Иһинээҕитигэр көс

Уоттаах чыычаах (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


УОТТААХ ЧЫЫЧААХ

Күһүн кыһыл кынатынан
Сапсынна, сапсынна!
Кэрэ да көтөр, барахсан!
Оҕо сааһым Уоттаах чыычааҕа!

Көтүмэ, тохтуу түс.
Алтан астаах маспар түс.
Биэс уон талыы саастарым
Биэс уон уоттаах күннэрин
Сыралҕана буһарбыт
Маһым толуу астарын
Күндүлүүбүн.

Талыы-талба күөх сааспар
Ыҥыра сатаабытым:
Тыллыбыт тунах баспар
Лыаҕы эрэ түһэрбитим.

Саарыгырбыт куйаас сайын
Сэбирдэхпин сөрүүкэтэ,
Сыҥалана сатаабытым
Баарбын-суохпун көөчүктэнэ:
Икки тэтэркэй иэдэстэрим,
Икки тэрэгэр түөстэрим
Алаҕаркаан чэчиктэрин.

Дьэ түстүҥ дии бүгүн
Остуоруйа дойдутуттан,
Кыыһар уот кынаккынан
Дэлэгэйдик кууһан!

Алтан көмүс саарыстыба
Уоттаах чыычааҕа,
Мин эйигин туттум дуу?
Эн миигин уматтыҥ дуу?

Дууһабар кытыастар кутаа:
Умайдылар үйэ аҥаара
Аахайбатах күөх сааһым
Тамнааттаабыт иэйиилэрэ,
Ахсарбатах сайыным
Дохсун добун эрэллэрэ.

Ону кытта олоҕум
Амтана дьэ билиннэ,
Ороһу ньургуһунум
Боччойбут сутуругун
Күлбүн сүгэ күөрэттэ!