Иһинээҕитигэр көс

Улуу тойон таҥара үөрэҕэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

УЛУУ ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ Дьокуускай 2012

АННОТАЦИЯ

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин туоратыытыттан умнууга хаалбыт Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ылар олус улахан оруолун автор арыйан төрөппүттэргэ тириэрдэр.

Улуу Тойон таҥара бэйэлээх бэйэбит, сахалар таҥарабыт, ол аата киһи өйүн-санаатын үөрэтиибит хомуллубута, муннуллубута буолар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэн киһи өйө-санаата эмиэ икки аҥы арахсарынан өй-санаа үөрэҕэ икки тутулуктанара, икки таҥара баар буолара табыллар.

Бары ааҕааччыларга ананар.

Во время советской власти влияние Улуу Тойон тангара на сознание людей вообще забыли. Но для воспитания молодого поколения заветы и запрещения Улуу Тойона оказываются очень полезны.

Для широкого круга читателей.

Иван Иванович Каженкин – Хааһах Уйбаан.

ААН ТЫЛ

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр былыр-былыргыттан баар, былыргыны суруйааччылар үлэлэригэр элбэхтик ахтыллар Улуу Тойон таҥараны билигин букатын да суох курдук санааҕа киирэн, умнан, аахайбат буола сылдьабыт. Бу таҥара эр дьон өйдөрө-санаалара киһилии суолунан сайдыытыгар, киһи быһыытын тутуһалларыгар ылар оруолун табатык сыаналаан Улуу Тойон таҥараны Улуутуйар Улуу Тойон таҥара диэн ордук ытыктыылларын бэлиэтээн ааттыыллар.

Оҕо, ордук уолаттар өйдөрө-санаалара туруктаах буола сайдалларын туһугар, бэйэлэригэр сөптөөх хааччаҕы тутуһа үөрэннэллэрин, киһи быһыытын аһара барбаттарын туһугар Улуу Тойон таҥара үөрэҕин сахалар олус былыргы кэмнэртэн үөскэтэн туһаналлар. Ол аата Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдарыгар, үүнэригэр киһи быһыытын аһара барбатын туһугар аналлаах, бэйэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр хааччаҕы тутуһарыгар кыра эрдэҕиттэн үөрэтэр.

Дьон өйө-санаата сайдыыта майгыларын уратытыттан тус-туспа арахсалларыттан өй-санаа аһара барбатын хааччыйыы эмиэ уратылардаах буолара табыллар. Аһара барар өйдөөх-санаалаах, быһымах быһыылаахтары аналлаах хааччаҕы тутуһуннарарга үөрэтэргэ ураты күүс, бэйэлэрин баһыйар күүс баар буоллаҕына эрэ туһалыыр. Ол төрөппүттэргэ көмөлөһөр аналлаах күүһүнэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕин дьайыыта буолуута өй-санаа сөптөөх, киһилии суолунан сайдар кыаҕын улаатыннарыа этэ. Ол аата урукку олорон ааспыт дьон оҥорбут куһаҕан быһыыларын дьайыытын аныгы киһи билэн олору оҥорбот буолара ирдэнэр. Холобурга, оҕо кыра эрдэҕиттэн атын ким да эппэтэҕинэ, көрдөрбөтөҕүнэ, бу куһаҕан быһыыны, киһини сирэйгэ охсуу курдугу, билбэккэ эрэ улаатыан сөп. Ол эрээри бу быһыыны улаатан иһэн син-биир билэригэр тиийэр, бэйэтэ көрөр эбэтэр бэйэтин охсуохтарын сөп.

Маннык быһыыга түбэстэҕинэ билбэт оҕо соһуйар, эппиэттэһэ барбат. Өйө-санаата бу быһыыны билбэтиттэн кыайан утарылаһар быһаарыыны ылыммакка хаалар. Ол аата, оҕо өйүгэр-санаатыгар субу саҥа билэр быһыыттан, саҥаны айыыттан саҥа сибээстэр, бу быһыыны биллэҕинэ эрэ үөскүүллэр. Итини тэҥэ бу быһыыттан этигэр-сиинигэр ыарыы үөскээтэҕинэ, аныгыскы сырыыга итинник быһыыга түбэстэҕинэ, сөптөөх эппиэтэ бэлэм буоларын этин-сиинин харыстыыр өйө-санаата ситиһэр.

Оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын түүлү чинчийэн үөрэтэн, арыйан сахалар былыргы билиилэригэр тэҥнээн көрдөххө ураты сөп түбэһэр. Итини тэҥэ сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ киһи олоҕун уһуна, киһи быһыылаахтык олоҕун олороро, өйө-санаата туруктаах буоларыттан быһаччы тутулуктааҕа аналлаах графикка сөп түбэһэрэ, бу үөрэх олус табатын быһаарар.

«Олоҕу олоруу алааһы туорааһын буолбатах» диэн сахалар олоххо уларыйан ылар кэмнэр кэлэллэрин быһааран этэллэр. Олох ыарахан, кытаанах кэмнэригэр Улуу Тойон таҥара үөрэҕин тутуһуу киһи өйө-санаата ордук кытаатарыгар, кыаҕырарыгар, күүһүгэр күүс эбиллэригэр тириэрдэр кыахтааҕын таба туһаныы ыарахаттары туорааһыҥҥа, кыайыыны, ситиһиини оҥорорго көмөтө улахан. Саха дьоно өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн, киһи өйө-санаата саҥа сайдан, тупсан, киһилии быһыылары саҥа оҥорор буолан эрэр кэмнэриттэн ыла саҕалаан, билигин да туһана сылдьалларын таба өйдүөхпүт этэ. Сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕин олоххо туһаныы биһиги өссө уһун үйэни, сайдыыны ситиһэрбитигэр тириэрдэр кыахтаах.

Өй-санаа үөрэҕин аҥар өттө айыы итэҕэлиттэн, сахалар кут-сүр үөрэхтэриттэн тирэнэн, ол аата омук урукку олоҕуттан, билиилэриттэн уонна атын өттө, оҕо бэйэтин өйө-санаата сайдыытыттан, саҥаны билиититтэн хомуллан, таҥыллан, мунньуллуутуттан үөскээбитин таҥ, таҥар, диэн тылбытыттан үөскэтэн таҥара үөрэҕэ диэн ааттыырбытын таба өйдүөхпүт, олохпутугар туһаныахпыт этэ. Оҕо майгынын уратыларыттан; сымнаҕаһыттан, намыыныттан дуу эбэтэр кытаанаҕыттан, хардааччытыттан дуу тутулуктанан өй-санаа, үөрэх дьайыыта тиийиитэ эмиэ икки аҥы арахсаллар:

1. Сымнаҕас майгылаах оҕо бэйэтэ үтүктэн, батыһан үөрэниитэ биирдэ эмэтэ аҕыйах манньанан чиҥэтэн бэриллэрэ сөп буолар.

2. Кытаанах, аһара барар майгылаах кыра оҕо куһаҕан быһыыны, сыыһа-халты туттунуулары оҥорон этин-сиинин дэҥнээн ыарыыны билэрин, бэрээдэккэ үөрэтэр көрдөбүл кытаанаҕа эрэ хаайан тохтоторунан, баһыйа тутуу, сабырыйыы эбэтэр чыпчархай туһата эрэ суох оҥорор кыахтаахтар.

Онон Үрүҥ Аар Тойон таҥара сымнаҕас, намыын, сэмэй майгылаахтар таҥаралара буоллаҕына, Улуу Тойон таҥара кытаанах, хардааччы майгылаахтар таҥаралара буолар уонна эти-сиини, хамсана үөрүйэҕи кытта быһаччы тутулуктаах үөрэҕи тарҕатарынан дьоҥҥо ордук туһалаах.

Кэлэр көлүөнэлэр туруктаах өйдөөх-санаалаах, кыайыыга дьулуурдаах, үлэҕэ-хамнаска тулуурдаах буолууларын ситиһиигэ сахалыы өй-санаа үөрэҕин туһаныы туһата улаханын өйдүөхпүт этэ.

Сахалар олохторун үөрэҕин дириҥник билэр Саха республикатын ыччакка уонна спортка министрын I солбуйааччыта Семенов Гаврил Иннокентьевичкэ уонна эдэр ыччаттар кыайыыга дьулуурдарын сайыннарыыга уһуннук, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Друзьянов Михаил Егоровичка үлэтин бэчээттээн таһаарыыга көмөлөрүн иһин автор истиҥ махталын тириэрдэр.

УЛУУ ТОЙОН ТАҤАРА ТУҺУНАН БЫЛЫРГЫЛАР БИЛИИЛЭРЭ

Сахаларга өй-санаа үөрэҕэ дьон-аймах саҥа сайдан, киһи кыыллартан, сүөһүлэртэн бэйэтин туспа араарынар кэмиттэн ыла үөскээбитигэр сөп. Бу кэмҥэ сахаларга киһи диэн тыл үөскээбит уонна киһини сүөһүттэн уратытын, өйө-санаата элбэҕин, сайдыыны ситиһэр, киһилии быһыыланар кыахтааҕын биллэрэр ураты, cүдү тыл буолбут. Итини тэҥэ киһини үс куттаах диэн атыттартан туспа араарыы өй-санаа үөскээбит төрүттэриттэн ыла үс аҥы арахсарын быһаарыы, сахалар өй-санаа үөрэҕин аан маҥнайгынан саҕалаабыттарын уонна олохторугар туһаммыттарын туоһулуур.

Сахалар ойууннара былыр-былыргыттан түүлү үөрэтэн өй-санаа, таҥара үөрэҕин айбыттар. Оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын түүлү чинчийэн үөрэтэн, арыйан сахалар былыргы билиилэригэр тэҥнээн көрдөххө ураты сөп түбэһэр. Итини тэҥэ сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ киһи олоҕун уһуна, киһи быһыылаахтык олоҕун олороро, өйө-санаата туруктаах буоларыттан быһаччы тутулуктааҕа аналлаах графикка сөп түбэһэрэ, бу үөрэх олус табатын, дьоҥҥо туһата улаханын быһаарар. Өй-санаа сайдыытын графигын биһиги «Үрүҥ Айыы буолуу» үлэбититтэн булан көрүөххэ сөп. (1,39).

Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын билии, хас оҕо өйө-санаата тус-туспаларын олоххо, үөрэтиигэ таба туһаныы икки таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит:

1. Үрүҥ Аар Тойон таҥара. Оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтэ үтүктэн, батыһан үөрэнэр, баҕа санаатын үөскэтинэр, билиини иҥэринэр кыаҕа Үрүҥ Аар Тойон таҥара үөрэҕэр киирэр.

2. Улуу Тойон таҥара. Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүтэ маннык оҥор диэн көрдөрөн биэриитин үтүктэн үөрэнэн, оннук үгэстэри иҥэриниитэ уонна бэйэтэ сыыһа-халты, аһара тутуннаҕына кэһэйиитэ, этигэр-сиинигэр ыарыы үөскээһинэ өйүн-санаатын уларытыыта Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Бу икки таҥаралар үөскээһиннэрэ оҕолор өйдөрө-санаалара сайдыыта икки аҥы арахсалларыттан, баҕа санааттан үөскүүр өй-санаа көрдөбүллэрин толоруу уонна тутуһуу икки аҥы уратыларыттан тутулуктааҕын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэн олохторугар туһана сылдьыбыттарын биллэрэр. Олоххо өй-санаа сайдыытын таба суолунан салайан биэриигэ, үчүгэй үгэстэри үөскэтиниигэ аһара барар өйдөөх-санаалаах эдэрдэри үөрэтиигэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ улахан туһалааҕын сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла билэннэр туһаналлар эбит. Бу таҥара үөрэҕэ эдэрдэри үөрэтиигэ ордук туһалааҕын билинэн Улуутуйар Улуу Тойон таҥара диэн ытыктаан ааттыыр эбиттэр.

Билигин Улуу Тойон таҥара туһунан билиилэри былыргыны суруйааччылар үлэлэриттэн ылан билэр кыахтаахпыт. Сахалар олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, итэҕэллэрин бэйэтин кэмигэр дириҥник үөрэппит В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн улахан үлэтигэр Улуу Тойон таҥара туһунан маннык суруйар:

- Айыы Тойон олох бэйэтэ буоллаҕына, олох биир чааһа, бары тыынар-тыыннаахха сыһыаннаах өрүтэ Улуу Тойон баһылааһынынан туспа өйдөбүлгэ арахсар.

Улуу Тойон Айыы Тойоҥҥо утары турбат, өстөөҕө буолбатах, ол гынан баран утары барары сөбүлээбэт, кытаанах майгылаах, кыыһырымтаҕай, үһүс халлаан арҕаа өттүгэр олорор.

Кини ордук сир дьонугар чугас, дьон олохторун интэриэһиргиир, ол гынан баран олох үчүгэйэ барыта Айыы Тойоҥҥо сыһыаннаһар буоллаҕына, Улуу Тойоҥҥо олох эрэйэ, буруйа, ыарахана, кытаанаҕа сыһыаннаах. (2,631).

Саха тылын, олохторун үөрэҕин сурукка киллэрбит үтүөлээх киһинэн Э.К.Пекарскай буолар. Кини үс туомнаах «Словарь якутского языка» диэн үлэтигэр Улуутуйар Улуу Тойон таҥара туһунан бу курдук суруйан хаалларбыт:

- Улуутуйар Улуу Тойон Үөһээ дойдуга олохтоох, куһаҕан санаалаахтар баһылыктара. Улуутуйар Улуу Тойон этиҥи түһэрээччи, дьоҥҥо уоту, иккис куту, сүрү биэрбит, хара ойууннары үөскэппит таҥара, ол да буоллар кытаанахтык дьарыйааччы эбит. (3,ст.3007).

Сахалар итэҕэллэрин уратыларын дириҥник үөрэппит В.Ф.Трощанскай «Эволюция черной веры (шаманства) у якутов» диэн үлэтигэр православнай таҥара үөрэҕин сабыдыалынан сахалар итэҕэллэрэ уларыйан иһиитин арыйар. Киһи өйө-санаата сайдыыта икки өрүттээҕиттэн сахаларга икки таҥара; Үрүҥ Айыы Тойон уонна Улуу Тойон баалларын быһаарбыт. (4,155). Киһиэхэ уоту, сүрү, өйү уонна ойууннары биэрбит Улуу Тойон дьон куһаҕан санааларын этиҥи, чаҕылҕаны түһэрэн ыраастыырын тэҥэ, куһаҕаны оҥордоххо кэһэтэрин былыргы үөрэхтээх эмиэ бэлиэтээбит. (4,68).

А.Е.Кулаковскай сахалар итэҕэллэрин туһунан элбэх үлэлэрин холбоон кэлин бэчээттээн таһаарбыттара. Кини үлэтигэр Улуу Тойон майгына кытаанаҕын, кэһэтэрин иһин абааһыларга киллэрэ сылдьыбыттара сыыһатын бэлиэтиир. Кыыһырдаҕына этиҥи түһэрэр, ойууннары араҥаччылааччы Улуу тойоҥҥо аналлаах бырааһынньыктар күһүн буолаллар эбит. (5,18).

Сахалар киһи таҥаралара иккиэлэрин; Үрүҥ Аар Тойон уонна Улуутуйар Улуу Суорун Тойон диэн ааттаналларын Сэһэн Боло эмиэ бэлиэтээн суруйбут. (6,306).

Былыргы, ыраахтааҕы саҕанааҕы кэмҥэ сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын билэн, таба сыаналаан оҕолорун иитэр, үөрэтэр кэмнэригэр бэрээдэги кэһии, ыар буруйдары оҥоруу олох кэриэтэ суох эбиттэр. Билигин олох сатараабыт, эдэрдэр бэрээдэги тутуһаллара, үлэлииллэрэ-хамсыыллара мөлтөөбүт кэмигэр былыргылар билиилэрин таба өйдөөн, ылынан оҕолору иитиигэ Улуутуйар Улуу Тойон таҥара дьарыйар, үөрэтэр күүһүн төрөппүттэр бары туһанаргытыгар ыҥырабыт.

Сэбиэскэй былаас сымнаҕас, барыта кэриэтэ бэлэм олоҕор өр кэмҥэ олороммут аһара барар майгылаах оҕону, ордук уолаттары кыра эрдэхтэринэ иитиигэ кытаанахтык көрүү-истии, дьарыйыы диэн ньымалар эмиэ туттуллуохтарын сөбүн умнан, хаалларан кэбиспиппит. Ол иһин оҕолору иитии, үөрэтии аҥардастыы атаахтатыы, манньалааһын өттүгэр уларыйыытыттан билигин кэлэн эдэрдэрбит, уолаттарбыт ыар буруйу-сэмэни оҥороллорун тэҥэ, сыыһа-халты туттуналлара, быстахтык быһыыланаллара элбэҕиттэн эдэр олохторун буортулууллара, кылгаталлара элбээтэ.

Өй-санаа үөрэҕин аҥар өттө айыы итэҕэлиттэн, сахалар кут-сүр үөрэхтэриттэн тирэнэн, ол аата омук урукку олоҕуттан, билиилэриттэн уонна атын өттө, оҕо бэйэтин өйө-санаата сайдыытыттан, саҥаны билиититтэн хомуллан, таҥыллан, мунньуллуутуттан үөскээбитин таҥ, таҥар, диэн тылбытыттан үөскэтэн таҥара үөрэҕэ диэн сахалыы ааттыырбытын таба өйдүөхпүт, олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Оҕо майгынын уратыларыттан; сымнаҕаһыттан, намыыныттан дуу эбэтэр кытаанаҕыттан, хардааччытыттан дуу тутулуктанан өй-санаа, үөрэх дьайыыта тиийиитэ эмиэ икки аҥы арахсаллар:

1. Сымнаҕас майгылаах оҕо бэйэтэ үтүктэн, батыһан үөрэниитэ биирдэ эмэтэ аҕыйах манньанан чиҥэтэн бэриллэрэ сөп буолар.

2. Кытаанах, аһара барар майгылаах кыра оҕо куһаҕан быһыыны, сыыһа-халты туттунуулары оҥорон этин-сиинин дэҥнээн ыарыыны билэрин, бэрээдэккэ үөрэтэр көрдөбүл кытаанаҕа эрэ хаайан тохтоторунан, баһыйа тутуу, сабырыйыы эбэтэр чыпчархай туһата эрэ суох оҥорор кыахтаахтар.

Онон Үрүҥ Аар Тойон таҥара сымнаҕас, намыын, сэмэй майгылаахтар таҥаралара буоллаҕына, Улуу Тойон таҥара кытаанах, хардааччы майгылаахтар таҥаралара буолар уонна эти-сиини, хамсана үөрүйэҕи кытта быһаччы тутулуктаах үөрэҕи, билиини тарҕатар.

Улуу Тойон таҥара бэйэлээх бэйэбит, сахалар таҥарабыт, ол аата киһи өйүн-санаатын үөрэтиибит хомуллубута, муннуллубута буолар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэн киһи өйө-санаата эмиэ икки аҥы арахсарынан өй-санаа үөрэҕэ икки тутулуктанара, икки таҥара баар буолара табыллар.

Онон өй-санаа үөрэҕин көннөрүү, таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии уонна оҕо иитиитигэр быһаччы туһаныы хас биирдии саха киһитин, төрөппүтүн олоҕун сыала, соруга буолбутун таба өйдөөн, олоххо туһанар кэммит кэллэ.

УЛУУ ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Улуу Тойон таҥара сахаларга былыр-былыргыттан баар, урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куруук туттуллар эбит. Бу таҥараны сэбиэскэй былаас сымнаҕас олоҕор олороммут уонна оҕолору барыларын төрүөхтэриттэн ыла үчүгэй эрэ буолаллар диэн сымыйа этиилэрин итэҕэйэммит умнан, хаалларан сылдьабыт. Билигин эдэр ыччаттарбыт аҥардастыы атаахтыы, маанылана улааталларыттан бэрээдэктэрэ мөлтөҕө быһаччы тутулуктааҕын сахалар кут-сүр үөрэхтэриттэн быһааран билэн, оҕону кыра эрдэҕинэ иитиини тосту уларытарбыт наадатын өйдөтөбүт.

Оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдыытыгар, сыыһа-халты туттубат киһи буола улаатарыгар кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр үөскүүр ийэ кута ылар оруолун биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. (7,83).

Билигин үөрэх-билии, өй-санаа сайдыбытынан биһиги таҥара үөрэҕин былыргылар курдук быһалыы, хантан эрэ халлаантан кэлэрин курдук ылыммакка эрэ, оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдыытыгар, куттара үөскээһинигэр уонна аныгы үөрэх көрдөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэн быһаарабыт. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ өй-санаа икки аҥы арахсыытын олоххо таба туһанарынан аныгы демократия үөрэҕин тутуһар дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ордук сөп түбэһэр.

Дьон өйө-санаата сайдыыта хаһан да тэҥнэһэр кыахтара суох. Ол курдук сорохтор, ордук кыргыттар, дьахталлар хаһан баҕарар сэрэнэр, харыстанар санаалара элбэх, аһара туттуулары, аһара барыылары оҥороллоро аҕыйах буоллаҕына, уолаттар, эр дьон үгүстэрэ тоҕо-хайа түһэр, саҥаны, билбэттэрин айа, айыыны оҥоро сатыыр, инники иһэр санаалара быдан баһыйар.

Өй-санаа икки аҥы арахсыытын «Киһи быһыылаах киһи дьон сыыһаларыттан көрөн, онтон атыттар бэйэлэрин сыыһаларыттан эрэйдэнэн үөрэнэллэр» диэн этии быһаарар. Ол аата бу этии киһи оҥорор быһыыларын олус сэрэхтээхтик, туох содул үөскээн тахсыан сөбүн эрдэттэн быһааран билэн баран оҥордоҕуна, таба, үчүгэй, туһалаах быһыы үөскүүрүн, онтон тиэтэйэн, саарайан, ситэ толкуйдаабакка, быһаарбакка эрэ оҥоруллубут быһыыттан, ордук саҥаны, айыыны оҥоро сатааһынтан табыллыбатах эбэтэр куһаҕан быһыылар үөскүүллэрэ элбэҕин уонна олортон киһи бэйэтэ эрэйдэнэрин биллэрэр.

Үөрэнии ити икки араас көрүҥнэрэ киһи өйүгэр-санаатыгар иҥиилэрэ тус-туспалар:

1. Киһи ааҕан, көрөн билбитэ, истибитэ төһө түргэний даҕаны умнуллара эмиэ соннук түргэн. Ол иһин итинник үөрэнии элбэхтэ хос-хос хатылаатахха эрэ иҥэринэн олус уһун кэми ылар.

2. Сыыһа-халты туттунууттан эт-сиин ыарыыланнаҕына киһи хаһан да умнубат гына үөрэнэр, сэрэнэр буолара соҕотохто күүһүрэр. Киһи айылҕаттан бэриллэр этин-сиинин харыстанар күүһэ хаһан баҕарар дьайа сылдьарыттан, бу үөрэх букатын да умнуллубат гына иҥэр.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин билиммэт, туоратар кэмигэр уһуннук олороммут киһи өйө-санаата сайдыытын табатык өйдөөбөт буола сылдьарбытыттан Улуу Тойон таҥарабытын умнан, хаалларан кэбиһиэх курдукпут. Ол эрээри киһи өйө-санаата сайдыыта былыргытыттан кыратык даҕаны уларыйар кыаҕа суоҕунан уонна сэбиэскэй, сымнаҕас, бэлэмҥэ үөрэппит олох аны бүппүтүнэн, умнуллубут Улуу Тойон таҥарабыт үөрэҕин оннугар түһэрдэхпитинэ эрэ, эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара туруктаахтык сайдыытын үөскэтэммит саха дьоно бэрээдэктээх, сыыһа-халты, аһара туттубат, элбэх ахсааннаах, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтаналларын ситиһиэхпитин сөп.

Киһи ханнык баҕарар үөрэҕи ылынара, өйө-санаата сайдыытын тутулуктара икки өрүттээҕинэн таҥаралар иккиэ буоллахтарына эрэ өй-санаа туруктаахтык, биир тэҥник сайдар кыахтанар. Ол аата киһи бэйэтэ үтүктэн, батыһан өйүн-санаатын сайыннаран үөрэнэр таҥарата Үрүҥ Аар Тойон таҥара буоллаҕына, дьону-норуоту кэһэтэн, ыараханы, ыарыыны биллэрэн, этин-сиинин сатаан хамсатарыгар үөрэтэр таҥара аата – Улуу Тойон таҥара диэн ааттанар уонна сахаларга былыр-былыргыттан баар, өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. Киһи бэйэтин сыыһаларыттан, сыыһа туттубутуттан кэһэйэн, бу сыыһа эбит диэн билинэн, ол сыыһатын көннөрөн, тупсаран үөрэнэрэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Бэйэ оҥорбут сыыһаларын билинии хаһан баҕарар ыарахан, эрэйдээх. Сыыһа-халты тутуннахха, сыыһа хамсаннахха эт-сиин ночоотурар, ыарыыланар кэмэ кэлэрэ, бу кэһэтэр, сыыһа-халты туттунуу куһаҕанын биллэрэр таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит.

Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ дьону сыыһа-халты хамсаныылартан, аһара туттунуулартан харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Ол курдук киһи бэйэтин сыыһа-халты туттунуутуттан ордук элбэхтик куһаҕан быһыыны үөскэтэрин, үчүгэй да быһыыны сыыһа оҥордоҕуна, куһаҕаҥҥа кубулуйарыттан сэрэтии, оҥорор быһыылары туһалаахтарын уонна туһата суохтарын билэн хааччахтааһын буолар. Аһара туттунуу, аһара барыы куһаҕанын арыгы иһиититтэн булан ыларбыт ордук тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө. Ол курдук арыгыны кэмнээн, мээрэйин билэн иһэр киһи куһаҕан киһи буолбатах, үчүгэй, бэйэтин баҕатын кыана туттунар, тулуурдаах, киһи эрэнэр киһитэ, онтон аһара элбэҕи иһэр, итирэр киһи өйө-санаата туруга суох, чахчы куһаҕан киһи буоларын бары билэбит.

Дьон өйдөөхтөрө, сымнаҕас, көрсүө, сэмэй майгылаахтара, ордук кыргыттар, дьахталлар бэйэлэрэ үтүктэн, батыһан үөрэнэллэрин сөбүлүүллэр, сыыһа туттуналлара аҕыйах, кинилэр таҥаралара сымнаҕас майгылаах Үрүҥ Аар Тойон таҥара буолар.

Дьон сытыы, барыгас-кэлигэс, аһара туттунар кыахтаах өттүлэрэ, үксүлэрэ уолаттар, эр дьон бэйэлэрин сыыһа-халты туттунууларыттан кэһэйэн үөрэҕи ылыналлара элбэҕэ, кинилэргэ ордук кытаанах көрдөбүл туттуллара ордугуттан, туһаны аҕаларыттан тыйыс майгылаах, кэһэтэн үөрэтэр Улуу Тойон таҥара үөскээбит.

Улуутуйар Улуу Тойон таҥара уоруйах сылгыһыты хайдах кэһэппитин туһунан кэпсээн билигин да биллэр. Ол курдук сылгыһыт кулуну уоран сиэбитин булан, тутан баран Улуу Тойон таҥара: «Эн уоруйах, уһун үйэлэр тухары элиэ буолан элиэтээн сиэбит, сүтэрбит кулуҥҥун көрдөө уонна кулуннуу кистии сырыт» диэн халбаҥнаабат, хаһан да уларыйбат гына уураахтаабыт.

Умнуллубут Улуу Тойон таҥара үөрэҕин тарҕатан дьоҥҥо тириэрдии, тарҕатыы биһиги олохпут сыала буолла. Билигин эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара, сыыһа-халты туттунуулара үксээбит кэмигэр Улуу Тойон таҥара үөрэҕин төрөппүттэр туһаныылара эрэ кинилэри быыһыыр, харыстыыр кыахтааҕын билиниэхпит, оҕолору кыра эрдэхтэринэ бэрээдэккэ үөрэтиини чиҥэтэн, кытаатыннаран биэриэхпит этэ.

«Киһи диэн киһи» дииллэр сахалар. Ону-маны саҥаны, дьон билбэттэрин, айыыны оҥоро охсоору киһи сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥороро ордук элбэх. Ол иһин улаатан эрэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕолор өйдөрүн-санааларын харыстаан сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэх оҥорон туһаналлар. Билэр, урут оҥорон көрбүт, боруобалаабыт киһи, ол быһыытын хатылаатаҕына ордук табатык, тупсаҕайдык оҥорор, сыыһа-халты туттара аҕыйыыр. Онтон урут оҥорон көрө илик, саҥа дьыаланы, айыыны оҥорорго киһи билбэтиттэн, сыыһа-халты туттунара элбээн хаалыан сөп. Ол иһин билбэт дьыаланы, айыыны оҥорорго олус сэрэхтээх буолуу киһиттэн ирдэнэр олох биир тутаах көрдөбүлэ буоларын таба өйдөөммүт олохпутугар, оҕолору иитиигэ туһаныахпыт этэ. «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн үөрэҕи тутуһууну, оҥорор быһыыларга барыларыгар ураты сэрэхтээх буолууну Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ ирдиирин өйдүү сырыттахха, сыыһа-халты туттунуу аҕыйыыр кыахтаах.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр биһиги олохпутугар барыга-бары бэлэмҥэ, салайааччылар, учууталлар, үөрэхтээхтэр ыйыыларыгар, этэн биэриилэригэр үөрэнэн, өйөнөн хааламмыт бэйэбит олоххо үөрэнэрбит ордук туһалааҕын туһунан умнан кэбиспиппит. Ол да буоллар олох үөрэҕэ киһини хаһан баҕарар хаарыйарыттан кыайан олоххо оннуларын булбатахтар билигин аһара элбээтилэр.

Олох үөрэхтэрэ барылара киһи үтүө баҕа санаатынан буолбакка, олох кыһарыйыытыттан хайаан да билэргэ тиийиллэр үөрэхтэр буолалларынан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэллэр:

1. Кыһалҕа кыһайыыта.

2. Кэһэтэн үөрэтии.

3. Сыыһа-халты туттунууттан бэйэ кэһэйиитэ.

Олох үөрэҕэ диэн киһи тугу эмэни бэйэтэ оҥоро үөрэниитэ ааттанар. Ол оҥороору сыыһа-халты туттунан үөрэниитэ, кэһэйиитэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр. Тоҕо диэтэххэ киһи сыыһа-халты тутуннаҕына тугун эмэтин, этин-сиинин дэҥниир, эчэтэр, ыарыыны билэр, кэһэйэр. Аны итинник сыыһа туттубат буолууга ордук түргэнник үөрэнэр. Ол курдук тарбаҕын ааҥҥа кыбытан обургутук дэҥнээбит киһи аантан куруук сэрэнэрэ хаһан да хаалан хаалбат. Тоһоҕону саайаары өтүйэнэн тарбаҕы оҕустахха сыыһа охсортон сэрэнэр буолуу, таба охсорго үөрэнии түргэнник кыаллар. Ол аата үлэлииргэ, тоһоҕону таба охсорго киһи кэһэйииттэн ордук түргэнник үөрэнэрэ ситиһиллэр.

Онон киһи этэ-сиинэ үөрэҕи быһаччы ылыныыта Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ буолар. Ыарыыны билии кэһэйиигэ тириэрдэрэ үөрэх кытаанах, ыарахан буолуутун үөскэтэр. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбутуттан, оҕолору үөрэтиини аҥардастыы дьахталлар баһылаабыттарыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үлэһит дьоҥҥо, ордук уолаттарга хайаан да наадатын умнан сылдьарбытыттан, билигин кэлэн эдэрдэрбит араас буруйу, сыыһа-халты туттунуулары оҥороллоро олус элбээтэ уонна үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэрэ аҕыйаата.

Сахалар өй-санаа үөрэҕин кытаанах өрүтүн былыр-былыргыттан билэллэриттэн уонна оннук кэм биһиги олохпутугар кэлэн ааспытын билбиттэриттэн, билигин кэлэн И.В.Сталиҥҥа пааматынньык туруоруутун көрдөһөллөрө биллэрэр. Ол курдук дьон өйдөрө-санаалара сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар кэһэйэн үөрэнии диэн үөрэҕи арааран билэллэрэ хайаан да ирдэнэр. Бу үөрэх киһи буолуу үөрэҕин биир тутаах көрдөбүлүнэн буоларын билигин, сэбиэскэй былаас олоҕу аһара сымнатыытыттан, өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоруутуттан арааран билбэт буола сылдьабыт.

Улахан салайааччы И.В.Сталин баайга-талымҥа кыһаммата, атыттарга кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүлэ, аһыныгас санаата аһара барбата, аҕыйаҕа, сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэр сөп түбэһэр. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии аан маҥнай өй-санаа үөрэҕин быһаарар. Ол иһин аһыныы, харыстааһын диэн өйдөбүллэр олох ыарахан, иннэ-кэннэ биллибэт кэмнэригэр хаалан, аҕыйахтык туттуллар кэмнэрэ кэлэр. Сэрии, өлөрсүү кэмэ оннук ыарахан кэм буоларын билигин умнубут курдукпут.

Иккиттэн биирин быһаарыы, кыайыы дуу, кыаттарыы, эстии дуу быһаарыллар ыар кэмигэр халбаҥнаабат кытаанах санаа, кэннинэн кэхтибэт буолуу, оннук быһыылар эрэ кыайыыга тириэрдэр кыахтаахтарын И.В.Сталин таба өйдөөн, государствоны улуу сэрии иннигэр уонна кэмигэр салайыыга эрдэттэн туһаммытыттан улуу кыайыыны ситиһии олус улахан эрэйдээхтик да буоллар, чахчы кыаллыбыта.

Онон государствоны ыарахан кэмҥэ салайыыга, сайдыыны, кыайыыны ситиһиигэ аһара сымнаҕас, аһыныгас буолуу эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолара ордук. Дьоҥҥо кытаанах көрдөбүллээх салайааччы ситиһэр ситиһиитэ элбэх буолара биллэр. Дьон санаата хаһан даҕаны биир буолбат, араас санаалаахтар элбэхтэр, кытаанах көрдөбүллээх салайааччыны мөлтөх, ыарыһах, кыаммат, атын санаалаах дьон араастык этиэхтэрин сөп. Билигин демократия үөрэҕэ баһылыыр кэмигэр государствоны салайааччыны, президени талыыга быыбардааччылартан 50 бырыһыаннарыттан ордук киһи куоластаатаҕына талыллар. Ол аата баар, куоластыыр кыахтаах улахан дьонтон аҥардарыттан ордуга эрэ буолар. Онтон атыттар, 50 бырыһыаҥҥа эрэ тиийбэт ахсааннаахтар сөбүлээбэт, куһаҕаннык этээччилэргэ киирсиэхтэрин сөп.

Салайааччыны куоластааһын сөпкө бардаҕына талан ылыы үгүстэр санааларыгар сөп түбэспитин да иһин аҕыйахтар санааларыгар син-биир сөп түбэспэт. Бу араастаһыыны аҕыйахтар элбэх ахсааннаахтарга бас бэриниэхтээхтэр уонна былаас уларыйыыта анаммыт кэмигэр кэлэр диэн туспа сокуоннар эрэ бааллара оннун булларан эйэлээх буолууну хааччыйар.

Сахалар былыр-былыргыттан өй-санаа сайдыытын уратыларын, икки өрүттээҕин билэллэриттэн уонна олоххо туһаналларыттан өй-санаа сайдыытын сирдээн иһэр киһи таҥаралара иккиэ эбиттэр. Киһи өйө-санаата икки аҥы арахсыыта күүстээҕиттэн, өй-санаа эттэн-сиинтэн тутулуктаах өттө сыыһа-халты туттунуулары, быстах быһыыга киирэн биэриини үөскэтэринэн киһини бэйэтин харыстыырга Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһата олус улахан. Ол аата олоххо сыыһа-халты туттунууларга, быстах быһыыга киирэн биэрбэт туһугар киһи этин-сиинин кыра эрдэҕиттэн эрчийэрэ, араас хамсаныыларга үөрэтэрэ хайаан да наадатын Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ быһаарар. Билигин биһиэхэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕин тарҕатыы ирдэнэр кэмэ тиийэн кэллэ.

ЭР ДЬОН ТАҤАРАЛАРА

Социализм, сэбиэскэй былаас сымнаҕас, бэлэм олоҕор өр кэмҥэ олороммут, оҕону иитиини аһара сымнатаммыт уолаттарбытын кыайан ииппэккэ, аһара атаахтатан, маанылаан, бэлэмҥэ үөрэтэн үлэни-хамнаһы букатын кыайбаттарын үөскэппиппит тэҥэ, арыыччаларын, инники иһээччилэрин хаайыы дьоно оҥортуур, быстах быһыыга түбэһэллэрин элбэтэр буоллубут.

Дьон бары тус-туһунаннар, ол курдук эттэрин-сииннэрин уратыларыгар эбии өйдөрө-санаалара хас да таһымнаахтар. Бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй дьон аҥардарыттан ордуктарын ылар буоллахтарына, сүүрбэччэ, отучча бырыһыаннара аһара барар өйдөөхтөр-санаалаахтар, көҥүллэринэн, бэйэлэрэ талбыттарынан сылдьыахтарын, бас-баттах барыахтарын баҕараллара олус элбэх, араас баҕа санаалара бастарын таһынан таһымныыр.

Көҥүлүнэн, бас-баттах барыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыы буолар. Ол иһин көҥүллэринэн, бас-баттах барар оҕону ыга, хам тутан, хайдах эрэ уодьуганнаан, бэрээдэккэ үөрэтэр ханнык эрэ күүс баар буолара хайаан да наадатын сэбиэскэй былаас сымнаҕас олоҕор өр кэмҥэ олороммут, оҕону иитиини, үөрэтиини аҥардастыы дьахталлар баһылааһыннарыттан уонна өй-санаа үөрэҕин туоратаннар, умнан, хаалларан кэбиспиппит.

Дьон бары сымнаҕас майгылаах, киһи этэрин хоту сылдьар буолбатахтар. Үгүстэр, ордук уолаттар, эр дьон аһара инники диэки барар майгылаахтар. Ол иһин кинилэри ханнык эрэ күүс, ыгар, хаайар күүс бэрээдэги тутуһарга күһэйэр, киһи быһыылаах буолууга үөрэтэр, такайар кыахтаах. Аһара инники диэки барар өй-санаа аналлаах, бэйэтигэр сөп түбэһэр хааччахтаах буоллаҕына эрэ аһара барбат, куһаҕаны оҥорбот буола үөрэнэр кыахтанарын умнубатахпытына табыллыа этэ.

Дьон оҥороруттан атыннык оҥоруу, айыыны оҥоруу киһи быһыытын аһара барыы диэн ааттанар. Ол аата урут дьон билбэттэрин, ол иһин оҥорботторун оҥоруу, айыыны оҥоруу диэн ааттанар уонна сахалар үөрэхтэринэн олус улахан сэрэҕи, элбэх билиини-көрүүнү ирдиириттэн оҕо улаатан, киһи буолууну баһылаан, ситиһэн баран олору оҥороругар таҥара үөрэҕэ ыҥырар. Билигин биһиги айыыны оҥоруу уратытын, уустугун, куһаҕаҥҥа кубулуйара элбэҕин өй-санаа үөрэҕин сэбиэскэй былаас буортулаабытын, токуруппутун салҕаан иһээччилэр, анаан-минээн буккуйааччылар, бэйэлэрин үчүгэйбит диэн сананааччылар баалларыттан умнан, таба өйдөөбөт буола сылдьабыт.

Киһи өйө-санаата көҥүл, босхо, бас-баттах барбатыгар, өй-санаа хааччахтарын тутуһарыгар күһэйэр, ыгар күүһүнэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ туһалыыр кыахтаах. Ол курдук бу үөрэх «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума» диэн этиилэрэ өй-санаа туруктаах буолуутун үөскэтэллэр, сыыһа-халты туттунууну, аһара барыыны аҕыйатар аналлаахтар.

Эр дьон, уолаттар күүстээҕи, кыахтааҕы, бэйэлэрин баһыйары холобур оҥостоллор, батыһалларын, үтүктэллэрин сөбүлүүллэр. Кинилэргэ күүстээхтэн күүстээх сирдьит, бастаан иһээччи, үөрэтээччи буолара үөрэх тиийимтиэтин, ситиһиилэнэрин хааччыйар.

Армияҕа хамандыырынан атыттары баһыйары, күүстээҕи, бастаан иһээччини ордук элбэхтик аныыллара ити быһаарыыга быһаччы олоҕурар. Уолаттар батыһан, үгүстүк саллан, үтүктэн үөрэнэр таҥаралара Улуу Тойон таҥара үөскээбит төрүтэ итинник. Чаҕытыы, салытыннарыы, аһара барары, сыыһа-халты хамсаныыны хааччахтааһын, өй-санаа туруктаах буолуутун үөскэтии Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар.

Оҕо кыра, саҥа улаатан иһэн төрөппүттэриттэн саллара, чаҕыйара, куһаҕаннык, сыыһа хамсаммата, этэр тылларын хайаан да толороро эрэ бэрээдэктээх, бэрээдэги тутуһар буола үөрэниитигэр, оннук үгэстэри үөскэтинэригэр тириэрдэр. Төрөппүтэ этэрин истибэт, толорбот оҕо кырата бэрээдэгэ суох, куһаҕан быһыылаах киһи буола улаатыан сөбүн таба өйдөөн, оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүт бэйэтэ этэрин истэрин, хайаан да толорорун араас туһалаах ньымалары туһанан ситиһэрэ ирдэнэр. Бу ирдэбил оҕо майгынын уратыларыттан тутулуктанан араас көрүҥнэрдээх буолуон сөбүн биһиги «Чыпчархай уонна манньа» диэн үлэбитигэр ырыппыппыт. (8,12).

