыыга кубулуйар уратылаах. Ол иһин быстах быһыылар куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэллэр.

Хас киһи барыта тус-туспаларын курдук оҕо өйө-санаата, сайдан иһэр күүһэ тус-туһунаннар. Сорох уолаттар даҕаны, ордук кыргыттар бэйэлэрэ көрсүө, сэмэй майгылаах буоллахтарына, кыра эрдэхтэриттэн «Аһара барыма, айыыны оҥорума» диэн бобууну, хааччаҕы букатын да истибэккэ, билбэккэ эрэ улаатыахтарын сөп. Өссө биир эмэ бытаан, сыппах майгылаах оҕолору өрө тардан, батыһыннаран, тугу эмэ саҥаны оҥордохторуна хайҕаан, манньалаан эҥин биэрии кырдьык да наадалаах.

Ол эрээри оҕо барыта сыппах, илиититтэн сиэтиллэ сылдьар буолбатах. Yгүс уолаттар, ол иһигэр кыргыттар даҕаны саҥаны элбэҕи оҥорор күүстэрэ, кыахтара таһынан таһымныыр, үксүгэр аһара барар, бииртэн биир саҥаны, ол аата урут билбэттэрин була охсон оҥорон иһэллэр. Ол иһин таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата аһара барарыттан харыстыыр, «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэн, сыыһа туттан куһаҕаны оҥорорун аҕыйатар.

Саха дьоно уол оҕо иитиитигэр ордук улахан оруолу биэрэллэр этэ. Билигин уол оҕо өйө-санаата сайдыыта, билиигэ-көрүүгэ дьулуура, саҥаны айа, айыыны оҥоро сатыыра кыыс оҕотооҕор лаппа үрдүк диэн этиини үөрэхтээхтэр кытта бигэргэтэр буоллулар. Сорох уол ураты элбэх саҥаны оҥорон иһэр майгылаах буоларын көрбүт-истибит эбэлэр ордук билэллэр. Субу харахтарын арааран ылалларын кытта, субу оҥоро олорорун быраҕан тугу эмэ атыны оҥоро охсор эбэтэр остуол үөһээ ыттан, онно өссө олоппос уурбут буолар. Маннык уруттаан түһэн иһэр майгылаах оҕо баһын хампы түспэтин, кэлиэкэ буолбатын туһугар, ол аата оҕону харыстыыр, көмүскүүр сыалтан хайаан да буойуллар, сэрэҕэ суох үөһээ ыттыма, «Аһара барыма», киһи билбэтин «Айыыны оҥорума» диэн тохтотон иһэргэ эрэ тиийиллэр.

Кыра оҕо куһаҕаны оҥорорун тохтотуу эбэтэр атыҥҥа аралдьытыы бу эмиэ аһара барыма, айыыны оҥорума диэн үөрэх биир көрүҥэ буолар. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, субу оҥорон испит быһыыта тохтотуллан, атыҥҥа аралдьытыллан хааллаҕына, өйүгэр кыайан туппакка умнан, хаалларан иһэриттэн, бу оҥорон испит куһаҕан быһыыта кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн хаалбакка умнуллан иһэр.

"Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт курдук оҕо ийэ кутугар үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор өйдөбүллэр иҥнэхтэринэ, бу киһи улаатан баран үгүс үтүө быһыылары оҥорор кыахтанар. Оҕону кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ, ол аата, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэтии, иҥэрии улахан туһалааҕын быһаарабыт.

Оҕо үөһээ ыттар, үрдүккэ дьулуһар санаата куһаҕан санаа буолбатах. Дьон бары үөһээ ытталлар. Хас лаампа уларытыыта, долбуурга тахсыы олоппоһунан салҕаныыга тириэрдэр. Оҕо кыра буолан тиийбэтиттэн олоппоско олоппоһу салгыы уурара уонна ытта сатыыра, сыыһа туттан охтуон, дэҥнэниэн сөбүттэн эрэ куһаҕан. Олоппос үрдүгэр олоппоһу уурдаҕына кини саҥаны айыыны, ол аата урут хаһан да оҥоро илик быһыытын оҥорор. Бу саҥаны айыытын оҥороро кутталлаах, охтуон сөп, ол иһин куһаҕан саҥаны айыы буолан тахсар.

Охтон баһын дэҥнээн инбэлиит буолара төрөппүттэригэр, киниттэн эрэ күннэрэ-ыйдара тахсар баар-суох эрэлбит дии саныыр дьоҥҥо туох үчүгэйи аҕалыай? Оҕо маннык быһыыта хайаан даҕаны аһара барыма, айыыны, билбэккин мээнэ оҥорума диэн тохтотуллара ордук. Дьэ бу буолар аһара баран сайдар өйү-санааны хаайыы, тохтотуу, хааччахтааһын диэн. Оҕо иитиитигэр аһара барар өйүн-санаатын хааччахтааһын уонна тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга үөрэтии эрэ, оҕо сыыһа-халты туттан быстах быһыыга түбэспэтин хааччыйарын төрөппүттэр таба өйдөөн туһаныахтара этэ.

Кыра оҕо төбөтүн онно-манна уган кыбыппыт түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Улахан дьөлөҕөстөөх олоппоһу төбөтүгэр кэтэн кэбиспит оҕону олоппос сирэйин алдьатан эрэ босхолуур кыаллыбыта. Ыга симиллэн киирэн хаалбыт төбө төттөрү кыайан тахсыбакка кыбыллан хаалбытын олоппоһу алдьатыы эрэ саҥаны айыыны оҥоро сатаабыт төбөнү босхолообута.

Кыра уол туосапка ботуруонун муннугар уган кэбиспитэ иһирдьэ киирэн иҥнэн хаалбытыттан балыыһа эрэ баар буолан быыһаабыта эмиэ биллэр. Киһи оҥорбот быһыытын, саҥаны оҥоруу, айыы итинник эрэйгэ тириэрдэрин билиэхпитин сөп этэ.

Оҕо саҥаны оҥороруттан, айарыттан төрөппүттэр эрэйдэнэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр. Оҕо айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥороро кутталлаах, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх. Ол иһин сахалар оҕолорун, ордук уолаттары, кыра эрдэҕинэ, өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ илигинэ харыстааннар «Айыыны оҥорума» диэн тохтотоллор, ол аата билбэккин оҥоро турума диэн үөрэтэллэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ, биэс сааһыгар диэри иитии уонна үөрэтии барыта төрөппүт илиитин иһигэр баар, кыһаннаҕына кыаллар дьыала. Оҕо кыратыгар олус истигэн, үөрэҕи ылымтыа, барыны-бары билэ-көрө, ыйыталаһа сатыыр, арай бу кэмин аһарбакка эрэ үөрэтэн, барыны-бары биллэрэн иһиэххэ сөп этэ.

Улаатан эрэр оҕолор саҥаны, урут билбэттэрин, айыыны оҥорор санааларыттан гаражтар, турбалар үрдүлэринэн сүүрэн иһэн охтоллоро элбэх. Сыыһа-халты тутталлар, халтарыйаллар, эчэйэллэр, уҥуохтарын тоһуталлар, кэлиэкэ буолаллар. Кинилэр бу быһыыларыттан, саҥаны айбыттарыттан төрөппүт, ииппит дьоҥҥо туох үчүгэйэ кэлиэҕэй?

Сайдан иһэр оҕо өйө-санаата аһара барара элбэх, саҥаны, урут билбэтин, айыыны оҥорон иһэр. Ол иһин араас сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэрэр кыахтанан хааларыттан сахалар таҥараларын үөрэҕэ кинилэри көмүскүүр, харыстыыр «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. Оҕону кыра эрдэҕиттэн аһара сайдан иһэр өйүн-санаатын салайан, киһи буолуу суолунан, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэргэ таҥара үөрэҕэ аналланар.

Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ оҕо аһара баран саҥаны айарын, ол аата айыыны оҥорорун хааччахтыыр, оҕо аан маҥнайгыттан, ол аата олох кыратыттан тугу барытын киһи, улахан, үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥороругар үөрэтэр. Бу үөрэх аата киһи буолуу диэн ааттанар. Оҕо аан маҥнай киһи буолуу үөрэҕин баһылаан, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэн баран саҥаны айара, айыыны дьэ оҥороро дьоҥҥо туһалааҕа элбэх буоларын таба өйдүөхпүт этэ.

Киһи оҥорбот, билбэт быһыылара бары саҥаны айыылар буолаллар. Саҥаны айыыттан туох содул үөскээн тахсара биллибэтиттэн айыыны оҥоруох инниттэн сэрэхтээх буолуохха наада. Маны саха киһитэ барыта билэр. Киһи оҥорор быһыыларын оҥорор киһи киһи быһыылаах диэн ааттанар. Онтон киһи, ханнык баҕарар быһыыны оҥорор кыахтааҕыттан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Арай куһаҕан быһыылары арааран билэр буоллаҕына, олору оҥорумуон сөп.

Киһи оҥорбот быһыылара бары кэриэтэ куһаҕан быһыыларга киирсэллэр. Ол аата киһи оҥорбот, билбэт быһыытын оҕо оҥорон кэбистэҕинэ үксүгэр куһаҕан айыыны оҥоруу буолан тахсар. Кыра оҕо куһаҕаны оҥоруута тохтотулуннаҕына эрэ табыллар. Тохтотуу эбэтэр атыҥҥа аралдьытыы оҕо өйүн-санаатын харыстыыртан, бу куһаҕан быһыытын элбэхтэ хатылаан оҥордоҕуна үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааларын суох оҥорор сыалтан элбэхтик туһаныллар.

Кыра айыыны оҥоруу бэрт дөбөҥ. Куһаҕан айыыны улахан эрэйэ, толкуйа суох оҥоруохха сөп. Холобур: бэргэһэни тиэрэ кэтэн кэбиһиэххэ. Санааҕар туох эрэ уратыны, дьон оҥорботун олус түргэнник оҥоро охсоҕун. Ол эрээри саха дьоно «Бэргэһэни тиэрэ кэтимэ» диэн этиилээхтэр. Өй-санаа таһынан таһымнаан бэргэһэҕэ кытта иҥэр, ол иһин бэргэһэни тиэрэ кэтэртэн өйүҥ-санааҥ тиэрэ эргийэн барыны-бары тиэрэтик, түктэритик оҥорор буолан хаалыахха сөбүттэн бу этии харыстыыр аналлаах.

Оҕо тарбаҕын төбөтүгэр бэргэһэтин эргитэ, кулахачыта оонньуура санаатыгар ордук интэриэһи үөскэтэр. «Бэргэһэни илиигэр эргитимэ» диэн этии мэйии эргийэриттэн харыстыырын кини өссө билбэтиттэн бэргэһэтин эргичитэ оонньуон эмиэ сөп.

Бу боростуой буолан баран өйгө-санааҕа быһаччы дьайар, оҕо өйүн-санаатын харыстыыр этиилэр. Ол курдук бэргэһэҕэ киһи өйө-санаата иҥэр, уйаланар. Бэргэһэ өй-санаа хаата буолар, ол иһин бэргэһэ харыстанар, сэрэхтээхтик туттуллар аналлаах.

Оҕо улаатан киһи буолууну, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэ илигинэ саҥаны айыыны оҥороро, айара олус кутталлаах, үгүстүк куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Ол иһин оҕону аан маҥнай киһи буолууга иитии, үөрэтии төрөппүттэр тутаах сыаллара буолар уонна бу үөрэх таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Yөрэнэ сылдьар уолаттар табаах тардаллар. Бу быһыылара кинилэр санааларыгар саҥаны оҥоруу, урут билбэттэрин оҥоруу, айыы буолан бары үтүктэн боруобалыыллар. Кыра уол олус элбэх табааҕы биирдэ тардыбытыттан уҥан хаалбыт. Чуут өлө сыспыт. Ким киниэхэ табаахта тарт, саҥаны ай, билбэккин оҥор диэтэ. Бэйэтэ дуу? Саҥаны айыыны оҥорор, билбэтин боруобалыыр, улахан дьон курдук буола охсор санаатыттан буруолат да буруолат буолбутуттан уҥан хаалбыт.

Оҕолор кыбыыга табаахтыы сылдьаннар умайа сылдьар испиискэлэрин түһэрэннэр кэбиһиилээх оту уматан кэбиспиттэрэ. Саҥаны айыыны, билбэттэрин оҥорор санааларыттан испиискэни сатаан туттубаккалар оту умаппытара, чуут бэйэлэрэ былдьана сыспыттара. Туох үчүгэйэ баарый дьэ ити быһыыга, оҕо саҥаны оҥороругар, айа сатыырыгар.

Саҥаттан саҥаны айыы, арыйыы салгыы баран иһэрэ ордук кутталлаах, куһаҕан. Табаахтааһын салгыы баран арыгы иһиитигэр, онтон салҕанан наркотиктары боруобалааһыҥҥа тиийэн хааллаҕына, төрөппүттэр улахан санааҕа түһүөхтэрин сөп. Оҕо аһара барар өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн хааччахтыыр туһалааҕын төрөппүттэр хойутаан хаалан баран билэллэригэр тиийэллэрэ ордук улахан хомолтону үөскэтиэн сөп.

Онон, үтүө санаалаах төрөппүттэр оҕолорун аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэллэрэ буоллар кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар ордук туһалыа этэ.

Психологтар быһааралларынан оҕолор оскуолаҕа киирэр кэмнэригэр өйдөрө-санаалара түөрт аҥы арахсар:

1. Барыны-бары билиэн-көрүөн баҕата таһынан таһымныыр оҕо, саҥаны түргэнник ылынан иһэр өйдөөх-санаалаах.

2. Билиэн-көрүөн баҕата элбэх эрээри саҥаны бытааннык ылынар, үөрэххэ дьулуурдаах.

3. Yөрэҕи бытааннык ылынар оҕо.

4. Бэйэтин мөлтөхтүк сананар, уруокка да, переменаҕа да баара-суоҕа биллибэт оҕо. (14,72).

Бастакы бөлөххө киирсэр оҕолор барыларыттан элбэх бырыһыаннарын ылаллар. Бу оҕолор улааттахтарына, өйдөрө-санаалара аһара барбакка киһилии быһыылаахтык сайдан киһи буоллахтарына, элбэх туһалааҕы айыахтарын, тутуохтарын сөп.

Билигин Тэрис, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар тарҕата сатыыр айыыларын үөрэҕин сүрүн сыыһатынан сайдыыга-үүнүүгэ дьулуурдаах, саҥаны элбэҕи оҥорор кыахтаах, бастаан иһэр оҕолорбутун киһиргэтэн, «Эн өссө элбэҕи, саҥаны, дьон билбэттэрин, айыыны оҥоро оҕус» диэн тиэтэтэн, ыксатан, сыыһа-халты тутуннаран, быстах быһыыга түбэһиннэрэн олохторун алдьаталларыгар тириэрдэрэ буолар. Ол иһин бу сыыһа үөрэх үүнэн-сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах оҕолору иитиигэ уонна үөрэтиигэ туттуллара төрүт табыллыбат.

Саҥаны арыйыы, оҥоруу хаһан да биирдэ оҥорору кытта табыллыбат, хас да төгүллээн, элбэхтэ хатылаан эбэтэр өссө үгүстүк көннөрөн, тупсаран оҥоруохха наада. Оччоҕо эрэ дьон тугу эмэни туһанар саҥаны арыйыыта биирдэ тахсарын билэн саҥаны оҥорорго ураты сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.

Оҕо саҥаны оҥороро элбэхтик сыыһа-халты буолар. Ол иһин аан бастаан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэниэхтээх, онтон улааттаҕына, өйө-санаата ситтэҕинэ, киһи буолууну баһылаатаҕына саҥаны арыйара, айара, бэйэтэ туспаны, атыннык оҥороро ордук табыллар.

Оҕону туохха үөрэтэри биһиги учууталларбыт, учуонайдарбыт аныаха диэри ситэ билбэттэрэ олус хомолтолоох. Оҕону аан бастаан тугу барытын киһи, улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэллэрэ эбитэ буоллар бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй төрөппүттэрин, учууталлар этэллэрин истэр оҕолор элбиэ этилэр.

Киһи буолууну ситиһии сүрүн өйдөбүлүнэн «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһуу «Yрүҥү уонна хараны араарыы», ол аата «Yчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы» буолар. Yчүгэйи куһаҕантан арааран билиини киһи эрэ өйдөөх-санаалаах, сыаналаан, тэҥнээн көрөр кыахтаах буолан кыайан оҥорор. Олох уустуга итиннэ саһан сылдьар.

Аны олох ханнык эрэ кэмигэр үчүгэй уонна куһаҕан атастаһан, эргийэн биэрэр кэмнээхтэр. Бу уларыйыы кэмигэр киһи өйүнэн-санаатынан салаллан сыыһа-халты туттубатаҕына, олох салгыы сайдыытын ситиһэрэ табыллар.

Онон оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын хас биирдии, оҕотун туһугар дьиҥнээхтик кыһанар төрөппүт билэрэ уонна олоҕор, оҕолорун иитиигэ быһаччы туһанара буоллар, бэрээдэктээх эдэрдэр элбиэ этилэр.

АЛБЫННААМА

Оҕо кыра, саҥа улаатан эрдэҕинэ улахан киһи, төрөппүттэрэ эппиттэрин барытын ыраас мууска ылынар, ийэ уонна аҕа бэйэлэрин үөрэхтэрин, этиилэрин хардарыта хатылаан, чиҥэтэн, дьиппинитэн биэрдэхтэринэ, хайаан да маннык буолуохтаах диэн халбаҥнаабат чахчынан ылынар, итэҕэйэр. Оҕо бу үөрэҕэ быһалыы ийэ кутугар уурулларынан, иҥэринэн, үйэтин тухары биллибэккэ эрэ дьайа, быһыытын хонтуруоллуу сылдьар.

Оҕону кыра, билбэт, өйө-санаата өссө ситэ илик диэн албыннааччылар олус улахан куһаҕаны оҥороллор. Оҕо албыны итэҕэйэн, ылынан кэбиһэн баран кэнники ол санаатын, хайы-үйэҕэ үөскээбит үгэһин уларытара олус уустугуран тахсыан, кэлин сыыһа үөрэппит дьону бэйэлэрин букатын итэҕэйбэт, эппиттэрин ылыммат буолуон сөбө ордук куһаҕан түмүктэниэн сөп.

Оҕону сымыйалаабат, албыннаабат буоларыгар кыра эрдэҕинэ үөрэтэр быдан судургу. Оҕону хаһан да албыннаама, киниэхэ сымыйалаама, баары баарынан кэпсээ, төһө кыаҕа тиийэринэн өйдүөҕэ уонна эйигин бэйэтэ хаһан да албынныа суоҕа.

Сымыйа, албын, халлаантан ылан байар, ыһар-тоҕор туһунан остуоруйалары кэпсээн оҕоҥ өйүн-санаатын буккуйума, оҕо аны олору дьиҥнээхтик итэҕэйэн баайы-малы ыскайдааччы, бэлэми, «халлаантан түһэри» кэтэһээччи киһи буола улаатыан сөп.

Сымыйа, албын, бары барыта хантан эрэ аптаабыт курдук баар буолан хааларын итэҕэйэ үөрэммит оҕо улааттаҕына, өйө-санаата туруга суох буолуон сөп. Аптаах остуоруйаларга бары барыта олус түргэнник, этэн баран эҕирийиэх иннинэ баар буола охсоро, оҕо санаатыгар туох барыта олус түргэнник оҥорулларын курдук өйү-санааны иҥэрэн кэбистэҕинэ кини олоҕор эмиэ тиэтэйэр, тугу эмэ оҥороору гыннаҕына ыксыыр, тулуйбат киһиэхэ кубулуйуон сөп.

Оҕону да, дьону да куруук албынныы сылдьыы хаһан да кыаллыбат. Биир эмэ түбэлтэҕэ син-биир түбэһэн, биллэн хаалыахха сөп. Атыттар албынньыт киһини аны итэҕэйбэт, «халлаан кэпсээннээх» диир кэмнэрэ кэллэҕинэ албынньыт улаханнык ночоотуруон, аата-суола түһүөн сөп.

Биир обургу уол күөлгэ харбыы сылдьан ууга түспүтэ буола оонньоон, араастаан далбаатана, тимирэ-тимирэ күөрэйбитэ буола сылдьан «Ууга түстү-үм!» «Быыһааҥ!»- диэн хаһыы бөҕөтүн түһэрбитигэр дьон сүүрэн кэлэн быыһыы сатаабыттар, тыы булан устан киирбиттэр. Онтон уоллара күлэ-күлэ умсан тахсыбытыгар албыннаппыттарын билэн, хомойон тарҕаспыттар.

Сотору кэминэн уол харбыы сылдьан кырдьык тимирэн барбыт уонна «Быыһааҥ!»- диэн хаһыытыы сатаабытыгар ким да кэлэн быыһаабатах. Уол онно тимирбит.

Бу ууга түһэ оонньоон дьону албыннаабыт оҕо туһунан Суорун Омоллоон суруйбут кэпсээнэ олус туһалаах. Ол курдук ыраах харбаан тиийэн баран «Быыһааҥ! Тимирэн эрэбин!» диэн хаһыытаан дьону куттаан баран «Оонньоотум» диэбит уол дьэ дьиҥнээхтик тимирээри гынан хаһыытаан дьону ыҥыра сатаабытыгар ким да кэлэн быыһаабакка тимирэн хаалбыта сымыйалаабат, албыннаабат буолууга олох кытаанах үөрэҕэ буолар.

«Дьону албынныыр - куһаҕан айыы буолар. Кэлин бэйэҕэр тиийиэҕэ» дииллэр сахалар. Бу кыра кэпсээн төһө да кылгаһын иһин албыннааһын киһиэхэ уонна атын дьоҥҥо хайдах дьайарын, өйгө-санааҕа туох уларыйыыны киллэрэрин дириҥник быһаарар. Албыннааһын төһө суолталаах дьайыыны оҥороруттан көрөн кыра, суолтата суох уонна киһи олоҕор уларытыыны киллэрэр буоллаҕына, улахан диэннэргэ арахсар.

Албыннаан, сымыйалаан биирдэ эмэ, баҕар туһаныахха сөп буоллаҕына, куруук албынныы сылдьыы хаһан да кыаллыбат. Киһи оҥорбут дьыалалара, кимэ да буоллаллар син-биир дьоҥҥо биллэн тахсаллар. Ким да итэҕэйбэт буолан хааллаҕына, бу албынньыт киһи улаханнык ньочоотуруон, дьонтон туоратыллыан сөп.

Государствобыт перестройка кэнниттэн хаттаан тэриллэн олоҕун булуутугар баайы-малы үллэстиигэ араас тэҥэ суох сыһыаннаһыылар үөскээтилэр. Ордук харбас дьон улаханнык туһанан хаалбыттарыттан сэдиптээн мас көнө, көрсүө, сэмэй, үлэһит киһини аанньа ахтыбат буолуу үөскээтэ. Ол барыта албын-көлдьүн быһыы үчүгэйин, туһалааҕын курдук кылгас кэмнээх да буоллар сымыйа өйдөбүлү дьоҥҥо, эдэрдэргэ үөскэттэ. Ол эрээри маннык быһыы уһуннук барыа суоҕа. Билигин кэлэн сыыйа өйдөнөн государство коррупцияны, уорууну, халааһыны утары охсуһуута күүһүрэн иһэр, баайы-малы үлэлээн-хамсаан булунуу бастаан иһэрэ сыаналанар буолуута кэлиэҕэ.

«Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар» диэн өс хоһооно киһи өйүн-санаатын билии уустугун, билии-көрүү киэҥ буоллаҕына эрэ, киһи иһин-таһын билэн албыҥҥа, сымыйаҕа киирэн биэрбэт кыахтанарын быһаарар. Ол курдук албын, көлдьүн киһини ханнык эрэ ураты бэлиэлэринэн, урукку үлэтинэн-хамнаһынан сыаналаан билэн кини албыныгар, түөкэйигэр киирэн биэрбэт буоллахха табылларын бу этии быһаарар.

Элбэх сымыйа кэпсээннэринэн дьону итэҕэтэр киһи, албын киһи буолуон сөп. Онно суоҕу, хаһан да буолбатаҕы кэпсээн дьону итэҕэтии эмиэ албыннааһыҥҥа, сымыйалааһыҥҥа киирсэр. «Холуоһаҕа олоруу» диэн албыны итэҕэйэ охсон, онно киирэн, үктээн биэриини ааттыыллар.

Сымыйанан, оҥоро-оҥоро кэпсээннээх киһини «Уу диэбитэ-хаар, хаар диэбитэ-уу» эбэтэр «Ууну суруйбут курдук» диэн этэллэр. Ону-маны оҥорон, тупсара сатаан кэпсиир киһиэхэ «Халлаан кэпсээннээх», «Халытааччы» эҥин диэн ааты-суолу иҥэрэллэр. Кини кэпсээннэрин кэлин ким да ылыммат, итэҕэйбэт кэмнэрэ син-биир кэлиэн сөп.

«Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс» диэн этии, киһи баҕа санаатын таба этиттэрдэҕинэ албыҥҥа киирэн биэриэн сөбүн быһаарар. Туох эмэ сыаналааҕы, көстүбэти чэпчэки сыанаҕа булунаары албыҥҥа киирэн биэрии элбэҕин бэлиэтиэххэ наада уонна «Албыҥҥа акаары бараммат» диэн былыргылар этиилэрэ билигин да табатын бэлиэтиэххэ сөп.

Эппит тылын сотору-сотору уларыта сылдьар киһини «Былыттаах халлаан курдук» дииллэр. «Отуойкаҕа олордуу» диэн сымыйанан этэн албыҥҥа түбэһиннэрии аата.

Билээҕимсийии диэн бэйэ билбэт эбэтэр ситэ билбэт дьыалатын билэр курдук туттунуу, оннук кэпсээһин ааттанар. Ситэ билбэт дьыаланы «Маннык буолуон сөп» диэн этии эмиэ албыннааһын, сымыйалааһын, сымыйаҕа үктэтии, «холуоһаҕа олордуу» буолан тахсар. Айыы үөрэҕин айааччылар өй-санаа үөрэҕин билбэт эрээри билэр курдук этинэн, урутаан түһэн таҥаралаах, итэҕэллээх буолуохтарын баҕарар, итэҕэйэ сатыыр саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллара сыыйа-баайа арыллан, айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕэ арыллан иһэр. Бу сыыһа үөрэх дьайыытыттан элбэх эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан үгүс сыыһа-халты быһыылары оҥороннор эрэйгэ тэбиллэллэр, хаайыыга киирэллэрин тэҥэ, сорохтор бэйэлэригэр тиийиниэхтэрин сөп.

Төрөппүттэр оҕолорун, баар-суох эрэллэрин, туйах хатарааччыларын айыы үчүгэй, олору элбэхтик оҥор диэн аһара барар өйгө-санааҕа үөрэтэннэр, сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга үтүрүйэллэрин билэр кэмнэрэ буолла.

Тыл үөрэхтээхтэрэ айыы диэн тылы үчүгэй эрэ оҥороору аһара баран, сымыйаларын сабынаарылар хас да тыһыынча сыллаахтан улуу ойууннар чочуйан оҥорбут сахабыт тылыгар, нууччалары үтүктэн саҥа «аньыы» диэн ханна да суох тылы булан, куһаҕаны араарабыт диэн ааттаан дьоҥҥо тарҕата сатыыллар. Бу саҥа, урут суох тылынан саха дьонун өйүн-санаатын букатын даҕаны харааччы буккуйар санаалаахтар.

Билигин суруга-бичигэ суох хараҥа үйэлэр ааспыттара. Урутаан түһэн, урут этэн элбэх дьону албынныы сылдьыы уһуннук барбата буолуо. «Суруллубут сууйуллубат» диэн этии кырдьык хаһан баҕарар тахсан кэлэрин биллэрэр. Сахалар албын-көлдьүн быһыылар былыргыттан баалларын билэллэрин уонна олор хойутаан да буоллар арыллалларын «Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат» диэн этиилэрэ бигэргэтэр.

Сымыйыаччы хардары-таары сымыйалыыра, «Икки сирэйдээх буолара» хаһан баҕарар баар суол. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ анаан-минээн, хамнас ыла сылдьан көмүскүөхтээх, харыстыахтаах сахабыт тылыгар саҥа, ханна да суох “аньыы” диэн тылы булан өйбүтүн-санаабытын алдьата сылдьаллара ордук хомолтолоох.

«Киһи өйө кылгас» диэн этиини билинэргэ тиийэбит. Албыҥҥа киирэн биэрэр дьон хаһан да аҕыйаабаттарын «Албыҥҥа акаары бараммат» диэн этии бигэргэтэр. Аҕыйах уонча сыллар икки ардыларыгар өйү-санааны быһаарар баар-суох биир айыы диэн тылбытын уларытаары, саҥа тылы “аньыы” диэни булан эбээри албынныы сатыы сылдьалларыгар кырдьаҕастыын эдэрдэрдиин бары киирэн биэрэрбит, өй-санаа үөрэҕин бары да билбэппитин биллэрэр.

Кыратык биллибэт гына киһини харыстаан сымыйалааһын, буолбут быһыыны кистээһин биир эмэ түбэлтэҕэ туһалаах буолан хааларын аахсыбатахха, хаһан да сымыйалаабат, албыннаабат буол диэн үөрэх киһи буолуу сүрүн төрүтэ буолар. Атыы-эргиэн сайдыытыгар, үлэ хамнас тупсуутугар хаһан да албыннаабат буолуу, эппит тылы толоруу улахан оруолу ылара эбиллэн иһиэҕэ.

Кими эрэ кыратык албыннаан, сыыһа туттаран баран «Оонньоон этэбин» диэн аһарыныахха, куотунуохха сөп буоллаҕына, улахан, туох эмэ содуллаах албыннааһын кэнниттэн хомолто, өс-саас үөскүөн сөп.

Куһаҕан айыылары оҥорбот буолууга саха өс хоһоонноро ордук туһалаахтар. Бу этиилэр сүрүн суолталара былыр-былыргыттан дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үгэс буолан ууруллан сылдьаллар. Онтон «Кут-сүр үөрэҕэ» этэринэн киһини ийэ кута эбэтэр үгэс буолбут санаалара салайаллар. Бу быһаарыы түүллэри үөрэтиинэн уонна тойоннооһуннарынан толору дакаастанар. (15,19).

Онон албыннаама, сымыйалаама диэн үөрэх бэйэтэ эмиэ икки өрүттээх, бастакытынан, бэйэҥ албыннаама, сымыйалаама, ол кэннэ иккиһинэн, аны бэйэҥ албыҥҥа, сымыйаҕа киирэн биэримэ диэн этии дьон оҥорор элбэх куһаҕан быһыыларын арааран билиэххэ наадатын быһаарар.

ОТТОМО СУОХ БУОЛУМА, КИҺИРГЭЭМЭ

Оҕо бары оҥорор быһыытыгар сыыһа туттубат, сэрэхтээх буоларга үөрэнэригэр элбэх бириэмэ наада. Кини бары оҥорор быһыыларын үөрэтэн, хаста, уонна боруобалаан, билэн табатык оҥорор буолара хайаан да ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр.

Киһи сыыһа-халты туттунара оттомо суох буолуутуттан уонна киһиргээһиниттэн ордук улаатарын, эбиллэрин иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ, онтон сэрэтэ сатаан оттомо суох буолума, киһиргээмэ диэн үөрэтэр.

Оҕо олус мэниктээн, киһиргээн бардаҕына хараҕа кытта сүүрэлээн, тугу да дьүүллээн-дьүһүннээн таба көрбөт буолан, дьэргэччи көрдөҕүнэ, сыыһа-халты туттунара элбиириттэн хайаан да харыстыахха, тохтотуохха наада. «Аһара мэниктээмэ» диэн этии мэниктиир өй-санаа аһара барарын хааччахтыыр, ол аата оҕо өйө-санаата ыһылларын суох оҥорон оҕону харыстыыр аналлаах.

Интэринээккэ олорор оҕолорго киһиргэтии, тэптэрэн биэрии улахан оҕолортон баар буолааччы. «Мин киһим кыайыаҕа» диэн кыра уолаттары тэптэрии, киһиргэтэн биэрии кэнниттэн сутуругунан киирсиилэр көрү-күлүүнү сорохторго үөскэтэллэрэ, киирсээччилэргэ туох да үчүгэйи аҕалбат этэ. Арай бу киирсиилэр ханнык эмэ эрчиллии буолан олоххо оннуну булунууга көмөлөспүттэрэ сөп.

Оттомноох буолуу диэн ону-маны дьоһуннаан өйдөөһүн, дьоһуннаахха болҕомтону хатааһын, дуоспуруннаах буолуу ааттанар. Өй-санаа ыһылла, үрэллэ сылдьыытын оттомноох, болҕомтолоох буолуу тохтотор, оннун булларан, туруктаах оҥорор. Ол аата барыга-бары болҕомтолоохтук сыһыаннаһыы оттомноох буолууга тириэрдэн өйү-санааны ыһылларыттан, туруга суох буоларыттан харыстыыр.

