Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Уордайбыккын уу-хаар курдук уҕарыт,
Абарбыккын ардах-самыыр
курдук аһар.
Көр эрэ,
Эн
Күндү күөнүҥ иннигэр
Мин,
Уоруйаҕын туттарбыт
Ороспуой курдук уйадыйан,
Түмэн дьүүлгэ түбэспит
Түөкүн курдук төлкөлөнөн,
Куһаҕанын булларбыт
Кулут курдук куттанан,
Тойонуттан дьулайбыт
Дьобулҕа уол курдук
Тобуктаан олорон,
Мин диэки биирдэ эрэ
Мичик гын диэн
Эҥин тылбын этэн,
Айманан-ааттаһан эрэбин —
Антах хайыһыма даа, абыраа,
Дьорҕойо көрүмэ даа, дьоллоо...
Булуҥ
1924
|
|
Алампа
Сүрүн сирэйгэ