Төрөппүт уол оҕотугар кытаанах, чиҥ көрдөбүлэ оҕоҕо тугу эмэ куһаҕаны оҥороруттан көмүскэли, тохтотор күүһү үөскэтинэригэр туһалыыр. Ол курдук оҕо тугу эмэ билбэтин оҥороругар “Аҕам туох диэҕэй?”- диэн ыйытыыны бэринэн, тохтуу, толкуйдуу түһэн ылар кэмнээх буолара, быстах санаатын уларытарыгар тириэрдэринэн, куһаҕан быһыыны оҥорорун аҕыйатар. Билигин сааһыран олорон киһи оҕо эрдэҕинээҕитин санаатаҕына аҕата куруук үлэлэтэ, ону-маны оҥотторо сылдьара, сыыһа-халты оҥордоххо көннөрө охсон биэрэрэ, сороҕор мөҥөрө кыра эрдэххэ, элбэхтик оонньуу сылдьыы үчүгэй курдук эрдэҕинэ, санааҕа куһаҕан, соччо үчүгэйэ суох этэ. Аҕа үлэттэн кэлиитигэр бэрээдэк тупсара эбиллэн тоһуйуллара. Кэлин улаатан тугу барытын аҕа оҥорорун курдук оҥоро сатааһын табылларыттан, уустук, ыарахан үлэни кыайыы, аҕа бэйэтин көмөлөһөөччүтүнэн, солбуйааччытынан билиниитэ, оҕо өйө-санаата түргэнник улахан киһи өйүгэр-санаатыгар уларыйыытыгар тириэрдибитэ.

Аҕа кытаанах, чиҥ үөрэҕин туһатын киһи улаатан, бэйэтэ олоҕу олорон, сыыһа-халты туттуна сыһан баран биирдэ билэрэ, махтана саныыра, кыра эрдэҕинээҕи кытаанах үөрэх туһата хойутаан тиийэрин биллэрэр. Биһиги төрөппүттэрбит оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр чиҥник, бэрээдэккэ үөрэтии ийэ кутун иитэринэн, үөскэтэринэн ордук улахан туһалааҕын таба өйдөөн оҕону иитиигэ туһаныа этилэр.

Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһанан уол оҕолору иитии, үөрэтии олоххо киирдэҕинэ, эдэрдэр тулуурдаах буолуулара улаатарыттан, аһара барыылары оҥорботторуттан бэрээдэги тутуһаллара биллэрдик улаатыаҕа.

ТУРУКТААХ ӨЙ – САНАА

Киһи өйө-санаата туруктаах, ол аата олох ханнык баҕарар түгэннэригэр сыыһа-халты туттубат, аһара барыылары оҥорбот буоллаҕына, олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олороро биирдэ кыаллар. Ону ситиһэргэ оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии ордук улахан оруолу ыларын биһиги быһаарабыт. Ол курдук өй-санаа түргэнник уларыйар, баайыллар, көтөр кэмнэрэ киһи олоҕун устата биирдэ эмэтэ да буоллар тиийэн кэлэллэрин уонна ол кэмҥэ киһини ийэ кута быһаччы салайарын «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр быһааран киллэрбиппит. Маннык ураты, олус түргэнник кэлэн ааһар кэмҥэ киһи сыыһа-халты туттубат буолуутун туруктаах өй-санаа эрэ хааччыйар кыахтааҕын таба өйдөөн оҕону иитиигэ туһаныахпыт этэ.

Ырыынах олоҕо оҥорор биир үтүө быһыытынан аныгы төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин өйө-санаата таба, киһилии суолунан сайдыытыгар кыһаналлара эбиллиитэ баайдара-маллара элбээһиниттэн, мунньуллуутуттан ордук күүһүрэрэ буолар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута таба, киһилии быһыыга иитилиннэҕинэ, өйө-санаата туруктаах, ол аата сыыһа-халты туттубат, тохтотунар күүстээх буолара үөскүүрүн төрөппүттэр туһаныахтара этэ. (7,32).

Өй-санаа туруктааҕа эт-сиин тулуурдаах буолуутугар иҥэн, саһан сылдьар. Ол аата тулуурдаах диэн этэ-сиинэ бөҕө, ыарахан үлэни, ыарыылары, итиини, тымныыны, айылҕа үөннэрэ сииллэрин барыларын холкутук тулуйар киһи ааттанар. Тулуурдаах киһи ыксаабатыттан, ыгылыйбатыттан, хаһан баҕарар тугу оҥорорун үчүгэйдик быһаарынан баран оҥороруттан, киһи быһыытын аһара туттубат кыаҕа улаатар. Онтон тулуура, өсөһө суох киһи өйө-санаата хаһан баҕарар аһара барара элбэх, быстах санаатыгар киирэн биэрэриттэн киһи быһыытын тутуспата элбиир.

Тулуурдаах киһи диэн өһөс киһи буолар. «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун сахалар былыр-былыргыттан оҕолорун иитиигэ кытаанахтык тутуспуттарыттан маннык уһун үйэни ситиһэр кыахтанныбыт. Ол курдук оҕо төрөппүттэрин хайаан даҕаны бары өттүнэн баһыйар буола сайыннаҕына эрэ, омук салгыы сайдар кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ. Оҕо төрөппүтүттэн өйүнэн-санаатынан ордорун үөрэх-билии сайдыбытынан ситиһэр кыаҕа элбээбитин да иһин, этин-сиинин дьарыктыырынан, бөҕөтүнэн, ыарахан үлэни-хамнаһы кыайарынан эмиэ баһыйыахтааҕын билигин умнан, хаалларан сылдьабыт. Ол аата оҕолорбут үөрэҕи, сымнаҕас олоҕу батыһаннар эттэрин-сииннэрин утумнаахтык дьарыктыылларын, үлэнэн-хамнаһынан эрчийэллэрин быраҕан сылдьалларыттан өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталлар.

Онон өй-санаа тулуурдаах буолуута эттэн-сиинтэн быһаччы тутулуктаах. Ол курдук аһылыктан туттунар буолуу, итиини-тымныыны, айылҕа үөннэрэ сииллэрин тулуйуу, ыарахан үлэни үлэлээһин, спордунан дьарыктаныы киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тулуурдаах буолууларын үөскэтэллэр.

Оҕону иитии, үөрэтии сымнааһына өйө-санаата мөлтөөһүнүгэр тириэрдэрин умнубуппутуттан эдэрдэрбит быстах быһыыга түбэһэн өлүүлэрэ, ахсааннара аҕыйыыра кэлин кэмҥэ үксээтэ.

Туруга суох өйдөөх-санаалаах киһи тиэтэйэрэ, ыксыыра, ыгылыйара хаһан баҕарар элбэх. Маннык киһи өссө арыгы истэҕинэ букатын сүүрэкэлии сылдьар буолуон сөп. Тиэтэйии, ыксааһын, ыгылыйыы киһини элбэхтик сыыһа-халты туттунууга үтүрүйүөхтэрин, тириэрдиэхтэрин сөп.

Сыыһа-халты тутууттан үөскүүр быһыылар быстах быһыылар диэн ааттаналлар. Сыыһа-халты туттума, аһара барыма диэн үөрэхтэр оҕону иитиигэ бастаан иһэр буолуохтара этэ. Оҕону салытыннарар, чаҕытар күүһүнэн Улуу Тойон таҥара буолара буоллар, кыра оҕолору бэрээдэккэ үөрэтии оннун булуо этэ. Ыаллар урукку кэмнэргэ кыра оҕону араас «бүүнэн», кыылларынан куттууллара өй-санаа өйдөбүлүнэн сыыһата улахан. Ол курдук араас тыа кыылларынан чаҕытыы, хараҥанан куттааһын кэнниттэн оҕо тыаттан, соҕотоҕун сылдьартан чахчы саллар, куттанар буола улаатыан сөбө куһаҕан.

Оҕону Улуу Тойон таҥаранан салытыннарыы, чаҕытыы бэйэтэ оҥорор сыыһаларыттан кэһэйэн үөрэниитэ, олортон тардыныыта, оҥорбото буолар. Холобурга, өтүйэнэн тутта үөрэниэххэ диэри оҕо тарбаҕын охсунан, ыарыыланнаҕына түргэнник таба охсорго үөрэнэр кыахтанарын тэҥэ, аҕам, ийэм мөҕүө диэн тардыныы, куһаҕан быһыыны оҥорбот буолуу эмиэ ити үөрэххэ киирсэр.

Сэбиэскэй былаас өр кэмҥэ өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбутуттан «Киһини санаата салайар», «Киһи санаа хамначчыта» диэн сахалар этиилэрин дьиҥнээхтик ылыммакка тыал тыаһын курдук истэбит. Алгыһи истии, мэлииппэ ааҕыыта, бокулуоннааһын киһи өйүгэр-санаатыгар туох уларытыыны киллэрэллэрин билбэппититтэн өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин аанньа ахтыбаппыт. Ол эбэтэр аһара байбыт араас чыыннаах-хааннаах элбэх салайааччылар, бэлэмҥэ тииһинээччилэр анаан-минээн буорту оҥорботторо буоллар өй-санаа үөрэхтэрин туһаларын дьон билиэ, итэҕэйэллэрэ улаатыа этэ.

Үтүөнү оҥорорго ыҥырар алгыһы, мэлииппэни күҥҥэ үстэ, ол аата элбэхтэ хатылаатахха, бу этии ис хоһооно, өйдөбүлэ киһиэхэ иҥэн, үгэс буолан хаалыытыттан киһи бэйэтэ үчүгэйи оҥороро эбиллэр кыахтанар. Ол аата үчүгэйи оҥорорго ыҥырар этиилэр дьайыыларыттан өй-санаа сыыйа-баайа үчүгэй өттүгэр уларыйар кыахтанарын таба туһаныыга олоҕурар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара барбат буолууга иитиини, үөрэтиини умнаммыт эдэрдэрбит аһара барар өйдөрө-санаалара элбээн куһаҕан быһыыны оҥороллоро үксээтэ. Киһи хаһан даҕаны киһи быһыытын аһара барбат, аһара туттубат киһи буоллаҕына эрэ киһи быһыылаах диэн ааттанар, сахалар баҕа санааларын курдук олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

Бокулуоннааһын, төбөнү төҥкөтүү аһара барар санаалары самнарыыга, аллараа түһэриигэ тириэрдэр аналлаах. «Өрө көрүү», «Өрө барыы» диэн ханнык да хааччаҕы, бэрээдэги билиммэт, үрдүнэн көрөр, аһара барар быһыылаах киһини быһаарар этиилэр сахаларга бааллар уонна киһи быһыыта суох киһини быһаарарга туттуллаллар.

Киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын, киһи төрүт өйө-санаата ийэ кута буоларын уонна бу өй-санаа оҕо кыра, өссө бэйэтин өйө-санаата киирэ илигинэ үөскээн олохсуйарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрин билэ иликпититтэн туһаммакка сылдьабыт. Киһи оҥорор бары быһыылара өйө-санаата сайдыытыттан тутулуктаахтар диэни бары билэбит. Өй-санаа ситэ сайдыбакка, тулуурдаах буолуута үөскээбэккэ хааллаҕына, эт-сиин баҕа санаата баһыйар өттүгэр халыйдаҕына, оҕо быстах быһыылаах киһи буола улаатан хаалара төрөппүттэри улаханнык хомотуон сөп.

Саа-сэп дьону өлөрүүгэ, дэҥнээһиҥҥэ элбэхтик туттуллар диэн этии сыыһа өйдөбүлтэн үөскээбит. Дьон оҥорор буруйдарын ааҕыы түмүгүнэн сааттан дэҥнэнии биир эмэ буоллаҕына, хас ыал аайы баар куукуна быһаҕынан уонна сүгэнэн өлөрсүү, дэҥнэнии бырыһыана быдан элбэх. Ол барыта өлөрсүү, дэҥнэнии элбээһинэ саа-сэп элбээһиниттэн тутулуга кыратын, дьон өйө-санаата туруга суох буолуутуттан ордук улахан тутулуктааҕын быһаарар. Өйө баайыллыбыт, өйө көппүт киһи илиитигэр туох түбэһэ түспүтүнэн далбаатанарыттан дьиэ иһинээҕи иирсээннэр барылара кэриэтэ куукуна килиэп быһар быһаҕынан быһаарсыыга тиийэллэр.

Эдэр оҕолор бэйэлэригэр тиийинэн быстах суолга киирэн биэриилэрэ билигин элбээн турарын салайааччыларбыт кистии сатыыллар. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн иитии, үөрэтии сыыһа хайысханан, аһара атаахтатыынан, маанылааһынынан, «айыы үчүгэй», «айыы буолуҥ» диэн ыҥырыынан барыыта, оҕолор бэйэлэрин олохторун букатын сыаналаабаттарыгар, Үөһээ дойдуга үчүгэй, онно барыахха диэн санааҕа оҕустарыыларыгар тириэрдэр. Ол курдук атаахтык, мааныланан улааппыт оҕо саҥа соппуоска атыыласпатыгыт диэн төрөппүттэрин буруйдаан балконтан ыстанан кэбиһэрэ, бэйэтин олоҕун соппуоскаттан ордук сыаналаабат буола улааппытын биллэрэр.

Ыараханы тулуйа үөрэммит киһи тулуура улаатар, өйө-санаата туруктаах буолар. Тулуурдаах буолууга оҕону кыра эрдэҕиттэн эрчийии өйө-санаата туруктаах буолуутун улаатыннарарын төрөппүттэр билэн оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн дьарыктыы сылдьыахтара этэ.

БЭРЭЭДЭК

Олох биир сиргэ турбат, сайдан, уларыйан, сайдыылаах омуктартан саҥа тыллар, өйдөбүллэр киирэн иһэллэр. Уон сэттис үйэҕэ, оччотооҕу кэм сайдыылаах нууччалара кэлэннэр суругу-бичиги, араас сокуоннары, бэрээдэги аҕаланнар саха дьонун сурукка-бичиккэ үөрэппиттэрэ, салгыы сайыннарбыттара. Ол аата былыргы кэмнэргэ сахалар сиэри-туому тутуһан олохторун олорбут эбит буоллахтарына, билигин олорго эбии, сокуоннар уонна бэрээдэк көрдөбүллэрэ киирэн биэрдилэр. Бу эбиискэ киирэр көрдөбүллэри олох салгыы сайдан иһиитигэр кыттыһыы быһыытынан сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук тутустаҕына, урукку сиэри-туому уларытан биэрдэҕинэ эрэ табыллар.

Оҕолору оскуолаҕа үөрэтии нууччалыы өттө баһыйарынан бэрээдэк диэн тыл, өйдөбүл билигин лаппа баһыйа туттуллар. Бэрээдэк диэн тыл нуучча тылыттан киирбитинэн детсадка, оскуолаҕа уонна үөрэх тэрилтэлэригэр барыларыгар бэрээдэктээх буолуу диэн өйдөбүлү тутталлар. Ол да буоллар бэрээдэк диэн киэҥ өйдөбүл сахалар сиэр-туом диэн үөрэхтэриттэн салгыы сайдан, үүнэн, тупсан, сурукка киирбитинэн эрэ уратылааҕын билиниэхпит этэ. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн аан маҥнай аныгы олоххо сөп түбэһэр сиэри-туому үөрэтэн билэн, тутуһар буола үөрэнэн баран салгыы бэрээдэккэ, онтон сокуоннары тутуһууга үөрэниитэ өйө-санаата туруктаах буола сайдыытын төрүттүүрүн туһаныахпыт этэ.

Оҕобутун бэрээдэктээх киһи буола улаат диэн этэбит эрээри бэйэбит бэрээдэк диэн туох суолталааҕын ситэ өйдөөн быһааран биэрбэппит. Ол курдук бэрээдэк диэн нууччалыыттан киирбит «порядок» диэн тылы этэбит эрээри сахалыы дорҕоонноро сөп түбэспэттэриттэн, бу тылга улахан суолтаны биэрбэппит. Сиэр уонна туом диэн сахалыы тылларбыт бу сокуон, бэрээдэк диэҥҥэ өйдөбүлүнэн сөп түбэһэллэрин хаалларын сылдьабыт. Ол хаалларан сылдьарбыт бэлиэтинэн оҕолору кыра эрдэҕинэ сиэргэ-туомҥа, бэрээдэккэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэрбитин, үгэс оҥорон иҥэрэрбитин умнан, хаалларан кэбистибит, үгүстүк, куруук кэриэтэ оонньотуунан эрэ муҥурданабыт уонна бэрээдэккэ оскуолаҕа киирдэҕинэ үөрэтиэхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт.

Араас сокуоннар, бырааптар нууччалартан киирэннэр сахалыы тылларбытын үтүрүйэн, туһаныыттан таһааран иһэллэр. Сокуон диэн тыл сахалыы өйдөбүлүнэн сиэр диэҥҥэ сөп түбэһэр уонна сурукка киирбит буолан ааҕан билиллэр, үөрэтиллэр, туттуллар кыаҕа улахан. Онтон олус былыргы кэмнэргэ дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын быһаарар сиэр көрдөбүллэрэ барылара тылынан этиллэн бэриллэллэриттэн сахабыт тыла мөлтөөн иһэрин курдук эмиэ мөлтүүр, туттуллара аҕыйаан иһэр.

Сахалыы үөрэҕи тарҕатыыга, олоххо киллэриигэ сиэр-туом билигин туһалыыр, олоххо туттуллар, туһалаах көрдөбүллэрин талан, арааран ылан сурукка киллэрэн оҕолору кыра эрдэхтэринэ үөрэтиигэ туһаныы сахалыы сиэр-майгы оҕолор ийэ куттарыгар иҥэн олохсуйуутугар тириэрдиэ этэ.

Араас сокуоннары, бэрээдэги, сиэри-туому тутуһар киһини бэрээдэктээх киһи диибит. Ол аата бэрээдэк диэн сиэр-туом көрдөбүллэрэ уонна аныгы бэрээдэктээх буолуу үөрэхтэрэ бары холбуу ааттаналларын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Билигин биһиги олохпут сокуоннары тутуһан олоруу диэн ааттанар. Сокуону тутуһар киһи бэрээдэктээх киһи буолар. Сокуон, бэрээдэк диэн аналлаах хааччах. Дьон уһун үйэлэр тухары өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну баһылааннар киһи быһыылаах киһи оҥорор быһыыларын туспа арааран билэргэ үөрэммиттэр. Киһи быһыылаах киһи тутуһар, аһара барбат кыйыалара сокуону, бэрээдэги, хааччаҕы үөскэтэллэр. Бу хааччах кыйыаларын бэрээдэктээх киһи таһынан барыа суохтаах. Бэрээдэги тутуһар киһи, бу аналлаах хааччах иһигэр сылдьарга, олоҕун олорорго үөрэнэрэ аныгы, сайдыылаах үйэ халбаҥнаабат көрдөбүлэ буолар. Ол иһин бэрээдэктээх киһи тулуурдаах, сыыһа-халты туттубат, өйө-санаата аһара барбатаҕына эрэ бу хааччаҕы тутуһара табыллар.

Холобурга, бэрээдэктээх киһи арыгыны аһара, итириэр диэри испэт. Ол аата куруук бэйэтин туттуна, арыгы иһэр баҕатын хааччахтыы сылдьара эрэйиллэр. Ыраас дьиэҕэ бадарааннаах атаҕын таҥаһынан киирэн кэлбэт, дьиэҕэ киирэргэ атах таҥаһын устарга, уларыттарга үөрэммит киһи бэрээдэккэ үөрэммитин бэлиэтэ буоларын, билигин дьон бары тутуһаллар. Киһи тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьара, тугу саҥарара, оҥороро барыта олохсуйбут уонна аныгы бэрээдэк көрдөбүллэригэр сөп түбэһэрэ эрэйиллэр.

Оҕону бэрээдэккэ үөрэтии диэн, бу аналлаах хааччах иһигэр сылдьарга, киһи ханан сылдьар сирин билэргэ, онон эрэ сылдьар буолууга үөрэтии ааттанар. «Бэрээдэги кэһимэ» диэн этии олохсуйбут сиэри-туому тутус, киһи быһыытын аһара барыма, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буол диэн быһаччы өйдөбүллээх этии буолар.

Онон бэрээдэги тутуһар буолууга киһиэхэ бэрээдэк бары көрдөбүллэрин билии, үөрэтии туһата улахан. Билигин дьон бары үөрэҕи-билиини баһылаабыттарынан «Сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн быыһаабат» диэн этии сокуон халбаҥнаабакка эрэ тутуһуллар кыаҕын улаатыннарар. Билбэтинэн өттөйөн, ону куоһур туттунан сокуону кэһииттэн киһи кыайан куоппат кэмэ кэлбитэ ыраатта.

БЭРЭЭДЭГИ ТУТУҺУУ

Төрөппүттэр оҕолоро бэрээдэктээх дьон буола улаатыахтарын, олохторун уһуннук, дьоллоохтук олоруохтарын, сиэннэрин көрүөхтэрин баҕараллар. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ бэрээдэги тутуһа, толоро үөрэммитэ олоҕор ордук улахан туһаны оҥорорун төрөппүттэр сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутустахтарына билиэ, туһаныа этилэр.

Оскуолаҕа учууталлар бары оҕолору бэрээдэги тутуһуннара үөрэтэллэр, бэрээдэктээх киһи туһунан кэпсииллэр. Оскуола үөрэҕэ оҕо улааппытын, ийэ кута иитиллибитин кэнниттэн саҕаланарынан, билигин төрөппүттэр аһара атаахтатан ииппит оҕолорун өйүн-санаатын көннөрө, бэрээдэккэ үөрэтэ сатаан учууталлар эрэйдэрэ элбээтэ.

Дьон уһун үйэлэр тухары элбэх быраабылалары, бэрээдэктэри оҥорон бииргэ олорууга туһалаахтарын чахчы билинэн туһана сылдьаллар. Бу дьон бары тутуһар быраабылаларын тутуһар буолуу киһи быһыыта диэн сахалыы ааттанарын уонна киһи быһыылаах киһини үөскэтэрин арааран билэн олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Суол быраабылаларын тутуһан айанныыр суоппар бэрээдэктээх суоппар буолар уонна сыыһа-халты туттунан абаарыйаҕа түбэһэрэ аҕыйах. Массыынаҕа олорсон иһэр дьон бэрээдэктээх, ол аата киһи быһыылаах суоппары ордук эрэнэллэр, сөбүлүүллэр. Сатыы дьон уулуссаны туоруулларыгар аналлаах, бэлиэтэммит, дьон хаамар сиринэн туораатахтарына, бэрээдэктээх, бэрээдэги тутуһар дьоннор диэн ааттаналлар. Ол аата бэрээдэктээх киһи диэн тугу барытын киһи, дьон оҥорорун курдук оҥорор киһи буолар.

Өй-санаа туруга суоҕуттан быстах быһыыга түбэһэн өлүү-сүтүү билигин Россия эдэр дьонугар олус элбээтэ. Сыыһа-халты туттуна, аһара бара сылдьар эдэрдэр элбээһиннэриттэн массыына абаарыйалара олус элбээтилэр. Ол курдук туруга суох, киһиргэс, туох эмэ саҥаны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥоро охсор санаалаах эдэр киһи хайаан да аһара түргэнник айаннаатаҕына, арыгы истэҕинэ уонна суол быраабылаларын тутуспатаҕына эрэ сатанар. Тоҕо диэтэххэ, дьон бары тутуһар, толорор быраабылаларын тутуһуу, бу «оһуобай», дьон оҥорботторун, билбэттэрин, айыы үчүгэй, айыыны оҥор диэн үөрэтиллэр эдэр киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт буолан хаалыытыттан, тугу эмэ уратыны, урут суоҕу оҥоро сатыыллара элбиир. Билигин айыы үөрэҕин оҕолору үөрэтиигэ олус улахан сыыһатын ити быһаарыыттан булан ыламмыт төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыбыт.

Киһи быһыытын тутуспат эдэрдэр бастарын онно-манна кыараҕас дьөлөҕөскө уган кыбыталлара элбээтэ. Биир эр бэрдэ бөх кутар тимир иһит айаҕар баһын уган кыбытан баран иһит үрдүн алдьатан моойторук курдук кэтэ сылдьан киһиргээн, онтун дьоҥҥо көрдөрө сатаата. Бу кэтэн кэтиспит тимирин аналлаах быыһааччылар эрэ кэлэн тимири быһар кыптыыйынан кырыйан нэһиилэ туурбуттара. Киһибит бу сылдьан туох эрэ үчүгэйи оҥорбут курдук туттунара, уратыны, саҥаны айыыны оҥорбутунан дьону саататара, өйө-санаата өссө да сайда илигин, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбатын биллэрэр.

Бэйэтин аһара үрдүктүк, күүстээхтик, үчүгэйбин диэн сананар киһи, ити санаатыгар баһыттаран кыаҕын билиммэт буолуута аһара барыан сөп. Суоппардар айаннаан иһэн тулуурдара тиийбэккэ эбэтэр кыахтарын билиммэккэ утуйа охсон хааланнар суолтан туораан эбэтэр утары массыына суолугар тахсан биэриилэриттэн улахан абаарыйалар тахсаллар.

Киһи оҥорор бары быһыыларыгар хаһан баҕарар бэйэтин кыаҕын билинэн оҥорорун Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ ирдиир. Ханнык да; кыра да, улахан да дьыалаҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы уонна бэрээдэги тутуһуу суох буолуутуттан араас абаарыйалар, сыыһа-халты туттунуулар элбииллэр.

Олохсуйбут бэрээдэги тутуһуу диэн киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллан киһи оҥорбот быһыыларын оҥорботун бары билэр курдукпут. Бэрээдэктээх киһи диэн ханнык баҕарар оҥорор быһыытын урут дьон оҥороллорун курдук оҥорор киһи буолар. Ол аата киһилии быһыылаах киһи диэн бэрээдэги тутуһар, буруйу-сэмэни оҥорбот, көрсүө, сэмэй, тугу оҥорорун барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор киһи буолар эбит.

Ити курдук бэрээдэктээх киһи диэни быһаарбыппыт кэнниттэн бэрээдэгэ суох, куһаҕан быһыылаах оҕо, киһи туһунан быһаарыы судургу буолар. Ол курдук бэрээдэги тутуспат киһи диэн киһи быһыытын тутуспат киһи буолара арыллан тахсар.

Киһи оҥорбот быһыыларын оҥоруу диэн олохсуйбут бэрээдэги кэһии, тугу эрэ атыннык эбэтэр туох эмэ уратыны, саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Дьон бары бэргэһэлэрин көнөтүк, иннэ иннигэр түбэһэр гына кэтэр буоллахтарына, бэргэһэни тиэрэ кэтэр киһи айыыны оҥорор, ол иһин бэрээдэги тутуспат киһитэ быһаарыллар. Ханнык эмэ быһыыны дьон оҥороруттан атыннык, уратытык оҥоруу, урут дьон билбэттэрин эбэтэр оҥорботторун оҥоруу, ол аата саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыылары оҥорорго үөрэнэн, олору үгэс оҥостунан, иҥэринэн, киһи буолууну ситиһэн баран, саҥаны айыыны оҥороро ордук табыллыан, туһата улаатыан сөп.

Сахалар «Айыыны оҥорума» диэн оҕону үөрэтэр үөрэхтэрин кистэлэҥэ итинник арыллар. Бу үөрэҕи халбаҥнаабакка тутуһар буолуу эрэ эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруктаахтык сайдыытыгар тириэрдэн, бэрээдэги тутуһар буолууну үөскэтэр кыахтаах.

Билигин дьон өйө-санаата сайдан билбэт, оҥорбот быһыылара диэн отой аҕыйах. Бары быһыылары барыларын кэриэтэ оҥорон көрөн, төһөтө эмэ боруобалаан үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу арааран билэн тураллар. Ол иһин дьон оҥорбот быһыыларын, айыыны оҥоруу үгүс өттө куһаҕан быһыы буолан тахсара быһаарыллар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ айыы диэн үчүгэй, айыыны элбэхтик оҥор диэн үөрэтии олус улахан сыыһа. Маннык этэр дьону төрөппүттэр тутан сууттуохтарын сөп. Ол курдук баар-суох биир оҕолорун өйүн-санаатын буккуйан, сыыһа үөрэтэн, бэрээдэги тутуспат, куһаҕан быһыылаах буолууга тириэрдэр дьону булан сууттуохха, оҕолору үөрэтииттэн туоратыахха сөп буолла.

Оҕону атын киһинэн үөрэтэри сахалар былыргы кэмнэргэ сөбүлээбэттэр этэ. «Тарбахтаахха да таарыттарбакка, хара харахтаахха көрдөрбөккө» эрэ оҕолорун улаатыннарар, ол аата бэйэлэрин эрэ үтүгүннэрэн, өйдөрүгэр-санааларыгар иитэр этилэр. Саҥа улаатан, өйдөнөн иһэр оҕо улахан киһи биир этиитин, биир тылын умнубакка өйдөөн хаалар уонна өйө-санаата соннук уларыйар кыахтааҕын кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын урукку кэмнэргэ билэр, тутуһар этилэр.

Онон атын дьон оҕолорун үөрэтээччилэр саҥарар тылларыгар, туттар быһыыларыгар олус сэрэхтээх, бэйэлэрэ бэрээдэктээх буолууларын төрөппүттэр ирдииллэрэ көрдөнөр. Билигин эдэрдэр бэрээдэги кэһэллэрэ элбээһинэ кинилэри кыра эрдэхтэринэ иитии сыыһа хайысханан, айыы үчүгэй диэн этиини тутуһан барбытын туоһута буолар.

Кыра эрдэҕинэ сыыһа хайысханан иитиллэн хайы-сах улаатан хаалбыт оҕону хааччах, хаайыы, эбии үөрэтии көмөтүнэн куһаҕаны оҥорорун аҕыйата сатыырбыт хойутуур, көнөрө уустугуран хаалар. Ол курдук ийэ кута иитиллэр кэмин аһаран кэбистэххэ, куһаҕаннык иитиллэн хаалбыт оҕону көннөрөн үөрэтии үчүгэй үгэстэри хатылаан иҥэриннэҕинэ эрэ, кыалларын таба өйдүөхпүт этэ. Иитээччи көннөрү этиитин өйүнэн-санаатынан кыайан ылыммат оҕону хааччахха хаайыы көмөтүнэн үөрэҕи ылыннара сатааһын элбэхтик туттуллар. Аналлаах сабыылаах оскуолалар эмиэ бааллар.

Онон бэрээдэги тутуһарга үөрэнии ханнык эрэ ыгааһыннаах, хаайыылаах буоллаҕына табыллар уонна оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык да эрэйэ суох ситиһиллэр, арай кэмин эрэ аһарыамыахха наада. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕо улааттаҕына өйүнэн-санаатынан салаллан бэрээдэк көрдөбүллэрин тулуйа, толоро үөрэнэрэ ханнык да уустуга суох ситиһиллэр. Ол аата өй-санаа эмиэ тулуурдаах буоллаҕына эрэ бэрээдэги тутуһуу табылларын аныгы үөрэхтээх дьон билиэхпитин сөп этэ.

Өй-санаа аһара барбакка бэрээдэги тутуһарыгар Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ туһалыыр. Ол курдук бэрээдэги тутуспат, кэһэр киһи хайаан да кэһэйэрэ, онтон улахаҥҥа түбэстэҕинэ хаайыыга барара эппиэтинэс хайаан да кэлэрин, аһара барар өй-санаа хааччахтанарын биллэрэр.

ЭППИЭТИНЭС

Бу кэмҥэ сахалар икки омук тылын, үөрэҕин баһылааммыт өйбүт-санаабыт туруга суох буолуута үөскээн сылдьарын нууччалыы «обязанность» уонна «ответственность» диэн тыллары эбээһинэс уонна эппиэтинэс диэн саҥаран, биирдэ эмэ туттуллар курдук уларытан, туһана сылдьарбытыттан, бу тыллар дьиҥнээх суолталарын таба өйдөөн олохпутугар, хас биирдии оҥорор быһыыбытыгар туһаммаппыт. Ол аата бу тыллар суолталара олус дириҥин, киһи хайаан да оҥоруохтаах быһыыларын уонна бары быһыыларыттан туох содул үөскүүрүн быһаарарын, ханнык эрэ эппиэт, хардары хамсааһын бу быһыыттан хайаан да кэлэрин биллэрэрин аахайбакка сылдьабыт.

Сахаларга киһи оҥорор быһыыларыгар олус улахан суолтаны биэрэн, үчүгэйдик ырытан, толкуйдаан баран оҥороругар быһыы диэн тылбыт бэйэтэ этэ, көрдөрө сатыырын таба туһанарбытын дорҕооннор дьайыыларын ситэ сыаналаабаппытыттан быраҕан сылдьабыт. Ол курдук быс диэн тугу эрэ быһары биллэрэр тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиититтэн быһыы үөскүүрэ, бу тыл олус кутталлаахха уларыйарын, тугу эмэ оҥоруох инниттэн сэрэниэххэ, туох содул үөскүүрүн таба быһаарыахха наадатын биллэрэрин уонна «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ, өссө куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүн илэ көрдөрөрүн таба көрө, сыаналыы, туһана иликпит.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта, оҥорор быһыыларын үчүгэйдик ырытан, толкуйдаан, туох содул бу быһыыттан үөскүүрүн быһааран баран оҥорорго үөрэнэрэ киһи быһыылаах буолбутун биллэрэр. Киһи хас биирдии оҥорор быһыытын ити курдук ырытара, субу оҥорор быһыытыгар эппиэттиир, эппиэтинэһи сүгэр кыахтанара өйө-санаата сайдыытынан быһаарыллар. Ол курдук ып-ыраас муостаҕа тугу эрэ тоҕон, ыһан баран хомуйбакка баран хаалар оҕо эппиэтинэһэ суох, оҥорор быһыытыгар кыһаммат буола улаатыан сөп. Бадарааннаах бачыыҥканан ыраас муостаҕа ким да сылдьыбат буоллаҕына, кирдээх муостанан ханнык баҕарар саппыкынан сылдьыахха сөбө, эппиэтинэстээх буолуу олох сайдан иһэриттэн уларыйан, сайдыы, тупсуу эбиллэн истэҕинэ, көрдөбүлэ кытаатан иһэрин биллэрэр. Оҥорбут быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын быһаарбакка, толкуйдуу сатаабакка эрэ оҥоро охсор киһи сахалыы быстах быһыылаах диэн ааттанар. Быстах быһыы куһаҕан быһыыга кубулуйара олус элбэҕин таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо биллэрэр.

Оҥоруллубут буруй, куһаҕан быһыы иһин эппиэтинэс олус уһаабакка эрэ кэлэрэ ордук. Кыра оҕо оҥорор куһаҕан быһыыта хайаан да тохтотуллан, үчүгэй быһыыга аралдьытыллан иһэрэ ордук. Ол курдук оҕо куһаҕан быһыыны, буруйу элбэхтик оҥоро үөрэннэҕинэ, ол быһыыта үгэс буолан иҥнэҕинэ, куһаҕан быһыылаах киһиэхэ кубулуйара сотору кэлиэн сөп.

«Буруйу боруостааһын» диэн оҥоруллубут куһаҕан быһыы иһин толору эппиэттээһин аата. Бу куһаҕан быһыыга тэҥнээх үчүгэй быһыыны оҥоруу эбэтэр онно тэҥнээх ыарыыны, куһаҕаны тулуйуу буруй, куһаҕан быһыы боруостанарын үөскэтэрин тэҥэ тулуурдаах буолууга эмиэ үөрэтэр.

Өй-санаа кыайан хааттарбатынан, тутуллубатынан, ыарыыны билбэтинэн оҥоруллубут куһаҕан быһыы иһин ханнык да накаастабылы, эппиэти сүгэр кыаҕа суох. Арай эт-сиин айылҕа биллэр эттигэ буоларынан оҥоруллубут быһыы иһин эппиэтинэһи барытын бэйэтэ сүгэригэр тиийэр.

Эти-сиини накаастаан ыарыыны биллэрии, аны итинник куһаҕан быһыы оҥоруллубатыгар умнуллубат олук уурар. Буруй, оҥоруллубут куһаҕан быһыы иһин эппиэтинэһи эт-сиин эрэ сүгэрэ ыарыыны билэриттэн ордук туһалаах. Былыргылар эккэ-сииҥҥэ сөптөөх ыарыыны оҥороннор оҥоруллубут буруйу суох оҥоро сатыыллара олус тиийимтиэ ньыма буоларын биһиги дакаастыы сатыыбыт. Ол былыргы кэмнэргэ оҥоруллубут буруйу боруостааһын маннык көрүҥнэрдээх этэ:

1. Таһыйыы. Эккэ-сииҥҥэ ыарыыны үөскэтэн куһаҕан быһыыны оҥорбуту биллэрии.

2. Хаайыы. Киһиэхэ буруйу билиниини, кэмсиниини өйүгэр-санаатыгар үөскэтэр.

Былыргы кэмнэргэ эккэ-сииҥҥэ ыарыыны биллэрэн өйү-санааны көннөрүүнү бары киэҥник туһанар этилэр. Билигин олох сайдан, дьон өйө-санаата тубуста диэн сайдыыны ситиспит дойдуларга сыыһа санааҕа киирбиттэриттэн аҥардастыы хаайыы, кэмсиниини үөскэтии өттүгэр халыйан хаалыы буолла.

Кэмсинии диэн өй-санаа, буруйу, куһаҕан быһыыны оҥоруу иһин эппиэти сүгүүтэ, эрэйдэниитэ буолар. Киһиэхэ кэмсинэр санаа үөскүүрүгэр бу оҥоруллубут быһыы куһаҕан быһыы диэн эрдэттэн билэрэ, оннук үгэс баара эбэтэр өйүн-санаатын уларытан саҥа үгэстэри үөскэтинэрэ туһалыыр. Ол иһин кэмсиниини үөскэтии уһун кэми ылар.

Киһи бары оҥорбут быһыытыгар, саҥарбыт саҥатыгар толору эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Билигин кыра оҕолору үөрэтиибит сымнааһыныттан эппиэтинэс диэни бары умнан сылдьаллар. Ол да буоллар эппиэтинэс диэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. Олох уһун, киһи оҥорбут быһыытыгар эппиэтинэс хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөп. Былыргылар олох ыара, ыарахана диэн этиилэрэ, оҥорбут быһыыга эппиэттээһин диэн ааттанар. Эппиэттиир хаһан баҕарар ыарахан эрээри, уталыппакка тиийэн кэлэринэн уратылаах. Эппиэтинэстэн ханна да куоппаккын.

Сэбиэскэй былаас саҕана саҥа дэриэбинэлэри олохтооһуҥҥа эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһыыларыттан, билигин кэлэн ууга барар дэриэбинэлэри өрүһүйэртэн соло булбаппыт, киэҥ айдааны тардабыт, ночоокко түһэбит, олохсуйан, улаатан хаалбыт дэриэбинэлэри син-биир көһөрөргө тиийэбит. Ол аата урукку, алаастарынан олорууну уларытан, сэбиэскэй былаас саҥаны айыыны оҥорон элбэх дэриэбинэлэри уу ылар сиригэр үөскэппитин эппиэтинэһэ билигин, төһө эмэ хойутаан тиийэн кэллэр даҕаны, коммунистар үрдүлэриттэн түспэт.

Төрөппүт оҕотун өйө-санаата таба суолунан, киһи буолууну ситиһиигэ туһуланан сайдарыгар эппиэтинэһэ олус улахан. Оҕолорун кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатан, маанылаан, оонньуур оҕо оҥостубут төрөппүттэр, эппиэтинэһэ суох сыһыаннаспыттарын оҕолоро улааппытын эбэтэр сыыһа-халты туттунан тугу эмэ куһаҕаны, буруйу оҥорбутун кэнниттэн биирдэ билэллэрэ хомолтолорун улаатыннарыан сөп. Итини тэҥэ кырдьар, көмө көрдүүр саастарыгар тиийиилэригэр оҕолоро быраҕан, умнан кэбиспиттэриттэн санааҕа ыллараллара кэлиэн сөп.

ЭППИЭТИНЭСТЭЭХ БУОЛУУ

Киһи тугу эмэ саныыр. Баһын иһэ араас санааларынан туолар. Ырааҕы эбэтэр чугаһы, буолары-буолбаты да санаан ылыталыан сөп. Кини баҕа санаатыгар туох баҕара санаабыта барыта халлаантан түһэн кэлэр курдук эмиэ саныан сөп. Киһи баҕа санаата маннык икки аҥы арахсыытын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэннэр, хаһан да туолбат баҕа санаа буоллаҕына - ыра санаа уонна киһи толоруон сөптөөх баҕа санаата буоллаҕына - баҕа санаа диэн тус-туспа арааран ааттаабыттар.

Бэйэ кыаҕын иһинэн толоруллуон сөптөөх баҕа санаалардаах киһи киһилии быһыылары оҥорор кыаҕа улаатар. Ол аата хаһан эмэ тугу эрэ туһалааҕы оҥорорун дуу эбэтэр сибилигин кыаллар дьыаланы дуу санааһын киһи санаабыта туоларын үөскэтэн дьоллоох буоларын ситиһиигэ тириэрдэр. Баҕа санаа туолуута киһиэхэ дьолу үөскэтэр.

Киһи бу санаабыт санаатын олоххо киллэриэр диэри төһө эмэ бириэмэ уонна тугу эмэ эбии оҥоруохха наадата, субу санаабытын өр кэмҥэ умнубакка саныы сылдьарын үөскэтэр. Ол курдук биир санааны куруук саныы сырыттахха, умнуллубат буолууга, үгэскэ кубулуйан ийэ кукка уларыйан ууруллар.