Болҕомто диэн өйү-санааны биир сыалга туһаайыы, түмүү, үчүгэйдик өйдөөн истии, таба көрүү аата. Өйү-санааны саҥа санаалар киирэллэригэр бэлэмнээһин, атын, быстах санаалартан ыраастааһын аата болҕомтолоох буолуу диэн ааттанар.

Атыны саныы, санаатыгар ону-маны, буолары-буолбаты оҥорон көрө сылдьар киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар атын туох да саҥа санаа, үөрэх кыайан киирбэт. Оннук киһини «Санаатыгар аралдьыйар» диэн сахалар этэллэр. Yөрэх кэмигэр атыны саныы сылдьыы үөрэтэр киһи этэрин табан истибэт буолууну үөскэтэн оҕо үөрэҕи өйдүүрүн мэһэйдиир.

«Истибитэ аҥар кулгааҕынан тахсар» диэн бойҕойон истибэтиттэн туох этиллибитин таба өйдөөбөккө хаалар киһини этэллэр. Дьалбаа оҕо – киһи этэрин таба истибэт, санаата атыҥҥа аралдьыйан иһэр оҕо аата. Мэниктээһин өй-санаа туруга суох буолуутугар тириэрдэр. «Мэниктээн өйө көппүт» диэн этии мэниктииртэн өй кытта көтөрүн бэлиэтиир.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн болҕомтолоох, боччумнаах буолууга үөрэппэтэххэ мэниктиириттэн аһара дьалбаа, өйө-санаата туруга суох, туох быстах санаа өйүгэр көтөн түһэрин кытта оҥоро охсор кыахтаах буола улаатыан сөп. Оҕо өйө-санаата киһи оҥорор быһыыларын аһара барар, куһаҕаны оҥоруу өттүгэр халыйар кыахтааҕыттан харыстаан сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Оттомо суох буолума, киһиргээмэ» диэн үөрэтэр.

Өйү-санааны бэлэмнээн, боччумуран, болҕомтотун хатаан, чуумпуран истэргэ бэлэмнэнэн олорор оҕо учуутал этэрин барытын иҥэринэн, өйүгэр тутан иһэр кыахтанар. Учуутал оҕолору үөрэтэригэр туттар саамай туһалаах ньыматынан оҕолор боччумуран олорон үөрэҕи истэллэрин ситиһиитэ буолар. «Бэлэмнэниҥ!» «Чуумпуруҥ!» - диэн тыллар өйү-санааны истэргэ, саҥа өй-санаа киирэн иҥэригэр бэлэмнииллэр. Боччумнаах, болҕомтолоох буолуу өй-санаа ыһыллан, буккуллан хаалыытын тохтотон, билии дириҥник иҥэрин хааччыйар. Өй-санаа бэлэмнэннэҕинэ, атын быстах санаалартан барыларыттан ыраастаннаҕына эрэ саҥа өй-санаа мэйиигэ киирэн иҥэр кыахтанар.

Атыны саныы сылдьар киһи өйө-санаата иллэҥэ суоҕуттан саҥаны эбии киллэринэр кыаҕа кыччыыр, суох да буолар. Биһиги оҕолору оскуолаҕа; кыргыттары уонна уолаттары тус-туспа үөрэтиэххэ диэн этиибит болҕомтолоох буолууну ситиһиигэ олоҕурар. Оҕо атыҥҥа, онно-манна аралдьыйара суох буоллаҕына, үөрэх өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэрин бары билэбит. Сааһын сиппит кыыс оҕото киэргэнэн-киэргэнэн баран атыны саныы, уолаттары көрүтэлии, чаҕылыҥныы, мичиҥнии олордоҕуна ханнык да үөрэх баһыгар аанньа киирбэт. Тула өттүн көрөн-истэн чаҕылыҥнатар кыыс оҕотун көрөн уолаттар эмиэ араас санааларга ылларалларыттан үөрэҕи истэллэрэ, иҥэринэллэрэ лаппа мөлтүүр.

Туохха эмэ өйү-санааны түмүү, үчүгэйдик өйдөөн истии, көрүү аата болҕомтону хатааһын диэн буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн болҕомтотун наадалаах быһыыга туһаайар кыахтаннаҕына, үөрэҕи-билиини ситиһэр кыаҕа улаатар. Өйө-санаата ыһылла, уларыйа сылдьыбат киһини болҕомтолоох, боччумнаах киһи диэн ааттыыллар. Болҕомтолоох киһи өйө-санаата ыһыллыбат, туруктаах буолар кыаҕа улахан.

Боччум – эт-сиин майгына, тутта-хапта сылдьар быһыыта. Боччумурар диэн киһи тутта сылдьар быһыытын быһаарыы аата. Киһи барыта боччумнаахтык туттунан боччумуруон, өйүн-санаатын үөрэтиэн сөп. Оҕо боччумнаах, болҕомтолоох буолуутуттан бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар.

Киһиргэс буола улааппыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат. Киһиргэс, ыһыллаҕас, дэбдэҥнэс өйдөөх-санаалаах буолуутуттан сыыһа-халты туттунара элбээн хаалыан сөп.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин табатык быһаарар. «Оттомо суох буолума, киһиргээмэ» диэн этии өй-санаа туруктаах буолуутун үөскэтэр аналлаах. Киһиргэс буолуу киһи быһыытыгар сөп түбэспэтин биһиги «Киһи быһыыта» диэн үлэбититтэн булан эбии туһаныахха сөп. (16,21).

«Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» диэн киһиргэс киһи аһара кыахтаах, улахан, барыны-бары кыайар курдук сананыытын тэҥнээн көрөн күлүү гынан этии буолар. Олус аһара барбыт санааны күлүү гынан эмиэ оннугар түһэриэххэ сөп эрээри, өйүн-санаатын туппут, үчүгэйи уонна куһаҕаны сатаан араарар буола үөрэммит оҕону эрэ үөрэтэргэ туттуллара табыллар. Онтон оҕо кыра эрдэҕинэ күлүү гынары табан өйдөөбөккө, аны онтун хайҕабыл курдук ылынан кэбистэҕинэ, киһиргэс оҥостон куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.

«Киһиргээн кирсиҥ быстыаҕа» диэн этии киһиргиир киһи кыайа-хото туттар санаата элбээһиниттэн аһара эбэтэр сыыһа туттан тугун эмэ эчэтиэн сөбүн биллэрэр, онтон сэрэтэр этии буолар.

«Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ» диэн этии тугу эмэни кыайыам, хотуом диэн аһара эрдэлээн бэлэмнэнимэ, быһа этинимэ диэни өйдөтөр. Былыргы кэмҥэ миин уута оргуйуор диэри туох эмэ булду була охсон аҕалан уган биэрэн аһатыам диэн киһиргииртэн үөскээн тахсыбыт этии буолар уонна билигин даҕаны суолтата кыччыы илигинэн сөптөөх кэмигэр туттулла сылдьар.

Киһиргэтии - киһини быһа этии биир көрүҥэ буолар. Киһиргээбит, үрдүнэн-аннынан көрбүт киһи сыыһа-халты туттунар кыаҕа улаатара быһа этии туолуутугар тириэрдиэн сөп. Киһиргэтии киһини сыыһа туттууга тириэрдиэн сөбүттэн куһаҕан быһыыга киирсэр.

«Көрсүө-сэмэй» диэн холбуу этиини саха дьоно куруук тутталлар. Көрсүө, сэмэй диэн бэрэдэктээх, хаһан да быстахтык быһыыламмат, аһара туттубат, киһиргээбэт киһини этэллэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэр.

Перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн биһиги хайдах эрэ көрсүө, сэмэй оҕону аанньа ахтыбат курдук буола сылдьабыт эрээри, уһун үйэлэммит, элбэх сиэннэммит кырдьаҕастарбытын ахтарбытыгар көрсүө, сэмэй олохторун, дьону кытта үчүгэй сыһыаннарын, бэрээдэктээхтэрин син-биир бэлиэтиирбитигэр, махталбытын этэрбитигэр тиийэбит.

Ол аата аһара барар, сиэри туттуспат, киһиргиир дьон олохторун ситэ олорбокко эрдэ туораан, кырдьар саастарыгар тиийбэттэрин бары билэр эрээри, оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн харыстыырбытын, көрсүө, сэмэй буолууга ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла үөрэтиэхтээхпитин аахайбакка, тыл үөрэхтээхтэрин элбэх алҕастардаах “айыыларын үөрэҕэр” балыттаран, хаалларан сылдьабыт.

Онон киһиэхэ көрсүө, сэмэй буолуу олоҕу киһи быһыылаахтык уонна уһуннук олорууну хааччыйар биир тутаах хаачыстыба буоларын билэн оҕолору кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтиэххэ диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэрин туһаныахпыт этэ.

ЫМСЫЫРЫМА, ОРДУК САНААМА

Сиргэ дьон-аймах ахсааннара биллэрдик эбиллэн иһэр. Киэҥ-куоҥ тыа сирдэриттэн дьон үөрэҕи-билиини баһылаары, сайдыы-үүнүү туһатыттан тииһинээри улахан дэриэбинэлэргэ, куораттарга мунньустан иһэллэр.

Үлэ-хамнас биир сиргэ түмүллүүтүттэн билигин, дьон элбэх буолан бииргэ олоруулара ордук сайынна. Бииргэ үлэлиир дьон бэйэ-бэйэлэрин билсэ, көрсүһэ, кэпсэтиһэ сылдьаллар. Тугу булуммуттара, ханна сылдьыбыттара барыта биллэн, киэҥ кэпсэтиигэ тахсан иһэр. Итини тэҥэ араас солуннар бары ханаалларынан; араадьыйанан, телевизорынан, хаһыатынан, интернетинэн тарҕаныылара тэнийиитэ билии-көрүү элбээн иһиитигэр тириэрдэр.

Элбэх араас солуннар үгүс элбэх санаалары үөскэтэллэр. Бу санаалартан атын дьон туох эмэ ситиһиилэригэр, табыллыыларыгар ымсыырыыттан, ордугурҕааһынтан үөскүүр санаа ордук санаа диэн ааттанар. Ханнык баҕарар баҕа санаа аһара баран хааллаҕына киһини бэйэтин куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтаах. Киһи бу аһара барыыны бэйэтин өйүнэн-санаатынан билэн тохтотунар күүстээх буоллаҕына эрэ, олоҕун киһи быһыылаахтык олоруон сөп. Ол аата арыгы иһэр баҕа санаатын кыана туттар киһи арыгыһыт буолбакка киһи быһыылаахтык олоҕун олоруон сөп.

Бэйэ кыаҕын билинэр буолуу, таба сыаналааһын ордук санааһын аһара барыытын тохтотор кыахтаах. Оҕо өйө-санаата улаатан истэҕинэ сыыйа сайдар, тулуура эбиллэн иһиититтэн күүһүрэн иһэр. Ону-маны сатаан оҥорорго, тутарга, эти-сиини табан хамсатарга оҕо олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Тугу эмэни сатыыр, таба оҥорор буоллаҕына, бэйэтин кыаҕын-күүһүн табатык сыаналыыр кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыаҕын билинэ үөрэнэрэ ордук судургу. Тугу сатаабатын, кыайбатын оҕо бэйэтэ оҥорон көрөн билинэрэ ордук тиийимтиэ. Улаатан иһэн үлэ-хамнас бары көрүҥнэригэр бэйэтин кыаҕын, дьоҕурун боруобаланан, оҥорон көрөн билинэрэ өйө-санаата туруктаахтык сайдыытыгар туһалыыр.

Кыра эрдэҕиттэн оҕо бэйэтэ кыайарын оҥоро-тута үөрэниитэ бэйэтин кыаҕын-күүһүн, өйүн-санаатын таба сыаналыырыгар үөрэтэр. Оҥоро, тута үөрэммэтэх оҕо бэйэтин кыаҕын билиммэт буола улаатар кыахтанар. Бэйэтэ кыаҕын билиммэт тулуура суох, барыта бары бэлэмҥэ үөрэммит оҕо араас быстах, түргэнник баайы-малы булуу-талыы диэки охтор санааҕа оҕустаран быстах быһыыларга киирэн биэриэн сөп. Киһи оҥорор быстах быһыыларын тустарынан биһиги «Үрүҥ Айыы буолуу» диэн үлэбититтэн булан билсиһиэххэ сөп. (12,50).

Аһара барбыт санаа киһи өйүн-санаатын ханньары тардарыттан олоҕун сыалын уларытан кэбиһиэн сөптөөх. Киһи уһун олоҕун устата бэйэтин санааларын сатаан дьаарыстаан, аттаран, туһата суохтарын, куһаҕаннарын ылан быраҕаттаан, ыраастаан биэрэр кыахтаах буоллаҕына эрэ, үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанарын сатаан билэн туһаммакка сылдьабыт. «Киһи санаа хамначчыта», «Киһини санаата салайар» диэн этиилэри киһи олоҕун устата тутуһа, куһаҕан санааларыттан хайаан да ыраастана, умна сырыттаҕына эрэ өйө-санаата куһаҕан санааларынан туолбат кыахтанар.

Атын дьоҥҥо туох эмэ баарыгар, тугу эмэ ылан туһанарга, туттарга баҕара санааһын ымсыырыы, ымсыы санаа диэн ааттанар. Киһиэхэ ымсыырар санаа баар буоллаҕына, тугу эмэни булаары-талаары кыһанан-мүһэнэн ханнык эмэ хамсааһыннары оҥороругар туһалыан сөп. Ымсыырар санаа аһара баран хаалбатаҕына киһиэхэ тугу эмэни ситиһэр, булунар, туһалааҕы оҥорор санааны үөскэтэринэн туһалаах санааҕа киирсэр.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн ымсыырар санаа эмиэ икки өрүттээх. Ол курдук ымсыырыы тугу эмэни буларга-таларга туһалаах санаа буоллаҕына, аһара баран хааллаҕына куһаҕаҥҥа, куруук ымсыыра сылдьыыга, ордук санааһыҥҥа тиийэн хаалыан сөп.

«Ымсыырыма, ордук санаама» диэн этии киһи бэйэтин кыаҕын, сатабылын табатык сыаналыырыгар ыҥырар. Ымсыырыы ордук санааһыҥҥа кубулуйан хайдах эмэ гынан булуна сатааһыны, куһаҕан баҕа санааны үөскэттэҕинэ, өй-санаа халыйыытын таһааран уорууга, халааһыҥҥа тириэрдиэн сөп.

Дьону ордук санааһын бэйэ кыаҕын, күүһүн учуоттуур, аахсар буолара ордук. Аһара ымсыы буолуу, барыга-бары ымсыыра сылдьыы кэлин ыарыыга кубулуйан хаалыан сөп. Аһара ымсыы буолуу ханнык эрэ куһаҕан быһыыга, сыыһа-халты туттууга тириэрдиэн сөбүттэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ сэрэтэн, харыстаан «Ымсыырыма, ордук санаама» диэн үөрэтэр. Ол курдук ымсыылаах, баҕалаах малы киһи быһыылаахтык, атыылаһан хайаан дуу булуу кыаллыбатаҕына уоруу, халааһын түмүгэр булунуу быстах өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо киирэн кэлэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Хас киһиэхэ барыларыгар кимиэхэ да мээнэ кэпсээбэт ыра, кистэлэҥ санаалара баар буолар. Бу санаалар сахалыы «Ис санаа» диэн ааттаналлар уонна кимиэхэ да кэпсэммэт, биллэрбэт санааларга киирсэллэр. Бэйэ кыаҕын таһынан, кыайан ситиспэт сыалы баҕара санааһын, ыра санааҕа кубулуйара элбэх. Олус элбэх ыра санаалар үгүстэрэ туолбаттарынан уонна олоххо оҥоруллар ситиһиилэр сыыйа-баайа кэлиилэрин аахсыбаттарынан өй-санаа туруктаах буолуутун мэһэйдииллэр.

Ордугургуур, ымсыырар санаа аһара бардаҕына үчүгэйгэ тириэрдибэт, тулуура аҕыйах киһини куһаҕан быһыылары оҥорууга тириэрдиэн сөп. Ымсыы киһи атыттарга туох эмэ баарыгар ымсыыран хайдах эмэ бэйэтигэр булунар санаата киирдэҕинэ уонна аһара бардаҕына, сиэрэ суох быһыылары оҥорор кыахха киириэн хаалыан сөп.

Аһара барбыт ымсыы санаа куһаҕанын туһунан өс хоһоонноро сахаларга элбэхтэр. Ымсыы санаата аһара барбыт киһини ыкка холонор. «Ыт курдук ымсыылаах» диэн этэллэр. «Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат» диэн этии туох эмэ соһуччу барыс киирбитин өссө эбэн туһанар санаалаах киһини быһаарар этии буолар.

«Ыт курдук ымсыылаах» диэн этии ымсыы санаа киһи быһыытыгар сөп түбэспэтин, кыыллар быһыылара буоларын быһаарар. Ымсыы санаа аһара барыыта иҥсэлэниигэ, харамнаһыыга тириэрдиэн сөп.

Киһиэхэ барыларыгар тугу эмэ баҕара, була-тала сатааһын, ымсыырар санаа баар буолуон сөп. Киһи быһыылаах киһи ымсыырар санаатын туттунар, атыттарга биллэрбэт буолара ордук. Ымсыырар санаа аһара баран хаалыыта ымсыы буолууга тириэрдэр.

«Икки куобаҕы эккирэтимэ, иккиэннэриттэн матыаҕыҥ» диэн этии аһара ымсыы санааттан бэйэ кыаҕын таһынан элбэҕи була-тала сатааһыны сэмэлиир. Бу этии кистэлэҥ өйдөбүлүнэн киһи санаатын, кыаҕын биир сыалы ситиһиигэ түмнэҕинэ ордук ситиһиилээх буоларын биллэрэр.

Ымсыы санаа аһара барыыта киһи кыаҕын кыайан учуоттаабат, аахсыбат буолуутун үөскэтэн куһаҕаҥҥа тириэрдэрин, ночооттоох хаалыан сөбүн «Көҕөнү тутаары чөркөйтөн маппыт» диэн өс хоһооно биллэрэр. Бу өс хоһооно киһи бэйэтин кыаҕынан чөркөйүнэн да сөп буолуохтааҕын аһара баран көҕөнү тута сатаабыта кыаттарымыан, туга да суох хаалыан сөбүн быһаарар. Ол аата оҕо бэйэтин кыаҕын билинэр буола улаатыыта олоҕор сыыһаны-халтыны оҥороруттан харысхала буолар.

Киһи бэйэтинэн тутан-хабан оҥорбутун хаһан баҕарар ордуктук сыаналыыр, атыттартан үрдүктүк тутар. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ «Ымсыырыма, ордук санаама» диэн этиитэ киһи бэйэтин кыаҕынан, үлэтинэн-хамнаһынан, өйүнэн-санаатынан олоҕун оҥосторо ордугун өйдөтө сатыыр, сүбэлиир.

КУҺАҔАН КЫДЬЫКТАНЫМА, СОДУРДААМА

Дьон өйө-санаата сайдыыта олус былыргы кэмнэртэн улахан кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннарыттан салҕанан, тупсан, уһун үйэлэр тухары сыыйа киһитийэн испитэ киһи буолуу үөрэҕэ сайдыбытынан дакаастанар. Өй-санаа сайдыытыгар киһи буолуу өйдөбүлэ киириитэ киһини кыыллартан туспа араарбыта, өйө-санаата сайдыбытын, кыыллартан үрдүктүк турарын билиннэрбитэ.

Аан бастаан киһи буолууну ситиспит сахалар киһи бары быһыытын барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына, киһи быһыылаах буоларын арыйбыттара. Эт-сиин баҕа санаатын туспа уратыларын сайыннарыы куһаҕан кыдьыктаныы диэн ааттанар уонна киһи быһыылаах буолууга киирсибэт.

Уруогун билбэтэҕинэ кэтэҕин тарбана үөрэнэн хаалбыт уол эппиэттии туран илиитинэн сапсына мээрик буолара оҕолорго күлүүнү эрэ үөскэтиэн сөп. Онтон гомосексуалистар диэннэр эр киһи уонна дьахтар киһилии сыһыаннарын уларытан сиргэ-буорга тэпсэллэрэ таҥара үөрэҕэр уонна киһи быһыытыгар сөп түбэспэт.

Киһи өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитэ эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарыгар киһилии сыһыаны, ол аата бэйэ-бэйэҕэ тэҥнээх, атаҕастабыла суох сыһыаны, өйдөһүүнү, таптаһыыны киллэрбитэ, кэргэннии олоҕу, ыал буолууну төрүттээбитэ.

Сахаларга киһи буолуу өйдөбүлэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитэ киһини ким диэн ааттаан ыҥырарга иҥэн сылдьар. Саха киһитэ соҕотох киһини эрэ «Ким», «Кини», «Кимий?» диэн ааттаан ыҥырар. Онтон атын бары кыыллар, көтөрдөр, араас маллар «Ол», «Бу», «Туох», «Тугуй?» диэн туспа, холбуу ааттанан ыҥырыллаллар.

Бу киһи диэн саха тыла киһи өйө-санаата саҥа сайдан кыыллартан, атыттартан бэйэтин саҥа араарынар буолбут кэмиттэн ыла үөскээбитин биллэрэр. Бу тыллар саха дьоно киһи буолууну олус былыргы кэмнэртэн баһылаабыттарын быһаарар ураты тыллар буолаллар, ол иһин олус улаханнык сыаналаныахтаахтар, харыстаныахтаахтар уонна хайаан да таба туттуллуохтаахтар.

Киһи буолуу диэн киһилии быһыыланыы, тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥоруу ааттанар. Туох эмэ быһыыны киһи оҥороруттан атыннык, уратытык оҥордоххо саҥаны арыйыы, айыы буолан тахсар. Ол аата киһи оҥорбот быһыытын оҥоруу айыыны оҥоруу буолар. Айыыны оҥоруу куһаҕана итиннэ саһан сылдьарын таба өйдүөхпүт этэ.

Улаатан эрэр уол дьахтары боруобалаатаҕына, биллэҕинэ эр киһи буоларын билинэр. Уол оҕото дьахтары аан маҥнай боруобалааһына хаһан баҕарар саҥаны айыы, урут хаһан даҕаны оҥорботох быһыыта буолар. Аан маҥнай сатаабат, сыыһа-халты туттунар, ыгыллар, тиэтэйэр. Кини өйүгэр-санаатыгар бу быһыыта олус дириҥник иҥэн хаалар.

Саха дьонун оҕону үөрэтэр үөрэхтэрин уратытынан оҕо аан маҥнай оҥорбут быһыыта хаһан баҕарар олус дириҥник иҥэрин, ийэ кутун үөскэтэрин, хаһан да умнуллубатын быһаарара буолар.

Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар аан маҥнай оҥорбут быһыыларын олус дириҥник өйдөөн, өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэринэн хаалар. Оҕону кэмэ кэлэн, сааһа ситэн истэҕинэ билиэхтээх дьыалаларын биллэрэн, үөрэтэн биэрэн истэххэ өйө-санаата туруктаахтык сайдарын ситиһиэххэ сөп.

Эр киһи, уол оҕото кыыс оҕону, ыал ийэтэ буолуохтаах киһини харыстыыр, көрөр-истэр өйгө-санааҕа иитиллиэхтээх. Уолаттары бэрээдэктээх, кыргыттары харыстыыр буолууга үөрэтии билигин хаалан сылдьар. Кэргэн ылыах буолан кыргыттары албынныыллара элбээтэ. Былыргы сахалар маннык быһыыны хайдах быһаараллара биһиэхэ үөрэх буолуо этэ. Кыыһы албыннаабыт эр киһи «Саат куттарыыта» диэни төлүүрэ. Ол сыаната кыыс төһө баайдааҕыттан-маллааҕыттан тутулуктанан сороҕор олус үрдүк буолара.

Содурдаама диэн этии эмиэ тулуурдаах, өһөс буолууга ыҥырар. Киһи өһөс санаатын күүһүнэн этин-сиинин араас элбэх баҕатын тулуйан, кыанан, иһигэр туттуна сылдьара эрэ табыллар. Эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын киһи быһыылаахтык оҥоруу өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьонтон ирдэнэр.

Кыыс оҕо бэрээдэктээх, кэргэн тахсыан иннинэ атын эр киһини кытта сылдьыһа илик буоллаҕына эрэ, ыраас хааннаах, төрүт-уус ыалларга кэлэр көлүөнэлэрин төрөтөр кыахтаах диэн генетиктэр дакаастыы сылдьаллар. Бу этии оруннааҕын былыргылар үөрэхтэрэ эмиэ этэр. Былыргы кэмҥэ утумнааһын диэн үөрэҕи туһанар эрдэхтэринэ кыыс оҕо эргэ тахсарыгар атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын кытаанахтык ирдиир этилэр.

Кыыс оҕо эр киһилиин аан маҥнайгы сылдьыһыыта сааһын-үйэтин тухары умнуллубат саҥаны оҥоруута, айыыта буолан өйүгэр-санаатыгар уурулларын дьахталлар бары билэллэр. Бу хаһан даҕаны умнуллубат өйдөбүллэр. Саҥаны айыы уратыта өйгө-санааҕа сүппэт, умнуллубат бэлиэлэри хаалларар. «Кыыһынан ыал буолуу – үрдүк дьол» диэн ыстатыйатыгар Сардаана Багынанова ол бастакы дьоллоох түүнүн хаһан да умнубатын биллэрэр. (17,31).

Билигин төрүт-уус диэн ааттанар аймахтар былыр-былыргыттан үлэһит, үчүгэй төрүттээх дьон үөрэҕи, сайдыыны, үлэни-хамнаһы ситиһэллэрэ түргэнэ дакаастаммытын кэннэ, утумнааһын диэн ыраас хааннаах кэлэр көлүөнэлээх буолуу олоххо киирэн истэҕинэ кэргэн тахсар кыыс оҕолор ыраас кыыстарынан буолаллара ирдэнэр кэмэ кэлэн иһэр.

Сааһырыар диэри кэргэн тахсыбатах кыыс оҕо уһуннук кыыһынан сылдьара кырдьык да кыаллыбат буолуон сөп. “Кытыйанан, хамыйаҕынан кырбаһар” диэн этии сааһыран истэҕинэ дьахтар өйө-санаата уларыйыытын быһаарар. Эт-сиин баҕата эмиэ күүстээх. Баҕата хамматах дьахтар сыыһа-халты хамсанара элбээһинин бу этии биллэрэр. Бу боппуруоһу былыргы сахалар кыыс оҕону сааһын ситэрин кытта кэргэн биэриинэн холкутук, элбэх эрэйэ суох быһааралларын билигин туһаныахха сөп этэ.

Кыыс оҕо эдэригэр, этэ-сиинэ ситэригэр оҕолонор дьоҕура ордук күүстээх, кыаҕа улахан, доруобай оҕону төрөтөр кыахтаах. Итини тэҥэ эдэриттэн оҕоломмут дьахтар элбэх оҕолонор кыаҕа улаатар. Ол курдук оҕолонуу диэн дьахтар бары баҕатын барытын ханнарар айылҕа биэриитэ, анала буолар.

Аныгы үйэҕэ кэргэн буолуохтаах дьон аан маҥнай боруобалаһан нэмнэрин билсиһэн баран холбоһор буолуулара тэнийэн эрэр. Боруобалаһыы уолга, эр киһиэхэ булчут, булуу-талыы өйүн-санаатын уһугуннаран бииртэн-биир, атынтан-атын кыыһы боруобалаан иһиини саҕалыыр, сайыннарар. Билигин уолаттар оннук өйгө-санааҕа иитиллэн сылдьаллар.

Боруобалаһыы салҕанан, сайдан барыытыттан ордук дьахталлар эрэйдэрэ эбиллэр, араас ыарыыларга ылларыахтарын сөп. Оҕолонон хаалыылара элбэх үлэни-хамнаһы, көрүүнү-истиини эрэйэриттэн дьахталлар оҕолорун түһэттэрэллэрэ элбээһинэ доруобуйаларыгар ордук улахан содуллаах.

Онон боруобалаһыы сайдыыта эр дьону босхо, көҥүллэринэн ыытан, баҕа санааларыгар ордук сөп түбэһэр. Онтон уопсай түмүгү холбоон ааҕан таһаардахха дьахталлар улаханнык ночоотураллар. Ол курдук дьон бары уруһуйдаммыт хартыына курдук буолбаттарыттан боруобалаһан-боруобалаһан биир эмэ дьахтар табыллар буоллаҕына, атыттар бары аҥардас хаалар дьылҕаланаллар. Ол омук олоҕор ордук улахан куһаҕаны аҕалар.

Киһи өйө-санаата сайдыыта маннык уратылардааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһана сылдьыбыттар эбит. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Куһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама» диэн үөрэтэр.

УОРУМА

Олус былыргы кэмнэртэн киһи өйүн-санаатын олус дириҥник үөрэппит сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэр «Тоҕус айыыны оҥорума» диэн этиллэр. Онтон биирдэрэ «Уорума» диэн буолар. Уоруу диэн киһи өйүн-санаатын туругуттан улахан тутулуктаах куһаҕан майгы буоларынан аналлаах хааччахха наадыйарын бары государстволар сокуоннара уорууну боболлоро бигэргэтэр.

Уоруу диэн бэйэ киэнэ буолбатаҕы, атын дьон бас билиилэрин ыйыппакка, көҥүллэппэккэ, биллэрбэккэ эрэ ылыы, туһаныы ааттанар. Итини тэҥэ дьон билбэтинэн, кистээн тугу эмэ оҥоруу эмиэ уорууга киирсэр. Олус былыргы кэмнэргэ бас билии саҥа үөскээн эрдэҕиттэн ыла уоруу баар буолбутугар сөп. Ол кэмнэртэн ыла салҕанан баран иһэр уоруйахтары кытта тохтообот охсуһуу, оннооҕор сайдыылаах дойдуларга суох буолара ыраах.

Уоруу хас да суол араастардаах:

1. Дьон олоҕор уонна бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыгар улахан куттала суох кыра уоруулары оҥорооччу кыраһыт эбэтэр бытархайдьыт диэн ааттанар уонна кыра, бытархай маллары «кып» гыннаран биллибэтинэн ылар, уорар. Бу киһи оҕо эрдэҕинэ элбэхтик бобууга-хаайыыга сылдьыбыт, «Тугу да тыытыма, ончу ылыма» диэн бобууну элбэхтик билбит оҕо буолар. Сонургуу көрбүтүн барытын атын киһи билбэтинэн, көрбөтүгэр тыыта, ыла үөрэммитэ иҥэн хаалан кыраһыт буолан хаалыан сөп.

2. Ылыгас – ылыахха сөптөөх сытары барытын ылан, хомуйан иһэр киһи. Кини ымсыырар санаатыттан элбэхтэ ыла үөрэммитэ үгэс буолан иҥэн хааллаҕына, ылан иһэр дьарыгыттан бэйэтэ эрэйдэниэн, элбэх харчылаах да сылдьан ыла үөрэммитэ тардарыттан, ыларын тохтотумуон сөп.

Кыра эрдэҕиттэн кыра-кыралаан ыла сылдьар киһи кэлин, онто үгэскэ кубулуйдаҕына, аны ылбатаҕына табыллыбат, туга эрэ тиийбэт буолбут киһиэхэ кубулуйуон сөбө үгэс үөскээһинин уонна салгыы дьайыытын, киһини бэйэтин салайарын толору быһаарар.

Биирдэ эмэтэ арыгыны аһара иһэн кэбиһэр аҕаларын быстахха туттуом диэн хайа эрэ сиэбин түгэҕэр хаһааммыт аҕыйах харчытын кыра оҕотунан булларан ылларар ийэ оҕотун уоруйах, бытархайдьыт оҥорорун бэйэтэ да ситэ билбэтэ хомолтолоох. Оҕо ол оҥорор быһыыта куһаҕан үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааларыттан хаһан баҕарар, бу быһыытын оҥоро сылдьара, кэнники ылыгас оҥоруон сөп. Ымсыыта аһара барбыт киһи бэйэтэ атыылаһан, хайаан кыайан булумматаҕына, ымсыырарын, баҕарарын кыаммакка, ылыгаһа улаатан уоруйахха кубулуйуон эмиэ сөп. Ол аата уоруу диэн оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэнэн хаалбыт үгэһэ буоллаҕына, кыайан бырахпакка өр эрэйдэниэн сөп.

3. Уоруунан дьарыктанар, дьоҥҥо улахан хоромньуну биллэрбэккэ эрэ оҥорор киһи уоруйах диэн ааттанар уонна дьон быраабын, көҥүлүн, баайын-малын харыстыыр сокуоннардаах государствоҕа табыллан олорбот.

Киһи тоҕо уорарый? Кыра эрдэҕиттэн сыыһа иитиллэн хаалбыта кыраһыт оҥоруон сөп буоллаҕына, улаатан өйө-санаата сиппитин кэннэ түргэнник, улахан эрэйэ, үлэтэ-хамнаһа суох элбэҕи түргэнник булунуу, байыы-тайыы өйө-санаата эдэр киһини уоруу диэки үтүрүйүөн сөп.