Киһи санаабыт санаатын дьоҥҥо биллэрэр кыаҕа элбэх. Олортон саамай түргэннэрэ тылынан этэн биллэрии буолар.

«Этэн баран эҕирийиэх иннинэ» диэн туох эрэ олус түргэнник оҥоруллары быһаарар этии баар. Ол аата киһи тылынан этээт даҕаны, ол эппитин сонно толорорун биллэрэр. «Санаабыта таһыгар» диэн эттэхтэринэ, араас киирэн ааһар санааларын тылынан этэ, кэпсии сылдьар киһи буолуон сөп.

Эппиэтинэстээх буолуу эппит тылы толорууттан саҕаланар киһи биир үтүө, туһалаах хаачыстыбата буолар. Киһи мээнэ тылынан ыһыахтанара сиэрэ суох быһыы, атыттар итэҕэйбэт буолан хаалыыларын үөскэтиэн сөп. Эппит тылга туох эмэ эрэннэриилээх, толоруллуохтаах баар буоллаҕына, хайаан да толоруллара киһилии киһиттэн ирдэнэр. «Оҥоруом диэтим даҕаны, хайаан да оҥоруом»,- диэн этинии эппиэтинэстээх буолууну биллэрэр.

Эппит тылы толорууну биллэрэр «Көрсүө тыл бэлиэ» диэн этии көрсүө, сэмэй майгылаах киһи эппит тылын толорууга ордук турунуулааҕын, дьулуурдааҕын быһаарар. Эппит тылы эбэтэр эрэннэрбити толоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл уонна сахалыы «Тылга туруу» диэн ааттанар.

«Эрэннэриллибити үс сыл күүтэллэр» диэн сахаларга быһаарыы баар. Тугу эмэ эрэннэрбит буоллахха, үс сыл кэтэһиэххэ сөбүн, бу этии быһаарарын тэҥэ, үс сылтан ордук кэтэһэр туһата суоҕун эмиэ өйдөтөр. Бу этии үтүө санаа куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин быһаарара ордук чуолкай. Үс сыл кэнниттэн эрэннэриллибит туолбатаҕына, киһиэхэ үөскүүр хом санаа улаатан куһаҕан санааҕа кубулуйар кэмин биллэрэр. Ол аата эрэннэриллибит үс сыл устата туолбатаҕына иэстэбил саҕаланара сөп.

«Эрэннэрбити толорортон ордук эрэйдээх суох» диэн этии кыах тиийбэтинэн эрэннэрэн кэбиһии толоруута кэллэҕинэ ордук улахан эрэйдээҕин этэринэн, аһара элбэҕи эрэннэрэн кэбиһии табыллыбатын быһаарар. Быыбарга кыттааччылар атыттарын тугунан эмэ баһыйаары, ордук курдук көстөөрү арааһы барытын эрэннэрэн баран толорботторо быыбар суолтатын намтатар.

«Кэһиллибэт кэс тыл» диэн хас биирдии киһи сирдээҕи олоҕор хайаан да толоруохтаах дьыалаларын санатарын таһынан этиллибит тыл андаҕарга кубулуйарын быһаарар. Ылыммыт сыалы толорууга киһи: «Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт»,- диэн этиннэҕинэ санаата күүһүрэн, дьулуура эбиллиититтэн сыалын ситиһэр кыаҕа улаатар.

Киһи оҥорор туох баар быһыыта барыта «Саҥарыан иннинэ санаан көр» диэн өс хоһоонунан толору бэриллэр. Аан маҥнай искэр саныыгын, онтон саҥаран, ол санааҕын этэн дьоҥҥо биллэрэҕин. Санааҕын эттэххинэ биирдэ эрэ ханнык санаа, үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу буолара дьоҥҥо биирдэ биллэр кыахтанар.

«Үтүө ат биир кымньыылаах, үчүгэй киһи биир тыллаах» диэн эрэннэрбити, эппит тылы хайаан да толоруу үтүө, үчүгэй майгы буоларын өс хоһооно этэр.

Киһини өйө-санаата баһылаан салайарынан ханнык баҕарар оҥороору оҥостор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын эрдэттэн быһааран баран оҥорор буолуута эппиэтинэстээх буолууну үөскэтэр. Ол аата киһи тугу оҥорбутугар барытыгар бэйэтэ эппиэттиирин быһаарар.

Элбэх дьоҥҥо сыыһаны, сымыйаны этэн, былыргыттан куһаҕана элбэх айыы диэн тылы үчүгэй эрэ оҥороору кыһанар дьон этэр тылларыгар эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһаллар, сахалыы өй-санаа төрүттэрэ иҥмит тылларбытын уларыта сатааһын олус улахан сыыһа. Сахалыы өй-санаа төрүттэрин уларыта сатааһыҥҥа эппиэтэ бэрт сотору кэлэн иһэр. Эдэрдэр буруйу оҥоруулара, бэйэлэригэр тиийиниилэрэ бу кэмҥэ элбээһинэ «айыы үчүгэй, айыы буолуҥ» диэн үөрэхтэн, ыҥырыыттан улаатарын биһиги дакаастаан бар дьоммутугар тириэрдэбит. Ханнык баҕарар оҥоруллубут дьыалаҕа киһи бэйэтэ эппиттиир кыахтаах буолара ордук. Саха тылын, өйүн-санаатын уларыта сатыыр дьон, саҥаны, буолар-буолбаты эккирэтэ сатыылларыттан этэр тылларыгар, оҥорор быһыыларыгар эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһаллар. Бэйэ оҥорбут быһыыларыгар, дьыалаларыгар эппиэтинэстээх буолуу, хайаан да эти-сиини таарыйарынан, Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр олус туһалаах үөрэх буолар.

КӨҤҮЛ

Киһи баҕа санаата куруук хааттара сылдьар курдук, өй-санаа сүр диэн туттунар күүһүнэн хам тутуллан киһи быһыытын аһара барбатаҕына, аһара туттубатаҕына эрэ олох табыллар. Киһиэхэ көҥүл, босхо барыан, туохтан да тутулуга суох буолуон баҕара саныыра иһигэр куруук баар. Бу баҕа санаата биирдэ эмэтэ да буоллар таһыгар тахсыан баҕата киирэн кэлиэн эмиэ сөп. Ол эрээри киһиэхэ көҥүл баран хаалыы кыаллыбата элбэх.

Көҥүл диэн дьоҥҥо баар дуо?

Бу иннэ-кэннэ ситэ биллибэт курдук дьон бары кэриэтэ истэригэр баҕара саныыр боппуруостарын сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат» диэн ханна да халбаҥнаппат гына чуолкайдык быһааран, көҥүл диэни суох оҥорон кэбиһэр.

Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан истэҕинэ көҥүлгэ наадыйар, талбытынан, олус түргэнник улаатар баҕа санаатын хоту сылдьыан баҕарара элбээн биэрэр. Кини санаатыгар улахан дьон көҥүллэрэ; табаахтыыллара, арыгы иһэллэрэ, ханна баҕарар сылдьаллара быдан элбэх, ол иһин ону ситиһэ охсоору, тугу барытын, билэрин-билбэтин, саҥаттан-саҥа айыыны оҥороору ыксыыр, улаата охсоору тиэтэйэр.

Оҕо улаатан иһэн көҥүлэ элбиэн, сылдьар сирэ кэҥиэн баҕарар, ол аата көҥүл иһин охсуһар, ону-маны ситиһэ сатыыр. Төрөппүт оҕото оҥорор быһыытын хааччахтаан, «көҥүлүнэн ыыппакка» тугу барытын киһи курдук оҥорор буоларга, киһилии быһыыланарга үөрэттэҕинэ эрэ, оҕото киһи быһыылаах буола улаатарын өйдөөн кыра эрдэҕиттэн иитиинэн-үөрэтиинэн дьарыктаныа этэ.

Оҕо билиитэ-көрүүтэ тиийбэтиттэн, сатаан оҥорорго ситэ үөрэнэ илигиттэн, уопута суоҕуттан көҥүлүнэн бардаҕына сыыһа-халты, аһара туттунара элбиириттэн ону-маны саҥаны айара, айыыны, киһи билбэтин оҥороро олус сэрэхтээх, куһаҕаҥҥа кубулуйара үксээн хааларыттан сахалар үөрэхтэрэ оҕону харыстаан, кыра эрдэҕинэ «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр. Төрөппүттэр оҕо тугу оҥорорун куруук кэтээн көрөн, көннөрөн, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаан биэрэн иһэллэрэ хаһан баҕарар наадатын бары билэннэр олохторугар туһаныахтара этэ.

Онон оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ көҥүлгэ, талбытынан сылдьыыга, туох өйүгэр көтөн түспүтүн, үчүгэйин, куһаҕанын араара барбакка, барытын оҥорууга наадыйар, дьулуһар, баҕара саныыр, ону иитии-үөрэтии күүһүнэн өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан киһи быһыытын, сиэри тутуһарга, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарарга, бэрээдэктээх буолууга төрөппүттэрэ үөрэттэхтэринэ эрэ оҕолоро киһи быһыылаах буола улаатан олоҕун киһи быһыылаахтык олороро кыаллыан сөп.

Олох былыргы кэмнэргэ кыыл курдук өйдөөх-санаалаах киһи тыа быыһыгар соҕотоҕун сылдьар эрдэҕинэ олоҕун таһыма намыһах, талбытынан, баҕатын хоту сылдьар курдук сананар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ киһиэхэ көҥүлэ, бэйэтин санаатын атын хааччаҕа суох толороро быдан элбэх эбит.

Кэлин сайдыы кэлэн олох тупсан дьон дьиэҕэ-уокка, куораттарга мунньустан бииргэ олорор кэмнэрэ кэлиитигэр араас көрдөбүллэр, ыйаахтар, сиэрдэр-туомнар, сокуоннар, быраабылалар үөскээннэр олоххо киирэн туттуллан барбыттара. Бу кэмнэртэн саҕалаан киһи көҥүлүнэн барара хааччахтанан, элбэх эбии көрдөбүллэри толоро сылдьара хайаан да ирдэнэр буолбуттара.

Олох сайдан өй-санаа эбиллэн истэҕинэ киһи көҥүл сылдьара сарбыллан, аҕыйаан, араас хааччахтар, сокуоннар эбиллэн иһэллэр. Тимир көлө, массыына элбиэҕиттэн ыла суол быраабылалара эбии киирэннэр киһи тулатын көрүммэккэ, бары быраабылалары тутуспакка эрэ кыайан көнөтүк да хаампат буола хааттарда.

Тыа сиригэр, аҕыйах киһилээх алааска олоро үөрэммит дьон элбэх киһилээх куоракка олоро киириилэрэ сайдыыны ситиһии буоларынан, өйгө-санааҕа эбиискэ көрдөбүллэр эбиллэн биэриилэригэр тириэрдэр. Ол аата элбэх дьонноох сиргэ сылдьыы киһи киһилии быһыыта элбииригэр, тулуура улаатарыгар, бэрээдэги, сокуоннары тутуһара кытаатарыгар тириэрдэр.

Билигин Европа дойдулара Россия туристара сылдьалларын ыарырҕатар буоллулар диэн И.Гаврильев «Кыым» хаһыакка суруйар. Маннык быһыы үөскээһинэ барыта биһиги дьоммут сынньаммыттарын, аһаабыттарын кэннэ көҥүлүнэн барыылара таһынан таһымныырын кытта сибээстээх эбит.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар этиилэрин билэрэ эбитэ буоллар И.Гаврильев көрсүө, сэмэй дьон баһыйар элбэх буоллахтарына эрэ омукпут ахсаана элбээн, эбиллэр кыахтаныа этэ диэни билиэ этэ. Ол курдук көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон оҕолоро, сиэннэрэ көрсүө, сэмэй, үлэһит буола улаатаннар, бу аймахтар ахсааннара элбиирин ситиһэллэрин сахалар былыр-былыргыттан билэллэр. Айыыны, киһи билбэтин элбэхтик оҥорор дьон оҕолоро өссө элбэх айыыны оҥороллоруттан сыыһа-халты туттунуулара, аһара барыылара үксээн эдэр олохторун ситэри олорбокко анараа дойдуга аттаналлара элбээн хааларын билиҥҥи суруйуулартан билэ-көрө олоробут.

Онон көҥүл, көҥүлүнэн сылдьыы диэн өйдөбүл кыылларга, сүөһүлэргэ эрэ баар. Киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан көҥүлэ бары өттүнэн хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Киһиэхэ көҥүл диэн суох. Саха киһитэ олоҕун устата сиэр араас көрдөбүллэрин, бары быраабылалары, сокуоннары барыларын билэн, үөрэтэн ханна сылдьарын тухары кытаанахтык тутуһа сылдьара ирдэнэр. Итини тэҥэ, олох сайдан истэҕин аайы киһи көҥүлэ аҕыйаан, араас хааччахтар эмиэ элбээн истэхтэринэ эрэ табыллар. Ол курдук арыыйда көҥүллүк, талбытынан соҕус сылдьыан баҕарар киһи ыраах тыаҕа, ойуурга сылдьара ордук буолуон сөп.

Элбэх дьон олорор, сайдыы кэлбит сирдэригэр киһи быһыылаахтык сылдьыы, бэрээдэги, сокуоннары тутуһуу олоҕу олорууга хаһан баҕарар ирдэнэр. Киһилии киһи олоҕо сиэр хааччахтарын иһигэр сайдар. Сиэри кэһии, тутуспат буолуу, сиэр кыйыатын көҥү түһэн алдьатыы көҥүлүнэн барыыны үөскэтэн киһи быһыыта суох буолуутугар тириэрдэрин умнубатахпытына табыллыа этэ.

Киһи быһыылаах буолуу, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууну оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһэр туһааннаах көрдөбүлэ буолар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар этиилэрэ көҥүлү быһаарыыга, олоххо таба туһаныыга эмиэ сөп түбэһэр:

1. Куһаҕан быһыылары оҥорууга, айыыга көҥүл бэриллибэт, хааччахтанар.

2. Киһиэхэ үчүгэй быһыылары төһө баҕарар элбэҕи оҥорууга көҥүл бэриллэр.

Куһаҕан быһыылары оҥорууга, айыыга көҥүл бэриллибэтэ сир үрдүгэр куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар тириэрдэр соҕотох суол буолар. Дьон куһаҕаны айан, хара айыыны оҥорон кэбиһэллэрэ аҕыйаатаҕына эрэ үчүгэй быһыылар элбиир кыахтаналларын таба өйдүөхпүт этэ. Көҥүл бу курдук икки өрүттээхтик туттулларын сахалар айыы диэн тыллара икки өрүттээҕэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны айыыга холбуу туттуллара быһаарар. Ол иһин айыы үчүгэй, үрүҥ, эбэтэр куһаҕан, хара диэн араарыллан, быһаарыллан этиллэрэ хайаан да толоруллуохтаах өй-санаа көрдөбүлүгэр киирсэр.

Онон олох сайдан истэҕинэ дьоҥҥо көҥүл диэн аҕыйаан иһэр уонна сахалыы сиэр диэн кыйыа иһигэр эрэ көҥүллэнэр, итини тэҥэ, өй-санаа тутулуктарын быһаарар айыы диэн тылбытын харыстыырбыт, уларыта сатаабаппыт биһигиттэн ирдэнэр.

КӨҤҮЛҮНЭН БАРЫЫ

Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат» диэн киэҥник биллэр этии баар. Бу этии дириҥ суолтатын билинии уонна олоххо хайаан да тутуһуу эдэрдэр киһилии быһыылаах буола иитиллэн, улаатан, бэрээдэктэрэ тупсан омук сайдарыгар, ахсаана эбиллэригэр тириэрдэллэрин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Бу этии сахалар өй-санаа үөрэҕин былыр-былыргыттан дириҥник үөрэппиттэрин, баһылаабыттарын биллэрэр. Ол курдук өй-санаа көҥүлүнэн баран сайыннаҕына Үөһээ дойдуга тардыһар күүһүттэн, тугу оҥороругар барытыгар аһара барар кыахтанарыттан этин-сиинин хаалларар, быраҕар кэмҥэ тиийэн хааларыттан, бу этии дьону сэрэтэр, харыстыыр аналлаах.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн аан бастаан куһаҕан диэн тугун чуолкайдык арааран биллэҕинэ, олору оҥорбот буоларыгар үгэс үөскээн олохсуйар. Тура сатыырыттан дөлбү түһэн «айыкка» буоллаҕына оҕо сэрэнэрэ эбиллэр, тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаҕына, итии тэриллэртэн ордук сэрэхтээх буолара күүһүрэр.

Оҕо кыра, өйө-санаата ситэ сайда илигинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбакка, бу кэмҥэ хайата ордук бэйэтигэр туһалааҕын оҥорон иһэр кыахтаах. Төрөппүттэр көрө-истэ сылдьан кыра оҕолоро куһаҕаны оҥорон истэҕинэ тохтотон, атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга арылдьытан иһэллэрэ наада. Ол курдук оройугар буору кутар уолу хайа баҕарар төрөппүт тохтотор, «Бу куһаҕан, маннык оҥорума», - диир. Оҕото буору оройго кутар кырдьык куһаҕан эбит диэн билэр буолар, ол иһин аны ити куһаҕан айыыны оҥорбот кыахтанар.

Куһаҕан диэн тугун оҕо билэр буолуута куһаҕаны оҥорорун аҕыйатар, суох оҥорор. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо билэр, оҥорбот буоллаҕына, үчүгэйи оҥорор кыаҕа элбиирин быһаарар.

Көҥүлүнэн барыы диэн оҕо тугу санаабытын, тугу баҕарбытын барытын оҥорон иһэрин аата. Төрөппүт оҕотун ситэ көрбөккө-истибэккэ куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтоппокко, соннук оҥорон иһэрэ эбиллэн, үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, куһаҕан майгылаах, быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанара кэлин улааппытын кэннэ биллэн улаханнык хомотуон сөп.

Оҕо өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ, ол аата ийэ кута иитиллэр кэмигэр өйүгэр-санаатыгар үгэстэр олус түргэнник үөскээн ууруллан, иҥэн иһэллэр. Бу үөскээбит үгэстэр киһини үйэтин тухары улаханнык уларыйбакка эрэ салайа сылдьаллар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ көҥүлүнэн бара үөрэммитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ, куруук көҥүлүнэн барар майгыланан хаалара арыгы истэҕинэ биллэн кэлэн сыыһа-халты туттунарын үксэтэн олоҕор уустуктары үөскэтэрэ элбииригэр тириэрдиэн сөп.

Улахан, бэйэтин өйө-санаата сиппит киһи көҥүлүнэн барыыта уонна кыра оҕону иитиигэ көҥүлүнэн ыытыы улахан уратылаахтарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар.

Улахан киһи өйө-санаата оҕо өйүттэн биллэр уратытынан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ үөрэммитэ уонна ону олоҕор туһанар кыахтааҕа, куһаҕан быһыылары арааран билэриттэн олору оҥорбото буолар. Улахан киһи олоҕор, атын дьону кытта сыһыаныгар хаһан баҕарар тохтотунар, туормастанар күүһүн туһанарыттан сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.

Оҕо өйүгэр-санаатыгар үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ билэн араарбатыттан хайалара оҥорорго дөбөҥүн, эрэйэ суоҕун, субу кэмҥэ бэйэтигэр туһалааҕын булан оҥорор. Онтон куһаҕан быһыылар үчүгэйи, туһалааҕы оҥорордооҕор быдан судургулар, өссө оҕо өйүн-санаатын сүүйэр, тардар уратылаахтарынан ордук туһалаах курдук көстөллөрүттэн, оҕо олору урутаан уонна элбэхтик оҥорор кыахтанар. Ол курдук кумаҕынан ыһыахтыыр оҕоҕо үчүгэй, интэриэһи үөскэтэр эрээри, ону-маны, киһини ыһар куһаҕан диэни арааран билэригэр үөрэтии хайаан да эрэйиллэр.

Өйү-санааны ордук күүркэтэр, харчыга оонньонор автомат оонньуулара оҕоҕо интэриэһи үөскэтэллэрэ күүстээҕинэн кыра эрдэхтэриттэн оонньуу үөрэммит оҕолор түргэнник ылларан хаалыыларын үөскэтэрэ, оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор сатаан туһанар буолуор диэри көрүүгэ-истиигэ, хааччахха наадыйарын биллэрэр.

Саха дьоно олус былыргы кэмнэртэн ат көлөнү иитэн, айааһаан миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥостон туһаналлар. Ат өйө түөртээх оҕо өйүгэр тэҥнэһэр диэн этии баар. Ат көлөнү иитии уонна айааһаан үлэҕэ үөрэтии кыра оҕону иитиигэ маарынныыр өрүттэрдээҕин иһин бэрээдэгэ суох оҕону «Үүнэ, тэһиинэ суох барбыт» диэн ааттыыллар уонна «Үүнэ, тэһиинэ суох барыы» эдэр киһиэхэ букатын табыллыбатын биллэрэллэр. Ол аата үүн, тэһиин аналлаах хааччахтары үөскэтэрэ, барар суолу таба булларара оҕону үөрэтиигэ эмиэ туттуллаллара наада эбит.

Тэрис уонна тыл үөрэхтээхтэрин айыыларын үөрэҕэ киһи билбэтин, оҥорботун оҥорор дьону күөртүүрүнэн, «айыы үчүгэй» диэн этиилэрэ эдэрдэри үөрэтиигэ сыыһаларын туһунан «Чолбон» сурунаалга суруйан турабыт. Төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын туруктаах оҥорууга кыһамматтарыттан, итэҕэл, таҥара үөрэҕин туһатын өссө билэ иликтэринэн туһанан Тэрис ыаллар баар-суох оҕолорун өйдөрүн-санааларын «айыы үчүгэй» диэн буккуйарын билигин даҕаны тохтото илик.

С.Тихонова «Я выбираю счастливую жизнь» диэн үлэтигэр таһыччы киһи өйүн-санаатын дьоҥҥо тарҕатар. Киһилии киһи өйө-санаата сыыһатын дакаастыы сатыыр. Биир эмэ киһи аһара сайдыбыта, байбыта элбэх дьоҥҥо туһаны аҕалбатын автор билэ да сатаабат. Дьон бары, үгүс өттүлэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн биир тэҥник сайдыыны ситиһиилэрэ эрэ омук барыта сайдыытыгар тириэрдэр кыахтааҕын автор билиммэт.

Кинилэр оҕону кыра эрдэҕиттэн киһиргэтэн, тугу талбытын, баҕарбытын, өйүгэр туох көтөн түспүтүн оҥорон иһэригэр ыҥыраллар. Кинилэр үөрэхтэрэ атын дьон баалларын аахсыбат аһара баай дьон оҕону иитэр үөрэхтэригэр кубулуйан хааларын бэйэлэрэ билбэтэҕэ буолаллар.

«Баай дьон уһун үйэлэрэ суохтар» диир сахалар үөрэхтэрэ. Бу үөрэх этиитэ оҕону иитиигэ быһаччы сыһыаннааҕын «Кут-сүр үөрэҕэ» быһаарар. Ол курдук баай дьон оҕолорун иитиигэ кыра эрдэхтэринэ туохха да хааччахтаабакка «Көҥүлүнэн ыытан», бары баҕарбыттарын оҥороллорун хааччыйаллара, улаатан баран сыыһа-халты туттунууга түбэһэллэрин үксэтэрэ олохторо кылгыырыгар, арыгыһыт, наркоман буолууларыгар тириэрдэрэ элбэх.

Аан дойдуга биллэр дьонтон барыларыттан ураты, таһыччы дьону иитиини, үөрэтиини В.И.Ленин уонна А.Гитлер үөрэхтэрэ баһылаан салайбыта. Ол курдук В.И.Ленин саҥа олоҕу, урут суоҕу саҕалаары уруккуну, дьон барыта тутуһан кэлбит олохторун үөрэҕин барытын үлтү сынньан уларыта сатаабыта үс көлүөнэ дьон олохторунан боруобаланан көрөн баран сыыһата биллэн, урукку оннугар төнүннэҕинэ эрэ табыллара дакаастанан, билигин урукку олоххо төннө сатыыбыт.

Таһыччы дьону сайыннара, өрө тута сатаабыт А.Гитлер, биһиги олус уратыбыт, омуктартан барыларыттан өйдөөхпүт, Германия улуу дойду, Аан дойдуну биһиги эрэ баһылыахтаахпыт диэн аһара күүскэ, сиэри таһынан баран ылсыспытын атын омуктар бары көмөлөөн оннун булларбыттара.

Дьонтон ураты буола сатааһын, дьон оҥорботторун оҥоруу хаһан да үчүгэйгэ тириэрдибэт. Аһара үчүгэйгэ кубулуйуу үчүгэй уонна куһаҕан эргийэн биэрэр кэмнэригэр аһара куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара иэстэбил улаатыытыгар тириэрдиэн сөп. Ол курдук аһара баайдар, ыраахтааҕы аһара үчүгэй, баай-мааны олохторо өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн тосту уларыйан, бэйэлэрэ улахан репрессийэҕэ түбэспиттэрэ. Ол кэмҥэ сөбүгэр, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах баайдар олохторо уларыйбакка хаалбытын умнубатахпытына табыллар.

Улаатан иһэн ханнык да хааччаҕы, бобууну-хаайыыны билбэтэх оҕо өйө-санаата «Көҥүлүнэн барыы» өйүгэр-санаатыгар иитиллэр.

Көҥүлүнэн барыыны суох оҥорууга көмөлөһөөччү Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ буолар. Ол иһин бу таҥараны көҥүлүнэн барыахтарын баҕалаахтар соччо сөбүлээбэттэр эрээри олохторугар сыыһа-халты туттунууга түбэһэн баран биирдэ хомойоллор. Ол курдук арыгы иһэн баран аһара түргэнник массыынанан айаннаан абаарыйаҕа түбэһии кэнниттэн, «Оо, арыгы испэтэҕим буоллар» диэн хомолто кэлэрэ, хойутаабыт кэмсиниини биллэрэр.

Онон оҕо өйө-санаата көҥүлүнэн барара, баҕарбытын хоту сайдара табыллыбат, дьон бииргэ олорууларын үөрэҕэр сөп түбэспэт быһыы буолар. Төрөппүттэр оҕолорун туһугар кыһанар буоллахтарына, кыра эрдэҕиттэн аһара барар өйүн-санаатын салайан, хааччахтаан аан маҥнай киһи буолууну ситиһэргэ, киһилии быһыыланарга иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ ордук туһалааҕын өйдүөхтэрэ этэ.

БАС – БАТТАХ ИИТИИЛЭЭХ

Билигин Россия дьоно өйдөрө-санаалара, билиилэрэ арыычча сайдан демократия сокуоннарын маарыннатан, олорунан салайтаран олохторун оҥостоллор. Сокуоннары, бэрээдэги тутуһан олоҕун олорор киһи бэрээдэктээх киһи диэн ааттанар. Онтон бэрээдэги, сокуоннары кэһэр киһини туораталлар, киһи быһыыта суох киһинэн ааҕаллар, хаайыыга олордуохтарын сөп.

Былыргы кэмнэргэ курдук ыаллар бас-баттах иитиилээх уонтан тахсалыы оҕолоноллоро буоллар, бас-баттах майгылаахтар аһара элбэхтик үөскээннэр олоххо, государствоҕа биллэр хамсааһыннары киллэриэ этилэр. Ону баара билигин дьахталлар биирдии эмэ оҕолоро бас-баттах, аһара барар майгыланан хааларыттан, аан маҥнай бэрээдэги кэһээччилэргэ кубулуйууларыттан хаайыы дьоно буолан туоратыллар кыахтаахтара, омук ахсаана өссө аҕыйыырыгар, бэйэтэ мөлтүүрүгэр тириэрдэр.

Билигин бары государстволар күүһүрэннэр сокуоннары, бэрээдэги тутуһуннара сатыыллара ордук сайынна. Бэрээдэги кэһээччи сокуонунан туоратылларын бары сөбүлүүллэр.

Сахалар оҕо иитиитигэр былыргы кэмнэргэ улахан суолтаны биэрэллэрин аналлаах, өйдөбүлэ, суолтата сөп түбэһэр тыллары үөскэтэн туһана сылдьаллара биллэрэр. Ол курдук бас-баттах иитиилээх диэн мээлэ, иннин-кэннин өйдөөбөккө, билбэккэ эрэ, талбытынан сылдьарга үөрэммит киһини этэллэр. Ол аата киһини салайыахтаах баһа баттах курдук ыһылла, үрэллэ сылдьара табыллыбатын биллэрэн бас-баттах диэн этиини үөскэппиттэр. Бу этии оҕону кыра эрдэҕинэ иитии аналлаах сыаллаах-соруктаах, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаах, буолуохтааҕын эмиэ биллэрэр.

Бас-баттах иитиилээх, аһара барааччыларынан туох эмэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥотторуу, аныгы үйэҕэ соччо кыаллыбата буолуо. Ол курдук бас-баттах иитиилээх киһи бэйэтин туттунар, тохтотунар күүһэ аҕыйаҕыттан хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар кутталлаах. Биирдэ охсуһаары аһара баран киһини улаханнык кырбаан, эчэтэн кэбиһэр кыаҕа элбиир. Билигин эдэрдэр биирдэ кыыһыра түһээт даҕаны, билэр да киһилэрин үлтү кырбаан, тэпсэн кэбиһэллэриттэн хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитэ ити быһаарыыны дакаастыыр.

Арыгы бас-баттах иитиилээх киһиэхэ дьайыыта аһара күүһүрэриттэн билигин арыгы испит дьон араас ыар, ыарахан буруйу оҥоруулара эбиллэн иһэр. Өй-санаа үөрэҕин билбэппититтэн уонна тутуспаппытыттан эдэрдэр буруйу оҥоруулара, бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээһинэ аҥардастыы арыгыттан эрэ тахсарын курдук саныыбыт. Бу сыыһа санаабытын көннөрөн оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕинэ туруктаах буолууга иитиэ, үөрэтиэ этибит.

Аҕыйах уонча сыллааҕыта биир эмэ арыгы испит киһи үөрэрэ-көтөрө, ыллыыра-туойара ордук эбиллэн, майгыта үөрүү өттүгэр уларыйар этэ. Ону баара коммунистар арыгыны аҥардастыы бобуунан, суох оҥоруунан дьон арыгы иһэллэрин аҕыйатаары санаммыттара төттөрү дьайыыламмытыттан уонна өй-санаа туруга суох буолбутуттан итирбит дьон буруйу, куһаҕан быһыыны оҥороллоро аһара элбээтэ. Билигин арыгыны бобуу, суох оҥоруу тохтотуллан дьон матан хаалымаары, былдьаһан, өрүсүһэн кэриэтэ элбэҕи иһэллэрэ аҕыйаан иһэр этэ. Ону баара олоххо бары-барыта эргийэн кэлэн иһэр уратылааҕынан уонна салайааччылар бэйэлэригэр үчүгэйи, эрэйэ суоҕу оҥосто сатыыллара элбэҕиттэн, бобуу-хаайыы диэки эмиэ салаллан эрэллэр.

Бас-баттах иитиилээх дьон барыта үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруохтара диэн кэтэһэр сыыһа, арай аһара барыылары, ол аата куһаҕаны элбэҕи оҥоруохтарын сөбүттэн оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла сэрэниэххэ сөп этэ. Бу быһаарыы төрөппүттэргэ быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыылаах буолууга ииппит төрөппүт оҕотун туһугар эрэлэ улаатар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ иитэргэ бас-баттах, көҥүлүнэн барарын тохтотон, бары оҥорор быһыыларын киһи быһыылаахтык оҥороругар иитиэххэ, бэрээдэги хайаан да тутуһуннара үөрэтиэххэ наада. Ол аата бэрээдэги кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэммит оҕо, соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыттан быстах быһыыга киирэн биэрбэт кыаҕа улаатара төрөппүттэргэ туһата улахан буолуо этэ.

СЫЫҺА ТУТТУУ

Киһи уһун үйэтин тухары сыыһа туттуом суоҕа диэн улаханнык этинэрэ табыллыбатын, сыыһатын дьон бары билэллэр. Сахалар «Быһа этинимэ» диэн этиилэрэ итини бигэргэтэр. «От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи сыыһа туттуом суоҕа диэн этинэрэ сыыһатын ордук дириҥник арыйар. Биирдэ эмэтэ да буоллар олоххо буолан ааһар соһуччу түбэлтэлэргэ киһи сатаан таба тутуннаҕына, сыыһа-халты хамсамматаҕына эрэ араас оһолго эҥин түбэспэккэ, тугу эмэ алдьаппакка этэҥҥэ аһарыныан сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини төрөппүттэр сүрүн сыал оҥостуо этилэр.

Киһи сыыһа туттунууларын маннык араастарга араарыахха сөп:

1. Сатаан хамсана, үөрэнэ иликтэн сыыһа туттунуу.

2. Билбэттэн, урут оҥоро иликтэн сыыһа оҥоруу. Манна саҥаны айаары, айыыны оҥороору сыыһа-халты оҥоруу элбэх өрүтүн ылар.

Бу сыыһа туттунуулар араастарын биир-биир ыламмыт кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Тугу эмэ оҥороору сыыһа-халты туттунуулары киһи этин-сиинин сатаан хамсаппатыттан элбэхтик оҥорор. Ол курдук тоһоҕону саайаары сыыһа охсон тарбаҕы охсуохха, кирилиэс үктэлин сыыһа үктээн сууллуохха сөп. Сатаан хамсана, оҥоро-тута үөрэниини оҕо кыра эрдэҕинэ ордук түргэнник ылынар кыахтааҕыттан, ол кэмтэн ыла үөрэнэрэ туһата улаатар. Ол аата эти-сиини хамсатарга оҕо төһө кыратыттан дьарыктанар даҕаны ситиһиитэ элбэх буолара быһаарыллар.

Сатаан хамсана иликтэн сыыһа туттунууну киһиргээһин, дэбдэйии ордук үксэтэриттэн сэрэнэргэ өй-санаа туруктаах буолуута ирдэнэр. Ол курдук киһиргээһинтэн сыыһа сыаналаан, чэпчэки диэн санааҕа киирэн кыайбат суолугар киирсэн, сыыһаны оҥоруон сөп. Холобур, мин маны кыайабын диэн быһа этинии кэнниттэн, бу киһи кыайбакка хааллаҕына санаата түһүөн эбэтэр аны атыннык кыайаары сыыһа суолга турунуон сөп.

Киһи олоҕун устата элбэх сыыһа туттуулары оҥоруон сөп. Хаһан да сыыһа туттуом суоҕа диир киһини итэҕэйимиэххэ сөп. Биир сыыһа туттууттан киһи олоҕо барыта уларыйара олоххо үгүстүк буолар буолла. Ол курдук биирдэ арыгыны элбэхтик иһэн итирэн хаалбыт уолаттар киһини кырбааннар эбэтэр сэптэнэн, быһахтанан сыыһа туттууну оҥоро охсон кэбиһэн хаайыыга түбэһэллэрэ, саҥа саҕаланан эрэр эдэр олохторо алдьанара, сыыһа суолунан барара билигин элбээтэ.

Саҥа арыгы иһэн эрэр эдэр уолаттар баччаны хайдах испэт буолуохпутуй диэн киһиргэс санааҕа киирэллэриттэн аһара иһэннэр итирэн, сыыһа туттунуулары оҥороллоро эмиэ элбэх.

Суоппар суол туругун сыыһа сыаналааһыныттан, аһара түргэнник айаннаан сыыһа туттар. Манна киһиргээһин, мин эрэ үчүгэйбин, түргэнник ыытабын, массыынам үчүгэй диэн санаа ордук улахан оруолу ылар. Киһиргиир, мин үчүгэйбин диэн санаатыттан куһаҕан суолга аһара түргэнник айаннаан иһэн сыыһа туттууну оҥоруу элбэх.

Саас эбэтэр күһүн халтараан суолга сыыһа үктэнэн халтарыйан охтуу эмиэ сыыһа туттууга киирсэр. Тиэтэйии, ыксааһын, ыгылыйыы, хаамар сир туругун сыыһа сыаналааһынтан охтуу, эчэйии элбиир.

Yлэҕэ-хамнаска сылдьан араас элбэх сыыһа туттуулар үлэһит киһи эчэйиитигэр тириэрдэллэр. Манна үлэҕэ сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кытаанахтык тутуһуу эрэ үлэһиттэри сыыһа-халты тутталларыттан харыстыыр, көмүскүүр кыахтааҕын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Онон сыыһа-халты туттунууларга бэйэтэ сэрэхтээх, сэрэхтээх буолуу быраабылаларын халбаҥнаабакка тутуһар киһи киирэн биэрбэт, ол аата эрэллээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи буолар. Сэрэхтээх киһи диэн көрсүө, сэмэй, уруттаан түһэн испэт, аһара туттубат киһи буоларын билигин умнан сылдьабыт.

Туох эмэ быһыыны оҥоро охсон баран, онтон дьэ өйдөнүү, ол содулун суох оҥоро сатааһын элбиирэ, киһи тугу эмэ оҥоруон иннинэ санаатыгар субу оҥоруохтаах быһыытын өссө дириҥник ырытан, быһааран көрөрө хайаан да наадатын өйдөтөр.

«От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи сыыһа туттунуон сөбө хаһан баҕарар баарын быһаарар. Ол курдук бу өс хоһооно хайа баҕарар киһи дьадайыан сөбүн курдук түрмэҕэ эмиэ хаһан баҕарар киириэн сөбүн биллэрэр. Бу былыргылар билиилэрэ киһини сыыһа-халты туттунартан харыстыы сатыыр аналлааҕын таба өйдүөхпүт этэ.

Бу өс хоһоонун сахалыыта «Быһа этинимэ» диэн, ордук киэҥ уонна дириҥ өйдөбүллэнэр. Манна арай, быһа этинии диэн киһиргээһин, хайҕаныы буоларын умнубатахпытына табыллар. Ол курдук хайа да киһи «Мин үчүгэйбин» ол аата «үрүҥмүн», үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн бэйэтин ааттанара, хайҕанара сыыһа буолан тахсыан эмиэ сөп.

2. Билбэттэн, оҥорон көрө иликтэн туох содул үөскээн тахсара биллибэт быһыыларын саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу үөскэтэр. Ситэ толкуйдамматах, ырытыллыбатах, туох содул үөскээн тахсара кыайан быһаарыллыбатах быһыылары оҥорортон «Айыыны оҥорума» диэн сахалар үөрэхтэрэ дьону харыстыы сатыыр. Киһи үчүгэйи оҥороору даҕаны, сыыһа туттан куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэриттэн көмүскэлэ диэн өйүн-санаатын туруга, сүрэ, субу оҥоруохтаах быһыытын табан сыаналыыра буолар.

Киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу айыы диэн сахалыы ааттанарын бары билэбит. Yөһээ тахсан иһии киһиэхэ барыларыгар саҥаны билии, арыйыы, ол аата айыы буолар.

Аан маҥнай үөһээ ыттыбыт оҕо сууллан түһэн дэҥнэннэҕинэ ким буруйдааҕын булуу хайаан да эрэйиллэр. «Yөһээ таҕыс, үчүгэйи, айыыны оҥор» диэбит киһи аан бастакы буруйдаах буолуон сөп. Хайа оҕону үөһээ таһаарары билбэккэ, быһаарбакка эрэ үөһээ таһаарбыт киһи буруй улаханын сүгүөхтээх. Оҕону манныкка үтүрүйүү аата тэптэрэн, киксэрэн биэрии диэн ааттанар уонна куһаҕан майгыга киирсэр.

Оҕо этэ-сиинэ ситэ, өйө-санаата сайда илигинэ сыыһа-халты туттууну оҥороро олус элбэх. Оҕону сыыһа-халты туттарыттан аналлаах хааччах эрэ быыһыыр кыахтаах. Бу өй-санаа хааччаҕын аата «Айыыны оҥорума» диэн ааттанар уонна сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар. Ол аата ситэ билбэккин, улахан дьон оҥорботторун, туох содул үөскээн тахсара биллибэтин оҥорума диэн сахалыы өйдөтөр.

«Айыыны оҥорума» диэн таах халтай этии буолбатах. Бу этии оҕону сыыһа-халты туттарыттан, алҕаһы оҥороруттан харыстыыр, көмүскүүр аналлаах этии буоларын иһин оҕолорун харыстыыр санаалаах төрөппүттэр аан бастаан туһаналлара ирдэнэр.

Киһи олоҕун устата сыыһа туттуу биирдэ эмэтэ да буоллар син буолар. Ол гынан баран биир сыыһа туттуу содула сороҕор олус улаатан тахсан олоххо кытта сабыдыаллыыра үгүһэ хомолтолоох. Биир сыыһа туттууттан киһи олоҕо букатын төттөрү өттүгэр эргийэрэ элбэхтик буолар. Ол курдук биирдэ арыгы иһэн, итирэн хаалан ыар буруйу оҥорбут эдэр киһи саҥа саҕаланан эрэр олоҕо атын суолунан барыыта ордук куһаҕан.

Киһи бу курдук биирдэ эмэтэ сыыһа туттунан кэбиһэр майгынын билиҥҥи үөрэхтээхтэр таба быһаарбаттар. Арай сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ ийэ кута ситэ иитиллибэтэх, туруктаах өйө-санаата суох киһи сыыһа-халты туттунара элбэх буолар диэн быһаарар уонна оҕону кыра эрдэҕинэ, бэйэтин өйө-санаата өссө киирэ илигинэ иитии олус улахан туһалааҕын, ол аата, ол кэмҥэ үөскүүр ийэ кута киһи оҥорор быһыыларын хаһан баҕарар урутаан быһаарарын биллэрэр.

Сыыһа-халты туттубат буолуу киһиттэн ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буоларын умнан сылдьабыт. «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диир сахалар үөрэхтэрэ. Ону умнаммыт билигин эдэрдэрбит сыыһа-халты туттуналлара аһара элбээһинигэр тириэртибит.

Киһи үксүн үчүгэйи да оҥороору сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорон кэбиһэр. Ол аата киһи субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын барытын эрдэттэн, оҥоруон инниттэн үөрэтиэхтээх, билиэхтээх куһаҕан быһыылар үөскээн тахсалларыттан сэрэниэхтээх эбит.

Дириҥ умуһахха аналлаах кыйыа, күрүө оҥороллор. Ол аата билбэт киһи кэлэн алҕас түһэн хаалбатын диэн сэрэтэллэр. Тутуу үлэһитэ үөһээ ыттар кирилиэһи оҥордоҕуна кирилиэһин үктэлэ киһи ыйааһынын, үктээһинин уйар, сиһэ кэдэҥнээбэт гына оҥорор. Ол барыта мас тостон куһаҕан быһыы буолбатын диэн эрдэттэн сэрэнэн оҥоруллар быһыылар буолаллар.

Бары үтүктэ, батыһа сатыыр арҕааҥҥы үөрэхтэрбит киһи сыыһа-халты туттунар майгынын, быһыытын кыайан үөрэппэттэр. Арай киһи маннык быһыытын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ табатык быһаарар. Ийэ кута иитиллибит, кыра эрдэҕиттэн киһи буолууга үөрэтиллибит оҕо улааттаҕына хаһан да сыыһа-халты туттара аҕыйах, быстах быһыыга киирэн биэрбэт киһи буола улаатарын таба туһаннахпытына эрэ, омукпут сайдан, элбээн иһэрин ситиһэр кыахтанабыт.

Айылҕа үөннэрэ сииллэрин тулуйбат киһи чахчы тулуура суох диэн ааттаныан сөп. Маннык киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр кыра да ыарыылары тулуйбата өйө-санаата туруга суох буолуутугар тириэрдэр. Этигэр-сиинигэр соһуччу улахан ыарыы үөскээтэҕинэ хайдах тымтан, ыстаҥалаан, быстан-ойдон турара биллибэт кутталланар. Соһуйбутун омунугар араас сыыһа хамсаныылары оҥорон кэбиһэр кыахтанара куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

От охсоору бэлэмнэнэн хотуурун сытыылыы турар уолу күлүмэн соһуччу ытырбытыгар соһуйбутун омунугар далбаатана охсоору хотуурун төлө тутан илиитин быстынан кэбиспитэ биллэр. От сүмэһинэ иҥмит хотуура быспыт бааһа өр оһон биэрбэккэ эрэйдээбитэ кыра ыарыы аайы мээнэ далбаатаммат буолууга бу уолу умнуллубат гына кытаанахтык үөрэппитэ. Ити курдук киһи бэйэтэ оҥорор быһыыларыттан кэһэйэн үөрэниитэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр уонна киһиэхэ туһата ордук улахан.

Кыра оҕо үгүстүк билбэтиттэн, өссө бу быһыыны оҥорорго үөрэнэ илигиттэн сыыһа туттан кэбиһэр. Олоппоско ыттар кутталлааҕын, охтуохха сөбүн оҕо билбэт, тарбачыһан өрө тахсан иһэр. Оҕуннаҕына, ыарыыланнаҕына куһаҕанын дьэ билэр, сэрэнэн оҥорорго ити кэһэйии кэнниттэн биирдэ үөрэнэр. Маннык үөрэх «Кэһэйэн үөрэнии» диэн сахалыы ааттанар. Оҕолоругар уһун үйэлээх үчүгэйи баҕарар төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ итии тэриллэри тыыппатын наадатыгар тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаран үөрэтэллэрэ кэһэтэн үөрэтиигэ киирсэр уонна киһи үйэтин тухары дьайа сылдьарынан олус туһалаах.

Киһи эмиэ оҕо курдук. Билбэт, саҥа оҥорор дьыалатыгар эмиэ саҥалыы үөрэннэҕинэ эрэ табыллар. Сыыһа-халты оҥорон бэйэтэ кэһэйэн, бу чахчы куһаҕан эбит диэн итэҕэйиэр диэри ситэ үөрэммэтэ хаһан да хаалбат.

«Кулгааххытынан истэн үөрэммэт буоллаххытына, илиигититтэн тиийиэҕэ» диэн армия эдэр саллааттары үөрэтэр үөрэҕэ, саллаат элбэхтик нэрээт ылан эбиискэ үлэлээтэҕинэ хамандыыр этэрин ордук истимтиэ буоларын, араас үлэни сатыыра, оҥороро биллэрдик эбиллэрин быһаарар.

Онон сыыһа-халты туттунуу киһи олоҕор ылар оруола олус үрдүк, дьайыыта түргэнник тиийэр. Сыыһа-халты туттубат туһугар киһи өйө-санаата туруктаах, ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит, билбэт, туох содул үөскээн тахсара биллибэт быһыыларын оҥорбот буолара ордук туһалыыр.

Киһи олоҕор саамай сүрүн, туһалаах үөрэҕинэн сыыһа туттубат буолууга үөрэнии буоларын аахсыбакка сылдьабыт. Улуу Тойон таҥара үөрэҕин тутуһуу туһата итиннэ саһан сылдьар. Сыыһа туттубат буола үөрэнэргэ киһи тугу оҥордоҕуна ханнык куһаҕан быһыылар үөскээн тахсалларын билэр буолуу ордук туһалыыр. Ол аата дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын оҕо улаатан иһэн билэрэ хайаан да наада.

БОРУОБА

Сахалар «Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар» диэн оҕону үөрэтии хайдах барыахтааҕын быһаарар этиилээхтэр. Бу этии үөрэх барыта боруобаланан, хос-хос хатыланнаҕына эрэ оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник, умнуллубат гына иҥэрин быһаарар. Оҕоҕо тугу эмэни билбэтин эттэххэ, хайаан да боруобалаан, тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар, сөп эбит диэн итэҕэйэр оччоҕуна билинэр, ылынар.

Холобурга, кыһын тымныыга кыра оҕолорго таһырдьа оонньуу тахсалларыгар: «Муус кыырпаҕын айаххытыгар угумаҥ, уоскутун хам ылыаҕа, айыы-айа буолуоҕа, хаан тахсыаҕа»,- диэн анаан-минээн сэрэтэн этэҕин. Арай таһырдьа тахсаат даҕаны көрбөт кэмҥэр түбэһиннэрэн, бары ити этиини боруобалаан көрөн, тоҥ мууска уостарын хам ыллаттарбыттарын, тоҥ муус куһуоччуктарын уостарыгар ыйаабыттарын ылаттыыргар эрэ тиийэҕин. «Айыкка», «абытай» буолбутун, уостан хаан тахсыбытын кэнниттэн тымныы муустан сэрэнэр үөрэх дьэ өйдөрүгэр түһэн умнуллубат гына хатанар, аны тыыталларын, салыылларын быраҕаллар.

Оҕо боруобалаан, бэйэтэ билэ-көрө илигинэ тылынан этэн үөрэх соччо киирбэтин «Сүүстэ этии» диэн аналлаах үөрэх баара биллэрэр. «Тоҥ мууһу салаама» диэн төһөтө эмэтэ эппитин кэннэ, оҕо барыта кэриэтэ син-биир боруобалаан көрдөҕүнэ эрэ табыллар. Сорох кистээн сэрэнэн салыыр, сорох тылын хаарыттаран, дьукку тартаран кэһэйэн баран биирдэ тохтуур.

Эбэтэ кыра сиэнин «Этэрбэһинэн ууну кэһимэ» диэн үөрэтэ, этэ сатыыр даҕаны уола киэһэ аайы сытыйбыт этэрбэһин бэллэччи кэтэн кэлэрин этэрбэс быатынан чыпчархайдааһын кэнниттэн этэрбэс сытыйара нэһиилэ тохтообута эмиэ биллэр.

Кыра оҕо алҕас хатыылаах кактус үүнээйини харбаан ыллаҕына «Айыы-айа» буолан кэһэйэн аны ханнык да үүнээйиттэн сэрэнэн тарбаҕын төбөтүнэн кэйиэлээн, бэрэбиэркэлээн көрбөккө эрэ тыыппат буоларга түргэнник үөрэнэр.

Боруобалаан көрүүттэн кэһэйии кэнниттэн үөрэнии ордук дириҥник, умнуллубат гына иҥэр. Бу үөрэх ордук кыра оҕо итиини тыыппатын наадатыгар тарбаҕын төбөтүн итиинэн хаарыттаран үөрэтиигэ биллэр. Оҕону сэрэхтээх буолууга үөрэтэргэ олус туһалаах ньыматын сахалар былыр-былыргыттан билэн оҕолорун иитиигэ туһана сылдьаллар.

Арыгыны элбэхтик иһэр куһаҕанын туһунан бары; учууталлар, төрөппүттэр, билэр дьон эмиэ этэллэр. Оҕо улаатан иһэн ханнык эмэ хампаанньаҕа кыттыһан син-биир биирдэ аһара иһэн кэбиһиэн сөп. Хайаан да боруобалыыр санаата киниэхэ батан сылдьыбакка тахсарыгар эрэ тиийэр, аһара иһэн ыарыйдаҕына, кэһэйдэҕинэ дьэ чахчы арыгы куһаҕанын билэн, итэҕэйэр. Куһаҕанын чахчы итэҕэйдэҕинэ испэт киһиэхэ кубулуйуон сөп.

Манна табаах тардыытын эмиэ киллэриэххэ сөп. Ким төһө элбэх бөппүрүөскэни умуруорбакка эрэ тардарыгар күрэхтэһэн уҥан хаалбыт уол табаахтан кэлин да улаханнык сэрэнэр этэ.

Билигин тэнийэн, тарҕанан эрэр наркотиктары биирдэ эмэ боруобалыы оонньуу сылдьан ыллара охсон хаалыахха сөбө эдэрдэр аһара боруобалыыр, саҥаны, билбэттэрин, айыыны оҥоро охсор санааларын кыана тутталларыгар, тулуурдарын, өһөстөрүн өссө күүһүрдэн биэрэллэригэр күһэйэр. Онон билигин эдэрдэргэ «Айыыны оҥорума» диэн этии ордук туһалаах, эдэрдэри харыстыыр аналлаах уонна табатык өйдөнөн киэҥник туһаныллар кэмэ кэллэ. Ол курдук саҥаны, билбэти оҥоруу саҥаны айыы буоларын бары билэбит. Оҕо саҥаны айыыны, урут билбэтин билэ охсон, боруобалыыр санаата элбэҕиттэн, куһаҕан айыыга киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хааларыттан бу, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэх сэрэтэр, оҕону харыстыыр аналлааҕын билэн төрөппүттэр туһаныа этилэр.

Оҕо саҥаны айыыны билэ, ону оҥоро охсон боруобалыыр санаата элбэҕиттэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэн араарбатыттан куһаҕан быһыылары оҥороро элбээн хаалыан сөп. Билигин өй-санаа, итэҕэл үөрэҕин үөрэтээччилэр «айыы үчүгэй» диэн этиилэрэ сыыһата ити курдук дакаастанар.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратытынан туох баар билиитин барытын саҥаны арыйан оҥорор. Өйө-санаата саҥаны айыылартан хомуллан үөскүүр, мунньуллар. Ол аата оҕо улаатан иһэн куруук саҥаны арыйар, айыыны бэйэтэ да оҥорон иһэр. Туох баар билиитэ барыта киниэхэ саҥаны арыйыы буолан өйүгэр-санаатыгар оннук уларыйыылары киллэрэр. Саҥаны айыыны билэн иһэриттэн өйө-санаата сайдар, эбиллэр. Бэйэтэ кыаҕын муҥунан саҥаны айыыны билэн иһэр оҕону тиэтэтэн, ыксатан, «айыы үчүгэй», өссө элбэҕи оҥорон ис диэн ыгыы оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ куһаҕаны, буортуну оҥорор.

Хас биирдии саҥаны арыйыы барыта боруобаланан истэҕинэ эрэ табыллар, олоххо киирэр, өйгө-санааҕа дириҥник, хаһан да умнуллубат буола хатанар. Оҕону үөрэтээччилэр «Повторение – мать учения», «Практическое занятие» диэн этиилэрэ барылара боруобалаан көрөн ылыммыт билиини чинэтиигэ аналлаахтар.

Онон, оҕо ханнык баҕарар билиитин барытын бэйэтэ боруобалаан, оҥорон көрөн, билэн иҥэриннэҕинэ эрэ табыллар. Кини бу быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын үксүгэр боруобалаан көрөн биирдэ билэрэ улахан уустуктары үөскэтэрин сэрэхтээх буолуу эрэ тэҥнээн биэрэр кыахтаах.

Уол оҕолор сүрүн уратыларынан тугу билбиттэрин барытын түргэнник боруобалыы охсорго дьулуһаллар. Ол иһин сыыһа-халты, аһара туттунууга киирэн биэриэхтэрин сөбө, кинилэри ордук көрөн-истэн харыстыырга, кэмэ кэлэн истэҕинэ үөрэтэн биэрэн иһиигэ аһара наадыйаллар. Аҕа, бэйэтин олоҕор сыыһа-халты туттуммут уопуттан туһанан оҕотун үөрэтэрэ эрэ табыллар, туһата элбиир кыахтанар. Улахан да дьоҥҥо боруобалыыр санаа хаһан баҕарар баар. Ону электрическэй лаампа туһунан кэпсээн баара биллэрэр. Киһи кыбыстар кэпсээнэ эрээри боруобалыыр санаа хас киһиэхэ барыларыгар баарын арыйарынан туһата улахан. Ол курдук биир киһи билэр киһитигэр электрическэй таас лаампаны айахха уган кэбистэххэ сыҥаах ытыстан хааларыттан кыайан оронон кэлбэт үһү диэн кэпсээбит.

Анараа киһитэ дьиэтигэр тиийэн дьон кыайбаттарын кыайаары, айыыны оҥорон, боруобалаан көрөөрү, лаампаны ылан айаҕар уган кэбиспит. Кырдьык кыайан ылбатах. Иҥиирэ тардан, хампы ытыран кэбиһиэх курдук буоларыттан куттанан кыайан ылбатах. Аны иҥиирэ ытыстан букатын да сыҥааҕа хам тардан хаалбыт.

Такси ыҥыран трампуҥҥа тиийбиттэр. Таксистарын кэтэһиннэрэ хаалларбыттар. Лаампаны укуоллаан эҥин, нэһиилэ ылбыттар. Лаампаларын суумкаҕа уган эрдэ таксига таһааран уурбуттар. Бэйэлэрэ өссө тохтуу түһэн баран таксиларыгар кэлбиттэрэ, арай таксистара лаампаларын уобан баран олорор үһү. Соһуйан-өмүрэн, аны таксистарын быраастарыгар киллэрбиттэрэ киһилэрэ бэйэтэ эмиэ лаампа уобан олороругар түбэспиттэр. Дьэ, боруобалыыр диэн итинник сыстыганнаах.

Оҕо ийэтэ, аҕата этэрин кыра эрдэҕиттэн истэрэ, соннук толороро кинилэр курдук быһыылаах, өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар тириэрдэр соҕотох суол буолар. Ол аата ийэ, аҕа этэрин истэр, толорор буолуута киһи быһыылаах киһини иитэргэ туһалыыр биир тутаах көрдөбүл эбитин өйдөөммүт оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныа этибит.

Оҕо улаатан истэҕинэ, бэйэтэ ону-маны оҥороругар ийэтэ, аҕата эппитин курдук буолбакка, атыннык, туспатык, бэйэтэ билэринэн оҥороро элбээн иһэр. Бу кэмҥэ оҕо төрүөҕүттэн майгынын уратыларын дьайыылара биллэн тахсаллар. Ол курдук бэйэтэ ураты бастаан иһэр майгылаах оҕо элбэх саҥаны, дьон билбэттэрин оҥоруон баҕата олуһун элбиир. Оҕо бу аһара барар өйүн-санаатын кыратык эмэтик хааччахтыы түстэххэ, киһи быһыытын аһара барбатын ситистэххэ эрэ табыллар. Ол аата, аһара барар өйдөөх-санаалаах оҕону кыра, төрөппүт лаппа баһыйа тутар эрдэҕинэ бэрээдэккэ үөрэтии, үчүгэй үгэстэри иҥэрии ситиһиилээх буолар кыаҕа улаатар.

Олоххо элбэхтик туттуллар барыны бары боруобалаан, оҥорон көрөн билии-көрүү государстволар олохторугар кытта дьайар.

Ыраахтааҕылаах Россия аһара баайдара, чиновниктар үлэһит дьону аанньа ахтыбаттара, хамнастарын ситэ төлөөбөттөрө, олус уһун кэмҥэ үлэлэтэллэрэ, үлэлэрин усулуобуйатын тупсараары туруорустахтарына саллааттарынан ытыалаталлара. Баайдар, тойоттор үлэһиттэр олохторун тупсарар иһин кыһамматтара, 8 чаастаах үлэ күнүн олохтооботохторо, тыа сирин үлэһиттэригэр сири биэрбэтэхтэрэ.

Маннык ыар ыгааһын түмүгүттэн Улуу Өктөөп өрө туруута саҕаламмыта уонна кыайыыны ситиһэн үлэһиттэр бары баҕа санааларын толорбута. Сири - бааһынайдарга, собуоттары - оробуочайдарга биэрбит курдук буолбута. Yлэһит, хамначчыт дьон үлэлээн сөптөөх хамнаһы өлөрөн киһи быһыылаахтык олохторун оҥостон олорор кыахтаммыттара эрээри, аны «барыта үчүгэй», «үчүгэй олох буолла» диэн үөрүү-көтүү, куһаҕан быһыылары кистээһин, най барыы сабыдыалыгар оҕустарыыларыттан олох таһыма хаалыыта саҕаламмыта.

73 сыл устата сэбиэскэй былааһы боруобалаан, кэһэйэн баран билигин капитализмҥа, урукку олоххо төннүү кэмэ Россияҕа кэлэн турар. Бу боруобалааһын төһө да уһунун иһин, үс көлүөнэ уларыйыытын кэнниттэн сэбиэскэй былаас сыыһаларын дьэ арааран билэн, көннөрүү үлэтэ ыытылла сылдьар.

Атын сайдыылаах государстволар Улуу Өктөөп өрө туруутун кэнниттэн дьэ өй, үөрэх ыланнар бары үлэһиттэригэр төһө эмэ чэпчэтиилэри оҥороннор, өрө туруулар салгыы сайдан иһиилэрин тохтоппуттара. Онтон ыраахтааҕы өрө туруу, бу үлэһиттэр саҥаны айыылара оннук кутталлаах буолуо диэн билбэтиттэн, армия, саа-сэп, ытыалааһын күүһүнэн хам баттаан олоруом диэн быстах санаатыттан, былаҕайга былдьаммыта.

Билигин да саҥаны арыйыы, айыы дьайыыта уларыйа илик. Туох барыта боруобаланан, туга-ханныга ситэ биллэ илигинэ сэрэхтээх, кутталлаах буолуохтааҕын эрдэттэн билэн, харыстанан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин оҕо кыра эрдэҕиттэн кытаанахтык тутуһара ирдэнэр.

Ол аата саҥаны оҥоруу, айыы туох содуллааҕа, ол аата үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу боруобалаан, оҥорон көрдөххө эрэ биллэр кыахтааҕыттан саҥаны айартан, айыыны оҥоруох иннинэ сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ «Айыыны оҥорума», «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн үөрэтэрэ өй-санаа ити уратытыттан тутулуктаах.

АҺАРА ТУТТУУ

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ киһи ханнык баҕарар оҥорор быһыытын үчүгэйдик толкуйдаан, ырытан, туох содул үөскээн тахсыан сөбүн быһааран баран оҥороругар ыҥырар. Киһи быһыыта диэн этии киһи барыта оҥоро үөрэммит, туох содуллааҕа быһаарыллыбыт быһыылары ааттыыллар. Онтон киһи быһыытын аһара барыы диэн киһи оҥороруттан атыннык, туспатык оҥоруу эбэтэр киһи билбэтин, саҥаны айыыны оҥоруу ааттанар.

Киһи өйө-санаата, оҥорор быһыыта аналлаах хааччахтардаах, кыйыалаах буолуохтааҕын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһаарарынан киһи быһыыта уонна сиэр диэн ааттаналлар. Киһи быһыыта диэн киэҥ өйдөбүлгэ киһи быһыылаах киһи оҥорор бары быһыылара барылара киирсэллэр. Манна үчүгэйи оҥорору таһынан киһи сыыһа-халты туттунан эбэтэр сатаабатыттан оҥорор кыра, быстах куһаҕан быһыылара холбуу киирсэллэр.

Киһи быһыылаах киһи оҥорор быһыыларыттан таһынан, атыннык, уратытык оҥоруу, сиэри таһынан барыы, айыыны оҥоруу буолбатаҕына, аһара туттуу диэн ааттанар. Киһи оҥорор быһыыларын аһара туттуу куһаҕан быһыыга кубулуйара олус элбэх. Манна биллэр холобуру ыллахха, арыгыны кэмнээн кыратык иһэр киһини куһаҕан киһи диир сыыһа, онтон аһара элбэхтик иһэр, итирэр киһи куһаҕан, бэйэтин кыаммат, туттуммат киһи буолара чахчы.

Үчүгэйи да оҥороору аһара тутуннахха бу үчүгэйбит буорайан, буорту буолан куһаҕаҥҥа кубулуйара хомолтолоох. Оҕону кыһын тоҥорумаары түүлээх таҥаһынан аһара итиитик таҥыннаран кэбиһэн баран тиритиннэрэн кэбистэххэ, аны этэ аһыллан ордук түргэнник тымныйан ыалдьан хаалыан сөбө өссө улахан куһаҕан. Ол аата киһи оҥорор бары быһыылара «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэллэр уонна хайа да өртүгэр аһара барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэрин таба сыаналаан олоххо туһаныахха сөп этэ. Оҕоҕо үчүгэйи оҥоробут диэн куруук көрөн-истэн, бэлэмҥэ үөрэтэн кэбистэххэ, улааттаҕына бэйэтэ быһаарынан тугу эмэни оҥороро сүрдээх эрэйдээх буолан хаалара аһара хомолтолоох. Ол оннугар оҕо улаатан иһэн бэйэтэ эрэйдэнэн да буоллар оҥоро-тута үөрэммитэ олоҕор ордук туһалаах буоларын умнумуохха. Ийэ, аҕа оҕолорун үйэтин тухары көрө-истэ сылдьаллара үксүгэр кыаллыбат буолар уратылааҕын умнумуохха, аахсыахха, оҕону кэмигэр, саҥа улаатан истэҕинэ барыга бары, бэйэ сатыырыгар үөрэтэн кэбиһии быдан туһалааҕын өйдүөххэ.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара барар майгынын тохтотон, аралдьытан, бэйэтин туттунар буоларыгар үөрэтии хайаан да наада. Ытаатахха–«Аһара ытаама», мэниктээтэххэ–«Аһара мэниктээмэ», үөрдэххэ – «Аһара алларастаама, аны ытыырыҥ киирэн хаалыаҕа» диэн хааччахтар өй-санаа аһара барбатын хааччыйаллар. Аһыыр кэмин умнан оонньууругар аралдьыйбыт оҕону «Оонньоон бүт» диэн этэн тохтоторго тиийиллэр. Оонньуур да «Кэмнээх кэрдиилээх» буоларын биллэриллэр.

Киһиргээһин киһи бэйэтин кыаҕын табан сыаналаабатын үөскэтэринэн, элбэхтик аһара туттууга тириэрдэринэн куһаҕан майгыга киирсэр. «Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыаҕа» диэн этии киһиргээһинтэн сыыһа-халты туттууттан киһи баар-суох тутаах быччыҥа быһа ыстаныан сөбүттэн сэрэтэрин таба өйдүөххэ.

Аһара туттуу хаһан баҕарар куһаҕан содуллаах буолар. Ол курдук аһыыр остуолтан эмискэ тураары тоҕо анньан охторон кэбиһэр киһи киһи быһыылаах буолууну аһара барарын бары билэн араарабыт, остуолу бары да тоҕо көтүмэээри сэрэнэбит.

Үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ суох киһи аһара хамсанара хаһан баҕарар буолуон сөп. Үлэҕэ-хамнаска сылдьан аһара туттунуу үксүгэр киһи эчэйиитигэр, инбэлиит буолуутугар тириэрдэр. Манна ордук уолаттар ыараханы көтөҕүүгэ сыыһа-халты хамсананнар, аһара туттунаннар эттэрэ быстыытыгар түбэһэллэр. Киһи кыаҕа эмиэ биллэр кээмээйдээх, этиттэн-сииниттэн тутулуктаах уратылардаах, олору аһара туттунуу куһаҕаҥҥа тириэрдэрин эрдэттэн билэ үөрэниэххэ.

Аһара туттуу ордук түргэнник айанныыр тиэхиникэни туһаныыга кутталлаах. Кыаҕы таһынан аһара түргэнник айаннааһын содулун билигин массыыналар дэлэйэннэр ордук билэр буоллубут. Россия үрдүнэн биир сылга 30-тан тахса тыһыынча киһи аҥардас массыына абаарыйатыгар өлөр, быстар. Бу абаарыйалар бары кэриэтэ аһара түргэнник, кыаҕы таһынан айаннааһынтан үөскүүллэрэ саарбаҕа суох. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ сиэр диэн хайа да киһи аһара барбат өй-санаа хааччаҕа баарын билинэр, бу киһи быһыылаах киһи аһара барбат хааччаҕа буоларын дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт. Бу хааччах киһи өйө-санаата дьон оҥорор быһыыларыттан аһара барбатын, сиэри кэспэтин ирдиир.

Өй-санаа туруга суох, аһара бара сылдьар буоллаҕына, киһи оҥорор быһыылара эмиэ аһара бараллара үксүүр, ордук өһүөн, иэстэһии аһара барыылара куһаҕан быһыы өссө элбииригэр уонна содуллара улаатыытыгар тириэрдиэн сөбүттэн аһара барыы хаһан баҕарар куһаҕана быһаарыллар.

Кэргэнниилэр хайа эрэ өттүнэн эттэрэ-сииннэрэ тэҥэ суоҕуттан үксүлэригэр кэриэтэ баар буолар күнүүлүүр санаа аһара барыыта кыаҕа кыра, күүһэ-уоҕа мөлтөх дьахтар олус улаханнык эчэйэр гына кырбанан хаалыытыгар тириэрдэрэ элбээтэ. Ону өссө аһара баран быһахтанан, сэптэнэн өлөрсүүгэ кытта тиийэллэр.

Атаах оҕо аһара барар санаатын Иван Гоголев «Олорор мутуккун кэрдинимэ» диэн сэһэнигэр арыйар. Уолаттар Жора уонна Өлөксөөн ыал соҕотох, мааны, атаах оҕолоро мотуордаах лодканан утарыта сүүрдэн харсыһыыны оҥороллор. Хайалара да туораан биэрэн мөлтөхтөрүн кыргыттарга көрдөрүмээри туора салайан биэрбэттэр. Бу киһиргээһин, бэйэни улаханнык сананыы аһара барыытыттан үөскээбит харсыһыыттан эмсэҕэлээн Жора ыарыһах, инбэлиит буолан хаалара кэпсэнэр.

Эдэр дьон тулуура суох буолуулара кэлин кэмҥэ эбиллэн иһэр. Бэйэлэрин кыайан туттуммат дьон кыыһыран, ыгыллан хааллахтарына илиилэринэн, атахтарынан киирсэн бараллар. Манна ордук элбэхтик араас автоматтар түбэһэллэрэ өй-санаа аһара барыыта ырааппытын, дириҥээбитин биллэрэр. Бытархай харчыны ылан баран ууну дуу, тугу дуу кыайан биэрбэккэлэр, моһуоктааннар ыксаабыт, тулуура суох дьонтон кырбанан, улаханнык алдьатыллан хаалаллара элбээбит.

Үчүгэйи да оҥороору аһара туттуу бу үчүгэйбитин куһаҕаҥҥа кубулутар. Киһи маннык быһыыта тугу эмэ оҥороору тиэтэйдэххэ, ыгылыйдахха ордук биллэн тахсар. Улахан суолтата да суохха тиийэ охсоору ыксаан массыынаны аһара түргэнник ыытан абаарыйаҕа түбэһии кэлин кэмҥэ элбээн иһэр.

Үчүгэйи, туһалааҕы оҥоро сатааһын аһара баран хаалара эмиэ элбэх. Үлэлии сылдьан аһара туттуу олус куһаҕан содуллаах буолуон сөп. Күүһү кэмнээн, аһара ыыппакка эрэ туһаныы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр кытаанах көрдөбүл буоларын умнан, хаалларын сылдьабыт. Аныгы тиэхиникэ кыра гайкатын аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тардан кэбиһэр киһи үчүгэйи оҥоро сатаабыта куһаҕаны улаатыннарарын биллэрэр.

«Аһара бара сылдьар буолуу аанньаҕа тириэрпэт» диэн этии аһара барыы сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн куһаҕаҥҥа кубулуйарыттан сэрэтэн этиллэр. Ол курдук киһи оҥорор бары быһыыларыгар аһара барара куһаҕан быһыылар, ол иһигэр өһүөн эмиэ аһара барыытыгар тириэрдэр кыахтаах. Ордук куһаҕанынан өһүөн аһара бардаҕына букатын даҕаны өлөрсүүлэр элбиэхтэрин сөп. Ол иһин оҕо өйө-санаата аһара барарыттан көмүскэллээх, бэйэтин тохтотунар күүстээх буола улаатара наада. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорорго, аһара барбат буолууга иитиллибитэ тохтотунар күүһүн үөскэтэрин уонна үйэтин тухары дьайа сылдьарын умнубатахпытына, олохпутугар туһаннахпытына табыллыа этэ.

Сэбиэскэй былаас оҕолору үөрэтиигэ сыыһа суолу тутуспутун, саҥаны айыыны оҥорууну үчүгэйи оҥоруу курдук этэрин, билигин ол былаас эстибитин да кэннэ салҕаан иһэрбит хомолтолоох. Оччотооҕу кэмҥэ мааныламмыт суруйааччылар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна нуучча тылын учууталлара саҥаны оҥоруу, айыы үчүгэй диэн үөрэҕи салҕаан иһээччилэр, өй-санаа үөрэҕин халытааччылар, буккуйааччылар буолаллар.

Бу сыыһа үөрэх дьайыытыттан аныгы оҕолор саҥаны, билбэттэрин оҥоро охсоору тиэтэйэн сыыһа-халты туттуулары элбэхтик оҥороллор. Ол элбэх сыыһа-халты туттунууларыттан үгүстэрин аһара туттан кэбиһиилэриттэн таһаараллар. Ол курдук биирдэ арыгы иһээрилэр аһара элбэҕи иһэн кэбиһэннэр, итирэннэр, өйдөрө көтөн араас ыар буруйу оҥоро охсон кэбиһэннэр хаайыыга түбэһэннэр, эдэр олохторун биир сыыһа туттууттан буорту оҥороллоро элбээтэ.

Эдэр уолаттар икки ардыларыгар сутуругунан биир-бииргэ быһаарсыы хаһан баҕарар баар суол этэ. Билигин кыайбыт киһи кыаттарбыты аһара кырбаан, охтубутун кэннэ дьөлүтэ тэбиэлээн кэлиэкэ оҥороро элбээтэ. Аһара барар өйдөөх-санаалаах киһи кыайыытыттан мэйиитэ эргийэн туох да тохтоппот киһитигэр кубулуйарыттан итинник аһара кырбааһыҥҥа тиийэр.

Улаханнык кырбаныы кэнниттэн кыаттарбыт кыаттарбытын, кырбаммытын ситиһээри, иэстэһээри араас тэриллэри туһаныан эбэтэр доҕотторун көмөлөһүннэрэн өһүөнү аһара ыытара, иирсээн өссө улаатарыгар, тарҕанарыгар тириэрдиэн сөп.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии, кыаттарбыты эбэтэр сыыһаны оҥорбуту билинии диэн киһи биир тутаах киһилии хаачыстыбалара буолаллар. Киһи өйүн-санаатын аһара ыыппакка, бэйэтин тохтотунар күүстээх буоллаҕына эрэ, киһилии быһыылары элбэхтик оҥороро кыаллар. Ол аата аһара барбакка бэйэ омунун-төлөнүн уҕарытан тохтотунуу киһиттэн ирдэнэр, хайаан да толоруллуохтаах көрдөбүл буолар. Оҕо тугу эмэ минньигэһи эбэтэр сөбүлүү көрбүтүн ыллараары көрдөөн баран ытаан, хаһыытаан бардаҕына, сөбүлэһэ охсон иһэр төрөппүт оҕотун тохтотунар күүһэ суох оҥорорун таба өйдүө этэ.

Улаатан иһэр оҕолорго ким бастакы, баһылаан иһэрин быһаарсыыга мөккүөрдэр, илин-кэлин былдьаһыылар хаһан баҕарар бааллар. Балары өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх-билиилээх оҕолор былыргы, ыарахан олохтоох өбүгэлэрин курдук охсуһан-этиһэн буолбакка сиэрдээхтик, эйэлээх, туспа быраабылалаах күрэхтэһиилэр түмүктэринэн быһаарсыахтарын сөп этэ. Тыл-тылга киирсибэтэхтэн сылтаан охсуһуу көмөлөөн кырбааһыҥҥа тиийэн хаалара аһара барыы биир көрүҥэ буолар уонна бэрээдэк, сиэр-майгы сатарыйыытын көстүүтэ буолар.

Көрсүө, сэмэй буолууга кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибэтэх, аһара бара сылдьар майгылаах оҕо төрөппүттэригэр ханнык эбии үлэни-хамнаһы аҕалыан сөбүн ааҕыталаан биэриэхпитин сөп:

1. Аһара бара сылдьар бэйэмсэх майгынынан атын дьону кытта тапсара ыарахан, дьонтон туора көрүллэр киһи буола улаатарын тэҥэ, төрөппүттэрин аанньа ахтыбатыттан кыайан тапсыбата, бэйэтэ улаатарын курдук улаатар.

2. Өйө-санаата туруга суоҕуттан, өһөс, тулуурдаах буолууга үөрэтиллибэтэҕиттэн сыыһа туттунууга, быстах быһыыга киирэн биэрэрэ элбиэн сөп.

3. Туох эмэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруон сөп. Саҥаны айар, айыыны оҥорор кыаҕа улахан, ону тэҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэтиттэн оҥорор саҥаны айыылара куһаҕан өрүттээх буолан тахсаллара элбиир.

Аһара барар өй-санаа аһара барар куһаҕан быһыылары, өстөһүүнү, иэстэһиини саҕалыыра дьон өйө-санаата туруга суох буолуутугар тириэрдэр. Көҥүлүнэн сайдыы төһө да өйү-санааны аһара сайыннарбытын иһин бары куһаҕан быһыылар эмиэ өрө көбөн, күөдьүйэн, эбиллэн кэлиилэригэр тириэрдэрэ ордук улахан куһаҕаны оҥорор. Ол иһин оҕо, киһи өйө-санаата сайдыыта аналлаах хааччахтаныахтааҕын уонна олору дьон бары тутустахтарына эрэ эйэлээх, киһилии олоҕу олоруохтарын сөбүн сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран үөрэппэккэ эрэ аҥардастыы «айыы үчүгэй», «айыыны оҥор» диэн оҕону үөрэтии олус улахан сыыһа. Оҕо тугу эмэ саҥаны, дьон билбэттэрин оҥоро охсоору тиэтэйэн, ыксаан, сыыһа туттан, аһара баран элбэх куһаҕаны оҥостунарыгар тириэрдиэн сөп.

Оҕону киһиргэтии, күүстээххин, кыахтааххын диэн хайҕааһын «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн, икки өрүттээхтик туһаныллара ордук этэ. Ол аата оҕо майгынын уратыларыттан көрөн тус-туспатык туттуллара сөп. Бэйэтэ мөлтөһүөр, бытаан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ хайҕааһын, киһиргэтии элбэхтик туттуллара сөп, туһалаах буоллаҕына, сытыы, аһара барар майгылаах оҕоҕо тохтотуу, намыратыы, уоскутуу туттуллара ордук. Биһиги оҕолору үөрэтэр систиэмэбит ити икки быһаарыыттан бастакытын тутуһарыттан аҥардастыы хайҕааһын, киһиргэтии, манньалааһын өттүгэр халыйан сылдьара, арыычча сайдыыны түргэнник ситиһэр кыахтаахтары аһара ыытарыттан аны туоратан, «Трудные подростки» диэн ааттыыр оҕолорбутугар кубулутарыттан, инники иһээччилэр туһалааҕы, үчүгэйи, киһи быһыылааҕы оҥороллорун суох оҥорор.

Бэйэтэ аһара барар майгылаах оҕону киһиргэтии аһара туттунууну үксэтэриттэн, «Трудные подростки» уһуннук, эрэйдээхтик оҥоруллар туһалааҕы, үчүгэйи оҥороллорун оннугар, быстаҕы, түргэнник көстөрү, куһаҕаны оҥоруу диэки салаллаллара элбиир. Оҕо киһиргэтииттэн, хайҕааһынтан бэйэтин кыаҕын, тугу оҥорорун сыыһа сыаналыырыттан аһара туттунар кыахтаах эдэрдэр үөскээн тахсаллар. Ол курдук үрдүктэн сатаан ыстанарга үөрэммэккэ, эрчиллибэккэ эрэ, биирдэ киһиргээбититтэн аһара үөһээттэн ыстанан кэбиһэн атаҕын дэҥниирин таһынан, тобугар сирэйин тоҕо түһүөн сөп.

Киһи оҥорор быһыытыттан, ол аата ханнык эрэ кээмэйтэн, аһара барыы үчүгэй диир быһыыбыт куһаҕаҥҥа кубулуйарыгар тириэрдэрин, оннооҕор былыргылар билэн тылларыгар киллэрэн туһана сылдьыбыт буоллахтарына, аныгы үөрэҕи-билиини баһылаабыт өйдөөх-санаалаах дьон олохпутугар туһанарбыт уустуга суох буолуо этэ.

Онон киһи өйө-санаата сайдыыта уонна оҥорор быһыылара бэйэ-бэйэлэрин кытта олус кытаанахтык бииргэ тутулла сылдьаллар. Аһара барар өйдөөх-санаалаах киһи аһара барар быһыылары оҥорор кыаҕа улаатара бу киһиттэн сэрэхтээх буолууну эрэйэр. «Алдьархайдаах киһи» эбэтэр «ынырык киһи» диэтэхтэринэ, бу киһи туох эрэ алдьархайы эбэтэр ынырыгы; олус үчүгэйи дуу, эбэтэр олус куһаҕаны дуу оҥоруон сөптөөҕө быһаарыллан тахсар.

Төрөппүттэр оҕо аһара барар санаатын кыра эрдэҕинэ тугу барытын киһи, ол аата бэйэ оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэн хааччахтыыллар. Ол аата оҕо тугу оҥорорун барытын төрөппүтэ оҥорорун курдук оҥоро үөрэннэҕинэ, соннук үгэс үөскээн, ийэ кута иитиллэн, өйө-санаата, оҥорор быһыыта барыта төрөппүтүн курдук буола улаатар кыахтанар.

Тугу барытын киһи оҥороруттан атыннык оҥоруу куһаҕаны оҥоруу эбэтэр айыыны, киһи билбэтин оҥоруу буолан тахсар уратылаах. Ол иһин оҕону иитиигэ улахан киһи бэйэтин батыһыннаран, маны бу курдук оҥор диэн көрдөрөн биэрэн, үтүгүннэрэн үөрэтэрэ ордук улахан туһалаах.

АҺАРА БАРЫЫ

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ киһи быһыытын таһынан туттунар, аһара барар киһини «Аһара барыма» диэн этэн үөрэтэ, өйүн-санаатын хааччахтыы сатыыллар. Аһара барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх. Билигин үгүс эдэрдэр аһара барар майгыламмыттарын, охсуһаллара, этиһэллэрэ, өлөрсөллөрө элбээбитин бары бэлиэтиир буоллулар.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн киһи бэйэтин туттуммат, тохтотуммат буолуута кыра эрдэҕинэ атаах буола үөрэниититтэн үөскээн олохсуйар. Кэлин сэбиэскэй былаас эстиитин иннинэ оҕолору аһара көрөн-истэн бэлэмҥэ улаатыннарыы, барыта оҕолор тустарыгар диэн маанылааһын уонна кэлин ырыынак кэмигэр бас-баттах, «айыы үчүгэй» диэн үөрэтии түмүгүнэн аһара туттуна сылдьар, бэйэлэрин кыайан туттунан тохтотуммат дьон, ордук эдэрдэр үксээтилэр.

Бэйэлэрин кыайан туттуммат, тохтотуммат, аһара барар быһыылаах дьону ханнык быһыылары оҥороллоруттан көрөн арааран быһаарыахха сөп:

- Биир дьахтар кэргэнин кытта көссүүтэ массыынаҕа олороллорун тутан баран кыһыытыттан-абатыттан турар массыынаны тоҕута-хайыта тэбиэлии сатаан баран бэйэтин массыынатынан сүүрдэн кэлэн тоҕо түспүт.

- Суолбун мэһэйдээтэ диэн боруоктаан айаннаан иһэр трамвайы бэстилиэтинэн ытыалыыр джиптээх киһи чахчы бэйэтин туттунар кыаҕа суоҕа биллэн тахсар.

- Остановкаҕа турар дьону массыынанан түргэнник сүүрдэн кэлэн тоҕута көтөн баран, өссө эргийэн кэлэн түһэр киһини, киһи буолбатах диэн этиэххэ сөп курдук.