Оҕо уорбута, ыйытыыта суох ылбыта биллэрин кытта төрөппүттэр бу дьыалаҕа сыһыаннарын оҕолоругар хайаан да биллэрдэхтэринэ эрэ табыллар. Бу оҥорбут быһыытын куһаҕан диэн эттэхтэринэ, тохтоттохторуна, кырдьык куһаҕан эбит диэн итэҕэйэн аны оҥорбот буолуон сөп эбэтэр хайҕаан эҥин, тэптэрэн биэрдэхтэринэ, өссө элбэхтэ хатылаан уоруйах буоларыгар олук ууруохтара. Ылбыт, уорбут оҕону тэптэрэн, киһиргэтэн биэрии эбэтэр көннөрү билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолуу «Уоруйаҕы кытта олордоххуна, уоруйах буолуоҥ» диэн этии дакаастабылынан буолара ханан да саарбахтаммат.

Оҕо улаатан иһэн туох оҥорор быһыытын барытын атыҥҥа, урут оҥорбутугар тэҥнээн көрөн быһааран ылынарынан бэйэтигэр туһалаах быһаарыыны уруттаан оҥорор. Баҕара саныыр туга эмэтэ тиийбэтиттэн онтун ситэрээри, толороору биирдэ эмэ уорбута табыллан, туһалааҕа билиннэҕинэ өссө уорууну оҥоруон сөп.

Уоруллубуту хайдах туһанартан уонна тугу уорбуттан уоруу тус-туспа араастанар:

1. Бэйэ туһугар туһанаары ыллахха, уоран ылыы диэн ааттанар.

2. Тугу эмэ биллэрбэккэ ылан атын дьоҥҥо биэрдэххэ, уоран биэрдэ диэн этэллэр. Уоруу бу уратыта уорааччыны уонна туһанааччыны тус-туспа араарарынан улахан уоруйахтар туһанар ньымаларыгар киирсэр.

3. Дьон билбэтинэн уоран ону-маны, бэйэҕэ туһалааҕы оҥоруу эмиэ уорууга киирсэр.

Биэрбит тылы толоруу киһиттэн улахан эппиэтинэстээх буолууну эрэйэр. «Мин эппит тылбын хайаан да толоробун» диэн этии эппиэттээх үлэҕэ киириигэ олус наадалаах көрдөбүл буолар. Үлэһит үлэтигэр эппиэттээхтик сыһыаннаһара, тэрилтэтин баайын-малын харыстыыра, уорбата ханнык баҕарар үлэҕэ тутуһуллуохтаах сүрүн көрдөбүлүнэн ааҕыллар.

Элбэх массыыналар турар гаражтарын харабыллыы олорор уолга түүн табаарыстара тиийэн кэлбиттэригэр арыгы уонна пиибэ испиттэр, тойоннорун «Тойота-Сурф» диэн улахан джибигэр киирэн кэпсэтэ-кэпсэтэ олорон, тутан-хабан көрбүттэр. Холуочуйбут уолаттар ымсыырбыт санааларыгар маннык үчүгэй массыынанан ким да билбэтигэр кыратык хатааһылыырга сөп курдук буолбут.

Массыынаны гаражтан таһааран куорат устун хатааһылыы сылдьыбыттар. Бу сырыттахтарына ГАИ үлэһитэ түбэһэ түһэн тохтотоору илиитин ууммутугар ааһа көтүтэн куоппуттарын, эккирэппиттэр. Прокуратура дьиэтин таһынан олус түргэнник ааһан иһэннэр уулусса кытыытыгар турар «Волга» массыынаны таарыйан, онтон оҕустаран, уулуссаттан туора сүүрдэн тахсан мэһэйгэ түспүттэр.

ГАИ үлэһиттэрэ ыытан испит уолу саба түһэн тутан ылбыттар, бу кэмҥэ табаарыстара ойон түһүтэлээн куота охсон хаалбыттар. Тоҕо түһүүттэн джип крылота, бампера улаханнык алдьаммыттар. Алдьаммыт массыына хаһаайына массыыната оҥоруллар сыанатын түргэнник төлөөбөтөххүтүнэ уолу хаайыыга да ыытыам диэн төрөппүттэригэр тиэтэллээх илдьит ыыппыт.

Төһө эмэ кэргэннээх, оҕолоох, саастаах киһи итинник быстах суолга киирэн харабыллыы, маныы олорор массыынатын илдьэ баран күүлэйдиэн сөп дуо?

Билигин эдэрдэр арыгы иһэн холуочуйдулар даҕаны ханнык да сиэри-туому, сууту-сокуону, үөрэҕи-билиини таһы-быһа умналлар, омуннурбуттарын күүһүттэн өйдөрүн туома көтөр, харахтарын тиэрэ көрөллөр, оннооҕор үлэлии сылдьар үлэлэрин умналларыттан харабыллыы олорор массыыналарынан күүлэйдээһини тэрийиэхтэрин сөп.

Арыгы испит улахан киһи маннык быһыытын арай сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ эрэ табатык быһаарар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр олус атаахтык иитиллибит, көрүллүбүт киһи итирдэҕинэ өйө көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирдэҕинэ «үчүгэйи уонна куһаҕаны» араарбата таайан, «Көҥүлүнэн баран», ымсыы санаата баһыйан итинник күүлэйдээһини оҥорор. Арыгы иһэн өйө-санаата буккуллан сырыттаҕына, миэхэ бары-барыта көҥүллэнэр диэн кыра эрдэҕинээҕи атаахтыыр санаата баһыйан сиэрэ суохтук быһыыланар кыахтанар.

Кыра эрдэҕиттэн атаахтык, көҥүллүк иитиллэн ханнык да эппиэтинэскэ үөрэтиллибэтэх киһи үлэтигэр эмиэ эппиэтинэһэ суохтук сыһыаннаһарыттан уоран күүлэйдиир санааланыан сөп.

Оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр былыргы сахалар харахтаахха көрдөрбөккө, бэйэлэрэ, кыра эрдэхтэринэ хайдах иитиллибиттэрин курдук иитэн-үөрэтэн улаатыннараллара билигин даҕаны улахан туһалаах буоларын арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр баһыйалларыттан билиммэккэ сылдьабыт.

Бэйэтэ үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута үөрүйэҕэ суох киһи онто-манта тиийбэт, баҕара саныыра суох буолан хааллаҕына, кыра эрдэҕинэ атаахтык, барыта бэлэмҥэ үөрэммитэ тардан, чэпчэкитик кэлэри, дьон бэлэмин, уоран ылан туһаныы диэки салаллан хаалыан сөп. Ол аата оҕо барыта бары чэпчэкитик, туох да эрэйэ суох көстөрүгэр, бэлэмҥэ үөрэниитэ бэйэтэ үлэлээн-хамсаан ону-маны булунар өйүн-санаатын суох оҥорон, уоруйах буолуутугар тириэрдиэн сөп. Олус бэлэмҥэ үөрэммит оҕо туга эмэтэ тиийбэтэҕинэ өссө дөбөҥнүк, туох да эрэйэ суох көстөрү көрдүү сатыыр санаатыттан бэлэми ылыы, уоруу диэки өйө-санаата урут-бастаан салаллар кыаҕа улаатар.

Онон киһи кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэммэтэҕинэ, үлэттэн-хамнастан, бэйэтэ оҥорбутуттан, ситиһиититтэн кэлэр үчүгэйи, туһалааҕы билбэт, үөрбэт буоллаҕына, тугу эмэ булунар баҕа санаата киирдэҕинэ түргэнник уонна улахан эрэйэ суох көстөрү ситиһэ охсоору уоруу диэки салаллар кыахтанар.

Үтүктэр, батыһар дьоммутугар «Вор в законе» диэн үйэлээх өйдөбүл баара уоруйахтар туспа сокуоннардаах бөлөхтөрүн өйүн-санаатын тарҕатарынан, эдэрдэри угуйар күүскэ кубулуйан уоруйахтар аҕыйыылларыгар көмөлөспөт. Эдэрдэргэ атын, үчүгэйгэ туһуламмыт, ол диэки ыҥырар, хамсааһыны үөскэтэр үйэлээх өйдөбүллэр туһалыа этилэр. Биһиэхэ олохпут сайдыытын, тупсуутун, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта улаатарын ситиһиигэ саха эдэр ыччата бары кыаҕын ууруон сөптөөх кэмэ буолла. Ол курдук атын сирдэргэ холоотоххо биһиэхэ араас; тыа сирин, промышленность үлэтэ-хамнаһа сайдан иһэринэн эдэрдэр сайдыыны ситиһэр баҕа санааларын олоххо киллэрэр кыахтара элбэх.

Биһиги санаабытыгар үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта кыччааһына, аҕыйааһына уоруйахтар элбээһиннэригэр тириэрдэр диэн этии өй-санаа төрүт тутулуктарыгар сөп түбэспэт. Киһи өйө-санаата ханнык дьыалалары, быһыылары бастаан оҥорору быһаарара барыта ийэ кута хайдах иитиллибититтэн уонна үлэлии үөрэммититтэн ордук улахан тутулуктаах. Кыра эрдэҕиттэн уорума диэн үөрэҕи билэр оҕо, бэйэтигэр төһө да суоҕун иһин, хаһан да уорумуон, атын киһи бас билиитигэр илиитин уунан, ылымыан сөп.

Хас биирдии төрөппүт оҕото улаатан, үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан киһи быһыылаахтык олоҕун олороругар, аймахтара салҕанан, быстан, симэлийэн хаалбаттарыгар баҕара саныыр. Оҕо өйө-санаата, бэрээдэгэ, баайга-малга, үлэҕэ-хамнаска сыһыана кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөскээн олохсуйарын төрөппүттэр хайаан да билэллэрэ, оҕолорун иитиигэ туһаналлара эрэллээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэрдээх буолууларыгар тириэрдэр суол буолар.

ӨҺYӨННЭЭМЭ

Саха тылыгар «ө» дорҕоонтон саҕаланар тыллар эти-сиини кытта биир тутулуктаахтар. Холобур, өй, өс, өһөс, өһүөн, өбүгэ, өлүү. Бу тыллар эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өйү, бу өй хайысхатын уонна эт-сиин туругун быһаараллар.

«Ө» дорҕоон уонна ыйар, хамсааһыны, хайысханы көрдөрөр «й» дорҕоон холбостохторуна өй диэн өйү-санааны быһаарар тыл үөскүүр. Өй мэйиибитигэр үөскүүр буолан эт-сиин биир чааһын курдук ааҕыллар. Өйдөөх диэн тыл өй тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар кэриэтэ баарын быһаарар. Өйдөөх ыт, өйдөөх да ат диибит.

Туох барыта икки өрүттээҕин курдук өй эмиэ икки өрүттээх. Өйдөөх уонна киһилии өйдөөх диэннэргэ арахсар. Өйдөөх диэн бары тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар сыһыаннаһар буоллаҕына, киһилии өйдөөх диэн этии өй хайысхата киһилии суолунан киһи быһыылаахтык баран иһэрин уонна киһиэхэ эрэ баарын быһаарар.

Өс диэн куһаҕан, ыһыллыы, тарҕаныы аата. Өс-санаа – куһаҕан санаа. Тыл-өс тарҕаныыта. Куһаҕан тыл, саҥа тарҕаныыта. Өс, өстөөх, өстөнөр диэн тыллар киһиэхэ утары хайысхалаах өйү уонна бу өй уһун кэмҥэ дьайарын биллэрэллэр.

Өһүргэс диэн кыра аайыттан санаата табыллыбат киһи, бэйэтин туһунан улахан, үрдүк санаалааҕыттан сөбүлээбэттик, куһаҕаннык этиттэрдэҕинэ кыыһыран, куһаҕан санаата күөдьүйэн иһэрин биллэрэр. «Yүнэ-тэһиинэ суох», «Көҥүлүнэн барбыт» иитиилээх киһи ураты өһүргэс буолара аһара барыыны, сыыһа-халты туттууну элбэтэрэ ордук хомолтолоох.

Мин бэппин, үчүгэйбин диэн санаалаах киһи сыыһатын хаһан да билиммэт, ол аата сыыһаны оҥордоҕуна үчүгэйбин диэн санаата үгэс буолбута мэһэйдиириттэн, сүгүн көннөрүммэт киһи буолар. Маннык өйдөөх-санаалаах киһи сыыһатын таба этиттэрдэҕинэ, аны өһүөннээх буолар уратылаах. Сөбүлээбэтин, куһаҕаннык этиттэрбитин олус уһуннук умнубакка эрэйдэниэн сөп.

Хайа да киһи хаһан даҕаны барыны-бары дириҥник, ымпыктаан-чымпыктаан билэр, куруук табаны оҥорор буолбатах, биири табыан, атыны сыыһыан сөп. Ол иһин киһи киһиэхэ сыһыаныгар ордук тулуурдаах буолуу уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһуу эрэйиллэр.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар «Киһини өһүргэтимэ», «Куһаҕаннык этимэ» диэн этиилэр бааллар. Бу этиилэр атын киһиэхэ куһаҕаны оҥорума, дьону куһаҕаннык саҥарыма, этимэ диэн биллэр өйдөбүллээхтэр. Анараа да киһи эйиэхэ үтүөнү баҕарбат санаата эйигин даҕаны тумнуо суоҕа диэн өйдөтөрүн умнубаппыт буоллар киһи киһиэхэ сыһыана биллэрдик тупсуо этэ. Өһүргэнии аһара барбытын кэнниттэн өһүөн үөскээн барара ордук куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Атын киһиэхэ куһаҕаны баҕарар санаа умнуллубакка уһуннук дьайыыта өһүөн диэн ааттанар. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка өһүөн маннык быһаарыллар. Өһүрбүтү умнубакка илдьэ сылдьан ситиһэр санаа, өһүөмчүлээһин. (6,134).

Уһуннук түһэр ардаҕы, самыыры өһүөн диэн ааттыыбыт. Кырдьык даҕаны олус уһуннук, өһүөннээн, үлэни-хамнаһы атахтаан түһэр курдук, хас эмэ күнү быһа тохтообокко түһэр ардах баар буолааччы.

Өһүөннээх киһи диэн киһиэхэ куһаҕаны санаабытын умнубакка, олус уһуннук саныы сылдьар киһи аата. Бу киһи куһаҕан санаатын өр кэмҥэ кистээн илдьэ сылдьан үгэс оҥостунан баран хаһан эмэ тоҕоостоох кэм түбэстэҕинэ толорон кэбиһиэн сөп.

«Киһиэхэ куһаҕаны оҥорума», «өһүөннээмэ» диир сахалар киһи буолуу үөрэхтэрэ. Бу этии киһи санаата атын киһиэхэ дьайар күүһэ бэйэҕэ эмиэ дьайарын быһаарар. Өй-санаа үөрэҕэ быһаарарынан киһи куһаҕан санаата бэйэтигэр ордук улахан куһаҕаны, буортуну оҥоруон сөп. Ол курдук киһи куһаҕан санаата олус элбэхтик хос-хос хатыланан кэлин үгэскэ, ийэ кутугар кубулуйдаҕына, хаһан эмэ бэйэтэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, аны бу куһаҕан санаатын толорон кэбиһиэн сөбө ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Бас-баттах, көҥүлүнэн барбыт иитиилээх эдэр дьон өһүөннэрэ букатын сиэри таһынан барар. Арыгы испит уолаттары өйдөтө сатаан арыгылыыр куһаҕанын туһунан кэпсии сатаабыт милииссийэ эдэр үлэһитин үлтү кырбаан өлөрүүгэ эдэрдэр өһүөннээһиннэрэ тиийэр буолбута ордук хомолтолоох. (18,12).

Оскуола оҕолорун өһүөннэрэ сылтан-сыл эбиллэн, улаатан иһэр. Учууталлар оҕоҕо куһаҕан, оҕо сөбүлээбэт, абааһы көрөр сыанатын куттанан туруорбат буолан эрэллэр. Уол оскуолатыгар оҥостон анаан-минээн быһахтаах тиийэн куһаҕан сыананы туруорбут физика учууталын тоҕуста быһаҕынан анньыбыта биллэр.

Оҕо маннык быһыытын төрүт уус куһаҕан хааннаах диэн балыйар кыах суох. Бу буруйу оҥорор оҕолор үгүстэрэ кыахтаах, үчүгэй төрүттээх ыаллар оҕолоро буолар уратылаахтар эбит.

Биир дьиэҕэ олорор ыаллыылартан, аҥардас дьахтар сибэкки атыылааһынынан дьарыктанар эбит. Онтон анараа ыал эр киһитэ улахан бизнесмен, бу дьахтары аанньа ахтыбат, халты көрө сылдьарыттан дьахтара өһүрэ сылдьыбыт.

Биирдэ дьахтар атыылыыр киоскатын чугаһыгар биир массыына эмээхсини түҥнэри көппүт уонна куотан, баран хаалбыт. Ол иннинэ эрэ дьахтар дьиэ таһыгар турар массыыналартан өһүрэр ыалын массыынатын иннэ улаханнык хомуллубутун көрбүт. Ол иһин суол быһылаанын ырытыы, сибидиэтэллэри ыйытыы кэмигэр ыалын массыынатын ньүөмэрин этэн биэрбит.

Өһүөн аһара барыыта биһиги олохпутугар халыйыы, эдэр оҕолору иитэр үөрэхпит, өйбүт-санаабыт таҥнары, төттөрү өттүгэр баран иһэрин илэ көрдөрөрүн таба өйдөөн, ону көннөрөр туһунан төрөппүттэр быһаарыныахтара этэ.

Дьону кытта үлэлээһиҥҥэ улахан салайааччылар үгүс дьоҥҥо үтүөнү оҥорбокко куһаҕаны оҥордохторуна бэйэлэрэ олохторугар табыллан да олордохторуна оҕолоро, аймахтара соччо өнүйбэттэр, быстах суолга түбэһэллэрэ элбээн ахсааннара да аҕыйыыр, сорохторо улахан арыгыһыт да буолуохтарын сөп. Бу быһаарыыны улахан, биллэр салайааччылар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин олохторун чинчийии, кэтээн көрүү дакаастыыр.

Ол курдук үгүс дьоҥҥо үчүгэйи оҥорботох салайааччылар оҕолорун, сиэннэрин салгыы олохторо уустугурара, атын киһи куһаҕан санаата, бу киһиэхэ, бэйэтигэр да тиийбэтэҕинэ атыттарыгар, чугас дьонноругар син-биир тиийиэн сөбүн биллэрэр.

Киһи санаата олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйар, кыра аайы мөлтөөн, сыппаан испэт күүстээх буолара ордук. Саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооно баар. Утарар, бэриммэт, кыаттарбат, хотторбот, тулуйар санаа өһөс санаа диэн ааттанар уонна куһаҕан санаа буолбатах, үчүгэйэ ордук элбэх. Бу санаа аһара барбатаҕына киһини кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэр сүрүн күүс буолар. Дьиэ үрдүн тутан, уйан турар сүрүн мас аата өһүө диэн ааттанара киһиэхэ өһөс, өсөһөр майгы хайаан да наадатын быһаарар.

Бу сүрүн, ыараханы уйар мас тоҕо өһүө диэн буолла? Өһүө диэн дьиэ үрдүн ыараханыттан кэдэйбэтигэр аналлаах утары өҕүллүүлээх мас ааттанар.

Дьиэ өһүөтэ үрүт уонна ыарахан даҥ баттааһыныттан кэдэйэн турара көстүүтүн мөлтөтөрүн тэҥэ, киһиэхэ сууллаары, алдьанаары гыммыт курдук өйдөбүлү биэрэр. Сахалар дьиэни тутууну былыр-былыргыттан баһылааннар дьиэ иһигэр киирдэххэ үчүгэй көстүүтэ киһи санаатын тупсарыыны үөскэтэрин сатыыллар эбит. Ол курдук утары өҕүллүүлээх аналлаах маһы булан өһүө оҥорон уурдахха дьиэ иһин көстүүтэ тупсарын былыр үйэҕэ быһаарбыттар уонна өссө аналлаах дорҕоонноро сөп түбэһэр тылынан аат биэрэн ааттаабыттар.

Кэдэйэн биэрии диэн мөлтөөһүн, кыайбат буолуу, ыарырҕатыы, санаа түһүүтүн аата. Өһүө кэдэйиэ суохтаах. Кэдэйбит өһүө куһаҕан көрүҥнэнэр. Дьиэ үрдэ сууллан түһүөх курдук көстөр. Киһи маннык көстүүлээх дьиэҕэ тэһийбэт, санаатын баттатар, аанньа сынньаммат, тэһииркиир, санаата тохтообот.

Өһүө өсөһөн турар, ол иһин кэдэйбэт. Кэдэйэригэр утары өҕүллүүлээх буоларыттан кыратык кэдэйбитин биллэрбэт. Киһи санаата эмиэ өсөһөр күүстээх буоллаҕына эрэ киһи мөлтөөбөт, кэдэйэн биэрбэт, олох ыарахаттарын, үлэни-хамнаһы тулуйар күүстэнэр, кыайыыны ситиһэр кыахтанар.

Барыттан-бары санаабыт түстэ диэн арыгыга охтон, арыгыһыт буолан хаалар дьон билигин олус элбээтилэр. Бу дьон кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитиллэн тулуурдара тиийбэтиттэн, өһөстөрө суоҕуттан арыгыга ылларалларын билбэтэҕэ буолабыт.

Айылҕа тымныытын тулуйарга киһиэхэ тулуурдаах буолуу, тымныыны утарар санаа, оннук күүс хайаан да наада. Куруук тымныыга сылдьыахха, эти-сиини хамсатыахха, ититиэххэ оччоҕо киһи тымныыны тулуйа үөрүйэх буолар, тымныы кыаттарар. Сылааска сыта үөрэнэн, сымнаан биэрдэххэ тымныыны тулуйбат буолуу үөскүүрүн, онтон киһи этэ-сиинэ мөлтөөн ыарыыга ылларара элбиирин үгүстэр билэллэр.

Спортсменнар күүстээх, өһөс, туруулаһар санааланнахтарына эрэ ханнык эмэ ситиһиини, кыайыыны оҥорор кыахтаналлар. Бу санаа күүһүн бастыыры ситиспит спортсменнар олус үчүгэйдик билэллэр. Күрэхтэһэр киһи утарсааччытын хоторун туһугар аан маҥнай санаатынан хоттоҕуна эрэ кыайыыны ситиһиэн сөп. Утарар санаа өһөс санаа диэн ааттанар. Киһи өһөс санааланнаҕына эрэ олоҕор тугу эмэни ситиһэр кыахтанар.

Онон «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн былыргы өбүгэлэрбит үөскэппит өс хоһооннорун дириҥник сыаналаан олохпутугар, оҕолору иитиигэ туһанарбыт ирдэнэр. Бу өс хоһоонун кытаанахтык тутустахпытына эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит санаалара бөҕөргүүрүттэн омукпут сайдар, үүнэр кыахтанарын ситиһэрбит кыаллыа этэ.

ИИРСЭЭНИ ТАРДЫМА

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Тоҕус айыыны оҥорума» диэн этии баар. Олортон биир тутаахтара, өйү-санааны быһаарар, атын дьону кытта сыһыаны тупсарар аналлаахтара «Иирсээни тардыма» диэн ааттанар.

Иирсээн диэн туохтан эмэ сылтахтанан тыл-тылга киирсибэт буолуу, өй-санаа бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэрэ, утарыта хайысхаланыылара үөскээһинэ ааттанар. Иир диэн туох эмэ буккулуута, өй-санаа иириитэ буолар. Эрийэ-буруйа үүнэр талах сахалыы иирэ диэн ааттанар.

Иирсээн саҕаланан барыытыгар куһаҕан тыллары туттуу, сааныы, үөҕүү, тириэрдиэн сөп. Сааныы иирсээни саҕалыыр, онтон салгыыр. «Иэстэһиэм, кырбыахпыт, өлөрүөм» диэн сааныы иирсээн салҕанан, өссө күүһүрэн барарыгар тириэрдэр кыаҕа улахан.

Өйбүт-санаабыт туруга суох, аһара бара сылдьарыттан кэрээнэ суох буолуу, аһара кырбааһын, охто сытар киһини тэбиэлээһин бэйэни кыана туттуммат, кыайан тохтотуммат буолуу аһара элбээтэ. Бэрт кыра, тыл-тылга киирсибэтэхтэн сылтаан улахан, хас да киһи кыттыһыылаах охсуһуулар, кырбааһыннар элбээтилэр. Билигин арыгы иһиитин кэнниттэн тахсар иирсээннэртэн, бааһырыылартан, өлүүттэн-сүтүүттэн бэрээдэктээх дьон саллан, кэлэйэн сылдьаллар уонна буруйу барытын арыгыга түһэрэллэр.

Тулуура суох дьон кыратык да тыл-тылга киирсибэттэриттэн саҕалаан улахан иирсээни таһааран кэбиһэллэрэ киминэн да үөрэтиллэ, чинчиллэ илик. Биһиги бу үлэбит оннук ырытыыны саҕалыыр.

Кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй майгыга үөрэтиллибэтэх, ийэ куттара тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх эдэрдэр өйдөрө-санаалара арыгынан туманныран көттөҕүнэ, урукку сөбүлээбэт, өс, куһаҕан санааларын дьэ өйдөөн кэлэн, харса суохтарыгар киирбит кэмнэригэр олору аахсар, быһаарсар санаалара киирэриттэн арыгы иһэн баран охсуһуулар, кырбааһыннар, өлөрүүлэр элбииллэр.

Бииргэ аһыы, арыгылыы олорор дьон соҕотохто, тыл-тылларыгар киирсибэккэлэр илиилэригэр туох түбэспитинэн охсуһан, быһахтанан тураллара олус элбээтэ. Маннык кэмҥэ биир сыыһа туттууттан эдэр киһи саҥа саҕаланан эрэр олоҕо тосту уларыйан туоратыллар, хаайыы киһитэ буолан хаалар дьылҕаланара кими баҕарар долгутар.

Биһиги бу үлэбитигэр эдэрдэр майгылара үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларыйыыта түргэтээһинин, араас көрүҥнээх иирсээннэр элбээһиннэрин ырытыахпыт. Бу майгы уларыйыытыгар буруйдааҕы булуу эрэ маннык быһыылар салҕанан бара туралларын тохтотуон сөп. Ол иһин эдэр киһи майгына бу курдук, түргэнник уларыйарыгар ханнык быһыылар тириэрдэллэрин маҥнай быһаарыахпыт:

1. Кыра эрдэҕиттэн тулуура суох, барыта-бары көрдөөтөҕүн аайы баар буоларыгар үөрэнэн улааппыт оҕо кыра да тэппини көрбөт, сөбүлээбэтин таһыгар таһааран иһэриттэн иирсээни саҕалааччы буолуон сөп.

2. Аһара бара сылдьар майгылаах, мин эрэ билэбин диэн бэйэмсэх санаалаах атаах оҕо, бэйэтин ордугун былдьатымаары урут бастаан иирсээни саҕалыыр кыахтанар.

3. Кими да, төрөппүттэрин да, кырдьаҕастары да аанньа ахтыбат оҕо атын киһи этэрин букатын истибэтиттэн, сөбүлээбэтиттэн кыра да саҥаны, көннөрү да этиини иирсээҥҥэ кубулутуон сөп.

4. Атаах оҕо иннин биэрбэт, сыыһа эппит да буоллаҕына көннөрүммэт майгына эйэлэһиини, эйэнэн арахсыыны суох оҥорор. Кыра тыл-тылга киирсибэтэхтэн сылтаан улахан өс-саас үөскээн тэнийэн барыыта онтон саҕаланыан сөп.

5. Бэйэтин кыана туттуммат, тохтотуммат эдэр киһи илиитэ тугу оҥорорун кыайан салайбакка быһахтанан, сэптэнэн ыар быһыыны оҥорон кэбиһэрэ ордук хомолтолоох түмүккэ тириэрдэрэ билигин элбээтэ.

Тулуура суох киһи кыыһырбытыттан, абарбытыттан хараҕын үүтэ бүөлэнэн, сабыллан, өйө көтөн хааллаҕына араас сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыаҕа олус улаатарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Манна биилээҕинэн, сытыынан сэрэхтээхтик туттарга кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибэтэх оҕо сыыһа-халты туттунара аһара элбиирин төрөппүттэр билиэхтэрин сөп этэ.

Киһилии, киһи быһыылаахтык сылдьыыны, сиэри, бэрээдэги, сокуоннары тутуһууну киһи өйө-санаата сайдыбытын, өһөс, тулуурдаах буолуута үөскээбитин түмүгэр ситиһэрэ кыаллыбыта. Ол аата киһи санаатын күүһүнэн, өсөһүнэн бэйэтин быстах санааларын кыана тутта сылдьара, аһара ыыппата хаһан баҕарар наада.

Тулуура суох, санаата ыһылла сылдьар, бэйэтин этин-сиинин көрдөбүллэрин сатаан, кыайан тохтотуммат киһи, киһи быһыыта суох, ол аата сүөһүтүн майгыныгар түһэн ылар буолуон сөп.

Дьону кытта тапсыбат диэн этии иҥмит киһитэ баар буолар. Кыра эрдэҕинэ аһара атаах, бэйэтэ эрэ туспа көрүллүбүт оҕо дьону кытта тапсан коллективка сыстан сылдьара ыарахаттардаах буолар, бэйэтэ даҕаны дьонтон туспа сылдьары ордорор. Кыра эрдэҕинэ соҕотоҕун иитиллибит аһара атаах оҕо улаатан истэҕинэ, бэйэмсэҕэ улаханыттан атын дьону кытта тапсара ордук уустугурар.

Киһи атын дьоҥҥо сыһыаныттан тутулуктанан атыттар киниэхэ сыһыаннара үөскүүр. Дьоҥҥо эйэлээхтик, иллээхтик сыһыаннастахха кинилэр эмиэ эйэлээхтик сыһыаннаһалларыгар олук ууруллар.

Билигин демократия сокуоннара олоххо киирэр кэмнэригэр киһи киһиэхэ сыһыана ытыктабылга, тэҥнээх буолууга олоҕуран сайдыа этэ. Хас биирдии киһи бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаҥҥа бары сокуоннары, быраабылалары, ол аата сиэри тутуһар буолара хайаан да ирдэнэр.

«Киһи диэн киһи буоллаҕа дии» диэн киһини аһынар, харыстыыр, кыра, улахан суолтата суох сыыһаларын-халтыларын бырастыы гынар этии баар. Бу этии киһи киһи буолара ханнык эрэ кыйыалааҕын, кытыылааҕын, ону аһара түһүү куһаҕан буолан хаалыан сөбүн быһаарар. Киһи өйө-санаата бөҕө, туттунар, кыанар күүһэ баарын тухары киһи буолан сылдьар. Туттунар күүһэ суох буоллаҕына эбэтэр кыаҕа тиийбэтэҕинэ киһи быһыытын аһара туттунан кэбиһиэн сөп. Киһи быһыытын таһынан туттунуу куһаҕан майгыга киирсэрин бары билэбит.

Киһи киһилии быһыылары оҥорууну тулуурдаах, өһөс буоллаҕына эрэ кыайарын бу этии эмиэ бэлиэтиир. Ол аата киһи киһи буоларыгар өйө-санаата сайдарын тэҥэ тулуура, дьулуура, өһөс буолуута уруттаан сайыннаҕына табыллар.

Ол иһин, сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута аналлаах иитиилээх буоларын ирдиир. Ол ирдэбил, көрдөбүл, оҕо кыратыттан бэйэтин туттунар, тулуурдаах буолар күүһүн сайыннарыы «Аһара барыма» диэн үөрэҕинэн бэриллэр уонна минньигэһи аһара сииртэн туттунууттан сайдан, күүһүрэн барар. Бу үөрэх кыра эрдэххэ иҥэриллэрэ ордук тиийимтиэтин ийэ кут оҕоҕо кыра эрдэҕинэ ордук түргэнник иитиллэрэ, үөскүүрэ быһаарар.

Сайдыылаах үйэҕэ олорор оҕолор мааныга, баайга, талымҥа үөрэнэннэр тулуурдара, дьулуурдара суох буола иитиллэллэриттэн киһи быһыытын аһара туттуналлара, куһаҕан быһыыны оҥороллоро үксээн иһэр.

Арыгы өйгө-санааҕа быһаччы дьайарынан өй-санаа туругун хонтуруоллуурга туттуллар кыахтаах. Ол курдук арыгыны элбэхтик испит киһи «Өйө көтөн» ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэринэн кыра эрдэҕинэ хайдах, атаахтык, бас-баттах иитиллибитэ, өйүн-санаатын уратылара биллэн хаалыахтарын сөп. Итирдэр эрэ чабыланар, киһиргиир, күүһүнэн өртөйөр киһи халы-мааргы иитиилээх, атаах соҕус буолуон сөбө быһаарыллар.

Уҥуоҕунан кыра киһи итирдэҕинэ иирсээннээх соҕус буолар. Ол курдук олох кыра эрдэҕиттэн улахаттарга баттатар, үтүрүттэрэр курдук санаата олохсуйан, үгэс буолан хаалбыта, итирдэҕинэ биллэн кэлэн, аны быһаарсыыны, тыл-тылга киирсибэт, тапсыбат буолууну таһаарара иирсээни үөскэтиэн эмиэ сөп.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар кыра, улахан суолтата суох сыыһа-халты этиилэри эҥин тулуйар кыахтаах буолара наада. Православнай таҥара дьиэтэ киһини тулуурдаах буолууга үөрэтээри «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына иккис иэдэскин тоһуйан биэр» диэн этиилэрэ төһө да аныгы дьоҥҥо куһаҕаннык иһилиннэр өй-санаа уратыларын, тулуурдаах буолуу киһиэхэ хайаан да наадатын быһаарара олус сөп. «Кыыһырбат киһи кыыһырбыта сиэри таһынан барар» диэн этии киһи туттунар күүһэ эмиэ кыйыалааҕын, кыах тиийбэккэ, кыайан туттуммат буолуу кэмэ эмиэ кэлэрин биллэрэр. Бу быһаарыы киһи киһиэхэ сыһыана эмиэ ханнык эрэ «Кэмнээх-кэрдиилээх» буоларын, ону аһара барар куһаҕанын биллэрэр.

«Киһини аһара кыйахалаама» диэн этии киһи туттунар күүһэ суох эбэтэр бэйэтин кыайан туттуматаҕына киһи быһыытын аһара туттунан кэбиһиэн сөбүттэн харыстыыр этии буолар. Олус былыргы кэмнэргэ сахаларга сэт оҥоруу диэн быһыы баар этэ. Онно хайа эмэ киһини күһэйэн дуу, хайаан дуу киһиттэн таһынан туттарыгар үтүрүйүү, сэт оҥоруу кэнниттэн иэстэбили оҥоруохха сөп буолара. Манна киһи туттунар күүһүн өһүлэн, аһара кыыһырдан, кыйахаан баран сыыһа-халты тутуннарыы сүрүн төрүөт буолар эбит. Холобурга, улахан уолаттар сөбүлээбэт уолларын кыра уолунан кыйахалаан, атаҕастатан баран, кыра уолу көмүскээбит аатыран кырбыы сатыахтарын сөп. Билигин демократия сокуоннара ирдииллэринэн киһи киһиэхэ сыһыаныгар бэйэ-бэйэҕэ тулуурдаах, тэҥнээх, атаҕастабыла суох, аһыныгас сыһыан ирдэнэр.

Онон эдэр киһи сыыһа-халты туттубакка, дьону эчэппэккэ уһун олоҕун киһилии олорорун туһугар кыра эрдэҕиттэн барыны-бары тулуйар тулуурдаах, өһөс санаалаах буола үөрэнэрин төрөппүттэр хааччыйдахтарына эрэ табыллар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Тулуурдаах буол», «Иирсээни тардыма» диэн үөрэтэр.

ӨЛӨРYМЭ

Былыр-былыргыттан бултаан, балыктаан айахтарын ииттинэн киһи-хара буолбут саха дьоно булчут хааннаахтар. Араас улахан да, кыра да кыыллары, көтөрдөрү өлөрөн, бултаан аһылык оҥостон олохторун олороллор. Оччотооҕу кэмнэртэн ыла өйү-санааны үөрэтэн улахан да кыыллар, көтөрдөр өйдөрө-санаалара киһиэхэ төһөнөн эрэ тиийбэтин, итилэргэ салгын кут хаһан да сайдыбатын арааран билбиттэр.

Киһи бэйэтин эрэ «Ким», «Кини», «Кимий?» диэн ааттанар буоллаҕына, бары кыыллар, көтөрдөр уонна араас маллар бука барылара сахалыы «Ол», «Туох», «Тугуй?» диэн өйдөрө-санаалара киһиттэн букатын намыһаҕын, тиийбэтин бэлиэтээн туспа тылынан чуолкайдаан этиллэллэр.

Төһө да өйдөрө-санаалара намыһаҕын, буор уонна ийэ куттара эрэ сайдарын иһин улахан кыыллары, көтөрдөрү өлөрүүнү сахалар туспа сиэри-туому тутуһан оҥороллор. Ол барыта улахан кыыллар, көтөрдөр санааларын күүһүнэн киһиэхэ эмиэ туох эмэ дьайыыны оҥоруохтарын сөбүттэн харыстанан оҥоруллар.

Өлөрүү, тыыннаах тыынын быһыы хаһан да үчүгэйэ суох быһыы. Бултан ураты араас элбэх кыра кыыллары, тыҥырахтаах көтөрдөрү сахалар хаһан даҕаны мээнэ тыыппаттар, өлөрбөттөр.

Саха дьонун олохторун, таҥараларын үөрэҕэр «Өлөрүмэ» диэн этии баар. Бу этии атын таҥаралар үөрэхтэриттэн биир улахан уратытынан киһиэхэ, дьоҥҥо туһуланнаҕына ордук кытаанахтык тутуһуллара буолар.

Айылҕаҕа хас биирдии тыынар-тыыннаахтар тус-туспа аналланан айыллыбыттар. Саха дьоно уһун үйэлэрин тухары бултаан аһыылларыттан киһи сиир кыыллара уонна көтөрдөрө булт, ас диэн туспа бөлөххө киирсэллэр, олору өлөрүү бултааһын, аһылык диэн этиллэллэр. Ол курдук булт-ас буолар аналлаах минньигэс эттээх тыынар-тыыннаахтар, куобахтар, кууруссалар, кустар, хаастар туспа бөлөххө киирсэллэр. “Өлөрүмэ” диэн үөрэх булт, ас буолар тыынар-тыыннаахтарга сыһыана суох.

Киһи салгын кута сайдар, уларыйар, эбиллэр кыаҕыттан өйө-санаата аһара түргэнник сайдарынан атын кыыллартан, көтөрдөртөн улаханнык уратыланар. Саха дьоно киһи өйүн-санаатын итинник уратыларын былыр-былыргыттан билэннэр бэйэлэрин тылларыгар киллэрбиттэр эбит. Ол иһин киһи ханнык баҕарар кыыллартан үрдүктүк, туспатык турарын билинэннэр саха тылыгар киһини эрэ анаан «Ким», «Кини», «Кимий?» диэн ааттыыллар, ыҥыраллар, өйө-санаата уратытын биллэрэллэр.

Бу атыттартан барыларыттан киһини эрэ туспа арааран маннык ааттааһын саха омуга, сахалар олус былыргы, киһи өйө-санаата саҥа сайдан, киһилии быһыыланан эрэр кэмнэригэр үөскээн, тыллара оннун булуммутун быһаарар уонна билигин даҕаны табатык, уларыйбакка эрэ туттулларын бигэргэтэллэр. Ол курдук киһи уонна атын кыыллар, көтөрдөр, балыктар өйдөрүн-санааларын араастаһыыта билигин да уларыйар кыаҕа суоҕун билиниэхпит этэ уонна итилэри киһиэхэ тэҥнии сатыыры улахан сыыһанан ааҕан туттубаппыт сөп этэ.

Атын омуктар, нууччалар өй-санаа үөрэхтэрэ буккуллубут, киһини, бэйэлэрин, атын тыынар-тыыннаахтары барыларын кытта тэҥнээбиттэр, бары холбуу “Он”, “Она”, “Они” диэн ааттаналлар уонна ыҥырыллаллар.

Биһиги сахалар бэйэбит тылбыт өйбүтүн-санаабытын кытта тутулуктарын сүтэрбэтэҕиттэн уонна былыргыттан улаханнык уларыйбакка сылдьарынан киэн туттуохпут уонна өссө кыһанан харыстыахпыт этэ.

Айылҕаҕа олох ийэни уонна аҕаны көрсүһүннэрдэҕинэ уонна ыкса билсистэхтэринэ оҕо үөскээн төрүүр. Оҕо олоҕу олороору төрүүр. Бу киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу былдьаан ылыыны Айылҕа бэйэтэ кэмигэр оҥороро буоллар диэн үтүө санаалаах дьон саныыллар уонна ону толоро сатыыллар.

Киһи оҥорбот быһыылара диэн ааттанар быһыылар бары олус куһаҕаннар, дьон олоҕор буортулаахтарын бары билэллэр, ол иһин оҥорбокко кыһана сатыыллар. Киһи оҥорбот быһыылара куһаҕан быһыыларга киирсэллэринэн, бу быһыылары куһаҕан дьон биирдэ эмэтэ эбэтэр үчүгэй дьон сыыһа туттан эрэ оҥоруохтарын сөп. Киһи оҥорбот быһыыларыгар айыыны оҥоруу эмиэ киирсэрин өй-санаа үөрэҕэ оннун буллаҕына бары да билэр, олортон сэрэнэр буолуохпут.

Онон өйө-санаата сайдыбыт киһи төрүт, букатын оҥорбот быһыытыгар киһини өлөрүү киирсэр. Киһини өлөрүү диэн олус улахан ыар буруй, хара айыы буолар. Хайа да киһи хаһан даҕаны оҥорбот быһыыта, олус куһаҕан, ыар быһыынан ааҕыллар.

Киһи урут оҥорботох, аан маҥнай оҥорор быһыыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу буолар. Аан маҥнай оҥоруллубут быһыы киһи өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥэн хаалыан сөп. Киһини өлөрүү диэн олус ынырык, ыар быһыы буолан киһи өйүгэр-санаатыгар ураты дириҥник, букатын умнуллубат гына иҥэр кыахтаах. Элбэх киһини өлөрөөччүлэр хас биирдии өлөрбүт киһилэрин умнубакка өйдүү сылдьалларын Пичужкин диэн өлөрүөхсүт суукка эппитэ туоһулуур.

Оҕо аан маҥнай оҥорор быһыытын ханнык да буолбутун иһин, олус дириҥник өйдөөн хаалар. Аан маҥнай киһини өлөрүү олус ыар быһыы, саҥаны айыы буолан өйгө-санааҕа олус улахан дьайыыны, долгуйууну, уларыйыыны оҥорор. Киһи бу оҥорбут олус куһаҕан быһыытыгар сөп түбэһэр эппиэккэ тардыллыбатаҕына уонна бэйэтэ туттунар күүһэ мөлтөх буоллаҕына, субу оҥорбут хара айыытын хатылыыр кыаҕа улаатан хаалар кыахтаах.

Сахалар үөрэхтэринэн киһи диэн бары хамныыр-харамайдартан барыларыттан саамай өйдөөхтөрө, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынааччылара, өй-санаа өйдөбүллэринэн быһаардахха туспа, үөһээ кэрдиискэ турар. Кут-сүр үөрэх этэринэн киһи эрэ үс куттаах. Былыргы кэмнэргэ улахан кыргыһыыларга киирсэ, өлөрсө баралларыгар анаан-минээн хайа эмэ быстах үйэлээҕи булан сэриилэһэр сэптэрин хаанныыллар эбит. (9,118). Бу быһыы сүрүн сыалынан сэриигэ, өлөрсүүгэ киирсэр киһи кэтэмэҕэйдээн, илиитэ барбакка хаалан, чыпчылҕан түгэнигэр мүччү-халты туттунан, хойутаан, өстөөхтөрүгэр бэйэтин былдьаппатын диэн оҥорулларын билигин «Кут-сүр үөрэҕин» баһылаан биллибит.

Киһини өлөрбүт киһи өйө-санаата уларыйар, «тыына ыарыыр» диэн сахалар үөрэхтэрэ быһаарар. Бу киһи көҥүл сылдьара кутталланар. Ыар, хара айыыны оҥорбута өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥэн хаалыытыттан уонна бу оҥорбут хара айыытыгар эппиэтэ, иэстэбилэ кэлбэтэҕинэ, онтон эр ылан өссө өлөрөргө дураһыйыан сөп.

«Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһии өбүгэ үгэһэ» диэн этии төһө да куһаҕаннык иһиллибитин иһин, кэлин олорон хаалар көлүөнэ дьон өйдөрө-санаалара туруктаах уонна ыраас буолуутугар олус улаханнык көмөлөһүөн сөп. Ол курдук киһини аан маҥнай өлөрүү диэн өйгө-санааҕа олус улахан уларыйыылары киллэрэр саҥаны айыы, хара айыы, саҥаны, урут билбэти оҥоруу буолан олус дириҥ, умнуллубат өйдөбүлү хаалларар быһыы буолар. Өйгө-санааҕа итинник ыар бэлиэлээх, киһини өлөрбүт киһи өйө-санаата көнөрө олус уустук, саҥа үчүгэй үгэстэри хаттаан иҥэриниэр, оҥорбут ыар быһыытын умнуор диэри уһун кэми ыларынан былыргы, суут-сокуон кытаанах кэмнэригэр, бу этии олус сөптөөх уонна элбэхтик туттулла сылдьыбыт эбит.

Онон киһини өлөрүү диэн киһи өйүгэр-санаатыгар олус улахан ыар буруй, хара айыы буолар. Маннык буруйу, ыар быһыыны оҥорбут киһи хайаан да эппиэтинэскэ түбэһэн өйүн-санаатын өр кэмҥэ ыраастыыра эрэ бииргэ олорор дьонугар сыһыаныгар үчүгэйи оҥорон туһалыыр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын ыар быһыыттан харыстаан «Өлөрүмэ» диэн үөрэтэрин туһаныахпыт этэ.

АЛДЬАТЫМА

Сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэр тоҕус айыыны оҥорума диэн этиллэр. Бу киһи оҥорбот айыыларыгар ону-маны алдьатыы эмиэ киирсэр. Алдьатыма диэн этии дириҥ суолтатын хас биирдии улаатан иһэр оҕоҕо тириэрдии, үгэс оҥорон иҥэрии төрөппүттэр ытык иэстэрэ буолуон сөп.

«Алдьатар оҥорор буолбатах, судургу» диир сахалар үөрэхтэрэ. Ким барыта алдьатар кыахтаах. Киһи оҥорор быһыыларыттан барыларыттан саамай боростуойдук, судургутук, дөбөҥнүк оҥоруллар буолан алдьатыы улахан куһаҕаны үөскэтэр. Туох эмэ дьоҥҥо туһалааҕы, уһун үйэлээҕи тутуу, оҥоруу саҥаны арыйыы киһиттэн олус элбэх үлэни-билиини, түбүгү, бириэмэни эрэйэр буоллаҕына, алдьатарга улахан өй кырдьык наадата суох.

Алдьатыы киһи өйүттэн-санаатыттан тутулуктанан үс араас төрүттэргэ олоҕуруон сөп:

1. Алҕаска, сыыһа туттан алдьатыы.

2. Билбэт буолан алдьатыы.

3. Соруйан, билэ-билэ алдьатыы.

Алдьатыы бу төрүттэрин биир-биир ыламмыт кыахпыт баарынан ырытан көрүөхпүт:

1. Киһи олоҕун устата биирдэ эмэтэ да буоллар алҕаска, сыыһа-халты, мүччү туттан алдьатыыны оҥоруон сөп. Киһи сыыһа туттара сүһүөҕэ хамныырыттан, иҥиирэ тардарыттан, мэйиитэ эргийэриттэн олус элбэх тутулуктардаах. Бэйэ кыаҕын таһынан туттуу, барыы сыыһа-халты туттунууну биллэрдик үксэтэр. Кыаҕын таһынан олус үөһээ ыттыбыт киһи мэйиитэ эргийэн сыыһа-халты туттунар кыаҕа улаатара хаһан баҕарар бэйэ кыаҕын билинэри, ону тутуһа сылдьары эрэйэр.

Тута-хаба, оҥоро-тута үөрүйэҕэ суоҕуттан киһи мүччү-халты туттунара, сыыһа туттан алдьатара эмиэ элбэх. Манна тиэтэйииттэн, ыксааһынтан сыыһа-халты туттунуу ордук элбиэн сөп.

Оҕо улаатан истэҕинэ ону-маны сатаан тутта үөрэнэрэ, этин-сиинин эрчийэрэ, хамсата үөрэтэрэ, үөрүйэх оҥороро олус уһун кэми ылар. Оҕону тугу эмэ оҥороругар үөрэтэргэ, ону сатыыр дуу, сатаабат дуу, урут оҥорбут дуу, суох дуу диэн быһаарыы хайаан да наада. Аан маҥнай оҥорууга, саҥалыы оҥоро-тута үөрэниигэ оҕо үөрүйэҕэ суоҕуттан сыыһа-халты туттунуон сөбө улаатарыттан сэрэхтээх буолуута эрэ көмүскүүр кыахтаах.

Сэрэхтээх буолууга уонна сатаан туттунууга өр кэмҥэ үөрэнии, эти-сиини үөрэтии, үөрүйэх оҥоруу эрэ сыыһа туттууттан харыстыыр, быыһыыр кыахтаахтар. Оҕо өр кэмҥэ үөрэнэн, дьарыктанан сэрэхтээх буолууну уонна сатаан туттунууну сыыйа-баайа ситиһиэн сөп.

2. Оҕо, эдэр киһи ону-маны алдьатыытын үгүс өртө билбэт буолууттан үөскүүр быһыы диэтэххэ улахан сыыһа буолбат. Ону-маны билиэн-көрүөн баҕата элбэх оҕо оонньууру иһигэр туох баарын көрө охсоору үрэйэ охсон баран кыайан хомуйбакка алдьатара, ыһан кэбиһэрэ элбэх.

Субу оҥорор быһыылара куһаҕаҥҥа тириэрдэр диэни билбэттэриттэн элбэх саҥаны айа сатыыр оҕолор ону оҥорон кэбиһэр кыахтара улахан. Кумаҕынан ыһыахтыы оонньуур оҕоҕо үчүгэй эрээри, киһини ыһар куһаҕан диэни оҕо боруобалаан көрдөҕүнэ, хараҕар кумах киирдэҕинэ түргэнник билэригэр тиийэр. Кыра эрдэхтэринэ бэрээдэккэ үөрэтиллибэтэх уонна үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылар диэннэри арааран билбэт оҕолор улаатан баран ыар буруйу оҥорон кэбиһэллэрэ элбиир.

Ыт оҕото ууга кыайан умсубатын кыра оҕолор билбэттэриттэн толору уулаах ваннаҕа сууйан ыраастаары уган баран хам баттаан тимирдэн кэбиспиттэрэ эмиэ баар. Кинилэр ыттарын сууйар-сотор санаалара төһө да үчүгэйин иһин сатаабаттарыгар, билбэттэригэр тэптэрэн куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиспиттэрэ.

Улаатан иһэр оҕону кэмигэр үөрэтэн биэрэн иһии суоҕуттан, үчүгэйи, куһаҕаны кыайан араарбаттарыттан уонна ханнык быһыы куһаҕан буоларын билбэттэриттэн, аны олору бэйэлэрэ оҥорон кэбиһэр кыахтаналлара ордук улахан куһаҕаны оҥороллоругар тириэрдиэн сөп. Сахалыы хаһыаттар дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын суруйбаккалар, биллэрбэккэлэр, бу быһыылары дьон тоҕо оҥороллорун кылгастык быһаарбаккалар ордук улахан куһаҕаны оҥороллор. Саха оҕолоро дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билбэттэриттэн кэлин кэмҥэ куһаҕан быһыылары оҥорооччулар элбээтилэр. (19,22).

Киһи куһаҕан диэн тугун аан маҥнай туспа арааран биллэҕинэ эрэ, үчүгэй диэн тугун быһааран билэн олоҕор туһанар кыахтанарын төрүт умнумуохха. Оҕо төһө кыратыттан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр даҕаны олоҕор туһаны оҥостунар. Эрдэттэн билии туһаны аҕаларын таһынан сэрэхтээх буолууга эмиэ тириэрдэр. Сахалыы хаһыаттар дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын суруйбаттарыттан саха оҕолоро дьон тоҕо куһаҕан быһыылары оҥороллорун арааран билбэттэр. Ол иһин бэйэлэрэ билбэттэриттэн оннук быһыылары оҥорор кыахтаналларын аныгы төрөппүттэрбит балыттаран сылдьалларыттан эмиэ аахайбаттар.

Өй-санаа алдьатыы өттүн диэки сайдан, халыйан хааллаҕына дьон олоҕор куһаҕан, ыарахан кэмнэр кэлэллэр. «Айыыны оҥор» диэн оҕону үөрэтии өй-санаа алдьатыы өттүн диэки халыйан сайдыытын үөскэтэр. Оҕо элбэхтик саҥаны айаары, ол аата киһи билбэтин оҥороору сыыһа-халты туттунан алдьатара, буорту оҥороро элбээн тахсарын күөдьүтэр.

Бу куһаҕан быһыы диэн оҕо арааран биллэҕинэ, бу быһыыны оҥорботун умнумуохха наада. Киһи өйүн-санаатын оҥоруута оннук. Хаһан да уларыйбат. Аан маҥнай туох куһаҕан буоларын арааран биллэххэ эрэ үчүгэй диэн баара дьэ биирдэ быһаарыллан, арыллан тахсар уратылааҕын таба туһаныахпыт этэ.

Барыта үчүгэй буоллаҕына куһаҕан диэн суох буолан хаалар курдук. Ол аата, өй-санаа аҥар өттүн диэки халыйыыта үөскүүр. Дьону албыннааһын сайдан барар. Сэбиэскэй былаас аҥардастыы үчүгэйи эккирэтэн, барыта үчүгэй буолла диэн дьону албыннаан үс көлүөнэттэн уһаабакка эрэ эстибитэ.

Төһө даҕаны итэҕэйэр дьону албыннаабыт иһин, куһаҕан диэн син-биир баар, ханна да сүтэн, симэлийэн хаалбат, арай лаппа аҕыйыан сөп. Олох таһыма мөлтөөтөҕүнэ куһаҕан быһыылар өссө элбээн биэрэллэр.

Оҕо билбэтиттэн, бу куһаҕаҥҥа тириэрдиэ диэн сэрэммэтиттэн сыыһаны-халтыны оҥоруута элбээн иһэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Айыыны оҥорума» диэн этиитэ тохтото, аҕыйата сатыырын таба өйдөөн туһаныахпыт, оҕолорбут өйдөрүн-санааларын харыстыахпыт этэ. Киһи оҥороруттан уратытык, атыннык оҥордоххо саҥаны, дьон билбэттэрин оҥоруу үөскээн тахсар. Дьон билбэттэрин оҥоруу үгүс өттө куһаҕан буолар. Тоҕо диэтэххэ дьон өйдөрө-санаалара олус түргэнник сайдан иһэринэн билбэттэрэ, оҥорботторо диэн отой аҕыйаан иһэр.

Дьон барыта кэриэтэ үчүгэйи оҥоруон баҕарара кырдьык. Ол эрээри барыта баҕа санаа курдук табыллан биэрбэт. Бу быһыыны Россия урукку премьер-министэрэ В.Черномырдин олус таба этэн турар. Ол курдук террористары кытта сэрии табыллыбатаҕар быһаарыы биэрэригэр бу курдук диэбитэ: «Хотели как лучше, а получилось как всегда». Бу этии сахалыыта ордук табыллар: «Үчүгэй буолуо диэбиппит, куруук буоларын курдук таҕыста», -диэн куһаҕаҥҥа кубулуйбута хойутаан биллибитин биллэрэр.

Эдэрдэр тугу, хайдах оҥордоххо үчүгэй буоларын билбэттэриттэн, төрөппүттэрэ ситэ үөрэппэтэхтэриттэн сыыһа туттан ону-маны алдьаталлара элбэх. Холобур, кыһанан-мүһэнэн кыраабыл тииһин олордоору, ытаһатын сис маһын устатынан саайан хайа ыытан кэбиһии хомолтото улахан. Ытаһа туоратынан саайылыннаҕына тутара күүстээҕин уонна сис маһы хайыппатын оҕо билэр киһи ыйыытынан оҥоро-тута үөрэннэҕинэ эрэ таба оҥорор, сатыыр кыахтанарын умнубаппыт наада этэ.

Ити курдук, тугу эмэни сыыһа тутуннахха, дьон оҥороруттан атыннык, уратытык оҥордоххо, ол аата айыыны оҥордоххо алдьатыы үөскүүрэ элбиир. Саха дьонун олохторун, таҥараларын үөрэҕэ «Айыыны оҥорума» диэн оҕо, эдэр киһи элбэх сыыһаны-халтыны оҥороруттан харыстыыр аналлаах.

3. Киһи оҥорбута барыта кэмэ кэллэҕинэ эргэрэр, алдьанар, үрэллэр, ыһыллар, сайдан иһэр олох таһымыгар эппиэттээбэт буола хаалар. Эргэрбити, алдьаммыты саҥалыы оҥорон, тупсаран биэрии хайаан да наада.

«После нас хоть потоп» диэн этии оҥорор, тутар, кэнники хаалар көлүөнэлэргэ үчүгэйи баҕарар өйдөбүлэ суох. Бу өс хоһоонун дьайыытыгар түбэспит көлүөнэлэр Айылҕаҕа төһө баҕарар улахан хоромньуну оҥоруохтарын сөбүн биллэрэр.

Сорох дьон соруйан, билэ-билэ, өйдөөн-санаан туран алдьатыыны оҥороллор. Киһи олоҕун устата үчүгэйи, бэйэтигэр туһалааҕы, барыс киирэрин оҥосторо ордук элбэх. Бэйэтигэр туох эмэ туһа тахсар, барыс киирэр буоллаҕына, биир эмэ киһи алдьатыыны оҥоруон сөп. «Алдьархайтан ас-таҥас таһаарар» диэн этии сахаларга баар. Бу этии дьону тугунан эмэ ыган, кыпчыйан бэйэҕэ барыһы элбэҕи киллэринии аата. Бу быһыыга саас уонна күһүн суолга хаайтарыынан туһанан сыананы олус ыаратан элбэх барыһы ыла сатааччылары киллэриэххэ сөп.

Коммунистар оҕолору куһаҕан киһи буол, куһаҕаннык быһыылан диэн үөрэппэтэхтэрэ эрээри, үөрэтии барыта үчүгэй эрэ быһыы, үчүгэйи эрэ оҥоруу диэки аҥардастыы хайысхалааҕа. Сэбиэскэй киһи үчүгэйи эрэ оҥорор аналлаах, оҕо төрүөҕүттэн үчүгэй диэн үөрэтэллэрэ. Арай ол үчүгэй диирбит хаһан да кыайан кэлбэт коммунизм буолан хаалан баҕа санаа туолбатын үөскэппитэ уонна «үчүгэй» диэн ааттыырбыт барыта куһаҕаҥҥа кубулуйбут эбититтэн Сэбиэскэй Сойуус түргэнник эстибитэ.

Барыта «үчүгэй буолла» диэн үөрэх уһун кэмҥэ дьайыыта өй-санаа сайдыытын аҥар өттүгэр халыйыыга тириэрдибитэ, куһаҕан диэн суоҕун курдук өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрбитэ. Бу өйдөбүл салгыы сайдан оҕо төрөөтөр эрэ үчүгэй киһи буолар диэҥҥэ тиийэ сайдыбыта. Ону баара, оҕо хайдах иитиллибититтэн, үөрэтиллибититтэн өйө-санаата тутулуктаах буола улаатара олус былыргы кэмнэртэн ыла уларыйар кыаҕа суох. Оҕо улаатан киһи буолуу үөрэҕин баһылаатаҕына эрэ, олоҕун киһи быһыылаахтык олорорун билигин да ситэн өйдүү иликпит хомолтолоох.

Бу коммунистар сыыһа үөрэхтэрин билигин “айыы үөрэҕэ” салҕаан иһэрэ ордук куһаҕан. Перестройка кэнниттэн урукку олох, өй-санаа үөрэҕэ хаалбытын сайыннаран саҥаны айар, саҥаны оҥорор санааларыгар бары саҥаны айарга, оҥоро сатыырга аһара дьулуһууларын күөртээбиттэрэ. Бу элбэх саҥаны айа сатааһын кэлин тиһэҕэр эдэрдэр куһаҕаны оҥоруулара элбээһинигэр тириэрпитин бары хаһыаттар бигэргэтэн суруйаллар.

Дьон-аймах өйдөрө-санаалара сайдан истэҕинэ ону-маны айан-тутан туһалааҕы оҥорон, олоххо киллэрэн иһэллэр. Олус элбэх саҥаны айыылартан биир эмэтэ эрэ дьоҥҥо туһалаах, туох эмэ туһа тахсара баар буолар. Онтон атыттара, ол аата, олус элбэх өттө бары сыыһа-халты буоланнар дьоҥҥо уонна Айылҕаҕа буортулаах буолан тахсалларын таба өйдүөхпүт этэ.

Сахалар киһи буолуу үөрэхтэрэ оҕо ситэ сайда, үөрэҕи-билиини баһылыы, үчүгэйи, куһаҕаны араара, оҥоро-тута үөрэнэ илигинэ саҥаны айара, ол аата айыыны оҥороро аҕыйах, биир эмэ буоларыгар баҕаран «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр. Онон сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын таба быһаарара арыллар.

ТИЭТЭЙИМЭ, ЫКСААМА

Оҕо улаата охсоору тиэтэйэр, ыксыыр. Төһө улааппытын күн аайы кэмнээн көрөр, кэтэһэр кыахтаах. Өйө-санаата аһара сайдаары ыксатар, баҕа санаата халлаан куйаарынан сындыыстыы көтөр, сири сиксигинэн тилийэ сүүрэр. Баһын иһэ барыта араас баҕа санааларынан туолан, таһынан бараары таһымныыр.

Улаатан эрэр оҕо барыга бары улахан дьону кытта кыттыһа охсоору, кинилэр курдук буолаары, табах тардаары, арыгы иһээри, көҥүлүнэн, талбытынан кимиэхэ да дакылааттаабакка, ыйыппакка сылдьаары ордук тиэтэйэр.

Оҕо өйө-санаата тулуурдаах буолуутугар «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн этии үөрэтэр, уоскутар, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ сыһыаннааҕын биллэрэр. Ол курдук оҕо этэ-сиинэ ситэ илигинэ өйө-санаата төһө да кинигэ билиитин билбитин иһин, ол билиилэрин туһанар кыаҕа суох. Олох үөрэҕэр үөрэнии кэмин иннинэ кыайан кэлбэт. Ол иһин «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиини тутуһарга, толорорго, тулуурдаах буолууга үөрэнэргэ эрэ тиийиллэрин оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ ордук. “Улаата түс, оччоҕуна билиэҕиҥ” диэн этии оҕо тулуурдаах буолуута сайдарыгар эмиэ туһалыыр.

Тыа оҕото улаата охсон, саалана, кустуу, куобахтыы охсоору олус тиэтэйэр, сааны көтөҕөлөөн көрөн хаһан кыайар буоларын кэтэһэр, улаата охсон хаһан саа саҕа буоларын манаһар.

Кыра эрдэххэ күн уһуна, каникул кэлэн биэрбэтэ, үөрэх дьыла бүтэн быстыбата олус кэтэһиилээх, кыһыҥҥы улахан тымныылар ааһалларын, саас кэлэрин оҕолор ордук күүтэллэр.

Оҕо тиэтэйэриттэн, оҥоро охсоору ыксыырыттан сыыһа туттара олус элбэх. Кинини тиэтэтимиэххэ, ыгымыахха наада. Ону-маны оҥороругар аан маҥнай элбэхтик толкуйдаан, ырытан, санаатыгар оҥорон көрөн, субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын быһааран баран оҥороро ордугун билэрэ туһалаах.

Пугач бэстилиэти оҥосто охсон баран боруобалыыр ытыытыгар туруупката хайа баран хаалан сирэйин буорахха сиэппит оҕо билбэтиттэн, тиэтэйбититтэн, ханнык эрэ туруупканы булан туһаммытыттан улаханнык дэҥнэммэтэҕэр үөрүөн сөп. Билбэтиттэн, саҥаны айан, айыыны оҥорон, онтун боруобалыы охсоору алдьархайга түбэһэ сыспыта хата этэҥҥэ ааспытыттан үөрүөн эрэ сөп.

Оҕо тугу оҥороругар куруук ыксыыр, тиэтэйэр, оҥоро-тута, улаата охсуон баҕата баһаам, таһынан таһымныыр. «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этэн үөрэтии саҥа ону-маны оҥоро үөрэнэн эрэр оҕоҕо ордук сыһыаннаах. Бу этии ону-маны оҥорууга тиэтэйбэт, ыксаабат, ыгылыйбат буолууга ыҥырар. Оҕо улаата охсор баҕа санаатыттан улахан дьон курдук көстөөрү табаах тардыыга, арыгыны иһиигэ кыахтаннар эрэ кыттыспытынан барарын бу этии тохтото, өйдөннөрө сатыыр.