Аныгы үөрэхтээхтэр киһи итинник, аһара барар майгынын өйө-санаата баайыллыбыт кэмигэр оҥорорунан үчүгэй баҕайытык «аффект» диэн ааттыыллар уонна оҥоруллубут буруйу кыччатар курдук быһаара сатыыллар. Ол эрээри ханнык баҕарар киһи, хаһан баҕарар өйө баайыллан эбэтэр өйө, салгын кута көтөн ылар кэмигэр биирдэ эмэтэ да буоллар киирэн ыларынан уонна ол кылгас, түргэнник киирэн ааһар кэмҥэ киһини салайыыны ийэ кута быһаччы оҥорорунан өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга иитиллэрэ эрэ туһалааҕын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи маннык быһыытын куттар солбуһууларынан табатык быһаарар. (7,91). Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэйэтин баҕатын кыайан тохтотуна үөрэммэтэҕинэ, улаатан баран туттуна үөрэнэрэ олус уустук, олус уһун кэми ылар. Ол курдук кэмпиэт ылларан сии охсоору маҕаһыын муостатыгар төкүнүйэ сылдьан ытыыр, сарылыыр оҕо бэйэтин баҕатын кыайан туттуммат буола улаатыан сөп. Оҕо маннык быһыытын үгэс буола илигинэ тохтотон, атыҥҥа аралдьытан умуннарыы өйүгэр-санаатыгар туһата улахан.

Атаах буола улааппыт киһи бэйэтин баҕатын, быстах санаатын кыайан тохтотунар кыаҕа суох буоларыттан итинник аһара барар майгылаах дьон элбээтилэр. Сыыһа-халты, аһара туттууттан, киһи быһыытын аһара барыыттан эдэр уолаттар ордук эрэйгэ тэбиллэллэр, эдэр, саҥа саҕаланан эрэр олохторун буорту оҥороллор, хаайыыга түбэһэллэрэ элбэх.

Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Россия баайдара, дворяннар, эргиэмсиктэр аһара байаннар үлэһиттэри, оробуочайдары киһинэн да аахпат, олус уһуннук үлэлэтэр, кыра хамнаһы биэрэр, ону туруорсаары туруннахтарына саллааттарынан ытыалатар этилэр.

Бассабыыктар, коммунистар туох иһин олус элбэх дьон хаанын тохпуттарын билигин, үс көлүөнэ дьон олорон ааспыттарын кэннэ, ырытан быһаара сатаатахха, аан дойду олоҕун кылгас кэмҥэ аймаан, улахан аймалҕаны тардан баран, билигин оннуларын булунан эрэр курдуктар. Ол аата бэйэлэрин кэмнэригэр баайдар, аһара байбыттар үлэһит, хамначчыт дьону кытта аахсалларыгар, үлэлэрин-хамнастарын сөптөөхтүк сыаналыылларыгар саа-сэп күүһүнэн ыган үөрэппиттэрин, кинилэр, коммунистар оҥорбут үтүө дьыалаларынан ааҕыахха сөп.

Немец фашистара өйү-санааны токурутуулара аҥар өттүгэр халыйыыта олус аһара барыыта улахан сэриини саҕалаабытын бары билэбит. Омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар куһаҕан өттүгэр олус улахан аһара барыыны оҥорбуттарыттан атын омуктар бары көмөлөөн фашизмы суох оҥорбуттара.

Кыра буруйу оҥорууну аһара туттунан кэбистэххэ олус ыар, куһаҕан, хара айыы буолан тахсар кыахтанар. Ол курдук биир бииргэ сутуругунан охсуһууну саҕалаан баран, аны быһахтанан киһитин дэҥнээн, аһара туттан кэбистэҕинэ холуобунай дьыалаҕа түбэһиигэ тиийэн хаалыан сөп.

Киһи быһыытын аһара барааччылары аныгы сокуоннар өйдөтө сатаан баран хааччахтыы, хаайыыга олордо, өйдөрүн-санааларын уоскута, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэ сатыыллар.

Саха дьонун таҥараларын үөрэҕэ оҕо аһара барар өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн хааччахтаан «Айыыны оҥорума», «Аһара барыма» диэн этэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла саҕалаан үөрэтэр. Сыыһа-халты, аһара тутуннахха эппиэтэ, кэһэйиитэ, иэстэбилэ хайаан да кэлэрин сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ баара биллэрэр. Ол иһин бу үөрэх көрсүө, сэмэй, тулуурдаах дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарар үөрэх буолар. Төрөппүттэр оҕо көрсүө, сэмэй майгылаах киһи буола улааттаҕына, аһара барыылары оҥорботоҕуна, бэйэбит абыраныахпыт, эрэллээх, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтаах кэлэр көлүөнэлэниэхпитин сөп диэни билэн, оҕолорун кыра эрдэҕиттэн сахалыы өйгө-санааҕа, үгэстэргэ, таҥара итэҕэлигэр үөрэтиэ этилэр.

КҮРЭХТЭҺИИ

Бука бары «Олох олоруу ыарахан» диэн этиини билэбит эрээри ол ыарахаммыт ханна баарын арааран билбэппититтэн аахайбакка сылдьабыт. Олох олоруу ыарахана диэн киһи олоҕун устата хаһан даҕаны аһара баран, аһара туттуо суохтаах, куруук бэйэтин аһара барар санаатын кыатанан, кыана тутта сылдьара ааттанар. Куруук бэйэни туттуна сылдьыы ыарахан, элбэх уустуктардаах, киһи тулуура, туттунар күүһэ хаһан да мөлтөөбөтөҕүнэ эрэ, уһун үйэ тухары кыаллар кыахтаах. Сахалар сүр диэн ааттыыр ураты күүстэрэ аан бастаан киһи туттунар күүһүн быһаарар.

Аныгы психологтар аһара кыыһырбыт-абарбыт киһи тугу эмэни эттээтэҕинэ, этин-сиинин күүскэ хамсаттаҕына кыыһырбыта ааһар диэн үөрэҕи туһаналлар. Былыргы саха дьоно «Кыһыйдахха тарбанан биэр» диэн этиилэрэ эмиэ эккэ-сииҥҥэ итинник дьайыыны оҥорор. Урукку кэмҥэ кыһыйбыты-абарбыты күүстээх үлэнэн, мас хайытыытынан таһаарар кыах элбэх эбит буоллаҕына, билигин куорат дьонугар таһырдьа тахсан сүүрүү, эти-сиини дьэгдьитии, дьарыктааһын ордук сөп түбэһэн, туһата улаатыа этэ.

Кыһыйбыты-абарбыты таһаарбакка бэйэҕэ хаайа сылдьыы куһаҕан содулланан тахсара элбэх диэни бары билэбит. Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ куһаҕан санааны санаама, ыраастана сырыт диэн этиилэрэ итини эмиэ бигэргэтэр. Ол курдук маат курдук куһаҕан тыллары саҥарыы киһи уоҕун-кылынын таһааран уоскутар аналлаах. Россия дьоно элбэхтик маатыраны тутталлара былыргыттан олохторо куһаҕаныттан, эрэйдээҕиттэн, баҕаларын хоту табыллыбатыттан өйдөрө-санаалара куһаҕан санааларынан туола сылдьарын биллэрэр. Бу этии табатын үгүстэр арыгы иһэн өйдөрө көппүт кэмигэр ыар, куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэллэрэ элбээбитэ чуолкайдык быһаарар. Дьон олоххо сайдыыны урутаан ситиһээрилэр куруук күрэхтэһэн, күөн былдьаһан иннилэрин диэки баран иһэллэр. Араас күрэхтэһиилэр бастаан иһэр киһини буларга, таларга көмөлөһөллөрүн тэҥэ, экономика ситиспит ситиһиилэрин эмиэ быһаараллар. Ол курдук массыыналар сырсыыларыгар суоппар кылааһа үрдүгэ уонна массыынатын туруга, кыаҕа, күүһэ холбуу ылан быһаарыллаллар.

Ханнык баҕарар күрэхтэһии аналлаах быраабыланы тутуһан ыытыллар. Бары күрэхтэһээччилэр ол быраабылалары хайаан да тутуһаллара, халбаҥнаабакка толороллоро ирдэнэр. Күрэхтэһии быраабылаларын оҥорууга киһини эчэппэт, сэрэхтээх буолуу үөрэхтэрэ аан бастаан тутуһуллаллар.

Ханнык баҕарар күрэхтэһии быраабылалара аналлаах хааччахтары аһара барбакка, кытаанахтык тутуһарга бары күрэхтэһээччилэри күһэйэллэр. Ол аата кинилэр ханнык баҕарар күрэхтэһии быраабылаларыттан аһара бараллара, атыннык, туспатык оҥороллоро көҥүллэммэт, бобуллар. Күрэхтэһиигэ кыттар спортсмен бары быраабылалары билэн аһара туттубат буолууга үөрэнэрэ хайаан да ирдэнэр.

Күрэхтэһии быраабылаларыгар уларытыылары, саҥаны киллэрии, ол аата айыыны оҥоруу олус уустук, уһун кэми ылар, бука бары сөбүлэстэхтэринэ биирдэ киирэр, туттуллар кыахтанар. Күрэхтэһээччилэр айыыны оҥорууга олус улахан сэрэхтээх буолуулара итинник дириҥ төрүттээх.

Аһара туттубат буолуу үөрэҕин бары күрэхтэһиилэртэн булан ылыахпытын сөп. Ону тэҥэ спорт маастарыгар диэри үүнэн, сайдыбыт эттээх-сииннээх киһи сиэри таһынан барар ыар буруйу оҥорон хаайыыга түбэһэрэ отой аҕыйаҕын ахтыахпытын наада. Ол аата спортсмен, элбэхтик күрэхтэһиигэ кыттарыттан этэ-сиинэ тулуурдаах буоларыттан, быстах баҕа санаатын туттунар күүһэ улаханыттан аһара баран, аһара туттубатын биллэрэр.

Эти-сиини уһуннук эрчийии аналлаах үөрүйэхтэри үөскэтэн киһи сатаан хамсанар кыаҕын улаатыннарарын тэҥэ, өйүн-санаатын бөҕөргөтөр, тулуурун улаатыннарар.

Кыаттарбыт киһи аһара кыйаханан, охсуоланан сыыһа-халты хамсанара, илиитин биэрбэтэ кыайбыт киһини сэниирин, аанньа ахтыбатын көрдөрөрүн курдук, кыайбыт киһи аһара баран үөрэрэ, мээлэнэн ыстаҥалыыра кыаттарбыты кыһытан, кыйахалаан биэрэри биллэрэрин тэҥэ, тулуура суоҕун эмиэ көрдөрөр.

Күрэхтэһиилэртэн саамай судургу быраабылалаахтарынан сүүрүү буолар. Ол курдук аналлаах суол устун сүүрэн тэбинэн кэбис даҕаны бүтэр курдук, арай сүүрүү саҕаланыытыгар тэҥҥэ түһүнүү ирдэнэр. Ол эрээри уһуннук сүүрүүгэ эргиирдэргэ үтүрүссүү, тоҥолохтоһуу баар буолуон сөбө тохтотуллар.

Ханнык баҕарар тустуу көрүҥэ бэйэтигэр сөп түбэһэр ураты быраабылалардаахтар. Онно тутаах көрдөбүлүнэн киһини эчэппэт буолуу киирсэр.

Эдэрдэр хаһан баҕарар илин былдьаһар кыахтаахтар. Ол иһин ханнык баҕарар илин былдьаһыыга, күрэхтэһиигэ аналлаах быраабылалар бааллара уонна олору толоруу кытаанахтык ирдэнэрэ ордук этэ. Холобурга, биир-бииргэ сутуругунан киирсиини ыллахпытына, урукку кэмҥэ хайаан да тутуһуллар быраабылалардаах буолар этэ. Онно туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох киирсии кэмигэр охтубут, сытар киһини атаҕынан тэбии, охсуу бобуллара, маҥнайгы хаан таҕыстаҕына киирсии тохтотуллара.

Биир-бииргэ киирсии быраабылаларын тутуспатах киһи аата-суола түһэрэ, туттунар күүһэ суоҕа, куһаҕан кэмэлдьилээҕэ биллэн хаалара атыттар сыһыаннарын тосту уларытар кыаҕын билигин да туһаныахпыт этэ. Бэйэлэрин киһилии быһыыларын сүтэрбэтэх дьон, бу киһилии майгына суох киһиттэн сэрэнэр, туоратар буолуулара үөскээһинэ, кини туттунар күүһүн улаатыннарарыгар тириэрдиэн сөп.

КЭТЭҺИИ

Кэтэһии – киһи олоҕун биир кэрдиис кэмэ. Киһи куруук тугу эмэ кэтэһэр. Кырата хаһан үлэ чааһа бүтэрин эбэтэр бээтиҥсэҕэ нэдиэлэ бүтүүтүн киһи үксэ кэтэһэр. Ыксаабакка, ыгылыйбакка эрэ холкутук кэтэһэргэ киһиэхэ улахан тулуур наада. Кэтэһии төһө да эрэйдээҕин киһи туох эмэ кэтэһэрдэннэҕинэ, күүтэрдэннэҕинэ олоҕун олороро сыаллаах, соруктаах буолара ордук туһалаах. «Кэтэһэр эрэйдээх» дииллэр сахалар. Ол аата кэтэһии диэн эрэйи тулуйуу, ол аата эмиэ тулуурдаах буолуу үөрэҕэ эбит. Төрөппүт оҕото тулуурдаах буолуон баҕарарыттан кыра эрдэҕиттэн кыратык эмэ кэтэһэ, күүтэ үөрэнэрин ситиһэрэ ордук. Ол аата оҕо тугу эмэ көрдөөтөҕүнэ, ыла, була охсон биэрбэккэ, өссө кэтэһиннэрэн, толкуйдуу сатааһынын үөскэттэҕинэ эбэтэр бэйэтин кыаҕынан кыайарын ситистэҕинэ оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар элбэх туһаны оҥоруон сөп.

«Кэтэс», «күүт» диэн оҕону кэтэһиннэрэ үөрэтии элбэхтик сыыһа-халты туттунарыттан көмүскүүр аналлаах үөрэх буолар. Ол курдук киһи санаата олус түргэниттэн тугу эмэ оҥороору бэлэмнэнии кэнниттэн, кыратык да тохтуу түһүү санааны уларытыан, сыыһаны оҥороору гыммыты тохтотуон, көннөрүөн сөп. Аһара мэниктээбит оҕону тохтотон олордо түһүү, уоскутуу, муннукка туруоруу тулуурдаах буолуутун эмиэ улаатыннарар.

Оҕо улаатарын, улахан киһи буола охсорун олуһун кэтэһэр. Бу кэтэһэр санаатыттан улахан дьон оҥорор быһыыларын оҥоро сатааһыҥҥа дьулуһуута күүһүрэр. Оҕо кыайа-хото үтүктэр улахан киһи быһыытыттан табаах тардыыта буолар. Харандааһы эбэтэр тугу эмэ сигарета курдук тутан умата сатыыр оҕону табаахсыт төрөппүттэр бары билэллэр.

Оҕо улаатан иһэн хас биирдии кылааһы, оскуоланы хаһан бүтэрэрин, улаатарын олус кэтэһэр. Оҕо эрдэххэ күн да олус уһун, баранан быстыбат. Хаһан каникул кэлэрин, үөрэх сыла бүтэрин кэтэһии, кыһын кэнниттэн саас, сайын кэлэрин кэтэһэр курдук сыл аайы хатыланан иһэр.

Киһи куруук тугу эрэ кэтэһэрдээх, күүтэрдээх сырыттаҕына олоххо интэриэһэ улаатар. Бииртэн биири; аччыктаатахха хаһан аһыыры, сылайдахха утуйары кэтэһии кэлэн истэҕинэ табыллар. Оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ аһыыр кэм хаһан кэлэрин ордук кэтэһэр, оҕону аһатыы улахан үөрүүнү аҕалар.

Кэтэһии тулууру үөскэтэр. «Туох барыта кэмнээх, кэрдиилээх» диэн этии кэмин иннинэ туох да кэлбэтин биллэрэр. Туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххун санаатаххына, кэмэ кэлэрин кэтэһэргэр тиийэҕин, тулуйуохха, тулуурдаах буоллахха эрэ кэтэһии кыаллар, табыллар, сыыһа-халты туттунуу аҕыйыыр кыахтанар. Оҕо улаата охсон улахан киһи оҥорор дьыалаларын барытын оҥоро охсоору, киһи буолаары ыксыыр, тиэтэйэр. Ол эрээри этэ-сиинэ ситэн, сатаан хамсанары, оҥорору, тутары баһылыы илигинэ өйө-санаата сайдыбыта туһата суох хаалыан, улахан киһи оҥорорун барытын кыайан оҥорумуон, оҥордоҕуна даҕаны сыыһа-халты буолара элбиэн сөп. Ол аата оҕо аан бастаан киһи буолууну ситиһэрэ өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһэр.

Булчут ураты тулуурдаах буолара биллэр. Оҕо сылдьан куска үөмэн иһэн тулуйбакка, өндөҥнүү истэххэ кус көрө охсон көтөн хаалан хомоторо. Булду кэтэһии тулуурдаах буоллахха эрэ кыаллар.

Киһи кыаҕа кыратыттан айылҕа уларыйыыларын кэтэһэрэ ордук элбэх. Саас өрүс уҥуор массыынанан бара сылдьыан баҕарар киһи өрүс мууһа хаһан устарын, ыраастанарын, паром сылдьарын кэтэһэригэр, күүтэригэр эрэ тиийэр. Онтон күһүн муус тоҥорун, халыҥыырын кэтэһии, уйуо дуу, уйумуо дуу диэн быһаарыыны тутуһартан тутулуктааҕынан уустуктары үөскэтэр.

Тиэтэйии алдьатыыга тириэрдэрэ элбэх. Ол иһин сахалар үөрэхтэрэ «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн үөрэтэр. Үөрэҕи-билиини баһылаабыт, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон бары Сир үрдүгэр туох барыта тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын билэннэр, саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааһыҥҥа тиэтэйбэт, ыксаабат буолууга үөрэх оҥостуохтарын сөп этэ. Ол аата аһара саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үөскээн турар тэҥнэһиини аҥар өттүгэр түргэнник хамсатыан сөп. Сир тутуллан турар тэҥнэһии балаһыанньата хайа да өттүгэр хамсааһына Сиргэ алдьархайдары оҥоруон сөбүн үөрэх-билии сайдыбытынан туһанан билиэхпитин сөп буолла.

КЭҺЭЙЭН ҮӨРЭНИИ

Кэһэйэн үөрэнии диэн эт-сиин быһаччы ылынар үөрэҕэ ааттанар. Сыыһа-халты туттунан эккэ-сииҥҥэ ыарыыны үөскэтии кэнниттэн киһи сэрэнэр буолуута улаатыыта, бу үөрэх сүрүн төрүтэ буолар. Оҕо олох кыра эрдэҕиттэн охтон ыарыыланнаҕына сэрэнэрэ биллэрдик эбиллэр. Ол курдук охтон төбөтүн «лос» гына өлөрдөҕүнэ, аны охторугар олоро түһэргэ түргэнник үөрэнэр.

Аан маҥнай куһаҕан диэн тугун билбит оҕо үчүгэй диэни дьэ арааран билэн ордук сыаналыыр киһи буола улаатарын билигин туһаммакка сылдьабыт. Бу быһаарыы сүрүн дакаастабылынан сэрии ыарахан кэмин оҕолоро бары кэриэтэ кырдьар саастарыгар диэри киһи быһыылаахтык үлэлииллэр, олохторун олороллор. Буруйу-сэмэни оҥороллоро отой сэдэх, биир эмэ. Бу ыарахан, ас-үөл аҕыйах кэмигэр аччыктыыры, ыарахан үлэни билэн улааппыт дьон билигин даҕаны килиэп хаҕын да таах бырахпаттар, барытын туһаҕа таһааран иһэллэр, сааһыран да баран кыайар үлэлэрин үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Сахабыт тыла олус былыргы төрүттээҕиттэн хас биирдии дорҕоонноро тус-туспа уратылаахтарын, атын-атын өйдөбүллэри биэрэллэрин өссө да таба туһана иликпит. Биһиги кэһэйии уонна кэһэтии диэн биирдии дорҕооннорунан уратылаһар тыллары маннык ырытабыт:

- Кэһэйии диэн киһи бэйэтэ сыыһа-халты туттунан этин-сиинин ыарытыннаран үөрэниитэ ааттанар.

- Кэһэтии диэн атын дьон эти-сиини ыарытыннарыыларыттан үөрэҕи ылыныы аата.

«Й» уонна «т» диэн дорҕооннор араастаһыыларыттан, уларыйыыларыттан тыл дьайыытын хайысхата уларыйар. «Й» дорҕоон дьайыыта киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннаһар буоллаҕына «т» дорҕоон атыттар киһиэхэ дьайыыларын биллэрэр.

«Кэһэй» диэн бэйэ тугу эмэни сыыһа туттунан этин-сиинин ыарытыннардар диэн баҕа санааны бэйэҕэ тириэрдии аата.

«Кэһэт» диэн атын туох эрэ эбэтэр туспа киһи тугунан эмэ дьайан эти-сиини ыарытыннарыыта ааттанар.

Саха тылыгар маннык биирдии дорҕооннорунан уратылаһар тыллар элбэхтэр. Бу тыллары олоххо таба туһаныы омук дьоно өйдөрө-санаалара туруктаах буола сайдыытыгар тириэрдиэ этэ.

Бэйэтэ хаһан даҕаны аччыктаан көрбөтөх оҕоҕо, сэрии аас-туор, ас-таҥас тиийбэт, суох кэмнэрин туһунан кэпсээннэр өйүгэр-санаатыгар ситэ тиийбэттэр, көннөрү истэн эрэ кэбиһэн баран сотору умнуллар чахчыларга киирэллэр. Оҕо бэйэтэ аччыктаан, тиийиммэт-түгэммэт буолуута өйүн-санаатын тэҥэ, этин-сиинин таарыйарыттан, буор кутугар уурулларынан олус дириҥник, хаһан да умнуллубат гына иҥэр.

Киһи уһун олоҕун тухары араас уларыйыылар үөскээһиннэригэр куруук үөрэнэ сырыттаҕына табылларын быһааран сахалар «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этэллэр. Үөрэнии эмиэ элбэх тус-туспа дьайыылаах араастардааҕыттан быһаччы эккэ-сииҥҥэ дьайарынан киһиэхэ ордук тиийимтиэтин иһин кэһэйэн үөрэниини билии туһата улахан.

Саха тыла дорҕооннорунан уратытын сатаан туһанар буолуу үөрэниигэ эмиэ биллэр. Ол курдук ким эмэ, атын киһи үөрэтээри дьайан ыарыыны биллэрдэҕинэ кэһэтэн үөрэтии, онтон киһи бэйэтэ тугу эмэ сыыһа-халты оҥорон, ол онтон ыарыыланан үөрэннэҕинэ кэһэйэн үөрэнии диэн буолар. Бу тылларга «т», «й» уонна «н» дорҕооннор атастаһан, уларыйан биэриилэрэ үөрэх дьайыыта туспа уратыланарын, атын-атын өттүлэриттэн дьайарын арааран быһаарар.

Кэһэтэн дуу, кэһэйэн дуу үөрэнии диэн эт-сиин быһаччы ылынар үөрэҕэ буолар. Эккэ-сииҥҥэ ыарыыны үөскэтии кэнниттэн сэрэнэр, сэрэхтээх буолуу ордук күүһүрүүтэ бу үөрэнии сүрүн төрүтүнэн ааҕыллар. Киһи субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын эрдэттэн ситэ-хото быһаарбакка эрэ оҥордоҕуна уонна бэйэтэ сыыһа-халты туттуннаҕына кэһэйэн үөрэниигэ тиийэн хаалыан сөбүттэн, тугу барытын оҥоруон инниттэн сэрэхтээх буоллаҕына эрэ быыһанар кыахтаах. Ол иһин киһини сэрэхтээх буолууга үөрэтэр аналлаах Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үөскээбит.

Киһи барыта үчүгэйи эрэ оҥоруон баҕарарыттан уонна оҥороруттан үчүгэй быһыылар олус, ахсаана суох элбэхтэр, онтон куһаҕан быһыылар быдан аҕыйахтар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо кыра эрдэҕиттэн аан маҥнай арааран билэ үөрэнэрэ олоҕор ордук туһалаах, тиийимтиэ буоларын быһаарар.

Аан маҥнай куһаҕан диэн тугун билбит оҕо үчүгэй диэни дьэ арааран билэн ордук сыаналыыр киһи буола улаатарын сахалар былыргыттан билэн туһаналларын биһиги билигин хаалларан туһаммакка сылдьабыт.

«Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ үөрэнэр» диэн этии киһи оҥорор быһыыларыттан бэйэтэ үөрэниитин быһаарар. Ол курдук оҕо туох саҥаны билбитин барытын боруобалаан, оҥорон-тутан көрдөҕүнэ эрэ дьиҥнээхтик итэҕэйэрин, ылынарын быһаарарын тэҥэ, бу боруоба кыра да буоллар кэһэйиини үөскэттэҕинэ ордук дириҥник иҥэрин биллэрэр.

«Муоһа-туйаҕа туллубут» диэн этии киһи кэһэйэн баран дьэ өйдөммүтүн, көрсүө, сэмэй майгыламмытын быһаарар этии баарын аахайбакка, туһаммакка сылдьабыт. Бу этии оҕо кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буола иитиллэрэ лаппа ордугун, улааттаҕына туһата улаатарын, сыыһа-халты туттан кэһэйииттэн, эрэйтэн, кэлиэкэ буолууттан быыһаныан сөбүн чопчу быһаарарын төрөппүттэр ылынан, оҕолорун иитиигэ туһаныа этилэр.

«Үөрэҕи ылымтыа киһи дьон сыыһаларыттан үөрэнэр, онтон эрэйдэнэн үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһатыттан үөрэнэр» диэн этии кэһэйэн үөрэнии сүрүн төрүтүнэн буолар. Бу этиини ордук чопчулаан, чуолкайдаан үөрэҕи ылымтыа дьон аҕыйахтарын, онтон бэйэ оҥорбут сыыһаларыттан үөрэх ылынан үөрэнээччилэр баһыйар элбэхтэрин биллэриэхпит этэ.

Оройу туохха эмэ эмискэ таарыйан ыарыйдаҕына, ол ыарыы төһө улаханыттан хаһан умнуллара быһаарыллар. Соччо улахана да суох ыарыы соһуччу буоллаҕына, букатын, киһи үйэтин тухары умнуллубат гына өйдөнөр кыахтанар. Ыарыы умнуллубата төһө уһуннук дьайарыттан уонна күүһүттэн быһаччы тутулуктааҕа кэһэйэн үөрэнии дьайыыта күүстээҕин, тиийимтиэтин быһаарар.

Салгын кутунан, өйтөн-санааттан киирэр үөрэх олус уһун кэми ылар. Бу үөрэнииттэн киһиэхэ уһун кэмҥэ үгэс үөскээтэҕинэ эрэ киһи бу үөрэҕин олоҕор, бэйэтэ оҥорор быһыытыгар туһанар кыахтанар. Төһө да куһаҕаннык иһиллибитин иһин киһи кэһэйдэҕинэ, ол аата үөрэх этин-сиинин таарыйдаҕына ордук түргэнник, тиийимтиэтик үөрэнэрэ чахчы. Үөрэҕи ылыныы бу уратыларын быһааран сахаларга кэһэйэн эбэтэр кэһэтэн үөрэтиини биллэрэр Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үөскээбит.

Суоппар суол быраабылаларын биллэҕинэ, олору туттардаҕына массыынаны ыытар быраабы ылар. Ол да буоллар дьыалатыгар кэллэҕинэ суоппар суол быраабылаларын хаһан баҕарар кэһэр кыаҕа хаалан хаалбат, кэһээччилэр син-биир бааллар, арай ыстараап улахана эрэ кэһэтэр күүһэ улаатарыттан суоппардары бэрээдэги тутуһарга үөрэтэр, өй киллэрэр кыахтаныан сөп диэн Россияҕа ыстараабы лаппа улаатыннарбыттара. Бу суостаах кэһэтии кэнниттэн суол быраабылатын кэһээччилэр аҕыйаатылар диэн аахпыттар.

Аналлаах сатыы киһи туоруур суолугар, зебраҕа массыыналаах киһи сатыы киһини урут ыытыахтаах диэн быраабылаҕа сурулла сылдьар эрээри дьыалатыгар биһиги дьоммут суолу туораары кэтэһэн турар дьоҥҥо хата хайыһан да көрбөттөр, ааһа тураллар, син-биир түҥнэри көтөөрү ыксаталлар.

Европа дойдуларыгар суол быраабылатын кэһиигэ ыстараап биһиэхэ холоотоххо лаппа үрдүк эбит. Сайдыылаах диэн ааттыыр, үтүктэ сатыыр дойдуларбытыгар суоппардар суол быраабылаларын ордук тутуһалларыгар ыстараап улахана, ол аата кэһэтэн үөрэтии кытаанаҕа ордук туһалыыра быһаарыллан тахсар.

Кэһэтэн, куһаҕан диэн тугун биллэрэн үөрэтии Аан дойду үрдүнэн биллэр холобурдара бааллар. Үлэһиттэри атаҕастааһын, баттааһын олус муҥура суох бара турара сатамматын, ханнык эрэ кэмнээҕин-кэрдиилээҕин, Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыыта бары үлэлээн айахтарын ииттэр үлэһит дьоҥҥо биллэрбитэ.

Ол кэмҥэ ыраахтааҕы уһуну-киэҥи ырытан саныыр өйдөөх-санаалаах киһи эбитэ буоллар үлэһиттэргэ сөптөөх чэпчэтиилэри кэмигэр оҥорон биэрэн испитэ буоллар, үлэһиттэр олохторо тупсан, өрө туруу суох да буолуо этэ. Атын сайдыылаах дойдулар итинник быһаараннар өрө туруулар Россияттан атын дойдуларга кыайан тарҕамматахтара.

Бу өрө туруу үөрэҕэ үлэһит дьону аһара баттыыр, атаҕастыыр кыаллыбатын баай дьоҥҥо өйдөтөрүнэн уратылаах. Өктөөп өрө туруутун кэнниттэн аһара баайдар бары ханна тиийбиттэрин, түгэммиттэрин умнубаппыт буоллар, билиҥҥи олоххо, байыыны эккирэтии кэмигэр, туһалаах буолуо этэ. Үс көлүөнэ дьон олорон ааһан уларыйбыттарын кэнниттэн биһиэхэ эмиэ аһара баайдар элбээн эрэллэр. Атомнай буомба чахчы улахан кутталлааҕын Хиросима уонна Нагасаки куораттары күл-көмөр оҥоруу кэнниттэн ыла дьон бары билэллэр, аһара улаханнык кэһэйэннэр, бу буомбалартан олус сэрэнэллэрэ билигин да аҕыйыы илик.

Билигин бары электрическэй уот биэрэр атомнай станциялар куттала суохтарын туһунан кэпсииллэр. Ол эрээри электричество оҥорор атомнай станциялар эмиэ атомнай буомба курдук кутталлаахтара Чернобыль абаарыйатын кэнниттэн биллэн хаалан, дьон эмиэ сэрэнэллэрэ улаатта.

Ханнык баҕарар суолталаах, дьон олоҕун хамнатар саҥаны арыйыы, айыы туох содуллааҕа кэлин, оҥорон-тутан көрөн, боруобалаатахха биирдэ биллэр уратылаах. Ол иһин саха дьоно оҕолорун кыра эрдэҕинэ, өйө-санаата ситэ сайда, киһи буолууну баһылыы илигинэ «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэр, саҥаны айыы табыллыбатаҕына, сыыһа-халты туттунууларга кубулуйдаҕына кэһэйиэхтэрин, олохторо соһуччу уларыйыан баҕарбаттарыттан итинник бобууну туһаналлар.

Дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын арааран билэр буолуу дьону кэһэйэн үөрэнииттэн харыстыыр аналлаах. Билэр киһи кэһэйиигэ киирэн биэрбэт кыаҕа улаатар. Сахалыы хаһыаттар дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын барыларын суруйбаттарыттан, дьоҥҥо биллэрбэттэриттэн эдэрдэрбит ханнык куһаҕан быһыылар баалларын билбэттэриттэн, тыа сириттэн куоракка киирэннэр элбэх буруйу-сэмэни оҥороллор, хаайыыга түбэһэллэр, кэһэйэн уонна кэһэтэн үөрэтиигэ тиийэн хаалаллара хомолтолоох.

Киһи өйө-санаата сайдарынан, үөрэх-билии мунньулларынан туһанан, ханнык быһыыттан туох содул үөскүүрүн эрдэттэн сэрэйэн, быһааран баран оҥороруттан кэһэйиигэ киирэн биэрбэтэ эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Ол аата оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары арааран билэн, олору оҥорбот буоларга үөрэниитэ кэһэйиигэ киирэн биэрэрин аҕыйатыа этэ.

КЭҺЭТЭН ҮӨРЭТИИ

Салгын кутунан, өйтөн-санааттан киирэр үөрэх олус уһун кэми ылар. Биэс сааһыттан ыла бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн иһэр оҕо сокуоннай сааһа, уон аҕыс сааһа туоларыгар эрэ үчүгэй үгэстэри үөскэтинэн иҥэринэр кыахтанар. Ол аата үгэстэр үөскээтэхтэринэ эрэ киһи бу үөрэниитин, үөрэҕин олоҕор туһанар кыахтанар. Төһө да куһаҕаннык иһиллибитин иһин киһи кэһэйдэҕинэ, ол аата үөрэх этин-сиинин таарыйдаҕына ордук түргэнник, тиийимтиэтик үөрэнэрэ хаһан да уларыйар кыаҕа суох.

Итии уулаах чаанньыгы дуу, тугу дуу бэйэлэригэр тоҕо тардынан, элбэх кыра оҕолор итиигэ буһан эрэйдэнэллэр. Кыра оҕону тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаран, кэһэтэн үөрэтии олус туһалааҕын кырдьаҕастар бары билэллэр. Бу курдук, кыратык кэһэйэн үөрэммит оҕо итии тэриллэртэн, ордук чаанньыктан, чааскыттан сэрэнэр буолара, харыстанара ордук күүһүрэн, итиигэ буһарыттан харысхал буолара үйэтин тухары туһалыыр. Ол аата кыра эрдэҕинэ кыратык кэһэтэн үөрэтиллибитэ улаатан иһэн улаханнык кэһэйэн үөрэниигэ киирэн биэрэриттэн хаһан баҕарар быыһыыр, харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

Кэһэтэн үөрэтиигэ чыпчархай дьайыыта эмиэ киирсэр. Эккэ-сииҥҥэ быһаччы ыарыыны оҥорорунан уһун кэмҥэ умнуллубат гына дьайар уратылаах. Былыргы сахалар кыра, мэник оҕону бэрээдэккэ үөрэтэргэ ураты тиийимтиэтин иһин чыпчархайы сөбүлээн көрөн, оҕо бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ туһаналлар эбит.

Аан үрдүгэр мас быыһыгар анньыллан турар бэрээдэк көрөөччү чыпчархайы мэник-тэник оҕо улаатан, үрдүк олоппоско ыттар кыахтаннар эрэ ылан оһоххо быраҕан суох оҥороору сананара баара. Чыпчархай баар буолара буруйу, куһаҕан быһыыны оҥоруу кэнниттэн хайаан да кэлэр ханнык эрэ, буруйга сөптөөх эппиэтинэһи, оҕо кыра эрдэҕиттэн билэр буолуутугар тириэрдэринэн, бэрээдэктээх буолууга үөрэтиигэ хайаан да наадатын санатабыт. Ол курдук кыра чыпчархай сыыһа, оҕо кыра эрдэҕинэ буруйу, куһаҕан быһыыны оҥороруттан соҕотохто тохтотор уонна бу быһыыта ийэ кутугар иҥэн үйэтин тухары дьайа сылдьар, туһалыыр буоллаҕына, улаатан баран буруйу, куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна, сокуону кэстэҕинэ хаайыыга түбэһэрэ ордук куһаҕан, хомолтото төһө эмэ улаатарыгар тириэрдэн кэбиһэр.

Эргэ күрүө үрдүнэн сүүрэн сүнньүөҕүн тосту үктээн дөлбү түһэн, атахпын өлөрөн ыарыыламмыппын: «Күрүөнү алдьаппытын иһин мөҕө түһэн биэриэм этэ да, бэйэҥ кэһэйбитиҥ сөп буолар ини»,- диэн аҕам мөхпөтөҕөр үөрбүтүм баара. Бу кэһэйии, оҕо тугу оҥороругар барытыгар эппиэтэ хайаан да кэлэрин биллэрэринэн ордук тиийимтиэ уонна туһалаах.

Эбэм кыра бырааттарым буруйу, куһаҕан быһыыны оҥордохторуна миигинэн чаҕытарыттан, кэлэн мөҕүө диэн этэриттэн бары кыралар саллар, этэр тылбын истэр буола улааппыттар. Кыра быраатым оскуолаҕа киириэн иннинэ ийэтигэр уһуннук көтөхтөрө олорорун сөбүлээччи этэ. Түбэһэ түстэр эрэ: «Бачча улаатан баран үлэлээн сылайбыт ийэҕэр көтөхтөрүмэ», - диэн үүрэн ыытааччыбын. Ол иһин улаатыар диэри соччо сөбүлээбэт, тэйиччи сылдьар этэ. Кэлин улаатан истэҕинэ саахымакка үөрэтэммин, булка илдьэ сылдьаммын уонна тиэхиникэҕэ сыһыараммын мин диэки буолара элбээбитэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ чаҕыйар, сыыһаны оҥороруттан тардынар киһилээх буолара ордук. Кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүллээх төрөппүтүн оҕо ытыктыыр, этэр тылын истэр, соннук толорор буола улаатара кини курдук өйдөөх-санаалаах, оҥорор-тутар буола үөрэнэрин түргэтэтэр. Биһиги уолаттар улаатан истэхпитинэ, аҕабыт үөрэҕэ кытаанах, чиҥ этэ. Биирдэ да эппитин барытын толорботохпутун өйдөөбөппүн. Итини тэҥэ эбэбит тугу эмэ соруйан баран: «Аҕаҕыт оҥорооруҥ диэбитэ»,- диэтэр эрэ тугу этэрин барытын тутатына толорорбут, ол иһин үлэни-хамнаһы сатыырга кыра эрдэхпитинэ үөрэммиппит.

Киэһэ аҕабыт үлэтиттэн кэлэн тото-хана аһаан бүтүөр диэри эбэбит биһиги күн устата оҥорбут буруйдарбыт тустарынан тугу да кэпсээбэт этэ. Тотон-ханан баран, аҕабыт оһох аттыгар сынньана олордоҕуна биһиги күн устата оҥорбут буруйдарбыт, үтүө быһыыларбыт дьэ ырытыллар этилэр. Ол барыта аччык киһи ылынар быһаарыыта арыычча быһаччы, ыгым, тиэтэллээх буолан хаалыан сөбүттэн, уһун үйэлээх, олоҕу ордук билэр эбэбит сэрэнэн, аҕабыт топпутун, сынньаммытын, санаата көммүтүн кэннэ буруйдааҕы туттарар эбит.

Олус уһуннук сөтүөлээн эбэтэр ханна эрэ оҕолорго оонньоон, «кыыл баран хаалан» эбэтигэр көмөлөспөтөх уолу, аҕабыт хараҥа чуулааҥҥа хаайан кэбиһэрэ эмиэ баара уонна бу быһыытын киһи этэрин истибэт, толорбот, кыыл курдук быһыылаах оҕону хаайа сылдьыы, үчүгэй дьонтон туспа тутуу көҥүллэнэр диэн быһаарара. Бэрээдэги кытаанахтык тутуһарга кыра эрдэҕинэ үөрэммэтэх оҕо улаатан баран куһаҕан быһыыны, буруйу оҥорон хаайыы киһитэ буолара ордук улахан хомолтолооҕун, ночооттооҕун эрдэттэн билэн төрөппүттэр оҕолорун кыра, бэйэлэрэ лаппа сабырыйар эрдэхтэринэ үчүгэй быһыыга иитиини туһаныа этилэр.

Аһара барар өйдөөх-санаалаах оҕону, дьону туохха эмэ үчүгэйгэ, туһалааҕы оҥорууга, ордук бэрээдэккэ үөрэтиигэ хайаан да ыгыы, дьарыйыы туттулуннаҕына эрэ, өйүгэр-санаатыгар тиийэн дириҥник иҥэр кыахтанара, хас биирдии оҥорор быһыытын ырытара, толкуйдуура быһаарыллар. Ол курдук кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит оҕолор куһаҕан, сиэри таһынан барар быһыылары улаатан баран оҥорбот кыахтара улаатар.

Билигин «сытар полицейскай» диэн ааттаах, куһаҕан дьону, суол быраабылаларын тутуспат суоппардары тохтотор, өй киллэрэр оҥорууну, суоппардары тэҥэ, сатыы дьон бары билэллэрин, омуктар оҥорон ситиһиилээхтик туһана сылдьаллар. Бу массыына сылдьар суолугар оҥоруллар 7 см тиийэ үрдүктээх аналлаах мэһэй, түргэнник кэлэн ааһар массыыналар көлүөһэлэрин күүскэ охсон, суол быраабылатын тутуһары, баран иһэр түргэннэрин кыччатары модьуйар, ол аата кэһэтэн үөрэтэр аналлаах тэрил буолар.