Оҕо оҥоро-тута, бүтэрэ, ситиһэ охсоору ыксаабыт, тиэтэйбит санаатыгар «Чэ, маннык табыллыыһы» диэн быһа, ойута охсубута сыыһа буолан хааллаҕына, куһаҕаҥҥа кубулуйарын умнумуохпутун наада. Тиэтэйэн, ыксаан оҥоруллубут дьыала сыыһа-халты буолара элбэх. Саһааны сабыта быраҕаттаан куһаҕаннык дьаарыстаатахха ситэ үрдээбэккэ эрэ сууллан хаалара, тиэтэйбэккэ үлэлииргэ туһалаах үөрэх буолуо этэ.

Киһи бары оҥорор дьыалаларыгар ыксыыра сыыһа, табыллыбат. Тоһоҕо күрүөнү синньигэс маһынан тутан салыбыратан түргэнник бүтэрэн кэбистэххэ үс-түөрт сылынан эмэҕирэн, онон-манан охтуталаан барыан сөп. Төһө да үлэтэ-хамнаһа элбэҕин иһин үс мастаах үүт күрүөнү тутан дьэргэтэн кэбистэххэ сүүс сыл холкутук туран элбэх туһаны аҕалыан сөп.

Туох барыта табыллыбатаҕына, кыаллыбатаҕына, туга эрэ сатамматаҕына сонно тута куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылааҕын үлэһит, бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорор дьон ордук билэллэр. Олоххо, үлэҕэ-хамнаска сылдьан биир сыыһа-халты туттуу оҕо, эдэр киһи олоҕун төрдүттэн уларытан кэбиһиэн сөбүн төрөппүттэр өйдөөн оҕону иитиигэ «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн саха дьонун олохторун үөрэҕин туһаналлара ордук этэ.

«От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн этиини киһиэхэ, үчүгэйбит диэн сананааччыларга, бэйэбитигэр, букатын сыһыана суох курдук саныыбыт. Ол эрээри билигин эдэр уолаттарбыт сыыһа-халты туттунан хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитин кэнниттэн, хойутаан да буоллар син өйдөнөммүт оҕону иитиигэ хаһан уонна ханнык сыыһалары, итэҕэстэри оҥорорбутун ырытан, толкуйданан көрөрбүт наада буолла.

Тиэтэйии, тиийэ охсуу ордук массыынаны ыытарга биллэр. Оҕо хаһан баҕарар тиэтэйэр, тугунан эмэ, туох эмэ тиэхиникэнэн түргэнник, кыаҕа баарынан барыыны боруобалаан көрбөтөх оҕо диэн суох. Кыра тэлиэскэнэн намыһах эниэттэн түспэхтээн баран, мыынар санаата киирэн үрдүк сыырга тиийэн аллараа түһүнэн кэбиһэн сирэйин-хараҕын хаппыт буорга тоҕо түспүт оҕо, сэрэхтээх буолууга эрэйдэнэн, кэһэйэн үөрэммитин да иһин түргэнник айанныыр баҕа санаата син-биир хаалан, сүтэн хаалбат.

Сокуон быһыытынан суоппардыырга, массыынаны ыытарга, ол аата түргэнник айанныыр, кутталлаах тиэхиникэни салайарга быраабы биэрии оҕо 18 сааһын туолбутун кэннэ биирдэ бэриллэр. Бу быһыы аныгы дьон санааларыгар хойутаан биэрии курдугун да иһин оҕо өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһэр, олоххо уопутуран, үтүө үгэстэри иҥэриммитин кэннэ кутталлаах тиэхиникэни салайарын көҥүллүүрэ чахчы сөп.

Ол аата оҕо өйө-санаата сиппитин, киһи буолууну ситиспитин, тугу барытын толкуйдаан, ырытан, туох содул үөскүүрүн быһааран баран оҥорор буолбутун кэнниттэн биирдэ түргэнник айанныыр, кутталлаах тэрили ыытарга быраабы бэриллэрэ сөп.

«Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр» диэн этии тиэтэйэн, ыксаан туран оҥоруллубут дьыала туга эрэ табыллыбакка сатамматын, туһата суохха кубулуйарын быһаарар. Икки хараҕа суох ыт кимиэхэ наада буолуой? Суох буоллаҕа дии. Сатамматах, табыллыбатах дьыала туһата суох хааларынан куһаҕаҥҥа кубулуйарын иһин итинник эппиттэр.

Оҕону тиэтэтэр куһаҕан. «Айыыны оҥор» диэн этии оҕону тиэтэтэр, дьон билбэттэрин, урут оҥорботторун оҥоро охсоору оҕо ыксаан сыыһа-халты туттунуон сөп балаһыанньатын үөскэтэр уонна элбэтэр. Олоххо ситэ уопутура илик, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн таба туһанарга үөрэнэ илик оҕо, биирдэ сыыһа туттан улахан алдьархайга түбэһиэн сөп.

Оҕо өйө-санаата улахан дьонтон уратытын, ийэ кута үөскээн иитиллэ илигин төрөппүттэр билэн оҕолорун үөрэтэллэригэр «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн үөрэҕи тутталлара ордук улахан туһаны аҕалыа этэ. Оҕо субу оҥороору турар дьыалатын өссө ырытан, толкуйдаан баран оҥороругар сүбэлээһин, тиэтэйбэккэ хайдах оҥороругар көрдөрөн биэрии сыыһа туттууттан, алҕаһы оҥорууттан харыстыырга аналланар. Киһи быһыылаах киһи сыыһа туттунартан көмүскэллээх буолуута, туттунар, аһара барбат майгына оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриллэр. Оҕону аһара барбат, бэйэтин туттунан тохтотунар буоларыгар кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэтии умнуллубатынан туһата улаатар. Кыра эрдэҕинэ олус мааны, атаах уол улаатан, арыгы истэҕинэ охсуһара, аһара туттара киирэрэ, хаайыыга хаста да түбэһэригэр тириэрдибитэ.

Сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ оҕо өйүн-санаатын харыстыырга, сыыһаны-халтыны оҥороруттан көмүскүүргэ аналланар. Төрөппүттэр, кэлэр көлүөнэлэрбит туһугар кыһанар буоллахпытына былыргы өбүгэлэрбит үтүө, туһалаах үөрэхтэрин умнубаппыт, туһанарбыт ордук буолуо этэ.

«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этии кэлээри бэлэмнэммит кэмэ кэллэҕинэ хайаан да кэлиэҕэ диэни өйдөтөр. Бу этии ордук улаатан иһэр оҕоҕо сыһыаннаах. Ол курдук оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн истэҕин аайытын өйө-санаата хаалан да хаалбакка, аһара да барбакка, тэҥҥэ сайдан иһэрин хааччыйдахха өй-санаа туруктаах буолуута үөскээн олоххо ордук ситиһиилэниэн, элбэх туһалаах дьыалалары оҥоруон сөп.

Этэ-сиинэ сиппит улахан оҕону кыра оҕо курдук көрүү, атаахтата, маанылыы сатааһын аныгы төрөппүттэргэ ордук сайынна. Отута буолара чугаһаабыт уолларын көрө-харайа, ыйан, көрдөрөн биэрэ сатыыр иллэҥ төрөппүттэр элбээн хааллылар.

Оҕону аһара көрөн-истэн маанылаан, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан кэбистэххэ өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин ситиититтэн хойутаан, хаалан хаалар. Эт-сиин уонна өй-санаа көрдөбүллэрин сөп түбэспэт өрүттэрэ арыллан, күүһүрэн тахсыыларыттан өй-санаа туруга суох буолуута улаатар.

Онон оҕо өйө-санаата сайдыыта этэ-сиинэ улаатан иһиититтэн хойутаан, хаалан да хаалбакка уонна аһара баран кэмин иннинэ уруттаабакка тэҥнэһиини тутуһан истэҕинэ туруктаах өй-санаа үөскүүр. Ол аата оҕо өйө-санаата сайдыыта уонна этэ-сиинэ ситиитэ «Кэмин-кэрдиитин» тутуһан истэҕинэ табыллар. Бу быһаарыы эмиэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна хайа-хайалара аһара барыылара куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөбүттэн сэрэтэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр коммунистар олус тиэтэйэн дьон өйүн-санаатын түргэнник көннөрө, тупсара охсоору араас репрессиялары ыыппыттара, көһөрүүлэри, көскө ыытыылары туһаммыттара. 1980 сыллаахха коммунизмы тутуохпут диэн албыннаабыттара сотору арыллан дьон итэҕэлин букатыннаахтык сүтэрбиттэрэ. Өй-санаа үөрэҕин, уларыйыыларын билбэт дьон итинник түргэнник сайдыыны ситиһэ сатаабыттара, кэлин албыннааһыҥҥа быһаччы кубулуйбута бэйэлэрэ эстиилэригэр тириэрдибитэ.

Олох хаамыытын ыган тиэтэтии, өйү-санааны быһалыы баран сайыннарыы кыайан табыллыбатын сэбиэскэй былаас эстиитэ дакаастыыр. Ол курдук быһалыы баран, капитализмы ааһа көтөн социализмҥа быһа тиийии хаалыылаах өйдөөх-санаалаах, саҥа байыаннай коммунизмтан эрэ төлөрүйбүт Россия дьонугар ыараханнык дьайар. Баай-мал үллэстиитин кыра сэриилэригэр билигин даҕаны элбэх киһи өлө турар. Өй-санаа сайдыыта төһө эмэ уһун кэми ыларын билигин үөрэхтээхтэр кыайан таба суоттаан билиһиннэрэ иликтэр. Арай сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ билинэринэн дьон өйө-санаата үс көлүөнэ солбулуннаҕына уларыйар.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта, этэ-сиинэ ситиитэ, киһи буолууну баһылааһына 25 сылы, үйэ чиэппэрин ылар. Кинини кыра эрдэҕинэ төрөппүтэ бэйэтин олоҕун үөрэҕэр баһылаан-көһүлээн, салайан үөрэтэн кэбиһэриттэн, ийэ кутун иитэринэн төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатара биллэр.

Олоххо уларытыыны киллэрэр туһалаах санаа оҕо улааппытын, өйө-санаата сиппитин, киһи буолууну ситиспитин кэнниттэн киирдэҕинэ туһата улахан, табыллара элбэх буолуо этэ. Ол аата бэйэтэ 25 сааһын лаппа ааспыт киһи олоххо киирбит уларыйыыны таба өйдүүр кыахтанар. Ол эрээри кини оҕотун үөрэтиитигэр урукку бэйэтин үөрэппиттэрин курдук үөрэтиини туһанара, оҕото олоххо үөскээбит уларыйыыны ылыммакка, уруккулуу өйгө-санааҕа иитиллэригэр тириэрдиэн сөп.

Улаатан, өйө-санаата сиппит киһи бэйэтин оҕотун уларыйбыт олох үөрэхтэригэр үөрэтэр кыахтанар. Ол аата билигин баар дьон сиэннэрэ саҥа олох уларыйыыларыгар кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн улаатыахтарын сөп. Бу быһаарыыны тутустахпытына сахалар дьон өйө-санаата уларыйыытыгар үс көлүөнэ дьон олохторо сөп буолар диэн этиилэрэ чахчы таба буолар.

Онон биһиэхэ ырыынак сыһыаннарыгар кыра эрдэхтэриттэн үөрэхтээх көлүөнэлэрбит саҥа төрөөн эрэллэр. Билигин баар оҕолор улаатан оҕолорун ырыынак сыһыаннаһыыларыгар үөрэттэхтэринэ, оҕолоро, оннук өй-санаа кыра эрдэхтэриттэн иҥэриллэн улаатыахтарын сөп. Өй-санаа ырыынак сыһыаннарын иҥэринэн уларыйыыта салҕанан баран иһэр.

СЭНЭЭМЭ

Хас киһи барыта ураты, тус-туспалар. Өйдөрө-санаалара ордук уратылаахтар. Оннооҕор игирэлэр тус-туспа майгылара элбэх. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар ытыктабыллаахтык, биир тэҥник сыһыаннаһарга үөрэтэр.

Айылҕаттан бэриллэр талаан баара киһи киһиэхэ сыһыаныгар тэҥнээн биэриини оҥорор. Ол курдук бэйэтэ улахан, күүстээх, доруобай эттээх-сииннээх киһи «Бери больше, кидай дальше» диэн этиигэ сөп түбэһэр өйдөөх-санаалаах буолара былыргыттан биллэрэ, аҥардастыы күүһүнэн өттөйүү киһи киһиэхэ сыһыаныгар сөп түбэспэтин быһаарар.

Улахан уҥуохтаах дьон бэйэлэриттэн кыралары үөһэттэн таҥнары көрөллөрүттэн хайдах эрэ баһыйар курдук санааҕа оҕустараллара элбэх. Ол эрээри өй-санаа киһи уҥуоҕуттан тутулуга суоҕа быһаарыллыбыта ыраатта. Өй-санаа уонна эт-сиин бэйэ-бэйэлэрин кытта хардары-таары тутулуктаахтар уонна олор омук үйэтэ төһө уһунун кытта эмиэ сибээстээхтэр.

Бу тутулук «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук ордук күүстээх эттээх-сииннээх саҥа омук икки араас омуктар холбоһууларыттан үөскээн, сайдан, ахсааннара эбиллэн, саҥалыы үөскээн тахсар. Саҥа омук үөскээтэҕинэ, өйө-санаата саҥалыы сайдан барыытыгар кырдьаҕас омуктартан арахсан бэйэтин туспа уратыларын билинэн барар. Ол аата өйө-санаата үгүс өттүнэн икки омук өйүттэн-санаатыттан холбонон, икки тылынан буккуйа саҥаран саҥалыы сайдан барар.

Омук этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан барыытыгар, ол аата уҥуохтара кыччаан иһэр кэмигэр өйдөрө-санаалара ордук мунньуллан үрдүк сайдыыны ситиһэр кэмнэрэ кэлэр. Бу этии дакаастабылынан киһи сааһыран истэҕинэ олоҕун уопута элбээһиниттэн өйө-санаата ордук эбиллэн, мунньуллан, күүһүрэн иһиитэ буолар.

«Киһини санаата салайар» диэн сахалар этэллэр. Киһи санаата ураты күүстээх, туохтан да иҥнибэт, хайа баҕарар киһиэхэ хантан баҕарар дьайыыта тиийиэн сөп. Саха дьоно былыр-былыргыттан бу үөрэҕи билэллэриттэн уонна туһаналларыттан кырдьаҕастары ытыктыыр санаалара хаһан да мөлтөөбөт, өй-санаа эбиллэн, күүһүрэн иһиитин таба сыаналыыллар.

Эдэр сэнэх эрдэххэ киһи күүһэ-кыаҕа элбэҕиттэн тугу барытын кыайа-хото тутуу, суоҕу да баар оҥоруу туһунан санаалара аһара элбэх буолаллар. Бу кэмҥэ эдэр киһи аһара барар санаата атыттар, арыыйда мөлтөхтөр, кыралар, кырдьаҕастар үрдүлэринэн көппөтүн, барбатын наадатыгар сахалар «сэнээмэ» диэн үөрэтэллэр.

«Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн этии дириҥ суолтатын ордук спортсменнар билэллэр. Урукку кэмҥэ киэҥник биллибит тустуук ханнык эрэ аата-суола суох күрэхтэһээччигэ кыаттарбыта соһуччу солун буолааччы. Эдэр күрэхтэһээччини ааттарынан-суолларынан саба баттаан кыайыыны-хотууну улахан эрэйэ суох ситиһиэхпит диэн быстах санааҕа оҕустарыы сыыһатын элбэхтэр, урукку чемпионнар билбит суоллара.

«Киһини сэнээмэ» диэн этии хайа да киһини сэнээмэ, анныгынан санаама, үрдүнэн барыма диэн үөрэтэр, сэрэтэр. Санаа төһө күүстээҕэ киһи уҥуоҕуттан тутулуга суох. Аһара күүстээх санаалаах сааһырбыт киһи ойуун, удаҕан буолуон сөп. Бултуйбут балыксыт айаннаан иһэн биир кыра киһини көрсөн кэпсэппитигэр киһитэ «Балык амсайыа этим» диэбитин аххайбакка, истибэтэҕэ буолан ааһа турбут. Киһитэ хомойон: «Уу үөнүн харыһыйар. Балыккын барытын кыайан сиэбэтиҥ буолуо»,- диэн ботугуруу хаалбыт. Бу киһи балык уҥуоҕар харан улаханнык эрэйдэммитэ үһү.

Дьонтон ордук курдук туттума, үрдүктүк сананыма, атыттары анныгынан санаама диэн этии киһи санаата туохтан да иҥнибэтинэн, тугунан да тутуллубатынан дакаастанар. Сэнэнэн аанньа ахтыллыбат да курдук көрүҥнээх киһи санаата күүстээх буоллаҕына бэйэтин санаатын ситиһэр кыаҕа улаатарын табан сыаналыахпыт этэ.

«Дьыбардаахха саҥарыма» диэн этии киһиргэс буолууну сэрэтэрин таһынан, аһара үрдүктүк туттума, улаханнык этинимэ диэн быһаччы өйдөбүллээх. Саҥа көрүүгэ синньигэс, кыараҕас, намыһах да курдук көстүбүт сири-дойдуну мыынан, аанньа ахтыбаты улаханнык саҥаран биллэрбит киһи эрэйгэ тэбиллэрин туһунан былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэр. Бу быһаарыыга төрдүттэн куһаҕан өйдөбүллээх тылы улаханнык, элбэх киһи истэр гына саҥарыы эмиэ киирсэр.

Сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыы, аанньа ахтыбат буолуу сэнэбили үөскэтэр. Үөһээттэн таҥнары көрүү сэнэбил бэлиэтэ. Хантайан туран кэпсэтии, хантаарыҥнааһын, сэнэбиллээхтик, аанньа ахтыбаттык сыһыаннаһыыны көрдөрөр бэлиэ. Ол иһин «Хантайан туран силлээмэ, хараххар түһүөҕэ» диэн этии үөскээбит уонна сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыма диэн өйдөтөр.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ биир киһи олоҕунан муҥурдаммат, салгыы хас да көлүөнэ дьон олохторун барыларын холбуу ылан быһаарар. Бэйэтэ дьоҥҥо аанньа ахтыбаттык, сэнэбиллээхтик сыһыаннаһар киһи оҕолорун эмиэ соннук үөрэтэн кэбиһэрэ, эдэрдэр майгыларын бу уратыта өссө аһара барарыгар тириэрдэр. Куһаҕан майгы аһара барыыта сиэннэрин олохторун өссө уустугурдан, бу аймахтар салгыы өссө мөлтүүллэригэр, эстэллэригэр тириэрдэрэ ордук куһаҕан.

Дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр кыайан тэҥнэһэр кыахтара суох. Үгүстэр үлэлээн-хамсаан, кыайан-хотон олохторун дьон курдук оҥостунар кыахтаахтар, онтон сорохтор доруобуйалара мөлтөҕүттэн, өйдөрө-санаалара тиийбэтинэн ону ситиһэр кыахтара кыра. Ол иһин дьон кыахтаах өртүлэриттэн мөлтөхтөргө амарах, аһыныгас сыһыан эмиэ эрэйиллэр.

«Кинини кытта аахсан да диэн», «Киһи аахсыбат киһитэ» диэн этиилэр, бу киһи кырдьык өйүнэн-санаатынан намыһаҕын, кыайан киһилии быһаарсар кыаҕа суоҕун биллэрэллэр. «Айыы киһитэ» диэн этии бу киһи өйө-санаата мөлтөөн-ахсаан Үөһээ дойдуга тахсара олох чугаһаабытын, бэйэтэ «Киһи аахсыбат киһитэ» буолбутун биллэрэр.

Дьон кыахтаах өттүлэрэ дьадаҥы, кыаҕа суох диэн сэнээбэккэ эрэ көрөн-истэн көмөлөһөн, өрө тардан, батыһыннаран биэрэр кыахтаннахтарына үгүстэр махталларын ылыахтарын сөп. Элбэх киһи үтүө санаата бииргэ түмүстэҕинэ туһалаах дьайыыта улаатарын туһунан сахалар билэллэриттэн тулалыыр дьон үтүө санаалара элбиирин туһугар кыһаналлар этэ.

КИКСЭРЭН, ТЭПТЭРЭН БИЭРИИ

Киһи тугу эмэ кыайан оҥорумаары эбэтэр туоҕа эмэ сатанымаары гыннаҕына атын киһиттэн сүбэ, ыйыы көрдүүр, ыйыталаһар. Маннык ыйыталаһан сүбэ көрдөөһүнү сүбэлэтэр киһи субу оҥорор быһыыта сыыһа буолан таҕыстаҕына эбэтэр табыллыбатаҕына, анараа, сүбэ биэрбит киһиэхэ көлбөрүтүнэр, халбарытар ньымата диэн ааттыыллара оруннаах. Дьыала табыллыбатаҕына сүбэ биэрбит киһи хайа эрэ өттүнэн буруйдаах, кыттыгастаах буолан тахсара сөп.

Биһиги бу үлэни тыл үөрэхтээхтэрэ айбыт уонна туһаннара сатыыр айыыларын үөрэҕэ оҕолору үөрэтиигэ олус улахан сыыһалардааҕын арыйаары, дьоҥҥо тириэрдээри суруйабыт. Саха дьонун эдэр ыччаттара, кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтарын сахалары элбэтиэхтэрин баҕарар дьон таба өйдөөн ылыныахтара, олохторугар туһанан көмөлөһүннэриэхтэрэ дии саныыбыт.

Киһиэхэ тугу эмэ оҥор, оччоҕуна үчүгэй буолуо диэн этэр киһини киксэрэн, тэптэрэн, күөртээн биэрээччи диэн ааттыахха сөп. Айыы үчүгэй, «Айыыны оҥор» диэн эдэр оҕоҕо этии киксэрии, тэптэрии буолар. Бэйэтэ сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах, ону-маны була-тала оҥоро сатыыр оҕону өссө «Айыыны оҥор» диэн эбии тиэтэтии, ыгааһын, сыыһа-халты оҥорууга үтүрүйүү буолар. Оҕону тиэтэтэр, ыгылытар буолан, бу этии оҕону үөрэтиигэ куһаҕаны оҥорор. Оҕо субу оҥорор быһыытын ситэ билбэтиттэн, тиэтэйэн оҥоро охсоору ыгылыйарыттан сыыһаны-халтыны оҥорор кыаҕа улаатан хаалара кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Оҕону «Айыыны оҥор» диэн үөрэтии ситэ өйө-санаата сайда, билэ-көрө, оҥоро тута үөрэнэ, сааһын өссө ситэ илик оҕону сыыһа-халты туттунууга тириэрдэринэн куһаҕаны оҥоруу үксүүрүн үөскэтэр. Оҕо улаата охсоору бэйэтэ да тиэтэйэн, оҥоро, ситиһэ, дьон билбэттэрин, урут оҥорботторун оҥороору ыксаан, сыыһа-халты туттара эбии элбээһинигэр тириэрдэрэ киксэрэн биэриигэ тэҥнэнэр быһыы буолар.

Төрөппүт оҕотун үөрэтэригэр «Айыыны оҥорума» диэн сахалар үөрэхтэрин тутустаҕына эрэ өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан, сыыһа-халты туттарын аҕыйатыа этэ. Ол аата киһи билбэтин, дьон оҥорботторун оҥорорго олус улахан сэрэхтээх буолуу наадатын өйдөтөр. Оҕо бэйэтэ билбэтин, урут оҥорботоҕун оҥороругар ураты сэрэниэхтээх, элбэхтик үөрэтиэхтээх, билиэхтээх, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын бары өттүнэн быһаарыахтаах, ол кэнниттэн саҥаны оҥорорго үөрэннэҕинэ туһалаах, үчүгэй, үтүө саҥаны айыыны оҥорон төрөппүттэрэ, дьоно бары үөрүө этилэр.

Уон биир саастаах уол доҕотторун кытта дьиэтигэр индеецтэр буола оонньоон салҕан, аны атын саҥа, урут оонньооботох оонньууларын, уоту үрдүнэн ыстаныыны оонньуохха диэн таһырдьаттан мас сыыһын хомуйан киллэрэн дьиэ иһигэр уот оттор санааламмыттар. Инчэгэй соҕус мастар түбэһэннэр уоттара аанньа умайбатаҕын умата охсоору, өссө бензин ыһан биэрэр киһи буолбут. Сыыһа туттан дьалкытан таҥаһыгар кытта тохпут.

Испиискэ умаппытыгар уота соҕотохто өрө күлүбүрээн тахсан уол бэйэтэ кытта умайбыт. «Герой» доҕотторо атахха биллэрбиттэр, хата уол эдьиийэ түбэһэ кэлэн уоту сабыта сынньан, умуруоран быраатын өрүһүйбүт. Саҥаны айыыны оҥоро сатаабыт уол тириитин үгүс өттүн уокка сиэтэн улахан эппэрээссийэ көмөтүнэн тыыннаах орпут.

Уол бу оҥорбут быһыытын ырытан, сыаналаан көрдөхпүтүнэ уоту уматыы диэн олус кутталлаах, сатаабат, үөрэммэтэх, саҥа уматар киһиэхэ олус сэрэхтээх, уоту ыытан кэбиһиэххэ сөбүн уонна дьиэ иһигэр уоту букатын да уматыллыа суохтааҕын биһиги уолбут билбэт эбит. Оҕо улаатан уон биир сааһыгар диэри уоттан сэрэхтээх буолуу үөрэҕин билбэтэҕэр төрөппүттэрэ кырдьык, буруйдара улахан. Ону-маны элбэҕи билиэн-көрүөн, саҥаны, айыыны оҥоруон, айыан баҕарар уол оҕону кэмигэр үөрэтэн биэрбэтэхтэриттэн бэйэтэ булан-талан саҥаны айбытыттан эрэйгэ тэбилиннэҕэ ити. Бу уол «Айыыны оҥорума» диэн сахалар үөрэхтэрин кыра эрдэҕиттэн билэрэ эбитэ буоллар уоту уматыан иннинэ сэрэнэн, итинник алдьархайы оҥостунуо суоҕун сөп этэ.

Уоту бензининэн уматартан туох содул үөскээн тахсарын билбэт уолу киксэрэн, тэптэрэн биэрээччинэн доҕотторо буолбуттар. Бары кыттыһан мас сыыһын хомуйан уоту уматыыга эмиэ көмөлөспүттэр. Буруйу үллэстиигэ бу оҕолор бары кыттыгастаах буолан тахсаллар. Бензин эмискэ, күүскэ умайарын бары да билбэттэригэр сөп эбит.

Дьиэ иһигэр саҥа уот уматыылаах оонньууну саҕалыыллара оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар айыыны, урут оҥорботохторун оҥоруу буоларынан туох содул үөскээн тахсарын билбэтэхтэр. Саҥаны айыы куһаҕана итинник арылларын биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна сорох ойууннарбыт, суруйааччыларбыт бэйэлэрэ да билэ иликтэрэ уонна өссө онтуларын дьоҥҥо тарҕата сатыыллара ордук хомолтолоох. Үөрэҕи-билиини быһылаабыт төрөппүттэр улаатан иһэр оҕо өйө-санаата сайдыытын таба сыаналаан олохторугар, оҕолорун иитиилэригэр туһаннахтарына эрэ, киһилии майгылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарар кыахтаналларын өйдүөхтэрин сөп этэ.

Бэйэлэрэ үлэлии-хамсыы сылдьар, олохторугар улахан сыыһа-халты туттунуулары оҥорботох, сиэри кэспэтэх, киһи быһыытын аһара туттубатах сааһырбыт саха дьоно, бары үлэһиттэр “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи билэллэрин тылбыт үөрэхтээхтэрэ аһара үчүгэйбит диэн санааларыттан, нууччалары быһалыы үтүктэ сатыылларыттан билбэттэр уонна өссө оҕолору үөрэппитэ буолан улахан буккууру киллэрэ сылдьаллар.

Үрүҥ Айыылары кытта кырдьаҕас, олоҕу олорбут, үрүҥү-хараны, үчүгэйи-куһаҕаны араарар буолбут дьон алтыһаллара эрэ туһалаах. Бу былыргы дьон билбит билиилэриттэн үчүгэйин, үтүөтүн, аныгы сайдыбыт, үөрэхтээх дьоҥҥо туһалыыр эрэ өттүн, ол аата үрүҥүн эрэ талан ылан уонна улаханнык сиидэлээн баран кэлэн иһэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Ол курдук олоҥхолорго кэпсэнэр өлөрсүүлэр тустарынан этиилэри кыра оҕолор истибэккэ улааттахтарына өйдөрө-санаалара куһаҕан билиилэринэн туолара суох буолуо этэ.

Перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн көрсүө, сэмэй буолуу туоратыллар, куһаҕаннык сананыллар кэмэ кэлэ сылдьыбыта. Айыы үөрэҕин айааччылар дьон бары саҥаны айыыга, ол аата айыыны оҥорууга аналлаахтар диэн олору элбэхтик оҥорууга дьулуһууларыгар ыҥырбыттара. Оҕо улаатан сайдан иһэр өйө-санаата бэйэтэ даҕаны саҥаны билэ, оҥоро, айа сатыырын үрдүнэн аһара күүрдэн, киһиргэтэн, тэптэрэн, тиэтэтэн биэрэн эдэрдэр сыыһа-халты туттунуулара элбээһинигэр тириэртилэр.

Эдэрдэри дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥотторуу, «Айыыны оҥор» диэн этии туох өйдөрүгэр көтөн түспүтүн оҥорон иһэргэ үтүрүйүү, ыгааһын, тиэтэтии буолар. Туох эрэ уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥоро охсоорулар туох содул үөскээн тахсарыгар кыһаммат, аахайбат буолууларын үөскэтэр.

Үгүс эдэр уолаттарбыт алҕас биирдэ арыгыны аһара испиттэриттэн сыыһа-халты туттунууларыттан билигин хаайыы дьоно буолан сыталлар. Бу оҕолор төрөппүттэрэ оҕо сыыһа туттар быһыытын билэн айыыны оҥор диэн үөрэтээччилэртэн ыйыталаһар кэмҥит кэллэ. Оҕо кыаҕа баарынан үөһээ ыттан, саҥаны айан, урут оҥорботоҕун оҥороору дөлбү түстэҕинэ, үйэтин тухары инбэлиит буоллаҕына ким эппиэти сүгэрий?

Төрөппүт дуо? Оҕотун харыстаан үөһээ ытыннарбакка көрө-истэ сатыыр киһи, «Сэрэн, дөлбү түһүөҥ, үөһээ ыттыма», «Көрсүө, сэмэй киһи буол», «Аһара барыма» диэн үөрэтэ сатыыр киһи буруйдаах буолар дуо?

Оҕо бэйэтэ дуу? Оҕо саҥаны, урут билбэтин билэ охсуон баҕата бэйэтэ элбэх буолар, онтон сорохторго аһара барар, таһынан таһымныыр. Оҕо үөһээ тахса, ытта сатыыр, ону төрөппүт көрөн-истэн, хонтуруоллаан, хайдах ыттарга үөрэтэн, көрдөрөн биэрдэҕинэ эрэ табыллар.

Онтон оҕону тэптэрэн, киксэрэн биэрэр, үөһээ тахса оҕус, саҥаны, дьон билбэттэрин уруттаан оҥор, айыы үчүгэй, ону оҥор диир, үөһээ тахсарыгар этэр киһи кимий? Тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учууталлар айыы үчүгэй диэн этэллэриттэн оҕолор олору оҥоро сатаан куһаҕаны, сыыһа-халты туттунууну оҥороллоро элбээтэ. Оҕо сыыһа-халты туттунан онно-манна түбэстэҕинэ бу дьон эмиэ буруйдаах буолуохтарын сөп. Киксэрэн, тэптэрэн биэрээччи оҥоруллубут буруйу тэҥҥэ сүгэригэр демократия сокуоннара этэллэр.

Билигин Россияҕа сакаастаммыт өлөрүүлэри оҥороллоро элбээтэ. Өлөрүүнү сакаастаабыт дьон үксүгэр кыайан тутуллан сууттамматтар. Ол эрээри биир эмэ сакаасчыты син туталлар. Соторутааҕыта Мирнэй куоракка төрөппүтүн сакаастаан өлөртөрбүт дьахтары туппуттара. Сакаасчыттары туттахтарына син-биир өлөрүүгэ кыттыгастаах дьон курдук сууттууллар.

Эдэрдэр буруйу оҥоруулара элбээн иһэр. Кинилэр саҥаны айаары, дьон билбэттэрин, оҥорботторун үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын кыайан билэн араарбакка эрэ оҥорон иһэллэр. Онтубут баара куһаҕан өттө оҥорорго чэпчэкитинэн, судургутунан баһыйар элбэх буолан тахсар. Быһаҕынан киһини анньыыны урут оҥоро илик эдэр киһи аан бастаан оҥордоҕуна аан маҥнайгы ыар буруйу оҥоруута, өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыыта буолар. Урут маннык ыар быһыыны оҥоро илик оҕо өйүгэр-санаатыгар бу быһыытын дьайыыта айыы буолан ууруллар.

«Айыыны оҥор» диэн үөрэтии оҕону иитиигэ дьайыыта итинник киксэрэн, тэптэрэн биэрэр уратылаах. Ол иһин оҕону иитиигэ айыы үчүгэй, айыыны оҥор диэн этии букатын туттуллуо суохтаах, улахан өйдөрө-санаалара сиппит дьон айыылар билиилэринэн дьарыктаналлара ордук. Сахалар өй-санаа ити уратытын былыр-былыргыттан билэн оҕону «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн этэн, оҕо аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан үөрэтэллэрин умнубатахпытына, олохпутугар туһаннахпытына эрэ оҕолорбут өйдөрө-санаалара туруктаах буолан салгыы сайдар, ахсааммыт эбиллэр кыахтанабыт.

Эдэрдэри иитии-үөрэтии боппуруоһун билигин быһаарыахха наада. Ким тэптэрэн, киһиргэтэн биэрбит туох эмэ буруй оҥорулуннаҕына урут бастаан эппиэти сүгүөхтээҕин тэптэрэн, киксэрэн биэрэр дьон билиэхтэрин наада.

Оҕолорун туһугар төрөппүттэр аан бастаан кыһаналлар. Улаатан иһэр оҕо өйө-санаата уратытык сайдарын билиэххэ, олоххо туһаныахха. Баар-суох оҕобутун тэптэрэн, киһиргэтэн сыыһа-халты туттунууга үтүрүйэр дьону өйдөтөр кэм кэллэ.

Киһи үлэҕэ-хамнаска, олоххо сыыһа туттунуулара бэйэтэ да элбэх буолар. Киһини күн устата «Түөрт уон түөрт оһол күүтэр» диэн этии сымыйа буолбатах. Сыыһа-халты туттууттан оһол үөскээн тахсара ордук элбэх. Сыыһа-халты туттуммат буолууга оҕо олус өр кэмҥэ, этэ-сиинэ үөрүйэх буолуор диэри утумнаахтык үөрэнэн сааһа ситэригэр биирдэ баһылыыр.

Күннээҕи быстах дьыалаларга туох эмэ саҥаны оҥорооччулар баһылаан салайар кэмнэригэр олорор буолан хааллыбыт. Олоххо, сайдыыга туһалаах үлэни-хамнаһы соччо кыайбат курдукпут. Былыргы уус идэлээхтэрбит кыайа-хото сайда иликтэринэн туһанан ханнык эрэ ырбаахыга саҥа сиэп тигээччилэр, биир эмэ саҥа тылы булааччылар баһылааһыннарыттан өйбүт-санаабыт маннык кэлтэйдии, аҥар өртүгэр барыытыгар тиийдибит.

Өйү-санааны быһаарар баар-суох биир эрэ «Ай» диэн тылбытын аһара нууччатымсыйбыт тылбыт үөрэхтээхтэрэ буккуйа сылдьаллар. «Ай» диэнтэн үөскээн тахсар «Айыы» диэн тыл сэрэхтээх, куһаҕан өттө баһыйар, мээнэ туттуллубат, улаханнык этиллибэт, икки өрүттээх тыл. Бу тыл бүтүүтэ «ыы» диэн ытааһын сыһыарыытынан бүтэринэн, кэлин ытааһыҥҥа тириэрдэр кутталлааҕын билэн сэрэниэхпит, оҕолорбут өйдөрүн-санааларын харыстыахпыт этэ. Бу тылы элбэхтик, улаханнык саҥаран бэйэҕитигэр куһаҕаны оҥостуоххутун сөп.

Чараас мууска киирии, үөһээ ыттыы сыыһа тутуннахха оҕо, киһи олоҕун төрдүттэн түөрэ уларытар кыахтаах саҥаны айыылар буолалларыттан сэрэхтээх буолуу эрэ киһини быыһыыр. Киһи сэрэхтээх, сэмэй, аһара, сыыһа туттубат, сахалар таҥараларын үөрэҕин «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этиитин тутуһар буоллаҕына, олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорор кыахтанарын умнубатахпытына табыллыахпыт этэ.

ИЭСТЭҺИИ

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар олус элбэхтик туттуллар иэс диэн өйдөбүл баар. Иэһэ суох киһи диэн суох. Оҕо саҥа төрүөҕүттэн ыла төрөппүттэригэр иэскэ киирэн улаатар, ону сахалар «Иитиллибит иэстээх» диэн этэллэр.

Иэс диэн кэлин төннөрөр, төлүүр мэктиэҕэ тугу эмэ эрдэттэн ылыы, булгуччу хайаан да толоруллуохтаах эбээһинэс аата. Кэлин төннөрүөм диэн кэпсэтиилээх тугу эмэни ылыы иэс ылыы диэн ааттанар. Иэс ылсыыны уонна олору төннөрсүүнү билсиһэр дьон бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар үгүстүк тутталлар.

Айылҕа төрүт сокуонунан бары-барыта тэҥнэһиигэ турара буолар. Иэс ылыы диэн уруккуттан үөскээн турар тэҥнэһиини аҥар өртүн, бэйэ диэки сыҕарытыы, тардыныы, хамнатыы ааттанар. Иэс төлөммөккө хаалыыта, ол аата саҥа үөскээбит аҥар өттүн диэки хамнааһын кэлтэйдии хаалан хаалара хайдах да табыллыбат быһыыга киирсэр. Иэс төлөнүүтэ аҥар өттүн диэки хамнаабыт тэҥнэһиини оннугар түһэрэн биэриигэ аналланар.

Иэс ылан баран төннөрбөт киһиэхэ, салгыы иэс биэрэ туруу улахан уустуктары үөскэтэр, иэс аһара элбээһинин таһаарар, ол иһин сотору тохтууругар тиийэр уонна хардары хамнааһыны, иэстэбили үөскэтиэн сөп.

«Иэс баайыы» диэн кимиэхэ эрэ эрдэттэн иэс биэрэн иэскэ киллэрии аата. Эдэр, кэскиллээх киһиэхэ элбэх иэһи биэрэн, иэскэ киллэрэн кэбистэххэ кэлин, бу киһи иэһин санаан, кыра кыралаан төннөрүөн, элбэх туһаны оҥоруон сөбүн таба сыаналааһын буолар. Ол аата үөрэнэ сылдьар, тугу эрэ ситиһэ сатыыр киһиэхэ тугунан эмэ көмөлөһүү иэс баайыы буолан умнуллубат аналланар.

«Иитиллибит иэстээх» диэн оҕо төрөппүттэригэр иэһэ ааттанар. Кыһыл оҕо хаһан улаатыар, үөрэниэр, үлэһит буолуор диэри аһатан-сиэтэн, таҥыннаран, көрүү-истии иитиллибит иэһи үөскэтэр. Оҕону киһилии быһыыга үөрэтиигэ оҕо төрөппүттэригэр иэһин билэрэ, ону сыаналыыра хайаан да ирдэнэр тутаах көрдөбүлгэ киирсэр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга иитии, үөрэтии бастаан иһэрэ өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар тириэрдэрин төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн кырдьыы эмиэ кэлэрин, кырдьаҕас киһиэхэ көмө наада буоларын билэ улаатара иитиллибит иэһин таба сыаналыырыгар тириэрдэр. Ол иһин оҕо ийэтин уонна аҕатын таһынан эбэлэрин уонна эһэлэрин билэрэ, бииргэ сылдьара, көмөлөһөрө олоҕу табатык сыаналыырыгар үөрэтэр күүһэ улахан.

Оҕо улаатан үөрэҕи бүтэрэн үлэһит буолан төрөппүттэригэр көмөлөһөр кэмэ хаһан эрэ да буоллар тиийэн кэлиэн сөп. Олох олоруу уустугунан оҕо иитэн улаатыннарбыттарын, улахан киһи оҥорбуттарын иһин төрөппүттэригэр улахан иэстээҕин билэ улаатара ордук. Элбэх оҕолонон, көрөн-истэн улаатыннарбыт киһи элбэх ылар иэстэнэр. Оҕолорун киһи быһыылаах, үлэһит дьон гына ииппит, үөрэппит кырдьаҕас: «Кырдьар сааспар оҕолорум көрүөхтэрэ» диэн эрэллээх буоларын тэҥэ, сааһыран, үлэни-хамнаһы кыайбат кэмэ кэллэҕинэ, оҕолорун кэрийэн сынньана сылдьара кырдьык баар суол.

Сахалар «Элбэх оҕолоох буолуу үчүгэй» диэн этэллэрэ итинник дакаастанар. Киһи эдэр, кыанар эрдэҕинэ элбэхтик үлэлээн-хамсаан элбэх оҕону ииттэҕинэ, улаатыннардаҕына элбэх ылар иэстэннэҕинэ, кырдьар, мөлтүүр сааһыгар оҕолоро көмө тирэх буоланнар олоҕун сынньалаҥнык түмүктүүр кыахтанар. Арай оҕолорун бэйэтин, төрөппүттэрин ытыктыырга, үлэлэрин-хамнастарын сыаналыырга, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар гына иитэрэ-үөрэтэрэ онно көмө буолар.

«Иэс төлөнүөхтээх» диэн этии иэс хайаан да кэмиттэн хойутаабакка эрэ төлөнүөхтээҕин биллэрэр. Иэс ылан баран төлөөбөт буолууттан иэстэһии үөскээн тахсыан сөп.

Иэстэһии бэйэтэ икки өрүттээх. Бастакытынан, иэс ылан баран төннөрбөт киһиттэн иэстэһии үөскүүр. Иккиһинэн, иэстэһии – иэс ылыам этэ диэн көрдөһүү аата. Иэс көрдүү сылдьабын, иэстэһэбин диэн эмиэ этиллэр.

Иэһин төлөөбөт киһиттэн иэстэһии ирдэбилгэ кубулуйдаҕына дьон олоҕор, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаҥҥа элбэх уустуктары киллэриэн сөп. Элбэх иэһи төлөөбөт буолуу иэстэһии аһара барыытын үөскэтэр кыахтаах. Туох барыта аһара барара куһаҕаҥҥа кубулуйарын курдук иэстэһии аһара, сиэри таһынан баран хаалыыта куһаҕаҥҥа, өһүөҥҥэ тириэрдиэн сөп.

Иэстэһии аһара барыыта хаһан баҕарар куһаҕан. Ол курдук аһара элбэх иэһи ылан иэскэ киирии төлөһөргө ыараханын тэҥэ, иэстэһии аһара барыыта сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөп. Иэстэһэр санаа киһиэхэ иэстэһиини үөскэтэрин «Киһи буолуу» диэн үлэбититтэн булан эбии туһаныахха сөп. (11,44).

Киһи тулуура, өһөс санаата суох буоллаҕына аһара барыыны оҥорор кыаҕа элбээн хаалара ордук куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтааҕын аахсыбакка сылдьабыт. Биһиги быстах санаабытыгар аһара барар өй-санаа айыыны элбэхтик оҥордоҕуна өйү-санааны сайыннаран элбэх туһаны оҥоруох курдук. Ол эрээри аһара барар өй-санаа куһаҕан өттүгэр аһара барыылары эмиэ үөскэтэринэн уонна бу аһара барыылар өссө улаатан тахсалларыттан, куһаҕан быһыылар улааталларыгар тириэрдэрэ ордук куһаҕан. Айыы үөрэҕин биир сыыһата итиннэ саһан сылдьарын өй-санаа үөрэҕин туһана иликпититтэн арааран билбэппит.

Киһи кыаҕа кыратын, сыыһа-халты, аһара туттунар кыахтааҕын «Киһи диэн киһи буоллаҕа» диэн этии баара быһаарар. Ол аата киһи буолуу диэн аналлаах кээмэйи, сиэри тутуһан, киһи быһыытын аһара, таһынан барбакка эрэ сырыттахха кыаллар дьыала буоларын умнубатахпытына табыллыа этэ.

«Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан» диэн этии киһи тулуура, туттунар күүһэ, ол аата өсөһө ханнык эрэ кээмэйинэн бүтэрин, ардыгар, кыайан тиийбэккэ хааллаҕына кыыһырбыта аһара баран, аны куһаҕаны оҥоруон сөбүн биллэрэр. Ол иһин иэстэһии хаһан даҕаны киһи быһыытын аһара барбата ирдэнэр.

«Иэс баайсыыта» диэн оҕолор оонньуулара баар. Манна ким эрэ тап гына охсон, «Иэс» диэн баран куота сүүрдэҕинэ эккирэтэн, ситэн бэйэтин тап гына охсон баран «Иэс боруос» диэххэ наада. Арай оонньуу буолан кыайан эккирэтэн сиппэккэ хаалбыт оҕо иэһин ылбат кыахтанара оҕолорго сыыһа өйдөбүлү үөскэтэрин таба быһааран биэрии эрэйиллэр.

Ханнык баҕарар иэс бэйэтигэр сөптөөх төлөбүрдээх буоларын «Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнүөхтээх» диэн өс хоһооно быһаарар. Бу олус дириҥ суолталаах өс хоһооно киһи быһыыта тус-туспаларын уонна иэс төлөнүүтэ эмиэ икки өрүттээҕин арыйар. Ол курдук өҥө хаһан баҕарар сөп түбэһэр өҥөнөн куруук төлөнөр буоллаҕына, киһи оҥорор быһыыларыттан үтүө быһыы эрэ үтүөнэн төлөнүөхтээх, онтон куһаҕаны оҥоруу куһаҕанынан төлөнөрө киһилии быһыы буолбатах. Манна оҥоруллубут куһаҕан быһыы бары өттүнэн барытынан дириҥник ырытыллан быһаарыллара киһилии быһыылаах дьонтон хайаан да ирдэнэр. Соруйан, куһаҕаны санаан оҥоруллубатах куһаҕан быһыы, сыыһа туттуу улахан содула суох аастаҕына кэпсэтиинэн, сөбүлэһиинэн быһаарыллара, бырастыы буолара «Кыахтаах киһи киэҥ көҕүстээх» диэн этииттэн биллэр.

Иэс төлөнүүтүгэр итинник араастаһыы баара киһилии өй-санаа сайдыытын биир тутаах көрүҥэ буолар. Киһилии өйүнэн-санаанан салайтарыы диэн, бу оҥоруллубут куһаҕан быһыыны ырытан, тэҥнээн, ыйааһыннаан көрөн баран хардары, куһаҕан быһыыны оҥорбокко туттунуу, атын быһаарыыны ылыныы ааттанар.

Оҕону киһи буолуу, киһи быһыылаах буолуу үөрэҕэр сахалар таҥараларын үөрэҕэ үчүгэй быһыылаах киһини, төрөппүтү үтүгүннэрэн үөрэтэр. Киһи буолуу үөрэҕэр «Тулуурдаах буолуу» диэн анал үөрэх баар. Бу үөрэҕи тутустахха оҕо тулуура элбээн киһилии быһыылары оҥорор кыахтанара үгүс туһалаах үлэни-хамнаһы оҥороругар кыах биэрэр.

Ийэ дойдуга иэс диэн дойдуга төлөнүөхтээх иэс аата. Бу иэс бары иэстэртэн ордук киэҥ өйдөбүллээх. Киһи төрөөбүт сиригэр, дойдутугар улааппытын иһин эмиэ иэскэ киирэрин биллэрэр. Бу иэс киһи өйүгэр-санаатыгар төрөөбүт дьиэтэ, оонньообут тэлгэһэтэ буолан хаһан да умнуллубат гына ууруллан сылдьар. (20,15). Киһи үйэтин тухары бу күндү өйдөбүллэрэ уларыйбаттарыгар баҕарара, харыстыыра төрөөбүт дойдуга иэс хаһан баҕарар баарын биллэрэр.

Олоҕун салҕааччыны төрөтөн, иитэн, улаатыннаран киһи оҥоруу диэн хас биирдии киһи омугун туһугар оҥоруохтаах иэһэ буолар. Бу иэһи толорор туһугар саха киһитэ оҕотун төрөөбүт тылыгар, таҥаратын, айыытын итэҕэлигэр, олоҕун үөрэҕэр үөрэтэрэ наада. Онтон оҕо ити көрдөбүллэри барыларын билэрэ, үөрэтэрэ, толороро омугун туһугар иэһин төлөөн иһэринэн ааҕыллар.

Онон оҕо төрүөҕүттэн ыла төрөппүттэриттэн саҕалаан дойдутугар, омугар элбэх иэскэ киирэн уһун үйэтин тухары кыаҕа баарынан ол иэстэрин төлөөтөҕүнэ олоҕун сыалын ситиһэр уонна кэлэр көлүөнэлэрэ кини үлэлэрин салҕыыр кыахтаныахтарын сөп.

АЙЫЫ ЭТИИТЭ

Араас элбэх санааларыттан туһата суохтарын, куһаҕаннарын киһи бэйэтин кыаҕынан, санаатын күүһүнэн суох оҥорон, умнан кэбиһиитин аата өйү-санааны ыраастааһын диэн сахалар ааттыыллар. Бу өй-санаа сайдыытыгар, тупсуутугар туһалаах быһыыны хас киһи барыта оҥоро сылдьыа этэ. Бу туһунан биһиги “Киһи быһыыта” диэн үлэбититтэн билсиһиэххэ сөп. (16,47).

Өйү-санааны ыраастааһын атын киһи көмөтүнэн оҥоруллуута айыы этиитэ диэн ааттанар уонна киһи урут суоҕу, дьон оҥорботторун оҥороору санаммытын эбэтэр оҥорбутун атын киһиэхэ этиитэ, ол аата оҥорбут буруйун, куһаҕан быһыытын билиниитэ буолар.

Буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорбуту билинии өй-санаа уларыйыытыгар, көнүүтүгэр, аны итинник буруйу, сыыһаны оҥорбот буолууга туһалыыра улахан. Ол аата киһи урукку санаата умнулуннаҕына саҥа, тупсубут санаа киирэн өйүн-санаатын уларытар кыахтанара өйө-санаата тупсуутун, көнүүтүн үөскэтэр. Өй-санаа бу уратытын туһаннахха эрэ үчүгэй, үтүө санаалар өйгө-санааҕа киирэн туһаны оҥорор кыахтаналлар.

Сорох туһалаах да санаалары санаталаан ылаат, умна охсон кэбиһэн баран хатылаан өйдүү да сатаатахха туох да өйдөнөөччүтэ суох. Ол эрээри биир ханнык эрэ санаа эбэтэр ким эмэ эппитэ өйгө киирэн хатанан хаалан баран букатын умнуллубакка, суох буолбакка эрэйдиир, аралдьыйа түһэр кыаҕы биэрбэккэ, ол санаа киирэн кэлэн иһиэн сөп. Бу санаа куһаҕан санаа буоллаҕына, умнуллубакка хос-хос хатыланан, үгэскэ кубулуйан, аны киһини бэйэтин куһаҕан быһыыны оҥотторон кэбиһиэн сөп диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Ол иһин итинник дьөлө хатанар куһаҕан санаалары киһи умнара, өйүн-санаатын ыраастанара хаһан баҕарар туһалыыр.

Умнуллубакка эрэйдиир куһаҕан санааны киһи бэйэтэ атыҥҥа аралдьыйан кыайан суох оҥорбот буоллаҕына атын итэҕэйэр, эрэнэр киһиэхэ этэн, бу киһи көмөтүнэн суох оҥоруохха сөбө саамай туһалаах уонна тиийимтиэ быһыынан, ньыманан ааҕыллар. Бары таҥара үөрэхтэрэ бу ньыманы билигин туһана сылдьаллар.

Санааны атын киһиэхэ этии, бу санаа үрэллиитигэр, ыһыллыытыгар тириэрдэн суох буола симэлийэригэр көмөлөһөр. Итини тэҥэ, бу туох санаа буоларын атын киһи көмөтүнэн ырытыы, дьиҥ суолтатын быһаарыы санаа умнулларыгар, симэлийэригэр туһата улахан. Ол курдук хайа эрэ өттүттэн ырытан таһаардахха, бу киһи санааҕа түспүтэ улахан суолтата да суох буолан хаалыан сөп.

Саҥа олоҕун олорон эрэр киһиэхэ олоххо көрсүллэр уустуктары улахан уопуттаах киһи быһааран, өйдөтөн биэрэрэ ордук. Аныгы олох ыгыытынан эдэрдэр кырдьаҕастарыттан туспа олорорго күһэллиилэрэ үгүс туһалаах сүбэлэри ылалларын суох оҥорор буолла. Киһи киһиэхэ сыһыана киһи оҥорор быһыыларыттан быһаччы тутулуктанарын сахалар билэннэр олохторугар туһаналлар. «Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнүөхтээх» диэн этии итини быһаарар.

Итини тэҥэ сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа бары тутулуктарын олус табатык быһаарар этиилээхтэр. Бу этии киһи бары оҥорор быһыыларын барыларын хабан быһаарарын таһынан хайдах быһыылары оҥорбутуттан көрөн эмиэ икки аҥы араарар:

1. Киһи бары оҥорор быһыыларын барыларын киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына, киһи быһыылаах киһи эбэтэр киһилии киһи диэн буолар. Киһи быһыылаах киһи оҥорор быһыыларын барыларын холбоон сахалар киһи быһыыта диэн этэллэр.

Киһи үгүс дьон үчүгэй, туһалаах диэн быһаарар быһыыларын оҥорор буоллаҕына, үчүгэй быһыылаах киһи буолар. Ол аата үчүгэйи, туһалааҕы элбэхтик оҥорор, үчүгэй киһи диэн ааттанар.

2. Үгүс дьон сөбүлээбэт, оҥорбот, туһата суох, буортуну оҥорор быһыыларын оҥоруу куһаҕаны оҥоруу диэн ааттанар. Маннык быһыылары оҥорор киһи куһаҕан быһыылаах эбэтэр киһи оҥорор быһыыларыттан атыннык оҥорор киһи буоллаҕына, киһилии быһыыта суох диэн ааттанар.

Киһи уһун үйэтин тухары араас элбэх үчүгэй да, куһаҕан да быһыылары, араас кыра да, улахан да саҥаны айыылары оҥоруон сөп. Ол иһин биһиги сахалар киһи өйүн-санаатын быһаарар тылбыт биир эрэ – «ай» диэн тыл. Бу тыл киһи мэйиитэ биирин курдук биир буоллаҕына эрэ табыллар, өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппэт.

Киһи маннык иннэ-кэннэ биллибэт икки өрүттээх майгылааҕын быһаарар этиинэн сахаларга «Уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, атын күн өрөҕөтүгэр буолар», онтон нууччаларга «От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһоонноро буолаллар.

Куһаҕаны, киһи оҥорбот быһыытын оҥорбуту билинэн, атын дьоҥҥо этэн өйү-санааны ыраастаныы аата «Айыы этиитэ» диэн ааттанар. Айыы диэн тыл таба суолтатын биһиги Э.К.Пекарскай саха өйүн-санаатын, тылын барытын түммүт «Словарь якутского языка» диэн үлэтиттэн ылламмыт уонна кырдьаҕас эбэбит Лөкүө үөрэҕиттэн ылан туһанабыт.

Буруйу, куһаҕаны оҥорбут киһи бу сыыһатын көннөрүнэрин наадатыгар оҥорбут буруйун «Бу сыыһаны, куһаҕаны оҥорбуппун» диэн билинэрэ, ол аата урукку өйүн-санаатын уларытара эрэ туһалыыр. Буруйдаах киһи «Айыытын этэрин», ол аата буруйун билинэрин саха дьоно ирдииллэр. Буруйун билиммит, бу чахчы сыыһа, куһаҕан эбит диэн өйдөөбүт киһи, аны маннык быһыыны оҥорбот, туттунар кыахтанар. Ол аата өйүн-санаатын күүһүнэн тугу оҥорорун салайынар кыаҕа улаатарыттан, аны оннук куһаҕан быһыыны оҥорумуон сөп.

Киһи баһын иһигэр араас санаалар барылара киирэ охсон тахсыахтарын сөп. Киһи ханнык араас санаалары санаталаан ыларын ким да хонтуруоллаан көрөн кыайан бобор кыаҕа суох. Ол курдук санаа билигин туохха да туттарбат, хаайыллыбат.

Киһи бэйэтэ эрэ куһаҕан, туһата суох санааларыттан ыраастана, ол санааларын хаалларан, умнан истэҕинэ эрэ уһун үйэтин тухары киһи киэбин, быһыытын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар кыахтанар. Куһаҕан санаалары умнубат буолуу, бэйэҕэ иҥэринэн, хаатыйаланан сылдьыы, бу куһаҕан санаалар олус элбэхтик хос-хос хатылананнар киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн, ийэ кутугар ууруллууларын үөскэтэрэ куһаҕан майгылаах киһиэхэ кубулутан, куһаҕан быһыыны бэйэтэ оҥороругар тириэрдиэн сөбүн сахалар «Кут-сүр үөрэхтэрэ» быһаарар.

Үгэстэртэн үөскүүр ийэ кут өйө-санаата киһини хаһан баҕарар салайар. Ол иһин маннык куһаҕан санаалардаах киһи бу санааларын өйө-санаата уларыйар, көтөр, баайыллар, ол аата арыгы испит, итирбит кэмигэр толорон кэбиһэр кыахтанарын биһиги быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт. Сахалар үөрэхтэрэ «Куһаҕан санаалары санаама» диирэ ити быһаарыыга олоҕурар.

Киһи буолуу сүрүн өйдөбүлүнэн куһаҕан санаалартан өйү-санааны ыраастаан, олору умнан, хаалларан иһии буолар. Куһаҕан санаалары санаабат буолуу – умнуу ханнык баҕарар киһиттэн ирдэнэр. «Былыргыны былыт саптын» диэн өй-санаа ыраастаныытын, ааспыт быһыы умнулларын сахалар этэллэр.

Киэһэ утуйуох иннинэ киһи чуумпуран олоро түһэрэ, санааларын дьаарыстаан, куһаҕан санааларыттан ыраастанара, умнара наада. Олоро, чуумпура түһэн уһун күн устата кииртэлээбит араас санаалары дьаарыстаталыахха, ырыталыахха:

- Ханнык куһаҕан санаалары санаталаабыккын ааҕыталаан көрүөххэ. - Бу санаалар куһаҕаннар, ол иһин олору санаама диэн этиниэххэ.

- Куһаҕан, туһата суох санаалары өйтөн ылан быраҕыы, умнуу өйү-санааны ыраастыыр, дьэгдьитэр.

- Хайа эрэ киһиэхэ куһаҕан санаалардаах буоллахха аны олору умнан, ол киһиэхэ хайа эрэ өттүнэн үчүгэйи баҕарыыны ситиһиэххэ.

- Yчүгэйдик утуйарга, сынньанарга баҕарыахха.

Yчүгэйи баҕарар баҕа санаалар дьайыыларынан киһи өйө-санаата ырааһыран, сынньанар, үчүгэйдик утуйар. Үгүстүк үчүгэй санаалары саныырыттан үчүгэй, үтүө үгэстэрэ элбиир, үчүгэй быһыылаах киһилии киһи буолан олоҕун олорор кыаҕа улаатар.

Сахалар үөрэхтэрин, киһини санаата салайарын умнан олохпутугар кыайан туһаммаппыт бэрээдэги кэһэр, сыыһа-халты туттунар дьоммут элбээн хаалыыларыгар тириэртэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэҕин букатын бырахпыппытыттан эппит-сииммит уонна өйбүт-санаабыт, куттарбыт тус-туспаларын билбэппититтэн, кут-сүр үөрэҕин сатаан туһаммаппытыттан оҕолорбутун кыайан ииппэппит, өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорбоппут түмүгэр, билигин үгүстэр сыыһа-халты туттуналлара элбээн эдэр олохторун кылгаталларын таһынан үөрдүһэ-үөрдүһэ бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуһа сатыыр дьоҥҥо кубулуйан эрэллэр. Өй-санаа буорту, тулуура суох буолуутун сахалар эмиэ билэллэрин «Кытыйанан, хамыйаҕынан кырбаһа олорор» диэн эргэ барбакка олорор сааһырбыт дьахтар өйө-санаата уларыйыытын быһаарар этиилэрэ бигэргэтэр. Кыра эрдэхтэринэ бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэр, таптаһар, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, элбэх оҕолоох толору кэргэҥҥэ оҕолоро киһилии быһыылаах, аһыныгас, үтүө санаалаах, үлэһит дьон буола улааталларын бары билэбит эрээри сынньалаҥнык, көҥүллүк сылдьар баҕаттан биир эмэ оҕолонобут уонна ол оҕобутун атаахтык иитэн, барыта бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэрбититтэн сыыһа-халты туттунара үксээн кырдьар сааспытыгар соҕотох хаалар туруктанабыт.

Оҕо өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕинэ иҥэриммит өйө-санаата, ийэ кута ордук улахан оруолу ыларын, бу өй-санаа соччо биллибэтэр даҕаны киһини араас соһуччу түбэлтэлэргэ быһаччы салайарын хайаан да биллэхпитинэ эрэ кэлэр көлүөнэлэрбитин киһилии өйгө-санааҕа иитиэхпит, үөрэтиэхпит этэ.

Кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии өйгө-санааҕа иитиллибэтэх киһи олоҕор быстах быһыыларга түбэһэрэ, сыыһа-халты туттара элбээн хаалыан сөбө олоҕун олороругар уустуктары үөскэтиэн сөп. Өй-санаа үөрэҕин туһата субу диэн биллибэтэр даҕаны киһи олоҕор дьайыыта сотору кэминэн, үгэстэр үөскээһиннэриттэн биллэн барар.

Онон сахалар таҥараларын үөрэҕэ эрэ кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутун үөскэтэн омук сайдар, ахсаана эбиллэр кыаҕын элбэтэрин олохпутугар туһаныахпыт этэ.

АЙЫЫ – ХАРА

Хас биирдии тыл тус-туспа дорҕооннортон хомуллан үөскүүр. Киһиэхэ тыл дорҕооннорун дьайыылара бу тыл суолтатын, өйдөбүлүн үөскэтэллэр. Ол курдук дорҕоон дьайыыта киһи ийэ кутугар быһаччы тиийэринэн өйү-санааны уларытар кыахтааҕын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Сахалыы өй-санаа төрүттэрэ «ай» диэн тылбытыгар иҥэн сылдьаллар. «Ай» диэн тыл киһи аан маҥнай өйүгэр-санаатыгар саҥаны айан, оҥорон көрөрүн быһаарар. Ол аата бу саҥаны ис санаатыгар, мэйиитигэр арыйбытын илэтигэр, дьыалатыгар оҥорон таһаардаҕына саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу, айыы буолан уларыйан, “ыы” диэн сыһыарыыланан тахсар.

«Ай» диэн тыл бэйэтэ икки өрүттээх: үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Бу тыл бэйэтэ туох да куһаҕана суох. Ол аата киһи баһын иһигэр, ис санаатыгар тугу баҕарар айбыта, ыраламмыта ханнык да биллэр куһаҕаны оҥорбот. Санаа эрэ буоллаҕа дии. Умнулла охсон хаалыан эмиэ сөп. Киһи санаатыгар үчүгэйи саныырын, оҥоро сатыырын тэҥэ куһаҕаны, араас буолар буолбаты эмиэ санаталаан ылаттыыра баа буолбатын, бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ биллэрэр.

Киһи барыта араас санаалары саныыр. Арай бу санааларыттан сорохторун, бу куһаҕан санаалар диэн арааран билэр буоллаҕына, олорун суох гынан, умнан, аны санаабакка хаалларан кэбиһиэн, өйүн-санаатын куһаҕан санаалартан ыраастыан сөп.

Итини тэҥэ киһи бу санаатын куһаҕан диэн арааран билбэтэҕинэ, элбэхтик олору саныы сылдьан үгэскэ кубулутан кэбиһэриттэн куһаҕан майгыланан хаалыан сөп. Куһаҕан майгы биирдэ эмэ түбэлтэ түбэһэ түстэҕинэ биллэн тахсарынан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэр кыахтаныан сөп.

Бэйэтин үчүгэйбин диэн этинэр киһи куһаҕаны саныыбын диэн хаһан да билиммэт, олорун кимиэхэ да эппэт. Куһаҕан санааларын хаатыйалыы, мунньуна сылдьара, кэлин бэйэтигэр куһаҕаны оҥоруон сөп. Ол курдук бэйэм аһара үчүгэйбин дии сананар киһи куһаҕан быһыыны оҥорор кыаҕа улаатан хаалар кутталлаах.

Айылҕа тутулуктарыттан үөскээбит өй-санаа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини билинэр, икки өрүттээхтик сайдар. Түүн кэнниттэн күнүс кэлэрин курдук куһаҕан кэнниттэн үчүгэй эргийэн кэлэн, солбуйсан биэрэллэрин өй-санаа аан бастаан тутустаҕына эрэ табыллар.

Сомоҕотто «Два язычества народа саха» диэн үлэтигэр олус былыргы кэмнэртэн дьон өйө-санаата сырдыктан уонна хараҥаттан тутулуктанан икки аҥы арахсыылара үчүгэйдэр, сырдыкка сылдьаллар уонна куһаҕаннар, харалар диэн өйдөбүллэри үөскэппиттэрин быһаарар. (21,4). «Үрүҥү уонна хараны араарбат» диэн этиини билигин даҕаны үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт дьону быһаарыыга сахалар тутталлар.