Бу айан суолугар оҥоруллар аналлаах тэрили, мэһэйи билигин сайдыылаах дойдуларга барыларыгар оҥорон туһаналлар уонна улахан туһалааҕын билинэллэриттэн биһиги эмиэ үтүктэн эрэбит. Маннык аналлаах мэһэйдэри эрэ оҥоруу суоппардар бытааннык айаннаа диэн ыйар суол знагын харахтарынан көрөн, өйдөрүнэн-санааларынан салаллан, бэйэлэрэ баран иһэр түргэннэрин кыччатар кыахтара суоҕун илэ билинии, салгын кутунан киһиэхэ киирэр өй-санаа кыаттарыытын, туһата аҕыйаҕын биллэрэр бэлиэ буолар. Ол курдук бу аналлаах мэһэй, дьон өйдөрүнэн-санааларынан салаллан бэрээдэги тутуһар кыахтара суоҕун чахчы билинэн, «сааттаах остуолба» буолан, суол аайы туора түһэн сытара биһиэхэ эмиэ элбээтэ.

Массыынаны ыытан иһэр киһи, суоппар, өйө-санаата төһө да үрдүк үөрэхтэммитин, суруллубуту ааҕар буола сайдыбытын иһин, суолга туруоруллубут аналлаах знагы хараҕынан көрөн, өйүнэн-санаатынан салаллан, бу кэмҥэ, бу суолга көрдөнөр түргэнинэн ааһар, айанныыр кыаҕа суоҕун илэ билиниинэн, бу «сытар полицейскай» диэн мэһэй буолар.

Суолга оҥоруллар аналлаах мэһэй, «сытар полицейскай» киһи үөрэҕи-билиини баһылаан өйө-санаата сайдар, үчүгэй өттүгэр тупсан иһэр диэн этии төрдүттэн сымыйатын, дьон бэйэлэрин бэйэлэрэ албыннаныылара буоларын быһаарар. Ол курдук киһи кэһэйэ, массыынатын көлүөһэтин «сытар полицейскай» күүскэ охсуор диэри ханнык да суол знагын, ол аата өй-санаа көрдөбүллэрин билиммэккэ баран, айаннаан иһэрин биллэрэр.

Дьону сокуоннары, бэрээдэги тутуһуннара үөрэтии хайаан да кэһэтиилэннэҕинэ эрэ табылларын, бу «сытар полицейскай» биллэрэрин таһынан ыстараап кээмэйэ улаатан иһэрэ эмиэ оннук өйдөбүлү, дьайыыны биэрэр. Харчы көстүүтэ хаһан даҕаны чэпчэки буолбатынан, үлэлээтэххэ, эрэйдэннэххэ көстөрүнэн, ыстараап өйгө-санааҕа дьайыыта син-биир кэһэтиигэ тэҥнэнэр. Ити курдук дьон өйө-санаата сайдыыта олус былыргы кэмнэртэн кыратык да уларыйан көрө илигэ итинник дакаастанарынан, сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ дьоҥҥо билигин да туһалааҕа, тиийимтиэтэ быһаарыллар.

«Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэн этии киһи туох эмэ олус, сүгэнэн охсуу курдук улахан ыарыылаах, өлөрүөн да сөптөөх кэлэн түһүөр диэки сытарын, сынньана түһэрин ордорорун быһаарар. Ол аата туох эрэ олус ыар, ыарахан ыктаҕына, кэһэттэҕинэ эрэ киһи оронтон туран туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанара быһаарыллар.

Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүл баар эрэ буоллаҕына өйө-санаата аһара барбакка, киһи буолуу хааччаҕын иһигэр сайдан, үүнэн тахсар кыахтанар. Төрөппүт оҕотун кыра эрдэҕиттэн бэйэтин батыһыннара сылдьан хайаан да «Мин курдук оҥор» диэн үөрэҕэ, кини курдук, улахан киһи курдук оҥорор буолууга үөрэтэр, ол аата киһи быһыылаах киһиэхэ кубулутар кыахтаах. Итини тэҥэ, буруйу, куһаҕан быһыыны оҥордоххо эппитинэһэ хайаан да кэлэрин биллэрэргэ Улуу Тойон таҥара кытаанах үөрэҕэ туһалыыр.

КЫҺАЛҔА КЫҺАЙАР

Дьон көннөрү санааларыгар куруук үтүө, сөбүлүүр баҕа санааларын толоро сылдьыахпыт дии саныыллар. Ол эрээри кыһалҕа кыһайыыта диэн олоххо баарын уонна хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөбүн умнубат ордук буолуо этэ. Олоххо араас кыһалҕалар эмискэ үөскээннэр киһи баҕарбатын, сөбүлээбэтин оҥорорго тиийэрэ эмиэ элбэх. Өссө сөбүлээбэт быһыыны хос-хос хатылаан, уһун кэмҥэ оҥоруу ыган тиийэн кэллэҕинэ, киһи урукку сөбүлүүр эбэтэр сөбүлээбэт диэн өйдөбүлүн төрдүттэн уларыттаҕына эбэтэр эргитэн биэрдэҕинэ уонна «Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар» диэн этиини тутустаҕына эрэ табыллар кэмэ кэлэр. Кыһалҕа кыһайыытын үгүс өттүн биһиги «Үлэ-олох үөрэҕэ» диэн үлэбититтэн көрүөххэ сөп. (9,94).

Олоххо кыһалҕа кыһайыыта ыарахан. Ол курдук улахан өрүс саас халааннаан дьиэни-уоту барытын сотон бардаҕына, киһи уһун үйэтин тухары мунньан-тараан оҥостубут олоҕо төрдүттэн уларыйан, саҥалыы саҕаланар кэмэ тиийэн кэлэр. Маннык тосту уларыйыы кэмигэр киһи мөлтөөн-ахсаан, сымнаан биэрбэккэ өссө тулуурдаах, дьулуурдаах буолуутун күүһүрдэн биэрэрэ ирдэнэр.

Айылҕа дьайыытын дьон кыайан уларытар кыахтара суоҕунан бу дьайыылартан быыһанар, харыстанар суоллары эрдэттэн булуна сылдьаллара эбитэ буоллар, кыратык хаарыттарыа этилэр. Ол курдук дьиэлэрин-уоттарын уу ылбат үрдүк сирин буолан оҥоһуннахтарына ууттан эрэйдэниини билиэхтэрэ суоҕа этэ.

Улахан куйаастар кэмнэригэр баһаардар барар кутталлара биллэрдик улаатарыттан дьон сэрэхтээх буолуулара эрэ быыһыыр кыахтааҕын умнубут курдукпут. Билиҥҥи сайдыылаах, сибээс, тиэхиникэ сайдыбыт кэмигэр тыаҕа барбыт баһаардартан үгүс элбэх дэриэбинэлэр дьиэлэрэ барылара умайан хаалыылара салайыы мөлтөҕүттэн сэрэхтээх буолуу диэн өйдөбүл умнууга хаалбытын биллэрэллэр.

Оҕолору бас-баттах, «айыы үчүгэй» диэн иитииттэн, үөрэтииттэн биһиги эмиэ уоттан сэрэхтээх буолуубутун билигин букатын сүтэрэн олоробут. Ол курдук эдэрдэри «айыы үчүгэй» диэн үөрэтии киһи билбэтин, оҥорботун, айыыны оҥоро сатыылларын элбэтэриттэн, уоту туһаныыга сыыһа-халты тутталларын үксэтиэн сөп. Итиннэ эбии, салайааччылар өттүлэриттэн оннооҕор урукку кэмҥэ оҥоруллубут баһаарга туттуллар аналлаах уу мунньуллар күөллэрин куурдуу, уу кутар улахан иһиттэрин туһата суох туруоруу, баһаарынай харабыллары суох оҥортооһун, аҕыйатыы таһаарылла турар.

«Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн этии быһаччы дакаастабылын биһиги ыар, сэрии кэннинээҕи кэми уонна ол кэм оҕолорун майгыларын үөрэтииттэн буларбыт ордук табыллар.

Оҕону саамай сөптөөхтүк, таба үөрэтэр кэм сэрии кэннинээҕи кэмҥэ кэлэн ааспыт. Биһиэхэ 45-70 сылларга төрөөбүт оҕолор онно сөп түбэһэллэр. Оччотооҕу кэмҥэ олох кыһалҕатыттан кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара сөпкө иитиллибит оҕолор улаатан баран быстах быһыыга түбэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара биллэр аҕыйах. Ол иһин бу кэмҥэ төрөөбүт, иитиллибит оҕолор билигин сааһырбыттарын, бары пенсияҕэ тахсыбыттарын кэннэ ахсааннара элбэх, олохторун кыһалҕатыттан кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн үлэни кыайаллар, эрэйи билэн, көрсүө, сэмэй майгыламмыттар, киһи быһыылаахтык олороллор, оҕолорун эмиэ көрсүө, сэмэй майгыга, үлэҕэ үөрэппиттэр.

Кэлин «Бары-барыта үчүгэй буолла, олохпут тубуста» диэн дьону албыннаабыт сэбиэскэй былаас эстиитигэр оҕону иитии, үөрэтии аҥардастыы атаахтатыы, маанылааһын өттүгэр халыйыытыттан, барыта оҕолор тустарыгар диэн ыҥырыынан салаллыбытынан, ол кэмнээҕи оҕолор бары атаах майгыланан хаалыыларыттан, кэлэр көлүөнэлэр иитиилэрэ ордук мөлтөөтө.

Ырыыныак олоҕун кыһарыйыыта элбэх ахсааннаах үлэһиттэр өйдөрүн-санааларын сыыйа-баайа көннөрөн, оҕолорун үлэлииргэ-хамсыырга үөрэтэллэрэ эбиллэн иһэр. Олохпут уларыйыыта эйэлээхтик, сыыйа-баайа баран иһэринэн, урукку, сэбиэскэй кэмнээҕи үөрэҕи тутуһааччылар, оччотооҕу кэм маанылаабыт араас учуонайдарын, суруйааччыларын «айыы үчүгэй» диэн сыыһа өйдөрүн-санааларын дьон бэйэлэрин өйдөрүнэн-билиилэринэн арааран билэн, туттубат буолуулара үөскүө этэ.

Улааппыт, бэйэтэ өйүн-санаатын ситэн эрэр оҕоҕо, улахан да киһиэхэ ону-маны ыган-хаайан оҥотторо, биллэрэ сатааһын утарсыыны, сөбүлээбэт буолууну үөскэтиэн сөп. Ол иһин арыгыны аһара бобуу, суох оҥоро сатааһын эдэрдэр утарсар, утары оҥорор санааларын күүһүрдэринэн үчүгэйи ситиһэ сатааһыны ордук улахан куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.

Биһиги, аҕыйах ахсааннаах омуктар киһи өйүн-санаатын уратыларын таба туһанар, омукпутун күүһүрдэр кыахтаахпыт. Ыган-хаайан сахалыы саҥарары бобон, нууччалыы эрэ саҥарда сатааһын, төттөрү түмүктэри биэрэр кыаҕын, биһиги табан туһаныахпыт этэ. Оҕолору оскуолаҕа сахалыы үөрэтэллэрэ аҕыйаҕыттан, төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы эрэ саҥардан иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ олохсуйан барыыта сахалар элбиирбитигэр, тылбытын, үгэстэрбитин оҕолорбут кыра, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр иҥэрэр кыахтанарбыт өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутугар тириэрдиэ.

Сэбиэскэй былаас кэмиттэн репрессия күүһүттэн аһара баһыттаран, сабырыттаран олорорбутун билинэрбититтэн, үөрэҕи-билиини нууччалартан эрэ ылынарбытыттан биһиги төрөөбүт тылбытын үөрэтэрбитигэр төрөппүттэр соччо кыһаммат буолан хаалыылара элбии сылдьыбыта. Үгүстэр оҕолорун нууччалыы эрэ билэргэ, саҥарарга үөрэтиилэрэ уопсай биир тыллаах сэбиэскэй норуоту үөскэтэ сатаабыттарыттан уонна биир тылы үөрэтии үөрэҕи-билиини чэпчэтэр курдук, сыыһа санааттан тэнийбитэ.

Сайдыыны билиниибит ханньары баран билигин Россия күүһүрүүтэ кыра омуктары үтүрүйүүнэн, баайтан-малтан туоратыынан ситиһиллэр кэмҥэ кэллэ. Саха араадьыйатын сахалыы биэриилэрин, детсадтарга, оскуолаларга сахалыы үөрэтиини аҕыйатан иһии, сахалары эстиигэ тириэрдэр кыахтааҕыттан, бэйэлэрин омуктарын төһө кыахтара баарынан көмүскүү, харыстыы сатыылларын үөскэтиитэ, кыһалҕа кыһарыйарыгар кубулуйда. Маннык балаһыанньа үөскээһиниттэн саха омугу харыстыыр кыах биир эрэ баар. Ол төрөппүттэр оҕолоро саҥа саҥаран эрдэҕиттэн саҕалаан оскуолаҕа киириэн иннинэ сахалыы саҥарарга, үгэстэргэ үөрэтэн кэбиһэллэригэр олоҕурар.

Бу кэмҥэ оҕо өйө-санаата ордук күүскэ сайдарынан, ийэ кута үөскүүрүнэн ылыммыт үөрэҕэ үйэтин тухары дьайа сылдьарынан ордук улахан туһалаах. Бары төрөппүттэр ылсан туран дьарыктаннахтарына ситиһэр кыахтара улаатар.

Үөһээттэн кэлэр ыгыынан-хаайыынан, кыһалҕа кыһайыытынан туһанан оҕолору кыра эрдэхтэринэ сахалыы өйгө-санааҕа, киһилии быһыылаах, майгылаах буола улааталларыгар үөрэтии олоххо киирэрэ ордук табыллыа этэ.

Физикэ сокуонун быһыытынан ханнык баҕарар баттааһын утары өттүттэн хардары баттааһыны үөскэтэр. Саха тылын аҕыйатыы, туттуллууттан туората сатааһын сахалар, төрөппүттэр ордук ылсыһан туран оҕолорун саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн, аан маҥнайгы саҥарар тылларыттан саҕалаан сахалыы үөрэтэ сатааһыннарын тарҕаттаҕына, туһаны аҕалара элбиэ этэ. Ырыынак олоҕо салгыы сайдан баран истэҕинэ, ордук тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар, оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы кыайааччылар баһылааһыннара сайыннаҕына, сахалыы өй-санаа оннун буларыгар биһиги саарбахтаабаппыт.

Онон кыһалҕа кыһайыытын тулуйарга, кыайан аһарынарга киһиэхэ тулуурдаах, дьулуурдаах буолуута ордук күүстээҕэ, өйө-санаата туруктааҕа, өсөһө, ыһылла сылдьыбата эрэйиллэр. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ киһиэхэ ити күүстэри биэрэр кыаҕын төрөппүттэр табан туһаныылара үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр ханнык да уустуктары үөскэппэт.

ТУТТУНАР КҮҮС

Сахаларга «Олох үөрэҕэ» диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүлүнэн кыра эрдэҕиттэн олоххо, үлэҕэ-хамнаска үөрэммэккэ атаахтыы сылдьыбыт киһини «олох үөрэтиэ» диэн этэллэриттэн табатык өйдөнөр. Ол аата кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ олох үөрэҕэр үөрэппэтэх оҕолоро улаатан баран бэйэтэ олорор олоҕуттан үөрэниитэ «Олох үөрэҕэ» диэн ааттанар уонна «Олох үөрэҕэ ыарахан» диэн эбиискэ быһаарыыланар.

Олох ханнык баҕарар кэмигэр оҕону тулуурдаах буолууга үөрэтии бастаан иһэрэ ордук. Экономика сайдыытыттан олох чэпчээн истэҕинэ тулуурдаах буолууга үөрэнии өссө кытаатан, ыараан биэриитэ ирдэнэрин сэбиэскэй былаас сыыһа үөрэҕин билигин да тутуһарбытыттан, умнан, хаалларан сылдьабыт.

Олох үөрэҕин тутаах көрүҥүнэн туохха барытыгар тулуурдаах буолуу ааҕыллар. Тулуурдаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууга үөрэтиллибэтэх, кыра эрдэҕинэ иитиллибэтэх эдэрдэр сыыһа-халты туттунууларыттан, аһара барыыларыттан ону-маны алдьаталлара, тоҕо түһэллэрэ, уоту ыыталлара, дэлби тэптэрэллэрэ элбэҕиттэн урут оҥоруллубуту сотору кэминэн суох оҥорор кыахтаахтар. Билигин Россияҕа үлэ-хамнас сайдыбата, кыаттарбата барыта итинтэн тутулуктаах.

Тулуурдаах буолууттан, киһи баҕа санааларын толоро охсорун тулуйууттан тохтотунар, туттунар күүс үөскүүр. Мэниктиир оҕону тохтото түһүү, олордон ылыы тулуурдаах буолуутун үөскэтэр. Киһи хас баҕа санаатын толорон иһэрэ хайдах да табыллыбат, хайаан да хааччахтаах буоллаҕына эрэ сатанар. Ол курдук эр киһи үчүгэй дьахтары көрсө түһээт үрдүгэр түспүтүнэн барбат, хайдах эрэ бэйэтин баҕа санаатын кыаннаҕына, тохтотуннаҕына, ааһа бардаҕына эрэ табыллар. Бу тохтотунар быһыы киһи буолууну, кыыллартан киһи өйө-санаата туспа арахсыытын, киһиэхэ туттунар күүс үөскээбитин, өйө-санаата сайдыбытын бэлиэтэ буолар.

Тоҕо сорох киһи туттунар күүһэ суоҕуй? Бииргэ аһыы, үөрэ-көтө олорон, кыыһыра, ырдьыгыныы түһээт быһаҕы харбаан ылаат даҕаны билэр киһитин анньан кэбиһэрий? Бу уустук боппуруостары быһаарыы аныгы ыччат өйө-санаата уларыйыытын хас да уонунан сылларга кэтээн көрүүнэн быһаарыллар кыахтаах.

Кыра оҕону атаахтатыы, киһиргэтии, барыта бэлэмҥэ үөрэтии туттунар, тохтотунар күүһэ суох киһи буола улаатарыгар тириэрдэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ тохтотунар күүһүн үөскэтэр аһара барыма диэн үөрэх «Аһара ытаама, чэ, сөп буолуо, бүт» диэн этиилэринэн саҕаланар уонна аан маҥнай аралдьытыынан ситиһиллэр. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэни билэн, таба сыаналаан, туохха барытыгар аһара барбат буолууну ситиһии, төрөппүт сүрүн үөрэҕэ буоларын умнан сылдьабыт.

«Тохтуу түс, олор», «Мэниктээмэ» диэн этиилэр уонна олору хайаан да толотторуу оҕоҕо тохтотунар, тулуурдаах буолар күүһү үөскэтэллэр. Бэйэлэрин баҕа санааларын тохтотунар күүстэрэ суох оҕолор улааттахтарына быстах санааларыгар баһыттаран, киирэн биэрэн араас күүһүлээһиннэри, халабыры оҥорор кыахтаналлар.

Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа киһи тохтотунар, толкуйдуу түһэр кыахтаах буолара наада. Ыксаабыт, ыгыллыбыт кэмҥэ өй-санаа кыарыыр, кылгыыр. Бу кэмҥэ сыыһа-халты туттунуу үксүүрэ ыксааһын, тиэтэйии куһаҕан майгы буоларын быһаарар. Тулуура суох киһи ыксаллаах, тиэтэллээх буолар уратылаах. Манна ордук урут түһэн оҥоро охсуу, айыыны, дьон билбэттэрин оҥоро сатааһын киирсэрэ оҕолорго сыыһа-халты туттунуу элбээһинин үөскэтэрин таба өйдүөхпүт этэ.

Олоххо киһи төһө кытаанах усулуобуйаҕа түбэһэр даҕаны этэ-сиинэ эрчиллэриттэн санаата бөҕөргөөн, доруобуйата өссө тупсан араас кыра ыарыылары тулуйар кыаҕа улаатар. Эккэ-сииҥҥэ кыра ыарыылары үөскэтэн, олору тулуйа үөрэнии тулуурдаах буолууну улаатыннарар. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ үөскэтэр ыарыыларын тулуйууттан айылҕа тулуурдаах буолууга үөрэҕэ саҕаланар.

Кыра эрдэҕинэ куруук бэлэмҥэ, сылааска, үчүгэй, сымнаҕас усулуобуйаҕа улааппыт, элбэхтэ атаахтаан аһара көрүллүбүт-истиллибит оҕо улаатан олох ыараханын билэн истэҕинэ ыарырҕатар, санаата түһэрэ элбиир. Барыта бэлэмҥэ үөрэнии, олох ыарахаттарын тулуйууну суох оҥорон арыгыһыт буолууга тириэрдэрин сахалар «Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр.

Киһи хаһан баҕарар үөрэҕи ылымтыа. Сааһыран иһэр киһи үөрэҕи ылынара ыараан, уһаан иһэрин тэҥэ, умнугана эбиллэн иһэринэн туһата аҕыйыыр. Онтон оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэх олус кытаанахтык иҥэринэн, түргэнник үгэстэри үөскэтэринэн уратылаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнайгы билиилэриттэн саҕалаан бэрээдэккэ үөрэтии ордук тиийимтиэ уонна туһалаах.

Дьону кытта сыһыаҥҥа тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах киһи аһара туттунуулары оҥоруон сөп. Ол курдук кыратык кыыһыра түһээт ол-бу диэн этэн, саҥаран, этиһиини саҕалаан баран охсуһууга тириэрдиэн сөп. Улахан киһи атын дьону кытта хаһан баҕарар туттунар күүстээх буоллаҕына эрэ тапсар, бииргэ үлэлиир кыахтанар.

Киһи үйэтин тухары бэйэтин араас элбэх баҕа санааларын туттуна, хааччахтыы сырыттаҕына эрэ, киһи быһыытын аһара баран сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиспэккэ олоҕун олорор кыахтанарын таба сыаналаан оҕону кыра эрдэҕиттэн сиэри-туому, бэрээдэги тутуһарыгар үөрэтиини туһаныа этибит.

Аһылыктан туттунар буолуу оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, киһи буолууну баһылаабытын кэнниттэн кэлэр, дьон үгүстэрэ эрэйдэнэр үөрэхтэрэ буолар. Ол курдук сымнаҕас, аҕыйахтык хамсанар олохтоохтор кэлин, сааһыран истэхтэринэ эттэрэ-сииннэрэ эбиллэрэ элбээтэ. Аһылыктан туттунуу күүһүрдэҕинэ, киһи аһара элбэҕи аһаабакка, бэйэтин туттунан, уойан барыыттан көмүскэллээх буолар кыахтанар. Бу аһылыктан туттунар күүс киһини арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолууттан эмиэ харыстыыр кыахтаах. Ол иһин киһи бу туттунар күүһүн күүһүрдэн биэрэ сылдьара эрэйиллэр.

Арыгыны аһара истэххэ үөскүүр төбө ыарыытын абырахтанан кэбиһии суох оҥороро дөбөҥө туттунар, ыарыыны тулуйар күүһэ суох киһини арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ элбэх. Итини тэҥэ наркотиктарга үөрэнииттэн үөскүүр «ломка» диэн күүстээх ыарыыны бэйэлэрэ тулуйан хайдах эмэ аһарынар кыахтаахтар наркотиктан эмтэнэр, быраҕар кыахтара улаатар.

Туттунар күүс улаатарыгар өсөһүннэрэ үөрэтии тириэрдэр. Ол аата «Мин маны кыайабын», «Мин маны тулуйабын», - диэн санааны бөҕөргөтүнүү, өсөһөн тулуйа сатааһын тулууру, туттунар күүһү улаатыннарар. Тулуурдаах буолуу сайыннаҕына киһи туттунар күүстэнэр. Манна кэлэн сахалар оҕону үөрэтэргэ аналлаах «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн этиилэрин санатыахпыт этэ. Өһөс киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһиигэ дьулуурдаах. Ол аата оҕону иитиигэ, бу өс хоһоонун бары туһанарбыт эрэйиллэр.

Үгэс буолуу куһаҕан өттө табаах тардыыта, арыгы иһиитэ, наркотиктары туһаныы, оонньууга, лудоманияҕа ылларыы барылара сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн толору быһаарыллар кыахтаахтар. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх буоллаҕына, ханнык да баҕа санаатын кыайан кыана туттубат буола улаатара итинник эрэйдэргэ тэбиллэрин элбэтэр.

Христианскай, православнай таҥара үөрэҕэ «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атынын тоһуйан биэр» диэн көннөрү киһиэхэ таба өйдөммөт курдук этиитэ эмиэ ураты тулуурдаах, атын киһи охсорун курдук куһаҕан быһыыны холкутук тулуйар буолууга үөрэтии биир тутаах көрүҥэ буолар.

Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута тулуурдаах буолууга иитилиннэҕинэ эрэ уһун үйэтин тухары сыыһа-халты туттубакка, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыаҕа улаатар. Тулуурдаах буолууга үөрэнии киһиэхэ ыараханнык дьайарыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр уонна киһиэхэ сүрү үөскэтэр, сайыннарар. Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо үчүгэйи оҥоробут диэн сымыйалаан, албыннаан бу, киһи барыта тулуйуохтаах ыарахан үөрэҕин суох оҥорбута билигин кэлэн дьайыыта тиийэн эдэрдэрбит тулуура, дьулуура суохтарыттан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээбитин таһынан туһалаах үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэрэ аҕыйаата.

ҮТЭН – АННЬАН КӨРҮҮ

Дьон бары тас көрүҥнэринэн бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, өйдөрө-санаалара, майгылара, тулуурдара, дьулуурдара эмиэ тус-туспалар. Киһи хаһан баҕарар атын дьону кытта бииргэ алтыһар, үлэлиир, бииргэ олорор кэмнэрэ элбэхтэр. Ол иһин киһи киһини кытта арыыйда дириҥник билсиһиэн баҕарара хаһан даҕаны хаалан хаалбат.

«Киһини үчүгэйдик билэргэ буут тууһу сиэххэ наада» диэн этии дьоҥҥо баар. Бу этиини тутустахха бииргэ сылдьыы икки сылтан ордук уһууругар тиийэр кыахтанар. Киһини өйүн-санаатын туругун түргэнник билиэхтэрин баҕардахтарына ханнык эрэ үтэн-анньан көрүүнү туһаныахтарын сөп. Ол аата киһи ханнык баҕарар үтэн-анньан көрүүнү тулуйар кыахтаах, онно киирэн биэрбэт буоллаҕына, олоҕу олорор, дьону кытта тапсар, биир тылы булунар кыаҕа улаханын биллэрэр.

Киһи тас көрүҥүттэн, саҥатыттан-иҥэтиттэн, туттар быһыытыттан туох-ханнык ис санаалааҕын барытын быһааран билии соччо кыаллыбат. Тас көрүҥ киһи тас таҥаһын курдук, өйүн-санаатын быһаарыыга сыыһа, итэҕэс өйдөбүлү биэрэрин дьон быһаарбыттара ыраатта. Ол иһин киһи ис санаатын быһаарыыга хас даҕаны ньымалары сахалар тутталлар:

1. Кэпсэтии.

2. Баайы биэрии эбэтэр салайааччы, тойон оҥоруу.

3. Итирдэн көрүү.

Бу быһаарыылары биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытан быһаарыахпыт:

1. Кэпсэтииттэн киһи өйө-санаата, билиитэ, үөрэҕи-билиини баһылаабыта толору быһаарыллыан сөп. Ол курдук киһи тулуурун, хайдах быһыыланарын билээри, үөрэтэн көрөөрү араастаан куһаҕаннык, кыйаханар гына этиэхтэрин эмиэ сөп. Кыра аайы кыыһыран, кыйаханан барыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт, тулуура суоҕун быһаарар. Кыра ычалаах, кыыһыран иһэр киһи салайааччы, тойон буолар кыаҕа кыратын курдук, дьону кытта тапсара уустугурар. Ол иһин сахалар «Аһара кыыһырыма», «Тулуурдаах буол» диэн этэллэрин оҕону кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга үөрэтэн туһаныахпыт этэ.

Киһи өс киирбэх, быстах быһыыга киирэн биэриэн сөбүн билээри араас үгэргээн, күлэн этиилэри туһаныахтарын сөп. Ол курдук бэрэбинэни суорарга саҥа үөрэнэн эрэр уолу, аҕыйаҕы суорбутун бэлиэтээн «Ыраастык, кылбаччы суорар» дииллэрин таба өйдөөн, хайҕаныы курдук сананымыахха сөп.

2. Баай киһи өйүн-санаатын тосту уларытарын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр уонна олохторугар туһаналлар. Соһуччу байбыт киһи мин бэрпин, үчүгэйбин диэн санаата аһара барарыттан дьону кытта сыһыана тосту уларыйыан, улаханнык сананара аһара улаатыан сөп. Баайы сатаан туһаммат киһи элбэх да соҕуһу сотору кэминэн сиик курдук симэлитэн кэбиһиэн сөп. Итини тэҥэ тойон, салайааччы буолуу эмиэ өйү-санааны тосту уларытан, мин бэрпин диэн этиигэ тириэртэҕинэ, үлэ-хамнас сатарахсыйан барыыта саҕаланыан сөп.

3. Итирии өй-санаа тосту уларыйыытыгар тириэрдэр. Ол курдук итирдэххэ үөрэх-билии, салгын кут көтөн хаалыытыттан киһини салайыыны ийэ кута быһаччы ылар, баһылыыр. Киһини итирдэн көрүү диэн өй-санаа туругун быһаарыыга олус туһалаах ньыманан ааҕыллар. Киһи итирдэҕинэ салгын кута көтөрүттэн ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэрэ, кини кистэлэҥ, бэйэтэ да билбэт, хос санааларын таһааран, биллэрэн кэбиһэр кыахтанар. Итини тэҥэ кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит, аһара мааныламмыт киһи итирдэҕинэ аһара барыылары, туттуулары оҥорор кыахтааҕа биллэн хааларыттан, бу киһиттэн сэрэниэххэ сөбүн быһаарар.

Ити курдук үтэн-анньан көрүү диэн көннөрү туттуллар ньымалартан арыыйда ураты, атын, түргэнник киһи өйүн-санаатын арыйарга туһалыыр аналлаахтар. Ол курдук үтэн-анньан көрөн киһи олоххо туһалаах хаачыстыбаларын билиэххэ сөп:

1. Тулуурун быһаарыы. Киһи тулуурдаах буоллаҕына олоҕун киһи быһыылаахтык олорор, үлэҕэ-хамнаска ситиһиини оҥорор кыаҕа улаатар.

2. Өйүн-санаатын туругун быһаарыы, ийэ кута хайдах иитиллибитин арыйыы. Киһиэхэ ийэ кута хайдах иитиллибитэ сыыһа-халты туттубат буолуутун үөскэтэринэн быстах быһыыга киирэн биэрбэтин үөскэтэр.

Онон киһи олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар бу икки сүрүн өй-санаа көрдөбүллэрэ; тулуурдаах буолуута уонна ийэ кута хайдах иитиллибитэ олус улахан суолталаахтарын таба өйдөөн олоххо, оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ туһаныахпыт этэ.

СЫМНАҔАС СЫҺЫАН

Оҕо өйө-санаата олус түргэнник сайдар. Оҕоҕо сымнаҕастык сыһыаннаһыы сымнаҕас майгылаах буола улаатарыгар олук, тирэх буолар кыаҕа улахан. Ол курдук оҕо төрөппүтүн туохха барытыгар үтүктэрэ майгынын, дьоҥҥо сыһыанын эмиэ сүһэн ылан иҥэринэн иһэригэр тириэрдэр.

Оҕо кыра, кыаммат эрдэҕинэ сымнаҕас, аһыныгас сыһыаҥҥа, көмөлөһүүгэ, ыйан-кэрдэн биэриигэ кырдьык наадыйар. Бу кэмҥэ оҕону көрүүнү-истиини биһиги аныгы төрөппүттэрбит кыайа-хото оҥорор кыахтара билигин улаатан турар. Ол да буоллар оҕо өйө-санаата этиттэн-сииниттэн урутаан сайдарын, кыра эрдэҕиттэн ийэ кута үөскээбитинэн барарын төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр.

Сымнаҕас майгылаах ийэлэр оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата саҥаны билэриттэн, айыыны оҥороруттан эбиллэн, мунньуллан иһэрин билэн, бу кэмҥэ үчүгэйи эрэ оҥотторон, бэрээдэккэ чиҥник үөрэтэн өйүн-санаатын сайыннардахтарына ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллэрин ситиһэллэр.

Оҕону аһара атаахтык, маанылаан иитии өйүн-санаатын төттөрү өттүгэр уларытарын, барыта мин туспар, мин үчүгэйбин диэн санаатын улаатыннарарын, бэйэтэ үлэлээн-хамсаан тугу эмэ оҥоро сатыырын суох оҥорорун төрөппүттэр билиэ этилэр.

Төрөппүттэр аһара көрөн-истэн, атаахтатан кэбиһиилэрэ оҕо тугу да оҥорбутугар кыһаммат, эппиэтинэһэ суох буолуутун улаатыннарар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрөр-истэр ийэ куруук көмөлөһө, оҕотугар оҥорон, бэлэмнээн биэрэ үөрэнэн хаалан оҕону атаахтатар кыаҕа хаһан баҕарар улаатан хаалар. Манна эбии ийэ аһынара, харыһыйара, көмүскүү сатыыра аһара барыыта оҕо атаах буола улаатарыгар төрүт буолар. Ол курдук үгүс оҕолор доруобуйалара мөлтөҕө, кинилэри көрүү-харайыы, харыстааһын аһара барыытыгар тириэрдэр кыаҕа улахан. «Биир оҕо атаах буолар» диэн этии былыргыттан баарын билэбит эрээри, оҕо ийэ кута хаһан үөскүүрүн арааран билэ иликпититтэн уонна буккуйааччылар элбэхтэриттэн кыайан туһаммаппыт. Билигин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ буор, ийэ уонна салгын куттары оннун булларбытынан оҕо ийэ кутун иитиини кыра эрдэҕиттэн саҕалаан туһаныахха сөп буолла.

Уол оҕону иитиини сымнаҕас майгылаах аҥардас ийэ киһилии суолунан ыытара аһара уустугун ийэ оҕотугар сыһыанын быһаарыы дакаастыыр. Бэйэтэ аһара барар майгылаах уол оҕону иитиигэ, бэрээдэги тутуһуннара үөрэтиигэ ийэ оҕотугар сыһыана чиҥ, кытаанах буолуохтааҕын аһыныгас санаата элбэҕиттэн кыайбата кырдьык. Оҕону иитиигэ маннык уустуктар баалларын сахалар былыр-былыргыттан билэн олоххо туһаналларын бэлиэтинэн «Аҥардас ийэ», «Тулаайах оҕо» диэн этиилэр баалларын өй-санаа үөрэҕинэн кэҥэтэн туһаныахпыт этэ.

Улаатан иһэр оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтин туһугар үлэлиир кыаҕа улаатан биэрэр. Ол аата тугу оҥороругар барытыгар аан бастаан бэйэтигэр туһалаах, барыстаах буоларын урутаан оҥорор кыахтанара, ийэтэ булан, көмөлөһөн, оҥорон биэрэрэ элбэҕиттэн эмиэ улаатан иһиэн сөп.

Дьон бары бэйэлэрин тустарыгар сымнаҕас сыһыаҥҥа баҕараллар, ону сөбүлүүр буоллахтарына, бу сыһыан аһара барыыта эппиэтинэһэ, эбээһинэһэ суох буолууну үөскэтэрин аахсыбаттар. Ол аата оҕоҕо сыһыаҥҥа эмиэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини кытаанахтык тутустахпытына, оҕобутугар сымнаҕастык сыһыаннаһа сатаабыппыт иһин, эппиэтинэстээх, эбээһинэһи толоруу, бэрээдэги тутуһуу көрдөбүллэрин хайаан да тутуһуннара, толотторо үөрэттэхпитинэ эрэ иитиибит табылларын, туһаны аҕаларын таба өйдүөхпүт этэ.

Буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорбут оҕоҕо ханнык эрэ эппиэтинэс кэлэрин туһунан биллэрии кыра эрдэҕиттэн оҥоруллара ордук. Чаҕытар, салыннарар күүһүнэн бу кэмҥэ Улуу Тойон таҥара буолара олус туһалаах буолуо этэ. Ол курдук сыыһа-халты туттунууттан, куһаҕаны оҥорууттан оҕо бэйэтэ аан маҥнай эрэйдэннэҕинэ, тугун эмэ дэҥнээн, ыарыыланнаҕына, кэһэйдэҕинэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕин дьайыыта тиийэрин син-биир билэр.

Төрөппүт оҕотугар сыһыана сымнаҕас эрээри көрдөбүлэ, ирдэбилэ үрдүк, кытаанах, халбаҥнаабат буоллаҕына, оҕото бэрээдэктээх, ол аата бэрээдэги тутуһар, кэспэт, киһи быһыылаах буола улаатар кыахтанарын таба өйдүө этэ.

Оҕо улаатан бэйэтин өйө киирэн истэҕинэ сымнаҕас сыһыаны бэйэтин туһугар туһанар санаата элбиир. Буруйу, куһаҕаны оҥордоҕуна билбэтэҕэ буолан хаалларан кэбистэххэ эбэтэр оҥоруллубут куһаҕан быһыыга тэҥнээтэххэ, сымнаҕастык сыһыаннастахха, аны аһара барара эбиллэн хаалан куһаҕан быһыытын хатылаан оҥорор кыаҕа улаатарын тэҥэ, төрөппүтэ этэрин толорбот, аанньа ахтыбат буолар кыахтанар.

Буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорбут оҕоҕо онно тэҥнээх сыһыан хайаан да баара ирдэнэр. Кыра эрдэҕинэ муннукка туруорууттан, тохтото, уоскута түһүүттэн саҕалаан, араас манньата көҕүрүүрүн билэ улааттаҕына, куһаҕан быһыыны оҥордоххо эппиэтинэс кэлэрин билэр буола улаатар. Улаатан эрэр оҕоҕо үчүгэй сыһыан куһаҕан өттүгэр уларыйыыта оҕо оҥорор быһыытыгар эппиэтинэстээх буолуутун үөскэтэр.

Оҕоҕо төрөппүт көрдөбүлэ кытаанах буолуута үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ хайаан да наада. Элбэхтик, уһуннук хамсаныахха, көтөҕүөххэ, сүгүөххэ наадата үлэ эрэйдээҕин биллэрэр. Үлэҕэ биир сыыһа туттуу, киһи оҥороруттан атыннык, уратытык, айыыны оҥоруу киһи эчэйиитигэр тириэрдэр кыахтааҕа оҥорор быһыыны ордук кытаанахтык хонтуруоллуурга күһэйэрин тэҥэ, оҕо үлэттэн сылайара, салҕара ханнык да үлэни үлэлииргэ кыра да буоллар ыгааһын баар буоларын быһаарар.

Оҕоҕо куруук көмөлөһөн, ыйан-кэрдэн биэрэ сырыттахха, аны онно үөрэнэн хааллаҕына, атын киһи ыйыыта суох тугу да кыайан оҥорбот буолан хаалыан сөп. Ол иһин оҕо бэйэтэ ону-маны оҥорорго үөрэниитин хайдах эмэ тулуйуу, кэтэһии төрөппүттэн ирдэнэр. Ол курдук оҕо таҥаһын таҥна үөрэниитэ олус уһун кэми ыларынан төрөппүт бэйэтэ таҥыннара охсон баран детсадыгар илдьэрэ сыыһа. Хайдах эмэ эрдэлээн туран детсадка барыан баҕарар оҕоҕо бэйэтэ таҥнарыгар бириэмэ биэрии, кэтэһии оҕо үөрэнэрин лаппа түргэтэтиэн сөп.

«Сымнаҕас эрээри сымара таас курдук» диэн төһө да аһыммыт курдук тутуннар, сымнаҕастык сыһыаннастар даҕаны, туһааннаах көрдөбүлүн аҕыйаппат, кыратык да кыччаппат төрөппүтү, салайааччыны этэллэр. Көрдөбүл намтаан, сымнаан биэриитэ ситиһэ сатыыр киһиэхэ дьулуурун, тулуурун намтатар, ол иһин ситиһиини аҕыйатыан, үөрэх тиийимтиэтин суох оҥоруон сөп. Бэйэлэрэ көрсүө, сэмэй, сымнаҕас майгылаах эрээри кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүллээх төрөппүттэр оҕону иитэр, үөрэтэр кыахтара улаханын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

ТӨРӨППҮТ ОРУОЛА

Сэбиэскэй былаас кэмигэр төрөппүт оруолун аһара намтатан, сэбиэскэй норуот киһитин общество иитэн улаатыннарарын туһунан этэллэрэ. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн дьааһылаҕа, детсадка, онтон оскуолаҕа үөрэтэн сэбиэскэй киһи оҥорууну государство барытын бэйэтигэр ылына сылдьыбыта.

Сэбиэскэй былаас эстэн босхо дьааһылалар, детсадтар суох буолууларыттан, билигин оҕо иитиитигэр төрөппүт ылар оруола лаппа үрдээн иһэр. Төрөппүттэр оҕолоро киһилии быһыылаах дьон буола улааталларыгар, киһилии быһыылары оҥороллоругар, үлэни-хамнаһы сатыылларыгар үөрэтэр баҕа санаалара улаатан иһэр. Ол курдук чааһынай бас билии олоххо киириититтэн төрөппүттэр үйэлэрин тухары үлэлээн-хамсаан мунньуммут баайдарын-малларын салгыы көрөр-истэр аналлаах кэлэр көлүөнэлэрин өйө-санаата сайдыытыгар, туруктаах, тулуурдаах буолуутугар, үлэлии үөрэнэллэригэр кыһаналларын лаппа улаатыннарда.

Кэлэр көлүөнэтин өйүн-санаатын таба суолунан сайыннарыы төрөппүт ытык иэһэ буоларын бары төрөппүттэр билэн туһанан эрэллэр. Кини оҕото көрсүө, сэмэй, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааттаҕына, быстах быһыыларга, сыыһа-халты, аһара туттунууларга түбэспэтэҕинэ, үлэни-хамнаһы кыайдаҕына, элбэх оҕолонон аймахтары сайыннардаҕына, тэниттэҕинэ төрөппүт хаана тарҕанар, сүппэт, симэлийбэт дьылҕаланар, үйэтин тухары булбут, муспут баайа-мала эрэллээх, ыспат, тохпот дьоҥҥо туттарыллан, салгыы эбиллэр кыахтанар.

Оҕотун туһугар төрөппүт кыһанар диэни бары билэбит. Оҕолоро ким курдугун быһаарсыы төрөппүттэр икки ардыларыгар биирдэ эмэтэ буолан ааһыталыыр. Ордук үчүгэй быһыыны оҥордоҕуна «Мин курдук» диэн хайалара эмэ, кырдьык хайҕаныан сөп.

Оҕо киһи быһыылаах буола сайдыыта, улаатыыта барыта төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран, «Мин курдук оҥор» диэн көрдөрөн биэриитинэн ситиһиллэр үөрэх буолар. Ол курдук төрөппүт оҕотун кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан, бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэттэҕинэ оҕотун өйө-санаата кини курдук буола сайдар кыахтанар. Итини тэҥэ оҕо кыратын эрэ быһыытынан аһылыга төрөппүтүттэн уратыланарын ситиһии минньигэс аһылыгынан мааныланан атаах буола улааппатын хааччыйыы биир көрүҥэ буолар.

«Оҕону бэрээдэккэ кыра эрдэҕинэ үөрэтиллэр» диэн этиини таба өйдөөн төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Ол аата төрөппүт этэрин бэйэтин быһыытынан чиҥэтэн биэрэрэ хайаан да наада. Оҕо төрөппүтүн: «Кэл», - диэн ыҥырарын истибэккэ шоколадтаах прилавоктан арахпат буоллаҕына, табыталыттан тардан ылан илдьэ бардахха, төрөппүт этэрэ хайаан да толорулларын, халбаҥнаабатын туһунан оҕоҕо өйдөбүл үөскээн умнуллубат буола олохсуйар, аныгыскы ыҥырыытыгар бэйэтэ да кэлиэн сөп.

Оҕону кыра эрдэҕинэ бэйэтин өйө-санаата киириэн иннинэ бэрээдэккэ үөрэтии чиҥ, кытаанах, куһаҕан быһыыны оҥороро сонно тохтотуллар, аралдьытыллар, үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор буоллаҕына өйө-санаата, ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллэр. Онтон улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан бэйэтин өйө-санаата сайдан истэҕинэ куһаҕаны уонна үчүгэйи арааран билэргэ үөрэнэрэ хайаан да наадатын төрөппүт өйдүө этэ.

Ийэ уонна аҕа оҕоҕо көрдөбүллэрэ тус-туһунаннар. Ол курдук ийэ оҕотун куруук аһынар, харыстыыр, сынньатар өйдөөх-санаалаах, оннук сылдьарга иитэр, үөрэтэр буоллаҕына, аҕа үөрэҕэ ыарахан, оҕоҕо көрдөбүлэ быдан үрдүк, үлэҕэ-хамнаска, тулуурдаах буолууга үөрэтии эрэйдээх, уһун кэми ылар. Ол иһин аҕа үөрэҕэ ыгааһыннаах, элбэх хааччахтардаах буолан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүллээх ийэ, аҕа оҕолоро улаатан иһэн төрөппүттэриттэн салла саныыр, толлор, куһаҕаны оҥорума диэн эппиттэрин умнубакка, толорорго үөрэннэҕинэ, ол аата кинилэр эппиттэриттэн атыннык оҥороруттан туттунар буола улаатар. Маннык үөрэҕи билэн улааппыт оҕо улаатан иһэн, улаатан да баран сыыһа-халты туттунара аҕыйыырынан, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа улаатар. Ол аата оҕо киһи буола улаатарын, төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буоларын туһугар төрөппүт көрдөбүллэрин, ыйыыларын тулуйан, утары эппэккэ толорорго үөрэнэрэ ирдэнэр.

Оҕо өйүн-санаатын уратыларын төрөппүттэр кыра эрдэҕиттэн араас таҥхалары, гороскуоптары туһанан билэллэрэ ордук. Биһиги санаабытыгар дьон бары билэр Пифагор оҥорбут сыыппараларынан киһи майгынын быһаарыыта ордук сөп түбэһэр. Үгүс оҕолор сымнаҕас, истимтиэ майгылаах буоллахтарына, сорохтор аһара барар, бэйэлэрэ билэллэринэн оҥоро сатыыр майгылара элбэх буолар.

Сымнаҕас, истимтиэ майгылаах оҕону иитии, үөрэтии төрөппүттэн ханнык да улахан эрэйи, кыһалҕаны эрэйбэт. Арай бэйэни үтүгүннэрэн үөрэтиигэ хайҕааһыннаах, көмөлөһүүлээх, кыра манньалаах буолуон сөп. Бары кэриэтэ кыыс оҕолору уонна аҕыйах уолаттары үөрэтии бу быһаарыыга сөп түбэһэр.

Аһара барар майгылаах оҕону, ордук уолаттары киһи оҥорорун курдук оҥорорго, киһи быһыылаах буолууга үөрэтии хайаан да ыгааһыннаах, атыннык оҥоро сатааһыны тохтотуулаах буолара табыллар. Сэбиэскэй былаас кэмиттэн аһара барар майгылаах оҕолору кыра эрдэхтэринэ кыайа тутан ийэ кутун ииппэккэ, үөрэппэккэ, үөрэнэр кэмин аһаран кэбиһэн, куһаҕан майгылаахха кубулутан баран «Трудные подростки» диэн туспа арааран ааттыыллара уонна хаайыы аҥардаах аналлаах оскуолаларга улааппыттарын кэннэ мунньан үөрэтэ сатыыллара туһата аҕыйах буолара.

Элбэх саҥаны айааччы, саҥаны оҥорооччу буола улаатыан сөптөөх аһара сайдыы диэки тардыһыылаах оҕолору кэмигэр, кыра эрдэхтэринэ сатаан, табан ииппэккэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэппэккэ аһара атаахтатан, куһаҕан майгыларын сайыннаран, буорту оҥорон баран, хойутаан көннөрө сатааһын ыарахан уонна саҥа үгэстэри үөскэтинэргэ тириэрдэринэн, уһун кэми ыларынан туһата кыра.

Куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар, оҥоруллубаттарыгар киһи быһыылаах киһи баҕарар. Ол аата оҕото үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар баҕарар төрөппүт оҕото куһаҕан быһыылаах буолбатыгар, куһаҕан быһыылар диэннэри үөрэтэн билэн оҥорботугар баҕарар. Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии диэн сахалар үөрэхтэрэ. Бу үөрэҕи төрөппүттэр туһанан оҕолорун кыра эрдэҕинэ «Хара харахтаахха көрдөрбөккө» иитэн, үөрэтэн уонна Улуу Тойон таҥара үөрэҕин ыйыыларын тутуһан бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах дьон оҥордохторуна билигин, ырыынак кэмигэр улахан туһаны оҥостунуо этилэр.

ӨЙ-САНАА ХААЧЧАҔА

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ киһини санаата салайарын быһаарар. Итини бигэргэтэргэ «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этии баар. Киһи быһыытын ханнык санаалара үгэс буолбуттара быһаарар. «Санаабычча быһыыланар» диэн этии киһи быһыыта санаатыттан тутулуктааҕын ордук чуолкайдаан биэрэр уонна киһи санаатар эрэ оҥорон иһэрэ быстах быһыыга кубулуйара элбэҕиттэн киһилии быһыы буолбатын биллэрэр.

Санаа олус ураты. Киһи санаата баһын иһигэр баппат, таһынан таһымныыр, ханна баҕарар тиийэр, туохтан да иҥнибэт. Санаа төһө күүстээҕин, кыахтааҕын билигин да кыайан билбэппит, ол иһин санааны кыайан үөрэтэ, туһана иликпит.

Өй-санаа көҥүлүнэн бардаҕына аһара барар кыаҕа улаатар, ол иһин аналлаах хааччахтардаах буоллаҕына эрэ табыллар. «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат», «Yүнэ-тэһиинэ суох барыы сатаммат» диэн сахалар үөрэхтэрэ этэрин таба өйдөөммүт өй-санаа хааччахтарын оҕону иитиигэ туһаныахпыт этэ.

Бары таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтыыллар, аһара барбатын ситиһэллэр. Сорох тоталитарнай таҥара үөрэхтэрэ киһи бэйэтин кыратык, мөлтөхтүк сананан таҥараттан кыратын хайаан да билинэрин модьуйаллар. Ол иһин таҥараҕа бокулуоннааһыны, үҥүүнү, тоҥхойууну аан бастакынан оҥоттороллор. Сахалар таҥаралара киһини бэйэтин намтаппакка, мөлтөххүн диэн бокулуоннаппакка, үҥтэрбэккэ эрэ өй-санаа аһара барбатын төбөнү төҥкөтөн ылыынан, умсары көрүүнэн, ол аата «Өрө көрүүнү» намтатан хааччахтыыр. Аныгы сайдыылаах, демократия сокуоннарын тутуһар дьон өйүгэр-санаатыгар биһиги таҥарабыт үөрэҕин хааччахтара ордук сөп түбэһэллэриттэн сайдар, тарҕанар кыаҕа улаатар.

Өй-санаа хааччахтаннаҕына, аһара барбатаҕына эрэ айылҕаны харыстыыр кыахтанар. Аһара баран саҥаттан-саҥаны арыйан, айыыны оҥорон иһэр өй-санаа айылҕаны алдьатара, буорту оҥороро улаатан иһэр. Ол курдук саҥаттан-саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи эккирэтии, бииртэн бииргэ солумсаҕырыы барыта айылҕаҕа буортуну оҥорууну элбэтэр. Айылҕа сирин баайын саппааһа, күөх үүнээйилэрэ, тииттэрэ уонна тыынар-тыыннаахтара аҕыйаан иһэллэрин бары билэр буоллубут. Ол иһин харыстыыр санаа ордук элбээтэҕинэ, сир баайын хостуу охсоору күөх үүнээйилэри алдьатыы, суох оҥоруу тохтоотоҕуна, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытылыннахтарына эрэ, айылҕа уларыйыыта бытаарарыттан, уһуннук биир тэҥник турарын ситиһэр кыахтанарбытын билиэ этибит.

Оҕо саҥа улаатан истэҕинэ маҥнайгы хааччаҕын төрөппүттэрэ оҥордохторуна эрэ табыллар. Саҥа хааман истэҕинэ күрүө иһигэр угаллар, улаатан истэҕинэ туспа хоско хаайаллар, «Тыытыма», «Чыычый» диэн эмиэ этэннэр, хааччах ханан баарын биллэрэллэр. Оҕо кыра буолан тугу оҥорорун өйдөөн-дьүүллээн билбэт эрдэҕинэ «Аһара барыма» диэн быһаччы хааччах оҥоруллар. Аһара мэниктээмэ, аһара ытаама, аһара күлүмэ, алдьатыма, ыһыма диэн хааччахтар өйү-санааны хааччахтаан киһи быһыытын аһара барбакка үөрэтэллэр, соннук үгэһи үөскэтэннэр оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэрэллэр.

«Айыыны оҥорума» диэн этии өйө-санаата саҥа сайдан иһэр оҕону үөрэтиигэ туттуллар өй-санаа сүрүн хааччаҕа буолар. Оҕо саҥаны оҥороро, айара хааччаҕа суох аһара бардаҕына, улаатан иһэн ону-маны барытын, ол иһигэр үчүгэйи биири эмэ онтон, куһаҕаны элбэхтик оҥоруон сөп. Ол барыта үчүгэйи оҥоруу эрэйдээҕиттэн, үлэлээҕиттэн, онтон куһаҕаны оҥоруу боростуойунан, судургутунан, оҕо интэриэһин аан маҥнай тардарынан толору быһаарыллар. Холобурга, оҕо испиискэнэн оонньуура ордук кутталлааҕын бары билэбит, уоту уматар аһара интэриэһинэй эрээри сыыһа туттан дьиэни уоттуон сөбүттэн бары сэрэнэбит. Испиискэни кистиибит, «Тыытыма» диэн кытаанахтык этэбит. Аны быһаҕы ыллаҕына, быһар, дьөлүтэ кэйэр эмиэ интэриэһинэй, барыны-бары дьөлүтэ кэйиэн сөп. Аны илиитин, тарбаҕын быһыннаҕына биир иэдээн.

Оҕону киһи билбэтин оҥорботугар үөрэтиэххэ, ол аата мээнэ туһата суох саҥаны айарын, айыыны оҥорорун хааччахтыахха наадата итинник быһаарыллар. Аан маҥнайгыттан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэрин ситиһиэххэ, ол аата киһи буолуутугар, барыны-бары киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэн баран салгыы сайдан, саҥаны айыыны оҥордоҕуна, туһалаах, үчүгэй саҥаны айыы буолар кыаҕа улаатар.

Таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата аһара барбатын хааччахтаан киһи быһыытын тутуһарын хааччыйар. Бу хааччах оҕо кыра эрдэҕинэ ордук кытаанахтык тутуһуллара ордук. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үөскээн олохсуйар кэмигэр, бу хааччахтары кытаанахтык тутуһа үөрэннэҕинэ, бу үөрэҕэ ийэ кутугар иҥнэҕинэ, үйэтин тухары тутуһа сылдьар, киһи быһыылаах киһиэхэ кубулуйан олоҕун киһи быһыылаахтык олороро кыаллыа этэ.

Оҕо улаатан өйө-санаата сайыннаҕына, бары быһыытын киһи быһыылаахтык оҥорор буоллаҕына, өй-санаа хааччаҕа уларыйан «Сиэри кэһимэ», «Киһи быһыытын таһынан барыма», саҥаны арыйдаххына, айыыны оҥордоххуна даҕаны сиэри таһынан барбатын ситис диэн быдан киэҥ хааччахтарга кубулуйар. Өй-санаа хааччаҕа маннык уларыйан биэриитэ сайдан иһэр өй-санаа көрдөбүллэригэр сөп түбэһэр.

Ийэ кукка ууруллубут үчүгэй үгэстэр киһини үйэтин тухары салайалларын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Төрөппүттэр оҕолорун иитэллэригэр-үөрэтэллэригэр кут-сүр үөрэҕин бу быһаарыытын кытаанахтык тутустахтарына, кыра эрдэҕинэ атаахтаппакка, ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥорууга ииттэхтэринэ, оҕобут сыыһа-халты, аһара туттан онно-манна түбэһиэ диэн санаарҕаабакка сылдьыахтарын сөп.

Киһи өйө-санаата үгэстэринэн салаллар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн, бу үгэстэри өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн кэбиһии үчүгэй быһыылаах киһи буолууга тириэрдэринэн хайаан да туһаныаллыа этэ.

Дьоҥҥо Айылҕа оҥорор сүрүн хааччахтара эмиэ бааллар. Бу хааччахтары хайаан да тутустахха эрэ Сир үрдүгэр олох салгыы сайдар кыахтанарын үөрэҕи-билиини баһылааммыт уонна Айылҕа уларыйыылара түргэтээннэр син билэр буоллубут:

1. Салгыны, сири-дойдуну уонна ууну киртиппэт буолуу.

2. Күөх үүнээйилэри, мастары харыстааһын.

3. Yөннэри, кыыллары уонна көтөрдөрү харыстааһын.

Билигин дьон-аймах күүстээх тиэхиникэлэри айан туһанар буолбуттарын кэнниттэн киһи уонна Айылҕа сыһыаннара харыстааһыҥҥа олоҕуран сайыннахтарына эрэ Сиргэ олох салгыы сайдар кыахтааҕын син билэн, харыстыыр санаабыт уһуктан, дьон аймахха барыларыгар тарҕанан эрэр.

Айылҕа уһун үйэлэргэ, былыргы дьыллар мындааларыттан ыла үөскээбит бэйэтин туругун көмүскэнэр ураты күүстээх. Ол күүһэ сэт сокуоннарыгар олоҕураллар. Ол аата Айылҕа икки өттүттэн кытаанах тутулуктааҕыттан ханнык баҕарар хамсааһын үөскээтэҕинэ утары, хардары хамсааһыны эмиэ үөскэтэн таһаарар.

Айылҕаҕа уһун үйэлэргэ үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсатыы сэт үөскүүрүгэр тириэрдэр. Ол аата хайа эрэ диэки аһара барыыттан үөскүүр хамсааһын, бу буола турар хамсааһыҥҥа утары хайысхалаах, ол иһин сэти үөскэтэр. Сэт диэн дьон, киһи оҥорбут быһыытыгар, дьайыытыгар утары хайысхалаах хайаан да үөскүүр хамсааһыны ааттыыбыт.

Сир тэҥнэнии балаһыанньатыгар тутуллан турара ханнык эрэ уһун үйэлэргэ тохтообокко биир тэҥник хамсыы турар улахан маятнигы санатар. Ханна эрэ улахан аһара барыыттан, бу тэҥнэһэн турар маятник аҥар өттүгэр аһара барар, хамсааһына улаатар. Оччоҕуна аны аҥар өттүгэр хардары хамсааһыныгар эмиэ аһара барыы үөскүүр. Бу аһара барыыттан үөскүүр хардары хамсааһын сэти үөскэтэрин сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар олохторун үөрэҕэр киллэрбиттэр.

Өй-санаа хардары-таары маятник курдук хамсааһынын Россия холобурунан быһаарыахха сөп. Россияҕа өй-санаа сайдыыта билигин да оннун була илик. Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыраахтааҕы былааһа уонна православнай таҥара дьиэтэ дьон өйүн-санаатын аһара хам баттаан, муҥкук, хоргус дьону үөскэтэн сайдыыны ситиһэллэрин хааччахтыыр диир кэмнэрэ баара эрээри, ол кэмҥэ Россия эмиэ түргэн тэтиминэн сайдан испитэ.

Улуу Өктөөп революцията дьон өйүн-санаатын босхолоон, көҥүл ыытан, сайыннаран, сири дууһа ахсаанынан түҥэппиттэрин кэнниттэн Россия үлэһит дьонун сайдыылара күүһүрбүтэ, бэйэлэрэ байан-тайан барбыттара. Көҥүл санаалаах дьону салайарга, дьаһайарга уустугуттан уонна кэлэн иһэр улуу сэриигэ бэлэмнэниигэ оҕустаран барыларын холбоһуктааһыҥҥа, биир өйгө-санааҕа ыган туран, бары баайдарын-малларын холбоон киллэрбиттэрэ. Бу холбоһуктааһын уонна коммунистар былаастара дьон өйүн-санаатын аһара хааччахтаан, бары биир киһи курдук буолар өйү-санааны киллэрэн олорбуттара эрээри уһаабатахтара.

Перестройка кэнниттэн дьон коммунистар кытаанах хааччахтарыттан төлө барбыт санааларыттан, аны аҥар өттүгэр, бары тус-туспа барыы диэки аһара барыыны оҥордулар. Билигин бу аһара барыыны тохтотон, аны барыларын холбооһун диэки хайысхалаах үлэ барар эрэр. Ити курдук Россияҕа өй-санаа билигин да оннун була илик, икки өттүгэр халбаҥныы турар.

Өй-санаа хайа эрэ өттүгэр аһара барыыта сэт үөскээһинигэр тириэрдэр. Саҥаны айыыны оҥорбут большевиктар, коммунистар күүстэринэн холбоһуктааһыны тэрийээри уонна саҥа, өйө-санаата хааччаҕа суох, ханнык да таҥараны, киһи быһыыта диэни билиммэт, элбэх саҥаны айыылары оҥорор дьону дэбдэтэн, тэптэрэн биэриилэриттэн аһара барыы үөскээбитэ. Бу аһара барыы түмүгүнэн туох да буруйа суох сүүһүнэн тыһыынча киһини сымыйанан, балыйан буруйдааһыннарыттан суорума суолламмыттара, лааҕырдар быыллара буолбуттара.

Сайдыылаах «социализм» кэмигэр эдэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын аһара атаахтатыыттан, эһиги эрэ бааргыт, саҥаны айыыны оҥороргут үчүгэй диэн киһиргэтииттэн, барыта оҕолор тустарыгар диэн маанылааһынтан туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улаатыыларыгар тиийбиттэрэ сэти үөскэтэн үгүстэр арыгыга ылларыылара тэнийбитэ.

Билигин «Перестройка» хамсааһынын кыайыытын кэнниттэн биһиги эрэ уратыбыт, үчүгэйбит, баайбыт, саҥаны айыыны элбэхтик оҥоробут диэн өйү-санааны саха оҕолоругар тарҕатыы, иҥэрии, сэбиэскэй былаас үөрэҕин салгыы ыытыллар. Бу быһыы сэтэ саҥа кэлэн иһэр. Ким эрэ элбэхтик куһаҕан быһыыны, дьону албыннааһыны оҥордоҕуна кэлин тиһэҕэр сэтэ туолуон сөбүн саха киһитэ барыта билэр.

Биирдэ албыннаан туһаммыт киһи иккистээн, үһүстээн албынныырыттан туттумматыттан биллэн хаалыан сөбө улаатарын тэҥэ, кэлиэхтээх эппиэтэ эмиэ улаатар. Ол аата оҥоруллубут куһаҕан быһыыга, албыҥҥа эппиэтэ хайаан да кэлэн утары хамсааһын син-биир үөскүөхтээх.

Киһи кыра. Киһи кыратын билинэн, олорор сирин айылҕатын сыаналаан, тэҥнэһиини хамсаппакка, эйэ-нэмнээхтик олоҕу олорорго дьулуһара эбитэ буоллар ситиһиэн сөп этэ. Ол аата айылҕаны буорту оҥорбокко, харыстаан, көрөн-истэн көннөрөн, уһун үйэлэргэ уларыйбакка турарын ситистэххэ эрэ, Сир ийэ долгуйбакка уһуннук, биир тэҥник турар кыахтаныа этэ.

Киһи барыта уһуннук, дьоллоохтук олорон оҕо төрөтөн, дьиэ туттан кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы олоруохтарын, сайдан, элбээн иһиэхтэрин баҕарар. Ол аата Сир ийэ уһун үйэлэргэ уларыйбакка, субу баарын курдук, турарыгар киһи барыта баҕарар. Бу баҕа санаа туоларын туһугар дьон-сэргэ аналлаах өй-санаа хааччахтарын, сиэри, таҥараны, ол аата сокуоннары, бэрээдэги хайаан да тутуһа сырыттахтарына эрэ табылларын умнубатахпытына табыллыа этэ.

ЭР КИҺИ ӨЙӨ-САНААТА МӨЛТӨӨҺҮНЭ

Билигин сорох эр дьон кыра кыргыттарга, уолаттарга саба түһэллэрэ, өлөртүүллэрэ элбээтэ диэн хаһыаттарга, телевизорга кэпсииллэр, суруйаллар. Улахан биллэр салайааччыларга тиийэ, кыыһырбыт уохтарыттан бу дьону ытыалаан иһиэххэ диэн этэллэрэ эмиэ иһиллэр.

«Дьон санаата кылгас» диэн этиини ситэ ырытан олохпутугар туһана иликпит. «Тоттор эрэ тойон оҕото» диэн этии киһи санаата кырдьык кылгаһын, аһаатар эрэ урут аччыктаабытын умна охсон кэбиһэрин биллэрэр.

Биһиги тоҕо, бу күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр киһи тоҕо маннык сиэрэ суох быһыыны оҥорор кыахтанарын быһаарарга өйбүтүн-санаабытын түммэккэ, ыраахтан ырыта сатаабакка, түргэнник ытыалыы охсорго тиийэбитий? Итини тэҥэ эр дьон эттэрин-сииннэрин баҕатын ханнарыахтаах дьахталлар билигин төһө эмэ элбээн, «Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх» диэн этиигэ сөп түбэһэр буолбут кэмигэр кэлэн олоробут эрээри, сорох эр дьоммут итинник сиэрэ суох быһыыны оҥороллоро тоҕо элбээтэ?

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрин этиитинэн маннык сиэрэ суох быһыыны оҥорор киһи кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахтата, бары баҕарбытын барытын тук курдук толоро, булан биэрэ үөрэтэн этин-сиинин баҕатын кыайан туттуммат, тохтотуммат буолуутугар тириэрдэн кэбиспиттэриттэн ордук улахан тутулуктааҕын аахсыбакка сылдьабыт. Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатыы өйүн-санаатын туруга суох оҥорон этин-сиинин баҕатын кыайан кыана туттубат оҥорорун таба өйдөөн оҕону иитиигэ атаахтатыыны суох оҥоруохпут этэ.

Атаах диэн тыл кыра оҕону иитии табыллыбатаҕын, «Куһаҕан иитиилээххэ» кубулуйбутун, өйө-санаата туспа уратылардаах, этин-сиинин баҕатын кыайан туттуммат буола улааппытын быһаарар. Атаах буола улаатыы уратылара манныктар:

1. Атаах оҕо тугу көрдөөбүтүн барытын төрөппүттэрэ толорон иһиилэриттэн, минньигэһи элбэхтик сиириттэн этин-сиинин араас баҕаларын кыайан туттуммат, тохтотуммат, букатын тулуура суох, «Баҕардарбын эрэ баар буолуохтаах» диэн санаалаах киһи буола улаатар кыахтанар.

2. Оҕону атаахтатан барыта бэлэмҥэ үөрэтииттэн тулуурдаах буолуута сайдыбакка бэйэтин тохтотунар күүһэ суоҕуттан аһара барыылары, сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыаҕа улаатар.

3. Атаах оҕо ураты бэйэмсэх буола улаатарыттан атыттар баҕа санааларын букатын аахсыбат буола улаатар.

4. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии, оҥоро-тута үөрэммэтэҕэ таайан ханнык да уһуннук үлэлэнэр үлэни кыайан үлэлээбэт кыахтанар.

«Атаах киһи арыгыһыт буолар» диэн сахаларга этии баар. Бу этиини саха дьоно хаһааҥҥыттан ыла үөрэтэн ылыммыттара өссө биллэ илик. Арыгы баар буолуоҕуттан үөскээбит олус былыргы этии буолуон сөп эрээри, өй-санаа тутулуктарын билигин олус табатык быһаарара арылынна.

Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатан, маанылаан, «Эн эрэ бааргын, үчүгэйгин» диэн өссө киһиргэтэн үөрэттэххэ быстах баҕа санааларын кыайан салайыммат, туттунан тохтотуммат, этин-сиинин баҕатын кыамматыттан ыар буруйдары оҥорор кыаҕа улаатар, арыгы иһэр баҕатын кыайан туттумматыттан арыгыһыт буолуон, үлэни-хамнаһы сөбүлээбэтиттэн бичтии сылдьыан сөп киһиэхэ кубулуйар. Итиннэ эбэн айыы үчүгэй, айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун элбэхтик оҥор диэн үөрэтии эбиллиитэ араас буолары-буолбаты, суолтата, туһата суоҕу, ол аата куһаҕаны оҥороро элбииригэр тириэрдэр.

Киһи буолуу диэн тугуй? Киһи өйдөөх-санаалаах, туох баар быһыытын барытын өйдөөн-санаан эрдэттэн быһаарынан, туох содул үөскүүрүн билэн баран оҥороруттан киһи буолар. Атын кыыллартан, көтөрдөртөн уратыта итиннэ саһан сылдьар. Кини бары быһыыларын дьон-аймах уһун үйэлэргэ олохсуппут үгэстэрин, үөрэхтэрин тутуһан оҥорор. Ол аата киһи курдук, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор. Оҕону аһара маанылаан, бары баҕатын барытын толорон улаатыннардахха барыга-бары бэлэмҥэ үөрэммит, үлэни-хамнаһы кыайбат, сытарын-сынньанарын, минньигэстик аһыырын сөбүлүүр киһи буола улаатар уонна этин-сиинин баҕатын кыайан тохтотуммакка урут бастаан олорун толорор кыахтанар.

«У семи нянек дитя без глазу» диэн өс хоһооно аһара көрүллүбүт-истиллибит, ол аата атаах буола иитиллибит оҕо, хараҕа суох оҕо курдук туох да туһата суох киһи буола улаатарын таһынан араас сыыһа-халты, олоххо туһата суох саҥаны айыылары оҥорон куһаҕан быһыылары элбэтиэн сөбүн быһаарар.

Омук олоҕун устата оҕону иитэр үөрэҕэ эмиэ уларыйар кэмнэрдээҕэ өй-санаа уларыйыытыгар тириэрдэр. Омук кырдьан эстэр, симэлийэр кэмэ кэлиитигэр дьон олохторо көммүтүнэн туһананнар, оҕолорун атаахтык иитэннэр өйө-санаата туруга суох оҥороллоро элбиир. Эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааттахтарына элбэхтик быстах быһыыларга, сыыһа-халты туттунууларга түбэһэннэр эдэр олохторо быстара элбиириттэн омук эр дьонун ахсаана аҕыйаан атын омукка уларыйыы, баһыттарыы кэмэ кэлэр кыахтанар.

Атаах буола иитии аан маҥнай уол оҕолору хаарыйар. Ол курдук ыал барыта уол оҕолоох буолуохтарын олуһун баҕараллар уонна ол баҕа санаалара туолбут үөрүүтүгэр соҕотох уолларын аһара көрөн-истэн, маанылаан, аны аһара атаахтатан кэбиһэллэр. Дьон бары сахалар таҥараларын үөрэҕин ылынан «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини толоро үөрэннэхтэринэ уол оҕолорун иитиитэ кытаатан, чиҥээн, тупсан биэрэриттэн омук сайдыыта саҕаланыан сөп.

Оҕолор бары тус-туспа майгылаахтар, уратылаахтар. Сорох оҕо улахан киһи этэрин тутатына ылынан өйүгэр хатаан иһэр уонна соннук толорор буоллаҕына, атын оҕо дьалбаа, мэник соҕус, кулгааҕынан истибитэ тахсан иһэр, киһи эппитин сотору умнан, хаалларан кэбиһэр. Ол иһин оҕону иитии, үөрэтии тус-туспа хайысхалааҕын, эмиэ икки өрүттээҕин сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһаарар.

Үчүгэй, туһалаах быһыыны оҕо сатаан оҥорорго өр кэмҥэ үөрэнэр, өссө боруобалаан, оҥорон көрөн баһылыыра эмиэ наада. Ситэн үөрэммэтэх эдэрдэр «Бас-баттах быһыылаах», сыыһа-халты туттунуохтарын сөптөөх дьон буола улаатыахтарын сөп.

Буруйу-сэмэни оҥорбот туһугар тугу оҥордоххо буруй, куһаҕан быһыы буоларын оҕо кыра эрдэҕиттэн билэргэ үөрэнэрэ ордук туһалаах. Билии туһата дьэ биллэр. Атаахтык иитиллибит эдэрдэр «Үчүгэйи, куһаҕаны арааран билбэт» буолууларыттан буруйу-сэмэни элбэхтик оҥорор кыахтаналлар.

Онон улаатан иһэр эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруктаах, быстах быһыыга киирэн биэрбэттэрин сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатары суох оҥорон хааччыйарын билэн олоххо туһанар кэм кэллэ.

ЫАРАХАН ҮЛЭНИ ТУЛУЙУУ

Олох уустук. «Олоҕу олоруу алааһы туорааһын буолбатах» диэн этэллэр сахалар. Киһи уһун үйэтин тухары наар сөбүлүүр, үчүгэй, туһалаах дии саныыр үлэтин, дьыалаларын оҥоро сылдьара кыаллыбат кэмнэрэ кэлэн хаалаллара олох ыараханын биллэрэллэр, олоххо уустуктары үөскэтэллэр.

Киһиэхэ олоҕор сөбүлээбэт, сирэр быһыытын, ордук үлэтин оҥороро олус элбэхтик көрсөр. Yйэтин тухары наар сүрэҕэ сөбүлүүрүн эрэ дьарыктанар киһи бэрт аҕыйах, биир эмэ буолуон сөп. Олоххо араас буолар. Ол иһин киһи, ордук уол оҕо сөбүлээбэтин, сирэрин хайдах эмэ гынан үчүгэйдик оҥорорго эрдэттэн бэлэмнээх, үөрэхтээх буолара ордук. Киһи сөбүлээбэт, сирэр эрээри наадалаах, туһалаах дьыалалары оҥороро хайаан да көрдөнүллэр көрдөбүлгэ киирсэрин аахсыбакка сылдьабыт.

Ол курдук киһи хайаан да оҥоруохтаах дьыалалара наһаа элбэхтэр. Манна «Муруну да тоҕо түстэххэ» оҥоруллар дьыалалар эмиэ киирэллэр. Биир оннук дьыаланан ыаллар аһара атаах, мааны уол оҕолоро армияҕа сулууспалааһына буолар.

Ыал биир оҕото буолан төрөппүттэрин бэлэмигэр атаахтыы сылдьыбыт уолаттар армияҕа сулууспалыы тиийдэхтэринэ улаханнык соһуйаллар. «Саллаат бэйэтин бэйэтэ көрүнүөхтээх» диэн көрдөбүл армияҕа урутаан тутуһулларын мааны уолаттар билбэт, туох да үлэни сатаабат, билээччилэр этэллэрин истибэт, толорбот буолан эрэйдэнэллэр, элбэхтик нэрээт, эбии үлэ ылаллар.

Мааныга үөрэммит уолаттар армияҕа сулууспалыы тиийдэхтэринэ араас муоста сууйуута, куукуна үлэлэрэ, бөх таһыыта курдук дьиэлэригэр хаһан да үлэлээбэт үлэлэрэ элбэхтик тиксиэхтэрин сөп. Манна саппыкы ыраастааһына, ырбаахы саҕатын тиктии, байыаннай форманы ыраастык тутуу, хамаанданы толорууга истигэн буолуу бастаан иһэр көрдөбүллэргэ киирэллэр. Бу үлэлэри кэмигэр үчүгэй хаачыстыбалаахтык толоруу уонна үөрэтээччилэргэ, хамандыырдарга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы саллааттан хайаан да ирдэнэр. Кыайан үлэлии үөрэммэтэх, тугу да сатаабат уолаттар үөрэниэхтэригэр диэри кырдьык даҕаны эрэйи, ыараханы көрсүөхтэрин сөп.

Саллаат диэн соҕотох буолбатах. Биир саллааттан бүтүн этэрээт дьыалата барыта тутуллар. Саллаат оҥорбут үлэтиттэн бүтүн этэрээт үлэтин сыаналыыллар. Ол курдук сарсыарда турууга нуорматтан биир эмэ саллаат хойутаатаҕына, бары хатылаан оҥорорго тиийэллэрэ, хойутуур саллааты бары туората саныылларыгар тириэрдэр. Эдэр саллаат мөлтөҕүттэн бүтүн этэрээт аата-суола түһэр, эбиискэ үлэлэрэ эбиллэр буоллаҕына кырдьаҕас, уопутурбут саллааттар кыйаханыахтарын, бэйэлэрин кыахтарынан көмөлөһө да, үөрэтэ да сатыахтарын сөп.

Армия диэн биир киһи олоҕо буолбатах коллектив олоҕо буолар. Уол оҕо кыра эрдэҕиттэн коллективка сылдьа үөрэнэрэ ол иһин туһалаах. Ыал биир оҕото, төрүөҕүттэн иитиитин уратыларынан, армия сүрүн көрдөбүлүгэр сөп түбэспэтэ, билигин мааны уолаттар армияҕа сулууспалыылларын олус уустугурдар буолла. Онтон элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро армия олоҕор түргэнник сөп түбэһэллэр, үчүгэйдик сулууспалыыллар.

Бэйэлэрэ баайбын дии сананар биир эмэ оҕолоох төрөппүттэр уол оҕолорун кыра эрдэҕинэ кыайан ииппэккэ гынан баран, армия олоҕо көннөрүө диэн саныылларын хааллараллара ордук буолуо. Улаатан сиппит эр киһи ыгааһыннаахтык үөрэнэрэ олус ыарахан, сорохтор тулуйбакка араас сыыһа-халты туттунуулары, быстах быһыылары оҥорон кэбиһэллэрэ киириэн сөп. Киһи оҥоро үөрэммэтэх, үөрүйэх оҥостубатах үлэтэ барыта ыараханнык, эрэйдээхтик оҥоруллар, ону тэҥэ элбэхтик табыллыбатыттан, сатамматыттан аанньата суохтук тахсара ордук ыаратар.

Төрөппүт оҕотун бу курдук ыгааһыннаах үлэҕэ анаан-минээн кыра эрдэҕиттэн дьарыктыыра, үгүстүк үлэлэтэ үөрэтэрэ, этин-сиинин хамсаныыларга эрчийэрэ ордук этэ. Оонньууру ыһан баран хайаан да хомуйуу, тохтубут ууну сотуу, иһит, раковина сууйуутун курдук үлэлэри куруук оҥоро сылдьыыттан саҕалаан үөрэтэн иһиэххэ сөп. Оҕо төһө кыратыттан сөбүлээбэт үлэтин үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорорго үөрэнэр даҕаны олоҕор туһалаах дьыаланы оҥостунар, өйө-санаата бөҕө буолар, ханнык да ыгааһыны тулуйар кыахтанар.

Билигин кэргэн, ыал буолуу диэн хаалан эрэр. Аныгы оҕолорбут ыал буола оонньоон баран быраҕан кэбиһэллэрэ, төрөппүттэрин бэлэмигэр төннөн кэлэллэрэ элбээтэ. Ыал буолууну, атын киһини кытта тапсыыны, кини баҕатын эмиэ толорууну, эбиискэ кэлэр үлэлэри аныгы, атаах оҕо кыайан тулуйбатыттан, ыарырҕатарыттан саҥа ыаллар арахсыылара элбэх.

Ыал олоҕо элбэх эрэйдээх, ыараханнардаах, атын киһини кытта бииргэ олорорго үөрэнии, кини баҕатын эмиэ толоруу уонна ким да сөбүлээбэт куукунатын үлэлэрин оҥоруу тулуурдаах буоллахха эрэ кыаллар. Олору, ыарахан үлэлэри барыларын киһи быһыылаахтык, үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорор буолуу уол оҕоттон эмиэ ирдэнэрин оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэр өйдөөн, анаан-минээн дьарыктыахтара, тулуурдаах буолууга үөрэтиэхтэрэ этэ.

Бу ыарахан үлэлэргэ эбии кыра оҕону көрүүнү киллэриэххэ сөп. Аныгы төрөппүттэр оҕолорун кыайан көрөр, иитэр, үөрэтэр кыахтара кыччаан иһэрин истэн билэн сылдьабыт. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ оҕо иитиитэ мөлтөөһүнэ, дьаалатынан барыыта аан маҥнай биирдиилээн аймахтар симэлийиилэригэр, онтон омук барыта мөлтүүрүгэр тириэрдэрин билиэхпитин сөп буолла. Сэбиэскэй былаас үөрэхтээх эрэ дьон «үчүгэйдэр» диэн албыннаабыта билигин да салҕанан баран иһэринэн оҕолору барыларын үөрэхтээх эрэ оҥороору үлэҕэ-хамнаска үөрэтии хаалан хаалбытыттан, элбэх үлэлээх тыа сириттэн эдэрдэр барыылара салҕанан баран иһэр.

Онон кыра эрдэҕиттэн ыарахан, сөбүлээбэт үлэлэри үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорууга уол оҕо үөрэнэрэ хайаан да наада. Ол иһин кытаанахтык, ыган үөрэтии, Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ хас биирдии уол оҕоҕо туһалаах эрэ буоларын билэн төрөппүттэр туһаныа этилэр.

АЛҔАСКА КИҺИНИ ӨЛӨРҮҮ

Киһи хаһан баҕарар тугу эмэ оҥорор, үлэлиир-хамсыыр. «Тугу да оҥорбот киһи сыыспат» диэн этиини тутуһан тугу да оҥорбокко эрэ сытыы киһи быһыылаах киһиэхэ сөп түбэспэт. Үлэлиир, тугу эмэ оҥорор киһи элбэхтик хамсанарыттан, атын дьону кытта бииргэ сылдьарынан сэрэхтээх буолуута улаатан биэрдэҕинэ эрэ табылларын өйдүөхпүт этэ. Алҕас сыыһа туттууттан ким да саһан, куотан харыстанар кыаҕа кыра.

Өй-санаа, таҥара үөрэҕэ киһи хаһан даҕаны сыыһа туттуом суоҕа, «Мин үчүгэйбин» диэн быһа этинэрэ сыыһатын өйдөтөр. Арай киһиэхэ кыра эрдэҕиттэн үөскээн олохсуйбут үчүгэй үгэстэрэ, ол аата ийэ кута эрэ сыыһа-халты туттунарыттан быыһыыр, харыстыыр аанньал буолан көмөлөһөрүн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ дакаастаан дьоҥҥо тириэрдэр. Ол иһин сахалар үөрэхтэрин тутуһуу, оҕо ийэ кутун иитии хойутаабакка, кыра эрдэҕинэ оҥоруллара наадатын таба өйдүөхпүт этэ.

Киһи сыыһа туттуута саамай ыар түмүккэ тириэрдиитинэн алҕаска киһини өлөрөн кэбиһии буолар. Сыыһа туттууттан киһини өлөрөн кэбиһиини биир эмэ да буоллар дьон оҥороллор. Халтараан суолга сыыһа туттан массыынатын охторон, кузовка олорсон испит киһитин хам баттаппытыттан олус улаханнык санаарҕаабыт суоппары хайдах сууттуохха сөбө эбитэ буолла. Бэйэтэ да билэр киһитин өлөрөн кэбиспититтэн санаарҕаабыта, кэмсиммитэ, буруйун билиммитэ сөп буолбата буолуо дуо?