Үчүгэй уонна куһаҕан дьону тус-туспа араарыыга арыгы ылар оруола ордук үрдүк. Арыгы иһиитэ биир киһи оҥорор быһыылара тус-туспа уратыланалларын; үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсалларын быһаарыыга туһалыыр. Ол курдук өйдөөҕөр үчүгэй баҕайы киһи итирэн хааллаҕына куһаҕан быһыылары оҥорор, куһаҕан киһи буола түһэрэ киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын, үчүгэй киһи оруола үрдүүрүн быһаарар.

Киһи өйө-санаата икки өрүттээх. Үчүгэйи да, куһаҕаны да киһи санаталаан ылара кыайан бобуллубат уонна хаайыллыбат. Киһи бэйэтэ эрэ үчүгэй санааларын куһаҕан санааларыттан туспа арааран билэр кыахтаннаҕына, куһаҕан санааларын хааччахтаан, умнан, суох оҥордоҕуна, үчүгэй санаалара элбиир кыахтанар.

Киһи өйө-санаата икки өрүттээҕиттэн оҥорор быһыылара барылара эмиэ икки өрүттээхтэр; үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах эбэтэр туһата суох, буортулаах, куһаҕан буолан тахсаллар. Ол иһин бу айыы диэн киһи өйө-санаата тугу эмэ уратыны, дьон билбэттэрин оҥорон таһаарыыта икки өрүттээх; куһаҕаннаах уонна үчүгэйдээх буоларынан хайаан даҕаны туспа, эбии быһаарыы тыллаах эрэ туһаныллара өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр.

Дьоҥҥо туһалаах саҥаны арыйыы олус уустук уонна улахан үлэлээх, онтон туһата суох, ону тэҥэ дьоҥҥо буортулаах, куһаҕаны айыы ордук судургу, дөбөҥ, улахан үлэтэ-хамнаһа суох ситиһиллэр. Ол курдук бэргэһэни тиэрэ кэтэ охсон кэбиһии туох эрэ уратыны, дьон оҥорботторун оҥоро охсуу буоларын бары билэбит. Ол иһин эдэрдэр тиэтэйбит санааларыгар элбэх саҥаны айаары куһаҕаны оҥорор кыахтара элбиир.

П.А.Ойуунускай бэйэтинэн суруйбут элбэх үлэлэригэр айыы диэн тылы тутуннаҕына хара диэни эбэн айыы-хара диэн суруйара. Кини киһи куһаҕаны, буруйу оҥорбутун ураты бэлиэтээн, үчүгэйи айыыттан туспа арааран итинник суруйара. (22,56).

Урукку, өй-санаа төрүттэрин билэр суруйааччылар киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын үчүгэйи оҥороруттан туспа арааран суруйаарылар айыы-хара диэн холбуу этиилэри элбэхтик туһаналлара. (23,307).

Айыы-хара диэн хос быһаарыылаан суруйуу айыы диэн тыл икки өрүттээҕин арааран, өссө чуолкайдаан бу куһаҕан айыы, киһи оҥорбот айыыта диэн быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. Ол курдук айыы куһаҕан, хара өрүтэ хара-айыы буолара араарыллан, бэлиэтэнэн суруллар.

Айыы диэн үчүгэй тыл буолбатах. Бу бэйэтэ хас да өйдөбүллээх тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕин тыл бүтүүтэ ытааһыны үөскэтэр уһаабыт «ыы» дорҕооннооҕо быһаарар. «Ыы» диэн ытыыр саҥа уонна «Кыы» диэн кычыгырыыр тыастар киһи истэригэр саамай куһаҕан дорҕооннорго киирсэллэр. Ол иһин бу айыы диэн тыл сахаларга хаһан даҕаны үчүгэй тылга кубулуйар кыаҕа суох. Киһи өйүн-санаатын туругун букатын билбэт дьон айыы диэн тылы аҥардастыы үчүгэй оҥороору кыһана сатыыллара сотору хаалыаҕа. Төрөппүттэр баар-суох оҕолоро айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥороруттан элбэхтик эрэйдэннэхтэринэ, эрэйгэ тэбилиннэхтэринэ, бу айыы үчүгэй, айыыны оҥор диир дьонтон тоҕо оннук үөрэппиттэрин ыйыталаһыахтарын, быһаарсыахтарын сөп.

Айыы-айа диэн этии ыалдьар диэн өйдөбүллээх уонна киһи ыарыйдаҕына, этигэр-сиинигэр айыкка буоллаҕына, бу этиини туттарыгар тиийэр. Бу айыыттан, киһи билбэт быһыытыттан туох эрэ куһаҕан үөскээн ыарыы, айыкка оҥороруттан «айыы-айа» үөскүүр. Ол аата киһи урут ыалдьыбатах, билбэт ыарыыта буоларыттан, бу ыарыы эмиэ айыы буолар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһаллара уонна киһи үчүгэйи оҥорорун куһаҕаны оҥороруттан туспа арааран үтүө, үчүгэй, үрүҥ диэн ааттыыллара. Үрүҥ дьүһүн хаһан баҕарар үчүгэйи, ырааһы, кирэ суоҕу бэлиэтииринэн дьоҥҥо барыларыгар үчүгэйи, үтүөнү бэлиэтииргэ анаан билигин да туттуллар. Үчүгэйи, дьоҥҥо туһалааҕы айыы үрүҥ айыы, үчүгэйи айыы диэн ааттанар.

Өйгө-санааҕа сыһыаран эттэххэ хара, хараҥа хаһан баҕарар куһаҕан. Хара санаа диэн куһаҕан, ыар санаа ааттанар. Айыы-хара, айыы-буруй, хараҥа-айыы диэн киһи оҥорор саҥаны айыыларыттан, быһыыларыттан куһаҕаннара, дьон өйүгэр-санааларыгар сөп түбэспэттэрэ, буортулаахтара буолалларын хара, буруй диэн тыллар быһааран, чуолкайдаан биэрэллэр.

Сахалар былыргыттан «Туох барыта икки өрүттээҕин» билэн олохторугар туһана сылдьаллар. Бу быһыы биллэр холобурун аан маҥнай нууччалар кэлиилэриттэн булан ылыахха сөп. Ол курдук нууччалар кэлиилэригэр сорох баһылыктар сэриилэһии өттүн тутуһа сатаабыт эбит буоллахтарына, атыттар эйэлээхтик бэриниигэ киирсибиттэрэ, олох салгыы сайдан истэҕинэ табата биллэн тахсан, сахалар ахсааннара биллэрдик эбиллибитэ, кэлии нууччалары кытта кыттаһа охсоннор киэҥ сирдэри баһылаабыттара.

Хойутаан да соҕус буоллар оччотооҕу ыарахан кэмҥэ салайааччыларбыт оҥорбут үчүгэй быһыыларын билигин кэлэн таба сыаналаан махталбытын тириэрдиэхпит этэ.

КУҺАҔАН БЫҺЫЫ уонна АЙЫЫ

Сахалыы “быс” диэн хамсааһыны оҥорууга соруйар тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ “быһыы” диэн субу оҥоруллубут хамсааһыны биллэрэр тыл үөскүүр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах уонна куһаҕан, буортулаах диэн быһыыларга арахсаллар.

Сир үрдүгэр баар бары араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үгүс элбэх тус-туһунан быһыылары оҥороллор. Бу үгүс элбэх быһыылартан ордук элбэх уратылаахтары дьон оҥороллоруттан биһиги кинилэр оҥорор быһыыларын ырытыахпыт. Саха дьонун олохторун үөрэҕинэн уонна туох барыта икки өрүттээҕин курдук бу араас элбэх быһыылар икки аҥы арахсаллар:

1. Киһи оҥорор быһыылара.

2. Киһи оҥорбот быһыылара.

Бу быһыылар араастарын биир-биир ыламмыт төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Киһи оҥорор быһыыларыгар дьон бары билэр, туһалаах, бэйэлэрэ куруук оҥорор быһыылара киирэллэр. Киһи быһыылаах киһи диэн киһи оҥорор бары быһыыларын барыларын сатаан, таба оҥоро үөрэммит киһи буолар. Ол аата оҕо улаатан киһи буолуу үөрэҕин баһылааһына диэн кини киһи оҥорор бары быһыыларын үчүгэйдик, табатык, киһи оҥорорун курдук оҥорор буола үөрэниитэ ааттанар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону улаатыар диэри киһи оҥорор быһыыларын барыларын сатаан, үчүгэйдик оҥорорго утумнаахтык үөрэтэргэ ыҥырар. Ол аата оҕо киһи буолуу үөрэҕин улаатыар диэри баһылыахтаах, билиэхтээх, үөрэтиэхтээх. Бу билиини оҕо төһө эрдэттэн баһылыыр даҕаны улахан киһи өйө-санаата эрдэлээн киирэр диэн быһаарыахха сөп.

Оҕону аан бастаан тугу барытын киһи, улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэттэххэ, соннук үгэстэр үөскээннэр өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн олохсуйдахтарына, киһилии быһыылаах киһи буола улаатар. Ол иһин төрөппүт оҕото кыра эрдэҕинэ батыһыннара сылдьан бэйэтэ көрдөрөн биэрэн, үтүгүннэрэн үөрэтэрэ, ийэ кутун иитэрэ хайаан да наада.

Киһи оҥорор быһыылара барылара ханнык үөрэҕи өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн иҥэриммититтэн, ийэ кута иитиллиититтэн олус улахан тутулуктааҕын билигин саҥа билэн эрэбит. Былыргы сахалар куһаҕан майгылаах киһини «Куһаҕан иитиилээх» диэн этэллэрин умнан, туһаммат буола сылдьабыт.

Сахалар таҥараларын үөрэҕинэн киһи оҥорор быһыылара барылара холбоон киһи быһыыта диэн ааттаналлар. Бу, киһи оҥорор быһыылара эмиэ икки аҥы арахсаллар:

А). Үчүгэй, киһилии быһыылар.

Б). Быстах быһыылар.

Бу киһи оҥорор быһыыларын тус-туспа ыламмыт ырытан көрүөхпүт:

А). Дьон бары оҕолорун үчүгэй, туһалаах, киһилии быһыылары оҥорорго ыҥыраллар, үөрэтэллэр, бэйэлэрэ эмиэ тугу үчүгэй, туһалаах дии саныылларын элбэхтик оҥоро сатыыллар. Киһи оҥорор быһыыларын баһыйар үгүс өттүлэрэ үчүгэй, туһалаах киһилии быһыылар буолаллар уонна ол быһыылары оҥорор дьон киһилии быһыылаахтар диэн сахалыы ааттаналлар.

Дьон бары үчүгэй диир быһыыларын оҥоро сатыылларыттан сир үрдүгэр үчүгэй быһыылар баһыйа элбэхтэр.

Б). Киһи оҥорор быстах быһыыларын туһунан биһиги «Үрүҥ Айыы буолуу» үлэбититтэн булуохха сөп. (9,50). Быстах быһыыларга киһи этин-сиинин бары баҕатын толоруута уонна оҥорор кыра куһаҕан быһыылара, кыратык сыыһа-халты туттунуулара киһи быһыытын аһара барбатахтарына, сиэри кэспэтэхтэринэ бары холбуу киирсэллэр.

Быстах быһыы аһара бардаҕына бэрт дөбөҥнүк куһаҕан быһыыга кубулуйара киһи оҥорор быһыыларын бэркэ сэрэнэн, кээмэйин билэн хонтуруоллана сылдьан оҥороро ордугун өйдөтөр. Ол аата быстах быһыылары оҥоруу куһаҕан быһыылары элбэтиэн сөп.

2. Киһи оҥорбот быһыылара үс сүрүн көрүҥҥэ арахсаллар:

а). Куһаҕан быһыылар.

б). Кыыллар быһыылара.

в). Саҥаны айыылар.

Бу киһи оҥорбот быһыыларын көрүҥнэрин биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытан көрүөхпүт:

а). Куһаҕан быһыы диэн тугуй? Үтүө санаалаах, киһилии быһыылаах киһи оҥорбот быһыылара куһаҕан быһыылар диэн ааттаналлар. Бу куһаҕан быһыыларга киһи быһыытын, сиэри аһара барар дьон үксэ билэр, куһаҕан диир быһыылара бары киирэллэр.

Бу быһыы куһаҕан буоларын, буортулааҕын, туһата суоҕун улахан киһи билэр буолан оҥорумуон сөп. Ол аата урукку олох уопутуттан ылынан, хантан эрэ ааҕан, истэн дуу эбэтэр бэйэтэ оҥорон, боруобалаан көрөн быһааран билбит куһаҕан быһыыларын киһи оҥорбот кыаҕа улаатар. Сахалыы оҕону иитии, үөрэтии сүрүн сыалынан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо улаатан иһэн арааран билэр буола үөрэннэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатарын туһаныы буолар.

Дьон бары уһун үйэлэр тухары оҥорон-оҥорон ханнык куһаҕан быһыылары оҥоруу хайдаҕын, дьоҥҥо туох содуллааҕын быһааран үөрэппиттэр уонна онон кээмэйдээн, бу быһыылары тус-туспа араартаан куһаҕан, олус куһаҕан, ыар, хара, дьиикэй быһыылар диэн тус-туспа арааран ааттыыллар.

Киһи оҥорбот быһыыларын оҥоруу куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин улахан, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон үөрэтэн көрөн билэллэриттэн, олору оҥорботтор. Арай бу быһыылары сыыһа-халты туттан эбэтэр улахаттар үөрэппэтэхтэриттэн арааран билбэттэриттэн оҕолор, эдэрдэр оҥорон кэбиһэр кутталлара улаатар. Киһи өйө-санаата уларыйан иһэрин уратытынан ханнык баҕарар кыаҕа тиийэр быһыытын оҥорор кыахтааҕа буолар. Ол иһин төһө да аҕыйахтарын иһин куһаҕан быһыылар бааллар, букатын суох буолан хаалаллара кыаллыбат курдук.

б). Араас кыыллар быһыылара уонна кыыллыы быһыылар киһи букатын оҥорбот быһыыларыгар киирсэллэр. Киһи өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитэ, кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсыыта кыыллыы быһыылары оҥорбот, олору оҥорууттан туттунар буолуутуттан ыла саҕаламмыта уонна билигин сайдыы үрдүк таһымын ситиһэн демократия, ол аата киһи быраабын харыстааһын сокуоннарыгар олоҕуран олоҕун оҥосторугар тириэрдэн эрэр.

Кыыллыы быһыы биир сүрүн уратытынан кыыллар, көтөрдөр, балыктар бэйэ-бэйэлэрин сиэһэллэрэ буолар. Дьоннор бэйэ-бэйэлэрин сиэспэт буолуохтарыттан саҕаланан кыыллыы өйдөрө-санаалара сыыйа уларыйан киһилии санааҕа, онтон оҥорор быһыылара киһилии быһыыларга сыыйа кубулуйан барбыта. Кэлин икки тыһыынча сыллардаахтан ыла өссө тупсан үчүгэй киһи буолууга, тугу барытын үчүгэйдик оҥорууга тиийэ сайынна.

Онон киһи букатын оҥорбот быһыыларынан кыыллыы быһыылар уонна кыыллар быһыылара эбиттэр. Ол аата сороҕор төһө да кыра кыыллары сөбүлээбиппит иһин кыыллар быһыылара киһи быһыытыгар бары өттүнэн сөп түбэспэттэр эбит.

в). Киһи билбэт буолан оҥорбот быһыыларыгар бары; үчүгэй да, куһаҕан да саҥаны айыылар киирсэллэр. Саҥаны оҥоруу, айыы диэн урут киһи оҥорботох, билбэт быһыыта буоларынан уратылаах. Ол аата киһи өссө оҥорон көрө, билэ илик уонна билбэт быһыылара саҥаны арыйыы, айыы буолаллара ханан да саарбаҕа суох. Киһи оҥорбот, билбэт быһыылара айыы, саҥаны арыйыы диэн буолалларыттан, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсара эмиэ биллибэтиттэн олус улахан сэрэхтээх буолуу хайаан да ирдэнэр. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда, сэрэхтээх буолара үөскүү илигинэ саҥаны айара куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбиирэ итинник быһаарыллар.

Сэрэхтээх буолуу көмүскэли үөскэтэр. Биһиги билигин сэрэхтээх, көмүскэллээх буолуубутун өй-санаа үөрэҕин хайысхатын сэбиэскэй былаас кэмигэр дэлби буккуйаннар хаалларан сылдьабыт, оҕолорбутун бас-баттах быһыыны оҥорууга үөрэтээччилэр, ыҥырааччылар бааллар.

Куһаҕан быһыы уонна саҥаны арыйыы, айыы биир өрүттэрэ тугуй? Бу быһыылар киһи оҥорбот быһыылара буолалларынан биир өрүттээхтэр. Куһаҕан быһыы куһаҕанын, буортулааҕын улахан киһи билэр буолан оҥорбот, онтон саҥаны айыыны өссө да билэ илик буолан оҥорбот. Ол аата, бу быһыылары дьон оҥорботохторуна даҕаны олохторугар туох да буолбат, ханнык да соһуччу уларыйыылар, хамсааһыннар киирбэттэр. Олохторун оҥкула хамнаабат, араас революциялар, сэриилэр уонна уларыта тутуулар буолбаттар, олохторо биир тэҥник, уруккутун курдук устан баран иһэр кэмэ кэлэр. Улахан алдьатыылаах сэриилэр кэннилэриттэн кэлэр маннык кэм дьон олоҕор ордук уһун кэми ылар буолла.

Онон киһи оҥорбот быһыылара куһаҕан, кыыллыы быһыылар уонна саҥаны арыйыылар, айыылар буолаллар. Саха дьоно өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн ыла чуолкайдык үөрэтэн баһылаабыттарын уонна билигин да туһана сылдьалларын, айыы диэн тылбыт элбэх куһаҕан, биир эмэ үчүгэй өрүттээҕэ быһааран биллэрэр.

Саха тыла уонна өй-санаа дириҥ тутулуктардаахтарын тылбыт үөрэхтээхтэрэ арааран билбэккэ, буккулла, бутууру киллэрэ сылдьаллара хомолтолоох. Итини тэҥэ оҕону туохха үөрэтэри биһиги учууталларбыт, учуонайдарбыт аныаха диэри ситэ билбэттэриттэн нуучча тылын быһалыы үтүктэллэрэ биһиэхэ, олус былыргы төрүттээх уонна айылҕаттан тутулуктарын сүтэрэ илик тыллаах сахаларга сөп түбэспэт.

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит «ай» диэн өйү-санааны быһаарар икки өрүттээх суолталаах тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыытын көмөтүнэн үөскээбит «айыы» диэн тыл бэйэтин төрүт дорҕооннорун тутулугунан куһаҕана баһыйара биллэр. Бу тыл сахаларга хаһан да үчүгэй тыл буола уларыйар кыаҕа суох.

Айыы диэн куһаҕана элбэх, аҕыйахтык туттуллуохтаах уонна улаханнык саҥарыллыбат, сэрэхтээх тыл. Бу тыл иччитэ уһугуннаҕына оҕолор өйдөрө-санаалара өссө буккуллуоҕа, элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыылларыттан сыыһа-халты туттаннар куһаҕан быһыылары элбэтиигэ тиийэн хаалыахтарын сөп. Ол иһин сахалар оҕолорун харыстаан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэр.

Оҕо улаатан киһи буолууну, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууну баһылыы илигинэ саҥаны оҥороро, айара олус кутталлаах, тиэтэйэрэ, ыксыыра элбэҕиттэн сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх буолуон сөп. Саҥаны арыйыы, оҥоруу хаһан да биирдэ оҥорору кытта табыллыбат, хас да төгүллээн, хатылаан эбэтэр өссө элбэхтэ көннөрөн, тупсаран оҥордоххо эрэ киһи тугу эмэни туһанар саҥаны айыыта буолан тахсарын улахан, олоххо уопутурбут дьон бары билэллэр.

Оҕо саҥаны, айыыны оҥороро элбэхтэ сыыһа-халты буолар. Сыыһа-халты оҥоруллубут бары дьыалалар куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаахтарын таба өйдүөхпүт этэ. Ол иһин оҕо аан бастаан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэрэ ордук, онтон улааттаҕына, өйө-санаата ситтэҕинэ, киһи буолууну ситистэҕинэ саҥаны арыйара, айара, бэйэтэ туспатык, атыннык оҥороро табыллара элбиир, туһата улаатар.

Саҥаны айыы аан маҥнай үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу биллибэт. Куттала, сэрэхтээҕэ онно саһан сылдьар. Ол иһин ханнык баҕарар саҥаны айыыттан аан маҥнайгыттан улаханнык сэрэниэххэ, харыстаныахха наада этэ. Саҥаны айыы куһаҕана кэлин тахсан кэлиэн эмиэ сөп. Атомнай буомба эстиитин кэнниттэн үөскүүр элбэх радиацияны Япония куораттарыгар дэлби тэптэрбиттэрин, элбэх дьону сутуйбуттарын кэнниттэн биирдэ билбиттэрэ. Аан дойду учуонайдара бары холбоһон, айан оҥорбут Швейцарияҕа баар андроннай коллайзердара тугу; үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу көрдөрөн таһаарара билигин букатын биллибэт. Ол иһин үгүс дьон салла саныыллар. Таҥара үөрэҕэ дьон олоҕор саҥаны айыыны киллэрэн олох оҥкулун эмискэ уларытыыны, араас өрө туруулары утаран, эдэрдэр өйдөрүн-санааларын харыстыыр, көмүскүүр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэрин таба өйдүөххэ.

Олус элбэх саҥаны оҥоруулартан биир эмэ саҥаны арыйыы дьоҥҥо туһалаах буолан туттуллар, олоххо киирэр кыахтанар. Үгүс саҥаны арыйыылар дьоҥҥо туһата суохтар, кыайан табыллан оҥоруллуохтарыгар диэри сыыһа-халты буоланнар өссө буортулаахтар, ол иһин куһаҕан быһыыга киирсэннэр, бу быһыылары элбэтэллэр. Саҥаны айыылар киһи барыта оҥорор, туһанар быһыыларыгар кубулуйуохтарыгар диэри улахан уларыйыыны, тупсарыыны бардахтарына эрэ табыллар.

Былыр-былыргыттан сахалар айыыны оҥорууну куһаҕан быһыыга киллэрэллэр. Э.К.Пекарскай тылдьытыгар бу тыл куһаҕан өйдөбүлэ быдан элбэх. Билигин бу боппуруос быһаарыыта сахаларга улахан суолталаах буолла. Өй-санаа хайысхатын табатык быһаарыы омук сайдар, симэлийбэт дьылҕалааҕын быһаарар. Биһиги билигин оннук кэмҥэ кэлэн олорорбутун өйдүөхпүт этэ.

Киһи буолууну ситиһии сүрүн өйдөбүлүнэн «Yрүҥү уонна хараны араарыы» эбэтэр «Yчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы» буолар. Ол аата киһи буолуу диэн туох барыта икки өрүттээҕин билэн ханан эрэ ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылынарга үөрэнии уонна ону олоххо киллэрии буолар.

Yчүгэйи куһаҕантан арааран билиини киһи өйдөөх-санаалаах, тэҥнээн, ыйааһыннаан көрөр кыахтаах эрэ буолан кыайан оҥорор. Олох уустуга итиннэ саһан сылдьар.

Аны олох ханнык эрэ кэмигэр үчүгэй уонна куһаҕан атастаһан, эргийэн биэрэр кэмнээхтэр. Бу кэмҥэ киһи быһыыта дьэ арыллан сыыһа-халты туттубакка, олох уларыйыытыгар өйүн-санаатын сөп түбэһэр гына уларытан биэрэр кыахтаах буолара ордук. Ол аата урукку кэмҥэ туох эмэ үчүгэйинэн ааҕыллара кэлин куһаҕаҥҥа кубулуйан, уларыйан хаалыан сөп. Биһиги олохпутугар оннук кэм кэлэн ааста. Ол курдук урут сэбиэскэй кэмҥэ дьадаҥы буолуу үчүгэй эбит буоллаҕына, билигин кэлэн баай дьон үчүгэйгэ, дьадаҥылар куһаҕаҥҥа кубулуйдулар.

Бу олох көрдөбүллэрэ уларыйан биэрэр кэмнэригэр, «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэбит курдук сэбиэскэй дьон өйдөрө-санаалара кытаанах көрдөбүллээх, ирдэбиллээх улахан итэҕэллэринэн сутулла иликтэриттэн этэҥҥэ, тус-туспа государстволарга арахсыылара табыллыбыта. Саҥа үөскээбит кыра государстволар уһун үйэлэргэ эйэлээх буолуулара төрүттэммитэ.

Дьон барыларын өйө-санаата биир тэҥ буолбатах. Саҥаны арыйа сатыыр, айыыны оҥорор дьон элбэхтэрэ суохтар. Баар дьонтон барыларыттан дьоҥҥо туһалаах саҥаны айа, олоххо киллэрэ сатааччылара уонтан сүүрбэҕэ диэри бырыһыаннарын ылар курдуктар, онтон дьиҥнээх, туһалаах саҥаны айааччылар, олоххо киллэрээччилэр биир эмэ, онтон атыттар бары, араас туһата суох, буортулаах да саҥаны айыылары оҥоро сатааччылар, сыыһа-халты туттааччылар буолаллар.

Саастарыгар биир да саҥаны, айыыны, киһи оҥорботун оҥорон эрэйгэ түбэспэтэх дьон саҥаны айыы диэни табан сыаналыыллара сүрдээх уустук. Кинилэртэн саҥаны айыы туһунан ыйыта да барымыахха син. Син биир таба эппиэти биэрэр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ бэйэлэрэ боруобалаан, оҥорон көрөн, эрэйдэнэн киһи билбэтин оҥорууттан туох содул, туох быһыы үөскээн тахсарыттан кэһэйбэтэх буолан билбэттэр. Бу дьон үксүлэрэ олоххо бастаан иһээччилэри үтүктэн, батыһан иһиэхтэрин сөп.

Бастаан, батыһыннаран иһээччилэр аһара барар өйдөрүн-санааларын киһи быһыылаах буолууга, олоҕу киһи быһыылаахтык олорууга таҥара үөрэҕэ үөрэтэр, ол аата эт-сиин улаатан ситиитин кытта өй-санаа сайдыытын тэҥнээн биэриини оҥорор.

Өй-санаа эбиллэн күн-түүн сайдан иһэр, киһи өйө-санаата бэйэтэ даҕаны саҥаттан-саҥаны арыйан айыыны оҥорон иһэр аналлаах. Өй-санаа биир сиргэ хаһан да турбат, эбиллэр, көҕүрүүр, таһынан таһымныыр. Ол иһин өй-санаа аһара барбатын, Үөһээ дойдуга көҥүлүнэн тахсыбатын, этин-сиини бырахпатын туһугар аналлаах хааччахтаах буолара ордук. Бу хааччах сахалар таҥараларын үөрэҕинэн сиэр, киһи быһыыта диэн ааттанар. Ол аата киһи быһыылаах киһи тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор, сиэри тутуһар киһи буолан олоҕун уһуннук олорор кыахтаныан сөп.

Дьон Орто дойдуга, ол аата сиргэ эрэ тыыннаах буолан олоҕу олороллор, өйдөрө-санаалара эмиэ бу дойдуну аһара барыа суохтаах. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума», диэн үөрэтэр, өй-санаа хааччаҕа хантан саҕаланарын, тугу хааччахтыырын биллэрэр. Аһара баран ону-маны айа, оҥоро сатааһын, үксэ сыыһа-халты буолан тахсарыттан дьону сэрэтэргэ, харыстыырга аналлаах таҥара үөрэҕэ сайдыбыт.

ТУТУУ ПРОЕГА – САҤАНЫ АЙЫЫ

Сахабыт сирэ сылтан сыл аайы сайдан, сир дойду аайы улахан тутуулар дьэндэһэллэр. Ордук киин куораппыт сүүнэ улахан, үтүө, мааны көрүҥнээх тутууларынан, дьон олорор дьиэлэринэн, көнө уулуссаларынан киэркэйэрэ кэлин биллэрдик түргэтээтэ.

Атын ханна да суох көрүҥнээх саҥа, улахан тутууну тутарга аан маҥнай, бу тутуу проега оҥоруллар. Тутуу проегын саҕалааччы – архитектор, саҥаны айааччы уонна онтун олоххо киллэрэ сатааччы киһи буолар. Архитектор санаабыт санаатын, араас саҥа идиэйэлэрин кумааҕыга уруһуйдаан проект оҥоруутун саҕалыыр. Кини бу оҥорор проегын бары араас элбэх тутуу урут оҥоруллубут нуормаларыгар, СНиП-тэргэ сөп түбэһиннэрэр. Бу араас нуормалар, СНиП-тэр уһун кэмнээх тутууну тутуу уопуттарыттан, тупсаран биэриилэриттэн хомуллан оҥоруллар буоланнар, бу тутуллуохтаах тутуу эрэллээх, тупсаҕай, аналлаах сыалыгар сөп түбэһэр буоларын хааччыйар сыалга туттуллаллар.

Ханнык баҕарар тутуу, саҥаны айыы эрэллээх, тупсаҕай буоларын проект хааччыйарга аналланар уонна тутуу тутуллуон иннинэ араас экспертизалары ааһан эрэллээҕэ дакаастаннаҕына табыллар. Проекка смета оҥоруллан, бу тутуу төһө сыаналаах буолара быһаарылларын тэҥэ, тутуу төһө уһун үйэлээхтик турарын проект эмиэ быһаарар. Холобурга, дьон олорор дьиэлэрэ 50-тан 100 сылга диэри сүрүн конструкциялара хамсаабакка, алдьаммакка эрэ туралларын проект хааччыйара ирдэнэр. Ол аата бу тутууга туттуллар бары матырыйаалларга, конструкцияларга уонна бу тутуу турар сиригэр итиччэ сыллар усталарыгар ханнык да уларыйыылар тахсыа суохтаахтар диэн проект гарантия биэрдэҕинэ табыллар.

Элбэх дьоҥҥо туһалаах улахан тутуу үчүгэйи, туһалааҕы саҥаны айыыга, оҥорууга киирсэрэ ханнык да саарбаҕа суох эрээри, бары өттүнэн бөҕө, дьоҥҥо ханнык да кутталы үөскэппэт буолара хайаан да наада. Проект оҥорооччу саҥаны айан, субу баар, туттулла сылдьар тутуу конструкцияларын туһанан олоххо киллэриитэ ситиһиигэ, тутуу олоххо киириитигэр тириэртэҕинэ саҥаны айыы буолан тутуллан тахсар. Сорох, аһара барбыт санаалары олоххо киллэрэ сатааһын тутуу конструкцияларын оҥоруу ситэн сайда илигинэ кыаллар кыаҕа уустук, суох да буолуон сөп.

Өй-санаа саҥаны айарга үлэтин тутуу проегын оҥоруу үлэтин хаамыыта дакаастыыр. Ол курдук элбэх саҥаны оҥоро сатыыр архитектор санаатыгар олус үтүө көрүҥнээх, ханна да тутулла илик тутууну кумааҕыга уруһуйдаан баран, бу уруһуйун тутууну тутааччыны кытта сөбүлэһиннэрэрэ ирдэнэр. Ол курдук тутуллуохтаах тутуу билигин баар туттулла сылдьар тутуу конструкцияларыгар, бары нуормаларга, СНиП-тэргэ сөп түбэһэр буоллаҕына эрэ тутуллар, архитектор саҥаны айбыта олоххо киирэр, айыы буолар кыахтанар.

Саҥа тутуу проега дьиҥнээх, олоххо киирэрэ чугаһаабыт саҥаны арыйыы буолар. Ол эрээри бу саҥаны айа сатааһыммыт кумааҕыга эрэ уруһуйданарынан дьиҥнээх саҥаны айыы буолбакка, саҥаны айыыга тириэрдэр суол эрэ буолар. Ол иһин ай диэн төрүттэн тахсан айар диэн тылынан этиллэрэ таба буолар. Бу уруһуйдаммыт проекпытынан тутуу тутуллубакка хааллаҕына, бу саҥаны айбыппыт кыайан олоххо киирбэккэ, айыы буолбакка, таах хаалан хаалыан сөп. Ол курдук үгүс проектар тутуллубакка эрэ хаалаллара элбэх.

Проект оҥоруута уустук, уһун кэми ылар. Ол барыта проегынан тутуллар тутуу уһун үйэлээх, хаачыстыбалаах буолуутун хааччыйарга аналланар уонна өй-санаа сайдыытын, саҥаны айыы олоххо киириитэ уустугун чуолкайдаан билэргэ туһалыыр.

Киһи мэйиитин саҥаны айарга үлэтэ эмиэ проект оҥоруутугар сөп түбэһэр. Элбэх саҥаны, ону-маны, үчүгэйи, куһаҕаны баспыт иһигэр, санаабытыгар саныыр, айан, оҥорон көрө сатыыр буоллахпытына, олорбутун барытын илэтигэр оҥорон таһаарар кыахпыт суох. Ол курдук сорохторун оҥорорбутугар кыахпыт-күүспүт тиийбэтэ мэһэйдээтэҕинэ, атыттара аны куһаҕаннарын, дьоҥҥо туһата суохтарын эбэтэр буортулаахтарын билэрбититтэн оҥорбоппут, туттунабыт.

Аан маҥнай баспыт иһигэр айабыт, арыйабыт, онтон илэ оҥорон таһаардахпытына, оҥордохпутуна, туттахпытына, бу быһыыбыт дьэ биирдэ айыы буолан тахсар. Бары саҥаны оҥоруулар маннык суолунан баран истэхтэринэ сыыһа-халты буолан хаалыылара, куһаҕаҥҥа кубулуйуулара аҕыйаан үрүҥ, үчүгэй айыы буоланнар, дьоҥҥо туһаны аҕалаллара элбиир.

Үрүҥ айыыны, саҥаны оҥоруу халлаантан түһэн кэлбэт, олох таһымыттан, сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол аата ханнык баҕарар киһи саҥаны, айыыны оҥороругар, бу саҥаны айыытыттан туох уларыйыылар, содуллар үөскээн тахсалларын эрдэттэн, айыыны оҥоруон инниттэн билэр буолара хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол иһин сахалар үөрэхтэрэ оҕону, ситэ өйө-санаата сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илигинэ «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр. Бу этии оҕону ситэ билбэтиттэн, билиитэ, уопута тиийбэтиттэн сыыһа-халты туттунарыттан көмүскүүр, харыстыыр аналлааҕын билигин ситэ өйдөөбөккө, туһаммакка сылдьабыт. Ол иһин эдэрдэрбит, уолаттарбыт сыыһа-халты туттуналлара билигин элбээһинигэр тириэртибит.

Ханнык баҕарар саҥаны айыы маннык суолунан сайдан бардаҕына сыыһа-халты буолара аҕыйаан туһата элбиир:

1. Санааҕа оҥорон, айан көрүү.

2. Саҥаны айары кумааҕыга суруйан, суоттаан, өссө ырытан көрүү.

3. Дьиҥнээхтик илэтигэр оҥоруу.

Саҥаны айыыга тириэрдэр суоллары биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. Санааҕа оҥоро охсон көрөн саҥаны айыылар үгүстэрэ табыллыбаккалар, сыыһа-халты буолуулара элбэҕиттэн куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. «Санаабычча быһыылаах» диэн сахалар саныы түстэр эрэ оҥоро охсор киһини этэллэр. Санаабычча оҥоруллан иһэр быһыылар быстах быһыылар диэн ааттаналлар уонна олоххо элбэхтик куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр.

“Ким эрэ эттэ ээ” диэт даҕаны оҥоро охсуу сыыһа-халты буолара эмиэ элбэх. “Оҥоруох иннинэ толкуйдаа” диэн этии тугу эмэ оҥоруох инниттэн туох содул бу быһыыттан үөскээн тахсарын быһаарыыга аналланар.

Киһи күүһэ-кыаҕа тиийбэт араас баҕа санааларын олоххо киллэрэр кыаҕа суох. Ол курдук араас элбэх фантазияһыттар, сорох философтар санаалара олохтон тутулуга суохтарыттан олоххо киирэр кыахтара суох, кыайан дьоҥҥо туһалаабаттар, ыра санаа эрэ буолан хаалаллара элбэх.

2. Киһи үгүстүк сыыһа-халты туттубатын туһугар «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии баар. Ол аата тугу эмэ туһалааҕы оҥоруон баҕарар киһи субу оҥорор быһыытын санаатыгар элбэхтэ оҥорон, боруобалаан көрөн баран илэтигэр оҥордоҕуна туһата элбиир кыахтанар.

Уустук, улахан саҥаны арыйыылар бары кэриэтэ эрдэттэн кумааҕыга суруллан, суоттанан, ырытыллан баран оҥорулуннахтарына эрэ киһиэхэ, олоххо туһаны аҕалар кыахтаналлар. Ол курдук киһи баһын иһигэр тутан сыаналыыра эмиэ кээмэйдээҕинэн уустугу, улаханы айарга барытын табатык сыаналыыр кыаҕа суоҕуттан, олорун кумааҕыга суруйан көрөрө, сыаналыыра быдан олохтоох, таба буолар кыаҕа улаатар.

Тутуу проегын оҥоруу эмиэ кумааҕы үлэтигэр киирсэр. Проегы бу оҥоруллар кэмигэр үчүгэйдик ырытан, көннөрөн, тупсаран биэрдэххэ проект хаачыстыбата тупсар. Ол иһин бу проегынан тутуллар тутуу хаачыстыбалаах, туһалаах буолар кыаҕа улаатар. Бары саҥаны айыылар, айыыны оҥоруулар тутуу проегын оҥоруу хаамыытын курдук үктэллэри салгыы баран иһэллэрэ аныгы сайдыылаах, үөрэхтээх дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Суруйуу үлэтэ диэн дьиҥнээхтик илэ оҥоруу буолбатах, оҥорууга бэлэмнэнии, санаабыт санааны кумааҕыга киллэрэн бэлиэтээһин эрэ буолар. Кумааҕыга тугу баҕарар суруйдахха төһө баҕарар уйуоҕа, туох да буолуо суоҕа. Суруйааччы саҥаны айар эрэ, айыыны оҥорбот диэн этии итинник быһаарыллар кыахтаах. Тугу да суруйбут иһин кумааҕыга таах хаалан хаалыан эмиэ сөп.

3. Кумааҕыга суруллубут, суоттаммыт, туох содул үөскүүрэ быһаарыллыбыт, бары куһаҕана барыта ылан быраҕыллыбыт саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон, тутан таһаардахпытына дьэ биирдэ үрүҥ, үчүгэй айыы буолан тахсар, сыыһа-халты буолара суох оҥоруллар уонна дьоҥҥо элбэх туһаны аҕалар кыахтанар.

Онон дьон бары саҥаны айан олоххо киллэрэллэригэр бу быһаарыылары туһана сылдьаллара буоллар, элбэх тутууну тутуу курдук туһалаах, саҥаны айыылары оҥоруо этилэр.

БЭЙЭҔЭ ТИИЙИНИИ

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан, буккуйбутуттан киһи олоҕор өйө-санаата туруктаах буолуута диэн өйдөбүл ылар оруола биһиэхэ туттуллубат буола сылдьар. Кэлин кэмҥэ биһиэхэ дьон өйө-санаата туруга суох буолуутун бэлиэлэрэ биллэрдик элбээтилэр. Ол курдук араас элбэх арыгыһыттар, наркоманнар, бэйэлэригэр тиийинээччилэр, бэлэмҥэ тииһинэ сатааччылар, умнаһыттар бары туруга суох өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо киирсэллэрин таба өйдөөбөккө сылдьабыт.

Олох диэн оонньуу буолбатах, кыра эрдэххэ курдук куруук маанылана, атаахтыы сылдьыы, оҕо улаатан истэҕинэ хаалан иһэрин, кыаллыбатын, киһи олус элбэх тулуурдаах буоллаҕына эрэ, олоҕу уһуннук олорор кыахтанарын билиэхпитин сөп этэ. Саха дьонун «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонноро кэлэр көлүөнэлэр сайдар, үүнэр кыахтарын улаатыннарыан сөбүн сэбиэскэйдии, барыта үчүгэй эрэ диэн өйбүт-санаабыт хаала илигиттэн туһаммакка сылдьабыт.

Өй-санаа туруктаах, тулуурдаах буоллаҕына эрэ, быстах быһыыга киһи киирэн биэрбэт кыахтанарын билигин туһаммаппыт. Бэйэтэ тулуура аҕыйах, атаах, мааны оҕолор олохторугар туох эмэ ыарахан, эрэй-буруй тиийэн кэлэрин кытта, тулуйа, өсөһө түспэккэ, туох кыалларын оҥоророллорун оннугар бэйэлэригэр тиийинэргэ тиийэн хаалаллара элбээтэ.

Бэйэҕэ тиийинии диэн олус куһаҕан, киһи быһыылаах киһи хаһан да оҥорбот, сиэрэ суох быһыыта. Улахан киһи бэйэтигэр тиийинэрэ аймахтарга, улаатан иһэр оҕолорго дьайыыта ордук куһаҕан. Ол курдук кэлэн иһэр көлүөнэлэр үтүктэр, батыһар киһилэрэ бэйэтигэр тиийиннэҕинэ, ону үтүктэр кутталлара илэ үөскүүр. Оҕо төрөппүтүн үтүктэр күүһэ элбэҕиттэн субу оҥорбут куһаҕан быһыытын эмиэ үтүктэн кэбиһиэн сөп. Бэйэтигэр тиийиммит киһи оҕото, сиэннэрэ, билэр дьоно бэйэлэригэр тиийиниэхтэрин сөбө улаатан хаалар.

Оҕолору сыыһа-халты туттубат, тулуурдаах, аһара барбат, киһи оҥорбот быһыытын, айыыны оҥорбот буолууга кыра эрдэхтэриттэн ииппэттэн, үөрэппэттэн, аһара маанылыыртан, атаахтатартан туохтара эмэ табыллыбатар, сатамматар эрэ бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбиир. Өлөрү утуйар курдук санааһын өлүүнү үчүгэй, чэпчэки курдук оҥорор. Үлэлии-хамсыы үөрэммэтэх, ыарахаттары тулуйа үөрүйэҕэ суох оҕо, киһи өлө охсон, онтон быыһанар, куотар курдук санаата баһыйар кэмэ кэлиэн сөп.

Айыыны оҥор, айыы үчүгэй, бэйэҥ айыы буол диэн оҕону үөрэтии өйө-санаата ситэ сайда, тугу оҥорорун таба сыаналыы үөрэнэ илик оҕо саҥаны, дьон билбэтин, оҥорботун оҥоро охсор санаатын күөртээн, айыыны оҥорорум үчүгэй диэн санаатыгар оҕустарыытыгар киирэн биэрэн, киһи оҥорбот быһыытын оҥороору бэйэтигэр тиийинэригэр тириэрдиэн сөбүн улаатыннарар. Ол аата бэйэҕэ тиийинии диэн киһи оҥорбот быһыыта буоларынан, саҥаны айыы буолан оҕону угуйар, тардар күүстэнэрин билиэ, сэрэниэ этибит.

Айыы буолуу диэн киһи өйө-санаата көтүүтэ, киһиттэн бэйэтиттэн туспа арахсан барыыта ааттанар. Ол аата айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ кэлэр өйө-санаата уларыйыыта буолар. Эдэрдэри Үөһээ дойдуга ыҥырыы, онно үчүгэй, айыы буол диэн этии өй-санаа тутулуктарын билбэт буолууттан үөскүүр олус куһаҕан быһыы буолар. Оҕо, эдэр киһи саҥаны айа, айыыны оҥоро сатыыр санааларыттан, уратыны, дьон оҥорботторун оҥороору бэйэлэригэр тиийинэллэрин элбэтиэн сөп.

Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлөр дьону мөлтөх майгылаах, олох иһин охсуһууга кыаттарбыт, барар-кэлэр сирдэрэ бүөлэммит, ыарахан кэмҥэ кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммат буола буорайбыт дьонунан ааҕаллара. Бэйэҕэ тиийиниини киһи бэйэтин олоҕор оҥорор саамай ыар буруйунан, хара айыытынан билинэллэрэ, бу дьон кэлэр көлүөнэлэрин туһугар ханнык да ыллыктаах санаалара суохтар диэн этэллэрэ. Ол барыта бэйэҕэ тиийинии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар олус куһаҕаннык дьайарын билэллэриттэн буолар.

Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи өйө-санаата куһаҕан, өлөр санаа¬нан туолан, бу киһи кута ыараан, Үөһээ дойдуга кыайан барбакка, үөр буолар дьылҕаланара биллэр. Үөр буолбут киһи кута бэйэтин аймахтарыгар, чугас дьонугар илэ да эбэтэр түүллэригэр киирэн элбэхтик куһаҕан көрүҥүнэн көстөн, дьонун санааларын элбэхтэ түһэрэн, олохторун буортулуон сөп дииллэр. Былыргыны үөрэтээччи Сэһэн Боло үөр айыы буолар диэн суруйан хаалларбытын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Бу быһаарыы түүлү көрүүнэн эмиэ дакаастанар. Ол курдук түүлгэ куһаҕан көрүҥнээх киһи көстүүтэ туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыы кэлэн иһэрин бэлиэтиир көстүү буолар.

Сахалар олохторун үөрэҕэр «Олох иһин охсуһуу» диэн өйдөбүл баар. Олохторугар көрсөр араас ыарахаттары, эрэйдэри, ыарыылары кыайбыт дьону хайҕааһын, кинилэри үтүктүү саха дьонун олохторун сиэрэ буолар. Элбэх кэпсээннэргэ киһи бэйэтин тулуурунан, дьулуурунан оннооҕор өлүүнү эмиэ кыайбыта кэпсэнэр. Киһи бэйэтин баҕа өттүнэн дьарыктанан, тулуурун сайыннаран, этин-сиинин эрчийэн олоҕун уһунун төһө баҕарар уһатыан сөбүн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттара ыраатта.

Бэйэҕэ тиийинии, эдэр эрдэххэ өлүү киһи бэйэтэ олох ыараханын тулуйбакка олохтон туораан биэриитэ, олох ыарахаттарыгар бэриниитэ буолар. Бэриммит киһи олох иһин охсуһарын тохтотор, бэйэтигэр тиийинэн этин-сиинин өлөрүнэр. Кини бэйэтигэр тиийинэр куһаҕан өйө-санаата ханна да ыраах барбакка, чугас сылдьара уонна билэр, буруйдуу саныыр дьонугар көстөрө үөр буолуу куһаҕан диэн өйдөбүлү үөскэппит.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан иитии өйө-санаата тиэрэ баран, олох ыарахаттарын тулуйбат буолуутун үөскэтэр. Маннык иитиилээх оҕолор туохтара-эмэлэрэ тиийбэтэҕинэ өлөллөрүнэн куттаан эбэтэр «Тоҕо төрөппүккүнүй?»- диэн ыган бардахтарына, барыта бэлэмҥэ үөрэппит төрөппүттэр чахчы ыксыыллар. Атаах оҕо саҥа соппуоска ылбатыгыт диэн куттаан балконтан ыстанан кэбиһэр түбэлтэтэ эмиэ баар. Оҕону атаах гына иитии кини олоҕун сыаналаабат, атын ким эрэ, төрөппүттэрин туһугар олорор курдук сананыытын үөскэтэр. Ол иһин бэйэлэригэр тиийиниилэригэр тириэрдэрэ элбэх.

Арыгыһыт буолуу олох ыараханын тулуйбат буолуу биир көрүҥэр киирсэр. Арыыйда мөлтөх, киһиргэс майгылаах, тулуура соччо тиийбэт, сымнаҕас, чэпчэки олоххо үөрэммит оҕолор арыгыга түргэнник ыллараннар арыгыһыт буолаллар. «Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этии ону бигэргэтэр.

Өйү-санааны наркотигынан буккуйуу, бу бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнэнэр быһыы буолар. Өй-санаа тулуура тиийбэтэҕинэ быстах, көтө сыл¬дьар чэпчэки өйгө-санааҕа баһыттаран, наркоман буолууга ылларар кыахтанар.

Өйү-санааны Үөһээ дойдунан буккуйуу, онно үчүгэй, айыы буол диэн үөрэтии, дьону бэйэлэригэр тиийиниилэригэр, олох ыарахаттарыгар бэриниилэ¬ригэр ыҥырар быһыы буолар. Өй-санаа киһи өллөҕүнэ арахсан, туспа баран Үөһээ дойдуга барыыта, көҥүл көтөн хаалыыта, туспа баран айыы буолуута чахчы. Ол гынан баран киһи өйө-санаата ол дойдуга бэйэтинэн сылдьыбат. Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук кут диэн тус-туспа үгэс буолбут өйдөр-санаалар холбоспуттара буолар. Киһи өлбүтүн кэнниттэн 40 хонугунан куттара барылара үрэллэн, тус-туспа арахсан, ыһыллаллар. Yөһээ дойдуга өй-санаа толору бэйэтинэн сылдьыбатын бэлиэтинэн түүлгэ көстөр дьон өйдөрө-санаалара аҥардас көстүүлэринэн уонна быстах-быстах бэлиэлэринэн эрэ биллэллэр. Атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарыннаабат өй-санаа туспа бөлөх, кут, айыы буолан бэйэтинэн уларыйбакка өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Ма¬ны олус былыргы дьон түүлгэ көстүүлэрэ бигэргэтэр. Онтон атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарынныыр, биир тэҥ өрүттэр, атын өйдөргө-санааларга холбоһон, симэлийэн сүтэн хаалаллар. Ол иһин киһи өллөҕүнэ өйө-санаата үөр буолан ыһыллаллар диэн сахалар этэллэр. Yөр буолуу диэн бытарыйыы, ыһыллыы аата.

Бэйэҕэ тиийинии диэн киһи этин-сиинин өлөрүнүүтэ буолар. Быстах санааҕа баһыттарыы бэйэҕэ тиийиниигэ тириэрдэр. Өй-санаа туруга суох буолан олох ыарахаттарын тулуйбат, быстах санааҕа киирэн биэрэр. Быстах санааҕа баһыттарыы өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр куттала бэйэҕэ тиийинэр дьону тохтотуон сөп. Быстах санааҕа баһыттарыы, быстах быһыылары оҥоруу киһи быһыытыгар сөп түбэспэт, ол иһин сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөбүттэн киһи тулуурдаах буолуута эрэ харыстыыр.

Сахалар кэлэр көлүөнэлэрин өйүн-санаатын ордук кыһанан харыстыылларын бэлиэтинэн маннык куһаҕан быһыыны оҥорбут киһини атын дьонтон туспатык тутан, атын сиргэ көмөллөрө, аатын-суолун, тугу оҥорбутун умуннара сатыыллара буолар.

Киһи оҥорбут туох эмэ куһаҕан быһыыта куһаҕанын атыттарга биллэрэр ураты бэлиэлээх буолара ордук. Куһаҕан быһыы өссө хатыламматын туһугар, бу быһыы куһаҕанын биллэрэр бэлиэтин куруук оҥоро, бэлиэтии сырыттахха, өр кэмҥэ умнуллубат үгэскэ кубулуйар кыахтанар.

Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт киһини ахтыбакка, кистээн дьон сылдьыбат сирдэригэр хоруобугар умсары уган көмөллөрө. Ол барыта куһаҕан санаалаах өлбүт киһи оҥорбут олус ыар, куһаҕан быһыытын хаалар дьон умналларын, аны хатылаабаттарын туһугар оҥоруллар быһыы буолар. Олус куһаҕан быһыыны оҥорбут киһи аата умнуллуохтаах, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр суола быһыллыахтаах. Аат умнулларын тэҥэ, кини оҥорбут куһаҕан быһыыта эмиэ умнулларын, аны ахтыбат буолуу үөскэтэр.

Куһаҕан быһыыны умуннахха, хааллардахха, хос-хос хатылыы турбатахха эрэ аҕыйааннар, олоххо үчүгэй быһыылар элбиир кыахтаналлар. Куһаҕан быһыылар хайаан да сэмэлэнэллэрэ, дьон бары билэллэрэ, оҥорботторо буоллар, бу быһыылар чахчы аҕыйаан барыа этилэр. Онон төрөппүттэр оҕо иитиитигэр уустуктар үөскээбиттэрин билинэн оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр, иитиини кытаатыннаран, чиҥэтэн, сахалар үөрэхтэрин «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн этиини тутуһан, тулуурдаах буолууну улаатыннаран биэрэри ситистэхтэринэ эрэ, эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруктаах буолууга уларыйыа этэ.

ҮРҮҤ АЙЫЫ БУОЛУУ

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла өй-санаа үөрэҕинэн дириҥник дьарыктаммыттарын киһи этэ-сиинэ, үс куттара уонна сүрэ тус-туспа тутулуктаахтарын арааран билэллэрэ бигэргэтэр. Бу билиилэрэ барылара кут-сүр үөрэҕэр түмүллэн сылдьаллар.

Элбэх суолталаах айыы диэн тылбыт биир өйдөбүлэ иччилэргэ, үөрдэргэ сыһыаннаах. Сэһэн Боло «Yөр айыы буолар» диэн бэйэтин кэмигэр суруйбута кэриэс буолан харалла сылдьар. (18,313). Атын туохха да маарыннаабат, ураты өй-санаа, саҥаны арыйыы өйө-санаата айыы буолар. Бахсы, Болугур Айыыларын өйдөөн кэлиэҕиҥ. Бу ааттаммат улахан үөрдэр, айыылар, биллэн-көстөн буулаатахтарына дьон киһилии олохторо айманар.

Өй көтөн, этиттэн-сииниттэн арахсан бардаҕына айыы буолар. Онтон өйө көтөн туспа бардаҕына киһи, киһи буолан бүтэр, сүөһүтүгэр түһэр. Өй көтөн букатын баран хаалыыта өлүүгэ тириэрдибэтэҕинэ даҕаны киһи иирэр, киһилии өйө суох буолар. Өйө көппүт киһи киһи буолан бүтэрин биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ билбэттэрэ олус куһаҕан уонна хомолтолоох.

Тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһини «Эн айыы буол», «Айыыларга бар» диэн алҕааһын олус улахан сыыһата итиннэ саһан сылдьар. Бу этии «Эн өйүҥ көттүн» диэн кырааһын, «Киһи буолан бүт» диэн этиигэ тэҥнэһэр олус сиэрэ суох быһыы буолар.

Билигин бары эдэр оҕолор оҥорор куһаҕан быһыылара олус элбээн, суоһуран иһэллэриттэн санааргыыбыт. Ону тэҥэ элбэх эдэр оҕолорбут быстах санааларыгар баһыттараннар бэйэлэригэр тиийинэллэр. Ол аата өйдөрө-санаалара эттэриттэн-сииннэриттэн арахсан көҥүл, Үөһээ дойдуга көтөн барарын ситиһээри итинник ыар быһыыны оҥостоллор.

Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн уонна наука да билинэн эрэринэн киһи өллөҕүнэ өйө-санаата арахсан туспа барар. Сахалар үөрэхтэрэ этэринэн өлбүт киһи өйө-санаата Үөһээ дойдуга тахсар. Киһи түүлүгэр өлбүт дьону хаһан баҕарар көрөрө, оннооҕор кэпсэтэрэ, кырдьык, өлбүт дьон өйдөрө-санаалара баалларын, сүтэн хаалбаттарын биллэрэр, дакаастыыр. Ол курдук бу өлбүт дьон билиилэрэ, тугу эмэни этэн биэриилэрэ дьоҥҥо олус туһалаах буолан тахсаллара эмиэ биллэр.

Өлүү хаһан баҕарар тиийэн кэлэринэн айыы буолууттан ким да кыайан куоппат. Арай бу айыыбыт хайдах айыы буолара эрэ биллибэт. Ол курдук хара, куһаҕан санаалаах киһи өллөҕүнэ өйө-санаата хара айыы буолан атыттарга куһаҕанынан дьайа сылдьар кыахтанар, онтон үтүө, үчүгэй санаалаах киһи өйө-санаата үрүҥ айыы буолан хаалбыт дьоҥҥо үчүгэйинэн дьайан, үтүө санааны үксэтэргэ туһалыыр.

Айыы диэн тугуй? Айыы диэн атыттартан ураты өй-санаа. Атыттарга маарыннаабат, туспа, урут суох, ол аата бу баар дьон билбэт өйдөрө-санаалара, билиилэрэ айыы буолар. Хас киһи өйө-санаата тус-туспалар, бэйэ-бэйэлэригэр хаһан да маарыннаспаттар, ол киһи иһин өлөн өйө-санаата арахсан бардаҕына, Үөһээ дойдуга көттөҕүнэ бэйэтэ туспа үөр, айыы буолар. Бу киһи тыыннааҕар киһи оҥорбот ыар быһыытын оҥорбут буоллаҕына өйө-санаата ордук күүстээх хара айыы буолар. Ол курдук тыыннаах киһи бэйэтигэр тиийинэрэ киһи быһыылаах киһи хаһан да оҥорбот ыар, хара айыыта буоларынан бэйэтигэр тиийиммит киһи өйө-санаата хайаан да улахан айыы, үөр буолар.

Бары өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга көттөхтөрүнэ үөр, айыы буолаллар. Олоҥхолорго кэпсэнэр айыылар диэн былыр үйэлэргэ олорон ааспыт дьон оҥорбут дьыалалара, үлэлэрэ, өйдөрө-санаалара умнуллубакка, хаалан хаалбакка кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин биллэрэр.

Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара атыттартан туспа, ураты буоларынан бэйэтэ айыы буолар. Хайа да киһи өйө-санаата бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, ол иһин киһи өлбүтүн кэннэ туспа баран Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына айыы буолар. Ол аата айыы диэн өлбүт дьон, иччилэр, үөрдэр өйдөрө-санаалара, билигин да сылдьаллара ааттанар. Айыы диэн мээнэ туттуллубат ыарахан тыл, сибигинэйэн эрэ этиллэр тыл. Ханнык айыы буолара биллибэтиттэн уонна куһаҕан быһыы уруттаан иһэринэн бу тыл ордук сэрэхтээх. Бу тыл куһаҕан, сэрэхтээх тыл буоларын бүтүүтүн «ыы» диэн сыһыарыыта быһаарар. Тыл, дорҕоон киһиэхэ дьайыытын билбэт буолууттан, бу тылы үчүгэйи эрэ анаан бэлиэтииргэ туттуу букатын сыыһа. Үчүгэйи оҥорууну бэлиэтиир айыы – үрүҥ айыы диэн туспа арааран ааттанара өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр.

Өлбүт дьон өйдөрүн санааларын олоххо табатык туһанарга ханнык айыы буоларын чуолкайдык быһааран эрэ баран туһаныахха наада. Өй-санаа бу курдук икки өрүттээҕин былыргы сахалар билэннэр үчүгэйи элбэхтик оҥорбут таҥара аата Үрүҥ Аар тойон диэн ааттанар. Таҥарабыт аата кини оҥорбут элбэх быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн эрэ ылан туһаныахха сөп диэн бэйэтэ этэн биэрэрин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Наркотиктар киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара өй-санаа көҥүл барыытыгар тириэрдэр. Эдэр киһи өйүн-санаатын көҥүл, босхо ыытаары уонна ханнык эрэ саҥаны, билбэтин оҥороору наркотиктары боруобалаан көрүөн сөп. Оҕону «Айыыны оҥор» диэн үөрэтии, бу оҕо элбэхтик киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро сатыырыгар тириэрдэринэн элбэхтик сыыһа-халты туттунарын тэҥэ, наркотиктары боруобалааһыҥҥа тиийиэн сөп. Онтон киһи билбэтэ, оҥорбото диэн айыы буоларын эмиэ билэр курдукпут эрээри оҕо өйүн-санаатын харыстыырга туһана иликпит.

Айыы үөрэҕэ диэн сыыһа хайысхалаах үөрэх дьайыыта эдэрдэр буруйу, куһаҕан быһыылары оҥороллорун элбэтэр. Билигин государство оҕо иитиитигэр улаханнык кыһаммат кэмэ кэлэн турар. Ол иһин хас биирдии төрөппүт оҕотун өйө-санаата туруктаах буоларыгар бэйэтэ эрэ урут бастаан кыһанарын өйдүүрэ наада. Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ эрэ оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарар. Ол иһин таҥара үөрэҕин ылынан, оҕону сахалыы өйгө-санааҕа үөрэтии бастаан иһэрэ ордук этэ.

Сахалар былыр-былыргыттан сири-дойдуну үс тус-туспа дойдуларга араараллар. Бу дойдулар Үөһээ дойду, Орто дойду уонна Аллараа дойду диэн ааттаналлар. Сири-дойдуну маннык үс аҥы араартааһын өй-санаа өйдөбүллэригэр, киһи оҥорор быһыыларыгар олоҕурар. Ол курдук үөһээ диэки үчүгэй, онтон аллараа диэки куһаҕан быһыылар тус-туспа арахсан сылдьар буоллахтарына, бу быһыылар икки ардыларыгар, ол аата ортолорунан киһи оҥорор быһыылара сөп түбэһиэхтээхтэр. Ол иһин дьон олорор сирдэрэ Орто дойду диэн ааттаммыт.

Үөһээ дойду уонна Орто дойду биир биллэр уратылаахтар уонна ол уратыларынан бэйэ-бэйэлэриттэн арахсаллар. Үөһээ дойдуга өлбүт дьон аҥардас өйдөрө-санаалара, үрүҥ, хара айыылар сылдьар эрэ буоллахтарына Орто дойдуга дьон бэйэлэрэ эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах буолан олоҕу олороллор.

Бу икки дойду уратыларын чуолкайдык арааран билэргэ «Биир эмэ түбэлтэҕэ ханна сылдьаргын билбэт буолан хааллаххына көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буолаар. Ыарыыны билэр буоллаххына Орто дойдуга сылдьаҕын», - диэн быһаарыыны тутуһуохха сөп.

Онон киһи тыыннаах буолан эттэнэн-сииннэнэн бу Орто дойдуга эрэ олоҕун олорор. Ол иһин олоҕу харыстыыр, уһуннук олорор туһугар өй-санаа көҥүл босхо баран Үөһээ дойдуга көтөөрү дьулуһарын сүрү, тулууру, өһөс санааны улаатыннаран тохтотуу, хам тута сылдьыы эрэ быыһыыр кыахтаах. Киһи быһыылаах буолуу эрэ киһи олоҕун уһуннук олорорун уонна олох салгыы сайдарын ситиһэргэ кыах биэрэрин таба өйдүөхпүт этэ.

Хос быһаарыылар

1. “Киин куорат” хаһыат. Балаҕан ыйын 21 күнэ 2006 с.

2. «Чолбон» сурунаал. 8 / 2006 с.

3. “Чолбон” сурунаал. 12 / 2007.

4. Э.К.Пекарский. Словарь якутского языка. Т. 1. Выпуски 1-4. Академия Наук СССР, 1958.- 642 с.

5. Русско-якутский словарь под редакцией П.С.Афанасьева и Л.Н.Харитонова. Москва: Изд-во «Советская энциклопедия», 1968.- 720 с.

6. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.

7. И.К.Попов. Саха тылыгар көмө тылдьыт. Дьокуускай: Бичик, 2004.- 128 с.

8. Афанасьев, Петр Саввич. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 стр.

9. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену. Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.

10. И.И.Каженкин. Кут-сүр үөрэҕэ. Дьокуускай: Бичик, 2004.- 128 с.

11. И.И.Каженкин. Киһи буолуу. Дьокуускай: Издательский дом «Якутия», 2005.- 80 с.

12. И.И.Каженкин. Үрүҥ Айыы буолуу. Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006.- 88 с.

13. Яковлев Н.Н. Курууппа ойуун көрүүлэрэ.- Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.

14. Алексеева П.С., Птицына О.Н. Возрастная психология: Учебно-методический комплекс/ Якут. гос. ун-т; Пед. ин-т; Ин-т развития образования МО РС (Я).- Якутск: Изд-во ИРО МО РС (Я), 2005.- 69 с.

15. И.И.Каженкин. Түүлү тойоннооһун. Дьокуускай: Бичик, 2004.- 112 с.

16. И.И.Каженкин. Киһи быһыыта. Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005.- 92 с.

17. «Кыым» хаһыат. Сэтинньи 15 күнэ 2007 с.

18. «Якутск вечерний» хаһыат. Кулун тутар 30 күнэ 2007 сыл.

19. “Кыым” хаһыат. Алтынньы 18 күнэ 2007 с.

20. И.И.Каженкин. Сахаларга түүлү тойоннооһун. Дьокуускай: Бичик, 2000.- 80 с.

21. Сомоготто. Два язычества народа саха. – Якутся: Якут. край, 2007. – 60 с.

22. Архив ЯНЦ. Ф.5, оп. 2, ед.хр. 42.

23. Реас Кулаковскай. Кистэлэҥ кэпсээним. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – 320.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Ай – икки өрүттээх тыл

Айыы уратылара

Айыы диэн бэйэтэ куһаҕан тыл

Айыы диэмэ

Айыыны оҥорума

Оҕо айыыны оҥороро куһаҕан

Албыннаама

Оттомо суох буолума, киһиргээмэ

Ымсыырыма, ордук санаама

Куһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама

Уорума

Өһүөннээмэ

Иирсээни тардыма

Өлөрүмэ

Алдьатыма

Тиэтэйимэ, ыксаама

Сэнээмэ

Киксэрэн, тэптэрэн биэрии

Иэстэһии

Айыы этиитэ

Айыы-хара

Куһаҕан быһыы уонна айыы

Тутуу проега – саҥаны айыы

Бэйэҕэ тиийинии

Үрүҥ Айыы буолуу

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