Булка сылдьан тайаҕы күөйэ, тоһуйа турдаҕына талах быыһынан бииргэ бултуур киһитэ баран иһэрин, тайах кэллэ дии санаан ытан, өлөрөн кэбиһэн баран дьонугар киирэн буруйун барытын билиммитин, кэпсээн биэрбитин кэлин бырастыы гыммыттар, бу киһитин уолун кытта бииргэ бултуур буолбуттар.

Буруйу, сыыһаны оҥорбуту билинии, бу куһаҕан быһыы диэн санааны уларытыы өй-санаа ыраастаныытыгар, оҥорбут буруй сотуллуутугар тириэрдэрин бары таҥара үөрэхтэрэ туһаналлар. Арай оҥоруллубут буруй үөскэппит содулун суох оҥоруу буруйу боруостааһын диэн ааттанара эппиэтинэс син-биир баар буоларын биллэрэр. Ол аата буруйу боруостааһын диэн субу оҥоруллубут куһаҕан быһыы үөскэппит содулун суох оҥоруу, урукку тэҥнэһии балаһыанньатын оннугар түһэрэн биэрии ааттанар уонна кээмэйэ араас, улахан да, кыра да буолуон сөп.

ОМОН байыаһа буолууга аналлаах бэрэбиэркэни, туруулаһан көрүүнү барыллар. Артем Борисов бу бэрэбиэркэ диэн ааттаах үстүү мүнүүтэлээх, үс тус-туспа дьону кытта киирсиини этэҥҥэ тулуйан баран, өлбүт. Манна киирсибит байыастары ханнык буруйга түбэһиннэрии кыаллара уустук. Арай саҥа үлэҕэ кэлбит киһиэхэ аһара ыарахан күрэхтэһиини ыган соҥнооһун, бу көрдөбүл сыыһатын, аһара ыараханын быһаарар.

Аһара ыксааһын, тиэтэйии киһини хаһан баҕарар сыыһа-халты хамсаныыга тириэрдэр кыахтаах. Маһынан охсуолуур киһиттэн көмүскэнэн 18 сааһын туола илик Миша Казаков быһаҕынан анньан, ол киһини өлөрөн кэбиспит. Ыксаабыт киһи аһара хамсанан кэбиһэрэ хаһан баҕарар тахсарыттан, көмүскэнэ сатаан быһаҕынан мээнэ далбаатаныы таба түбэһэн хаалыан эмиэ сөп.

Айаннаан иһэр массыынаҕа сатыы киһи киирэн биэрэрэ баар суол. Владислав Галкин эмискэ киирэн биэрбит киһини түҥнэри көтүмээри туора ойутан тахсан остуолбаҕа массыынатын хампы түспүтэ биллэр. Суоппар чыпчылҕан түгэнэ киһини түҥнэри көтөбүн дуу эбэтэр массыынабын алдьатабын дуу диэн быһаарыыны ылынан оҥоро охсор хамсаныыларыттан, киһини үрдүктүк сыаналаан массыынатын хампы түспүт.

Киһи биирдэ эмэтэ да буоллар сыыһа-халты, аһара туттунан куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөбө хаһан да хаалан хаалбат. «От тюрьмы и от сумы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыыларыгар, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа хаһан да хаалбатыгар быһаччы сыһыаннаһар. Ол курдук аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥорор киһи диэн суох, арай үчүгэйи элбэхтик оҥорор дьон элбэхтэр. Киһи олоххо биирдэ эмэтэ да буоллар эмискэ тиийэн кэлэр соһуччу быһыыларга сыыһа-халты туттубатын туһугар оҕо эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыылары оҥорууга иитиллибит, «Илии барбат буолуутун» үөрэҕин билбит буолара эрэ туһалыырын биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбититтэн булуохха, туһаныахха сөп.

Онон сыыһа-халты туттунуу биир көрүҥэ, саамай улахана алҕаска киһини өлөрүү буолар. Субу оҥоруллубут ыар быһыы кэнниттэн киһи хайдах быһыыланара кини кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибитин быһаарар. Оҥоруллубут буруйу билинии кэнниттэн киһи өйө-санаата ыраастанан, сыыһа-халты туттунарын көннөрүнэрэ түргэтиэн сөп.

БЭЙЭ БЭЙЭТИН КЭҺЭТИИТЭ

Айылҕа айбытын быһыытынан киһи хайаан да тугу эмэ оҥорор; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны, тугу да оҥорбот киһи диэн суох. Ол иһин тугу барытын сатаан, үчүгэйдик оҥорорго киһи өр кэмҥэ үөрэннэҕинэ эрэ табыллар. Ону-маны оҥоро охсоору, онно эбии тиэтэйдэҕинэ, ыксаатаҕына киһи хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунуон сөп. Субу кэмҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии уустугуттан, үчүгэйи оҥоробун диэн сыыһа санаа киириэн сөбүттэн, үчүгэйи оҥорорбут табыллыбатаҕына куһаҕан буолан тахсара элбиириттэн, бэйэтин сыыһа-халты туттунарыттан киһини сэрэхтээх буолара эрэ быыһыыр диэн таҥара үөрэҕэ этэр, үөрэтэр.

Киһи бэйэтин сыыһа-халты туттунуутуттан ханнык эрэ түбэлтэҕэ бэйэтэ кэһэйэр, этин-сиинин эчэтэр, ыарыыны билэр. Маннык кэһэйии кэнниттэн киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр, сэрэхтээх буолууга үөрэниитэ түргэтиир. Ол курдук өтүйэнэн тоһоҕону сыыһа охсон тарбаҕын дэҥнээтэҕинэ сыыһа охсубат буоларга үөрэниитэ ордук табыллар, түргэтиир. Үөһээттэн сууллан түһүү кэнниттэн киһи кэһэйэн, уһун кэмҥэ үөһээ ыттыбат буолуон, үөһээ ыттарыттан саллыан сөп.

Сыыһаны оҥорбуттан эт-сиин кэһэйэн ыарыы буолуута киһиэхэ хаһан да умнуллубат өйдөбүллэри үөскэтэн киллэрэр. Былыргы кэмнэргэ кыра, быстах сыыһалары, куһаҕан быһыылары оҥорбут буруйдаах дьону талаҕынан, кымньыынан таһыйан биэрии уһун кэмҥэ олохсуйа сылдьыбыта. Ол аата эккэ-сииҥҥэ быһаччы дьайан, ыарыыны үөскэтэн, куһаҕан быһыылары оҥорууну аҕыйатыыны ситиһии биир туһалаах көрүҥэ этэ диэн элбэхтик туттуллара.

«Ыалдьартан илии арахпат» диэн этии ыарыы өйгө-санааҕа уһуннук, биллэрдик дьайарын быһаарар. Киһи туга эмэ ыарыйдаҕына, онтон эрэйдэннэҕинэ, туохтан бу ыарыы үөскээбитин быһаара, ону булан суох оҥоро сатыыра өйө-санаата сайдан, билиитэ элбээн иһэрин үөскэтэрин тэҥэ, сэрэхтээх буолуутун улаатыннарар.

Билигин үөрэх-билии тарҕаммытынан сибээстээн дьон-аймах өйдөрө-санаалара арыыйда сайдыбыттарынан, үөһээ үктэлгэ тахсыбытынан диэн ааттаан, накаастаан, эккэ-сииҥҥэ ыарыыны биллэрэн өйү-санааны тупсарыыны үгүс дойдуларга суох оҥорон, хаалларан тураллар. Ол оннугар харчынан ыстараап уонна хаайыы туттуллар буолбуттара өйгө-санааҕа дьайыылара сымнаҕаһынан сыыһаны, буруйу оҥорбуттар көнөллөрө ордук уһун кэми ылар буолбутун тэҥэ, тиийимтиэтэ лаппа аҕыйаата.

Ыстараабы төлүүр үптэрэ-харчылара, атын туохтара да суох дьоҥҥо аныгы ньымалар дьайыылара букатын да суох диэххэ сөп. «Туохпун ылыахтарай?» -диэн этии бу дьону быыһыыр абыралларыгар кубулуйан сылдьар. Ол курдук бэйэлэрэ хаайыыга түбэстэхтэринэ, хата тымныы кыһыны туоруурга сылаас, бэлэм астаах сиргэ тиийиэхпит диэн үөрүөхтэрин сөп. Итини тэҥэ аһара элбэх харчылаахтарга кыра ыстараап дьайыыта букатын да тиийбэтиттэн кыра буруйга-сэмэҕэ букатын да кыһаммакка сылдьыахтарын эмиэ сөп.

Дьон сайдан истэхтэринэ өйдөрүн-санааларын баһылаан салайыыны былдьаһыы уһун үйэлэр тухары тохтообокко барбыта. Таҥара үөрэҕэ сайдан иһиитигэр аҥардастыы аҥар өттүн, үчүгэй диэбит өттүлэрин диэки барыыны тутуһан, атыттары барыларын туоратан сайдыбыта. Ол курдук Христос таҥара маҥнай биллиэҕиттэн, маҥнайгы христианнар баар буолуохтарыттан араас өй-санаа хайдыһыыларыттан көмүскэнэрэ ыарахан этэ. 381 сыллаахха ыытыллыбыт бары бүттүүн Никеетээҕи соборга биир санааланыы, Христоһу итэҕэлгэ кубулутуу кыаллыбыта. Итэҕэл кэлин даҕаны араас хайдыһыылартан, атын сүүрээннэртэн собордар быһаарыыларынан сирдэтинэрэ. (10,833).

Өй-санаа, итэҕэл үөрэҕэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн эмиэ икки өрүттээх. Ол курдук аҥар өттө үрүҥ айыы итэҕэлиттэн, сахалар кут-сүр үөрэхтэриттэн тирэнэн, ол аата омук урукку олоҕуттан, билиилэриттэн уонна атын өттө, таҥара үөрэҕиттэн, оҕо өйө-санаата сайдыытыттан, саҥаны билиититтэн хомуллан, мунньуллан үөскээбитин билигин үөрэх-билии сайдыбытынан туһанан таба өйдүөхпүт этэ.

Былыргы кэмнэргэ өй-санаа дьайыытыгар дьон киирэн биэрэллэрэ элбэх кэмигэр аптаах, илбистээх дьону туоратыы, суох оҥоруу ыытыллара дьону салайыыны былдьаһыыттан ордук күүркэтиллэрэ. Ол курдук дьон араас эмчиттэри, биллэр туһаны оҥорооччулары аан бастаан итэҕэйэллэрэ, этэр тылларын истэллэрэ, холобур тутталлара.

Католическай, православнай, мусульманскай таҥара үөрэҕин тарҕатааччылар араас аптаахтары, илбистээхтэри хара итэҕэллээхтэринэн, куһаҕан санааны тарҕатааччыларынан ааттаан дьон олорор сирдэриттэн үүрдэрэллэрэ, өссө сорохторун уокка уматаллара. Өй-санаа үөрэхтэрэ улахан былдьаһыынан, күөнтэһиинэн, хайалара кыайбыт баһылааһынынан сайдыбыттара.

Киһи бэйэтин сыыһатын көннөрүнэрэ аан маҥнай санаатын көннөрдөҕүнэ эрэ ситиһиллэрин былыр да билэллэрэ. Санааны көннөрөргө, уларытарга, ол санааны умуннахха, өйтөн-санааттан суох оҥордоххо, атын, үчүгэй санаанан солбуйдахха эрэ табыллар, кыаллар кыахтанарын туһаналлар этэ.

Куһаҕан санааны суох оҥорууга былыргы кэмнэргэ «бичевание» диэн бэйэ этигэр-сиинигэр ыарыыны оҥорон, ол аата бэйэни тугунан эрэ, кымньыынан эҥин накаастаан таһыйыыта орто үйэлэргэ үөскээбитэ уонна католическай таҥара үөрэҕинээҕэр тиийимтиэтэ улахана биллэн, киэҥник тарҕанан барбыта. Католическай таҥара дьиэтэ саҥа үөскээбит конкуреннары бары кыаҕын ууран туран суох оҥорбута. (10,111).

Кырыылаах хардаҕаска уһуннук тобуктаан туруу сыыйа эбиллэн иһэр ыарыыны үөскэтэринэн бэйэни накаастыырга урукку кэмнэргэ элбэхтик туттуллар эбит. Бу былыргы накаастааһыны оччотооҕу оскуолаларга мэник-тэник оҕолорго өй киллэрэргэ анаан туһаналларын былыргыны суруйааччылар бэлиэтээбиттэр.

Туох эмэ олус наадалааҕы умнан кэбиһэн, итэҕэс оҥорон ночоотурбут киһи тымныы уулаах бытыылканы хоонньугар уктан сытан бэйэтин накаастыырга туһаннаҕына, аны умнубат буолуута улаатан туһаны оҥороро элбиир эбит.

Тымныыга тоҥон киһи бэйэтэ эрэйдэннэҕинэ, элбэхтик сүүрэкэлээтэҕинэ, сылаастык, халыҥнык таҥнарга түргэнник үөрэнэр, кыһанар киһи буола охсоро олоҕор туһата улахан буолуон сөп. Тымныы диэн тугун соччо билбэт киһи улахан тымныыга ыраах сиргэ сатыы, чараас таҥастаах бара туруон сөп. Ол эрээри аан маҥнай киһи тобуктара хамсаабат буола тоҥнохторуна, сууллан хааллаҕына, чараастык таҥныбыт эбиппин диэн санааҕа киириитэ хайы-сах хойутаабыт буолуон сөп.

Тымныыга холоотоххо куйаас оннук куттала суох эрээри күн уотугар уһуннук бэргэһэтэ суох сылдьыбыт киһи күн уотугар оҕустаран төбөтө ыалдьан сууллан хаалыан эмиэ сөп.

Киһи бэйэтин бэйэтэ кэһэтиититтэн, тугунан эмэ ыарынан накаастааһыныттан хаһан да умнубат буола үөрэнэрэ кырдьык уонна кэлэр олоҕор сыыһаны оҥорботугар дьайыыта улахан. Ол иһин кыратык да буоллар бэйэни, барахсаны, биллэр гына кэһэтэ түһэн биэрии өй-санаа туруктаах, тулуурдаах буолуутугар туһата улахан. Ол курдук сыыһа-халты хамсанара элбээбит илиини туохха эмэ ыарыылаахтык охсон биэрии сыыһа-халты хамсанары биллэрдик аҕыйатар кыаҕын туһаныахха сөп.

Онон ыарыыны биллэрэн, эти-сиини накаастаан үөрэтии киһи тулуурдаах, сэрэхтээх буола үөрэниитин биллэрдик түргэтэтэрэ уонна хаһан да умнуллубат гына өйдөнөрүгэр тириэрдэрэ, аһара барар өйдөөх-санаалаах эдэрдэри үөрэтиигэ ордук тиийимтиэтин билигин да туһаныахха сөп.

ӨЙ – САНАА ИККИ ӨРҮТТЭЭҔИН ОЛОХХО ТУҺАНЫЫ

Олоххо өй-санаа икки; үчүгэй, сымнаҕас уонна куһаҕан, кытаанах өрүттээҕэ хардары-таары дьайаллара араарыллан биллэр кэмнэрдээхтэр. Бу быһаарыы урукку кэмнэргэ дьон олохторо көннөҕүнэ мөлтөөн-ахсаан баралларыттан биллэр, бу кэмҥэ атыттар сэриилээн ылыыларыгар түбэһэллэрэ, олохторо тупсан уонна ыараан ылар кэмнэринэн уратыланара ордук чуолкай. Киэҥ сирдэри баһылаабыт империялар сотору кэминэн ыһыллыыларын, эстиилэрин үөрэтиибит аҥардастыы салайааччылар этиилэринэн барара сөптөөх хайысханы тутуспат. Ол аата олох тупсуута, байыы өйү-санааны мөлтөтөрүн, ыһарын биһиги үөрэппэккэ хаалларабыт, онтон олох ыарааһына өйү-санааны күүһүрдэрин таба өйдөөн туһаммаппыт. Сахалар «Олох ыараатаҕына-омук күүһүрэр» диэн этиилэрин үөрэтэн дьон билиилэригэр биһиги саҥа таһааран билиһиннэрэн эрэбит.

Омук дьоно уһун кэмнээх олохторугар өй-санаа сайдыыта долгун курдук хамсаан, өрө тахсан, сайдыыны ситиһэр кэмэ аастаҕына аллараа түһэр, мөлтүүр, ахсыыр кэмэ кэлитэлээн ааһаллар эбит. Омукка биир маннык кэрдиис кэм атын омуктуун холбоһуу, саҥалыы үөскээһин кэмигэр кэлэрин биһиги олохпутугар кэлбит уларыйыы биллэрэр. Ол аата, омукка икки тылланыы, иккилии ааттаныы үөскээн баран бүтэр кэмэ кэлиитэ омук бэйэтин уратыларын билинэн, атыттартан туспа араарынар кэмэ кэлиитин биллэрэр эбит. (11,3).

Сымнаҕас, эйэлээх олоххо омук икки тылланыыта үөскээн баран бэйэтин уратыларын билиниитигэр тиийдэҕинэ, хайа омук буоларын быһаарынар, иккиттэн биирин талан ылар кэмэ кэлэр. Бу кэм кэлиитигэр омук кытаанах илиилээх салайааччыга, уһаты-туора халбаҥнаппат аҕа баһылыкка, дархаҥҥа наадыйар.

Аан дойду иккис сэриитигэр кыайыы буолбута 65-с сыла туолуутугар И.В.Сталин оҥорбут дьыалаларын хаттаан ырытыы бүтүн Россия үрдүнэн баран иһэр. Улахан салайааччы оҥорбут үлэлэрин ырытыыга туһааннаах, ол аата бэйэтин кэмигэр атын государстволар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын уонна государство ис туругун таба сыаналааһын ордук туһалыа этэ.

Итини тэҥэ государствоны салайааччы И.В.Сталин оҥорбут дьыалаларын таба сыаналыырга сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыларын хайаан да туһанар сөп. Ол аата бу кини оҥорбут туох үчүгэй быһыыларын барыларын ыйааһын хараҕын биир өттүгэр, онтон туох куһаҕан быһыылары оҥорбутун ыйааһын аҥар өттүгэр хомуйуохха уонна тэҥнээн, ыйааһыннаан, төһө суолталаахтарын ырытан көрүөххэ сөп. Манна сүрүн сыалы ситиһии, улуу сэриигэ кыайыы государство олоҕор ордук улахан суолталааҕын таба өйдүөххэ.

И.В.Сталин Сэбиэскэй Сойууһу салайар кэмэ саҕаланыытыгар суос-соҕотох социализм дойдутун капиталистар дойдулара тулалыыллара, сэриинэн ыгаллара, дойду иһигэр араас элбэх хамсааһыннар, өрө туруулар сир аайы буола тураллара. Аан дойдуга бу кэмҥэ үөскээбит утарыта харсыһыы балаһыанньатыттан тирэхтэнэн биһиги улахан салайааччы үлэтин-хамнаһын сыаналыырбыт таба буолуоҕа.

Сэбиэскэй былаас саҥа сайдан истэҕинэ иһинээҕи өстөөхтөр олус элбэхтэриттэн тугу барытын улахан кистэлэҥҥэ туттахха эрэ табыллара. Ол курдук армияҕа сыһыаннаах туох барыта, ордук саҥа сэрии сэбин оҥостуу, аһара улахан кистэлэҥ диэн буолара. Бу кистэлэҥинэн туһанан салайар партия уонна правительство тугу оҥороллорун, ханнык ыйаахтары таһааралларын үлэһит дьон букатын билбэттэрэ. Репрессия кэмигэр бу кистэлэҥинэн уонна өстөөхтөр элбэхтэринэн туһанан төһө эмэ уонунан тыһыынча дьону чугас тыаҕа таһааран ытыалаан кэбиһэр кыах кырдьык үөскээбитин бэйэлэрин иннилэрин көрүнээччилэр туһаммыттара аһара барыылары кырдьык үөскэппитэ.

И.В.Сталин репрессияҕа быһаччы кыттыылааҕа, ытыллааччылар испииһэктэригэр илии баттыыра быһаарыллан турар. Норуот өстөөхтөрүн харса суох арыйан, үчүгэй дьонтон туспа арааран лааҕырдарга хаайан үлэлэтиини бу кэмҥэ саҕалаабыттара. Ол курдук колониализм хаалыылаах өйүттэн-санаатыттан олус түргэнник социализмҥа тиийэ охсуу туспа санаалаахтары барыларын туората, суох оҥортуу оҕустахха эрэ кыаллар кыахтааҕа репрессияны күүһүрдүбүтэ саарбаҕа суох.

Намыһах сайдыылаах өйдөөх-санаалаах киһи аҥардастыы баһылыыр былааһы ыллаҕына бэйэтиттэн өйдөөхтөрү, биллиилээхтэри туоратар, суох оҥорор инниттэн репрессия курдук куһаҕан быһыыга тиийэн хаалыан сөп. Атын дьону ордук санааһынын күүһэ аҥардастыы кини эрэ үчүгэй, биллиилээх буоларын туһугар кыһаныыта, итинник быһыыны, репрессияны саҕалыырыгар тириэрдиэн сөп.

Олох сайдыыта биир сиргэ кыайан өр турбат. Сайдан, үүнэн иһэр омук күүстээх, саҥаны киллэрэн иһэр салайааччыга кырдьык наадыйар. Соҕотох киһи салайар былааһа түргэнник сайдыыны ситиһэр кыаҕа-күүһэ элбэх, кыра, быстах кэмнээх ыарахаттары тулуйууга кыаҕа улахан, биир санаалаах буолууга түмэр күүһэ үрдүк. Олох бу кэмигэр дьон бары маннык майгылаах салайааччы киһиэхэ наадыйаллар уонна государствоны эр киһи, кытаанах илиилээх салайааччы, Улуу Тойон таҥара курдук киһи салайара ордук туһалааҕын билинэллэр.

Итини тэҥэ омук мөлтөөн, ахсааннара аҕыйаан барыытыгар уонна атыттар туоратар балаһыанньаларыгар түбэстэҕинэ, дьоҥҥо государстволарын күүһүрдэр санаа киирдэҕинэ биир киһи салайар былааһын ордук сөбүлүүр кэмнэрэ эмиэ эргийэн тиийэн кэлиэн сөбүн Германияҕа нацистар былааһы ылбыттара бигэргэтэр.

Хайа да сайдыылаах, үөрэхтээх государство национализм, омугу күүһүрдүү уотугар умайдаҕына атын омуктарга сыһыаннаах кыыллыы быһыылары оҥорор кыахтанарын Европа былыргыттан сайдыылаах, үөрэхтээх дэнэр государствота Германия, нацизмҥа оҕустарыыта Аан дойдуга дакаастаан турар.

Оччолорго, өссө нацизм, фашизм диэннэри үрүҥүн-харатын дьон-норуот билбэт эрдэхтэринэ нацистар маннык кыыллыы быһыыланыахтара диэн өйдөрүгэр-санааларыгар оҕустаран көрбөккө сылдьыбыттара, саҥа сайдан истэхтэринэ өссө тэптэрэн биэрээччилэр, коммунистары утары охсуһууга инники күөҥҥэ сылдьыахтарын сөп дии санааччылар элбэхтэр этэ.

Билигин Россияҕа национальнай боппуруос сылтан-сыл аайы кытаатан, дириҥээн иһэрин арҕаа куораттарга атын, кэлии омук дьонун туоратыы, өлөртөөһүн салҕанан бара турара биллэрэр.

Дьон үксүлэрэ умнуганнар. Күннээҕи санааларыттан, олох-дьаһах боппуруостарыттан кыайан ордубаттар. Туох эмэ соһуччу буоллаҕына даҕаны, сотору буолаат умнан кэбиһэллэр, Биир үйэ ааспытын кэннэ нацистары санааһын соччо бэрдэ суох эрээри, остуоруйа эргийэн кэлэрин умнубатахпытына, нацизм атын көрүҥнэнэн Россияҕа эргийэн кэлиититтэн хайдах эрэ харыстаннахпытына табыллыа этэ.

Саҥа үйэ саҕаланыытыгар саҥа омуктар үөскээн, үүнэн, ахсааннара эбиллэн тахсыылара күүһүрэр. Эйэлээх, баай-талым олох кэмигэр дьон оҕолорун атаахтык, маанылаан иитиилэрэ элбээн бас-баттах, быстах быһыылаах дьон элбииллэр. Л.Н.Гумилев быһаарбыт «пассионарнай» дьоно бэйэлэрин быстах санааларын толорор туһугар олохторун соччо харыстаабаттарыттан государство олоҕун хайа баҕарар өттүгэр хамсатар кыахтаналлар.

Государстволары тэрийэн, олус кытаанах кыраныыссалары оҥоруу омуктар сайдан иһэр сокуоннарыгар сөп түбэспэт. Ол курдук кытаанах кыраныыссаҕа, тимир килиэткэҕэ хааттарыы омуктары аҥардастыы бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолууларын үөскэтэн аймахтаһыы сокуонугар оҕустарыылара улаатан ахсааннара аҕыйыырыгар, кэлэр көлүөнэлэрэ мөлтүүрүгэр түргэнник тириэрдэр. Ол аата үйэҕэ биирдэ государстволар кыраныыссаларын, хайа омук ханнык омугу кытта бииргэ олороллорун саҥалыы быһаарсар кэмнэрэ кэлэрэ улахан хамсааһыннары үөскэтэр.

Арай бу ааспыт үйэ сэриитигэр фашистар кыайбыттара буоллар 20-чэ сылынан нууччалары уонна элбэх атын омуктары суох оҥорбут буолуо этилэр, Сибиири, Урал хайаларыгар диэри дьоппуоннар ылыах буолбуттар этэ. Бу ыар сэриигэ аҥардас кыайыы туһугар 27 мөлүйүөн да киһини сиэртибэҕэ биэрии төһө да ыарын иһин, олус улахан сыалы ситиһиигэ син сөптөөх сыана буолан тахсар.

Икки өттүттэн ким кими кыайара өссө биллэ илигинэ, ханнык тутуллаах государство сэриигэ төһө тулуурдааҕа государствоҕа салайар былаас кыаҕыттан, күүһүттэн олус улахан тутулуктаах. Былыргы улахан сэриилэргэ куоппут, бэриммит дьону барыларын өлөртөөн кэбиһии элбэхтик туттуллара. Биирдэ таҥнарбыт киһи иккистээн таҥнарыа суоҕа диэни ким да итэҕэйбэтиттэн бэриммит, билиэҥҥэ түбэспит дьону ханнык баҕарар сэриилэр туораталлар.

1942 сыллаахха сайын Кыһыл Армия кыаттаран чугуйан истэҕинэ И.В.Сталин 212 №-х бирикээһи таһаарбыта. Бу бирикээс сэриигэ бэриммит дьон кэргэттэрин тутан хаайар туһунан ыйара. Бу бирикээс ыар дьайыытыттан өстөөххө бэринии диэн букатын кэриэтэ суох буолбута, армия кэннинэн чугуйуута сотору тохтообута. Төһө да олус куһаҕан, ыар бирикээс буоллар, сэриилэр чугуйууларын тохтоппутунан суолтата ордук улаатар. Улуу сэриигэ кыайыыны, бу, куһаҕан бирикээс аҕалбыта диэтэхпитинэ улахан сыыһата суох буолуо.

Олорон ааспыт олоҕу хайдаҕын да иһин сирбитэ-талбыта буолуу, сиргэ-буорга тэпсии табыллыбат. И.В.Сталин олоҕун, үлэтин-хамнаһын Россия дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан суох оҥорон кэбиһии бука кыаллыбата буолуо. 29 сыл устата ким кими кыайара, сэбиэскэй государство баар буолара дуу, суох буолара дуу соччо-бачча биллибэт кэмигэр, сатабыллаахтык салайбыт, экономика сайдыытын үөскэппит, улахан сэриигэ улуу кыайыыны ситиһиигэ тириэрдибит салайааччыны умнан, быраҕан кэбиһии сиэрэ суох быһыыга киирсэр.

Билиҥҥи кэмнээҕи, кыра да буоллар демократия принциптэрэ кырааскалаах, сымнаҕас олох көрдөбүллэринэн оччотооҕу, сэрии иннинээҕи империализм уонна сайдан иһэр социализм утарыта харсыһар, бэйэ-бэйэлэрин сиэһэр кэмнэринээҕи быһыылары сыаналыыр табыллыбат, сөп түбэспэт. Аан дойду иккис сэриитин иннинээҕи кэм сотору буолуохтаах улахан сэриигэ бэлэмнэнии, күүһү-кыаҕы мунньунуу, саҥа сэрии сэбин оҥостуу, атын, туспа санаалаахтары туоратыы кэмэ эбитин таба өйдүөхпүт этэ.

Элбэх омуктартан хомуллан үөскээбит улахан государство ыарахаттары көрүстэр эрэ ыһыллан, тус-туспа баран хааларын дьон былыргы олохторуттан билэллэр. Сэрии саҕаланыытыгар нацистар салайааччылара сэбиэттэр кыаттарыылара саҕаланарын кытта Сойуус сотору үрэллиэҕэ диэн олус улахан баҕа санааларын кэтэһэ сатаабыттара. Ол эрээри Сойуус үрэллибэтэҕэ, өссө бөҕөргөөбүтэ. Бу сыалы ситиһиигэ сэрии иннинэ 1937-38 сыллардаахха ыытыллыбыт ыар репрессия улахан туһалаах суолталаммыта диэн эттэхпитинэ сыыһа буолуо суоҕа. Бу ыардык барбыт репрессия түмүгэр атын, туспа санаалаах дьон, баайдар тобохторо бары туоратыллыбыттара, хоту көскө ыытыллыбыттара, лааҕырдарга түбэспиттэрэ, ол иһин сэрии кэмигэр Сойууска араас хайдыһыылар, тус-туспа барыылар, өрө туруулар ханна да тахсыбатахтара.

Билигин кэлэн бары холкуостааһын таһы-быһа сыыһа этэ диэн этэллэр. Бу күүһүнэн холбоһуктааһын билиҥҥи сайдыылаах демократия сокуоннарынан ааҕан көрдөххө кырдьык сыыһа. Ол эрээри оччолорго олох атын, сыал-сорук туспа, кэлэн иһэр улахан сэриигэ бэлэмнэниэххэ, онно хайаан да кыаттарымыахха диэн этэ. Бу кэмҥэ арҕаа дойдулар сэриинэн киирээри ыгаллара, ас-таҥас тиийбэтэ, аҕыйах этэ, ол аҕыйаҕы хайдах эрэ хомуйан элбэхтэргэ тиийэр гына түҥэтиэххэ наадата дьону холкуостарга холбоотоххо эрэ кыаллар кыахтааҕа.

И.В.Сталин гражданскай сэрии уопутуттан быһаччы туһанан аһы-үөлү тус-туспа бас билээччилэртэн хомуйуу олус ыараханын, ким да бэстилиэнэй саппаас аһын үтүө көҥүлүнэн туран биэрбэтин, кырата онно-манна кистии, саһыара сатыылларын билэриттэн холкуостары тэрийиигэ күүскэ ылсыбыта. Итини тэҥэ гражданскай сэрии кэмигэр ас-үөл хомуйааччылар дэриэбинэлэри кэрийиилэрэ бэйэтэ кыра сэриигэ кубулуйарыттан холкуостааһыны тэрийии эрэ быыһыыр кыахтааҕын арыйбыта.

Холкуостааһын кыайыытын түмүгүнэн түөрт сыл устата барбыт сэрии ыар кэмнэригэр улахан, элбэх киһилээх армияны аһынан-үөлүнэн хааччыйыы хаһан да аҕыйаабатаҕа, быстыбатаҕа. Сэриилэһэ сылдьар дьоҥҥо аччыктааһын, хоргуйуу тахсыбатаҕа. Тыа сирин бары холкуостарыттан аһы-үөлү үлтү ыган, ньылбы хомуйан ылыы эрэллээхтик табылларыттан сэбиэскэй армия кыайыыны ситиһэрэ кыаллыбыта. Ити курдук дойду олоҕо барыта армияны аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга кубулуйуута холкуостар нөҥүө эрэллээхтик ситиһиллибитэ.

Онон холкуостааһын диэн төһө да ыардык барбытын, элбэх сиэртибэни таһаарбытын иһин уһун, ыарахан сэриигэ эрдэттэн бэлэмнэнии саҕаланыыта этэ диэтэхпитинэ сыыһата суох.

И.В.Сталин улуу салайааччы, дьон өйүн-санаатын баһылааччы, инникини өтө көрөөччү, баайга-малга, киэргэлгэ наадыйбат этэ. Кини дьон өйүн-санаатын билэрин туоһутунан олус элбэх байыаннайдартан саамай талааннаахтарын, чаҕылхайдарын Г.К.Жуковы булан сэриини салайтарбыта, кырдьаҕастары, С.Буденнайы, К.Ворошиловы туораппыта буолар.

Ханнык да киһи, улахан да салайааччы үчүгэйэ уонна куһаҕана суох буолбат. Кыра киһи олус кыра куһаҕаны оҥорбутун аахсымыахха, умна охсон кэбиһиэххэ да сөп, онтон улахан салайааччы оҥорбут кыра да куһаҕана улахан дьайыылааҕыттан элбэхтэри хаарыйарыттан умнулла охсон биэрбэт. Улуу сэриигэ кыайыыны ситиһии бары куһаҕан быһыылары барыларын сотон, кырата тэҥниэ этэ. Олус элбэх үчүгэйи оҥорбут киһи кыра да куһаҕаны оҥорбута, кини оҥорбут дьыалатын табатык сыаналыыры уустугурдар. «Ложка дегтя портит бочу меда» диэн этии итини бигэргэтэрин да иһин, оҥоруллубут олус улахан кыайыы бары куһаҕаны барыларын сабырыйар кыахтаах.

И.В.Сталин төһө да бүрэтин, үрдүк трибунаттан элбэх уу-хаар тылы эппэтэҕин иһин ырааҕы, инникини өрө көрөөччү салайааччы этэ. Хаалыылаах, ханнык да сайдыыта суох Россияны тиэхиникэ өттүнэн сайыннарыыны кылгас кэм иһигэр ситиһиитэ улахан сэриини кыайыыга сүрүн кылаат буолбута чахчы. Манна тыһыынчанан дьон эрэйи көрбүттэрин улахан кыайыыны ситиһии кэнниттэн сыаналааһын ордук таба. Тула олорор арҕааҥҥы сайдыылаах омуктар бары Сэбиэскэй Сойууһу туоратан, эргиммэт, сэрии сэбин атыылаабат этилэр. Маннык туоратыы кэмигэр соҕотох да буоллар, сайдыылаах Германияны кытта кылгас да кэмҥэ биир тылы булунан, сэрии саҕаланыытын уһатан, саҥа сэрии сэбин оҥостуу кыаллыбыта. Онон Германияны кытта сэрии иннинээҕи сыһыан саҥа сэрии сэбин оҥостууга төһө эмэ бириэмэни биэрэн олус улахан туһаны оҥорбута. Ол курдук бу кэмҥэ оҥоруллубут Т-34 тааҥка уонна БМ-13 диэн «Катюша» диэн ааттаммыт миномет саамай үчүгэй сэрии сэптэринэн ааттаммыттара, кыайыыны ситиһиигэ сүрүн оруолу ылбыттара.

И.В.Сталин национальнай политикаҕа көрүүлэрэ, партияны быһаччы салайыыта Саха Автономнай республиката үөскээһинигэр тириэрдибитэ. Итини тэҥэ, бу национальнай политика, республикалар бэйэлэрин баҕаларынан федерацияҕа холбоһуулара 90-с сыллардаахха Сойуус үрэллиитигэр тус-туспа барбыт омуктар эйэлээх буолууларын үөскэппитэ. Онон биһиги билигин даҕаны национальнай политикаҕа И.В.Сталин ыйыыларын туһанаммыт бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн федерацияҕа холбоһорбут ордук этэ. Остуоруйаҕа биллэр улахан салайааччылар бэйэлэрин кэмнэригэр олус суолталаах быһыыны оҥорбуттарынан, ол быһыы үйэлэргэ умнуллубатынан ылар оруоллара быһаарыллар.

Государствоҕа аһара улахан баайдар үөскээһиннэрэ, онтон үлэһит дьоно дьадайыылара, олохторун тупсарыыга кыаммат, кыһаммат буолуулара, кыһалҕаҕа ылларыылара кыахтаах, кытаанах илиилээх салайааччы үөскүүрүгэр тирэх буолаллар. Билигин Россия үлэһит дьоно кыахтаах, таба быһаарыылары ылынар кытаанах илиилээх салайааччыга наадыйаллара сымыйа, халлаантан ылыы буолбатах.

Төһө да үтүөҕэ баҕара санааһын хааччахтамматын иһин аҥардастыы баһылыыр, аһара кыахтаах салайааччы билиҥҥи Россия федеративнай, элбэх омуктардаах дойдутун табан салайыа диэн санаа, билигин демократия, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһар үөрэҕэ олоххо киирэр кэмигэр, сөп түбэспэт өрүтэ элбэх. Билигин Россияҕа салайааччылар биир улахан партияларын тэрийии дойдуну салайыыны боростуой курдук оҥорбутун да иһин, коррупцияны кытта охсуһууну бэйэ киһитин кытта быһаарсыыга тириэрдэринэн, бюджет харчытын сатаан таба туһаныыны суох оҥорор.

Кэлин кэмҥэ ситиспит экономикабыт сайдыыта диэн аҥардастыы сырьену, дойдубут сирин баайын атыылааһыны улаатыннарыы, кыра омуктары ыгыы, сирдэрин-уоттарын монополиялар былдьааһыннара салҕанан баран истэҕинэ омуктар сирдэрин-уоттарын харыстааһын, тылларын, культураларын үөрэтэллэрэ уустуктарданыыта, Россия иһигэр сөбүлэспэт буолуу улаатан иһэригэр тириэрдэр.

Урукку оҥоруллубут сыыһалартан үөрэнии, олору көннөрүү дьон-аймах өйүн-санаатын тупсаран, сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэрин бары билэбит. «Плохой да свой» диэн нууччалыы этии олорон ааспыт олоҕу сирии, сиргэ-буорга тэпсии, киһилии быһыы буолбатын биллэрэр. Былыргы олохпут остуоруйатыттан кэлэйэр, остуоруйа диэн тылбытын абааһы көрөр, уларыта сатыыр, саҥа устуоруйаланыахтарын баҕалаахтар сахаларга эмиэ баар буоллулар. Олорон ааспыт олохпут остуоруйатын сирээччилэр, улахан салайааччыларбытын сиргэ-буорга тэпсээччилэр И.В.Сталины сирэ, сиргэнэ, суох оҥоро сатыыллар.

Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр колонияҕа кубулутуллубут Саха сиригэр Улуу Өктөөп өрө туруута оҥорбут сабыдыала, колонияттан, бэйэ олохтоох дойдутугар «инородец» буолууттан босхолообутунан, ордук улахан үчүгэй суолталаах. Уһун сылларга Улуу Өктөөп өрө туруутун тэрийсэн, кыайыыны ситиһэн, үлэһиттэр маҥнайгы государстволарын уһун кэмҥэ эрэллээхтик салайан, улуу сэриигэ кыайыыны ситиһиигэ тириэрдибит салайааччыга, И.В.Сталиҥҥа пааматынньык баар буолара сөп.

Онон, биһиги сахалар оҕо, киһи, омук сайдыытыгар өй-санаа ылар оруолун табатык сыаналаан эр дьоммутун күүһүрдэр Улуу Тойон таҥарабыт үөрэҕин оннугар түһэрдэрбит сайдыыны ситиһэр кыахпыт лаппа улаатыытыгар тириэрдиэ этэ.

ХОС БЫҺААРЫЫЛАР

1. Каженкин И.И. Үрүҥ Айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ. 2006. – 88 с.

2. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. – 2-е изд. – М.: 1993. – 736 с.

3. Э.К.Пекарский. Словарь якутского языка. Т. III. Петроград: Типография императорской Академии наук. – 1917.

4. В.Ф.Трощанский. Эволюция черной веры (шаманства) у якутов. – Казань. Типо-липография Императорского Университета, 1903. – 185 с.

5. А.Е.Кулаковский. Научные труды. – Якутск: Кн. изд-во, 1979. – 484 с.

6. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену. – Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994. – 352 с.

7. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

8. «Туймаада уоттара» хаһыат. №20. 8.10.10.

9. Каженкин И.И. Үлэ-олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

10. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. – М.: Эксмо; Форум, 2007. – 960 с.

11. Саха сирэ. Эдэр саас. 16.09.98.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Улуу Тойон таҥара туһунан былыргылар билиилэрэ

Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ

Эр дьон таҥаралара

Туруктаах өй-санаа

Бэрээдэк

Бэрээдэги тутуһуу

Эппиэтинэс

Эппиэтинэстээх буолуу

Көҥүл

Көҥүлүнэн барыы

Бас-баттах иитиилээх

Сыыһа туттуу

Боруоба

Аһара туттуу

Аһара барыы

Күрэхтэһии

Кэтэһии

Кэһэйэн үөрэнии

Кэһэтэн үөрэтии

Кыһалҕа кыһайар

Туттунар күүс

Үтэн-анньан көрүү

Сымнаҕас сыһыан

Төрөппүт оруола

Өй-санаа хааччаҕа

Эр киһи өйө-санаата мөлтөөһүнэ

Ыарахан үлэни тулуйуу

Алҕаска киһини өлөрүү

Бэйэ бэйэтин кэһэтиитэ

Өй-санаа икки өрүттээҕин олоххо туһаныы

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